Текст книги "Эн онно хайаан да тиий"
Автор книги: Николай Босиков
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 7 (всего у книги 12 страниц)
5
Күөх уорҕалаах улахан хайаны киһи көрдөр көрүөх курдук. Күөх барыта биир буолбатах, манна өйдөөн көрдөххө, сырдыктыҥы бэстэр, сыалаахтар төбөлөрө маҥхайан эрэр баттаҕы санатан күкээрэллэр, харыйалар биир кэм харааран, тииттэр сытыы күөҕүнэн чэлгиһэн олороллор. Онно-манна баар хатыҥнар, тэтиҥнэр кинилэри тулалаабыт бөдөҥ мастар ортолоругар бэйэлэрин ураты нарын көрүҥнэринэн, тыа дьикти кэрэтин иҥэриммит курдуктар. Ол иһин мин харахпар бу күөх уорҕалаах хайа уран тарбах дьүһүйбүт улахан улуу көбүөрэ буолан көстөр. Биһиги хайа аннынан батыһа барбахтаан иһэн, ойуур хойуу маһын ааҕан эрэрдии куймараҥнаабыт ыллык устун уһун кудуга тиийэн кэллибит. Хайа тэллэҕинээҕи лүҥкэ иһэ уу чуумпу уонна төһө да күн тиһэх сардаҥалара халлаан нөҥүө саҕаҕынааҕы былыкка кыыспытын иһин хараҥа.
– Бу түүн тус-туспа олоруохпут. Эн ол тумустаан киирбит харыйаларга тиий. Урукку олбох оннун булан онно олор. Мин бу төбөҕө хаалыам. Кыыл хайа баҕарар өттүбүтүттэн киириэ, ону өйдөө, – диэн оҕонньор тоҕо эрэ кэлин тылын чиҥэтэ соҕус эттэ.
Тумус харыйаҕа, кудуттан ылбыччаҕа көстүбэт, кус дугдатыгар маарынныыр олбох баар. Быйыл ким да сылдьыбатах: биир от кэһиллибэтэх, биир мутук тостубатах, көтөҕө алдьамматах. Олорорбун кытта «ону өйдөө» диэн оҕонньор кэнники эппит тыллара тиийэн кэллилэр. «Тоҕо ити курдук эттэ?» диэн бэйэм бэйэбиттэн ыйытан баран, онно күттүөннээх хоруйу булбакка олордум. Харыйа ойуур им-ньим, арай өрдөөҕүтэ оҥоһуллубут мин «дыбарыаһым» олбох маһын анныгар кутуйах хачыгырыыр. Кэтээн олорор, ньалыа уулаах, кур сөкүлээх уһун синньигэс ырааһыйабар күтэр оту кэрбиир. Чаас ааһан истэ. Хайа тэллэҕинээҕи куду улам-улам, хантан эрэ устан кэлбит, боруору сууланан нухарыйда. Боруору кытта бииргэ, араас санаа булумаҕар, «эһэ» диэн тыл өрө күөрэс гына түстэ. Тоҕо эрэ кэннибин хайыһан көрдүм. Дьарамньы күнүскү кэпсээнин өйдөөтүм. Таайтарбатах таабырыны таайбыт киһи быһыытынан оҕонньор ол иһин «ону өйдөө» диэбит эбит диэн испэр ботугураатым. «Куттанаары гынным дуо? Кэбис куттанар сыыһа. Бачча сэптээх-сэбиргэллээх киһи» диэн баран, бэйэбин бөҕөргөтүнэн саабын, быһахпын имэрийэн ыллым.
Харахпар кэлин уонтан тахса сыл арахсыбакка олорбут куоратым, доҕотторум, ол быыһыгар миигин олох сөбүлээбэт да дьоннорум көстүтэлээн аастылар. «Ама, билигин киһи бу тайҕаттан, оҕонньор «Ийэ» диэн ааттыыр айылҕатын уон араас көстүүтүттэн куттаныа дуо?! Оҕонньор эппитинии, бу тыа биһиэхэ, саха дьонугар, дьиэбит буоллаҕа дии. Ол кэриэтин ахта-саныы олорор куоратыҥ тоҥолох уулууссаларыттан, бөппүрүөскэ ытырыылаах, сэлэммэтэх дьүдэх убаһа арбаҕар сиэлигэр маарынныыр буолбут баттахтаах эдэр оҕолортон куттан. Били эһэ, Дайыыла оҕонньорго сибигинэйбитин курдук, биирдэ санаатахха, олоҕу олорботох тот киһи хайа да бэйэлээх адьырҕалардааҕар куһаҕан адьынаттаах буоллаҕа үһү…»
Саныы олорбут санаабын субу ойоҕоспор икки төгүл дэлбэритэ барбыт оҕонньор саатын тыаһа быһан кэбистэ. Ким эрэ ыараханнык киҥинэйэр саҥата сири аннынан нүөлүйэн иһилиннэ. Тоҕо эрэ этим тарта. Ойон туран, харыйа ойуурум чанчыгар биирдэ баар буоллум. Оҕонньор анараа уһук саҕатыгар турар. Мин тугу эрэ ыһыытаан ыйытаары гынан эрдэхпинэ, оҕонньор саата өрө күөрэс гынаат, дэлби барда. Эмиэ куһаҕан саҥа сир түгэҕинэн иһилиннэ. Эһэтин сэрэйдим. «Күнүскүттэн суолун быспыт, эргийэ сылдьыбыт адьырҕата оҕонньорго кэлбит эбит» дии саныы-саныы, тугу гыныахпын булбакка турдум. Оҕонньор кыратык көхсүн этиттэ уонна «кэл» диэн бүтэҥник ыҥыраат, синньигэс, туу тылбыытын курдук ырааһыйаны туораата. Мин эмиэ утары бардым.
– Улахан тиит төрдүгэр өттүктүү түһэн хара тыа баараҕай кыыла – мин өссө зоопаркаҕа эрэ көрөр хардаҥ эһэм тиһэх күүһүн түмүнэн өрө үллэҥнии, умуллан эрэр хараҕынан бүтүннүү эргичийэ турар аар тайҕатын үрүт мөһүөнүн одуулаһар.
– Эрдэ киирдэ. Аны көһүппэппит. Дьиэбитигэр барыах. Сарсыарда кэлэн астыахпыт, – диэн баран, оҕонньор эппиэт-хоруй күүппэккэ, эһэни тыынын салҕаан, кэлин быттыгын туһунан тыын таһааран кэбиһэн баран, кэлбит ыллыкпыт устун хаама турда.
– Ити күтүр итиннэ сиэҥнээх. Тайах баһын уонна илин аҥаар атаҕын кистии сытыарар…
– Ону хаһан көрдүҥ?
– Күнүс көрбүтүм.
Итинтэн ордугу кэпсэппэккэ дьиэбитигэр тиийэн кэллибит. Уот отуннубут. Чэй оргутуннубут. Оҕонньор бэҕэһээҥҥи испиирин аҥаарын уулаан уотун аһатта, тугу эрэ ботугураан алҕаата.
– «Күнүс көрбүтүм» диигин, ол кэннэ тоҕо миэхэ эппэтэххиний? – аһыы олорон мин Дьарамньыга хоммун биллэрэбин.
– Ити күтүр син киһи курдук. Кини туһунан элбэҕи кэпсиир сатаммат… – Оҕонньор кэпсэтии итинэн бүтэрин биллэрэн, иэдэс биэрэн кэбистэ. Саҥата суох аһыы олордубут. Дьиэбит хайа эрэ муннугар күөх сайыны кытта бииргэ бүтэн эрэр бырдах кыыгыныыр. Чуумпуран олорон иһиттэххэ, ити дып-дыыгынас саҥа араас дорҕооннонор. Арыт ытаан эрэрдии иэйэр-куойар, арыт ааттаһардыы-көрдөһөрдүү сыналыйар, арыт үрдээн, күүрэн өрөгөйдөөн кэлэр.
Дьарамньы эмиэ бырдах саҥатын истэр бадахтааҕа. Өр испэккэ олорбут арыгытын тобоҕун сап гыннаран баран, аа-дьуо эргиллэн, эйэ дэмнээхтик мичээрдээн кэбистэ.
* * *
– Аҕам күнтэн күн түһэн испитэ. Сайын биһиэхэ оттоһо, доҕор буола, эмиэ бэйэбит курдук дьадаҥы ыал Лөкөй Миитэрэйдээх уоллара Испирдиэн кэлбитэ. Испирдиэн саҥа улаатан эрэр, сытыы-хотуу, чобуо оҕо этэ. Томтор оскуолатыгар үөрэнэр буолан, нууччалыы билэрэ. Мин кинигэни аан маҥнай киниэхэ көрбүтүм. Ол кинигэ олус үчүгэй ойуулааҕа… Онон биһиги аҕабыт төһө да ыарыйдар, син күө-дьаа олорбуппут. Ийэм «бу оҕону сирдьиттэнэн луохтуурга бар» диирин аҕам иккитинэн истибэтэҕэ.
– Ааһыа… Ол луохтуур тугу абырыаҕай?! Хата, Босхоҕоллой удаҕаны аҕалбыт киһи хайыа эбитэ буолла, – диэн тыллаһара. Кини ити тылын ким да утарбат, өйөөбөт буолара. Биирдэ киэһэ Испирдиэн оттон тахсыбытыгар:
– Тулуйарбыттан аастым. Сарсын оҕустанан-сыарҕаланан Босхоҕоллой удаҕаны тиэйэн аҕал, – диэбитэ.
…Күнү быһа ийэм туох баарынан сүүрэн таҕыста. Бөкчөгөр Марыынаттан биир мээрэй сэлиэһинэй сиэмэни күһүҥҥэ дылы иэс ылан киллэрэн тарта. Саллаахап оҕотун улахан баҕайы оҕус тыһаҕаһы тутан хотоҥҥо баайбыттара уһун күнү быһа, киһи аһыныах, арыт ааттаһардыы, арыт «бу туох ааттаах хара батталай» диэххэ айылаах быһа сарылаан таҕыста.
Күн түөртүүр ынах ааһан эрдэҕинэ, Испирдиэн Босхоҕоллой удаҕаны тиэйбитинэн тиийэн кэллэ. Кинилэри кытта удаҕан кутуруксута Чоҥ-Бааччы кэлсибитэ. Бу орто уҥуохтаах, лаһырҕайдаабыт модьу-таҕа киһи, Лэгиэнтэй диэн үчүгэй ааттааҕын үрдүнэн, «Чоҥ-Бааччы» диэн аатын ордороро.
Ыалдьыттар кэлэллэрин кытта ийэм били бурдугунан алаадьы оҥорон баһыгыратта. Мин кылап-халап көрбүппүн кынчарыйан кэбистэ. Босхоҕоллой удаҕаны Чоҥ-Бааччы оҕо курдук көтөҕөн киллэрэн уот иннигэр бэлэмнэниллибит талах олох маска олорто. Бу үчүгэй соҕус сэбэрэлээх, уоттаах харахтаах, икки атаҕа хатылла сылдьар саас ортолоох дьахтар этэ. Босхоҕоллой киирээт да, аҕабыттан табаах көрдөөн тарта. Дьэ ол кэннэ уоһа аһыллан, үгэс быһыытынан хайдах туох олороҕут, туох солуннааххыт диэн ыаһыйалаан кэпсэппэхтээтэ. Ол кэннэ олоппоһун холумтаҥҥа чугаһаттаран, алаадьы, арыы, сиэл көрдөөн ылан, биһиги эбэбитин, мин дьонум айыырҕаан эппэт улахан аатын ааттаан:
– Киһи-сүөһү кииннээн үөскээбит, кэдэлдьийбэт кэрэ киэлилээх Кэрэмэстээх Эбэ хотун иччитэ буолбут хотун эдьиийим, Кубулуна-дьибилинэ кыыһа Куоҕай Маарыйа, аһаа-сиэ! Эйигин ахтаах арыынан, амтаннаах алаадьынан, үүт кэрэ сылгы ньуолах сиэлинэн айах туттаҕым буоллун! – дии-дии, уокка ас кутта. Тигинэччи умайа турар оһох арыылаах сиэли сиэн күлүмнээмэхтээтэ. Онтон салгыы Босхоҕоллой удаҕан маҥан халдьаайыга сытар улуу ойууттар үс хара бараан күлүктэригэр үҥэн-сүктэн, иннигэр ибирэ, кэннигэр кэбирэ суох тиийэн кэлэн олорорун иһитиннэрэн, хас биирдиилэрин ааттарын ааттаан субурута-субурута, айах тутуталаата. Ол кэнниттэн уоскуйан, эмиэ табаах ууран тарта. Мин хайдах эрэ көрө олорон куттаныах санаам киирдэ. Ол иһин ийэм аттыгар тиийэн турдум. Чэйдээн баран, Испирдиэн Чоҥ-Бааччылыын тахсан Саллаахап оҕотун өлөрдүлэр. Мин ону тахсан көрө, тутуһа-хабыһа сылдьан Чоҥ-Бааччыттан:
– Ити Босхоҕоллой мин аҕам хараҕын чахчы үтүөрдүө дуо? – диэн ыйыттым.
– Кэбис, саҥарба, истиэҕэ, – диэтэ Чоҥ-Бааччы уонна куттаммыт киһилии дьиэ диэки өҥөҥнөөтө.
– Мантан дьиэ ыраах. Истибэттэр, – диэтим мин. Онуоха Чоҥ-Бааччы миигин окумалбыттан ылан бэйэтигэр сыһыары тарта уонна сибигинэйэ былаан:
– Кини барытын истэр… Үтүөрдүөҕэ! Бар, дьиэҕэр киир, – диэтэ. Мин төһө да хомойдорбун, «үтүөрдүөҕэ» диэн биир тылга эрэнэн дьиэбэр сүүрэн киирдим. Ааным тыастаах баҕайытык хап гына сабылынна. Онуоха Босхоҕоллой удаҕан:
– Бу аан тыаһа тоҕо хатанай? – диэтэ.
– Бүрүөтэ ылыллан, маһынан турар буолан тыаһыыр, – диэн баран аҕам ийэбэр: Ыл, доҕоор, холуодатыгар таҥаста тутан биэр, – диэтэ.
Улахан күөстэргэ толору эт буһардылар. Чоҥ-Бааччы Испирдиэнниин суон тэтиҥтэн оҕо оонньуур атын, ынаҕын элбэх баҕайыны оҥордулар да, миэхэ туттаран да көрдөрбөтүлэр. Онтукаларын барытын тыһаҕас хаанынан кырааскалаатылар. Удаҕан таҥаһын сиэмэ хатарар кирээккэҕэ, уот сөҕүрүйбүтүн кэннэ, сараҕыта уурдулар, бэрийдилэр. Босхоҕоллой удаҕан кэлбитин истэн хаһан да сылдьыбат Сокурдар, Чоҥойдор бары тоҕо сууллан киирдилэр. Дьиэ түннүктэрин, аанын ньим курдук саптылар. Оһоххо сөҕүрүйэн эрэр уот эрэ кытаран көстөр буолла. Аҕабын оһох хаҥас чанчыгар орон тардан сытыардылар.
Удаҕан таллан куоҕас буолан хахаара-хахаара күөх далайга, биһиги эбэбит хоту-соҕуруу күөллэрин чүөмпэлэригэр, умсан аллараа аат айаҕын өҥөйтөлөөтө, тугу да булумуна тимир сордоҥ буолан тоҥ муора түгэҕэр киирэн таҕыста. Ол кэннэ биһиги эбэбит маҥан халдьаайытыгар сытар тоҥус убай ойууннарыттан көрдөһөн-ааттаһан, хотоҕойдоох бэрдэ хомпоруун хотой буолан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа көтөн, ол дойду урут сабыытын өрүтэ анньан, алын сабыытын арыйталаан көрдө. Дьэ ол кэннэ соһуйан-өмүрэн, араас кус-хаас тойугун, уон араас саҥатын көтөллөнөн аллара түстэ.
Тыллаах-өстөөх тимир чыллырыын хоботунан оонньуу-оонньуу, ол үрдүк бэйэлээхтэри, нүһэр дьүһүннээхтэри үүт кэрэ сылгы сиэлинэн, ынах араҕас арыытынан айах тутта. Ол ахсын түөрт тус-туһунан чуорааннартан оҥоһуллубут хоботун киһи иһиттэр истиэн курдук чылыгыратар. Онтуката ол-бу көтөр-сүүрэр саҥатын олоччутун үтүктэргэ, от-мас суугунун, сэбирдэх чэпчэки тыаһынан тыаһыырга дылы. Уоскуйда.
– Нохоо, былыр аҕаҥ үөһээ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа олохтоох оһол-алдьархай төрдө Уот Чэмэрикээн хотун улахан оҕото орто дойдуга түһэн, кырбый кыыл буолан төрүү-ууһуу сыттаҕына, иэримэ дьиэтин эспит, оҕолорун уҥуохтарын урусхаллаабыт, көрөллөрүттэн мэлиппит эбит. Ол барахсаттар билигин да тайахха, сиэтиигэ сылдьаллар. Ону иэстэһэн Уот Чэмэрикээн хотун икки убайгын эдэр саастарыгар ылан чаҕар оҥостубут, эйигин балайга харбаһыннарар сорго тиэппит…
Удаҕан ити тылларын биһиги куттана иһиттибит. Дьиэбит иһигэр, биһиги күннээх алааспытыгар абааһылар илэ хаама сылдьарга дылы буоллулар.
Босхоҕоллой бэрт өр кыыран, ааттаһан, быарынан сынан аҕабыт хараҕын үтүөрдэр буолла. Ол манньатыгар ураанньыктаах сирэйдээх хара тураҕас ат кулуммутун ылар үһү. Туох баар үөрү-сүүрүгү, биһиги дьиэбитигэр уонна алааспытыгар хорҕойбут Уот Чэмэрикээн абааһыларын үөһэ үтэйэн, удаҕан күн кылбайа тахсыыта кыыран бүттэ.
Аан аһыллан, дьон киирэн-тахсан, ол бэйэтэ биир үйэ курдук уһаабыт сайыҥҥы түүн халбарыйан абыраабыта. Ол эрээри кини мин дууһабыттан билигин да сүтэ илик, – диэн баран, Дьарамньы чочумча тохтоон ылла. Аһын саҕатыгар бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн уҥуох илиитин тэбэгэйинэн ньиккэрийдэ, биллэ-биллибэттик өрө тыынна.
– Дьэ ити курдук сыккыраан сайылаабыппыт кэннэ Испирдиэн дьиэтигэр тиийэн уонча хонон баран, убайым кэпсиир Климич луохтуурунуун көтөн түспүттэрэ. Биһиги ийэбинээн үөрдүбүт. Оннооҕор аҕам эгди буолла, хараҕын саба туттан уот иннигэр кэлэн олордо.
– Хайа, Испирдиэн, туох солуннаннын?
– Кэпсиэххэ айылаах соччо улахан солун суох. Эйигин харахтаары бу сырыыга удаҕаны буолбакка, луохтууру аҕаллым. Билигин бу хайдаххыный? Мөлтөөн иһэҕин дуу?
– Ээ бэргээн… Көрөрбүттэн матарарыгар тиэртэ. Ордук былыт, хаар буоллаҕына сиэри гынар.
– Киһи тылын истибэккин, сайын били удаҕан оннугар бу Климич луохтуурга эмтэппитин эбитэ буоллар, аны куобахтыы сылдьар оҕонньор буолуоҥ этэ.
– Сатананы туох билэр…
– Чэ, билигин көрдөр. Эмтэт. Чахчы туһалыаҕа.
– Доҕоор, ыл көрдөр, хайа туһалаарай? – диэн ийэм көх-нэм буолла. Мин аҕабын: «Чэ да, чэ», – дии-дии, тобулута кэйдим. Аҕам бэркэ ыараан баран:
– Чэ, чэ… Сах сиэтин, – диэн барыбытын үөртэ. Климич Испирдиэнниин тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ, сылаас уунан илиитин дэлби суунна, ол кэннэ аҕам хараҕын атытан көрөн баран төбөтүн быһа илгиһиннэ. Испирдиэн Климич этэрин аҕабар тута кэпсээн биэрэн истэ.
– Хараҕын ис халтаһатыгар уутун аала сылдьар кыламаннар үүммүттэр, ону луохтуур үргүөҕэ, куттаныма, ыарыыта олох суох үһү.
– Оо, үлүгэр эбит… Ол иһин аалара дьэ сүрдээх. – Аҕам хараҕын ыраастаан, эмп кутан, Климич тиэрэ сытыаран кэбистэ. Аҕам балай эмэ сыппахтаан баран, хаһан да утуйбат бэйэтэ, утуйан мунна тыаһаабытынан барда.
Климич үрдүк уҥуохтаах, имигэс туттунуулаах-хаптыныылаах эдэр киһи этэ. Билигин сирэйин-хараҕын өйдөөбөппүн, арай куп-кугас долгуннара оонньуур баттаҕын, мичээрдээтэҕинэ көстөр көмүс тииһин өйдүүбүн. Аҕам утуйбутун кэннэ Испирдиэн Климичтыын, киэһэ киириэх буолан, солооһун куруҥар куобахтыы тахсыбыттара.
Аҕам кинилэр эрэ киириэхтэрин иннинэ уһуктубута.
Хоп курдук туран сирэйин сууммута. Ол кэннэ ийэбэр:
– Хор, бу абыраннахпын, аалара уурайбыкка дылы.
Дьон тылын истибэтиҥ ити баар.
– Эн да өйдөппүтүҥ суоҕа… Бу дьоҥҥут ханна бардылар?
– Саалана таҕыстылар.
Климич икки, Испирдиэн үс куобаҕы өлөрөн үөрэн-көтөн киирдилэр. Дьиэ иһэ соҕотохто сэргэхсийэ, күө-дьаа буола түстэ. Климич аҕам тура сылдьарыттан наһаа үөрдэ.
– Оҕонньор үчүгэй… – аҕам саннын таптайан кэбистэ. Кинилэр икки хонон баран аҕабын балыыһаҕа илдьэ барбыттара. Онуоха-маныаха диэри биһиги ийэбинээн иккиэйэҕин хаалбыппыт.
* * *
Дьарамньы сүрэҕэр сөҥөрө, өйүгэр тута сылдьыбыт оҕо сааһын эрэйиттэн кэпсээн чэпчээбит курдук буолла. Чүмэчи сырдыгар уһун синньигэс уҥуох сирэйэ эдэрчи буолан, өһөс соҕус уоттаах харахтара сымнаан, күлэн көһүннүлэр. Бу түгэҥҥэ миэхэ Дьарамньы бу биһиги сылдьар улуу тайҕабытыныы дириҥээн, муҥура биллибэт буолан көһүннэ.
Аһаҕас аанынан түүҥҥү сулустар эмиэ мин Дьарамньыбын көрөргө, кини кэпсээнин истэргэ дылылар. Сулустар, биирдэ санаатахха, муҥура суох элбэх саастаахтар. Тыһыынчанан, мөлүйүөнүнэн сыллары курдат бу дойдуну сырдаталлар. Кини өлөрүн-тиллэрин, үөскүүрүн-улаатарын, өҥө уларыйарын көрөллөр. Ол эрээри кинилэр бар дьонтон ити үүнэн-үөскээн кэлбит сылларын курдук чымаан ыраах этилэр. Ону биһиги көлүөнэбит чулуу ыччата Юрий Гагарин чугаһаппыта. Онон ыраах да чугаһыыр, суох да баар буолар уратылаах кэмигэр олоробут. Бүгүн, бу киэһэ, ыраах турар сулустар биһиэхэ хаан-уруулуу чугастар. Ол иһин тыа ортотугар, хайа тэҥкэтин хоонньугар саһа сытар күөл кытыытыгар турар кыстык угун саҕа балаҕаны көрөллөр уонна бу сиргэ кинилэр курдук, сулус буолбут, ыарахан, уһун, ол эрээри дьоллоох олоҕу олорбут Дьарамньыны кытта уруулуулар. Хаста, хас төгүл кинилэри доҕор туттан, кинилэри суолдьут, бэриэччит оҥостон Дьарамньы дьиэтин булла этэй?! Ааҕан сиппэккин!
Сулустар, көй үгүс сулустар үрдүү-намтыы, ыраата-чугаһыы өрүү сандаара турун!
6
Дьон кэпсэтэриттэн уһугуннум.
Дьарамньы хайыы үйэ турбут. Таһырдьа оттубут уотун тыаһа таһыгырыыр. Ким эрэ дириҥник көхсүн этитэр.
– Үчүгэйдик бултуйбуккун, – диир билбэт киһим бүтэҥи куолаһа.
– Ити күтүрү мин булка да аахпат буола сылдьабын… – оҕонньор хайдах эрэ ахсарбаттык, хаҕыстык бэҕэһээ киэһэ өлөрбүт эһэтин ахтан ааста.
Миигин дэгдэгэр имнээх, суптугур сэҥийэлээх, кырыылаах харахтаах, аныгылыы таҥастаах киһи мичээрдии көрүстэ. Кини – сылгыһыт Мадьыас Дьөгүөрэп. Оҕонньор аҕалбыт атын төнүннэрэ, биһиэхэ көмөлөһө кэлбит.
Сып-сап курдук аһаан-сиэн, аар тайҕа аарымата эһэ кырдьаҕас охто сытар сиригэр бардыбыт. Күнүс көрдөххө оччо улахана суох, кыһыл эмэх дьүһүнэ дьүһүннээх, мултуйбут төбөлөөх, оччо улахана суох кулгаахтаах, кыараҕас харахтаах адьарай эбит.
Мадьыас уонна Дьарамньы наар быһаҕынан астаан бүтэрэн кэбистилэр.
– Эсэһит киһи эсэһит буолар. Сорох булчуттар бу маҥай аллааҕы кэккэлэһэ да сылдьан бултааччылара суох. Мин да хара тыа сүдү, мааны кыылын курдук санаан, маҥнай оччо бултаспат этим. Кэлин атаҕастатан баран, көрүстэрбин эрэ, си-дьүгээринэн арахсыбаппын, – диэн Дьарамньы кэпсээбитин Мадьыас: «Буолумуна. Сөп буоллаҕа дии», – диэн дьиибэтик сэҥээрбитин мин дьиктиргии иһиттим. Тугун-ханныгын хайан, ыйыталаһан истиэхпин баҕаран баран, оҕонньор тыйыс дьүһүнүн, бу бэйэлээх булка-аска үөрбэккэ дьэбин-уоһуйан сылдьарын көрөн, туохха баҕарар урут түһэн киһи ыйыталаһарын, сөбүлээбэтин иһин тутуннум.
Эһэбитин уонна тайахпытын икки акка ыҥырдан Молбоҕо кэллибит. Үөһэ тардан кэбиспит мотуоркабыт ууга дагдаҥныы сылдьар, тииттэн тииккэ сүүрдэн сараҕыта ыйаабыт биир илиммит ньилбэгинэн ууну кэһэн киирбит киһиэхэ маарынныыр.
– Бу дьүһүнүн көр… Өрүү маннык. Ааспыт саас чаас иһигэр дэбилийэн, Ньукулай тыытын умса охсон, туга да суох хаалларан турар.
– Үөһэ ардаатаҕа. Баччаҕа маннык үлүгэр тоторун көрө илигим, – диэн оҕонньор этиитин сэҥээрэ-сэҥээрэ, Мадьыас атын ындыытын ньылбы тардаат, «көнтөһүттэн» эрэ иҥнэн хас салгын, хас долгун аайы эйэҥнии турар биһиги «көлөбүтүгэр» атынан кэстэрэн киирдэ. Уу дириҥэ сүрдээх, ат иҥэһэтин үрдүнэн охсор. Мотуоркабытын сиэтэн таһааран, сээк-сээкэйбитин тиэйэн баран, куурда ыйаабыт илиммитин бэрийдибит. Манна, биһиги соһуйуохпутун иһин, араас балыгы араардыбыт. Оҕонньор биэдэрэ аҥаарыттан ордук балыгы тутан туран: «Илими аны тыаҕа үт, ууга үт, барытыгар балык баар», – диэн үөрэр-көтөр.
Мадьыас чэйдэһэн, эт, балык кэһиилэнэн биир атын миинэн, биирин сэтиилэнэн төннө турда. Биһиги эппитин-аспытын ыгыччы тиэнэн, олох атын, оонньоспут кыыс оҕо курдук тэбэнэттирэн икки чанчыгынан көрбүт Молбо устун дьэргэттибит. Үнүрүүн айаннаабыт сирбитин өр-өтөр гыммакка, Нуучча хомотугар киирдибит.
Мин балааккабын туруорунан, бары булка туттар тэрилбин илдьэ, Нууччаҕа хааллым. Оҕонньор этин туттара, хоно совхоз отделениетыгар барда.
Налыы, чуумпу киэһэ буолла. Өрүс түбэтин эргийэн араас талахтары, сиһиктэри туораан, улахан таас хайа модьоҕотугар кэллим. Мантан антах биэрэк таас буолар. Хайа аннынааҕы уһун ньылба үөскэ оҕолоох улун кус дайан лаһыгыраан баран умсан хаалла. Ол кэннэ өрүс уҥуоргу налыы биэрэгинээҕи убаҕас от иннигэр таҕыста. Улун – хайа өрүһүн таптаабыт көтөр. Сүүрүк хоту дайдаҕына таһаҕастаах мотуорка сиппэт. Ол да иһин бу көтөрү кэлэр-барар дьон кыайан өлөрбөттөр. Ыкса күһүн оҕолорун көтүтэр.
Тайҕаҕа соҕотоҕун хаала илик киһиэхэ, миэхэ, бары барыта дьикти. Олус чуумпутук, биир тэҥник сүүрүк дьиктилээх улуу тойугу туойарга дылы. Киэһээҥҥи сарыал сырдыгар бу тугу эрэ кэпсиир, тугу эрэ киҥинэйэр, иэйэр-туойар уу ордук ырааһырар. Өр-өтөр буола-буола, кэрэ кыыс нарын тарбаҕыттан төлө түспүт көмүс көлөөскөлүү ханнык эрэ балыктар өрөҕөлөрө, лапчааннара кылбас гыналлар. Ардыгар хара уорҕалаах, уолан киһи кыыннаах быһаҕын курдук, тиистээхтэр, дьорохойдор кэлэн тааска муннуларын анньан сундуһан туран бараннар, били көмүс көлөөскөлөр кылабачыстахтарына, биирдэ сус гынан хаалаллар.
Ууну, бу дьиппиэр хайаны тула таарбаҕан уорҕатын тиирэ таппыттыы тараадыйар үөмэх маһы-оту көрө-көрө, оҕо сааһым дьиктилэрин, кини бараммат баай остуоруйатын, омуннаах кэпсээннэрин саныыбын. Уу, тыа, хайа – бары дьиктилэр. Кинилэр кистэлэҥнэрин билээри дьон саастарын, олохторун аныыллар. Мин эмиэ оҕо сылдьан, «түөрт уон түөрт омук үөрэҕин бүтэрбит Бүөккэ Муудурууну» кытары уунан харбаабытым, аар тайҕаны арҕарбытым, таас хайаны эргиппитим. Бу ууну, тыаны барытын билэрдии сананан, кыйыы кыылын ытаарыбын бу улахан хайа тэллэҕэр олоробун. Ол эрээри мин оҕо сааһым Бүөккэ Муудурууна бүгүн даҕаны миигиннээҕэр өйдөөх, күүстээх. Кини обургу өй муҥутаан хайыы үйэ ханна туох буола турарын барытын, бэйэтин аптаах сиэркилэтин курдат көрүөх этэ. Киһи аймах баҕарар баҕата, дьулуһар дьулуура улуу, сүдү даҕаны. Хас эмэ сылы, үйэни курдаттаан, биһиги бу манныкка тиийдэрбит ханнык диэн сабаҕалаан ыраах да көтөллөр, дириҥи да көрөллөр.
....Хайаттан таас тоҕунна. Мин соһуйан, тобукпар ууран, олорбут саабын харбаан ыллым, сибилигин саныы олорбут дьикти түгэннэрбин мүччү тутан кэбистим. «Кыра таас. Туох буолуон сөбүй?» диэн бэйэм бэйэбиттэн ыйытабын. Тула уу чуумпу, им-ньим. Арай, уйуһуйбут ат туйаҕын тыаһын санатан, түөһүм иһигэр сүрэҕим биир кэм битиргиир. Хайа үрдүгэр ким эрэ маһы хайа татта, бүтэҥи эрээри туох эрэ лыҥкынас, мас тырыыҥкаланар тыаһыгар маарынныыр дорҕоон кэлбэхтээн баран сүттэ. «Оҕонньор – тыатааҕы кырдьаҕас кымырдаҕастыыр быһыылаах» диэн түмүктээн баран, тоҕо эрэ холкутуйан, хайа оройуттан сиэттэрэн, үрдүк мэҥэ халлааны одуулаһабын. Хараҥарбыт халлаан сулустарынан толору. Ити мин таабырыннарым, ити киһи аймах бүттүүнүн таабырына. Оҕо сылдьан сулус «сүүрэрин» көрөрүм. Ону аҕам «тымныы буолаары гыннаҕа» диэн сылыктыыра. Эмиэ кылгас ыырдаах, чычырбас олохтоох урукку саха киһитигэр тиийэбин. «Оһох үөлэһиттэн көтөн тахсар кыымныы, түннүгүнэн элэкис гынан ааһар кымньыы күлүгүнүү кылгас үйэлээх» диэн хоһуллар саха олоҕо уларыйда. Көтөр күлүмэх күүстээх Ньургун Боотур – ол бүгүҥҥү саха. Түөрт уон түөрт омук үөрэҕин билбит Бүөккэ Муудуруун – ол билиҥҥи саха.
Түүҥҥү уу чуумпуга туох барыта дьикти. Чугаһыттан ыллахха чычаас дириҥиир, чугас ыраатар. Мин харахпар уҥуоргу биэрэк көстүбэт буолла. Ол оннугар мин сарсыҥҥы күнүм, мин бүтүн дьылҕам бу түлэй-балай түүнү дьөлөннөр, улам чугаһаан, сырдаан иһэллэр. Саха киһитин дьылҕата – ол мин дьылҕам. Соҕотох буолбатах, миигин төгүрүктүүр, миигин өйдүүр дьонноох-сэргэлээх буоламмын бу аар тайҕа баһылыга курдук сананабын, түүнү дьөлөр, хараҥаны да курдат сандаарар дьылҕалаахпын. Киһиэхэ онтон ордук дьол суох. Ол да буоллар олох уустук. Олоххо эмиэ күнүс, эмиэ түүн баар.
…Оҕо туура тардан аҕалан туттаран кэбиспит сибэккитин туппутунан ытыы олорор икки хараҕа суох эмээхсини – Матырынаны өйдүү биэрдим. Кини дэлэй-былас саҥалаах элбэх кэпсээннээх, сааһын-үйэтин тухары икки ньилбэгин дьүккүрүтэн, ону чэрдитэн муҥха сэтиитин хатара. Ол эмээхсин барахсан бу түүҥҥү Чаара нөҥүө көстөр сибэккилээх күөх алаас ортотугар сиэлэ аҕалан туттаран кэбиспит сардаана сибэккитин туппутунан ытыы олорор. Хараҕын уута ол сибэкки эрэ тэтэрбит чааскытыгар тохтор. Эмээхсин бастаан, саҥа таһаарбакка, бүтэйдии көхсүн иһигэр ытыах курдук гынан иһэн улам-улам уҥуоҕа хамсаан, мэҥийдэр мэҥийэн, күүһэ-кудэҕэ баранан, туох баар ис санаатын барытын тоҕо тутан ытаан барда. Харах уутуттан туолбут сардаана сибэкки чааскыта харах буолан ытыы олорор эмээхсини, күөх халлааны, сандаар маҥан күнү – кини эмээхсин хараҕа буолан көрөргө дылы.
Матырына эмээхсин үстээх сылдьан, улахан дьаҥҥа ыалдьан, көрөрүттэн маппыт үһү. Онтон ылата сиэтиигэ сылдьыбыт. Тыйыс дьылҕатыгар бас бэринэн, биир оҕону оҕолообокко, биир эдэр киһи сылаас көрүүтүн билбэккэ, биир да нарын, кэрэ бэйэлээх сибэкки өҥүн көрбөккө, тоҥ кылы кытта тустан олох күнүһүн куоттаран, олох түүнүгэр хаалаахтаабыт.
Эмээхсин тутан олорор сибэккитин иҥнэс гыннарбытыгар, кинини, күнү, халлааны одуулаһа олорбут харах уута харах, тохтон хаалла. Ханна эрэ хайа үрдүгэр дуу, аар тайҕа ортотугар дуу, сырдык Чаара үөһүгэр дуу ким эрэ кыланан ылла. Ким да суох, ити мин сүрэҕим кыланна быһыылаах.
Түүн ыраатта. Дэбирсийэн, кытаатан, ыараан көстөр буолла. Уу чуумпу. Арай уу тыаһа, кыһыл көмүс чуораан тыаһыныы, күндүтүйэн, кылыгыраан иһиллэр. Кини таастан тааска үктэнэн, биир кэм иннин диэки – улахан олох, эҥсилгэннээх кэтит-киэҥ мындаа диэки айанныыр. Кыыл киирбэтэ. Халлаан кылдьыы курдук сырдаата. Саҥа күн, саҥа саҕах үүнэн барда. Тыа, хайа, өрүс түүнү быһа тимирэ, саһа сытан баран эгдэс гынарга дылы гыннылар. Хойутаан уһуктубут сиккиэр биир кэм мэндээрэ, талбаара сыппыт өрүс уутун кычыгылаппахтаан, көмүс аалыытынан күллэрбэхтээн баран, түбэ маһын-отун уһугуннара дьылыс гынан хаалла.
Олох кэрэтиэн! Төһө күүс, өй-санаа тиийэринэн бу бэйэлээх олоххо олорбут киһи баар ини. Мин олоҕум муҥура, түгэҕэ суох буолан көһүннэ. Хас сарсыарда ахсын саҥа күнү уруйдуу тоһуйуом. «Мин таптыыбын түүнү, сарсыарданы. Мин таптыыбын халыйан кэлэр хараҥаны, сандааран тахсар саһарҕаны. Мин таптыыбын сарсыардааҥҥы сиккиэри, сэргэхтик истэр сэбирдэҕи, дьол уонна үөрүү сиигинэн сырдыы арыллар сибэккини. Мин таптыыбын күнү, халлааны, муус тобурахтаах ардаҕы, саҕахтан саҕаҕы быһа кымньыылыыр чаҕылҕаны», – диэн, сарсыардааҥҥы Чаара чэбдик салгынын толору тыына-тыына, саҥа аллайдым.
Күн лаппа ойуута сарсыардааҥҥы сиик уутунан чааскыларын толорбут сардааналары көрө-көрө: «Матырына муҥнаах хараҕын уута тохтубатах эбит. Хас сарсыарда ахсын сиик буолан бу мааны бэйэлээх сибэккилэр чааскыларыттан саҥа күнү көрсөр эбит. Сир үрдүгэр туох да өлбөт», – дии санаабытынан отуубар кэллим.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.