Текст книги "Арсен Томскай. Үрдүккэ дьулус, санаабыккын ситис"
Автор книги: О. Манчурина
Жанр: Воспитание детей, Дом и Семья
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Арсен Томскай. Үрдүккэ дьулус, санаабыккын ситис
АРСЕН ТОМСКАЙ ДИЭН КИМИЙ?
IT эйгэтигэр сахалартан бастакы урбаанньыт. Аан дойдуга биллэр «Синет» уонна «Индрайвер» тэрилтэлэри төрүттээбитэ. Интернет көмөтүнэн үлэлиир программа, сыһыарыы айан, элбэх дьон туһанарыгар анаан оҥорбута.
«inDriver» такситынан айаннаабыккыт эбэтэр «Ykt.ru» порталга киирэн сонуннары аахпыккыт, көрбүккүт буолуо. Бу сайты, сыһыарыыны Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Россия уонна аан дойду үрдүнэн билэллэр, туһаналлар. Онон үгүс дьоҥҥо көмөлөһөн, олохторун чэпчэтэллэр.
Саха сиригэр аан бастаан компьютердар саҥа үөдүйэн эрэр кэмнэригэр Арсен үлэтин программист быһыытынан саҕалаабыта. Ол кэннэ туспа тэрилтэ тэринэн үлэлэппитэ. Саҥа технология үйэтэ сайдыа диэн эрдэттэн сэрэйбитэ, ити хайысхаҕа элбэҕи үөрэппитэ, билбитэ.
Саха сирэ ыраах сытар уонна олус тымныы. Ол да буоллар, Арсен Томскай ыраах, кыракый да куоракка олорон аан дойдуга биллэр сүдү хампаанньаны тэрийэн, дьон санаатын уларытта. Ханнык баҕарар оҕо, ыччат ханна олороруттан, ханнык оскуолаҕа үөрэнэриттэн тутулуга суох ситиһиилээх буолуон сөп диэн көрдөрдө.
«Киһи бэйэтин бары өттүнэн сайыннардаҕына аан дойдуну үтүө өттүгэр уларытыан сөп. Саха сирин хас биирдии оҕото үөрэнэн, үтүөҕэ тардыһан кыаҕын арыйдаҕына ситиһиилээх, норуотугар туһалаах буолуо диэн итэҕэйэбин».
АРСЕН ТОМСКАЙ ТУhУНАН ЧАХЧЫЛАР
Оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Төрөппүттэрэ науканан дьарыктанар буолан, ордук үөрэххэ, билиигэ олус тардыһара.
Дьиэтигэр наукаҕа сыһыаннаах элбэх тустаах литература, кинигэ баара уонна сурунаал суруталлара.
12 сааһын туолуута Арсен нуучча, омук классик суруйааччыларын – Александр Дюматтан саҕалаан Жюль Верн, Чарльз Диккенс, Франсуа Рабле айымньыларыгар тиийэ аахпыта.
Кыра эрдэҕиттэн дьоҥҥо көмөлөһөрүн ордороро. Биирдэ 3 солкуобайы булан баран (оччолорго элбэх харчы), кылааһын оҕолорун барыларын маҕаһыыҥҥа илдьэн маактаах буулка уонна үүт атыылаһан күндүлээбитэ.
Биирдэ төрөөбүт күнүгэр киниэхэ ыраахтан салайыллар вездеход бэлэхтээбиттэрэ. Ол саҕана оннук оонньуур күндү, аҕыйах буолара. Хайдах айанныырын, салайылларын билэн, бэйэтигэр улахан арыйыы оҥорбута. Ити күнтэн программа оҥорорго интэриэс үөскээбитэ.
Хаһыаттан, кинигэттэн компьютер уонна программа оҥорор суруйуулары булан аахпыта.
12 сааһыттан дэриэбинэҕэ хаппыыста сыыс отун ыраастааһыҥҥа үлэлээбитэ. Манна аан бастаан эт илиинэн үлэ диэн хайдаҕын билбитэ, сыраны-сылбаны ууран ылбыт харчы хайдахтаах курдук күндүтүн өйдөөбүтэ.
Тохсус кылаас кэнниттэн СГУ иһинэн үлэлиир физико-математическай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Манна куорат үрдүнэн соҕотох компьютер кылааһа баара. Арсен компьютер иннигэр аан бастаан олорбут түгэнин хаһан да умнубат.
Арсен түөрт сааһыттан кэлэҕэйдиир буолбута. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр онтон олус эрэйдэнэр этэ. Саамай сүрүнэ, итини билигин болҕомтоҕо уурбат, кыбыстыбат.
Үгүс толкуй кэнниттэн саҥа саҕахтары арыйарга быһаарыммыта. Кыахтаах, өйдөөх ыччат өрөспүүбүлүкэбитигэр хаалан үлэлээтэҕинэ эрэ сайдыахпыт диэн, ити суолунан күүстээхтик ылсарга туруммута.
«СИНЕТ» ТУhУНАН
1999 сыллаахха Арсен Томскай биир санаалаахтарын кытта «Сахаинтернет» диэн хампаанньаны тэрийбитэ.
Бастаан аҕыйах үлэһиттээх дьоҕус тэрилтэ этэ. Дьокуускай куорат олохтоохторугар анаан араас сонуну ааҕар, үлэ булар, санаа атастаһар, биллэрии биэрэр сайт оҥорбуттара. Бу хампаанньа билигин аан дойду таһымыгар тиийэ үлэлиир. Түөрт континеҥҥа офистаах, сүүһүнэн төһүү үлэһиттээх дойду бас-көс IT-хампаанньаларыттан биирдэстэрэ буолар.
Тэрилтэ бүгүн бэйэтин иннигэр улахан сыалы-соругу туруорар, тохтоло суох сайдыы суолунан инники баран иһэр. Саха сиригэр IT хайысхатын сайыннарыыга улахан кылаатын киллэрэр. Хампаанньа холобуругар тирэҕирэн саҥа саҕалааччылар санаалара кынаттанар, араас туһалаах бырайыактар олоххо киирэннэр тулабыт тупсар, уустук судургутуйар. Ол курдук, хампаанньа иһинэн «Синет Спарк» уонна «Синет Сахавуд» бырайыактар тэриллэн үлэлииллэр.
«inDriver»
inDriver – мобильнай сыһыарыы. Бу сыһыарыыга киирэн, такси сакаастаан туһааннаах сиргэ тиийиэххэ сөп.
Саха сирин олохтоохторо бу сыһыарыыны сөбүлээн тутталлар. Бастаан өрөспүүбүлүкэ иһинэн тарҕаммыта, онтон салгыы Россия куораттарыгар үлэлээбитэ. Билигин аан дойду таһымыгар тахсан, араас дойду куораттарыгар арыллар. «inDriver» сыһыарыыны элбэх дьон туһанан, кыһалҕатын судургутук быһаарар.
Билигин Арсен иилиир хампаанньатын нөҥүө – төлөпүөн сыһыарыытынан Бразилияҕа, Боливияҕа, Гондураска, Доминиканаҕа, Соҕурууҥҥу Африкаҕа, Кенияҕа, Индияҕа, АХШ-ка, Мексикаҕа уонна да атын дойдуларга сылдьан массыына ыҥыран, айаныҥ сыанатын бэйэҥ ыйан, тиийиэхтээх сиргэр илтэрэр кыах үөскээтэ.
Арсен улахан куораттарга офис арыйан, дьону хамнастаан, саҥа саҕахтары баһылаан, аан дойду таһымыгар күүскэ ылсан үлэлиир.
САНА БЫРАЙЫАКТАР
Begin IT
Begin IT диэн оҕолору үөрэтэр бырайыак. Манна тыа оскуолатыгар үөрэнэр, ону тэҥэ оҕо дьиэтигэр, интернат-оскуолаҕа олорор оҕолор кыттыахтарын сөп.
Үөрэх сүрүн сыала – IT эйгэтигэр дьоҕурдаах оҕолору кытыннарыы. Бу хайысхаҕа интэриэһи үөскэтэн идэлэрин сөпкө талалларыгар, кэлин бэйэлэрин олохторун дьоһуннук оҥостоллоругар, майгылара-сигилилэрэ тупсарыгар, сайдыы суолугар үктэнэллэригэр туһаайыллар программа буолар.
Бу бырайыак билигин Саха сиригэр, Россия регионнарыгар, Казахстаҥҥа, Кыргызстаҥҥа, Украинаҕа, Латинскай Америкаҕа, Африкаҕа, Азияҕа уонна Европаҕа утумнаахтык үлэлиир.
Манна 12-тэн 16-гар диэри саастаах аныгы технологияны билиэн-көрүөн, баһылыан баҕалаах оҕолор үөрэниэхтэрин сөп. Үөрэҕи Арсен Томскай бэйэтэ үбүлүүр.
Кууппал анныгар дьиэ
Биһиги дойдубут ирбэт тоҥноох буолан олус тымныы. Кыһын дьиэ оһоҕун оттор, ититэр элбэх харчыны, үлэни эрэйэр. Оттон массыыналаах дьоҥҥо туспа сылаас гараас наада. Ол иһин дьиэни тымныыттан хаххалыыр ньыманы булбуттара. Ол – дьиэни кууппалынан (купол) бүрүйүү. Дьиэни кууппалынан бүрүйдэххэ дьиэ өссө сылыйыа, дьон кыһалҕата аҕыйыа этэ. Кууппалы туруордахха ирбэт тоҥҥо хайдах дьайыай, төһө көдьүүстээх, туһалаах буолуой диэн билигин анал үөрэхтээх дьон, учуонайдар кэтээн көрөллөр, чинчийэллэр. Кинилэр кууппалы туһаныахха сөп диэн бигэргэттэхтэринэ биһиги дойдубут дьонуттан саҕалаан мөлүйүөнүнэн киһи туһаныа, олоҕо тупсуо этэ. Кууппал кээмэйэ араастаан уларыйыан сөп: кыра дьиэттэн саҕалаан бүтүн кыбаарталы хабар гына.
Синет Спарк
Синет Спарк – саҥа хайысха. Саха сиригэр олорорго туох ыарахаттар баалларын, олохтоох дьон ханнык кыһалҕалары көрсөллөрүн үөрэтэллэр уонна ону туоратарга идеялары, бырайыактары толкуйдууллар, өйүүллэр. Үөрэтэн, чинчийэн баран маннык бырайыактары үлэлэтэн саҕалаабыттар:
Дьокуускай куораты тупсаҕай көстүүлээх оҥоруу;
куорат таһыгар улахан аквапарк тутуллуутугар көмөлөһүү;
куорат быылын суох оҥорорго бырайыак оҥоруу;
кууппаллаах конструкциянан эксперимент ыытыы.
«Спарк» бырайыак инникитин үчүгэй түмүктээх буоллаҕына, үлэ хайысхатын өссө кэҥэтиэхтэрэ, атын бырайыактары олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөхтэрэ.
Арсен Саха сиригэр быһаарыллыбакка турар кыһалҕа элбэҕин этэр. Ол тыйыс айылҕаны, сыыһы-бөҕү, кирдээх ууну, суол-иис мөлтөҕүн, атыылаһар табаарбыт үрдүк сыанатын кытта ситимнээх. Оннооҕор кумаар, оҥоойу элбэҕэ кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Онуоха эн курдук эдэр дьон аныгы технология көмөтүнэн туох эрэ уратыны айан таһааран олохпутун чэпчэтиэхтэрэ диэн эрэнэр.
«Олоҕу үчүгэй эрэ өттүгэр уларытарга дьулус, сайдарга мэлдьи бэлэм буол, тулалыыр эйгэҕин болҕомтолоохтук көр-иһит, үөрэт, барыны-бары интэриэһиргээ, ыйыталас, билиигэ тардыс».
САХА СИРИН ТУhУНАН
Саха сирин миссията
Саха сирин олохтоохторун түмэр, сомоҕолуур биир сүрүн санаа (национальнай идея) баар буолуохтаах.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тас дойдуга ордук тугунан биллэрий? Тыйыс тымныытынан уонна сиртэн хостонор баайынан. Билигин алмаас, ньиэп, гаас хостуур буолан, дойдубут итинтэн үптэнэн олорор. Аҕыйах сылынан хайдах буолуой?
Алмаас оннугар искусственнай бриллианы атыылаһар буолуохтара;
ньиэби уонна гааһы солбуйар кыахтаах, киһи доруобуйатыгар, айылҕаҕа буортута суох, чэпчэки сыаналаах атын тугу эмэ айыахтара;
күн уотунан эбэтэр көннөрү уунан айанныыр массыыналар баар буолуохтара;
ынах этин солбуйар искусственнай эти ылар буолуохтара. Бу эт амтанын тупсарыахтара, дьиҥнээх эттэн өссө минньигэс гына оҥоруохтара, сыаната лаппа чэпчиэҕэ;
кэлин булчуттар сыал ыталларыгар анаан робот кустары, куобахтары айыахтара;
искусственнай интеллект күүскэ сайдыаҕа.
«Саха сирин олохтоохторо, чуолаан ыччат, итинник кэми көрсөргө эрдэттэн бэлэмнэниэхтээхтэр. Кэм ирдэбилигэр эппиэттэһэр кыахтаах омук кэскиллээх буолар».
Атын ханнык да дойдуга суох, ураты тугу эмэ айан таһаарыынан дьарыгырыы инникилээх буолар. Саха ыччатын толкуйдуур, айар дьоҕурун сайыннаран, биһиги өрөспүүбүлүкэбитин интеллектуальнай өттүнэн күүһүрдүөххэ сөп.
Кэскиллээх хайысханан IT эйгэтэ, киинэ, мультфильм, комикс, музыка, кинигэ уонна да атын өй үлэтин оҥорон таһаарыы буолар.
Олорор сирбит-уоппут уратытын учуоттаан туризм хайысхатын сайыннарыы. Холобура, экстремальнай климакка, айылҕа чочуйан оҥорбут кэрэ көстүүлэригэр олоҕуран, интэриэһинэй бырайыактары толкуйдуохха сөп.
Интернет-бырайыактары, стартаптары сайыннарыы. IT хайысхата тулалыыр эйгэҕэ буортуну оҥорбокко эрэ ордук элбэх туһаны аҕалыан сөп. «MyTona», «Синет» курдук Саха сирин хампаанньалара бэйэлэрин ситиһиилэринэн инники олох аныгы технологияттан тутулуктааҕын дакаастыыллар.
«Саха сирин национальнай идеята – дьон уйгулаах олоҕун тэрийэргэ үрдүк технология көмөтүнэн сайдыы бары өрүттэрин туһаныы. Саха сирэ аныгы технологияҕа Россия биир бастыҥ көрдөрүүлээх, ситиһиилээх регионнарыттан биирдэстэрэ буоларын туһугар биһиги бары күүскэ үлэлиэхтээхпит».
Саха – өйдөөх омук. Омук учуонайдара ааҕан-суоттаан таһаарбыттара, еврейдэр IQ-ларын орто көрдөрүүтэ 115-кэ тэҥ, ити уопсай IQ көрдөрүүтүттэн 8 пуунунан үрдүк. Оттон хотугулуу-илиҥҥи азиаттар IQ-лара орто көрдөрүүттэн 40%-нан улахан. Онон бу бэриллибит өйү, мындыр толкуйу сатаан сөпкө туһаныахха, сайдыы суолугар эрдэттэн үктэниэххэ наадатын туһунан Арсен Томскай этэр.
Тыйыс усулуобуйаҕа тыыннаах хаалар туһугар кытаанах оскуоланы ааспыт өбүгэбит биһиэхэ араас ураты сатабылы, дьоҕуру хаалларбыт эбит. Ол курдук, сахалар булугастар, дьаныардаахтар, атыыга-эргиэҥҥэ сыстаҕастар, туочунай наукаларга талааннаахтар уонна өйгө оҥорон көрөр дьоҕурдара күүскэ сайдыбыт.
САЙДАР ХАЙЫСХАЛАР
Урбаан
Бастаан утаа Арсен урбааҥҥа эрэ сыһыаннаах программа оҥоруутунан муҥурдаммакка, интэриэһиргээбит дьыалатыгар барытыгар ылсан иһэрэ. Түүннэри-күнүстэри, сорох ардыгар аһыырын да умнан туран, сүүһүнэн тыһыынча коду суруйа-суруйа олоруон сөбө. Холобура, футбол матчын, оннооҕор бүтүн турнирдар түмүктэрин урутаан этэр кыахтаах программаны суруйбута. Үксүгэр барыта сөпкө түбэһэрэ.
Программа оҥоруу – боростуой дьарык буолбатах. Ол эрэн, дизайн, бырайыактааһын уонна да атын IT идэлэрин курдук, айар үлэни, толкуйу кытта ситимнээх. Үлэҥ түмүгүн сотору кэминэн көрүөххүн, хайдах-туох оҥорбуккун билиэххин сөп. Тыһыынчанан, мөлүйүөнүнэн киһи эн айан таһаарбыккын бэйэтин олоҕор туһанара аныгы кэм биир ураты өрүтэ буолар.
Инникитин IT эйгэтигэр 10 тыһыынча үрдүк хамнастаах үлэ миэстэтэ 100 тыһыынча киһини аһатар, таҥыннарар кыахтаах. Маны таһынан, IT-урбаанньыт диэн саҥа кэм киһитэ буолар.
«Аан дойду үрдүнэн IT – саамай табыгастаах урбаан. Чиэһинэй, суобастаах, эрэллээх киһи үлэтэ тахсыылаах буолар».
Туризм
Биһиги Сахабыт сирэ олус кэрэ айылҕалаах. Киэҥ-нэлэмэн сиринэн тайаан сытар буолан, киһи үктэммэтэх сирэ олус элбэх.
Туризм – дойдубутун сайыннарар биир күүстээх салаа. Билигин туристары ыраах сытар улуустарга ыҥырабыт, сырытыннарабыт. Онно ыалдьыт түһэригэр дьиэ-уот, сибээс, интернет, суол-иис ситэтэ суох. Ол оннугар:
кыраттан, чугас баартан саҕалыыр ордук. Холобура, Дьокуускай аттыгар тематическай паарканы арыйар ордук буолуо;
быстах кэмҥэ олорорго үчүгэй усулуобуйалаах, атын ханна даҕаны суох экзотическай экодэриэбинэни тутуохха сөп. Араас аттракционнаах ураты программаны толкуйдаан, дьону интэриэһиргэтиэххэ сөп.
Токиоттан, Сеултан, Пекинтэн кэлэр чартернай быһа авиарейстары тэрийдэххэ, айан сыаната чэпчээтэҕинэ, российскай визаны ылыы бэрээдэгэ судургу буоллаҕына, Саха сиригэр туризм күүскэ сайдар кыахтаах.
Онтон кэлин атын маршруттары толкуйдуохха сөп.
Сахавуд
«Сахавуд» диэн саха киинэтин, анимацияны өйүүр пуонда. Дьон санаатын кынаттыыр, сайдыы суолугар сирдиир итиэннэ тас дойдуга көстүөн сөптөөх киинэ барыйыактарыгар бастакы граннар (харчы) бэриллибиттэрэ. Киинэ уонна анимация – интернетинэн аан дойду хайа баҕарар муннугар тиийэр кыахтаах IT эйгэтин биир кэскиллээх хайысхата.
Саха сирин урбаанньыттарын туһунан кэпсиир, кинилэр санааларын үйэтитэр сыаллаах киинэ бырайыактарын «Сахавуд» өйүүргэ бэлэм.
Өскөтүн эн киинэ эйгэтигэр дьоһун хардыылары оҥоруоххун баҕарар буоллаххына, туох туһунан устаргын чопчу толкуйдаан, киинэ сүрүн санаатын, тиэмэтин, сценарийын ымпыгар-чымпыгар тиийэ суруйан баран кэлин «Сахавуд» гранын ылыаххын сөп.
Киберспорт
Киберспорт диэн компьютерынан оонньуурга күрэхтэһии. Спорт биир көрүҥэ буолар. Манна анаан талыллыбыт оонньууга күрэхтэһэллэр. Араас чемпионат түмүгүнэн, аан дойду таһымыгар сүрүн улахан турнирдарга кыттарга хомуур хамаандалар тэриллэллэр. «Dota 2», «Hearthstone» уонна «Counter-Strike: Global Offensive» оонньууларга бастыҥнары быһаараллар.
Арсен Саха сиригэр киберспорт сайдыытыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрбит киһи буолар. 2002 сыллаахха хамаанда туруоран аан бастаан киберспорт чемпионатыгар кытта Москваҕа тиийбиттэригэр: «Ол эһиэхэ компьютер баар дуо?» – диэн ыйыппыттар. Оттон алта сылынан Саха сирин федерацията Россияҕа биэс бастыҥ хамаанда ахсааныгар киирбит. Саха ыччата Россия, аан дойду таһымыгар ыытыллар чемпионаттарга бастакы миэстэлэри туох даҕаны мөккүөрэ суох ылар буолбут, үрдүк таһымнааҕын бигэргэппит.
Сахабыт сиригэр киберспорт сайдан эрэр, оҕолор ситиһиилэринэн көрдөххө, аан дойду таһымыгар тахсар кыах толору баар. Бу хайысхаҕа улахан болҕомто ууруллуон наада. Тоҕо диэтэххэ, киберспорт инники күөҥҥэ таҕыста, тас дойдуларга бу кэскиллээх салааны өйөөччү элбээтэ.
Эн компьютернай оонньуунан үлүһүйэр, интэриэһиргиир буоллаххына, харса суох сөбүлүүр дьарыккынан дьаныардаахтык ылсан ис. Билигин киберспорт эйгэтигэр кэккэ ситиһиилэниэххэ, профессиональнай спортсмен быһыытынан биллиэххэ сөп. Саха сирин ыччата бу салааҕа сибилигин дьоһуннаахтык суолун тобулан киирдэҕинэ биирдэ табыллыаҕа. Кэлин ити эйгэҕэ киирэр ыарахан буолуоҕа эбэтэр төрүт оннук кыаллыа суоҕа.
YӨРYЙЭХТЭР, САТАБЫЛЛАР
Арсен 20 сааһыгар бастакы дьыалатын саҕалаабыта. Тута биири өйдөөбүтэ: бизнеһин үлэлэтэригэр, сайыннарарыгар сүрүн үөрүйэхтэр тиийбэттэр эбит диэн.
Дьону кытта кэпсэтии. Дьону кытта биир тылы булар, санааны этэр – уустук. Кыра эрдэҕиттэн кэлэҕэйдиир буолан, билбэт дьонун кытта кэпсэтэртэн туттунар, дьон иннигэр тахсан хаһан даҕаны тыл эппэт этэ. Билигин үөрэнэн, эрчиллэн сүүһүнэн дьон иннигэр тыл этэр, ханнык баҕарар омугу кытта биир тылы булан дьыалатын быһаарсар.
Доруобуйа өттүнэн хааччахтаныы. Уопсайынан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо сымнаҕастык, эйэҕэстик сыһыаннаһарга ыҥырар. Ити ким да буруйа буолбатах, айылҕа хайдах биэрбитинэн буоларын өйдүөх тустаахпыт.
Спорт. Кыратыгар спорду кытта соччо доҕордоспот этэ. Сүүрүүгэ бүтэһик кэлэрэ, эбиитин компьютер иннигэр олорон эрэ үлэлиир буолан уойан барбыта. Ол иһин бастаан бэлисипиэт тэбэн уонна сүүрэн саҕалаабыта. Билигин кини аан дойду саамай биллэр марафоннарыгар Токио, Чикаго куораттарга ситиһиилээхтик кыттар. Дьокуускай куоракка сыллата ахсын буолар полумарафоны тэрийсэр.
Дьол туһунан
Дьол диэн тугуй? Ити ыйытыкка өр толкуйдаан, ырытан, анааран баран маннык санааҕа кэлбит.
Киһи бэйэтэ хайдах саныырынан, олохтон тугу баҕарарын, күүтэрин ыллаҕына уонна тэбиэн саҕа хара санааны түөн саҕа сырдык санаа баһыйар буоллаҕына дьоллоохпун дэнэр эбит.
Холобур, үрдүк хамнастаах үлэлээх уонна мөлүйүөнүнэн харчылаах киһи дьоло суох буолуон сөп. Оттон ыраах хайа хаспаҕар олорон эрэ булуус уутун иһэртэн, лэппиэскэ сииртэн, күн тахсарын уонна киирэрин көрөртөн – олоҕу олорортон үөрэн дьоллоох буолуохха сөп.
«Кыраттан үөр, киһилии сыһыаны тутус».
Yтyo дьыала
Арсен көҕүлээһининэн «Синет» хамаандата 2012 сыл сайыныгар Өлүөнэ өрүс арыытыгар «SummerFest» тэрийэн ыыппыта. Олус киртийбитин көрөн, сарсыныгар биэс улахан мөһөөччүк бөҕү хомуйбуттара. Бу бырайыагы «Мусору.нет» диэн ааттаабыттара уонна куорат таһын ыраастааһыны үгэскэ кубулуппуттара. Ити курдук сыыһы, бөҕү хомуйууга кыттыһар куорат олохтоохторо, чуолаан оҕолор уонна ыччат, айылҕаҕа, таһырдьа бөҕү-сыыһы ыһа-тоҕо сылдьыбаттар диэн санааларын үллэстэллэр. Төрөөбүт дойдубутун ыраастык тутан олордорбут ханнык.
Харчы туһунан
Устудьуоннуур кэмигэр бааннарга үбү сөптөөхтүк дьаһайарга сыһыаннаах өҥөнү оҥорор буолбута, инньэ гынан, номнуо 20 сааһыгар харчыласпыта. Ол эрэн, ити кэмҥэ интернетинэн күүскэ үлүһүйэн, 25 сааһыгар «Сахаинтернети» төрүттээбитэ. Ол саҕана бу дьыалата төһө даҕаны элбэх үбү аҕалбатар, саамай сөптөөх хайысханан барбытын өйдүүр.
«Хаһан даҕаны харчыны сырсымаҥ, харчыны сыал оҥостумаҥ. Бэйэҕит сөбүлүүр дьыалаҕытынан утумнаахтык дьарыктаныҥ».
Үтүө уонна мөкү санаа
Үтүө быһыы-майгы, сырдык санаа киһини сайыннарар өрүттээх. Оттон хара санааттан, куһаҕан быһыыттан-майгыттан киһи кэхтэр, кэннин диэки барар. Холобура, тулаайахтарга көмөлөспүтүҥ бүтүн уопсастыба сайдыытыгар дьайар, оттон уоруу, бэрик биэрии – мэһэйдэри үөскэтэр.
1990-с сыллардаахха ыарахан кэм кэлэн ааспыта. Оччолорго кини дьонун аһатарыгар хантан харчы буларын уонна ол туһугар тугу гыныахтааҕын толкуйдуура. Биирдэ гуманитарнай көмө быһыытынан Америкаттан кэлбит аһылыгы эбэтигэр биэрбиттэрин өйдүүр. Онно кэнсиэрбэлэммит ветчина, галет, омук аһын арааһа баара. Ити көмө оччолорго тоҕоостооҕун, суолтатын Арсен өйдүү-саныы сылдьар.
«Төрөппүттэргэр, аймахтаргар, бииргэ үөрэнэр кылааһыҥ оҕолоругар, күннэтэ алтыһар дьоҥҥор үтүө сыһыаннаах буол. Киһи төһөнөн тулалыыр дьонугар үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор, соччонон өйө-санаата дьэҥкэ буолар, ис култуурата үрдүүр, киһи быһыытынан тупсар, барҕарар. Үтүө өй – ситиһии төрдө».
СYБЭЛЭР
Кытаанах санаалаах буол. Санаабытыҥ ситиһиилээх, ылсыбытыҥ кыайыылаах буоларын туһугар чугас дьонуҥ, доҕотторуҥ эн саҕалааһыҥҥын туох дии саныылларын кэтэһэн олорума. Онон быһаарыыны бэйэҥ ылыныахтааххын уонна идеяҕын тиһэҕэр тиэрдэр гына кытаанах санаалаах буолуохтааххын. Саҥаны саҕалааччыга хаһан баҕарар бастаан ыарахан буолар. Куттаммакка, саарбахтаабакка инниҥ хоту баран ис. Соруккун ситис, бэйэҥ сыалгын толорорго дьулус. Тэтимнээх буол – ситиһии сиэттиһиэ.
Фантастиката аах. Учуонайдар биир чинчийиилэрин түмүгүнэн, Америка уонна Европа саҥаны айааччылара (изобретатель) кыра сылдьан элбэх фантастиканы аахпыттара быһаарыллыбыт. Ол аахпыттара кэлин ураты айар дьоҕурдаах, сытыы өйдөөх, интэриэһинэйи оҥорор кыахтаах буола улааталларыгар көмөлөспүт. Интэриэһиргиир тиэмэҕин анаан-минээн үөрэт, туһааннаах литератураны булан аах. Элбэҕи билэ-көрө сатаа. Саха сиригэр сыһыаран, бу тиэмэҕин салгыы хайдах сайыннарыахха сөбүн толкуйдаа.
Үөрэххэ бастыҥ буол. Үөрэххэ талааннаах, дьулуурдаах саха оҕолоро аан дойдуга саамай үрдүк рейтиннээх үөрэх кыһаларыгар – Гарвард, Кембридж, Сорбонна, Стэнфорд аатырбыт университеттарыгар туттарсан киирэллэрэ – биир улахан баҕа санаам. Пилотнай бырайыак быһыытынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат бастыҥ үөрэнээччилэрин бэлэмнээн саҕалыахпыт.
Омук тылын баһылааһын – кэм ирдэбилэ. Атын тылы баһылаатаххына эн иннигэр үгүс аан арылларыгар көмөлөһүө.
Тылы билэр буолан, кини хампаанньата араас омук дойдутугар үлэлиир. Арсен бэйэтэ аан дойду үрдүнэн киэҥник биллэр Стэнфорд университекка (Калифорния штатыгар баар, АХШ) үөрэнэр.
Үтүө өйү үллэстэ, кэрэ кэскил туһунан кэпсэтэ үөрэн. Өйүҥ күүһэ тылгар баар. Ийэ тылыҥ ис кэрэтин иҥэрин.
Кэрэни кэрэхсээ, мөкүттэн үчүгэйи араарарга үөрэн. Саҥаны, сонуну тобулан, сайдыы суолугар үктэн. Үтүө санааҕынан, ураты көрүүгүнэн дьон кэрэхсэбилин тутуоҥ. Кэскилиҥ сайдарын туһугар үйэлээх дьыаланы оҥорорго дьулус.
Кырдьыгы атастаһыма. Быстах санааҕа өйгүн сүүйтэримэ. Оҥорор дьыалаҕар, этэр тылгар тур. Куһаҕаны хайҕаама, санааҥ ыраас, өйүҥ дьэҥкэ буоллун.
Сөбүлүүр идэҕинэн дьарыктан. Идэни, үлэни баһылаан, олох үрдүк күөнүгэр олохтоохтук таҕыс. Бэйэҥ ис санааҕын иһит.
Чөл туруктаах, чэгиэн олохтоох буол. Сиэри-туому тутус, өбүгэлэргэр махтан. Олох үчүгэй өттүн көрө үөрэн. Олоххун таптаа, олоххунан дуоһуй, саргыны санаа. Бэйэҕэр итэҕэллээх буол, өйгүн-санааҕын түмп.
Хас биирдиибит хайдах өйдөөх-санаалаах буолан улаатара оҕо саастан тутулуктаах. Өскөтүн сайдыылаах уопсастыбаҕа олоруохпутун баҕарар буоллахпытына, оҕону биир халыыпка киллэрбэккэ, уратытык толкуйдуур, анаарар, стандартан тахсар кыахтаах гына өйүн эрчийиэхтээхпит. Төрөппүттэр манна күүстээх өйөбүл буолуохтаахтар.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?