Текст книги "Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь"
Автор книги: Тамара Петрова
Жанр: Словари, Справочники
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 13 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]
ТҮПТЭ дымокур из кизяка; түптэлээ разводить дымокур; түптэлэс тымныы сильный мороз (о клубах пара); түптэ бурҕалла түстэ дым столбом пошёл (выстрелил); саа тыаһа түптэлэс беспрерывная стрельба.
ТҮҮР заворачивать; свёртывать, утуйар таҥаскын түүрэн кэбис свернуть постель; сматывать, быаны баай смотать верёвку; түүрүлүн свернуться в клубок; түүрүллэҥнээ изгибаться; түрдьэ кумааҕы рулон бумаги; түүрүтэ тарт сжиматься, куйахам түүрүтэ тыытар голова стягивается.
ТҮРБҮӨН (түрүлүөн) тревога, переполох; шум-гам; беспокойство; түрбүөннээх тревожный, беспокойный; түптэ-түрүлүөн сильная тревога.
ТҮРГЭН скорость, быстрота; скорый, быстрый; поспешный; проворный (аллаах); түргэтээ спешить, торопиться; түргэнник быстро, поспешно, вскоре; разг.: живо.
ТҮРДЭҺИН сморщиваться; раздражаться, выходить из себя; сирэйэ түрдэстибит лицо его сморщилось; түрдэстигэс раздражительный; түрдэҥнээ, кыыһыран түрдэҥниир сердито морщится.
ТҮРКҮН разгар, страда; от үлэтин түркүнэ сенокосная страда.
ТҮРМЭ тюрьма, место лишения свободы; темница, острог.
ТҮРҮК үрүк-түрүк повторно, лишний раз.
ТҮС I түс-бас киһи солидный, серьёзный, основательный человек; түспэтий стать взрослее.
ТҮС II от түһэ конусообразный верх стога; дьол түһэ верх счастья.
ТҮС III падать; хаар түһэр снег падает; этээстэн түс спускаться с этажа, охтон түс свалиться; ууга түс утонуть; тыал түстэ поднялся ветер; куйаас түстэ стало жарко; сэбирдэх түстэ листья опали; ыалга түс ночевать; түүтэ түһэр линяет; сыана түстэ цена упала.
ТҮҺҮҮ спуск; туруору сыыр крутой спуск; түһүк, түһээн сбор, налог.
ТҮҺҮЛГЭ место сбора, проведения ысыаха; пир, угощение; тустуу түһүлгэтэ арена спортивных игр; стойбище, стоянка.
ТҮҺҮЛҮК нагрудник; меховой, бисерный передник.
ТҮҺЭР 1. ронять, суругу дьааһыкка түһэр опускать письмо в ящик; сарай хаарын түһэр сбрасывать; былаанна түһэр спускать план; харчыгын сиргэ түһэр выронить; санааҕын түһэр печалиться; аптарытыаккын түһэр терять свой авторитет; хаартыскаҕа түһэр делать фотоснимки; 2. вспом. гл. хампы түһэр, үлтү түһэр разбить; тоҕо түһэр разлить; ытан түһэр застрелить; ытыскар түһэр принять с радостью; чөлүгэр түһэр восстановить; түһэрии понижение, өйгө түһэрии объяснение.
ТҮҺЭХ передняя сторона бедра; тобук, ньилбэк колени.
ТҮҮТЭҔЭЛЭЭ хандрить, капризничать.
ТҮҮТЭХ баайыылаах бурдук сноп; түүтэх от охапка сена; түүтэхтээ.
ТҮӨКҮН плут, мошенник; пройдоха; хитрый, коварный, лукавый; түөкүннээ, түөкэйдээ мошенничать; хитрить, лукавить, притворяться; обманывать, надувать; түөкэй, албас, албын хитрость, притворство, плутовство, мошенничество; козни, обман.
ТҮӨЛБЭ местность; түөлбэлээн олор расселяться.
ТҮӨН трут для прижигания; түөннээһин прижигание (в народной медицине); түөннээ делать прижигание на больном месте; түөннэт получать прижигание.
ТҮӨР (хас) рыть, вырывать с корнями, выкапывать; тииспин ыл вырвать зуб с корнем; түөргүлээ докапываться, расспрашивать.
ТҮӨРТ четыре, төрдүс четвёртый, түөртүү по четыре; түөртэ четыре раза; түөртээх четырёхлетний; түөрдүм мне четыре года; түөртүүр ыам четырёхразовое доение коров; түөртүүр саҕана ко времени четвёртого доения.
ТҮӨРЭККЭЙ неустойчивый, шаткий; түөрэккэй олоппос шаткий стул; түөрэккэй төлкөлөөх с шаткой судьбой; түөрэҥнээ качаться, остуол түөрэҥниир стол качается; түөрэҥнэт раскачивать, колебать; түөрэҥэлээ, оҕо хааман түөрэҥэлиир малыш идёт, переваливаясь (учится ходить).
ТҮӨРЭХ вид гадания: түөрэх кэбиһэр подбрасывание предмета, түөрэх олоро (олордьу) түстэ хорошая примета.
ТҮӨС I грудь; кэтит түөстээх с широкой грудью; түөһүн тоҥсунар бьёт себя в грудь, гордится, чванится.
ТҮӨС II түөс буолуу, түөһэйии старческое слабоумие; түөһэй выжить из ума, впасть в детство; перен. говорить глупости.
ТЫЫ лодка; мас тыы лодка из досок на 2–3 человека, тимир тыы лодка из металла; туос тыы берестяная лодка; оҥочо большая лодка; челн (выдолбленный из бревна).
ТЫБЫЫР фыркать; тыыммыт-тыбыырбыт энергичный, разбитной.
ТЫБЫС усил. част.: тыбыс-тымныы очень холодно.
ТЫЙ (убаһа) жеребёнок во втором году; тыһаҕас (о рогатом скоте).
ТЫЫЙ межд.: страх, удивление.
ТЫЙМЫЫТ ящерица.
ТЫЙЫС тыйыс дьүһүн строгий вид; суровый; сэрии тыйыс сыллара тяжёлые, трудные годы войны; тыйыс сыһыан жёсткое обращение; тыйыс дьылҕа жестокая судьба.
ТЫК I светить, күн тыкта выглянуло солнце; ый тыгар светит луна.
ТЫК II давать щелчок (тыгыы); щёлкнуть по лбу сүүскэ тык; тыгыалаа давать щелчки; тик жалить, кусать; тигээйи тиктэ ужалила оса; тыксыы, тыксаан игра в щелчки.
ТЫК III течь струёй; уу тыгар вода струится (с напором); ууну тыктар брызнуть струёю; хаана тыгыалыыр брызжет кровь; тыккыраа, кыраан уута тыккырыыр вода из крана течёт тонкой струёй.
ТЫКААРАЙ щёголь, кырыытынан тыкаарай модница, недотрога.
ТЫЛ I язык, слово; ийэ тыл материнский язык, төрөөбүт тыл родной язык, омук тыла иностранный язык; саха тыла якутский язык; түөлбэ тыла диалект; биир тыл одно слово, элбэх тыл много слов; ыарахан тыл трудное слово, ыыс тыл бранное слово.
ТЫЛ II саҥарар тыл речь; тыла суох немой; тыллан начать говорить (о ребёнке), напрашиваться; мээнэ тыллас болтать; тылгын биэр обещать; тылыттан маппыт не может (не хочет) говорить; тыллаах дьахтар сварливая женщина; тыллаа уведомлять, доносить; тыллабыр донесение.
ТЫЛ III хос тыл язычок; чуораан тыла язычок колокольчика; күлүүс тыла ключ от замка; кур тыла застёжка; ынах тыла пиявка; тылы туппут взял в плен; тыллаа, тылла оҥорон биэр приделать язычок.
ТЫЛБААС перевод; тута тылбаас синхронный перевод; тылбаастаа переводить; тылбаасчыт толмач, переводчик; тылдьыт словарь.
ТЫЛБЫЫ зажим; тылбый зажимать; тылбын тылбыйда не даёт говорить.
ТЫЛКЫЙ жрать, трескать наскоро; есть медленно, нехотя.
ТЫЫЛЛАҤНАА потягиваться; надуваться.
ТЫЛЫБЫРАА экспр. говорить безостановочно, скороговоркой.
ТЫМНЫЫ холод, стужа, мороз; бытарҕан тымныы трескучий мороз; тымныы дьиэ холодная квартира, тымныы күн морозный день, тымныы уу студёная вода; тымныйда, тымныы түстэ стало холодно; простудился; тымныт охлаждать.
ТЫЫМПЫ күөл озеро без берегов, заливающее окружающий лес.
ТЫМТАЙ берестяная посуда овальной формы; тымтака маленький тымтай.
ТЫМТАР бурно проявляет гнев; кыыһыран тымтар горячится, кипятится.
ТЫМТЫК лучина, тымтык уота свет лучины; тымтыктан освещать лучиной; тымтыктанан көр предугадывать будущее.
ТЫМЫР кровеносный сосуд; хорук тымыр сонная артерия, үөс тымыр вена; тымыра тэбэр пульс, пульсирует кровь; тымыр-сыдьаан родня.
ТЫЫН I дух, куһаҕан тыын злой дух; киһи тыына (кут, сүр) душа, жизнь.
ТЫЫН II тыыныы дыхание, тыын дышать; өрө тыын, үөһэ тыын вздыхать; тыына хаайтарар, тыын былдьаһар задыхается.
ТЫЫННААХ живой, одушевлённый; тыыннаах айылҕа живая природа, тыынар тыыннаах живые существа; тыыннааҕым тухары во всю мою жизнь; тыыннаахпар при жизни; тыыннаахтыы живым, живьём, заживо; уот тыыннаах огнедышащий; өлбөт тыыннаах бессмертный.
ТЫЫННЬА большая семья; тыынньалаах многодетный.
ТЫҤ I звук натянутой струны, тыҥ гына түстэ зазвучал; тыҥкынаа тонко звенеть; балалаайка тыҥкыныыр звенит бабалайка; тыҥкынас звенящий.
ТЫҤ II рассвет, заря; тыҥ хатыыта ранним утром.
ТЫҤ III тугой, упругий; тыҥааһын напряжение, натяжение; тыҥаа напрягаться, натягиваться как струна; тыҥаабыт напрягся.
ТЫҤА лёгкое; тыҥалаах; тыҥа курдук перен. стал вялым.
ТЫҤААЛАА (тыҥаахтаа, тыҥырҕаа) осудит. жалобно причитать.
ТЫҤЫРАХ ноготь, ногти; коготь, эһэ тыҥыраҕа когти медведя; тимир тыҥырах скряга; тыҥырахтаах с когтями, тыҥырахтаах кыыл хищник; тыҥырахтаа щипать, царапать ногтями, когтями.
ТЫП – (тыбыс-) усил. част. тыбыс-тымныы совершенно холодный.
ТЫЫППАЛААХ имеющий склонность, способный.
ТЫЫР пороть, распарывать; проводить, суолу-ииһи тыыр прокладывать пути; разрезать, тыы долгуну тыырар лодка разрезает волны; тыраҕастаах разрезанный, распоротый; тыырыс разделять с кем; төбө тыырбыт аҥаара ровно половина.
ТЫЫРА тарт порвать (одежду); тырыта тыыт разрывать, раздирать, растерзать; тырыта быс разрезать; тырыта-хайыта бар рваться; тымтыкта тыыр щепать (лучину); тырыыҥка мелко расщеплённые палочки, лучинка; тырыыппайдаа царапать; перен. писать.
ТЫРАЙ протягивать длинные тонкие ноги; тыраҥнаа ходить босиком (атах сыгынньах); тыыраахы чайка; поморник.
ТЫРГЫЛЫН тянуться, струиться (об узкой дороге, о дыме из трубы).
ТЫРДЫРҔАА трещать, потрескивать; сердиться из-за пустяков; тырдырҕас вспыльчивый, нервный.
ТЫРЫБЫНАЙ трепетать, биться (о птичке); тырып-тарып взмах крыльев.
ТЫРЫМНАА мерцать, сверкать (о глазах); мерцать (о звёздах); куорат тырымнас уоттара мерцающие огни города.
ТЫС I звук, тыһырҕас тыас треск; оһох уота тыһыргыыр трещат дрова в печи; күөл мууһа тыһыргыыр лёд на озере трещит.
ТЫС II лапа (шкура); камус; тыс этэрбэс унты из лапок, тыс бэргэһэ шапка из меха.
ТЫҺАҔАС двухлетний телёнок, тёлка.
ТЫҺЫ I самка; тыһы таба важенка; тыһы бөрө волчица; тыһы ыт сука; тимэх тыһыта петля.
ТЫҺЫ II тонкий, податливый, тыһы кыл тонкий волос; тыһы тимир тонкое, ковкое железо; тыһы тыл меткое слово.
ТЫЫТ трогать, дотрагиваться, касаться, прикасаться; тыычылаа дразнить, задевать (муокастаа, дьээбэлээ).
ТЫЫХАЙДАА затыкать, конопатить.
ТЫА лес, тайга; арыы тыа небольшой лес; хара тыа лиственничный лес; бэс чагда сосновый лес, бор; хатыҥ чараҥ берёзовый лес, роща; тыа кыыла дикие звери; тыа сирэ сельская местность; тыа ыала сельские жители; тыа хаһаайыстыбата сельское хозяйство; тыатааҕы эвфем. медведь.
ТЫАЛ ветер; тыаллаах; тыалырбыт (тыалламмыт) поднимается ветер, хотуттан тыалырбыт ветер подул с севера.
ТЫАС шум, звук; тыал тыаһа шум ветра; мутук тостор тыаһа треск сучьев; сүгэ тыаһа стук топора; саа тыаһа выстрел; чуораан тыаһа звон колокольчика, мотуор тыаһа рокот мотора; этиҥ тыаһа раскаты грома; тыас-уус много шума; тыастаах издающий звук; тыаһаа шуметь, стучать; тыастаахтык с шумом.
ТЭЭБИРИН имущество, вещи; дьиэ тээбиринэ домашнее имущество (мал, сэбиргэл).
ТЭБИЭН верблюд; тэбиэн түүтэ мохер.
ТЭБИЭҺИР экспр. усиливаться; возбуждаться сильнее.
ТЭБИЭХ настил в могиле из толстых досок.
ТЭБЭЭ отряхивать, выколачивать; выбивать; тэбэн отряхиваться.
ТЭБЭНЭТ шалость, озорство, игривость; оҕо тэбэнэтэ (мэнигэ) детская шалость, эдэр саас тэбэнэтэ озорство юности; тэбэнэттээх игривый, резвый; проказник.
ТЭГИЛ далёкий, тэгил дойдуттан тиийэн кэллим прибыл из дальних стран; тэгили суолталаах абстрактное значение.
ТЭГИЛИЙ (төгүрүй) делать круг; тэгилийэр күн солнце обходит кругом.
ТЭЭГЭ колебание, сомнение; тээҕилээ быть в нерешительности, сомневаться.
ТЭЙ отходить, отдаляться, мээчик тэйэр, тэйиэккэлиир мяч отскакивает, дьонуттан тэйдэ отошёл от родных; уклоняться, отстраняться, үлэттэн тэйэ туттар уклоняется от работы; тэлэһий удаляться, дойдутуттан тэлэһийдэ отдалился от родных мест, стал скитаться, бродяжничать; тэйэ поодаль, тэйит отдалять, отлучать, отводить; тэйиччи отдалённый, вдали.
ТЭЙГЭҤНЭЭ мерно покачиваться, топтаться; тэйгэччи баай связать так, чтоб качалось; тэлбистээ вяло ходить, посещать, маячить.
ТЭЛ резать, разрезать вдоль; тириини тэлэн быата оҥор вырезать из кожи ремень; прокладывать, киэҥ аартыгы тэл проложить широкую дорогу; сири-дойдуну тэл объездить много стран; оҕо тииһэ тэлэр (тахсар) у ребёнка прорезались зубы.
ТЭЛГЭЭ тэлгэт стелить, застилать; хаптаһыны тэлгэт укладывать доски рядом; тэлгэн расстилаться; киэҥ хонуу тэлгэнэ сытар расстилаются широкие поля; кумааҕыгын тэлгэт раскладывать свои бумаги; орону оҥор постелить постель; тэлгэһэ двор (тиэргэн, тусаһа); тэллэх постель; эһэ тэллэх медвежья шкура, түү тэллэх пуховая перина; хайа тэллэҕэ подножие горы; сон тэллэҕэ подол.
ТЭЛИБИРЭЭ трепыхаться, колыхаться; кыһыл былаах тыалга тэлибириир колышется на ветру красное знамя; трястись, трепетать; тэлибирэс сэбирдэх, сэбирдэх тэлибириир дрожат листья; шелестеть, качаться, колебаться.
ТЭЛИЭС-былаас үктэн ступать неровно; неуверенно.
ТЭЛЛЭГЭР обвислый (о губе), тэллэгэр сэлээппэ широкополая шляпа.
ТЭЛЛЭЙ гриб, грибы; грибки; киһи сиир тэллэйэ съедобные грибы; туустаах тэллэй солёные грибы; дьиэни тэллэй сиэбит стены поразил грибок.
ТЭЛЭЙ широко открывать, распахивать (ас, арый); киэҥ суол тэлэлиннэ открыты широкие дороги, тэлэччи ас отворять настежь.
ТЭЛЭКЭЧИЙ вертеться, неровно кружиться; тэлэмээттэн бежать в расстёгнутой одежде.
ТЭЛЭЭР широко развеваться; парить в воздухе.
ТЭМТЭЙ подниматься; күн тэмтэччи ойдо солнце поднялось довольно высоко.
ТЭМТЭРИЙ спотыкаться; шататься (о пьяном), тэмтэрийэ сылдьар еле удерживается на ногах.
ТЭМЭЛДЬИГЭН стрекоза.
ТЭН мун-тэн блуждать.
ТЭНИЙ раз – (рас-): растягиваться; распространяться, расширяться, развиваться; тэнит раскладывать, растягивать; тэнис гыннар быстро развернуть; тэниччи тарт растянуть (скатерть).
ТЭҤ I дэхси ровный; тэҥнээ выравнивать, делать ровным, суолу тэҥнээн, көннөрөн биэр сровнять дорогу; сири кытта сир гын сровнять с землёй.
ТЭҤ II равный, одинаковый; равноценный, равноправный; тэбис-тэҥ совершенно равный, одинаковый; тэҥнээ сравнивать; тэҥнэс равняться, меряться; тэҥнэн уподобляться; тэҥнээх равный, одинаковый, подобный, достойный; тэҥнэбил матем. уравнение.
ТЭҤКЭ тиит высокая лиственница; тэҥкэ ойуур деревья без ветвей снизу.
ТЭП пинать, лягать (о животных); атаххын тыыллыы тэп вытягивать, протягивать ноги; сүрэҕэ тэбэр сердце бьётся, тымыра тэбэр пульс бьётся; саа ыраах тэбэр ружьё бьёт далеко; иэдээҥҥэ тэптэ довёл до беды; тэбин упираться ногами; побежать быстро, сходить; тэбиэлээ пинать много раз; тэбиэлэн пинаться, брыкаться; тэбиик бьющий ногами, тэбиик ат, тэбиик ынах; тэбис топтать ногами, үлтү тэбис растоптать; тэпсэҥнээ переступать с ноги на ногу; тэбиэлэс пинать друг друга; атах тэпсии танец со взаимными ударами ногой.
ТЭПТИРГЭ силок с рычагом; подпорка; тэптэр подпирать; тайахха тэптэрэн хаамар ходит с палочкой; тэптэр, тэптэрэн биэр поддакивать, науськивать.
ТЭРБЭЙБИТ с широко раскрытыми глазами; соһуйан тэрбэччи көр смотреть удивлёнными глазами; тэрбэлдьий строить глазки.
ТЭРГЭН большой; тэргэн саа широкоствольное ружьё, пушка; тэргэн ый полный месяц.
ТЭРИЙ организовать, создать; ыһыкта тэрий снаряжать, собирать (в дорогу); сыбаайбата тэрий устроить свадьбу; тэрин собираться; обзаводиться; тэрис способствовать, помогать в организации; тэрийээччи организатор, тэрийии, тэрээһин организация работы.
ТЭРИЛ снаряжение; үөрэх тэрилэ учебные принадлежности; булт тэрилэ охотничья снасть; тэриллээх снаряжённый, устроенный.
ТЭРИЛТЭ организация, учреждение; оҕо тэрилтэтэ детское учреждение; эмтиир тэрилтэ лечебное учреждение.
ТЭРЭЙБИТ широкий, расширенный; тэрэй выдвигаться вперёд, торчать, эмиийэ тэрэйбит с высокой грудью; тэрэгэр кулгаах уши торчком.
ТЭС 1. пробивать (долбить); ириҥэтин тэс вскрывать нарыв; тэһэҕэс дырявый, протекающий; дьөлөҕөс проколотый; тэһин течь, протекать, дьиэ тэстэр протекает крыша; сымыыт тэһиннэ разбилось яйцо; хараҕын тэс выколоть глаза; тэһин разг. мочиться (ииктээ); 2. част. тэһэ, тэһэ ас проткнуть; тэһэ ыт прострелить; тэһэ сиэ прожечь; тэһэ көр смотреть в упор; тэһитэ (многократно), тэһитэ кэй, тэһитэ ас, тэһитэ тоҥсуй прокалывать.
ТЭСКИЛЭЭ экспр. убегать, удаляться; уходить.
ТЭСКЭЙ (о мягком) наполняться, туго набиваться, суумка тэскэйбит сумка набита; тэскэҕэр набитый, наполненный.
ТЭҺИИ резвый (уһуу); пугливый (о животных); тэһии соноҕос неприрученный жеребец.
ТЭҺИЙ обживаться, чувствовать себя как дома; тэһийимэ скучать, тэһийбэппин мне скучно; тэһииркиир скучает, не сидится.
ТЭҺИИН повод, поводья; үүн узда, удила; үүннээх-тэһииннээх тыл перен. разумные, направляющие слова.
ТЭТИЭНЭХ крепкий, упругий; здоровый; проворный, расторопный.
ТЭТИМ темп.
ТЭТИҤ осина.
ТЭТЭР краснеть, покрываться румянцем; тэтэркэй румяный; тэтэгэркээн ласк. румяненький.
ТЭХТИР неровность; препятствие, опасность, затруднение.
У
УУ I межд. испуг, угроза.
УУ II сон, уум кэллэ мне хочется спать; уута кэлбэт сон не идёт, утуйар уутун умунна забыл про сон; уум көттө у меня бессонница; уум алдьанна не могу заснуть; уһун уутун утуйбут почил.
УУ III вода, уута суох безводный; сок, жидкость, влага, отон уута ягодный сок; харах уута слёзы; сүөгэй уута пахта; уу көтөрө водоплавающая дичь; уу суола водный путь; уулаах водный, водяной; уулаах отон брусника.
УУ IV от природы (в сильной степени); уу саха саха по духу; уу кыһыл оҕо новорождённый; уу туҥуй саас младенчество; уу чуумпу полная тишина; уута суох көмүс чистое золото (высшей пробы); уу табахсыт ярый курильщик; уу иһээччи заядлый пьяница.
УБАҔАС жидкость; иик моча; жидкий, редкий, убаҕас хааһы жидкая каша; убаҕас мастаах ойуур редкий лес; убаа становиться жидким, слабым; ынах үүтэ убаабыт жирность молока снизилась; мас убаабыт деревьев стало меньше; өйө убаата стал слабоумным, плохо соображает; убат разводить, чэйи убат развести чай; убаҕастыҥы жидковатый.
УБАЙ старший брат; старший родственник мужского пола по отцу; уважительное обращение; с притяж. афф. убайым старший брат+мой, убайбыт брат+наш, убайдаах имеет брата+своёго, убайдаатар убайым названый брат.
УБАН (ыллар) привыкать, привязаться; арыгыга убанна привык к спиртному; оҕобор убанан хааллым привязался к ребёнку.
УБАҺА жеребёнок до года; убаһалаах биэ кобыла с жеребёнком; убаһа этэ жеребятина.
УБАХТАА полоскать, выжимать бельё; делать массаж.
УБУРАА (уураа) целовать; лобызать; уураан ыл поцелуй; убураан-сыллаан барда стал целовать; убурас целоваться; убурат дать целовать.
УГААЙЫ приманка; подвох, ловушка; угаайылаах хитрый, с задней мыслью; угаайыга киирэн биэрбит попал в ловушку; угуй (ыҥыр) манить, заманивать, зазывать, завлекать; угуйар уоттаах с манящими огнями; угуйуу зов.
УГУННЬА подстилка на подошву.
УГУТ I половодье, наводнение, халаан паводок; разлив; угут дьыл полноводье; өрүс угуттаата река вышла из берегов; уу ылла затопило, подтопило; уу ылар сирэ заливные луга.
УГУТ II урт припарка, ванна; уртаа делать припарки, ставить ванны.
УҔАРЫЙ успокаиваться; униматься; уҕарыт убавить, уордайбыккын уҕарыт убавь свой гнев.
УДАҔАН шаманка; айыы удаҕана добрая шаманка, сиэмэх удаҕан шаманка, приносящая порчу; пожирающая людей.
УДАМЫР кое-как, сносно, легонько; лучше, легче (о здоровье), сыаната удамыр не очень дорого; ыарыым удамыр стало легче.
УДУМАҔАЛАА (удумаҕалат) ориентироваться, узнавать, догадываться, смекать, понимать; син удумаҕалыыр немножко понимает, ону-маны удумаҕалатабын кое-что понимаю.
УДЬАА (удьаа хамыйах) большой деревянный ковш.
УДЬУЛ беглец, беглый; удьул сылдьар киһи бродяга.
УДЬУРҔАЙ причудливо утолщённый ствол берёзы, отличается прочностью и красивым узором; материал для поделок.
УДЬУОР 1. потомки, потомство; род, племя, колено (поколение) (дьуорту, урдус, утум, хаан); порода; 2. род, происхождение; родословная; естество, существо; үһүн үйэлээх удьуор потомственные долгожители; удьуордаах родовитый; племенной, породистый; үчүгэй удьуордаах хорошего происхождения; удьуордаа унаследовать родовые качества; удьуордааһын наследственность.
УЙ I уй-хай крик от испуга, уй-хай бөҕөнү түһэрдилэр заголосили.
УЙ II выдерживать; муус массыынаны уйар лёд выдерживает машины; выносить (быть в силах), устоять; переносить, выдерживать, төһөнү уйарый сколько он поднимает; атаҕа уйбат ноги не держат; киһи тылын уйбат не терпит замечаний; уйарҕаа чувствовать тяжесть, нагрузку; уйук грузоподъёмность; уйун, атаххар уйун держаться на ногах; аһыытын уйунна перенёс горе; ороскуотун уйунна расходы принял на себя.
УЙА гнездо, нора, норка; ыт уйата конура, эһэ арҕаҕа берлога; кымырдаҕас уйата муравейник; оҕо уйата, биһик колыбель, зыбка; ыарыы уйата источник заразы; уйата тутун, уйалан свивать гнездо, гнездиться; обосноваться, пустить корни; уйалаа устраивать жильё.
УЙАҔАС мягкий, добрый; уйаҕас салгын тёплый, приятный воздух.
УЙАН чувствительный, склонный к слезам; уйадый расчувствоваться, умиляться; уйадыт умилять; уйан тимир податливое железо.
УЙГУ уйгу-быйаҥ обилие, изобилие, богатство; уйгулаах изобильный, богатый; уйгулаа делать богатым, изобильным; уйгулан жить в богатстве.
УЙГУУР (уйгур) отвлекаться; предаваться разгулу, хаартыга уйгуурда предался игре в карты; уйгуурт отвлекать, завлекать; утуйар уубун уйгуурта лишил меня сна.
УЙМАА (оймоо) размешивать; перемешивать; уйман оказаться замешанным; аймаа взбудоражить, встревожить; айман волноваться, переживать.
УЙУЛ кривизна, уйуллаах с кривизной, уйуллаах сиэркилэ кривое зеркало.
УЙУЛҔА (айылгы) природа человека, свойство, характер; уйулҕам хамсаата расстроился; уйулҕата ыстаммыт вышел из колеи.
УЙУҺУЙ отдаляться; сильно возбуждаться, стать неуправляемым, уйуһуйбут ат непослушная лошадь, дууһа уйуһуйар душа возбуждена.
УК I (тутаах) длинная ручка, черенок, рукоятка; уктаах с ручкой; аан тутааҕа ручка; быһах уга рукоятка; күрдьэх уга черенок; хамса умнаһа чубук.
УК II вкладывать, вставлять, иннэҕэ сабы ук вдевать нитку в иголку; кинигэҕин суумкаҕа ук положить книгу в сумку; помещать; үбү ук делать ставку; бааҥҥа харчыны ук вкладывать деньги в банк; уксуу (на скачках) тотализатор; уксаан игра в поддавки; уктаа петля на конце нитки, верёвки, ремешка.
УК III (умнас) үүнээйи умнаһа стебель; сугун уга куст голубики.
УККУЙ подстрекать (кик, киксэр); куһаҕаҥҥа уккуйда втянул в неприглядное дело.
УКУ-суку вялый, невесёлый, уку-суку тахсан барда незаметно вышел.
УКУЛААТ тимир булат, сталь.
УУЛ таять, растаивать, растопляться; плавиться; саахар ууллан хаалбыт сахар растворился; ат сыата уулбут коня запалили; топить, плавить, арыыны ууллар растоплять масло, ууллубут арыы топлёное масло.
УУЛАА 1. пить (о скоте); 2. испиири уулаа разбавлять спирт водой.
УЛАҔА место позади предмета, улаҕа сыт ложиться за спиной к-л., муора улаҕатыгар за морем; улаҕалаах өй задняя мысль; улаҕалаах киһи человек, имеющий покровителя, крышу.
УЛАМ всё ещё, ещё больше, пуще; постепенно.
УЛАР тетерев; тетёрка; глухарь.
УЛАРЫЙ изменяться, меняться; олох уларыйда жизнь изменилась; уларыйыы перемена; уларыт изменять, менять; суолтатын уларыт искажать; кубулут превращать, солбуй заменять; тохтот отменять; көһөр перемещать, атын сиргэ олохсут переселять; уларытыы подмена; изменение.
УЛАРЫС меняться, сменяться; давать на время, одалживать.
УЛААТ расти, вырастать, подрастать; увеличиваться (по количеству), повышаться (в чине), усиливаться (о болезни); улаатыннар растить; увеличивать, наращивать; улаатымсый, улахамсый зазнаваться, возомнить себя; улаатымсык, улахамсык высокомерный, гордый.
УУЛААХ 1. залитый водой, затопленный; 2. сонливый, любящий спать; 3. уулаах ынах стельная корова; уулаах биэ жерёбая кобыла.
УЛАХАН большой; улахан буукуба большая буква; улахан үөрүү большая радость; бөдөҥ отон крупная ягода; улахан киһи взрослый; улахан уоллара старший по возрасту сын; улаханнык ыалдьар сильно заболел, улаханнык саҥарар громко говорит.
УЛГУМ податливый, послушный; услужливый; улгумнук послушно, быстро, с готовностью.
УЛДЬАА ветреный, беспутный, непутёвый, безответственный; улдьаар вести себя безответственно, беспутно.
УЛЛУК бедро; уллук сутуруо набедренник из меха.
УЛЛУҤАХ ступня, лапа; уллуҥ подошва; уллар подшивать обувь, этэрбэс улларар подшивает торбаса.
УЛЛУРУК мужское семя; аһай женский яичник.
УЛУУ великий; улуу күтүр страшный, грозный; улуукан величайший, улууканнаах величественный; улуутуй (улуутумсуй) гордиться, кичиться, бэрдимсий важничать.
УЛУЙ выть, завывать; вопить; бөрөлүү улуй выть по-волчьи; улуйуу вой собаки, вой волков.
УЛУК бессильный, вялый; улугуруу вялость, леность, бессилие, застой.
УЛУУС улус, район; обширный родовой союз (биис, аймах).
УМАЙ гореть мас умайар; күлүбүрүү умайар пылает; оһох умайар печка топится; преть, гнить, кэбиһиилээх оппут умайбыт сено сопрело; этим умайар у меня высокая температура; уот умайар горит свет; уот турбут загорелось; умат зажигать, өһү-сааһы тарҕат разжигать ненависть; өртөө пускать пал; уоттаа поджигать; умайымтыа легко воспламеняющийся.
УМНАС мас умнаһа ствол; үүнээйи умнаһа стебель.
УМНАҺЫТ нищий, попрошайка; умналаа, умналас просить подаяния, просить милостыню; умнаһыттаа нищенствовать.
УМНЬАА обмакивать; пачкать, сүөгэйгэ умньаан сиир ест, обмакивая в сметану; умньан вымазаться (в грязи), запачкаться (в неприглядном деле).
УМСАРЫ лицом вниз, умса түс падать ничком; умсары баран түстэ упал ничком; умсарыта ас толкать лицом вниз.
УМСУГУЙ увлекаться, пристраститься; умсугут увлекать, привлекать, завлекать, кубаҕайыгар умсугутар завлекает белизной (лица).
УМУЛУН гаснуть, угасать; тухнуть; умулуннар, умуруор погасить, потушить; умуллубат уот негасимый (вечный) огонь.
УМУН забывать, запамятовать; умнума не забывай; умнуган забывчивый; невнимательный, беспечный.
УМУС (умсар) нырять, погружаться; умсаахтаа нырять; умсаах утка нырок; умсубут перен. погиб, пропал.
УМУҺАХ яма, погреб, подполье.
УУН I усил. част. уун-утары прямо навстречу; уун-утары көрүс встретиться лицом к лицу.
УУН II илиигин уун протягивать руку; илиигин өрө көтөх поднимать; илиигин миэхэ уун тянуться ко мне; ууннар, моонньун уһат вытягивать шею; уһаа, чиккэй вытягиваться; утары уун подать помощь.
УНААР лёгкая дымка, знойное марево; унаар күн летний знойный день; күөх унаар түптэ сизый дым от костра, унаарыҥнаа тихо, плавно передвигаться; табахтаан унаарыт пускать дым от табака.
УНААРХАЙ тихий, мягкий; унаарыччы көр смотреть задумчиво, томно.
УННЬУЙ 1. унньулуй, унньуҥнаа вытягиваться в длину, свешиваться, волочиться по земле; 2. унньулхай тягучий; унньуктаах уһун кэпсээн длительный, утомительный рассказ.
УННЬУУЛА (күөл ото) слизистый корень травы, хлебная спорынья.
УҤ 1. терять сознание, дөйүөр падать без чувств, уҥан түс лежать в обмороке; 2. выбиваться из сил, задыхаться от быстрого бега.
УҤА правый; вправо, направо; правая (южная) страна; уҥа илии правая рука, главный помощник.
УҤУОРГУ 1. находящийся на той стороне; уҥуоргу биэрэк противоположный берег; өрүс уҥуоргу улуус заречный улус; 2. уҥуор послелог: за, через; күөл уҥуор за рекой; уулусса уҥуор на той стороне улицы.
УҤУОХ кость; уллук уҥуоҕа бедренная кость, бас уҥуоҕа череп; уҥуох сэллигэ туберкулёз костей; уһун уҥуохтаах высокого роста; киһи уҥуоҕа могила, надгробный памятник; уҥуохтаах отон толокнянка; уҥуох-тирии худой, тощий; кожа да кости.
УП усил. част. уп-уһун длинный-предлинный.
УР нарост на теле, наплыв на дереве; урдаах имеющий шишку.
УУР 1. класть, положить; ставить, остуолга уур положить на стол, оннугар уур ставить на место; кэһиигин уур оставить гостинцы; ыскаапка уур держать в шкафу; харчыгын сберкассаҕа уур хранить деньги в сберкассе; бэчээттэ уур поставить печать; 2. вспом. сл.: болҕомтоҕун уур обратить внимание; санааҕын уур захотеть, решиться; мунньах уурда собрание постановило; уурдар отдать на хранение; уурдарыы сбережение; ууруу вклад.
УРАА I межд.: торжество.
УРАА II печная труба, урааттан буруо бурҕачыйар дым стоит столбом.
УРАА III ураа муос остроконечные рога; ураа муостаах рогатый скот.
УРАҔАС шест, жердь, длинная палка; муус ураҕаһынан үүр гнать взашеи.
УУРАЙ переставать, прекращаться, уурат прекращать, кончать; тохтот останавливать, откладывать.
УРАН изящный, тонкий, искусный; уран тыллаах красноречивый; уус-уран художественный.
УРААНАЙ белая полоса на чёрном фоне; ураанньыктаах с белой полосой.
УРААҤХАЙ человек; урааҥхай саха якут; дьэ эмиэ урааҥхай тоже мне человек.
УРАҺА летнее жилище конической формы; туос ураһа из бересты; сарыы ураһа ураса, обтянутая ровдугой; моҕол ураһа главная ураса; ураһалаах имеющий урасу.
УРАТЫ 1. особый, иной, другой, отличный от других; 2. послелог: кроме, исключая, киниттэн ураты кроме него.
УУРААХ решение, постановление; суут уурааҕа приговор.
УРБАЙ эргий-урбай, урбачый поворачиваться; быть энергичным, проворным; проявлять смекалку; эргит-урбат ворочать, торговать.
УРДУС потомок, пренебр.: отродье, выродок.
УРСУН гладкая поверхность (ньуур); күөл урсуна гладь озера; күөх халлаан урсуна небесная синь; күөх хонуу урсуна зелень полей.
УРУУ 1. родственник, родня; родство; 2. свадьба, брачный пир; уруурҕаа проявлять родственные чувства; уруурҕас стать родственниками; уруумсах внимательный к родственникам.
УРУЙ уруй-туску; межд.: воодушевление; счастье; уруйдаах благодатный, счастливый, уруйдан быть счастливым; уруйдаа взывать к божествам, молить о счастье; уруйу олохтоо даровать счастье.
УРУСХАЛ развалины, руины; урусхаллаа разрушать, разваливать.
УРУТ прежде, раньше, до того как, раньше; урукку прежний, прошлый, бывший, былой; давний.
УРУТТАА I оказаться первым, опережать, быть впереди.
УРУТТАА II запаляться от преждевременного кормления, опой; хронический недуг.
УУС I мастер своего дела; мас ууһа столяр; тимир ууһа кузнец, слесарь; көмүс ууһа золотых дел мастер; уһан мастерить, изготовлять.
УУС II род, семейство; поколение, племя; порода; ийэ ууһа родня по матери, аҕа ууһа родня по отцу; ууһаа наследовать качества рода.
УСКАЙДАА осудит. подстрекать, подговаривать.
УСКАХ слух, молва; ускаҕа суох сүттэ ни слуху, ни духу.
УСКУРУОЙ постоянно, беспрерывно; ускуруой ыалдьар постоянно болеет.
УСТА I 1. длина, протяжённость; уһаа удлиняться, становиться длинным; уһат удлинять, вытягивать, растягивать; 2. послелог: устун вдоль, по; суол устун по дороге; усталаах длиною в ….
УСТА II 1. долгота, продолжительность; уһаа удлиняться, становиться долгим; уһат откладывать, продлевать срок; 2. послелог: устата … күн устата в течение … дней.
УСТУГАС ускул-тэскил сылдьар киһи человек без постоянного места проживания.
УУСТУК сложный, трудный, запутанный; замысловатый.
УСТУУННЬА холодец, заливное из лытки.
УСТУРУУС рубанок; устуруустаа строгать.
УУҺАА плодиться, размножаться; продолжать род.
УҺААЙАХ ковш с узорчатой ручкой.
УҺААР I тимири уһаар плавить железо; калить, закаливать.
УҺААР II маһы уһаар сплавлять по реке; болуоттаа отправлять плот.
УҺААРБА неисполнительный, неторопливый, медлительный, затягивающий.
УҺААТ ушат, кадка; бочка.
УҺАТЫЫ удлинение, продолжение; продлевание, отсрочка; уһатыылаах аһаҕас дорҕоон долгий гласный звук.
УҺУУ (о лошади) не прирученный, не объезженный; пугливый (сиргэмтэх).
УҺУГУЛАА экспр. угасать, кончаться, быть при смерти.
УҺУГУН (уһуктар) пробуждаться, просыпаться; уһугуннар будить; пробуждать; уһуктуу пробуждение.
УҺУЙ I обучать (үөрэт); уһуйуу обучение, уһуйаан место обучения.
УҺУЙ II дать трещину, түннүк уһуйбут стекло треснуло.
УҺУК остриё иннэ төбөтө; край, окраина; крайний, последний; уһуктаах острый; уһуктаа заострять, затачивать.
УҺУЛ I (устар) снимать, раздевать, скидывать; сыгынньахтаа оголять, обнажать; үлэтиттэн уһул отстранять, увольнять с работы; уһулун быть снятым; устуу снятие.
УҺУЛ II хаартыскаҕа уһул делать снимок, фотографировать.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?