Электронная библиотека » Николай Босиков » » онлайн чтение - страница 12


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Николай Босиков


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 12 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +
6

Таһырдьа тахсаат да, дьиэм нөҥүө ааныгар олорор оҕонньору, оҕонньору буолуо дуо, биэс уонуттан саҥа тахсан эрэр киһини – Киргиэлэйи көрсө түстүм. Кини күттүөннээх туох да дьарыга суох, арыгылаан күнү барыыр киһи. Ардыгар кэпсэтэр, ардыгар кэпсэппэт. Бүгүн эмиэ кытарыаҕынан кытаран хаалан баран, икки атахтарыгар нэһиилэ уйуттан, буору-сыыһы ортотунан хааман сыылаҥхайдаан иһэр. Маннык дьону көрдөхпүнэ сүрэҕим ыалдьар. Кинилэр да хаһан эрэ өрөйөн-чөрөйөн, таптаан, таптатан сылдьыбыттара буолуо ээ. Ол кэннэ бу ыарыылаахтык охтубуттарыттан дуу, олох ыҥыырын иҥэһэтин сыыһа үктээннэр дуу, оонньуу-көр оҥостубуттара оҕус буолан дуу сырыттахтара. «Уотунан оонньоомо» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.

Артур Семенович арыгыһыттары олох сөбүлээбэт, кинилэри кытта ыаһахтаспат этэ. Мас тостубутун, быа быстыбытын курдук сыһыаннаһара. Кистээн, им-дьим иһэ сылдьар дьон Артур Семеновичка кутуруктарын быһа үктэтэллэрэ, хайдах да кистээбиттэрин иһин кини билэн тэйэрэ. «Үлэлиэххин баҕарар буоллаххына, эйэнэн, бу түктэри быһыыгын бырах. Ол суох буоллаҕына, суолбут тус-туспа» диирэ. Ол түмүгэр биһиги коллективпытыгар биир да дьаарай иһээччи суох. Дьиссипилиинэ лаппа тупсан турар. Иһии суох буоллаҕына, ордук-хоһу тыллаһыы да мөлтүүр. Иһиини кытта бииргэ, сыстыганнаах ыарыы курдук түргэнник, хоп-сип дэлэйэр. Киһи үлэлиир быһыыта-майгыта айгырыыр, сылдьар сириҥ, тыынар салгыныҥ кытта буортуйбукка дылы буолар. Ону билэр киһи быһыытынан Артур Семенович эрдэттэн кыайа туппута.

Биһиги директорбыт фабрикатын эрэ олоҕунан муҥурдаммат, элбэҕи аахпыт, үксү билэр, толкуйдаах-санаалаах киһи этэ. Кини доҕотторо – артистар, суруйааччылар. Кинилэри кытта «эн-мин» диэн доҕордоспутун тас өттүнэн, үлэ сүнньүнэн айымньылаахтык сыһыаннаһара. Ордук чугастык норуот культурата үрдүк буолуутугар улахан суолтаны биэрэрэ.

Литература, искусство сайдарын туһугар күүһүн харыстаабата. Саҥаны тугу да куоттарбакка көрөрө, истэрэ, ааҕара. Ааҕарын тас өттүнэн, сорох иирсээннээх боппуруостарга бэйэтэ кыттыыны ылара.

Литератураны баар-суох баайбыт диэн ааттыыра. Саха бастакы үс суруйааччыларыгар өрө күөдьүйэн тахсыбыт иирсээн ортотугар этэ. Бүтүн көлүөнэ дьону – норуоту бүтүннүүтүн үчүгэйгэ үөрэппит, сырдыкка сирдээбит дьоннорунан кини үс уһулуччулаах саха бастакы суруйааччыларын ааттыыра. Ол иһин кинилэри көмө сатааччылар Артур Семеновиһы сөбүлээбэт этилэр. «Тугу эмэ билэр киһиэхэ дылы» диэн ученайдар бэйэлэрин биир хайысхалаах билиилэринэн өҥнөнөрдүү тыл ыһыкталларын эт кулгаахпынан истибит киһибин. Мин автобуска, эбэтэр киэҥ уулуссаҕа тахсарбар түөрт мэндиэмэннээх таас дьиэ иннинэн тахсабын. Бу уһун көлөдүйбүт дьиэҕэ элбэх киһи олороро. Мин кинилэри киэһэ, сарсыарда элбэхтик көрсөбүн. Сорохторун ааттарынан-суолларынан билэбин. Артур Семенович биир кыр өстөөҕө бэдьэрийэн хаамар кыра уҥуохтаах ученай оҕонньор Митрофан Федосеевич баар. Кини өрүү дьиэ таһыгар дэйгэҥнээччи. Кэлэр-барар киһини сөбүлээбэтэхтии саннын таһынан көрө хаалааччы.

Улахан дьиэ тусаһатын иһигэр киирээт, кинини көрө биэрдим. Уруккутун курдук, иэдэс биэрэн баран, тумна хаампакка утары кэллэ.

– Денисов куһаҕан буолла дуо? Киһи санаабатах үлүгэрэ, – диэн сибигинэйэ былаан ыйытта.

– Оннук.

– Туохха сиэрдээх быһыыный?! Олох оҕо, эдэр киһи ээ.

– Өлүү – эдэргин диэбэтэх.

– Диэбэтэх. Улахан сүтүк. Олох соторутааҕыта кини наҕараадаламмытын истэн, национальнай кадртан үчүгэй киһи үүннэҕэ дии санаабыппыт. Биһиэнэ биһиэнин курдук.

Мин тугу диэхпин, бу кубулҕаттаах оҕонньору тугунан тургутуохпун булбакка, ааһа бараары гыммыппын, кини хайдах эрэ күөйэ көтөн ылла.

– Хаһан таһаараллар? Эһиэхэ ким тойон буолуох курдугуй?

– Харайбакка да сылдьан… – бөтө бэрдэрэн, харан хаалбыт киһи курдук буоллум. Уоскуйан баран: – Саатар таһааран баран кириэһилэтин үллэстээ инилэр, – диэтим.

– Оннук, оннук… Мин ити санаабычча, айахха киирбиччэ… – диэмэхтээтэ.

Мин бу киһини абааһы көрөбүн. Тоҕотун бэйэм билбэппин. Миигин мөхпөтөх да, эппэтэх да киһи. Көрдө көрөөт сөбүлээбэтэҕим. Бүтүннүү үөн хаата сылдьар диэн, кимтэн да киктэриитэ суох быһааран бараммын, күн бүгүнүгэр дылы ону тутуһа сылдьабын. Олох уустук. Киһини хайдах таптаабытынан тутар. Мин кыратык хопко-сипкэ кыттыһа түһэн ылыым. Онтуҥ эмиэ кырдьык аҥаардаах буолааччы. Митрофан Федосеевич саастаах киһи. Саха бастакы коммунистарын, революционердарын кытта үөрэ-дьүөрэ үүнэн тахсыбыт, кинилэри үчүгэйдик билитэлиир. Бииргэ сылдьыбыт, бииргэ үөрэммит Аммосов, Ойуунускай уоттаах, төлөннөөх тылларын истибит киһи. Биһиэхэ номох, үһүйээн буолан иһиллэр саха норуотун уһулуччулаах уолаттарын тутууну, хаайыыны төрдүттэн төбөтүгэр дылы билэр оҕонньор. Кинини дьон ырааһа суох киһи дииллэр. «Дьаданы ыал ынаҕа кэйиик буолар» диэн этэр өс хоһооно. Син ол кэриэтэ кыра омук үүнэн испит үөрэхтээх дьоно бэйэ-бэйэлэрин араҥаччыласпатахтар. Түсүһэн, уокка арыыны кутуһан, донуостаһан биэрбиттэр. Митрофан Федосеевиһы элбэх киһиэхэ донуос суруйбута дииллэр. Бэл, сороҕор сытыы тыллаахтар, бэрт кыранан туһанан, оҕонньор истибэтигэр «Донуос Донуосабыс» диэн хос ааттыыллар. Лиис кумааҕы туох баҕарар хара санааны, түктэри быһыыны, кыыллыйыыны уйарын кэриэтэ, биһигини биэбэйдээн олорор ийэ буор тугу баҕарар: хааны даҕаны, харах уутун даҕаны, үөрүү үлүскэнин даҕаны уйар. Кунан оҕус тарпат ыар аньыылаахтара, саҥа сибэккилээн ситэн эрэр, кир-хох диэни билбэт көлүөнэни кытта олороллор. Кинилэргэ наставник буолаллар, аҕа көлүөнэ албан аатын сүгэн-көтөҕөн иһээччилэр ортолоругар буккуһаллар. Саныахха олус ыарахан.

Артур Семенович саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын иҥэн-тоҥон үөрэтиини, ону сурукка-бичиккэ киллэриини, дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэриини улаханнык өйүүрэ. Үйэлэртэн үйэлэр тухары үөскээн кэлбит духовнай ситиһиибит, баайбыт, кылааппыт – бу тылынан уус-уран айымньы буолар диирэ кини. Олоҥхону суруйан киэҥ ааҕааччыларга тиэрпит суруйааччылары улаханнык ытыктыыра. Күннүк Уурастыырабы, Сергей Васильевы кинилэртэн ойуччу тутара. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо Платон Алексеевич Ойуунускай суруйуутунан нууччалыы тылбаастанан тахсыбытын литература эрэ буолбакка, норуот бүттүүнүн ситиһиитинэн аахпыта. Бу Өлүөнэ өрүс курдук дириҥ түгэхтээх, баай хара тыа курдук киэҥ уораҕайдаах саха норуотун олоҕун олорчутун ыйдаҥардан көрдөрөр сөҕүмэрдээх олоҥхону Гавриил Колесов пластинкаҕа суруттарбытын бииргэ тутан, туох баар доҕотторугар, Саха сиригэр олорор да дьоҥҥо, барыларыгар бэлэхтээбитэ. Ырыаһыттартан Сергей Зверевы сөҕүмэр талааннаах киһи быһыытынан ааҕара. Норуот үөрүүтүнэн үөрэн, туох баар олоҕун, үлэтин ол үөрүү сардаҥатыгар холбуу тутан олорбута. Ол курдук киһи эрэ барыта сатаан олорбот. Бу эмиэ ураты дьоҕуртан, киэҥ дэлэгэй санааттан, күүстээх тапталтан оҥоһуллар суол.

Артур Семенович музейдары тэрийиигэ, музей нөҥүө норуот үлэҕэ-хамнаска, наукаҕа, техникаҕа, литератураҕа, искусствоҕа ситиһиитин сиһилии көрдөрүү оҥоһуллар диэн өрүү бэлиэтиирэ. Төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыра. Саха народнай суруйааччыта Суорун Омоллоон Чөркөөххө тэрийбит музейын көрөн баран, умнулла сыспыт саха былыргы олоҕун үүнэр көлүөнэҕэ кэпсииргэ уонна кинилэр ону өйдүүр буолалларыгар оҕонньор өлбөт-сүппэт кылааты киллэрбит, бу үчүгэй быһыы салҕанан, байытыллан, кэҥэтиллэн бара туруохтааҕын туһунан астынан туран бэлиэтээбитэ, өссө хаһыакка ыстатыйа суруйбута. «Кырдьар сааһыгар саха народнай суруйааччыта суруйуутун сэргэ, тэрийиитинэн, төрөөбүт норуотун олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын, культуратын билиитинэн иккис ситиһиллибэтэх чыпчаалга таҕыста», – диэбит этэ кини онно. Хаһан баҕарар, тэрилтэтин иһигэр ыытар производственнай да мунньаҕар, Артур Семенович сатаан, олус бэркэ ыпсаран-хопсорон ити боппуруостары силимнии тутара, кинилэр олоххо, үлэҕэ суолталарын ырылыччы аһан биэрэрэ. Хас биирдии киһи, онно үлэлээччилэр, онон дьарыктанааччылар эрэ буолбакка, көмөлөһөр иэстээхтэрин сэһэргиир буолара.

Спорду таптыыра. Республикаҕа көҥүл тустуу күөрэйэрин кытта, бу тустууну утумнаахтык сайыннарыыга көмөлөспүт, үлэлэспит. Тустуу бастакы маастардарын тус бэйэтинэн, бырааһынньыктарга түбэһиннэрэн, итиитик эҕэрдэлээбитэ. Кэлин көҥүл тустуу федерациятын чилиэнинэн буолбута. Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов аан дойду ааттаахтарын кытта күөн көрсөр күрэхтэһиилэрин ханнык да бэйэлээх кыра омук үөмэн тиийбэт үрдүк чыпчаалыгар тиийии быһыытынан сыаналаабыта. Кырдьыга, бу уһулуччулаах ситиһии этэ. Саха тустууктара иккис, үһүс миэстэҕэ тигистэхтэринэ мыынар, көп түгэх түһэр дьону өйдөтөргө бэйэтин күүһүн харыстаабата. Тустууктар ситиһиилэрэ, кырдьыга, биһиги республикабыт үйэлэргэ билбэтэх улахан ситиһиитэ буолар. Ханна да биллибэккэ-көстүбэккэ, алаастар икки ардыларыгар, үрэхтэр холбоһо түһэр сирдэригэр бүгэн олорбут, бэйэлэрин баҕа санааларын күүстээх-уохтаах олоҥхо бухатыырдарыгар эрэ иҥэрбит норуот баҕа санаатын туолуута тустууга көстүбүтэ. Биһиги Ньургун Боотурдарбыт, Үрүҥ Уоланнарбыт буолбуттара бу дьарамай, бу кыра уолаттарбыт. Кинилэри кыайар дьон аан дойдуга төрүү иликтэрин, төрүөхтэрэ да суоҕун курдук, кэнэнник, хорсуннук саныыбыт. Ол эмиэ сөп курдук. Куттанарбыт, киһиттэн эрэ кырабыт, мөлтөхпүт диирбит буоллар, итинник чаҕылхай ситиһиилэр баар буолуо суох этилэр. Оҕолорбут, инники кэскиллэрбит, үүнүүлэригэр кинилэр сулус, ыҥыра турар өспөт уот буолаллар. Биирдэ тиийбэтэхтэринэ, иккиһин тиийэргэ син биир тардыһыахтара. Дьулуур онно сирдиир.

Литератураҕа, искусствоҕа, театрга чаҕылхай дьон кэлэн аастылар. Кинилэри үйэтитии боппуруоһа турбат, турбутун да иһин көтүмэх. ССРС народнай артистара Василий Васильевич Местников, Дмитрий Федорович Ходулов суохтар. Кинилэр бэрт кылгастык, кымньыы күлүгүн курдук кэлэн аастылар. Билигин кинилэри норуот умнар кыахтанна. Пааматынньыктар, олохторун, үлэлэрин көрдөрөр киинэ лиэнтэлэр суохтар. Ким да суолта биэрэн устубатах. Эллэй, Күн Дьирибинэ, Семен Данилов – дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөнүллэр үтүөкэн олоҕу олорбут, сырыыны сылдьыбыт поэттар. Билигин саха литературатын үөрэтии оскуолаларга оччо чаҕылхайа суох, кинилэр баай ис хоһоонноох олохторун кыайан кэпсээбэт хаартыскалар эрэ хааллылар. Билигин тыыннаах сылдьар, ол эрээри олох сокуонун быһыытынан кырдьан эрэр дьоннорбут дьылҕалара мантан эмиэ атына, уһулуччута суох буолуох курдук. Бу боппуруоһу Артур Семенович тыыннааҕар киэҥник туруорсан испитэ. Ону салҕааччы, күн-дьыл нөҥүө илдьэ барааччы, сүһүөҕэр туруорааччы көстүөҕэ. Онно эрэниэххэ сөп. Сир биир киһинэн тутайбат. Тостубут мас оннугар саҥа мас үүнэр.

Улахан уулуссаҕа мин уруккуттан билэр, аллар атаспын «булт, тыа» диэн баран муннукка ытаабыт киһини – Мөрүөнү көрүстүм. Кини биһиги сээкэйи сэһэргэһэ-сэһэргэһэ аа-дьуо хаамсан истибит. Кини Артур Семеновиһы билэрэ. Ол иһин туту да ыйыппат. Үтүө дьон киһини үтэн-анньан көрбөккө, эн санааҕын, эн кыһалҕаҕын курдаттыы таайан, үгүс тыла суох, көхсүлэринэн, бүтүн бэйэлэринэн кэпсэтэ иһээччилэр. Мөрүөн оннук киһи. Тыаны, булду үчүгэйдик билэр. Тыа – кини айыллыбыт айылгыта. Биир сыл уоппускабытыгар Уус Маайа оройуонугар олус табыллан, үчүгэйдик бултаан турабыт. Кустаабыппыт, куобахтаабыппыт. Күһүн муҥхаҕа сылдьыбыппыт. Сорох дьон балааккаларын буллаллар эрэ сытан, олорон тахсаллар. Ууга, уокка кыһамматтар. Мөрүөн оннук киһи буолбатах, балаакка түбүгүн олорчутун үлэлэһэр үтүө үгэстээх. Куоракка да олорбутун иһин тыатыттан арахсыбат. Айылҕа харыстабылын обществотын чилиэнэ. Бу обществоҕа Артур Семенович бокуонньук эмиэ баара. Тулалаан турар айылҕаны хаһаайынныы хараҕынан, дириҥ тапталынан көрүү, сыһыаннаһыы ким барытын хаан-уруу дьыалата буоларын ситиһэргэ дьулуһара. Мөрүөн бүгүн даҕаны тапталлаах айылҕатыттан арахсыбакка, кэпсэтиини онно ханньары тардан иһэр.

– «Тээнэ тыатыгар» диэн кинигэни аахтыҥ дуо?

– Суох.

– Булан көрөөр эрэ. Райком секретара суруйбут кинигэтэ. Биһиги булчуттары көҥүл олохтоох, тугу таптаабыттарын бултуу сылдьар дьон курдук саныыбыт. Дьиҥэр, булчуттар олус ыарахан олохтоох дьон. Ас-таҥас кинилэргэ тиийбэт. Ол татым олохторугар инэн-тоҥон киирэрэ, кинилэр үлэлэрин чэпчэтии боппуруоһун табатык туруорсара сүрдээх. Мин олус сөбүлээтим. Бэйэтэ даҕаны үлэлиир үлэтин булду кытта сатаан дьүөрэлиир, бириэмэни мээнэ сүтэрбэт киһи быһыылаах. Боростуойдук, дьиҥнээх ис сүрэҕиттэн суруйар, – диэн Мөрүөн мин ааҕа илик кинигэм авторын аа-дьуо хайҕыы истэ.

– Артур Семенович биһиги тэрилтэбитигэр айылҕаны, кыылы-сүөлү таптааччылар кулууптарын аһар былааннааҕа. Кулуупка Мииккэ-Соловей сэбиэдиссэйдиэхтээх этэ. Мустан былаанныы сылдьыбыппыт. Программата наһаа киэҥ курдуга. Сорох киһи оҕуруот аһын үүннэриэхтээҕэ. Биһиги усулуобуйабытыгар үүнэр оҕуруот аһа барыта баар буолуохтааҕа. Сорох киһи куһу, куруолугу иитиэхтээҕэ. Быһаччы эттэххэ, аата кулууп буолтун иһин, тэрилтэ кэтэх хаһаайыстыбатын курдук буолуохтааҕа. Онон биһиги ырааппакка эрэ куһу, куобаҕы, ол-бу сир аһын бэйэбит тиэргэммититтэн ыла олоруохтаахпыт.

– Үчүгэй да буолуо эбит. Итинник бачыымы сир аайы көтөҕүөххэ баара.

– Биир харчыта суох, общественность күүһүнэн тутар гына былаанныыра. Кэлин хайдах-хайдах эргийэн иһиэ эбитэ буолла.

– Биһиги айылҕаны олох төрдүттэн билбэппит. Кини муҥутуур күүһүн, кини дьиктилээх уйан быһыытын быһааран өйдөөбөппүт. Үгүс түбэлтэҕэ иҥсэҕэ, харам санааҕа салайтаран сиргэ-дойдуга, кыылга-сүөлгэ толоостук быһыыланабыт. Өскөтүн биһиги хас биирдии хамсыыр харамай олоҕун биологиятын үчүгэйдик билэрбит эбитэ буоллар, олох атын өйдөбүлүнэн, олох атын санаанан салайтарыа этибит. Кинилэри үүннэриигэ, дьиэтитиигэ даҕаны, кинилэри суох оҥорууга даҕаны ханнык эрэ кэм-кэрдии баар буолуох тустааҕа…

Өрө күөдьүйэн, санааттан санааны холбоон тэттэн испит сэһэммит эмискэ ах барда. Иккиэн тугу эрэ күүппүт курдук тохтоотубут. Ол, бэйэтин туһугар, адырымнаан, аллара түһэн хаалбыт муора уутугар маарынныыра. Саҥата суох баран испит кыбаарталбытын эргийдибит. Киһи үгүс. Сорох наҕыл, сорох тиэтэйэр. Икки хас сиргэ олох эдэр уолаттар табаахтыы, күлүктэригэр сөрөөн бытыылка төбөтүн тобула туралларын көрөн аһардыбыт. Куораппыт да куорат. Үчүгэйдик аһыыр-сиир, олорон сэһэргэһэр кафелар, атын да көрүҥнээх киһи тохтуу, сынньана түһэр сирдэрэ аҕыйахтар. Ол иһин ыччат олох эдэриттэн дьиэ, олбуор муннугар сөрүөстэр.

– Тыа. Тыа диэхтиибит да, кыһалҕабыт тыатааҕар куоракка элбэх ээ, быһыыта. Ити эдэр оҕолор барахсаттар турдахтарын, – диэн кэбистэ Мөрүөн. Мин тугу да хардарбатым. Хардарыам иһин барыта дьэҥкэ, барыта көстөн турар курдук. Биһиги сотору араҕыстыбыт. Мөрүөн автобуска олордо. Улахан кыһыл автобус миигиттэн аа-дьуо арахсан, тэйдэр тэйэн истэ. Мин төһө да дьэгдьийбит курдугум иһин, санныбар тайаммыт ыар санаа хабалатыттан кыайан тахсыбакка туран хааллым. Эмискэ, чыпчылыйыах түгэнэ, сибилигин аҕай барбыт доҕорум сырдык сэбэрэтэ мин тулабын сырдатарга, ырааһырдарга дылы гынна. Артур Семенович киэҥ да далааһыннаах, үгүс да интэриэстээх, чахчы бэйэтин норуотун киһитэ эбит диир саҥа хатылана турарга дылы буолла. Тугу барытын улаханыттан аччыгыйыгар тиийэ бэйэтин сүрэҕин курдат аһарар, бэйэтин дууһатын чөҥөрөтүгэр тутар үтүөкэннээх киһи мин харахпар көстөр. Кини эппитэ, кини саҥарбыта хатылана, эргийэ турар курдук бу күн анныгар. Ону бу тураммын хат-хат эргитэ санааммын итэҕэйдим. Итэҕэйдим хаһан да төннүбэттик, бигэтик.

Салгыны тоҕо сатарытан ТУ-154 самолет көтөн тахсан, «Москва бу диэки дуо» диэбитинэн сундулуйа турда. Мин эмиэ көттүм. Бары көтөн иһэргэ дылыбыт. Дьиэлэр көтөллөр, уулусса көтөр, болуоссат көтөр, бүтүн куорат көтөр.

Туох да диэбит иһин өлбүттүүн-тыыннаахтыын тохтоло суох айаҥҥа сылдьар курдукпут.

7

Артур Семеновиһы көмөр күн үүннэ. Куорат киин болуоссатыгар тохто сытар күн сардаҥата, үйэбэр аан бастаан миэхэ харах уута буолан көһүннэ. Күн сардаҥа күрүлгэнинэн туохтан да иҥнибэккэ, кимтэн да симиттибэккэ ытыы турда. Ол күрүлгэнтэн тохтор харах уутун Сир ийэ, от-мас иҥэринэргэ дылы. Сир биһигини төрөппүтэ, биэбэйдээбитэ. Кини уутун иһэн, отун-маһын кытта тустан өрө үүнэн тахсыбыппыт. Тиһэх да күммүтүгэр кини илиитин сылааһын, түөһүн төлөнүн билэбит. Киниттэн ордук амарах, киниттэн ордук сылаас дууһалаах, ама, баар үһүө.

Эрдэ туран баран, оччо улахан наадата да суох, куорат устун сырыттым. Хаһыат киоскатыттан Артур Семенович нөкролога тахсыбыт бэҕэһээҥҥи хаһыатын булан ыллым. Ойоҕоһунан соҕус туттан олорор хаартыската баар. Кини миигин сүтэрэн баран көрсүбүт киһилии сылаастык одуулуур. «Командировкаҕыттан кэлэ оҕустуҥ дуо? Киирэ сылдьаар» диэх курдук. Суох буолуон аҕай иннинэ: «Дьиэҕин чугаһатан эрэбит. Кэлээт да киирэ сылдьаар», – диэбитэ. Кырдьык, кини үүт-хайаҕас баарынан туруорсубута ыраатта. Быйыл ылыахтаахпын да, хайа учаастакка, ханнык дьиэҕэ буолара биллибэт. Ол диэн, этэргэ дылы, миэхэ үрдүбэр кырыыһа эрэ баар буоллун.

Орфей Михеич киирэн кэллэ. Кини биһиги тэрилтэбититтэн барыаҕыттан мин боруокпун атыллыы илик этэ. Урут ону-маны аҕалтараары, буллаттараары гыннаҕына сылдьар, «Уолум, мохсоҕолум», диэмэхтиир буолара. Дьүһүнэ-бодото оччо уларыйбатах. Арай киэҥ эрилкэй хараҕа биллэ-биллибэттик кырыыламмыт, бэйэтэ хараара быһыытыйбыт. «Орфей биһигиттэн барыаҕыттан иһэр үһү» диэн ким эрэ эппит тылларын өйдүү түстүм.

– Дорообо, Виктор! Хайа, бара илик эбиккин дуу? – диэтэ Орфей Михеич улаханнык санааҕа-онооҕо ылларбыт киһилии.

– Көрөрүҥ курдук…

– Киһибит баран хаалла дии. Киһи күүппэтэх суола. Эһигиттэн барыахпыттан Артур Семеновиһы көрө иликпин. Дууһам тулуппата. Атаарсарга быһаарынным. Кини миэхэ үчүгэйтэн атыны туту да оҥорботоҕо. Бэйэм үктээн биэрбитим.

– Мин билбэт, билэ да сатаабатах дьыалам. Көмсөр тоҕо сатаммат буолуой?!

– Оннугунан оннук да, сибээһи быһымыахха баара. Саамай ыарахан күммэр доҕордуу илиитин ууммута. Ону мин ыт баара, ыт курдук быһыыламмытым. Саатар истиҥник, киһи киһиэхэ махтанарын курдук, баһыыбалаабакка да ыыттым. Дьон сэтэрии кэлбит диэхтэрэ. Эн туох дии саныыгын, Виктор?

– Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, оччо үтүө киһи сылдьаҕын диэхтэрэ суоҕа.

– Оннук ээ. Тыыннааҕар сылдьыахха баара. Ону ким өлүө диэҕэй?!

– Тустуук Антошка эйигин ыарыылаахтык бырахпыт ээ, бадаҕа… – Орфей Михеиһы дьээбэлиэх санаам киирдэ.

– Куһаҕан да киһигин. Киһи эйэргээн, доҕорум дии санаан киирдэҕинэ, күлэ тоһуйаҕын? – диэн киһим олус хоргуппут куолаһынан хардарда. Кыыһырыытын кыыһырбата эрээри сирэйэ кытаран таҕыста.

– Онтон кы… – диэн иһэн тохтоотум. – Аргыстаһан барыахпыт. Бука киһи элбэх буолара буолуо, – диэн бэйэм алҕаспын билинэн, ыксыы сылдьар киһиэхэ ханан сылаас, сымнаҕас буолаарай диэн хоруйдаатым.

– Оонньуур да кэмнээх, кэрдиилээх, бириэмэлээх… – ситэ саҥарбата. Бэйэтиттэн бэйэтэ тэттэн, кыйыттан иһэр бадахтаах. – Бээ, мин бара турууһубун. Аара биир сиргэ сылдьардаахпын, – диэтэ уларыйбыт, холкутуйбут куолаһынан.

«Мунар биллибэт, бардаҕыҥ» дии санаатым. Тоҕо өһөс, хардааччы буолбуппун бэйэм да билбэппин. Аҕала сатыы-сатыы ньалҕарытары, хас саҥардаҕым ахсын бэйэбин уонна кэпсэтэр киһибин албынныыры төрдүттэн сөбүлээбэппин. Ол кэриэтин кэпсэтээччим суох. Орфей Михеич тахсарын кытта, хайдах тыл этэрбин толкуйдаатым. Туох да тахсыа суоҕун курдук. Барыта хара баламах. Санаа үрдүгэр санаа сүксэ, үтүрүйсэ сылдьар. Биир да киһилии этии оҥоһуллан, сааһыланан тахсыбат. Хайа уонна Туйаара?! Билиҥҥиттэн буккуллубут киһи этэр тылбыттан матарым чуолкай. Тит Иванович туох буолан таҥнары үүрдэрэн кэлэн «тыл этэҕин» диэн ыпса сытыйбыта буолла. Сибилигин бара охсон Тит Ивановиһы булан булгуччу аккаастаныахха наада. Билигин да бириэмэ баар.

Тэрилтэҕэ кими да булбатым. Ким да кэлбэтэх. Бары театрга буоллахтара. Автобуска бардым. Санаабар, өһөөбүт курдук, киһи хайа да күннээҕэр элбээбит уонна миигин үтэргэ, анньарга дылылар. Дьиҥэр, киһи оччо хойуута суоҕа, мин ыксаабычча, ыгылыйбычча эрэ итиирдик санаатым. Тит Ивановиһы театр ааныгар көрүстүм.

– Тит Иванович, туох да диэ, мин тылы кыайан этиэ суохпун.

– Буолар буолтун, бүтэр бүппүтүн кэннэ аккаастана сылдьыма.

– Эппэппин, онон бүтэр.

– Арба, Виктор, эн кылабыыһаҕа этиэхтээххин. Олох аҕыйах тылы. Саҥа дьон бары эн курдук этиэхтэрэ, аккаастаныахтара, тиэрэ түһүөхтэрэ. Ону мин хайдах гынабын.

Этээччи эттэҕинэ эмиэ да сөпкө дылы. Тит Иванович бохуруонаҕа тыл этэр оһуобай талааннаах дьону төрөтүө үһү дуо?! Эмиэ туту да саҥарбатым. Өрүкүйбүт дууһам, мөлтөөбүт долгун кытыыга кэлэн охторунуу, Тит Иванович иннигэр харбыс гына түстэ.

Театр фойетыгар дьон мустан эрэллэрэ. Ханнык эрэ киһи кутун-сүрүн баттыыр, санньылхай музыка иһиллэр. Ол музыканы мин өрүү тулуйбаппын. Аны музыката суох көмүү суох. Онон үгэс буолбут курдук. Им-дьимҥэ, арааһа, туох да киһитэ тулуйуо суоҕа эбитэ буолуо. Музыка дьон дууһаларын хамсааһынын холбуу тутан ылан ыллатар, ытатар бадахтаах. Ол иһин ити санньылхай дорҕоону кытта уҥуохтуун оччуугун. Көмүүгэ кэлэн баран өрөйө-чөрөйө, өрөһөлөнө сылдьар киһини көрсүбэккин.

Бүгүн Артур Семенович доҕотторо, табаарыстара, билэр дьоно мустуохтара дуо? Араас буолуо… Кэлиэхтээх ол дьону таһынан, «дьэ хайдах көмөллөр эбит, кимнээхтэр тыл этэллэр, тугу этэллэр» диэн көрүөхтэрин-истиэхтэрин баҕарбыт, ону оҥорботохторуна олохтон хаалбыт, туох эрэ үчүгэйтэн маппыт курдук сананар дьон үөрэ тоҕуоруһуо, харах-кулҕаах бөҕө буолуо.

Ол дьон быыһыгар Артур Семеновиһы сөбүлээбэт, тыыннааҕар бэрт былдьаһан сүгүн кэпсэппэтэх, киһилии өйдөспөтөх да кэлиэ. Сорохтор үлэлэрин сиэрин ситэрэ, күннэрин өлөрө кэлиэхтэрэ…

Бэркэ чуҥнаан, дьон сирэйин-хараҕын кэтээн, олорчу кулгаах буолан ньыкыччы туттан кини сирэй өстөөхтөрө, тыыннааҕар уолуктаспатах эрэ, мунньах аайы хаарыйсыбыт дьонноро чугуруҥнаһыахтара. Идейнэй өттүнэн өстөөхпүт иһин, физическэй өспүт суоҕа диэхтэрэ. Аһына туттуохтара. Дьиҥинэн идейнэй өс физическэйтэн туох уратылааҕый?! Мин санаабар, төһө да идея буолтун иһин, ол идея кинини араҥаччылыыр физическэй күүһэ – киһитэ суох толору ис хоһоонноох олоҕу олорор кыаҕа суох. Өстөөх киһи ол иһин үөрэр.

Театр фойета уонна саалата дьонунан туолан истэ. Венок үөһэ венок. Киһи барахсан төһөлөөх өҥнөөх, төһөлөөх эгэлгэ кырааскалаах олоҕу олорбута буолуой?! Ол олоҕу бу веноктар толору уустаан-ураннаан, аттара тутан көрдөрбөтөхтөрүн иһин, түмүк-түмүк өттүн сороххо дириҥник, сороххо көтүмэхтик үрдүнэн соҕус өйдөтүөхтэрэ. Веноктар да бука эгэлгэлээх буолуохтара. Быһаччы эттэххэ, сорох венок ньиккирэччи ытыы туруо, ол кэмнэ сорохторо тымныытык, курустук, киһи хараҕар-кулгааҕар баппаттык мичээрдиэхтэрэ. Ону ким да көрүө суоҕа, кумааҕы, эбэтэр тимир дии саныа.

Сотору бочуотунай харабылга туруу саҕаланна. Комиссия үлэһиттэрэ тустаах үлэлэрин толорон киирэллэр-тахсаллар. Тит Иванович тиийэн кэллэ:

– Виктор, 22-48 нүөмэрдээх таһаҕас массыынатыгар олорон кылабыыһаҕа баран кэл. Туттар сэби таһааран сүөкээ. Чаас аҥаарынан төннүөҥ. Чэ, кытаат, – диэтэ.

Утары этэ туруоҥ дуо? Киэҥ Туймаада толоонун устун айанната турдум. Мырааны дабайан, эдэр хатыҥнар анныларыгар хаһыллыбыт иин таһыгар тохтоотум. Күрдьэхтэри, тас мас сабыытын, ханнык эрэ суорҕаны түһэрдим. Иин таһын хатыҥнара, кэккэлии сэлэлээн аллараа толооҥҥо үөрэ-дьүөрэ үктэнэн киирэн иһэр курдук ыраас, сэргэх бэстэр бүгүн баланыйбыкка, хараҥарбыкка дылылар. Лабаа хамсаабат чуумпутугар, хайдах эрэ, туох баардарын ыһыктан, им-дьим турар дьоҥҥо маарынныыллар. Куорат туналы маҥан дьиэлэрэ болоорон көстөллөр. Ол дьиэлэртэн биирдэстэригэр – аччаан-куччаан көстөр театрга Артур Семеновиһы тиһэх суолугар атаараары дьон тоҕуоруһаллар. Тыыннаах анала онуоха.

Иин хараара чөҥөрүйэн, киһини күүтэн, аһаҕас эҥэйэ сытара, эчи сүрүн. Кини биир эрэ киһини буолбакка, бүтүн киһи аймаҕы күүтэр. Итинтэн куоппут, бука, көннөрү дьоҥҥо ахсааннаах буолуо. Арай Юрий Гагарин үйэлэр тухары бу үрдүк мэҥэ халлаан көстүбэт урсунунан көтө сылдьар дьылҕаламмыта. Быһаччы эттэххэ, арыйбыт космоһыгар өлбүтэ. Биһиэхэ, сахаларга, киһи ылынарынан, «ууһут киһи ууга өлөр» диэн этии баарыгар сөп түбэһэр.

Кини да бэйэтин дириҥ далайыгар умустаҕа…

Массыына айанныыр. Ол ахсын суол түүрүллэн, бүппүт олох курдук кылгаан иһэр. Дьиибэ. Бүгүн бу суол ити аһаҕас сытар ииҥҥэ түмүктэниэ буоллаҕа.

Төатрга киһи өссө сүрдэммит, фойеҕа уонна киирэр көрүдүөргэ ыга анньан тураллар. Дьону быыһынан бочуотунай харабылга дьону бэлэмниир сирдэригэр тиийдим.

– Бүттэ. Тугу гына сылдьыбыккыный? – диэн дьоҥҥо хара хаймыылаах кыһыл таҥаһы баайар солоҕо тиксибит, Совмин инструктора Таваров сирэйгэ охсубуттааҕар куһаҕаннык дьаҕырыйда. Билигин правительство киирэр, – диэн эбэн биэрдэ.

Бочуотунай харабылга туран тугу ситиһэбин? Өлбүт, тугу да билбэт буола сытар киһиэхэ тугу чэпчэтэбин? Суох. Бочуотунай харабыл өлбүккэ буолбакка, тыыннаахха ананар. Мин Артур Семенович хоруобун баһыгар дуу, атаҕар дуу туран сыһыаммын чиҥэтиэм, өр үйэлэниэм дии санаабаппын.

Дьону быыһынан таһырдьа таҕыстым. Таваров сирэйэ, «тугу гына сырыттыҥ» диэбит тимири тимиргэ охсордуу тыйыс, «правитөльство киирэр» диэн салаан эрэрдии албын саҥата букатыннаахтык кэлэттэ. Үөхсэн киһи киһини сэттэ сирэйдээх диир эбит буоллаҕына, чыпчылыйыах түгэнэ, биир үүккэ икки сирэй көстө түстэ. Атынын мин саныы барбатым.

Билигин аҕай үөһэттэн, киһи уҥуоҕуттан киирбит массыынам суоппара утары кэллэ.

– Түргэнник ииҥҥэ тахсар үһүбүт… – Хайыы үйэ тиэйбит тимир күрүөтүн ыйан кэбистэ. Олоро түһээт, эмиэ көтүттүбүт. Тугу да түптээн бу диэн толкуйдаабаппын. Уум-саам курдукпун. Урут тоҕо тахсыбатах күрүөнүй? Икки-үс сырыы оҥорон түһэннэр. Кими эрэ мөҕүттэбин. Чопчу кими? Билбэппин. Ити театрга турар дьон бүүс-бүтүннүү буруйдаахтар курдук.

Өр гынан тимир күрүөнү түһэрбэтибит. Кэлбит суолбут наһаа ыраахха дылы.

– Хатыҥ үрэх даачаларынан быһалыах.

– Тиийиэхпит дуо?

– Тиийэн бөҕө буоллаҕа дии… суола үчүгэй, карьер суола…

Биһиги туох да саҥата суох төттөрү элэгэлдьитэн истибит. Өлүү соһуччу кэлэр диэбиккэ дылы, таас асфальт суолга саҥа киирэн тэптэрэн истэхпитинэ массыынабыт куһаҕан үлүгэрдик хардьыгынаат, умуллан хаалла. Артур Семенович эмиэ бу биһиги массыынабыт курдук олох көнө, киэҥ айылгылаах аартыгынан айаннаан иһэн соһуччу охтубута. Тугун баҕас түбэлтэтэй?!

– Бу иэдээни, – диэтэ суоппар.

– Туох буолла?

– Карбюраторбыт көттө…

Тэҥнэһиэм дуо, буор тиэйиилээх массыыналары куоластыы сатаатым да, биир да тохтообот. Мин ыксаабытым кинилэргэ ханан да тиийбэт быһыылаах. Ииҥҥэ төннөөрү гынан баран, ырааҕырҕаатым. Автобус тиһэх тохтобулугар диэри хааман марайдым. Тиэтэйбитим бэрт буолан сири олох хороппоппун. Биир сиргэ битийэ турар курдукпун. Ийэ-хара көлөһүнүм сарт түһэн кэмниэ-кэнэҕэс, дьэ автобуска кэллим…

Театрга ким да суох.

– Илпиттэр. Саатар көрбөккө хаалабын дуо? Суох, көрүөх тустаахпын, – диэн бэйэм бэйэбэр ботугураан баран, киин уулуссаҕа таҕыстым. Олох, быһыы-майгы ханан да уларыйбатаҕын курдук. Таксины тохтото сатыыбын. Наада буолбатахха, такси барыга иллэҥ курдук буолааччы. Кэмниэ-кэнэҕэс, дьэ, биири туттум. Барар сирбин истэн баран, кыккыраччы аккаастаан кэбистэ. Иккис тохтоото. Сүрэх баастаах эрэйдээх мин хара маҥнайгыттан харчынан кииристим. Саарбахтаан баран, уон солкуобайы сулбу тардан таһаарбыппын көрөн сөбүлэстэ. «Олох олорор устата харчы саҕа күүстээх туох да суох» дии санаатым. Айаннаан иһэн күн лаппа киэһэрбитин биллим.

Киһи, массыына бөҕө илдьи тэпсибит сирин ортотугар мааҕыын «чэ, аҕала охсуҥ даа» диирдии чөҥөрүйэ сыппыт иин «сөп буоллум» диирдии томтойбут. Көмө охсубуттар. Дьон мин утары көрсүбүт массыыналарбынан, автобустарынан куоракка киирдэхтэрэ. Сибилигин аҕай аҕалан түһэрбит тимир күрүөбүн туруорбуттар. Вөнок тимир күрүөнү толорбут. Артур Семенович хаартыската миигин сиилиирдии одуулуур. Ким да суох им-дьим, эдэр хатыҥнар эрэ истэ турдахтарына, «барытын бырастыы гын, Артур Семенович, дьалбаарбакка, эн сүбэлиирин курдук, олохпун үлэнэн эрэ киэргэтэ олоруом» диэн андаҕайдым. Андаҕайдым сиринэн, халлаанынан, тыыннаах сылдьар үрдүк оҥоһуубунан. Чочумча тура түһэн бараммын уҥуоҕу эргийдим. Ыраах куорат бачыгыраан олорор. Хопто маҥан дьиэлэр ханна эрэ устарга дылылар. Тоҕо хомолтотой, киһи оҥорбут кырдьаҕас доҕорбун көмүстэҕим бу. Аан бастаан күөҕү, сырдыгы, нарыны араара көрөн дьолломмут, эдэр сааһым тапталын Туйаараны көрсөн, кини улахан аһыытыттан үллэһиннэҕим бу. Кэлэммит иһин туох истиэ, көрүө баарай?! Арай мааҕын буруйдуу, сиилии көрбүт хаартыска «кэбис тохтоо, олоххо маннааҕар буолуох уустуктары көрсүөҥ» диирдии көрөр. Таксига киирдим.

– Куоттаран кэбистиҥ дуо? – таксиһым курустук ыйытта.

– Куоттаран…

– Кимий?

– Денисов.

– Ээ, билэбин-билэбин. Таһааран эрэллэрин көрбүтүм. Ыар сүтүк.

Тугу да кэпсэппэккэ куоракка киирдибит. Дьиэм айаҕар аҕалан түһэрэн баран таксиһым миэхэ уон солкуобайы төттөрү уунна. «Киһи кыһалҕатынан туһанааччым суох» – диир кини. Мин харчытын сиэбигэр уган, үрүт үөһэ баһыыбалаан ыыттым. Күн анныгар чиэһинэй, үчүгэй да дьон бааллар. Маннык үтүө дьонноох сиргэ олорор, үлэлиир да чэпчэки. Ол иһин төһө баҕарар аһыыны, улахан сүтүгү уйабыт. Туох баар дьолбут, эрэлбит сарсын үүнэр саҥа күҥҥэ баар, онно үйэ-саас тухары айаннаан иһэбит.

Элбэх киһи истибэтин курдук кистээн эттэххэ, биһиэхэ атын сиртэн директор кэлбитэ. Сотору буолаат, Тит Иванович солбуйааччытыттан уурайан, атын үлэҕэ барбыта. Олох бэйэтин толору быраабынан кими үтүрүйэн, кими өрөгөйдөтөн көмүөл мууһунуу устан эҥсиллэр. Ол ахсын мин Туйааралыын Өлүөнэ көмүөлүн көрө турарга дылыбыт.

1974 с.

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации