Текст книги "Таптал баар буолан"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 7 (всего у книги 8 страниц)
Ираида Ивановна оскуолаттан дьиэлээн иһэн, Нина Аркадьевна иһэрин көрөн суолуттан туораан күүтэн турда. Көрсүспэтэхтэрэ өр буолбут дьон быһыытынан куустуһан ыллылар.
– Ираида Ивановна, үчүгэйдик сынньаммыт көрүҥнээххин. Уойбуккун-топпуккун, тупсубуккун… – Нина Аркадьевна күлэ-үөрэ көрсөр. – Таптал киһини тупсарар дииллэрэ кырдьык ээ, быһыыта. Нууччалыы эттэххэ, медовый месяц дииллэр этэ дуу билигин эһиэхэ?
– Оннук-оннук, оттон эһиги хайдах олордугут? Сахаянушка төһө улаатта?
– Ээ, кэммитинэн олоробут. Сахаянушка улаатар. Оттон биһиги кэхтэн истэхпит дии.
– Аата, билиҥҥиттэн кырдьаҕын дуо ол? Хата, миэхэ киирэн чэйдиэххэ. Анастасиям кэлбэккэ чуҥкуйуох курдукпун, – Ираида дьүөгэтин дьиэтин диэки дьөгдьөрүтэн илдьэр.
– Оттон Бориһыҥ? Кэргэн тахсаат, чуҥкуйдаххына табыллыбат буоллаҕа дии, – Нина соһуйбуттуу көрөр.
– Ээ, Борис дьиэҕэ олорбот, күн ахсын тыаҕа мас кэрдэ ойор. Дьиэ тутта охсоору. Бүгүн аҕата барсыбыта. Онон хойутууллара буолуо, – кыыс кэпсиир.
– Омуннаах киһи эбит, доҕор. Мин киһим киһи дьаһалтата суох хамсааччыта суох, күнү быһа тиэрэ түһэн баран сыттаҕына да көҥүлэ. Дьиэлээхпин диэн саҥа дьиэ туттар туһунан төбөтүн оройугар да оҕустарбат. Чэ, Ираида Ивановна, бырастыы гын, билигин олох солом суох. Баҕар, хаһан эмэ тиийэ сылдьыам. Дьонум бүгүн-сарсын Тааттаттан кэлиэхтээхтэр. Хайдах олорорбун, дьиэбин-уоппун көрө-истэ таарыйа күүлэйдии кэлэллэр. Чэ, пока, кэлин барытын бэйэҥ истиэҥ, – Нина Аркадьевна кыыһы иэдэһиттэн “чоп” гына уураат, тиэтэйэ-саарайа уулусса устун бара турда.
Ардах түспэтэҕэ ыраатан, өрүкүйэн олорор быыллаах суол устун баран иһэн хараҕа олорор олбуоругар хатанна. Массыына көстүбэт. Дьоно кэлэ иликтэр эбит, кэлэбит диэн бэҕэһээ биллэрбиттэрэ. Ол иһин Мария Константиновнаттан уоппускаҕа ыытарыгар көрдөһөн сайабылыанньа биэрэн иһэр.
Кэлин Николайдыын икки ардылара улам аттар атан иһэр. Күн ахсын иһэрэ сэтэрээн иһэр. Онон олорор сирдэрин уларыттахтарына эрэ, бииргэ олорор кыахтаннылар быһыылаах. Дьоно кинини көһөрөн илдьэр былааннаах иһэллэр. Николай дьонноохпун дии саныыр буоллаҕына, бэйэтэ тиийиэҕэ. Ийэтэ “дойдугар олорон эрэр дьиэ баар, дьиэни былдьаһыма” диэбитэ. Хайа уонна Николай барсар да буоллаҕына, дьиэтин уолугар хаалларара буолуо. Аны атыылаан бардахтарына, оҕонньордоох дьиэлэрин иҥсэлэригэр атыылаан бардылар диэн дьон сүөргүлүүрэ чуолкай. Онон, саатар, миэбэллэрин сөп сыанаҕа атыылаан барбыт киһи. Бэйэлээтэр бэйэтин хамнаһыгар атыыласпыт миэбэлин атыылыыра бэйэтин көҥүлэ ини.
Олбуорун иһин кэриччи көрдө. Быйыл сайын бу тэлгэһэҕэ төһөлөөх үлэни оҥордо этэй? Кырыысатын саҥалыы саптарбыта, туох баарын барытын кырааскалаабыта. От-мас бөҕөнү олорпута. Ып-ыраас гына харбаабыта, сиппийбитэ. Ол түмүгэр тэлгэһэлэрэ күөх ньаассын отунан чэлгийэ үүнэн кыыһынаан атах сыгынньаҕын сайылаатылар. Олохсуйбат эрээри, тоҕо умса-төннө түһэн көлөһүнүн тохпута буолла?
Нина аанын аһан террасатыгар киирэн балачча соҥуоран турда. Муостатын сыаналаах линолеумунан саппыттара, түннүктэрэ кыраһыабай тюлларынан бүрүллэн, онно эбии араас олордуу декоративнай сибэккилэри үүннэрбитэ – барыта киһи эрэ кута-сүрэ тохтуох курдук. Оттон дьиэтин иһэ ыарахан сыаналаах омук миэбэлэ. Урукку миэбэли дьон ылар өттүн барытын атыылаабыта. Николай олох сөбүлээбэтэҕэ. “Ампаарга ууран кэбиһиэх, баҕар, кэлин оҕолортон ким эмит туһаныа” диэбитэ. Ону Нина истибэтэҕэ, ол онтон ыла урут да бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөт дьон икки ардылара атан барбыта.
Дьоно кэлэн дьиэни-уоту көрбүттэрин кэннэ, миэбэлин туох барарын начаас атыылыахтара. Хайдах атыылыыры ийэтэ билиэҕэ, дэлэҕэ, улууска тарбахха баттанар атыыһыт, потребкооперация туйгуна дэтиэ дуо. Оттон кини балыыһатыгар эрийиэ эрэ кэрэх, дэриэбинэ дьахталлара бары сырсан кэлиэхтэрэ. Николайдыын олох олороллорун аастылар. Олох диэн уустук. Иннигэр туох күүтэрин билбэккин. “Ыал олоҕун алдьатан дьоллонуоҥ суоҕа”, “Атын киһи кэргэнэ атын киһиэхэ кэргэн буолбат” дииллэрэ кырдьык эбит.
Олоххо дьиҥнээх таптал диэн баар дуо? Уопсайынан, таптал диэн тугуй? Бастаан Николайдыын бэйэ-бэйэбитин суохтаһар, биирбит суох буоллаҕына, биирбит табыллыбат курдук буолара. Николай эйигинэ суох олох сатаммаппын, куруук аттыбар баар буолуоххун баҕарабын диирэ. Ол да иһин үс оҕону тулаайах хаалларан, төрөппүттэрбит утаралларын үрдүнэн, дьон хобугар-сибигэр кыһаммакка, харахпытын быһа симэн баран холбоспуппут. Холбостохторун утаата араас минньигэс тыллары саҥарара, күнү-ыйы ылан биэриэх курдук тыллаһара. Онтубут билигин ханна баарый? Бастакы эрэ сылбытыгар үчүгэйдик олорбуппут, кэлин солуута суохтан кыҥкыйдаһарбыт элбээн барбыта. Бэйэм даҕаны төрөппүт оҕолордоох киһиэхэ кэргэн тахсыбыппын олох өйдөөбөппүн, кыыспар Сахаянушкаҕа эрэ болҕомтону эрэйэбин. Аны урукку кэргэнигэр эмиэ күнүүлүүр курдукпун, туох да сыһыаннара суоҕун билэ-билэбин. Ол сыыһатын өйбүнэн өйдүүбүн, оттон сүрэҕим билиммэт. Эмиэ да таптыыр киһи күнүүлүүр дииллэр ээ. Оннук буолуо дуо? Баҕар, таптал дьылҕа-хаан талан ылбыт дьонугар эрэ бэриллэрэ буолаарай?! Холобур, ити Сергей Акимович таптала кинигэҕэ суруллуон сөптөөх таптал. Оҕо сылдьан таптаабыт киһитигэр сүүрбэ биэс сыл буолан баран төннөн кэлиитэ туох эрэ элбэҕи этэн эрдэҕэ. Өссө буолаары буолан, ол сыллар тухары “иирээкинэн” ааттаммыт Ларисатын кэргэн ылан эрэр сураҕа нэһилиэк да, улуус да дьонун бэркэ соһутта. Сергей тапталын туһугар туруулаһыыта чахчы дьон уоһуттан түспэт кэрэ кэпсээҥҥэ кубулуйда. Былыр-былыргыттан дьон-сэргэ маннык тапталы ырыаҕа ыллаан, хоһооҥҥо хоһуйан эрдэҕэ. Ларисаны ыарахан дииллэр, 45 сааска бастакы оҕону төрөтөр уустук буолуо гынан баран, билигин медицина тугу кыайбатаҕа баарай. Лариса дьэ чахчы таптал диэн тугун билбит толору дьоллоох дьахтар буоллаҕа.
Сергей Акимович билигин саҥалыы олоҕун оҥостор киһи дьиэтин кылбаччы өрөмүөннээн бүтэрэн эрэр, ол онно Николай бүгэ сытан көмөлөһөр ааттаах. Ити курдук арааһы аттара саныырын быыһыгар соркуой буһараары, хортуоппуй ыла боппуолдьатыгар киирээри туран, таһырдьа улахан “КАМАЗ” массыына тохтуур тыаһын истэн, Нина Аркадьевна таһырдьа ыстанна.
XXIV
Нарыйа ийэтэ телефонунан кэпсэтэр саҥатын истэн уһукта биэрдэ. Арааһа, Анна Афанасьевналыын кэпсэтэр быһыылаах, долгуйан куолаһа кэһиэҕирэн хаалбыт курдук.
– Барбыт үһү, соҕотохтуу хаалларан… Сергей Акимович улуус киинигэр илдьэ киирэн эмтэтиэхтээх… Барсар ини, кини тылыттан тахсааччыта суох. Эмтэнэн дьонугар барыа этэ. Манна соҕотоҕун кыстаатаҕына, иһэн киһи аатыттан ааһарыгар тиийэр. Ээ, үчүгэй, үчүгэй… Сергей көтүөр кыната эрэ суох сылдьар. Дьиэтин оҥостон бүтэрэрэ чугаһаабыт. Кырааскалыыра эрэ хаалбыт. Оннук… Ларисаны суол сабыллыан иннинэ куоракка киллэриэхтээх. Бэйэтэ уоппускатын ылан киирсэрэ буолуо. Чэ, сөп, – ийэтэ кэпсэтэн бүтэн, туруупканы уурар тыаһа иһилиннэ. Дьиэ иһэ чуумпуран хаалла. Атах тыаһа кини хоһун ааныгар чугаһаата.
– Нарыйа, тур, чаас ыраатта, чэйдиэхпит этэ. Остуолгун тарт, мин сибиинньэбин аһатан киириэм, – хайыы-үйэ ийэтин холкутаабыт саҥата иһилиннэ.
– Сөп, ийээ, туруом, – дии-дии Нарыйа тыыллаҥнаамахтаан ылла уонна суорҕанын туора тэбэн сүр түргэнник ойон турда. Бүгүҥҥү былаана элбэх: бастаан дьиэтин хомуйуо, онтон хортуоппуйуттан 3—4 кирээдэни хостуо, эбиэт кэнниттэн Милаҕа баран сэлэһэ түһэн кэлиэ уонна өссө Марина дьонугар бара сылдьыахтаах. Настаа эбээ “дьүөгэтэ суох буолан сылдьыбат буолла” диир сурахтааҕа. Дьиҥинэн, соторутааҕыта сылдьыбыта ээ. Эбээ сиэнин ахтара бэрдиттэн Нарыйа күн аайы да сылдьарын сириэ суох быһыылаах. Үөрэнэ барара чугаһаата. Балаҕан ыйын 20-тэн үөрэниэхтээхтэр. Витюшкалыын бииргэ үөрэниэн аһара баҕарбыта да, математическай институкка кыайан киирбэтэ, хата, мединститукка киирэн хаалла. Кини Витяны кэлтэй сөбүлүүр, уол сэрэйбэт даҕаны. Нарыйалаахха аҕалара барыаҕыттан Витюшка аҕата Уйбаан кыһыҥҥы отторун-мастарын тиэйэн биэрэр. Ийэтэ ити бүгүн телефонунан эмиэ аҕаларын туһунан кэпсэттэ. Мэлдьи кыһаллан биэрэр. Сураҕа, аҕаларын эдэр кэргэнэ миэбэлин барытын атыылаан баран, арахсабын диэн дьоно кэлбиттэригэр көһөн барсан хаалбыт. “Эмтэнэн баран, испэт буоллаххына, биирдэ кэлээр” диэбит үһү, ийэтэ бэҕэһээҥҥиттэн онно айманар. Эмтэтэн баран, дьонугар тэрийэн ыытаары. Аҕалара барара буоллар үчүгэй буолуох этэ, биир дэриэбинэҕэ олорбот буоллахтарына ийэлэрэ да уоскуйуо этэ, билигин атын ыал проблематынан олорор курдуктар.
Нарыйа түргэн-тарҕан соҕустук сууна-тараана охсоот, бэҕэһээ киэһэ буһарбыт бэрэскилэрин ылан, духовкаҕа сылыта уурда. Иһитин тардан баран, ийэтэ киирэрин кэтэһэ таарыйа сиэркилэ иннигэр эргичийбэхтээн ылла. Кэлин биллэ ырбыт. БКЭ түмүгүнэн үөрэххэ туттарсар буолан, экзамеҥҥа бэлэмнэнэн улаханнык илистибэтэҕэ эрээри, арааһа, дьиэтээҕи аһылыгын суохтаатаҕа. Куоракка эдьиийин аахха халбаһыыттан, сымыыттан ураты ас суоҕун курдук. Күн аайы бутерброд диэн астарын сиэн аҕай биэрдэ. Итии ас диэн соччо астаммат ыала. Күтүөт хайдах астынара эбитэ буолла? Оннооҕор биһиги, оҕолор, дьиэбитигэр хас аһылык ахсын итии ас суох буоллаҕына астыммаппыт.
– Хайа, остуолгун тартыҥ дуо? – диэбитинэн ийэтэ киирэн кэллэ.
Анна Алексеевна кыргыттарынаан сэлэһэ-сэлэһэ чэйдиирин сөбүлүүр идэлээх. Кыргыттара онно үөрэнэн эмиэ ийэлэринээн итии чэй иһэ-иһэ кэпсэтэллэрин туохтааҕар да ордороллор.
– Ийээ, ити Анна Афанасьевналыын тугу кэпсэттиҥ, ээ? Уонна ити Лариса ыарахан диэн кэпсииллэр дии. Ити кырдьык дуо?
– “Клон” киинэҕэ курдук, истээт да, дьүөгэлэргэр кэпсии сүүрбэт инигин? – ийэтэ кыыһын хаадьылаан үтэн-анньан көрөр.
– Мин да кэпсээбэтэрбин дьон билэрэ элбэх быһыылаах, – кыыс өһүргэммитэ буолар.
– Дьэ ол тугу билэллэр буолар эбитий?
– Ийээ, только кыыһырыма. Сергей Акимович Ларисалыын холбоһуох курдуктар, оттон Нина Аркадьевналаах арахсыбыттар үһү диэн, – Нарыйа биир тыынынан кутан кэбиһээт, ийэтэ тугу этэрин күүтэн тыыммакка да олордо.
– Аҕабыт кэргэнинээн сокуонунан арахсыбаттар. Сахаянушкаларын туһугар олоруохтара буоллаҕа, – ийэтэ өрө тыынар. – Олорор сирдэрин уларыттахтарына, баҕар, кимнээҕэр үчүгэйдик олоруохтара.
– Арыгытын эн эмтэтээри гынаҕын дуо? – кыыс ыйытар.
– Эмтэннэҕинэ эрэ, дьонугар барар кыахтаах. Кэлин наһаа иһэр буолбут, ким да киниэхэ кыһамматаҕына, олох иэдэйэр буоллаҕа дии, – дьахтар сии олорбут бэрэскитин ситэ сиэбэккэ антах анньан кэбиһэр.
– Эмтэннин да эмтэммэтин, эн онно тоҕо туораттан наһаа кыһалынныҥ? – Нарыйа сөбүлээбэтин биллэрэн ийэтигэр өс саҕа буолар.
– Оҕолорум аҕаларыгар хайдах кыһаллыам суоҕай? – ийэтэ мас-таас курдук кытаанахтык этэн баран, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, остуолтан туран, хоһугар таҥаһын уларытта киирэн иһэн, – Нарыйа, дьиэҕин-уоккун хомуйан баран, хортуоппуйгуттан биир эмэ кирээдэни хостоор эрэ, – диэн дьаһайда.
– Сөп, ийээ, быыспар Милаҕа бара сылдьыам, онтон киэһэ эбээ Настааҕа таарыйан кэлиэм.
– Милаҕын баҕас тохтотуо эбиккин. Күн аайы көрсөн биэрэҕит, – дии-дии ийэтэ таһырдьа тахсан барар.
Ийэм эрэйдээх… Оҕолорун, кэргэнин эрэ туһугар олорор курдук. Кини олоҕун хатылаабатах киһи… Билигин биһигинэн эрэ дьоллонон олорор курдук. “Кырдьар сааска бииргэ кырдьыбыт кэргэҥҥинээн өйөһөн-убаһан олорор саҕаттан атын дьол суох. Хайдах кийиит, күтүөт түбэһэрэ өссө биллибэт. Онон олоҕуҥ устатын тухары бииргэ олорбут кэргэҥҥин атарахсытар сыыһа быһыылаах” диэн сорох дьахталлар кэпсэтэллэрин дэҥҥэ истээччи. Кырдьыга, оннук буолуо. Ол эрээри тоҕо инники дьоллоох олоҕун туһугар дьахтар эрэ кыһаллыахтааҕый? Дьиэтин-уотун барытын көрөн-истэн, оҕолорун иитэн, өссө эр киһитин баарынан-суоҕунан маанылаан, киниэхэ эрэллээх кэргэн буолан… Оччоҕо эр киһи үчүгэйдик олорор туһугар тугу гынарый? Эбэтэр мин тугу эрэ ситэ өйдөөбөппүн дуу? Тоҕо барыта дьахтарга сүктэриллэрий?..
Эмискэ уу чуумпуну аймаан телефон тыаһа тырылыы түстэ. Кыыс туруупканы сулбу тардан ылла.
– Ал-ло… Оо, Мила… Дорообо… Хортуоппуй хостуохтаахпын. Бүтэн быстыбат. Эһиэнэ бүппүтэ даа? Аата үчүгэйин… Оо, хата кэл, кэпсэтэ-кэпсэтэ үлэлиэхпит буоллаҕа… Билигин дьиэбин сотоот, тахсыам, – Нарыйа түргэн үлүгэрдик дьиэ сотор айдааныгар түстэ. Ол сылдьан, улуустааҕы “Дуораан” диэн биэриини холбоон истэ сырытта. Ыытааччы өс хоһоонун ситэрэн биэрэр оонньууну ыытар. Холобура, “Баайы кытта мөккүһүмэ…” диэн өс хоһоонун салгыытын этиэхтээхтэр. Нарыйа эмиэ толкуйдаан көрдө. Истээччилэр “… дьадаҥыны кытта аахсыма”, “… баһыҥ барыа”, “… иннин син биир биэриэ суоҕа” диэн варианнары этэн көрдүлэр да, тиһэҕэр кэлэн “… быһыйы кытта сырсыма” диэн буолла.
Сотору соҕус Мила аргыый аҕай устан киирдэ. Үлэлиирдии оҥостубут, китайскай маҕан бэрчээккэлээх.
– Оо, маладьыас, дьүөгэм оҕото үлэлиирдии оҥостон кэлбитиҥ эчи көрүөххэ үчүгэйин. Хаһан куораттаатыҥ? – элбэх саҥалаах муҥутаан Нарыйа харса суох доппуруостаан барар.
– Өрөбүлгэ киэһээҥҥи паромунан аҕам киллэриэх буолбута. Оттон эн биһигини кытта барсар инигин? – Мила мичээрдээн тэбис-тэҥ тиистэрэ кэчигириир.
– Барсан-барсан бөҕө буоллаҕа. Бэйэм да оннук саныы сылдьыбытым, – Нарыйа таҥнарын быыһыгар кэпсиир.
Хортуоппуйдарын ыһыытын сирэ балачча киэҥ, ийэтэ араас хортуоппуй суордун сыл аайы уларыта сылдьан олордор. Уопсайынан, оҕуруот аһын олордорун аһара сөбүлүүр. Соло эрэ буоллар, огурсутун, помидорун бэрийэригэр күнүн барыыр. Ол оннугар кыһыны быһа кэнсиэрбэлэммит огурсуну, помидору сииллэр.
– Оҕолор бары өрөбүлгэ бараллар үһү. Дьикти баҕайы, ойон турдум да дьиэбиттэн баран хаалыахпын ыарырҕатабын аҕай. Ойор-тэбэр оҕо саас бүтэн, олохпут иккис кэрдииһигэр, ахтар-саныыр эдэр саас диэҥҥэ киирэн эрдэхпит, – Нарыйа бэркэ санаарҕаабыттыы дириҥник үөһэ тыынар. – Аны дойдубутугар хаһан тахса сылдьабыт?
– Өрүс сабыллыан иннинэ тахса сылдьар инибит, – Мила холку.
– Балаҕан ыйыгар Бориспыт сыбаайбатыгар, онтон алтынньыга оскуолабыт төрөөбүт күнүгэр кэлэбит ээ. Хата, онно оскуолабытыгар харчы хомуйан биэрбэппит дуо? Музыкальнай аппаратура ылаары, былырыыҥҥыттан харчы мунньаллар да, онтулара үөтэлээбэт. Анна Афанасьевна бу рынок үйэтигэр аппаратураны бэйэҕит харчы өлөрөн атыылаһыҥ диирэ эмиэ сөпкө дылы.
– Мин кэлэр нэдиэлэҕэ Улуу Кыайыы 60 сылыгар аналлаах научнай-практическай конференцияҕа “Сэрии – мин дьиэ кэргэммэр” секцияҕа “Холобур буолар олох” диэн темаҕа дакылаат оҥорор буоллум. Стендэ оҥорорбор көмөлөһөөр эрэ, – диэн Машенька кэннилэригэр кэлэн эмискэ чаҕааран кыргыттар соһуйан ойон турдулар.
– Оттон саас оҥорбуппут буолбат дуо? – Нарыйа этэн көрөр.
– Ээ, ол куһаҕан баҕайы. Учууталым хос оҥороор, Кыайыы 60 сылын көрсө иккитэ-үстэ кыттарыҥ буолуо диир. Ийэм Бороҕоҥҥо бардаҕына, онон ыытаммын өҥнөөх гына бэчээттэтэн баран, ламинирование оҥорторуохпун баҕарабын. Уруккум хара шрибинэн суруллубута көрөргө соччото суох.
– Оччоҕо ону алдьатаҕын дуу? Эһээҥ хаартыскатын төттөрү-таары килиэйдээҥҥин алдьатан бүтэрэн эрэҕин, – Нарыйа балтын сэмэлиир.
– Тоҕо эһээм эрэ? Ийэм өттүттэн эһээм, икки убайдара, таайа – барыта төрдүөлэр ээ. Оттон аҕам өттүттэн эһээм быраата уонна убайа Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара. Үлэбин өссө кэҥэтэн быйыл кыһын “Инникигэ хардыы” конференцияҕа кыттыахпын баҕарабын.
– Маладьыас, кытаат-кытаат. Туохха барытыгар активнай буоллаххына, бэйэҥ абыраныаҥ. Мила, бүттүбүт. Дьиэҕэ киириэххэйиҥ. Ийэм кэлэрэ чугаһаата. Эбиэт буолбут эбит.
Кыргыттар хомуйбут хортуоскаларын дьиэ иннигэр илдьэн күҥҥэ сараҕыта кутан баран, дьиэҕэ киирэллэр.
– Мила, Борис сыбаайбатыгар сылдьар инигин? – Машенька ыйытар.
– Маша, кыбыстыбаккын даҕаны, ол эн дьыалаҥ буолбатах. Мээнэ толкуйдаан көрбөккө ону-маны ыйыппат буол, – Нарыйа балтын кытаанахтык көрө-көрө эттэ.
– Ээйиис, ол ыйытыа суохтаахпын дуо? – Машенька иннин биэрбэт.
– Улахан дьон кэпсэтиитигэр орооспот буол диэн хаста этиэххэ сөбүй? Бу кыыс кими батан, маннык тыллааҕый? Ийэбит да, аҕабыт да өттүттэн тылынан баппатах дьон суох ээ, – Нарыйа сөхпүт курдук тыл быктарар.
– Уон биир сыл оскуолаҕа бииргэ үөрэнэн баран, сыбаайбатыгар сылдьыбатахпына, сүрэ бэрт буолуо. Дьон атыннык өйдүүр ини. Оннооҕор бу кыра кыргыттар кытта интэриэһиргииллэр буолбат дуо? Борис оҕо сааһым интэриэһэ буоллаҕа дии, – диэн Мила симиктик да буоллар, сөптөөх харданы биэрбитигэр, Нарыйа “маладьыас, итинник буолуохха наада” диэт, ытыһын тэс гына охсунар, дьүөгэтин кууһа түһэр.
– Кыыһырыҥ да хайааҥ, ыйытарбын ыйытан төннүөм. Оттон Сергейдиин хайдахпытый? – Маша токкоолоһорун бүтэрбэт.
– Сергей… Билиҥҥитэ билбэппин. Көннөрү доҕордоһобут. Кэлин хайдах буоларын өтө көрөр кыаҕым суох, – Мила өрө тыынар.
– Кэһэйдиҥ дуо, сөптөөх эппиэти ыллыҥ? – Нарыйа балтын хаадьылыыр.
– Чэ, мин барарым дуу, ийэм аҕабыт үлэтиттэн эрдэ кэллэҕинэ, тыаҕа тахсыахпыт, саһааммытын чөмөхтүөхпүт уонна кыратык отоннуохпут диэбитэ, – Мила барардыы оҥостор.
– Чэйдээн баран барыый, билигин бэрэски сылыта охсуом. Отону үлүйбүт дииллэр ээ, – Нарыйа бэрэскитин сылытарга бэлэмнэнэр.
– Ээ, сорох сиринэн үчүгэй үһү, – Мила Маша аҕалан биэрбит дакылаатын уонна стендовайын көрөр. – Үчүгэй баҕайытык оҥорбуккун дии, мантан ордук хайдах тупсараары гынаҕын?
– Өҥнөөх гына оҥортороору гынабын, – Маша сүрдээҕин астыммыт көрүҥнээх кумааҕытын хомуйан хоһугар киирэр.
– Бэҕэһээ Нина Иннокентьевна кэлэ сылдьыбыта. Үөрбүт аҕай. 19 оҕоттон 12-тэ үрдүк үөрэххэ, 5 оҕо орто специальнай үөрэххэ, 1 оҕо улуустааҕы лицейгэ киирбиттэр. Соҕотох Борис хаалбыт, ол гынан баран кини эмиэ төлөбүрдээх үөрэххэ бараары сылдьар үһү.
– Ираида Ивановна юридическайга кэтэхтэн үөрэттэрэр баҕалаах үһү уонна манна ыччат лидеринэн үлэлии киирэр дииллэр, – Мила телевизор көрө-көрө кэпсии олордо.
– Мила, ким да истибэтигэр ыйыттахха, Бориска сыһыаныҥ кырдьык уларыйда дуо? Оттон Сергейдиин хайдаххытый?
– Оскуолатааҕы үлүһүйүү – таптал буолара дуу, суоҕа дуу? Бэйэм да билбэппин. Кырдьык, сөбүлүүр курдугум, билигин кэргэннээх киһини тоҕо саныы сылдьыахпыный. Бастаан куһаҕанынан куһаҕан этэ. Элбэхтик сыттыкпын илиппитим буолуо. Сириллибит курдук сананарым. Уопсайынан, ханнык баҕарар киһиэхэ чугас, эрэммит киһитэ таҥнарара ынырык буолуо дии саныыбын. Ону билбит эрэ киһи хайдаҕын билэн эрдэҕэ. Кырдьыкпын эттэххэ, депрессияттан ийэм быыһаата диэххэ сөп. Кини “оҕо саас таптала истиҥ иэйии илдьитэ эрэ, дьиҥнээх тапталыҥ иннигэр күүтэр” диэбитигэр хайдах эрэ уоскуйан хаалбытым. Билигин Бориһы умна эрэ сатыыбын. Оттон Сергейдиин көннөрү доҕордоһобут эрэ.
– Көннөрү диигин да, Сергей эйигин наһаа сөбүлүүрүн биһиги бары көрө сылдьабыт.
– Көрдөөх-нардаах студенческай олох иннибэр тугу бэлэмнээн турара өссө биллибэт, ол иһин сыһыаммытын соччо дириҥэтэ сатаабаппын. Арахсар күн тирээтэҕинэ, этэргэ дылы, “ыарыыта” суох буолуо. Хата, эн Витюшканан олус үлүһүйүмэ. Улахан таптал таарымтата күүппэтэх өттүгүттэн кэлиэҕэ, – аны Мила дьүөгэтин дьээбэлээн үрүҥ тиистэрэ кэчигириир.
– Баҕар буолуо. Оо, ийэбит кэллэ, Маша, таҕыс эрэ аһыы.
– Хайа, Мила, дорообо, – Анна Алексеевна үгэһинэн истиҥ баҕайытык кэпсэппитинэн киирдэ. – Нарыйа, бэйэҕит аһааҥ, мин сотору кэлиэм.
Кыргыттар ийэлэрэ хоско киирэн баран, тиэтэлинэн тахсан барбытын көрөн олорон, Нарыйа тыл быктарда:
– Ийэм эрэйдээх… Аҕабытын эмтэтээри харчы ылан барда быһыылаах. Аҕабыт кырдьык наһаа иэдэйбит. Олох арыгыга ылларан бүппүт. Өссө арыгыга төбөтүн оройунан түһүөҕүн Сергей Акимович иилии-саҕалыы сатыыр быһыылаах. Нина Аркадьевна дьиэтин тээбиринин барытын атыылаан баран, дойдутугар көһөн хаалбыт.
– Оттон … Сахаянушкатын ылан биһиэхэ олоро кэлиэх этэ буоллаҕа, – Маша баҕа санаатын таһыгар быктаран кэбиһэр.
– Алдьаммыт хорууданы хос самсаабаккын диэччилэр. Ити олоҕун бэйэтэ талбыта. Сырыттын ээ. Ийэбин быраҕан атын дьахтарга барбытын хаһан да бырастыы гыныам суоҕа, – Нарыйа өһөс баҕайытык хардарар.
XXV
Лариса сиэркилэ иннигэр туран суһуоҕун уһуннук имэрийэ тутан тараанан баран биир гына мөлбөччү өрүнэн кэннигэр бырахта, хараҕын аннынан түспүт сурааһыны тарбаҕын төбөтүнэн сэрэнэн имэрийэн ылла. Кини бүгүн санньыар санааҕа куустаран олорор. Уһун ыарахан олоҕу олордо. 45 саас диэн эттэххэ дөбөҥ. Уон аҕыс сааһыгар диэри дьоллоох оҕо сааһа. Умнуллубат оскуолатааҕы сыллара. Куруутун туохтан эрэ куттаммыттыы, тугу эрэ күүппүттүү иһийэн сылдьар ийэтин мөссүөнэ күн бүгүнүгэр диэри кини хараҕыттан сүппэт. Сыл курдук Москваҕа үөрэммит кэмэ… Онтон 27 сыл тухары “өйүнэн ыалдьар Лариса” диэн ааттанан күн бүгүнүгэр диэри сири баһааҕырдан кэллэ… Бу сыллар тухары күлүгэ эрэ сүөдэҥнээн, өй-мэй курдук түөрт истиэнэ иһигэр хаайтаран олордо. Хайдах эрэ наар дьонтон кыбыста-куттана саныырын тоҕотун бэйэтэ да билбэт. Урукку олоҕун түгэннэрин сороҕун умнан кэбиспит курдуга. Оннооҕор Сергейи бастаан кэллэҕин утаа билбэтэх этэ. Биир сыл устата кэлэ-бара маһын бэлэмнээн, мууһун тиэйэн биэрэрин дьэ бу саҥа биллэ. Онтон Сергей икки сыллааҕыта хорсун санаатын киллэрэн киирэн кэлбитэ. Онно Лариса соһуйан итии чэйдээх чааскытын мүччү тутан кэбиспитэ. Ону кытта тэҥҥэ тоҕо эрэ өйө-санаата дьэҥкэрэн кэлбитэ. “Сергей?..” диэн саҥа аллайбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта… Ол киэһэ кинилэр наһаа да дьолломмуттара. Таптыыр киһиҥ илиилэрэ кууһаллара, кини уостара уурууллара, кини истиҥ тыллара… барыта хайдах эрэ түүл-бит курдуга. Имэҥ уонна таптал… барыта баара ол түүн… Иннилэригэр туох эрэ кэрэ күүтэрин өйдөрүнэн буолбакка, дууһаларынан билбиттэрэ… Олох диэн уустук даҕаны… Барыта күүппэтэх өттүгүттэн кэлэр. Онон хаһан да санааны түһэрэр сатаммат. Куруутун туох эрэ үчүгэйи күүтүөххэ наада.
Лариса ол күнтэн ыла олоххо тардыһыыта күүһүрбүтэ. Хайаан да олоххо төннөргө, дьон кэккэтигэр киирэргэ күүстээхтик быһаарыммыта. Уонна оттон таптал ханнык баҕарар дьахтары тупсарар. Арай дьүөгэлэрэ үлэлэриттэн ордон, Лариса уларыйбытын өйдөөн көрбөтөхтөрө. Балыыһаҕа киирбитигэр эрэ “бабат” диэбиттэрэ.
Дьиҥинэн, Лариса “иирээки” буолбатах. Боруоста, кинилэр аймахтарыгар айылҕаттан сибээстээх үйэ-саас олохсуйбут психическэй кэһиллии баарын баар. Ону кыайар күүс баарын оччолорго билбэтэ олоҕор улахан охсууну оҥорбута. Кини медик буолбакка, библиотекарь дуу, бухгалтер дуу үөрэҕэр үөрэммитэ буоллар, баҕар, уйулҕата хамсыа суох этэ. Оччоҕо маннык ыалдьыа суох этэ. Уонна оҕотук санаатыгар нэһилиэнньэ “аймахтарын курдук кини син биир ыалдьыа” диэн уураахтаан кэбиспитин утары баран дакаастыан баҕарбыта эрээри, табыллыбатаҕа. Оттон Сергей ийэтэ кинини истиэн да, билиэн да баҕарбатын оҕолуу сүрэҕинэн сэрэйбитэ. Өһөс санаатыгар “киһи дьылҕатын бэйэтэ оҥорор” диэн принциптээх ыраах үөрэнэ көппүтэ. Табыллыбатаҕа… Биир сылы кыайбакка, төннөн кэлбитэ… Үөрэҕэр наһаа кыһаллара, элбэхтик дьарыктанара, преподавателлэр хайгыыллара, оҕолор убаастыы көрөр буолбуттара… Онтон биирдэ төрдүс курска үөрэнэр кыыс: “Анатомкаҕа тахсыс эрэ, конспекпын хаалларан кэбиспиппин” диэбитэ. Кыыс кини толлубутун көрөн: “Куттаныма, үлэһиттэр бааллар ээ, иһигэр киириэҥ суоҕа буоллаҕа, көрүдүөргэ күүтээр” диэбитэ. Киһи кутун-сүрүн баттыах айылаах бараак курдук уһун дьиэҕэ киирбиттэрэ. Онон-манан аҕыйах лаампа үдүк-бадык сырдатар, хабыс-хараҥа дьиэ тыбыс-тымныынан аҥылыйан көрсүбүтэ. Приемнай хоско олорор маҥан халааттаах дьахтар туох да кыһалҕата суох: “Киирэҥҥин ыл, иһирдьэ дьон баар” диэбитэ. Кыыһа соҕотоҕун кииримээри быһыылаах, кини диэки көрбүтэ. Лариса эттэммит дьону көрөрүттэн бэркэ салла санаабыта. Онуоха кыыһа: “Медиккин буолбат дуо, үһүс курстан көрүөхтээҕэр буолуох бэйэҥ эттиэҥ турдаҕа” диэн саайбыта. Онно киирбэтэҕэ буоллар хайдах-хайдах буолуо эбитэ буолла?! Оо, көрөөт даҕаны сүрэҕэ хайдыбыта. Остуолга сыгынньах, түөһүн тылыттан моонньугар диэри тэлэ тардыллыбыт, киһи сытара. Аан тыаһын истэн кини аттыгар турар маҥан халаата хаан буолбут, сиэҕин ньыппарыммыт, сүөдэйбит улахан киһи эргиллэн көрбүтэ. Кини санаатыгар буолуо, илиитигэр биир харыстаах быһах килбэҥниирэ. Сүрдээх хатаннык часкыйбытын өйдүүр. Приемнай хоско дьыбааҥҥа сытан өйдөммүтэ. Кыыһа аттыгар олороро. “Маннык буоллаххына, хайдах быраас буолаҕын. Өйгүн сүтэрбиккэр, хата итиннэ баар быраас көтөҕөн киллэрэн дьыбааҥҥа сытыаран абыраата”, – диэбитигэр ол киһи хаан буолбут халаата, килбэҥниир быһаҕа хараҕар эмиэ көстөн кэлбитэ. Эмиэ өй-мэй барбыта. Уопсайыгар хайдах кэлбитин өйдөөбөт. Хаан буолбут халааттаах киһи киллэрэн сытыарбытын санаатаҕына, санаата холлоро, киргэ-хоххо умньаммыт курдук буолара. Онно кэппит таҥаһын сууй да сууй буолбута. Таҥаһа куурдаҕын аайы хаттаан сууйан иһэрэ. Оннук сууйа сатаан баран таҥаһын олох да таһырдьа таһааран бырахпыта. Саҥатыттан маппыта. Күнү быһа сыта мээрик буолбута. Кыргыттара сирэйин-хараҕын кэтэһэр-манаһар буолбуттара. Куратора хаста да кэлэ сылдьыбыта…
Онтон дьүөгэлэрэ, икки Анялар, тиийэн кэлбиттэрин көрөөт, саҥата суох хомуммутунан барбыта… Кураанах дьиэҕэ тиийэн кэлбитэ. Ийэтэ өлбүтүн соһуйа да, куттана да истибитэ. Кыргыттара кинини кытта аҕыйах хонсоот, үөрэнэ барарга күһэллибиттэрэ. Анна Афанасьевна: “Мин дьоммор олор, дьонум сөбүлэһэллэр”, – диэбитин истиэн да баҕарбатаҕа. Олохтоох участковай балыыһаҕа таһыттан сылдьан ый курдук эмтэммитэ. Учууталлара уонна балыыһа үлэһиттэрэ сүүрэн-көтөн түргэн үлүгэрдик маҥнайгы группалаах инбэлиит оҥоро охсубуттара. Пособие анаппыттара. Ол пособиетынан 27 сыл олорон кэллэ. Онтон ыла тугу эмэ алҕас саҥарыам диэн дьоҥҥо тахсыан, кэпсэтиэн да куттанара. Күһүн, саас эмтэнэрэ. Социальнай харалта үлэһиттэрэ сылга биирдэ улуустааҕы комиссияҕа көрдөрөн, инбэлиитин уһаттараллара. Дьүөгэлэрэ “ньиэрбэтинэн ыарыйда” диэн бэйэлэриттэн тэйиппэтэхтэригэр, көрө-истэ сылдьыбыттарыгар куруук махтана саныыр. Онтон билигин өйө-санаата хас күн ахсын чэбдигирэн иһэр курдук. “Хонон турдаҕыҥ аайы тупсан иһэҕин”, – диэн Сергей үөрэр да үөрэр. Саамай үөрүүлээҕэ – кинилэр оҕо күүтэллэр, хайыы-үйэҕэ түөрт ыйа буолла. Дьон бакаа билбэт. Анялар уонна Мария Константиновна билэллэр. Ол эрээри баар суолу өр кистээбэккин. Хата, хайыы-үйэ иһиттилэр ини. Дьахталлар баҕас өрүкүһэн бөҕө эрэллэрэ буолуо. Лариса сэрэнэн иһин имэринэн ылла. Таҥас бүтэй иһэ төгүрүйэн эрэр, этэҥҥэ буоллаҕына, аны биэс ыйынан уол оҕону төрөтүө. Тоҕо эрэ наар уол буолуо дии саныыр. Бастаан ыарахан буолбутун сэрэйэн баран, баҕар, алҕас буолуо диэн оннооҕор Сергейгэ эппэккэ сылдьыбыта. Онтон Анялар билэн баран соһуйарын ааһан, үөрдүлэр. Оттон Сергей дьоллонон көтүөр кыната суох курдук сылдьаахтыыр. Дьиэтин оҥостон оҥоһунна. Ларисаны куоракка балыыһаҕа “сохранениеҕа” диэн ааттаан киллэриэн баҕарарын, кини буолбат. “үчүгэйбин, хойутуу киириэм” диир. Бүгүн бу соҕотоҕун олорор, Сергейэ Николайдыын сарсыарда эрдэ туран Таатталаабыттара. Николай арыгытын эмтэтэн баран, дьонугар кыайан барбакка дьиэтин уонна кинилэр икки ардыларынан быһа мэскэйдэнэн биэрдэ. “Быраатым курдук саныыр уолум уонна Анна Алексеевна илдьэн биэр диэн көрдөһөр” диэн бүгүн хомунан айаннаатылар. Киэһэ Анна Алексеевна доҕор буолан хонсо кэлиэхтээх.
Кини билиҥҥи дьарыга кинигэ ааҕыыта. Кэлин тахсыбыт Сайа “Күөх ньургуһун”, Сомоҕо “Дууһа кыланыыта”, Степан Юмшанов “Туманнаах тоҕойдор” диэн кинигэлэрин аахта. Билигин Василий Бочкарев “үөрбүччэ” диэн кинигэтин ааҕа сылдьар. Поэтесса Варвара Потапова олоҕун туһунан ааҕан баран олус уйадыйда. Айылҕаттан талааннаах кыыс эрдэ да суорума суолламмыт. Кытаанах да дьылҕа. Оттон кини эмиэ… Кини дьылҕата туох атыннааҕый? 27 сыл устата таах туох да туһата суох сири бааһырдан сырытта дии… Тапталлааҕа илиитин уунан хара дьайтан сулбу тардан ылбатаҕа буоллар, кинини эмиэ оннук ынырык дьылҕа күүтэрэ. Сорох киһиэхэ Дьылҕа тойон кытаанаххын даҕаны… Бу кини олорбут олоҕун өлөр өстөөҕөр даҕаны баҕарбат. Ол эрэн… ол эрэн… кини үчүгэй доҕоттордоох буолан, киһи-хара буолан өрүттэн эрэр. Киниэхэ билигин дурда-хахха буолар киһилээх. Кини Сергейэ… Кини баар-суох таптала… Оччоҕо мин дьоллоохпун дуо?! Дьол диэн тугуй? Холобура, билигин мин аттыбар туохтааҕар да таптыыр киһим утуйан буккуруу сыттаҕына кимнээҕэр да дьоллоох курдук сананабын. Кинини көрөн баран өөр да өр сытыахпын баҕарабын. Дьол бу маннык кыра-кыра түгэннэртэн турар эбит…
Эмискэ телефон тыаһа тырылыы түспүтүгэр, соһуйан ходьох гына түстэ.
– Алло-алло! Лариса, бу мин, хайа, хайдаххыный! – Сергей саҥата бу баардыы иһилиннэ.
– Үчүгэйбин. Эн хантан эрийдиҥ? – Лариса долгуйан куолаһа титирэстээн ылар.
– Чурапчыттан эрийэбин. Тааттаҕа сотору тиийиэхпит. Анна Алексеевна киэһэ кэлэр ини? Сарсын киэһэлик тиийиэм. Чэ, этэҥҥэ олор. Сөп дуо? – Сергей өрүсүһэн түргэн-түргэнник саҥаран баран, туруупканы ууран кэбистэ.
Лариса доҕорун саҥатын истэн, балачча мунчааран олордо. Эмискэ баҕайы Сергейэ, кини Сергейэ, аттыгар баар буолуон наһаа баҕарда. Хаһан сарсын буолар!!! Эчи, уон аҕыстаах кыыс оҕоҕо дылы буолан диэн бэйэтэ бэйэтиттэн кыбыста санаата.
Аан аһыллар тыаһын кытта икки Ааналар үөрэн мичилиспитинэн киирэн кэллилэр.
– Кыргыттар, чэ кэлиҥ, итиитэ киллэриҥ, – Лариса дьүөгэлэрин диэки бэрт эйэҕэстик көрө-көрө чааскыларга чэй кутуталыыр.
– Анна Алексеевна, социальнай үлэһит буоларыҥ быһыытынан, биһиэхэ “суперсокуон” туһунан тугу эмэ сырдата түс эрэ, кыра хамнастаах киһи оҕотун кыайан үөрэттэрбэт, кыайан эмтэммэт балаһыанньата үөскүөх курдук сокуону көрөбүн, —Афанасьевна чахчы ыалдьар боппуруоһа быһыылаах.
– Бэҕэһээ управлениеҕа ол сокуон туһунан төгүрүк остуол ыытыллыбыта. Онно иһиттэххэ, бу сокуон 155 сокуону уларыта туппут. Льгота арааһа компенсациянан солбуллар буолбут, үксэ коммунальнай услугаҕа, эмкэ-томко сыһыаннаах быһыылаах. Уопсайынан, билиҥҥи кэмҥэ киһи бэйэтэ бэйэтигэр эрэ эрэнэр үйэтэ үүннэ быһыылаах.
Ити курдук баллыгыраһан син балайда олордулар.
– Чэ, мин барыым. Саатар, бу киэһэ Уйбааммар туох эмэ сонун аһы астаан аһатыам диэбитим эмиэ сатанымаары гынна. Эһигини кытта олорон хааллым дии. Кэм буолуо, – Анна Афанасьевна барардыы тэриннэ.
– Аня, эт эрэ, элбэх сыл аҕа киһиэхэ кэргэн тахсыбыккын хаһан эмит кэмсиммитиҥ дуо? – Алексеевна дьээбэтигэр дьүөгэтин диэки тиэхэлээхтик көрө-көрө ыйытар.
– Ээ суох. Хата, Уйбааным баар буолан кыыс оҕо курдук ыллыы-туойа сырыттаҕым бу дии. Аттыгар эрэллээх доҕор, эркин курдук эрэнэр киһиҥ баарыттан дьахтарга атын үчүгэй туох да суох, кыргыттар. Билбит баҕайым.
– Эрдэ дии, чэйдэһэ түһэн баран барыый. Уйбааныҥ киэһээҥҥи аһын хайыы-үйэ астаата ини, эйигин күүтэн олорботоҕо чахчы. Ийэҕиниин хайдахтарый?
– Ээ, эһиэхэ диэн эттэхпинэ ийэм сүрдээх куруубай эмээхсин. Саатар, сайын тыаҕа тахсан сайылаа диирбин истибэт. Уйбааным ийэбиттэн 7 эрэ сыл балыс ээ, элбэх сыл аҕа киһиэхэ кэргэн таҕыстыҥ диэн сөбүлээбэт бөҕө буоллаҕа. Мин туох да иһин бэриммэппин. “Уҥуоххун син биир кырдьаҕас күтүөтүҥ тутара буолуо ээ” диэн хаадьылыыбын, – Анна Афанасьевна кэпсии-ипсии олордо.
Лариса дьүөгэлэрэ кэпсэтэллэригэр кыттыспакка истэн эрэ олорор.
– Уйбаан 60-тан тахсыбыт киһи диэтэххэ эдэр баҕайы көрүҥнээх. Киһитинэн эмиэ үчүгэй. Ийэҥ дьоҕойон сөбүлээбэтэҕэ буолар ини.
– Кыһыннары-сайыннары куораттары-тыалары этинэн-үүтүнэн, оҕуруот аһынан хааччыйааччы мин Уйбааным буоллаҕа дии. Ону, биллэн турар, ийэм сыаналыырын сыаналыыр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.