Текст книги "Таптал баар буолан"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц)
Нина иһитин хомуйа охсон үлэтигэр бараары хомуна турдаҕына, Николай саалаттан сыбдыйан таҕыста.
– Ханна да барбат инигин? Бүгүн хойутуурум буолуо, биир саастарыгар диэри оҕолордоох ыалларбар сылдьардаахпын, – Нина кыысчаан утуйбут быһыылаах диэн сибигинэйэн ыйытта.
– Сахаянушка утуйда. Бүгүн барарым суох. Аҕабар сылдьаар эрэ, сыта мээрик буолбут, ыарытыйар быһыылаах.
– Сөп, – Нина чаһыыта хайыы-үйэ икки чааһы ааһан эрэрин көрөн, ыксыы быһыытыйда, түргэн хаамыынан ааны былдьаста. Тахсан истэҕинэ, Николай хаһыытаан хаалла:
– Ылаар эрэ, биири…
Нина истибэтэх курдук туттан, аанын “лип” гына ыга сабан тахсан барда.
Коля үлэ уруогун учуутала этэ, икки сыллааҕыта үлэтиттэн тохтообута, оҕолорун кытта алтыһарын ыарырҕаппыта. ЖКХ-ҕа электригинэн көспүтэ. Дьоҕурдаах буолан, ханнык баҕарар үлэҕэ үлэлиир кыахтаах. Билиҥҥи үлэтэ сүрдээх иллэҥ үлэ, киэһэтин эбэтэр күнүс Нина дьиэтигэр баар кэмигэр объектарын баран көрөн кэлэр. Онон бүтэр. Бүгүн эмиэ иһэргэ санаммыт, күн ахсын иһэрэ эбиллэн иһэр. Урут арыгыны ийэтинэн ылларара, билигин ийэтэ суох, аны киниэхэ тастарарга санаммыт. Тохтуоҥ ээ. Кырдьык, түөрт оҕо аҕата диэтэххэ, эппиэтинэс эҥин диэн олох суох киһитэ. Кэргэннэниэр диэри бастаан ийэ-аҕа бэлэмэ, онтон таптыыр кэргэн көрүүтэ-истиитэ. Аны билигин ол олоҕун суохтаан миэхэ бэл кыра оҕо курдук куттуур буолан эрэр. Маннык төһө уһуннук олороохтуубут? Ыксаатахпына, айдаана-куйдаана суох кыыспын кыбынан, дойдубар баран хаалыам. Коля дьонугар төннүө буоллаҕа. Баҕар, кэмсинэн арыгынан саатаан эрдэҕэ. Оҕолоро, бука, сөбүлээбэттэрэ буолуо да, хайыахтарай, төрөппүт аҕалара буоллаҕа дии. Бырастыы гыныахтара. Оттон Анна Алексеевна төттөрү үөрүүнэн ылыаҕа. Кини эппитин кэлин толкуйдаатахпына “табыллыбатаххытына төнүннэрээр” диэбит буолуон сөп. Мин ордукпун диэн былдьаһан-тарыһан арааран баран тулуйарга тиийиллэр. Таптаатым дии санаабытым. Ол эрэн билигин саарбахтыах курдукпун. Дьиҥинэн, дьахтарга баҕас сымнаҕас киһи. Миигинниин үс дьахтар тараҥнаппыт эр киһитэ… Ийэтэ эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан суох буолуоҕуттан ордук тулаайахсыйда. Ийэтэ тыыннааҕар төрөппүттэрин дьиэтиттэн арахпат этэ. Талбытынан аһаан-сиэн кэлэрэ. Аҕата эрэйдээх билигин дьиэтигэр соҕотоҕун олорор. Эмээхсин өллөҕүн утаа ыҥыра сылдьыбыттарын оҕонньор сөбүлээбэтэҕэ. “Кыанарым тухары бэйэм олоруом. Уһаайбабын өтөхсүтүөхпүн баҕарбаппын”, – диэбитэ да, дьиҥинэн ис санаата атын, дьиэбин кинилэр ылыахтара диэн көҥөнөн сордонор.
Оттон Коля бэйэтэ эмиэ аҕатынаан бииргэ олоруон баҕарбат аатырар. “Наһаа бириинчик. Сүгүн олордуо суоҕа. Ийэм тулуйбутун иһин атын киһи мээнэ тулуйбат оҕонньоро” диэн тыллаах. Коля бэйэтэ эмиэ үүт-үкчү аҕатын курдук характердаах. Ийэлэрэ оҕонньордоох уолун олус бүөбэйдээн, кинилэр баҕаларын эрэ толорор туһугар олох олороохтообут. Оҕонньор кэриэс сурук суруйан нотариуска биэрбит сурахтааҕа. Дьиэтин-уотун, туох баар баайын-дуолун кийиитигэр Анна Алексеевнаҕа анаабыт. Ону истэн баран Коля бэркэ сэргии истибитэ. “Ол хас дьиэлэнэллэр?” диэн Нина тыл быктарбытыгар: “Сахаянушкаҕа биир дьиэни тутар инибин”, – диэбитэ. Уопсайынан, дьонун, оҕолорун туһунан кэпсэтэри олох сөбүлээбэт. Бэйэтэ биирдэ эмит кэпсээтэҕинэ, онно кыттыстаххына, кэлин тиһэҕэр буруйдаах эн буолаҕын.
Нина Аркадьевна санаатыгар аралдьыйан балыыһатыгар кэлбитин билбэккэ хаалла. Халаатын саҥа кэтэн тимэхтэнэ турдаҕына, Мария Константиновна киирэн кэллэ.
– Нина Аркадьевна, билигин аҕай эрийдилэр. Аҕаҕыт улаханнык ыалдьыбыт. Таһырдьа охтон хаалбыт үһү. Бара сырыт. Оҕолорго Анастасия сылдьыаҕа, – Мария Константиновна “һуу-һаа” буолбакка, бэрт холкутук саҥарар. – Арааһа, Уйбаан Вератын кэнниттэн уһаамаары гынна, 43 сыл бииргэ олох олорбут киһитин суохтаатаҕа.
Нина Аркадьевна наадалаах буолуо диэбит система туруорар, укуол эмтэрин суумкатыгар уктан сып-сап туттан түргэн хаамыынан тахсан барда. Үрдүк кирилиэстээх терраса күөх кыраасканан кыһамньылаахтык сотуллубут аанын тэлэччи аһан дьиэҕэ киирдилэр. Оҕонньор саалаҕа дьыбааҥҥа сытар, тыын былдьаһан эп-эппэҥнэс. Сүрэҕэ сип-сибилигин уһулу тэбэн тахсыах курдук тип-тиҥиргэс. Нина сиэстэрэтинээн түргэн соҕустук система туруорбутунан бараллар.
– Уоскуйа сатаа, үчүгэй буолуоҕуҥ. Арыый буоллаххына, улуус киинигэр киллэриэхпит. Билигин “Суһал көмөнү” ыҥырыам, – Нина төһө кыалларынан оҕонньору уоскута сатаата. – Инфаркт, инсульт суох, давлениеҥ олус тахсыбыт, 190 буолбут. Билигин сыыйа түһүөҕэ.
Уйбаан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, дьон абааһы көрөр, хаһан өлөрбүн кэтиир киһилэрэ буолуом диэн куттанара. Ол иһин эмээхсинин курдук хаама сылдьан тута охтон түһээт сүрэҕинэн өлөр баҕалааҕа. Ким ыҥырбыта эбитэ буолла, Анна Алексеевна хайыы-үйэҕэ кэлэн, дьиэлээх киһилии барытын дьаһайан, оҕонньор таҥаһын-сабын уларытан, балыыһаҕа тугу илдьиэхтээҕин булан бэлэмнээбит. Ол тухары Ниналыын кэпсэппэт, отур-ботур оҕонньордуун эрэ кэпсэтэр. Улуус балыыһатыгар сиэстэрэ кыыстыын Анна Алексеевна барсар буолла. “Суһал көмө” кэлиитигэр оҕонньор быдан сэргэхсийэн, өйөтөн массыынаҕа бэйэтэ киирдэ.
V
Субуота. Бүгүн оскуолаҕа дискотека. “Төрөөбүт литератураҕын төһө билэҕин?” диэн бастаан 10—11 кылаастар икки ардыларыгар викторина ыытылынна. 11-тэр хамаандаларыгар Нарыйалаах Марина иккиэн киирдилэр. Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Софрон, Семен Даниловтар айымньыларынан оҥоһуллубут таайбараҥы таайан балачча тириттилэр-хоруттулар. Урут үҥкүүгэ бириэмэ аҕыйах хаалар буолла диэн мероприятиены ыытааччыларга кыыһырар буоллахтарына, бүгүн бириэмэни билбэккэ хааллылар. Викторина бүтэһигэр 11-тэр сыра-сылба бөҕөнөн очко аҥаарынан 10-тары кыайан үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Кылаастарын салайааччыта Нина Иннокентьевна оҕолорунааҕар ордук үөрдэ.
– Маладьыастар, син тугу эмит билэргитин көрдөрдүгүт, – диирин быыһыгар хамаандаҕа киирбит оҕолорго бука барыларыгар саха литературатыгар “биэһи” туруортуох буолан үөртэ.
Арай кылааһын үөрүүтүгэр Мила эрэ кыттыспат. Санаарҕаабыт баҕайы көрүҥнээх санньыччы туттан муннукка олорор. Сотору-сотору кыргыттара тиийэн санныттан кууһан кулгааҕар тугу эрэ сипсийбэхтииллэр.
үҥкүү саҕаланна. “Фабрика звезд” ырыаһыттара Пьер Нарцисс уонна Ираклий Пирцхалава ырыалара үҥкүүлүүр сааланы биир гына ылан кэбистэ. Оҕолор ис-истэриттэн ырыа алыбыгар ылларан, ким хайдах сөбүлүүрүнэн үҥкүүлээн бардылар. Миланы күүстэринэн үҥкүүгэ соһон киллэрдилэр. Нарыйа үҥкүүлээн тэйиэккэлии сылдьан, алҕас начальнай кылаас учууталыгар Ираида Ивановнаҕа кэтиллэ түстэ.
– Уой, бырастыы гыныҥ, – диирин истибэккэ, бэйэтин билбэт буола кыыһырбыт Борис Нарыйаны санныттан ылан тиэрэ садьыйбытыгар кыыс тэмтэрийэн тиийэн истиэнэҕэ саалынна.
11-с кылаас кыргыттара уолаттарынаан уордайан Борис үрдүгэр түстүлэр.
– Сааппаккын даҕаны, кыыһы анньыалыыгын?
– Оччо улааппыт буоллаххына, кулуупка баран үҥкүүлүөххүн.
– Учуутал ааттаах эрээри, үөрэнээччини кытта сылдьар.
– Бырастыы гыннарбытын үрдүнэн тоҕо илиигин көҥүл ыытаҕын? – онтон да атын кырыктаах тыллары кыргыттар харыстаабакка куттулар. Ираида Ивановна эргиллэ түһээт, учительскай диэки барда. Ордук Кеша, Нарыйа таайын уола, өрөһөлөннө. Биир бииргэ охсуһарга ыҥырда. Борис да хаалсыбат. “Тахсыах, кус сүрэх”, – дэһии бөҕө буоллулар. Учительскайтан дьуһуурунай учуутал иһэрин көрөн тохтоон үҥкүүлээбитэ буоллулар. Борис кыыһырбытыттан будьурхай хара баттаҕа өрө туран, кууркатын сиирэ-халты кэтэ-кэтэ үҥкүүлүү сылдьааччылары силэйэн, таһырдьаны былдьаста. Мила эрэйдээх бэл кубарыйан хаалла. Нарыйа айдааны таһааран үҥкүүлүүр баҕата ааһан, Мариналаах Миланы кучуйан, дьиэлэригэр барардыы таһырдьа таҕыстылар.
Кирилиэскэ ыга кыыһырбыт Борис табаахтыы туран, аан тыаһаабытыгар түргэн үлүгэрдик бөппүрүөскэтин кистии оҕуста, кыргыттары көрөн түҥнэри хайыһан кэбистэ.
– Таптал киһини тупсарар дииллэрэ сымыйа эбит. Иннин-кэннин билбэт буолуор диэри таптал илимигэр сөрөммүт киһибит көрдөххө эбии таҥнары түһэн иһэр, – тыллаах муҥутаан Нарыйа хотон хаалла.
– Тапталы икки хараҕа суох дииллэр. Харахтара бүөлэннэҕэ, – Марина да дьүөгэтиттэн хаалсыбакка суустаһан хаалла.
Кыргыттар кыһыйыахтарын иһин Борис эргиллэн да көрбөтө.
– Борис олус уларыйбыт. Кинини итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым, – Мила тэйэн баран дьэ саҥа таһаарда.
– Тапталыттан, кырдьык, икки хараҕа бүөлэммит. Оттон учууталбыт ааттаах оскуола оҕотун кытта олус да аһаҕастык сылдьыбатар… икки ыйы тулуйуо эбит, – Нарыйа күнүһүн ириэрэн баран, киэһээтин бөҕүөрэн эрэр хаары атаҕынан тэбиэлии турда. – Бүгүн мин табыллыбат күнүм эбит.
– Ол тугуҥ өссө табыллыбата? – Марина соһуйбуттуу көрөр.
– Эһээм улаханнык ыалдьыбыт. Улуус балыыһатыгар илтилэр. Ийэм барсыбыта. Ол иһин бүгүн оһохпун отуннум, хотоммун көрдүм.
– Оттон биэссэр киһи быһыытынан Нина Аркадьевна барсыан сөп буолбатах дуо? – Марина олох ымпыктаан-чымпыктаан, төрдүн түөрсэн, ыйытан тэйэр.
– Эһээм кинини кийиитинэн аахпат. Нэһилиэстибэ суругу ийэбэр суруйбут үһү. Эбээм тыыннааҕар инньэ диирэ. Ийэм аҕабын наһаа таптыыр буолан, эһээлээх эбээбэр төрөппүт кыыстарын курдук сыһыаннаһара. Аҕам төттөрү кэллэҕинэ киллэриэх да курдук. Биир бэйэм таҥнарбыт киһини саа тэбиитигэр да чугаһатыам суоҕа этэ, – диэт, дьүөгэтин тиэхэлээхтик көрөн кэбиспитигэр Мила саҥата суох мичээрдээн кэбистэ. – Биһиги аҕабыт таах ийэм бэлэмигэр олорбута. Билигин хайдах олороро эбитэ буолла? Нина Аркадьевна ийэм курдук барытын бэлэмнээн биэрэрин саарбахтыыбын. Ону билиэхпин наһаа баҕарабын. Марина биһиги ийэлэрбит олус маарыннаһар дьылҕалаахтар. Иккиэн тапталларыгар табыллыбатахтар уонна ол табыллыбатах тапталларыгар наһаа бэриниилээхтэр, – Нарыйа наҕыл баҕайытык кэпсиир.
– Чэ, дьиэбитигэр тарҕаһыаҕыҥ. Син биир таансылаан бүттүбүт, – Марина дьиэтигэр барардыы тэринэр.
– Ээ суох, биһиэхэ барыаҕыҥ, үүттээх хойуу кофе иһэ-иһэ ону-маны кэпсэтиэхпит. Ийэм син биир бүгүн кэлбэт. Эһээм тугун-ханныгын билэн баран биирдэ кэлиэҕэ, икки-үс хоноро буолуо. Машенькам эрэ баар, ол киһи компьютердыы олордоҕо, – Нарыйа ыҥырбытыгар кыргыттар үөрүүнэн барыстылар.
Нарыйалаах дьиэлэрэ атын дьиэлэртэн үрдүк, кыраһыабай көстүүлээх. Эһээлэрэ Уйбаан совхозка уһуннук тутуу прорабынан үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр уолугар аныгылыы тииптээх, дэриэбинэҕэ суох үчүгэй көстүүлээх дьиэни тутан дьэндэтэн биэрбитэ. Уһаайбаны төгүрүччү үрдүк хаптаһынынан олбуордаппыта. Ийэлэрэ уонтан тахса араас сэбирдэхтээх мастары олордубута, ол курдук, черешня, рябина, акация, боярышник, яблоня мастары олордон, сайынын кинилэр олбуордарыттан дьахталлар арахпаттар. Олордуу мастар ийэлэрин саамай киэн туттуута. Сайын ортото сибэккинэн силигилээн турдахтарына, көрөргө сүрдээх үчүгэй буолар. Чахчы, киһи хараҕын манньытар көстүү.
Машенька балачча тоҥсуйтаран баран ааны аста.
VI
Ираида Ивановна телевизор көрө-көрө тэтэрээт бэрэбиэркэлии олордо. Бүгүн саха тылыгар хонтуруолунай үлэ оҥорбуттара. Диктаннара ыарахан баҕайы эрээри, син суруйа сатаабыттар. “Икки” суох. Арай биир да “биэс” суоҕа хомотто. Дьиҥинэн, Маша “биэскэ” суруйуон сөп этэ. Сорудахтары толорууга саҥа чаастарын ситэ бара иликтэрэ билэр эбит. Тэтэрээт бэрэбиэркэлиирин быыһыгар телевизор диэки хараҕын быраҕан ылар. “үрдүк лига” диэн ааттаах наһаа үчүгэй концерт буола турар.
Бииргэ олорор кыыһа, биология учуутала, улуус киинигэр семинарга барбыта. Сотору кэлиэхтээх. Кинини күүтэн аһаабакка олорор. Анастасия Ивановна Мэҥэ-Хаҥаластан сылдьар. Былырыын уопсайга соҕотоҕун олорбут, тэһийбэккэбин эрэйдэммитим диир. Бөһүөлэккэ Уйбаанабыналар, Уйбаан кыргыттара диэн ааттыыллар. Өссө табыллан үчүгэйдик олоруохтарын, оскуола оҕотун иирдэн, нэһилиэккэ тыл-өс бөҕөтө тарҕанна. Ыал аайы киэһээҥҥи аһылык кинилэртэн саҕаланан эрдэҕэ. Кини быйыл 22-тин туолла, оттон Борис 18-һа эрэ. Дьиҥинэн, ити улахан арыттаах саас буолбатах. Дьахталлар кэргэннэриттэн уонча сыл аҕалара олоххо баар буолааччы, кимнээҕэр үчүгэйдик оҕолонон-урууланан ыал буолан олороллор. Сураҕа, Борис ийэтэ сөбүлүүр үһү. “Уолум үчүгэй, боччумнаах кыыска түбэспит, аҕата туох буолуой, холбоһоллоро буоллар уолбун тутуо этэ”, – диэн дьоҥҥо кэпсиирин Анастасия истибит. Борис киһи эрэ буоллар, ааспыт субуотаттан ыла кэлэ илик. Бүгүн сэрэдэ, кэлбэтэҕэ түөрт хоммут. Күн ахсын быыс булан кэлэн барара тохтоото. Кэлбэтин даҕаны. Бэйэтэ даҕаны сороҕор наһаалыыр. Кылааһын кыргыттарын кытта тоҕо иирсэ сатыырый? Оҕолоруттан биир сылынан аҕатынан өттөйөр. Киһи киһиргиирэ онно туох да суохха дылы. “Аны кэлимэ, киһи кыбыстыах, олус да итинник өрөһөлөммөтөх киһи… Нарыйа алҕас кэтиллибитин төһө эмэ көрөн бараҥҥын… Олус быыппастыгас эбиккин, төттөрүтүн киһини кыбыстыыга киллэрдиҥ”, – диэбитигэр кыыһыран баран хаалбыта. Оҕо оҕо курдук, куттаан муҥнанар. Бастакынан эйэлэһиэм суоҕа. Ол кэриэтин арахсарга тиийиллэр. Кырдьыгынан эттэххэ, кини Бориһы сөбүлүүрүнэн сөбүлүүр. Ол да иһин бу саныы олордоҕо. Түөрт күн көрбөтөҕөр суохтаата. Начальнай кылаастар туспа корпуска үөрэнэллэр, онон анаан көрсүспэтэхтэринэ төһө баҕарар көрсүһүмүөхтэрин сөп. Аны икки ыйынан ситии-хотуу аттестатын ылар. Онтон хайдах дьаһаналлар? Бастаан иккиэн үрдүк үөрэххэ киирэн баран, үөрэх министерствотын кытта дуогабардаһан хоту үлэлии барар санаалаахтара. Дьиҥинэн, кини оскуола үөрэнээччитин кытта таптаспатаҕа буоллар, бу оскуолатыгар өссө да үлэлиэх эбит. Сүрдээх үчүгэй оскуола уонна наһаа үчүгэй кылааска түбэстэ.
Ити курдук ону-маны эргитэ саныы олордоҕуна, дьиэлэрин таһыгар микроавтобус тыаһа тохтоото, ону кытта ааны тэлэччи аһан мичээрдээбитинэн Анастасия киирэн кэллэ.
– Хайа, соҕотоххун дуу? Борис кэлэ сылдьыбата дуо? – дьүөгэтэ күлэн үрүҥ тиистэрэ кэчигирээтилэр.
– Суох, кэлбэтин даҕаны. Хата, эн сонуҥҥун тоҕо тэбээн кэбис. Төһө үчүгэй оскуолаҕа сырыттыҥ? – Ираида остуолтан тэтэрээттэрин, учебниктарын хомуйа охсон, остуолун тарпытынан барар. Кыргыттар утарыта олорон наллаан кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаабытынан бардылар.
– Чахчы айымньылаахтык үлэлиир оскуолаҕа сырыттыбыт. Ордук оскуола материальнай базатын бөҕөргөтүүгэ элбэх үлэ барбытын сөхтүм. 2000 сылтан сылаас душевой, медицинскэй пуун, иистэнэр, уһанар сыахтар, спортзал, библиотека тутуллубут, биир тылынан эттэххэ, оҕо үөрэнэригэр бары усулуобуйа тэриллибит, – Анастасия сылдьыбыт оскуолатын чахчы астыммыт киһи быһыытынан кэпсиир.
– Саҥа таас оскуола дуо? – Ираида токкоолоһон ыйытар.
– Саҥатынан саҥа. Учууталларын сүрдээхтик үүннэрэр оскуола эбит дии санаатым, ол курдук, 54 учууталтан: Россия үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала – 1, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала – 2, РФ үөрэҕириитин туйгуна – 6, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна – 8, Учууталлар учууталлара – 2, “Саха-Азия оҕолоро” фонда стипендиаттара – 3, Саха Республикатын Президенин гранын хаһаайына – 1, 23 үрдүк категориялаах учууталлар үлэлииллэр. Үчүгэй буолбат дуо?
– Үчүгэй эбит. Биһиги да оскуолабытыгар ааттаах-суоллаах учууталлар элбэхтэр, – Ираида иннин биэриэн олох баҕарбат.
– Эн куоталаһа олорума ээ, мин билбиппин-көрбүппүн кэпсиибин дии. Библиотекалара баайын сөхтүм. Оскуола библиотекатын фондата – 6200 кинигэлээх, ол иһигэр 4400 учебник. Ааспыт үөрэх дьылыгар “Барҕарыы” национальнай фондатыттан 38 устуука “Аванта+” диэн оҕо энциклопедиятын бэлэх туппуттар.
– Үөрэҕирии саҥа ирдэбилинэн үлэлиир элбэх хайысхалаах оскуола тирэҕэ элбэх буоллаҕа.
– Бу кыыс туох буолбутай? Киһини сүгүн да кэпсэтиннэрбэт. Бористыын кыыһырсыбыккытыгар оскуола уонна мин хааппыла да саҕа буруйбут суох, – Анастасия мүчүҥнүү-мүчүҥнүү дьүөгэтин үөннээх баҕайытык көрүтэлээн ылар.
Террасаларыгар киһи киирэр тыаһын истэн кыргыттар чуумпура түһэллэр. Ааны тоҥсуйа түһээт, буруйдаммыт оҕо курдук туттан, Борис киирэн кэллэ. Кыргыттар уруккуларын курдук, күө-дьаа буолан, көрсүбэтилэр. Ираида хайыһан да көрбөтө, Анастасия иккиэннэрин кэпсэтиигэ тардаары, буолары-буолбаты кэпсээн көрдө да, дьоно тылларыттан матан олордулар. Онтон Ираида олох да остуолтан туран, тыастаах соҕустук хааман хоһугар киирэн хаалла. Борис саҥата суох тахсан барда.
– Эдэр киһини олус эрэйдиигин. Хата уолуҥ баран хаалаарай, – Анастасия сэрэнэ соҕус дьүөгэтин сэмэлиир.
– Эрдэ барбыта ордук. Сиртэн сэрбэйэ илигиттэн улаханнык санамматын, кыратык үөрэтэ түһэн биэрдэххэ туһалаах буолуо, —Ираида хостон тахсан иһит хомуйсубутунан барар.
– Ити туох буолан хоско киирэн хааллыҥ? Арааһа, бэйэҥ киниттэн итэҕэһэ суох таптал уотугар умайа сылдьаҕын быһыылаах. Өйдөө, чахчы таптыыр буоллаххына, тапталынан оонньоомо. Таптал – дьылҕа бэлэҕэ, дьоллоох эрэ киһиэхэ тиксэр дииллэр, – дьүөгэтэ санаатын этэ олорор.
– Оок-сиэ, “кырдьаҕаһы хааһахха уга сылдьан сүбэлэт” диэн маны этэн эрдэхтэрэ, – Ираида дьүөгэтин элэктиир.
– Оччоҕо санааҕар куустаран олор. Ол эрэн “санаа сүрэҕи, дьэбин тимири кэбийэр” диэни умнумаар, – Анастасията хаалсыбат.
VII
Марина бүгүн эбиэттэн киэһэ оскуолаҕа барбат буолан, стенкатын иһин быыллаан, сууйа-сото сылдьар. Бу сылдьан арааһы эргитэ саныырын таптыыр. Кэлин ордук аҕата буолуохсут туһунан элбэҕи толкуйдуур. Кини кимин-тугун билиэн баҕарара күүһүрэн иһэр. Бадаҕа, Иванов диэн араспаанньалаах үһү. Куоракка олорор дииллэр. Эбээтэ куттанар куттаныыта “аны алҕас бырааттаргар кэргэн тахсыаҥ” диэн буолбут. Ол аата, кинилэр киниттэн балыс буоллахтара. Ааспыт сырыыга “ийэҥ биирдэ эмэ хам-хаадьаа хантан эрэ сурук тутар” диэбитэ. Бүгүн сорук оҥостон ол суруктары булан ааҕар санаалаах.
Эбээтэ утуйа сытарынан туһанан хоско киирэн, суруктары көрдүүргэ быһаарынна. Шифоньеры барытын тоҕо сүргэйэн хомуйан киирэн барда. Саамай үөһээ бэргэһэ уурар полкаттан целлофан бакыакка кичэллээхтик угуллубут суруктары олус түргэнник булан бэйэтэ да соһуйда. Алта кэмбиэр. Бастакы сурук быһыылаах диэн саамай саһарбыт кэмбиэртэн саҕалаата. … Бүтэһик суругу ааҕан баран, кыыс туох эрэ кирдээххэ умньаммыт курдук сананна. Бу кирдээх суруктары ийэтэ кэлиэн иннинэ суох гынарга быһаарынна. Таһырдьа тахсан мас көтөҕөн киллэрэн, оһоҕун оттоору оҥоһунна. Эбээтэ айаккалаан-дьойокколоон туран олоппос аҕалан оһоххо көхсүнэн иттэ олордо.
– Тоҕо оһоххун эрдэ отуннуҥ? Биэс буолла дуо? – эмээхсин сөтөллөн хахсыйарын быыһыгар ыйытар.
– Бэйэм. Күөс күөстэнэр кэмэ чугаһаата буолбатах дуо? “Клон” оруобуна сэттэҕэ буолар. Ол саҕана аһыа этибит. Оттон эн тоҕо турдуҥ? Сыта түһүөххүн, – Марина эбээтигэр мэһэйдэтэн, оһоҕо умайан күүдэпчилэнэрин кытта туран, хоһугар киирэн хаалла. Суруктары халаатын сиэбиттэн ылан сыттыгын анныгар аста. Аҕалара буолуохсут ийэлэрин сырдык тапталын 18 сыл устата албынныы-түөкэйдии сылдьар эбит, ийэтэ тапталыттан икки хараҕын үүтэ бүөлэнэн эр киһи албын тапталын баччааҥҥа диэри сырдык ыра санаа оҥостон илдьэ сырыттаҕа. Ол киһибит иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыт, кинилэртэн уолаттардааҕын, олоҕор табыллыбатаҕын суланан суруйар. Бастакы кэргэниттэн сокуонунан арахсыбакка сылдьан, иккиһин кэргэннэммит. Аны кэлин ийэбин “кэл” диэн ыҥырар идэлэммит. Өссө икки оҕолоохпут буолбат дуо диэн соҥноммут. Тохтуо ээ, иитиэхтээҕэр хараҕар да көрбөккө сылдьан аҕа эҥин буолан күндүмсүйбэтин. Ийэтэ барахсан барытын сүрэҕинэн-быарынан ылынан, күн ахсын саҥатыттан-иҥэтиттэн матан, иинэн-хатан иһээхтиир. “Таптал хараҕа суох” дииллэрэ кырдьык буолан тахсар. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, агроном үөрэхтээх, Андрей Владимирович ийэлэрин оскуолаҕа бииргэ үөрэммит сылларыттан күн бүгүнүгэр диэри сөбүлүүр дииллэр. Олус сымнаҕас, үлэһит, киһи киэнэ кэрэмэһэ. “Андрейга кэргэн таҕыс. Сотору оҕолоруҥ улаатан барыахтара-кэлиэхтэрэ. Мин бу сиргэ букатын кэлбэтэҕим. Утарыта көрсөн олорон чэйдиир да киһиҥ суох буолуо, соҕотохсуйуоҥ. Холбосторгут, баҕар, оҕолонуоххут даҕаны”, – диэн эбээлэрэ бу кыһыны быһа ньаҥсыйда. Марина ону өһүргэнэ истэрэ, билигин суруктары ааҕан баран, ийэтэ дьахтар быһыытынан дьоло суоҕун оҕолуу дууһатынан өйдөөтө. Ийэтэ эрэйдээх кинини таптыыр киһилиин өйөһөн-убаһан хойутаан да буоллар дьоллоохтук олороро тоҕо табыллыбатый? Дьиҥинэн, кини олох эдэр ээ. 19-гар оҕолонор, Марина 17-тэ. Оччоҕо ийэтэ 36-та эрэ буолан тахсар. Дьахтар үйэтэ кылгас дииллэр. Билигин кэргэн тахсыбатаҕына, кырдьык хойутуур. Санаатыгар буолан хоһун аана аһыллыбытын истибэккэ хаалла, эбээтэ атаҕын тыаһа сырдырҕаан кэлбитигэр соһуйан хаалла.
– Бу тугу гынаҕын? Туох суруктарын ааҕаҕын? – эбээтэ доппуруостаан киирэн барда.
– Ээ суох… Уруокпун ааҕабын, – диэт, Марина түргэн баҕайытык суруктарын кум-хам тутан сыттыгын анныгар анньыталыы сатаата. Биир суругу муостаҕа мүччү туппутун эбээтэ ыла охсон түннүк аттыгар тиийэн ааҕан кыҥастаста.
– Хайыы… Ийэҕэр кэлбит сурук эбит буолбат дуо? Тоҕо атын дьоҥҥо аадырыстаммыт суругу ааҕаҕын? Сааппаккын даҕаны, киһи эрэммэт киһитэ эбиккин дии. Били күөс өрүөх курдук буолбутуҥ дии, ол гынан баран манна киирэн атын дьон суругун ааҕа сытар эбиккин дуу? – эбээтэ бэрт кытаанах куолаһынан сэмэлээн барда.
– Эбээ, туохтан саатыахтаахпыный? Ийэм бачча сааһыгар диэри таптал кулута буола сылдьара үчүгэй үһү дуо? – кыыс эбээтигэр хардарсарга сананна.
– “Таптал кулута” диэн тугу-тугу туойаҕыный?
– Оттон ол киһи 18-таах кыыс таптаабытынан туһанан кэргэн ылбат эрээри оҕолоон кэбиспитэ сөп үһү дуо? Бу суруктарга “таптыыбын, холбоһуохпут” диэн суруйар, оттон ыал буолаары гыннаҕына, тоҕо эрэ атын дьахтары кэргэн ылар. Тыла барыта сымыйа!
– Ону эн быһаарыаҥ суоҕа, ылбыт миэстэҕэр төттөрү уур. Билигин ийэҥ кэлиэ, кыыһыран сордонуо, бэйэтэ да ол киһини күүтэн сүүрбэччэ сыл түүл-бит курдук олорор. Кини ыҥырыа эрэ кэрэх, ханна баҕарар барсыах курдук, – эбээтэ кыыһын мөҕүттэр. – Мин баар буоламмын ыал буолан олоробут. Эрдэ өлөн хаалан сиэннэрбин тулаайахсытыам диэн куттана саныырым, оттон аны билигин санаам бөҕөх, оҕом эн улааттыҥ, бырааккын Митяны атаҕар туруорарга көмөлөһүөҥ буоллаҕа дии. Күн сиригэр биирдэ бэриллэр олоххо наар биир киһини санаа баҕата оҥостон олох олорор диэни олус бэркиһии көрөбүн. Кырдьык, эн этэриҥ курдук “таптал кулута” диэн итини этэн эрдэхтэрэ дуу. Биһиги эһээҕинээн икки өттүттэн сөбүлэһэн ыал буолбуппут да, олус таптал уотунан умайбыппытын өйдөөбөппүн. Итинник диэн…
– Чэ эбээ, бүтүөххэ. Эйиигин собуоттуохха эрэ кэрэх, аны туох да тохтоппот, – кыыс эбээтин быһа түһэр. – Бу суруктары ийэм кэлиэн иннинэ уоттуохпун баҕарбытым, аны хайыыбын?
– Кэбиис, уоттаама… Киһи дууһатын уоттаабыт курдук буолуоҥ. Ол иһин дьаһалымсыйан оһох оттубут эбиккин дии… – эмээхсин аны кырдьык уоттуо диэн куттанан, суруктары сиэниттэн ыла охсоору орон диэки харбыалаһан истэҕинэ, кыыс өрүсүһэн сыттыгын анныттан ылан кум-хам тутан халаатын сиэбигэр анньыталаата. Эмээхсин кураанах салгыны эрэ харбыалаһан хаалла.
– Көр, эбээ, 20-чэ сыл устата баара-суоҕа алта сурук, олус да бу суруктарынан олорботор. Оттон биһиги, алҕас күн сиригэр баар буолбут оҕолор, дьылҕабытыгар ким кыһанарый? Аҕабыт буолуохсут биһиги баарбытыгар-суохпутугар олох наадыйбат, бу суруктарга ахтан да ааспатах. Оттон ийэбит бу киһийдэх хаһан ыҥырарын кэлтэй кэтээн олоҕун бараан эрэр. Бирээмэ кинилэр тапталларын туһунан поэма суруйуохха сөп, – кыыс кыһыйан-абаран кытаанахтык саҥарталаан баран, хоһун аанын тэлэччи аһан саалаҕа биирдэ баар буолаат, соһуйан, бэл кэннинэн чугуруҥнаата. Ийэтэ тас таҥаһын устубакка, сирэйэ кубарыйыаҕынан кубарыйан баран саала ортотугар турар, дьонун саҥатын истибит быһыылаах. Кэнниттэн эбээтэ эмиэ мөҕүттэ-мөҕүттэ тахсан иһэн кыыһын көрөн тэпсэҥнээмэхтээн ылла. Марина киһи эрэ буоллар, ийэтиттэн салла санаата, халаатын сиэбиттэн суруктары ылан остуолга уурталаата.
– Быһаарыммытыҥ курдук оҥор, умат, – бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах ийэтэ быһыта баттаан саҥараат, хоһугар киирэн аанын лип гына сабан кэбистэ.
– Хайыыбыт? – Марина көмө эрэйэрдии эбээтин диэки хайыста.
– Умат, уматаары бэркэ өрөһөлөммүтүҥ дии уонна ол өйө-төйө суох киһи суруйбут суруктара биһиэхэ сүүрбэччэ сылы быһа кэриэс буола сырыттаҕай, – эмээхсин кыыһыгар иһитиннэрээри соруйан улаханнык саҥара-саҥара күөс бэлэмнээри иһити-хомуоһу тыаһаппытынан барда.
Ити кэмҥэ Елена сыттыгын түөһүгэр ыга кууһан дьиэтин өһүөтүн одуулаһа сытта. Кини дьоно кэпсэтэллэрин барытын истибитэ. Кырдьык, кыыһа эппитинии кини сүүрбэччэ сыл “таптал кулута” буолла. Григорийы кытта куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Уол университекка тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар зоотехник идэтигэр үөрэнэрэ. Таптыыр курдуга. “Кэргэн таҕыс” диэн хаайара. Елена оҕо эрдэҕиттэн кытаанах иитиилээҕэ. “Кэргэнэ суох оҕолонуу – саат-суут, бэйэҥ да ааккын-суолгун, аймах да аатын-суолун үйэлэргэ киртитии буолар. Биһиги аймахха кыыһынан оҕоломмут суох”, – диэн ийэтин мээритэ кыыс өйүгэр-санаатыгар кытаанахтык иҥэн хаалбыта уоллаах кыыс сыһыаннарыгар улахан мэһэйдэри үөскэппитэ. Елена уолу олох чугаһаппатаҕа. Оттон Григорий сымала курдук сыстан баран арахпатаҕа. “Төрөппүттэрим сөбүлээтэхтэринэ эрэ холбоһуохпут” диэбитигэр, “хайаан да сөбүлэҥнэрин ылан тэйиэм” диэн ааттаан саас биир субуотаҕа батыһан тахсыбыта. Дьоно соһуйбуттара ахан. Ыйыталаһан уол төрдүн-ууһун истэн баран, олох сөбүлээбэтэхтэрэ…
Елена олоҕо сатаммат быатыгар, төрөппүттэрин тылыттан тахсыбат бэйэтэ, дьонуттан “хомойбут” аатыран өсөһөн турбута. “Хайаан да кэргэн тахсабын, ол эһиги урут-хойут ыалгытын кытта сатаспатаххытыгар биһиги тапталбыт буруйа суох” диэн баран уолу кытта барсан хаалбыта. Григорий дьиэтигэр илпитэ… Сарсыныгар туох да буолбатаҕын курдук уопсайыгар илдьэн биэрбитэ. Бу күнтэн ыла киниэхэ ыарахан күннэр үүммүттэрэ. Күн-түүн күүтэр диэн тугун манна билбитэ. Кыргыттара “һуу-һаа” дэһэр бэйэлэрэ олох да тылларыттан маппыттара. Арай биир кыыс кырдьыгынан: “Ол иһин олус кытаанаҕыҥ, кэһэтэ түһэргэ сананнаҕа. Уолаттар бары итинниктэр, бастаан тапталга хайдах да билиниэхтэрин билбэттэр, онтон олох да сүтэн хаалаллар. Өссө истээр били “Девчата” киинэҕэ курдук, уолаттары кытта сакалааттаспыт да буоллаҕына көҥүлэ”.
Григорий биирдэ эмэ кэллэҕинэ, “долгуйума, холбоһуохпут” диэн уоскутара. Ол эрээри бириэмэ аастар ааһан испитэ. Устунан уол кэлин дьиэтигэр да ыҥырбат буолбута. Кыыс сүрэҕинэн-быарынан таайан, буолаары буолан ыарахан дойдутугар төннөн тахсыбыта. Дьоно хомойбуттарын иһин хайыахтарай, кыыстарын аһынан саҥарбатахтара.
Сотору Григорий ыал буолбутун истибитэ… Оттон билигин иккис кэргэниттэн арахсан олорор, кэлин табыллыбатах олоҕун туһунан суланан-суҥхаран сурук суруйар идэлэммитэ. “Сыыспыппын, эн эрэ миигин таптыыргын дьэ өйдөөтүм, көрсүһүөхпүн баҕарабын” диэн тылламмыта. Бастакы кэргэниттэн арахсаат, бэл биирдэ кэлэн барбыта. Ол түмүгэр уола Митя төрөөбүтэ. 18 сыл устата иккитэ кэргэннэннэ, үсүһүн да кэргэн ылар баҕалаах буолуохтаах, ол эрээри тоҕо эрэ кинини кэргэн ыҥырбат. Оттон кини бу сыллар тухары олус эрэнэ күүттэ… Баара-суоҕа алта сурукка албыннатан… Кэнэн да сордоохпун. Дьиҥинэн, кинини да таптыыллара, сэргииллэрэ. Ама Андрей Владимирович дьахтар сирэр киһитэ үһү дуо?! Тас көстүүтүнэн, толуу көрүҥүнэн ханнык баҕарар дьахтар кутун-сүрүн тутар кыахтаах, оттон сиэр-майгы өттүнэн Григорийтан таһыччы атын киһи. Ону баара Елена сааһын тухары кинини киһи диэбэтэх оҕолорун аҕаларын үҥэр-сүктэр таҥара оҥостон олорор. Тугун сүрэй!? Даа… Сөбүн бачча сааспар диэри “таптал кулута” буолан олордум. Кыыһым сөпкө этэр. Быһыыта, суруктары уматта быһыылаах. Чэ, уматтын. Сүүрбэччэ сыл устата сыымайдаммыт суруктар умайдахтара…
Аан аһыллар тыаһын истэн санаатын ситимэ быстан хаалла. Кыыһа Марина ийэтин сирэйин-хараҕын одуулаабытынан киирэн кэлбитигэр, “манна олор” диэн бэйэтин таһыгар оронун таптайда. Ийэлээх кыыс саҥата суох куустуһа түстүлэр, Елена уйадыйан хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ…
VIII
Телефон тохтуу-тохтуу тыаһыырын уутун быыһынан истэн, Нарыйа төһө да сылаас оронуттан туруон баҕарбатар туран, туруупканы ылла.
– Алло… – уутун быыһынан эппиэттээтэ.
– Алло! Нарыйа, турдуҥ дуо! Олус да уһуннук туруупканы ылбаккын! – диэн ийэтэ сэмэлиир саҥата провод нөҥүө иһилиннэ.
– Эһээ хайдаҕый? – кыыс дьааһыйарын быыһыгар ыйытта.
– Син соҕус. Бүгүн төннүөм этэ, биир эмэ массыына киирэр дуо?
– Хамнаска киирэллэр быһыылаах. Бэҕэһээ учууталлар инньэ диэн эрэллэрэ.
– Чэ үчүгэй эбит. Оһоххун оттон хотоҥҥор түргэнник таҕыс, үөрэххэр хойутуоҥ, – ийэтин саҥата аттыгар баардыы иһиллэр.
– Сөп, ийээ, – Нарыйа туруупканы уурда.
Ийэтэ ити улуус кииниттэн Бороҕонтон эрийэр, эһээтин ыарыылыы барбыта үс хонно, утуйан хаалыа диэн сарсыарда аайы алта чааска эрийэн уһугуннарар. Ханна эмэ бардаҕына ити идэтэ. Эбээлэрэ өлүөҕүттэн сүөһүлэрэ кинилэргэ турар. Барыта холбоон уон икки сүөһүлээхтэр, онтон биэһэ ыанар ынах. Хата төрүү илик буолан абыраатылар. Ийэтэ төрүүллэрэ чугаһаата диэн аҕыйах хонуктааҕыта ыырын тохтоппута. Отторун-мастарын барытын бэйэлэрэ дьаһанан олороллор. Аҕалара кинилэрдиин да олорор эрдэҕинэ, күнү быһа дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сытарын туохтааҕар да ордороро. Бэйэтэ атаах оҕо курдук этэ. Быһыыта, ийэтэ сиэрэ суох атаахтаппытын түмүгэр аҕалара атын дьахтарга иирэн бардаҕа. Дьахталлар кэпсииллэринэн, Нина Аркадьевна кинини биир муостанан хаамтарар үһү, бэл дьиэ үлэтин барытын гынар дииллэр. Күөс буһара, дьиэ сууйа сылдьарын көрбүт киһи, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Биһиэхэ талбытынан таалалаабытын суохтаатаҕа буолуо. Чэ кэһэйэн эрдин.
Нарыйа хаһан оһоҕун оттон, хотонтон киириэр диэри чаас ырааппыт, хайыы-үйэ аҕыс чааһы ааһан эрэр. Балта оскуолатыгар бараары турар.
– Тоҕо бачча эрдэлээтиҥ, аһаатыҥ дуо? – эдьиий киһи быһыытынан балтын дьаһайбыта буолла.
– Эдьиий, ийэм бүгүн кэлэр дуо? – Маша сүрдээх астыммыт куолаһынан чаҕаарда.
– Кэлэн, эһээбит арыый буолбут үһү. Ол гынан баран понедельникка эмиэ төттөрү барара буолуо.
– Бүгүн дискотека буолара буолуо дуо? – балта ыйыталаһар.
– Бэҕэһээ буолар диэбиттэрэ. Чэ кытаат, оскуолаҕар тэбин. Мин иккис уруокка тиийиэм, бастакы французскай, онно барбаппын, – Нарыйа сууна туран кэпсиир.
– Оттон мин французскайы сөбүлүүбүн ээ, эн тоҕо абааһы көрөҕүнүй? – Машенька интэриэһиргиир.
– Миэхэ французскай наадата суох. Мин математикалаах, физикалаах үөрэххэ киирэбин. Саатар, английскай эбитэ буоллар син даҕаны. Билигин туох саҥа барыта английскайдыы буолбутун кэннэ, тоҕо биһиги оскуолабытыгар французскай тылы үөрэтэллэрэ буолла? үөрэххэ да киирдэхпинэ, син биир английскайы саҥа саҕалааччыларга киирэбин. Оччоҕо билигин тоҕо французскайы үөрэтэн сордонуохтаахпыный? Күн аайы нойосуус үөһэ нойосуус.
– Чэ, мин бардым, – балта ааны тэлэччи аһан тахсан барар.
“Ийэм бүгүн кэлэр, хата хотон көрөн бүтэбин” диэн Нарыйа иһигэр үөрэ саныы-саныы, сиэркилэ иннигэр араастаан киэмсийэ туттан имиллэҥнээт, дьиэтин сууйаары биэдэрэҕэ уу кутунна. Билигин муостатын кылбаччы сотоот, оскуолатыгар тэбиниэ.
Убайа үөрэххэ киириэҕиттэн, ийэтэ онно-манна кэллэҕинэ-бардаҕына хотону Нарыйа көрөр буолла. Убайа отторун-мастарын, муустарын бэлэмниир. “Куһаҕан эмиэ да үчүгэйдээх, бу оҕолор аҕалара суох буолан туох баар үлэни барытын сатыыр буоллулар” диэн дьон кэпсэтэллэр үһү. Аҕалара баарына да дьиэҕэ туох да улахан көмөтө суох киһитин дьон хантан билиэҕэй.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.