Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Таптал баар буолан"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 8 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Оттон эн суругу ылан ааҕыаххын? – Нарыйа интэриэһиргээн хараҕа төгүрүйэн ылар.

– Ээ, онтон хаһан эрэ бэйэтэ аахтарыаҕа. Миэхэ итини эрэ быктарда. Мин ыраах үөрэнэ бардахпына, ити таптал историята тохтуо дии саныыбын. Кырдьаҕас эбээм, кыра уол – ийэм эппиэтинэһэ улаатар, ол киһитин саныыр иллэҥэ да суох буолуо. Ити киһигэр дьэ билигин кэлэн кэргэн таҕыстаххына, кини бэрээдэгэ суох уолаттарынаан олордоххуна олоҕуҥ олох да буолуо суоҕа диэн эбээбинээн кыырбаппыт эрэ. Ону истиэ суох быһыылаах. Чэ, Нарыйа, мин дьиэбэр бардым, наһаа хойутаатым, быһыыта.

– Күүтэ түс, бөхпүн тоҕо таарычча атааран биэриэм. Бүтэһик чуорааммыт бу кэллэ, эн фартук буллуҥ дуо? – Нарыйа куччаан хаалбыт кууркатын тимэхтэнэ сатыы-сатыы ыйытар.

– Ийэм тигиэх буолбута, – Марина хардарар.

– Оттон миэхэ ийэм киэнэ баар. Өрдөөҥҥү да буоллар сүрдээх үчүгэйдик сыппыт.

Кыргыттар кэпсэтэн ньамалаһа-ньамалаһа тахсан бараллар.

XIV

Сахалыы орнаменынан киэргэтиллибит террасалаах дьиэ кырыысатын шиферин уларытаары Николай Сергей Акимовичтыын сүпсүгүрэ аҕай сылдьаллар. Аҕалаах ийэтэ эрэйдээхтэр ондулин ылан сарайдарыгар сытыарбыттарын соһуйа көрбүтэ. Киниэхэ эппэтэхтэриттэн иһигэр бэркэ хомойо санаабыта да, таһыгар быктарбатаҕа. Аҕатын тоҕус хонугар Анна Алексеевна “төрөппүттэриҥ дьиэтигэр көһөн кэлэн олохсуй, уопсайга хаһааҥҥа диэри олороору гынаҕын. Мин эн дьоҥҥун иккис төрөппүттэрим курдук саныырым. Уһуну-киэҥи толкуйдуур, киэҥ көҕүстээх, үрдүк культуралаах дьон этэ. Эйигиттэн төһө да хомойбуттарын иһин, син биир сүрэхтэрэ-быардара чугаһа, дууһалара эн тускар ыалдьара биллэрэ. Оттон мин оҕолорум кинилэргэ төһө да эт-хаан сиэннэрэ буоллаллар, мин дьиэни, уһаайбаны былдьаспаппын. Дьиэ төрөппүт уолларыгар хаалара сөптөөх дии саныыбын. Кинилэр сүүрэн-көтөн биһигини кэмигэр дьиэлээбиттэрэ биллэр. Онон биһиэхэ туох да тиксибэтэ, биһиги туспутугар тугу да гымматылар диир айыы буолуо. Арай ити “Планета” мотоцикл Ваня миинэр буолан биһиэхэ турбута ыраатта, хата ону кэриэс гынан биһиги хаалларыахпытын баҕарабыт”, – диэхтээбитэ. Нэһилиэк дьоно ити этиини улаханнык соһуйа истибэтэхтэрэ, хата “Анна Алексеевнаттан итинтэн атыны күүппэтэхпит” диэбиттэрэ. Уола Ваня эмиэ “ийэм бэрт сөпкө гыммыт, аны киниэхэ иэспит суох. Мотоциклын кытта илдьэн биэриллиэ. Онто да суох эһээлээх эбээбин мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыаҕым” диэбит сураҕа иһиллибитэ.

Николай бастаан бэркэ саарбахтаабыта. Онтон сыта-тура толкуйдаан баран, төрөппүттэрин олохторугар көһөн кэлэргэ санаммыта. Оҕолоро олорор дьиэлэрэ суох буолбатах. Ити олорор дьиэлэрин кини аҕатынаан туппуттара. Баҕар, дьиэни оҕолорбор хаалларабын диэн суолтатыгар да этиэхтээҕэ буолуо гынан баран, таах хаалар саҥаны саҥаран да диэн. Анна кинини үтэн-анньан солуута суоҕу саҥарбатах буолуохтаах. Оттон оҕолоро кинини хаһан да бырастыы гымматтара чуолкай. Ону Ваня да тылыттан-өһүттэн өйдүөххэ сөп. Дьонун уһаайбата кинилэр олохсуйбатахтарына, өтөхсүйэн бүтэр. Аны Нината “көһүөххэ да көһүөххэ, мин эмиэ туспа дьиэҕэ-уокка баҕарбат үһүбүн дуо, оттон көспөт буоллахпытына, мин дойдубар баран хаалыам” эҥин диэн бэрт элбэҕи эппитэ-тыыммыта. Улаханнык кыыһырсыахтарын Николай бэрт кыраттан туттуммута. Кистээбэккэ эттэххэ, кэлиҥҥи бириэмэҕэ икки аҥы хайыта тартаран эрэйи көрдө. Сүрэҕиттэн ылан иккиттэн биирин туора сотуохтааҕын кыайбат. Нинатын таптыыр, оттон Аннатын суохтуура сымыйа буолбатах. Ол туһунан бэйэтэ бэйэтиттэн көҥөнөн санаабат буола сатыыр. Аннатынаан ыстакааннаах ууну дьалкыппаттыы уу нуһараҥнык олорбут эбит буоллахтарына, Ниналыын хайдах эрэ иннэ-кэннэ биллибэт олохтоохтор. Нината сиэри таһынан кичээҥи, аһа-үөлэ татым, дьоҥҥо босхо биэриэн кэриэтин таһааран бөххө кутуох курдук дьүһүлэнэр. Оттон Анната остуола мэлдьи толору, минньигэс астаах, куруутун дэлэгэй, бүтэһик сээкэйин дьоннуун үллэстэрин кэрэйбэт киһи.

Киһи барыта өйүнэн олох олороро буоллар, ханнык да саарбахтааһына суох Аннатынаан олоруо этэ. Онтон тугу да билиммэт, тугу да истиэн баҕарбат сүрэх диэн баар ээ. Иккиһин кэргэннэнэн саҥалыы олох тэринэн олорор ыараханын өйүнэн өйдөөбүтэ да, сүрэҕэ онно буолумматаҕа. Ол да иһин оҕолорун күн күбэй ийэлэрин, кинини муҥура суох таптыыр, олоххо эркин курдук эрэнэр кэргэнин хаалларан атын дьахтарга иирэн барбыта. Кини чуумпу, таптал сылааһынан илгийэр олоҕуттан барбытын ханан эрэ санаатын улаҕатыгар кэмсинэр эрээри, Нинатын таптыырын эмиэ билинэр эбээт. Бэйэтин тапталын үрдүктүк тутан талан ылбыт олоҕор хайдаҕын да иһин олороругар тиийэр. Тапталыгар билиэн бардаҕа дии, этэллэригэр дылы.

– Хайа, Николай, ондулиммытын сарсын саайар инибит, чаас ырааппыт курдук көрөбүн, – Сергей табаахтаары сигаретатын кууркатын сиэбиттэн хостоон ылан, мичээрдии-мичээрдии Николайы утары олорунан кэбистэ. – Хайа доҕор, эмиэ санааҕа-онооҕо баттатан олороҕун дуу? Тоҕо наһаа искэр тутаҕын? Кэпсээн тыыҥҥын таһаарыаххын. Олох оҥоһуута, дьылҕа-хаан ууруута кытаанах диэччилэр. Ону уларытар күүс кимиэхэ да суох быһыылаах.

– Оччоҕо биһиги ким эрэ ыйыытынан олох олоробут диэххин баҕараҕын дуо? Мин санаабар, барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах быһыылаах. Мин Анналыын уу нуһараҥ чуумпу олохпун атын дьахтарга иирэн бэйэм ыспытым. Ону дьылҕа-хаан оҥоһуута буолуо дии санаабаппын.

– Кэмсинэҕин дуу? – Сергей күнү быһа саҥарбакка ууну омурдан баран сылдьыбыт табаарыһа айаҕа аһыллыах курдук буолбутугар тэптэрэн биэрэр.

– Кырдьыгынан эттэхпинэ, Нина киһи быһыытынан Аннаҕа хайа да өттүнэн тиийбэт. Ол барыта дьиэҕэ-уокка, оҕоҕо-урууга сыһыантан көстөр. Холобура, Анна аан бастаан атын дьон туһугар олорор курдук, оттон Нина бастакынан дьиэни-уоту өрө тутар, кинилиин олох олорор ыарахан эрээри, майгыта-сигилитэ миэхэ сөп түбэһэр. Соҕотох үөскээммин эбитэ дуу, мин эмиэ бэйэм эрэ туспар олорорбун сөбүлүүбүн. Онон төһө да ар-бур дэстэрбит Нина санаата-оноото миэхэ ордук чугас эбит, – Николай оҕо эрдэҕиттэн убаастыы саныыр “дьээдьэ Сэргэйигэр”, билиҥҥитэ соҕотох аллар атаһыгар кэпсии олордо.

– Оттон оҕолоргун? – Сэргэй быһа түһэр.

– Ээ, оҕолорум улааттылар. Кинилэр билигин миэхэ улаханнык наадыйбаттар. Билигин миэхэ кылаабынай киһим Сахаянушка эрэ.

– Оо, атаһым оҕото, саҥам диэн саҥара олордоххун. Бастакы ыраас тапталгыттан оҕолоргун аанньа ахтыбаттык саҥараргын мин тоҕо эрэ сөпсөөбөппүн. Ханнык да олоххун көйгөтүтүө суохтааххын. Мин даҕаны эмиэ дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн олохсуйбут сирбиттэн табыллыбакка үүрүллэн кэлэн олорор киһибин. Атырдьах маһыныы арахсыбыт, үүрэн таһаарбыт кэргэммин буруйдаабаппын. Бэйэм сүгүн олорботоҕум. Эйигиттэн уратым диэн: кыысчааным, Лидочкам, дьылҕатыгар кыттыһабын. Туспа да олордорбун оҕобор көмөлөһөбүн. Холобура, хамнаһым аҥаарын кинилэргэ ыыта олоробун. Оттон эн оҕолоруҥ эйигин уулуссаҕа утары иһэргин көрдөхтөрүнэ, уулусса нөҥүө туорууллара сүрдээх дьыала. Бэл сүөргү быһыы диэххэ сөп. Дойдугуттан барбат, манна олохсуйарга санаммыт буоллаххына, оҕолоргун кытта биир тылы буллаххына сатанар. Өһү-сааһы иитиэхтиир куһаҕан суол. Туох да үчүгэйгэ тиэрдиэ суоҕа. Кырдьыкпынан эттэхпинэ, эһиги Нина дойдутугар көһөргүт ордук буолуо этэ дии саныыбын. Онно да дьиэ-уот туттан олохсуйуохха тоҕо сатамматый… – Сергей Акимович бэйэтин санаатын этэр.

– Мин Аннаны көйгөтүтэн эппэппин. Ийэ быһыытынан Нинатааҕар ордугун бэйэм бэркэ билэбин эрээри… Оттон эн даҕаны миигиттэн ордук олоххо олоробун дии саныыгын дуо? – Николай куруубайдаһыах санаата киирдэ быһыылаах, хайдах эрэ эҕэлээх соҕустук ыйытта.

– Мин туһум туспа… Миэхэ анаммыт дьылҕа кимиэхэ да тиксибэтигэр баҕарыам этэ, – диэт, Сергей сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, ойон туран туруору кирилиэһинэн аллара түспүтүнэн барда.

“Аны санаабын да этиэм суох дии” диэн Николай өһүргэнэ быһыытыйан, балачча олоро түстэ, онтон ойон туран ыарахан баҕайытык үктэнитэлээн эмиэ аллара түспүтүнэн барда.

– Хайа, бүгүн ондулиҥҥытын саайбатыгыт дуу? Мин бүгүн дьиэм төһө эрэ үрдээн-киэркэйэн көстөр диэн күүтүү бөҕөтүн күүттүм дии, – аллара Нина чаҕаара көрүстэ.

– Үлэтэ элбэх. Маһын уларыттыбыт, сороҕо эмэҕирэн бүппүт. Сарсын бүтэрэр инибит.

– Мин киэһээҥҥи күөһү бэлэмниэм, оттон эн теплицаны бүрүйэ тур. Эйигин үлэлээтин диэн Сахаянушканы детсадтан бэйэм ылан кэллим. Сылайан, тута утуйан хаалла. Арба да, Коля, сарсын нэһилиэк баһылыга куораттыыр үһү, суоппара бииргэ үөрэммит уолуҥ буолбат дуо? “Столичнай” рыноктан хара кыталык хаптаҕас рассадатын сакаастаан ылларыахха эрэ. Билигин саамай атыыланар кэмэ. Уһаайбабыт киэҥ, туспа миэстэ быһан отонноох мастары олордуохпут. Куораттааҕы эдьиийим даачатыттан хаптаҕаһы 4 – 5 биэдэрэҕэ тиийэ хомуйар, – Нина кэпсээн-ипсээн этэ-тыына турда.

XV

Оскуола саалатын киһи билбэт гына киэргэппиттэр. Араас өҥнөөх шардары ыйаабыттар. Кыраһыабай баҕайы тюль сабыылаах түннүгү дьэрэкээн кумааҕы сибэккилэринэн киэргэппиттэрэ эмиэ сонун баҕайытык көстөр. “Выпускник – 2004” диэн суругу күлүмүрдэс гирлянданан саамай көстүүлээх миэстэҕэ суруйбуттара тута харахха быраҕыллар. Уон биир сыл устата билиигэ-көрүүгэ уһуйбут учууталларыгар маннык махтал тыллара анаммыттар:

 
Баһыыба, оскуолам, баһыыба!
үрдүккэ, сырдыкка тардыһар
үөрэппит үтүөҕэр баһыыба!
 

Маҥан былааччыйалаах кылаастарын кыргыттара куба курдук кынталдьыйан ааһалларын уолаттар сонургаабыттыы көрөллөр. Бүгүн дьоро киэһэ – тиһэх чуораан. Уон сылы быһа үөрэммит, дьоллоох оҕо саастара ааспыт, үчүгэйгэ уһуйбут, үрдүккэ кынаттаабыт төрөөбүт оскуолаларын кытта быраһаайдаһар күннэрэ үүннэ.

Оскуола директора Анна Афанасьевна оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир-биир ситии-хотуу аттестатын, аан бастакы государственнай докумуоннарын, туттартаабытыгар сорох-сорох кыргыттар долгуйан харахтара уунан туолла. Уолаттар эр дьон быһыытынан дуоспуруннаахтык тутта сатыыллар.

Бүтэрээччилэр ааттарыттан кылаас старостата, үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайката Алена Никитина эппиэт тылы эттэ:

– Оскуолабыт барахсаны хаһан да умнуохпут суоҕа! Ханна да сылдьыбыппыт иһин, эһигини, күндү учууталларбытын, куруук ахта-саныы сылдьыахпыт, махтал иһирэх тылларын аныахпыт. Тапталлаах оскуолабыт, аны күһүн эн ааныҥ боруогун атыллаан киирэрбитигэр сүүс бырыһыан тутуспутунан устудьуон бочуоттаах аатын сүгэн кэлиэхпит диэн эрэннэриэхпин баҕарабын.

Ити этиини бигэргэтэн, бүгүҥҥү үөрэнээччилэр, сарсыҥҥы студеннар, ытыстарын тыаһа өрө хабылла түстэ. Үгэс быһыытынан, оҕолор уонна төрөппүттэр ааттарыттан оскуолаҕа өҥнөөх телевизор бэлэхтээбиттэригэр учууталлар үөрэн сэгэйэ түстүлэр. Сорох оҕолор сылын аайы республикаҕа, улууска ыытыллар араас предметнэй олимпиадаларга, научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттарга бэлэмнээбит тустаах учууталларыгар сибэкки дьөрбөтүн туттаран икки өттүттэн үөрүү-көтүү буолла.

Бары суугунаһан остуол хотойорунан астаах остуолга олордулар. Учууталлар даҕаны, төрөппүттэр даҕаны уруккуну-хойуккуну санаан, кэлэри кэрэһилээн алгыстаах тылларын оҕолорго анаатылар. Кыра кылааска түөрт сыл устата үөрэппит учууталлара Аграфена Романовна оччотооҕу сии кырбас оҕолор көрдөөх түгэннэрин, өйтөн суруйууларыттан күлүүлээх миэстэлэрин ааҕыталаан биэрэн көр-күлүү бөҕөтүн тарта. Онтон оҕолор музыка тыаһаатын кытта үҥкүүлээн тэйдилэр.

Сынньалаҥ кэмигэр учууталлар учительскайга дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн олорон кэпсээннэрэ кэҥээтэ.

– Быйыл үөрэххэ киирии сүрдээҕин кытааппыт. Үрдүк үөрэххэ кыра бааллаахтар докумуоннарын ыла да сорумматтар үһү. Биһиги оҕолорбут түмүктэрэ син барсыһар ини? – Аграфена Романовна ыйытара да, кэпсиирэ да биллибэт.

– Орто бааллаахтар бааллар. Үөрэх суолтатын бүтэр уһугар тиийэн баран өйдөөбүттэр эмиэ бааллар. Оннуктар аттестаттарын сыанатын көрөн баран өссө мыыналлар, – завуч Роза Алексеевна кыһыйбыт курдук саҥарар. – Саамай кыһыыта, ол төрөппүттэрбититтэн тахсар. БКЭ куһаҕана – “иккини” ылан бараннар, аттестакка “үс” сыана туруоруллара баар. Ол иһин сорох-сорохтор үөрэхтэригэр олох наадыйбаттар.

– Ити диэн… Аны төрөппүттэрбит үгүстэрэ эрдэттэн төлөбүрдээх үөрэххэ суоттананнар, сүөһү өлөрө охсон куоракка “Сайсары” рынокка туттаран эрэллэр. Оҕолорбут үксүлэрэ коммерческай диэн ааттыыр үөрэхтэригэр киирэннэр, биһиги, оскуолалар, ыал хас киэһэ аһылыгын аайы ырытылла түһэрбит буолуо. Төрөппүттэрбит оҕолорун иитиитин оскуолаҕа сэлээннииллэрин олох билиммэттэр. Оҕо табаахтаатаҕына, арыгылаатаҕына – буруйдаах оскуола, сүгүн үөрэммэккэ, оскуолатын бырахтаҕына – буруйдаах оскуола, охсуһан дуу, күлүгээннээн дьыалаланнаҕына – буруйдаах оскуола, – Елена Семеновна сиэркилэ иннигэр үтүөмсүйэ туттан туран кэпсэтиигэ кыттыһар. – Билиҥҥи төрөппүттэр кыһалҕалара олох кыра, оҕолорун иитиитигэр да, үөрэҕэр да кыһаллыбаттар, оҕолоро дьиэтигэр хаһан кэлэрин-барарын хонтуруоллаабаттар. Оҕолоро түүннэри суох – төрөппүт холку баҕайытык утуйа сытар. Оттон ол сылдьан оҕобут буруйу оҥордоҕуна, “оскуола тугу көрбүтэй” диэн айдаара түһэллэр.    Барытыгар буруйдаах оскуола буолан иһэр. Биир эмэ оҕону мөҕөн көр эрэ, киэһэ дьиэҕэр ол оҕо ийэтэ оҕотун көмүскэһэн этиһэ кэлэр.

– Төрөппүт барыта оннук диэн түмүк оҥорор сыыһа. Уон төрөппүттэн биирэ итинник буолуо. Бу бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ төрөппүттэрбитин ырыта олорумуоҕуҥ. Хата тахсан үҥкүүлүөҕүҥ. Ханныгын да иһин быйыл үчүгэй кылааһы бүтэттэрдибит, оттон оҕолорбут махталларын бэлиэтин тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарбыттара төһөлөөх үчүгэйий! – Роза Алексеевна кэпсэтиигэ кыттыһар. – Оттон Борис аһылыкка тоҕо көстүбэтий?

– Мэҥэ-Хаҥаласка барбыт үһү. Ираида Ивановна “аттестаккын ыллаххына киһилии, дьоһуннаахтык кэпсэтиэхпит” диэбитин тумулук туттан, “сурукка суруллубут суоруллубат” диэн баран мотоциклынан онно көтүппүт. Ийэтэ Маайа “хайдах сирэйдээх киһи кэлэр” диэн куттанар сурахтааҕа, – Елена Семеновна истибит сонунун кэпсиир.

– Дьол хараҕа суох. Баҕар, Бориспыт кимнээҕэр табыллыа. Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар диэччилэр дии. Ираида Ивановна тоҕо эрэ уурайар туһунан сайабылыанньатын санаппакка барбыта, дьиҥинэн, оҕолорго сыстаҕас, аламаҕай, үчүгэй учуутал тахсыыһы, – оскуола завуһа эдэр учууталга сыана быһар.

– Остуолга олоруоҕуҥ эрэ. Биирдэ да үҥкүүлээбэккэ, идэҕитинэн учительскайга дьөлө түһэн олордугут дии, – директор Анна Афанасьевна сэмэлээбитинэн киирэн кэллэ.

– Анна Афанасьевна, Витюшкаҥ ханнык үөрэххэ барар буолла? Соторутааҥҥа диэри булкулла сылдьар быһыылааҕа, – Аграфена Романовна интэриэһиргиир.

– Манна ИМИ-гэ киирэр, физическэй факультекка докумуоммутун эмиэ биэрэр санаалаахпыт. Оҕолор бары манна Дьокуускайга хаалаллар, арай Марина эрэ Благовещенскайга бараары сылдьар, кини үөрэниэҕэ, сүрдээх самостоятельнай, эппиэтинэстээх, кытаанах волялаах, баҕа санаатын толорорго күүстээх санаалаах кыыс. Чэ, тахсыаҕыҥ. Дьону наһаа күүттэрдибит быһыылаах.

– Уолгунаан куоракка киирсэҕин дуу? – Аграфена Романовна арахпат.

– Суох ини, оскуолам капитальнай өрөмүөнүн саҕалыам этэ. Сыл аайы маннык ботуччу үп көрүллүбэт. Мин үлэлиирим тухары бу бастакы түбэлтэ. Оттон Витюшка бэйэтэ сылдьа үөрүйэх киһи, урукку биһиги курдук экзамен туттаран эрэйдэнэр буоллаҕай, докумуону баҕас бэйэтэ да туттараа ини. Баар-суох табаарыһа Ваня “Олимпийскай эрэллэр” спартакиадаҕа кыттарыгар күүс-көмө, өйөбүл буолан барсаары сылдьар. Табаарыһын, баҕар, “Азия оҕолоро” оонньууларга кыттар чиэскэ тиксиэ диэн бэркэ эрэнэр. Баҕа санаа баһаам, – Анна Афанасьевна кэпсии-кэпсии дьүөгэтин тоҕоноҕуттан ылан аан диэки бараллар.

Учууталлар бары күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ учительскайтан тахсаллар.

XVI

Сыл аайы оскуоланы бүтэрээччилэр тулата барыта күп-күөх, суп-суугунас хатыҥынан симэммит, көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх сибэккилэринэн сэлэлэммит ыччат таптаан мустар ырааһыйатыгар тахсан күнү көрсөөччүлэр. Бастакы ыраас таптал кистэлэҥ кэрэ тыллара манна төһөлөөх этиллибиттэрэ буолуой, хас таптал уотунан умайбыт таптаһар сүрэхтэр бу тэлибирэһэ турар хатыҥнар анныларыгар бастакы уохтаах уураһыы уоҕун билбиттэрэ буолуой… Ону сайынын күөх солкоҕо сууланан, күһүнүн көмүс сэбирдэхтэринэн тэлибирии турар хатыҥнар эрэ билэн эрдэхтэрэ… “Таптал ырааһыйата” диэн ааттыахтарын ааттыыллар. Дьэ бу ырааһыйаҕа быйыл ситии-хотуу аттестатын туппут эдэркээн уолаттар-кыргыттар биир-биир муһуннулар. Уолаттар костер оттоору мас абырҕалын хомуйаллар, оттон кыргыттар күлэн бычыгыраһа-бычыгыраһа үтэһэҕэ эт үөлэллэр.

Мариналаах Нарыйа кэккэлэһэ олорон айахтара хам буолбат.

– Марина, эйигин суохтуурум аҕай буолуо. Дьокуускайга да үөрэниэххэ сөп этэ буоллаҕа дии. Хаһан эрэ саха тылыгар эбэтэр журналистикаҕа үөрэниэххин баҕарар курдук этиҥ дии. Ол баҕа санааҥ ханна симэлийэн хаалла? – Нарыйа дьүөгэтин диэки истиҥ баҕайытык көрө-көрө ыйытар.

– Мин даҕаны эһигини кытта бииргэ сылдьан Дьокуускайга үөрэниэхпин баҕарбат үһүбүн дуо… Ийэлээх эбээм харчыга да олус кыпчыттарыа суох этилэр. Ол эрээри мин онно барар биричиинэбин эн бэркэ билэр буолуохтааххын. Аан дойдуну көрдөрбүт айбытым дуома уолаттарын кытта мин олохпор орооһуохтарын олох баҕарбаппын. Уонна эдэр сааска сири-дойдуну көрөр баҕа санаа эмиэ баар. Уопсайынан, бу боппуруос эрдэттэн быһаарыллыбыта. Онон, Нарыйа, баһаалыста, тура-тура бу боппуруоска эргийэн кэлэ турума эрэ. Сылга үөрэҕим сыаната 20 тыһыынча буолар. Ону бэҕэһээ эбээм эрэйдээх икки сыл муспут биэнсийэтин, 50 тыһыынча солкуобайы, ботуччу ууран биэрдэ ээ, – Марина бэйэтэ да бэркэ соһуйбут быһыылаах.

– Идэҕитинэн эмиэ иннэлээх сап курдук сэндэлиспиккит дуу, хаһан да көрсүбэтэх дьоннуу сэһэҥҥит-сэппэҥҥит ырааппыт быһыылаах, – кылаас старостата Алена мичээрдээбитинэн тиийэн кэлэн дьүөгэлиилэри санныларыттан кууһан ылар.

– Хайа оттон биэс сыл устата арахсаары олорор дьон санаарҕыырбыт кэмнээх буолуо дуо… – кыргыттар тэбис-тэҥҥэ хардаран баран, онтуларыттан астынан күлсэн тоҕо бараллар.

– Кыргыттаар, күлсэ туруоххут дуо… Түргэнник эти үөлэн бүтэриҥ, буһарыахпыт этэ дии, – уолаттар тиэтэтэр саҥалара иһилиннэ.

Бу кылаас саамай дьиктитэ: бэйэ-бэйэлэригэр хайдах эрэ бырааттыы-балтылыы сыһыан баар. Холобура, атын кылаастарга оҕолор сөбүлэһэн доҕордоһор буоллахтарына, бу кылааска оннук суоҕун кэриэтэ. Арай Милалара ахсыс кылаастан Бористыын табаарыстаһан баран, биллэр биричиинэнэн арахсан хааллылар. Оттон бу аҕыйах хонуктан бэттэх Сергейдиин доҕордоһон эрэр. Мила кыргыттартан саамай сэмэйдэрэ, килбиктэрэ, этэргэ дылы, “күөх оту тосту үктээбэт, сытар маһы үрдүнэн атыллаабат” диэн кини туһунан этиэххэ сөбө буолуо. Ол эрээри уолаттар кинини аһара сөбүлүүллэр, ыччат тылынан эттэххэ, “успехтаах” баҕайы кыыс. Оскуолаҕа буолар дискотекаларга сэмээр сылдьан эрэ, ким хайа иннинэ ханнык эмит уолу кытта үҥкүүлүү сылдьарын көрөн, кыргыттар соһуйан эрэ хаалааччылар. Тугунан уолаттар куттарын тутара буолла. Сорох кыргыттар ордугургууллар да быһыылаах.

Сотору шашлыктара буһан, костердарын тула олорон аһаан, ону-маны кэпсэтэн бардылар.

– Оҕолоор, илиибитигэр ситии-хотуу аттестатын туппут дьон, аны тутуспутунан бары үрдүк үөрэххэ киирэрбит эрэ хаалла. Аныгы саҥа технологиялар сайдыбыт XXI үйэ үөрэҕэ суох киһиэхэ наадыйбатын биһиги бары бэркэ билэбит. Мин маннык этиилээхпин: биэс сылынан манна бары үрдүк үөрэҕи бүтэрбиппит туһунан дипломнаах көрсүөххэйиҥ. Чэ, үрдүк үөрэх туһугар бу толору кымыстаах бакаалларбытын көтөҕөн кэбиһиэҕиҥ, – Алена бас-көс киһи быһыытынан остуолу салайбытынан барар.

– Кымыс диэмэ, газированнай уулаах куруусканы диэ ээ, – Нарыйа көннөрө охсор.

– «ы, хайата да буоллун ээ, туох буолуой, Нарыйа тордуохтаһарын наһаа да сөбүлүүр, – Витюшка сэмэлиир саҥата иһиллэр.

– Ээ чэ, ким билбэтин баран, Витюшка кэлин тоҕо эрэ Аленаҕа суон дурда, халыҥ хахха буола сатыыргын биһиги бары билэбит ээ. Дьэ тоҕо буолуой? – Марина табаарыстарын тиэхэлээн дьээбэлээхтик мүчүҥнүүр.

– Чэ-чэ, бүт, – Нарыйа Маринаны өттүккэ анньар. – Хата наҕылыччы олорон кэпсэтиэҕиҥ, ол ордук буолуо, – диэт, тоҕо эрэ “элбэх кэпсээннээх” Коля диэки көрөн ылар.

Араас сурунаалы, элбэх хаһыаты булан-талан ааҕар, кылаас “хаама сылдьар энциклопедията” диэн ааттаах уол, саһархай харахтарынан быһыччы көрөн олорон, уһуннук көрдөһүннэрбэккэ, кылгас ньаассын баттаҕын имэринэ-имэринэ кэпсээн сыыйан барар.

– Ол тугу ылла-ылаат кэпсиибин? Чэ холобура, быйыл сайын биһиги республикабытыгар “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар ыытыллалларынан сибээстээн ол туһунан кэпсэтэбит дуо? Бу оонньууларга биһиги улуустан 16 спортсмен кыттар. Эһиги санааҕытыгар, ким эмэ бириистээх миэстэҕэ тиксиэ дуо?

– Тиксиэхтэрин сөп бөҕө буоллаҕа дии. Холобура, биһиги Ванябыт хайаһар? “Олимпийскай эрэллэр” спартакиадаларыгар үчүгэйдик кытыннаҕына, Саха сирин иккис сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр кыахтанар. Дьэ ол буолуо этэ үчүгэй сонун, – Витюшка табаарыһын туһугар үөрэн ис-иһиттэн сырдыы мичээрдиир.

– Оттон аан дойду саамай күүстээх уола Брюс Хлебников кэлэрин истибиккит дуо? – Коля бииртэн биир сонуну кэпсиир.

– Ээ, кырдьык даҕаны. Коля, кини туһунан тугу билэргин кэпсии түспэккин ээ, – уолаттар көрдөһөллөр.

– Брюс баара-суоҕа 14 эрэ саастаах эрээри, номнуо Гиннес рекордун 28 төгүл олохтообут. 11 саастааҕар Москва аэропордугар түөрт тонналаах үөрэнэр-эрчиллэр самолету баттаҕар быанан баайтаран баран, аттаан туран тардан тирилэппит. Онтон өссө астыммакка эһиилигэр 3 төгүл ыарахан “МИГ-23” истребители соһон миэстэтиттэн сыҕарыппыт. 13 саастааҕар аны Батумига Хара муора хомотугар 105 тонналаах муора катерын баттаҕар быа, тросс холботон кытылга тардан “буксировкалаабыт”.

– Ээ чэ, Коля, ол Брюс Хлебниковынан биһиги, кыргыттар, соччо интэриэһиргээбэппит ээ. Атыны кэпсэтиэҕиҥ, – тас көрүҥүнэн саамай номоҕонноро, тутта-хапта сылдьарынан сытыылара-хотуулара, таҥаһынан-сабынан саамай муодунайдара Аида хаппырыыстаабыт куолаһынан унаарытар.

– Оччоҕо туох туһунан кэпсэтэбит, – бары күлсэллэр.

– Таптал… Таптал туһунан бөҕө буоллаҕа дии…

 
Таптыыбын
Эйигин нарыннык,
Эдэркээн сүрэхтэн
Истиҥник,
Хаһан да
Букатын ааспаттык,
Тылбынан мин
Сатаан эппэппин, —
 

кыыс ыллыырын быыһыгар ойон туран эргичийбэхтээн ылар, – музыката холбооҥ эрэ, үҥкүүлүөҕүҥ.

Музыка тыаһаатын кытта бары ойон туран үҥкүүлээн бараллар. Оттон Милалаах Сергей ырааһыйаттан тахсар ыллык суол устун кэккэлэһэ хаамсан барбыттарын оҕолор батыһа көрөн хаалаллар. Бүгүн киэһэни быһа Аленалаах Витюшка эмиэ арахсыбакка бииргэ сырыттылар.

Нарыйа оҕолоруттан тэйэн хатыҥ чараҥҥа тахсар ыллык суол диэки хаамта. Сир-дойду тугу эрэ кэтэспиттии иһийэ чуумпурбут.

Кэннигэр атах тыаһа тыаһаабытыгар эргиллэн көрбөккө да дьүөгэтэ кэлэн кэккэлэһэ турбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ. Марина саҥата суох сэрэнэн дьүөгэтин санныттан кууһан ылла.

– Нарыйа, дьүөгэм оҕотоо, мин сэрэйбитим ыраатта ээ, эн Витюшканы көрө-көрө өрүтэ тыынаргын. Тоҕо миигиттэн кистиигин? Хаһан да бэйэ-бэйэбититтэн кистэспэт этибит, барытын аһаҕастык кэпсэтээччибит буолбат дуо?

– Кинини сөбүлүүрбүн бэйэм да саҥа биллим ээ. Аленаны сөбүлүүрүн билэн баран, күнүүлээн, сүрэҕим хайа эрэ муннугар саһа сылдьыбыт кыым саҕылынна быһыылаах. Кинини санаатахпына тоҕо эрэ сүрэҕим нүөлүйэн ылар. Өр көрбөтөхпүнэ көрүөхпүн баҕарабын, аны көрүстэхпинэ кыбыстан сири-буору кымыстыыбын. Дьэ дьикти. Тапталлара диэн бу буолуо дуо дии саныыбын. Мин ийэм эрэйдээх дьоло суох, аҕабын кэлтэй таптыыр. Миигин эмиэ оннук дьылҕа күүппэтэ буоллар үчүгэй буолуох этэ, – Нарыйа куолаһа титирэстээн, харахтара ууланан бараллар.

– Кэбис, инньэ диэмэ, ону-маны саҥаран салгыны хамсатыма диэччилэр дии. Дьылҕаҕын эрдэттэн сабаҕалаама, – Марина дьүөгэтин буойар. – Хата көр, күн тахсан эрэр.

Илин тыа үрдүнэн халлаан биллэ-биллибэттик кыһыл дьурааланан көстөр. Онтон ол дьураалар улам кэҥээн, күн көмүс сардаҥа кыырпахтарынан ыһыахтанан, тыа үрдүнэн күөрэс гынна, ону кытта тэҥҥэ туох барыта уһуктан, чыычаах ырыатынан күйгүөрэн сир-дойду тилиннэ! Кыргыттар бу кэрэ көстүүнү долгуйа, сөҕө, үөрэ көрдүлэр.

Аны кинилэр мэник-тэник оҕо саастарын күннэрэ ол саҕахха састаҕа. Таҕыста кинилэр эдэр саастарын бастакы күнэ, таптал уотунан угуйар эдэр саас сарсыардата!

XVII

Этиҥнээх ардах кэнниттэн сир-дойду хара буорунан өрүкүйэ олорон, күөҕүнэн чэлгийэ, салгына чэбдигирэ түстэ. Кыра оҕолор дьиэлэриттэн сырсан тахсан сыгынньах атахтарыгар эрэһиинэ саппыкыларын анньынаат, чалбаҕы сэмсээбитинэн бардылар. Дохсун ардахтан туох барыта тэскилээн, бөһүөлэк иһэ чуумпура түспүт буоллаҕына, олох-дьаһах эмиэ күөстүү оргуйа, тигинии-таҕыныы түстэ.

Хоп курдук тутуллубут дьиэ сырдык саһархай кырааскалаах террасатын иһиттэн эдэр дьахтар тахсан кэллэ. Чарапчыланан күнү балачча көрбөхтөөн турда. Төгүрүк кыһаан сирэйигэр санаа-оноо толбоно хоммута ырааппыта атын киһи хараҕар бэркэ быраҕыллар. Сибэкки ойуулаах сырдык былааччыйатын бокуойа суох көннөрүммэхтээтэ. Тахсан баран кэлииккэтин аанын кичэйэн сапта уонна маҕаһыын диэки суолу тутта. Аныгылыы сиэдэрэй матырыйаалынан эпсиэйдэммит маҕаһыын аттыгар килиэп киирэрин кэтэһэн оҕо-дьахтар бөҕө мустубут.

Бэрт мааны, толуу көрүҥнээх икки дьахтар кэпсэтэ туралларыгар чугаһаабытыгар анараалара саҥа аллайа түстүлэр.

– Оо, Лариса, дорообо! Хайа, тугу кэпсээтиҥ?

– Ээ, соччо суох. Аня, оттон эн тугу кэпсиигин? – тоҕо эрэ биирдэрин эрэ кытта кэпсэттэ.

– Суох. Хата билигин миигинниин оҕурсута амсайа барсаар. Оо, килиэппит кэллэ, киириэҕиҥ, – Анна Афанасьевна Ларисаны синньигэс биилиттэн кууһан маҕаһыын иһигэр үтэйдэ.

Аҕалбыт килиэптэрэ түргэн баҕайытык бүтэн, үгүстэрэ матан айдаарса түстүлэр. Ити кэмҥэ атыыһыт Акулина саҥата:

– Лариса, кэл, эйиэхэ килиэп уурбутум, – диэн баран биир килиэби куду анньан биэрбитигэр, дьахтар кумааһынньыгын көрдөөн бэрт өр суумкатын хаһыста.

Онтон Анна Афанасьевналыын аргыстаһан тахсан истэхтэринэ, дьахталлар Ларисаны аһыммыттыы көрөн хааллылар.

– Хайа, доруобуйаҥ хайдаҕый? Тоҕо сүтэн хааллыҥ? – Анна Афанасьевна дьүөгэтин сэмэлиирэ да, ыйытара да биллибэт.

– Син. Арай сэниэм суох. Ити… Ити Сергей хаһан аармыйаҕа барбытын уонна хайдах төннөн кэлбитин өйдүү сатыыбын да, туура умнан кэбиспиппин… – Лариса сырыы аайы ыйытар боппуруоһун эмиэ ыйытар.

– Бэҕэһээ Витюшкабыт банкета буолбута. Оскуолабытын бүтэрдибит. Киирэн элбэхтик сүкпүт-көтөхпүт уолгун көрүөххүн… – Анна Афанасьевна кэпсэтиини атыҥҥа уларыта сатыыр.

– Ии, Витюшка кып-кыра, моп-мотоҕор уолчаан этэ. Суп-суон илиилэринэн моонньубуттан ыга кууһан кээһэрэ. Барытын өйдүүбүн, – Лариса уруккуну санаан ис-иһиттэн мичилийэ үөрэн, сирэйэ сырдаан, харахтара чаҕылыйан кэллэ.

Бэрт тупсаҕайдык тутуллубут дьиэҕэ тиийэн кэллилэр. Икки улахан теплица таһынан хас да парникка оҕурсу, помидор, биэрэс уктара көстөллөр. Уһаайба биир өттүгэр хортуоппуй тэҥэ моркуоп, сүбүөкүлэ, онтон да атын араас оҕуруот астара үүнэн-силигилээн ахан тураллар.

– Аата үчүгэйин! Аня, маладьыаскын даҕаны, бу үлүгэри хаһан барытын соло буолан оҥороҕун? Мин ийэм эмиэ бачча элбэҕи олордоро ээ. Мин даҕаны кэлин бу курдук олордуом ээ, баҕар, туох билэр. Чэ, мин барыым, Аня. Сээкэйи гынарым элбэх, – диэн Лариса ыксыырдыы тутунна.

– Лариса, миигиттэн тугун кистээтэххиний? Сир-буор аннынан иһиттэххэ, Сергей эйиэхэ сылдьар үһү дии? Ол кырдьык дуо? – диэн аһаҕас боппуруостан соһуйан, дьахтар сирэйэ бэркэ тэтэрэ кыыста уонна туох да саҥата суох түргэн хаамыынан дьиэтин диэки дьулуруйа турда.

– Дьүөгэм эрэйдээх… Үчүгэйкээн да этэ, кырыыстаах ыарыы… – Анна Афанасьевна ботугуруу-ботугуруу эмискэ ыараан хаалбыт атаҕын уйбакка аттыгар турар ыскамыайкаҕа лах гына олорунан кэбистэ. Ол олорон төбөтүгэр бииртэн биир санаалар киинэ кадрын курдук элэҥнэһэн истилэр.

Кинилэр 1977 сыллаахха орто оскуоланы 19 буолан бүтэрбиттэрэ. Лариса оскуола маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэтин секретара, оттон Сергей кылаас комсора буолан, билиҥҥилии эттэххэ, оскуола “сулустара” этилэр. Лариса үөрэҕэр да үчүгэйэ, салайар-тэрийэр дьоҕурдааҕа, көрүҥүнэн да кырасыабайа бэрдэ. Хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, уп-уһун суһуоҕун мөлбөччү өрүнэн намылытан кэбиспит кыыс, көбүс-көнөтүк туттан хааман кынталдьыйдаҕына хайа бэйэлээх уол сүрэҕэ толугуруу мөхсүбэтэҕэ буолуой?! Онно эбии үчүгэй майгыта, ыраас дууһата, сырдык санаата киһи быһыытынан кэрэтин ситэрэн биэрэллэрэ. Кини ийэтинээн иккиэйэҕин олороллоро. Ийэтэ Өксүү куруутун саҥата-иҥэтэ суох мичээрдии сылдьар дьахтар этэ. Куолаһын хаһан да үрдэппэт быһыылааҕа. Онон оҕолор кинилэргэ сөбүлээн сылдьаллара. Хойуу минньигэс баҕайы Өксүү суоратын элбэхтик мотуйбуттара буолуо. Билигин санаатахха, чороҥ соҕотох ынахтарын үүтүн суораттаан сииллэр эбит. “Аймаҕынан ньиэрбэ ыарыылаахтар, иккиэйэх эрэ хааллылар. Лариса эрэйдээх…” диэни элбэхтэ истэрэ эрээри суолта биэрбэттэрэ. Ларисалаах Сергей ахсыс кылаастан табаарыстаспыттара. Биллэн турар, уол төрөппүттэрэ олох сөбүлээбэтэхтэрэ. Оҕотук санааларыгар “наһаа эрдэ доҕордоспуппутун сөбүлээбэтилэр” дии санаабыттара. Дьиҥинэн, биричиинэтэ олох атыҥҥа эбит.

Банкет кэнниттэн эмиэ бары тутуспутунан “Таптал ырааһыйатыгар” походтуу барбыттара. Оонньоон-көрүлээн үчүгэйдик да сылдьыбыттара. Оҕолор Сергейдээх Ларисаны көрө-көрө харахтара манньыйара, сүрэхтэрэ үөрэрэ. Ол курдук кырасыабай пааралар этилэр. Күн тахсыытын көрсөн баран, Лариса уонна икки Анялар үрэххэ сууна киирбиттэрэ. Ол онно кыргыттар аан бастаан билбиттэрэ дьүөгэлэрэ туох эрэ ыарахан санааҕа ыллара сылдьарын, туохтан эрэ санааргыырын. Уонна бэрт боччумнаахтык туттан олорон үөйбэтэх өттүлэриттэн этэн соһуппута:

– Кыргытта-ар, мин Москваҕа үөрэнэ барыам. Ийэм “онно бараҥҥын эмтэниэҥ да этэ” диир. Үөрэнэ-үөрэнэ үлэлээн бэйэбин ииттиниэм дии саныыбын, – диэбитэ.

– Оттон ону Сергей билэр дуу? Уонна ол туохтан эмтэнэҕин? Оннук үлүгэрдик ыалдьарыҥ көстүбэт дии?

– Суох, бакаа билбэт. Үйэ-саас тухары биир аймаҕы эккирэтэ сылдьан сиир ыарыы баарыгар итэҕэйбэппин. Онон медик үөрэҕэр киирэн, үөрэтэн, ону билэн тэйиэм, – кыыс бигэтик быһаарыммыта сирэйигэр-хараҕыгар көстөрө. Кыргыттар онтон тугу да өйдөөбөтөхтөрө, сирэй-сирэйдэрин көрсөөт, санныларын эрэ ыгдах гыннаран кэбиспиттэрэ.

Онтон Лариса Москваҕа медицинскэй институкка туттарса көппүтүн истэн баран дьон бэркэ диэн соһуйбута. Институкка киирбитин туһунан телеграмма ийэтин аатыгар күһүн тиийэн кэлбитэ. Дэриэбинэ дьоно Өксүү биэнсийэтин сыыһынан үптээн кыыһын бачча ыраах дьаһайан үөрэтэ ыыппытын сөрү диэни сөхпүттэрэ. Лариса бастаан Аняларыгар сурук суруйар этэ. Кыргыттар иккиэн университекка киирбиттэрэ, биирдэрэ – историческайга, атына саха тылын отделениетыгар. Кылаастарын уолаттара утуу-субуу армияҕа ыҥырыллыбыттара.

Өксүү эрэйдээх дэлби ыарытыйара, кыһын балыыһаҕа киирбит сураҕа иһиллибитэ. “Кыыспар биллэримэҥ, төннөн кэллэҕинэ төттөрү кыайан барыа суоҕа” диэхтиирэ. Онон кыыска тугу да биллэрбэтэхтэрэ. Өксүүнү “ньиэрбэтинэн ыалдьыбыт” диэбиттэрэ. Кэлин кимниин да кэпсэппэт, сыта мээрик буолан хаалбыта, күнү быһа токуллан баран сытаахтыыра. Оннооҕор кыыһын да ахтыбат буолан хаалбыта. Мээнэ кыыһырбат, айдаарбат буолан, аһынан куоракка маннык ыарыыны эмтиир балыыһаҕа киллэрбэтэхтэрэ. Оннук сытан чуумпу баҕайытык орто дойдуттан бараахтаабыта. Ийэтин кэриэһин толорон дьоно Ларисаҕа төннөн кэлэн баран кыайан төттөрү барыа суоҕа диэн куттанан ийэтэ өлбүтүн туһунан тугу да биллэрбэтэхтэрэ. Анялар ийэтэ тыыннааҕын курдук суруйаллара. Ол эрээри кистэлэҥ уһаабатаҕа. “Ларисаҕа академическай уоппуска биэрдилэр, ыарытыйар, кэлэн ылыҥ” диэн уопсайга бииргэ олорор кыргыттарыттан сурук туппуттара. Анялар үөрэхтэриттэн көҥүллэтэн Москваҕа көппүттэрэ. Биллэн турар, студеннар ханнааҕы харчылара кэлээхтиэй, кылаас оҕолоро, бэйэлэрин төрөппүттэрэ кэлэр-барар айаннарын ороскуотун бары көмөлөөн уйуммуттара. Москваҕа үөрэнэр саха оҕолоро хата Ларисаны психиатрическай балыыһаҕа уктарбатахтар этэ. Лариса ийэтин курдук эмиэ бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэр идэлэммит этэ. Дьүөгэлэрин көрөөт, хомуммутунан бараахтаабыта. Дойдутугар кэлиитигэр уһун айантан сылайан буолуо, саҥатыттан матан хаалбыта, туохтан эрэ сүр баттаппыт курдуга. Наһаа куттаммыт көрүҥнээҕэ. Кылааһын кыргыттара Ларисаларын көрөөт бэйэлэрин кыайан туттуммакка ытаспыттара, урукку баһылыыр-көһүлүүр, инники күөҥҥэ сылдьар дьүөгэлэрэ, мааны Ларисалара буолбатах этэ. Дьэ онтон ыла кини киһи күлүгэр кубулуйан сылдьаахтаатаҕа. Ийэтэ Өксүү ыарыытын соччо биллэрбэтэх эбит буоллаҕына, Лариса ол күнтэн ыла, сүүрбэттэн тахса сылы быһа, “ньиэрбэ ыарыһах” аатыран сылдьар. Ол эрээри дьиэтин-уотун бэйэтэ көрөр-истэр, кимнээҕэр да ыраастык дьаһанан олорор. Оскуолатааҕы хаартыскаларын көрдөҕүнэ, бииргэ үөрэммит оҕолорун үксүлэрин өйдүүр эрээри, кэлин сааһырбыттарын көрдөҕүнэ сорохторун кимин да араарбат буолан хаалар, хайдах эрэ олоҕун ханнык эрэ кэрдиис кэмэ сотуллан хаалбыт курдук. Сергейин куруутун саныыра, ахтара, кэлиэ диэн эрэнэ күүтэрэ. Онтон 25 сыл буолан баран дойдутугар төннөн кэлбит Сергейин билбэтэх курдук туттубута. Үс сыллааҕыта ыраахтан Сергейин ыйан көрдөрбүттэригэр көрөн эрэ кэбиспитэ. Билигин тоҕо эрэ Лариса уруккутун курдук бэйэтигэр эрэ бүкпэт, туох эрэ үчүгэй өттүгэр уларыйыы баар курдук. Киниэхэ олоххо тардыһыы баара туора киһи хараҕар быраҕыллар буолбут. Кэлин дьон Ларисалаах Сергей тустарынан арааһы кэпсэтэр буоллулар. Уонна бүгүн Лариса Сергей аатын истээт сирэйэ тэтэрэ кыыспыта эмиэ тугу эрэ этэр. Кытаанах дьылҕа хаан Ларисаны кырдьар сааһыгар ыарахан ыарыыттан босхолоон, киһилии олоҕу бэлэхтиир санааламмыт буоллаҕына, дьүөгэтэ эрэйдээх киһи буолан төрөөбүтүн билээхтиэ этэ буоллаҕа.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации