Текст книги "Таптал баар буолан"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 8 страниц)
– Оттон Уйбаан ийэҕэр сыһыана хайдаҕый?
– Ээ, мин киһим көнөтө диэн. Мас көнө диэн кинини этэн эрдэхтэрэ буолуо. Ол мин ийэм кыҥкыйыгар олох да наадыйбат. Ону баара, ийэм куораттааҕы күтүөтүн эмиэ ахсарбат. Улахан начаалынньык оҥоруон баҕарар быһыылаах, кыах суоҕун хайыаххыный… Мин Уйбааным “уол оҕо төрөөммүн орто дойдуга тугу оҥоруохтаахпын барытын толордум диэн тыллаах. Дьиэ туттум, мас олортум, уол оҕо төрөттүм уонна өссө туох нааданый” диэн ийэбин хаадьылыыр. Чэ, кыргыттар, мин барыым. Оонньуута суох наһаа хойутаатым, – диэн баран Афанасьевна түргэн үлүгэрдик ойон туран тахсан барда.
– Анябыт наһаа дьоллоох дьахтар. Уйбаана Анятын иннигэр-кэннигэр түһэн, тугу гынабын дии сылдьар киһи. Хайдах да гыныан булбат. Дьиэтигэр королева, олох бэлэмҥэ сылдьар. Ол иһин ити үлэтин даҕаны кыайар уонна кырдьыбат даҕаны. Кыыс оҕо курдук кынтаһыйар.
– Эн даҕаны дьоло суох дьахтар үһүгүн дуо? үс оҕолооххун, онтон ордук дьол баарын билбэппин, – Лариса тыл быктарар.
– Ээ суох, Лариса, оҕо туһа туспа. Мин санаабар, дьахтарга таптыыр доҕоро, эрэллээх эркинэ эр киһи аттыгар баар буоллаҕына толору дьоллоох буолар. Мин Николайым биһигиттэн букатыннаахтык арахсан атын улууска олохсуйа барбытыттан үөрбэтим чахчы. Саатар, ыраахтан даҕаны көрө сырыттахпына дьоллонор курдук этим. Таптал диэн оннук эбит. Мин аҥардастыы да таптыырбыттан дьоллоох буолан тахсабын дии. Оттон оҕолорум өйдөөбөттөр, дьиэбэр саҥардыбаттар. Мин кинилэри баалаабаппын, оҕолоро бэрт буоллаҕа. Онон дьүөгэбэр кэпсээн тыыммын таһаарабын, доҕоор, – диэн Алексеевна өрө тыынна. – Арба, өссө биир сонуннаахпын ээ. Елена Андрей Владимировичтыын холбоспуттар, эбээ Настаа үөрүү-көтүү бөҕө үһү.
– Хайыы, наһаа үчүгэй сонуну кэпсээбэккэ олорбут эбиккин дии, – Лариса үөрэ түһэр.
XXVI
Лариса Сергейин кэтит көхсүгэр сыста сытан нухарыйа быһыытыйда. Кини маннык сытарын сөбүлүүр. Арай бу сытан, ханна эрэ ырааттар ыраатан барарга дылы гынна… Дьиэҕэ ким да суох, соҕотохпун дии саныыр. Терраса аана тыаһаата… Атах тыаһа кини диэки иһэр… Оо, эчи ынырыгын! Ити ким эрэ буолла? Онтон Лариса эмискэ баттата сытарын өйдөөтө. Уһуктубут киһи баар ини. Атах тыаһа оронугар чугаһаата. Этэ тардан, сиһин ороҕунан тымныы салгын “дьар” гынар. … Ыҥырҕаан, ыҥыранан киирэн барда. Сергей тоҕо уһугуннарбатый?
– Лариса, уһугун эрэ… – Сергей санныттан тардыалаабытыгар уһуктан кэллэ.
– «уу… Кэлин олох түлэй-балай утуйар буолан наһаа да эрэйдэнэн эрэбин… – Лариса уоскуйа сатыы олордо.
– Куоракка балыыһаҕа киириэҥ этэ. Хомунан сарсын барыахха, эмп-томп, эмчиттэр баар сирдэригэр, – дьахтара куттаммыта Сергейгэ кытта бэрилиннэ быһыылаах. Тоҕо эрэ куолаһа тыҥаан ылла.
– Чэ бээ, билигин да эрдэ ээ… Ый бүтүүтэ оҕолонуохтаахпын дии. Онно эрдэ киирэн тэһийбэккэ иэдэйэр буоллаҕым дии. Уонна оттон аттыбар эн баар буоллаххына, ордук бөҕөхтүк сананабын, – Лариса доҕорун диэки эйэҕэс баҕайытык көрө-көрө куоракка эрдэ кииримээри утарылаһар.
– Мин уоппуска ылан бииргэ киирсиэм буоллаҕа. Куһаҕаны олох санаама, барыта этэҥҥэ буолуо. Эн биһикки куруук бииргэ буолуохпут. Үйэбит тухары. Оннук буолбат дуо, доҕоччуок, – Лариса доҕорун истиҥ куолаһын истэн, уоскуйа быһыытыйан, кумуччу туттан доҕоругар ыга сыстан утуйардыы оҥоһунна. Кини иһигэр баар оҕотун тоҕо эрэ уол буолуо диэн эрэх-турах саныыр. Оччоҕо бу үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит ыарыыттан бу уол оҕо босхолуоҕа. Кини онно тоҕо эрэ наһаа эрэнэр. Эмиэ нухарыйыах курдук буолан истэҕинэ, улам хараҕа сабыллан, ыас хараҥаҕа тимис гынан иһэн эмиэ бэйэтин дьиэтигэр баар буолан хаалла. Ийэтэ барахсан үгэһинэн куттаммыттыы туттан, кыра, хатыҥыр бэйэтэ бөкдьөллөн, оһоҕор өйөнөн олорон, халыҥ наскы баайан испииссэтэ элэҥниир. Ийэтэ барахсан… Кыыһын харыстаан, сүүрбэ сэттэ сыл соҕотоҕун олорбут олоҕун устата, бэл түүлүгэр киирбэтэх бэйэтэ, дьиэтиттэн хаһан да барбатах киһилии кэлэн олороохтуур. Оҕотун көрөн үөрэн сэгэс гынна, ойон туран кууһан ылыахтыы чугаһаан иһэн кэннинэн чугуруҥнаамахтаата.
– «ыллы, хайа, кэллиҥ дуо? Били… кырдьаҕас кэлэн барда. Эбээҕэр кыыһырар. Нэһиилэ барда. Эн бар… Манна хаһан да кэлимэ… Аны эбээҥ тиийэн кэлиэ диэн куттанабын, – дии-дии куттаммыттыы аан диэки көрө-көрө титирэс куолаһынан сибигинэйбэхтээтэ.
– Ханна, ийээ? – Лариса күндү киһитин кууһан ылыахтыы иннин диэки атыллаата.
– Суох-суох… Бар-бар… – ийэтэ илиитинэн бокуойа суох сапсыйбахтаата, киниттэн улам тэйдэр-тэйэн ыраатан барда.
Лариса ийэтин кэнниттэн батыһыахтыы тутунна, иннин диэки хас да атылы оҥоруох курдук гынан иһэн сиһэ уот аһый гынна. Айыкка! Сиһин быһа курбуулаабыт курдук күүстээх ыарыыттан уһуктан кэллэ. Сиһэ синньигэс биилин туһунан ыарыыта сүрдээх. Сотору ааһар ини диэн, Сергейин уһугуннарымаары, эҥин араастаан эргийэн-урбайан сыта сатаата да, ыарыыта ааһыах быһыыта суох, хата эбии күүһүрэргэ дылы гынна. Талыыта киирэн эрэрин таайан, куттанан, иһин имэринэ-имэринэ “һыллы, эрдэ этэ буолбат дуо, ийэҕин куттаамарыый” диэн ботугураан көрдө да, хантан ааһыаҕай. Хата, аны иһин түгэҕинэн ыарыыта саҕаланна.
Балысхан ыарыыттан өй-мэй барарын быыһыгар Сергей телефоҥҥа кимниин эрэ кэпсэтэр ыксаабыт саҥатын иһиттэ…
– Лариса, тулуйа сатаа, билигин Афанасьевналаах массыынанан кэлиэхтэрэ, балыыһаҕа Мария Константиновналаах күүтэллэр, бу таҥаскын аҕаллым, таҥна тур, – кэргэнин холку куолаһын истэн, Лариса уоскуйа быһыытыйда. Ыарыытын тулуйа сатыы-сатыы таҥныбыта буолла.
Массыына кэлбитигэр бары “һуу-һаа” буолан олорбуттарын, Уйбаан олус ыксаан олбуору тоҕо көтө сыһан мөҕүллүбүтүн, балыыһаҕа тиийбитин үдүк-бадык курдук өйдүүр. Онтон эмиэ өй-мэй барда.
Сүүрүү-көтүү быыһыгар “бэйэтэ сатаан оҕолонуо суох, эппэрээссийэҕэ бэлэмнээҥ” диэн буолла. Сергейтэн сөбүлэҥин ыйыта сатаатылар да, киһилэрэ олох дөйөн хаалбыт курдук олорор.
Сотору соҕус “Суһал көмөнөн” гинеколог, хирург тиийэн кэллилэр. Сергей, дьүөгэлэрэ даҕаны кинилэри көрөн эрэх-турах сананан арыый сэргэхсийдилэр. Сергей көрүдүөр уһугуттан биир уһугар диэри төттөрү-таары хаам да хаам буолбутугар таһырдьа тахсан күүт диэн үүрэн таһаардылар. Таһырдьа ыаһыран түһэн эчи чуумпутун, киһи кута-сүрэ тохтуо суох айылаах. Дэриэбинэ утуйан, дьиэлэр ыйдаҥалаах түүн күлүгүрэн, улаата багдайан лүҥкүрэн көстөллөр. Сергей кыраһалаабыт хаар кылабачыйар кыырпахтарынан ыспахтыырын аахайбатахтыы көрөн турда. Оо дьэ, кини Ларисатын тылын истибэккэ, эрдэ куоракка киллэрэн кэбиспитэ буоллар, аны кэлэн билигин кэмсиммитин иһин хайыай. Билигин маҥан халааттаах аанньалларга эрэ эрэнэригэр тиийэр. Ларисам сордоох уот абытайга сытаахтаатаҕа дии. Саатар атын дьахталлар курдук хаһыытаан-ыһыытаан аймаммат буоллаҕа… Баҕар, арыый чэпчиэ этэ… Хараҕа Ларисата сытар хоһун түннүгүн диэки бара турар. Ол туран соторутааҕыта доҕорунаан биир ыарахан баҕайы кэпсэтиилэрин өйдөөн кэллэ. Лариса уу-чуумпутук олорон эрэ, идэтинэн суһуоҕун имигэс баҕайытык имэрийэ олорон, кини диэки көрбөккө, аргыый аҕай киһи күүппэтэх тылларын эппитэ: “Сергей, табыллыбатахпытына, олус айманымаар. Дьылҕабыт оннук буоллаҕа. Оттон … кыыс буоллаҕына, эрэйдэнимээр, детдомҥа туттаран кэбиһээр… Уол буоллаҕына, хайдах эмэ иитэриҥ буоллар…” Сергей соһуйан тылыттан маппыта. Онтон өйдөнөн: “Лариса, туоҕум диэн итинник тыллаһа олороҕунуй? Эчи сүрүн… Барыта үчүгэй буолуо… Бачча сыллар тухары … ол иһин эрэйдэммиппит дуо? Дьылҕабыт көрөн турара буолуо… түҥнэри хайыспатар ханнык…”, – диэн эр киһилии кытаанахтык, эрэмньилээхтик этэн кэбиспитэ. Лариса буруйданан мух-мах барбыта: “Ээ, чэ бырастыы гын, ити бэйэм… таах саҥаран кэбистим”, – диэхтээбитэ.
Сергей төһө өр турбута буолла, биллэ дьагдьайан барда. Туох эмит саҥа-иҥэ иһиллээрэй диэн чочумча буола-буола аан аттыгар баран иһиллээн көрөр да, туох да биллибэт. Ытырыктатыах санаата кэлэр эрээри, улуустан кэлбит маҥан халааттаах аанньалларга уонна олохтоох бырааска эрэнэ саныыра баһыйар. Онтон куһаҕан санаатын киэр кыйдыы сатаан, Лариса киниэхэ тапталын билиммит күнүн бу баардыы өйдөөн кэллэ.
Атырдьах ыйыгар Ларисатын улуус балыыһатыттан таһааран иһэн “Таптал ырааһыйатыгар” тохтообуттара. Күөх солконон сууламмыт хатыҥнар тастарыгар олорон истиҥник кэпсэппиттэрэ.
– Лариса, оҕо күүтэрбитин тоҕо миэхэ эппэтэххиний? – Сергей тапталлааҕын уһун суһуоҕун имэрийэ-имэрийэ эйэҕэстик ыйыппыта.
– Хайдах эйиигиттэн кистиэхпиний, бастаан бэйэм итэҕэйбэтэҕим, чахчытын билэн эрэ баран өссө төгүл кэтэнэн көрөн баран этэр санаалааҕым. Ол эрээри… онно күүһүм тиийбэтэҕэ, доруобуйам мөлтөөн биэрбитэ, – Лариса буруйдаммыттыы мичээрдээбитэ.
– Дьылҕа-хаан биһиги тапталбытын холбоон, ааппытын ааттатар күндүттэн күдү кырачаан киһини бэлэхтииргэ санаммыта, ама, онтон ордук дьол баар үһү дуо, доҕоччуок, – Сергей доҕорун кууһан бэйэтигэр сэрэнэн сыһыары тарпытыгар Лариса кини санныгар эрэллээхтик төбөтүн уурбута.
– Сергей… мин эйигин олус… олус күүскэ таптыыбын, – Лариса үйэтигэр аан бастаан саҥа таһааран тапталыгар билиммитэ. – Эн миигин толору дьоллоотуҥ. Эн тапталгыттан мин киһи буоллум, – диирин быыһыгар кини будьурхай баттаҕын сымнаҕастык имэрийэн ылбыта…
Ити күнтэн ыла кинилэртэн ордук дьоллоох дьон күн күн сиригэр суох курдуга. Оттон билигин Ларисата өлөр-тиллэр икки ардыгар сытаахтаатаҕа…
Ол эрээри эрэл кыыма киһи тыыннааҕын тухары баар. Киһи хаһан баҕарар олоххо эрэл кыымынан кытаахтаһан олорор… Олохтон үчүгэйи эрэ күүтүөххэ наада.
Дьэ күүтэн-күүтэн илистибитин кэннэ аан аһыллар тыаһа иһилиннэ. Ааҥҥа Анна Афанасьевна көстөн, илиитинэн сапсыйан ыҥыраат, иһирдьэ киирэн хаалла. Сергей хайдах эрэ онтон эрэх-турах сананна. Ойон туран, үрдүк кирилиэһи өрө сүүрэн таҕыста. Балыыһаҕа киирээтин кытта, утары икки Анялар үөрэн чаҕылыйбыт сирэйдээх тиийэн кэллилэр. Эр киһи сүрэҕэ эмискэ күүскэ тэбэрин аһарына сатыы-сатыы саҥата суох ыйытардыы дьахталлар диэки көрөн турда.
– Сергей, эҕэрдэлиибит! Ларисаҥ быыһанна! Барыта этэҥҥэ! – дьахталлар бэйэлэрэ да үөрэннэр хайдах да буолуохтарын билбэт буолбуттар. – Сергей, чэ, палаатаҕа киирэ сырыт. Лариса сэниэтэ эстэн системаҕа сытаахтыыр. Онон аһара долгутума, – дии-дии маҥан халаат кэтэригэр көмөлөстүлэр. Сергей дьахталлары батыһан палаатаҕа киирдэ. Ларисата үрүҥ кумааҕы курдук кубарыйан баран, хараҕын быһа симэн сытар. Онтон доҕоро илиитин ытыһыгар холбуу туппутугар кыламана ибир гынна. Хараҕын көрөн кэллэ уонна сэниэтэ суоҕунан мичээрдээтэ.
– Сергей, көр, бухатыыргын! – Мария Константиновна саҥатын истэн өрө көрө түстэ. Сиэстэрэ кыыс сип-сибилигин төрөөбүт уу кыһыл оҕону көтөҕөн турар эбит.
– Чахчы бухатыыр! Биэс киилэлээх. Бэйэҥ курдук будьурхай баттахтаах. Хайа, хайдахпытый? – дии-дии Мария Константиновна кыракый киһини ылан, Сергейгэ көтөхтөрөн кэбистэ. Оҕо аҕата көтөхпүтүгэр, саҥа таһааран ытаан бэбээрэ түспүтүгэр дьон күлсэн тоҕо барда. Сергей үөрүүтүттэн ыгыллан кэлбит хараҕын уутун илиитинэн туора сотунна. Кыракый киһитин сэрэнэн сүүһүттэн сыллаан ылла. Онтон дьолломмут харахтарынан Ларисатын диэки махтаммыттыы көрдө:
– Чыычааҕым оҕотоо, бухатыыры төрөппүккүн! Көрөҕүн, чахчы бухатыыр! Баһыыба, доҕоччуок! Миигин дьоллоотуҥ! – дии-дии оҕотун суутун өһүллэ, онуоха уолчааннара илиитинэн тарбачыһа-тарбачыһа, атаҕынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаан эһиэхэйдэннэ.
Олох салҕанар…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.