Электронная библиотека » Татьяна Куприянова » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Эһиэхэ, эдэр ыалга"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Куприянова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 1 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Татьяна Семеновна Куприянова
Эһиэхэ, эдэр ыалга

Аан тыл

Үөһэттэн айыллыбыт ыйаахпыт ыйан, орто дойду дьоно ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, норуоту сайыннаран кэлэн барар ытык иэстээхпит. Ыал буолуу – айылҕа уһулуччулаах, кэрэттэн кэрэ уонна сиэрин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта.

Туох барыта саҕаланар төрүттээх, төбөлөөх. Ол курдук, олох төрдө – ыал. Былыр-былыргыттан киһи аймах сайдыытыгар ураты дьоһуннаах оруолу ылааччы – ыал.

Ыал буоларга быһаарыныы сүрдээх эппиэтинэстээх суол. Икки киһи бэйэ-бэйэлэрин сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, биир сыалайга ситимнэһэллэр, олохторун тухары бииргэ туох баар ыарахаттары сарыннарыгар сүгэллэр, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэллэр.

Кэнники кэмҥэ дьон өйө-санаата, киһи киһиэхэ сыһыана биллэрдик уларыйда. Сылтан сыл ыал буолуу аҕыйыы, оттон арахсыы элбии турар чинчилээх. Дьылҕаларын холбоон, ыал буолан, оҕо төрөтөн, алаһа дьиэ тэринэн олорорго санаммыт эдэр ыччакка аналлаах тэттик да, улахан да кээмэйдээх сахалыы кинигэ суоҕун кэриэтэ. Оттон бигэ туруктаах ыал буолан, өр кэмҥэ өйдөһөн-өйөһөн олоруу үгүс билиини, сатабылы, тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну, сыраны-сылбаны эрэйэр.

Онон бу тэттик кинигэбин саҥардыы холбоһон ыал буоларга санаммыт эдэр ыччакка аныыбын. Эһиэхэ эрэ анаммыт тыллар булгуччулаах ыйыы-кэрдии буолбаттар. Ол эрэн, саҥа олох аартыгын арыйааччыларга бастакы истиҥ сүбэһит буолуохтара, санааҕытыгар санаа, күүскүтүгэр күүс эбиэхтэрэ.

Т.С.Куприянова,
норуот үөрэҕириитин туйгуна,
«Азия оҕолоро» норуоттар
кки ардыларынааҕа пуонда стипендиата, Учууталлар учууталлара,
Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо

Кыыс – кийиит, уол – күтүөт

 
Киэһээҥҥи чуумпуга уоллаах кыыс
Сиэттиһэн оргууйдук хаамсаллар,
Күнтэн күн көрсүһүү түмүгэр
Биир бигэ санааҕа кэллилэр.
 
 
Сып-сырдык, сып-сылаас саалаҕа
Саахса дьиэтигэр киирдилэр,
Сукуна сабыылаах остуолга
Сэрэнэн, дугунан тиийдилэр.
 
 
Уоллаах кыыспыт сэмэйдик,
Килбиктик мичээрдээн ылаллар,
Таптаспыт харахтар сылаастык
Эрэнсии кыымынан саҕаллар.
 
 
Олох киэҥ аартыгар үктэнэр
Дьоһуннаах соругу ылынан,
Ыал буолар көрдөһүү суругу
Долгуйа утары ууннулар.
 

Ыал буоларга быһаарынан, ЗАГС дьиэтин боруогун атыллаан киирэн сайабылыанньа биэрдигит. Маннык дьоһуннаах хардыыны оҥоруоххут иннинэ тугу толкуйдаатыгыт? Ис сүрэххититтэн ыал буоларга баҕардыгыт дуу, эбэтэр былааннамматах кыһалҕа күөрэйэн таҕыста дуу? Дьэ, ол иһин олохтоохтук өссө толкуйданныннар диэн биир ыйы соруоктаан эһиги сайабылыанньаҕытын кэтэһиннэрэллэр. Бу кэмҥэ тугу гыныаххытын сөбүй?

Баҕар оччо-бачча болҕомто ылыллыбатах олус наадалаах боппуруостар көтүөхтэрин сөп. Ол иһин:

Доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэниҥ: венеролокка, ону таһынан кыыс гинеколог, уол андролог быраастарга көрдөрүнүҥ. Тыҥа ыарыыта элбээн иһэринэн флюорограммаҕа сылга биирдэ түһүҥ.

Тымныйыыттан ордук кыыс эмсэҕэлиир. Атаҕа тоҥоруттан маатката, яичниктара, бүөрэ тымныйар, уу үөскүөн, искэн, эт үүнүөн сөп. Дьэ, ол иһин дьыл кэмин көрөн таҥныан, гинеколог сүбэтин толору тутуһуон наада.

Хааҥҥыт састаабын быһаартарыҥ. Өскө резус (+) (–) дьон холбостохторуна оҕолонумуохтарын, эбэтэр биир эрэ оҕолонуохтарын сөп. (+) (+), (–) (–) резустаах дьон бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр, оҕо-уруу тэнитэллэр.

Киһи сир-халлаан ситимигэр олорорун быһыытынан гороскопкутун үөрэтиҥ.

Төрдүгүтүн-уускутун үөрэтиҥ. Чугас аймахтыылар холбоһон хаалар түбэлтэлэрэ эмиэ баар буолар. Араас наследственнай ыарыылар кэлин көбөн тахсыахтарын сөп (бокоорор, ньиэрбэ ыарыытын араас көрүҥэ, быччыҥ ситэри сайдыбатын араас көрүҥэ о.д.а.).

Чөл олоҕу тутуһуҥ! Үөрүҥ-көтүҥ, эйэ дэмнээх буолуҥ

Күндү оҕолорбут!

 
Үйэлээх сандалы остуолга
Уруулар-аймахтар мустаннар,
Бу уустук олоххо табыллыы
Толкуйун, мындырын тобулан,
Сүбэни-аманы биэрдилэр:
Буруоҕут хойуутук унааран,
Куйаарга тарҕаннын
биир тэҥник.
Өбүгэ дьарыгын утумнаан,
Ынаҕы, сылгыны дэлэтиҥ,
Оҕону-урууну тэнитэн,
Норуоккут ахсаанын элбэтиҥ!
Уостубат тапталгыт кутаата
Олоххут аргыһа буолуохтун,
Өйдөһөн, өйөнсөн олоруу
Үйэҕит уһуурун түстээтин!
 

Ыал буолан ыччаты ууһатарга, ытык эбээһинэһи толорорго ыллыктаах санааны ылыммыккытынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Баҕарабын эһиэхэ доруобуйаны, үйэлээх тапталы, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыаны, хардарыта өйдөһүүнү, көмөлөсүһүүнү, тулуурдаах буолууну.

Олоҕуҥ аргыһын хараххынан хайҕаан, сүрэххинэн сөбүлээн, хара быарыҥ харысхала оҥостон, үйэ-саас тухары эйэ дэмнээхтик бииргэ олороору сөмүйэҕинэн сүүмэрдээн, тарбаххынан талан ылбытыҥ. Уруу остуолугар аймах-билэ дьоҥҥутун, атастаргытын-доҕотторгутун тула олордотолоон, кинилэр алгыстарын, үтүө баҕаларын истибиккит. Ону сүрэххитигэр сөҥөрдөн, эккитигэр-хааҥҥытыгар иҥэринэн олоххут оҥкула оҥостуҥ. Дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, баай-дуол мунньунан ыалдьыт сылдьар, хоноһо хонор, сылайбыт сынньанар, бар дьон ытыктыыр ыала буолуҥ!

Инники олоххутугар туһалаах буоллун диэн маннык сүбэлэри кийииккэ – ыал ийэтигэр, күтүөккэ – ыал аҕатыгар тус-туспа анаталыыбын.

Кыыс оҕо – ыал ийэтэ

 
Ып-ыраас, сып-сылаас
Илиилээх хаһаайка
Бэрийбит-тэрийбит
Иһитэ-хомуоһа
Дьоп бааччы ууруллан,
Куукуна хоһугар
Хомуллан туруохтун.
Амтаннаах аһыттан
Айанньыт астыннын,
Хомуйбут хоһуттан
Хоноһо дуоһуйдун.
Дьиэ тутаах киһитэ
Хаһаайка буоллаҕа.
Хамсаммыт-имсэммит,
Бэрийбит-тэрийбит,
Бэрт мааны хаһаайка
Манна баар диэтиннэр.
 

Бэйэҥ баҕаран, умсугуйан туран ыал ийэтэ буолар ытык эбээһинэскин талан ылбытыҥ – хайҕаллаах суол. Ыал ийэтигэр чэпчэкитэ суох, ыарахан сүгэһэр сүктэриллэр. Ол эрэн ыарахаттары эрдээхтик тулуйдаххына, онтуҥ үтүөнэн эргиллиэ, үөрүүтэ үгүс буолуо.


Олоҕуҥ аргыһын хара маҥнайгыттан сылаас тапталгынан угуттаан, сылаастык-сымнаҕастык сыһыаннас.

Кини туох интэриэстээҕин, тугу ордук сөбүлүүрүн ээр-сэмээр искэр үөрэт уонна онно сөптөөх түмүгү оҥорон саталлаахтык дьаһан.

Аҥаардастыы атаахтыы сатаама, эн эрэ бары хаппырыыскын толоруохтааҕын курдук өйдөөмө.

Кэргэниҥ итэҕэһин-быһаҕаһын чорбоччу тутан сирэй-харах анньыма, күүркэтэн биэримэ, өсөһүннэримэ, хомотума, хоргутуннарыма. Ол оннугар ээр-сэмээр, күлэ-оонньуу сэмэлиир сөп, ону кини ордук ылыныа.

Дьиэҕин-уоккун, иһиккин-хомуоскун куруук ыраастык тут, үлэ кэнниттэн дьиэ иһинээҕи киһи барыта үөрэ-көтө сынньанарын курдук.

Таҥаһын-сабын ханна кэтэринэн көрөн сууйан-сотон, наардаан таҥыннар.

Кини тугу баҕарарын хара маҥнайгыттан кыыһыран туран утар-сыма. Холобур, бултуу барабын диэтэҕинэ үөрэ-көтө тугу сатыыргынан тэрийэн, алҕаан ыыт. Бултуйбатах да буоллаҕына х

...

конец ознакомительного фрагмента

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю

Рекомендации