Текст книги "Сэһэн, кэпсээннэр"
Автор книги: Тимофей Сметанин
Жанр: Детская проза, Детские книги
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Немец икки уот икки ардыгар буолла.
…Ити бүтэй тоһоҕолоро буолбатахтар, ити фрицтэр илиилэрин өрө ууммуттар, билиэн бэринэллэр.
Итинник сууххай кыайыы кистэлэҥэ туохханый?
Биһиги самолеттарбыт кэлэн 3–4 эрэ дьиҥнээх буомбалары бырахпыттара, онтон уратытын салгынынан толоруллан оҥоһуллубут, эһиннэҕинэ киһини өлөрбөт, тыас эрэ таһаарар буомбалары быраҕаттаабыттар. Немецтэр ону дьиҥнээх буомбалар диэн «кутуйах иинин кэҥэтэ» сыппыттар. Дьэ ити дьикти буомбалар быыстарынан биһиги чаастарбыт өстөөх кэтэҕэр ааспыттар. Кинилэр Гурьянов уонна Чээрин айан оҥорбут буомбалара киһини өлөрбөттөрүн билэр буоллахтара дии.
Өстөөхтөн былдьаммыт орудиелар тастарыгар Гурьянов уонна Чээрин тураллар. Маннык сууххай кыайыы айааччылара кинилэр эбээт. Икки «Тигр» танкалар икки ардыларыгар кэпсэтэ турдахтарына лейтенант Иванов кэллэ.
– Дьэ ити кэлэн кини туох диэх этэй?
– Өрүөллэр үчүгэйдик сэриилэстигит диэм этэ, – диэтэ лейтенант биһиги кэпсээммит бүтүүтүгэр, – өскөтө кырдьык сэриилэспит буоллаххытына.
– Бай, хайдах?.. Буомбалар биһиэннэрэ.
– Ити дьикти буомбалар тустарынан эһиги бэйэҕит фантазияҕыт идеята үчүгэй, ол эрээри олоххо киириитэ саарбах, – диэтэ лейтенант, – тугу эмэни саҥа айан таһаарарга, дьиҥнээх конструктор буоларга улахан үөрэх, элбэҕи билии наада. Эһиги үөрэнэргитин бу сэрии мэһэйдээтэ, сэрииттэн тыыннаах хааллаххытына үөрэниҥ, үрдүк билиини ситиһиҥ, оччоҕо, баҕар, кырдьык, араас саҥаны айар дьон буолуоххут.
– Итинник дьикти да буомбалара суох, хайдах курдук көҥү көтөн киирэрбитин немецтэр бэйэлэрин тириилэригэр билиэхтэрэ. Өтөр тыас-уус буолаары турар, – диэтэ лейтенант.
КИМЭН КИИРИИ
Кэнники күннэргэ өстөөх күн көтө-көтө, сороҕор киэһэ аайы биһиэхэ анаан радионан биэрэр.
Бу киэһэ эмиэ «биһиэхэ кэлиҥ!» диэн радионан ыҥырдылар.
– Тиийиэхпит, тиийиэхпит, – дии-дии саллааттар күлсэллэр уонна эмиэ «Уппаан Уппаанабыһы» ахтыһыы буолар. Ити биир киэһэ немецтэр: «Биһиэхэ көҥүл өттүнэн кэлбит нуучча саллаата Иванов тыл этэр», – диэн биллэрбиттэрэ. Биһиги иһиллээн сыппыппыт. Сотору буолаат бып-бычыгырас, бап-бачыгырас куоластаах киһи: «пин Уппаныап Уппаан Уппаанабыс тыл этээрийбин…» – диэн саҕалаабыта. Ханнык да нуучча саллаата буолбакка, куһаҕаннык нууччалыы билэр немец кубулунан этэрин истээт, бука бары күлсэн ньиргиппиппит.
Бу киэһэ саллааттар сирэйдэрэ-харахтара турбута, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ сүрдээх.
Сарсын кимэн киирии буолар. Өстөөҕү үлтү охсон, өрүс уҥуор быраҕар сорук турар.
– Туруоруллубут соруктары өйдөөтүгүт дуо? – диэн лейтенант биһигиттэн ыйытар, хараҥаҕа харахтара чаҕылыһан көстөр, саллааттарын эргиччи көрүтэлиир, – эрэттэр, снайпер чиэстээх аатын түһэн биэримэҥ!
Гурьяновтыын түүҥҥү хараҥаҕа инники кирбиини туораан, биһиги икки өстөөх икки ардынааҕы иччитэх сиргэ, сарсын сытан охсуһуохтаах окуопабытын бэлэмнии истибит.
… Окуопаларбытын хаһан бүтэрэн баран олордохпутуна, Гурьянов миэхэ имнэнэн баран хаптас гынна, мин эмиэ хаптайдым. Өстөөх диэкиттэн үс хара күлүк хаҥас өттүбүтүнэн хаама-үөмэ былаастаан биһиги дьоммут диэки ааһан эрэллэр.
– Биһигиттэн «тыл» ыла иһэр немецтэр, – диэн Гурьянов сибис гынна.
– Хайыыбыт?
һс хара күлүк кэнниттэн биһиги эмиэ үөмэн истибит. Инники кирбиигэ чугаһаан баран немецтэр хаптайан сыталлар. Ханан хайдах барары сүбэлэһэллэрэ буолуо, бука.
Намыһах талахтардаах оҥхой устун үөмэн, быарбытынан сыылан немец разведчиктарыгар чугаһаатыбыт. Икки немец иннилэрин диэки сыыллылар, биир тоҕо эрэ хаалла. Гурьянов үөмэн тиийэн кинини кынчаалынан аста. Немец өлөрүгэр сүрдээх хатаннык хаһыытаата.
Икки инники барбыт немецтэр автоматтарын бэлэмнээбитинэн эргиллэ түстүлэр.
– Кэндэ хох! – диэн биһиги хаһыытаатыбыт. Немецтэр ойоҕосторуттан, адьас чугастан эмиэ «Кэндэ хох!» диир саҥа иһилиннэ.
Биһигини сиирэ-халты охсон автомат буулдьалара чубугурастылар. Гурьянов саатын тыаһа хабылла түстэ. Биир немец хаһыытаабытынан олоро түстэ. Немецтэр ойоҕосторуттан эмиэ саа тыаһаата, иккис немец турбахтаан, иэҕэлдьийбэхтээн баран эмиэ оҕутта.
Олоро түспүт немец, олорон эрэн, автоматынан ытарын тохтоппот, онтон немецтэр ойоҕосторуттан хара күлүктэр нөрүс гыннылар, немецтэри саба баттаатылар. Гурьянов биһикки сүүрэн тиийэн эмиэ көмөлөстүбүт.
– Айыкка! Бу сатана быһахтаах эбит дуу? – диэн ким эрэ хаһыытаата.
«Кистэлэҥҥэ» сыппыт биһиги уолаттарбыт атахтарын булгурута ыттарбыт немец икки разведчигын плащ-палатканан оҥоһуллубут наһыылкаларга сытыартаатылар.
– Өстөөх бэриммэтэҕинэ өлөрүллэр: «Кэндэ хох!» кэнниттэн, киһилии истэн бэриммиккит буоллар, атахтаргыт бүтүн хаалар этилэр.
«Тыл» ыла кэлбиттэр бэйэлэрэ «тыл» буолар буоллулар.
Сарсыарда халлаан сырдаан барда. Туман көтөн эрэр. Үүтэ биллибэтэх сиҥэ курдук тулабыт туп-тунаархай. Салгын сииктээх уонна ханнык эрэ хабархай амтаннаах курдук.
Гурьянов биһикки сииктээх күөх отунан көмүнэн баран окуопабытыгар сытабыт. Пилотка бэргэһэбитигэр эмиэ оттору кыбыппыппыт, чугаһаабатах киһи билбэт: сири кытта сир буолан, оту кытта от буолан көстөр гына сытабыт.
– Уон биэс мүнүүтэ хаалла, – диэтэ Гурьянов, харытыгар кэтэ сылдьар чаһытын көрөн баран.
Туман көттө.
Өстөөх сытар дэриэбинэтин сэмнэҕэ харааран көстөр.
– Аҕыс мүнүүтэ хаалла…
– Биэс…
– Үс…
Эмискэччи илин өттүбүт өрө дьигиһис гынна. Биһиги үрдүбүтүнээҕи салгын суп-суһугурас, куп-куһугурас буола түстэ. Халлаан төһө эмэ сырдаабытын үрдүнэн, түүтэх-түүтэх уоттар, чаҕылхай баҕайытык күлүм-күлүм гыннылар. Тип-тигинэс, ньип-ньирилэс сири-халлааны дьигиһитэр тыас өрө сатарыйда. Ханнык күүстээх этиҥ тыаһа, туох ама тэҥнэһиэй, бу тыаска!
Ити «сэрии таҥаратынан» ааттанааччы советскай артиллерия уоту аста.
Өстөөх сытар сирин хара күдэн сапта, буор-сыыс, от-мас өрө ыһыллан тахсар, төттөрү саккырыыр, онтон эмиэ итиннээҕэр күүстээх ньиргиэр буолар.
Советскай артиллерия! Хайдахтаах модун күүһүй, хайдахтаах уордаах сэбий?!
Өстөөх атаҕын анныгар тэпсиллэн сытааччы сүүһүнэн, тыһыынчанан дьоннор кинини күүппүттэрэ өр буолла. Оҥкучахтан тахсан дьоннор илин халлааны одуулууллара. Халлаан артиллерия уотуттан кыыспыт күөнүн көрүөхтэрин баҕараллара. Дьоннор буорга умса түһэн сытан сиргэ кулгаахтарын таҕайаллара. Кинилэр советскай артиллерия тыаһын – Кыһыл Армия быыһыы-босхолуу иһэр тилэҕин тыаһын ньиргиэрин иһиллииллэрэ.
Кэм кэллэ! Кини дьэ саҥарда! Советскай артиллерия саҥарар!
– Ур-ра, ур-ра! Партия иһин, Ийэ дойду иһин!
Советскай сэриилэр сытар окуопалара бүтүннүүтэ түллэх гынарга дылы гынна. Окуопаттан тахсан советскай пехота иннин диэки ыстанна.
Артиллерия уота өстөөх сытар сирин кэлин өттүн диэки быраҕылынна. Инники кирбии хара күдэнэ арыый дьэҥкэрдэ.
Артиллерия үлтү мэһийбититтэн ордубут өстөөх сорох чааһын сэмнэхтэрэ, кэнники өй ылан утарылаһарга оҥоһуннулар. Ханна эрэ пулеметтар татыгыраатылар, бинтиэпкэлэр, автоматтар тэһитэ-ойута ыттылар.
Кимэн киирэн иһэр биһиги дьоммутуттан ким эрэ оҕутта, ким эрэ ыараханнык бааһыран хаһыытыы хаалла.
Өстөөх хантан утарсарын көрө сытан, тэһитэ ытыалыырга, кэм дьэ кэллэ. Снайпер «булда» тахсар, төһө кыраҕыта биллэр мүнүүтэлэрэ кэллилэр.
– Гурьянов!
– Чээрин!
Биһиги бинтиэпкэлэрбит итийбиттэрэ өр буолла.
Окуопаттан быган сытан биһиги кимэн киирэн иһэр чаастарбытын ытыалыыр немецтэри бултуубут.
Хантан эрэ, өстөөх окуопаларын кэтэҕин диэкиттэн, пулемет уоту аста. Кимэн киирэн иһэр биһиги дьоммут хаптайдылар.
– Хантан ытар хара сордоох немеһий?
– Ол талахтартан буолуо дуо?
Ыттыбыт. Ытыалаатыбыт. Пулемет үлэлээбитин курдук үлэлиир. Хантан эрэ кэлэн миинэлэр түһэн эһиннилэр.
Биһигини эмиэ биллилэр. Оскуолка түһэн мин саам маһын хабыры ытта. Ыксал. Аны туран ботуруонум баранна. Саппаас ботуруоннар Гурьянов окуопатыгар бааллара.
– Мотуруонна аҕал, мотуруонна, мотуруонна! – диэн Гурьяновка сахалыы хаһыытаамахтаатым.
– Что? Матрена, какая Матрена? – диир Гурьянов, күөх харахтарынан мичээрдиир. Ыксал кэмҥэ сэгэттэйим холку да, киэҥ-куоҥ да этиҥ!
Өй ыламмын, нууччалыы:
– Ботуруонна аҕал! – диэтим.
Ботуруоннары ылан баран өссө ытыалаатым. Гурьянов саатын тыаһа, мин киниттэн чугаһым бэрт буолан, кулгаахпар чуугунуур.
Биһиги чаастарбыт туран сүүрэн иһэн эмиэ хаптайдылар. Ким эрэ табыллан хаһыытаата. Өстөөх пулемета ытыалыыр. Гурьянов иэдэстэрэ чоххо баттаабыт курдук, кытар гыннылар, онтон кубарыччы тартылар. Окуопатын иһиттэн ойон таҕыста, биһигиттэн уонча саһаан инники томтор баарыгар сүүрэн тиийдэ. Сөһүргэстии түстэ. Снайперскай сааттан икки-үс төгүл буруо субуруҥнаата. Ити икки ардыгар мин эмиэ сүүрэн тиийдим.
Өстөөх пулемета ах барда, биһиги чаастарбыт туран, иннилэрин диэки ыстаннылар.
Гурьянов үөрэн «Ура!» диэн хаһыытаата, онтон эмискэччи «һык» диэтэ…
Өстөөх окуопатыттан быган туран биир немец биһигини ытыалыыр. Түҥнэри ыттым.
– Гурьянов, Гурьянчик… – доҕорбор саба түһэбин. Синиэлин арыйбыппар атаҕыттан хаан ыһылынна. Атаҕын уллук уҥуоҕун булгу көтүттэрбит.
– Уута, – диэтэ. Дьолго флягабар уу баар эбит, уу биэрдим. Санитарнай пакеты таһааран атаҕын бэрэбээскилээтим.
– Ыттар… немецтэр… сиэтилэр…
Ити икки ардыгар хантан эрэ санитардар баар буоллулар. Гурьяновпын наһыылкаҕа сытыардылар.
Сирэйим үллэҥнэс, иэдэстэрим тириитэ дэлби барыах курдук буоллулар. Оо, доҕорум, үтүө да, көнө да этиҥ! Көхсүм түгэҕэр тугу эрэ ботугураатым. Гурьянов:
– Ничего… – диэтэ уонна мичээрдээбитигэр бэлиэр кубарыччы хаппыт уоһа быһа ыстанан, хаан бычыгыраата.
Наһыылканы көтөхтүлэр. Харахпыттан уу тахсан саба халыйда, аан дойдуну үрүҥ туманынан бүрүйдэ.
– Суох, суох… – өрө тыынным. Хараҕым дьэҥкэрдэ. Илиибэр, таҥаспар доҕорум хаанын көрдүм. Хаан буһуу сыта муннубар саба биэрдэ.
– Хайдах… мин тугу да эппэккэ хааллым. Гурьяновы илдьэ барбыт санитардар оҥхойго киирэн сүппүттэрэ.
Чугас соҕус снаряд түһэн эһиннэ. Дьик гына түстүм. Таҥнары тайахтанан турар саабын ылан хоруопкабын толору ботуруону симним, инним диэки ыстанным.
Өстөөх окуопаларын үрдүнэн ойуоккалаан, дьоммун ситтим. Илиилэрин өрө көтөхпөккө, бэринэртэн аккаастаммыт немецтэри кытта биһиги дьоммут ыстыыктаһа сылдьаллар. Ыстыык ыстыыктан тэйэн «дыҥ-дыҥ» тыаһыыр, онтон киһи хабарҕатын тыаһа «хар» гынар, ким эрэ өлүгэ сууллан түһэр.
– Сити курдук, сити курдук… ыттары, немецтэри!
Биир уһун немец биһиги биир саллааппытын кытта уун-утары туран ыстыыгынан түһүөлэһэллэр, хайалара да таба анньыбат.
Сүүрэн кэлэн уһун немеһи хонноҕун анныгар ыстыыгынан түстүм. Уҥуохха кыбылыннаҕа буолуо – ыстыыкпын нэһиилэ араардым.
– Өссө кими анньыахха, ханна баалларый немецтэр?
Немец ордубут саллааттара, офицердара ол куотан эрэллэр.
Сөһүргэстии түстүм, снайперскай саам итийиэр дылы уончата ыттым. Немецтэр от курдук охтоллор. Биһиги дьоммут бары ытыалыыллар. Снарядтар эстэллэр. Хара буор остоолболоро үҥкүүлүүллэр.
Биһиги танкаларбыт лүһүгүрэһэн кэллилэр.
– Танкаларга тахсыҥ!
Биир танкаҕа уонча буолан ытынныбыт. Танка дьигиһис гынаат, иннин диэки сыҕарыйда. Түргэн да буолар эбит… өстөөх биир снаряда чугас түһэн эһиннэ, ким эрэ табыллан сарылаабытынан сууллан түстэ. Эмиэ снаряд түһэн эһиннэ. Буор хара күдэни быыһынан аастыбыт.
Эмискэччи хабыс-хараҥа буолла, сир, халлаан түөрүллэргэ дылы гынна.
…Биирдэ өйдөнөн кэлбитим хабыс-хараҥа. Мөҕүстүм, миигин баттаабыт буору-сыыһы тоҕо илгиһинним. Тыынарбар салгын тиийбэт, кулгаахтарым «чуҥ» курдуктар.
Тыыным хаайтарар. Икки-үс төгүл хаһыытаатым, хаһыым тахсыбат, эбэтэр кулгааҕым истибэт.
Илиилэрбин көрбүтүм – бүтүттэр. Атахтарбын туппахтаатым – эмиэ бүтүттэр.
– Тыый, тоҕо сыттамый?
Дьону тиэйбит биһиги биир танкабыт ааһан истэҕинэ, ыстанан тахсаары гыннаҕым буолуо, хатаастан иһэн оҕуттум. Тыбыс-тымныы буорга сирэйбинэн хорулла түстүм. Буор тымныы салгынын эҕирийдим.
Төбөбүн өндөтөн инним диэки көрдүм. Танкалартан биһиги дьоммут сиргэ ыстаҥалаһан түһэллэр.
Ойон туран, снайперскай саабын ыллым да, ыстанным. Сүүрэбин. Сүүрэбин.
Биһиги дьоммут сыаптаан сыталлар.
– Тоҕо сытар баҕайыларай, тоҕо сүүрбэттэрий? – диэн санаатым, кинилэри үрдүлэринэн ыстанан истэхпинэ, ким эрэ кытаанах илиитэ саҕабыттан ылан сиргэ баттаата. Көрө түспүтүм биир старшай лейтенант тугу эрэ саҥарар. Истибэппин. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө – кыыһырбыт. Биһиги таспытыгар сытар саллааттар саалара буруолуур. Ыталлар.
Мин эмиэ быардаан сытан иннибин көрөбүн. Талахтар быыстарынан өрүс уута ол ыраах кылабачыйан көстөр. Оол ханнык эрэ харалар күлүгүлдьүһэллэр. Мин эмиэ ытыалыыбын, саам эстэр курдук, санныбын анньар, буруолуур, оттон тыаһа иһиллибэт.
Старшай лейтенант бэстилиэтин ылан далбаатаата уонна иннин диэки ыстанна.
Саллааттар бука бары туран иннибит диэки сүүрдүбүт. Ортобутугар түһэн снаряд эһиннэ. Ким эрэ хаана иэдэһиттэн таҥнары саккыраата. Мин сүүрэбин. Сүүрэбин.
Биһигини сыаллыы-сыаллыы ытыалыы турбут немец пушкатыгар саба сырсан киирдибит. Немецтэри уолаттар «дьаһайа» охсубуттар.
Өрүс хааһын өҥөс гына түстүбүт. Өрүһү туоруур муоста сууллубут. Немецтэр курданалларыгар дылы ууга киирэн баран илиилэрин өрө уунан тураллар. Биһиги командирдарбыт далбаатаатылар. Немецтэр таҕыстылар.
Мин өрүскэ таҥнары түһэн сытан тыбыс-тымныы ууну уулуубун. Элбэҕи да истим.
Биэрэккэ таҕыстым. Саллааттар сирэйдэрэ-харахтара өрө күүрбүт, мичээрдээбит.
– Мин отделением, лейтенант ханна эбиттэрэ буолла? Гурьянов ханна эбитэй, тоҕо көстүбэтий?.. Ээ, бааһырда этэ дуу, оо, доҕорум, доҕорум…
Биир саллаакка чугаһаан:
– Дьэ, доҕор, көрүдьүөстээх күн дии? – диэтим.
Киһим истибэтэх курдук туттар.
– Доҕоор, мин нууччалыы тылынан этэбин ээ, дьэ көрүдьүөстээх күн дии?
Киһим улахан баҕайытык көрөр, уоһа ибирдиир.
Кыһыл кириэстээх суумкалаах санитар кэллэ. Миигин көрөн баран тохтоото. Миэхэ ыга кэлэн тугу эрэ этэр, мин көрдөхпүнэ ытыһын тоһуйар.
– Эйиэхэ табах наада быһыылаах, – сиэппиттэн мохуоркалаах саппыйаны санитарга уунабын…
Киһим нэлэс гынна, сиэбиттэн «блокнот» таһааран сурук суруйан миэхэ биэрдэ.
«Доҕоруом, эн контузияламмыккын, миигин батыс», – диэн суруйбут.
– Оо, ол иһин да, тыаһы истибэт, дьон эмиэ саҥабын истибэт буолбуттар эбит ээ… Сэрэйбитим.
Харахпар уот лиэнтэлэр субурус гынарга дылы гыннылар, мэй-тэй буолуталаатым. Санитары батыстым.
СТАРШИНА ШАГУРОВ
Полк санитарнай чааһыгар сытан, эмтэнэн үс хонон баран барыны бары истэр, саҥарар буоллум. Итинтэн икки хонон баран, санчаастан таһаарбыттара.
Мин хомолтом улахан:
«Снайпер Чээрин улаханнык контузияламмыт, ол иһин ньиэрбэлэрин үлэтэ бутуллубут, салҕалыыр. Онон биир ый устатыгар снайперыттан босхолоон сатыы сэриигэ биэриэххэ», – диэн түмүктээбиттэр.
Сатыы сэриигэ кэлбитим хас да хонно.
Контузияланыыбар тылбыттан матан баран, маҥнай саҥарарбар кэлэҕэйдиир этим: ол ааспыта ыраатта. Үчүгэйдик саҥарабын. Кулгаахпар ыраах тыаһыыр халанча тыаһын курдук тыас иһиллэрэ эмиэ сүппүтэ. Билигин куруускабар чэйи толору куттабын. Урут, салҕалаан тоҕон кэбиһэрбиттэн, быһаҕас кутар этим.
Николаев радиска куруук сылдьабын. Бүгүн эмиэ бу кэлэн олоробун.
– Гурьяновтан туох эмэ биллэр дуо? – диэн Николаев ыйытта.
– Суох, туох да биллибэт. Сурук кэлиэ эрдэ эбитэ дуу…
– Тэһийбэтэрбин эрэ, кими эмэ кытта акаарытык кэпсэтэн аралдьыйар идэлээх этим. Куһаҕаннык кэпсэтэн бостуой хомотоммун… Үчүгэй уол этэ, – диэн Николаев төбөтүн төҥкөтөн, ыстаанын тобугуттан ханнык эрэ сап төбөтүн булан кымыстаһа олордо.
Киһи бэйэтин урукку сыыһатын өйдөөбүт буоллаҕына, кэлэр өттүгэр итинниги иккиһин оҥорбото биллэр. Николаевы санаарҕааһынтан таһаарыахпын баҕаран:
– Саха сириттэн туох эмэ солуну иһиттиҥ дуо? – диэн ыйыттым.
– Биһигини кытта кэккэлэһэ сытар чааска баһаам элбэх сахалар бааллар. Кинилэртэн хаһы да көрсөн кэпсэттим.
– Хайа оройуоттарый, кимнээх диэннэрий? – диэн ыйыталаһан истэхпинэ старшина Шагуров кэллэ.
– Чээрин, штабка барсаҕын, биһиги үһү ыҥырбыттар, – диэтэ.
– Миигин эмиэ ыҥырбыттар, – диэтэ Ирдонов диэн кырдьаҕас саллаат.
– Ол тоҕо ыҥырбыттара эбитэй? – диэтим.
– Таабырын буолбатах – таайа олорума. Бардахпытына көрүөхпүт, – старшина гимнастеркатын тэллэҕиттэн тутан аллараа баттаата, түөһүн мөтөттө.
Окуопаттан тахсан талахтар быыстарынан штабка баран истибит. Миигин, Ирдонов оҕонньору ханнык баҕарар сорудахха ыытыахтарыгар сөп. Холобура, куукунаҕа хортуоска ыраастата, эбэтэр оннооҕу тыаттан хаппыысталаах кууллары буобар Бычковка аҕалтара, эбэтэр…
Биһигини кытта полк аатырбыт разведчига старшина Шагуров эмиэ штабка ыҥырыллыбыта дьиибэ. Ээ, тоҕо төбөм эрэйдээҕи муҥнуу истэмий, хата, атыны толкуйдуохха. Холобура… кыайыы кэнниттэн армияттан төннөн иһэн хайаан да саа атыылаһыам, икки уостаах сааны… ол эрээри старшина Шагуров биһигини кытта штабка бииргэ ыҥырыллыбыта дьиибэ.
Шагуров аатырбыт разведчик. Кини туһунан элбэхтик хаһыакка суруйан тураллар, кини туһунан арааһы кэпсииллэр. Холобур, немецтэртэн «тыл» ылбытын туһунан маннык кэпсээн баар:
Кини разведкаҕа барарыгар элбэх киһини ылбат. Элбэх киһи тыастаах-уустаах диэччи. Үксүгэр соҕотоҕун сылдьар.
Дьэ арай биирдэ «тыл» ыла барар. Ол күн немецтэр үс-түөрт төгүл атаакалаан баран төттөрү оҕустарбыттар. Онон немец икки биһиги икки ардыбытынааҕы томторго фрицтэр элбэх өлүктэрэ хаалбыт. Түүн ону хомуйа немецтэр кэлиэхтээхтэрин билэрин быһыытынан биһиги Шагуровпыт, киэһэ сыылан тиийэн, өлбүт немецтэри кытта хоонньоһон кэбиһэр. Кэпсэл омуна буолуо ээ, өссө кыратык утуйан ылбыт дэһэллэр. Хараҥа буоларын кытта, үс-түөрт немец наһыылкалаах кэлэн өлбүт дьону таһан бараллар.
Биһиги Шагуровпыт немец плащ-палаткатын бүрүммүтүнэн сыттаҕына, кэлэн наһыылкаҕа уураары көтөҕөн ынчыктаспыттар. Шагуров хаһыытыы түһэн баран атаҕар турар киһини тээ-эп. Тэбиллибит киһи тиэрэ барар. Оттон атыттара өлбүт киһи тиллибититтэн, соһуйан «сүрэхтэрин ырбаахыта» тэлибирии түспүт да, тэбинэн хаалбыттар. Шагуров туран били охтубут киһини плащ-палаткатыгар суулуур да, кыбынан кэбиһэр уонна бэйэтин дьонун диэки оргууй аҕай аадайа турар.
Эмиэ кини туһунан буурдук сэһэргииллэр:
– Арай биирдэ «тыл» ыла барар. Түүн, борук-сорук. Быарынан сыылан немецтэргэ чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ: икки немец биһиги диэки үөмэн иһэллэр. Шагуров саһан хаалар. Бастаан иһэр немец сыылаҥхайдаан ааһар. Иккис немец доҕоруттан уонча хаамыы хаалан иһэр. Шагуровы ааһа сыылан истэҕинэ, Шагуров били аатырбыт эриэн муос уктаах быһаҕынан немеһи көхсүгэ саайар уонна немеһи кэтэҕиттэн сиргэ эпсэри охсор. Ол күн ардах түспүтэ, немец өлөрүгэр «тумса» бадарааҥҥа буола түһэр, онон өлөрүгэр «мыык» дуу, «мээк» дуу диэн хаһыытыыра иһиллибэккэ хаалар.
Шагуров немец муостаах кааскатын ылан кэтэн кэбиһэр уонна бастакы немеһи батыһа, били өлбүт немец испитин курдук, сыылан иһэр. Бастакы немец сотору-сотору тугу эрэ «һуҥ-һаҥ» диэн саҥарар. Шагуров онуоха «гут-гут» диир. Кырдьыга кини «гуут» – «үчүгэй» диэн тылтан ураты немецтии бэрт ахсааннаах тылы билэрэ.
Дьэ ити курдук иһэллэр. Немец тохтоон баллыгыраатаҕын аайы, Шагуров тохтоон «гут-гут» диир уонна сороҕор «дыр-дар» диэн эбии ботугуруур. Немец ити хоруйунан сөп буолбут курдук, иннин диэки сыыллар.
Ити курдук «гуутургаһан» биһиги окуопаларбытыгар чугаһаан кэлэллэр. Немец тохтуур, Шагуров үөмэн кэлэн кэккэлэһэ сытар. Немец биһиги диэки ыйа-ыйа тугу эрэ саҥарар.
– Гут, кэллибит, – диир Шагуров уонна туран таҥаһын тэбэнэр. Немец дьэ билэр – кини доҕоро буолбакка – «русс» кинини батыһан испитин. Хараҕын эриэнинэн көрөр, автоматын Шагуровка туһулуур.
Шагуров автоматын киэр охсор:
– Гут, чэ барыах, – немеһи саҕатыттан ылар да, соһон баран биһиги диэки ыадайа турар.
Дьэ, көр, старшина Шагуров итинник разведчик. Кини биһигини кытта бииргэ ыҥырыллыбыта дьиибэ.
Арай…
Штаб кэллэ.
һгүһү-элбэҕи уйгурдуу барбакка, быһа эттэххэ: биһиги разведкаҕа барар буоллубут.
Бу анабылтан мин олус үөрдүм.
Штабтан тахсан баран Шагуров, идэтинэн, гимнастеркатын тэллэҕиттэн аллараа баттаата, түөһүн мөтөттө. Омурдун күлтэх гыннаран баран, «буус» гына үрдэ, сабыстаҕас хааһын аннынан Ирдонов биһигини атахпытыттан төбөбүтүгэр дылы, төбөбүтүттэн атахпытыгар, онтон кириэстии көрөн кэбистэ.
Ирдонов тугу санаабыта буолла, оттон мин, биһигини хааллараары, разведкаҕа соҕотоҕун бараары гыннаҕа дии санаан, кутталбыттан сүһүөҕүм харчы уҥуоҕа атаҕым устатын тухары сүүрэлииргэ дылы гынна.
– Дьэ ити курдук, оҕолоор. Аһаан баран миэхэ кэлээриҥ. Разведка оҥорор сирбит картатын үөрэтиэхпит, – диэтэ Шагуров.
ӨРҮС УҤУОР
Биһиги ити күнү быһа картаны үөрэттибит. Өрүс уҥуор баар өстөөх оборонатын биноклунан, стереотрубанан көрө-көрө, картаҕа тэҥниибит, бэлиэтиибит.
Соҕуруу дойду сайыҥны түүнэ Саха сирин сайыҥҥы түүнүттэн атын. Хараҥа. Халлаан былыттаах буолан ый тыкпат. Быһата разведчик таптыыр күнэ-дьыла буолан биэрдэ.
Биһиги окуопаттан сыылан тахсан өрүскэ киирдибит. Оргууй аҕай ууну кэһэбит. Ол-бу тутуур суох. Хоойго, курга – гранаттар. Автоматтарбытын өрө тутан иһэбит. Сүгэһэргэ кэнсиэрбэлэр, сухарылар.
Бу өрүс чычаас. Кэтитинэн да киһи өрүс диэн ааттыан сатаммат. Саха сиригэр үрэх диэх этилэр.
Уҥуоргу кытыы чугаһаатаҕын аайы ууга накыйан моонньубутун эрэ таһаарабыт.
Дьуһуурунай пулеметтар буулдьалара биһиги үрдүбүтүнэн чубугураһан ааһаллар. Өстөөх ракетата өрө көтөн таҕыста. Биһиги хантаччы туттан олорон ууттан уоспутун, муннубутун эрэ таһаарабыт. Ракета умулларын күүтэбит.
Кытыл кэллэ. Шагуров кытыыга тиийэн кыҥыһахтыы түһэн сытар. Өрүс кыһамыгар ыттыбакка эрэ, бадараанынан сыылаҥхайдаан соҕуруу диэки баран истибит.
Икки биэрэстэ кэриҥэ сири барбыппыт кэннэ өрүс куртаҕа кэллэ.
Куртаҕы кыйа баран, куртах арҕаа өттүгэр тиийдибит. Уҥуоргу советскай биэрэк көстүбэт даҕаны. Өрүс куртахтанан бу диэкинэн олус кэҥиир. «Бассабыыктар манна кыайан кэлбэттэрин быһыытынан» бу эргин немец бөҕөргөнүүтэ мөлтөх, миинэлээх хонуулар суохтар. Ол иһин бу учаастак разведканы ыытарга сөптөөх сиринэн ааҕыллыбыт. Хайа уонна биһиэхэ наадалаах «тыл» манна буолуохтаах. Талахтар истэригэр киирэн таҥаспытын ыгынныбыт. Эт кэнсиэрбэни сии олорон, билигин ким тугу оҥоруохтааҕын өссө биирдэ сүбэлэстибит.
Манна окуопанан ситимнэһэр, барыта үс землянка баар. Ортоку линияҕа офицердар олорор буолуохтаахтар. Итини барытын Шагуров урут аҕалбыт «тыла» кэпсээн турардаах.
Шагуров офицерскай землянкаҕа, Ирдонов биһикки икки кытыы землянкаларга икки аҥыы бардыбыт.
Мин тиийбит землянкам айаҕар биир фриц утуктуу олорор. Сөп, олордун. Сибээс ситимнэрин булан, сыыла сылдьан бысталаатым.
Землянка түннүгэр сыылан тиийэн, танканы бултуур курдук икки гранат холбуу баайыллыбытын бырахтым. Аҕыйах сөкүүндэ буолаат, землянка иһигэр гранаттарым эстэн дэлби тэптилэр. «һуук-һуук!» – диэн хааһы-саламаат буолар хаһыылар иһилиннилэр.
һһүс землянкаҕа Ирдонов «үлэлиир» тыаһа эмиэ иһилиннэ.
Мин биир гранаты землянка айаҕар бырахтым. Ол утуктуу олорон субу аҕай уһуктубут немеһи хат үчүгэйдик утутарга уонна ким эмэ, кыратык табыллан баран, землянкаттан тахсан истэҕинэ истиҥник «дорооболоһорго» аналлаах.
Өссө биир гранаты бырахпытым кэннэ землянка иһигэр да, таһыгар да чуумпу буолла.
Офицерскай землянка диэкиттэн икки немец иһэрин автоматтан биир уһун уочараты биэрэн охтордум. Утары үөмэн баран истэхпинэ үһүс немец иһэр. Ыстаанын буута синньигэһиттэн тойонноотохпуна офицер быһыылаах. Офицеры «бочуоттаан» иккитэ ыттым. Өссө үөмэн истим. Офицерскай землянка көһүннэ. Чугаһаатым. Биир офицер землянкаттан быган туран иккис немецкэ тугу эрэ саҥарар. Немец Ирдонов диэки сүүрдэ.
Офицер землянкатыгар төттөрү түһэн истэҕинэ түннүгүнэн киирбит Шагуров уун-утары көрүстэ.
– Кэндэ хох! Бут! Ну, кэндэ хох!
Мин окуопаҕа ыстанан түһэн офицер кэннигэр буоллум.
Немец Шагуровы көрдө, миигин көрдө. Фронт да, тыыл да бүөлэммит. Манныкка түбэстэҕинэ немец утарсыбат, бэйэтин тириитин, ордук офицер сүрдээҕин харыстыыр. Офицер илиитин өрө уунна, тугу эрэ ботугураата. Нагаанын ыллыбыт. Ирдонов кэллэ. Землянкаттан киирэн карталары, докумуоннары таһаардыбыт.
Шагуров офицерга хоһооно суох хаһыытаата уонна: «Түҥ!» – диэтэ, автоматы көрдөрдө. Ити аата хаһыытаатаххына ытыахпыт диэн. Немец: «Гут, гут», – диэтэ. Старшина хаҥас ытыһын нэлэс гыннаран уҥа илиитин икки тарбаҕын сүүрдэн дыдыгытта (өскөтө сүүрдэххинэ…) – оччоҕо «түҥ!» – диэтэ (эмиэ ытыахпыт). Немец: «Гут, гут», – дии турдаҕына үүт-үкчү кырдьаҕас бөтүүк курдук.
– Булпут үчүгэй, майор эбит, – диэтэ Шагуров.
Немецпитин ортобутугар уктан өрүс куртаҕын эҥэринээҕи талахтар быыстарынан сүүрэн истибит. Немецтэр дьэ өйдөнөн, маҥнай өрүс куртаҕын, онтон өрүс кытылын бүтүннүүтүн миинэлэринэн, снарядтарынан ытыалаатылар.
Мин дьоммуттан кэнники тэйиччи соҕус сүүрэн истэхпинэ чугас снаряд эһиннэ. Дьоммун хара күдэн сапта, онтон эмиэ тыас чуһуурда, эмискэччи хабыс-хараҥа буолла…
Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, оҥхой иһигэр сытар эбиппин, туох эрэ кыбыс-кытаанах хам баттаабыт. Мөхсөбүн. Тэбиэлэнэбин. Атаҕым таһырдьа быкта быһыылаах.
Ким эрэ атахпыттан тардыалыыр. Тахсан истим, ньуу-ньаа саҥаны истэбин. Туруору тартылар.
Көрбүтүм… Немецтэр.
«ТОЙОН ЧЭЭРИН»
Хаайыы күлүүһүн хатыыр тыастара халыгыраата…
Немец байыаннай чааһын штаб дьиэтэ, ааҥҥа харабыл саллаат утуктуу турар.
Фон Рих (Фон Рюллихтыын киирэллэр. Өрө чинэс гына түспүт саллаакка). Бар, тахсан ааҥҥа тур.
Саллаат. Истэбин, тойон капитан! (Тахсар.)
Фон Рих. Биһиги ыалбыт майор Кугу бөөлүүн бассабыыктар илпиттэр диэн буолла дии.
Фон Рюллих. Уопсайынан куһаҕан. Ол эрээри майор Кукка тэҥнии-тэҥнии, командование биһигини мөҕөрө олус үксээбит… Даа, бокуонньук сырдык дууһатыгар, аминь!
Фон Рих. Майор Кук албын саһыл буоллаҕа, бокуонньук буолуо диэтэҕиҥ дуу, хата өтөр радионан немецтэри ыҥыран тыл этиэҕэ.
Фон Рюллих. Радионан тыл этии диэбиккэ дылы, били кэпсэппиппитин хайыыбыт?
Фон Рих. Эн, обер-лейтенант, инньэ диэн толкуйдуугун?
Фон Рюллих. Даа, тойон капитан, мин инньэ диэн толкуйдуубун. Эн бэйэҥ да санаан көр, ити радиобыт аны дэҥ эриэккэскэ кэлэн ааһар сээбэс буолла. Биһиги учаастакпытыгар кэлбэтэҕэ уонча хонно, ити бүгүн эрэ кэллэ. Бу түүн эмиэ төттөрү барар, аны хаһан кэлэрэ биллибэт. Онон түбэлтэнэн туһанан…
Фон Рих. Онон түбэлтэнэн туһанан ити билиэн түбэспит саханы радионан тыл этиттэриэххэ диигин?
Фон Рюллих. Ити курдук этиэхпин баҕарабын, тойон капитан, биһиэхэ баар сибиэдинньэнэн бу өрүс уҥуор олус элбэх саха баар.
Биһиги арҕаа сылдьаммьгг кими эмэ атыылаһан, албыннаан радионан тыл этитэрбит. Сарсыныгар, өйүүнүгэр уонунан, сүүһүнэн дьоннор билиэн бэринэллэрэ, ха-ха-ха!
Ити саханы доппуруостуур, өлөрөр ханна да куоппат. Аны түүн, радионан эппитин кэннэ, көр бөҕөтүн көрүлэтиэхпит буоллаҕа. Ха-ха-ха!
Фон Рих. Ити саханы биһиги билбэппит, сахалыы тылы удумаҕалыыр киһибит эмиэ суох, хайа атыны туойан тураарай?
Фон Рюллих. Урут билиэн түбэспит хас да саха биһиэхэ баар, кинилэр эн этиигин иһиллииллэр диэхпит. Бэйэтигэр үчүгэйдик сыһыаннаһыахпыт. Өлөрүө суох буолуохпут – уонна ол саха муҥнаах атыны туойуо буоллаҕай?!
Санаан көр, радио бу түүн барар, аны хаһан кэлэрэ биллибэт. Агитация, сымыйалааһын биһиги аргыспыт. Агитация уонна ханна наадатыгар сымыйалааһын-албыннааһын фюрер былааһын туругурпута.
Фон Рих. Олус ыраатаары гынныҥ.
Фон Рюллих. Билиэннэйдэри радионан этитэн, кинилэринэн нуучча саллааттарын ыҥыртарары күүһүрдүҥ диэн тойон министр Геббельс куруук этэр, ыйаах ыытар. Мин политикаҕа сыһыаннаах дуоһунаһы толорорум быһыытынан.
Фон Рих. Чэ сөп, толкуйдаан көрүөхпүт…
Хаайыым күлүүһүн тыаһа халыгыраата, аан аһыллан, икки немец киирдэ. Биирдэрэ ханнык эрэ офицерскай чыыннаах быһыылаах.
– Тойон саллаат, көрдөһөбүн, – диэтэ офицерскай чыыннаах немец уонна аан диэки нэлэс гынна.
«Тойон» – дьэ эмиэ дьиибэ, дии санаатым, синиэлбин кэтэн таҕыстым.
– Ити дьиэҕэ, тойон саллаат.
«Ити» дьиэҕэ тиийбиппэр немец аан аста. Киирбиппит дьиэ ортотугар турар остуолга араас ас эгэлгэтэ тардыллыбыт.
– Билсистэхпит, обер-лейтенант Рюллих диэммин, – диэтэ немец илиибиттэн тутан ибигирэттэ, – көрдөһөбүн, – ас диэки ыйан баран остуол уҥуор тиийэн олордо да аһаан барда.
«Ас өһө суох, аһаа, Чээрин, эн, сүрдээх аччыккын буолбат дуо? Баҕар, бу кэннэ аһыаҥ суоҕа» дии санаатым да, аһаабытынан бардым.
Аһаан бүтэн, таһырдьа таҕыстыбыт. Немец миигин хаайыыбар илпэтэ, олбуор ортотугар турар улахан дьиэ диэки бардыбыт.
Билигин доппуруостуохтара буоллаҕа диэн санааттан уонна элбэҕи аһаабыппыттан ыйааһыным ыараан оргууй аҕай хааман истим.
Дьиэ иһигэр киирбиппит…
Фон Рюллих. Тойон капитан, билиэннэй саха туох диэн этиэхтээх тезиһин нууччалыы оҥорон бүтэрдибит, кини мин илиибэр суоска курдук буолаахтаатаҕа дии, барытыгар ээҥиргэс.
Фон Рих. Сөп барыҥ, ол эрээри…
«ТАБААРЫСТАР, МИН ЧЭЭРИММИН»
Таһырдьа күн киэһэрэн барда быһыылаах. Утуйаары нухарыйан сыттахпына күлүүс халыгыраата. Фон Рюллих биир саллааттыын киирэн: «Көрдөһөбүн, тойон Чээрин», – диэтэ уонна аан диэки нэлэс гынна.
Тахсан күнүс аһаабыт дьиэбитигэр киирдибит. Эмиэ араас ас тардыллыбыт. Фон Рюллихтыын, уруккубут курдук, утарыта олорон аһаатыбыт.
– Дьэ маннык, тойон Чээрин, – диэтэ Рюллих, улаханнык уоппут этин ыйыстан «култ» гыннарда. – Биһиэхэ эйигиттэн ураты өссө хас да саха баар, кинилэр эн этиигин истиэхтэрэ. Төһө үчүгэйдик биһиги диэки этиэҥ да, соччонон эн биһиэхэ үчүгэйдик олоруоҥ. Ыраах тыылга ыытыахпыт, онно баран таптыыргынан олоруоҥ. Нууччалары биһиги кыайбыппыт кэнниттэн дойдугар барыаҥ. Өйдөөтүҥ дуо?
– Өйдөөн, өйдөөн. Радионан тыл этэбин, онтон тыылга барабын уонна…
– Сити курдук. Өскөтө ордук-хоһу, биһигини холуннаран эттэххинэ бэйэҕиттэн хоргутуоҥ. Бэйэҥ төбөҥ бүтүн хааларын туһунан толкуйдуох тустааххын.
– Ээ, төбөм баҕас туһунан төбөбүнэн толкуйдуур киһибин. Көр, мин өссө сэрии кирбиитигэр кэлиэм инниттэн, инньэ Москва таһыттан хааска диэн ааттаах тимир бэргэһэлээх кэлбитим, ол төбөбүн харыстыырбыттан буолар.
– Сөп, тойон Чээрин, эн туох туһунан, тугу этиэхтээххин үчүгэйдик өйдөөтүҥ ини?
– Өйдөөмүнэ, оннук элбэҕэ суох дии.
Күн киирбитин кэннэ массыынаҕа олорон фронт инники кирбиитин диэки кэлэн ойуур саҕатыгар тохтоотубут.
Ыскаабы туруорбут курдук, хончоҕор илиннээх агитрадио олордуллубут массыыната кэллэ. Өрүһү бүүрүктүү барар үрдэл кэтэҕэр, урут хаһыллыбыт дириҥ иин иһигэр киирэн тохтоото.
Маҥнай нуучча хас даҕаны народнай ырыаларын биэрдилэр, онтон фроннааҕы балаһыанньаны кэпсээтилэр, «биһиги немецтэр күүспүт күнтэн күн аайы үүнэ турар» диэн эттилэр.
– Билигин истиҥ, эһиги табаарыскыт, биһиэхэ бэйэтин баҕатынан кэлбит, нуучча саллаата Трофим Иванов этиитин.
Мин билиҥҥэ дылы көрбөккө турбут уһун хатыҥыр киһим микрофоҥҥа кэллэ.
– Табаарыстар, – диэтэ, иҥнэх гынна, сибиниэс курдугунан мин диэки кылап гына көрдө, – мин, нуучча армиятын саллаата, эһигини, биир дойдулаахтарбын, хаан-уруу доҕотторбун ыҥырабын немецтэри утары охсуһууну күүһүрдэргитигэр!
Фон Рюллих микрофон күлүүһүн «чап» гына хатыы оҕуста. Иванов: «Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах, биһиги кыайыахпыт!» – диэн сабыылаах микрофоҥҥа хаһыытаата.
Фон Рюллих уонна кини икки көмөлөһөөччүтэ – үһүөн тэбис-тэҥҥэ Иванов көхсүн, төбөтүн ытыалаатылар. Иванов оргууй аҕай ыараханнык сууллан түстэ. Массыына таһыгар соһон таһаардылар.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?