Электронная библиотека » Тамара Петрова » » онлайн чтение - страница 11


  • Текст добавлен: 23 июля 2018, 21:40


Автор книги: Тамара Петрова


Жанр: Словари, Справочники


Возрастные ограничения: +12

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 11 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]

Шрифт:
- 100% +

СЫЫТ сватание; сыыттаа просватать; сыыттас свататься.

СЫТАЙ экспр. делать усиленно, наперекор; усиливаться, увеличиваться, возрастать; сытайан туран үлэлээ работать наперекор всему.

СЫТЫЫ сытыы тиис острый зуб, сытыы быһах отточенный нож, сытыы тыал резкий ветер, сытыы харах зоркий глаз; сытыы уол шустрый мальчик (кытыгырас), сытыы оҕо бойкий ребёнок (чобуо), сытыы дьыбар жгучий мороз, сытыы өй проницательный ум; сытыылаа острить, настраивать, изощряться; буруустаа точить; сытыырхай навостриться, обостряться.

СЫТЫЙ I разлагаться, гнить; портиться; тлеть, истевать; ириҥэр гноиться; куһаҕан сыттан протухать, вонять, смердеть; перен. развращаться.

СЫТЫЙ II 1. мокнуть, промокать, сыреть; 2. част. дэдэйэ сытыйбыт пузатый, быччайа сытыйбыт пучеглазый, мадьайа сытыйан кривоножка.

СЫТЫАРЫ горизонтальный, наклонный, пологий; сытыары үрдэл пологий подъём; сытыары майгы перен. кроткий нрав, спокойный характер.

СЫЧЧАХ только, кончено; сыччах эйиэхэ эрэ только тебе; олорбуппут сыччах кончилась наша жизнь.

СЫЧЧЫЫЙ (сыччыыр) нюхательный табак; детский половой орган.

СЫА жир, сало; тук (тучный); калым, сыа сиэтэр кыыс; чүмэчи сыата воск, сыа балык тугунок, сыа хаар свежий, верхний слой снега; сыалаах жирный, упитанный; сыалан (уой) покрываться жиром, жиреть.

СЫА-сым вкусная пища; сыа-сым курдук тут беречь, холить.

СЫАҔАЙ (бэрбээкэй) бабка, лодыжка.

СЫАКААР бран. негодяй в высшей степени, подлец.

СЫАЛЫЙА (сыалдьа) 1. короткие штаны; натазники; 2. шлея конская.

СЫАЛЫҺАР налим; сыалыһар быарыныы сымнаа быть уступчивым.

СЫАН (сээн) межд. жалость, сыан, барахсаны! бедняга.

СЫАРҔА сани; мас тиэйэр сыарҕа дровни, күүлээсэй сыарҕа пошевни, таһаҕас сыарҕата (көлүөһэлээх) повозка; сыарҕа от воз сена.

СЭ (һэ) межд. удивление.

СЭБИРГЭЛ сэп-сэбиргэл хозяйственные вещи.

СЭБИРГЭХ хрящевые части рёбер.

СЭБИРДЭХ лист; древесный лист; листок; сэбирдэхтээх покрытый листьями, сэбирдэхтээх ойуур лиственный лес.

СЭЭБЭҤНЭЭ отвлекаться от дела; сээбэҥнэт отвлекать от мыслей.

СЭБЭРЭ образ, вид, внешность, наружность; разг. обличье.

СЭЭБЭС имение, тээбирин имущество (движимое); мал-сал барахло.

СЭБЭҺЭ шерсть, волос; сэбэһэ быа, сэбэһэ өтүү волосяная верёвка.

СЭГЭЙ (сэгэлдьий) приподниматься, приоткрываться; сирэйэ-хараҕа сэгэлдьийдэ просиял; сэгэт приоткрывать, приподнимать; сэгэччи ас чуть приподнять; бэргэһэҕин сэгэччи уурун надень шапку набекрень.

СЭГЭР (сэгэртэй) милый, любезный; голубчик, друг, дружок (обращение).

СЭДИР свежие зелёные ветви.

СЭЙ (һэй-иэ) межд. изумление, һэй-иэ, итинтэн ытыыр об этом плачет.

СЭЙМЭКТЭЭ кромсать, терзать, расчленять; сэймэктэһии битва, резня, сражение (өннөһүү); сэмнэх, кыыл сэмнэҕэ объедки хищных зверей; старье, рвань, сон сэмнэҕэ рваное пальто.

СЭК легко; сэк курдук, сэк гына олоро түстэ сел как пушок.

СЭЭКЭЙ что-то, кое-что, мелочь.

СЭКСЭЙ казаться лёгким, пушистым, иметь пышную шерсть и небольшое тельце; вести себя легкомысленно; сэксэйэ сиэл носиться без пользы.

СЭЛ умеренный; редкий, не частый; сэл мастаах сир местность с редкими деревьями; сэллээ переставать, затихать (о дожде, ветре, холоде), ыарыым сэллээтэ боль утихла, ардах сэллээбэт дождь не перестаёт.

СЭЛБИЙ соединять, сплетать порванные нити волосяной верёвки.

СЭЛИИ I мамонт уу оҕуһа; сэлии муоһа бивни мамонта.

СЭЛИИ II рысь (бег лошади), сэлиинэн ис, сиэллэр пустить лошадь рысью; сэлиик ат рысак.

СЭЛИБИРЭЭ трястись, колыхаться (о листьях); быстро говорить, молоть языком; сүрэҕим сэлибириир сердцебиение.

СЭЛИЭЙ мучная заправка в суп.

СЭЛИЭНЭЙ чайная ложка.

СЭЛЛИК туберкулёз, уҥуох сэллигэ туберкулёз костей; сэлликтээ страдать чахоткою; чахнуть.

СЭЛТЭГЭР округлённый, припухлый (о носе).

СЭЛЭ натянутая между столбами ритуальная волосяная верёвка; сэлэлээ располагаться линией по обе стороны.

СЭЛЭЭ остригать гриву у конного скота.

СЭЛЭЭННЭЭ навязывать, наваливать на другого.

СЭЛЭЭР ветреный, повеса; пустослов (мээри); сэлээрчэх разгульный (содур дьахтар, содур киһи).

СЭЛЭС долго беседовать, говарить о пустяках, болтать.

СЭМСЭ добавка, прибавка; придаток, сэмсэ эт мясная добавка; сэмсэлээ давать прибавку.

СЭМСЭЭ весенним тёплым вечером играть в мелкой воде, метать икру (о рыбе), балык сэмсиир рыба играет (нерестится).

СЭМЭ порицание, выговор; осуждение; сэмэ-суҥха всякие замечания; сэмэлээ порицать, попрекать, проучать, делать замечание; сэмэлэн получать порицание, замечание; сэмэһит делающий замечание.

СЭМЭЙ тихий, скромный; молчаливый.

СЭНЭЭ пренебрегать, недооценивать; сэнэбил пренебрежение; презрение; сэнэбиллээх пренебрежительный; презрительный; сэниир пренебрегает, недооценивает; сэнэн быть недовольным собой, принижать свои возможности.

СЭНИЭ сила, мощь; состоятельность, достаток; сэниэ ыал зажиточный двор; сэнэх зажиточный, живущий в достатке; сэнэх таҥастаах одетый более-менее опрятно; эдэр-сэнэх эрдэххэ поэт. пока молоды и свежи.

СЭҤИЙЭ подбородок, нижняя губа (у животных).

СЭҤЭЭР (сэргээ, сэргэҕэлээ) внимать, вникать; интересоваться; одобрять, откликаться, отзываться; поддакивать.

СЭП вещь, предмет, инструмент, орудие; булт сэбэ охотничья снасть, туттар сэп инструмент, ат сэбэ сбруя, киһи сэбэ половой орган; сэрии сэбэ вооружение, саа сэбэ боеприпасы; сэп-сэбиргэл хозяйственный инвентарь.

СЭППЭРЭЭК мелкий кустарник; багульник.

СЭРБЭЙ подрастать, сиртэн сэрбэйээт только вылупившись; сэрбэгэр с редкими волосами; сэрбэкэччий бегать в таком виде.

СЭРГЭ 1. коновязь, коновязный столб; ыһыах сэргэтэ праздничный ритуальный столб; 2. послелог: рядом, возле; ону сэргэ вместе с этим; дьиэни кытта сэргэ рядом с домом.

СЭРГЭЭ проявлять интерес, одобрять, откликаться; поощрять, поддерживать.

СЭРГЭСТЭС кэккэлэс становиться в один ряд; занимать место друг возле друга; сэргэстэһэ хаамп шагать рядом, рядами.

СЭРГЭХ бодрый, свежий; чуткий, внимательный, бдительный, осторожный; сэргэхсий освежиться, оживиться, воспрянуть.

СЭРИИ I война; бой, битва, сражение, боевые действия; брань; войско, армия; воинство, ополчение; сэриилээ, сэриилэс вести войну, воевать, сражаться; сэрииһит солдат, боец, воин; ратник.

СЭРИИ II настил из жердей поперёк саней для сена; сэрии үрдүгэр буор ыспат посл. настил землёй не засыпают.

СЭРЭХ 1. сэрэйии догадка, предположение, гипотеза; мнение; сэрэй догадываться, сабаҕалаа предполагать; сэрэйэн по догадке, наугад; 2. модальн. сл. сэрэйдэххэ видимо, по-видимому, наверняка; 3. сэрэнии осмотрительность, опасение; сэрэхтээх осторожный, предусмотрительный; сэрэн-сэрбэн быть осторожным, остерегаться, опасаться; сэрэтии предупреждение; сэрэт предостерегать, предупреждать, предварять.

СЭҺЭН рассказ, повесть, повествование; сэһэн этии повествовательное предложение; сэһэннээх разговорчивый, словоохотливый; сэһэргэһии беседа, сэһэргэһиэххэ поговорим, побеседуем, потолкуем.

СЭТ (аньыы) возмездие, кара, грех, неблагоприятные последствия; сэттээх, аньыылаах грешный, влекущий за собой возмездие; сэт-сэлээн неизбежное наказание, неминуемая расплата.

СЭТИИ (сиэт, сиэтэр) в поводу; сэтиилэн вести за собой в поводу; сэтиилээх ведущий за поводок.

СЭТИННЬИ ноябрь, седьмой месяц, седьмая луна; сэтинньигэ в ноябре, сэтинньиттэн с ноября.

СЭТИЭНЭХ прошлогодняя трава, лаҥха многолетняя старая трава.

СЭТТЭ семь; сэттис седьмой; сэттэлии по семь; сэттиэ семеро; сэттэтэ семь раз, сэттэлээх семи лет от роду, семилетний, сэттэм мне семь лет.

СЭТЭРЭЭ I экспр. злорадствовать; желать неблагополучия.

СЭТЭРЭЭ II прорываться, растравляться (о ране); ыарыыта сэтэрээтэ (бэргээтэ) состояние больного ухудшилось; тыал сэтэрээтэ ветер усилился.

Һ

ҺАЙ межд. һайдыыр погоняет рогатый скот.

ҺАТ межд. һаттыыр погоняет лошадей.

ҺО-ҺО-ҺО межд. күлэр смеётся.

ҺУОЙ межд. обращение к незнакомому.

ҺУОХ (суох) не, нет; отсутствующий; недостающий.

ҺУУЙ, ҺЫ, ҺЭ межд. удивление.

Т

ТАБА I олень (элик); таба этэ оленина; дьиэ табата домашний олень, кыыл таба дикий олень; табаһыт оленевод.

ТАБА II удачно, верно; таба ыт стрелять метко; таба эт замечать кстати, уместно.

ТАБАҔАЙ лапа, эһэ табаҕайа медвежья лапа, ладонь (сабарай, ытыс).

ТАБАЛАС ездить, садясь на подводу по очереди; табалаһан айаннаа.

ТАБАХСЫТ курящий, охотник курить или нюхать табак.

ТАБЫГАС (табыган) меткий; удобный, подходящий; табыгастаах кэм подходящее время.

ТАБЫГЫРАС тыас беспрерывный стук (о дожде); атах тыаһа табыгыраата послышался топот ног; табырҕас тыас частые лёгкие удары прутом; табырҕата түһэн биэр проучить малость кнутом.

ТАБЫЙ 1. бить передними копытами о землю; 2. обрабатывать землю мотыгой; табыйыы ручное возделывание земли мотыгой.

ТАБЫК древний музыкальный инструмент якутов, барабан.

ТАБЫЛЫН I удаваться; дьыала табылынна удалось; табыллыбат не удаётся, не получается; невозможно.

ТАБЫЛЫН II попадаться; кус табылынна в утку попала пуля.

ТАБЫНА абына-табына местами, редко; табынат раскидывать; разбрасывать местами; акка отто табыната түһэн биэр дать коню немного сена.

ТААБЫРЫН загадка, гадание; перен. неизвестность, секрет.

ТАБЫСХААН белый заяц, беляк, ушкан.

ТАҔА бөҕө-таҕа, бигэ-таҕа очень крепкий, прочный; бөҕө-таҕа тутуулаах крепко сделано; бигэ-таҕа тыллаах киһи надёжный человек.

ТАҔЫС 1. тахсан бар выходить, выезжать; таҕыс, киэр бар уходить вон, убираться; 2. вспом. гл.: көтөн таҕыс вылетать; сүүрэн таҕыс выбегать; көстөн таҕыс обнаруживаться; муодаттан таҕыс выходить из моды; сыл таҕыста прожил зиму; кинигэ таҕыста выпущена книга; утерять, лишаться; киһи аатыттан ааста потерял человеческий облик, итэҕэлтэн таҕыста вышел из доверия, өйүттэн таҕыста лишился ума.

ТААЙ I дядя (по материнской линии).

ТААЙ II отгадывать, догадываться; сэрэй, сабаҕалаа предвидеть, предполагать; предчувствовать сүрэҕэ таайда; толковать түүлү таай, эппит тыла таайыа нельзя зарекаться; таайыы отгадывание, отгадка; таайыгас догадливый; таайтарыылаах вещий; таабырын загадка; таабырын таайыыта отгадка; таабырыннаа загадывать загадки; таабырыннас загадывать загадки друг другу.

ТАЙАА распространяться, тайаан сытар доходить до.

ТАЙАН опираться; облокачиваться, упираться, тайаныы опора.

ТАЙААР (тайаарыҥнаа) плавно двигаться, парить (ходить, летать).

ТАЙАХ I посох, трость, костыль; тайахтаах, тайаҕынан сылдьар ходит с тросточкой; тайахтан взять трость.

ТАЙАХ II лось, сохатый (улуу кыыл); тайахтаа ходить на лося (охотиться).

ТАЙҔА 1. лес; 2. тайылҕа, тайылҕаннаах даль, дальнее расстояние.

ТАЙМА өйүө-тайма припасы, продукты на дорогу; таймалан перен. выпрашивать, капризничать.

ТАЙЫЫ үөрбэ рогатина, пика; үҥүү копьё.

ТАКАЙ экспр. наставлять, үөрэт учить, өйдөт вразумлять.

ТАКЫЙ (накый, токуй), такыҥнаа подгибать колени; такыт подбирать ноги; такым подколенок, борбуй коленный сгиб; такыр (токур), такыччы сведённый, согнутый; изогнутый, искривлённый; такыйыы сгибание.

ТАЛ (талбыт) выбирать, отбирать; избирать; талыы выбор, отбор; талба, таллан (талыы) лучший, отборный, избранный; дьахтар талыыта отменная женщина; таламас (талымас) разборчивый, привередливый; талбалан быть разборчивым, капризничать; талым-талба олох выходящее из ряда вон богатство, роскошь; богатая жизнь.

ТААЛ I селезёнка; таала анньар колики в селезёнке; таала кырыыланар недолюбливает.

ТААЛ II таалан тур замирать, обмирать; терять дар речи; талбаар упасть в обморок.

ТАЛАА отбирать, отнимать; грабить, разбойничать; талабыр грабёж, разбой; талабырдаах грабительский, разбойничий; талабырдьыт грабитель, разбойник; талан подвергаться ограблению, быть ограбленным.

ТААЛА (таалай) хонуу чистое поле, равнина; таалалаа валяться, нежиться; оронугар таалалыыр валяется на кровати; тиэй кататься на спине (о животных); таалалат лелеять.

ТАЛААН 1. удача, счастье, везение; тарбах талаана жребий, везение; тарбаҕыҥ талааннаннын пусть повезёт; 2. всплеск воды, круги по воде.

ТАЛАС (дьулус, дьулуруй) стремиться; талаһыы стремление.

ТАЛАХ ыарҕа талах, иирэ талах тальник, үөт талах ива, кыһыл талах верба; талах ойуур ивняк.

ТАЛАХАЧЧЫЙ метаться, кружиться, размахивая руками; кус мөхсөн талахаччыйда утка билась крыльями.

ТАЛБА талыы-талба лучший, добротный, отборный, отменный.

ТАЛҔАЛАА разбивать, разбрасывать, крушить.

ТАЛКЫ мялка, деревянное приспособление для ручной обработки кожи; талкый перен. надоедливо повторять одно и то же.

ТАЛЫР талыр-түлүр тыас шлёпание широких голенищ у торбасов.

ТАЛЫЫ потуги при родах; приступ родовых схваток; дьахтар талыыта киирдэ начались потуги.

ТАМ татахай корень (начало) загадок.

ТАМАЙ при беге вскидывать ноги, высоко поднимать колени, тамайа сиэлэр грациозный бег оленя, лося.

ТАМАН I начало, корень; өрүс тамана исток реки.

ТАМАН II жир конского скота у рёбер сылгы таманын сыата; сир күөх тамана тук земли.

ТАМАХ I горло, глотка (бэлэс, куолай), тамаҕым хатта у меня сохнет во рту; там да гыммата не почувствовал во рту.

ТАМАХ II центр, средоточие; үрэх тамаҕа быстрина речки; тыл тамаҕа смысл слов.

ТАММАХ капля; сарай таммаҕа капель; хаан таммаҕа капля крови; сиик таммаҕа росинка; таммалаа падать каплями, капать; дьиэ үрдэ таммалыыр капает с крыши; таммалат пускать каплями.

ТАМНАА (тамнааттаа) бросать, кидать; разбрасывать; выбрасывать, выкидывать; тамнааттан (тамнан) бросаться, кидаться.

ТАМТЫ совершенно, полностью, окончательно; тамты баранна совершенно всё кончилось.

ТАМЫЛҔАН таволга, дикий чай.

ТАНАА вырезывать, вынимать часть; моркуобу танаа прореживать морковь.

ТАНЫЫ ноздря; носовая полость; крыло носа.

ТАНЫЙ проклинать, обрекать; кырыыр-таныйар произносит страшные слова проклятия.

ТАҤ I муҥ-таҥ страдание, мучение; муҥнаах-таҥнаах олох тяжёлая жизнь.

ТАҤ II таҥан оҥор собирать из частей, складывать, сочетать; ыскаап таҥар собирает шкаф, илим таҥар плетёт сети; таҥыы сборка, составление.

ТААҤ наледь, наплыв воды на льду (тарыҥ); күөл тааҥнаабыт, тааҥ тахсыбыт вода выступила на лёд.

ТАҤАЛАЙ I 1. вид узора; 2. старинная почётная женская одежда; таҥалай сон шуба из ровдуги; таҥалайдаах с узором.

ТАҤАЛАЙ II нїёбо, сыа бэлэс мягкое нёбо; таҥалайа суох волчья пасть.

ТАҤАРА 1. бог, божий; таҥара күлүгэ икона, образ; таҥара дьиэтэ церковь; таҥара үөрэҕэ богословие; таҥараҕа үҥ молиться; церковные праздники; Бөтүрүөп таҥарата Петров день; таҥаралаа почить, испустить дух; таҥараһыт верующий, набожный, богобоязненный, богочестивый; отриц. святоша, ханжа; 2. в языческой вере: айыы добрые духи верхнего мира; идол; халлаан таҥара разг. видимое небо.

ТАҤАС 1. материал для шитья одежды, обуви; тирии таҥас кожа, сарыы, түнэ ровдуга, түүлээх таҥас мех, солко таҥас шёлк; 2. одежда, платье; ис таҥас бельё; тас таҥас верхняя одежда, атах таҥаһа обувь; аҕабыыт таҥаһа риза; таҥын одеваться, надевать платье; симэн, киэргэн наряжаться; таҥыннар одевать другого.

ТАҤАСТАА приводить в пригодный вид, обрабатывать, выделывать; маһы суор (таҥастаа) обтёсывать; сири тиэр (хорут) вспахивать землю; тириини таҥастаа (имит) выделывать шкуру, кожу.

ТАҤКЫНАС тыас звенящий звук металлических предметов; тарылас тыас режущий по твёрдому предмету звук; звонок будильника.

ТАҤКЫЧЧАХТАА пренебр. бежать тяжёлым неровным шагом.

ТАҤНАРЫ вниз головой; остриём вниз; вниз по течению, сверху вниз; ниже, хуже; сыыппара таҥнары түстэ показатели стали ниже; таҥнар ставить вверх дном; изменять, предавать; таҥнаһын (түҥнэһин) сваливаться вниз, опрокидываться (воз, сани); таҥхай (төҥкөй) наклоняться низко.

ТАҤХА судьба, предопределение; таҥхалаа предсказывать судьбу.

ТАП I усил. част. тап-табырҕас тыас очень частые звуки; тап гына оҕус легко ударить, хлопнуть по плечу.

ТАП II попадать, делать удачно; сыалы тап попасть в цель; дьыала табылынна вышло удачно; мааһын табар знает подход; таптар попадаться; таптарда ранен; табыллыбат невозможно, нельзя; түбэ-таба биллибэт неопределённый, неясный.

ТАПТАА любить, ласкать; таптал любовь, привязанность; ласка; тапталлаах любимый; таптан быть любимым; таптас любить друг друга.

ТАПТАЙ оҕону таптай похлопывать, баюкать ребёнка; хотууру таптай отбивать косу; арыыны таптай накладывать слой масла сверху (впрок); таптайыы ковка металла.

ТАР (суорат) мёрзлая простокваша; тар хааһы каша на простокваше; тардаа готовить тар, сдабривать им.

ТАРАА расчёсывать (волосы); сгребать сено; бороновать; тараан расчёсываться; тараах расчёска, гребень, гребёнка; бөтүүк тарааҕа гребешок; боруонньа борона.

ТАРАҔАЙ плешивый, лысый; плешь, лысина.

ТАРАЙ откинуться, раскинуться; перен. жить широко, по-барски; таралый, тарайан сыт валяться; тараҥнаа баловать, нежиться; тарайбыт, тарааччы оҕо избалованный ребёнок; тарас гын (таралыс гын) упасть навзничь, раскинув руки-ноги; тараҕар широкий снизу и узкий сверху.

ТАРАҺА брюшные мышцы; брюшина; тараһа сыата, хаһа жир брюшинный; икки илии хаһалаах жир толщиной в два пальца; тараһата тэстибит исхудал, без жира; иҥиир тараһа жилистая брюшина; перен. бедняк.

ТАРБАА царапать, чесать; перен. досаждать, раздражать; тарбан чесаться; почесать в затылке, перен. сомневаться; тарбат дать почесать.

ТААРБА иирбэ-таарба запутанное дело; иирбэ-таарба үлэ незначительная работа; таарбай связывать, завязывать неумело, сплетать, путать.

ТАРБАХ палец, перст (эрбэх, тойон эрбэх большой палец, сөмүйэ указательный палец, орто тарбах средний палец, аата суох безымянный палец, ылгын чыҥыйа мизинец); атах тарбаҕа палец ног; тарбах үтүлүк перчатки; тарбах ойуу вид узора.

ТАРБАЧЫС карабкаться, цепляться; неодобр. стремиться к высокой должности.

ТАРБЫЙАХ (тамыйах, торбос) телёнок, тёлка.

ТАРҔАА тарҕан распространяться, ыарыы тарҕанна распространилась болезнь; тарҕаммыт распространённый; тарҕат распространять; ыһан кэбис распускать; үллэр разделять, түҥэт раздавать.

ТАРҔАС расходиться; тарҕанан олор рассеяться.

ТАРДЫЫ см. тарт 1. тяга, тардыылаах оһох печь с хорошей тягой; 2. түһээн налог, сборы; подать, ясак; сбор налогов; 3. поклажа, воз; тардыылаах ат тяжеловоз.

ТАРДЫАС (кэлэҕэй) заика; кыратык тардыалатар немного заикается.

ТАРТ 1. тянуть, тащить; быаны тарт тянуть верёвку; табаах тардар курит; бурдук тардар мелет муку, остуол тардар накрывает стол; нолуок тардар собирает налоги; таҥас тардар садится; этэ тарт вздрагивает; 2. вспом. гл. быстро; бара тарт иди скорей; тура тарт вставай сейчас же; була тарт найди быстрей; тардыалаа дёргать; тардын натянуть на себя; подтянуться; тардылын задерживаться; тардыһыы перетягивание; мас тардыһыыта спорт. перетягивание палок.

ТАРТАР 1. сводить судорогой, атаҕым иҥиирэ тарта ногу свело; халтаһам тардыалыыр чувствую подёргивание глаз, тик; тартарыы судорога; тартарар ыарыы эпилепсия; 2. тартар, тардыс тянуться, увлекаться, курдаттыы тартар тосковать, сохнуть; тартарыылаах увлекательный; тардыстыы влечение.

ТАРЫЫ уруу-тарыы родственники.

ТААРЫ хардары-таары, утары-таары взаимно, по очереди; неправильно, тиэрэ-таары кэпсээ путать, перепутывать.

ТАРЫЙ коснуться слегка; киэр тарый слегка отодвинуть в сторону.

ТААРЫЙ (тыыт) прикасаться, дотрагиваться, задевать; таарыйан аас заходить, заезжать; таарыйа, таарыччы кстати, заодно.

ТАРЫКЫНАЙ порхать; трепыхаться; пренебр. радоваться, веселиться.

ТААРЫМТА приступ болезни; болезненный припадок.

ТАРЫҤ I наледь; вода, выступающая поверх льда.

ТАРЫҤ II (тарыҥ, лиистик) глист ленточный (у человека и карася); солитер.

ТАС I стук по твердому предмету, по столу.

ТАС II 1. внешний, наружный; тас көрүҥ внешность, тас өттө внешняя сторона; тас политика внешняя политика; тас дойдулар зарубежные страны; тастаа покрывать, обёртывать; тастаах покрытый снаружи; тастаах эт жирное мясо; тастыҥ посторонний, чужой; таһынааҕы соседний, окрестный; таһырах чужой, нелюбимый; таһырахтат относиться холодно; 2. вспом. сл. снаружи, около, мимо: кинигэ таһа обложка; дьиэ таһыгар во дворе; күөл таһынан мимо озера.

ТАС III носить, возить, перевозить, тащить; таһаҕас груз, ноша; бремя, тяжесть; воз, поклажа (сүгэһэр, ындыы); таһыы перевозка.

ТААС 1. камень, валун; таас хайа скала; 2. стекло; таас иһит стеклянная посуда; түннүк тааһа стекло; таастыган грузило; таастый окаменеть, отвердеть; таас дьүлэй совершенно глухой.

ТАҺАА 1. стан, фигура; талахтыы наскыйар таһаата гибкий девичий стан; кэтит таһаалаах сылгы широкий круп лошади; 2. вид местности дойду киэбэ-таһаата.

ТАҺААР 1. таска таһаар выпускать, иһиттэн таһаар извлекать; вынимать; үөһэ таһаар выносить наверх; өрө көтөх поднимать, уураахта таһаар издать указ; чыычаах оҕотун таһаарбыт птичка вывела птенцов; таһаарыы, оҥорон таһаарыы производство, тиэйэн таһаарыы вывоз; 2. вспом. сл. из; тиэйэн таһаар вывозить; сиэтэн таһаар выводить; үүрэн таһаар выгонять; хостоон таһаар вытаскивать.

ТАҺАХ 1. межд. испуг, бачах-таһах; 2. киһи сымыыта мошонка (тээһэҥкэ).

ТАҺЫЙ I сыс (сынньар) пороть; ытыһынан таһый шлёпать, сутуругунан оҕус ударить, охсуолаа колотить, тузить; маһынан кырбаа бить, курунан, талаҕынан, кымньыынан таһый сечь, таһыйан кууһурҕат хлестать, разг. драть; ытыскын таһын хлопать в ладоши, аплодировать; таһыыр наказание розгами; таһылын быть битым; тиэрэ таһылла түс упасть навзничь.

ТАҺЫЙ II выходить из берегов; ыл затоплять, дьиэни уу ылла дом затопило; халый разливаться, дьалкый плескаться; долгун тыы ойоҕоһун таһыйар волны бьются о борт лодки; таһынан бар идти через край; разливаться.

ТАҺЫМ уровень; олох таһыма уровень жизни; үрдүк таһымнаах на высоком уровне; таһымнаа переполняться; таһыччы больше, более.

ТАҺЫРАХТАТ считать посторонним, чужим (о пасынке); держать поодаль.

ТАҺЫРДЬА (от тас II) во дворе, на улице; таһырдьа таҕыс выйти на улицу.

ТАТАЙ межд. сетование, от-татай горе; татай эбит ну и что.

ТАТАТ татакай межд. испуг, ой, что это.

ТАТЫЙЫК сылгы чыычааҕа трясогузка; ласк. татыйыгым оҕото дитятко.

ТАТЫМ (татыа) скудный, недостаточный; татыарый скудеть, уменьшаться, иссякать; сайаҕас санаата татыарыйда упал духом.

ТААХ так, просто, без цели; зря, без пользы.

ТАХСЫЫ 1. иһиттэн тахсыы выход, выезд; өрө тахсыы подъём; взлёт; көтөн тахсыы вылет; күн тахсыыта восход солнца; тахсыылаах результативный, продуктивный; билбэттэн тахсар из-за незнания; 2. тахса послелог: больше, уонтан тахса более десяти; сүүстэн тахса свыше ста.

ТАЧЫГЫРАА трещать, издавать трескучий звук; оһох уота тачыгырыыр в печи трещат сухие дрова.

ТИБИИ см. тип вьюга, метель, пурга (буурҕа, буркун, силлиэ); тибии типпит занесло снегом; снежный завал, сугроб; нанос; тибиилээх күн вьюжный день.

ТИБИЙ (битий), тибигирээ (дибдигирээ) двигаться с топотом; тигинээ трещать (об огне).

ТИБИИР брызгать изо рта, саба тибиирдэ забрызгал.

ТИГИИ см. тик шитьё, пошив; вид шитья.

ТИГИНЭЭ шуметь-стучать, трещать (об огне); быть энергичным, деятельным; сырсан тигинэстилэр слышен топот бегущих; перен. үлэ-хамнас тигинэс работа кипит.

ТИГИС 1. приставать, тыы биэрэккэ тигистэ лодка причалила к берегу; 2. доставаться, приходиться, миэхэ биир кус тигистэ мне досталась одна утка; уордьаҥҥа тиксибит достался ему орден; таҥараҕа тигис причаститься, дьолго тигис испытать счастье; тиксии причал; тиксиһии схождение, икки үрэх тиксиһиитэ место соединения двух речек; тиксиһиннэр свести, кинини кытта тиксиһиннэр эрэ сведи меня с ним.

ТИИЙ 1. доходить, дьиэҕэр тиий добираться до дому, долбуурга тиий достать до полки; харчым тиийэр денег хватает; өйө тиийбэт не хватает ума; сүүскэр тиий доживать до ста; тиийин иметь достаток; бэйэтигэр тиийиммит покончил с собой; тиийиэхчэ немного не достигнув; 2. вспом. гл. приходится, барарга тиий придётся идти, олорорго тиий придётся жить.

ТИК 1. шить (иистэн); бэргэһэ тигэр шьёт шапку; сатаан тикпэт не умеет шить; 2. жалить, ужалить; эриэн үөн тикпит ужалила змея; тигээйи оса, овод.

ТИИЛ дубль, запас; тиил күлүүс запасной ключ.

ТИЛИЙ приучать; приручать, подставлять; ньирэйи тилий припускать телёнка к чужой самке, подсосок; тилийэ смежный, тилийэ тиэргэннээх соседи в одном дворе.

ТИЛИГИРЭЭ (тилигирэй) тилигирэс тыас биться, метаться, ньирэй сүүрэн тилигириир бегает, не даётся в руки; тиҥиргээ тяжёлый, глухой звук, колотиться; сүрэҕэ тиҥиргиир сердце колотится, тиҥиргэччи тэп; тиргилин тесниться, толкаться с силою; мешать другим.

ТИЛИН (тиллэр) оживать, воскресать; үтүөр поправляться, выздоравливать; тилиннэр оживлять, вылечивать.

ТИЛЭХ пята, пятка; тилэх тэпсии удары пятками, танцевальное движение.

ТИМИР I железо; железный; хатарыллыбыт тимир калёное железо; сталь; тыһы тимир железо для ножей; тимир күрдьэх железная лопата; тимир сүрэхтээх с каменным сердцем; тимир курдук неприступный.

ТИМИР II погружаться; проваливаться; тонуть; тимирт опускать, погружать; затоплять.

ТИМЭХ пуговица; застёжка; тимэх эмп таблетки; тимэхтэ тик пришивать пуговицу; тимэхтэн застёгиваться.

ТИНИКТЭЭ глодать, обгладывать (кость); тиниктэс перен. долго и упорно возиться.

ТИИҤ белка; тииҥ тириитэ беличий мех.

ТИҤИЛЭХ тилэх пята, пятка; сири тиҥилэхтээ стучать пяткой; пришпоривать коня; часть ладони ытыс тилэҕэ; тилэх баттаһа по пятам.

ТИҤСИРИЙ тыкаться носом; обнюхивать; вынюхивать, выискивать.

ТИҤЭҺЭ скотина 3-х лет, тиҥэһэ кунан, тиҥэһэ бургунас.

ТИП 1. усил. част. ынчыга тип-тиҥиргэс громко стонет; 2. тип (тибэр) мести, заметать, наносить (снегом, песком); перен. киэр тибэ сыт отпираться, отказываться; типтэр ехать быстрой рысью.

ТИР гын, тирк гын быстро с шумом удалиться.

ТИИР растягивать, натягивать; распинать (на крест); тириини тиир растягивать шкуру; тиирэ кэт насильно натянуть на себя.

ТИРБЭҔЭ ремешок из кромки выделанной кожи; тирбэҕэлээ обрезать кромки; обдирать на лугу траву (о скотине).

ТИРГИЛИН неодобр. выставляться, толкаться, тесниться; не давать покоя.

ТИРГЭ силки, петля из конского волоса для уток; тиргэһит тот, кто ставит силки для уток.

ТИРИИ ынах тириитэ кожа, эһэ тириитэ шкура, тииҥ тириитэ шкурка; саһыл түүтэ мех; тириитин сүл свежевать; тириини имит выделывать кожу; тириитин таһынан не по душе.

ТИРИТ потеть, покрыться потом; вспотеть; тиритэ-хорута үлэлээ трудиться в поте лица.

ТИРЭЭ подпирать, подпереть; тирэн упираться; тирэх опора; тирээбил подпорка, мас тирээбил деревянная подпорка; тирээн туран ытта выстрелил в упор.

ТИРЭХ тополь; тэтиҥ осина.

ТИС нанизывать бисер; шнуровать суму; үөл насаживать на рожон (рыбу, мясо); тиһик быа верёвка, завязка; система, үлэ тиһигэ система работы; сураҕы-садьыгы тис перен. сплетничать.

ТИИС I зуб, зубы; аһыы клык; тииһиир выпадение молочных зубов у детей; кыраабыл тииһэ зубья; зубцы башни.

ТИИС II (тииһэр) домогаться, добиваться; сильно стараться, ылаары тииһэр обязательно хочет взять; тылга тииһэр напрашивается на спор; тииһинним добился для себя, воспользовался; тииһимньилээх достаточно, может достаться; тииһимньитэ суох мало, не хватит.

ТИИҺИК приступ боли, припадок; тииһигирдэ (бэргээтэ) начался приступ, тииһигэ киирдэ очередное обострение болезни.

ТИҺЭХ конец, конечный, последний; тиһэҕэр напоследок, под конец.

ТИИТ мас лиственница; тиит ойуур лес на корню; тутуу маһа лесина; титирик молодая лиственница.

ТИТИИК летний хлев, укрытие для скота в непогоду.

ТИТИРЭЭ титирэстээ трястись, дрожать, чувствовать озноб; трепетать, вздрагивать; титирээһин дрожь, трепет; озноб; сир титириирэ, сир хамсааһына землетрясение; титириир ыарыы лихорадка (кумахы).

ТИЭЙ I 1. класть на сани, укладывать; нагружать; ындыылаа навьючивать; 2. возить, доставлять; тиэн возить себе.

ТИЭЙ II кататься; ат тиэйэр конь перекатывается на спине; ат мөҥөр конь встаёт на дыбы; не слушается всадника; перен. отказываться.

ТИЭРБЭС кольцо, колечко; петля.

ТИЭРГЭН скотный двор; тэлгэһэ двор дома.

ТИЭРТ тириэрт доводить, дьиэтигэр тириэрдэн биэр довести до дома; суругу тиэрт доставлять письмо; эҕэрдэтэ тиэрт передавать привет; үлэҕин кэпсээ докладывать о работе; эрэйгэ тиэрт довести до беды.

ТИЭРЭ изнанка; наоборот; тиэрэ кэт надеть наизнанку; тиэрэ эт сказать неправильно; тиэрэ оҥор делать наоборот.

ТИЭРЭ изнанка, наоборот; тиэрэ эргит переворачивать, выворачивать; тиэрэ эргитэн тик перелицевать; сири тиэр пахать, вспахать; тиэрэ түс навзничь; тиэрэ неправильно, неверно; тиэриллэҥнээ выставлять себя, наглеть, безобразничать; тиэрэ-таары саҥар говорить невпопад.

ТИЭҺИН беспрерывно ходить взад-вперёд, куруук тиэстэр ходит без цели.

ТИЭТЭЙ торопиться, спешить (ыгылый, ыксаа); тиэтэйэ-саарайа спешно; тиэтэт торопить, поторапливать; тиэтэл спешка, поспешность, торопливость; тиэтэллээх срочный; ускоренный, экстренный; тиэтэлгэ второпях, в спешке.

ТОБОХ объедки; остаток, излишки; тобохтоо не съедать до конца, оставлять пищу; тобоҕолоо доедать, допивать остатки.

ТОБУК колено, колени; тобуктаа вставать на колени (сүгүрүй), тобуктат поставить на колени; тобукпун өлөрдүм ушиб колено.

ТОБУЛ 1. прорубать, пробивать; тобулу оҕус, тобулу саай пробить одним ударом, проломить насквозь; тобулу көр смотреть в упор; 2. находить решение, выяснять; тобуллаҕас смышлёный, находчивый.

ТОБУРАХ муус толон град; толонноох самыыр дождь с градом.

ТОБУРҔАТ слегка и много стучать; оройун тобурҕатта постучал по голове.

ТОБУС усил. част. тобус-толору переполненный.

ТОҔО вопр. мест. отчего, почему; зачем, для чего.

ТОҔОЙ I обращение: тоҕойум оҕотоо дружочек мой.

ТОҔОЙ II изгиб; излучина; суол тоҕойо поворот дороги.

ТОҔОНОХ (тоҥолох) локоть; тоҕонохтон тутуһан взявшись за локти; тоҥолохтон облокотиться; держать на локтевом сгибе; ыаҕайатын тоҥолохтоммут с ведёркой на локтях.

ТОҔООС предлог; удобный случай; тоҕоостоох подходящий момент.

ТОҔУН (тохтор) литься через край; проливаться (тохтон хаал); протекать; тууһу тохтум рассыпал соль.

ТОҔУС девять, тохсус девятый, тоҕустуу по девять; тоҕуста девять раз; тоҕустаах девятилетний, тоҕуһум мне девять лет.

ТОҔУОРУЙ собираться, толпиться; тоҕуоруһан тураммыт собравшись.

ТОЙ I разг. част. и прочее, үөрэҕэ-тойо суох без образования и прочего.

ТОЙ II крошить, измельчать; саахары той крошить кусок сахара, сүгэнэн мууһу тойор крошит лёд топором.

ТОЙОН 1. господин; хозяин дома; свёкор, отец мужа; 2. тойон кыыл орёл; тойон король (в картах); тойот, тойоттор экспр. господа; тойон таҥара бог; тойон эрим муж мой; оҕо тойонум молодой господин; тойон хаан киһи важная персона; тойон сүрэҕим поэт. сердце моё; тойомсуй (тойорҕоо) корчить из себя начальника; командовать, властвовать; тойооску пренебр. начальничек; непутёвый, никчемный человек.

ТОЙОННОО рассуждать, разбирать; растолковать; тойоннооһун рассуждение.

ТОЙТОҔОР (догдоҕор) короткая вещь, догдоҕор сон короткое пальто, тойтоҕор кутурук хвостик; тойторуҥнаа бегать короткохвостым.

ТОЙУК песня-импровизация; ырыа пение; тойуксут народный певец; тойуктаах умеющий импровизировать; способный воспевать.

ТОККООЛОО ыйыталас спрашивать, расспрашивать, осведомляться.

ТОКУР кривой, изогнутый; токуруй, токуй гнуться, сгибаться; искривляться; токурут, токут гнуть, согнуть; токуччу согнувшись, скрючившись; токуккай сушки; токурутуу изгиб, искажение.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 | Следующая
  • 5 Оценок: 1

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации