Электронная библиотека » Николай Босиков » » онлайн чтение - страница 8


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Николай Босиков


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 8 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +
7

Күн ортотун саҕана Дьарамньы кэллэ. Күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, өрүс үрдүгэр тото-хана чэйдээтибит уонна Абааһылаах уораан үөһэ өттүгэр бардыбыт. Күн ортото буолан Чаара муҥутаан сытар. Кыракый сиккиэртэн оонньуур уу үрдэ арыт үүт кэрэ сылгы кутуругун кыла буолан субуллаҥныы, арыт оҕо үлтү сынньан ыһан кэбиспит түннүгүн тааһыттан таҥыллыбыт уу курдук оонньуу, айан киһитин сүргэтин-санаатын көтөҕөн, үрүҥ көмүһүнэн дуйдана сытта.

Айанныыр сирбит ыраах. Дьарамньы уһун сирэйэ эбии уһаан, өрүү буоларын курдук иннинэн дьүккүччү соҕус туттан «аллаах атын» салайан биэрэ иһэр. Кини сырдык хараҕар – Чаара долгуна, икки күөх биэрэк, олбу-солбу турар хайалар. Оҕонньор хараҕар бу сир-дойду, хас сырыттаҕын аайы, саҥа буолан көстөр. Ол иһин кини саҥа кинигэни арыйбыттыы «Кыыһын» икки өттүн сирийэн көрө, ааҕа олорор. Хас биирдии таас, бэлиэ мас, үрэхтэр төрдүлэрэ, кыракый ыллыктар – бука бары кини хараҕыттан куоппаттар.

Күн лаппа киэһэриитэ Абааһылаах уорааҥҥа кэллибит. Бу – туруору биэрэк. Өрүс манна түргэнник эргийэ охсор эбит. Ол иһин үрдүк биэрэк хаһыллыбыт. Хас сыл аайы үгүс уу, муус биэрэги хаһан уонча хаамыы сири кудумньулуу охсубут. Ол эргийэ, өрүү буордаах уунан будулуйа турар. Биэрэк чарапчытын үрдүгэр, туора-таары түспүт хойуу мастаах. Ол мастар силистэрэ, аллара киһи уон тарбаҕын адаарыппытыныы, сарбайыахтарынан-сарбайан, эргийэ сытар ууну харбаан ылыахха айылаахтар. Абааһылаах уораан чарапчыта сиҥнэр, ол оннугар саҥа чарапчы хаһыллар эбит.

Айанньыттар, манна кэллэллэр эрэ, өрүс уҥа өттүн тутуһан, бытархай таастаах чычаас биэрэги кыйаллар. Хонор, отууланар сирбитигэр сырдык, хараҥа былдьаһыыта кэллибит.

Үгүс киһи-сүөһү тохтоон отуу оҥостубут бөдөҥ харыйатын төрдүнээҕи ырааһыйаҕа балааккабытын туруордубут. Сыты ылан өрө олоотуу сылдьар Биэлчикпитин тутан баайдыбыт. Уот оттон чэй оргутуннубут.

– Бүгүн хам-бааччы хонуохпут, – диэн Дьарамньы бэйэтин былаанын саҕалаата. Сарсын күн сырдаабытын кэннэ тугун-ханныгын көрүөхпүт. Ити Абааһылаах уораан кудутугар тохтоору гынан баран, дьон сылдьыбытын көрөн ааһа турдум. Ыраах сири кэллибит.

– Төһө буолуо дии саныыгын?

– Нууччаттан уон икки көс.

– Түргэн да эбиппит дии.

– Таһаҕаспыт чэпчэки…

Тыалтан тыа баһа куугунуур. Ханна эрэ, биһиги отуубут алын өттүгэр, өрүс түбэтин уутугар чөркөй саҥаран тыыбыргыыр. Оҕонньор саҥата суох сөҥөн олорбохтоото уонна уотугар төбөтө эрэ умайбыт сонос соҕус маһы сыҕарытан биэрдэ.

* * *

– Ханна тиийдим этэ, – диэтэ кини уонна өйдүү сатыырдыы уотун күлүн уҥа-хаҥас тарыйбахтаата.

Балыыһаҕа уонтан эрэ тахса хонон баран, аҕам үтүөрэн кэлбитэ…

От-мас олоччу хагдарыйан, мааҥы бэйэлээх нуолур солко таҥаһын хастыы тардынан кэбистэ. Кыатаах куруҥун куударалаах үөттэрэ, үчүгэйкээн бэйэлээх дьылыгырас талахтара дьүдьэх оҕо баттаҕын курдук арбаһан көһүннүлэр. Сарсыарда тураат, таһырдьа таҕыстахпына сыгынньах атахпын хаар хаһыҥ салыыр, нэлэкэй түөспүнэн тымныы кутуллар. Тоҥолоҕо, ньилбэгэ биир да суох буолан хаалбыт ыстааным, ырбаахым туомнара сылааһы туппаттар.

Алааспыт барахсан кэбиһиилээх отунан кэлбити-барбыты эҕэрдэлээтэ. Ыаллар ахсын кылааттаах бурдук дэлэйдэ. Ордук Сокур кылааттара улахан. Сүрүн үлэ үмүрүйэн аҕам куобахха сохсо туруорда, туһах ииттэ. Миигин чугас Кыатаах куруҥун кэтэҕэр баар сохсотугар, туһаҕар илдьэ тахсар үгэстээҕэ. Ол да миэхэ ураты күндү, үөрүүлээх этэ. Куобахха тахсыспат күммэр ийэбэр түүтэхтээх сиэмэни куоластаһан көмөлөһөр буоларым. Оо, онтон ордук абааһы көрөр, сүрэҕэлдьиир үлэм суоҕа. Сокурдар уолларын, Чоҥойдор кыыстарын эрэ кытта оонньоомоору ити бириинчик үлэни ылынарым.

Түргэнник муус тоҥон, хаар түһэн барбыта. Саҥа торбос сон, ыстаан кэттим, бороҥ куобах сылаас бэргэһэлэнним. Өлөҥнөөххө сүүрэн киирэн күнү быһа хатыыскалыы оонньуубун. Ийэм ону оччо утарбат этэ.

– Бачча киһи, ийэҕэр көмөлөспөккө, тоҕо наһаа дьэллигирэҕин? – диэн хаа-дьаа аҕам сэмэлиирэ.

Биир киэһэ аҕам муҥхаттан кэлэрин күүтэ таарыйа, ийэм мин үлэ оҥостон күөлгэ киирэн оонньуурум иһин, «Түөтэкээн эмээхсин» диэн остуоруйаны кэпсээбитэ. Ол кылгас, киһи күлүөн эрэ курдук остуоруйа этэ. Ол эрээри кини иһигэр киһини тардар туох эрэ дьикти күүс баара. Бука, онтон да эбитэ буолуо, ол остуоруйаны мин күн бүгүнүгэр диэри үчүгэйдик өйдүүбүн. Мууска хатыыскалыы оонньуу сылдьан, тиэрэ баран түһэ сытан Түөтэкээн эрэйдээҕи үтүктэн кэбилэнэрим. Оо, дьэ сүрэ бэрдэ… Ол муҥнаах курдук: «Күн-күн… тыал-тыал… Былыт-былыт… Хайа-хайа… Бэркин дуо?» – диэн бэлэстэтэрим уонна бэйэм тута эппиэттии охсорум. Дьэ ити дьаабылана сытан киһи бэрдигэр, киһи муударайыгар тиийдэхпинэ тута ах барарым. Киһи күүһэ миигин туруору тардан ылара, туохха эрэ угуйара… Хатыыскалыыртан салҕа охсорум.

Биир киэһэ аһаары, куруҥ куобаҕын сиэри, олордохпутуна Сокур киирбитэ. Кини урут сылдьыбат буолара. Туох эмэ наадаланнаҕына даҕаны дьиэ таһынан сылдьан быһаарынара. Бу киэһэ киирбитин мин дьиктиргии, тоҕо эрэ абааһы көрө санаабытым. Кини мин санаабын таайбыт курдук:

– Биир ыырдаах-тиэргэннээх дьон сылдьыспаттара куһаҕана бэрдин иһин, соруйан аһыы-сии, кэпсэтиһэ киирдим. Бу мэник уолтан тахсыбыт быһыыны умуннугут, миигин абааһы көрбөт инигит? – диэтэ.

– Тыый, туох диэтэҥий, Хабырыыс! Олоххо эҥин араас баар буолар куолута. – Аҕам умуллан хаалбыт хамсатын өссө күүскэ соппойбохтоото. Мин аҕабын Сокур диэки буолан эрэр диэн испэр сэмэлии санаатым.

– Дьэ ити өйдөөх, ону-маны ыйдаҥырдар киһи тыла. Көр эрэ, Сэргэй, биһиги төрүппүт Нойукаан оҕонньор сүрдээх өйдөөх, былыргы киһиэхэ сытыы-хотуу да киһи эбитэ үһү.

– Инньэ дииллэр… Киһиэхэ тэҥэ суох киһи курдук кэпсииллэр.

– Ыы… Биһиги эрэйдээхтэр киниэхэ холуйдахха сытар ынаҕы туруорбат, сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй дьоллоохтор буоллахпыт дии… – Сокур тугу эрэ ситэ эппэккэ тохтоон табах уматынна.

– Бу күннэргэ ханна муҥхалыыгыт? – аҕам саҥата суох олоруохтааҕар ыйытта.

– Ойуун Хабыыдьаны тардаары сылдьабыт. Хабыыдьа быйыл сиэтэр сыла. Балыга тупсан, байан турар. Чубуку Баһылай «кыттыһыах, икки муҥханан баһан ылыах» диэбиппин буолбата. Онон дьолуо билиэ дии сылдьабын. Суордаах тумуһаҕыттан арҕаа өттүн, улахан үөһү биирдэ түөрэ бастаран таҕыстахпына, күөх далай көмүс хатырыктааҕыттан көҥөммүтүн билиэ.

– Арҕаа бас ыгыы туонатын?

– Сэргээй, булду-аһы алдьатыам, өбүгэ саҕаттан үгэһи кэһиэм дуо? Ити кыһыыбар, абаккарбычча этэбин.

– Хата, оннук ини.

– Эрдэ турдахха үстэ түһүөххэ баара. Быйыл Хабыыдьа эмис соботун мүччү туппатахпытына, Чубуку ороспуонньук хоппотугар аҕыйаҕын киллэрдэхпитинэ сатанар. Эн бу күннэргэ ханна бараҕын?

– Лөкөй Миитэрэйдиин Күтэрдээх көлүкэтин тардаары сылдьабыт.

– Онно туох да, дьүрү чоху да, суох буолан турар.

– Кыраны сиэхпит дии саныыбыт. Биһиги Хабыыдьа курдук бөдөҥ күөлгэ үтүрүһэр хабырыһар кыахпыт суох.

– Бу да киһи тылын. Эйигин ким да холдьохпута суох. Ол Күтэрдээххит чохутун кэлин да баһыаххыт. Өйүүн биһиэхэ бар. Үлэһит киһи наада. Хайа, сиэтэхпитинэ, үчүгэй собо да наада ини?!

– Лөкөйгө үлэһэн турабын.

– Сарсыарда бара да сырыт. Таарыйа ити мин элэмэспин сиэллэрэн уутун тарҕатыаҥ этэ. Этиргээн кыаттарбакка сыддьар.

– Дьэ буоллаҕа… – диэн кэбиһэр сааһыгар-үйэтигэр кими да утарбатах аҕам онуоха. Сокур сөбүлэһиннэрбит киһи быһыытынан дьиэтигэр тахсар.

Түүн үөһэ кэлтэйэрин эрэ кытта муҥхаһыттар Хабыыдьаҕа тиийэллэр. Хабыыдьа икки сүүнэ арыылаах, утарыта көрсөн турар тумуһахтаах, аҥаар өттүгэр хараҥаччы төрүүр, суулла турар буор хайалаах, арҕаа уонна илин үөстээх. Туллайа диэн тимир ууһуттан ураты сааһыгар ким да олорботох сирэ.

Сокур Хабырылла аатырбыт элэмэһин тумус тыаҕа хааллараат, илиитигэр, күөл хомуһун хомуйа тутан ылаат, туона уктээн ыллаҥнаппытынан барда. Икки атаҕынан туора-маары хаһыйа тэбэн кэбиспит сиригэр кырыктаах сытыы анньыылар киирии чардааты алларбытынан бардылар. Ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ хараҥаҕа бэригилдьиһэн көстөр бөдөҥ дьон, ким элээн ойбоннорун тэһэн, ким муҥханы түһэрэр гына бэрийэн үлэлээн-хамсаан сүөдэкэлдьистилэр.

Халлаан саҥа сырдыыта Чубуку Баһылай дьоно сабыс-саҥа илин төбөҕө киирдилэр. Онуоха Сокур, чахчы баһыйбыт киһи быһыытынан, тахсыах буолбут муҥхатын тахсыы чардаатын сүүрдүү-сүүрдүү мичээрдээн кэбистэ. Бастакы туона балыгын, кыһыл хатырыктаах, эргэрбит эрдии салбаҕын курдук лэһигирэс собону, тахсыы чардаат чигдитигэр, «тоҥнун» диэн, тарҕатан кэбистилэр.

Тоҥмут дьоҥҥо куруҥах мас кутаатын санатан, ньалаха былыт кэннигэр күн тахсардыы быһыытыйда. Сокур дьоно иккис туоналарын ортолоон эрдэхтэринэ, киэҥ хачыма сыарҕаҕа олорбут Чубуку Баһылай Хара сүүрүк диэн бэйэтин аакка киирбит атахтаах атыырынан тахсыы чардаат хаарын күрдьэ сылдьар Сокурга типтэрэн кэллэ. Тугу эрэ ордоотоһон кэпсэтиһээт, бэйэ-бэйэлэрин тула хаамсаат, Чубуку кэлбитинээҕэр куду-хады төннө турда.

Хабыыдьа илин төбөтүгэр киирбит муҥхаһыттар Чубуку тиийэрин кытта биир түһүү балыгын үллэстэн, иккиһин түспэккэ, тарҕаһан хааллылар.

Иккис туонаҕа бастакытааҕар элбэх балык кэллэ. Өстөөҕүн өһөрөн, саастааҕын самнаран, Хабыыдьа эбэ хотун эмис соботун бэйэтэ эрэ эмэр, атыылыыр соргута үрдээн, Сокур Хабырылла хаамыылаах-сүүрүүлээх сылдьан дьонун салайар.

Күүтүүлээх ытыы туонаҕа түһэн турдахтарына, мастаах сиргэ баппатах, охсуһуутунан-этиһиитинэн сураҕырбыт аҥаар харах Суодалла Борокуоппайы кытта, Сокур соҕотох оҕото Дьэким ат охторунан айаннатан, аһаабыт дьон быһыытынан ыллаан-туойан кэллилэр. Суодалла обургу кэлээт да, бөрө истээх сонун хоонньуттан бытыылкалаах арыгыны сулбу тардан таһааран Сокур Хабырыллаҕа кутан биэрэр. Түүн үөһүттэн аһаабакка чэҥкинии сылдьар Сокур чэпчии быһыытыйда.

Ыгыы туона тахсара чугаһаабытын кэннэ Чубуку Баһылай муҥхатыгар кэлэ сылдьан баран төннүбүт баайдар-тойоттор, бэйэлэрин кыана туттар хорсун дьон уонча сыарҕалаах атынан тиийэн кэллилэр. Киһи-сүөһү элбээн бырааһынньыкка маарыннаата. Күнү быһа өтүҥэх өтүҥэхтээбит мин аҕам тойоттор хаадьылаһар хатыылаах, хойохтоох тылларын истэ-истэ, эт-этэ аһыллан, «тоҕо эмиэ манна кэлбиппиний» дии санаталаан ылла.

Балык элбэх. Бастакы бэлиэттэн ылата эспитинэн бардылар. Дьон бары тоҥмуттарын, аччыктаабыттарын умнан үлүһүйэн үлэлээтилэр. Боруор буолуута орто киһини курданарынан халыҥнаах уон хаамыы туоралаах, сүүрбэ хаамыы усталаах эһэр балык улахан өрөһөтө томтойон көстүбүтэ. Сокур Хабырылла, бултуйбутуттан үөрэн уонна холуочуйан, икки сыҥааҕа ыпсыбат буола ырбайан баран, кыл хамыйаҕын туора туппутунан үллэрэр быһыынан туран кэбистэ.

– Бастаах-көстөөх дьоҥҥо биэстии күрдьэҕи, сүрүн үлэһиттэргэ: муусчуттарга, өтүҥэхситтэргэ үстүү күрдьэҕи, онтон атын дьоҥҥо иккилиини үллэрэбин. Иһиккитин тоһуйан иһин, – диэн ордоотоото Сокур.

Аҕыйах аҕай бастаах мааны дьон ылбыттарын кэннэ, мин аҕам өлүүтүн ылан дьиэтигэр бара охсоору куулун тоһуйар, онуоха Сокур: «Бу эн Кытыйалаах хайа эмэ киһиэхэ дылы иһиккин урут тоһуйбут буола-буолаҕын», – диэт, аҕам куулун киэр охсор.

Собо бөдөҥүн, эмиһин бастара охсон ылаары өрө үөмэхтэспит, дьон кэннин диэки сыҕарыйан, «дьиэбэр бардахпына сөп буолсу» дии истэҕинэ, Аҥаар харах Суодалла Борокуоппай киэптээн, көҥү анньан тахсыытыгар, күнү быһа мууһурбут ынах этэрбэһэ халтарыйан, аҕам эрэйдээх чардаат диэки барар, ону тутарын оннугар, ким эрэ нэмийэн анньар да, чыпчылыйыах түгэнэ – аҕам чардаакка буола түһэр. Ону Суодалла обургу «Кытыйалаах балыктыы сылдьар» дии-дии алларастыыр.

Онно өлүөх киһини, аҕабын кытта күнү тура үлэлэспит, сааһын үрдүгэр сылдьар, сытыы-хотуу Силип оҕо – Чөҥөй күтүөтэ өрөһүйэн, ыт саҕынньаҕар суулаан аҕалбыт. Туох буолбутун, итии чэй иһэн баран, күүһүн мунньуна-мунньуна, хаста да төхтүрүйэн кэпсээтэ. Ол да гыннар, ким ууга аспытын билбэт. Кини утуйуох курдук гынан баран, сарсыарданан эт-этэ бүтүннүү кутаалаах уот курдук буолан улаханнык ыарытыйда. Ийэм аҕам аттыттан арахпакка олорон тугу билэринэн, сатыырынан эмтээн муҥнанар. Этэ умайан уонна түлэкэдийэн суорҕанын аһан кэбиһэ турарын сабан биэрэр.

Үһүс хонугар, аҕабыт «аттанар» түүнүн күнүһүгэр Сокур Хабырылла, дьиэ таһынан, «аҕаҕыт балыга» диэн куул аҥаара собону быраҕар. Аҕам киэһэ сэргэхсийэн, Хабыыдьа соботун мииниттэн буор сэлиэнэйи иһэр. Ити түүн, халлаан сырдыыта, барбыта, – диэн баран Дьарамньы туран балааккаҕа киирдэ. Оннун көннөрөн, сытан баран кэпсээнин түмүктүүрдүү: – Ийэм онтон уһаабатаҕа. Мин ыал устун барбытым, – диэн кэбистэ.

* * *

Ааспыт күннэр-дьыллар дириҥ дьэбэрэлэригэр, ньүдьү балай хараҥаларыгар тимирэ сыһа-сыһа, Дьарамньы кэпсээнин өйбөр аттара, түүҥҥү тыа бүтэйдии иҥиэттэр тыаһын истэ сыттым. Оҕонньор утуйан мунна тыаһаата.

Үрдүн көрө сыппыт балааккам күөгэлдьийдэр күөгэлдьийэн, түүл дуу, илэ дуу курдук көтөҕүллэн истэ. Ол ахсын мин аар тайҕа сүдү тойугун, арыт тыал тыаһыгар, арыт сэбирдэх сипсиэригэр, арыт бу төрөл мастар сөҥөдүһүүлэригэр истэргэ дылыбын. Ол тойукка мин урут оҕо сылдьан, бу кэлин даҕаны истибэтэх дьикти мелодиям сүрэҕи сүүйэр абылаҥа баар. Кини арыт тимирэн сир аннынан эҥсиллэн киһи этин сааһынан, киһи куйахатын быыһынан хомолто ыар ынчык буолан киирэр. Өрүс чай тааһыгар оонньуур сүүрүк арыт чуораан, арыт тимир сыап, хандалы тыаһыгар маарынныыр. Ол урукку уонна билиҥҥи олох алтыһыыта.

Утуйдум быһыылаах. Мин харахпар от-мас сэбирдэҕин аттаран синньэ дьэрэкээн гына таҥныбыт таҥастаах хотун хаан дьахтар бу аар тайҕа ортотугар, хара кыламаннардаах хараҕын үөһэ көтөхпөккө, саҥа дабыдал аспыт күөрэгэй оҕотун түһэҕэр олордон баран, олоҕун туох баарын түмэн санньылыччы да санньылыччы ыллыыр. Оҕонньор, мин оҕонньорум «Ийэтэ» – айылҕа кута-сүрэ бу олордоҕо дии саныыбын. Кини ырыата сир ынчыгар, тыа тыаһыгар холбоһон кэлэр.

«Сири уһугуннардыннар, дьону сэргэхситтиннэр» диэн бу маанылаах маҥан байбарыын хотун кэрээбэккэ этэр кэҕэлэри, өрөөбөккө үөтэр өтөннөрү, араас куоластаах ырыаһыт чыычаахтары, ол иһигэр көмүстээх күөмэйдээх күөрэгэй барахсаны, сир киэргэлэ буолбут оту-маһы: эр бэрдинии эрэдэһин эттээх-сииннээх хотугу дьэбир тииттэри, арыы наҥнаһын күн күбэй ийэ тыына тыыннаах, силигирэс хойуу сэбирдэхтээх баай хатыҥнары, үөмэр-чүөмэр үктэнэр үҥкүүһүт бэртэрин – талахтары, үс сүүс араас өҥүнэн долгулдьуйа оонньуур хонуу сибэккитин, кинини көрөр-истэр бүөбэйдиир үгүс да үгүс үрүмэччилэри кини бэйэлээх айбыт-дьүһүйбүт эбит.

Сир быйаҥар, кини этиэхтэн кэрэ оһуоругар-ойуутугар киһи-сүөһү аҥардастыы айбардыыр, тупсар-торолуйар эбит. Ону биһиги, сорох-сорохтор, өйдөөбөт, туора тотон, уһаты баран тэпсэр, алдьатар, өлөрөр үһүбүт. Ону харыһыйан, туох баар дьиктитин, кэрэтин араҥаччылаан айылҕа Ийэ ыллаахтыыр. Ол ким сүрэҕэр тиийэн, ким сүрэҕин таба тайаныан киһи билбэт!..

Тыа тыаһыттан, ханнык эрэ ойуур чыычааҕын саҥатыттан уһугуннум. Дьарамньы хайыы үйэ туран, кудуга кыыл көрө киирбит быһыылаах.

8

Турбакка, истибиппин дуу, түһээбиппин дуу өйбөр эргитэ, сарсыардааҥҥы тыа тыаһын, чыычаах саҥатын истэ сыттахпына Дьарамньы кэллэ.

Сарсыардааҥҥы Чаара сөрүүн уутунан сууна-сууна саҥа күнү, киэҥ тайҕаны испэр, ким да истибэт гына, итиитик, олус уустуктук, поэттардыы уруйдаатым.

– Кыыл суох. Биир дуу, икки дуу чөнөкө сылдьар эбит да, ону бултаһар табыллыбат, – диэтэ Дьарамньы хоруо буолбут чаанньыгын анныгар, бэҕэһээҥҥи умайан испит мас тобоҕун мунньан биэрэ-биэрэ.

– Оччоҕо?

– Оччобо, дьэ, Дьөйү төрдүн көрүөхпүтүгэр диэри Кыыспытын өксөйүөхпүт.

– Ыраатыыһыбыт дии?

– Ыраатан. Иркутскай уобаласка киирэбит, – оҕонньор симириччи көрөн, чахчы санаата табылыннаҕына буоларыныы, сэһигирэччи күлэн кэбистэ.

Булт суох буолан түүн кэлгиллэн хоммут Биэлчик босхо барда. Сүүрбэхтээн баран, өрүс үрдүнээҕи тииккэ биир тииҥи таһаарда.

– Көр эрэ, тииккэ тахсар, – диэн Дьарамньы саҥа аллайда. Мин мас ылан Биэлчиккэ көмөлөһө бараары гынным. – Тыытымаҥ. Сырыттын. Быйыл тииҥ, арааһа, тииккэ олороору гыммыт ээ.

– Ону хантан биллиҥ?

– Тииккэ таҕыста дии. Харыйа да, сыалаах да үгүс.

– Түбэһиэхчэ куотта ини.

– Түбэһиэхчэ, – оҕонньор сөбүлээбэтэхтии хатылаата уонна: – Тыа кыыллара хаһан да түбэһиэхчэ сылдьыбаттар, бу биһиги түбэһиэхчэ ону-маны оҥоробут. Ити «дьонуҥ» туһунан сокуоннаах, ол сокуону мээнэ кэспэт дьон. – Оҕонньор тыатын «дьонун» хайҕаан, көнньүөрэн кэллэ. – Кэпсээнтэн-кэпсээн, тииҥи «кыһыҥҥы аһын күһүн хаһаанар» дииллэр. Мин итини эмиэ оччо утарбаппын эрээри, тайҕаҕа өр олорбут киһи быһыытынан манныгы этээри гынабын. Тииҥ сатана, мин санаабар, күннээҕитинэн сылдьар. Киниэхэ ас бэлэмнээччилэр, «хамначчыттар» бааллар. Эн биирдэ эмэ кукаакы сүгүн олорбутун көрбүтүҥ дуо? Суох. Дьэ, интикэйиҥ быһа күөрэҥнээн, түс да таҕыс, таҕыс да түс буолан, туох булбутун барытын мас хатырыгар, мутугар иилэн-тиһэн иһэр. Ол үксэ тэллэй, от төрдө, мас туорааҕа буолар. Иккис «хамначчыта» – оҥоло. Биһиги, булчуттар, туораах баар дьылыгар кини хасааһын элбэхтик тииҥ сиэбитин булааччыбыт. Кини эриэхэни сүрдээх үчүгэйдик ыраас, кураанах муохха көмөр. Ону тииҥ төһө эмэ ырааҕынан ааһан иһэн, сытын ылара эбитэ дуу, айылҕата оннуга дуу, чопчу баран булар.

Мотуорга олорон иһэммин киэҥ тайҕаҕа олус да үгүс суруллубатах сокуоннар, икки атах таба хаампатах өссө да кистэлэҥин аһа илик дьиктилэрэ баалларын саныыбын. Ити үлэһит кукаакы уйатын киһи булбута биллибэт. Сурах бөҕөтүнэн кини уйата олус эмтээх үһү. Ол эми ким туохха, хаһан туһаммыта эмиэ иһиллибэт. Мас көтөрүн сымыытын булан, онон аһаабыт киһи эмиэ суох. Көһүннэҕинэ даҕаны сорго, эстэргэ-быстарга көстөр дииллэр. Ол иһин ону булбут дьон уйаны күн хоту эргийэн баран, кэннилэринэн кэлэн хампы тэпсэллэр. Улахан айан суолунан истэххинэ, иннигинэн оҕолоох улар суолу быһа сапсынан туораатаҕына, ол улуу күтүр суолун кэстэрбэккэ, быһа барбакка төнүн. Итиннэ барытыгар төһөлөөх өй-санаа, төһөлөөх сүдү күүс кистэнэ сытара буолуой?!

Өксөйдөх ахсын Чаара хайалара үрдээн, арҕастара модьураан иһэргэ дылылар. Сөп буола-буола, ол бэйэлээхтэри туорута кэйэн, улахан үрэхтэр, мас аппалар, нуудара сирдэр, силээн үрэхтэр түһэллэр.

Оҕонньор мотуоркатын кытыыга салайда. Кэҥэс сытыары таас биэрэккэ тиийдибит.

– Манна тохтууһубут. Үрэх төрдө биэс-алта биэрэстэ сир хаалла. Онно тиийэн туһа суох, – диэбитинэн өр олорон көһүйбүт атахтарын, мастыы ороон таһааран, чычаас ууга түһэрдэ уонна сүр эрчимнээхтик тура түстэ. – Ырааппакка мотуоркабыт таһыгар хонуохпут. Ити арыы кэннинээҕи түбэҕэ кыыл таптаан турар сирэ. Үгүс айдаана, тыаһа-сыма суох аһаан баран тахсыах.

Оҕонньор хас биирдии тыла – Биэлчик биһиэхэ бирикээс. Онон Биэлчик мотуоркаҕа ыга кэлгилиннэ. Мин аһы бэлэмнээтим.

Ардыгар уулаах, ардыгар лыбыык былаастаах бытархай таастардаах өссө да күөх бөлкөй арыыны эргийэн, дьулугурас талахтар үүммүт аллея курдук сирдэрин устун, иннибитигэр көстөр күөх хотоолго чугаһаатыбыт. Хотоол кытыытыгар мас хойунна. Саатын хаҥас санныгар быраҕан нүксүччү соҕус туттан иһэр Дьарамньы ордук сэрэнэн үктүүр, тохтуу түһэн чуҥнуур буолла. Кыыл киирэр-тахсар, кэрийэр суола үгүс. Аҕыйах ынахтаах ыал дыиэтин таһа да маннык буолбат ини… Ол эрээри биир да кыыл үксү тэпсиэн сөп. Сурах бөҕө этэринэн, биир куобах, биир хонукка, үөр атыыра хаһан кыстыыр сирин сылдьар дииллэр. Тайах да бырдах, күлүмэн саҕана, тоҥон сүүрэр куобахтан туох уратылаах үһү. Маска-окко сигэнэн, сылдьыа да суох сиринэн сылдьан, үктэниэ да суох сиригэр үктэнэн эрдэҕэ.

Буор модьоҕону мүччү түһэрбитин кытта, сирбит бөдөҥ талахтанна. Киһини сототун ортотунан кэһиллэр оттоох бу нүөл сир хайа баҕарар талаҕын кэннэ баай байанайынан тосхойуон сөп. Оҕонньор бөлкөй талахха тохтоото. Тугу эрэ билбит киһилии сэргэх, мэктиэтигэр хас эмэ сылынан эдэр буолбукка дылы илиитинэн талах нөҥүө туох эрэ баарын биллэрдэ. «Карабин сомуогун тыаһатыма» диэн булгуччу буойда. Чочумча турдубут. Туох эрэ талыгырыыр дуу, талыбырыыр дуу тыас иһилиннэ. Дьарамньы саатын ылла уонна «кулгааҕын тыаһатар» диэн уоһун эрэ хамсатан эттэ.

Биһигини олох да билбэтэх улаханнаах кыра тайах алыыны туораан эрэллэр эбит.

* * *

– Бу тайҕаҕа уон биэстээх уол кэлбитим, – диэн баран Дьарамньы түүҥҥү хараҥаҕа биир кэм хара кэлимсэ буолан көстөр киэҥ дуолу, булт үөрүүтүнэн үөрбүт отуу уотун уһун-кылгас тылларын көрүтэлээн кэбистэ. Кини сирэйэ уот хайдах хамсыырынан уһаан-синньээн ылар. Хараҕар булчут үөрүүтэ, олоххо дьолу уонна сору көрбүт киһи мунчаарыыта бааллар. Бу сырыыга миэхэ бу харахтар хайа өрүстэрэ буолан сүүрүгүрэн, аар тайҕа буолан дьиппиэрэн, уһуктаах хайалар буолан өргөстөнөн, көнө наҕыл алаастар буолан сымнаан көһүннүлэр.

– Аҕам «барбытын» кэннэ, ийэм эрэйдээх өлөрүн таайбыт курдук, «оҕом эрэйдээх эн да биһиги бииргэ өр олорбоппут буолуо» диэбитэ уонна «дьон тылын истэр буолаар» диэбитэ. Мин онно эрэ курус гынан баран, ити тыллар дириҥ суолталарын, кэриэс-хомуруос тыллар буолалларын сонно тута өйдөөбөтөҕүм. Ийэм өлбүтүн кэннэ ыалга сылдьан, аан бастаан, ити тыллары өйдөөбүтүм. Төһө сааһыраҕын, олоххо төһө эрэйи көрсөҕүн да дьарҕа курдук, баҕар, «дьарҕа курдук» диир сыыһа да буолуо, сороҕор олус чэпчээн сааскы көтөр кынатын тыаһын кытта бииргэ, сороҕор ыараан, дириҥээн мин олоҕум ыар көмүөлүн кытта хабырыйсан иһиллэн ааһаллар.

Дьоно-сэргэтэ суох, тулаайах хаалан баран, хамнас киһитэ буолан, баайдар тайҕаҕа үүрэр сүөһүлэрин кытта бу сири булбутум. Мин бэйэм сүөһүлэри кытта үүрүллэн иһэрбин билбэт, сүөһү эрэ үүрэр курдук сананарым.

Биһиги ахсыа буолан икки сүүсчэкэ сүөһүнү үүрэн аҕалбыппыт. Баһылыкпыт Аҥаар Харах Суодалла Борокуоппай этэ. Дьонум кэлээт да, миигин, сыгынньах аҥаардаах оҕону, сүөһүгэ быраҕан кэбиһэн баран, бириискэ устун сылдьыбыттара, күүлэйдээбиттэрэ. Иккис дуу, үһүс дуу күннэригэр тойоннорун булан дьэ туттарбыттара. Мин ол да буоллар босхоломмотоҕум. Сүөһү манааччы оҕо буолан, түүнүн түптэм аттыгар титирии, күнүһүн урааннаах уһун сайыны быһа тутан сиэбит, билигин кырдаайы буолан кубулуйбут үөннэрим ортотугар хаалбытым. Бириискэ тойонугар миигин Суодалла Борокуоппай атыылаан кэбиспит этэ. Бууннаан турбуппун мөҕөн-этэн кырбаары гынан уонна «күһүн дойдугар ыытыахпыт» диэн албыннаан хаалларбыттара. Кый ыраах, санаатахпына санаам тиийбэт сиригэр хаалбыт оҕо – мин дойдубун санаан, урукку дьоллоох-көрдөөх олохпун, дьоммун аһыйан ытаан муҥнанарым да, хараҕым уутун, сүрэхпин тырыта тыытар ыарыыны ким да көрбөт этэ. Өрүү тутан миинэн, кини этин сылааһын билэр ньалдьаҕар муостаах кугас оҕуһум эрэ барахсан сыллыыра, миигин кытта бииргэ дойдутун ахтан ытаан муҥнанара. Оҕус барахсан хараҕын уута, мин этирик түөһүм, мин дьүдэх дьүһүнүм ол дойду көмүскэ иирбит, «көмүс» диэн баран умса-төннө түспүт дьонун муус болгуо сүрэхтэрин сыһыппатаҕа. Быһаччы эттэххэ, бу орто дойдуга мин суох курдук этим.

Хаһыҥ түһэн, үөн-көйүүр суох буолан барбыта. Бастакы тымныылар буолбуттара. Маныыр үөр сүөһүбүттэн күн ахсын уончалыыны, сүүрбэччэлиини үүрэн бараллар. Кэмниэ-кэнэҕэс, саамай бүтэһигинэн мин кугас оҕуспун ыллылар. Оҕуһум барахсан, улгум бэйэтэ тугу эрэ билэн, барымаары төбөтүн кыҥнары туттан, хараҕын түөрэ көрөн өсөһө быһыытыйбытын, кымньыынан куһурҕатан, кини туох баар сүөһүлүү көҥүлүн былдьаан, илдьэ турбуттара.

Суос-соҕотох хаалбытым. Бириискэ буордаах, таастаах уулуссаларыгар, өрүү ханна эрэ тиэтэйэр, мин олох да билбэт тылбынан баллыгыраһан, ордоотоһон кэпсэтэр быыллыйбыт таҥастаах рабочайдар уонна оргууй аҕай дайбаҥнаһан хаамар, «бу дойду, бу буор, бу көмүс биһиэнэ» диэбиттии туттар тойоттор, надзирателлэр бааллара. Кинилэр миигин кырыы харахтарынан кынчарыйан да көрбөттөр.

Атыыласпыт киһим, халыҥнаабыт киэҥ ыстааннаах, өрүү хаһыынан эрэ саҥарар, сахалыы билэр нууччам, наадата ааһан, аны мин диэки хайыһан да көрбөт буолла. «Хамнаһыҥ» диэн ким эрэ эргэ таҥаһын кытта, төһөтүн бүгүн да билбэппин, аҕыйах харчы оҕото бэристэ. Ыт оҕотун курдук онно-манна хонон, кимтэн холдьоҕуллан, кимтэн охсуллан дьиҥнээх мытаарыстыбам дьэ саҕаланна.

Өрүү дьон киирэн аһыыр улахан дьиэлэрин таһыттан даҕаны, иһиттэн даҕаны арахсыбаппын. Сороҕор холуочуйбут дьон тобохторун, сороҕор куһаҕан ууну кытта тоҕуллубут аһы булан сиэн өллөнөбүн. Ол курдук сылдьан үксүн боростуой дьон олорор ньиксик сыттаах уһун, киэҥ бараахтарын муннугар киирэн хонобун. Ол сылдьаммын икки саха киһитин көрдүм. Бу барахсаттар уу сахалыы кэпсэтэллэр. Төрөөбүт тыл – өр истибэккэ сырыттахха бу минньигэһин, бу сылааһын. Тугу барытын умнан ол дьоҥҥо ойон тиийдим. «Убайдар, ханна бараҕыт? Миигин илдьэ барыҥ» диэн көрдөспүппүн кулгааҕым эрэ истэн хаалла.

– Дьонум мин кэпсээммин сиһилии истэр дьон буолан биэрдилэр. Биирэ саараҥныыр. Миигин уу сымыйаны кэпсиир ханнык эрэ бириискэ илдьиркэйин курдук саныыр. Биирэ сэҥээрэр, төрөөбүт сирбин, дьоммун-сэргэбин туоһулаһар. Ол да буоллаллар: «Чэ, барыс. Оҕо буол», – диэбэтилэр. Мин да кинилэртэн хаалсыбат киһи буолан биэрдим. Ол күнү супту күлүк курдук батыһа сырыттым. Күнүс, хобдох соҕус эрээри, мин өтөр-наар сии илик минньигэс аспын бэристилэр. Батыһа сылдьан биллэхпинэ элэккэйэ «Сэмэн», көҥөһө «Лөгөнтөй» диэн эбиттэр.

Сэмэннээх Лөгөнтөй сүбэлэһэн миигин тыаҕа, мас кэрдиитигэр, илдьэ тахсар буоллулар.

Нөҥүө күнүгэр бэрт эрдэ туран, бириискэттэн булбут сээк-сээкэйдэрин сүгэн суолга туруннубут. Бу киэҥ тайҕа куобаҕын уоһугар үктэниим, кини ааҕан ситтэрбэт ыллыктарыгар бэйэм суолбун холбооһунум ити күнтэн саҕаламмыта. Мас кэрдээччилэргэ, үгүстүк да буолбатар, олохтоох эбэҥкилэр быһа охсон, сылдьан ааһаллара. Тымныы лаппа түспүтэ. Мин, сыгынньах киһи, таһырдьа да тахсарым аһыылаах буолта. Биир оннук күн хонук маспын үүтээммэр таһа сырыттахпына, сыарҕатыгар Сэмэни олордубут, табалаах киһи көтүтэн кэлбитэ.

Кэлбит киһи эбэҥки этэ.

Дьиэҕэ чэй иһэ олорон, Сэмэн уонна кэлбит киһи миигин көрөллөрүттэн, миигин кытта кэпсэтэ сатыылларыттан, туох эрэ буолан эрэрин, ол миэхэ тугунан туолуйарын билбэтэрбин даҕаны бүтэйдии таайан дьиксинэ, куттана санаабытым.

Эбэҥки аата – Сэппээк. Сүрдээх сытыы сирэйдээх-харахтаах. Сахалыы бэрт имигэстик, өссө истиэхтэн минньигэстик саҥарар.

– Дьарааһын, – диэн саҕалаата бэйэтин этиитин табах тардан, туран-олорон баран Сэмэн бэрт холкутук.  – Бэйэҥ көрөҕүн, биһиги олус кырыымчыктык олоробут. Бириискэттэн сүгэн тахсыбыт аспыт бүтэн эрэр. Бу Сэппээк биһиги доҕорбут, ааттаах булчут киһи. Кини эйигин аччыктатыа, тоҥоруо суоҕа. Өссө дьоҕурдаах буоллаххына булка да үөрэтиэҕэ. Онон киниэхэ уол, доҕор буоларыҥ ордук буолуо.

Мин харахпар куул түгэҕэр хаалбыт бурдук, аҕыйах кырбас эт, мэлдьи санаатын таптарбатах Лөгөнтөй көстүтэлээн кэллилэр. Бу дьон күнү-күннүктээн кэрдэр мастарыгар олох дуона суоҕу төлүүр, баай-талым эрээри, хайдах эрэ ытыһын тоһуйбукка дылы иҥсэлээх бириискэ, кини туохха да харахтара туолбатах тойотторо ыадаҥнастылар. Бачча илдьэ олорбуттарыгар Сэмэннээх Лөгөнтөйгө махтана санаатым. Сэппээк дэбдэгэр имэ, суптугур соҕус сэҥийэтэ, үтүө дууһалаах ыраас харахтара, көрбүт эрэ киһи сөбүлүөн курдук имигэс туттунуута элэҥнэстилэр.

– Сөп, – диэтим чүмэчи уотун саба үрэн эрэрдии, судургутук.

– Уолчаан таҥаһа суох эбит. Тоҥууһу. Мин өйүүн кэлиэм, – диэтэ Сэппээк уонна миигин төһө-хачча эбит диэбиттии сытыы харахтарынан үөһэттэн аллара, аллараттан үөһэ көрбөхтөөн кэбистэ.

Өйүүнүгэр туруортуу Сэппээк бу бурҕачытан кэллэ. «Эбэҥки албын. Хаһан да өйүүнэ буолуо суоҕа» диэн Сэмэни кытта мөккүһэн этэ-тириитэ, тыла-өһө бараммыт Лөгөнтөй «уоту тутан» хаалла.

– Таба аҥаарын аҕаллым. Тахсан ылыҥ, – диэтэ Сэппээк уонна мас кэрдээччилэр куппут сылбырхай чэйдэрин испитинэн барда.

– Улахан баһыыба. Быстан олорор этибит, – диэтэ Сэмэн, Сэппээккэ туох баар табаҕын кутан биэрэ-биэрэ. «Албын» диэн үөхсэ олорбут Лэгэнтэй эт ыла таһырдьа ыстанна.

Мин баспыттан атахпар тиийэ таба уонна сарыы таҥаһы бойбоччу таҥнан эбэҥки эбэҥкинэн буола түстүм.

Дьонум иккиэн тахсан атаардылар. Илиилэрин өрө ууммутунан охсуу дьиэлэрин муннугар туран хаалтара. Мин тыа, тайҕа киһитэ буолар дьылҕаланан, дьоммун көрдө-көрбүтүнэн бу халыҥ сис дириҥ тардыытыгар ньимис гынан хаалбытым.

Сэппээк бу өрүс орто тардыытыгар олороро. Үс кыыс оҕолооҕо. Кэргэнэ Окула олус эйэҕэс, аһатынньаҥ-сиэтинньэҥ дьахтар миигин уолун курдук көрсүбүтэ. Улахан кыыстара Чыркаана мин саастыым этэ. Кини нарына уонна кыраһыабайа. Таҥаһа-саба да онуоха сөптөөҕө.

Саҥа олохпун сотору сөбүлээбитим. Бастаан Сэппээги бэйэтин кытта сылдьан кыра булду бултуурга үөрэммитим. Кэлин наар Чыркааналыын бииргэ сылдьарбыт. Туох баар үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэрбит. Оҕолуу да оонньоон ыларбыт. Мин Сэппээктээххэ кэлиэхпиттэн «Дьарамньы» буолтум. Чыркаана биһигини ол саас уон алтабытыгар холбообуттара.

Ол сааһы мин хаһан да умнубаппын. Тэҥнээх уонна таптыыр доҕордоммутум. Олоххо эрэлим иккиһин эргийбитэ. Ити мин үөрүүм этэ. Ол эрээри ол саас киһи аймахха иэдээни, алдьархайы аҕалбыта. Аҕабыт бириискэҕэ киирэ сылдьан тойоттор үлэһиттэри ытыалаабыттарын, мас кэрдээччилэртэн туох эрэ буун иһин, Сэмэни тутан хаайыыга бырахпыттарын кэпсээн тахсыбыта. Биһиги, тыа дьоно, бириискэни тумна сылдьар буолбуппут.

Үс сыл дьоммутун кытта бииргэ олорбуппут. Оҕоломмотохпут. Мин Сэппээктэн үөрэнэн булка сиппитим-хоппутум. Ытарбынан, тыаны билэрбинэн, кыыл сигилитин-майгытын эндэппэппинэн хайа да бэйэлээх эбэҥкигэ барбат этим. Чыркаанам көнөтө-номоҕоно, асчыта, иистэнньэҥэ, быһаччы эттэххэ, тайҕа дьахтарын биир мааныта буола үүммүтэ.

Дьоммутуттан уон биэс-алта табаны ылан, туспа ыал буола, туспа ыллык тыырына өрүһү аллара түспүппүт. Тииҥ тохтообут үрэҕин булан, онно тохтоон, дьоммутуттан арахтахпыт сыл өлгөмнүк бултуйбуппут. Онуоха эбии мин биир адьырҕаны, икки саһылы бултаабытым. Кыһын бириискэҕэ киирэн булпутун туттаран, доҕорбор ырбаахы таҥаһа, чэй, табах, саа тэрилэ атыыласпыппыт.

Оҕо сылдьан көрбүт бириискэм миэхэ атын өйдөбүлү биэрбитэ. Били буор-сыыс таҥастаах дьэбир-тыйыс дьонум дьоҥҥо эйэҕэс уонна киэҥ-холку санааны иҥэрэр ураты үтүө майгыннаахтара. Олус да дьэҥкэтик буолбатар, бириискэҕэ икки хоноору, баай-тойот уонна үлэһиттэр икки ардыларыгар улуу мөккүөр мөҥүрээн эрэрин өйдөөбүтүм. Мин ол мөккүөрү киэҥ тайҕаҕа көрсө түһэн харсар лөкөйдөр киирсиилэригэр холуйа санаабытым. Биир күүстээх өлөрөн-өһөрөн өрөгөйдүө буоллаҕа дии санаабытым. Ол санаабын кытта бииргэ дьолбун булбут тайҕабар, тыаҕа, дьиэбэр төннөргө тиэтэйбитим. Дьэ, ол курдук биһиги бириискэттэн, быһаччы эттэххэ, икки сыарҕа таба тардарынан аһы-таҥаһы тиэйэн тахсыбыппыт. Саас ити биһиги сылдьан ааспыт Молбобутун булбуппут. Үргүбэтэх кыыллаах-сүөллээх, баай үчүгэй тыалаах дойду этэ. Чыркаана даҕаны, мин даҕаны Молбо барахсаны таптаабыппыт. Тыа дьонун олоҕо биирин иһин, син күннэтэ уратылаах буолар. Хаарга саҥа суолу көрөҕүн, саҥа дорҕоону истэҕин. Ол барыта – эн кимиэхэ да аспатах, тыыннаах, олох тыытылла илик дууһаҕын аһар. Дьоллоохтук күлэҕин, кэрэтик саҥа аллайаҕын. Доҕорум барахсан сааһы кытта тэбис-тэҥҥэ тыллан, төлөһүйэн испитэ. Кини мин ырыаһыттан ырыаһытым, иирэ талах курдук имигэс бэйэлээх үҥкүүһүтүм этэ. Чыркаанабын «Чыычааҕым, Чаарам» эҥин диэн күн эгэлгэ тылынан киэргэтэн ааттыырым. Кырдьыга кини бу күөх дугуйдаах, күлүмнэс бэйэлээх Чаара этэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации