Текст книги "Эн онно хайаан да тиий"
Автор книги: Николай Босиков
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 11 (всего у книги 12 страниц)
Мин Боруонньа ити этиитин сөмүйэлиин сөбүлээн истэбин. Кини миэхэ холуйдахха, элбэҕи аахпыт, бэйэтин холугар «топ» курдук билиилээх киһи. Кыайбатах боппуруоһа – кэргэн. Онно холуйдахха мин олоҕу боруобалаан, ат уорҕатыгар даҕаны, өрөҕөтүгэр даҕаны сырыттаҕым.
Ыкса киэһээ Боруонньаны атаардым.
4
Нухарыйан иһэн ийэм бокуонньук аччаабыт-куччаабыт бэйэтин санаан бараммын, кыайан утуйбакка, үргүлдьү, бу быыкаа ийэм нөҥүө, Артур Семеновиһы көрөн аһардым. Түннүгүнэн сулустар чаҕылыстылар. Саныы сыппыт санаам уонна үдүгү-бадыгы көстө сыппыт дьоннорум чыпчылыйыах түгэнэ ол сулустарга холбоһон, ырааттахтарын ахсын сырдыырга дылы гыннылар.
Киһи үөрбүт, эбэтэр хом санаабыт кэмигэр олорбут олоҕо, барыта да буолбатар, түмүк-түмүк өттө киэҥник арыллар. Ол үөрүү курдук үрдүк халлааннанар, хомолто курдук дириҥ түгэхтэнэр. Быһаччы эттэххэ, аһыылаах ньулуун аргыстаһа сылдьарга дылылар. Артур Семенович олоҕун кытта сиэттиһэн, дьүөрэлэһэн олоҕум сорох кэрчиктэрэ, тэҥэ суох мастаах тыалыы, оһуу-тоһуу буолан көстүтэлиир.
Балбаара эмээхсин кыракый дьиэтин хоруобуйатын иһигэр утуйа сылдьар эрдэхпинэ, олох иһин эриэнин көрө иликпинэ күн, халлаан атыннык арыллара. Туох барыта ырыа буолан устан, долгуйан, дьэргэйэн, ыһыллан олороро. Ыллаабат, үөрбэт-көппөт киһи суоҕа буолуо дии саныырым. Кыраны, кырдьаҕаһы арааран көрбөт этим. Ол туһугар дьол курдуга. Аҕабыт өлбүтүн кэннэ биһиги ийэбинээн убайбын батыспыппыт. Маҥнайгы кылаастан үөрэммит, төрөөбүт дьиэм курдук санаабыт оскуолабыттан уурайан, атын оскуолаҕа, оройуон киинигэр киирбитим. Доҕотторбун, өр сылларга бодоруһан, үөрэ-дьүөрэ үүнэн испит оҕолорбун сүтэрбитим. Кинилэр оннуларыгар атын сайга табаарыстар күөрэс гына түспүттэрэ. Киир-бит кылааспар чачархайдыҥы убаҕас баттахтаах, өйдөөх, хайдах эрэ сандаарыччы көрбүт харахтардаах маҥан кыыс баара. Ол кыыһы бастакы көрүүттэн сөбүлээбитим быһыылааҕа. Аата Аля диэн этэ. Оччолорго мин тапталлара диэни билбэт этим. Атын дьоҥҥо сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх киһи, мин, киниэхэ кэллэрбин эрэ өлөн түһэрим. Испиттэн саҥам тахсыбат буолан хаалара. Аны санаатахпына, бука, таптаатаҕым буолуо. Үс сыл биллибэккэ хаалбыта. Үөрэх, оонньуу-көр, спорт бириэмэни бэйэтэ ыйыстан иһэргэ дылыта. Биһиги онуһу бүтэрэн куоракка киирбиппит. Кини институкка туттарбыта, мин техникумҥа киирэн баран, ахтан аһарбыт Балбаара эмээхсиним хоруобуйатыгар хоно сылдьан бу үлэни булбутум. Ол умнуллубат күһүн иккитэ хаста Алялыын киинэҕэ бииргэ сылдьыбыппыт да уруккум курдук муҥкук этим. Хайа астахха хаан тахсыбат бүтэй, аҥала киһини туох ааттаах тулуйуой, хайа кыыс сөбүлүөй?! Альбина институт оҕолорун кытта миигиттэн кый үөһэ көтүһэ турбута.
Өктөөп бырааһынньыгын кэнниттэн олох да көрсүбэтэҕим. Ол сылдьан Артур Семеновичка кэлэр сыыйыллаҕас көнө муруннаах, хара харахтардаах хара бараан, номоҕон дьүһүннээх кыыһы бэлиэтии көрбүтүм. Кини Туйаара диэн этэ. Артур Семенович саамай кыра балта буолан биэрбитэ. Онуһу бүтэрэн баран куорат библиотекатыгар үлэлии сылдьара. Мин курдук буолбатах, сайдыылаах, саҥарбат да киһини саҥардар наһаа элэккэй майгыннаах этэ. Спорду таптыыра. Бэйэбит да билбэккэ чугасаһан, бииргэ сылдьар буолан хаалбыппыт. Иллэҥ буолларбыт эрэ стадиоҥҥа барарбыт. Сүүрэрбит, ойорбут, көтөрбүт. Сороҕор кросс оҥорон, икки-үс биэрэстэ буолаарай диэн, паарка маһын быыһынан сырсарбыт. Кини куорат олоҕун, мин тыаны айахпыт хам буолбакка кэпсэтэрбит. Киһи сөҕүөх, Туйаара уол оҕо курдук тыаҕа сылдьан кустууру, куобахтыыры сэргиирэ. Булт быһылааннарын, айылҕа араас көстүүлэрин умсугуйан истэрэ. Ону мин сатаан кэпсээбэт быһыылааҕым.
Саас тугу барытын уһугуннарар, сэргэхситэр. Лена көмүөлүн ыраастааһына, аҕыс ыйдаах муустан-хаартан босхолонуута – куорат олохтоохторугар кэрэттэн кэрэ, дьиктикээннээх бырааһынньык. Мин Туйааралыын ол бырааһынньыкка саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сылдьыбытым. Биирдэ дуоһуйуохпутугар диэри күүлэйдээн баран, сааскы түүн, күн тахсыан эрэ иннинэ, пааркаҕа тиийэн ыскамыайкаҕа олорбуппут. Биһиги күн тахсарын көрөр санаалаах, онон дьоллонор баҕалаах этибит.
Сааскы күн барахсан өр күүттэрбэтэҕэ, күлэн-үөрэн, дэлэй былас сардаҥатын аан ийэ дойдуга тоҕо туппута. Бастаан бэстэр куудараларын сиккиэринэн тараппыта уонна өрүһүспүттүү уураамахтаабыта. Күн да буоллар сүрдээҕин кэмчиэрийэн, килбигийэн Туйаара биһикки эдэр иэдэспитигэр сыстыбыта. Бу түгэн биһиги өйбүтүттэн-санаабытыттан сүппэттик иҥмитэ. Күнү кытта мин Туйаараны уураабытым. Онтон иккиэн уураспыппыт. Уураһыы-сыллаһыы биһигини туймаардыбыта. Тугу да саҥарбакка, уураһан-уураһан баран сиэттиспитинэн куоракка киирбиппит. Сарсыардааҥҥы бэстэр биһигини ордугурҕаабыттыы дуу, күнүүлээбиттии дуу лабааларынан далбаатыы хаалбыттара.
Саҥа тахсыбыт күн күлүмүрдээн, чаҕылыҥнаан «бу эһиги уулуссаҕыт, бу эһиги куораккыт, холкутук, дьоллоохтук хаамсыҥ» дииргэ дылыта. Киэһэ көрсүөх буолан, дьиэ дьиэбитигэр тарҕаспыппыт. Мин кыракый хоспор киирбэккэ, көһөҥө муустарынан оонньуу сытар Өлүөнэ өрүс барахсан күөх биэрэгэр киирбитим. Муустар лыҥкынаһа сырдааннар дьиктилэрэ. Бу күн уотуттан сүүс өҥнөнөр, тыһыынча көтөр саҥатын саҥарар муустар миэхэ хаһан да уостубаты, хаһан да бүппэти санаталлар. Харахпын симтэхпинэ муустар алмааһынан кылбалдьыһар аптаах дыбарыастарыттан, алмаас кирилиэс устун Туйаара өрө хааман тахсан, олус истиҥник уонна муустар тыастарын олорчутун үмүрү тардан лыҥкыначчы күлэр. Мин маннык күлүүнү урут өссө истэ илигим. Ол күн эрэ Өлүөнэ биэрэгэр олорон истибитим. Ону умнар кыаҕым суох.
Күнүс көрүдүөргэ Артур Семенович көрсө түстэ.
– Витя, киирэ сырыт эрэ, – диэт, оччо улахан болҕомтоҕо ылбатахтыы, ааһа турда. Үлэ сүнньүнэн киирии-тахсыы элбэх. Онон оччо улахаҥҥа уурбатым. Көтөн түстүм.
– Доҕоор, бөөлүүн утуйбатаххын дии, – диэн баран Артур Семенович миигин тургутардыы, «дьэ тугу этэр эбит» диэбиттии көрөн олордо.
Ыксаатым да, биллэрбэккэ сананным. Харахпар Туйаара мичийдэ мичийбитинэн бу тиийэн кэллэ. Уураһыы…
– Күн тахсарын көрдүм.
– Күн тахсыыта, ордук сааскы күн тахсыыта ураты кэрэ буолааччы.
– Олус үчүгэй. Кытах курдук улахан да улахан. Аа-дьуо ол кытах аан дойдуну бэйэтин сардаҥатынан саба ыһан кэбистэ.
– Төрүт поэккын дии, – диэн баран Артур Семенович эйэҕэстик мүчүйдэ. – Биирдэ көрөр үчүгэй. Үлүһүйбэтэххинэ табыллар. Бостуой күҥҥүт дьүһүнүн сүтэриэ. Умнуллубат көстүү бэйэтин күүһүн сүтэрбэккэ, киһи олоҕун устата кэрэ, дьикти үчүгэй буолан хаалан хаалыахтаах. Баран сынньан. Өрүс ыраастаннаҕына үлэ үксүөҕэ.
Мин Туйааралыын сылдьыбыппытын сэрэйбит дуу, истибит дуу дии саныы-саныыбын хоспор бардым. Оҕонньорум иккис чэйин өрүнэ олороро.
– Саас барахсан… Эдэр эрдэххэ саас кырдьык этиллибэт үөрүүнү, хатыламмат түгэннэри тосхойор буолара. Биһиги сааспыт бүтэн турдаҕа. Витя, маннык үтүө сааһы өрүү көрсүөҥ суоҕа, өйдөөхтүк оонньоон-көрүлээн биэр, – диэбитэ кини.
Оҕонньорго, Артур Семеновичка, Туйаараҕа, сиргэ-дойдуга, күҥҥэ-халлааҥҥа махтана саныы-саныы минньигэстик, сылаастык, сымнаҕастык утуйбутум.
Киэһэ үлэхтээх сирбэр, Күөх хонуу үрдүгэр тиийдим. Туйаара кэлэ илигэ. Муус халҕаһата сарсыардатааҕар хойдон, үтүһэн-анньыһан, үрүт үрдүлэригэр өрө үөмэхтэһэн тахса тураллара. Тыас биир кэм курулас-харылас этэ. Олох олорор мөккүөр бара турарын курдуга. Күүстээх мөлтөҕү үлтү көтүүтэ, улахан аччыгыйы хам баттааһына манна баара. Туйаара кэлбитэ.
– Олус да минньигэстик утуйдум… – диэтэ кини.
– Этимэ даҕаны, мин төрөөн баран утуйбатахпын утуйдум.
– Сарсыарда убайым утары көрүстэ.
– Эрдэ да турар эбит дии. Мөхпөтө дуо?
– Тоҕо, туох диэн мөҥүөй? Эйигин кытта күн тахсыытын көрбүтүм диэтим.
– Мин күн тахсыытын соҕотоҕун көрбүт курдук эппитим. Ону элбэх ахсааҥҥа кубулуппута. Наһаа элбэхтик көрдөххө өҥө сүтүө диэн сэрэппитэ.
– Оннук эбит дии… – Туйаара туту эрэ эҕэлээҕи дуу, көннөрүнү дуу өйдөөн тыл ыһыгынна.
Көмүөл ааспыта. Ыһыах күннэрэ чугаһаабыттара. Мин ону-маны була, таһа үлэлии сылдьыбытым. Дьөгүөр оҕонньор нэҥнэҥнээн кэлэн:
– «Эйигин директор ыҥыттарар», – диэбитэ. Биһиги Туйааралыын туох да буруйу оҥорботохпут. Онон оччо кэтэмэҕэйдээбэккэ Артур Семеновичка киирбитим.
– Доҕоор, сарсын баскыһыанньа. Ханна бараҕын, тугу оҥороҕун?
– Санаабакка да сылдьабын. Билиэт баар буоллаҕына, баҕар, киинэҕэ сылдьыам, – диэн кураачыстаабакка кырдьыгынан билинним. Артур Семенович кырдьыксыт киһини сөбүлүүр. Ол иһин туту да оҥорбутум иһин көнөтүнэн, аһаҕастык этэр идэлээҕим.
Манна биир түбэлтэни кэпсээн ааһыым. Ол маннык буолбута. Биһиэхэ Нил Нилович Сектяев диэн эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргийбит, бэрт сытыы-хотуу киһи үлэлии сылдьыбыта. Кини төһө да эдэрин, сытыытын-хотуутун иһин, биир сытыйбыт кэмэлдьилээҕэ. Ол кини сымыйаччыта этэ. Күҥҥэ хайаан да хаста да сымыйалаан тэйэрэ. Сымыйалаабатаҕына иһэ ыалдьар быһыылааҕа.
Кини олох солуута суохха Артур Семеновиһы иккитэ-хаста кураанах холуоһатыгар олорпута. Артур Семенович онно улаханнык кыыһырбыта. Көннөрү «Нил Нилович, мин кырдьыгы истиэхпин баҕарабын» диэбитэ. Ол кэнниттэн Нил Нилович үс оҕолоох тулаайах дьахтарга, биһиги тэрилтэбит үлэһитин огдооботугар, мас киллэттэрдим диэн айаҕаламмыта таһы-быһа сымыйа буолан хаалта. Ордугун, ол дьахтар оҕото тымныйан ыалдьыбыт этэ…
Үгүс кэпсэтии буолбатаҕа, Нил Нилович уһуллубутун туһунан бирикээһи аахпыта. Көрдөһүү туһалаабатаҕа. Бу бирикээс төһө да хабыр курдугун иһин, үгүстэргэ, ол иһигэр миэхэ, умнуллубат уруок буолбута. Артур Семеновичка киирэрбэр өрүү ону өйдүүбүн. Бүгүн даҕаны онтон туораабатым.
– Баҕар, биһигини кытта барсыаҥ буолаарай?
– Ханна?
– Куорат таһыгар. Чочур Мыраан тэллэҕэр тиийэрбит буолуо.
– Үчүгэй эбит…
– Үчүгэй буоллаҕына, күнүс 11 чааска биһиэхэ тиийээр. Тугу да атыылаһыма, онно туох эмэ көстүө, – диэтэ.
Куорат таһыгар, Чочур Мырааҥҥа тахсыһар буоллум. Туйаара… Туйаара тахсыһара дуу, тахсыһара буолуо, кини ыҥыттардаҕа дии санаатым.
… Эдэр хатыҥнар аттыларыгар тохтоотубут. Лоһугурас үрүҥ былыттардаах куйаас күн. Туйаара тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах чараас сиидэс былааччыйалаах. Хаһааҥҥытааҕар да тупсубут курдук. Убайын уонна саҥаһын кытта аһы-үөлү бэрийсэр. Субу-субу көрдөөҕү саҥара-саҥара күлэн тойуу саахар курдук үрүҥ тиистэрэ туналыйбахтыыр. Саҥаһа Евгения Федоровна – кыра, хатыҥыр дьахтар. Мичийдэҕинэ, күллэҕинэ уоһун хаҥас кытыытынан олордуллубут көмүс тииһэ туох ханнык иннинэ харахха быраҕыллар. Чуумпу, чуҥкук да диэххэ сөптөөх, хара харахтардаах. Күллэҕинэ, үөрдэҕинэ даҕаны харахтара бэрт кыратык сырдаан ылаллар.
Күүлэйгэ Артур Семенович доҕотторо, куорат ол-бу тэрилтэлэригэр үлэлиир дьон, бааллар. Кинилэртэн ордук бэлиэлэрэ «анаабыт курдук» диэн тыллаах, көөһөрүҥнээбит киһи. Кинини Степан Васильевич диэн ыҥыраллар. Суонун иһин кимнээҕэр да сымсаҕай, тура-олоро охсон хаалсыбакка үлэлиир. Эти үчүгэйдик үөлэр, уоту оттор. Мээчиктээн да тэбиргэтэри сатыыр. Отуу уотугар «тойон» – Мииккэ-Соловей. Кини булчут буолан, сиргэ астанар ас сигилитин бэркэ билэр. Салгын охсорун, буруо эриллэрин учуоттаан күөһү уурар. Үөлүллүбүт эти чох эрэ хаалбытын кэннэ олус сатабыллаахтык, биир тэҥник буһаран ылла. Үөлүллүбүт эт, аныгылыынан шашлык, лаппа минньигэһэ. Тугу барытын сатыыр быраап быһыылааҕа. Биһиги, эдэрдэр, утахпытыгар уу иһэн баран, Чочур Мырааны дабайа, кини чыпчаалыттан киэҥ Туймааданы көрө ыстаммыппыт. Мырааны уун-утары буолбакка, оҕо хатыҥнар сэлэлии үүнэн түспүт дуу, дабайан эрэр дуу сирдэринэн тахсан испиппит. Ортолуу тахсан иһэн Туйаара миэхэ илиитин биэрбитэ. Биир үрдүк соҕус тэхтири тахсыыга Туйаара миигиттэн, мин хатыҥтан тутуһан турбуппут. Хайдах эрэ сир Ийэ барахсан, миигин эҕэрдэлээн, бэйэтин илиитин хатыҥ оҥорон биэрбиккэ дылыта. Ити умнуллубат хартыына өрүү хатылана, эргийэ туруон баҕарабын.
Чочур Мыраан үрдүгэр тиийэн кылгастык, умнуллубаттык уураһан ылбыппыт. Ону күн уонна биһигини сиэтэн таһаарбыт эдэр саас эрэ көрбүттэрэ.
Мииккэ-Соловей кими барытын куотан тахсыбыта. Кини чэнчис муҥутаан ас да астааһыныгар, хайаны да дабайыытыгар, бэйэтигэр олус үчүгэйдик сытар, сырдык көбүркүөт көстүүмүн ханан да өҕүлүннэрбэтэх этэ.
– Билигин Соловей күөрэгэйдиин күрэхтэһиэхтэрэ, – диэбитэ ким эрэ.
– Эйигин тоҕо Соловей диэбиттэрэй? Баҕар, кырдьык, ыллыырыҥ буолуо, – диэбитэ Туйаара.
– Иккини икки төгүл ылбыт курдук дьэҥкэ. Олус дьэҥкэ, тоҕо «Соловей» диэбиттэрин сэрэйбэккин дуо, мин Слободчиковпын ээ… Бүттэҕэ ити, – Мииккэ кыайбыт киһилии икки илиитин нэлэс гыннаран кэбистэ.
Мээчиктии, туорааҕынан бырахса оонньуу сырыттахпытына, оҕонньотторбут бу мэҥилэстэһэн, тыын быһаҕаһынан тыынан таҕыстылар. Бастакынан Степан Васильевич чыпчаалы булла. Бэйэтин толуу этигэр-хааныгар эбии улахан суумка соһуулаах. Атын суумканы Артур Семенович чөмөөрүччү туппут. Биһиги суоппарбыт Алеша солуурдаах чэйин умнубатах. Эрдэ тахсыбыт дьон, биһиги, дьоннорбутун тоһуйан ыллыбыт. Көр-нар эмиэ күөдьүйэ түстэ. Хайа саамай салгыннаах миэстэтигэр саҥа остуол тардылынна.
– Бу миэстэҕэ биһиэхэ көскө кэлэн олорбут революционердар көҕүлээһиннэринэн, тэрийиилэринэн 1918 сыллаахха ыам ыйын 2 күнүгэр маевка буолбута. Онно күөдьүтүллүбүт уот көлүөнэттэн көлүөнэҕэ өрүү бэриллэ турарын туһугар бу үрүүмкэни көтөҕүөҕуҥ, – диэбитэ Артур Семенович.
Бары сүһүөхпүтүгэр туран ким арыгыны, ким ууну иһэн кэбиспиппит. Көр-нар, кэпсэтии, оонньуу тэнийдэ. Ол саҕана бу күнтэн ордук үчүгэйдик атаарбыт күнүм суох быһыылааҕа. Туйааралыын куоракка киирбиппит. Суол устатын тухары олох, кэлэр кэскил туһунан төһө өйбүт, сүрэхпит кыайарынан төлкөлүү, түстүү испиппит. Туйаара дьон олоҕун уһатар, дьоҥҥо үтүөнү эрэ саныыр врач буола, Москваҕа үөрэнэ барарга быһаарыммыт этэ. Убайа Артур Семенович сөбүлүүр, ыытарга бэлэм үһү. Онон икки аҥы арахсарбыт улам чугаһаан иһэрэ. Ону билбэт, онно кыһаммат курдук туттарбыт.
Куорат чугаһаабытын кэннэ, ийэбитигэр-аҕабытыгар чугаһаан, киирэн эрэр дьон курдук хаамсыыбытын бытаардыбыппыт, дөрүн-дөрүн кэпсэтэ-кэпсэтэ чаастатык уураһар этибит. Өр да өр сылдьан баран дьиэ дьиэбитигэр барбыппыт.
Сотору Туйаараны убайа Артур Семенович, саҥаһа Евгения Федоровна буолан үһүөн үөрэххэ атаарбыппыт. Төһө да үөрдэрбин-көттөрбүн, туту эрэ сүтэрэн, мүччү тутан эрэр курдугум. Туйаара барбытын кэннэ, тугу да оҥоруохпун булбат, хорооно суох кутуйах курдук тура хааман хаалтым. Бастакы, иккис, үһүс… суруктара кэлбитэ. Онон эрэ дьоллонон, онон эрэ үөрэн олорбутум. Ол курдук истиҥник, чугастык Туйаараны дууһабар туппутум.
Күн-дьыл кими да күүппэт. Улгумнук, күлүмэхтик көтөн иһэр. Туйаара сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар кэлбэтэҕэ. Миэхэ да Москваҕа тиийии турар хайаны дабайардааҕар ыарахан курдуга. Иккис сылбытыгар сурук аҕыйаабыта. Ордук элбэхтик, күнү-дьылы күүппэккэ, мин суруйар этим. Онно биирдэ, кыһыыбын-абабын кыайан туттуммакка, бу курдук суруйбуппун өйдүүбүн. «Туйаара, эн миигин, ыраах хаалбыт экспедитор муҥнааҕы, тоҕо бачча эрэйдиигин… Ама, аҕыйах тылы суруйар солоҥ суох дуу? Баҕар, буолуо… Киэһэ ахсын тапталлааххыныын Москва сулуһун ааҕан эрдэҕиҥ…» Ол сурук кэнниттэн Туйаара бу курдук хардарбыта: «Кырдьык, Москва – кэрэ куорат. Кини сулуһун ааҕар киһи толору дьоллонуо этэ. Күнүүлүү, онон бэйэҥ дууһаҕын сыппах быһаҕынан аала олорбокко, манна, Москваҕа кэлэ сырыт. Москва көй уотун, эн этэр сулустаргын иккиэн ааҕыа этибит. Бииргэ үөрэнэр доҕотторбун кытта билсиэҥ, бэртээхэй дьон…» Бу өйдөөх, ис киирбэх суруктан «бэртээхэй дьон» диэн тыл миигин сирдиргэппитэ, эрэммэт-итэҕэйбэт куһаҕан, чиччик санаа өһө сатыы-сатыы күөдьүйэр уотугар арыыны кутан биэрбитэ. Үһүс сылыгар хайдах эрэ миигин таптаабат, итэҕэйбэт, көннөрү аһынар суруктар кэлитэлиир буолтара. Таптыыр кыыһым иннигэр, төһө да үөрэҕэ суох буолларбын, аччаан-куччаан көстүөхпүн баҕарбатаҕым уонна кимтэн эрэ (киһини холбуур даҕаны, киһини араарар даҕаны уһун тыл, этэрбэс араадьыйата күүстээх буоллаҕа үһү) Туйаара уоллааҕын истибитим.
Ол дьиҥэ маннык эбит этэ. Туйаараны, элэккэй, сайаҕас үчүгэйкээн кыысчааны, Бүлүү уола Иван Никитин көрөөт да таптаабыт. Ону Туйаара «уоллаахпын» диэн бүтэһик курска дылы буолумматах. Өрүү тэйэ, миигин эрэ саныы сылдьыбыт. Ону баара мин араас кэпсээни истэ-истэ тэһииркээн, хоту түһэн хаалбытым…
Ити кэмҥэ, мин акаары санаабар, Артур Семенович, тоҥуй, ыарахан, миигин кытта кэпсэппэт буолан хаалбыта. Үлэлиир сирим кыараабыта, ону ааһан дууһабын баттыырга дылыта.
– Доҕоор, Витя, мин көрдөхпүнэ, эн оччо доруобайыҥ суох, – диэбитэ Артур Семенович биирдэ миигин ыҥыран киллэрэн баран. Барытын көрө-билэ сылдьар эбит дии санаабытым уонна хадаар соҕустук:
– Оҕустааҕар доруобайбын, – диэн хардарбытым.
– Доруобуйа – дьол. Доруобай буоллаххына, тугу баҕарар кыайыаҥ. Эн оҕо буолбатаххын, эр киһигин. Олоххо, тапталга кыайан өйдөспөт түгэннэр баар буолааччылар. Ол туохтан үөскээбитин, кырдьыгын-сымыйатын үөрэтиэххэ, быһаарыахха. Дьиҥнээх тапталы куттаан буолбакка, үлэлээн, туруулаһан, охсуһан ситиһиэҥ. Москваҕа барыаххын баҕараҕын дуо? Бар. Ыытабын…
Мин туту да хоруйдаабакка тахсыбытым. Күлүү гынар, элэктиир дии санаабытым. Хотугу киһини көрсөн, онтон истэн балыктыы, хоту олохсуйа барарга быһаарыммытым. Ити курдук чэпчэкитик, киниттэн (Туйаараттан) эрэ ыраах буолар туһугар, этэн аһарбыт сирбэр, хоту барбытым. Хоту тиийэн баран ырааппатахпын, ордук чугаһаабыппын түргэнник өйдөөбүтүм.
5
Хоту сиргэ кэлээт даҕаны Бэгий Кумаҕа диэн дэриэбинэттэн балтараа көстөөх сиргэ түбэспитим. Балыксыттар, биһиги, бэһиэ этибит. Ону таһынан хотугу ыкка маарыннаабат, иэгэдьийбит, кумах устун аат харата сүүрэн ибигириир Күстэх диэн ааттаах ыттаахпыт. Биригэдьиирбит Наум Иванович Голиков диэн хотугу киһи. Хотугу киһи көнөтө – олус көнө. Түөрэккэйэ хаһан да бүппэт сарсыҥҥылаах. Сарсыҥҥы күнү кытта сылдьар. Эппит тылын толорбот, туой уларытан күн-дьыл быһа сииригэр хаалларан иһэр. Маҥнай утаа миэхэ барыта сонун этэ. Балыксыт хопто кылана-кылана аа-дьуо эйигин батыһан, хал буолбут, сүрэҕэлдьээбит балыксыты үтүктэн нэлбиҥнии көтөр. Муҥха кылыгар иилистибит үрүҥ балык, ийэҕэ биллигириир чыыр, муксуун эйигин эрдитэр, дэлэй былас санаалыыр курдуктара. Киэһэттэн киэһэ балык ылар катер кэлэрэ. Биһиги бары катеры күүтэрбит. Ол икки суол биричиинэлээҕэ. Бастакыта, бултаабыт аспытын (хотугу дьон балыгын ас диэн ааттыыллар) сытыппакка, ымыппакка туттарыы. Иккиһэ, хаһыат, аһыыр астааҕар да, таҥнар таҥастааҕар да наадалаах хаһыат этэ. Кэлбит хаһыаты иннилэри-кэннилэри бүүс-бүтүннүүтүн илдьирийиэр диэри ааҕарбыт.
Балыксыт сайыны өрүсүһэр. Хотугу сайын уур-дьаар гыннаххына, түргэнник ааһа охсон хаалар. Ол иһин сарыалтан сарыалга сылдьабыт. Кумаҕы сойута таарыйа күнүс уһуннук чэйдиибит, сынньанабыт.
Нэдиэлэ ахсын биирдии киһи катеры кытта дэриэбинэҕэ барар. Килиэп, саахар, чэй, арыы, эт, мокуруон онтон да атын аһыыр аһы аҕалар. Мин хоту сиргэ кэлиэхпиттэн көрөр, ас маҕаһыыныгар атыыһыттыыр олохтоох кыыһы, Зояны, кытта билсибитим. Уочаратым кэлэн ас ыла киирдэхпинэ көрсүһэрбит. Киһини тардара кини харахтара этэ. Ыйаастыгас, дьикти ыраас хара харахтааҕа. Эмискэ көрдөххө туундара маҥан табатыгар маарынныыра. Олох биир дьүрүһэ. Бороҥ диэтэххэ бороҥ буолан, чаҕылхай диэтэххэ чаҕылхай буолан, быһатын ыллахха, хайдах саныыргынан, сыһыаннаһаргынан баран иһэрэ.
Наум Иванович туундара мааны киһитигэр киирсэрэ. Үгүс тыла суох, испэт, аһаабат киһи. Кини бэйэтин биригээдэтигэр өрүү ыччаты мунньара. Сөбүлээбит киһи Наум идэтин баһылыы, көмүс хатырыктаах күрэҕэр хаалара. Сөбүлээбэтэххинэ – атын үлэҕэ бар. Ону кини тутуһа барбат этэ. Саҥа киһини атыҥырыы көрсүбэтэ. Хаһааҥҥыттан эмэ билэр киһитин курдук кэпсэтэрэ. Мин киниэхэ тиийээт да, ууга сылдьыбыт уопута суох буоламмын кытыы үлэһит буолбутум. Балтараа сүүс миэтэрэлээх муҥха тыа кынатын Коля диэн аҕыс дуу, тоҕус дуу кылаас үөрэхтээх эдэркээн уоллуун соһорбут. Балыксыт хопто туой биһиэхэ иҥээҥниирэ. Кини биһиги бултуйарбытыгар баҕарара. Сибиэһэй кыра балык киниэхэ оннук күндү, оннук таттарыылаах этэ.
Бэгий бары сирдэртэн биир уратылааҕа. Тыа быыстаах туундара манна бүтэрэ. Тиһэх тиит биһиги болохпутуттан чугас, үлэ быһа миинэн аччаабыт-куччаабыт, куурбут-хаппыт киһитигэр маарыннаан токуруйан турара. Ол да буоллар, биһиэхэ кини герой дьоҥҥо туруоруллубут пааматынньык курдук күндүтэ. Кини бэйэтэ да дьиҥнээх герой төрүттэриттэн быһа ыстанан, сулбу ойон киирэн уһуга-көһө суох тайаан, килэдийэн, бара турар киэҥ нэлэмэн туундара саҕаланар сиригэр туран хаалта манан аҕай буолбатах. Мунчаардахпына мин буурҕаҕа булгуруйбатах модун тиити көрөрүм. Кини миэхэ күүс-күдэх биэрэрэ. Ханнык эрэ түгэҥҥэ тиит мин мэтириэтим, мин баҕаран-ымсыыран кэлбит дьылҕам курдук көстөрө. Оччоҕо бииргэ үлэлээбит дьоммун, куораппын ахтарым. Мас дьикти сытын кытта лаах, кырааска сыта муннубар саба биэрэрэ. Дьөгүөр оҕонньор: «Санаабычча бараахтыыгын, бу үлэҥ тугунан куһаҕаный?» – диэбит саҥата иһиллэрэ. Үлэм үчүгэйин ааһан, олус интэриэһинэй, киһи өйүн-санаатын тутар үлэ этэ. Күүспүнэн кэриэтэ кэлиибэр Артур Семенович: «Тыыныҥ таҕыстаҕына, наадыйдаххына суруйаар», – диэбитэ. Итини мин сөбүлүү истибэтэҕим, хаһан да тыыным тахсыа диэбэт быһыылааҕым.
Күһүн балыктан тахсаат даҕаны, үгүс кэпсэтиитэ суох, Зояны кэргэн ылбытым. Туйаараны умна быһыытыйбытым. Олус ыраас ыйаастыгас харах түгэҕэр умсан хаалбыкка айылааҕым. Туундара кыһынын билэ таарыйа кырсалаабытым, балыктаабытым да, булчут дьиҥнээх үөрүүтүнэн үөрбэтэҕим. Кырса мин санаабытым курдук буолбатах, сүрдээх өйдөөх, сүрдээх киитэрэй кыыл быһыылааҕа. Булт үөрдүбэтэҕин иһин, ол сайыныгар миигин олох үөрдүбүтэ. Уол оҕо төрөөбүтэ. Дьолум муҥура суоҕа. Уол оҕону бэлэхтээбит хотугу Зояны таптыах, дьиҥнээхтик таптыах курдугум. Урукку дьоммун Наум Ивановичтааҕы кытта Бэгийим кумаҕар балыктыы баартым кэннэ, кыракый Костя (оҕобун Костя диэн ааттаабытым) тымныйан, ыйа буолан иһэн өлбүтэ. Кэргэмминиин киҥир-хаҥыр кэпсэппиппит. Саҥардыы силис тардан испит олус ньуолдьаҕай, кирсэ, иҥиирэ суох таптал саба быһа ыстаммыта.
Күһүн балыктаан кэлэн бараммын, икки сыллаах уоппускабар диэн ааттаан, дьокуускайдаабытым. Миигин ким да атаарбатаҕа. Төннөрбүн дуу, ханна барарбын дуу бэйэм да билбэт этим. Хотуттан кэллэххэ Дьокуускай улахана, киэҥэ сүрэ. Дьөгүөр оҕонньорум соҕотоҕун олороругар түспүтүм. Мин урукку муҥкук, оҕолуу ыраас дууһалаах Витя буолбатах этим. Хотугу киһи, үптээх-астаах хотугу киһи, буолан эргийбитим. Киэһэ рестораннарга, күнүс пиволаах хабаахтарга сылдьарым. Доҕор-атас да хойдубута. Мин кинилэри курдаттыы билэбин. Манна икки-үс араҥаҕа арахсар дьон ыалдьыттыыллар. Бастакыта, туох да үлэтэ суох наар иһэри эккирэппиттэр, иккиһэ, үлэлиир эрээри, быыһылатан, бэйэлэрин тылларынан «олус сатаан» чыпчылыйыах түгэнэ кэлэн «тэп» гыннаран барар, түгэҕэ суох арыгыһыттар. Маннык дьон төгүрүк суукканы, нэдиэлэни, ыйы, сылы быһа «быыһылаталлар». Эбиллибэттэр да, көҕүрээбэттэр да. Үсүһэ, уоппускаларын ханна да атааралларын булбатах, мин курдук өйө суох иһээччилэр. Бу дьон түргэнник эстэллэр уонна үлэлиир сирдэригэр, дьиэлэригэр-уоттарыгар атахтарынан куоталлар. Ону таһынан манна түбэһиэхчэ дьон эмиэ быһа охсоллор. Ол курдук сылдьан, күнүс, Артур Семеновиһы көрсө түспүтүм. Дьолго оччо итиригэ суоҕум.
– Доҕоор, дорообо! Кэлбитиҥ өр буолбут үһү дии. Дьөгүөр оҕонньортон истибитим. Дьону түргэнник да тамты умнар киһи эбиккин. Холобура, мин эбитим буоллар, кэлээт даҕаны, туох ханнык иннинэ, бииргэ үлэлии сылдьыбыт дьоммор кэлиэм этэ. Кэпсээ, хайдах сылдьаҕын? – диэбитэ кини.
– Үчүгэйдик сылдьабын, – диэбитим мин, тоҕо «үчүгэйдик сылдьабын» диэбиппин бэйэм да билбэккэ эрэ. Баҕар, ол түгэҥҥэ итинтэн ордук чугас тыл көстүбэтэҕэ буолуо.
– Үчүгэй аата үчүгэй. Сарсын күн хайа баҕарар өттүгэр киирэ сылдьаар. Бүгүн бу горкомҥа ыксаан иһэбин. Күүтүөм, – диэн баран уулуссаны туораабыта.
«Күүтүөм» диэн амарах тылы истэн бараммын, уолаттарга көрүлүү баран иһэр санаам уостан, Дьөгүөр оҕонньорго тиийэн, кыра соҕустук арыгы иһэн баран хаһан да өтөрүнэн утуйбатахпын утуйан, сарсыҥҥы сарсыардатыгар биирдэ уһуктубутум. Уһуктаат да, Артур Семеновиһы саныы биэрбитим. Урут киниэхэ тугу да кистээбэккэ, баарынан, кырдьыгынан кэпсиирим. Бүгүн да инньэ гыннахпына, эйиэхэ үчүгэйи эрэ баҕарар киһини хомоппотохпуна сатаныыһы диэн быһаарыммытым.
Артур Семенович мин кэпсээммин, туту да ыйыппакка, үчүгэйдик болҕойон истибитэ. Кини хоту сири миигиннээҕэр ордук билэр быһыылааҕа.
– Доҕоор, дьэ, эн, холобура, төннүмэ. Тугу сүтэрэҕин? – диэн ыйыппыта кини.
– Суох, тугу сүтэриэмий?
– Оччоҕо эн биһиэхэ, урукку үлэҕэр, төнүн. Түптээн үлэлиир, эн курдук идэтин таптыыр киһини булуна иликпит. Кэргэниҥ манна кэлиэ буоллаҕа дии…
Мин «кэргэниҥ» диэн тылтан ходьос гына түстүм. Зоя… Зоя кэлиэ суоҕа. Кинилиин биһиги хайыы үйэ бүтэн турабыт. Кини хотугулуу өһөс. Ону ааһан кини да миигин күүскэ таптаабатах этэ.
– Бука, кэргэним кэлбэтэ буолуо. Биһиги кинилиин бүтэн да турар курдукпут, – диэтим мин.
Артур Семенович саҥардыы туртайан эрэр баттаҕын аа-дьуо имэриммитэ. – Ылар буоллаххытына, хаалабын, – диэн эбэн эппитим.
– Сарсыҥҥыттан кэл. Куораты кэрийэр оччо үтүөнү аҕалыа суоҕа. Ситэ туһамматах уоппускаҕын күһүн дуу, саас дуу булка биэриэхпит. Оҕонньоргор олор. Докумуоҥҥун мин ылыам. Биир дьыалаҕын бэйэн тиһэҕэр тиийэ быһаарыс, – диэтэ.
Онтон ылата олордоҕум… Зоя – хоту. Олохтоох киһиэхэ кэргэн тахсыбыт сурахтааҕа.
Санаам эмиэ эргиллэн кэлэн Артур Семеновичка анньылла түстэ. Өлө сытар… Көрбөт, саҥарбат, истибэт. Аны кини хаһан да көрсүө, кэпсэтиэ суоҕа дии санаатахпына баттаҕым турар, куйахам түрүтэ тыыппахтыыр. Киһи анала, олоҕо олус татым. Үлэлээн-үлэлээн муҥнанан, бүтүн олоҕун уура оҕустаҕа. Артур Семенович биһиги республикабыт Верховнай Советын депутатынан хас да төгүл талыллыбыт, үлэттэн Социалистическай Үлэ Геройа үүнэр буоллаҕына кини буолуо диэбит киһилэрэ. Олоҕун, дьону дьиҥнээх герой киһи хараҕынан көрөр этэ.
Эмискэ мин харахпар чуумпу, өссө курус соҕус Евгения Фөдоровна көстө түстэ. Аһыы кинини олох бүтэрдэҕэ. Дьон сааһыран истэхтэрин аайы бэйэ-бэйэлэрин ордук ытыктаһар, бэйэ-бэйэлэриттэн харыс сири тэйсибэт буолан иһээччилэр. Артур Семенович сүтүүтэ – Евгения Федоровнаҕа дьиҥнээх охсуу. Ону тулуйуохха наада. Аһыыны сатаан аһарар киһи аһарар. Артур Семенович бары аймахтарыттан тоҕо эрэ урутаан, ордук дьэҥкэтик Туйаара көстө түстэ. Урукку Туйаара. Сүүтүк ойуута ойуулаах чараас сиидэс ырбаахы, эдэр хатыҥ. Бары-барыта сырдаан хамсыы-хамсыы сардаҥаран, хараҥара-хараҥара сырдаан барда. Куорат үрдүүргэ, намтыырга дылы гынар. Тиэтэйбит, тиэтэйбэтэх дьон да дьон. Тыл этиэхтээхпин. Евгения Федоровна, Туйаара истэн турдахтарына дуо? Туох диибин? Доҕорум этэ диэхпин, кини директор, депутат, мин боростуой үлэһиппин. Директор да үлэһитин кытта доҕордоһуо суохтаах диэбэппин. Доҕордоһуохтаах. Мин кинини билэбин дуо? Суох. Олох кыратык, салайааччы эрэ буоларын быһыытынан, миигин үлэҕэ өрө тардыбыт үтүөлэринэн. Киһи – уустук, туох да диэбит иһин, иннин ылларбат, аһара өйдөөх харамай. Олоҕун устата бииргэ сылдьан баран, сорох киһиттэн бэрт дуона суоҕу билиэххин сөп. Сорох киһи олоҕун ханнык эрэ чаас иһигэр бэйэтинээҕэр ордук үчүгэйдик билиэҥ. Дьэ, дьиибэ. Ким да суох. Уу чуумпу. Сонордьут мин өйдөммөт быһыыбын-майгыбын кэтии сытар. Ис испиттэн дьоҥҥо-сэргэҕэ баар буола түһүөхпүн баҕардым. Дьиэм кыарыырга, намтыырга дылы гынна. «Кэл таҕыс, миигин кытта көрүлээ, күүгүнээ» диэбиттии, уулусса тыаһа хаһааҥҥытааҕар да чуолкайдык, аптаах курдук кэрэтик иһилиннэ.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.