Текст книги "Таптал баар буолан"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 8 страниц)
Дьикти баҕайы, тоҕо дьахтар аймах наар күүстээх аҥаардары кэлтэйдии таптаан ууга-уокка түһэрий? Эр дьон туох эрэ дьахталлары тардар, умсугутар күүстээхтэр быһыылаах. Сороҕор кинилэртэн киһи кэлэйиэх курдук. Олоҕу билбит, аһыытын-ньулуунун амсайбыт саастаах кыргыттар арааһы кэпсииллэр. Эр дьону аҥардастыы таптаан муҥнана сылдьар кыргыттары, кинилэр дириҥ иэйиилэрин улахаҥҥа уурбакка, бириэмэ эрэ атаараары эбэтэр таҕылларын эрэ тарҕатаары эгоистыы санааларынан туһаналлар диэн.
Оттон мин ийэм аҕабын, Марина ийэтэ эмиэ аҕаларын, оттон биһиги Милабыт Бориһы уҥа-таала сөбүлүүр. Ол эрээри эмиэ да наар буолбатах быһыылаах. Нина Аркадьевнаны таптаан биһиги аҕабыт барыбытын таҥнаран барбыта тугу этэрий. Оттон Борис Ираида Ивановна туһуттан тугу баҕарар оҥоруох курдук. “Түөрт сыл диэн, уон да сыл аҕата буоллар син биир таптыам этэ” диир үһү. “Таптал – хараҕа суох” диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Оттон Ларисалаах Сергей Акимовичтаах, ийэм саастыылаахтарын, тапталларын туһунан бэл номох оҥорон кэпсииллэр. Оннооҕор аймаҕынан бэриллэр ыарахан ыарыы кинилэр тапталларын тохтоппотох. Кинилэр ахсыс кылаастан ыла доҕордоспуттар. Оскуола кэнниттэн холбоһоору гыммыттарын Сергей Акимович төрөппүттэрэ сөбүлээбэтэхтэр. Уол тылланан тута сулууспалыы барбыт. Оттон Лариса Москваҕа мединститукка үөрэнэ киирбит. Сыл буолбакка, ыалдьан, дойдутугар төннөн кэлбит.
Таптал олох дииллэр. Ол олох чэпчэки буолбатах быһыылаах. Бэл биһиги чугас дьоммут олохторо уу нуһараҥ, чуумпу курдук эрээри, үгүстэрэ олохторугар дьоло суохтар, тапталларыгар табыллыбатахтар. Холобур, Ларисалаах Сергей икки ардыларыгар ыарыы туора түһэн, икки таптаһар сүрэх бииргэ олорор кыахтара суох буолбут. Лариса ыалдьыаҕыттан күлүгэ эрэ сүөдэҥнээн сылдьаахтыыр. Оттон Сергей Акимович кэргэниттэн арахсан, дойдутугар көһөн кэлэн соҕотоҕун олорбута үһүс сылыгар барда. Хаһан да күлбэт-үөрбэт, ыар санааҕа баттатан сылдьара өтө көстөр. Биирдэ эмэ холуочуйдаҕына, ийэбэр кэлэн муҥатыйан барааччы. Ийэм кинилэр тапталларын туһунан үчүгэйдик билэр быһыылаах. Хаһан эмэ кэпсэппит киһи. Оттон мин хайыы-үйэ уон аҕыспар сылдьабын эрээри, тапталлара диэни билэ иликпин. Кыра сылдьан “Витюшкаҕа кэргэн тахсыам” диэн тыллаах үһүбүн. Билигин Уйбаан көрүстэҕинэ: “Хайа, хаһан миэхэ кийиит буолаҕын?” диэн күлээччи. Оттон Витюшка киһини өйдүүр буолуоҕуттан бииргэ үөскээбит буолан, миигин балтын курдук көрөр быһыылаах. Мин буоллаҕына, “убайым” диэн ааттыыбын даҕаны, кэлин хайдах эрэ, туох эрэ атын сыһыан баар курдук. Онтубун оннооҕор дьүөгэбэр Маринаҕа эппэппин. Оо дьэ, хайдах-хайдах буолабыт… Хайыы, чаас ырааппыт. Аны уруокпар хойутаары гыммыппын. Учууталлар ийэбэр төһө эрэ үҥсэллэр.
Нарыйа сулбу-халбы таҥнан оскуолатыгар тэбиннэ.
IX
Учительскай. Роза Алексеевна, оскуола үөрэҕин чааһын завуһа, үһүс чиэппэр түмүктэнэрэ чугаһаан, кылаастарынан барыллааһын түмүгү ырыта олорор. Чиэппэр түмүктэнэрэ оруобуна биир нэдиэлэ хаалла эрээри, түмүк олус куһаҕан. Ааспыт чиэппэргэ Саҥа дьыл бырааһынньыга диэн сыаналарын харыстаабатахтара. Оскуола аҥаара “4 – 5” сыанаҕа түмүктээбит буоллаҕына, билиҥҥи түмүгүнэн 20-чэ оҕо хаачыстыбаттан түспүт. “үлэҕит системата суох, чиэппэр бүтүүтэ эрэ хамсаммыта буолаҕыт, зачетунан уонна тестированиенан үлүһүйэҕит” диэн төһөлөөх этиллэрий. Син биир истибэттэр. Кулгаахтарын таһынан ыыталлар. Бүгүн планеркаҕа кытаанах соҕустук кэпсэттэххэ сатаныыһы. Оскуоланы бүтэрэр кылааспыт олох иэдэйбит. Оннооҕор “икки” сыаналар көстөллөр. Бу аата тугуй?! Оччоҕо бу оҕолорбут БКЭ-ни хайдах туттараллар? Бориспыт олох да иэдэйбит, син өрүттэн испитэ ээ, туох буолбутай? Ираида Ивановнаны кытта кэпсэттэххэ сатаныыһы дуу, тугуй? Сураҕа, арахсыбыттар үһү. Сүгүн сылдьыбат эрээри, тоҕо эмиэ үөрэнээччини кытта доҕордоспута буолбутай? Учуутал ааттаах киһи бастаан толкуйдаан-ырытан көрүөх эбит. Аны итинтэн сылтаан уол иһэн да кэбистэҕинэ көҥүлэ. Тоҕо эрэ Нина Иннокентьевна бэркэ абарар, “Ираида Ивановнаны саҥаран биэрдэххэ сатаныыһы” диэн саанар сурахтааҕа.
Уруок бүтэн, чуораан тыаһын кытта көрүдүөр оҕолор күйгүөрдэринэн туола түстэ. Учууталлар утуу-субуу кииритэлээтилэр.
– Хонтуруолунай түмүгүн хаһан биэрэбит? – Елена Семеновна тиэтэл муҥутаан ыйыппытынан киирдэ.
– Бүтэрдигит да, биэриҥ ээ. Өйүүн улууска үөрэх управлениетыгар киириэхтээх. Анализкытын үчүгэйдик болҕойон оҥоруҥ. Сыыһаны-халтыны таһаарымаҥ, – Роза Алексеевна кытаанахтык сэрэтэлээтэ.
– Ээ чэ, оҥорон-оҥорон баччаҕа диэри кэлиллибитэ, – кэм да французскай тылын учуутала Анастасия Гаврильевна сүгүн истибэт. – Хата, уон бииристэрбит үөрэхтэригэр олох кыһаллыбат буоллулар. Бүтэрэллэрэ бу муннуларын анныгар тирээн кэллэ эрээри, ким эрэ туһугар үөрэнэр курдук туттар-хаптар буоллахтара үһү.
– Ол кинилэртэн эрэ сыарҕаҥ сыҥааҕа тоҕо иҥиннэ? – кылаас салайааччыта Нина Иннокентьевна өһүргэнэ истэр.
– Оттон үөрэхтэригэр кыһаллыбаттара кыһыыта бэрт дии, ону этэр эмиэ буруй буоллаҕай? – Анастасия Гаврильевна кыйыттар.
– Нина Иннокентьевна, оҕолоруҥ, кырдьык, бу чиэппэргэ түмүктэрэ олох мөлтөх буолсу, ааспыт чиэппэргэ алта үчүгэй үөрэнээччилээх буоллаххына, билигин икки эрэ оҕо хорошист буолар кыахтаах. Оттон Борис олох да үөрэҕэр ситиспэт. Үөрэх боппуруоһун салгыы планеркаҕа кэпсэтиэхпит, – завучтара лоп-бааччы эппитигэр, учууталлар ботур-ботур саҥарсыах курдук буолан иһэн ах бардылар.
Уруок саҕаланан, сурунаалларын кыбынан, кылаастарыгар тарҕастылар. Арай Нина Иннокентьевна учууталлар тахсалларын кэтэһэн, оскуола нэдиэлэтээҕи былаанын көрбүтэ буола турда. Туохтан эрэ долгуйбута өтө көстөр. Ону сүүһүгэр түспүт сүүмэх баттаҕын сотору-сотору өрө сиэлийэриттэн да таайыахха сөп. Кабинекка иккиэйэҕин хаалааттарын кытта олоппос ылан, завуч утары олорунан кэбистэ.
– Нина Иннокентьевна, тугуй? – Роза Алексеевна туох эрэ соһуччу сонуну истээри сэрэххэдийэн бэл куолаһа тыҥаан ылла.
– Миигин Борис бэрээдэгэ долгутар. Бэҕэһээ киэһэ ийэтэ кэлэн барбыта. Уола үөрэҕин быраҕан куоракка суоппар курсугар бараары гынар үһү. Онтон үргүлдьү сулууспалыы барыам диэбит. Ийэтэ олох иэдэйбит. Бадаҕа, Ираида Ивановналыын арахсыбыттар үһү. Ол иһин ол-бу буолан эрдэҕэ буолуо.
– Эс, хайдах оннук буолуоҕай? Биир эрэ чиэппэр хаалбытын кэннэ оскуолатын быраҕара табыллыбат буоллаҕа дии, – Роза Алексеевна соһуйан киэҥ хараҕа өссө кэҥээн диэличчи көрдө.
– Үөрэммэтэҕэ нэдиэлэ буолан эрэр. Ираида Ивановнаны кытта кэпсэтиэххэ баар этэ. Роза Алексеевна, эн кэпсэппэккин ээ?
– Кэпсэтэрин кэпсэтиэм да, ол кыыспыт туох диирэ биллибэт. Чэ, эн уруоккар бар, – завуч кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, кылаас сурунаалын ылан туттаран кэбистэ. – Мин Ираида Ивановнаны үлэтигэр көрсөрүм дуу, дьиэтигэр кэпсэтэр ордуга эбитэ дуу?
– Дьиэтигэр кэпсэтэриҥ ордук буолуо, – Нина Иннокентьевна санаатын үллэстэр.
X
Дьиэ иһэ луук сыттаах ыһаарыламмыт эт сытынан тунуйар. Сып-сылаас. Анастасия тэтэрээт бэрэбиэркэлии олорон, чаһыны көрөөт, түргэн үлүгэрдик ойон туран, тэтэрээттэрин хомуйан, ыскаапка анньаат, остуолун тарпытынан барар.
– Ираида, тур, “Клон” буолара чугаһаата, аһыахха.
Эппиэт саҥа иһиллибэтэ. Анастасия телевизорын холбоон, киинэтин көрө олордоҕуна, Ираида хостон аргыый тахсан саҥата суох сыҥаах баттанан олордо. Урут киинэлэрин күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ көрөр буоллахтарына, билигин ууну омурдубут курдук туох да саҥата суох көрдүлэр. Ираида аһаабакка чэйин эрэ сыпсырыйбыта буолар.
– Үчүгэй баҕайытык сылдьаҥҥыт, кыраттан кыыһырсан сыһыаҥҥытын буортулаан кэбистигит. Дэриэбинэҕэ билигин эһиги тускутунан хоп-сип бөҕө, – Анастасия аргыый кэпсэтиини саҕалыыр.
– Иннэ-кэннэ биллибэт сыһыантан олус сылайдым. Айыкка, хаһан эрэ үөрэх дьыла бүтэн абырыыр. Уурайан барыыһыбын.
– Эппэтэҕим дуо мин. Оскуола оҕотун кытта сибээстэһимэ диэн. Оннооҕор Роза Алексеевна кытта ороосто. Ити, бука, туох да үчүгэйинэн бүппэтэ буолуо.
– Бүтүөххэ. Мин ити боппуруоска кэпсэтиэхпин баҕарбаппын. Утуйа бардым, – Ираида тутан олорбут ньуоскатын остуолга талыр гына быраҕаат, ойон туран, хоһугар киирэн хаалла. Уонна суорҕанынан саптан, сыгынньахтаммакка түүрүллэн таҥастыын сытынан кэбистэ.
Бүгүн Роза Алексеевна кэлэн кэпсэтиэҕиттэн санаата олус алдьанна. “Борис олус уларыйда. Оскуолатын бүтэриэр диэри уолу өрө тардыахха наада. Аттестат ыллаҕына табыллар. Икки ый эрэ хаалбытын кэннэ үөрэҕин бырахтаҕына, министерствоҕа тиийэ кэпсэтии барыан сөп. БКЭ-ҕэ киирбит оҕо” диэтэҕэ үһү. Ол аата, аттестаты ылбытын кэннэ, арахсыаххытын да сөп диэбит курдук буолан тахсар. Эчи кыһыытын! Кини Бориһы көрөөт, сөбүлүү санаабыта. Оскуола эрэ оҕото буолуо дии санаабатаҕа, кэлин билбитэ. Онтон уол эмиэ кинини манаһарын-кэтэһэрин билэн баран, сыыйа билсэн, табаарыстаһан барбыттара. Борис кылааһын кыргыттара киниэхэ “тааллара кырыыланаллара” Милаттан эбитин бүгүн Роза Алексеевнаттан саҥа иһиттэ. Билигин санаатаҕына, Борис доҕордоһор кыыстааҕын билбитэ буоллар, уолу чугаһатыа суох эбит. Чэ ол эрээри… Борис Мила кэргэнэ буолбатах. Оннооҕор кэргэннэриттэн арааран ылаллар. Оттон мин буруйум диэн оскуола оҕотун таптаабытым быһыылаах. Оо дьэ, хайдах буолабын?! Анастасиялыын сүбэлэспит киһи… Нууччалыы эттэххэ, “две головы лучше, чем одна голова” диэччилэр дии.
Эмискэ тохтуу-тохтуу телефон тырылыыр тыаһа иһилиннэ, онтон Анастасия долгуйбут куолаһын истэн, олоро түстэ.
– Ираида, кулуупка Борис итирэн баран охсуһа сылдьар үһү.
– Үчүгэйэ бэрт дии. Ону быыһыы сүүрэр оҕону булбуттар дии. Ийэлээх-аҕалаах оҕо, көрүөхтэрэ. Ол аайы сүүрүөм суох. Акаары буоллаҕына хайдах да буоллун, – Ираида кыыһырбыт куолаһынан чаҥкынаата, онтон туттуммата, ытаан санна дьигиҥнии-дьигиҥнии сыттыгар умса түстэ.
– Чэ ити. Бэйэ-бэйэҕитин сөбүлэһэр эрээри, ол-бу буолаҕыт. Сарсын Бориһы манна ыҥырыам, – Анастасия иһитин хомуйарын быыһыгар бэйэтин санаатын этэр.
– Эн олох биһиги сыһыаммытыгар орооһума. Мин күн сарсын сайабылыанньа суруйуом. Барыам… Таптыырыгар итинник дьаабыланар үһү дуо? Киниттэн сылтаан… – кыыс ситэ саҥарбакка саҥа таһааран ытаан барда.
– Билбэтим чэ. Бориһы сөбүлээбэккэр ити ытыы сытыаҥ дуо? “Сиргэ тимириэхпэр сир кытаанах, халлааҥҥа көтүөхпүн халлаан ыраах” диэххин, бэрт киһи, – Анастасия кыыһын өссө суустаан биэрэр. – Хата, сарсын аны директортан мөҕүллэр дьон буоллубут быһыылаах. Үчүгэй оскуолаҕа, үлэһит коллективка бэркэ сатанан үлэлиэхпитин, эн ити оскуола оҕотун кытта сыһыаныҥ барытын буортулаары гынна.
– Бүт эрэ. Хайа муҥун биири хаһа-хаһа мээрилээн хааллаххыный!
– Оттон эн туох эрэ быһаарыныы ылыныахтаах буоллаҕыҥ дии. Эн буоллаҕына ытыы-ытыы сытаҕын. Уонна саҥарымынабын. Хата, кэл. Уоскуйа таарычча кофета иһиэххэ. “Сүгэ хоппотоҕун сүбэ хотор” дииллэр. Саатар, тугу эмэ тобулан көрүөххэ, – Анастасия эйэ-дэмнээхтик дьүөгэтин ыҥырар.
XI
Директор кабинета. Билиҥҥилии тупсаҕай, “евроремонт” диэн ааттыыр матырыйаалларынан оҥоһуллубут сырдык кабинет. Кабинеты саҥалыы тииптээх офиснай миэбэл бэркэ тупсарар.
Анна Афанасьевна сайыҥҥы лааҕырдарын үлэтин былаанын торумнуу олордо. Оскуолаҕа икки лааҕыр баар: научнай-чинчийэр хайысхалаах “Утум” уонна “Эрчим” диэн үлэ лааҕырдара. Биэс га иэннээх бааһынаҕа оҕолор хортуоппуйтан саҕалаан хаппыыстаны, кабачогу, патиссону, моркуобу, сүбүөкүлэни олордооччулар. Маны таһынан, сибэкки 32 көрүҥүн үүннэрэллэр. Лааҕыр үлэтин түмүгүнэн, үс сыл устата оскуолаҕа “УАЗ” микроавтобус, кабинеттарга остуоллары, олоппостору, учительскайга, директорскайга миэбэл, мастерскойга мас таҥастыыр станок, “Дружба” эрбии, онтон да элбэх атын тэрили ыллылар. Ону таһынан, үөрэнээччилэр реферат, научнай хайысхалаах дакылаат суруйан “Инникигэ хардыы” диэн республиканскай научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кытталлар. “Калифорнийскай чиэрбэни ууһатыы”, “Хаппыыста сиэмэтин хайдах ылыахха сөбүй?”, “Кабачок уонна цуккини суортара”, “Физалиһы үүннэрии” диэн оҕолор суруйбут дакылааттара ученайдар интэриэстэрин тарпыта. Быйыл эмиэ барыстаахтык үлэлиир наадатыгар үчүгэй былааны оҥоруохха наада. Ол эрээри билиҥҥи былаан хайдах эрэ ситэтэ суох курдук. Арааһа, биология учууталын кытта өссө төгүл хос былааммытын көрдөхпүтүнэ сатаныыһы.
Ааны тоҥсуйа түһээт, оскуола иитэр-үөрэтэр завуһа Альбина Александровна киирэн кэллэ. Бэркэ долгуйбут көрүҥнээх. Идэтинэн илиитин мускун да мускун буолар.
– Хайа, Альбина Александровна, эмиэ туох буолла? – директор соһуйда.
– Аны Бориспыт бэҕэһээ кулуупка баппатах. Охсуһан айдаан бөҕөтүн тардыбыт. Ити уол үөрэҕин бүтэрбэт буолла быһыылаах, – Альбина Александровна уһуннук кэпсэтэргэ былааннаммыт быһыылаах, олоппос ылан директорын утары олорунан кэбистэ.
– Иһэн баран дуо? – Анна Афанасьевна куолаһа тыҥаан ылла.
– Иһэн баран бөҕө буоллаҕа дии. Дьэ оскуола оҕото учууталы кытта таптаспыта баччааҥҥа диэри суох суол этэ.
– Оттон хаһан эрэ эн этэргэ дылы гыммытыҥ дии Ираида Ивановналыын үчүгэй баҕайытык доҕордоһоллор диэн. Ол туох буолбуттарай? – директор соһуйа истэр.
– Арахсыбыттар. Онтон сылтаан уолбут үөрэммэтэҕэ иккис нэдиэлэтигэр барда. “Биир кэлим экзамены син биир кыайан туттарбаппын, үрдүк үөрэххэ киирбэтим чуолкай, онон эрдэ-сылла суоппар курсугар үөрэнэн идэ ылан баран, аармыйаҕа барыам” диэн тыллаах үһү. Бэҕэһээ кулуупка айдаарарыгар “Ираида Ивановнаны таптыырым иһин хайыыгыт? Оскуолаттан уһулаҕыт дуу, хаайыыга ыытаҕыт дуу” диир үһү өссө.
– Ираида Ивановна туох диир үһүнүй?
– Билбэтим. Бэҕэһээ Роза Алексеевна кинилиин кэпсэппит бадахтаах.
– Оттон ол дьон сыһыаныгар эһиги эмиэ тоҕо наһаа ороостугут? Биирэ үлэһит, иккиһэ төһө да оскуола оҕото буоллар сокуоннай сааһын сиппит киһи. Ону мин биир бэйэм икки киһи сыһыаныгар туора дьон орооһоллоро сатаммата буолуо ээ дии саныыбын, – Анна Афанасьевна бэйэтин санаатын этэр.
– Ол да буоллар үөрэҕин бүтэрэн аттестат ыллаҕына, бэйэтигэр үчүгэй буолуох этэ буоллаҕа дии, – Альбина Александровна сөпсөспөт.
– Хайыыбытый, оччоҕо? Улахан дьон олоҕун биһиги быһаарбаппыт буолуо ээ. Аны Ираида Ивановна, баҕар, уолу олох да сөбүлээбэтэ буолуо дии. Эдэр дьон бэйэлэрэ биир тылы булаллар ини. Оттон уолу арыгылаан баран айдаарбытын иһин кыратык миэрэ биэриэххэ наада.
– Дьиҥинэн эттэххэ, Борис быйыл үчүгэйдик эрчиллибитэ буоллар, “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга кыттара хаалла. 1500 м сүүрүүгэ Ваняттан итэҕэһэ суох сүүрэр этэ. Инньэ гынан от ыйыгар буолар “Саха сирин олимпийскай эрэллэрэ” спартакиадаҕа Ваня эрэ кыттар буолла.
– Уолу дэлби өйдөтөн, соһон илдьэ сылдьыбакка, эрчиллиини көтүтэр диэн тренерэ сапсыйан кэбиспитэ баар суол. Дьиҥинэн, завуч, төрөппүттэр, кылаас салайааччыта сүбэлэһэн бары бииргэ үлэлээбиккит буоллар, уол, баҕар, ол спартакиадаҕа улуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбит буолуон сөп этэ. Итиннэ бары буруйдаахпыт, туһааннаах кэмигэр суолта биэрбэтэхпитигэр. Ол эрэн уолга бары саба түһүмэҥ. Баччааҥҥа диэри бэрээдэги кэспитэ суоҕа. Мин бэйэм кэпсэтэн көрүөм. Баҕар, таптал курдук деликатнай боппуруоска киһи барыта орооһон эдэр дьону итинник балаһыанньаҕа тириэрдибиппит буолаарай? – Анна Афанасьевна саарбахтыыр санаатын эттэ.
Альбина Александровна директорын тылыттан соччо тугу да өйдөөбөккө, саннын ыгдах гыннараат, көмүс солотуулаах кылдьыылаах ачыкытын көннөрөн үөһэ анньа-анньа, кабинеттан тахсан хобулугун тыаһа тоһугуруу турда.
Кабинет аанын тоҥсуйан тобугурата түһэн баран, сэрэммиттии туттан Мария киирэн кэллэ.
– Анна Афанасьевна, дорообо! Мин эйиэхэ кыһалҕалаах тиийэн кэллим, – дии-дии тэтэрэ кыыспыт сирэйин бокуойа суох маҥан шарфигынан сапсына турда.
– Мария, дорообо, итиннэ олор. Аата, Бөтүрүөп саҕанааҕы куйааска дылы быһа сапсынан хааллаххыный? Бориһыҥ туһунан кэпсэтээри гынаҕын дуо? – директор төһө кыалларынан эйэҕэстик кэпсэтэ сатаата.
– Долгуйдахпына итинник гынар үгэстээхпин ээ, – Мария күлэн үрүҥ тиистэрэ кэчигириир. – Бориһым үөрэҕин бүтэрбэтигэр тиийдэ. Хайдах гынарбын бэйэм да билбэппин.
– Ити Ираида Ивановнаны кытта сыһыаннарын туһунан туох дии саныыгыный?
– Бастаан табаарыстаһыах курдук этилэрэ, онтон Ираида Ивановна бырахта быһыылаах. Уолум кэлин олох уларыйан хаалла, санаата дэлби түспүт курдук, оскуолаҕа да кэлиэн баҕарбат. Онон, Анна Афанасьевна, эйиэхэ сүбэлэтээри кэллим.
– Сибилигин аҕай Борис туһунан Альбина Александровналыын кэпсэппиппит. Мин бүгүн Бористыын бэйэм кэпсэтэ сылдьыам, оскуолатын бүтэрдэҕинэ сатанар.
– Оо дьэ, баһыыба. Тылгын ылыннарарыҥ буоллар абырыаҥ этэ, – Мария эгди буолан сирэйэ сырдаан таҕыста.
Анна Афанасьевна ылааҥытыйбыт сааскы халлааны одуулуу олордо. Хайыы-үйэ ириэрэн эрэр. Күнүһүн хаар ууллан кырыысаттан таммах таммалаан бөҕө эрэр. Буолумуна даҕаны, кулун тутар бүтэһик күннэрэ тураллар буоллаҕа. Сотору хаар ууллан, сир-дойду чэлгийэ көҕөрүө. Оҕуруот олордуута, онтон от үлэтэ саҕаланыа. Тыа дьоно барахсаттар… Тохтоло суох үлэ да үлэ. Бииртэн биир үлэ туох да сынньалаҥа суох илим хотоҕоһунуу субуллар. Саатар, биһиги эҥээргэ газ киирэрэ буоллар оттук маһы бэлэмнээһинтэн, кыһын оһох оттортон босхолонуо этибит.
Наһаа да сылаарҕыыр буоллум. Саас ырааппыта биллэр буоллаҕа. Кырдьар диэн манан дьыала буолбатах. Оо, чаас ырааппыт дии. Ларисаҕа сылдьыбат буолбуппун. Ити тугу-тугу кэпсииллэрэ буолла?! Сергей Ларисаҕа хонор үһү диэн Уйбаан хантан эрэ истибит. Нэһилиэк кылаабынай прораба уонна ыарыһах дьахтар… Баҕар, буолуо даҕаны… Оҕо саас таптала күүстээх диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бүгүн бириэмэ булан Аняҕа сылдьыбыт киһи, кини билэн олордоҕо буолуо.
Анна Афанасьевна ааһан эрэр кыра уолу ыҥыран ылан, начальнай оскуолаттан үһүс кылаас учууталын ыҥырарыгар сорудахтаата. Өр буолбата: Ираида Ивановна киирэн кэллэ.
– Ираида Ивановна, итиннэ олор. Үлэ хайдаҕый? – директор ырааҕынан эргитэн кэпсэтэргэ быһаарынна.
– Үчүгэй. Туох баарый? – Ираида Ивановна соччото суох кэпсэтии тахсарын сэрэйэн уонна кини олоҕор кыра оҕо курдук орооһоллоруттан кыһыйан куолаһа тыҥаата.
– Ираида Ивановна, оскуола оҕотун курдук доппуруостаан эрэллэр диэн кыыһырыаххын кыыһыраҕын да, Борис биһиги үөрэнээччибит буолар, онон бэйэбит да баҕарбатахпыт иһин биһиги орооһорго тиийэбит.
Кини санаатын оскуолатын директора курдаттыы сэрэйбититтэн кыыс соһуйан, өрө көрө түстэ.
– Чэ маннык, Ираида Ивановна, эн Бористыын сыһыаҥҥын мин таарыйар санаам суох. Ону ыйытар быраабым да суох. Ол эрэн, мин биири сүбэлиэхпин баҕарабын. Эн үөрэхтээх учуутал киһи быһыытынан кинитээҕэр быдан муударайдык толкуйдуохтааххын. Эн кинини дьиҥнээхтик таптаабат буоллаххына, сыһыаҥҥытын хайдах эрэ табаарыстыы сыһыаҥҥа кубулут ээ.
– Ол хайдах? – кыыс өйдөөбөтөхтүү көрөр.
– Быраатыҥ курдук сыһыаннас ээ, оччоҕо уол, баҕар, эн сыһыаҥҥын ыарыыта суох өйдөөн ылыныаҕа. Оттон билигин эһиги арахсыбыккытыттан сылтаан, уол санаата түһэн, инники олоҕо табыллыбатаҕына, үйэ-саас тухары эйигин буруйдуохтара. Дьиҥнээхтик таптаабат эрээри, оскуола оҕотун тоҕо иирдибитэй диэхтэрэ. 18 саас диэн өссө да үчүгэйи-куһаҕаны түптээн билбэт, ханнык баҕарар сабыдыалга мээнэ бэринэр кутталлаах саас буолар. Ити кэрдиис кэми этэҥҥэ мүччү түһэргэ эрэллээх доҕор, кыраҕы харах, бэл кытаанах хонтуруол кытта наада. Оннук киһинэн Бориска билиҥҥитэ эн эрэ буолаҕын, – Анна Афанасьевна сүрдээх ылыннарыылаахтык этиитин түмүктүүр.
– Баһыыба, мин толкуйдуом, – Ираида Ивановна туран аан диэки барар.
– Толкуйдаа, Ираида Ивановна, – диэт, директор остуолга умса түһэн, кумааҕыны арыйталаан, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэр.
Ираида Ивановна “өссө тугу этэр” диэбиттии кэтэһэн тура түһэн баран тахсан барар.
XII
Бүтэһик уруок бүтэн, биэсэлкэ иһэ толору оҕо. 5 – 6 кылаас оҕолоро кууркаларын ыла охсон тахсаары үрдүкү кылаас оҕолорун быыһынан үөмэхтэһэллэр. 11-с кылаас кыргыттара оҕо аҕыйыырын кэтэһэ таарыйа биллэрии ыйыыр дуоска таһыгар ону-маны кэпсэппитэ буола туран, учительскайтан Ираида Ивановна Анастасия Ивановналыын тахсан аан диэки барбыттарын батыһа көрөн туран саҥата суох хаалбатылар:
– «ы, хата кинилэр туох да кыһалҕата суох сылдьаллар!
– Быраҕыах эрээри тугун үөнүгэр Бориһы иирдибитэй?
– “Сымыйа” таптал түмүгэр Борис оскуолатын быраҕарыгар тиийдэ дии.
– Оттон Мила… Күн ахсын хараара өһөн иһэр. Киһи аһыныах…
– Быйылгынан үлэлээн бүтэн барар дииллэр, директорга сайабылыанньа биэрбит үһү.
– Чэ, баран көрдүн. Итинник бэрээдэктээх учуутал үлэтэ хайа аанньа үһүө?!
Ираида Ивановна кыһыытыттан хаамыытын бытаардан этиһиэх курдук туттубутун, хата Анастасия Ивановна үөс-батааска биэрбэккэ иннин диэки анньан дьулурута турда.
– Аахсыма, аны оскуола оҕолорун кытта этиһэҥҥин букатыннаахтык саакка киириэҥ. Соруйан кыынньаан уокка арыыны куталлар буолбат дуо?
– Бара охсубут киһи баар ини.
– Чэ билбэтим. Хата, аны күһүн сыбаайба сыатын сиибит эрэ, хайдах эрэ, – Анастасия кыыһын хаадьылаан күлэн мытырыйар. – Бэҕэһээ Бористан сурук тутан эрэриҥ дии. Онтон ыла настырыанньаҥ быдан көммүт курдук. Туох диэбитий?
– Туох диэҕэй? “Тапталтан сүрэҕим ытыыр” диэбит.
Кыргыттар күлсэллэр.
– Маҕаһыыҥҥа сылдьан килиэппитин ылан ааһыахха эрэ.
– Ээ суох. Эмиэ үөҕэ-ыыстыы көрсүөхтэрэ, эҥин араастаан көрүөхтэрэ. Айыкка, киһи тыла уоттааҕар абытайын дьэ биллим аҕай. Ол кэриэтэ килиэп оннугар алаадьы астаан сырылатыахпыт буоллаҕа. Урут кыра сырыттахпытына, таһынааҕы ыалбыт алаадьы буһардаҕына, сыта үчүгэйэ бэрт буолара.
– Ираида, кырдьык да, бүгүн саҥаҥ элбээбит аҕай. Дьэ Бориска туох диэн хардарар санаалааххын?
Анастасия тэбэнэттээх харахтарынан дьүөгэтин тонолуппакка одуулуур.
– Ол-бу буолбакка бастаан үөрэххин бүтэрэн, аттестаккын ыл, дьэ ол кэнниттэн кэпсэтиэхпит диирим буолуо.
– Сөпкө толкуйдаабыккын. Эйигиттэн сылтаан үөрэҕин быраҕан кэбистэҕинэ, сүрэ бэрт буолуо. Киһи барыта син биир эйигин буруйдуоҕа. Оттон аны Милабыт … – Анастасия санаата көнньүөрэн күө-дьаа буолар.
– Мин онно буруйум суох. Олоххо эппиэтэ суох таптал баарын киһи барыта билэр дии саныыбын. Оннук тапталга ким баҕарар түбэһиэн сөп. Мила эрэ буолбатах. Эн да, мин да кэлтэйдии таптаан, олохпут ол эрэ тапталтан тутулуктаныан сөп. Ону этэллэрэ буолуо: “таптал кулута” буолбут диэн. Оттон Миланы көрдөхпүнэ, кырдьык, буруйдана саныыбын. Таптала суох олоҕу, кырдьыгынан эттэхпинэ, өстөөхпөр да баҕарыам суоҕа. Таптал баар буолан… олох кэрэ. Таптыыр уонна таптатар киһи, чахчы, дьоллоох буолар буоллаҕа дии.
Кинилэргэ утары тиэтэйэ-саарайа хааман, сүрдээҕин ыксаабыт көрүҥнээх Нина Аркадьевна иһэрин көрөн, тохтоон күүттүлэр. Кыргыттар Нина Аркадьевналыын бэркэ тапсаллар, доҕордоһоллор. Бырааһынньыктарга кыыһын илдьэ кэлэн күүлэйдээн барааччы. Ол гынан баран бэйэтэ хаһан да дьиэтигэр ыҥыран сырытыннарбат. Тоҕотун ким да билбэт. Туох эрэ биричиинэ баара буолуо ээ.
– Нина Аркадьевна, дорообо, туохха бачча үлүгэрдээх ыксаатыҥ? – Анастасия ыйыта тоһуйар.
– Кыргыттар, дорооболоруҥ! Оҕонньорбут куһаҕан буолбут, бырааспыттан санитарканы көҥүллэтэн, Николайы улуус киинигэр ыытаарыбын ыксаан иһэбин.
– Оо, оҕонньор эрэйдээх бииргэ кырдьыбыт доҕоруттан хаалан уһаабатах, – кыргыттар кэри-куру буоллулар. Саҥата суох хаамсан иһэн, дьиэлэрин таһыгар Борис тэпсэҥнии турарын көрөн, Анастасия дьүөгэтин өттүккэ анньан имнэнэн кэбистэ.
– Оо, киһибит илэ бэйэтинэн кэлэн турар. Ираида, баһаалыста, толкуйдаан кэпсэт эрэ, – диэн баран, Ираида иэдэһэ тэтэрэ кыыспытын, харахтара чаҕылыһа түспүттэрин көрөн, Бористыын дорооболоһоот, түргэн соҕустук аанын аһан дьиэҕэ киирэн хаалла.
XIII
Чуумпура иһийбит дьиэлэригэр Нарыйа балтынаан курус баҕайытык киэһээҥҥи аһылыктарын борщтаах миин иһэ олороллор. Бэл сөбүлээн көрөр бразильскай сериалларын көрбөттөр. Аан аһыллар тыаһа иһиллибитигэр чөрбөһө түстүлэр. Марина мичээрдээбитинэн өҥөс гыммытыгар кыргыттар үөрэ түстүлэр.
– Оо, Марина, киир, көххө мииннэ иһис, – Нарыйа тэриэлкэ ыла охсон миин куппутунан барда, оттон Маша саалаттан олоппос ойутан аҕалла.
– Сибилигин аһаан кэллим да, чэ көххө олоруум даҕаны, – Марина кууркатын устан аан таһыгар турар биэсэлкэҕэ ыйаан кэбистэ. – Хайа, киинэҕитин тоҕо көрбөккүт?
– Ээ, көрө сатаан баран, салҕан хааллыбыт. Хаһан да бүтэн быстыа суох.
– “Киин куораты” аахтыгыт дуо?
– Суох. Туох баарый?
– Маира Невес де Луис диэн 17-лээх эрэ кыыс Сан-Паулу куораттан Дьокуускайга сири-дойдуну көрө-истэ таарыйа үөрэнэ кэлбит. Журналистар киниттэн “Клон” сериал артистарын туһунан интервью ыла охсубуттар. Бразилияҕа бу сериал икки сыл анарааҥҥыта көстүбүт эбит. Сериал кэнниттэн киинэ кылаабынай геройа Лукас кэргэниттэн арахсан, Жадилыын дьиҥнээхтик таптаһан ыал буолбуттар. Оттон Иветти наркотикка ыллара сылдьыбыт үһү. Билигин эмтэнэн баран эмиэ киинэҕэ уһулла сылдьар эбит. Кэргэнэ биэстээх уол оҕотун Иветтиттэн суутунан арааран ылан арахсан барбыт. Уонна да атын артистар тустарынан элбэҕи суруйбуттар, – Марина сериаллары бэркэ умсугуйан көрөр буолан, тугу билбитин-көрбүтүн чахчы астынан туран кэпсиир идэлээх.
– Артыыстар дьиҥнээх олохторун туһунан истэр, кырдьык, интэриэһинэй эрээри, хайдах эрэ олохторо бүтүннүү тапталга эрэ анаммыт курдугун сөбүлээбэппин. Онтон атын бу олоххо туох да суоҕун курдук. Оттон Иветти урукку сериалларга наһаа кыраһыабай этэ, бу сырыыга ийэм “наһаа кырдьыбыт” диир, онон наркотикка ыллара сылдьыбыта чахчы быһыылаах. Марина, өссө туох кэпсээннээххин? – Нарыйа өссө сонун истээри сыҥаах баттанан оҥостон олорор.
– Ээ, соччо суох. Арай бүгүн Митябыт буруйданан, ийэбит кыыһыран, туох баар урукку буруйбутун барытын хаста.
– Ол тугу гыммытый? – Маша сураһар.
– Ээ, Гошиктыын ыалбыт кыыһын Сардаананы баттахтаан ытаппыттар. Ийэтэ кыыһын көмүскэһэн, эбэн-сабан бөҕө кэпсээбит. Омунугар оннооҕор директорга кытта киирэ сылдьыбыт.
– «э, ийэҕит хаһааҥҥыттан мөҕөр идэлэммитэй? Оттон урут наар эбээҕит дьаһайталыыр этэ буолбат дуо?
– Ээ, эбээбит эрэйдээх кырдьан буорайда. Кэлин ыарытыйар даҕаны. Сыта мээрик буолбута ыраатта. Эһиги эһээҕит өлбүтүн истэн баран, “кырдьаҕастар бары да бу олохтон баран эрдэхпит” дэтэлиир буолла өссө.
– Онон аны ийэҕит былааһы ылла дуу? – Маша токкоолоһорун уураппат.
– Маша, бүт эрэ. Хата, баран уруоккун аахпытыҥ ордук буолаарай, – Нарыйа балтын буойар.
– Ээ чэ, олордун ээ. Син биир биһиги тугу кэпсэтэрбитин барытын билэр буолбат дуо, – Марина кыра дьүөгэтин көмүскэһэр. – Ийэҕит ханна барбытай?
– Эһээбит өлбүтэ сарсын тоҕус хонуга, онно дьахталлары кытта ас астыыллар. Кырдьаҕастар мусталлара буолуо, – Нарыйа дуоспуруннаахтык туттан кэпсиир.
– Эһээҕит дьиэтигэр мантан инньэ ким олоруой?
– Дьиҥинэн, эһээм мин ийэбэр анаабыт даҕаны, ийэм “аҕаҕыт дьонун уһаайбатыгар бэйэтэ олороро ордук, кини эһээлээх эбээҕит соҕотох уоллара уонна оттон хаһааҥҥа диэри уопсайга кыбыллан олоруохтарай” диир. Дьиибэ баҕайы, туох диэн итинник этэрэ буолла? Биһигини дьиэни былдьаһыахтара диирэ дуу. Итинтэн да көстөр: ийэм аҕабытын наһаа таптыыра. Дьэ итинник күүстээх, бэриниилээх таптал баарын чахчы киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Сороҕор саныыбын ээ – ийэм аҕабын биһигиннээҕэр да ордорор курдук. Ийэм тапталыттан дьоллоох да курдук, тапталыттан эрэйдэнэр да курдук. Хата, мин ардыгар ийэбэр ымсыыра саныыбын, итинник күүстээхтик таптыыр дьолу билбит киһи диэн санаталыыбын.
– Ол биһиги ийэбит үйэтин-сааһын тухары кэлтэйдии таптыыра эмиэ дьол эбит дуу? – Маша дьиктиргиир.
– Айуу, эн өссө кыраҕын, ону-маны лахсыйыма. Бар, уруоккун аах диэн хаста этилиннэ, – Нарыйа балтын сөбүлээбэтэх хараҕынан көрүтэлиир. – Эбэтэр иһити сууй, хата ол ордук буолуо.
– Тохтуоҥ ээ, ол кэриэтэ уруокпун ааҕыам. Бэйэҥ сууй, – Маша олоппоһу тыастаахтык халбарытан куукунаттан тахсан барар.
– Уой-уой-уой! Ити кыыс бачча кыратыттан аһара тыллаах. Туох да сүрдээх. Ийэм ийэтин баппыт дииллэр, дьүһүннүүн кытта үүт-үкчү үһү.
– Төттөрүтүн эйигин баппыт дииллэр буолбат дуо? – саалаттан балтын өһүргэммит саҥата иһиллэр.
– Чэ бүтүҥ эрэ. Киһи кэллэҕинэ этиһэргит бүппэт, – Марина сөбүлээбэккэ тыл быктарар.
– Кырдьык даҕаны, чэ эрэ, үчүгэй баҕайытык сэһэргэһиэххэ эрэ. Эн тугу эмэ кэпсээ, мин иһит сууйуом, – Нарыйа нэлэгэр миискэҕэ сылаас уу кутан, иһитин сууйардыы бэлэмнэнэр. —Иһит эрэ, Бориһы көрбүтүҥ дуо? Учууталынсаҕа күнүүлэтээри быһыылаах, Милаҕа сыстаҥныы сатаабытын, хата Мила олох чугаһаппатаҕа, оннооҕор кэпсэппэт да этэ.
– Ээ, ол иһин даҕаны, Сергей санаата аһара түспүт курдук этэ. Кини Миланы сөбүлүүрүн саҥа биллибит ээ.
– Кырдьык даҕаны, Милаҥ ити көрдөххө күөх оту тосту үктээбэт курдук сытыары сымнаҕас майгылаах эрээри, уолаттар сүрэхтэрин быатын хайдах эрэ тутар быһыылаах ээ.
– Дьиҥинэн, мин санаабар, Милалаах Сэргэй наһаа барсаллар. Кыыспыт Борис албыныгар-көлдьүнүгэр киирэн биэрбэтэр сатаныа этэ. Күн бэҕэһээ Борис учууталлар уопсайдарын таһыгар хаас курдук хонтойон сэгэрин кэтэһэн турарын киһи эрэ барыта көрбүт сурахтааҕа. Онон Миланы сэрэтиллиэ. Борис бэйэтин олус улаханнык сананан эрэр. Ситэритин учууталынсата кырдьык быраҕара буоллар, муннуга бэриллэн начаас сыһыйыа этэ дии саныыбын, – Нарыйа бэйэтэ бэйэтиттэн собуоттанан саҥаран умайыктанар.
– Барытыгар эн эрэ ороостоххуна сатанар, – хостон Маша сэтэриир саҥата иһиллэр.
– Бу кыыс бүгүн сатанымаары гынна. Кыайыы 60 сылыгар аналлаах республикаҕа ыытыллар икки сыллаах экспедицияҕа биһиги оскуолабыт хайдах кыттан иһэрин туһунан “Кэскил” хаһыакка биир сыллаах түмүгүн отчуот түһэриэхтээх эбит. Онно Маша “Аҕа дойду Улуу сэриитигэр – мин дьиэ кэргэним кыттыыта” диэн альбом оҥоруохтааҕа табыллыбакка, кыыһыран сордоно сылдьаахтыыр. Ийэтэ матырыйаал бөҕөнү хомуйан биэрбитэ, онон харатын оҥоро тур диири туох да иһин истибэт. Ким эрэ бэлэмнээн биэрэрин күүтэ сылдьар. Туохха барытыгар наһаа бэлэмҥэ үөрэннэххэ, кэлин ону суохтаан эрэй бөҕөҕө тиксиэххэ сөбүн өйдүөн баҕарбат.
– Эн да харатын оҥорорго көмөлөстөххүнэ туох баарый? – балта кыыһырбыт куолаһынан чаҥкыныыр.
– Ойуутун оҥорорго көмөлөһүөм, атынын барытын бэйэҥ оҥоруоҥ. Мин олох солом суох буолбат дуо. Нуучча, саха тылыгар өйтөн суруйууга госэкзаменнаахпын. Аны туран химияҕа, биологияҕа, математикаҕа биир кэлим экзамен туттарыахтаахпын. Барытын хаһан успейдыыбын? Хайдах ону өйдөөбөккүн? Марина, эйиэхэ ымсыырабын аҕай.
– Туохпар ол ымсыырдыҥ? – Марина дьиктиргиир.
– Оттон эн биир кэлим экзамены туттарбаккын буолбат дуо?
– Ээх. Мин кырабыттан атын куоракка үөрэххэ киириэхпин баҕарар этим. Ол иһин Благовещенскайдааҕы педагогическай университекка туттарсыам. Хата, онно киирии экзамены миэстэтигэр туттарыллар.
– Наһаа да бөҕөх санаалааххын. Дойдугуттан ыраата бараргыттан куттаммаккын дуо?
– Биллэн турар, кыратык куттанан бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрэн тулуйар инибин. Ыарахаттар ханна баҕарар бааллар. Дьокуускайга үөрэниэхпин баҕарбаппын. Онно төрөппүт аҕабынан өссө икки бырааттаах үһүбүн. Ол аҕам дуома: “Биһиэхэ олорон үөрэниэ, хата, бырааттарын көрөн-истэн көмөлөһүө “ диир үһү. Уолаттара оскуола оҕолоро эрээри, сүгүн үөрэммэккэ, ускул-тэскил сылдьаллар, бэрээдэк диэн суох дьоно үһү. Эрдэ үөрбэтин, кинилэргэ олорон бэрт. Өссө бэйэтин оҕолорун сатаан ииппэтэх эрээри, ол бурҕалдьытын миэхэ кэтэрдээри гыммыт дии, – холку бэйэлээх Марина кыһыытын дьүөгэтигэр тоҕо тэбиир. – Ийэбэр эмиэ суруйбут, суругу тутан баран, ийэм идэтинэн өр баҕайы тылыттан матан сырытта. Арай бүгүн арыый дьайҕаран, тыынын Митяны мөҕөн таһаардаҕа үһү.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.