Текст книги "Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь"
Автор книги: Тамара Петрова
Жанр: Словари, Справочники
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 14 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]
УҺУЛУЧЧУ особенно, исключительно, отлично, превосходно.
УҺУН I длинный, уһун ураҕас длинная палка; долгий, уһун кэпсэтии долгий разговор; продолжительный, уһун мунньах продолжительное собрание; протяжный, уһун тыас протяжный звук; уһуннук долго.
УҺУН II (харбаа) плавать, плыть на лодке, на плоту.
УҺУУР (уһууран таҕыс) взвиваться; төлөн өрө уһуурда взвилось пламя; уотунан уһуурар пышет огнём; уһуутаа (одуш.) вздыхать; өрүтэ уһуутуур тяжело вздыхает; Уот Уһутаакы Огнедышащий.
УТААКЫ немного погодя, несколько позже, утаакы буолаат тиийэн кэлбитэ подошёл немного погодя; уталый опаздывать, медлить, мешкать; уталыйбакка (уталыппакка) без промедления, уталыйбакка бара оҕус иди, не задерживаясь.
УТАР быть против, противодействовать, противостоять; утарыы, утарсыы сопротивление, противодействие; утары навстречу; против, противник, со своей стороны; утарыта друг против друга; друг на друга.
УТААР гнать, прогонять, отправлять; дьиэтигэр утаардым отправил домой.
УТАТ хотеть пить, испытывать жажду; утатыы жажда; утаппыт захотел пить; утаҕа ханна напился, утолил жажду.
УТАХ I напиток; утахта аҕал дай напиться.
УТАХ II нить, пучок из сухожилий или конского волоса.
УТУУ-субуу один за другим, друг за другом, постепенно.
УТУЙ спать; отниматься, атаҕым утуйда нога онемела; утут уложить спать, усыплять, баюкать; утуйуу сон; утуктаа (нуктаа, нуурай, нухарый) дремать, быть в полусне.
УТУМ последовательность, удьуор наследственность; утумнаа, ууһаа наследовать, продолжать род.
УТУРУКТАА пукать, пускать газы.
УХХАН вовлечённость, увлечённость, одержимость; горение; мөккүөр ухханыгар втянувшись в спор.
УЧЧУЙ отлучаться (бесцельно), уклоняться, бродяжничать; уччут не возвращать ч. – н. взятое на время.
УО межд. страдание.
УОҔУР приобретать силу, энергию; уоҕурт подкреплять; удобрять.
УОДАЙ быть длинноногим и неуклюжим (суодай).
УОДАҺЫН коварство; уодаһыннаах санаа коварная мысль.
УОДЬУГАН уголки губ у коня; уодьуганнаа обуздать, смирять.
УОЙ I межд.: удивление, испуг.
УОЙ II нагуливать жир; становиться жирным, толстым, полным; уойуу отложение жиров; уотуу откорм; уойуулаах жирный, упитанный.
УОЛ I сын; с притяж. афф. уолум сын+мой, уолуҥ сын+твой, уолгут сын+ваш; уолчаан мальчик; уолан молодой человек, юноша, парень.
УОЛ II высыхать, выкипать, испаряться (о жидкости); чаанньык уолбут вода в чайнике выкипела; күөл уолбут озеро высохло.
УОЛАХ птичий зоб.
УОЛБА старица (место, где было русло); низменный сырой луг.
УОЛҔАМЧЫ горячий, раздражительный, вспыльчивый, опрометчивый.
УОЛДЬАС довольствоваться, удовлетворяться; быть довольным; созревать, поспевать; уолдьаста хватит; барарга уолдьаста пора идти.
УОЛЛАННЬАҤ женщина, каждый раз рожающая сына.
УОЛУЙ (уолуһуй) экспр. теряться, оторопеть; уолут напугать, хата, киһини уолуттуҥ как напугал меня; уолусхан горячий (уолҕамчы).
УОЛУК отворот рубашки на груди; уолугуттан харбаа, уолуктаа схватить за грудки (за горло); уолугунан тыыммыт возбуждённый.
УОН десять, десяток; онус десятый, уоннуу по десять; уонча около десяти, уонна десять раз; уоннаах десяти лет, десятилетний, уонум мне десять лет; уон ордуга биир одиннадцать.
УОННА союз: и, также; потом, затем, после этого.
УОП кусок во рту (о твёрдом, густом); омурт (о жидкости); взять в рот; биир уоп разовая порция, уобуу пища во рту; уобалаа есть жадно и торопливо; биирдэ уобан кэбистэ за раз положил в рот; уоптар класть кому полный рот; сирэйгэ уоптарда перен. двинул в лицо.
УОР I уордайыы гнев, ярость, злость; тымныы уора жестокая стужа; уордай негодовать, гневаться, злиться; приходить в ярость; уордаах гневный, сердитый; грозный, злой, лютый, яростный; уордаахтык гневно.
УОР II воровать, красть, похищать; уоруллубут украденный; уоран көр подсматривать; уоран-талаан ыл красть, грабить; уоруу воровство, кража, хищение; уоруйах вор, мошенник, воришка.
УОРАҔАЙ просторный, широкий; бухатыыр төрөөбүт уораҕайа место, где родился богатырь; уорук жильё, жилище, помещение, богатый дом.
УОРААН прохлада, поток холодного воздуха; суровость; уорааннаах суровый, ветреный; прохладный, холодный уорааннаах тымныы студёная пора; киэҥ сир уорааннаах на открытом месте ветрено, прохладно.
УОРАСТЫЙ экспр. быть (показаться, становиться) суровым, холодным, грозным; халлаан уорастыйан барда небо помрачнело, уорастыйбыт дьүһүннээх киһи человек с грозным видом.
УОРБА подозрение, сомнение; уорбалаах подозрительный; уорбалаа подозревать; усомниться (күтүрээ, оруоллаа); уорбалан быть в подозрении, подозревать в себе что; уорбалыы санаан подозревая.
УОРҔА спинной хребет животных (пр. пол. өрөҕө); иэн шкура вдоль хребта, наиболее ценная часть меха; тас иэнинэн барда упал на обе лопатки; урукку дьыл охсуһуулаах уорҕатыгар фольк. на лоне бранных прошлых лет.
УОС 1. губа, губы; рот; уста; уоһунан барда на подножном корму (о скотине); 2. саа уоһа ствол ружья; биир уостаах саа одноствольное ружьё.
УОСКУЙ успокоиться, угомониться, отдохнуть; передохнуть; уоскут успокаивать; уостуганнаа укрощать (букв.: брать коня за нижние ремни удил); уоһун уменьшаться, убывать; уостуу 1. убыль; ослабление, спад; 2. испарение, высыхание.
УОҺАХ яичный желток; молозиво, молоко коровы первых трёх дней после отёла; уоһах алаадьыта оладьи на молозиве; уоһах өҥнөөх ярко жёлтого цвета.
УОҺУЙ сделаться серьёзным, сердитым; дьэбин уоһуйбут помрачнел, принял неприступный вид.
УОТ-татай; межд.: удивление; недовольство.
УОТ I огонь; төлөн пламя; уоттаах огненный, огневой; уотта отун разводить огонь, уоттаа жечь, поджигать (умат); уоттаах-төлөннөөх пламенный.
УОТ II свет, освещение; лаампа уота свет лампы; күн уота луч солнца, солнечный свет; уот-күөс огни; харах уота свет глаз.
УОТ III част.: в сильнейшей степени; уот кураан сильная засуха, уот кыһыл огненно-красный; уот айах острослов; уот харахха точно, в самый раз.
УОТ IV (от уой) сүөһүнү уот откармливать скот; уотуу откорм, нагул.
УОХ I мощь, сила; крепость, питательность; уохтаах сильный, мощный, уохтаах арыгы крепкое вино; уохтаах ас питательные продукты, уохта ыл набраться сил.
УОХ II темперамент, пыл, гнев; уохтаах сердитый, вспыльчивый; уохтаах майгы горячий, темпераментный; уохтаах-кылыннаах гневный; грозный.
Ү
ҮГДЭРИЙ утомляться, изнуряться; ослабевать, истратиться.
ҮГҮС множество, обилие; большей частью; үксү тугу этиэмий к чему много говорить; үксүн манна олорор большей частью живёт тут; үгүстүк часто, много; үксээ возрастать в числе, умножаться; үктүй становиться больше, увеличиваться; үбэ-харчыта үктүйэр у него растут доходы.
ҮГҮӨРҮ порядочно, достаточно, изрядно; чуть побольше, үгүөрү эбит оказывается, не очень мало.
ҮГЭ басня, иносказание, аллегория; ирония; үгэлээх иносказательный, иронический; үгэргээ намекать, иронизировать, подтрунивать; үгэ-хоһоон насмешка.
ҮГЭН высшая степень, в разгаре; тымныы үгэнэ разгар зимы.
ҮГЭС традиция, обычай; привычка, обыкновение; туом мелкие обряды; үгэстээх имеет традицию.
ҮГЭХ углубление под полом, прохладное место для хранения молока.
ҮДҮК-бадык неясно, нечётко; үдүк-бадык өйдүүр смутно помнит.
ҮҮЙ скреплять; эргэ тыраахтары үүйэн сылдьабын старый трактор кое-как собрал; үүйэ-хаайа тут тормошить, не давать покоя.
ҮЙЭ 1. век, столетие, сүүрбэһис үйэ двадцатый век; 2. жизнь, век человека, уһун үйэлээх долгожитель; 3. время, период; билиҥҥи үйэҕэ в наше время; поколение, колено, төрдүс үйэтигэр олорор имеет правнуков; үйэм тухары всю жизнь; үйэлээх долговременный, вековой, вечный; өлбөт үйэлээх бессмертный; үйэлээ увековечить; үйэлэн пребывать век, уһун үйэлэн жить долго; үйэлээхтик навечно.
ҮКТЭЭ ступать, наступать; батары, дьөлө, тобулу үктээ продавить ногой; дэлби, ибили, хайа, хампы үктээ раздавить ногой; үктэн ставать, встать, ступить, аҥаар атаҕынан үктэммит наступил одной ногой; үктэл ступень, ступенька, подножие; үктэллээх со ступенькой; баттал-үктэл угнетение.
ҮКЧҮ похожий, үүт-үкчү точь-в-точь, совершенно такой же, үкчү аҕата аҕатынан вылитый отец (о сыне).
ҮКЭР осока (бэттиэмэ, манчаары, ача); үкэр куйаас знойная тишина; үкэр от үктэллээх застланный зелёной травой (признак благополучия).
ҮЛБҮРҮЙ возиться, играться (с кошкой, собакой); трепать.
ҮЛДЬҮ беспрерывно (тохтообокко), үргүлдьү дальше, не останавливаясь.
ҮЛЛҮҮ вздутие, увеличение в объёме; үлүн (үллэр, үллэн тахсар) подниматься, тиэстэ үлүннэ тесто поднялось; вздуться, иһэ үллүбүт живот вздулся; литься через край; үүт үлүннэ молоко убежало; үллэҥнээ подниматься, вздыматься; запыхаться; үллэҥнэт вздувать, приподнимать.
ҮЛЛҮЙ покрывать, хаар сири үллүйдэ снег покрыл землю; үллүн надевать, накидывать на себя сверху, бу сону үллүн накинь сверху шубу; үллүк второе покрывало, накидка.
ҮЛЛЭР (үллэртээ) делить, разделять; үллэрии, үллэстии, үллэһик разделение, делёж; үллэһин делиться; тыырыс разделять между собой.
ҮЛТҮРҮЙ разбиваться, крошиться; үлтү част.: очень сильно; үлтү түс вдребезги, үлтү сыс бить, үлтү мөх разругать; үлтүрүт разбивать, крошить; сокрушать, үлтүркэй осколок, обломок.
ҮЛҮБҮӨЙ (мээнэ) любой, какой попало; как угодно.
ҮЛҮГҮНЭЙ говорить во сне, бредить; бормотать, бубнить.
ҮЛҮГЭР 1. беда, горе, несчастье; алдьархай бедствие, напасть; 2. усил. част.: очень; эмискэ үлүгэр вдруг; сотору үлүгэр очень скоро; ыксал үлүгэр спешка; үлүгэрдээх бедственный, горестный, ити үлүгэрдээх олох такое бедственное существование.
ҮЛҮЙ муннум үлүйдэ отморозил нос; үлүт отморозить; тоҥ мёрзнуть, дьагдьай зябнуть, бөҕүөр, көһүйэ тоҥ коченеть; илиим бөҕүөрдэ пальцы окоченели.
ҮЛҮСКЭН экспр. сильный, бурный, стремительный, напряжённый; үлүскэн сүүрүк бурное течение; үлүскэннээх үлэ напряжённый труд.
ҮЛҮҺҮЙҮҮ увлечение, азарт; үлүһүй увлекаться, делать с азартом; үлүһүйүүлээх, үлүскэн увлекательный; үлүскэн сүүрүк бурное течение; үлүскэн үлэ напряжённая работа, үлүскэн үп много денег.
ҮЛЭ работа, труд, занятие; служба, деятельность; хара үлэ физический труд, үрүҥ үлэ умственный труд; ыһыы үлэтэ весенний сев; от үлэтэ сенокос; үлэ киһитэ рабочий человек; үлэһит работник; үлэлээх с работой, работающий, занятый; үлэлээ работать, трудиться, заниматься, служить; үлэлэт давать работу, заставлять работать.
ҮЛЭС заказывать, договариваться; үлэх заказ, наказ; условие, договор; үлэхтээх заказанный.
ҮЛЭҺИТ рабочий, работник; сотрудник, служащий; таҥара дьиэтин үлэһитэ служитель церкви; кулут раб, батрак, хамначчыт слуга; үлэҕэ үөрүйэх работящий, работоспособный, сүрэхтээх трудолюбивый; үлэһит илии рабочая сила; үлэһит норуот трудящиеся.
ҮМҮРҮЙ суживаться, затягиваться; үмүрүт заканчивать, завершать; үмүрүтүү закругление; үмүрүк узкий в верхней части, үмүрүк миискэ; баас үмүрүйбүт рана затянулась; үмүрүччү үктээн хаамар косолапый.
ҮМҮӨРҮС экспр. сбиться в кучу, собраться с интересом; үмүөрүй, дьон туохха үмүөрүйдэ почему народ собрался; үмүөрүһэн тураммыт собравшись.
ҮН передвигаться сидя, упираясь на одну руку (о ребёнке); сыыл передвигаться на локтях, ползать; үнүөхтээ передвигаться насилу, плестись; оҕо үнэр буолла ребёнок начал передвигаться сам.
ҮҮН I узда, уздечка.
ҮҮН II расти; оҕо улаатар ребёнок растёт; вырастать, произрастать (может расти), манна сэлиэһинэй үүнэр здесь произрастает пшеница; возрастать, увеличиваться, сүөһү ахсаана элбээбит поголовье скота увеличилось; үүннэр выращивать, выхаживать; үнүгэс почка, побег, росток; үүнээйи растение, растительность; үүнүү урожай; үүнэн эбиллии прирост; үүнүүлээх урожайный, плодоносный.
ҮННҮҮ потуги, натуга, напряжение; үннүөххэ тужиться, напрягаться (при родах); күүскэ үннэр тужится сильно, кыайан үннүбэт слабые потуги.
ҮНҮР (үнүрүүн) намедни; үнүргү, үнүрүүҥҥү недавний, үнүргү кэннэ с той, недавней (встречи).
ҮНҮӨХТЭЭ еле-еле плестись; үнүөхтэт медленно передвигаться, атынан үнүөхтэтэн кэллэ верхом приплёлся.
ҮҤ I молиться, кланяться; таҥараҕа үҥ молиться богу, таҥараҕа үҥпүтүм молился богу; поклониться, үҥ благодарить; униженно просить, атаҕар үҥ кланяться в ноги; үҥэн-сүктэн көрдөс просить с мольбой, поклоном.
ҮҤ II жаловаться, суукка үҥ подавать жалобу в суд; үҥсүү жалоба, судебный иск; үҥүс подавать в суд иск (жалобу), судиться; үҥсээччи истец; үҥсэргээ подчеркивать свои заслуги.
ҮҤКҮҮ пляска, танец; хороводный танец (оһуокай); үҥкүүһүт плясун, плясунья, танцор; запевала хоровода; үҥкүүлээ плясать, танцевать (оһуокайдаа, ойуоккалаа, битий); үҥкүүлэт дать танцевать; үҥкүүлэс танцевать с другим.
ҮҤКҮР покатый (легко катиться); үҥкүрүй кататься, валяться, переворачиваться с боку на бок, күөх окко үҥкүрүй-күөлэһий валяться на зелёной траве; ат тиэйэр, оҕо күөлэһийэр; үҥкүрүс гын перевернуться; үҥкүрүт катать, валять, переворачивать.
ҮҤҮҮ I (үҥ) поклон, преклонение, почитание, молитва; жалоба.
ҮҤҮҮ II копьё, пика; железное копьё на древке.
ҮҤҮЛҮЙ тыкаться мордой о вымя матки (о телёнке, о жеребёнке); үҥүлүт припустить телёнка к корове; тыкать в нос; заставлять понюхать.
ҮП I усил. част.: үп-үрүҥ белый-белый.
ҮП II средства, деньги, финансы, капитал; үп-ас богатство, состояние, имущество; үптээх состоятельный, богатый, денежный; үптэн разбогатеть.
ҮР I лаять, брехать; перен.: ругаться, үрүгэн ыт сторожевая собака.
ҮР II дуть, веять; ичигэс тыал сиккийэр веет тёплый ветер; түннүк үргүйэр от окна дует; үргүөр үргүйэр продувает; үргүөр сквозняк.
ҮР III соскабливать мездру железной скобой; үрүөх скребок; үрүөхтээ приём выделки кожи.
ҮҮР гнать; отгонять; үүрэн таһаар выгнать; үүрэн ыыт прогнать; үүртэлээ много раз; үүрбэлээ прогонять скот; үүрүү гонение, преследование.
ҮРГҮҮК пугливый (сиргэмтэх); үргүүк таба пугливый олень; үргэр пугается, кидается из стороны в стороны; үргүт пугать, испугать.
ҮРГҮЛДЬҮ без разбору, сплошь; безостановочно.
ҮРГЭЭ рвать, срывать; дёргать, выдёргивать; куһу үргээ щипать перья утки; сыыс оту үргээ полоть сорняки.
ҮРГЭЙ (сүргэй) расхищать, разбрасывать.
ҮРГЭЛ плеяда звёзд.
ҮРГЭҤНЭТ трепать; буору үргэҥнэтимэ не поднимать пыль.
ҮРДҮК үрдүк үүнүү высокий урожай, үрдүк санаа возвышенные мысли; үрдүк суут высший судья, үрдүк сололоох высокопоставленный; үрдэ верх, вышина, высота, үрдүк сир высокое место, возвышенность; үрдүкү верхний, высший; верховный; үрдүнээҕи находящийся на …; сир үрдүнээҕи земной; үрдүктээх имеющий высоту в …; үрдүктүк высоко; үрдээ выситься, возвышаться, подниматься; үрдэт поднимать, возвышать.
ҮРҮЙЭ ручей, речушка, поток; ключ, исток.
ҮРҮК-түрүк повторный, излишний.
ҮРҮЛҮЙ стараться, үрүлүйэн ииппит ухоженный, бережно воспитанный.
ҮРҮМЭ плёнка, пенка на кипящем молоке; көмүс үрүмэтэ сусальное золото, позолота; үрүмэлээх с пенкой (пена күүгэн); үрүмэлээ наваривать пенку; үрүмэлэн, үрүмэр покрываться пенкой, үүт үрүмэрбит появилась пенка; олох үрүмэтэ сладости жизни.
ҮРҮМЭЧЧИ бабочка, мотылёк (лыах, ылаах); үрүмэччилээ гоняться за бабочкой; үрүмэччилэн порхать как бабочка (в танце).
ҮРҮҤ маҥан белый; белизна; үрүҥ ас молочные продукты; үрүҥ күн белый свет; үрүҥнүҥү беловатый, үрүҥнээх с белым пятном; чай с молоком.
ҮРҮТ 1. (үрдэ) верхняя часть, верхняя сторона; верх, вершина; 2. үрдэ поверхность; потолок, крыша, кровля; үрүттээ покрывать крышей; үрүттэн иметь крышу; иметь покровительство; үрүттээх имеет крышу.
ҮРЭЙ раз-: разрушать, разгонять, разбрасывать, разделять, рассеивать, растрачивать, разобщать; үрэлин разрушаться, разделяться.
ҮРЭХ речка, речушка; таас үрэх речка с каменистым дном; үрэхтээх сир местность с речкой.
ҮС три, үһүс третий; үстүү по три; үһүөн втроём; үһүөйэх только трое; үстэ три раза, трижды; үстүүтэ по три раза; үстээх трёхлетний, үһүм мне три года.
ҮҮС рысь; үүс бэргэһэ шапка из шкурки рыси.
ҮСКЭЛ полный, тучный, плотный, крепкий сложением.
ҮССЭН поесть, подкрепиться в дороге (өллөн), үссэммэт не ест.
ҮҺҮ модальн. част.: говорят, сказывают; будто бы; баар үһү есть, говорят; үһүйээн предание; неточные слухи.
ҮТ I (үтэй) толкать сзади; сим пихать, хаалаа совать, илимнэ үт ставить сети; үтэн таҕыс выпирать, иһэ үтэн тахсыбыт выдаётся живот.
ҮТ II печь, жарить на открытом огне, үтэн (саллан) сиэ есть, поджарить на огне, угольях (мясо, лепёшку), үөлэн сиэ поджарить на рожне (рыбу).
ҮҮТ I молоко; сиикэй үүт сырое молоко; оргуйбут үүт кипячёное молоко; ыаммытынан үүт парное молоко; аһыйбыт үүт кислое молоко; холбуйбут, эриллибит үүт обрат; үүт маҥан белое как молоко; үүттээ забеливать молоком; үүттээх ынах корова, дающая много молока.
ҮҮТ II дыра, отверстие, скважина (хайаҕас, дьөлөҕөс), мутук үүтэ дырка на месте сучка; кулгаах үүтэ, мурун үүтэ ушное, носовое отверстие; үс үүт күрүө изгородь на столбах с тремя отверстиями для жердей; үүттээх дырявый; кулгаахпын үүттээ проколоть уши, хаптаһыны үүттээ просверлить доску, урукку үүтүн устун по-прежнему.
ҮТҮГҮН подражать, изображать, копировать; следовать, перенимать; дразнить, передразнивать, үтүгүннэр делать похожим; изображать; үтүктүү подражание, копирование; передразнивание.
ҮТҮГЭН I изрядный, порядочный; достаточно, вполне; много, довольно; үтүгэнник побольше; үтүмэн много (элбэх, үгүс).
ҮТҮГЭН II (үтүмэн, үөдэн түгэҕэ) безвестная даль; пропасть, бездна; кэтит үтүгэн преисподняя; хайа үтүгэҥҥэ түстэ куда запропастился.
ҮТҮЛҮК рукавицы, тыс үтүлүк меховые рукавицы; тарбах үтүлүк перчатки; баайыы үтүлүк варежки.
ҮТҮМЭН много, множество.
ҮТҮРҮЙ толкать, теснить, оттеснять, өлүү үтүрүйдэ гибель настигла; үтүрүс толкаться, толпиться; үтүрүһүү толкотня, теснота, давка; үтүргэн притеснение.
ҮТҮРҮМ дойный, үтүрүм ынах дойная корова, үтүрүм биэ дойная кобыла.
ҮТҮӨ I очень хороший, үтүө дойду прекрасная страна; үтүө кэм лучшие годы; үтүө киһи замечательный человек; үтүө санаалаах добрый; үтүө төрүттээх благородный, знатный; үтүөкэн, үтүөкэннээх отличный, превосходный; үтүөмсүй важничать, кичиться, чваниться.
ҮТҮӨ II добро, благо, милость, заслуга; үтүөлээх заслуженный.
ҮТҮӨР выздоравливать, поправляться, вылечиваться; заживать; үтүөрт излечивать, исцелять.
ҮТҮӨХ-батаах сырыт быть на побегушках; мыкаться.
ҮТЭ (өйүө) провизия, запас продуктов в дороге; үтэлээ собрать продукты на дорогу.
ҮТЭЙ уу өрө үтэйэр вода выталкивает; ойуун абааһыны үтэйэр шаман изгоняет злого духа.
ҮҮТЭЭН охотничий шалаш.
ҮТЭҺЭ рожон, вертел, мас үтэһэ деревянный рожон, тимир үтэһэ железный вертел; үтэһэлээ насаживать на рожон; үөлбүт эт шашлык, үөлбүт собо рыба на рожне; үтэһэҥ туолуо перен. будет расплата.
ҮЧҮГЭЙ хороший; хорошо, ладно; үчүгэйкээн хорошенький; үчүгэйдик хорошо, по-хорошему; үчүгэйдии имеет хорошие отношения.
ҮӨГҮ крик, вопль; үөгү-хаһыы крик-шум; үөгүлээ кричать, орать (на расстоянии).
ҮӨҔҮҮ брань, ругань; оскорбление; үөх поносить, оскорблять; үөхсүү взаимная брань, ссора; үөҕүс ругаться, браниться; ругать друг друга.
ҮӨДЭН местопребывание злых духов, ад (өлүү дойдута), үөдэн-таһаан хаос, разорение; бран. чёрт, окаянный; үөдэннээ провались.
ҮӨДҮЙ пускать ростки, появляться; возникать.
ҮӨЙ замечать, не забывать; держать в уме; үөйбэтэх-ахтыбатах суолум не думал, не вспоминал об этом.
ҮӨЛ I сырой, влажный; үөл, аһаах мас сырые дрова; үөл, инчэҕэй тирии кожа не высушенная; сииктээх сир сырое место.
ҮӨЛ II (үт) насаживать на рожон; үөлбүт эт шашлык; үөлбүт балык жареная на костре рыба; үөлэн (үтэн) сиэ.
ҮӨЛ III үөл-дьүөл утренние сумерки, рассвет (время, следующее за тыҥ хатыыта).
ҮӨЛЭЭННЭЭХ ровесник, сверстник; үөлээннээх доҕорум мой друг-ровесник.
ҮӨЛЭС дымовая труба камелька; дымовое отверстие в урасе.
ҮӨМП красться, подкрадываться (сыбдый); үрдүгэр үөмтэ наскочил; үөмэн тиийбэт үрдүк аат поэт. недосягаемо высокое имя.
ҮӨМЭС-аамас движения высокого, худощавого, неприятного на вид существа (абааһы).
ҮӨМЭХТЭС толпиться, беспорядочно двигаться; дьон үөмэхтэһэр люди толпятся; үөмэх скученный, үөмэх сулус куча звёзд.
ҮӨН 1. общее название насекомых, личинок, гусениц и т. д.; бран. гадина; паразит; үөннээх червивый; язвительный (о человеке); кубулҕаттаах перен. лукавый, хитрый, дьээбэлээх шутник; 2. бородавка.
ҮӨР I сборище животных; үөр сүөһү стадо; үөр сылгы табун; үөр туруйа стая журавлей, бараан үөрэ отара овец; балык үөрэ косяк.
ҮӨР II неприкаянная душа покойника; дух.
ҮӨР III радоваться, ликовать; веселиться, торжествовать; үөрт радовать, веселить; үөрүү радость, ликование, үөрүү-көтүү веселье, торжество, праздник; үөрүүлээх радостный; үөрүнньэҥ склонный радоваться; үөрүүлээхтик радостно, үөрэн-көтөн радуясь.
ҮӨРБЭ заострённый кол; рогатина, пика.
ҮӨРҮЙЭХ привычный, опытный; привычка, навык.
ҮӨРЭ I үөрэ-дьүөрэ сходный, парный; складно, в ритме, в рифму.
ҮӨРЭ II похлёбка сборная из молочных, рыбных, растительных продуктов (бутугас); бэс үөрэ похлёбка из сосновой заболони; ис үөрэ похлёбка из потрохов; тар үөрэ похлёбка из кислого молока; сыма үөрэ похлёбка из рыбы.
ҮӨРЭҔЭС кусок; отрезанная часть большой рыбы; кэрчик мас обрубок дерева; үөрэҕэстээ разрубать рыбу на части.
ҮӨРЭХ учёба, учение, занятия; образование, просвещение; наука; урок; үөрэтии, такайыы (кими) обучение, научение; наставление, назидание, проповедь; үөрэтии (тугу) изучение, исследование; үөрэнии опыт, привычка; үөрэн учиться, обучаться, заниматься, упражняться, тренироваться; приучаться, привыкать, приспосабливаться, приноравливаться; үөрэт, такай учить, наставлять, преподавать, тренировать; үөрэнээччи ученик, обучающийся, слушатель; үөрэтээччи учитель, преподаватель, наставник; ментор.
ҮӨС I центр; үөс сир, киин сир центр, үөс диэки к центру; тыа сирэ окраина; түүн үөһэ полночь; өрүс үөһэ русло реки; мас үөһэ сердцевина дерева; олох үөһэ гуща жизни.
ҮӨС II желчь, желчный пузырь; үөстээх имеет желчь (о рыбе); үөһэ тэстибит раздобрел; үөс алтан медь цвета желчи.
ҮӨС III аорта, сис үөһэ, үөс тымыр артерия; үөһүр страдать поносом; үөстээ перерывать аорту; удалять желчный пузырь, үөһүн тартарда испустил вопль; сиһим үөһүн тардыа убьёт меня.
ҮӨСКҮЛЭҤ экспр. крупный, породистый; үөскүлэҥ сүөһү живучая порода.
ҮӨСКЭЭ появляться, зарождаться; плодиться, размножаться; үөскэт производить, причинять, кутталы үөскэт вызывать опасение.
ҮӨҺЭ 1. наверху, вверху; наверх, вверх, высоко, выше; 2. үөһээҥҥи, үрдүкү, үрдүкү уорган высший орган; үөһээҥҥи находящийся вверху, үрдүкү этээс верхний этаж.
ҮӨТ I ива, тальник (иирэ, талах).
ҮӨТ II ворковать; өтөн үөтэр горлица воркует.
ҮӨТ III призывать духов; былыргыны үөтүмэ не надо ворошить старину.
ҮӨТТҮРЭХ [үөт+тирэх] кочерга; деревянная печная клюка.
ҮӨТЭ успех, прибыль; үөтэлээ прибавляться, умножаться, нарастать; үөтэлээх с пользой; үөтэтэ суох үлэ безуспешное дело, үөтэлээбэт нет прибавления, үөтэлээҕи ылбатым прибавки почти не заимел.
ҮӨХ см. үөҕүү бранить, поносить, оскорблять; үөҕүс поносить друг друга.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?