Электронная библиотека » Сахаайа Ермолаева » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: Сахаайа Ермолаева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Сахаайа Ермолаева
Тыалырар салгыннаах олоҕум…

Киирии тыл

Ааспыт 2022 сыллаахха уһулуччулаах поэт Сергей Степанович Васильев-Борогонскай төрөөбүтэ 115 сылын туолуутун киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Онно норуодунай поэт Рафаэль Баҕатаайыскай, эдэркээн сааһыгар бу олоххо суох буолбут Сахаайа Ермолаева ааттара эмиэ ахтыллыбыттара… Поэзия аартыга диэн баар эбит буоллаҕына, онно ис сүрэҕиттэн дьулуһар киһи сүрэҕинэн сэрэйэр – ыраахтан угуйар Поэзия кутаатын сырдык кыымнарыгар биир чаҕылхайдара, ханнык да тыалтан умуллубат сырдыктара Сахаайа Ермолаева баара-суоҕа 32 сааһыгар диэри айан хаалларбыт талааннаах айымньылара буолалларын…

 
Мин, баҕар, ырыаҕа-тойукка
Кэмиттэн кэмигэр биллиэҕим.
Көҥүл, Тэҥ холбоспут – хойукку
Хоһооно буоламмын тиллиэҕим.
 

Сахаайа бастакы «Күөрэгэйим ыллаата» кинигэтэ 2011 сыллаахха, «Тыыннаах ырыа» 2014 сыллаахха бэчээттэммиттэрэ. «Тымтык кутаа» хомуурунньук Сахаайа хоһоонунан айымньытын үһүс кинигэтэ. Бу үһүс хомуурунньук аата Сахаайа бэйэтэ хоһуйбут хоһоонуттан үөскээбит:

 
Билэбин мин айар таһыммын —
Тыһыгырыы умайар тымтыкпын.
Өбүгэм бэлэҕин кэриэстээн
Кутааны күөдьүтэ сатыыбын.
 

Аҕата Рафаэль Баҕатаайыскай ахтарынан: «Сахаайа мэлдьи уобарастаан, ардыгар хас да өйдөбүллээн дириҥэтэн суруйарын сөбүлүүрэ. Бу түгэҥҥэ „тымтык” – кини поэтическай дьоҕура; „Кутаа” (хомуурунньук) – ол дьоҕурун түмүгэ». Сахаайа ахсааны эккирэтиспэтэҕэ, кэрэхсэнэри, туох эмэ сонуну этэргэ дьулуспута. «Хоһооннорум өссө сойо түстүннэр, хос чочуйталыам», – диир эбит. Ол да иһин бастакы кинигэтин 30 сааһыгар биирдэ бэчээттэппит. Дьиҥинэн, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйар буолбут. Маҥнайгы хоһоонноро 16 сааһыттан өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар тахсыбыттар, араадьыйанан бэриллибиттэр. Ити сааһыгар поэт Алексей Михайлов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ бастакы лауреата буолбут. Онтон салгыы ийэҕэ-оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи сабыылаах куонкуруска кыттан, норуодунай поэт Иван Гоголев кэнниттэн иккис бириэмийэҕэ тиксибит.

Аан дойду, Арассыыйа, Саха сирин суруйааччыларын да айымньыларын арахпакка, бэл түүнүн сыттыгын анныгар укта сытан, уһугуннар эрэ уотун уматан аахпытынан барар, онтон өйдөөбөтөх сирдэрин ийэтиттэн Светлана Сергеевнаттан (Сергей Васильев-Борогонскай улахан кыыһа) уонна аҕатыттан (норуодунай поэт Рафаэль Баҕатаайыскай) ыйытан быһаартарара үһү. Инньэ гынан, литература теориятын балачча үчүгэйдик билбит. Лондоҥҥа икки аҥаар сыл экономика төрүттэригэр итиэннэ английскай тылга үөрэнэн кэлбит. Лондоннааҕы университет сыллата тэрийсиитинэн бүтүн кууруһунан Францияҕа, Испанияҕа, онтон да атын дойдуларга экскурсияларга сылдьыбыттар. Үөрэнэн, киэҥ сирдэринэн сылдьан, Дьокуускайга төрөппүттэригэр кэлэригэр төрөөбүт сахатын тылын дьылҕатын туһунан өйдөбүлэ дириҥээбит. Арҕааҥҥы судаарыстыбалар аҕыйах ахсааннаах омуктарын эстиилэрэ саҥарар тылларын симэлийиититтэн саҕаламмытын ис сүрэҕинэн ылынан өйдөөбүт. Биһиги, сахалар, эмиэ оннук суолга киириэхпитин сөбүн өйдөөн, Э.К. Пекарскай тылдьытын арахпат аргыс оҥостубут.

Саха биллэр суруйааччыларын кытта көрсүһүүлэргэ Сахаайа өрүү сылдьан туох интэриэһиргэппитин сурунара: «Амма Аччыгыйа эдэргэ сүбэлиир: „Киһи мунньахтан суруйааччы буолбат. Мунньах сүбэлиир, көҕүлүүр эрэ. Суруйааччы үс сүрүн суолтан үөскүүр: бастакыта – айылҕаттан бэриллибит дьоҕура, талаана. Иккиһэ – ол дьоҕуру элбэх үчүгэй кинигэни ааҕан уонна олоҕу мындырдаан үөрэтэн сайдыахха, үсүһэ – ийэ тылы үчүгэйдик билиэххэ наада…”»

2014 сыллаахха экономическай наука дуоктара, профессор, үп-экономика институтун бастакы сыллардааҕы ректора Анатолий Афанасьевич Попов Сахаайа поэзиятын үчүгэйдик билэр, кинилиин алтыспыт буолан, кини санааларын аахпыт эрэ киһи толору ылынар. Анатолий Афанасьевич суруйуута ылыннарыылаах: «Финансовай-экономическай институт аһыллан үлэлээбитэ 2 сылтан орто. Ити кэм устатыгар 2 тыһыынчаттан тахса устудьуон араас экономическай идэлэргэ үөрэнэн, талбыт хайысхаларынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Бэрт үгүс араас талааннаах оҕолор үөрэнэн аастылар. Кинилэр истэригэр Ермолаева Сахаайаны чорботон ааттыам этэ. Кини „үлэ экономикатын” идэтин ылан, араас науканы үөрэтэн, бэйэтин идэтин баһылаабыт биир бастыҥ каадырбыт этэ. Ити кэмнэргэ үөрэнэр эдэр ыччаттартан Сахаайа чопчу чорбойоро, биир саамай талааннаах ыччаппыт этэ дии саныыбын. Кини бары куурустарга үчүгэйдик үөрэммитэ, олус талааннаах, ис-иһиттэн истиҥ иэйиилээх хоһооннору араас студенческай көрсүһүүлэргэ ааҕара. Айылҕаттан айдарыылаах саха норуотун дьонун кэккэтигэр киириэ диэн саарбахтаабат этибит… Ону баара… Сахаайа олус хомолтолоохтук биһиги кэккэбититтэн эрдэ туораабыта. Кини хаалларбыт айымньылара кими баҕарар кэрэҕэ, сырдыкка ыҥыра туруохтара. Кини, экономист-социолог буолан, политиканы уонна экономиканы дьүөрэлии ырытан, аттаран, олоҕу эҥсиэлээхтик, мындырдык өйдүүрэ. Ол түмүгэр, тулалыыр эйгэтин, кини дьонун-сэргэтин ис санаатын тургутуулаахтык түөргүлээн сыаналыыра, арыйара. Айымньылара, толкуйдаан аахтахха, бөлүһүөктүү көрүүлээхтэр…

Мин эмиэ поэзияны олус сөбүлүүбүн… Сахаайа литературнай нэһилиэстибэтэ баай. Олоҕу тус бэйэтин хараҕынан тургутан көрүүтэ олус сонун, атын поэттарга майгыннаабат. Түмүктээн эттэхпинэ, Сахаайа чаҕылхай талаанын аатырбыт Иван Арбитаҕа ханыылыы саныыбын. Быһата, ону кэлэр бириэмэ бигэргэтиэ», – диэн А.А. Попов бөдөҥ учуонай, салайааччы быһыытынан сыаналыырын ааҕааччы барыта да ылынарыгар саарбахтаабаппыт.

Иван Мигалкин, Ольга Янцен

Бастакы кэрчик
Олоҕум оҕолоро
(рубаилар)

1
 
Хомотор, үөрдэр да хоhооннор —
Олохтон төрөөбүт оҕолор.
Ааҕааччы сүрэҕэр тиийэллэр —
Көҥүлгэ суолларын солооннор.
 
2
 
Мин – олох оҕото эбиппин,
Олоччу куоппуйа киhибин.
Үчүгэй, куhаҕан көрүҥэр
Үүт-үкчү үтүктэн иhэбин.
 
3
 
Дьылҕабын түннүгүм кырыатын
Курдары одуулуу сатыыбын.
Тугу да көрбөппүн. Ол эрэн —
Кырыа-муус ууллуо дии саныыбын.
 
4
 
Үйэбин батыhан сырсабын —
Үп-харчы кыланар кыыhабын.
Тыыйбын даа! Атыылаан аhыам дуо —
Хаарыаннаах күн сиэрдээх аналбын?!
 
5
 
Мин солоон эрэбин Дьол суолун…
Туоруом дуо тоhуйар Сор дуолун?
Булларбыан, муударас мускуйан, —
Олоххо табыллар Дьолуобун!
 
6
 
Хас күнүм мөккүөргэ мүккүллэр,
Тоҥ үөскэ харгытаан түмүллэр.
Ол өрүс муустарын суйдаары,
Санаалар көмүөллээн эрэллэр.
 
7
 
Ыалдьарбар – истэргэ дылыбын
Алааhым уйаргыыр саҥатын.
Төрөппүт сылаас тыын толуйар —
Бырааhы, эмп эҥин арааhын.
 
8
 
Боотуруом! Аттыбар эн бааргын!
Ыардары барытын уйабын.
Бу миэхэ, хатыҥҥар, кэккэлэс —
Үйэлээх бэс доҕор буолаҥҥын.
 
9
 
Дьүөгэм кыыс ытаабыт хараҕар
Буруйбун булабын, ардыгар.
Куоскаттан тиигири төрөтөн,
Куhаҕан – кыраттан кыыhырсар.
 
10
 
Сорохтор сэнииллэр, кыынньыыллар,
Кырыылаах тыллары тамныыллар.
Ол кэммэр – дойдубар тапталым
Тыллара тыын уган быыhыыллар.
 
11
 
Бэйиэтиэм! Сөҕөбүн билиигин
Дириҥээн нүөлүтэр иэйиигин.
Ол эбит – эн көтөр кынатыҥ!
Эн миэхэ – холобур киhигин!
 
12
 
Айылҕа, олох да кэрэтэ —
Кыыс уоллуун тапталын кэриэтэ.
Бу ини – истиҥник өйдөһүү,
Курдары өйөһүү бэлиэтэ?!
 
13
 
Өһүөннээх сэниир дьон саҥата
Өрүүтүн сур бөрө буолбатах.
Саhыллыы сыhыантан арыт мин
Соругум сорҕото туолбата.
 
14
 
Дьиктини санатта хараҥа —
Kүhүҥҥү түүн сылаас ардаҕа.
Ыйдаҥа сырдыктаах хоhоонум
Тыллара таммалыыр, бадаҕа.
 
15
 
Хайҕалтан – эбиллэн барбатым,
Сирииттэн – көҕүрээн хаалбатым.
Хайдахпын, баарбынан сыаналаан,
Кырдьыксыт бириэмэ быыhаатын.
 
16
 
Үөһэҕэ чугас дьон бассыыбай
Сураҕы тиэрдэрэ – быраапсай
Сыанабыл курдуктук иhиллэр…
Кэм-кэрдии көннөрүө дуо арай?!
 
17
 
Кэрэ кыыс сирэйэ – визитка,
Уоланы итирдэр быhыыта?
Ардыгар оннооҕор уохтаах ээт, —
Сороххо бытыылка водката!
 
18
 
«Чиэhинэй уоруйах баар!» – дииллэр,
Ол кими этэллэр кинилэр?
Сокуону уорарга оҥорор
Улахан өйдөөхтөр үһүлэр.
 
19
 
– Үгүстүк албыны кууhабын:
Үчүгэй киhи дии саныыбын…
Билэбин бульдогу, лаайканы…
Билиэм дуо овчарка хайдаҕын?
 
20
 
«Киэҥ халлаан кыыhаҕын!» – диэбэттэр,
«Космос дочаҕын!» – дэhэллэр.
Тыа дьоно сүөһүтүн ахсаанын
«Төбөбүт ахсаана…» – дэhэллэр.
 
21
 
Саһыллар, бөрөлөр, эhэлэр…
Билигин куоракка үөскүүллэр.
Талыыллар, халыыллар, уораллар,
Күн орто албыннаан да сииллэр.
 
22
 
Балысхан сайдыыны ким буойуой?!
Силигин ситэрэн ким туойуой?!
Арай бу барҕарыы суох буоллун?!
Кураанах хаассаны ким уоруой?!
 
23
 
Кыайбыт дьон үйэ-саас кыайыахтаах,
Кырдьыгы эттэрбэт кырыктаах…
Мин аҕам олоҕо санатта —
Хоппукка кулут уол буолбуттаах.
 
24
 
Кимнээҕий норуоппут туhугар
Дьыаланан туhаны аҕалар?
Ол – элбэх оҕолоох ыалларбыт…
Эстибэт эрэлбит – ол буолар!
 
25
 
Киhини сыаналыыр буоллулар
Баайынан, харчынан… Ордугар —
Билсиитин, бөлөҕө бөҕөтүн…
Атына – дуоhунас хайдаҕар…
 
26
 
Үөр cүөһү бас баттах хаампыта,
Маныыhыт аhыы-сии барбыта…
Ыраахтан хаhыыта иhиллэр…
Хайгыахха – уҥуохха харбатах!
 
27
 
Олоҕу хараҥа быhыыттан
Быысаhар, харыстыыр санааттан
Сатирик суруйа сатаахтыыр…
Ордуо дуо өһүөннээх сойуоттан?..
 
28
 
Айылҕам сорҕото буолабын,
Киниттэн бэйэбин булабын.
Сыыhыым да – ирбэтэх тоҥ мууспун,
Табыым да – чэлгиэн күөх кырыспын.
 
29
 
Мин олох чапчыйар кыыhабын,
Кыстыктан кыымнары тамныыбын.
Олорум – хоhоонум тыллара,
Күн диэки күүрдэллэр санаабын.
 
30
 
Тус бэйэм суолбунан барарга
Дьулуhуом айымньы айарга,
Соругум – олоҕу сыаналыыр
Туспабын кининэн аhарга.
 
31
 
Баалаамаҥ мин бэйиэт диэн ааппын —
Кэрэҕэ тардыhар бырааппын.
Кинитэ суох – инним боруҥуй…
Дуоhуйуу истиҥин булбаппын.
 
32
 
Араатар арбанар дуораана —
Ардаҕа суох сайын кураана.
Кыайбатах салалта кыынньара —
Kыhыҥҥы чысхаан тыал уораана.
 
33
 
Абааhы туhунан суруллар
Кинигэ бөҕөтө субуллар.
Олортон истиҥнэр – дьоннорун
Кэриэстээн суруйар аймахтар.
 
34
 
Бу тоҕо түүн курдук көрөҕүн?
Мин күөспэр эн тугу өрөҕүн?
Түүл курдук түөрэккэй санаанан
Түлээрбэ оҥордуҥ төбөбүн.
 
35
 
Эн – дьиҥнээх ырыынак баhааргын,
Оттон мин – эйиэхэ табаарбын.
Харчынан күhэйэн былдьаатыҥ —
Көҥүлбүн, суобаспын, моральбын.
 
36
 
Баай киhи – кимҥэ да эталон!
Офиhын өһүөтэ олус суон!
Өскөтүн тостуоҕа – харчынан
Өссө суон өһүөнэн солбуйуо.
 
37
 
Эн дьиҥнээх дьүөгэҕин! Аньыыбын —
Хатылаан хомоппот буолларбын…
Бэйэҕэр буолбакка, мин туспар
Барытын бырастыы гынаҕын!
 
38
 
Куhаҕан кыайтаран охторун,
Үчүгэй өрүүтүн хоторун
Туhугар – тоhута тутабын
Хара дьай хаалыктаах охторун.
 
39
 
Былыттаах түүн ыкта сир аайы,
Хойунна оботтоох кырдаайы.
«Сатааҥ да – байыҥ!» – диир кэм кэллэ…
Хааhына чарааhыыр ол аайы.
 
40
 
Баҕар мин кылгастык олоруом,
Суруйуум сорҕотун оҥоруом…
Ол эрэн, айымньым ааҕыллан,
Туолбатах ырабын толоруом!
 
41
 
Ханнаҕын тыл ohyop бисерэ?
Хоhооммор тиhиллэн үөрт эрэ!
Өрөөбүт уостарбын өһүлэн,
Үөрүүбүн үксэтиэҥ эн эрэ!
 
42
 
Иннибэр – үллэҥниир күдэрик,
Кэннибэр – кутурар мэнэрик…
Мунаах кэм! Ким ыйыай аартыгы —
Барыартан сырдыкка тиийэри?
 
43
 
Арыт мин күөрэгэй кэрэбин,
Ардыгар мээрилиир кэҕэбин.
Истинам буоллар дуу күөрэгэй!
Софизм диэтиннэр мээрибин…
 
44
 
Кэнники эн иэччэх буолбуккун,
Доҕор да, өстөөх да курдуккун.
…Махтаныым! Сэрэнэн сылдьарбар
Ыллыкпын ыйааччы суолдьуккун!
 
45
 
Сөҕөбүн – өбүгэм мындырын:
Биллэрэ, иитэ да сылдьарын!
Махталбын суруйан төлүөҕүм —
Сүрэҕим тэбэрин тухары.
 
46
 
«Выгода» туhугар «ыалдьааччы»
Copoҕo араастаах буолааччы.
Норуокка кыhаллар лозуну
Түөһүгэр сурунан сылдьааччы.
 
47
 
«Аньыы баар!» – дэhэбит даҕаны,
Анааран көр сиэри-майгыны.
Туох диигин – тугу да кэрэйбэт,
Кэрээнтэн тахсыбыт «сайдыыны»?
 
48
 
Биэ, атыыр таптаhар! Кыыс үөрэр!
Oҕус да айаатыыр! Уол күүрэр!
Көҥүлү күүппүппүт ыраатта…
Силлиэрбит сиэкиhи ким сирэр?..
 
49
 
Кыһыммыт баранан бүппэтиэн!
Сааскы кэм ааһара түрrэниэн!
Кыыс сааһым маҥнайrы таптала
Күөх ача кэриэтэ кэрэтиэн!
 
50
 
Мин саастыым эрээри, ыччатыам,
Көрөрүҥ тымныытыан, ыччатыан!
Төһөнөн бу курдук сылдьыаҥ да,
Оччонон дьолгуттан кыччатыаҥ!
 
51
 
Түүлбүттэн дьиксинэн эрэбин:
Күөх сыыртан түҥнэстэн түhэбин.
Бу тугу биттэнэр дьылҕа хаан?!.
Сиппэккэ туоруом дуо эрэлбин?..
 
52
 
Мөлтөөбүт күннэрбэр күүс угар,
Ыалдьарбын ырыанан ahapap,
Дьүөгэлээр, эhиги буоллугут —
Санаабын көтөҕөр санаалар.
 
53
 
Буруйу билиммэт буолартан,
Кыраттан кыҥкыйдыыр кыдьыктан
Куоттарбыан! Үөрэнэ сатыыбын —
Тулабар кэрэ дьон баарыттан.
 
54
 
Таас үрэх таас хайа быыhыгар
Хаайыыга сытардыы быыппастар.
Санааттан санаалар ыгыллан,
Айымньы ол курдук суруллар.
 
55
 
Куоластыын минньигэс биир «пышка»
Көстөрө бүттүүнэ кырааска.
Албын дьон саҥатын ылынан,
Түбэhиэҥ түөкүҥҥэ, арааска.
 
56
 
Аҕабын – сагаҕа тэҥниибин,
Ырыаҕа холуубун ийэбин.
Оттон мин – кинилэр чочуйбут
Кыттыгас кырыымпа иэйиибин.
 
57
 
Дууhабар халыйда хараҥа,
Таhырдьа – көстүбэт ыйдаҥа…
Оо, үөрүү! Дьылҕабын санатан,
Былыты үүттээтэ ый саҥа.
 
58
 
Култуура боруонун дьонноро
Быйыл да чараас ээ сонноро.
Салалта онтон да куотунар —
Арбааhын абынан тоторор.
 
59
 
Кырдьыгы эппэккин үксүгэр:
Кылыс бии биэтэҥниир үрдүгэр…
Ол иhин чиэhинэй киhи да
Ньылаҥнас буоларга күhэллэр.
 
60
 
Хас үйэ сайдыынан тиhиллэр,
Киитэрэй дьон бэрдэ үксүүллэр…
Түмүгэ – муударас оннугар, —
Эгоист ахсаана эбиллэр.
 
61
 
Халаанныыр кэм буордаах уутуттан
Быйаҥы баспаккын хонууттан,
Өй-санаа, сиэр-майгы киртийэр
Хаостан, бас-баттах барыыттан.
 
62
 
Эhэлэр, бөрөлөр, саһыллар…
Сир бэрдин түҥэттэн ыллылар.
Куобахтар, улардар, киргиллэр…
Cahap да тыата суох хааллылар.
 
63
 
«Баай киhи тоҥуулаах игиитэ —
Хамнасчыт хатырбыт илиитэ», —
Диир этэ хос эhэм. Оннук дии —
Бүгүн да баай бардам көрүүтэ.
 
64
 
Иккигэ иккини эбэрбин
Биэс буолуон билбэккэ кэлбиппин.
Ол эбит – мин өйүм таhыма…
Олоҕум! Дилемма эбиккин…
 
65
 
Сымыйа быстахха хоторун —
Итэҕэй муҥ саатар сороҕун.
Билэҕиэн: «Проиграть в битве,
Выиграть в войне!» – дьоллуурун?
 
66
 
Ким таайыай бу олох арааhын?
Төһөтө кирдээҕин, ырааhын?
Тас өттө барыта – көмүс дуй…
Этиэҥ дуо түгэҕэр туох баарын?
 
67
 
Кыайтаран-хотторон олорор
Ардыгар үтүөнү оҥорор.
Чочуйар муударай буоларга,
Хорсун да санаалыыр сороҕop.
 
68
 
Күннээҕи күүлэйи батыhар —
Малааhын түүл буолан манньытар.
Бүгүҥҥүм барыта – сибэкки…
Сарсыҥҥым – хаhыҥы санатар.
 
69
 
Ырыалар – кыргыттар курдуктар:
Истиҥнэр, нарыннар, ыраастар.
Эhэбэр – роман маарынныыр,
Эбэбэр – поэма алтыhар.
 
70
 
Ким эрэ хайаан да төрүөхтээх,
Ким эрэ хайаан да «төннүөхтээх».
Санааргыыр сатаммат! Умнуохха —
Мөкүнү! Уhуктаат үлэлээ!
 
71
 
Иннибэр – олоҕум судургу!
Кэтэхпэр – оо, кини обургу
Уустуга тоҕойго тоhуйар…
Сүбэлээҥ – тоhууру туоруоҕу…
 
72
 
Самнарыы! Дьикти да буолбуккун!
Дьүhүннүүн күөх кырса курдуккун!
Уураттыҥ дуо, – хаарга cahaҥҥын, —
Кутуйах сордооҕу бултуургун?
 
73
 
Дьон өйүн төһөтүн быһаарар
Аппараат көһүннэ. Ол – доллар!
Оннуккут миэхэ суох! Кыhыытыан —
Мэлдьитин акаары аатырар!
 
74
 
Олоҕум – сардаҥа кырыыта,
Copoҕo – тыал-ардах былыта.
Ол икки ардыгар сылдьабын…
Хаhан наар ыраас күн сылытар?..
 
75
 
Сааспынан Арбита убайым
Эдьиийэ буоламмын сылдьабын.
Арай дьэ, талаанын сиппэккэ,
Үйэ-саас балтынан хаалабын.
 
76
 
Абатыан! Байытар албас суох!
Быыбарга кыттыахпын – билсиим суох! Дуоhунас? Партиям мэлисээй!
Гонорар? Бөлөххө – аатым суох!
 
77
 
Муостаны сууйааччы биир түөтэ
Ыйытта остуорас эриттэн:
– Бу хаhан хамнаскын эбэллэр?
– Дьокутаат киhибит кэнниттэн.
 
78
 
Көрөбүт былыргы туох баары:
Көмүhү, кылааттаах ампаары,
Бэриктээх Чоочону… Арай суох —
Баайдары утарбыт Манчаары.
 
79
 
Бөлүhүөк хоhооннор – уолаттар,
Лирика ырыалар – кыргыттар.
Балары холбооттоон кээстэххэ,
Ыал бэрдэ – поэма айыллар.
 
80
 
Оскуола сааспыттан тиэтэйэн,
Кэргэҥҥэ тахсарга көҕүйэн,
Олохпун кылгаппыт эбиппин…
Аны дьэ наҕылый, күн үйэм.
 
81
 
Дуоhунас өттүнэн астыккын,
Сыанабыл биэрэргэ сыыспаккын…
Аны дьэ көрдөрөө инигин
Бар дьону түмэргэ бастыҥҥын.
 
82
 
Биир киhи хас суолу ситиэҕэй,
Элбэх дьон билэрин билиэҕэй?
Норуотуом! Эйиэхэ тирэнэн,
Үөрэнэ сатыыбын! Итэҕэй!
 
83
 
Ийэк-кээм! Биэтэккэр кэлбиккин
Билэбин. Мунчаарар эбиккин.
Сэрэйдим: сүбэҕэр утарсан,
Элбэхтик хомоппут иэстээхпин…
 
84
 
Дьэримиэй, дэгиттэр киhигин:
Хас дьоҥҥо сыанабыл биэрэҕин…
Акаары, өйдөөх дьон төhөтүн…
Арай дьиҥ бэйэҕин билбэккин.
 
85
 
Миигинэн футболлуу оонньуугун,
Мэлдьи бэрт былдьаһан сордуугун.
Кыайыыттан төбөтө эргийэн,
Дэбдэйбит тренер курдуккун.
 
86
 
Тойонуом! Гоноргын билэбин:
Сыыhаргын билиммэт генийгин.
Бу миигин куобахаан оҥордуҥ…
Аны мин кырдьыгы эппэппин.
 
87
 
Куоскаттан кутуйах куттанар,
Тиигиртэн бэл бөрө дьаарханар.
Икки-үс этээстээх былааспыт
Куоска дуу, тиигир дуу буолбатар.
 
88
 
Топпуттар, аччыктар – барыбыт,
Күүлэйдээт, бу сиртэн барыахпыт.
Эдэрдэр, тэҥнэhии ырыатын
Гиминнии ньиргитэн бардаргыт!..
 
89
 
Үрдүбэр – ыксыыр тыал ытыллар,
Тулабар – тиэтэл дьон ыhыллар.
Барыыска (хапуга буоларга)
Дьоҕурбут дьорҕооттук арыллар.
 
90
 
Халлааҥҥа Күн Айыы Таҥара
Бар дьоҥҥо тэҥ дьолу баҕарар.
Арай бу буор сиргэ үп-харчы —
Ыйааҕы билиммэт Таҥара!
 
91
 
Байарга тиэтэйбэт буоламмын,
Холкутук утуйан турабын.
Ымсыыта суохпунан бар дьонтон
Үөҕүллэр кырыыска турбаппын.
 
92
 
Билэбин мин айар таhыммын —
Тыhыргыы умайар тымтыкпын.
Өбүгэм бэлэҕин кэриэстээн,
Кутааны күөдьүтэ сатыыбын.
 
93
 
Баhыыба, ордоору сирээччим!
Дьиҥинэн, көҕүлээн биэрээччим!
Хайҕаама, уоскутан кээhиэҕиҥ!..
Кэҕэ да кэмчилээн этээччи.
 
94
 
Көстөртөн көстүбэт арыллар,
Биллэртэн биллибэт аhыллар
Наука сокуона! Доҕоруом,
Айанныах! Ким көрдүүр – ол булар!
 
95
 
Хаарыаннаах Лирикам Хараҕа,
Харааста көрбүккүн! Apaaha,
Салалта өйөөбөт буоллаҕа…
Быыhабыл – норуоппут хараҕа!
 
96
 
Сылыктаан көрдөххө, күөрэгэй
Сыл ахсын аҕыйыыр. «Дьаат» дэлэй!
Төрүөтэ – аhыныы аччаата…
Арай диэ – өйдөөх баай дэлэгэй!..
 
97
 
Эн чахчы харчылаах киһигин!
Теория буолбатах инигин?
Эрэниим: меценат буолаҥҥын,
Кыаммакка көрдөрүөҥ кэрэҕин!
 
98
 
Мин бэйэм иэйиибэр – ырыабын,
Хоhооммор – толкуйдуур санаабын:
Санньыарбын, эмиэ да үөрэбин…
Ол иhин бэйиэт диэн буолабын.
 
99
 
Дьадаҥы төрүттэн төрөөммүн,
Мин эмиэ хагдаҥ от өҥнөөхпүн.
Арай бу сүрэхпэр, хоhооммор
Кэхтибэт күөх ача өҥнөөхпүн.
 
100
 
Омуннаах эдэр саас таптала,
Муударай кырдьаҕас кэс тыла —
Олохпун арчылыыр. Ол эбит —
Сирдээҕи мин дьолум анала!
 

Иккис кэрчик
Күн сибэккилэрэ
(сонеттар)

ИЙЭБЭР – БААЙ ЧАРАҤ МАХТАЛЫМ
1
 
Ийэк-кээм! Эн миэхэ – аар байах
хатыҥҥын,
Эйиэхэ мин – нуоҕай күөх лабаа курдукпун.
Бу сиргэ эн миигин үүннэрбит
буолаҥҥын,
Ууhуурга анаммыт толору дьоллоохпун.
Истэбин – ийэтин оннугар, бастатан,
Уоланын ордорор уон уоттаах кыысчааны.
Ыйытыам: «Ким саҕан биэрбитэй
чокууртан
Кутааны умаппыт маҥнайгы кыымчааны?»
Күҥҥэ эрэ арыллар сибэкки кэриэтэ,
Эйиэхэ мин дьиҥнээх кистэлбин аhабын.
Хараххар көстөр дии сир бары кэрэтэ…
Сир ийэ тыынынан арчылаан сайаҕын.
Кимиэхэ да күндү төрөппүт ийэтэ —
Сирдээҕи соҕотох күн – кини диэм этэ.
 
2
 
Күннээҕи олоххо эмискэ сыыhаатын:
«Уой! Ийээ!» – диэн саҥа аллайа түhэбин.
Ол аата, хамсанар хас хардыым аайытын,
Умнары билбэккэ, саныыбын эйигин.
Эйиэхэ өйөбүл буолуохтаах аналбын
Эмиийиҥ үүтүнүү иҥэрэн биэрбиккин.
Ыраах да, чугас да сылдьарбар күн ахсын
Куһаҕан тыыннартан сэрэтэр эбиккин.
Күнүһүн – бар дьоннуун алтыһар үөрүүбэр
Санаанан байытан сайаара сылдьаҕын.
Түүнүгэр – хара түүл түбүлүүр үөһүгэр
Сырдыктан матарбат ыраас ый буолаҕын.
Туhулаан эн биэрбит улахан дьолбунуун
Олоҕум ойуурун ырыалаах туоруубун.
 
3
 
Күн сирин көрдөрбүт оҕоҕун барытын
Тэҥилии тутаҥҥын тэнитэн ииппиккин.
Apaaha, ол иhин тэҥнэhии ырыатын
Оҕочоос сааспыттан сөбүлүүр эбиппин.
Олоххо сорох дьон ойуччу ордоору
Киирэрин-тахсарын дьэ билэн эрэбин.
Бэл диэтэр, хоhооммор сотору-сотору
Тэҥнэhии тылларын хатылаан этэбин.
Аhаабыт-таҥныбыт иэстэрбин тэҥинэн,
Сиэр-майгы өттүнэн ураты иэстээхпин.
Онтукпун бар дьоннуун тэҥилии үллэстэн,
Эйэлээх буолуунан төлүөҕүм диэхтээхпин.
Бу иэhим үйэ-саас тэйбэккэ батыстын,
Үс куппун үтүөҕэ көҕүтэ сырыттын.
 
4
 
Лондоҥҥа икки сыл үөрэнэ тиийэрбэр —
Күһүҥҥү көрүҥнээх атаара хаалбытыҥ.
Оттон бу ситиhии кэhиилээх кэлбиппэр —
Сааскылыы мөссүөннээх көрсүhэн
сандаардыҥ.
Ол улуу дойдуттан доҕордуу сыhыаҥҥа
Кустуктуу куоhанан кэлбиппин бэл таайдыҥ.
Акыйаан тыынынан алкыйар салгыҥҥа
Алаас сир салгынын сайаардан налыйдыҥ.
Лондоҥҥа ийэлэр эмиэ эн курдуктар:
Сэниирдии көрсүһэн намтата туппаттар,
Туспа сир урдуһа диэбэккэ көрсөллөр,
Ыалдьыттыы тиийдэххэ үөрэллэр-көтөллөр.
Атын дьон ийэтин ытыктаан сылдьарбар
Эн тирэх уурбуккар бу хоhоон ананар.
 
5
 
Арыт сөп сүбэҕин сирэммин-таламмын,
Сүөргүтүк утарсар буруйум үксээтэ.
Суорат-тар мэйиибин убатан бараммын,
Хойдорун ситиhэр сыал-сорук тирээтэ.
Утуйар ууларбын уйгуурпут түүннэрим
Аргыардаах тыыннара аҥылыс гыналлар.
Эhэнэн-бөрөнөн суоhаабыт түүллэрим
Килэйбит тиистэрэ кэтэхпэр суоhууллар.
Олору сэрэйбэт киhилии туттаҥҥын,
Эйэргиир тылынан ahapa сатыыгын.
Оннуккун эрдэттэн билбэтэх аньыыбын
Дириҥник өйдөөммүн, билигин ытыыбын.
Ыас хара баттаххын маҥхаппыт буруйбун
Хатылыам суоҕа диэн – суруйдум хоруйбун.
 
6
 
Искиттэн иитиилээх психолог-бырааскын:
Лыҥкыныы тыаhыахтаах курустаал
чарааскын,
Иэйиибин ураннык, уйаннык өйдүүгүн;
Дьоҕурбун чугастык, истиҥник өйүүгүн.
Майгыттан бастыҥа, сыhыантан cылaaha
Тырымныы оонньуур ээ хаарыаннаах
хараххар.
Тииҥ курдук бэйэҕин, өксүөҥҥэ былааhан,
Олоҕуҥ сонордьут булчута булбатар.
Орто аан дойдуга уһуннук олорон,
Сүбэлии-амалыы сылдьыаххар баҕардым.
Бырастыы сэрэтэр дьаһалы оҥорон,
Мин суолум тулата көҕөрдөр-наҕардар.
Эн миэхэ киртийбэт холобур буолаҥҥын,
Ыраас чөл олоҕу уруйдаан туойабын.
 
7
 
Мөлтүүрбүн сороҕор эн түүйэ көрөҥҥүн,
Түлэй түүн сыттыгыҥ чуумпутук илийэр.
Оттон ол сарсыарда суhуоххун өрөҥҥүн,
Ууламмыт хараҕыҥ атыннык мичийэр.
Ол миэхэ оргууйдук эрэли үөскэтэр,
Былыттан күн быган эрэрин санатар.
Омуна оргуйар бу олох үөhүгэр
Ордоммун – өрүттэн турарбар ыҥырар.
Кылааттаах Парнас хайатын туhулаан,
Кынаттаах аппынан кыhыырдан барабын.
Санньыйыы былытын курдары суйулаан,
Ыарыыга ситтэрбэт ырыалыын дайабын.
Ырыам ис хоhооно – эн эрэ тускунан…
Ыллаат да – уоскуйан хаалабын устунан.
 
8
 
Бары дьон үөскээбит ийэтэ – Сир ийэ!
Кимҥэ да төрөппүт ийэтэ – биир ийэ!
Аҥааттар айылҕа – онуоха бэрт дьүөрэ:
Киhиэхэ төрөөбүт алааhа – биир эрэ!
Ааҕааччыам, өйдөөн ыл: хайатын эмиийин,
Төрөөт да, уруутаан чачайа эмпиккин,
Көхсүгүн даҕайбыт сымнаҕас илиини,
Уйаргыы көрбөхтүүр хараҕы, ол – Кини!
Оҕону сыhыарар түөс – эмиий кэрэтэ —
Күн курдук төгүрүк көhүйэ кэриэтэ.
Мин дьылҕам, кэскилим бары баар кэрэтэ —
Манньыаттаах кылаата ол эрэ диэм этэ.
Күн сирин аан бастаан көрдөрбүт ийэбин
Кимнээҕэр да ордук таптыыбын – Эйигин!
 
9
 
Эн миэхэ анаабыт тапталыҥ, сааскылыы,
Киҥкиниир халлаан түөрт caҕaҕap
маарынныыр.
Иннибэр – уhуктуу күнүнэн сырдыыгын,
Кэннибэр – утутар сарыаллыы кыыһаҕын.
Уҥабар – күн орто күндээрэр күнэҕин,
Хаҥаспар – күһүҥҥү ыйдаҥа түүнэҕин.
Эргиччи түөрт саҕах өҥүнэн сырдыыгын,
Данколыы төлөннөөх сүрэххин аныыгын.
Эн аахпыт кинигэҥ ахсаанын саҕаны
Бэйиэттиир билиҥҥи сахаттан ким айыай?..
Ол эрэн куоhардын ыччат бу ахсааны…
Эбэтэр олохпут ырыатын ким салгыай?!.
Айар ап кистэлин эмискэ ahaҥҥын,
Соhуччу санаанан сындыыстыы
сырдыыбын.
 
10
 
Ардыгар муударас apaaha мустубут
Абынан толору холбука курдуккун.
Сороҕор дьэдьэн дуу, сугун дуу хомуйбут
Минньигэс хаhаастаах оhуордаах
чорооҥҥун.
Аҕабын кытары маҥнайгы тапталгын
Маҥнайгы харалдьык күнүнүү ахтаҕын.
Бастакы оҕоҕун төрөппүт түгэҥҥин
Ньургуhун быкпытын булбукка тэҥниигин.
Бу кэмҥэ күн диэки күөрэйэ көтөбүн,
Ыал буолуу дьиктитин сонургуу сөҕөбүн.
Чөл өйбөр – уот таптал тырыма чаҕыллар,
Сүрэхпэр – чыычаахтар от уйа тутталлар.
Баҕардым – эр бэрдэ уолаҥҥа күн бүгүн
Туртаҥныыр туллуга буоламмын
көстүөхпүн.
 
11
 
Дьиҥинэн эн миэхэ теорема курдуккун,
Холобур гыныахпын кэпсээ дуу уопуккун.
Элгээннээх олоҕу оломноон туоруохпун,
Сааһылаан сырдат дуу плюскун, минускун.
– Плюһум, – диэтиҥ эн, – доҕорум элбэҕэ,
Өһүөннээн өһөрүөх өстөөҕүм сэдэҕэ…
«Минуһум, – диэтиҥ эн, – бэйэбин
сэнэниим,
Күннээҕи күүрээҥҥэ сүрэхпин сүүйтэриим…
Киитэрэй дьоннорго кииртэлээн да
биэриим,
Мэҥиэлээх хапкааҥҥа атахпын эчэтиим.
Уонна бэрт былдьаһыы кыҥаабыт көрүүтэ
Бүгүн да көхсүбүн дьөлүөн сөп диэм этэ».
Олоххо чочуллан эн сааскар тиийдэрбин —
Ол эрэ толору өйдөтүө эйигин.
 
12
 
– Этиэҥ дуо, бу сиргэ дьоллоох дьон диэн
кимий?
– Төhөнөн ким элбэх доҕордоох —
ол дьоллоох.
– Оччоҕо бу сиргэ сордоох дьон диэн
кимий?
– Төhөнөн ким үгүс өстөөхтөөх —
ол сордоох.
– Бу сиргэ ыччат дьон анала туохханый?
– Ыал буолан оҕону-урууну ууhатыы.
– Бу сиргэ ыччат дьон соруга туохханый?
– Сүрэхтээх үлэhит буоларга тардыhыы.
– Оттон мин, хоhоонньут, соругум
туохханый?
– Ыччаты сиэр-майгы бастыҥар иитиhии,
Эгоист, бэрдимсик буолууттан сэрэтии;
Кырдьаҕас алгыhын ылары ситиhии.
Дьэ, кырдьык, үтүө да үгэскэ ииппиккин —
Мин ону олохпор толорон истэрбин…
 
13
 
Харчыгa, баайга да сүрэххин сүүйтэрбэт,
Босхону сомсорго, бэриккэ бэриммэт —
Чөл өйгө тылгынан, дьыаланан үөрэттиҥ,
Хараҥа хаспахтан сыыр үөhэ күөрэттиҥ.
Кыраҕа-кыаммакка аанньаллыы
сыhыаннаах,
Кыайтаран сылдьарга аhыныык санаалаах
Буоларга эрдэттэн дьаныhан ииппитиҥ,
Сыраҕын-сылбаҕын барытын биэрбитиҥ.
Myнaapap түгэммэр дьэҥкэрдэн быhааран,
Обоччо үөхсүүттэн ырааска таhааран,
Кулгаахпын истигэс оҥорон иhэҕин,
Харахпар көрүгэс дьоҕуру эбэҕин.
Баай олох кэрэтин, сиэр-майгы бастыҥын
Хаһааммыт храмнар ааннарын аhаҕын.
 
14
 
Мөҥүрүүр мөккүөргэ, айаатыыр айдааҥҥа
Анализ оҥорон ырытан барарга,
Синтезтиир ньыманан туймуулуур
түмүккэ —
Үөрэттиҥ-үрдэттиҥ үчүгэй үгэскэ.
Логика сокуонун лоп-бааччы өйдөтөн,
Табарбын биhирээн, сыыhарбын көннөрөн,
Сырдыктаах хараҥа былдьаһык быыhыгар
Мунартан быыhыыгын – сирдиигин
сырдыгар.
Харыһык алгыстаах хараанныыр тылларыҥ
Кырыылаах алмаастыы арылыс гыналлар.
Кустуктуун куустуспут эдэркээн саастарыҥ,
Саҕахтыын силбэhэн, сандаара
сырдыыллар.
Дьулуhуом – сирэртэн хайгыыры буларга,
Хайгыыртан – сириллии саспытын аhарга.
 
15
 
Уой! Умна сыспыппын биир сүдү көмөҕүн
Көтүмэх буолууттан сэрэтэр үтүөҕүн.
Өйдүүбүн – тиэтэллик суруйан барарбын
Сэмэлии көрөргүн, бэл курус гынаргын.
Таайтара көрүүнэн элбэҕи дьайаҕын
Бастатан, сааhылаан биэрэҕин санаабын;
Иккиhэ, ичигэс иэйиинии сайаҕын,
Үсүhэ, түмүкпүн түөргүүлээх гынаҕын…
Итинник, иккиэммит холбоhон хоhуйбут
Хоhооммут холууба түннүккэ олордо.
Маныаха диэритин соҥуоран чуҥкуйбут
Хоспутун үөрүүлээх көстүүнэн толордо.
Күн ийэм! Күн сүбэҥ аны да арыаллыа:
Хоhооммун кустуктуо, санаабын сарыаллыа.
 

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации