Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Таптал баар буолан"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 8 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Анна Алексеевна элбэҕи эргитэ саныырын быыһыгар хотонун ыраастаан бүтэн дьиэтигэр киирдэ. Оҕолоро үһүөн суохтар. Ванята куоракка убайын кытта дьиэ тутуһа сылдьар, Нарыйата үөрэҕин харчытын төлүү куораттаабыта, бүгүн-сарсын төннүөхтээх. Кырата, Машеньката, “Утум” экспедиционнай лааҕырга киирэн нэдиэлэ устата хонордуу оҥостон барбыта. Хаһан да бүппэт дьиэ үлэтэ бииртэн биир солбуллан хайыы-үйэ 12 чаас буолбутун билбэккэ да хаалла. Ынахтара бүгүн эмиэ кэлбэтилэр, күһүн сиргэ хоноллоро элбээтэ.

Анна Алексеевна дьиэ иһинээҕи иирбэ-таарба үлэтиттэн уоскуйа быһыытыйан, куукунатыгар итии чэй иһэ олорон, ааны тоҥсуйар тыаһы иһиттэ.

– Кимий? – аанын аспакка эрэ ыйытта.

– Мин, Николайбын, – аан нөҥүө билэр куолаһын истэн ходьох гынна.

– Туох баарый? – холкутуйа сатыы-сатыы, куолаһын кытаатыннаран ыйытта.

– Аня, оҕолор суохтарын билэбин, куттаныма, кэпсэтэн баран барыам, – Николай көрдөстө.

– Суох-суох… Дьиэҕэр бар, дьон көрүө … уонна кэпсэтэрбит туох да суох.

– Мин … кэпсэтэрдээхпин… – Николай куолаһа бөлүөстэн ылла.

– Дьиэҕэр бар, аны кэлимэ, барбытыҥ да сырыт. Билигин бэйэҥ дьиэлээх-уоттаах, кэргэннээх, оҕолоох киһигин. Онон эн суолуҥ туспа, биһиги суолбут туспа. Бэйэҥ баҕарбытыҥ оннук суолу… – Анна Алексеевна кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн выключателин саба тутта. Атырдьах ыйын бүтүүтэ хараҥарар буолан, дьиэ иһэ ытыс таһынар ыас хараҥа буолла.

Николай аан таһыгар балачча тэпсэҥнээн баран, террасаттан тахсар тыаһа иһилиннэ. Дьахтар саба халыйан кэлбит хараҕын уутун сотторун быыһыгар, атаҕын иминэн остуол таһыгар турар олоппоһун булан ыардык тайанан олордо. Хайыы-үйэ сойон хаалбыт чэйин остуолуттан харбыалаһан булан сыпсырыйан испитэ буолла.

XXI

От-мас сэбирдэҕэ хагдарыйан, сир-дойду саһархай өҥүнэн бүрүлүннэ. Түүнүн тоҥорор, күнүһүн ириэрэр, эбиитин ибирдээн ардыыр буолан, уулуссаҕа киһи саппыкыта суох сылдьыбат бадараана буолла. Сороҕор бэл техника батыллан бирилиир тыаһа иһиллэр.

Настаа күнү барыы сатаан араастаан эргичийэн-урбачыйан утуйа сатаата да, саатар нуктаан ылбата. Оһоҕор турар күөһүн сотору-сотору туран булкуйан биэрэр. Киэһэ 6 чаас буолла да, дьоно биллибэтилэр. Детсад оҕолоро саҥа тарҕаһан бүттэхтэрэ. Оҕолор тарҕаспыттарын кэннэ Елена корпуһун сууйан сэттэҕэ бүтээччи. Оттон Митята быйылгыттан тустуу секциятыгар сылдьар. Күнү быһа уулуссаны мээрэйдиэҕинээҕэр эрчиллиигэ сылдьыбыта ордук. Өссө сотору ханна эрэ туста барабын диэн эрэрэ. Эмээхсин быйыл Марината үөрэнэ барыаҕыттан чуҥкуйда. Сиэнин суохтаата. Оҕото каникулугар кэлиэр диэри иллэҥ эмээхсин пенсиятын мунньарынан дьарыктаннаҕына сөп этэ. Маннааҕы дьонугар пенсиятын харчытын биэрбэт айдааннаах. Хамнастарыгар уонна Митенька пособиетыгар олорон эрэр кыахтаахтар. Ону уол өйдөөбөт, быйыл сайын велосипед ыллараары тииспитэ аҕай. Онтон аны тустарыгар трико, борцовка уонна хайыһар наада диэн буолбута. Настаа сиэнин хаппырыыһын санаан мүчүҥнээн ылла.

Бүгүн кини уйулҕата хамсааһына дьиҥинэн бэҕэһээ Сергей Акимович кэлэ сылдьыбытыттан төрүөттээх. Бу кини бастакы кэлиитэ эрэ буолбатах, үһүс сылдьыыта. Эмээхсин Сергей Акимовичтыын дьонтон туора тутан кистэлэҥ кэпсэтиилэрэ быйыл саас саҕаламмыта.

Биир үтүө сааскы киэһэ Маринатынан Сергей Акимовиһы ыҥыртаран ылбыта. Уонна Лариса аймахтарын туһунан былыр-былыргыттан кэпсиир номохторун умнулла-тэмниллэ илигинэ кэпсииргэ быһаарыммыта. Кини ону эбээтиттэн истэн турардаах. Ол номоххо Лариса хос-хос эбээтин туһунан кэпсэнэр. Сергей сабаҕалаабытынан, эмээхсин 1840 сыллаах төрүөх буолан тахсар. Билигин этэллэринэн, Лариса, кини ийэтэ, эбээтэ, хос эбээтэ, хос-хос эбээтэ бары өйдөрүнэн моһуогураллар эбит. Кыыс ыалдьыбытын билэн баран, кими эбит кытта сүбэлэһиэн баҕарбыта эрээри дьон сүөлүргүө диэн саҥарбатаҕа. Лариса ыарыытын айылҕаны кытта сибээстии санаабыта. Кинилэр нэһилиэктэригэр Силэпиэн диэн айылҕаттан айдарыылаах, киһини өтө көрөр дьоҕурдаах кырдьаҕас олорон ааспыта. Түүлүнэн-битинэн киһи инники дьылҕатыгар туох күүтэрин барытын билэрэ үһү. Оту-маһы хатаран араас ыарыылаах дьону эмтээн үтүөрдүбүтэ уостан уоска бэриллэн, кэрэ кэпсээн буолан Саха сирин бары улуустарын тилийэ көппүтэ. Нэһилиэккэ киирэр аартыкка дьон тохтоон, сынньанан, сүгүрүйэн, бэлэх-туһах биэрэн ааһаллара. Ааһан иһэн аартыкка халы-мааргы тылласпыт дьон араас иэдээҥҥэ түбэһэллэрин туһунан киһини эрэ дьулатар арааһы кэпсииллэр. Ол иһин дьон кырдьаҕаһы мээнэ ахтааччыта суох, көрдөһөр-ааттаһар буоллахтарына, туһааннаах киһи бэйэтэ иһигэр саныыра. Аныгы үйэҕэ айылҕаны кытта алтыһыы, сиэргэ-туомҥа, айылҕаттан айдарыылаах дьоҥҥо сыһыан уларыйбытын кэннэ, сыта-тура толкуйдаан көрдөххө, Лариса төрүттэрэ Атласовтар хос-хос эбээлэрин оҥорбут аньыытыттан эрэйдэнэн, бүтүн аймаҕынан эстэн эрэллэр. Ити аймахтан соҕотох Лариса эрэ хаалла, ону да күлүгэ эрэ сүөдэҥнээн сылдьар. Кэргэн-оҕо суох. Атласовтар төрүттэрэ ити кыыс олоҕунан муҥурданалларыгар, сир үрдүттэн сиик буолан симэлийэллэригэр, күдэн буолан көтөллөрүгэр тиийэллэр. Онон Настаа мин кэпсээбэтэхпинэ ким кинилэргэ кэпсиэй диэн уһун толкуй кэнниттэн ити кистэлэҥи аһарга санаммыта. Сергей Акимович улаханнык соһуйа-долгуйа истибитэ. Настаа кырдьаҕас көмүс уҥуоҕа мантан 5 – 6 көстөөх сиргэ, ортотугар дириҥ көлүччэлээх, бөдөҥ тиит, баараҕай харыйа мастарынан тулаламмыт алааска көтөҕүллүбүт буолуохтаах, ону ол диэки төрүттээх кырдьаҕастартан сэмээр ыйыталас диэн сүбэлээбитэ. Сотору соҕус Сергей “буллум” диэн, сиэри-туому хайдах оҥорорун сүбэлэттэрбитэ. Онтон бэҕэһээ кэлэн Лариса бытааннык да буоллар тупсар өттүгэр баран эрэрин, бу күннэргэ аартыкка илдьэн бэлэх-туһах бэрдэрэн, кырдьаҕас уҥуоҕар илдьэ сылдьаары гынарын туһунан кэпсээн үөрдүбүтэ. Бу номох кырдьыгынан кырдьык гынан баран, айылҕаттан айдарыылаах дьон эппит этиилэрэ, саҥарбыт саҥалара итинник үйэлэри уҥуордуо диэн киһи өйүгэр хайдах эрэ батан киирбэт суолга дылы. Ол эрээри “бэйэҕиттэн иэстэспэтэхпинэ, бэдэргиттэн ситиһиэм” диэн өс хоһооно саха норуотугар баар. Лариса барахсан өбүгэтин аньыытын көтүрэргэ кырдьаҕастан элэ-была тылын этэн көрдөстөҕүнэ-ааттастаҕына, сиэри-туому толордоҕуна, баҕар, ылынан, кытаанах санаатын өһүлэн, алгыһын анаатаҕына, мантан инньэ дьоллоох олоҕу олоруон сөп. Настаа уһуну-киэҥи саныырын быыһыгар оһоҕор аҕыйах хардаҕаһы быраҕан биэрдэ. Хара сукунаттан тигиллибит этэрбэһин уһулан, сылгы кылыттан баайыллыбыт дьиэҕэ кэтэр таапачыкатын кэтэн, былыргы дьыл мындааларыгар, урукку дьыл уорҕаларыгар бүтүн аймах олоҕун хас да үйэлэр тухары алдьаппыт түбэлтэни эргитэн-урбатан саныы сытта.

Ол маннык. Лариса хос-хос эбээтэ былыр улахан аньыыны оҥорбут диэн үһүйээн баар. Орто баай ыал мааны кыыстара Ыстапаанньыйа соҕотох буолан, баҕарбытын барытын толорторор атаах оҕо эбит. Чугас эргиннээҕи кыанар ыал уолаттара Ыстапаанньыйаны ээр-сэмээр көрөр, кэргэн ыйыттарар үгэстэммиттэр. Ол эрээри кыыс сүрэҕэ сөбүлүүр киһитэ көстүбэтэх. “Сүрэҕим сөбүлээтэҕинэ сүгэһэрдээххэ сүктүөм, таптаатахпына тайахтааҕы батыһыам” диир идэлэммит. Кини төһө да сирэ-тала оонньоотор кэргэн тахсар сааһа кэлэн, сэниэ ыал уолунуун холбоһорго, икки өттүттэн сөбүлэһэн, эдэрдэри бэргэһэлээбиттэр. Уол кэргэнин таптыыра бэрт буолан, бары кыҥкыйын толорон, үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэккэ, бэркэ атаахтатан илдьэ сылдьыбыт. Дьахтар тугу тыыммытынан сылдьара үһү. “Оҕолонуохпун баҕарбаппын, кэрэ сэбэрэм кэхтиэ, тас көрүҥүм алдьаныа” диэн тыллаһарын төрөппүттэрэ буойсан-хаайсан көрдөхтөрүнэ, бэлэһинэн күлэрэ үһү. Кэргэн тахсан баран, кини өссө ордук тупсубут. Ыраас хааннаах кыыс, кип-киэҥ хара харахтарынан чэмэличчи көрөн, долгуннурар хара хойуу суһуоҕун өрүнэн баран, кэннигэр мөлбөччү түһэринэн, кулуһун курдук көбүс-көнө бэйэтэ хааман доҕулдьуйдаҕына, хайа да бэйэлээх эр киһи уҥуоҕа хамсыыра. Ыстапаанньыйа оҕоҕо төһө да баҕарбатар, айылҕа сокуонунан, 25 сааһыгар ыарахан буолбута. Дьонноро икки өттүттэн наһаа үөрбүттэрэ. Бары көмөлөөн, оҕолорго диэн, үрдүк хоруобуйалаах, түннүктэрин ыстаабаннаан нууччалыы бэрэбинэ дьиэни биир сайын иһигэр тутан дьэндэтэн биэрбиттэрэ. Ол дьиэ билигин сиҥнэн, онно эрэ оҥойон турар дииллэр. Кэлин онно дьон олохсуйбатах, дьонун-сэргэтин эспит сиргэ дьон санаата тохтообото чуолкай.

Көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх Ыстапаанньыйа ыараханын билээт, ытаан-соҥоон олус аймаммыт. “Оҕолонуохпун баҕарбаппын, төрөөтө даҕаны күрдьүктээх хаарга төбөтүн оройунан анньыам” диэн тылламмыт. Төрөппүттэрэ дьон истэн куһаҕаннык саныа, тыллара иҥниэ диэн төһө кыалларынан буойсан-хаайсан, кистии сатаабыттар да, кыыс иэйиитэ-куойуута дьон-сэргэ иннин быһа хаампат ытык кырдьаҕас кулгааҕар тиийбит. Кырдьаҕас биир сүрдээх тымныы, туманынан оргуйа турар күн сыарҕалаах атынан “дьаарбайа” диэн ааттаан кыыс дьоно олорор “Сыҥаһалаах” алааһыгар айаннаабыт. Саҥа тутуллан бүппүт дьиэни хас биирдии маһын ааҕан эрэрдии кэриччи көрөн турбахтаат, хайҕаан саҥа аллайбакка, сирэн түҥнэри хайыспакка үрүҥ дьиэҕэ атын салайа тутар. Дьиэлээхтэр кырдьаҕаһы көрөн үөрэ түһэллэр, кыыстарын түктэри быһыытын уруккуттан этэн сүбэлэтиэх дьон, саллаллара бэрт буолан, тиийэ сылдьыбатахтарын буруй тутта саныыллар. “Дьиэбитин, олохпутун ыраастаан, алҕаан барарыгар көрдөһүөхпүт” диэн кыыс ийэтэ үөрэ санаан күлүгэр имнэнэр. Күрэҥсийэн көстөр бытыктаах, икки өттүнэн сэбирийэн түспүт, маҥхайа сатаан баран саһарбыт баттахтаах, киһи кутун-сүрүн баттыыр тыйыс көрүҥнээх кырдьаҕас дьиэлээх киһини кытта, сүрдээх сөҥ куолаһынан биир-биир уурталаан, холку бэйэлээхтик кэпсэтэ олорбут. Ити кэмҥэ кыыс хаппахчытыгар ытыыр-кыланар икки ардынан саҥа иһиллибит: “Иэримэ дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, аҕа ууһун кэскиллиир, саха омугу саргылыыр да буоллахпына, отут сааспын туоллахпына, биирдэ оҕолонуом, билигин оҕоҕо баҕарбаппын, өлбүт оҕо төрөөтөҕүнэ үөрүөм этэ”. Дьахтары уоскута сатаан эр киһи көрдөһөр куолаһа сүтэ-сүтэ иһиллибит, ытык киһи истибэтэр ханнык диэн аҕата сордоох хахсыйан күүскэ сөтөллөн ылбыт, оттон ийэтэ талах сиппиирин ыла охсон оһоҕун иннин бокуойа суох харбаан сырдырҕаппыт. Кырдьаҕас соһуйан өрө хонос гыммыт. “Айар айыыһыты аанньа ахтыбат, иэйэр иэйэхсити хоргутуннарар хайдах буолбут соруоханый?” диэн сүрдээх сөҥ куолаһынан ордоотообут. Онтон ырааҕы көрөрдүү туттан дьиэ үрдүн көрөн олоотообут уонна умайан тыһыгырыы турар уокка үрүҥ сүүмэх баттаҕыттан сыыйа тардан быраҕан кэҥэрдии сытын таһаараат, дьиэлээхтэр күндү-мааны остуолларыгар олорбокко, ыар-ыардык үктэнэн тахсан барбыт. Кыыс дьоно тылларыттан маппыттар. Балаҕан аана күүскэ сабыллан “лип” гынарын кытта уот абытай ыарыыттан Ыстапаанньыйа иэйэн-куойан, ынчыктаан “һуу-һаа”, “айа-дьойо” бөҕө буолбут. Хара дьиэттэн бэрт түргэнник сорук-боллур уолу ыҥыра охсон кинилэртэн уонча биэрэстэлээх сиргэ олорор оҕо көтөҕөөччүнү сыарҕалаах атынан тиэйэн аҕаларыгар соруйбуттар. Ити киэһэ кыыстара, олус эрэйдэнэн, элэ-была тылын этэн, киһини барытын куттаан, ууга-уокка түһэрэн, халлаан сырдыыта өлбүт уол оҕону төрөппүт. Сүрдээх улахан, будьурхай баттахтаах оҕону тоҥ буору тоҕута сынньан, мас дьааһык оҥоро охсон халлаан хараҥара илигинэ сиргэ кистээбиттэр. Онтон кыыс саҥатыттан маппыта, бэйэтэ-бэйэтигэр бүкпүтэ, сирэйэ кырыыланан, хараҕа өлбөөрөн, тырымнаабыт кэрэ бэйэтэ уостарга    барбыта. Эдэр ыал саҥа дьиэҕэ олохсуйа тахсыбатахтарыттан, кыыс төрөппүттэрэ көһөн киирэргэ күһэллибиттэрэ. Эр киһи истэр эрэ оҕотун уҥуоҕар сүүрэр идэлэммитэ. Ыстапаанньыйа отут сааһын ааһыыта айдаана суох уу-чуумпутук кыыс оҕону төрөппүтэ. Кыыһа уончатын ситэ туола илигинэ, сиик курдук симэлийэн, хагдаҥ от курдук хагдарыйан түөрт уонун туолбакка сылдьан иинэн-хатан өлбүтэ. Онтон кыыстара кэргэн тахсыбакка сылдьан, ийэтэ оҕоломмут сааһыгар эмиэ кыыс оҕону төрөппүтэ, эмиэ “өйүнэн ыалдьар” дэтэн олох олороохтообут. Ити курдук хос-хос эбээлэрэ “айаҕыттан тахсар сытыканын билбэт” буолуор диэри сөбө суохтук тылласпыт аньыытыгар кини дьылҕата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биир кэм хатылана турар. Бары кэргэнэ суох биирдии кыыстаахтар, ньиэрбэ ыарыһах аатыраллар.

“Удьуордарыгар иирээки суох, төрөппүттэрэ сэттээх-сэлээннээх аньыыны оҥорбуттарыгар сордоно сылдьаллар”, – диэн эмээхситтэр кистээн сибигинэһэн кэпсэтэллэрин Настаа эбээтиттэн истэрэ. Кини ол олоххо буолбут дьиҥнээх номоҕу, киһи айылҕаны кытта ситимнээх буоллаҕына, сиэр-туом тутуһулуннаҕына, киһи дьылҕата атыннык салаллаарай диэн кэннэ уһаабыт, иннэ кылгаабыт киһи быһыытынан Сергейдээх Ларисаҕа кэпсииргэ соруммута. Кыыс дьылҕата уларыйбат да буоллаҕына, кэпсээбитэ сөп. Киһи үс куттаах дииллэр: ийэ, буор, салгын куттара. Ийэ кут – төрүт кут, киһи сүрэҕэр олорор, кинини үрүҥ Айыы үөскэтэр. Ийэ кут чөл буоллаҕына, киһи өйө-санаата, этэ-сиинэ чэгиэн буолар. Ийэ кут эчэйдэҕинэ, киһи удьуоругар охсуу ылар. Онон Лариса удьуордара аньыы оҥорон, ийэ куттара эчэйдэҕэ, ону сиэр-туом көмөтүнэн чөлүгэр түһэриэххэ сөп буолуо. Эбээлэрэ, ийэтэ үөрэммэккэ, дьонтон тэйэн, куруутун дьиэлэригэр бүгэн олорбуттара, дьиҥинэн, төрүттэрин аньыытын билэр буоллахтара уонна Ларисаҕа эппэтэхтэр. Ийэтэ сордоох кыыһым алҕас дьонтон истиэ диэн наар куттана, кистии сатыы олордо ини. Силэпиэн кырдьаҕастан ааттарын ыраастыырга, сиэр-туом толорон, көрдөспөтөхтөр-ааттаспатахтар. Арай Ыстапаанньыйа ийэтэ, кыыһа өлбүтүн кэннэ, тиийэ сылдьыбыт сурахтааҕа. Оҕонньор уһугулаан сытара үһү. “Сиэҥҥин көрдөр” диэбит. Сиэнэ кыыс, Лариса хос эбээтэ, туох да иһин буолумматах, онтон ытык киһи, биир тылынан ахтыбакка, саҥатыттан матан сытан орто дойдуттан бараахтаабыт.

Лариса төрүттэриттэн уратыта олоххо тардыһар күүстээх санаалаах, Москваҕа тиийэ үөрэнэ сатаабыта, оскуола паартатыттан ыла Сергейдиин табаарыстаспыттара, олох олоруохтарын ол кырыыстаах “ньиэрбэ ыарыылаах” аат туора түспүтэ. Онон, саатар, Лариса удьуоругар иирээки суоҕун биллин, Сергейинээн кырдьар саастарыгар өйөһөн-убаһан, утарыта көрсөн олорон чэй иһэр дьоллонуо этилэр. Дьон биллин, кырдьаҕастар ол умнуллан эрэр номоҕу, ымпыктаан-чымпыктаан да буолбатар, дьонноруттан истибиттэрин өйдөөн кэлиэхтэрэ.

Террасаҕа атах тыаһын истэн аргыый туран, былаатын кэтэҕин диэки көннөрө тардан, чөмчөччү туттан оронугар олордо.

– Эбээ, күөһүҥ бэлэм ини, аччыктаатым аҕай, – Митя ааны аһан иһэн чаҕаарда. Төгүрүк маҥан сирэйэ тэтэрэ кыыспыт, хараҕа чаҕылыйбыт, тириппит-хоруппут, бэргэһэтэ суох төбө сыгынньах мэлэкэччийэн киирдэ. Мааҕын хортууһун кэтэн барарга дылы гыммыта, сыл устата хас бэргэһэни, үтүлүгү сүтэрэрин ааҕан сиппэккин. Уолун кэнниттэн хара тирии кууркатын нэлэкэйдэнэн сылаарҕаабыт көрүҥнээх ийэтэ киирэн кэллэ.

– Туох ааттаах итииргээн кэллигит? – эмээхсин үгэһинэн дьонун сэмэлии тоһуйда.

– Халлаан итии. Ийээ, турума-турума, мин бэйэм иһити тардыам, – Елена тас таҥаһын уста охсон, баартыгын баанан остуолун сото охсон, иһитин ууран, аһылыгын тарпытынан барда.

Үһүөн саҥата суох олорон аһаатылар, арай Митяларын ньуоската тэриэлкэҕэ охсуллар тыаһа иһиллэр. Настаа аһыы олорон кыыһын сирэйигэр санаарҕабыл бэлиэтэ түспүтүн өйдөөн көрдө.

– Тоҕо саҥаҕыттан маттыҥ? Кыыскын кытта кэпсэттиҥ дуо?

– Суох, понедельникка кэпсэппитим дии, аны кэлэр нэдиэлэҕэ кэпсэтиэм. Киһилии аһыаххын, хаһан да аһаабатах киһи курдук иҥсэлээхтик аһыыгын, – Елена уолугар куолаһа кытаатан ылла. Митя саҥата суох көмүскэттэриэх курдук эбээтин диэки кылап гына көрөн ылла.

– Оҕону сүгүн аһатыаххын, ыйааһын түһэрбитэ буолан кэлин аанньа аһаабат даҕаны, – эмээхсин сиэнин таптыыр хараҕынан имэрийэ көрөн олордо. – Аһаатын, үс дьахтарга соҕотох эр киһибит буоллаҕа. Хата, сонунна кэпсээ, күнү быһа дьиэҕэр көстүбэккин уонна саатар биир эмэ сонуну кэпсээн киһини сэргэхсиппэккин.

– Тугу кэпсиэхпиний? үлэттэн атын тугу билиэхпиний. Чэ, ийээ, иһит турдун, бэйэм сууйуоҕум, – Елена ойон туран хоһугар киирэн хаалла.

– Ити ийэҥ туох буолбутай? – эбээтэ сиэниттэн сэмээр ыйытар.

– Билбэтим, – уол ыгдах гынар. – Андрей Владимировичтыын иһэр этэ. Мин ийэбин ситэн кэлбиппэр, баран хаалбыта, – куолаһын аччатыаҕынан аччатан эбээтигэр сибигинэйэр.

– Ээ, буоллаҕа, – эмээхсин мичээрдээн сирэйэ сырдаан кэлэр. – Икки уот ортотугар мучумааннанар, быһаарынан кэбиспэт.

Елена оронугар тиэрэ түһэн сытан хараҕынан дьиэтин өһүөтүн хас үүтүн-хайаҕаһын ааҕа көрө сытта. Ааспыт ыйга Андрей Владимирович “ыал буолуохха” диэбитэ. Бэйэтэ да сөбүлүүр быһыылаах, суолга тоһуйа көрсөрүн күүтэрэ, күннэтэ көрүөҕүн баҕарара мэлдьэх буолбатах. Ханна эмэ мунньахтыы эбэтэр үлэтинэн командировкаҕа бардаҕына, суохтуур… Григорийы санаабакка буола сатыыра. Ону баара… бүгүн үлэтигэр эрийэ сырытта. Маринаҕа харчы ыытаары аадырыһын ыйытар. Эбиитин уоппускабын кэлэр нэдиэлэҕэ ылабын, тиийэ сылдьыам диэтэҕэ үһү. Саҥатын истээт, сүрэҕэ мөҕүл гыммыта, эмиэ саҥатыттан матан, “ыык-ээх, сөп” диэнинэн муҥурданна. Ити телефон звоногуттан санаата алдьанан, маарыын Андрейдыын аанньа кэпсэппэтэ. Олус күндүмсүйэн эрэбин. Андрей Владимирович кинини уон тоҕус сыл, онтон кини Григорийы уон аҕыс сыл күүттэ. “Олох олорорго, кылаабынайа, эр киһи таптала улахан оруолу ылар. Дьахтар кэлтэй тапталынан уһуннук уот оттубаккын, эр киһиэхэ кулут эрэ буолар дьылҕаланаҕын”, – диэн дьахталлар этэллэрин өйүнэн толкуйдаан көрдөҕүнэ сөбүлэһэр, онтон сүрэҕэ … туох да иһин сөбүлэһиэн баҕарбат. Ол эрээри кэлин Григорийтан тэйэн иһэр. Хомойбута элбэх, ордук быйыл сайын “атын дьахтардаммытын” истэн баран кэлэйэ санаабыта. Сүрэҕэ өссө төгүл таҥнарыыттан күүскэ нүөлүйэн ылбыта, дууһата кураанахсыйбыта. Онтон … хаһыҥнаах күһүҥҥү сарсыарда курдук сүрэҕэ кырыанан бүрүллүбүтэ, бүгүн эмиэ ханна эрэ сүрэҕин муннугар чыпчылҕан түгэнэ истиҥ иэйии кылам гынан дууһата айманна. Ол көрдүгэннээн умайар эрэл кыымын күөдьүппэккэ, Андрей Владимирович истиҥ бэриниилээх сыһыанынан, иккиэн саба баттаан, саҥа кыламнаан эрэр таптал кыымын саһаҕа оҥорон олох олорорго оһохторун тигинэччи оттубуттара ордук буолуо. Андрей эрэллээх киһи. Оттон Григорий “тыла мүөттээҕэр минньигэс” эрээри, бэйэтэ “тоһоҕо төбөтүгэр олорбут” киһи. Аны Марина үөрэнэригэр көмөлөһөрүнэн киирэн эрэр, колледжын директорынаан араҕыстахтара, соҕотох хаалан онуоха-маныаха диэри биһиэхэ бэһирдэҕэ. Ийэлээх Марината олох сөбүлээбэттэр. “Туочуката туруоран кэбис”, – диэбиттэрэ ыраатта. Григорий билигин кэлэрдии оҥостон эрдэҕэ, кини санаатын кытта аахсааччыта суох. Телефонун нүөмэрэ миэхэ баар. Сарсын үлэ чааһын кэнниттэн эрийэн кэргэн тахсабын диэм, иккиттэн биирин быһаардахпына табыллар. Отут алта сааспар диэри сөбүн биир киһини кэлтэйдии таптаан, кини тугу этэрин күүтэ олордум. Сөп буолуо, билигин эркин курдук эрэнэр эрэллээх киһилээхпин, Андрей Владимирович Григорийы олохпуттан туора соторбор көмөлөһүө.

Елена хоһуттан тахсан, иһитин сууйаары “Мечта” оһоҕун билиитэтигэр миискэҕэ уу кутан сылыта уурда. Митя эбээтигэр хаһыат сонунун ааҕарын саҥата суох көрөн ылла. Настаа эмээхсин хаһыат сонунун истэ сытан, кыыһа сэргэхсийбитин, сирэйэ-хараҕа туох эрэ быһаарыныы ылбыт көрүҥнээҕин көрөн үөрэ санаата.

XXII

Уотун умаппакка, хараҥа хоско Сергей Акимович оронугар тиэрэ түһэн сытта. Аанньа утуйбатаҕа ыраатта. Нуктаан ыла-ыла уһуктан кэлэ турар. Икки ойоҕоһунан эргийэ сылдьан утуйа сатыыр да, утуйан быстыбат.

Бу төрөппүттэрин дьиэтэ. Сүрдээх киэҥ, ат сүүрдэр улахан дьиэ диэх этилэр дьон. Төрөппүттэрэ нэһилиэк сис ыаллара этилэр, аҕата совхоз директора, ийэтэ ветврач, онон кыахтаахтык олорбуттара. Икки уоллаахтарыттан кыралара, муннуларын бүөтэ кини этэ. Убайа, Семен, тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар кылаабынай специалиһынан, оттон кэргэнэ университекка английскай тыл преподавателинэн үлэлииллэр. Семен уонна Сергей диэн уолаттара кини кыыһын балтыбыт диэн уруургууллар аҕай. Үчүгэй уолаттар. Эһиил кыыһа Лидочката оскуолатын бүтэрэн университекка үөрэнэ кэлиэхтээх. Убайын аахха олорон үөрэнэрэ эрдэттэн быһаарыллыбыта эрээри, кэргэнэ Надя куруубайын киллэрэн олорор быһыылаах. “Кыыһым уопсайга олоруоҕа, ити аймахтарга чугаһаппаппын” диэбит сураҕын истэн саҥаһа өһүргэммит аҕай. Өһүргэниминэ, киһи эрэ өһүргэниэх тыла. Кырдьыгынан эттэххэ, Надятынаан улахан таптала суох холбоспуттара, кэлин кыыһын туһуттан олох олоро сатаабыта. Таптаабатыҥ да таптаабат эбиккин. Онтон Надежда кыыһа уон иккилээҕэр: “Тапталлааххар, иирээкигэр киэр бар”, – диэбитигэр тулуйбакка, малын хомунан дьиэтиттэн букатыннаахтык тахсан барбыта. Урукку өттүгэр “тапталлааххар, сэгэргэр барар буоллаххына, бараахтаа” диэн тардына соҕус саҥарар буоллаҕына, бу сырыыга кыайан туттумматаҕа.

Лидочката бырааһынньык аайы Алданнаан испэккэ, чугастыы манна миэхэ кэлэн сынньаныа диэн бүччүм санаалааҕа сатаммат буолбут. Надежда кинилэртэн олох тэйитэргэ санаммыт. Ол эрээри көрөн иһиллиэ, кыыһа оҕо эрдэҕиттэн киниэхэ ордук чугас курдук этэ. Билигин да суругар хайдах көрсүөхтэрин араастаан ыралаан суруйар.

Уон үс сыл бииргэ олорбут кэргэниттэн арахсан дойдутугар төннүөҕүттэн төрөппүттэрин дьиэтигэр соҕотоҕун олорор. Төрөппүттэрин саҕанааҕы миэбэл хайдах баарынан тураахтыыр. Урут киһи хараҕа халтарыйар, ыал ахсын көстүбэт дьиэ тэрилэ этэ. Билигин, биллэн турар, эргэрэн онон-манан иҥхэл-таҥхал түһэн турар. Ырааттаҕа даҕаны, ийэлээх аҕата өлбүттэрэ уонча сыл буолла.

Сергей Акимович оронун оҥостон кэтэх тардыстан сытан уруккуну-хойуккуну тилиннэрэн хараҕар киинэ кадрын курдук көрө сытта. Оскуолатааҕы уонна эдэр сааһын араас түгэннэрэ хараҕар элэҥнээн ааһаллар.

Лариса күн сиригэр бастакы уонна тиһэх таптала. Кинилэр тапталлара хайдах саҕаламмытай? Ларисалыын ахсыс кылаастан доҕордоспуттара. Долгуннурар уһун хара суһуохтаах, кип-киэҥ хара харахтаах кыыс кылаас иннигэр сүрдээх оттомноохтук туттан туран саҥаран-иҥэрэн бардаҕына, Сергей хараҕын араарбакка туран истэрэ. Лариса 9 – 10 кылаастарга оскуолатааҕы маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ секретарынан талыллан үлэлээбитэ. Сергей кылааһыгар комсорг этэ, онон элбэхтик алтыһаллара. Устунан Ларисалыын биирдэ да кыыһырсыбакка-кыҥкыйдаспакка олус истиҥник доҕордоспуттара. Паартаҕа үс сыл бииргэ олорбуттара. Кулуупка киинэҕэ, концертарга анал олорор миэстэлээхтэрэ, хойутаан да кэллэхтэринэ, онно ким да олорботох буолар этэ. Үҥкүү ансамблыгар бииргэ сылдьыбыттара. Көрбүт эрэ барыта “наһаа кырасыабай паара” диирэ.

Лариса ийэтинээн иккиэйэҕин эрэ олороллоро. Өксүүнү “ньиэрбэ ыарыһах” дииллэрин истэрэ эрээри, өйүнэн моһуогурбутун биирдэ да көрбөтөҕө. Өйүнэн моһуогурар ыарыы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үтүөрбэт ыарыынан ааҕылларын эмиэ билэрэ. Оскуоланы бүтэрэр сылларыгар сааһыары Лариса туохтан эрэ санаата оонньуур, мунчаарар идэлэммитэ. Медицинаҕа сыһыаннаах литератураны хасыһан ааҕар буолбута. Төрөппүттэрэ, ордук ийэтэ, Сергей Ларисалыын доҕордоһорун олох сөбүлээбэтэҕэ. “Бары аймаҕынан өйдөрүнэн ыалдьаллар. Онон Ларисаны даҕаны ыарахан дьылҕа күүтэр. Холбоһор күннээх буоллаххытына, оҕолоргутун эмиэ итинник дьылҕа күүтэр” диэн мээрилээн, Сергей кэлин ийэтинээн иккиэйэҕин хаалбат буола сатыыра. “Ларисаны кийиитинэн аҕалар буоллаххына, дьиэҕэ киллэрбэтиҥ ордук буолуо. Итинник удьуор ыарыылаах дьону кытта аймаҕыргаһыахпын баҕарбатым туһунан киниэхэ сирэйигэр этиэҕим. Кинилэр аймахтара эһиннилэр, оттон кини биһиги араспаанньабытын ылыныаҕа. Ону кытта тыыннаахпар сөбүлэһиэм суоҕа” диэн кытаанахтык эппитэ. Сергей ийэтиттэн улаханнык хомойбута. Аҕалара икки уот ортотугар түбэспитэ. Онтон Сергей аармыйаҕа барбыта, онно сылдьан Лариса ыалдьан үөрэҕиттэн төннөн кэлбитин истэн, тугун-ханныгын билиэн аһара баҕарбыта эрээри, бэркэ толлубута. Саатар, суруктарын ис хоһооно ыарахана сүрдээҕэ. “Олох харааччы иирэн хаалбыт, тугу да өйдөөбөт” диэн курдук этэ. Аармыйаттан кэлбитигэр Анялар: “Баран көрүс, баҕар, эйигин көрдөҕүнэ чөлүгэр түһүөҕэ” диэбиттэрин, чахчы өйүнэн ыалдьыбытын бигэргэтии курдук өйдөөн, сирэй көрсүөн саллыбыта.

Сергей университетка ИТФ-га киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрээт, атын улууска анатан үлэлии барбыта. Сааһыран иһэн, бэйэтин саастыы кыыһы Надежданы кытта билсэн ыал буолбута. Надежда начальнай кылаас учуутала этэ. Кыыс төрөп-пүттэрэ сыбаайба тэрийиэхтэрин баҕарбыттара да, эдэрдэр буолбатахтара. Биир сылынан үчүгэйкээн баҕайы кыыс оҕоломмуттара. Олороллорун тухары Ларисатын умнубакка сор бөҕөтүн көрбүтэ. Түүн кини аатын ааттаан ыҥырара, оннооҕор күнүһүн кэргэнин алҕас эмиэ Лариса диэн кэбиһэрэ. Холуочуйдаҕына, хайаан да айманара. Бу өйдөөтөххө, ону хайа бэйэлээх дьахтар тулуйуой? Надежда бэркэ да тулуйан олоро сатаахтаабыт эбит. Дойдутугар, ийэтиттэн хомойбут аатыран, биирдэ эмэ кэлэрэ. Оннооҕор ийэтэ үбүлүөйдэрин бэлиэтииригэр үлэтигэр табыллыбат аатыран кэлбэтэҕэ. Ийэтэ өлөөрү уһугулаан сыттаҕына, өлүү түбэлтэлээх, самолет көппөккө эмиэ хойутаан хаалбыта. Уола кэлэрин ыйыта сытан бараахтаабыт этэ. Ийэтэ быстыбытын истэн баран, Сергей санныттан ыар сүгэһэри түһэриммит курдук санаммыта. Ол, арааһа, ийэтэ эмиэ Лариса туһунан ыарахан кэпсэтиини саҕалыа диэн санаатыттан буолуо.

Ийэлэрин кистээн баран, үһүөн хаалбыттарыгар аҕата кэпсээбитэ: “Ийэҥ кэлин аһара кэмсинэр этэ. Лариса булумньу оҕо да аатырдар, төрөппүт аҕатын билэбин, доруобай, өй бөҕө киһи этэ. Кыыска дьон тыла иҥнэн, баҕар, итинниккэ тириэрдибиппит буолуо диэбитэ. Тоҕо эрэ ийэтинээн өйдөрүнэн моһуогурбут сурахтара иһиллибэт. Уонна, дьиҥинэн, уол оҕоҕо дьахтар ыарыыта бэриллибэт дииллэр. Баҕар, уол оҕолонон кимнээҕэр үчүгэйдик олоруохтарын мэһэйдээбитим буолуо. Бэйэм да икки эрэ уоллаахпыттан, Сергейбин наһаа атарахсыттым, оҕобун дэлби хомоттум. Араас сылтаҕы булан, биир да үбүлүөйбэр сылдьыбата. Саатар, билигин тыыннаахпын баттаһа кэлбэтэ” дии сытан тыына быстыбыт.

Ааны тоҥсуйар тыастан соһуйан олоро биэрдэ. “Бачча түүн хайалара кэллэҕэй?” диэн саныырын быыһыгар террасатын хатыырын төлө тарпытыгар тутуу биригэдьиирэ Миитэрэй көтөн түстэ.

– Хата, баар эбиккин. Бэстээҕинэн эргийэн нэһиилэ кэллибит. Спортзалбытыгар тоһоҕо аҕаллым, күтүөппүн көрдөһөн бырахтардым. Сарсын сарсыарда эрдэ төннөр, ол иһин ыксаан эйиэхэ сүөкээри кэллим, түөрт дьааһык тоһоҕо.

– Дьиэҕэр сүөкүөххүн, – Сергей Акимович сөбүлээбэтэхтии тутунна. – Сарсын баһылык массыына кэпсэтэн бараары сылдьар, эйигин кытта ыскылааттары кэрийиэм диир этэ, тоҕо күүппэккэ ыксаан таҕыстыҥ, оннук кэпсэтиигит суох этэ дуо?

– Ээ, кинини күүттэхпинэ аһара уһуубун. Бэҕэһээ барыахха диэбиппэр бэйэтэ кыһамматаҕа. Мин тоһоҕобун буллахпына, дьыалам онон бүтэр. Кэргэним дьиэни ыскылаат гынаҕын диэн сөбүлээбэт, эн террасаҥ киэҥ. Паром харчытын уонна төлөөбөппүт дуо? Күтүөт да буоллар, наһаа босхо аҕалбат буоллаҕа дии, – Миитэрэй бэйэтэ да улахан саҥалаах киһи көбдьүөрэн олорор.

– Мин харчы биэрэр касса буолбатахпын. Сарсын 9 чааска бухгалтерияттан ылан бардын. Чэ, тахсан сүөкүөххэ, тоһоҕолоро бүтэн дьоммут олороллор. Баһылык ыксатар. Быйыл киирбэтэҕинэ, тутуллубута уон биирис сылыгар барар, улуус историятыгар киирэр дьон буоллубут диэн эрэрэ, – Сергей Акимович кэпсиирин быыһыгар үлэҕэ кэтэр боростуой таҥаһын кэтэр.

Массыына хоҥнор тыаһын кытта Сергей дьиэтигэр саҥа киирэн истэҕинэ, терраса аана аһыллар тыаһа иһилиннэ. Ону кытта Ааналар ыксаабыт, долгуйбут көрүҥнээх киирэн кэллилэр.

– Сергей, дорообо, хата утуйа илик эбиккин, – Анна Афанасьевна бөтүгүрүүр.

– Утуйа сыттахпына, биригэдьиир Миитэрэй кэлэн туруорда, – Сергей дьахталлар тоҕо кэлбиттэрин таайа сатыырдыы хардары-таары көрөттөөтө. – Эһиги туох буолан түүннэри суксурустугут?

– Ларисабыт ыарыйда, – Анна Алексеевна долгуйан куолаһа кытта титирэстээн ылла.

– Хайда-ах? – Сергей соһуйан аттыгар турар олоппоско лах гына олоро түстэ. Дьүөгэлиилэр киһилэрэ наһаа уолуйбутуттан бэйэлэрэ да соһуйдулар быһыылаах, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр.

– Сергей, наһаа куттаныма. Этэҥҥэ соҕус. Хата, биһиги оруобуна түбэһэ кэллибит. Биһиги кэлэрбитигэр кубарыйыаҕынан кубарыйан баран оронугар олорор этэ, онтон туран иһэн эмискэ налыйан охтон түстэ. Киһини куттаата аҕай. Марина Константиновнаны ыҥыран көрдөрөн, билигин системаҕа сытар. Улуус киинигэр киллэрэн көрдөрүҥ диир, – Анна Афанасьевна кэпсии олордо.

– Хайдах быһыылаахтык ыалдьыбытый? – Сергей долгуйан быһыылаах, көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын илиитин көхсүнэн туора-маары соттумахтаата.

– Сергей, наһаа долгуйума эрэ. Хайдах-туга ыалдьыбытын биһиги бэйэбит да билбэппит. Хата, массыынаҕын собуоттаа, улууска бардыбыт, – Афанасьевна тиэтэтэр.

– Сөп-сөп, хайдах илдьэбит? Көмөлөспөтөх буоллаҕа… – эр киһи ботугуруурун быыһыгар бокуойа суох таҥнан барда. Дьахталлар “киһибит тугу-тугу саҥарар” диэбиттии бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр.

– Оттон ортобутугар өйөөн олорор инибит. Мария Константиновна барсыах буолбута. Сергей, ити тугу-тугу этэҕиний, көмөлөспөтөх буоллаҕа диэн, – Анна Алексеевна интэриэһиргии охсор.

– Ээ, суох, бэйэм ону-маны баллыгырыыбын, – Сергей массыынатын күлүүһүн ылан тахсан барар.

– Көр ити, Сергей хайдах курдук Ларисатын билиҥҥэ диэри таптыырый?! Кинилэр тапталларын ыарахан ыарыы да умулларбатах, сүүрбэ аҕыс сыл диэн эттэххэ дөбөҥ, ол тухары сүрэх ыарыыта, таптал таҥарата оҥостон илдьэ сылдьыбыта да элбэҕи этэр, – Афанасьевна бэркиһээн да, сөҕөн да саҥа аллайар.

– Маннык тапталы кинигэҕэ эрэ суруйаллара, киинэҕэ эрэ көрдөрөллөрө буолуо дии саныырым. Онтукам баара улахан таптал биһиги аттыбытыгар сылдьарын таба көрбөтөхпүт, – Алексеевна үөһэ тыынар. Дьүөгэлиилэр таһырдьа ойоллор.

XXIII

Учительскай. Оскуола аһыллыбыта үһүс нэдиэлэтигэр барда. Үөрэх аһыллыытыгар тэрээһин үлэ арыый үмүрүйэн, үлэ-хамнас олохтоох оҥкулун саҥа булан эрэр. Учууталлар даҕаны, үөрэнээччилэр даҕаны лааҕырдар үлэлэрин түмүгүн отчуоттарын суруйууттан, оскуолатааҕы учаастак үүнээйитин хомуурун түмүктээһин, улуустааҕы күһүҥҥү хомуур дьаарбаҥкатын быыстапкатыгар бэлэмнэнии үлэттэн иллэҥ буолбаттар. Быйыл сайын үс теплицаттан 56 кг огурсуну, 100-н тахса киилэ помидору хомуйдулар. Балтараа тонна хортуоппуйу хомуйан аһы-үөлү оҥорон таһаарар АОО-ҕа туттаран, быйылгы сыллаах дохуоттара балачча буолан, улууска орто оскуолалар сайыҥҥы үлэлэрин түмүгүнэн бириистээх миэстэҕэ тиксиэх курдуктар. Онно эбии оскуолалара хаһан да тупсубатаҕын тупсан тоһуйда. Саҥа технологиянан өрөмүөннэммит оскуола, биллэн турар, саҥатыгар түспүт курдук. Үөрэнээччилэр таһыттан сөҕө-махтайа көрөн баран, иһирдьэ киирэн баран олох да симиттэн хааллылар. Учууталлар даҕаны сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үлэлиэх-хамсыах баҕалара сүрдээх.

Сайын устата сэлэһэллэрин суохтаабыт учууталлар перемена эрэ буоллар айахтара хам буолбат. Ол быыһыгар үлэлии хаалбыт Ираида Ивановналарын “хаһан сыа сиибит?” диэн хаадьылаан ылаллар. Ираида дьүөгэтэ Анастасия дойдутугар үлэлии хаалан, соҕотохсуйа сылдьар эрээри, таптыыр киһитэ, олоҕун доҕоро буолаары сылдьар Бориһа аттыгар баар буолан дьоллоно аҕай сылдьар. Бүгүн Анастасия оннугар кэлбит эдэркээн кыыһы билиһиннэрбиттэригэр хайдах эрэ мыына санаата. Кып-кыра, хачаайы баҕайы көрүҥнээх кыыс оскуола оҕотуттан туох да атына суох. Ол эрээри бэрт сытыы-хотуу, сүрдээх чобуо киһи быһыылаах. Чэ, көрөн иһиллиэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации