Текст книги "Эн онно хайаан да тиий"
Автор книги: Николай Босиков
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 6 (всего у книги 12 страниц)
3
Күһүҥҥү түүн. Дьарамньы тула эргийэр бырдаҕы аа-дьуо сапсыйан кэбиһэ-кэбиһэ, ылы-чып олорор. Куду уонна күөх тыа олорчу силбэһэн, ханна эрэ түүҥҥү барыамах дириҥ түгэҕэр түһэн эрэргэ дылылар. Мин хайдах эрэ бу мэлдьи дьалкыйа, эппэҥнии, тыына турар муора ортотугар олоробун. Түүҥҥү тыал дьүрүс-дьүрүс балаһалаан кэлэр. Оччоҕо муора өрө эгдэс гынарга дылы гынаат, эгэлгэ сэбирдэхтэр сиккирэс тыастарыгар көтөхтөрөн ылан, үрдээтэр үрдээн, халыҥ тайҕа төбөтүгэр киҥкиниир. Ол кэннэ сулустаах халлааны кытта силбэһэн хаалар. Сир, халлаан күөх тумарыга кууһар. Иннибин одуулаһабын. Үрдүк хайа арҕаһа хара дьирбии буолан көстөр. Ол нөҥүө халлаан. Тыһыынчанан уоттаах сулустары ортотунан Сир искусственнай аргыһа дьирибинээн ааһар. Ити биһиги сулуспут. Сир ыыппыт сулуһа. Киниэхэ киһи хараҕын уота, сүрэҕин тэбиитэ баар. Мин итини саныы-саныы үөрэбин. Гагарин аан бастаан халлаан куйаарыгар көппүт күнүн саныыбын…
Үрдүбэр турар аарыма мас сибигинэйэр: «Мин олоҥхо бухатыыра этим. Бар дьон туһугар туох баҕарар буолуохха сөп. Бу сир айыллыытыгар Дьылҕа Хаан бэйэтин хорсун-хоодуот бухатыырдарын тиит, харыйа, бэс, сыалаах мас оҥортообута. Биһиги сири киэргэппиппит. Ол итэҕэс этэ. Ол иһин биһиги кэргэттэрбитин, оҕолорбутун – хатыҥ, талах, моонньоҕон, сугун, дөлүһүөн – эҥин эгэлгэ оҥорон кэбиспитэ. Харахтарбыт күөл буоланнар күөх халлааны көрө сыталлар. Кэргэттэрбит суһуохтара үрэхтэр, үрүйэлэр, аттарбыт кутуруктара өрүстэр, тириилэрэ киэҥ нэлэмэн хонуулар буолан хотойо долгуйбуттара. Туох барыта уста, эргийэ, уларыйа турар. Урукку олоҥхо аттаах бухатыырдарын оннугар билигин көтөр күлүмнэс ааллаах бухатыырдар эһиги буоллугут…»
Ыраах мутук тостон тыс гынна. Оҕонньор нөрүйэн олорон өрө хонос гына түстэ. Сэргэхсийдэ. Кини бу ийэ ойууру биэс тарбаҕын курдук билэр. Хас биирдии түүҥҥү тыас кини кулгааҕар үгүһү кэпсиир. Куду үрдүнэн үрүҥ туман көтөҕүлүннэ. Нөҥүө күөлгэ көҕөн ордоотуур. Биһиги анныбытынааҕы лээби хайа эрэ саҕатыгар чөккөй саҥарар. Эмиэ мутук тоһунна. Оҕонньор миэхэ имнэннэ. Чараас туманы одуулаһабын. Урут көрө олорбут маһым-отум бары барыйан хамсыырга дылылар. Сөп буола-буола, «чол» гынар тыас баар. Мин сэргэхсийдим. Билигин аҕай истэ олорбут тиитим саҥатын умуннум. Чол гынар тыас улам улаатта, аа-дьуо ууну кэһэр тыаска кубулуйда.
Дьарамньы туман иһигэр киирэн барыахтыы дьүккүччү туттан олордо. Кини мин курдук буолбатах, туохха да аралдьыйбакка, булдугар бас бэриммит. «Саһыл этэ суох буолла» диэн кэпсэтэллэрин мин совхоз отделениетыгар кэлээт да истибитим.
Тыас улам чугаһаата да бэйэтэ көстүбэт. Туман мэһэйдиир. Уу тыаһыттан атын тыас – талыбырыыр тыас баар.
– Кулгааҕын муоһугар охсор, – диэн оҕонньор миэхэ иэгэс гынан кулгаахпар сибигинэйдэ. Халлаан сырдаан барда. Туман да курдат чугас эргин көстөр буолла. Оҕонньор эмиэ миэхэ сыһынна. – Сүүскэ туруоран баран ыт, – диэн ботугураата. Өйдөөн көрбүтүм, анараа тумус тыаны мүччү киирэн, күлүгүрэн турар. Мин «хонноҕун анна буолаарай» диэн кыҥаан-кыҥаан баран ытан саайдым.
– Илин атаҕын улахан уҥуоҕун алдьаттарда. Аны барбат, – диэт, оҕонньор туруйалыы сылдьар кыыл диэки хаампытынан барда.
Ойуур чыычааҕа иһиирбэхтиир. Хантан да кээлтэрэ биллибэккэ кукаакылар баар буола оҕустулар. Кинилэр ураты кыыллар: ханна булт баар да оннолор. Киһиттэн куттамматтар. Быыс-арыт булан тардыаласпытынан сылдьаллар. Оҕонньор бу көтөрдөрү көрө-көрө үөрэр.
– Бу мин аргыстарым. Кинилэр мин отуубар биэс уон сыл ыалдьыттаатылар. Бултаабакка сырыттахпына бу барахсаттарбын ахтабын ээ. Ойуур олорчу да ахтылҕаннаах буоллаҕа. Чыс кутуйах, хардаҥ эһэ да биирдэр. Иккиэн ойуур дойдулаахтар. Кутуйаҕы өлөрдөххүнэ, эһэни да өлөрүөххүн син…
Оҕонньор биһиги бултаабыт сирбитигэр сылаас быары үөлэн сиэн баран, хаан, мыыһас, кыра эт илдьэ өтөхпүтүгэр бардыбыт.
Ити икки ардыгар күн ойдо. Ойуур олорчу тиллэн, сырдаан кэллэ. Дьэбир тииттэр, эдэр хахыйахтар, талахтар – бары биһиги бултаан иһэрбитин үөрэ көрөргө дылылар. Өтөх көһүннэ. Мин оҕонньору ситэ баттаан, кэккэлэһэ хаамтым.
– Кэргэниҥ хайдах өлбүтэй, Дьарамньы? – диэн ыйытыах буола сылдьарбын таспар таһаардым, онуоха оҕонньор сөбүлээбэтэхтии көрөн эрэ кэбистэ. Билигин аҕай үөрэ-көтө испит сирэйигэр күлүк түстэ. Көхсө бөгдьөйдө. Хаамара түргэтээтэ. Тыынара тыастанна. Мин буруйдаах киһи быһыытынан хааллар хаалан истим.
Дьиэттэн тахсан илиитин күөх отунан сотто-сотто оҕонньор утары кэллэ. Үөрэн-көтөн сэгэччи туттубут.
– Мин илиммэр бардым. Күөскүн дьиэҕэ өр. Ити биир испиири ылан уурдум. Ону уулаар, – диэт, ааһа турда. Испиир диир дуу, хантан ылбыт бэйэтэй? Мин ылаары гыммыппын «сиргэ арыгылаах сылдьары сөбүлээбэппин» диэн бобон кэбиспитэ. Итини этээри дьиэттэн ойон тахсыбытым оҕонньорум үөскэ анньынан эрдиитэ күн уотугар күлүмнүү турда.
Күөһүм саҥа оргуйан эрдэҕинэ, оҕонньорум тоҕус соболоох, биир кустаах тахсан кэллэ. Соботун хайыы үйэ хатырыктаабыт. Тахсаат да, үөлэн кэбистэ.
– Дьиибэ күөл эбит дии, собото хатырыга суох, – диэтим мин оҕонньорбор.
– Сороҕор куһа түүтэ суох буолан соһутааччы, – диэтэ онуоха оҕонньор, күлэ-күлэ.
Хатырыга суох балыктаах, түүтэ суох кустаах, баҕардахха испиир буолар уулаах бу сис күөлүн кыракый балаҕаныгар иккиэйэх бэйэбит күө-дьаа аһыы олордубут…
* * *
– Эн эдэр буолан олус ыксыыгын. Мин эйиэхэ кэпсээн испит олоҕум туһунан саас-сааһынан кэпсиим. Оччоҕо билэн иһиэҥ, – диэтэ оҕонньор, миигин супту көрөн олорон. – Аҕыспар сылдьар бэдик «үлэһит» буолбутум. Убайым Миитэрэй биһиги дьиэбит төһүү киһитэ этэ. Онон хамнаска сылдьара. Хам-түм чэй, табах кэһиилээх кэлэрэ. Аҕам кыһыны быһа хараҕынан ыалдьан атаҕын эрэ тумсун сирдэтэр буолаахтаабыта. Саас бурдук ыһыытыгар лип сытан тахсыбыта. От-мас ситэн бүтэй сабыыта саҕаламмыта. Баай ыаллар сайылыкка тахсар кэмнэрэ кэлбитэ.
Аҕабар «харах» буолан абырыырым. Биһиги кыракый сирбит бүтэйин абырахтыырбыт. Маҥнай утаа үчүгэйэ бэрдэ. Тыа сыта дыргыйан олороро. Саҥа тыллыбыт от-мас, сибэкки оһуора мин харахпар хартыына буолан арыллаллара. Биһиги аҕабыныын дьиэбититтэн үс биэрэстэ кэриҥин баран, эбэбит хоту мэйиитигэр Саҥа Күрүө диэн кутуйаҕа үлэлиирбит. Аара суолга эриэн көҕүстээх моҕотойдор кутуруктарын хороччу туттан сүүрэн хачыгырастахтарына, аҕабын умна охсон ону эккирэтэрим. Хас сылбах, сыгынах ахсын, киһини соруйан күлүү гыммыттыы, мукуруҥнаамахтаан баран, моҕотой түөкүн чыбыгыраабытынан үрдүк тиит быһар чыпчаалыгар тиийэ өрө сүүрэн тахсара. Оччоҕо эккирэтиһии бүтэн, аҕабын көһүтэрим. Суол устатын тухары мутугунан хас төҥүргэһи, тиити ааҕа тамнаан айанныыбын. Моҕотой түөкүн алҕаска кыра титириккэ таҕыстаҕына, үлэ-хамнас үксүүрэ. Кыҥаан оччойо-оччойо туох да бокуойа суох бырах да бырах буоларым. Аҕам кыайан көрбөтүгэр кыһыйа саныырым. «Кини көрөрө буоллар эйигин баҕас ханна да хамсатыа суох этибит» дии саныырым. Биирдэ күнүс аһыы олорон:
– Аҕаа, эн көрөрүҥ буоллар биһиги моҕотойу баҕас куоттарыа суох этибит? – диэбитим, онуоха аҕам тордуйалаах чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа:
– Сыччыый, олох куоттарыа суох этибит. Мин хараҕым арыый үчүгэй буоллаҕына, хайаан да биир эмит моҕотойу өлөрүөхпүт, – диэбитэ. Мин үөрэ санаабытым. Аҕам хараҕа сотору олох үчүгэй буолуо диэн эрэммитим.
– Аҕаа, эн кыратык көрөҕүн буолбат дуо?! Онон миэхэ ити Сокур уолун оноҕоһун курдук мас оноҕосто оҥорон кулу. Оччоҕо мин тииккэ тахсыбыт моҕотойу соҕотохто супту ытан ылыам буоллаҕа дии.
– Убайыҥ кэлэрэ чугаһаата. Маска дьоҕурдаах. Кини начаас оҥоруоҕа, мин билигин быһаҕынан кыайан туттубаппын…
Сүрдээҕин хомойдум гынан баран, аҕам миигиннээҕэр хомойон олорорун таба көрөн, бөтөн хааллым. Күн куйааһа сүрдээх. Ойуурга араас чыычаахтар ыллаһаллар, кэҕэ этэр. Бэс кумаара ытаан-ыллаан кэлэн саба түһэн муҥнуур.
– Аҕаа, бу бырдах туохтан үөскүүр? – диибин мин.
– Сир сиигиттэн. Сотору хараанныа.
– Ол хараанныыр диэн тугуй?
– Наһаа үксүөҕэ. Ону «хараанныыр» диэн ааттыыллар.
– Оччоҕо биһиги үлэлиэхпит суоҕа дуо?
– Бырдах хараанныар диэри бүтэйбитин сабан бүтэрдэхпитинэ от үлэтигэр диэри тохтуохпут.
– Чэ, оччоҕо тоҕо олоробут, бүтэрэ охсон кэбиһиэх. – Мин ойон туран бүтэй диэки сүүрэбин. Аҕам сонньуйа, миигин таптаан тугу эрэ саҥара хаалар да, мин истибэппин.
Аһаан баран, бүтэйбитин кэрийэ барбахтаан истэхпитинэ, арай бүтэй аннынааҕы сылбахтан кус көтөн таҕыста. Мин соһуйан өрө чинэрис гына түһэн баран:
– Оо, аҕаа, кус көттө! Кус көттө! – дии-дии, чохчойо-чохчойо хаһыытыыбын.
– Тыаһын иһиттим. Ити хантан көттө? – диэн аҕам миигиттэн ыйытта.
– Мантан, бу бүтэй анныттан.
– Сымыыттаабыт кус буолуо. Үчүгэйдик көр эрэ. – Мин кус көппүт сирин өҥөҥнөөн көрбүтүм, арай сымыыт бөҕө сытар эбит. Ону көрөөт:
– Сымыыт. Сымыыт! – диэн бэлэстэппэхтээтим. Аҕам, мин сулбу тардан ылбыт сымыыппын эргим-ургум тутан көрдө.
– Көҕөн сымыыта эбит, – диэтэ. Ол кэннэ кулгааҕар даҕайан иһиллээтэ уонна: – Иччилэммэтэх, – диэн эбэн биэрдэ.
Биһиги сымыыппытын аҕам эргэрэн, ньалбаллыбытын ааһан, төбөтүн оройо суор тоҕута тыыппытын курдук илдьирийбит хортууһугар хомуйдубут. Уон икки кэчигирэс сымыыттан аҕам талан-талан биир сымыыты уйаҕа төттөрү уурда.
– Тоойуом, Дьарааһын, үөл, көҕөрөн эрэр титириктэрдэ элбэхтик тоһутан аҕал, – диэтэ.
– Тоҕо?
– Дьиэ тутуохпут.
– Көҕөҥҥө дуо?
– Ээ, көҕөҥҥө… Аны бэйэтин туһахтаан ылыа этибит буоллаҕа дии.
– Тыыннаахтыы дуо?
– Хайдах сатанарынан… Чэ, турума түргэнник тоһуталыы охсон аҕал.
Мин сүүрүүнэн сылдьан аҕабар күөх титириги тастым. Бэркэ, улаханы оҥорбут киһилии, тириттим-хоруттум. Сотору буолаат, күөх мутукча дьиэ көҕөн уйатын үрдүгэр бэлэм буола түстэ. Икки өттүгэр утарыта ааннар оҥостулар. Онтон бэрт өр будьуктаһан аҕам халтаҥ сонун бобо тардына сылдьар сэтиититтэн икки туһаҕы бэлэмнээн баран, күөх мутукча дьиэ икки ааныгар, имигэс үөл титиригинэн тэптиргэлээн туһах иитэлээн кэбистэ. Ити икки ардыгар күммүт биллэ дьааһыгырда. Отуубутугар, чэйдээбит сирбитигэр, төннөн кэлэммит сымыыппытын өйүөбүт былаатыгар суулаан дьиэлээтибит. Мин эрдэ төннүбүппүттэн муҥура суох үөрэбин уонна сымыыт сиэхпит диэн наһаа бөҕөхпүн. Аҕам миигиттэн итэҕэһэ суох үөрэр быһыылаах, хайдах эрэ уруккутунааҕар туттара-хаптара чэпчээбиккэ, сыыдамсыйбыкка дылы.
– Харахпар өлбөтөҕүм буоллар, быйыл биир эмэ андыны сиэх киһи иэдэйдим. Өйдүүр инигин былырыын убайгыныын уон биир андыны аҕалбыппытын. Оо, барахсаттар эмис кыыллар этилэр.
– Аҕаа, хара кустары этэҕин дуо?
– Ээ, хара кустары.
– Хайдах өйдүөм суоҕай, тумустара миэхэ билигин да бааллар.
– Ии, ооккобун даа, үчүгэйдик уура сырыт, сүтэртээмэ.
– Тоҕо сүтэриэмий?!
Уһун суолу быһа ити курдук кэпсэтэн, өр гымматыбыт, дьиэбитигэр тиийэн кэллибит. Тиэргэн иһигэр киирээт, аҕабыттан былааттаах сымыыты мүччү туттаран ылаат, ийэбэр көрдөрө охсоору урутаан тэбинним. Ааны тэлэйэ баттаат, ийэм баарын-суоҕун көрө да барбакка:
– Ийээ, көҕөн сымыыта!.. – диэн хаһыытаан дэлби бардым. Хомойуох иһин, ийэм суох буолан биэрдэ. Иччитэх дьиэҕэ киирэн эргичиҥнии турдахпына, аҕам тиийэн кэллэ.
– Хараҕым олоҕо, төбөм дэлби ыарыйда, – диэн баран аҕам сытан кэбистэ.
Мин аҕам «ыарыйдым» диирин истээт, курус гына түстүм. Тутан турар сымыыппын оһох иннинээҕи ортоку баҕана төрдүгэр турар төгүрүк остуолга бэркэ сэрэнэн уурдум. Утаакы буолаат, ийэм уу баһан кэллэ. Мин сымыыт булбуппутун, куска уйа оҥорбуппутун, туһах ииппиппитин өрүсүһэ соҕус кэпсээн суккуйан кэбистим. Аҕам ийэм кэлбитигэр сэргэхсийбиккэ дылы буолан, туран олордо.
– Туох кэллэ, барда? – диэн хас кун аайы үлэттэн кэллэр эрэ ыйытарын курдук солун туоһуласта. Ийэм онуоха куолутунан:
– Суох, – диэн баран, – бүгүн Сокур түөрт андыны өлөрбүт, анды хойдон эрэр үһү, Чонхойдор синньиир тыһаҕастара сүппүт. Атыыһыт Бүөтүккэ уола бэйэтин кыаммат буолбут, – диэн кэпсэтэлээтэ.
– Киһи аатыттан ааспыт этэ. Өлөөхтөөтөҕө, хаарыан оҕо… – диэн аҕам атыыһыт уолун аһыйда. Киэһэ атын киэһэлэртэн соччо уратыта суох ааста. Арай аҕабыт хараҕа бэргээтэ. Бука бары кэри-куру олорон, үчүгэйкээн бэйэлээх кус сымыытын сиэтибит. Мин сарсыарда ийэм сыллаабытыгар уһугуннум.
– Тоойуом, сытыаҥ буоллар өссө сыта түс. Аҕаҥ хараҕа бэргээн бөөлүүн олох утуйбата, онон үлэлии барбаккыт.
– Онтон туһахпыт?
– Бүгүн убайыҥ кэлиэҕэ. Сарсын кинини кытта баран көрүөҥ.
Ийэм сып-сылааһынан сыллаан ылан баран, ынах ыыр ыаҕаһын тоҥолохтонон тахсан барда. Мин туһахпын санаан уум олох кэлбэтэ, тэһийбэтим-тулуйбатым, ойон тура эккирээтим. «Аҕам уһуктуо» диэн бэркэ сэрэнэн тыаһа суох таҥынным. Остуолга ууруллубут ыстакааннаах үүтү истим. Онуоха аҕам:
– Тоойуом, турдуҥ дуо? – диэн ыйытта.
– Аҕаа, эн уһуктаҕас эбиккин дуу? Турдум, – диэтим хап-сабар уонна аҕабар сүүрэн тиийэн, илиититтэн тутан туран:
– Мин туһахпын көрө барыым ээ? – диэн ыйыттым.
– Билэҕин дуо?
– Билиминэ.
– Мунуоҥ суоҕа дуо?
– Эс, тоҕо мунуомуй?
– Куттаммаккын дуу?
– Бэчиэти сүөрэн илдьэ барыам. Бэчиэт эһэ да кэллэҕинэ тутуоҕа.
– Чэ, бар. Мэнээк ууга, тыаҕа баран хаалаайаҕын… Аҕам тугу эрэ эбэн эппитин истэ да барбатаҕым. «Чэ, бар» диэн тылы кытта таһырдьа биирдэ баар буолбутум. Мин уһун суолу быһа «туһахха иҥнибит тыыннаах көҕөнү көтөҕөн кэлиэм» диэн саныы испитим. Онуоха эрэнэрим. Бэчиэт аара суолга хас да моҕотойу тииккэ таһаара-таһаара үрдэ да, мин онно эрэ кыһаллыбатым. Туһахпар тиийбитим, көҕөнүм дьиэтэ күөрэ-лаҥкы буолбут. Арай куһум эрэ суох. Дьиибэргээн ол-бу диэки көрбүтүм, дьиэтиттэн икки хаамыы холобурдаах сиргэ иҥнэн баран, тэптиргэҕэ ыйанан турар эбит. Уҥуоҕум халыр босхо барыар диэри үөрдүм. Көҕөммөр Бэчиэттиин тэбис-тэҥҥэ тиийдибит.
Бэйэм быһаҕаһым саҕа улахан көҕөнү моонньуттан соһон бултаабыт, убайбар үтүө кэһиилээх киһи быһыытынан, аа-дьуо хааман, ийэм «уолу тоҕо ыыттыҥ» диэн аҕабын киирэн сэмэлии турдаҕына, көҕөн тутуурдаах дьиэбэр көтөн түһэн соһуталаатым.
– Хор, бу эр киһи, – диэн аҕам көҕөнү эргим-ургум тута-тута хайҕаата. Мин онно, кырдьык, улахан булчут эр киһи курдук санаммытым. Билигин булдум биографиятын суруттараллара буоллар, «көҕөн өлөрбүтүм» диэн саҕалыах этим.
* * *
Дьарамньы кэпсээнин итинэн түмүктээтэ. Манна өрүүр буоллубут. Онон түүнү быһа утуйбатах дьон быһыытынан, таба тэллэхтэргэ сытан утуйан хааллыбыт. Олус минньигэстик утуйан, ханна эрэ олоҥхо улуу бухатыырдарын кытта бииргэ сылдьыһан, үрдүк хайаны үрдүнэн көтөн иһэн уһугуннум. Күн арҕаалаабыт. Дьарамньы турбут. Онно кураанах. Сыта түһэн баран турдум. Оҕонньор суох. «Чугас эргин сири көрө бардаҕа» диэн саныы-саныыбын, сууннум-тараанным.
4
Сири-дойдуну, ууну-тыаны дуоһуйа көрөн баран, күөл синньигэс атаҕын быһар синньигэс кирбиинэн балаҕаммар төннөн истэхпинэ, оҕо хахыйахтар кэтэхтэригэр ат тыбыыран тарылатта. Оччо тугу да быһаарбакка турдахпына, икки кэлин атаҕар чуккулаах тураҕас аты миинэн, оҕонньорум бу ходьоһутан иһэр эбит. Мин күүтэр быһыынан, мичээрдээн кэбиһэ-кэбиһэ, сис туттан наҕылыйан турдум. Дьарамньы аттыбар кэлээт, атын тардан бытаарта.
– Хайа, хантан аттаннын?
– Мантан быһа түстэххэ Молбо чугас. Онно сылгыһыттар бааллар. Токоттон сиһинэн сылдьаллар. Олортон эппин ыҥырдаары бу ат ыллым.
– Дьэ табыллыбыппыт дии…
– Оннук буоллаҕына сатанар. Бу дьону эрэнэн, өрүстэн ыраах бултуур буоллаҕым дии. Били дьаабал бүгүн суолбун иккитэ быста, – Дьарамньы үүнүн илгиэлээн атын хаамтарда. – Арахсыбатах сатана…
Мин оҕонньор эһэни этэрин тута сэрэйдим.
– Бөдөҥ кыыл дуу?
– Аарыма күтүр сылдьар быһыылаах. Суола улахана сүр.
Дьиэбитигэр кэллибит.
Мин уот отто хааллым.
Оҕонньор атын өттүү, тыытын дьаһайа барда. Мин иннибэр ирбинньиктиир уот уһун тылларын көрө-көрө, ол оҕонньор иннин бүгүн эмиэ быспыт, сүүнэ улахан эһэни саныы олордум. Эһэ туһунан элбэх сэһэни истибитим. Олортон биир кэпсээҥҥэ маннык баар:
«Ааттаах эсэһит Дайыыла күһүөрү сайын, эмиэ баччаларга, атаҕын сынньата түһээри үрэх халдьаайытыгар сытан баран утуйан хаалбыт. Эһэ тиийэн кэлбит уонна уу сахалыы саҥарбыт. «Туора харах, миигин бултаһан, эт тиҥилэҕин элэйэн, бу ыран, сылайан сытаҕын. Хаһан эрэ биһиги бары биир этибит. Бука бары балык курдук лапчааннаахпыт, хатырыктаахпыт. Күөх ньамахха көппөҥнөһөрбүт. Ону сир, халлаан айыллыытыгар Дьылҕа Хаан сорохпутун балык оҥорон ууга ыыппыта, сорохпутун араас кыыл оҥорон бу киэҥ тайҕаҕа үүрбүтэ. Эйигин, туора хараҕы, киһи оҥорбута. Олортон саамай сиэмэхтэрэ кимий диэтэххинэ, эн, туора харах, буолаҕын. Туох баар уруугун-аймаххын, бииргэ үөскээбиттэргин тутан сиэн, онон аһаан-таҥнан сылдьаҕын. Эһиги, туора харахтар, ол сэккит-сэлээҥҥит туолан бэйэ-бэйэҕитин өлөрсөҕүт, бэйэ-бэйэҕитин сэймэктэһэҕит. Мин эйигин манна тутан кэбиһиэх этим да, мин киһи буолбатахпын» – диэбит. Дайыыла истибэтэҕин истэн, соһуйан уһуктубут. Өр олорбут. Онтон ылата өлүөр диэри эһэни бултаспатах».
Эһэни зоопаркаҕа, циркаҕа эрэ көрбүтүм. Аар тайҕа тыатыгар көрсө иликпин. Аһайдаҕына суостаах кыыл дииллэр. Оҕонньор этэринэн, олох аттыбытыгар сылдьар. Кини күннэри-түүннэри биһигини кэтиир, биһиги кини суолун-ииһин эрэ көрөбүт. Биэлчик үчүгэй аҕайдык босхо бара илик. Көрүстэҕинэ көрөн турбат, киниттэн оччо толлубат буолуохтаах.
Дьарамньы тиийэн кэлэн, саныы олорбут санаабын быһан кэбистим. Оҕонньор сэргэх, бултуоҕуттан ылата үөрэ-көтө сылдьар.
– Дьэ үчүгэй. Миин иһэн сырылатан, наҕылыччы аһаан– сиэн баран, бу арҕаа кудуга тахсыахпыт, көрөн кэллим. Хайа аннынан ыраахха диэри барар. Онон тайах даҕаны, чөнөкө да сылдьар эбит. Чөнөкөнү ытаайаҕын. Бобуулаах. Хара тыа, күөх далай баайын ампаардаах ас, күрүөлээх сүөһү курдук саныахха наада. Көрөн, харыстаан тутуннахха табыллар.
Мин итиннэ сэҥээрэн эрэ хардардым:
– Оннук.
– Дьэ, Сэмээн, былыр мин оҕо сылдьан куһу көтүтэн өлө сыһан турабын. Ону кэпсиим. Ол мин олоҕум умнуллубат сорҕото.
* * *
– Күөх кырыс саба үүммүт Сокурдар булуустарын ампаарын үрдүттэн түспэккэ, онно күөлэһийэ-күөлэһийэ, эбэни ортотунан тахсан барар харылҕан айан аартыгын кэтии сатаан кэбистим да, убайым кэллэр кэлбэтэ. Суол биир кэм, миигинэн ким да сылдьыбатаҕа диэбиттии, кэлэр-барар киһитин-сүөһүтүн мэлдьэспиттии хараарар. Бу ампаар үрдүттэн бары-барыта ыраахха диэри, киэҥник көстөр. Биһиги алааспыт түөрт күөлүттэн, үһэ үчүгэйдик, субу баардыы долгуннура, дьиримнии сыталлар. Күн уота, биирдэ санаатахха, уу түгэҕэр түһэн балыктыы сылдьар курдук. Биһиги уу баһар Үрүҥ уулаахпыт Тибиилээхтэн түһэр аппа төрдүгэр чөҥөрүйэр. Киниттэн салгыы – элбэх кур лаҥхалаах Өлөҥнөөх. Өлөҥнөөх үрдүк чараҥын мүччү түһэри кытта эбэ мэндээрэр. Эбэттэн субу-субу куоҕастар хахаарбытынан ууну күндээрдэ охсоннор көтөн лаһыгыраһаллар. Кинилэр маҥан халдьаайыны кырыйбытынан, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө кыыгынаан тахсаллар уонна көбүс-көнөтүк көтөн сундулуһан, ханна эрэ сүтэллэрин сайыһа, ордугургуу, көрөн хаалабын. Эбэ илин эҥэригэр тараҕай сүүскэ маарынныыр тоҕус түһүмэхтээх маҥан халдьаайы суоһурбут, дархаһыйбыт тойон хаан киһилии томтоллор. Мин маҥан халдьаайыттан куттанар, толлор этим. Онно тоҕус улуу ойуун көмүллэ сытарын туһунан дьонум кэпсииллэрэ. Ол ойууттар эбэҕэ киһи өлөөрү гыннаҕына, саҥардыыҥҥа диэри дүҥүрдэрэ тыаһыыра дэһэллэр. Ол дүҥүр тыаһын мин аҕам, кини төрөппүт ийэтэ өлөр сылыгар, сарсыарда эрдэ туран Тыыраахы арыытыттан от тиэйэ сылдьан истибит. «Онно куттаммытым саҕа, оҕо төрөөн баран куттана иликпин» диир буолара ол бокуонньук. Онон мин сүрбүн-куппун баттаабыт, төрөөбүт алааспыттан толлор, куттанар, кистээн абааһы көрөр сирим маҥан халдьаайы эрэ этэ.
Төһө өр олорбуппун, көһүппүппүн билбэппин. Бука, өр олорбут киһи буолуом ээ. Дьэ, ол олордохпуна, «Өлүү быалаах, үөскүүр имэҥнээх» диэбиккэ дылы, эбэттэн элбэх баҕайы бөдөҥ кустар көтөн лаһыгыраһан тахсаннар Өлөҥнөөххө түстүлэр. Итини барытын Сокур ампаар дьиэтин ааныгар тахсан, өттүк баттанан туран көрдө, тыастаахтык чыпчырынна. Кустары көрөбүн диэн, олох өйдөөмүнэ, Сокурга көстөн хааллым. Кини обургу, супту одуулаан туран, хаһыытаан дэлби барда.
– Эмиэ ампаар үрдүн тэпсибиккин… Сискин көһүтүөм, чэ, түһэ оҕус! – Мин ол бардьыгынааһыны кытта тэбис-тэҥҥэ сиргэ баар буоллум. Аат харата хааман дьиэбэр баран иһэн, Сокур икки уостаах доруобун ылан, Өлөҥнөөххө түспүт кустарга киирэн эрэрин көрдүм. Кини саас, сайын ахсын сүүһүнэн куһу өлөрөрө да, биһиэхэ кус да аҥаарын бэрсибэт буолара. Хата үгүстүк атаҕастаталыыра, үөҕэрэ-үтүрүйэрэ. «Кытыйалаахтар» диэнтэн атыннык ааттаабат. Ол иһин мин кинилэри өлөрдүү абааһы көрөрүм. Сааһыт ыраах хотоолунан, Үрүҥ уулаах билиитинэн эргийэн, Өлөҥнөөх кустарыгар үөмэн истэ. Кустарга чугаһаан иһэн ат буолла. Мин ону көрөөт да, биир кылгас бүтэй тоһоҕотун сулбу тардан ылаат, Өлөҥнөөххө быһа сүүрэн киирээт, хаһыытыы-хаһыытыы, ууну таһыйдым. Сокур ытыахча буолбут кустара көтөн, эбэ диэки сулугулдьуһа турдулар. Ону кытта Сокур лаҥха быыһыттан ойон тураат, арҕахтаах эһэ курдук часкыйбахтаата.
– «Кытыйалаах» ыамата, хара түөкүн, сиһиҥ-үөһүҥ таппатахпына, дьэ, мин буолуом…
Мин ити үлүгэр ынырыктаах сааныыны истэн баран туруом дуо, буутум быстарынан, уруккуттан ытта оонньуур баараҕай хатыҥмар ыстанным. Тиийдим да, кэннибин да хайыһан көрбөккө, хатыҥмар хатаастан тахсан модьу лабааҕа олорон баран, ыга кууһан кэбистим. Сокур аҕылаан-мэҥилээн бөтүөхтээн кэллэ. Торбос төбөтүн саҕа кыһыл сутуругун өрө ууна-ууна:
– Ыт ыамата, ыт курдук ытан түһэриэм иннинэ түһэ оҕус. Ити тугуҥ дьээбэтигэр киһи булдун аймыыгын?
– Эн туох буруйдаах кустары өлөрөөрү гынаҕын?
– Бу ыт өссө этиһиилээх-баҕастаах, – диэн өрө бабыгырыы түһээт, сиргэ сытар хатыҥ мутугун ылан миигин быраҕан кууһуннарбыта булгу ыстанан хаалла. Онтон өссө кыйаханан, илиитигэр туох түбэһэринэн, миигин тобулута тамнаата да, биирдэ да ыарыылаахтык табыллыбатым. Быраҕан-быраҕан баран, өрө бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, аны албыннаһан киирэн барда.
– Чэ, түс, сордоох уола, олох тыытыам суоҕа. Аны көтүппэт буол, – диэн ньалҕарыйда.
– Түспэппин… Кустары өлөрбөтүм диэн курутуйбут буоллаххына Куһаҕан күөллээ, абарбыт буоллаххына Арыылаахха бар, сиэххин баҕардаххына Сэргэлээхтээ, – диэн истибит сирдэрим ааттарын биир тыынынан субурутан кэбистим. Сокур чахчы кыйаханна. Саатынан миигин кыҥыы-кыҥыы:
– Хара ыт, Кытыйалаах ыамата, сибилигин ыттым, – дии-дии дибдигирээтэ.
– Онтон эн кимҥиний? Сокургун дии, – диэтим мин иннибин биэрбэт быһыынан. Саа тыаһа дэлби ыстанарын кытта соһуйан, хатыҥмын мүччү туттум да, кыламмытынан таҥнары хойуостанным. Сырдык, хараҥа ортотугар киирэн ыллым. Төбөм ньир гынарга дылы гынна да, ханна барбыппын билбэт буолан хааллым. Биирдэ өйдөммүтүм, ийэлээх аҕам кэлэннэр охтон түспүт хатыҥым анныттан көтөҕөн, оҕус сыарҕатыгар ууран эрэллэр эбит. Сокур суоҕа. Эмиэ өйбүн сүтэрэн, мэй-тэй баран хааллым. Төһө өр өйө суох сыппыппын бэйэм да билбэппин, биирдэ уһуктан кэлбитим кулгааҕым иһэ куп-куугунас, хап-хааҕынас үлүгэр. Тыыным хаайтараары эппэҥнэспин.
Ыйтан ордук сытан үтүө буолбутум. Өйдөнөрбүн, арыый ама буоларбын кытта дьонум хайдах дэлби түспүппүн туоһуластылар. Мин олоччутун түөрэ кэпсээн биэрдим. Убайым ону истэн баран, таһырдьа тэп гынан хаалла. Ийэм эккирэтэн тиийэн ааны өҥөйөн туран:
– Дьону кытта иирсэн көрөөр эрэ, айдаан буолуо, – диэн убайбын сэрэттэ. Убайым дьон күүстээх диир киһилэрэ этэ. Кини сүрдээх уолусхан, кыыһырымтаҕай, ыгым үгэстээҕэ. Ол иһин ийэлээх аҕам:
– Миитэрэй биһигиттэн төрөөбөтөх, биһигини баппатах киһи, – дэһэллэрэ.
Миитэрэй ол тахсан туох да эппиэтэ суох, Сокурга көтөн түһэн, Хабырыыс аан көхөҕө ыйанан турар доруоп саатын сулбу тардан ылан маһын тосту үктээн кэбиспит уонна мас кыстыырга элиппит. Сокур соһуйан хаалан таалан олорбохтообут уонна сутуругун түүрэ туттаат, ойон турбут.
– Аны бэрт оҕо миигин бэйэбин тоһуталаа, оҕобор дьэ тэбистэрэн тэйиэм! – диэн кыланаат, утары ыстаммыт. Онуоха убайым биир охсуунан Сокур Хабырыыһы хаҥас хараҕын баһан кэбиспит уонна тахсан кэлбит. Сүрдээх ыарахан, кэри-куру, туох эрэ ыга баттаабытын курдук күн сыылан ааспыта. Ийэм убайбын сэмэлиир быһыылааҕа.
Нөҥүө сарсыардатыгар Сокур икки киһини батыһыннаран биһиэхэ көтөн түстэ. Кини хаҥас хараҕын кирдээх сыҥаах былаатынан саба бааммыт этэ. Сокуру кытта киирсибит дьон кимнээхтэрин мин хантан билиэмий?! Дьонум тутталларыттан-хапталларыттан көрдөхпүнэ, улахан кутталлаах дьон быһыылааҕа. Киирбит дьонтон хайалара да олорботохторо, халыҥ баҕайы кинигэ курдук кумааҕыны арыйаннар, мин убайым Сокур саатын булгу үктээбитин, Сокур Хабырылланы ытынан үөҕэ-үөҕэ сирэйин эттээбитин иһитиннэрэн баран, саа маһын төлөбүрүгэр Саллаахап диэн баар-суох улахан ынахпытын тутан ылан Сокурга биэрдилэр. Убайым илиитин хандалылаан хаайыыга илдьэ бардылар. Кини холкута. Ийэтигэр «сотору кэлиэм, бу да тойоттор хаайбыттара диэхтээн» дии-дии, эҕэлээхтик мичийэрэ. Дьон суугунаһан тахсалларын кытта дьиэбит иһэ соҕотохто иччитэхсийэ түстэ. Ийэм урут хаһан да ытаабат бэйэтэ, аан хайдах сабылларын кытта, ытаабытынан барда. Мин ону көрөн олорон бөтөн хааллым, харахтарым уунан туоллулар. Аҕам умса түһэн олорбохтоон баран:
– Доҕоор, ытаама! Аны ытаабыт, ыллаабыт иһин биир. Миитэрэйи өр хаайыахтара суоҕа, эрэнэбин. Кини онно элбэх доҕоттордоох. Быыһаан ылыахтара. Үҥсэн кыайдаҕына, баҕар, ынаҕын даҕаны төнүннэриэ, – диэтэ сүр эрэллээхтик.
Убайбын тутан илдьэ барбыт дьону, ийэм таһырдьа тахсыбытын кэннэ, кимнээхтэрин аҕабыттан ыйыппытым. Ону аҕам:
– Улуус суруксута уонна хаппараал, – диэн судургутук хоруйдаабыта. «Суруксут» уонна «хаппараал» диэн туох дьоннорун ыйытыахпын баҕаран баран, аҕам хайдах эрэ умса түһэн, санааҕа ылларан олороруттан толлон хаалтым.
Кырдьык, убайым инки хонон баран, түүн киирэн кэлбитэ. Сирэйэ-хараҕа турбут этэ.
– Барыта этэҥҥэ… Ийээ, улаханнык долгуйума. Мин доҕотторбун кытта куоракка баран иһэбин. Сарсыарда миигин туоһуластахтарына «сылдьыбатаҕа, көрбөтөхпүт» диэриҥ. Онно үлэ булан үлэлиэм, – диэн баран ийэтигэр буруйдаах оҕолуу төбөтүн санньыппыта. Миигин ыга кууспута.
– Түргэнник улаат. Үчүгэй үлэни буллахпына ылан үөрэттэриэм, – диэбитэ эрэллээхтик. Аҕатын илиитин тутан турбахтаабыта. – Хараххын луохтуурга баран көрдөр. Үтүө киһи.
– Тойоттору кытта үтүрүһүмэ-хабырыһыма. Көнөтүк, көссүөтүк сырыт. Биһиги хайдах олороохтуубут, – диэн ийэм аат харата ботугураабыта.
Чэйдээбэккэ да, киирбитин курдук судургутук тахсан барбыта. Биһиги үһүөн таһырдьа тахсыбыппыт. Миитэрэй аҕыйахта күлүкүччүйээт, эбэ билиитинээҕи хотоолго түһэн, сүтэн хаалбыта.
Сарсыҥҥытыгар, хаайыыга сытан көрдөһөн, наадатыгар тахсан баран, харабыллыыр киһини оһоллоон куоппутун истибиппит. Дьонум улаханнык куттаммыттара. «Сатамматах киһи буолаары гынна» диэн ботугураһалларын истибитим. Онно эрэ туран, убайым Миитэрэй мин оҥорбут буруйбуттан иэдээҥҥэ түбэспитин, төрөөбүт дьиэтиттэн, алааһыттан атах балай барбытын оҕо сүрэхпинэн сэрэйбитим. Убайым барыыта миигин улахан киһи оҥорбута.
Ынахпыт барда. Саллаахап барахсан Сокурдар далларыгар хааллан туран, бэйэтин тиэргэнигэр, үөрдэригэр кэлээри маҥыраан эҥсэлийэрэ кулгаахпар билигин да иһиллэргэ дылы. Ол хайдах эрэ билигин соҕотохсуйуу муҥун санатар. Убайбын ирдээн, кини бэйэтэ эппитин курдук, били дьон хас да буолан кэлэ сырыттылар. Сааныы бөҕөнү саанан, ийэлээх аҕабын кырбыы сыһан бардылар. Баай-дьадаҥы, баттал-атаҕастабыл баарын мин онно дириҥник итэҕэйбитим. Кыһыыбыттан-абабыттан хоспох кэннигэр тахсан, аан бастаан эр киһилии саҥата суох ытаабытым.
Дьарамньы күөс буһа турар уотун саҥата суох одууласпахтаата уонна мастыйан эрэр тарбахтарынан уокка хардаҕас быраҕан биэрдэ.
– Ол барыытынан Миитэрэй төннүбэтэҕэ. Куоракка киирэн саҥа үлэлээн эрдэҕинэ туппут сурахтаахтара. Кинини ол хараҥа хаайыыттан олунньутааҕы рөволюция босхолообут, ийэлээх аҕата өлбүттэрин, мин тайҕалаан баран эргиллибэтэхпин истээт, куоракка төттөрү киирэн баайдары-тойоттору утары охсуспутунан барбыт. Ханна өлбүтэ биллибэт. Мантан ыраах буолбут алдьархайга түбэспит курдук. Итини барытын мин бу хойут дьонтон истибитим. Хата, эн, куоракка олорор, үлэлиир киһи, итини туоһулаһаар эрэ… – оҕонньор олорбохтуу түһэн баран, уу көҕөччөр төбөтүн имэриммэхтээтэ.
Мэник-тэник оҕо сааһын тэбэнэтин содулугар хаайыыга түбэһэн эрэйи көрбүт баар-суох убайын дьылҕатыттан Дьарамньы билигин да уйадыйа, курутуйа сылдьар. Ити ыар санааны бу сардаҥалаах олох сырдыга, кэрэтэ кини үгүс хаары түһэрбит нүксүгүр санныттан хастыы тардар. Ону барытын убайа Миитэрэй киниэхэ бэлэхтээн барбыта. Онон мэлдьи бөҕөх.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.