Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "Таптал баар буолан"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 8 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Сергей икки сыл армияҕа сулууспалаан баран, биэс сыл устата үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэммитэ. Бүтэрэн баран, Ларисатын көрүмээри атын улууска үлэҕэ анаппыта. Биирдэ эмэ дойдутугар кэлэн Ларисатын көрдөҕүнэ хараастара аҕай, аҕыйах хоноору иһэн-аһаан айманан барара. Олох обургу кинилэр дьылҕаларын атыйах мастыы икки аҥыы араара туппута.

Билигин Ларисаларын үһүөн харайаллар. Сыл тахсар маһын-мууһун Сергей дьаһайар. Витюшкалаах Ваня хайытан саһааннаан кэбиһэллэр. Анна Алексеевна Нарыйалаах Машеньката маладьыас баҕайы кыргыттар, кэлэ-бара сылдьан нэдиэлэҕэ туохха наадыйарыгар барытыгар көмөлөһөллөр. Аһын-үөлүн булууга-талыыга Анна Афанасьевна кылаабынай киһи. “Сааһырыы буолла, мантан кэнники Лариса соҕотоҕун олороро кутталланан барар. Онон быйыл Витюшкам үөрэххэ киирдэҕинэ, Уйбааммынаан иккиэн сүбэлэһэн баран, дьиэбитигэр ылан кыстаппыт киһи, сөбүлэһэр ини. Анна Алексеевна “мин эмиэ Нарыйам барар, онон миэхэ кыстыыра ордуга дуу” диэбитэ даҕаны, “кини өссө Машеньката баар дии, онон уочараттаһан көрөрбүт буолуо” диэн Анна Афанасьевна уруккуну-инникини эргитэ-урбата саныы олордоҕуна Уйбаанын бааҕынас куолаһа:

– Хайа, дьиэҕэр хаһан киирэҕин? Ларисалыын мааҕын кэлэргэ дылы гыммыккыт дии? – диэн туох баар санаатын ситимин быһан кэбистэ.

XVIII

Авиапортка самолеттар куугунас тыастарыттан, көтөөччүлэр айманалларыттан куу-хаа буола сылайан уонна кыыһын атааран уйадыйан Елена куоракка киирэр 4 ѕ-дээх автобуһу күүтэ туран, хараҕа киоскаҕа тоҕуоруспут дьоҥҥо иҥиннэ. Үксэ абитуриеннар быһыылаах. Төрөппүттэрин харахтарын далыттан эмискэ тэйбит, көҥүл олох амтанын амтаһыйан эрэр уолаттар айахтарыгар сигаретаны уобан, хоннохторун анныгар пиибэни кыбынан баран геройдуу тутта сылдьалларын көрөн хомойо санаата. Баттахтарын да аныгы муоданан тараҕайдыы кырыйтараллара хайдах эрэ сүөргүтүк көстөр. Ыга ыла сылдьар маечкалаах, чыры-чыаппаҕар бүрүүкэлээх кыргыттарбыт уолаттартан итэҕэһэ суох туттан-хаптан илиилэригэр эмиэ араас мааркалаах пиибэ бытыылката тутуурдаах сылдьаллара өссө сүөргүтүк көстөр. Туох-туох үйэтэ кэллэ буолла?! “Рынок үйэтин оҕолоро” диэн ааттыыллар. Инники кэскилбит, ыччаттарбыт барахсаттар, туохха-туохха тиийэн-түгэнэн эрэллэрэ буолла? Ыччат барыта маннык буоллаҕына, саха омук эстэригэр тиийэр дии. Ол эрэн ыччат барыта маннык буолбата ини. Сарсыҥҥы олоххо эрэллээх ыччат манан муҥурдамматар сатаныа этэ. Кини Марината Благовещенскай куоракка үөрэнэбин диэн бу бүгүн көттө. Билиҥҥитэ кыысчаана бэрт сэмэй, бэрээдэктээх курдук. Табаах диэни боруобалаабакка, арыгыны амсайбакка оскуолатын бүтэрдэ. Ол эрэн инникини тымтыктанан көрбүт суох. Бииргэ үөрэммит оҕолоро эмиэ үчүгэйдэр, биирдэ да сэмэҕэ-буруйга тардыллыбыт сурахтара иһиллибэтэ. “Хаарыан кылааспыт” диэн оскуола аһыйа хаалла. Мантан инньэ барыта үчүгэй эрэ буоллар диэн дьылҕа хаантан көрдөһөргө эрэ тиийиллэр.

Автобуска миэстэ булан олорон, түннүгүнэн куораты көрө олордо. “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар буолаары турар буолан, куорат харахха быраҕыллар гына тупсубут, ып-ыраас. Болуоссаттарга уонна уулуссаларга көҕөрдүү бөҕө ыытыллыбыт. Хаарыаны, куруук маннык буолара буоллар.

Марината “олох ыраах үөрэнэ барабын” диэн эрдэттэн быһаарыммыта да буоллар, бүгүн барарыгар хараҕыттан уу-хаар баһан, миигин бэйэм нэһиилэ кыатанан турар киһини улаханнык кэбирэттэ. “Бэйэҥ баҕаҕынан баран эрэҕин, онон олох ытаама” диэн кытаанахтык этэн туттунна. Ытаан-соҥоон барара айыыта бэрт. Кыра эрдэҕиттэн соҕуруу араас куораттары көрүөн баҕарара уонна Дьокуускайга олорор “хаан-уруу” аймахтарыттан тэйиччи сылдьаары барбыта биир кылаабынай биричиинэнэн буолара саарбаҕа суох. Дьиҥинэн, ити олох олоҕо суох биричиинэ. Ол дьон кини бэйэтэ чугаһаппат буоллаҕына бэйэлэринэн сыҥаламматтар. Григорий, сураҕа, кооперативнай-торговай колледжка директоры хаһаайыстыбаннай чааска солбуйан, “Азия оҕолоро” оонньуулар оҕолорун колледжка аһатар буолан онно сүүрэн-көтөн солото суох сылдьар үһү. Дьиҥинэн, Марината сөбүлээбэтин үрдүнэн аҕатын кытта билиһиннэриэн баҕарбыта. Онтон Григорий коллеһын директорынаан бу сааһы быһа оонньууларга бэлэмнэнэн бииргэ сылдьан үчүгэйдии буолбуттарын, баҕар, ыал да буолуох курдуктарын туһунан училищеҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Айталина Григорьевна кэпсээбитигэр наһаа хомойон, ол баҕа санаата симэлийэн хаалбыта. Ол аата, кини Григорийа олох да уларыйбатах, эмиэ уруккутун курдук тапталынан буолбакка, кэргэн ыларыгар бэйэтигэр барыстаах өттүн толкуйдаабыт. Куорат тэрилтэтигэр улахан дуоһунастаах үлэҕэ үлэлиир, баай дьахтары кэргэн ылар баҕата дьэ кырдьар сааһыгар туолан эрэр эбит. Бачча кэлэн баран, көрсөн барара тоҕо сиэри таһынан быһыы буолуой? Кини оҕолоругар уунан да сууйуллубат биир хааннаах аҕалара буолар. Баҕар, Марина үөрэнэр кэмигэр көмөлөһүө да этэ. Ол эбээлэрин пенсиятын уонна кини хамнаһын сыыһынан хайдах биэс сылы быһа үөрэниэн өйүм хоппот. Кыыһа олох көрсүһүннэриэн баҕарбат этэ эрээри, киэһээҥҥи паромҥа диэри өссө да бириэмэ баар. Саатар, массыынанан биэрэккэ бырахтаран кэбиһиллиэ этэ буоллаҕа. Оннук саныы олороруттан бэйэтэ бэйэтиттэн кыбыста санаата. Ол эрэн Григорийыгар тапталын кыыма сүрэҕин хайа эрэ муннугар саһа сытарын билиммэт буолуон сатаммат.

“Ленин” болуоссатыгар автобустан түһэн баран, бырааһынньыктыы киэргэммит “Киров” уулуссатынан Оҕо дыбарыаһын таарыйан, автовокзалга сатыы барарга быһаарынна. Дьиҥинэн, кини “Лена” кинотеатрга тиийэ бараары олорон, ойон туран түспүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Да-а, дьылҕа хаан бу тохтобулга түһэрэн кэбистэҕэ. Көрсүспэт быата тартаҕа буолуо. Оҕолоро уонна ийэтэ сөбүлээбэттэрэ эмиэ оруолу оонньоотоҕо. Чэ ол гынан баран, көрсүбэтэх ордук, билигин кэлэн ол колледж директорыттан ордорон детсад көмөлөһөөччү воспитателигэр өрө мэҥийбэтэ чахчы. Оннооҕор эдэригэр “таптыыбын” диирэ эрээри, олоҕун холоонноох доҕоро оҥостубатаҕа. Бу санаатаҕына, үйэтин-сааһын тухары көссүү эрэ курдук сылдьаахтаабыт, тапталтан киһи хараҕа сабыллар да буолар эбит. Чэ кэбис, сыыһаны-халтыны оҥоруох иннинэ бара охсуохха. Күн-дьыл ыраатта. От үлэтин саамай үгэнэ. Онуоха эбии ийэтэ икки ынах ыаһынын кыайбакка ыксаан иэдэйдэҕэ. Сиэнэ бүгүн көтөрүн билэр, онон киэһээҥҥи паромунан ийэбит тахсар диэн иккиэн күүтэн олордохторо. Сарсыҥҥыттан Митятын убайдааҕар сыһыаран оттото ыытыахтаах.

Уулусса нөҥүө өттүттэн кыыһын кылааһын кыргыттара киниэхэ утары сырсан иһэллэрин көрөн тутан иһэр суумкатын атаҕар өйүү тутан күүтэн турда.

– Хайыы, Нарыйалаах тугу гына сылдьаҕыт? – Елена үөрэн саҥа аллайда.

Оҕолор киниттэн итэҕэһэ суох үөрдүлэр.

– Хайа, Марина көттө дуо? Төһө үчүгэй настырыанньалаах барда? – кыргыттар үрүт-үөһэ дьүөгэлэрин туһунан ыйыталаһа турдулар.

– Бу атааран иһэбин. Оттон эһиги докумуоҥҥутун туттаран көҥүл-босхо сылдьаҕыт дуу?

– Туттаран бөҕө. Бары иккилии-үстүү үөрэххэ туттардыбыт. Үөрэххэ киирии түмүгэ атырдьах ыйын уонун кэнниттэн биллэр. Онон “Азия оҕолоро” оонньуулары көрө сылдьабыт. Тыа хаһаайыстыбатын академиятын спортивнай комплексыгар уолаттар волейболга киирсиилэрин көрөн иһэбит. Саха сирин иккис хамаандата тыа оҕолоро ээ, үксүлэрэ Амматтан уонна Уус-Алдантан эбиттэр. Бүгүн Чита уобалаһын волейболистарын 3 : 0 ахсаанынан кыайдылар, – кыргыттар үөрүүлэриттэн былдьаһа-тарыһа кэпсээ да кэпсээ буоллулар.

– Маладьыастар эбит. Дьоҥҥутугар тугу илдьиттиигит? Мин бүгүн киэһэ төннөбүн, эһиги дьиэҕитигэр хаһан төннөр былааннааххыт? – Елена кыргыттары эйэҕэс баҕайытык одуулуу-одуулуу ыйытар.

– Суох, бачча түбэһэн баран оонньуулар бүттэхтэринэ биирдэ тахсыахпыт. Хайа уонна Ванябыт сүүрэрин көрүөхпүт дии. Кини өйүүн сүүрүөхтээх. Оттон дьоммутугар улахан эҕэрдэ, үчүгэйдик сылдьаллар диэр, – дии-дии Нарыйа Еленаны иэдэһиттэн “чоп” гына уураан ылар. – Өссө сарсын оонньууларга анаммыт ыһыахха сылдьыахпыт, бэҕэһээ саҥа циркэҕэ сылдьыбыппыт уонна өссө кими көрүөхпүтүн баҕарарбытын этэбит дуо?

Кыргыттар күлэн бычыгыраһан, кэрэчээн сибэккилэри санатан, эдэр саас тыынынан илгийэн, сып-сылаастык мичилиһэ туралларын дьахтар астына көрө турда.

– Елена Николаевна, биһиги, биллэн турар, Брюс Хлебниковы көрүөхпүтүн баҕарабыт. Кини Гиннес рекордарын кинигэтигэр 28 төгүл киирбит.

– Оо, тоҕо сүрэй? – Елена соһуйан-сөҕөн бэйэтэ да киэҥ хараҕа өссө кэҥээтэ.

– Бастаан сэттэ саастааҕар эр дьон быччыҥнарын таҥаһынан баайтаран баран массыынаны соһоллорун көрөн: “Мин эмиэ итинник соһуохпун сөп”, – диэбит. Ол дьоннор күлбүттэр уонна массыынаҕа баайбыт торуостарын “чэ, саатар, тутан көр” диэбиттэр. Онуоха уоллара “Волга” массыынаны, өссө иһигэр киһилээҕи, уонча миэтэрэ соспутугар сөҕөн, сыҥаахтара түһэ сыспыт, – Нарыйа кэпсээн-ипсээн чаҕаарар.

– Күн аайы ол оннук улахан мероприятиеҕа сылдьаргытыгар харчыгыт бэрт ээ, билиэккит барыта тос курдук сыаналаах ини.

– Саамай чэпчэкитэ 200 солк. Ол эрээри дьоммут биэрбит харчыларын онно эрэ туттабыт. Табаахтаабаппыт, арыгылаабаппыт, араас тирээпкэни көрдөөн рыногы кэрийбэппит, харчыбытын туһалаахха эрэ барыыбыт, – Нарыйа чабырҕахтаан субурутар. – Елена Николаевна, эйигин автовокзалга атааран биэрэбит дуо?

– Бэйэм барар инибин, малым аҕыйах ээ. Чэ, оҕолор, эһиги үчүгэйдик сылдьыҥ. Ол-бу куһаҕантан сэрэниҥ, мөкүгэ сыстар дөбөҥ диэччилэр, – Елена ийэ киһи быһыытынан үөрэтэлиир.

Кыргыттар истиҥ баҕайытык бакаалаһан баран, фонтан диэки сырса турдулар.

Елена кыргыттары батыһа көрөн чочумча тура түстэ. Тоҕо эрэ кини Марината дьонуттан-сэргэтиттэн, бииргэ үөскээбит-үөрэммит доҕотторуттан тэйэн хаһан да харахтаабатах куоратыгар үөрэххэ туттарса барбытын санаата. Кини бэйэтэ эбитэ буоллар соҕотоҕун харчы да манньаҕа итиччэ ыраах барыа суох этэ. Кыыһа санаабытын толорон тэйэр кытаанах характердааҕын Елена бэйэтэ да сөҕөр. Оҕом эрэйдээх ийэтэ эдэр сааһыгар оҥорбут алҕаһын кытта эйэлэспэт санаалаах быһыылаах. Оттон ол аҕабыт буолуохсут хаһан көрбүт оҕолорун оҕоргуой. Арай “барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буоллаҕына” онтун кэпсээн тыынын таһаарар дьонобут эрэ. Били нууччалыы эттэххэ, “плачется в жилетку” диэн буолар быһыылаах. Кыргыттары этээччилэр “по расчету” кэргэн тахсаллар диэн, билигин онтон эр дьоммут да хаалсыбаттар быһыылаах. Мин акаары 18 сыл устата киһи олоҕор улаханнык эрэммэт киһитин таптаатым. Таптаатым буолан… эбэтэр күүттүм, эрэнним. Оттон кини үксүгэр санаата оонньоотоҕуна, имэҥэ киирдэҕинэ эрэ мэҥийэн, мүөттээх тылынан өйүн-санаатын иирдэр идэлээх. Дьахтар этэ-хаана кини өйүттэн-санаатыттан тутулуга суох, эр киһи эймэниттэҕинэ, албын тылынан сипсийдэҕинэ, сылаас уоһунан уураатаҕына-сыллаатаҕына, имэҥирэн итии илиитинэн туттаҕына-хаптаҕына сорох дьахтар ууллан хаалар, бэринэн кэбиһэр дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Аныгыскы сырыыга аккаастыам, тоҥуйдук туттан, хаҕыс, тыйыс тылларынан быһаарсыам, тэйитиэм диибин даҕаны… Ол тоҕо эрэ кыаллыбат дии… Таптал диэн ама аҥаардас эт-хаан баҕатын ханнарыы эрэ буолбата ини… Таптал диэн туох эбитэ буолла? Бачча сааспар диэри ити боппуруоска эппиэт булбатым. Бастаан тас көрүҥүн сөбүлүү көрөртөн саҕаланар быһыылаах, онтон икки өттүттэн сөбүлэһэр буоллаххына бэйэ-бэйэҕэ курдаттыы тардыһыы кэлэр. Кэлин ыал буолан олордоххо, тапталыҥ сыыйа дириҥ убаастабылга кубулуйар дииллэр. Өйгүнэн-төйгүнэн толкуйдаатахха итинник буолуон сөп. Оттон сүрэҕиҥ-дууһаҥ атыны этэр… Таптаатаххына тугу барытын умнан, тугу гынаргын бэйэҥ да билбэккин. Өйгүнэн-санааҕынан, дууһаҕынан-сүрэххинэн ол эрэ киһиэхэ курдаттыы тартараҕын. Ити Ларисалаах Сергей тапталларын оҕолор киэн тутта, эдэр ыччат дьиктиргии, орто саастаах көлүөнэ аһына, кырдьаҕастар хомойо көрөллөр. Сергей 13 сыл устата бииргэ олорбут кэргэнин, оҕотун хаалларан, эдэр сааһын тапталлааҕын ыраахтан да буоллар көрө сылдьаары дойдутугар эргиллэн кэлбит диэн кэпсииллэр. Лариса доруобуйата даҕаны, санаата-оноото даҕаны кэлин арыый көнөн эрэр курдук этэллэр. Таптал тугу оҥорботоҕо баарай диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

Миигин тапталыгар табыллыбатах дьахтарынан ааҕаллар. Ол аата, мин дьоло суохпун дуо? Оттон дьолу тапталга эрэ табыллыбытынан сыаналыыр сөп үһү дуо? Хайдаҕын да иһин, мин таптыыр киһибиттэн икки оҕолоохпун дьолум дии саныыбын. Ол киһим үрүмэччи курдук сибэккиттэн сибэккигэ тэлээрбитэ мин буруйум буолбатах. Киһитэ оннук түбэстэҕэ дии. Оо дьэ, мантан ыла Григорийы сүрэх-быар ыарыыта гыммакка, оҕолорум туһугар олорбут киһи баар ини. Оҕолорбун сөптөөх олох сүнньүгэр эрэллээхтик үктэнэллэригэр көмөлөһөр, оттон ийэбин сымнаҕастык сытыарар мин эрэ илиим иһигэр баарын өйдүүр саас кэллэ быһыылаах. Григорийы көрсүбэккэ бардахха сатаныыһы, киниэхэ биэрэр иэһим суох. Оо, былырыыҥҥа диэри акаары да эбиппин. Кини кэлэр-барар уулуссатын, олорор дьиэтин ыраахтан кэтээн-манаан биэрэр да этим. Бу хаһан өйдөнүөх бэйэбиний? Ол гынан баран, таптыырга буруй суох…

Елена ыгыллан кэлбит хараҕын уутун туора-маары соттон баран, хотоойутук туттан, дьонугар кэһии ылаары “Халбаһыы” маҕаһыыныгар туораата. Үрдүк кирилиэскэ ыттан иһэн, тоҕо эрэ кыыһа Андрей Владимировичка эҕэрдэ ыыппытын өйдөөн сонньуйан ылла.

XIX

Нина Аркадьевна икки хараҕын үүтэ көстүбэт буолуор диэри кыыһыран, садьыаланан-илгиэлэнэн дьиэтигэр киирэн кэллэ. Киэһээҥҥи аһылыгын да бэлэмниир кыаҕа суох курдук. Илиитин мускуна-мускуна саалатын иһигэр төттөрү-таары хаамыталыы сырытта. Сахаянушката ийэтэ кыыһырбытын көрөн, куттанан, толору уулаах хараҕынан оҥой-соҥой көрбүтүгэр да улахан болҕомтотун уурбата. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри дьиэтигэр кэллэҕинэ, оҕото детсадка бүгүн тугунан дьарыктаммытын, туохха үөрэммитин туһунан ыйыталаһан эрэ баран, дьиэтээҕи үлэтин түбүгэр төбөтүн оройунан түһэр идэлээҕэ. Ол барыта бүгүн умнулунна. Бүгүн уоппуска харчыта кэлиэхтээҕин билэр буолан, сарсыарда үөрэн-көтөн аҕай уһуктубута. Иккиэннэрин уоппускатын харчыта син балачча буолуохтааҕа. Быйыл дьонугар сынньана таарыйа сир астыы барарын тохтотон, дьиэтин евроматырыйаалынан бүрүйтэрэр санаалааҕа. Онтуката ханна баарый? Эрдэ үөрбүт эбит. Күнү быһа кассир кэлэрин кэтэһэр бэйэтэ бырааһынньык курдук этэ. Онтон уһун уочарат кэнниттэн таабылга илии баттаары көрбүтэ Николай уоппускатын уонна хамнаһын холбоон, ол аата 15 тыһыынчаны, хайыы-үйэ ылан илии баттаабыт. Урукку кэргэнэ кыыһа мединститукка киирэригэр баала хапсыбакка төлөбүрдээх үөрэххэ киллэрээри 24 тыһыынчаны көрдөөн сүүрэ-көтө сылдьар сурахтааҕа. Оччоҕо ол харчы онно барбыт эбит. Аны сыл ахсын ону төлүүр буоллаҕына, биэс сыл тухары 120 тыһыынча харчы онно кутуллар буолбут. ГИФО-лара диэн сүрдээх иэдээннээх эксперимент быһыылаах ээ. Тыа оҕотугар улахан охсуулаах буолсу. Урут биһиги биир харчыта суох үөрэхтэнэн син үлэһит буола сылдьабыт. Николай төһө да кыыһыгар көмөлөһүөн баҕардар саатар кэргэнэ ааттаахха этиэх эбит. Сүбэлэһэн да көрбөтөх. Ол аата, ханна эрэ көрсөн кэпсэттэхтэрэ, дьахтарбыт билбэтэх-көрбөтөх курдук туттар даҕаны бэйэтигэр сыһыара сатыыр буоллаҕа. Киэһээтин кэпсэтэр-ипсэтэр, күлэр-салар бэйэтэ кэлин тоҕо эрэ саҥатыттан-иҥэтиттэн матан, кыыһынаан да оонньообокко кэтэх тардыстан баран күнү быһа дьыбааҥҥа сытар идэлэммитэ. Чэ, көрөн иһиллиэ. Манна да төрөппүт оҕото баар. Били холку-наҕыл бэйэтэ бу киһиэхэ кэргэн тахсыаҕыттан, этэллэригэр дылы, “ньиэрбэ хаата” буолла. Кини хас хаппырыыһын барытын тулуйа сатаата, иһэрин да “көрбөтөҕө буолан, хараҕын саппыта”. Төрөппүттэрин да көрө-истэ сатаата. Онто ханна баарый? “Сиэри таһынан кичээҥи, ымсыы” диир үһү. Кини оннукпун дии санаабат, ол хаһаайынныы хараҕынан көрөн дьиэтин-уотун дьаһанара ама иҥсэ-обот аатырдаҕай? Кырдьык, баайдык-тоттук олоруон баҕарар, ол мэлдьэх буолбатах. Кини бэйэтин эрэ иннин көрүммэт ээ, оҕотун, Сахаянушкатын, иннигэр кыһаллар, кыыһын олоҕун оҥорон кэбиһиэн баҕарара туох омнуолааҕый?

Бу уһаайба кэлин даача буолуо. Билигин биир да харчыны энчирэппэккэ мунньан, кэлин Дьокуускайга кооператив нөҥүө таас квартираны ылыан баҕарара эмиэ сүөргү үһү дуо? Ону да кинилэр кыахтара биир эрэ хостоох квартираҕа тиийиэҕэ. Ону да өр сылларга “накопительнай программаҕа” киирэн харчы мустахтарына. Ол иһин даҕаны, быйылгыттан бырыһыаннаах уурдарыыга харчы ууруом диэбитин сэҥээрбэтэх эбит дии. Мантан инньэ ол оҕолоро үөрэнэллэригэр үлэлээбит харчытын барытын ыскайдыыһы дии. Оччоҕо мин кимминий? Ким оруолун толоробунуй? Ыал быһыытынан сыал-сорук туруорунан, дьаһанан олорбот буоллахпытына, туох гынаары ыал буолан олоробутуй?!

Нина Аркадьевна арыый уоскуйа быһыытыйан, дьахтар аймах барыта кэриэтэ ымсыыра көрбүт немецкэй кухоннай миэбэлин аһан-сабан киэһээҥҥи аһылыгын бэлэмнээн, кэтилиэт ыһаарылаан сырдьыгынатта. Дьиэ иһигэр ас минньигэс сыта тунуйда. Дьахтар сымсатык туттан-хаптан аһылыга хайыы-үйэ бэлэм буолла. Кыысчаанын аһатта. Дьиэтин сииктээх тирээпкэнэн сотон ылла.

Таһырдьаттан киирэр аан тыаһаабытыгар кэргэнэ киирэн эрэрин истэн, дьахтар тыынара эмиэ тыастанна, кыыһырбытын биллэрэн иһитинэн-хомуоһунан тамнааттанна. Николай киирээт, утуйар хоско быһа ааста. Сахаянушката аҕатын көрөөт, куукулатын туппутунан, кэнниттэн батыһан тугут оҕотун курдук сүүрэн тойторуҥнаата.

– Хайа, уоппускаҥ харчыта, хамнаһыҥ ханнаный? – дьахтар кэргэнин тута баттаһан хоско сырсан киирэн, кыыһырбыт куолаһынан ыйытан баран, өттүк баттанан күүтэн турда.

– Билэр эрээри тоҕо ыйытаҕын? Бэйэлээх бэйэм көлөһүммүн оҕом үөрэнэригэр биэрдим, – Николай эрдэттэн суос бэринэн, кэргэнин саҥардымаары, хайдах сатанарынан кытаанахтык эттэ.

– Оттон мин эн кэргэниҥ буолбатахпын дуо? Сахаянушка биһикки ахсааҥҥа ылыллыбаппыт дуу? Анна Алексеевна биһиги дьиэ кэргэн боппуруоһун хаһааҥҥыттан быһаарсар буолбутай? Икки дьиэ кэргэни тэҥинэн көрөн олорорго санаммыт буоллаххына, мин сөбүлэһэн олорор санаам суох. Ол кэриэтэ арахсар буоллаххына, араҕыс. Оттон мин бу дьиэттэн көһөр санаам суох. Сахаянушка эһээлээх эбээтин дьиэтигэр олорор эмиэ тэҥ бырааптаах. Кини эмиэ кинилэр төрөппүт сиэннэрэ буолар, – Нина Аркадьевна ытамньыйан куолаһа кытта бөтөн ылла.

– Кыыһырдаҕыҥ аайы Сахаянушканан киирэргин-тахсаргын уурат. Оҕону онно-манна булкуйума. Оттон оҕолорбор тыыннааҕым тухары, көмөҕө наадыйалларын тухары көмөлөһүөҕүм. Эйигиттэн тутуллуом суоҕа.

– Дьиэҕэр эр киһи курдук булбат-талбат, хамнаскын аҕалбат буоллаххына эн туохха наадалаах киһигиний? Ситэри бииргэ олорботохпут да көнө.

Төрөппүттэрэ кыыһырсан, улаханнык саҥарсан барбыттарыттан Сахаянушкалара куттанан ытаан мэрбэҥнээн барбытыгар Николай көтөҕөн саалаҕа таҕыста.

– Оҕону түһэр, холуочук эрээри, охтон оҕону оһоллуоҥ, – дьахтар оҕону ылаары эр киһи илиитигэр түспүтүгэр Николай биэрбэттии туттан, кыыһын көтөхпүтүнэн дьыбааҥҥа олорунан кэбистэ.

– Нина, эн тоҕо куруутун суоҕу өйгүттэн оҥорон көрө-көрө саҥараҕыный? Мин икки ыалынан олорор санаам суох. Анна Алексеевна хаһан да итинник тыллаһыа суоҕа этэ.

– Дойҕохтоомо, оҕону аҕал уонна баҕалаах сиргэр бар.

– Мин оҕолорум үөрэнэллэрин тухары уоппускам харчытын кинилэргэ биэриэҕим. Оттон ыйдааҕы хамнаспын уонна халтуралаан өлөрөр харчыбын барытын баҕаҥ хоту ылаҥҥын ханна баҕарар гын. Баҕар, сберкассаҕа уурдар, баҕар, кооперативка биэр. Ону мин олох туорайдаһыам суоҕа, – Николай кыыһыран куолаһа быһытталанан барда.

– Хата, кинилэр сүрдээх үчүгэйдик быһаарбыттар эбит дии. Онно мин санаам тоҕо аахсыллыбата? – Нина Аркадьевна эппитин кэлиилии кэбэ турда. – Хата, ол күндү дьоҥҥор хоммокко тоҕо манна кэллиҥ? Ситэри хаалан хаалыаҥ этэ буоллаҕа дии.

– Нина, эн киһини биирдэ эмэ тоҕо өйдүү сатаабаккын? – Николай туран кэргэнигэр утары кэлбитигэр дьахтар кэннинэн чинэрийдэ. – Кэлин майгыҥ-сигилиҥ алдьанан, киһи билбэт киһитэ буоллуҥ. Дьонтон эрэ ордо сатыыр айдааннааххын. Онно эбии күнүүлээбитэ буолаҕын. Эн тугу барытын төттөрү өйдүүргүттэн, ыал аатыттан ааһаары гынныбыт, төһө уһуннук уот отторбут биллибэт буолла. Аны Анна Алексеевнанан кииримэ-тахсыма. Хаста этиэххэ сөбүй, кинилиин туох да сыһыаммыт суох диэн. Уон алта сыл ыал буолан олорбут кэргэммин, үс оҕобун хаалларан эйигин кэргэн ылбытым. Ама эйигин таптаабакка оннук быһаарыныыга тиийиэм дуо? Анна Алексеевнаны эмиэ таптаан кэргэн ылбытым. Ол билигин истиҥ убаастабылга кубулуйбута. Оттон эн биһиги тапталбытын туохха кубулутан эрэҕиний?

– Араатардаан бүт. Арыгылаатаххына эрэ өйдөөҕүмсүйэн миигин үөрэппитэ буоларгын тохтот. Өйдөөх күҥҥэр күнү быһа биир да тылы саҥарбакка ньимиликээн буола оонньуугун дии. Арыгылаан баран дьиэҕэр кэлбэт буол диири кулгааҕыҥ таһынан истэҕин. Сотору кыыһыҥ улаатан арыгыһыт аҕатын “чээн” диирэ биллибэт. Оччоҕо көрүөхпүт олохпут айгыраабытыгар ким ордук буруйдааҕын.

– Этиһэ-охсуһа олорор ыал олоҕун ыралыыгын. Эйигин кытта аахсан да диэн, – Николай илиитигэр утуйан хаалбыт оҕотун дьыбааҥҥа сытыаран баран, суорҕанынан бэрт кыһамньылаахтык сабан биэрдэ. – Кырдьыкпынан эттэхпинэ, кэлин манна, бу дьиэҕэ Сахаянушкам эрэ тардар буолан кэлэр курдукпун.

– Киэр бар, сибилигин даҕаны киэр бар, – Нина кыыһырбытын уоҕугар бөтүөхтэс буолла, сибилигин охсуох курдук дугдуруҥнаата.

– Аргыый буол, оҕоҕун уһугуннарыаҥ, мин Сергей Акимовичка бардым, сүгүн олордоргун аастыҥ, – Николай аан диэки барбытыгар көхсүгэр сиирэ-халты хаһыаттар кэлэн түстүлэр.

– Сергей Акимовиһыҥ суоҕа буолуо, көмүс кытахтан үҥкүрүйэн алдьаммыт хоруудатыгар эргиллэн кэлэн олорор, таптал кулута буолбут киһиттэн туох бэйэлээҕи сүбэлэтэн, сомсон, ытыһан ылар үһүгүн. “Дьиэҕэр тэһийбэт тэлээр дьэллик” буолбут буоллаххына, сылдьан көр. Ол дьахтарыҥ тыла мүөттээҕэр минньигэс буолуо, начаас уоскутуоҕа… – Нина Аркадьевна кэнниттэн хаһыытыы хаалла.

XX

Анналаах аныгылыы олох сиэринэн толору миэбэллээх киэҥ сырдык дьиэҕэ олороллор. Киирбиттэрэ сүүрбэччэ сыл буолла да, дьиэлэрэ эргэрбит быһыыта суох.

Анна Алексеевна электрическэй хобордооххо алаадьы буһаран сырылатар. Үс атахтаах сахалыы оҥоһуулаах остуолга дьүөгэтэ Анна Афанасьевна сыҥаах баттанан олохтоох араадьыйа “Дуораан” биэриитигэр Гаврил Николаев “Эргэрбит хаартыскалар” диэн сүрдээх истиҥ ырыатын бүтүннүү кулгаах буолан иһиллээн олорор.

– Аһара да үчүгэйдик ыллыыр. Сэдэхтик бэриллэр, киһини абылыыр кэрэ куоластаах уол. Быйылгы “Этигэн хомуска” “Сыл бастыҥ ырыата” диэн номинация хаһаайына буолбута. Саас “Сибэккилэр түһүүллэр” диэн концерыгар барыахпын олус баҕарбытым эрээри, хаһан да бүппэт үлэни саба тутаары барбатаҕым. Быйыл күһүн Италияҕа талаанын сайыннарар стажировкаҕа барар үһү, – Анна Афанасьевна тугу билэрин дьүөгэтигэр кэпсии олордо.

– Эчи үчүгэйин, аҥаардас Италия курдук опера сайдыбыт дойдутун да көрөр дьол буолуо дии, – Анна Алексеевна сэҥээрэр.

– Оннук ээ. Бу оҕо канадскай дэриэбинэҕэ музыкальнай оскуолаҕа үһүс курска үөрэнэр. Быйыл “Туймаада” ансамблыттан уурайан, Опера уонна балет театрыгар стажер-солист быһыытынан үлэлиир дииллэр. Уопсайынан даҕаны, “Туймаадалар” наһаа үчүгэйдик ыллыыллар, киһи эрэ истэ олоруон курдук. Мин Уйбааным эмиэ кинилэр ыллыылларын иһиттэҕинэ сүрэҕэ ууллар.

– Оттон Николай Аскалон Павловы, Павел Семеновы, Александр Бурнашеву сөбүлээн истэр, – хаһаайка холодильник үрдүгэр дьиэ кэргэнинэн түспүт хаартыскаларын араамалаан уурбуттарын көрөн ылар.

– Николайгын ахтаргын уурат эрэ. Кырдьыгынан эттэххэ, кэргэнинээн айдааннаахтык да олордоллор саҥа олоҕуттан кэмсинэрэ көстүбэт. Уонна кыракый кыысчааннаах. Онон сүрэххиттэн ылан быраҕан кэбис, – Анна Афанасьевна наһаа тимир-тамыр курдук этэн баран, бэйэтэ да соһуйда быһыылаах.

– Хайыыр да кыаҕым суох. Эн тулуйан истиэххин, эйигиттэн атыҥҥа кэпсээн тыыммын таһаарар киһим суох ээ, доҕоччуок, – дии-дии дьүөгэтигэр хойуу үүттээх кофе кутан биэрэр, – хата, алаадьыта сиэ. Сааһыран истэҕим аайы, эдэр эрдэҕинээҕи тапталбын, өр сылларга бииргэ олорбут холоонноох доҕорбун, төһө да таҥнаран атын дьахтарга аралдьыйбытын иһин син биир саныырым кэмнээх буолуо дуо, сэгэриэм. Олохпор биир эрэ киһини таптаатаҕым дии.

– Оннук буолуо. Сыл хонук дииллэрэ кырдьык. Киһи үйэтэ сүрдээх кылгас. Соторутааҕыта оскуоланы бүтэрэргэ дылы этибит, билигин бэйэбит оҕолорбутун оскуоланы бүтэртэрэн, төрөөбүт ыырдарыттан көччөх гынан көтүтэлээтибит. Хата, Витюшкам бастакы категорияҕа хабыллан, төлөбүрэ суох үөрэххэ киирэн, Уйбааммынаан үөрэн аҕай олоробут. Эн Нарыйаҥ эмиэ маладьыас, төлөбүрдээх да буоллар медицина курдук үөрэҕи баһылыыр кыахтанна. Көмөлөһө таарычча кыра харчы аҕаллым, – диэн баран Анна Афанасьевна суумкатыттан кэмбиэр хостоон ылан остуолга уурда.

– Оо, дьүөгэм барахсан, олус диэн улахан баһыыба. Харчытын толору төлөөтүбүт ээ. Аҕабыт көмөҕө диэн 15 тыһыынчаны биэрэн абыраата. Аны икки студеннаах буоламмын куруутун иэскэ сылдьарым буолуо, онон ылбаппын, иэһим элбээн хаалыа диэн куттанабын.

– Ким да иэс биэрбэт, истиҥ сүрэхтэн көмөҕө биэрэбин, ылбатаххына хомойуом. Кыыһа суох дьон, биһиги, Нарыйалаах Машеньканы кыргыттарбыт курдук саныыбыт. Нарыйаны “сытыы-хотуу, дьаһаллаах, быһаарыммытын оҥорон тэйэр, сүрэхтээбит ийэтин эйигин баппыт” диэн Уйбаан күлэр, – дии-дии Анна Афанасьевна астынан күлэ олордо.

– Ээ чэ, оннук буоллаҕына, баһыыбаны кытта. Уйбааҥҥар улахан баһыыбата тиэрдээр, – Анна Алексеевна кэмбиэри ылан холодильник үрдүгэр уурда. – Нарыйа аҕатын туһунан сүгүн истээччитэ суох, оттон билигин үөрэххэ барар баҕата баһыйан харчыны саҥарбакка ылла. Николай оҕолоругар үөрэнэр кэмнэригэр итинник көмөлөһөрө буоллар, баҕар, оҕолор устунан киниэхэ сыстыа этилэр.

– “Туппуккун эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн” диэччилэр. Оҕолоруҥ аҕалара таҥнаран барбытын хаһан да бырастыы гыныахтара суоҕа. Тугу эппитэй диэр эрэ. Оттон оҕолоругар көмөлөһөрө төрөппүт аҕа быһыытынан кинилэргэ иэһэ буолар. Ол сокуон, – Анна Афанасьевна дьүөгэтин күөйэ-хаайа этэрин кубулуппат. – Барбыт киһини сүрэх-быар ыарыыта оҥостума, онтон сылтаан доруобуйаҥ айгырыа, эбиитин эрдэ кырдьыаҥ. Оҕолоргун иитиэххин, атахтарыгар туруортуоххун наада, ону өйдөө.

– Этэриҥ сөбүн сөп эрээри, сүрэҕим ылыныан баҕарбат. “Оннооҕор түөрт атахтаах бүдүрүйэр, көтөр кынаттаах саарар, чобуо тыллаах кэлэҕэйдиир” диэн тугу этэллэрий? – Анна Алексеевна куолаһыгар хараастыы дорҕооно иһиллэр. – Үйэм тухары кэлтэй таптыырга ананан төрөөбүппүн быһыылаах. “Таптыыртан харах арахпат, ыалдьартан илии арахпат” диэбиттэринии, наар ахта-саныы, суохтуу сылдьабын. Таптал баарын билбиппиттэн, киһибин муҥура суох таптыырбыттан эмиэ хайдах эрэ дьоллоох курдук сананабын ээ. Күүстээх таптал мээнэ киһиэхэ бэриллибэт дии саныыбын.

– Чэ, кэбис, Аня, атыны кэпсэтиэх эрэ. – Анна Афанасьевна кэпсэтии тиэмэтин уларытар. – Биир кэлим экзамены төрөппүттэр аһара биһирээбиттэр. Элбэх оҕо ороскуота суох дьиэлэригэр олорон докумуоннарын эрэ ыытан үөрэххэ киирэн хааллылар. Сорох оҕолор куоракка киирэн мэнээх сылдьыбакка, дьонноругар оттоһон абыраатылар да диэххэ сөп. Баҕалаах оҕо утумнаахтык дьарыктаннаҕына, син ити эксперименинэн үөрэххэ киирэр эбит. Быйылгыга диэри итинник экзаменынан куорат эрэ оҕолоро үөрэххэ киирэр курдук өйдүүрбүт. Хата, онтубут сыыһа өйдөбүл буолла. Арай Борис эрэ Ираида Ивановнаны сырсартан бокуой булбакка, үөрэххэ киирбэтэ.

– Ираида Ивановна быйыл күһүн үлэлии кэлэр үһү дуо? – дьиэлээх дьахтар интэриэһиргиир.

– Кэлэр дииллэр дии. Борис аармыйаҕа барар үһү. Барар да буоллахпына син биир холбоһобут диэн дьонугар эппит. Онон Борис ийэтэ көтүөр кыната суох. Сыбаайба оҥоробун, саҥа дьиэбитин туран биэрэбит, бэйэбит эргэ дьиэбитигэр олоруохпут диир. Уол аармыйа кэнниттэн милицияҕа үлэлиэм, онтон юридическайга туттарсыам диэн былааннаах үһү, – Анна Афанасьевна кэпсии олордо.

– Арбы-ы, биир сонуммун кэпсээбэккэ олорор эбиппин. Бэҕэһээ киэһэ Марина эрийэ сылдьыбыта, үөрэххэ киирбит, балаҕан ыйын 20-тэн үөрэнэллэр үһү, олорор уопсайбар хамнаска өрөмүөҥҥэ үлэлиибин диэбитэ.

– Оо, бу маладьыаһы. Ийэлээх эбээтэ төһө эрэ үөрдүлэр.

– Настаа эрэйдээх быйыл эмискэ мөлтөөтө, олох хапсыччы баран хаалла. “Хоту” профилакторийга миэстэ булан эмтэнэ бараҕын дуо диэн этэн көрбүппүн аккаастанар, саатар 2 – 3 сыл устата пенсиябынан сиэммин үөрэттэрэн хаалыам этэ диэхтиир. Атын республика оҕолорун барыларын төлөбүрдээх эрэ миэстэлэргэ ылбыттар. Онтулара сылга 20 тыһыынча үһү. Баһаам харчы, – Анна Алексеевна тугу эмэ тобуллаххына эн эрэ тобулуоҥ диэбиттии дьүөгэтин сирэйин-хараҕын одуулаһар.

– Депутаппытыгар Николай Николаевичка этэн, үөрэх департаменын кытта кэпсэтиннэриэххэ. Марина үөрэнэригэр хайдах эрэ көмөлөстөххө сатанар. Ол эбээтин пенсията, ийэтин хамнаһа диэхтээн, оҕону үөрэттэрбэт үп буолуохтаах.

– Кыһанаар эрэ. Оскуола өрөмүөнэ төһөлөстө? Балаҕан ыйыгар бүтэрэр инигит?

– Ый ортотун диэки бүтэрэрбит буолуо. Хата, быйыл республикабыт правительствота “2004 – 2008 сс. республика тыатын сиригэр үөрэх тэрилтэлэрин тутуу” диэн Программаны ылынан, капитальнай өрөмүөҥҥэ балачча үп көрүллэн абыранныбыт. Тыа сирин оскуолата – нэһилиэк духовнай, культурнай, спортивнай киинэ, кини кэскилэ буолар. Оскуола сабылыннаҕына эбэтэр материальнай базата, үөрэтэр-иитэр үлэтэ мөлтөөтө да, дьон оҕотун үөрэттэрээри киин сиргэ көһөр аакка барар, оччоҕо дэриэбинэ кэхтэр, сайдыыта тохтуур. Оннук эрэ буолбатар. Чэ, Аня, мин оскуоланан эргийэн дьиэлээтим. Үлэһиттэрим тугу гыммыттарын көрөн ааһыам. Билигин эпсиэйдээн бүтэрэн эрэр буолуохтаахтар. Акылаатын уларытыыга улахан эрэйи көрдүм. Билигин саамай судургута хаалла, – Анна Афанасьевна чараас тирии кууркатын тимэхтэнэрин быыһыгар кэпсээн айаҕа хам буолбат. – Ларисаҕа таарыйбыт киһи бэрт буолуох этэ да, олох соло суох. Саатар, бэйэтэ олох сылдьыбат буолан хаалла. Эйиэхэ сылдьар дуо?

– Бэҕэһээ киирэн тахсыбыта. Ыксыыр ахан этэ. Туохтан эрэ кыбыстар курдук туттар. Дьиэтин капитальнайдык сууйбут, пенсиябын ыллахпына кырааскалыам этэ диир. Үчүгэй баҕайытык таҥныбыт, санаабар, чөлүгэр түспүт курдук, тупсубут көрүҥнээх. Мантан инньэ үчүгэйдик олордор ханнык этэ.

– Сергей дэҥнэтэн Уйбааҥҥа кэлэн барар этэ, кэлин наар таһынан ааһан хаалар буолла. Көрүстэрбин ыйыталаһар санаалаахпын. Сибээстэһэр буоллахтарына, тоҕо биһигиттэн кистииллэрий? Киһи кыбыстара туох да суох ээ. Улахан дьон буоллахтара дии. Кырдьар саастарыгар бииргэ да олордохторуна ким да сүөргүлүө суоҕа дии саныыбын. Арай Лариса эрэйдээх ньиэрбэ ыарыһах аатыран үйэтин моҥообут буруйдаах. “Сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи, таптаабыт манаагылааҕы батыһар”    диэн баар буолбат дуо.

– Дьүөгэм барахсан, саҥаҥ элбэҕэ, саҥаран баран кэлээр диэбит киһилэрэҕин, – Анна Алексеевна оҕо сааһын доҕорун диэки эйэҕэс баҕайытык көрөр.

Анна Афанасьевна тахсан бараатын кытта, дьиэ иһэ чуумпура түһэр. Дьиэлээх дьахтар сып-сап иһитин хомуйа охсон, ньирэйин уулатаары хотонугар таҕыста. Кырдьаҕас ынаҕа ороһулаан төрөөн, ньирэйин кыра оҕо курдук көрөр. Кырата-хачаайыта, үчүгэйдик аһаабат-сиэбэт, кыстыгы хайдах туоруура буолла. Бу сайын “Лөгөй” аһаҕас акционернай обществоны кытта дуогабардаһан үс тонна үүт туттарыахтаах. Ол эрээри туттарбыт эппит-үүппүт харчыта тута бүтүннүүтэ хаһан да кэлбэт, онон бу үрдүү турар сыанаҕа охсуута сүрдээх. 20-чэлии тонна үүтү, уончалыы сүөһүнү эккэ туттарар дьоҥҥо өссө улахан охсуу быһыылаах. Онтон киниэхэ хамнаска эрэ эбиилик буоллаҕа. Соҕотох үлэһит хамнаһыгар түөрт киһи хайдах да иитиллибэт, онон сүөһүтүн эспэтэҕинэ табыллар. Уоллаах кыыһын үөрэттэриэн наада. Хата, Ванята убайыгар кыттыһан оттоһон бэркэ абыраата, “көрөн баран турбат, кыайбатыгар да түһүнэн иһэр” диэн убайа бэркэ хайҕаан эрэрэ. Аҕабыт сүөһүтэ суох буолан оттообот, бастаан бардаҕын утаа оттоһуох курдук гыммытын убайа чугаһаппатаҕа. Уонна Ваня аҕатын абааһы көрөр, “биирдэ эмит мин кинини тутуом” диэн тыллаах. Ону буойсарыгар-хаайсарыгар тыла бүтэн эрэр. Борис уол маладьыас эбит, тапталын иннигэр туруулаһан тапталлааҕын иннин ылбыт, оттон кини тапталын туһугар охсуспатаҕа, саҥата суох туран биэрбитэ. Атын дьахтары кытта көрсүүлэһэрин истибитэ да, оҕолорум билбэтэллэр ханнык диэн истибэтэҕэ-көрбөтөҕө буолбута. Сыһыаннара дириҥии илигинэ, саҥа кыламнаан эрэр уоту саба тутуохха баар эбит, билигин санаатахха. Бэл киһитэ хомунан барарыгар саҥата суох ньимиликээн буолан олорбута. Күн бүгүнүгэр диэри Николайын куһаҕаннык санаабат, хата кэлин аһыныах курдук эҥин буолан эрэр. Нина Аркадьевнаны үлэтигэр кыһамньылаах диэн хайгыыллар эрээри, дьиэтигэр наһаа тырытта сылдьар ыарахан майгылаах, сиэри таһынан кичээҥи, “биэрэрин бэскэ ыйаабыт тимир тыҥырах”, эбиитин күнүүһүт дииллэр. Ол миэхэ күнүүлээн эрдэҕэ. Оттон кинилиин сыһыаммыт суоҕун дьон барыта билэр. “Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы” дииллэр үһү табаарыстара. “Сахаянушкабыттан тутуллабын, онтон атын дьоммор төннүө эбиппин” эмиэ дэтэллэр. Үчүгэйэ бэрт эбит дии. Баҕардаҕына барар, баҕардаҕына төннөр. Тохтууруҥ буолуо ээ, оҕолоруҥ дьиэҥ боруогун да атыллаппаттар ини.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации