Электронная библиотека » Николай Босиков » » онлайн чтение - страница 9


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Николай Босиков


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 9 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Саас, от-мас тиллиитэ, биһиги Чыркаанабынаан Кыыл сүүрбүккэ тиийбиппит. Аатын билбэт этибит. Кини күнүнэн күлүмнээн, араас көтөр тойугунан өрө эгдэйэн олороро. Ити биһиги киирбит суолбутунан киириибитигэр нөҥүө өттүттэн биир кыыл сүүрбүтэ. Биһиги ону бултаһа барбатахпыт. Саҥа сири сүрэхтээн Кыыл сүүрбүт диэн ааттаабыппыт. Мин халдьаайылаах, хатыҥ мастаах төрөөбүт алааспар тугунан эрэ майгынныыр сири булаат, сиргэ олоро түһэн кини ньүөл кырсын имэрийэ-имэрийэ, ис испиттэн долгуйан, ис испиттэн кууран-хатан, эр киһилии ытыы олорбутум. Чыркаанам барахсан мин туохха туоххаһыйарбын, мин сүрэҕим-быарым тугу суохтуурун курдаттыы билэр буолан, төбөбүн хам кууһан, эмиэ да ааттыы, эмиэ да ытамньыйа олороохтообута. Тыыным тахсан, көхсүм кэҥээн баран доҕорбун ыга кууһан ылбытым…

Ураһабытын ити үс хатыҥ аннынан хонууга туруорбуппут. Хонуу араас сибэккитин хомуйа-хомуйа, иккиэйэх бэйэбит сүүрбэ киһи оонньуутун оонньообуппут. Халдьаайыттан төкүнүһэн түһэ-түһэ дьоллоохтук, тэбэнэттээхтик күлсэрбит. Сайын ахсын сайылыырга сананан уонна мин ыраах хаалбыт өтөхпүн санаан ити дьиэни иккиэн санныбытынан таһан, ол сайын тутан бүтэрбиппит. Малааһыннаан таба күөрэҕэ, собо, кус сиэбиппит. Мин дойдубун, дьиэбин булбуттуу санаммытым. Балыктыыр тыы, ардьа, туу оҥостубутум. Оччолорго саа сэбэ да суоҕа. Ол иһин куһу тиргэлээн сиирбит.

Кыһын биһиги Кыыл сүүрбүппүтүн тула мас ахсын тииҥ олорбута. Чыркаанам оһоҕостоох буолан, миигин кытта ырааппакка, алааһын тула тииҥнээбитэ. Мин Молбону батан, арыт хонон, арыт өрөөн сылдьарым. Аҕыйах хонук иһигэр Чыркаанам сүүсчэкэ, мин үс сүүсчэкэ тумустааҕы өлөрбүппүт. Булчут, уопсайынан, тыа киһитэ күһүҥҥү булт саҕана өрөһүспэтэҕинэ, онно бултаабатаҕына дьадайар, өлөр-быстар суолга киирэр. Мин Молбонон өрө дьиэбиттэн биэс-алта көстөөх сиргэ, биир кэрэмэһи бултаһан, икки хонуох буолбут киһи үс хонон хааллым. Үһүс хонукпар саһылбын өлөрөн, Чыркаанабын үөрдэ охсоору, таба охторунан дьиэбин былдьастым. Кэлбитим дьиэм да, ураһам да кураанахтар. Чыркаана өссө бэҕэһээ барбыт уонна төннүбэтэх быһыылаах. Ыксаатым. Суолун хайан көрдүм. Илин диэки тахсыбыт. Суолун солоон сүүрэр-хаамар икки ардынан айаннаатым. Хос үрэх туорааһыныгар Чыркаана суолугар ол улуу күтүр суола холбосто. Аарыма кыайар. Сүрэҕим бар гына түстэ. Сүүрүүнэн түстүм. Үрэх түбэтигэр тиийэн көрбөтөхпүн көрөн дөйөн турбахтаатым. Чыркаанам икки илиитин иннилэрин диэки быраҕан бу умса түһэ сытар. Ыҥыран көрдүм. Хамсаабата.

Оҕом эрэйдээҕи аатын ааттыы-ааттыы эргитэ таттым. Арай этэ сылаас. Уоһун үрбүппэр тыынан кэллэ. Үксү тугу да көрбөккө, сырдык-хараҥа иһигэр киирбит киһи мин таастыы ыараабыт доҕорбун илиибэр көтөҕөн дьиэбэр киллэрдим. Куругар уон тииҥнээх. Ньуосканан сылаас чэйи уоһугар куппуппар хам ытыстыбыт тиистэрэ арахсан бастаан биирдэ, онтон иккиһин ыйыһынна. Санаабар уоһа тэтэрэн, имэ кэйэн кэллэ. Онтон чэйи кытта бииргэ ааспыт кыһын бириискэҕэ киирэ сылдьан ылбыт испиирим ордо сылдьарыттан иһэттим. Хараҕын көрөн, өйдөнөн кэллэ. Тугу эрэ саҥарыах курдук гынан иһэн, эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Мэлдьи үлүгүнэйэн миигин ыҥыран тахсар. Ол ахсын мин сордоох сордонобун, тугу да гыныахпын булбакка кууспалыыбын эрэ. Ол курдук сытан, биир киһилии тылы саҥарбакка, доҕорум барахсан үһүс күнүгэр өлбүтэ. Ол дьиикэй, иһийбэтэх күтүр оҕобун уҥа өттүн олоччу тоҕо охсон кэбиспит этэ. Мин саатар, ол өлүү төрдө буолбут бу киэҥ тайҕа сарыыссатын – кэрэмэһи эккирэтиспэккэ, иккис күнүгэр кэлэн доҕорбун эрдэ булбутум буоллар, өрөһүйбэтэҕим иһин доҕорум биир эмэ тылын истэн хаалыам этэ.

Саамай таптыыр миэстэтигэр, оччолорго ити хатыҥнар эдэрдэр этэ, үс эдэр хатыҥ анныгар сэгэртэйим сыыһын көмпүтүм. Көмпүтүм да, иин буорун кууһа сытан бу орто аан ийэ дойду, бу киҥкиниир киэҥ тайҕа айманыар диэри хаһыытыы-хаһыытыы ытаабытым. Ким да кэлбэтэҕэ, арай ол дьаабыланнаҕым ахсын, оччолорго доҕор оҥостон илдьэ сылдьар Суолдьут диэн ытым миигин уун-утары көрөн олорон уһунтан уһуннук, бу эн туох буоллун, биһиэхэ сор түбүлээтэ дуо диэбиттии улуйан, эбии өйбүн-санаабын иирдэрэ.

Икки дуу, ус дуу кун уот да оттубакка, турбакка даҕаны, сайыны быһа санныбынан таһан туттубут «арҕахпар» сытан баран, сэгэрбин сиэбит кыылга бэйэбин сиэтэ, эбэтэр өлөрөн өһү-сааһы ситиһэ тахсыбытым. Чыркаанам кэнниттэн батыһан, үөмэн кэлбит кыылы уонча хаамыы кэлиэр диэри көрбөтөх. Ол да буоллар ыппыт. Күтүр өстөөх тыын сирин таптарбатах. Кэлэн үрдүгэр түһүүтүгэр, халбарыс гынан баран, оҕом тутуу муҥутаан кыылы быһаҕынан хонноҕун анныгар саайбыт уонна бэйэтэ охтон баран, дьиэтигэр тиийэр санаанан сүүсчэкэ саһаан сири сыыллаахтаабыт.

Өлө сытар илэ дэриэтинньиги үнтү кырбастаан кыылга-сүөлгэ ыһан кэбиһээри гынан баран, айыырҕаатаҕа буолан, туох баар билэр улуу кырыыспынан кырыы-кырыы, көрүстэхпинэ кинилэр аймаҕы өһөгөйдөөн тэйэр гына андаҕайан, үрдүгэр мас мастаан, тиит охторон уматан кэбиспитим, – Дьарамньы санныттан ыар таһаҕаһы түһэрэн буугуначчы өрө тыынан кэбиспитэ. – Олох олорон бүттэҕим ол… Үс сылы быһа атах мээнэ сылдьыбытым. Ол кэннэ дьэ өйдөнөн, дьэ уоскуйан доҕорбор төннүбүтүм. Ол да буоллар, Кыыл сүүрбүккэ буолбакка, ити билигин олорор тумулбар олохсуйбутум. Кыыл сүүрбүккэ туоххаһыйдахпына, доҕорбун аҕыннахпына, дьыл хайа баҕарар кэмигэр, ордук сайын баран хонон-өрөөн кэлэбин.

* * *

Мин тугу даҕаны саҥарбатаҕым. Хойукку күһүҥҥү түүн ордук ыаһырбыт, ордук хараҥарбыт. Оҕонньор уруккутун курдук буолбакка, бу түүн балай эмэ эргичийбэхтээн, сөтөллүмэхтээн баран, дьэ мунна тыаһаата.

Уум оройбунан көтөн хаалла. Ханна эрэ өрүс уҥуор хайаҕа түүҥҥү көтөр кыланар, уу тыаһа биир кэм сылдьыгыраан, дьикти музыканан энэлгэн дуу, симик да симик ырыа дуу буолан иһиллэр. Ону истэ сытан билигин аҕай Дьарамньы кэпсээбит ити ынырыктаах кэпсээнин иккиһин истэргэ дылыбын. Тоҕо эрэ, олус түргэнник Кыыл сүүрбүккэ тиийдим. Харахпар үс хатыҥ, Чыркаана эрэйдээх эргэрбит кириэһэ, күөх кырыс уонна бүдүгүрбүт, кырдьыбыт кыракый балаҕан, кини холумтанын уота көстө түстүлэр.

Үс хатыҥ. «Оччолорго эдэр этилэр» диэбитэ ити үс хатыҥы Дьарамньы. Бу Чыркаана саастыылара эбитэ буолуохтара. Чыркаана баара буоллар, эмиэ ити хатыҥнар курдук ситэн, баараҕадыйан толуу бэйэлээх буолуо этэ. Дьарамньы муҥнаах олоҕун, эдэркээн Чыркаана барахсаны ити куустуһан турар үс хатыҥ сэбирдэх сэбирдэхтэринэн силирдэһэн, лабаа лабааларынан тардыһан, син биир дьүөгэлиилэр курдук сибигинэһэн, сипсиһэн кэпсэппиттэрин мин алҕаска истибиккэ дылыбын. Тоҕо эрэ хатыҥнар миэхэ Чыркаана кэрэ сэбэрэтин, үрдүк дьулуурун, олоххо тапталын туус маҥан туоһуларынан буоллулар.

Сүрэҕим нүөлүйбэхтиир. Дууһам кубус-кураанах. Бүтүн олохпун, үөрүүбүн, сынньалаҥмын эмискэ түспүт тыал хастыы охсон барда. Ол иһин бу балаакка хараҥа үрдүн көрбүтүнэн мин көхсүм эрэ сытар. Дууһам ол тыалы кытта, доҕорум Дьарамньы куоттарбыт дьолун көрдүү, бу аарыгырар аар тайҕа тымырдарын-сыдьааннарын устун көтө турда. Үс сыл устата уйулҕата ыстанан, көрбүт сорун, сүтэрбит доҕорун аһыытыгар икки Ботуобуйанан, Нүүйэ, Чуона үрэхтэр төбөлөрүнэн, кинилэр таастаах хапчааннарынан ускул сылдьыбыт булчут Дьарамньы олоҕун миэхэ кини бэйэтэ буолбакка, бу тыалы кытта тыал буолан көтөн истэхпинэ: ыллыктар, тайҕа хас биирдии маһын лабаатын хамсааһына, үйэлэрин тухары дьэбин уоһуйбут суорба таастар, хара тыаҕа часкыйар хардаҥ эһэ, кудуларга сэрэнэн үктэнэн киирэр улуу лөкөй, хас сайын ахсын көтөн кэлэр таас хайа хаһаайына хомпоруун хотой, кыһыҥҥы уһун түүннэргэ аччыктаан улуйар сур бөрө, суолун үстэ бүктүүр албын саһыл, тыа кырасаабыссата килбиэннээх кэрэ киис, оҕонньор отуутугар биэс уон сылы быһа дьукаах, доҕор буолбут кугас кукаакы кэпсииргэ дылылар. Ол барыта муҥура суох олох, муҥура суох ырыа…

Биир киһи муҥнаах олоҕун буолбакка, бу хара тыаны сирэйдэнэн, бу дохсун сүүрүктээх хайа өрүстэрин таптаан сылдьар дьон күннээҕи олохторун, күннээҕи кыһалҕаларын тойуга. Суох, ол да буолбатах, бу аар тайҕаҕа үйэлэртэн үйэлэр тухары иҥмит уһуга-көһө суох ырыа. Ырыа да буолуо дуо, аар тайҕа аҕыс уон аҕыс ааһар былыт арбаҕаһын кэтэн, тоҕус уон тоҕус түһүмэх ыллыктарга чугдаара турбут улуу хомуһун тойугун үмүрү тардан, сордоох сорун, муҥнаах муҥун үксэтэн ииригирэ илгистибит кэмэ. Ол кэм, ол тойук бу тайҕаҕа тыкпыт саҥа олох сырдык сыдьаайыттан, бу тайҕаҕа тыкпыт дьоллоох күн сылааһыттан туһунан тойуктанна. Ол иһин туох барыта умнулунна. Урукку олох бүгүн ким эрэ кэпсээбит үһүйээнэ буолан иһиллэр. Дьарамньы да олоҕо оннук. Кини ол иһин дьэбир, тыйыс, эйэҕэс уонна үөрүнньэҥ!

Халлаан сырдаата. Дьарамньы уһугунна. Мин харахпын симэ сытан, «бу сырдыгы кытта тэҥҥэ сылдьар оҕонньор бөөлүүн туту эрэ түһээхтээтэ буолла» дии саныыбын. Ол санаабын кытта нухарыйан хааллым.

Уһуктубутум, саҥа күн ыһыахтанан ахан тахсыбыт. Маннык күннэр киһиэхэ саҥа санааны, саҥа күүһү, урут көрсүбэтэх үөрүүнү тосхойоллор. Ол иһин саҥа күнү таптыыгын, саҥа күҥҥэ эрэллээх буолаҕын. Дьарамньы чаанньыга оргуйан, этэ буһан бэлэм. Өрүс тымныы уутунан суунан, чэбдигирэн баран аһаатыбыт.

Кыра кыылбытын сүлэн, икки тайахпыт этин хаста эмэ кырынан таһан, тиэнэн, эмиэ чэйдээн баран айаҥҥа хоҥуннубут. Оҕонньорум бүгүн ордук сэргэхсийбиккэ, эрчимирбиккэ дылы. Ону мин «өр сылга муҥнаабыт санаатын сайҕаатаҕа, көхсүн кэҥэттэҕэ» дии саныыбын.

Кэрэ Чаара устун аллара, совхоз отделениетыгар түһэн иһэн, тоҕо эрэ эмиэ олоҥхону санаан кэллим. Мин бу нэдиэлэ устата сиргэ буолбакка, олоҥхо дойдутугар сылдьыбыттыы сананным. Харахпар үс хатыҥ, эргэрбит киһи уҥуоҕун кириэһэ, күөх кырыс көстөр. Мин онно иккистээн тиийиэҕим уонна оҕонньорум доҕорун Чыркаана иннигэр тобуктаан олорон кини көрбөтөх саҥа күнүн, саҥа олоҕун туһунан бүппэт-бараммат ырыаны ыллыаҕым. Ол ырыаҕа эдэркээн Дьарамньы, кэрэ бэйэлээх Чыркаана бүгүҥҥү уонна сарсыҥҥы олохторо баар буолуоҕа. Уонна эмиэ киэҥ тайҕа ырыатын иккиһин истиэҕим. Ол тойукка үөрүү баар буоларыгар эрэнэбин.

Чаара кэҥии, сырдыы арылла сытар.

Дьарамньы нүксүччү соҕус туттан мотуоркатын салайа-салайа, Кыыһын икки биэрэгин көрө-көрө, мичээрдии иһэр.

1972—1973 сс. Дьокуускай

СҮТҮК

1

Түүн үөһүн ааһыыта, туохха эрэ тэһэ астарбыттыы, эмискэ уһугуннум. Уһуктаат даҕаны, Денисовы саныы түстүм. Бу санааһын эрэ буолбатах, ханнык эрэ түгэҥҥэ кини илэ бэйэтин көрүү быһыылааҕа. Кинини олорчутун буолбакка, кини кубарыйбыт сирэйин, сылаарҕаабыт харатыҥы харахтарын көрөн аһарыы. Маннык түгэни хаһан эрэ көрөн турардаахпын. Хаһан? Ааспыт кыһын, кини алта уонун туолбут үөрүүлээх күннэриттэн биирдэстэригэр… Ол күннэр ааһа охсубуттара түргэнин. Ааспат туох да суох. Үөрүү да үөрүү курдук өрөгөйдөөхтүк, хомолто да хомолто курдук курустук ааһар. Уһуктан баран, устунан утуйбакка, Денисов тоҕо көстүбүтүн санаан иһэн, «эмиэ утуйумаары гынным, утуйа охсуохха» дии санаат, илиим тиийэр сиригэр турар остуол лаампатын уматан, өрүү кэтэ сылдьар чаһыбын көрдүм. Үс чааһы чиэппэр ааспыт. Уоппун умуруоран, туох да буолбатаҕыныы, нухарыйа сатыы сыттым. Уулуссанан массыына сирдьигинээн ааста, ханна эрэ ырыых-ыраах ыт үрэр, ханна эрэ аан «лип» гына сабылынна, кыратык таммалыыр суунар иһит уутун тыаһа биир кэм чаллырҕаан, хайдах эрэ миэхэ, мин үрдүбэр түһэ турарга дылы буолла. Уум көттө. Утуйбаттан ордук эрэй суох. Маннык түбэлтэҕэ сыҥаланан сытар табыллыбат. Ордук эрэйи көрөҕүн, илистэҕин.

Сорох дьон түүн кыайан утуйбатахтарына кинигэ ааҕаллар, суруйаллар. Сорох киһи дьиэ таһыгар тахсан дьаарбайар, эбэтэр үлэлиир. Мин аҕам, колхозтаах оҕонньор, кыайан утуйбакка эрдэ туран баран, оҕуһун көлүнэн мас дуу, от дуу тиэйэ барара. Халлаан сырдыыта эргийэн кэлэр үгэстээҕэ. Биһиги, куорат дьоно, туту оҥоруохпут баарай? Хаһан эрэ, эмиэ маннык түүннэргэ, ааҕан испит таптал туһунан халыҥ, киһини оччо сэҥээрдибэт кинигэни аахпыта буолаҕын. Ол эрээри өйүҥ-санааҥ күннээҕи олох иирбэтинэн-таарбатынан хайыы сахха туолбут буолар. Кинигэҕин туора ууран баран, барыны бары умна сатаан сыта түһэҕин. Суруйуоххун, үлэлиэххин суруйааччы буолбатаххын. Ол да дьон, уһуктан олоро түһээт, суруйалларын өйүм хоппот. Баҕарыы, ымсыырыы наада ини.

Чэй иһэн баран, халлаан саҥа күрэҥсийэн эрдэҕинэ, эмиэ ороҥҥор сытаҕын. Киһи иккис уута халлаан сырдыыта, биитэр күн тахсыыта киирэр диэн олус муударай этии баар.

Утуйан баран уһуктуубар күн тахсыбыт. Арыый чэбдигирбит курдукпун. Ойон туран сууннум, тараанным. Айаҥҥа илдьэ барар (бу күн мин Нерюнгри куоракка көтүөхтээх этим) суумкабын хомуннум.

Ааны тоҥсуйдулар. Биһиги тэрилтэбит үлэһитэ Мииккэ киирэн кэллэ. Кинини биһиги «Соловей» диэн ааттааччыбыт. Бу саар тэгил уҥуохтаах, түөрт уончалаах кэргэннэммэтэх киһи. Ис иһиттэн чэнчис. Сиртэн-буортан арахсыбыт курдук тутта сылдьар.

– Иһиттиҥ дуо?

– Тугу?

– Истибэтэх буоллаххына, бу суругу аах, – диэт түөрт муннуктуу тутуллубут маҥан кумааҕыны туттаран кэбистэ. Сурук ис хоһоонун кини тылынан этэр кыаҕа суох быһыылааҕа.

«Бөөлүүн үс чаас ааһыыта Артур Семенович Денисов эмискэ сүрэҕинэн өллө…» Сурук анныгар ким да илии баттаабатах. Соловей бэйэтэ суруйбут бадахтаах. Тоҕо эрэ, олус түргэнник, чыпчылыйыах икки ардыгар, биһиги тэрилтэбит биир тутаах үлэһитин Тит Ивановиһы санаан аһардым. Суругу туппутунан туту да саҥарбакка турдум. Харахпар Денисов кубаххай дьүһүнэ, сылаарҕаабыт харахтара баар буола түстүлэр. Тугу эрэ быһаарыыта суох муннум анныгар киҥинэйдим. Тоҕо баҕас түбэлтэтэй? Мин оруобуна үс саҕана уһуктубутум. Соһуччу. Эмискэччи. Ама, Артур Семенович өлөн иһэн миигин ити курдук күүстээхтик санаан ааспыта буолуо дуо? Киһи санаата киһиэхэ тиийэр, бэриллэр диэн этии баар ээ. Ол кырдьык дуо? Итэҕэйбэт буолар туһум суох, наука да ону утарбат, хайа уонна бэйэм эппинэн-хааммынан биллим.

– Барсаҕын дуу? Дьон бары онно бардылар. Туох диибин? – Соловей мин саныы турар санаабын быһа түһэн ыйытта. Сурук суруйуох курдук хас да ыраас кумааҕыны ыла-ыла төттөрү уурдум. Кырдьыга да, кимиэхэ тугу суруйуомуй?! Тэпсэҥнээтим. Соловей диэки быһаарыыта суоҕунан көрүтэлээн кэбистим.

Соловей – Артур Семенович аллар атаһа. Булка, балыкка даҕаны, куска даҕаны бииргэ сылдьааччылар. Бииргэ уоппуска ылан хоту анды ыта хас да сыл сырыттылар. Артур Семенович массыынатын Соловей көрөр, оҥорор, эримиэнниир. Онон иннэлээх сап курдук дьон.

– Мин бардым, – диэтэ кини быһаччы соҕус. Мин да тохтоппотум. Сабыллыбыт ааны «тоҕо сабылынна, ити курдук сабыллар этэ дуо?» диэбиттии көрдүм. Хайдах эрэ ис испиттэн соҕотохсуйууну, чуҥкуйууну биллим. Ол соҕотохсуйуу миигин үлтү охсон кэбистэ. Чугас турар олох маска олордум.

Бэҕэһээ ыскылааттан мин киниэхэ телефоннуу сылдьыбытым. Олус чэгиэн, сэргэх куолаһынан «кэлээт да киирэ сылдьаар, үчүгэйдик сырыт» диэбитэ. Онно көрсүөхпүт иннинэ, аны хаһан да эргиллибэттик, үүнүөхтээх күнү көрөр дьоло суох буолан бардаҕа. Артур Семенович – мин учууталым. Кини олоҕун туох баар кэрэтин, үтүөтүн бэйэтин таптыыр идэтигэр анаабыт киһи.

Соловей массыыната тыаһаата. Мин аа-дьуо туран түннүккэ тиийдим. Кыһыл өҥнөөх «Москвич» аат харата сыыллан, өлө сылайбыт киһилии, кирдиэхтээн бара турда. Уруккута эбитэ буоллар эрчимнээхтик ойон кэбиһиэ этэ. Ити аата Соловей муҥнаах, мин кэпсэппэтэх киһим, доҕорун аһыытыгар хаҕа эрэ сылдьаахтыыр эбит. Киһи сырыттаҕына сылдьар, олордоҕуна олорор. Кини күнүһэ, түүнэ түргэнник солбуллар.

Артур Семенович Денисов Саха АССР Вөрховнай Советын депутата, дьоһуннаах киһи, үтүөкэннээх салайааччы, мындыр доҕор этэ. Кини үтүөтэ-өҥөтө үгүстүк тыыннаах сибэккинэн, тыл киэнин мүөттээҕинэн бэлиэтэммитэ. Соторутааҕыта буолан ааспыт юбилейыгар, биһиги дьиэ тэрилин оҥорор фабрикабыт пятилетка сорудаҕын үс сыл уон ыйга толорбутунан сибээстээн, өрүү бастаан иһэрин аахсан Артур Семеновиһы Ленин орденынан наҕараадалаабыттара. Онон кини түөһүгэр Үлэ Кыһыл Знамята орденыгар эбии, ити биһиги дойдубут саамай үрдүк, улахан ордена анньыллыбыта. Оҕо, дьахтар, оҕонньор, улахан-аччыгый олорчу билэр этилэр кинини. Сүтүк улахан, кини кэргэнэ, оҕото эрэ буолбакка, мин уонна биһиги бары учууталбытын, наставникпытын сүтэрдибит. Маны суруйарга тыл тиийбэт. Суруйбут да иһин өлбөөрө, хараара туруох курдук. Наҕыл, холку, сэмэй киһи уун-утары хааман иһэрин көрөн олорон, кини өлбүтүн, суох буолбутун туһунан суруйар ыарахан суол. Ол иһин мин бу тыллары суруйа олорон, бэйэбин суолтан туора тахсан турар, олохтон куттаммыт, салгыбыт киһи курдук көрөбүн. Ол суолтан туора тахсан турар киһи сибилигин Артур Семенович өлөр доҕоругар, табаарыһыгар биир тылы кыайан саҥарбатаҕа, саҥарар да кыаҕа суоҕа. Кини олох атын сиргэ, атын дьон ортотугар баара. Ол бэйэтэ бу тосту эргиллэн быстыбыт олоҕу салҕаары, суох салҕаары буолбатах, быстыбыт олох өссө да сырдык, өссө да сылаас сыдьаайыгар бэйэтин дьиҥнээхтик көрдөрөөрү суруйар. Ол кини иэһэ. Ханнык баҕарар суруйуу дьоҥҥо ананар. Суруллан баран хаалан хаалбыт сурук бука аҕыйах буолуо. Мин эмиэ бу суругу дьоҥҥо анаан суруйабын. Суруйан бүтэрдэхпинэ, дьон туох диирин чуордук истиэм. Дьон иннигэр мин ыарыһахпын. Кинилэр тылларыттан бэргиэхтээхпин. Онон хас биирдии тыл миэхэ туохтааҕар да күндү.

Уһаппакка, кэҥэппэккэ билсэн кэбиһиэҕиҥ. Мин Виктор Яковлевич Николаев диэн дьиэ тэрилин оҥорор фабрика үлэһитэбин. Өрүү хоту, соҕуруу көтөн тахсабын. Киһи үлэлээх буолуохтаах. Ол иһин күннээҕи олоххо көдьүүстээх буолаары, үөрэҕим да оннуга эбитэ дуу, экспедитордыыбын. Тугу баҕарар сатаан оҥорор, саныыр санааҕын өйгөр дьэҥкитик көрөр буоллаххына, судургу уонна чэпчэки буолар. Ол өрүү миэхэ кыаллыбат. Мунаах-тэнээх санаа үгүс. Сыыһа-халты сылдьаҕын.

Күн-дьыл түргэнник көтөр. Мин сааһым номнуо түөрт уон сэттэм буола оҕуста. Ол да буоллар эдэр, күүстээх-уохтаах курдук сананабын. Баттаҕым күрэҥсийэн эрэрин, тииһим түспүтүн аахсыбаппын. Билигин сүүрбэлээх да дьон ити «дьолтон» кыайан туора хаампаттар. Баттахтара эрдэ маҥхайан баран күкээриҥнэһэллэр, сэксэҥнэһэллэр. Тиис туһунан этэ да барыллыбат. Минньигэскэ, саахарга, кэмпиэккэ умсулҕан, табахтааһын, арыгылааһын тииһи эрдэ буортулуур. Бэйэм санаабын таайбыт курдук миигин ким да «оҕонньоор» диэбэт, биир эмэ оскуола оҕото бочуоттаан (ол билигин көстөрө уустугуран турар гынан баран) автобуска олоҕун туран биэрбэт. Хата, соторутааҕыта биир сүүрбэлээх кыыс уп-уһун, мип-минньигэс таптал суругун суруйбута. Бүтүүтүгэр «эн туох да диэ, эйигиттэн атыны таптыыр кыаҕым суох» диэн малтаччы билиммитэ. «Таптал икки хараҕа суох» диэн этиини ханна эрэ ааҕан турабын. Баҕар, кырдьык, таптаабыта буолуо. Кыыс эрэйдээҕи тоҕо эрэ аһынабын. Бэйэм да билбэппин. Арахсыбыт кэргэммиттэн төрөөн өлбүт уол баара буоллар билигин сүүрбэ биирэ буолуо этэ. Эдэр сылдьан таптаабыт уонна кыайан умнубатах кыргыттарым билигин хайыы үйэ пенсия сааһыгар чугаһаатылар. Ону аахсыбакка туран мин кыргыттар курдук саныыбын. Баҕар, миигин кинилэр эмиэ «ол уол» дииллэрэ буолуо. Сааһырыыны өйдөөһүн ити курдук икки өрүттээх. Кимиэхэ эдэргин, кимиэхэ кырдьаҕаскын. Урут спортсмен этим. Уһуҥҥа да, кылгаска да сүүрэрим. Билигин да киэһэ, сарсыарда Сонордьуппун кытта дьаарбайабын. Парка маһын быыһынан сүүрэбин, Күөх хонууга бырдааттаан ылабын. Сонордьут диэн мин ытым. Ааттаах булчут эбэҥки ытын оҕото. Мин кинини олох кыра эрдэҕинэ суумкабар уктан Токоттон илдьэ кэлбитим. Санаабын алыы гынан, тыаҕа сылдьар киһилии сананаары (ардыгар бэйэни албыннаннахха сатанар) Сонордьут диэн ааттаабытым. Ийэтин, аҕатын курдук киисчит, тииҥньит буолуо. Уоппускабар аны күһүн илдьэ барыам. Өйдөөх, быһаччы эттэххэ, кэпсэппэт эрэ ыт. Мин тутта, көрө-истэ сылдьарбын олус кэтиир. Үөрдэхпинэ үөрэр, хомойдохпуна им-дьим, субу-субу көрөн кэбиһэ-кэбиһэ сытар. Билигин эмиэ муннугун булбут. Тугу эрэ толкуйдуурдуу хараҕын симэн сытар. Спортсменнар тустарынан этиэх буола олорон умна сыстым. Аатырбыт, сураҕырбыт сүүрүктэр, тустууктар дьарыктарын эрдэ быраҕан, куттахтара уйарынан аһаан, арыгылаан эрдэ модьурууллар. Бөдөҥ-садаҥ өттүлэрэ киһи көрүөн түктэри буолан өрө сылластан бегемот дуу, мамонт дуу көрүҥэ көрүҥнэнэллэр. Доруобуйалара эрдэ буорту буолар. Ону көрүнэр, кэмнээн-кэрдиилээн сылдьар дьон уһун, олус сиэдэрэй олоҕу олороллор, кырдьаллар. Биһиги туох-туох буолан иһэрбит биллибэт. Этэргэ дылы, «таҥара илиитин иһигэр сылдьар дьоммут». Биһиги таҥарабыт – айылҕа. Кини төһөнү биэрбитинэн олох олорор, үлэлиир-хамсыыр дьоҕур баар буолуо. Ону утарар, уһаттарар, эптэрэр олус уустук.

Остуолбар ыһылла сытар кумааҕыны көрөөт, тулаайахсыйан кэллим. Ити мин фактураларым, квитанцияларым өрөһөлөрө. Ылар-биэрэр кумааҕылар. Мэктиэтигэр үлэлиир, утуйар соҕотох хоһум тымныйарга дылы гынна. Артур Семенович дьээбэлээхтик мичийэн баран, өрүү таптаан туттар «холобура» диэн тылынан доҕуһуоллаан бэйэтин санаатын этэр үгэстээҕэ. Холобура, кини өлбөтөх буоллун. Мин бу тыллары билигин суруйа олоруо суох этим. Муҥ саатар ханнык быһыыга-майгыга, туту оҥоро сылдьан өлбүтүн Соловейтан ыйыппакка хаалбыппын. Ол эрээри ол ымпыга-чымпыга туохха нааданый?! Хобу-сиби таһар уон кутуруктаах, уһуктаах үс тыллаах дьахталларга, дьахталларга эрэ буолуо дуо, онон дьарыктанар дьоҥҥо наада. Саамай күөгэйэр күнүгэр өлбүт да өлбүт. Өлүү да билигин муода курдук уратыланна. Үлэлии олорон, утуйа сытан, хааман иһэн өлөҕүн. Урут бэрт уһуннук ыалдьан, аһыы бөҕөнү аһыттаран өлөр этилэр. Соһуччу өлүү быһа оҕустарыы, таарымта диэн ааттанара.

Уонунан сылга бииргэ сылдьыбыт, кини саҥатын, кини сүбэтин истэ үөрэммит дьоҥҥо Артур Семенович өлүүтэ – кыайан өйдөнүллүбэт ыар сүтүк. Көтөр чааһым улам-улам чугаһаан иһэр. Мин чохтоох куоракка тиийэн, сир анныттан өрө күөрэс гына түспүт, хара көмүһү көрүөхтээхпин. Онно кэлбит наадалаах таһаҕаһы манна тэрийэн ыытыахтаахпын. Ити барыта Артур Семенович туруорсуута этэ.

Саҥа аһыллыбыт тимир суолунан таһаҕас кэлиитэ чэпчэки уонна дөбөҥ быһыылааҕа. Ол иһин бэркэ чэпчээн, үөрэ-көтө сылдьара. «Биһиги бэйэбит кылааппытын, чэ, холобур, алмааспытын, көмүспүтүн, ити эн көрүөх буолар чоххун дьоҥҥо тиийэр гына өссө кэпсии иликпит. Суруйуохха наада. Суруйааччылар ханна сылдьар, туту оҥорор дьонуй?» – диэбитэ. Уонна тугу-тугу булан-талан аҕаларбын саас-сааһынан быһааран биэрбитэ. Мин киниэхэ, кини үлэспит өйүүнүгэр буолбакка, кэлээт да киирэ сылдьыах буолбутум…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации