Текст книги "Өтөх иинэ оспот"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Руководства, Справочники
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Маарыйа былырыын күһүҥҥүттэн ыла 15 ынаҕы ылан ыанньыксытынан үлэлиир, бэйэтин соҕотох хаалбыт ынаҕын холкуос хотонугар туруорар. Күнүскү ыамын кэнниттэн окко көмөлөһөрө. Оччолорго: «Отчут, хас биир бугулуҥ – өстөөх үрдүгэр түһэр буомба!» – диэн ыҥырыы уос номоҕор киирбитэ. Маарыйа оту охсоот, өтөххө киллэрэн куурдара уонна мөлтөх ньирэйдэригэр сиэтэрэ. Оччоҕо ньирэйдэрэ туран кэлэллэрэ. Аны кыһын төрөөбүт ынахтарбар «эмп» курдук сиэтиэм диэн сайыны-күһүнү быһа өтөххө күөх от хаһааммыта. Ийэ барахсан төһө да күннээҕи түбүккэ үтүрүттэрдэр, биллэн турар, саныыр санаата оҕолоругар уонна кэргэнигэр этэ.
Миитээлээх Баһылайа сэриигэ этэҥҥэ сылдьалларыттан үөрэр. Миитээтэ Ураллааҕы байыаннай уокурукка 102‐с станцияҕа тиийбит. Хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн, сэрии үөрэҕин эриирин-мускуурун, саллаат ыарахан олоҕун этинэн-хаанынан билбитин туһунан суруйар. Хас суругун ахсын кыыһын Маасыҥканы уонна Кыра Ыстапаан уолун сураһар.
Онтон Ыстапаанын саастаах киһи диэн Забайкальскай фроҥҥа сэриигэ ыытар аттары көрүүгэ-харайыыга хаалларбыттар этэ. Онон билиҥҥитэ Ыстапааныгар санаата бөҕөх. Кыра Ыстапааныгар кулун тутар ыйга хара сурук кэлбитигэр аһыытыттан киһи аатыттан ааһа сыспыта. Хата, ону кыракый Өстүөпүскэ олоххо төнүннэрбитэ. Саҥа төрөөбүт кыракый уолу илиитигэр көтөхтөрөн кэбиспиттэригэр, ытаан бэбээрэр сиэнин сирэйигэр Кыра Ыстапаанын мөссүөнүн омоонун көрөн, уйа-хайа суох ытыырын быыһыгар түөһүгэр ыга кууспута. Нэһиилэ уоскутан оҕону араарбыттара. Сарсыҥҥы күнүгэр таастыйбыт сирэйдээх, биир таммах хараҕын уутун түһэрбэккэ, кыра уолун Баһылайы сэриигэ атаарбыта.
Кинилэр бөһүөлэктэригэр хайыы-үйэ хас да ыалга «хара сурук» кэлэн, дьон-сэргэ сүрэхтэрэ хаанынан ытаата. Дьон Мачыана буостаны аҕалбытын иһиттэҕинэ, сугулааны тумна хаамар буолла. Кини даҕаны харах уутуттан кэһэйэн хаалан, сэбиэккэ туттаран иһэр. Бастаан өйдөөбөккө илдьэн биэрэн, олус айманалларыттан, кинини буруйдуу көрөллөрүттэн саллан хаалбыт. Кини ыанньыксыттыырын таһынан, кыһыннары-сайыннары ыйга иккитэ буостаны таһар. Ахсынньы-тохсунньу ыйдарга, торулуур тымныыга саҕынньах кэтэн, оройуоннар биэрбит улахан баҕайы хаатыҥкаларын анньынан айанныыра. Биир хоноро. Сарсыҥҥы күнүгэр, сымнаҕас баҕайы аттааҕын биллэр да суолга моһуогуруохтара диэн, Уйбаанчык барахсан, кэлэр кэмин учуоттаан, хайаан да утары барара. Дьон ону билэрэ да саҥарбата. Уйбаанчыктаах Мачыана биир алааска улааппыттара. Оҕо эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэ көрсөллөрө эрээри түҥкэтэх алаас оҕолоро кыайан чугаһыспатахтара. Онтон 1921 с. Саха сиригэр гражданскай сэрии буолан, «баай», «дьадаҥы» икки ардыгар кылаассабай охсуһуу саҕаланан, дьон-сэргэ ортотугар өстөһүү саҕаламмыта. Аҕыйах ахсааннаах да буоллар, сэниэтик олорор ыал кыра-хара быстар дьадаҥы дьону кытта тэҥнэһиэн баҕарбата. Мачыана аҕата уонтан тахса сүөһүлээх сэниэ ыал этэ, быстар дьадаҥы ыал уолларын Уйбаанчыгы киһинэн да аахпата. Атын алааска сэниэтик олорор Тэрэнтэй дьонун кытта уруурҕаспыта. Оҕонньоттор иккиэн да бардам дьон этилэр, бандьыыттарга кистии-саба көмөлөспүттэрэ диэн үөлээннээхтэрэ тыыннаахтарыгар элбэхтэ сирэй-харах анньыбыттара. «Ревкомнар сүөһүбүтүн былдьыахтара диэн куттанан, ньылбыйан олорбуппут. Тыын тыыҥҥа харбас. Ревкомнар да, бандьыыттар да диэки буолбатахпыт», – диэн тумсуларын дулҕаҕа соттоллоро. Туох билиэй? Оччолорго түҥкэтэх тыа сирин дьоно былаас иһин буолбакка, бэйэлэрин тыыннарын көмүскэлигэр олороллоро, ол да буоллар төрөппүт былааһа улахан этэ. Оҕо аҕатын утары үрүҥ хараҕын өрө көрбөтө. Мачыана аҕа былааһын сиэртибэтэ буолан, таптаабат киһитигэр Тэрэнтэйгэ кэргэн тахсан, кини Ыстапаанынаан араа-бараа кыыстаах уонна уончалаах Сиэнньискэ диэн уоллаах. Дьон этэринэн, Сиэнньискэ Уйбаанчык уола. Уйбаанчык дьиэ кэргэн тэриммэтэҕэ. Тимир ууһа буолан, сэриигэ ыҥырылла илик эрээри, барарга тылланар үһү диэн сурах иһиллэр. Чугастааҕы холкуостар бары кэлэн уһаннараллар, тимири хаамтарбатах эрэ буруйдаах, чугас эргин суох уус киһи.
Онтон кини Баһылайа сэриигэ ыҥырыллыбыта биэс ый буолла, Смоленскай фроҥҥа ручной пулеметчигынан сылдьар. Ааспыт суругар аҕатын ыйытаахтаабыт этэ да хантан билиэй? «Үөрэҕэ суох, аахпат-суруйбат, нууччалыы билбэт киһи төһө эрэ сүрэхтиин-дууһалыын тулаайахсыйан сылдьар» диэн Маарыйа санааргыыра. Ол эрээри Ыстапаанын эрэнэр, өлөн-охтон биэрбэтэх буолуохтаах. Олоххо дьулуурдаах, сатабыллаах, үлэһит киһи онно да дьоҥҥо, салалтаҕа сөбүлэппитэ буолуо диэн эрэнэр. Ону таһынан, хас суругун ахсын сиэн оҕолору – Маасыҥканы, кыракый Өстүөпүскэни ыйыталаһан суруйар. Оҕом сыыһа гражданскай сэриигэ сэбиэскэй былаас иһин олоҕун толук уурбут убайын Андросов Баһылай Георгиевич олоҕун салҕааччы, аатын ааттатааччы, аймаҕын тэнитээччи соҕотох Андросов кини эрэ. Ити кини туһугар улахан эппиэтинэс буоларын оҕо эрдэҕиттэн куруутун такайар буоланнар, бэл, мэник-тэник сааһыгар улахан оҕо курдук оттомнооҕо.
– Ийээ, мин Андросов буолан мэниктиэ суохтаахпын. Онтон убайдарым, Дьөгүөрэптэр, буруйу да оҥоруохтарын сөп дуо? – диэн сүрдээхтик боччумуран туран, уончалааҕар ыйытан турардаах. Оҕом сыыһа олох аттанаары туран: «Ийээ, сэрииттэн хайаан да тыыннаах эргиллиэм», – диэхтээбитэ. Айыы таҥарам, оннук эрэ буоллун.
ХХ үйэ 20‐с сылларыгар Саха сиригэр бассабыыктар былаастара олохтоноругар буолбут гражданскай сэриини умнубат. Маарыйа соҕотох биир дьахтар үйэтигэр үһүс сэриитэ. Алдьархай буолбат дуо? 1914 сыллаах маҥнайгы империалистическай сэрии. Оччолорго кини 14 саастаах оҕо буолан, үчүгэйдик өйдөөбөт. Ити сэриигэ аҕыйах ахсааннаах саха дьоно кыттыбатахтарын кэлин эрэ истэр. Онтон 1921—23 сылларга буолбут гражданскай сэриини норуот умнубат. Элбэх хаан тохтубута. Өлүү-сүтүү элбэҕэ. Быраата Лука эмиэ гражданскай сэрии сиэртибэтэ буолбута. Андросовтар аймахтарын умса уурбут ол хаан сиэртибэлээх күнү Маарыйа умнубат.
* * *
…Ол киэһэ Луканы босхолообуттара. Хайыахтыай, убайа өлбүтүн дьонугар тириэрдэр хайдахтаах курдук ыараханын иһин этэригэр тиийэр. Онтон таайын Ньукулай Орлову өссө хаһан таһаараллара биллибэт. Сыарҕалаах аттаах билэр киһитигэр түбэһэн, төһө да бабыгырыар диэри тоҥнор дьиэтин булбута.
– Хайа, оҕом сыыһа кэлээхтээтэ дии, – диэн хайаларын да иннинэ Мотуруона эмээхсин сэргэхсийэ түстэ.
Лука дьонун иннигэр буруйдаах киһи курдук арбы-сарбы туттан турда.
– Хайа, тукаам убайдарыҥ? – эмээхсин холумтаҥҥа турар чаанньыгы уокка уурда.
– Оттон… – Лука туох да диэн булумуна, сыҥсыйбахтаан ылла.
– Хайа, тоойуом, этиий… муҥнаама… куһаҕан буолла дуо? – Мотуруона, сэрэммиттии, оргууй ыйытар.
– Убайбын… Баһылайы… туохтаатылар…
– Оо, сорбуун! – ийэ эрэйдээх кылана түстэ.
– Таайым Ньукулай илдьиттээбитэ «сотору биһигини таһаарыахтара, дьоммут төһө кыалларынан тулуйа-кыатана сатаатыннар» диэн.
– Оҕом, Баһылайым, уҥуоҕа тутуллубакка, көтөр-сүүрэр курдук хараллыбакка хаалыах бэйэтэ буоллаҕа. Оо, абам-сатам, сиэхситтэртэн туох ситиһиэ баарай!.. Ситистэххитинэ, эдэр дьон, эһиги ситиһиэххит. Тукаам, Лука, маны барытын өйдөөн кэбис. Убайгыт дьыалатын таах хаалларымаҥ, кини эппит тиһэх кэс тылын умнумаҥ.
Бандьыыттар күн-түүн тиэстэллэриттэн, үтүрүйэллэриттэн-хабырыйалларыттан кыһарыйтаран Мотуруона эмээхсин бандьыыттар иһэр буоллахтарына, кыра сиэнин Вераны илдьэ кыбыыга баран саһара. Хайа үчүгэй таҥас-сап баарына, тохсунньу тымныытын итиччэ кыра киһи тулуйуо дуо? Оҕо тымныйан күүскэ ыалдьыбыта… Онтон Баһылай кэргэнэ Марыына атын нэһилиэккэ олорор аймахтарыгар үс көстөөх сиргэ сатыы түспүтэ. Сыккырыыр тыына тиийээхтээбит этэ да уһаабатаҕа.
Дьиэ иһигэр уот тыаһа таһыргыырыттан ураты туох да иһиллибэт. Лука дьонугар тугу да көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан абатыйан, убайдарын санаан, икки иэдэһин устун көмүскэтин уута тохтобула суох сүүрэр. Ол саҕана кини баара-суоҕа 16 саастаах уолчаан этэ.
Х
1943 сыл. Олунньу ый. Дьыл оҕуһун муоһа тостон, тымныы арыый намыраабыт кэмэ. Күн сырдыгыттан киһи хараҕа саатар буолбутуттан, биир чысхаан тымныыны мүччү түһэн эрэбит диэн дьон-сэргэ төһө да туос аччык кэриэтэ сырытталлар үөрээхтииллэр.
Кыһыҥҥы тымныыга үлэтин-дьиэтин икки ардыгар төттөрү-таары хааман хоочугуруурун быыһыгар дьиэтигэр кэлэн, Вералыын оттор мастарын эрбииллэр, хайыталлар, хаар баһаллар, оҕуһунан ынахтарыгар отторун, оттук мастарын тиэйэллэр. Уһаайбаларын иһигэр тиит мастарын тоноон бүтэрдилэр. Сайынын бүтүннүү күөҕүнэн чэлгийбит тэлгэһэлэригэр билигин биир тиис анньар мас суох. Ыстапаана көрөрө буоллар соһуйуо этэ. Ыал үксэ да тэлгэһэлэрэ өтөхсүйдэ, үүнэн турар тиит мастарын кэрдибиттэрин ааһан, хоспохторун, хотоннорун оттук оҥостон эрэллэр. Тутуулар дьардьамалара эрэ турарын киһи харааста көрөр. Түүнүн фроҥҥа анаан итии таҥас тигэллэр. Түүнү быһа түбүгүрэн баран, сарсыарда алта чааска туран, пиэрмэтин ынахтарын ыы барар. Онно эбии күн-түүн дьонун сүрэх-дууһа ыарыыта оҥостон, курдаттыы таттарара…
Бүгүн Маарыйа үлэтиттэн үнтү сылайан кэлээт, таҥаһын сыгынньахтанан, илиитин суунан, остуолга биирдии кырбас хоччорхой лэппиэскэни кытта сылбырхай чэй кутан уурда. Хостон салбаҕырбыт, уутун хамматах сирэйдээх Вера таҕыста.
– Хайа, ийээ, кэллиҥ дуо? Бүгүн биир да кыра оҕону аҕалбатылар. Арай оскуола оҕолоро кэлэн, икки уруокка үөрэнэн бардылар.
– Ээ, эрэйдээхтэр, хата, билиигэ-көрүүгэ тардыһан, кэлэ сатаахтыыллар. Маладьыастар. Онтон кыра оҕолору ыксаатахтарына эрэ аҕалар буоллахтара, – Маарыйа бэйэтэ өйдүүрүнэн быһаарар. – Ньукулай Торговкин оҕолоро уонна Мачыана уола Сиэнньискэ иэҕэҥнэһэн кэлэн бардылар. Кэлиргэҕэ олордон биирдии курууска үүт кистээн иһэртим. Үөрэн, харахтара чаҕылыһа түһээхтээтэ.
– Ийээ, сэрэн эрэ, ити үөһээ нэһилиэктэргэ биир ыал сутаан, борооскуларын сиэбиттэрин билэн, аҕаларын хаайыыга ыыппыттар дииллэр. Онтон ыаллыы улууска биир ыалы байыаннай нолуок түһэриллибитин төлөөбөккө олороҕут диэн сэбиэт дьаһалынан торбуйахтаах ынахтарын маҥыраппытынан сиэтэн таһаарбыттарын кэпсииллэр. Быйыл кыһын ол ыал дьиэ кэргэттэрэ бары түөрт киһи аччыктаан-хоргуйан, сирэйдэрэ дыгдаччы иһэн, нэһиилэ иэҕэҥнээн хаамар буолбуттарын атын нэһилиэккэ олорор аймахтара истэн, сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн барбыттар дииллэр.
– Кэбис, аньыыны саҥарыма. Харахпыт ортотугар оҕолорбут хоргуйуохтарын кэриэтэ бэйэбит аччыктаабыппыт ордук. Ыанньыксыттар бары да оҕолор сутаан кэллэхтэринэ, бэйэ-бэйэбититтэн кистэһэн, үүт иһэрдэн ыытарбыт буруй буоллаҕай? Оҕолор барахсаттар өйдүүллэр, күн ахсын кэлбэттэр. Бүгүн ыран охтубут борооскуну тириилэри баҕастары хас биирдии ыалынан үллэһиннибит. Төбөтүн Түмэппий кырдьаҕаска ыыттыбыт. Итиннэ быыкаайык эт тооромоһун аҕаллым. Ону киэһэ мииннээн Маасыҥкалыын иһээриҥ. Бүөтүр Бөтүрүөбүс баарын тухары, наһаа аччыктаан-хоргуйан барбат инибит. Хата, Слепцов Сэмэн Сэмэнэбис үлэ фронугар ыҥырыллан абыраата. Кинини донуосчут бөҕө киһи диэн этэллэр. Былыр-былыргыттан ыарахан аймахтар, – Маарыйа кэпсии олорон, хараҕа силимнэһэн, утуктаан, тоҥхооройдоон ылла.
– Ийээ, сыта түһэн ылбаккын дуо? Утуйа олороҕун буолбат дуо?
– Ээ, утуйбаппын. Үтүлүктэрбин тигиэм этэ.
– Мин барытын бөөлүүн тикпитим. Холбуур үүт аҕаллыҥ дуо? Суорат сыыһа оҥоруом. Сарсын оҕолор тугу эмэ биэрээрэй диэн сирэйбин-харахпын кэтиэхтэрэ дии, – Вера сып-сап таҥнан, оһох оттоору таһырдьаны былдьаста.
– Оччоҕуна куобах тириитэ имитэн, быһан бэлэмниэм, – диэн саҥарарын быыһыгар дьааһыйбахтаан ылла, хараҕын араастаан кэҥэтэ сатаан көрө сатаата да кыайбата: остуолугар умса түһэн, утуйан мунна сурдурҕаата.
Таһырдьаттан мас көтөҕүүлээх Вера киирэн, оһоҕун оттон хачыгырайбытынан барда. Ийэ хотунун уһугуннара сатаабата, уһугуннаҕына да син биир ороҥҥо сытыа суоҕа. Ол кэриэтин итинник утуйа түһэн сынньаннын дии санаата.
Аан аһыллар тыаһын кытта ытаан хараҕа кытарбыт Мачыана киирэн кэллэ.
– Хайа, Маарыйа утуйан хаалаахтаабыт дуу? – куолаһын аччатан саҥарда.
– Сибилигин нухарыйда. Утуйа түстүн. Мачыана, буоста аҕаллыҥ дуо? – сибигинэйэ былаан ыйытар.
– Аҕалан да… Эмиэ хара сурук кэллэ, – Мачыана хараастан ылар.
– Ким?.. – Вера сирэйэ кубарыйан хаалар.
– Ньукулай Торговкин эрэйдээх өлбүт. Аанчата ытыы-аймана хаалла. Мин тута тыас хомуннум. Бүөтүр Бөтүрүөбүс Киристиинэтэ тырахтарыыс үөрэҕин бүтэрбит. Ону Чурапчыттан ыла барбыт. МТС-ка эҥин сылдьаллар үһү. Нэдиэлэнэн кэлэллэр диэбиттэрин иһин хайыамый? Кистээн сытыарарым эмиэ сүрэ бэрт. Таах-сибиэ биэрэн. Санаабар, Аанча айманарын быыһыгар миигин куһаҕан баҕайытык көрөр.
– Чэ, санааҕар тутума. Аһыылаах киһини хайыаххыный? Олор, уоскуйа түс. Мин билигин кыыспын кытта Киристиинэлээххэ бырааппытын Өстүөпүскэни көрө барыахтаахпын. Эбэтэ пиэрмэтин үүтүн түһэрэ барар. Киристиинэлээх үс-түөрт хонугунан кэлэллэр ини. Баһылай тыраахтарын үлэлэтиэхтээх.
– Хайыы, Мачыана кэлбит эбит дуу? Остуолга умса түһэн, утуйан хаалбыппын. Туох буоллуҥ? Хараҕыҥ кытаран хаалбыт, – Маарыйа уһуктан хараҕын туора-маары сотторун быыһыгар дьааһыйбахтаан ылар. – Хайа, һыллы, Өстүөпүскэҕитигэр барыа эбиккит. Эбэтэ Даайа ыксаан эрдэҕэ.
– Бардыбыт, бардыбыт, – Вера хостон кыыһын көтөҕөн таһааран, истээх бэйбириэт сонун сыыһын, бэргэһэтин, куобах тириитинэн тигиллибит этэрбэһин кэтэрдэр.
– Мачыана, бэттэх кэл, сылбырхай да буоллар, сылаас уута ис, – дьиэлээх дьахтар дьүөгэтин остуолга ыҥырар.
– Ньукулай Торговкиҥҥа хара сурук кэлбит. Аанча муҥнаах киһи тулуйбатынан ытыы-соҥуу аймана хаалла. Салыбырыахпар дылы куттанным. Нэһиилэ атахха биллэрдим, – дьахтар сирэйин-хараҕын былаатын уһугунан соттор.
– Оо, Ньукулай барахсан, мин Баһылайбынаан биир кэмҥэ барбыттара. Сыл да буолаахтаабатах. Ол да иһин, Аанча Ньукулайын наһаа айманан атаарбыта, атаҕар олох соһулла сылдьыбыта. Оҕолоро эрэйдээхтэр ийэлэрэ наһаа ытаабытыттан куттанан, киһи тулуйбат ытабылын-соҥобулун тарпыттара, – Маарыйа өрө тыынар. – Аанча эрэйдээх киһитэ эргиллибэтин билээхтээбит быһыылааҕа, – эбэлэрэ кэпсиирин быыһыгар сиэнин икки дабыдалыттан тутан, өрүтэ аспахтыыр, сыллаамахтаан ылар.
«Миигин эмиэ кэргэҥҥин харах уута суох атаар» диэбиттэрин үрдүнэн туттуммакка, ытаан атаарбытым. Аньыы даҕаны, ону-маны санааммын. Миитээм хайаан да эргиллиэҕэ», – диэн Вера оҕотун көтөҕөн туран, тэһэ астаран санаан, хараастан, санньыйан турдаҕына, Мачыана көхсүттэн сымнаҕастык имэрийбэхтээн ылла.
– Һыллы, Миитээҕин санаан, чуумпуран ыллыҥ дуо? Миитээ уол оҕото – ат кулун сэрииттэн тыыннаах эргиллиэҕэ. Сотору сэрии бүтүөҕэ. Совинформбюро сводкатыттан иһиттэххэ, чугуйан эрэллэр дииллэр.
– Ээ, суох, бэйэм. Аймахтарбын, кэбээйилэрбин, санаан ыллым. Хайдах-туох олороохтууллар. Хаста да суруйдум, эппиэт суох.
– Кэбээйилэр барахсаттары «Фронт сакааһа» диэн ааттаан, балык былаанын толорууга сайын-күһүн муҥха тардыытыгар тобуктарыгар, курданалларыгар тиийэ тымныы ууга киирэн, түүннэри-күнүстэри үлэлииллэр дииллэр. Сурук суруйар бириэмэ да көстүбэтэ буолуо. Урукку сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Сэмэнэбис онно тиийбит. Биригэдьиир Махсыым дьонтон истибит этэ, – Мачыана, киэҥ сиргэ сылдьар киһи быһыытынан, кэпсиир.
– Оо, муҥнааҕыа, оннук ыарахан үлэҕэ хайдах сылдьаахтыыр, хара үлэҕэ үлэлээбэтэх киһи, – Маарыйа куобах тириитин имитэ олорон саҥа аллайар.
– Чэ, биһиги бардыбыт. Эбээлээххэ бакаалаһан сапсый, – Вера кыыһын чараас суорҕанынан суулуу тутан, тахсан барар.
– Миитээ сулууспалыы сылдьар 19‐с хайыһар биригээдэтэ билигин Новгород уобалаһын дэриэбинэлэрин өстөөхтөн босхолуур сэриигэ сылдьар. Суруга кэлбитэ. Этэҥҥэ эрэ сырыттын, – Маарыйа дьүөгэтигэр кэпсиир.
– Тэрэнтэйтэн дэҥнэтэн да буоллар суруга кэлэр. Уйбаанчык суруйбат. Эргиллибэтэхпинэ, Сэмэнчик улааттаҕына, дьиҥнээх аҕата ким буоларын этээр диэхтээбитэ. Саҥарбатаҕым. Хомойбута быһыылааҕа, – Мачыана уйадыйан, хараҕыттан уу-хаар баһыллар. – Дьахталлар икки эрдээх диэн сирэй-харах анньаллар да, дьиҥинэн, кинилэр саныылларын курдук оннук буолбатах. Тэрэнтэйбэр үөрэнэн хаалбыппын. Сымнаҕас буолан, биирдэ атаҕастаммакка, үчүгэйдик олорбутум. Онтон… Уйбаанчык – сүрэҕим-дууһам ыарыыта, олоҕум ымыыта. Биир сайын синэ биир диэн, Тэрэнтэйбиттэн оҕо күүтэ сатаан баран, Сэмэнчигим күн сирин көрөр быатыгар, Уйбаанчыкпынаан биирдэ аньыыга киирбитим. Онтон ыла чугаһаппатаҕым. Оннооҕор барар түүнүгэр, дьон итэҕэйбэттэрэ буолуо да, оннукка тиийбэтэхпит. Уйбаанчык мас хайдыбытын курдук көнө киһи, өлөр-тиллэр икки ардыгар, уот ортотугар, сылдьар киһи суоҕунан туһаныан баҕарбатаҕа.
– Чэ, уоскуй, дьылҕаҥ тугу анаабытынан олорбутуҥ курдук олоруоҥ. Чыҥыс Хаан ыйааҕа, Одун Хаан оҥоруута буоллаҕа. Онтон мин Ыстапааным барахсан, ханна эрэ тоҥо-хата сылдьаахтыыр. Биирдэ эмэ аҕыйах тылы дьонунан этэн суруйтарыа эбит да көнөккөтө бэрт буолаахтаатаҕа. Нууччалыы билбэтиттэн төһө эрэ муучу буолан, эрэйдэнээхтии сылдьар. Фроҥҥа хас итии таҥас тиктэҕим ахсын Ыстапааммар тигэр курдук сананабын. Кыра Ыстапаана сэрии толоонугар охтубутун билбэт. Оҕобун аһыйан иэдэйиэх киһини, хата, Киристиинэм сиэн бэлэхтээн, киһитийэн сылдьабын. Онно эбии Түмэппий кырдьаҕас: «Барбыт барбытынан, хаалбыттаргын санаа. Алыс эстэн-быстан эрэр курдук санааҕа кииримэ. Сиргэ түспүт сэрэбиэйэ, окко түспүт оҥоһуута буоллаҕа. Куһаҕаны ыҥырыма, күүстээх санаалан!» – диэн сүгэ-балта курдук кытаанахтык эппитигэр, уһуну-киэҥи санаан, дьоҥҥо ытаабыппын-соҥообуппун көрдөрбөтөҕүм. Аны харах уута аргыстаах хара сурук кимиэхэ да кэлбэтин.
– Сөпкө этэҕин, – Мачыана сүүһүгэр саба түспүт былаатын үөһэ анньан көннөрүнэр. – Дьон аччыктаан эрэр. Хайдах буолабыт?
– Бүөтүр Бөтүрүөбүспүт баарын тухары наһаа хоргуйууга тиийбэт инибит. Сотору күөлгэ куйуурдааһын саҕаланыа. Эбэбит тугу эмэ күөх далай быйаҥыттан бэрсэн, дьонун-сэргэтин быыһыа, араҥаччылыа, – Маарыйа аал уотуттан көрдөһөр курдук эҥээритэн этэрин быыһыгар умайан тыһыргыы турар оһоҕун ааттаспыттыы көрөн олорор. – Мачыана, эһиги тугу аһаан олороҕут? Биһиги биир да буоллар ыанар ынахтаах буоламмыт кэм тулуктаһабыт.
– Тугу буолуой? Үөрэ отун мас сутукатын кытта холбоон буһаран сиибит. Сороҕор хаһан эмэ эбиэс бурдук хааһыта. Онтон ордук туох буолуой? Бары да оннук аһаан олордохпут.
– Оннук. Чэ, кэм биһиги оттон-мастан тардыһан олоруохпут. Өлөр өлүүнү күн ахсын көрсө сылдьар дьоммут бааллар ээ. Кинилэр эрэ үчүгэйдик сырыттыннар, – дьиэлээх дьахтар түмүк оҥорор.
Дьахталлар эйэлээх көҥүл олохторун огдолуппут кырыыстаах сэриигэ сылдьар чугас дьоннорун, нэһилиэктэрин ыар дьылҕатын санаан, тылларыттан матан чуумпура иһийдилэр.
XI
1943 сыл. Ыам ыйа. Маарыйа ынахтарын ыан бүтэрэн, таһырдьа таһаартаата. Отторо бүтэн, эбиммэт буолан, сүөһүлэр хотонноруттан тахсаат, маҥыраһан лоҥкунатаат, мэччийэн абыранаары алаас диэки хотолдьустулар. Икки төрөөрү гыммыт ынахтарын санаатыгар хаалларан, хантан эрэ от тобоҕо баара буолаарай диэн кыбыыга баран көрдө да салаа от суох. Хайыай, бэйэтин хотонун үрдүгэр хаһааммыт аҕыйах бугул оттоох этэ. Онтон куулга сүгэн аҕалаары дьиэтин диэки хачыгырайда. Хайдах эмэ гынан күөх окко тиийэллэрэ буоллар, сүөһүлэр син тулуктаһыа этилэр. Онтон дьон-сэргэ хайдах тулуктаһар? Аччык кэриэтэ сылдьан күннэри-түүннэри үлэлээн муҥнаналлар.
Хаһан эрэ Ыстапаана оҥорбут кирилиэһинэн ыттан, хотонун үрдүгэр таҕыста. Бөһүөлэгин эргиччи көрө туран, ис-иһиттэн хараастан ылла. Бөһүөлэктэрэ барахсан дьардьамата эрэ тураахтыыр. Сэрии иннинэ ыал үксэ үс күрүө бүтэйи туттубуттара. Ол бүтэйдэртэн биир да сиэрдийэ ордубатах, барыта оттук буолан бүтээхтээбит. Баҕаналарын хаһыллыбыт умуһахтара эрэ харааран көстөллөр. Хоспох, ампаар, хотон дьардьамалара эрэ тураллар. Уһаайба иһигэр биир тиит мас көстүбэт, эгэ от куруланыа дуо? Былырыын сайын Вералыын үлэлэрин быыһыгар туох сэрбэйэри барытын хомуйбуттара, бэл, илиилэринэн үргээн куулунан кытта таспыттара. Күһүн от, бурдук хомуура бүппүтүн кэннэ, Киристиинэ ХТЗ тыраахтарынан отторун кыбыыларыгар тиэйэн аҕалан абыраабыта. Кыһын сэтинньи ортотуттан олунньу ортотугар диэри үс тымныы ыйдарга борооскулаах ынаҕын уопсай хотоҥҥо туруорбута. Соҕотоҕун турдаҕына, тоҥон өлөрүгэр тиийэр. Бүөтүр Бөтүрүөбүс барахсан Даайатынаан үлэтин быыһыгар бөһүөлэктэн чугас алааһы оттоон, холкуоска кинилэр ынахтарын аһылыгар биэрэн абыраабыттара.
Маарыйа нэһиилэ алтахтаан түһэн, дьиэтигэр таарыйбакка, хотонугар ыксаата. Чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ, дьахталлар сугулаан диэки бардылар. Ити икки ардыгар хотонтон биригэдьиир Махсыым түөрэҥэлээн таҕыста. Оҕо сылдьан остуолтан сууллан, аҥаар атаҕа кылгас гына оһон, сэриигэ ыҥырыллыбатаҕа. Кэм эдэр-сэнэх эр киһилээх буолан, дьахталларга тирэх буолан абыраата. Дьаһайа-дьаһайа сылдьыбат. Тэҥҥэ үлэлэһэн, түсүһэн иһэр. Ыанньыксыттар, бороон көрөөччүлэр ыарыйдахтарына солбук көрдүү сүүрбэт, бэйэтэ ынахтары ыабытынан, хотон ис-тас үлэтин толорбутунан барар. Сайын отчуттары кэрийэ бардаҕына, хара киэһээҥҥэ диэри толору оттоһон, от кэбисиһэн баран кэлэр үгэстээх. Онтон күһүнүн сиэмэ баайыытыгар күҥҥэ 1000 түүтэҕи баайан, Вераҕа эрэ кыайтарбытым диир. Вера алдьархай туттуулаах. Күҥҥэ 1500 түүтэҕи баайан, дьахталлары ырааҕынан быраҕарын сөҕөн кэпсииллэр. Үлэһиттэр суоратынан, уу судураан хааһынан өйүөлэнэн үлэлииллэр. Нуорма үлэһиккэ күҥҥэ 150–200 кыраам бурдук, сулууспалаахтарга ыйга аҕыс киилэ бурдук, оҕоҕо биэс киилэ этэ. Холкуостаахтарга дохуот кыра, ол курдук бэрт кыра сиэмэ атаҕа, биирдэ эмэ өлбүт сүөһү этин абаансанан үллэстии буолара. Аһы-таҥаһы карточнай систиэмэнэн түҥэтэллэрэ. Кинилэр сэриигэ сылдьар дьонноох буолан, карточканан кэлбит бурдугу, чэй сыыһын ылан эбинэллэрэ. Сорохторго ол да суоҕа. Аска карточнай систиэмэ олохтонон, алдьатыылаах сэриини таһынан, ыарахан сут дьыл кэлбитин кэрэһилиир. Дэҥнэтэн туһах иитэн көрөллөрө да туох эмэ туттаҕына, сонно тута суор тоҥсуйбут буолара. Бу алдьархайтан туох да быыһыыр суох. Сэрии буолбута үһүс сылыгар барда. Өлүүттэн-сүтүүттэн ураты тугу да истибэттэр.
– Хайа, Маарыйа, от таһа сылдьаҕын дуо? Оройуонтан бэрэстэбиитэл кэлбит. Баран сонун истиэҥ этэ, – Максыым мичээрдээн, хара бараан сирэйигэр үрүҥ тиистэрэ кэчигирииллэр.
– Ээ, оппун ууран баран бара сылдьыам. Бэрэстэбиитэл кэлэн да диэн, үчүгэй сонуну иһитиннэрбэттэр. Миигинник сүрэх баастаах киһи бэрэстэбиитэли көрүөн да куттанар, – Маарыйа тус санаатын этэр.
– Оннук буолаахтыа. Чэ, мин бардым. Тиийээр, – Максыым буоларын курдук, сүрдээх эйэҕэстик хардараат, сугулаан диэки түөрэҥэлии турда.
Маарыйа сугулааҥҥа тиийбитигэр хайыы-үйэ бэрэстэбиитэл кэпсээн ырааппыт. Дьахтар хараҕынан Мачыана олорор сирин булан, дьүөгэтин аттыгар тиийэн олорунан кэбистэ.
– Хайа, тугу кэпсиир?
– Сүүһүнэн холкуостар Саха сирин балыктаах улуустарыгар Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Бүлүүгэ, бэл, Хотугу Муустаах муора Ляхов арыыларыгар, Дьааҥы, Халыма өрүстэригэр тиийэ «фронт сакааһа» диэн ааттаан, үлэ фронугар балыктыы диэн көһөн барбыттарын истэн, ол дьон эрэйдээхтэри аһынан сүрэхпит ыарыйда. Өлүү-сүтүү бөҕө үһү. Биһиги илин эҥээр оройуоннартан Чурапчылар хото барбыттар, – Мачыана сибис гынар. – Барахсаттар төһө эрэ тоҥон-хатан, өлөн-быстан эрээхтииллэр.
– Буолаахтыа, – Маарыйа хардарарын быыһыгар бары болҕомтотун бэрэстэбиитэлгэ хатаата.
– Табаарыстар, сэрии сылларыгар Сахабыт сирин нэһилиэнньэтин ортотугар фроҥҥа көмөлөһүү хамсааһына киэҥник тэнийдэ. Дьон-сэргэ баардарын-суохтарын барытын туран биэрдилэр. Оборона пуондатыгар 37 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайдаах үп-харчы хомулунна, 58 мөлүйүөн солкуобайдаах заем облигацията сурутулунна. Кыһыл Аармыйа саллааттарыгар анаан 33819 буут ыйааһыннаах 4 эшелон ас-үөл, бородуукта баһыылката ыытылынна. Саха сирин олохтоохторо сэрии уонна дойду норуотун хаһаайыстыбатын наадаларыгар биир миллиард солкуобайтан тахса суумалаах үбү хомуйан туттардылар.
Саха сирин олохтоохторо ыарахаттары чиэстээхтик туораан, Улуу Кыайыы улууканнаах дьыалатыгар сүҥкэннээх кылааттарын киллэрдилэр. Дэлэҕэ Верховнай Кылаабынай командующай Иосиф Виссарионович Сталин бэйэтинэн махтаныа дуо? – диэн бүтэһик тылын күүрээннээх соҕустук эппитигэр сэниэтэ да суох буоллар, онон-манан ытыстарын таһынан лабырҕаттылар.
– Билигин фроҥҥа балаһыанньа хайдаҕый? – Максыым ыйытар.
– Балаһыанньа уустук. Олунньу 22 күнүгэр Ийэ дойду көмүскэлигэр немецкэй фашистары утары охсуһа сылдьан, Ильмень күөл мууһугар суорума дьылҕаламмыт 19‐с хайыһардаах сэрии биригээдэтин буойуттара трагическай дьылҕаламмыттарын истибиккит буолуо. Сэбиэскэй байыастар түүҥҥү хараҥанан саптаран, өстөөххө соһуччу саба түһэр сорудахтаах күөлү ортотунан туораан испиттэр. Эмискэ өстөөхтөр сиртэн-халлаантан күүстээх уоту аспыттар. Күөл мууһа өстөөх авиациятын уонна артиллериятын уотуттан күөрэ-лаҥкы ыстаммыт, үгүс буойуттар тыыннаахтыы муус анныгар барбыттар. Ол да буоллар, биригээдэ сорох чаастара, уҥуоргу биэрэги булан, фашистартан хас да нэһилиэнньэлээх пууну босхолообуттар. Ильмень күөл Старай Русса, Москва уонна Ленинград куораттар икки ардыларыгар сытар буолан, өстөөхтөр биэс көс усталаах, түөрт көс туоралаах күөлү аа-дьуо туораан, Москва куораты түргэнник ылар былааннаахтара. Хайыһар биригээдэтин буойуннарын ортолоругар Саха сириттэн ыҥырыллыбыт 400‐чэкэ саллаат Чурапчыттан, Мэҥэттэн, Тааттаттан, Амматтан, Уус Алдантан, Сунтаартан, Ньурбаттан бааллар эбит. Ильмень күөл арҕаа уһугар, Старай Русса куоракка, өстөөхтөр бөдөҥ бөҕөргөтүллүбүт пууннара баар. 19‐с, 20‐с уонна 21‐с хайыһар биригээдэлэрэ ону көҥү көтөн, блокадаҕа ылларбыт Ленинград куорат хайысхатын диэки салгыы айанныахтаах эбиттэр. Ильмень күөл соҕуруу кытылыгар 200 кэриҥэ саха саллааттара сылбах курдук охтубуттар. Ильмень күөл кыа хаанынан устубутун хаһыаттарга, араадьыйаҕа долгуйа кэпсииллэр, – бэрэстэбиитэл кэпсээнин түмүктүүр, ыгылыйан көлөһүннүрэ охсубут сирэйин модороон тарбахтарынан туора-маары соттор.
Маарыйа тымныы уунан саба ыстарбыт курдук титирии олордоҕуна, Максыым саҥата иһилиннэ.
– Бары өлбөтөхтөр буолбат дуо?
– Суох, ол эрээри бу кыргыһыыга сүрүн күүс буолбут 19‐с хайыһар биригээдэтин сүрүн састааба сахалар эбиттэр. Ол да буоллар, күөлү этэҥҥэ туораан, чугастааҕы дэриэбинэлэри босхолообуттар.
– Оннук эрэ буоллун, – Максыым саҥата ийэҕэ эрэл кыымын саҕар.
Маарыйа хайыы-үйэ ыараабыт атаҕын соһон кэриэтэ дьүөгэтинээн Мачыаналыын сугулаантан тахсан иһэн кийиитэ таастыйа кубарыйбыт сирэйин таба көрөн, утары барда. Вера ийэ кыннын санныттан кууһан, өйүү тутан ылар.
– Суох, суох… Биһиги Миитээбит тыыннаах. Аҕыйах хонуктааҕыта суругун туппуппут. Барыта этэҥҥэ диэбит этэ, – диирин быыһыгар Вера доҕоро бүтэһик суругун олунньу ортотугар суруйбутун чуолкай өйдөөн, бэйэтин уонна ийэ кыннын алы гынан саҥардар да дууһата тулаайахсыйан, тулата кураанахтаммыт курдук буолбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ… Төһө да сүрэҕэ хаанынан оҕуолаатар, уйа-хайа суох ытыан, хаһыытыан баҕардар, ийэ кыннын харыстаан, аһыытын-абатын туттунан, сымыһаҕын хаан тахсыар дылы быһа ытырда…
– Маарыйа барахсан… Ама, иккис уолун сүтэрбитэ буолуо дуо? Алдьархай. Миитээҕэ хара сурук кэлэ илик, өлбөтөҕө буолуо, эрэл кыыма баар. Уонна соторутааҕыта суруга кэлбитэ, – Махсыым бэйэтэ бэйэтигэр саҥарарын быыһыгар кэннилэриттэн батыһа көрөн хаалар. – Бүөтүр Бөтүрүөбүс, эйиэхэ наадалаахпын. Өлөксөөс икки оҕотунаан олох сыппыттар дииллэр. Бүгүн суорат ыыппытым да, абырыыра биллибэт. Сатахха, карточкалара суох, онон хантан да эбиммэттэр. Өлөксөөс үлэтигэр тахсыбатаҕа бүгүн иккис күнэ. Көрөн дьаһал ылыахха наада.
– Сөп. Билигин үргүлдьү сылдьан ааһыам. Куйуурдааһынтан кыра да балык кэллэҕинэ, кинилэргэ өлүүлээн ыытан иһиэххэ наада. Уопсайынан, билигин ыалларынан кэрийэ барыам. Киэһээ эйиэхэ таарыйыам. Сүбэлэһиэхпит. Мин дьоммор сылдьан, этэн аас эрэ. Киристиинэ дьонугар бара сылдьыа этэ. Кыыстара биһиэхэ баар. Даайа оҕолору көрүө, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс тор курдук кылгас бытыгын имэринэн ылар. Киһи хараҕар биллэр гына дьүдьэйбит. Эдэр эрдэҕинэ саһарардаан быарынан учуокка турар буолан, аармыйаттан сыыйыллыбыта. Араастаан сахалыы эмтэнэн көрдө да, ыарыы сыллата ылан иһэрэ биллэр, бэрэстэбиитэлгэ өссө да быһаарсар боппуруостаах буолан төттөрү олордо.
– Уйбаан Уйбаанабыс, биир ыйытыылаахпын. Забайкальскай фронтан аттары тиэйэн иһэр поезд өстөөх улахан буомбалааһыныгар түбэһэн, Маарыйа кэргэнэ Егоров Ыстапаан Киргиэлэйэбис сураҕа суох сүппүтүн туһунан сурук кэлэн сытар. Ыстапаан 50‐чалаах киһи барбыта. Маарыйа барахсан кэргэнэ тыыннаах эргиллэн кэлэригэр эрэллээх. Фроҥҥа киирэр аттары көрөр-истэр диэн үөрэн кэпсээхтиирэ. Онтуката итинник буолан таҕыста. Мин сурук тутан баран, оройуоҥҥа киирэ сылдьан, военкоматтан ыйыталаһан, билэн кэллим. Онтон… суругу биэрбэккэ сылдьабын. Ону туох дии саныыгын?
– Ыарахан суол. Бу сэриигэ төһөлөөх ыччат сырдык тыынын толук биэртэ, төһөлөөх дьиэ кэргэн олоҕо огдолуйбута, төһөлөөх оҕо тулаайах хаалбыта, төһөлөөх ийэ төрөппүт оҕотун сүтэрбитэ буолуой?! Сураҕа суох сүппүтүн туһунан суругу кистииргэ санаммыт буоллаххына, оннуга ордук буолуо. Бириэмэтэ кэллэҕинэ, этиэҥ буоллаҕа. Ильмень күөлгэ 200 саха саллаата суорума суолламмыт дииллэр. Онно уола баар буоллаҕына көҥүлэ. Өлбүттэрин туһунан хара суруктар аймахтарыгар бу күннэргэ кэлэн эрэр буолуохтаахтар. Мин абаҕам уола ол кыргыһыыга өлбүтүн туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ тутан, дьонум айманыы бөҕө. Абаҕам эрэйдээх икки хараҕа суох. Ытаан муҥнанаахтыыр, – Уйбаан Уйбаанабыс кэпсиирин быыһыгар хараҕа сиигирбитин соттон ылар. Бүөтүр Бөтүрүөбүс кинилэр нэһилиэктэригэр үлэни-хамнаһы билсэ-дьаһайса кэлэр бэрэстэбиитэллэртэн Уйбаан Уйбаанабыһы ордорор. Сэриигэ бастакы ыҥырыыга ыҥырыллан, Ленинград 900 хонуктаах блокадатын төлө көтөр кырыктаах кыргыһыыга ыараханнык бааһыран, салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох балтыһахтаах саллаат дойдутугар кэлэн, билигин оройуон сэбиэтигэр инструкторынан үлэлиир. Мээнэ үрдүнэн көрөн дьаһайыахха эрэ диэн ирдээбэт, сорохтор курдук тойомсуйа кэлбэт, көмөлөһөр, тугу эмэ туһалаатарбын диэн баҕалаах үлэлиир. Дьону өйдүүр. «Эн дьон туһугар үлэлиигин. Тыылга хас биирдии киһи күндү. Үлэ фрона сэриилэһэр фроннарга сылдьартан итэҕэһэ суох эппиэтинэстээх. Саха сирэ аһынан-таҥаһынан, сэрии сэбинэн хааччыйар бөҕө тыыл буолар. Онон хас биирдии киһи олоҕор эн эппиэттииргин умнума. Дьон аччыктаан, хоргуйан өлөр буоллахтарына – эн куһаҕан салайааччыгын. Тыылга биир эмэ оҕону, дьахтары, кырдьаҕаһы хоргутан өлөрүөҥ кэриэтин хааннаах сэриигэ барбытыҥ ордук», – диэн сотору-сотору тоһоҕолоон этэрин сөбүлүүр.
– Бүөтүр Бөтүрүөбүс, эһигини хайгыыбын эрэ. Колонна танк оҥоһуутугар бу сылга 1025 солкуобайы, онтон оскуола учууталлара үөрэнээччилэрдиин 450 солкуобайы биэрбиккит. Махталлаах дьыала. Билигин иһиттэхпинэ, ыалларынан кэрийэ бараҕын быһыылаах. Мин барсабын дуо?
– Суох. Наадата суох. Бэйэбит быһаарсыахпыт. Хоргуйан өлөн эрэр ыал суох. Биллэн туран аччыктааһын баар.
– Чэ, сөп. Наадыйдаххына биллэрээр. Көмөлөһүөхпүт, – икки салайааччы кытаанахтык илии тутуһан арахсаллар.
XII
Кураан сайын буолан хаһыҥ бөҕө. Ону утары араас үлэни ыыталлара, бааһыналарын тула ханааба хаһан түүнүн түптэлээн унаарыталлара, оҕо‐уруу барыта кыттара. Эбиитин тыа баһаара күүскэ турбута. Оҕолор «Дараҕа» диэн сиргэ оттууллара. Улахан киһилэрэ суоҕун кэриэтэ. Аҕатын Уйбаанчык курдук хап-харанан чоҕулуччу көрбүт хара бараан, бэйэтин сааһыгар сөбө суох оттомноох Мачыана уола Сиэнньискэ от мустарара. Эдьиийэ Өлөөнчүк кыргыттардыын бугуллаан иһэллэр. «Дараҕа» тыатыгар быйыл сайыны быһа уот туран, дьону-сэргэни, отчуттары да умуллубакка эрэйдээтэ. Алааска киллэрбэт эрэ мөккүөрдээхтэрэ. Холкуос арыый тэтиэнэх биэс кырдьаҕас оҕонньотторо сайыны быһа уоту утары охсуһан бодьуустастылар. Сэниэлэрэ да эһиннэ. Сэттэ уоннарыттан тахсыбыт кырдьаҕастар «баһаарынньыктарбыт» диэн күлсээхтииллэр. Уоту утары уот ыытан, син тутатына умулларбыт курдук буолаахтыыллар да сотору-сотору күөдьүйэн иһэр. Сатахха, тыала да бэрт. Бэҕэһээҥҥэ диэри тыа ортотугар көрдүгэннээн умайа сытар диэбиттэрэ. Хайа икки ардыгар эбитэ буолла, көрүөх бэтэрээ өттүгэр, тыал күүскэ туран, уот тыаттан алааска киирбитэ эрэ баар. Оҕолор ыксаан, Өлөксөөс кыра уолун Баанньысканы «баһаарынньыктарга» тыллата ыыттылар. Уоттара наһаа улахан да буолбатар, ала-чуо кэбиһиилээх окко чугаһаата. Отчуттар бэһиэ хаалан таҥастарын, талаҕы сиигирдэн уоту отторугар чугаһатымаары быһыта сынньа сатаатылар. Кыргыттар талаҕынан быһыта сынньа сатаан баран, ытаһа-ытаһа, уу баһа сырыстылар. Сиэнньискэ эр киһи буоллаҕым буолан, атаҕын уокка сиэтэ-сиэтэ, тимир күрдьэҕинэн кэбиһиилээх от тулатын төгүрүччү хаспытынан барда. Күрдьэҕэ сыппаҕа да бэрт. Кэбиһиилээх отун төгүрүччү хаһарын уот кэтээн туруо дуо, харса суох охсуллубут хадьымалы сирилэччи сиэн хара курунньугунан саба бүрүйэн, кэбиһиилээх окко кыһыл тылын былас түһэрэн, чугаһаан истэ. Уол ыксаан, чугаһаабыт уоту ырбаахытын уһула баттаат, быһыта сынньарын быыһыгар ынах этэрбэһинэн харса суох сабыта үктэтэлиир. Атаҕа аһый гыммытыгар, буруолуу сылдьар этэрбэһин уһулаары букунайда. Атаҕын тилэҕэр этэрбэһэ хам сыстан хаалбытын билэн, уһулан туһамматын өйдөөтө. Бириэмэтин эрэ ыытыыһы. Көлөһүнэ сар түстэ, хараҕын уута бычалыйан, иэдэһинэн сүүрбүтүн илиитинэн туора-маары соттубутугар, сирэйэ хара курунньугунан бүрүлүннэ. Хата, кыргыттара уу баһан кэлэн сабыта ыһан абыраатылар. Кинилэр дьоллоругар, тыал атын сиринэн үрэн, баһаардарын хайысхата уларыйан өрө тыыннылар.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?