Электронная библиотека » Николай Босиков » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Николай Босиков


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]

Шрифт:
- 100% +
ЭТИҤНЭР

Ахтан баран иһиттэххэ, сааскы бастакы этиҥнэр олус кэрэ, олус да улахан тыастаах буолаллар. Сир түгэҕиттэн өрө ньириһийэн улам-улам халлаан оройугар тахсаллар. Ону Ылдьаа бороруок тэлиэгэтэ дэлбэритэ ыстана-ыстана сүүрэр дэһэрбит. Мин этиҥнэри истибэтэҕим өр буолла. «Этиҥ өҥ дьылга элбэхтик, хас эмэ хаттыгастаахтык этэр» дииллэр. Биһиги, сэрии бириэмэтигэр үөскээбит оҕолор, этиҥ тыаһын истибэтэхпит, ол оннугар аһыҥа сырдыргыырын, сыбаҕа суох хоспохпут иһиттэн төгүрүк суукканы быһа истэрбит. Ол аһыҥа биһигини кырыыр оботтоох ырыата этэ. Ол эрээри кини биһигини кыайан сиэбэккэ, син биир фашист арҕаа кыаттарбытыныы, кыайыы дьылыгар өҥҥө, күөххэ кыаттарбыта.

Дьоннорбут армияттан төннүбүттэрэ. Ол бар дьон сүрэҕэр кыайыы этиҥэ буолан тэлитэ тэппитэ. Үөрүү да үксэ.

Айылҕа этиҥиттэн ураты, ыар этиҥ баарын мин билбэтим. Олох оҕо этим. Халлаан ыраас буоллаҕына ханнык этиҥ этиэхтээҕин, ханнык өй-санаа күрсүөхтээҕин туһунан санаан да көрбөтүм. Ол эрээри мин үрдүбэр кытаанах этиҥ эппитэ. Ол этиҥ эмиэ сир түгэҕиттэн өрө сүүрэн тахсыбыта, ханна да буолбакка, мин төбөбөр кэлэн дэлбэритэ барбыта.

Күрүлүүр күнүс үөрэнэ олордохпуна, декаҥҥа ыҥырбыттара. Мин тугун-ханныгын билбэккэ, ону сэрэйэ-таайа да сатаабакка, сулбу хааман киирбитим. Декан, кыра дьэбир киһи өссө ыаһыран, кыйаханан олороро. Кинини көрөөт да, чугус гына түспүтүм. Туох эрэ иэдээн буолтун тута сэрэйбитим.

– Киһи иитэн-үөрэтэн эрэйдэниэ суох киһитэҕин. Бөөлүүн аппа үрдүгэр буолбут охсуһууну эн салайбыт үһүгүн. Ол-бу буолбакка, кырдьыгынан эт. Хаһыа этигит? Кимнээхтэрий? – диэтэ күргүйдүү былаан.

– Ханнык охсуһууга? Мин кыттыахтааҕар охсуһуу да буолтун истибэккэ сылдьабын.

– Охсуһан, айдааны тардан баран истибэтэх ааттаах! – декан олох кыыһырда. Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ баһыттан атаҕар диэри сылдьыбыт байыаннай киһи. Сэриигэ майор эбитэ үһү. Кыыһырдаҕына билигин да суоһа-суодала сүрдээх. Ол иһин мин мух-мах буоллум. Ол эрээри:

– Суох, охсуспатаҕым! – диэн хоруйдаатым. Ол икки ардыгар икки билбэт дьонум киирэн кэллилэр. Онуоха декан «бу турар» диэн миигин төбөтүнэн ыйан кэбистэ. Киирбит дьон үгүс кэпсэтиитэ суох ортолоругар уктан тахсан бардылар. Кыра кыһыл дьураалаах массыынаҕа олордон таптыыр куоратым уулуссатын устун көтүтэ турдулар. «Ама, хаайаллар үһүө. Ыйытан баран, охсуспатахпын билэн таһаараа, ыытаа инилэр» диэн эрэх-турах соҕуспун.

Туох да кэпсэтиитэ суох хаайан кэбистилэр. Киэҥ көхсүм, дьэ, кыараата. Киэһэлик ыҥыран ыллылар. «Билин. Хаһыа этигит? Кимнээхтэрий?» диэнтэн атыны билбэт дьон буоллулар. Мин оҥорботох суолбун «оҥорботоҕум» эрэ диибин. Эмиэ хаайдылар. Түүн эмиэ ыйыттылар. Аккаастан атыны билбэтим. Иккис күнүгэр сытыары сымнаҕас көрүҥнээх саха капитаныгар киллэрдилэр. «Эн дьыалаҕынан мин дьарыктанар буоллум. Ыксаабакка тугу оҥорбуккун саас сааһынан кэпсээ», – диэтэ киһим бэрт намыын, холку куолаһынан.

Мин үөрэнэн бүтэн баран аһаабыппын, Тамаралыын киинэҕэ сылдьыбыппын, хаһыс эрээккэ олорбуппун, ол киинэҕэ туох көстүбүтүн, киинэ кэнниттэн Тамараны уонна кини бииргэ олорор кыыһа Машаны кытары түүн бииргэ дылы альбом көрө олорбуппун, ол альбомнарга хоһоон суруйбуппун, сороҕор чыыһылатын, чааһын кытта ыйан суруйбуппун саас сааһынан кэпсээн биэрдим. Киһим сирэйбин-харахпын көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, дэлби суруйан ылла уонна үүт харахха түһэрэн ааҕан биэрдэ. Илии баттатта уонна хаайыыбар төттөрү ыытта. Мин үлэ чааһа бүтэрэ чугаһыар диэри онно чолойон олордум. Аччыктаан хараҕым хараҥаран ылла. Кэмниэ-кэнэҕэс алта чаас ааһан эрдэҕинэ, ыҥырдылар. Капитан хоһугар Тамара олорор. Харахтара чап-чаҕыл уоттаахтар. Мин ону көрөөт, эрэх-турах буола тустум. Өйдөөн көрбүтүм, бэҕэһээ түүн оҥорбут альбомнарбыт бу сыталлар эбит.

– Дьиэлээҥ. Алҕас түбэһэ сырыттыҥ, – диэн капитан олус холкутук, туох да буолбатаҕын курдук эттэ. Мин үөрэ түстүм. Тамаралыын аргыстаһан, миигин кынаттаабыт этиҥи атын этиҥҥэ ылан быраҕан кууһуннарбыт тапталбыт альбомнарын кыбыммытынан Сэргэлээхпитигэр тэбэ турдубут.

«Ким сымыйанан тыллаабыта буолла» диэн санаа ол түүн утуппата. Сарсыныгар декаҥҥа бардым. Миигин устубуттарын туһунан бирикээс ыйаммыт. Комсомолбуттан эмиэ таһаара охсубуттар. Буруйум суоҕун туһунан капитан биэрбит түмүгүн декаммар ууран биэрбиппэр киһим сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ, оҕолуу эйэҕэстик күлүм аллайда.

Декантан тахсан Сэргэлээххэ баран иһэн төбөм үрдүгэр кэлэн дэлбэритэ барбыт этиҥнэри санаан дьигиһис гынан ыллым. Этим саласта, куйахам күүрдэ.

Кэлин истибитим, атаһым Агит «тутуу техникумун оҕолоруттан иһиттим, кини баара үһү» диэн сымыйанан тыллаан эриттэрбит. Миэхэ таппыт илимэр бэйэтэ иҥнэ сыһан баран, улаханнык олуһар, эккирэтиһэр киһи суох буолан бэрт нэһиилэ, салыҥнаах балык киһи илиитигэр мүччү туттарарын тэҥэ куоппут.

Сааскы этиҥнэр, ардах этиҥнэрэ, лүһүгүрээн үчүгэй да буоллахтара.

ЫЙ ТУОЛУУТА

Мин өстөһүүнү, иирсээни манна кэпсиэхпин, онон дьиҥнээх, тыыннаах тапталы өлбөөдүтүөхпүн олох баҕарбаппын. Кыра куоратым уулуссаларын устун, мин хаамар, сылдьар сирбинэн, Тамара биһигини тэйиппит киһи, урукку мин дабдыкылдьыйбыт табаарыһым сылдьар. Көрдөхпүнэ туора хаамыахпын баҕарабын да, атын тумнар сирим суох. Куорат хорук тымырдара уулуссалар син биир тиксиһиннэрэ тураллар. Абарбытыҥ иһин туох истиэ баарай?! Бүгүн эмиэ улахан уулусса муннугар көрсүһэн аастыбыт…

Сааһыары кыһын этэ. Чэпчэки атлетика куруһуогуттан корпуспар киэһэ кэлбитим. Хоспутугар ким да суоҕа. Биһиги түөрт буолан олоробут. «Сүүрүк уолбут, биһиги киинэҕэ бардыбыт» – диэн остуолга сурук сытара. Мин аа-дьуо аһыы олорбутум. Төбөбөр сибилигин аҕай сырсыбыт оҕолорум иэрэгэй буолан эргийэллэр. Утаакы буолбатахтара, икки уолум аҕылаһан киирбиттэрэ.

– Бардылар, бара турдулар, – дэспиттэрэ үрдэ суох.

– Кимнээх? – диэбитим, онно эмиэ тоҕо кыһаннамый дии саныы-саныы.

– Тамаралаах, – дэспиттэрэ уолаттар. Мин дабдыкылдьыйбыт атаспын Томаны кытта билиһиннэриэхпиттэн кинилэр киинэҕэ сылдьааччылар. Онно туох да суоҕа. Доҕор – доҕор, табаарыс – табаарыс. Мин оччо уолуйбатаҕым. Тугу эрэ ааҕа олорбутум. Олус өр буолбатаҕа, дабдыкылдьыйбыт атаһым киирэн кэлбитэ. «Кыыс буолбатах, күлбүһэх эбит» диэбитэ кини, киирээт да. Мин ыйыталаһыам икки ардыгар, Тамараны, мин Тамарабын, баһааҕырдан, уол киһи айаҕыттан батан тахсыбат быдьар тыллары тоҕо сүөкээбитэ. Мин икки хараҕым үүтэ көстүбэт буола кыыһырбытым. Дабдыкылдьыйбыт киһийдээни ойон туран үлтү кулаан кэбиспитим.

Чуут хаайыыга эрэ барбатаҕым, университеттан үүрбүттэрэ. Тамарабын «дьону буолбатах, икки атахтаах сүөһүлэри кытта хайа түбэһиэх сылдьаҕын» диэн улаханнык хомуруйбутум. Өр кэпсэппэтэхпит. Икки ардыбытыгар киһи кыайан туораабат, көстүбэт дириҥ дьэбэрэтэ баар буола охсубута. Мин ол курдук кыайан кэпсэппэккэ сылдьан тутууга барбытым. Кини олорор корпуһун таһынан, түннүгүн аннынан элбэхтик сылдьарым, ол эрээри, киирбэтэҕим.

Хойут билбитим: дабдыкылдьыйбыт атаһым уураары гыммытын Тамара сирэйин ылан кэбиспит этэ. Ол иһин ол сидьиҥин миигиттэн, биһиги ыраас, сырдык тапталбытыттан иэс ситиспит.

Хоргуппут сүрэх, кыыс оҕо тэбиэс сүрэҕэ түргэнник санаа хоту көнө охсубат. Кини уруккутун курдук элэккэй, нарын, ис киирбэх буолбат. Хайыы үйэ эрэммэт, кэтэмэҕэй, тоҥуй, тыйыс буола охсор. Тамара эмиэ оннук буолбута. Тугу эрэ ырааҕы толкуйдуур, кэпсэтэ күлэ-үөрэ туран тохтоон, суол арахсыытыгар кэлбит киһи иннин-кэннин көрүнэринии, көннөрү да тыллар улаҕаларын өҥөйөн көрөр идэлэммитэ. Биһиги элбэхтик тыл тылбытыгар киирсиспэт, кэпсэппиппит иһин хос хаттыгас санаалаах буолбуппут. Ол курдук сылдьан көрсүбэккэ, биир үтүө тылы эппэккэ Тамара дойдутугар барбыта. Мин быыллаах кыракый куораппар тутууга буор хаһа хаалбытым. Үлэ да сөбүн ыарахана. Хамнаспытын ылбыт күммүтүгэр хойгуобутун тоҥ буорга батары охсон баран, биһиги, буор хаһааччылар, сонно билигин аҕай баһан таһааран бырахпыт буорбут үрдүгэр олорон иһэрбит. Иһэрбит, дэлби сылайбыт, аччык дьон, итириэхпитигэр дылы. Ол да буоллар хаалбыт икки курспун үс сылтан ордук солохтоон, үөрэхпин бүтэрбитим. Мин дипломмун эмиэ хаһа сылдьар котловаммыт таһыгар баар сабыс-саҥа тахсыбыт уохтаах күөх кырыска олорон «сууйбуппут». Бу дьыллар усталарын тухары Тамара миэхэ биир да суругу суруйбатаҕа. Мин да суруйбатаҕым. Ол эрээри кинини өйдөөбөтөх, кини аатын ааттаабатах күнүм суоҕа. Туох баар үөрүүбүн, хомолтобун түмэн, мунньан доҕорум Тамара туһунан биир көтөх хоһоону суруйбутум. Ол хоһооннор мин хойҕуом анныттан төрөөн тахсар этилэр.

Дьоммуттан, буор хаһааччылартан, бэрт нэһиилэ арахсыбытым. Киһи эн-мин дэспит, үтүө сүрэхтээх, амарах дууһалаах, күн үрдүгэр үчүгэйи эрэ оҥорор дьонтон арахсара кытаанах эбит этэ. Үс сыллаах уоппускабын ылан соҕуруу Сочига барбытым. Уоппуска киһитэ, киэҥ, дэлэгэй киһи, сылаас муораҕа күн аайы сөтүөлээн, онон саатыырым. Биир күн уруккуттан сылдьар сирбэр киирбитим, хара ачыкылаах, хара баттахтаах кыыс көхсүнэн олорор. Баттаҕын көрөөт, уруургуу санаатым. Ол иһин чуо хааман тиийдим. Кыыс эргийбитигэр тиэрэ кэлэн түһэ сыстым. Кини – мин Тамарам. Олус соһуйда, симитиннэ. Чочумча утары көрсөн турбахтаан баран дорооболостубут. Оччо кэпсэтии тахсыбата. Ойоҕоһугар сүүтүк ойуута ойуулаах от күөҕэ сиидэс ырбаахы буолбакка, дьураалаах маҥан былааччыйа ууруллубут. Ол икки ардыгар илиитигэр утах туппут, үрүҥ кубаҕай эдэр киһи кэллэ. Тамара ол киһини «кэргэним» диэн билиһиннэрдэ. Мин үөрбүт-көппүт буоллум да, туох да тахсыбата. Ол иһин сөтүөлүү ууга – Хара муораҕа киирдим. Олус уйадыйдым, уйаара-кэйээрэ суох ытыах дуу, ыллыах дуу санаам кэлэр. Ол иһин өрө үллэн кэлэр аарыма долгуннары быһыта сынньан, ардыгар умсан туоруу-туоруу, өр да өр сырыттым. Уоскуйан баран тахсыыбар дьонум ууга киирбит этилэр. Онон туһанан, таҥаспын ылан атын сиргэ баран хааллым. Баран да оччо ырааппатым. Биир нуучча оҕонньорун булан, кинини доҕор туттан, бэйэм харчыбынан ол оҕонньору дэлби сыҥалаан, мэктиэтигэр төбөтүн эрэ имэрийбэккэ ааттаһан, кинилиин син элбэҕи истибит.

Төһө да ырааппытын иһин, бу түгэн кытаанахтык сурулунна. Маннык хомолтону, киһи киһиэхэ өстөнүүтүн ким да суруйбатын. Олоххо өрүү үөрүү эрэ өрөгөйдүү турдун.

САХАЛЫЫ САҤА

Бүгүн сахалыы саҥаны, дьикти саҥаны, ураты намыын саҥаны иһиттим. Кини олус кэрэтийэн, ыллаан дуу, ыҥыран дуу эрэрдии иһилиннэ. Ол – мин Тамарам саҥата.

Дойдубуттан ыраах сылдьабын. Бу көмүһү хостуур хотугу, саҥа тэриллибит бириискэҕэ биир да саха суох. Бука бары биһиги дойдубут араас муннуктарыттан мустубут дьон. Күн киирбэккэ, намтаан ыла-ыла иилии эргийэр. Хайа да, намтал да суох. Биир кэм муох үллүктээх туундара көҕөрө сытар. Онно-манна кытыытыгар киһи кэрэхсиир ото, хомуһа суох, хайдах эрэ, акаары киһи хараҕар маарынныыр туундара күөллэрэ тиэрэ көрөн бычалыһа сыталлар. Кус эмиэ суох. Арай курбастар субу-субу умсан хаала-хаала өрө чолос гына түһэллэр. Мин манна кэлбитим аҕыйах хонно. Көмүһү сууйааччылар тустарынан тугу эрэ, бэйэм да билбэппин, ыстатыйа эбэтэр сатаннаҕына очерк суруйуохтаахпын. Комсомол хаһыата ыыппыта. Быйыл сайын дойдубар тахсарым оннугар манна кэлбитим.

Билигин бириискэ эдэр начальнигар олоробун. Дьиэбит устата-туората тэҥ, иккилии ыллар хаамыы. Маны кинилэр «баалкылар» диэн ааттыыллар. Тоҕо инньэ дииллэрин билбэппин. Хата кумаар аҕыйах. Муора чугаһа буолан өрүү салгыннаах, сороҕор киһини тэмтэритэр тыал түһэр. Көмүстээх үрүйэбит синньигэс, кус оһоҕоһун курдук. Ол гынан баран киириитэ-тахсыыта бэрт элбэх, саас сүүрүгэ да дохсун буолар үһү. Табалаах киһи кэстэрэн туораан баран хаалар, чэй да өрүммэт үрүйэтин геологтар обургулар булан, чинчийэ охсон, бастаан мас анньан, онтон балаакка туруоран, дьон бөҕөнү ыҥыран, мунньан баран бэйэлэрэ салгыы көрдүү, чинчийэ аастахтара. Бу киэҥ нэлэмэн туундараҕа, кинилэр баалларын тухары иннэни да кистиир сатаммат. Син биир булуохтара. Геологтар оннук дьон. Бөөлүүнү быһа суумкабар уктан кэлбит Хэмингуэйбин ааҕан, хотугу күҥҥэ аралдьыйан утуйбатаҕым. Ол иһин начальнигым туран баартын кэннэ утуйан хаалбыппын. Уум быыһынан иһиттэхпинэ, биһиги дьиэбитигэр ким эрэ начальниктан атын чэпчэки атахтаах киһи киирдэ. Харахпын көрөөрү гынабын да кыайан көрбөппүн. «Бэйи, ыҥырдаҕына көрүөм, ыҥырбатаҕына таҕыстын. Мин кинилэргэ тугум наадатай, киирдиннэр да, таҕыстыннар да» дии саныыбын. Чэпчэки атах мин аттыбар кэллэ. Тохтоото.

– Манна кэлэн сытаҕын дуу, кэл, тур барыах, мин эйигин таптыыбын ээ, – диэтэ нарын куоластаах кыыс уу сахалыы. – Мин эйигин таптыыбын, тур, барыах! – диэн иккиһин эппитигэр өйдөөбүтүм – мин Тамарам ыҥыра турар эбит. Кини куолаһа. «Таптыыбын» диэтэ. «Тамара» диэбитинэн олоро түстүм. Ким да суох. Сэгэччи аһыллыбыт ааны туундара тыала оргууй аҕай талырҕатар. «Ыҥырбыта ээ, сибилигин, мин Тамарам уонна ханна баран хаалла» диэх курдук санаатым. Түһээбиппин. Күнүс уум кэлбэтэ, оройбунан көтөн хаалла. «Мин эйигин таптыыбын» диэн саҥа туундара үрдүнэн эймэнэр курдук. Ол ахсын күҥҥэ, халлааҥҥа, муох үллүктээх туундараҕа, бычалыспыт, мээнэнэн көрбүт күөллэргэ мичээрдээн кэбиһэбин. Тоҕо мичээрдиирбин бэйэм да билбэппин. Арай мичээрдээтэхпинэ дууһам сылаанньыйар, сымныыр. Ол иһин мичээрдиир бадахтаахпын.

Начальник тозовкатын ылан куоҕастары ытыалыы, шахтаҕа, үлэ дьонун ортотугар барарым оннугар, сахалыы саҥа минньигэһин, кэрэтин сүтэримээри, суос-соҕотоҕун туундара күөллэрин кэрийэ бардым. Атаҕым анныгар тыс үтүлүк саҕа туундара кутуйахтара сырсаллар. Маны олохтоохтор сэргии, таптыы көрөллөр. Кутуйах элбэх дьылыгар кырса хойдор. Бу кутуйахтар – кырса аһылыктара. Мин кинилэри сыыһа-халты үктүүбүн. Сүр сытыылар. Дэҥ курдук туундара өҥө өҥнөөх, кыһыҥҥы соннорун устубут курупааскылар кыракый талахтарга сөрөнөн, саһан олорор буолаллар. Баалкылартан оччо ырааппакка, биир кыракый ууга үс куоҕас баарыгар түбэстим. Иккитэ-үстэ ытааппын кытта икки куоҕас көтөн хаалла. Биир дайан көрөн баран, сирэ табыллымына дуу, кыайан өрө охсунан ылымына дуу, көппөккө уҥуоргу саҕаҕа түстэ. Төннөн иһэн, биир балай эмэ үрдүк булгунньах баарыгар, сөкүгэ олордум. Мантан баалкылар олус үчүгэйдик көстөллөр. Кинилэр үрэх тардыытыгар, киһи ытыһын холбоччу туппут курдук сиргэ кэккэлэһэн тураллар. Баалкылар нөҥүө өттүлэригэр, үрэх эниэтигэр шахта айаҕа хараарар. Дьон киирэллэр-тахсаллар. Тугу эрэ иһэрдэллэр, быһа сиэтэллэр бадахтаах.

Тиэрэ түһэн сытан күөх халлааны, туундара халлаанын, одуулаһабын. Онон-манан үрүҥ сурааһыннар бааллар. Күн уотугар сыламнаан, саныы сытар санаабар бигэтэн нухарыйан бардым. Бириискэ тыаһа-ууһа сүттэ. Дьикти чуумпу буолла. Туундара устун ыраахтан чуораан тыаһа кылыгыраан иһэр. Таба сэгээнэ таһыргыыр. Көмүсчүттэргэ табаһыт иһэр дии саныыбын. Табалаах киһи олох чугаһаата, өссө тугу эрэ муннун анныгар ыллыыр. Бу кэллэ. Тохтоото. Табаттан ким эрэ түстэ.

– Мин эйигин таптыыбын. Тур, табата миин, – диэтэ кыыс оҕо саҥата уу сахалыы. Мин үөрэбин. «Тамара кэллэ» дии саныыбын. – Турбатаххына, турума, хаал бу туундараҕа. Мин эйигин таптыыбын, таптыыбын, таптыыбын, – диэт, Тамара табатын мииннэ да, ааһан ходьорута турда. Чуораан тыаһа лыҥкынаан-лыҥкынаан иһэн сүттэ. «Тамара, тохтоо!» – диэбитинэн олоро түстүм. Туох да суох. Туундара күнэ күлэ-үөрэ чаҕылыҥныы турар. Тоҕо эрэ куттанным, туоххаһыйдым. Сибилигин истибит сахалыы саҥабын эккирэтэн эрэр киһилии түргэнник хааман баалкыларга бардым. Ол киэһэ кэлбит туох баар сорудахпын хас баалкы аайы сылдьан, дьону кытта кэпсэтиһэн, начальникпыттан саҥа сыыппаралары хомуйан бүттүм. Бара охсуохпун баҕарабын. Биир да чаас, биир да хонук бу туундараҕа тохтуур, хаалар санаа суох. Сахалыы саҥаны эккирэтэр, кинини ситэр санаалаахпын.

Мин дьолбор түүн үөһэ кэлтэйэрин кытта Куйгаттан вертолет кэллэ. Бэрт нэһиилэ, ону даҕаны бириискэм начальнига көрдөһөн ыллылар. Мин сахалыы, суос-соҕотох «таптыыбын» диэн саҥаны эккирэтэн көтө турдум.

Ол эрээри мин ол саҥаны сиппэтэҕим. Кини мин иннибэр өрүү буоларын курдук айаннаан иһэр. «Таптыыбын» диэн саҥаны олус долгуйа, харааста истэбин. Бу билигин ол тылы истибит туундарабар бара сылдьыахпын, киирбэт күннээх сайыҥҥы туундара иинэҕэс отун-маһын сыттанан, ол кыракый булгунньах үрдүгэр сыта түһүөхпүн баҕарабын.

Элбэхтик иһиллибэт сахалыы саҥа алыба, хор, оччо күүстээх. Мин ол куолаһы, ол «таптыыбын» диэн саҥаны аны биирдэ истиэҕим.

УОН ИККИС ХОСКО

Уон иккис хос. Бу хоско Тамара олорбута. Кинилэр төрдүө этилэр. Түөрт орон, түөрт тумба, түөрт олоппос, биир остуол баара. Сир туох баар кэрэтэ, үчүгэйэ бу уон иккис хоско кэлэн түмүллэр курдуга, мин оннук саныырым.

Сырдык сыа хаар түһэ турар. Куорат уулуссатын устун балай эмэ өр эрийэ-буруйа сылдьан баран, мин Сэргэлээххэ, эдэр сааһым биһигэр, баран иһэбин. Атаҕым анныгар бөһүөнэх хаар бүтэҥитик бөһүргүүр. Сэргэлээх билигин уларыйан, киһи билбэт буолан турар. Урукку биһиги олорон үөрэммит биэс уопсайдарбыт, остолобуойбут ордук аччаан, ханна эрэ үөдэн түгэҕэр тимирэн эрэргэ дылылар. Биэстии мэндиэмэннээх саҥа таас уопсайдар, улахан университет киһи эрэ кэрэхсиэх айылаахтар. Ол эрээри мин сүрэхпэр бу тимирэн, аччаан-куччаан иһэр мас уопсайдар, кинилэр уоттара күндүлэр.

Манна, Сэргэлээххэ, сылдьыбатаҕым өр буолла. Ол иһин оччо тиэтэйбэккэ, кимиэхэ да наадата суох буолан ыгылыйбакка, атаҕым анныгар бөһүргүүр сымнаҕас, сылаас хаарынан оонньуу иһэбин. Бүгүн бу тиэргэнтэн арахсыбытым онус күһүнэ туолуутугар, Тамара олорбут уон иккис хоһугар сылдьар санаалаахпын. Онно кимнээх эрэ олордохторо?! Тоҕо кэллим диибин? Хос хоско, дьиэ дьиэҕэ дылы, ол эмиэ тоҕо көрөбүн? Кимнээх да буоллуннар!.. Итинник, итиниэхэ олус маарынныыр боппуруостар миигин түөспүттэн ылан төттөрү анньаллар. «Көрүөх тустаахпын, уон иккис хоһу, Тамарам хоһун» диир хоһуун санаа сиэтэн иһэр.

Бу тиийэн кэллим. Киирэр аан. Көрүдүөр. Уон иккис хос. Сэрэнэн, оргууй аҕай тоҥсуйдум. Кырдьаҕас, сымнаҕас куолас «даа» диэтэ. Аһа баттаабытым, миигин көрдө көрбүтүнэн түөтэ Дуся чаҕылыйан турар эбит. Түөтэ Дуся оччоттон, уруккуттан бу дьиэҕэ остуораһынан үлэлиир. Нуучча эрээри – уу саха.

– Дорообо, түөтэ Дуся, – диибин мин үөрэ-көтө. – Кэпсээ, хайдах-туох олороҕут?

– Киир, аас! Ыалдьыт буол. Олоруу кэминэн. Бу эн ханналаан иһэҕин?

– Сэргэлээҕи… Үөрэммит Сэргэлээхпин көрө сылдьабын. Урут бу хоско сылдьар, күүлэйдиир буоларым. Ону кэриэстээн киирдим. Хата, эн баар эбиккин. Сонуҥҥун ыһа-тоҕо олор.

– Өйдүүбүн, өйдүүбүн. Бу хоско урут кыргыттар олорбуттара. Эйигин өрүү Тамараны кытта көрөрүм. Кини билигин ханна эбитэй?

– Дойдутугар. Учууталлыыр. Хас да оҕолоох…

– Буолумуна. Эһиги да бүтэрэн барбыккыт ыраатта. Билигин бу дьиэҕэ студеннар, ити улахан уопсайдар тутуллуохтарыттан, олорботтор. Биһиги, араас үлэһиттэр, баарбыт. Мин пенсияҕа тахсыбытым. Кыыһым былырыын кэргэн барбыта. Онтон ыла соҕотоҕун олоробун. Сэргэлээхпиттэн, оҕолортон барыах санаа кэлбэт. Кыыһым аах Жатайга бааллар. Кэлэ-бара сылдьаллар. Бу уопсайдар барахсаттар биһиги курдук кырдьан иһээхтииллэр. Сотору олох да көтүллэр инибит. Биһиги оннубутугар таас дьиэлэр, эдэрдэр кэлиэхтэрэ турдаҕа. – Түөтэ Дуся тохтоон мин сирэйбин-харахпын олус ыраас, кырдьан уота өссө өспөтөх, харахтарынан көрөн ылла. Долгуйбуттуу, тугу эрэ киэҥи, ырааҕы санаабыттыы тутунна, өрө тыынна, кэннигэр турар олох маһыгар олорунна, быар кууһунна. Мин тугу эрэ ыйытаары дуу, этээри дуу гынан эрдэхпинэ, сүрдээх намыын, холку куолаһынан кэпсээбитинэн барда. – Олох күндү. Кинини харыстыахха, хас күн аайы киртиппэт-дьүдэппэт туһугар туту эрэ саҥаны, суолталааҕы оҥоруохха наада. Мин кырдьаҕас киһибин, ол гынан баран эдэр сааспын, бастакы тапталбын мэлдьи саҥа күн тахсыытын кытта бииргэ саныыбын. Кини миэхэ этиллибэт, сир үрдүгэр биирдэ көстөн баран сүдү өйдөбүлү хаалларбыта. Билигин миэхэ туох да буолбатаҕын курдук. Ол эрээри сүрэхпэр мэлдьи хаҕылыйа сатыы-сатыы дьуккуруйа турар баас буолан сылдьар. Биһиги оҕо сааспыт үчүгэй эрээри, олоххо тардыһыыбыт күтүр, тыйыс кэми кытта сөп түбэспитэ. Бары барыта түөрэ эргийбитэ, уларыйбыта. Тапталбыт эмиэ оннук дьылҕаламмыта.

«Киһи олоҕо кылгас» диэн олох сымыйанан этэллэр. Кырдьык, ким сатаан олорботоххо кылгыан, кылгыырын ааһан, күлүм гынан ааһыан сөп. Чыычаах – ыллыырга, киһи олоххо ананан төрүүр. Олоҕу саҥалыы олоруохха, биир түгэнинэн бүтэн хаалымыахха сөп. Мин санаабар, уоккун биир булгунньахха отун, ону олох долгуна саба оҕустаҕына, чэ, быһатын эттэххэ, уу дуу, уот дуу ыллаҕына, атын булгунньахха саҥалыы, олох саҥалыы уот оттунуохха наада. Киһи үрдүккэ эрэ олорор бырааптаах. Аллара түһэр, уостар, симэлийэр туһа сир үрдүгэр суох. Олох сокуона, олох кыһалҕата оннук. Хотой эрэ уйатын очуоска туттубат, тыынар тыыннаах, ол иһигэр киһи үрдүккэ дьулуһар, – диэн баран түөтэ Дуся тохтоото. Бу сахалыы саҥалаах, сахалыы майгылаах нуучча эмээхсинэ мин харахпар ойуччу улаатан көһүннэ. Кини үйэтин устата бэйэтин олоҕун үрдүккэ туттубут ийэ хотой буолан мин долгуйбут дууһабын тутта. Суох, бу сири көрө сылдьыбыт, дьон атахтарын буорун харбаабыт, сууйбут, сааһын тухары остуорастааһынтан атыны билбэтэх эмээхсин буолбатах. Бу олох муудараһын намчы санныгар сүгэ сылдьар, киэҥ көҕүстээх ийэлэр ийэлэрэ – ийэ!

Мин уон иккис хоско көрбөтөхпүн көрдүм. Бу хос дьоно эдэрдиин, кырдьаҕастыын, төһө да сыл ааспытын иһин, ураты да кыраһыабайдар, кэрэлэр. Манна Тамара олорбута. Мин көрдөхпүнэ түөтэ Дуся буолбатах, Тамара кырдьан, пөнсияҕа тахсан баран, бу уон иккис хоһугар олорон хаалбыт курдук. Кини хаһан эрэ кимиэхэ эрэ бу түөтэ Дусялыы холкутук, сэмэйдик, өйдөөхтүк олох туһунан, кини кэрэтин туһунан кэпсиэҕэ. Мин онно эрэнэбин.

Таһырдьа тахсыбытым, хаар уурайбыт. Халлаан оройугар онон-манан сулустар чаҕылыспыттар. Кинилэр сир үрдүн – олус муударай киһини, уон иккис хоһу көрөллөр. Хаар мааҕыҥҥытааҕар кытааппыт, тирэхтэммит, атах анныгар тыаһыыр буолбут. Мин эмиэ уон иккис хостон, ахтан-санаан кэлбит сирбиттэн олоххо тирэхтэммиттии чиҥник үктэнэн таҕыстым. Иннибэр куорат уота сандаара ыһыллар. Ити уоттар хас күн, хас сыл аайы саҥаттан саҥа уон иккис хостору сырдатыахтара.

Ким сылдьыбатах, бука бары, уон иккис хоско сылдьыҥ. Сааскыт уһуо, үөрүүгүт үксүө.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации