Текст книги "Эн онно хайаан да тиий"
Автор книги: Николай Босиков
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 12 страниц)
СИР САҤАТА
Мин тыаҕа сырыттым. Оо, онно ньургуһун да ньургуһун. «Өҥ дьыл хойуу ньургуһуннаах буолар» диэн кырдьаҕастар сэһэргииллэрин өйдүү түһэн, хаары хайытан тахсыбыт хоһуун ньургуһуннары өҥ бэриэччиттэрин курдук таптыы көрдүм. Эчи, элбэхтэрин! Көрдөҕүм ахсын ньургуһуннар, мин харахпар, бука бары хамсаан, сиэттиһэн иһэргэ дылы буоллулар. Онтон… Онтон дуо, доҕоор, кэбиһиилээх оттор, кылааттаах бурдуктар буолан лөглөрүстүлэр. Онтон үөр сүөһүлэр буолан хаамсан маймаҥнастылар. Түүлэрэ-өҥнөрө ырааһын, синньилэрэ бөдөҥүн! Аны туран сылгылар буолан бөтөрөҥнөстүлэр. Сиэллэрэ-кутуруктара намылыһан уһунуон. Үөскүөх, төлөһүйүөх барахсаттар. Онтон… Онтон дуо, доҕоор, ньургуһуннарым бары муста түһэн, сүбэлэһэргэ дылы гынаат, кини буолан хааллылар.
Тамара уларыйбыт. Сүүтүк ойуута ойуулаах чараас сиидэс ырбаахытын оннугар, ыарахан сыаналаах – ханнык эрэ, өссө мин билбэт таҥаспыттан тигиллибит, киэҥ бэйэлээх ырбаахыны кэппит. Кулгаахтарын чап-чараас эминньэхтэрин тэстэрэн, онно көрүөхтэн кэрэ таастаах ытарҕаламмыт. Уһун кыламаннардаах харахтара сылайбыт, салгыбыт көрүҥнээхтэр. Сандаара сырдыыр, тэбис-тэҥ, кэп-кэчигирэс туналы маҥан тиистэрин быыһыгар, мичик гыннаҕына, хайдах эрэ киһини күлүү гыныахха айылаах кыһыл көмүс тиистэр кыбыллыбыттар. Икки оҕону икки илиитигэр сиэппит. Үһүстэрэ кулун курдук батыһан иһэр. Киһи таптыан курдук барахсаттар. Бэйэтэ модьураабыт, баараҕадыйбыт. Мин соһуйан, үөрэн саҥата суох турабын. Кини уун-утары иһэр. Мичээрдии сатыыр да, ол урукку эдэр эрдэҕинээҕи чэгиэн мичээр көстүбэт. Ханнык эрэ ыал дьахтар тыйыстык, дьэбирдик мичээрдиирин санатар. Сир, халлаан олорчу туманынан бүрүллэн баран, биир чыпчылыйыы түгэнэ дэлби ыстаныах курдук. Ол иһин куттанан чыпчылыйбаппын да… Ол турдахпына эмискэ сир саҥарда.
– Көрдүҥ дуо? Ити кини. Эн, били, өрдөөҕүтэ, су-манна илиититтэн сиэтэн испит Тамараҥ! – диэтэ. Соҕотохто сибилигин мин иннибэр көстө турбут дьикти хартыына сүтэн хаалла. Элбэх да элбэх ньургуһун. Тулам күп-күөх. Күөрэгэй ыллыыр. Мин олордум. Сир оргууй аҕай кэпсээн барда. – Ол саҕана эдэр да этигит. Мин эһигини көрө-көрө үөрэр, бэйэм хаһааҥҥы эмэтээҕи эдэр сааспын саныырым. Көрөбүн дуо, эһиги ити бэс анныгар олорбуккут. Мин ырыабын истибэт этигит. Бэйэҕит сүрэххит тыаһын истиһэ сатыыргыт. Ол олус үчүгэй этэ. Ол эрээри ааспыты аһыйбат баҕайыта. Кинини хат эргитэр, тириэрэр туһугар өрүү сэргэх, эдэр, кыраһыабай буоларга үөрэн. Күн-дьыл тугу ыйыстыбатаҕа баарай, кини кими да харыстаабат, олус сиэмэх. Онно киирэн эрэ биэримэ! Бэйэҥ үктэнэн турар икки атаххар, туппут илиигэр, сүгэ сылдьар төбөҕөр эрэн. Кинилэр эйигин түһэн биэриэхтэрэ суоҕа, өскөтүн сүрэҕин күүстээхтик тэбэр буоллаҕына. «Туруйа доҕорун тоҕус сыл аһыйар» дииллэр. Ити кырдьык. Киһи анала оннук буолбатах. Быйыл үчүгэйдик оттоммут ыраастаммыт ходуһа эһиилигэр өссө тупсан, торолуйан үүнэр. Ону санаа…
Уу-чуумпу. Сир саҥарбат буолла. Бэстэр үрдүктэр да үрдүктэр, халлааҥҥа тахсан анньыллыбыт курдуктар. Мин ону одуулуубун. Харахпар эмиэ үгүс да үгүс ньургуһун үмүөрэн кэллэ. Тоҕо сырдыктарай, ыраастарай! Бука бары сабыс-саҥа сарапааны кэппит эдэркээн кыргыттар курдуктар. Мин ойон турдум. Биир кыыс намчы да намчы тарбаҕын төбөтүттэн тутуһан ыллым. Ып-ыраастык мичээрдиир. Ол ахсын тэби-тэҥ маҥан тиистэрэ сандаара сырдыыллар. Кыргыттар бука бары сүүтүк ойуута ойуулаах чараас сиидэс ырбаахыны кэтэ оҕустулар. Мин кинилэри кытта сири – күөх сири үрдүнэн көттүм. Сир атаҕым анныгар хаһыытыыр:
– Өрүү сэргэх, эдэр, кыраһыабай буол!
1969 с.
ТАЙҔА ТОЙУГА
Атырдьах ыйын бүтүүтэ.
Хас сыл аайы мин дьыл бу кэмигэр уоппуска ылааччыбын. Дьиэбэр, үөрэн-көтөн, биир сыллаах унньуктаах уһун үлэ кэнниттэн, дьэ дьиҥнээхтик сынньанаары кэллим. Кэргэним, мин бүтүн бэйэбин, үөрүүбүн-хомойуубун, кирилиэһи өрө дабайан тахсан иһэр атаҕым тыаһыттан эндэппэккэ билэр киһи, мичээрдии тоһуйда.
– Тиҥилэх тыаһа мааны. Көҥүл оҕото буолан көттүҥ дуу?
– Көтөн.
…Харахпар киэҥ тайҕа. Арҕас арҕастарынан анньыспыт субурҕа хайалар, сүүс сүүстэриттэн өйөспүт сымара таастар, күөх нэлэмэн сири хайа суруйан, солко курдук субуллар өрүстэр көһүннүлэр. Ити уопсай көстүү кырдьан, кытыыта чарчыстыбыт күөхтүҥү харах иһигэр – Дьарамньы хараҕын иһигэр – киирэн хааллылар.
Дьарамньы… Мин доҕорум, мин булчут доҕорум. Токолоох Чаара өрүстэр тардыыларыгар, кини өлгөм бултаах түбэлэригэр, таастарыгар сааһын моҥообут эбэҥкитийбит саха. Уһун олоҕун устатыгар элбэҕи билбит-көрбүт, үгүс эдэр ыччаты булт алыбар ииппит үтүөлээх. Мин Дьарамньылыын доҕордоспутум, сайын ахсын бу курдук үгүс үөрүүлэнэн кэлэр уоппускабын бииргэ атаарар буолтум номнуо уонча сыл буолла.
Профсоюһум быйыл путевка биэрэр, соҕуруу дойдуга барыахтаах, онно тиийэн күҥҥэ, салгыҥҥа эмтэниэхтээх, сынньаныахтаах үһүбүн. Кэргэним эмиэ ону модьуйар. Мин кистиибин. Туох да тутулуга суох, онно оҕонньорбор, Дьарамньыга, көтөбүн.
– Доҕоор, уолгар сонно көрөөр, – диир ас тарда сылдьар кэргэним саҥата.
– Биир эмэ эһэкээн тириитин сүллэхпинэ.
– Быйыл эмиэ ол ыытар сирдэригэр барбаккын дуо?
– Путевка биэриэх буолан, быһаччы эттэххэ, тылларын сэттэтэ минньитэн баран, аккаастаабыттар.
– Ээ, дьэ, муҥнаах киһигин. Хара тыаҕар хаалар баҕайыҥ ини…
– Хата, инньэ диэ. Дьарамньыга «көтөбүн» диэн телеграммалаатым.
– Телеграммалаатым буола-буола… Ол тыаҕа олорор киһиэхэ тугу эмэ атыылаһан барыаххын.
– Онно барыта баар.
Мин ити тылбын кытта бииргэ киэҥ нэлэмэн тайҕа арылла түстэ. Үрдүүк-үрдүк харыйалар, сыалаахтар, үйэлэр тухары будьуруһа үүммүт бэстэр, саха киһитин курдук дьэбир-тыйыс тиит мастар көһүннүлэр. Биир тылынан эттэххэ, олоҥхо дойдута. «Олоҥхо дойдута» диэн тыл тоҕо эрэ өйбүттэн тахсан биэрбэтэ. Олоҥхо – биһиги героическай эпоспыт. Биһиги дойдубут – олоҥхо дойдута. Ол аата биһиги олоҥхо дьонобут, олоҥхо бухатыырдарабыт. Оҕо сылдьан үгүс олоҥхону истибэтэх киһибин. Кыайыы сааһыгар, колхоз дьонун бүтүннүүтүн түмсүүтүгэр, Баһылай оҕонньор сүргэтэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн олорон «Алта күннүк сири атаҕын анныгар аралдьыта үктүүр аттаах Араат Мохсоҕол» диэн олоҥхотун олорчутун истибитим, «Мүлдьү Бөҕөнү», «Ньургун Боотуру» аахпытым. Былыргы эбитэ буоллар, биһиги, сахалар, бары удьуор, төрүт уус олоҥхоһуттар буолуох этибит. Биһиги дойдубут олоҥхо дойдута, олохпут олоҥхо олоҕо, бэйэбит олоҥхо бухатыырдарабыт. Төһөлөөх сүдү кистэлэҥ, төһөлөөх биллибэтэх күүс баарый, биһиги алаастарбытыгар, биһиги тыаларбытыгар, биһиги үрэхтэрбитигэр, өрүстэрбитигэр?! Ол барыта олоҥхо улуу кистэлэҥэ. Ол кистэлэҥи киһи арыйар, уон араас өҥнүүр, кырааскалыыр.
Дьарамньы – булчут. Ууну-тыаны биһигиттэн ордук билэр. Мин билигин саҕалыы олорор тайҕам тойугун, ити олоҥхом уратытын, кини кистэлэҥин курдук көрөбүн. Хас ыллык, хас кыыл быһа охсон ааспыт суола, хайа өрүстэригэр түһэр буурҕалар бэйэлэрэ кэпсиир кэпсээннээхтэр, сэһэргиир сэһэннээхтэр.
Мин онно тиийэбин.
Мин онно кырдьаҕас Дьарамньыны кытта бииргэ сылдьыаҕым.
1
Күөх буруо унааран көстөр. Чаара солко иирэлэрэ синньигэс бииллэригэр диэри, бөөлүүн өрө үтэн кэлбит ууга тураллар. Кинилэр сэбирдэхтэрэ уу үрдүгэр буолан, хайдах эрэ, күөх сиидэс ырбаахыларын тэллэҕин ууттан куоттара арыммыт эдэр, имигэс кыргыттары санаталлар. Уу иэнэ биир кэм мэп-мэндээркэй.
Күөх буруо. Тыа сытын, отуу уотун ахтан истэххэ күөх буруо күндү да буоллаҕа. Буруо тахсар тумулун бөдөҥ мастара өрүһү, бу өрүһүнэн ааһар дьону таҥнары өҥөйөн, төбөлөрүн оройуттан көрө турарга дылылар. Манна туох-ханнык иннинэ биэрэк тааһыгар, күөх оту атырдьахтаан өрө анньан кэбиспит курдук намыһах эрээри модьу бэстэр баай, хойуу лабаалара арбайар. Кинилэр үрдүлэринэн үгүс тыал, хаар мискиирин уйбут, элбэх көмнөҕү түһэрбит үскэл тииттэр. Тииттэр нөҥүө өттүлэригэр, тумул таас таманын батыһа ыстыыктаах сааны сүкпүт хараҥа, дьэбир харыйалар. Мотуорка, тыы тохтуур сирин үрдүгэр оҕонньор үрүҥ аанньала – соҕотох хатыҥ. Хатыҥ тулата – бүтэй кырыстаах ырааһыйа.
Аргыһым миигин биэрэккэ түһэрэн кэбиһээт, ааһан дьурулата турда. Күөх ыллыкка тахсыыбын, сүүһүгэр сөмүйэнэн тэһэ баттаабыт курдук туһахталаах, муҥур кутуругун токуччу тутта сылдьар, оҕонньор баар-суох доҕоро, эрэлэ, дьиэтин харабыла Биэлчик көрүстэ. Үс муннуктаах уоттаах харахтарынан атыҥыраабыттыы көрбөхтөөн баран, аатын истэн, сыппын билэн өрө сырбаҥалыы түстэ. Түөспүттэн тэйэн, сиргэ күөлэһийбэхтээн, тарайбахтаан ылла уонна ыллык устун, ыалдьыт иһэрин этэ охсоору, намыһах охсуу дьиэҕэ тэбиннэ.
– Оо, бу киһи кэлэн Биэлчик үөрбүт эбит дии, – диэбитинэн оҕонньор дьиэтин таһыгар көрүстэ. – Телеграммаҕын тутан баран, истэҕэ диэн сээкэй тэрилбин хомуннум. Балык сиэтээри илим үппүппүн бу Кыыс (оҕонньор Чааратын ити курдук ааттыыр) быһа бычалыйан бөҕүнэн типтэ. Ордугун биир илиммин илдьэ барда.
Киэһэрэн сөрүүкээбит сир уонна хойуу тыа нүөл салгына сабыта биэрэр. Ойуур үрдүнэн саҥа түспүт кырдаайы эргичийэр. Дьарамньы оҕонньор уларыйбатах. Өрүү буоларын курдук, илиитэ иллэҥ буолбат, тугу эрэ оҥоро, бэрийэ, сааһылыы сылдьар.
Дьиэ иһэ барыта уурбут-туппут курдук. Киирээти кытта уон иккилээх аарыма лөкөй муоһугар оҕонньор сэбэ-сэбиргэлэ. Ыалдьыкка аналлаах эһэ баттахтаах олбох. Оһох, дьоҕус остуол. Бэлэм аһы аһаан баран, үгүс кэпсэтиитэ суох, бөөлүүнү быһа сүбэлэспит дьоннуу барарга хомуннубут. Өртөн ылата баар «мин таҥаһым» тэбэниллибит, ыраастаммыт. Саам, ботуруонум, сүгэһэрим барыта орун оннугар.
– Кыыспытын өксөйүөхпүт. Ыраата да түстэхпитинэ көҥүлбүт.
– Ханна тиийиэхпит дии саныыгын? – оҕонньор тыаһы иһиллээбит киһилии тохтуу түһэн оту-маһы көрдө, лаппа арҕаалаабыт күн уҥуоргу таас хайа сирэйигэр түспүтүн одууласпахтаата.
– Ийэбит (оҕонньор айылҕаны «ийэбит» диир) өтөр кыыһырыа суохха дылы… Бүгүн «Нууччаҕа» хонуохпут. Онтон туораан Молбону батыахпыт. «Суол бэйэтэ бэйэтин солонор» дииллэр, баран истэххэ көстүөҕэ.
Биэлчик инники, мин ортоку олорон, Чаараны ортотунан хайа тыырдаран иһэбит. Үөскэ киирдэххэ уу үрдэ томтойон, үчүгэй кутуулаах асфальт суол курдук. Оҕонньор «Вихрь» мотуорун туппутунан өҥкөччү соҕус олорон, сэттэ уон сыллаах олоҕун суола, таптала, дьоло буолбут Кыыһын, Чааратын, икки биэрэгин одуулаһар. Аҥаар өттө күп-күөҕүнэн оргуйар, аҥаар өттө таас хайанан үллэр. Бу көстүү субуруччу бара турбат, сөп буола-буола биэрэктэр, киһи олдьу-солдьу үктэммитинии, көрүҥнэрин атастаһаллар. Онон Чаара барахсан биирдэ көрдөххө күөх солкоҕо суулана, түһүмэх-түһүмэх үрдүк хайаларынан модьоҕолонон сытарга дылы.
Күн киириитэ үтэн киирбит тумуска тохтоотубут.
– Дьэ бу сирин «Нуучча» диэн буолар. Урут эн бэйэҥ да билэриҥ, истэриҥ курдук, бу Кыыс уонна Токо өрүстэр эбэҥкилэр сирдэрэ-дойдулара этэ. Нуучча да саха да суоҕа. Сыл баһыгар-атаҕар, сороҕор нөҥүө да сылыгар бу биһиги билигин сылдьар сирбитинэн үөр табалаахтар быһа охсон ааһаллара. Сурах баар туохтааҕар да түргэн уонна күүстээх сатана. Былыр, өссө Бодойбо көмүһэ арылла илигинэ, биир булчут эбэҥки биир чөнөкөнү (кулааһай кыратын ити курдук ааттыыллар) ытан баран эккирэтэн киирэн бу өрүскэ, Дьөйү диэн үрэх түһэр сирин чугаһыгар өлөрбүт. Эмис уонна сибиэһэй эти сиир – тыа киһитигэр дьол буоллаҕа дии. Эбэҥки чөнөкөтүн сүлээри сылдьан, ыырааҕын быыһыгар туох эрэ кылбайарын көрбүт. Онто көмүс буолан хаалбыт. «Куһаҕан тыын иҥмит, сэттээх-сэлээннээх тааһы үктээбит, бу таас үчүгэйгэ күөрэйбэт» диэн улаханнык куттанан, ол бултаабыт кыылын быраҕан, сиһи быһан, ол эбэҥки Токоҕо түспүтэ үһү. Ол сураҕын ыраахтааҕы истибит. Ол кэннэ бу аарыгырар аар тайҕаҕа, көмүс көрдөтө, дьону ыыппыт. Ол дьон төннүбэтэхтэр. Олортон биирдэстэрэ бу эн биһиги хоноору олорор сирбитигэр баалкы охсунан баран, кыайан бултаан аһаабакка, быстаран өлбүтэ үһү. «Нуучча өлбүт» диэн өр ааттаан баран, кэлин бу сирин көннөрү «Нуучча» эрэ диэн буолбута. Эбэҥкилэр урут манна тохтообот, тумнан ааһар этилэр. Билигин биир да киһи быһа ааспат. Ол да дьээбэлээх. Бу тумус түбэтигэр сугун, хаптаҕас, тэллэй олус үүнэр. Сирэ налыы уонна үчүгэй. Ол да иһин ол нуучча эрэйдээх кэрийэн-кэрийэн кэлэн манна тохтообут, кыстыырга быһаарыммыт эбит.
Тайҕа көрдөххө кэрэтин, баайын-талымын иһин, кинини кытта сатаан кэпсэппэт, кини суругун-бичигин үчүгэйдик сатаан аахпат киһиэхэ олус тыйыс, олус күтүр. Оттон тыа киһитигэр кини хас биирдии төҥүргэһэ – дьиэ, түбэтэ – ампаардаах ас, тааһа – уот.
Дьарамньы ити дьикти кэпсээни кэпсии-кэпсии, уот отто, балаакка туруора оҕуста. Мин уу бастым, киэһээҥҥи аһылыгы бэлэмнээтим.
– Доҕоор, эн, арааһа, бу Кыыс сордоҥун көрө илигин буолуо?
– Сордоҥтон туох уратылааҕый?
– Бөдөҥ уонна туттахпытына көрүөҥ туох уратылааҕын. Бу тумус талаҕы эргийэ бардаххына кыра бэлэс оҕото баар. Уу тыыппат сирэ. Биир илимнэ илдьэн онно туора түһэрэн кэбис. Утуйарбытыгар көрүөхпүт.
Чаастан эрэ ордук кэм устата биһиги илиммитигэр уон икки лиһигирэс сордон иҥнибит. Бэрт эрэйинэн сап курдук эриллибит илими араардыбыт. Дьарамньы саамай улаханнарын ылан, им сырдыгар кыһайан, киэһээҥҥи үөл-дьүөлгэ астаабытынан барда.
– Дьиктитэ бу сылдьар, – сордоҥ үөһүн көрдөрдө.
– Үөс дии, – диэбиппин эрэ истэн хааллым.
– Эн бары сордоҥҥо үөс баара буолуо дии саныыгын дуо? Инньэ диир буоллаххына улаханнык алҕаһыыгын. Аарыма эрэ сордоҥҥо, ону даҕаны бу Кыыс эрэ сордоҥор үөс баар.
– Ама дуу?! – истибиппин итэҕэйбэтэхтии тутуннум.
– Сордоҥ үөһэ да, эһэ үөһэ да биирдэр. Иккиэн эмтээхтэр. Сордоҥ – балыктар адьырҕалара, эһэ – кыыллар тойонноро, онон уруулуулар.
«Нууччаҕа» хоно сытан хара тыа хаһаайына Дьарамньы итинник дьиктини кытта билиһиннэрдэ.
2
Дьарамньы – биирдэ көрдөххө дьэбир, тыйыс киһи. Кини үксү кэпсэппэккэ, нүксүччү соҕус туттан, биир боллукуну, биир оҥхойу ааҕар сытыы күөхтүҥү харахтарынан тобулута көрүтэлээн кэбиһэр үгэстээҕэ. Быйыл тоҕо эрэ айаҕа аһыллыбыт, түгэн буллар эрэ уонунан сыллар усталарыгар сүрэҕэр сөҥөрө, көхсүгэр тута сылдьыбыт араас түбэлтэлэрин, бэйэтин да олоҕун сэһэргиир.
Сарсыарда эрдэ турдубут. Көмүс Чаара саҥа тахсыбыт күн уотугар кустугура оонньуур. Уу чуумпу. Сарсыардааҥҥы нүөл салгыҥҥа биһиги отуубут буруота талахтар үрдүлэринэн ыйаммахтаан туран баран, ханна эрэ иирэ иһигэр саһан, симэлийэн хаалла.
– Молбонон барбахтаан баран, мотуоркабытын быраҕан сатыылыахпыт.
– Төһө ыраах…
– Көс иһинэн, – диэн быһа түһэн этээт, Дьарамньы хомуммутунан барда.
Күн ортотун лаппа ааһыыта тохтоотубут. Молбо – сытыары хайалары ортотунан киэҥ налыы сири, үрдүк мастаах халыҥ ойуурдары, кыһыл сиһиктэри, симилэхтэри быыһынан киирэр түргэн сүүрүктээх үрэх. Сүүрүгэ түргэн буолан харгыларга уу өрө оргуйан олорор. Маннык сирдэр уулара чычаас. Киһи сототун ортотунан. Хас да бөдөҥ харгыларга кэһэн мотуоркабытын анньа сырыттыбыт. Киһини тэмтэритэр түргэн сүүрүккэ, сороҕор, тэҥнэһэн баран турабыт, ону Дьарамньы сатабыла, сүүрүккэ сылдьа үөрүйэҕэ абыраталаата.
Тохтообут сирбит налыы. Үгүс сыллар усталарыгар өрө дьылыгыраһан, мэлдьи сырдыкка тардыһан үүммүт тииттэр үрдүктэр, төбөлөрүгэр эрэ лабаалаахтар, чараас хатырыктаахтар. Дьиэ дуу, ампаар дуу маһа оборон, иҥнэри анньан ылбыт киһи үгүс түбүгү көрсүө суох эбит. Ойуур иһэ уу чуумпу, туох да тыынар тыыннаах суоҕун кэриэтэ.
Чэйдии олорон, инники былааммытын оҕонньор аа-дьуо кэпсээн барда:
– Чэпчэкитик таҥын. Мантан ылата кураанах «Кыыл сүүрбүт» диэн үтүөкэннээх алаас дойду баар. Онно барыахпыт. Тутууру элбэппэт наадатыгар мин доруоп сааланыам, эн карабиҥҥын ыл. Хонон баран сарсын киэһэ кэлиэхпит. Аһыыр иһит, таҥас онно баар. Онон аһылыкта эрэ ыл.
– Тугуй, онно ыал баар дуо?
– Өтөх…
– Ким өтөҕөй?
– Элбэҕи биллэххинэ эрдэ кырдьыан. Тиэтэйимэ, – оҕонньор мичээрдээн кэбистэ.
Тыытыллыбатах тайҕа. Биһиги аа-дьуо хааман иһэр суолбутунан өтөр-наар киһи сылдьыбатах. Үүммүт ото отунан турар. Тайҕаттан сөрүүн салгын илгийэр. Ойуур чыычаахтара сэдэхтик чууп-чаап саҥараллар. Иннибитигэр кыһыл тараахтаах хара киргил, төҥүргэстэн төҥүргэскэ түһэ-түһэ, ытаамахтаан ылла.
Оҕонньор киргили кытта кэпсэппэхтии иһэн тохтуу түстэ. Суол ото тосту үктэммит сирин саҥата суох ыйан кэбиһэн баран «оҕолоох» диэтэ. Мин онно көрбүтүм: синньигэс сытыы туйахтаах тайах ааспыт. Түбэ хоонньун эргийиибитигэр эдэр хахыйахтар быыстарыгар былдьыгыраспытынан, чырыласпытынан бочугурастар көтөн тахсан тииттэргэ түстүлэр. Оҕолоро улаатан атын баҕайытык моонньуларын уһата-уһата иһиирбэхтииллэр. Оҕонньор бочугурастары көрөн турбахтаата. «Биир ийэ үөрэ. Быйыл бочугурас оҕото элбэх эбит. Мас көтөрө элбээри гыннаҕа» диэн баран ыраах тайаан бара турар хара тыаны көрбүтүнэн мичээрдээн кэбистэ.
Тайҕа байдаҕына-тайдаҕына тыа киһитэ үөрэр. Кини сарсыҥҥыта, кини баайа-дуола манна, тайҕаҕа. Ити бочугурастар, суолу туораабыт тайах, эһэ, киис, тииҥ… Киһи ааҕан сиппэт булда-аһа. Ону барытын Ийэ (айылҕа) барахсан оҕолоругар – бар дьоҥҥо анаабыт. Сатаа да, төһөнү баҕарар бултаа. Тайҕа киһини таптыыр. Кинини бары баайынан күндүлээн көрсөр. Оттон бу ийэ тайҕаны хомоттоххуна, хоргутуннардаххына халтай хаамыаххын сөп. Онон тайҕа бэйэтэ туһунан сокуоннаах. Ону тутус, ону доҕор, аргыс оҥоһун.
Молботтон туораан, хаһааҥҥыта эрэ сыарҕа суола бүөлүү үүммүтүнэн үрдүк хайа тэллэҕин мүччү үктээн бардыбыт.
– Бу бэйэтэ куорат, – диэтэ оҕонньор, дьапталҕа таастаах хайаны ыйа-ыйа. – Хайаҕа төһө үгүс кутуйах үөскүүр да, кылааннаах биир оччо буолар. Онон булчуттар бу дьапталҕа таас хайа кутуйахтарын көмүс курдук көрөллөр. Кутуйах баар да – онно саһыл, онно кырынаас, онно киис. Киис баҕайы үксүн тииҥи сойуолаһар. Биэлчик биһиги былырыын бу Молбо төрдүнээҕи кынат үрүйэттэн биир кииһи бултаабыппыт. Арай тииҥи эккирэтэн истим. Ытым туора сылдьар, «тугу эрэ солуута суоҕу ирдиир, сонордуур» диэн испэр Биэлчиккэ кыйаханабын. Олох ойоҕоспор «ар-бур» диир саҥата иһилиннэ. Тохтоотум. Иннибэр ытым саҥата баргыйда. «Туох баҕайыный?» диэн муодаргыы саныы-саныы, ыппар сүүрэн тиийдим. Ытым кумалааннаах тиити өрө кууһан турар. Суоһурбута сүрдээх. Ол икки ардыгар хаарга киис суолун көрдүм. «Кумалааҥҥа киирдэҕэ» диэн эрдэттэн сэрэйэ санаатым. Саабын бэлэм тутан туран тиити тоҥсуйдум. Биирдэ былтах гыммытын кыайан ыппакка хааллым. Ойон таҕыстаҕына куотан да хаалыан сөбүн санаан, курбуттан чохорооммун ылан, (тииҥниирбэр өрүү сүгэлээх сылдьааччыбын, сорох тииҥ өлөн баран мутукка тыҥыраҕыттан иҥнэн сүгүн түһээччитэ суох. Оччоҕо мас быстарга тиийэҕин) бүө маһа быстым. Бэрт эрэйинэн били кыылым киирэр-тахсар хайаҕаһын бүөлээтим. Тииппин охсуолаан көрдөхпүнэ, алларааҥҥа диэри көҥдөй. «Дьэ, эбээт!» дии санаатым. Түргэнник кураанах маһынан уот отуннум. Тиитим чараас өттүнэн илиим батар гына тэһэ оҕустум. Уҥа илиибэр үтүлүкпүн кэтэн, кыылбын тутан ыларга соруннум. Хаҥас илиибэр уоттаах маһы ылан кумалаан иһигэр буруолаттым. Өр буолбата, кииһим илиибин охсон ааста. Кыайан туппатым. Иккиһин төбөтүнэн, тииһинэн кэлэн түспүтүн аллараа сыҥааҕыттан ыга харбаан тилигирэтэн аҕай таһааран иһэн, күүһэ бэрдин иһин өрүсүһэн, сүгэ өнчөҕүнэн оройго биэрдим. Киис курдук буруону абааһы көрөр кыыл суох.
– Уопсайа хаһы өлөрбүккүнүй?
– Киис олох да убаҕас этэ. Тииҥ да суоҕа. Сүүсчэкэ тииҥи кытта түөрт кииһи өлөрбүтүм… – оҕонньор тохтоото. – Кыыл хойуу эбит. Суолу субу-субу туоруур, – кини төһө да кэпсии истэр, хараҕын сиртэн, ойууртан араарбат.
Иннибитигэр хайаттан туора улахан сир омооно эҥэлдьийдэ. Былырыыҥҥы кур сөкүлээх, талахтаах сиргэ киирдибит. Атахпыт анна сыры-сымнаҕас муох.
– Бу, – оҕонньор тохтоон тоһута тутуллубут уонна суол омоонугар туора-маары быраҕыллыбыт ыарҕаны көрдөрөр. – Дьаабалыҥ суолбутун быһар. Сэрэтэр. Кириэс быраҕар. Сэргэх соҕустук ис. Былыргы киһи бу кириэһи кэспэт. «Өлүү, алдьархай буолуо» диэн тумнар. Биһиги аньыыны-таҥараны умнубут, булт араас абыычайын кэспит дьон мантан иҥниэхпит дуо?! Эккэй, кэлэ холоон көрдүн! – оҕонньор саатыгар сүнньүөх угунна. – Биэлчик тоҕо эрэ ырааҕынан сылдьар. Улуу күтүрү биһигиттэн тэйитэр.
Өр-өтөр гыммакка кытыытыгар хонуулаах, тумустаан киирбит арыы мастаах, арыы анараа төбөтүгэр халдьаайы оболоох, эмиэ да алааска маарынныыр, эмиэ да үрэх тыымпытыгар боҕуодьулуур сиргэ киирдибит. Күөлэ добуоччу улахан, икки тылбыы курдук синньигэс салаалаах. Ол салаалара арыыны кууспуттар. Быһа халдьаайы аннынааҕы кыра балаҕаҥҥа тиийдибит.
– Саха алааһын курдук. Мин дьонум дьиэлэрэ бу курдук халдьаайыга турар, – диэн кэпсии-кэпсии төрөөбүт алааспын саныы истим. Оҕонньорум туту да саҥарбат. Арай ордук нүксүйбүккэ дылы. Тыастаахтык икки төгүл көхсүн этиппэхтээтэ. Ньиксик сыттаах балаҕаҥҥа киирээт, холумтаҥҥа бэлэмнэммит маһы уматта. Ботугуруу-ботугуруу, саҥа умайбыт уота тиллэрин кытта ас кутта уонна миигиттэн сирэйин кистээн балаҕаныттан таҕыста да, халдьаайы хатыҥ мастаах төбөтүн диэки хаама турда. Дьарамньы туох буолтун ситэ өйдөөбөккө, мин көрөн турбахтаатым. Холбуу үүнэн тахсыбыт үс хатыҥ анныгар киһи уҥуоҕун кириэһэ көстөр. Оҕонньор онно тиийэн бэргэһэтин уһулла. Кырыс туппут иин буорун тэллэҕэр тобуктаата. Мин оҕонньорго оргууй аҕай баран, тэйиччи тохтоотум, бэргэһэбин уһуллум. Чочумча тобуктаан олорбохтоон баран Дьарамньы туран миэхэ эргилиннэ.
Кэргэним. Киниттэн хаалбыта ити кириэс…
Саҥата суох дьиэҕэ төннөн уу баһан, эбии уот оттон чэйдээтибит. Оҕонньор чэйдии олорон, бэйэтин муҥнаах оҕо сааһын туһунан кэпсээнин саҕалаата.
* * *
– «Саха алааһын курдук» диигин. Мин эмиэ бу дойдуттан бэрт ыраах саха алааһыгар төрөөбүт киһибин. Төрөппүттэрим дьадаҥы ыал этилэр. Өргө диэри алааһым иһинэн муҥурдаммытым. Акаары санаабар, мин алааһым илин халдьаайытын кэтэҕиттэн үрүҥ күн өрө көтөн тахсара, арҕаа халдьаайытын кэтэҕэр киирэрэ. Биһиги эрэ алааспытын, биһиги эрэ дьиэбитин сырдатар, сылытар курдуга. Атын сир, атын алаас баарын мин билбэт этим. Дьонум биһиги алааспытын Эбэ диэн ааттыыллара. Эбэҕэ үс ыал баара. Биһиги, Чоҥой оҕонньордоох, Сокур Хабырыыстаах. Чоҥойдор биһиги хоту өттүбүтүгэр, Сокурдар арҕаа өттүбүтүгэр олороллоро. Онон биһиги ортоку ыал этибит. Биһигини дьон «Кытыйалаахтар» диир буолаллара. Мин тоҕо итиирдик ааттыылларын дьиибэргиирим. Арай биирдэ ити дьиибэ ааттары билиэхпин баҕардым. Дьиэ таһыгар оонньуу сылдьан, бурдук тарда турар ийэбэр хотоҥҥо сүүрэн киирдим.
– Ийээ, тоҕо биһиги аҕабытын «Кытыйалаах» дииллэрий?
Ити тылтан ийэм улаханнык бэйэтин үөхтэрбит курдук кыйахаммыта.
– Бээ-бээ, ону-маны лахсыйыма! Бар, таҕыс! – диэн үүрэн ыыппыта. «Кытыйалаах» диэн муода аат тоҕо мин аҕабар иҥмитин кыайан билбэтэҕим. Аҕам да, убайым да суохтара. Ханна эрэ Тыыраахы арыытыгар оттууллара. Кинилэр үлэттэн кэлэллэрин тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэрим. Убайым миигин кытта хаһан да оонньообот этэ. Үлэттэн кэлээт да, саҥата-иҥэтэ суох аһаат, утуйан хаалара. Мин киниэхэ кыһыйа саныырым. Утуйа сытар «көрсүө оҕону» дьээбэлээн охсулларым.
Бурдук тарда турар ийэбиттэн үүрүллэн тахсан баран, тугу да гыныахпын булбакка, дьиэ тиэргэнигэр сүүрэкэлээтим. Ити сылдьан ийэм бөх көтөҕөр, ардыгар ньирэй аһатар суос-соҕотох улахан мас кытыйатын булан ыллым. Ол кытыйаны дьиэ сабараанньатыгар өйөннөрө ууран баран, киһи курдук ыххайан киирэн бардым.
– Кыраммыт кытыйа, мин аҕабыттан ааккын төттөрү ыл! Ыл диибин дии! Тоҕо саҥарбаккын, ойуугун тонуом, оройгун дьөлүөм, – диэн суоһурҕанным. Арааһа, өттүк баттанарым. Мин төһө да киэбирдэрбин, тойомсуйдарбын, мас кытыйа барахсан хантан истиэй?! Уурбутум курдук турбута. Хамсаабатаҕа. Саҥарбатаҕа. Дьэ оччоҕо мин дьиэҕэ сүүрэн киирэн аҕам хотуур таптайар суос-соҕотох өтүйэтин сулбу ойутан таһаардым. Кытыйаны сиргэ тиэрэ уура сытыаран, ыххайа-ыххайа, айаҕын сиритэ сынньан киирэн бардым. Кытыйам улам-улам ойдон бүүрүгэ баранна. Бу тухары кытыйа күтүр «мык» да диэбэтэ. Өсөһөр дии санаатым. Улаханнык кыйаханным. Кытыйаны көтөҕөн ылан сиргэ умса быраҕаттаатым. Бу тухары кытыйам миигиттэн көрдөспөтө. Улаханнык кыйаханан кытыйам көхсүн хотуур таптайар өтүйэбинэн дьөлүтэ сыстым. Кытыйа барахсан хайа ыстанан ыһыллан хаалла. Үөрдүм. Кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан ийэбэр сүүрэн тиийэн ааны өҥөйөн туран хаһыытаан бытарыттым.
– Кытыйа суох буолла!
Мин хаһыыбыттан сүрдээҕин соһуйбут, куттаммыт ийэм сүүрэн кэллэ.
– Нохоо, туох диигин? – диэн сибигинэйдэ.
– Кытыйа суох буолла… Мин кинини үнтү сынньан кэбистим.
– Оо, сордоох… – диэн ийэм миигин мөҕөр икки таптыыр икки ардынан саҥа аллайда. Онтон миигин тутан ылыах курдук сарбас гынан эрдэҕинэ, хотон таһыгар биирдэ баар буоллум. Аны эккирэтэн тахсыа диэххэ айылаах Кыатаах куруҥар барар суолунан туох баарбынан тэбинэн кэбистим. Бүтэй ааныгар тиийэн аллараа маһынан төкүнүс гынаат, дьиэм диэки хайыһан көрбүтүм, ким да суоҕа. Арай ыар суоруна тииһин тииһигэр хабырынар биир кэм куугунас тыаһа, ийэм кэрэ чуор куолаһынан эмискэ-эмискэ өрө тардан ыллыыра иһиллэрэ.
Кыатаах куруҥа диэн наһаа үчүгэй, көбүс-көнө дьылыгырас талахтардаах, сөкүлээх, дулҕалаах, ыраас уулаах көлүйэ оҕото баар этэ. Кэлин ат дала оҥостоннор кэрэ бэйэлээх отун-маһын илдьи тэбистэрэн кэбиспиттэр үһү. Мин бүтэй айаҕар тохтоон, биэрэстэнэ түһэн баран, Чоҥой оҕонньордооххо тэбинним. Кинилэргэ эмиэ ким да суоҕа. Саҥа хааман эрэр кыра Маайыһы кытта көхсүгэр улахан кутургуйалаах (көхсүн симнэрбит) Марыына эмээхсин бааллара. Кинилэр минньигэс сыттаах үөлбүт балыгы сии олороллоро.
– Тоойуом, кэл балыкта сиэс, – диэн эмээхсин мин ааҥҥа киирэн турарбын көрөн оргууйдук эҥээрийдэ. Кинилэр кыһын буоллун, сайын буоллун балыгы быспаттара. Чоҥой оҕонньор эбэҕэ балыктаан элбэҕи да элбэҕи ылара. Сайын туулуура, илимниирэ. Кыһын куйуурдуур идэлээҕэ.
Ол элбэх балыктан Марыына эмээхсин айыы санаата киирдэҕинэ, эбэтэр ийэбин соруйдаҕына бэрсэр буолара. Оо, ол балык минньигэһин эриэхсит. Билигин да мэктиэтигэр сыта биллэргэ дылы гынар. Эбэм балыгын сиэбэтэҕим да ыраатта. Киһи кырыйдаҕын ахсын дойдутун ордук ахтар, кини буорун суохтуур, тулаайахсыйар буолар эбит. Мин ахтыам эрэ дии санаабат этим.
Дьарамньы ити тыллары этэн баран, хайдах эрэ харбыт киһилии нөрүс гынан олорбохтоото, көхсүн этиттэ уонна салгыы кэпсээтэ.
– Ыалга балык сиэн, кыра кыыһы өр сааратан баран дьиэбэр кэллим. Ийэм миигин көһүппүт, чугас эркин көрө сатаабыт, хаста да хаһыытаталаабыт.
– Бөх көтөҕөр кытыйаны тоҕо алдьаттыҥ? Маҕаачыйыҥ аны туохха аһыай?! – диэн ийэм миигин дэлби сэмэлээтэ. Улаханнык мөҕүллүмүнэбин эр ыллым.
– Оттон аатын тоҕо аҕабар биэрбитэй? Кэһэйдин! Ийэм хараҕыттан уу-хаар тахсыар диэри дэлби күллэ. Мин эмиэ күлэр быһыылааҕым.
– Чэ, кэл, аһыах, – куолаһын уларытан, сымнатан ыҥырда. – Сотору ньирэйдэрбитин хомуйа Лоскуйга барыахпыт, – диэтэ.
– Ийээ, кытыйа аны суох. Биһиги аҕабытын «Кытыйалаах» диэхтэрэ суоҕа, ээ? – диэн үрүт-үөһэ лэбэйдии олордум. Ийэм бу сырыыга кыыһырбата даҕаны, күлбэтэ даҕаны. Кини сүөгэй үүттээх чэйи иһэ-иһэ, аргыый наллаан, бу курдук кэпсээбитэ. Ол кэпсээни мин күн бүгүнүгэр диэри үчүгэйдик өйдүүбүн.
– Тоойуом, Дьарааһын, эн билигин тугу да өйдөөбөккүн, кыраҕын, акаарыгын, кэлин бука барытын өйдүөн, этэҥҥэ киһи буоллаххына. Биһиги, бу быстар дьадаҥы дьон, ыал буолан, буруо таһааран олоробут. Убайгын кыра, бу эн курдук эрдэҕинэ, түүннэри-күннэри үлэлээн, ардыгар умналаан ииппиппит. Аһа-таҥаһа суох буоламмыт, бар дьонтон үгүстүк сирэйгэ-харахха анньылларбыт, үөҕүллэрбит. Эн аҕаҥ эдэригэр үчүгэй охсооччу этэ. Дьонтон хаалсыбата. Ол да иһин бу нэһилиэк баайдарын күүлэйигэр барытыгар ыҥырыллара. Күнү быһа от охсубут манньатын тото-хана аһаан кэлээхтиирэ. Арыт миигин, оҕолорун үөрдээри, бэйэтин өлүүтүттэн күөх окко буспут эт суулаан аҕалара. Ону дьиэ кэргэн үллэстэн сиирбит.
Аспыт-таҥаспыт тиийбэт буолан ардыгар көрдөһөрбүт, умналыырбыт иһин, күлүү гынан «Кытыйалаахтар» диэн хос ааттаабыттара. Оттон ити Дьөгүөр оҕонньордооҕу уолбат уйгулаахтарын, элбэх сүөһүлээхтэрин-астаахтарын, баайдарын иһин «Чоҥойдор» диэн ааттыыллар. Оттон Хабырыыһы маанытын, баайын, хас эмэ солко курдааҕын, элбэх харчылааҕын иһин, тоҕо эрэ, «Сокур» диэбиттэр. Билигин дьэ өйдөөтүн дуо?
– Өйдөөн.
– Эһиги дьон буоллаххытына ити тиийиммэт-түгэммэт ааппыт умнуллуо. Мин онно эрэнэбин.
– Сокурдартан уонна Чоҥойдортон мин улааттахпына хайаан да баайдарын былдьаан ылыам уонна дьэ бэйэм байыам, – диэн чаҕылыттым. Онуоха ийэм:
– Кэбис, ити курдук саҥарыма, – диэтэ. Мин ол да буоллар Сокурдары, Чоҥойдору, аҥаардас баайдарын иһин абааһы көрөрүм улам-улам улаатан испитэ. «Кытыйалаах» диэн бэрт дьиибэ хос аат туһугар бөх көтөҕөр кытыйаны алдьаппыппын оччолорго улаханнык кэмсиммитим. Билигин күлэ эрэ саныыбын.
Буолары-буолбаты кэпсэтэн олорон хаалаары гынныбыт. Илимҥэ үтэн эмис собото сиэххэ. Кудулары көрүөххэ.
* * *
Оҕонньор оҕо сааһын кэпсээн дуу, аһаан дуу эрчимирбиккэ дылы буолла. Кыра балаҕан хаҥас муннугар ыйанан турар илимнэри бэрийдэ, онтон үс-түөрт илими ылан дьиэ аннынааҕы биэрэккэ киирдибит. Күн уотуттан кубарыйбыт эргэ тыы уунан туолан турарын сүөкээтибит.
– Кус элбэх эбит. Бөдөҥүттэн талан сиэххэ баара да, билигин тыаһыыр сатаммат. Илимнэри мин бэйэм үтүөм. Бу сэппит иккиэммитин уйбат да ини.
Дьиэ таһыгар тахсан мас мастыы, уу баһа сылдьан наар үс хатыҥ анныгар турар кириэһи одуулаһабын. Оҕонньор күндү доҕоро. Сыл ахсын, сылга хаста даҕаны кэлэн көрөн барара буолуо. «Өлбүт күөх кырыс буолар» диэн сөпкө да эппиттэр эбит. Күөх томтор – Дьарамньы буорга эрэ киирдэҕинэ умнар киһитэ. Киэһэ ыйытыам: хайдах өлөөхтөөбүтэ буолла?
Күн лаппа арҕаалаата. Оҕонньор кубаҕай тыыта биэрэккэ тигистэ. Үлэбин бүтэрбит киһилии утары киирдим.
– Үс илими, икки тиргэни туруордум. Сарсын аһыыбыт диэн кэбис, – оҕонньор мүчүйэн ылла.
Күөл хоту өттүнээҕи кудуга бардыбыт. Оҕонньор эппитин курдук күөлгэ оҕолоох да, субан да кус үгүс. Киһи үргүппэтэх, бултаспатах барахсаттара сымнаҕастар. Аа-дьуо устан ньолбоһо сылдьаллар. Күөл анараа уһугуттан таллан куоҕас дайан лаһыгырайан тахсан, тыа күөлүн маһын саҕатынан эргийэн сундулуйан баран, өрө ханарыйан Чаара диэки бара турда.
Дьарамньы тохтоото. «Кыылы кытта уун-утары көрсүөхпүтүн сөп. Бэркэ сэрэнэн ис», – диэн сибигинэйдэ, оту-маһы тыаһаппакка олус үөрүйэхтик үөмэр-чүөмэр үктэнэн истэ. Куду – кыра уулаах, күөх оттоох лээби. Туох да суох. Тайах суола ынах суолун курдук. «Түүн ахсын киирэр эбит. Иккиэлэр», – диэн быһаарда Дьарамньы. Кэлбиппит курдук тыаһа-ууһа суох төнүннүбүт.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.