Текст книги "Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь"
Автор книги: Тамара Петрова
Жанр: Словари, Справочники
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 12 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]
ТОЛБОН оттенок; толбонноох переливающийся, меняющий свой цвет; блестящий, сияющий; лучший, прекрасный; толбонноох ньуур светлый лик.
ТОЛКУЙ I мысль, идея, соображение, рассуждение; намерение, замысел; толкуйдаа думать, соображать, рассуждать, разг. обмозговать; толкуйдан подумать о себе; надумать; толкуйдат давать подумать, заставлять рассуждать; толкуйдаах рассудительный, умный, толковый.
ТОЛКУЙ II раздвигать жерди рогами; раскидывать; пробираться в изгородь (о рогатом скоте).
ТОЛЛОЙ иметь толстую верхнюю губу; толлоҕор (даллаҕар) выпяченный, торчащий.
ТОЛОМОН (толуу) экспр. рослый, крупный, полный; заметный, солидный, представительный.
ТОЛОН см. тобурах.
ТОЛООН долина; обширное поле; открытая поляна.
ТОЛООС быһыы непристойный, неприличный; шокирующий, толоос тыл грубое слово; толоос киһи неуклюжий человек; толоостук грубо, неприлично, странно.
ТОЛОР толору кут наполнять, заполнять; эппити толор выполнять; көрдөһүүнү толор исполнять, баҕатын толор удовлетворять; эбэн биэр дополнять, добавлять, итэҕэһин ситэр восполнять; толору полный, наполненный; достаточный; толорутук вполне, в полной мере; толоругас исполнительный, ответственный; аккуратный.
ТОЛУГУРАА брякать, постукивать; свободно болтаться; сүрэҕим толугуруу мөхтө сердце моё забилось.
ТОЛУК выкуп, возмещение; жертва; толуй возмещать, давать выкуп; брать на себя ответственность; приносить жертву; толун выкупиться; искупить вину.
ТОЛУН робеть, стесняться, бояться; быть нерешительным; учууталтан толлор побаивается учителя; толлугас робкий, несмелый.
ТОЛУННЬАҤ уҥуоҕа сустав голени; толунньаҥ олооччу короткие старые торбаса.
ТОМ оттомноох серьёзный, толковый; оттомо суох бестолковый, ветреный; томоонноох благообразный, приличный.
ТОМООННООХ порядочный, путный; томоонноох киһи орпото не осталось надёжных людей.
ТОМОРООН крупный, топорный, неотёсанный; томороон дьүһүннээх с грубыми чертами лица; томороон тымныы крепкий мороз.
ТОМТОҔОР выпуклый (лоппоҕор); томтой делаться выше, выдаваться, суол томтойбут дорога стала выше (весной); томтот делать выше; томточчу, өрөһөлүү доверху.
ТОМТОР возвышенность, холм, пригорок; булгунньах, мөлдьөгөй бугор; кырдал продолговатое возвышение.
ТОМТОРҔО утолщение между кольцеобразными зарубками на коновязи; тоҕус томторҕолоох тойон сэргэ главный столб-коновязь с девятью зарубками.
ТОМТОРУК берестяной намордник, таловая рогуля у телят.
ТОНОО рвать, обрывать поштучно; сэбирдэҕин тонообут не оставил листьев; сыыс оту тонуур выдирает сорняки; тононон бүппүт выдрали без остатка.
ТОНОҔОС позвонок, позвонки; сис тоноҕоһо спинной хребет; тоноҕос ойуу вид орнамента.
ТОНОЛУППАККА көр, одуулаа, смотреть, не отводя глаз; наблюдать.
ТОНУКТААХ годный; тонуктаах ордубата ничего нужного не осталось; тонуктаах үлэ суох полезного дела нет; тонуктас держаться, крепиться.
ТОҤ I мёрзлый, мороженый, холодный; чистый, без примеси, тоҥ көмүс чистое серебро (без воды); ирбэт тоҥ вечная мерзлота; тоҥ нуучча чистокровный русский; тоҥот наст; тоҥуй сыһыан сдержанное обращение; тоҥкуруун малообщительный, неприветливый.
ТОҤ II замерзать; застывать; мёрзнуть, зябнуть, коченеть; атаҕым тоҥно замерзли ноги; тоҥор морозить, замораживать; сирэйэ иһэлийдэ прихватил щёки мороз; үлүйүү переохлаждение, үлүттэ отморозил (щёки, нос).
ТОҤСУЙ стучать, стучаться; клевать, долбить; тоҥсоҕой дятел.
ТОҤСУК нехватка пищи; новизна; тоҥсукка сиэ съедать с голоду.
ТОҤУУ I мерзлота; тоҥуу хаар наст; тоҥуй (тоҥумтуо) не выносящий холода, зябкий.
ТОҤУУ II загон на животных, на боровую дичь; тоҥуулаа ставить в лесу загоны.
ТОҤХОЙ гнуться, нагибаться, наклоняться; кланяться, тоҥхолдьуй, тоҥхоҥноо много раз; тоҥхос гын один раз; тоҥхоҕор сгорбленный; тоҥхоччу кырдьыбыт сгорбленный годами.
ТОП гын упасть со стуком.
ТОР I копоть, сажа (тордох), сера; тор курдук бытык чёрные усы.
ТОР II тор суол мёрзлый (старый) след, занесённый след.
ТОРБУЙАХ (тарбыйах) телёнок до года; торбос телёнок 2-х лет.
ТОРҔО I бумажная ткань (синего или зелёного цвета); торҕо күөх хонуу зелёное поле; торҕо буруо синий дым; торҕо буруо унаарыйда вьётся дым, признак благополучной жизни.
ТОРҔО II быстрый, торҕо сэлиинэн быстрой рысью; торҕо бөтөрөҥүнэн түстэ пустил коня быстрым галопом.
ТОРҔОН экспр. голодный, жадный, свирепый от голода; скупой; торҕон бөрө голодный волк; торҕонноо изголодаться; жадничать; торҕоннообут эһэ голодный, опасный медведь, шатун.
ТОРДОХ см. тор I копоть, сажа, тордоо коптить, тордоох чернёный в копоти бересты; тордох сарыы продымленная ровдуга; тордох сон, тордох ыстаан верхняя одежда из такой ровдуги; тордох ураһа ровдужная палатка.
ТОРДУЙА атыйах берестяной лоток, лукошко.
ТОРДУОХ багор, крючок; тордуохтаах с крючком; тордуохтас цепляться, перечить, спорить.
ТОРОЛУЙ расти, мужать; төлөһүй полнеть, толстеть; торолут откармливать.
ТООРОМОС тоорохой кусочек; тооромос арыы кусочек масла; тоорон ломаться, крошиться; убавляться по одному, тииһэ тооронон бүттэ зубы по одному все выпали.
ТОРУЛУН робеть, стесняться, трусить (слегка); оҕо дьонтон торуллар ребёнок робеет при взрослых.
ТОРУМ прикидка; торумнаа составлять приблизительный план, предполагать; делать предварительно.
ТОРУТ загораживать, задерживать; останавливать; кэбиһиилээх оппун торуттум огородил свой стог сена; торуччу временное ограждение.
ТОС I тос гын, тоһугураа стук лёгких предметов, хобулук тыаһа тоһугураата застучали каблучки.
ТОС II довольно, прилично; тос курдук хамнас приличная зарплата; тос курдук сыаналаах довольно дорого; тоскун биэриэм (көрдөрүөм) вот покажу тебе; тоһун ылла получил чего хотел.
ТОСТУУ (тоһутуу) перелом, уҥуох тостуута перелом кости; тоһун ломаться; тоһут ломать; тосту-туора из ряда вон выходящее.
ТОСХОЙ определять направление, выделять цели; наделять; доставаться; тосхол (тускул) направление; тосхоллоох нацеленный, предназначенный; уготованный; үтүө тосхоллоох үлэ доброе дело; булду тосхой пошли удачу в охоте; дьол тосхойдо выпало нам счастье.
ТОҺОҔО гвоздь, кол, колышек; күрүө тоһоҕото кол для изгороди; мас тоһоҕо деревянный гвоздь; тоһоҕолоон эт особо выделить, подчеркнуть; тоһоҕолоо забивать кол.
ТОҺОҔОС обломок; остаток; тоһоҕос харандаас обломок карандаша.
ТОҺУЙ выходить встречать; ыалдьыты тоһуй, тоһуйан тур встречать гостя; тоһуйа бар идти навстречу; тоһуур встреча; засада; ставить, подставлять, ытыскын тоһуй подставить ладонь, просить.
ТОҺУН (тостор) ломаться; харандааһым тоһунна карандаш сломался; тоһут ломать, харандааһы тоһут сломать карандаш; тоһуталаа обламывать; тоһута бар обламываться; тоһуттаҕас ломаная (линия); тоһоо ломать лёд (о ледоколе); тымныы тостор морозная зима проходит; тостон хаал, тосту бар, тосту ыстан сломаться (быстрое действие).
ТОТ сытый; достаток, довольство; тот буол быть сытым; тоттук олор жить в достатке; тото аһаа поесть досыта; тото-хана аһаа наедаться, насыщаться; тотор насыщать, накармливать; тотоойу ас сытная пища.
ТОХ (тоҕор) ууну кут лить воду, сүөкээ выливать, ууну тох проливать, тоҕон кэбис разливать; мииҥҥэ тууста кут положить соль в суп, тууһу тох рассыпать соль; үлэни тох развалить, срывать работу.
ТОХСУННЬУ январь, девятый месяц; тохсунньуга в январе; тохсунньуттан с января.
ТОХТОО останавливаться, переставать, самыыр тохтоото дождь прекратился; тыал тохтоото ветер утих; тымныы тохтоон эрэр мороз убывает; тохтот останавливать, прекращать, буой запрещать, удерживать, препятствовать; тохтобул остановка, задержка; перерыв.
ТӨБӨ 1. голова; киһи оройо макушка; төбө оройо темя; төбө уҥуоҕа череп; төбө ыарыыта головная боль; 2. вершина; хайа оройо вершина горы, остуолба төбөтө верхушка столба; 3. кончик; иннэ төбөтө кончик иглы (уһук); мурун төбөтө кончик носа; төбөлөөх умный, толковый; харандааһы төбөлөө чинить карандаш.
ТӨБӨТ шалун, озорник; дурень.
ТӨБҮЛЭХ рукав реки; протока; старое высохшее русло.
ТӨБҮРҮӨН накожная болезнь, лишай.
ТӨБҮРҮӨННЭЭ окружать; төбүрүөннээн олор собраться в кружок; собраться вместе; расселяться компактно.
ТӨБҮРЭХ (төп) накипь на кипящем супе, осадок на топлёном масле; төбүрэҕэ суох арыы хорошо выжатое масло; миин төбүн баһан кэбис снять накипь с супа.
ТӨГҮЛ раз; хас төгүл сколько раз; төгүллээһин умножение; части крупных художественных произведений, статей закона и пр.; бастакы төгүлэ часть первая.
ТӨГҮРҮК 1. круг; төгүрүк остуол круглый стол; төгүрүмтэ окружность; төгүрүй окружать, брать в кольцо; обступать; дьиэни төгүрүй окружить здание; төгүрүччү кругом, вокруг; эргий, эргийэ хаамп обходить вокруг; 2. целый, төгүрүк сыл круглый год; төгүрүк тулаайах круглый сирота.
ТӨКҮНҮК круглый, шаровидный, төкүнүк мээчик; төкүнүй катиться, үҥкүрүй-күөлэһий валяться; төкүнүт катить, оҕо мээчиги төкүнүтэ оонньуур ребёнок катит мяч.
ТӨЙҮҤҮ (дөйүҥү) глухой, глуховатый; контуженный; төйүөр (дөйүөр) падать в обморок.
ТӨЛКӨ судьба, дьылҕа участь, рок; оҥоруу, ыйаах предопределение; төлкөлөөх с судьбою; төлкөлөө определять, предвещать; предугадывать судьбу; төлкөлөн иметь судьбу, долю.
ТӨЛЛӨР аҕынньым төллөр тошнит.
ТӨЛӨ внезапно-резко; төлө тут выронить, төлө бар вырваться, төлө көт выскочить, төлө ас открыть, раскрыть; төлүтэ (многократное действие).
ТӨЛӨӨ платить, выплачивать; оплачивать; иэһи төлөө платить долги; ороскуоту төлөө оплатить; сыаналаа воздавать дань; ситис мстить; төлөн быть уплоченным, иэс төлөнүөхтээх; төлөбүр плата, платёж, оплата; сулуу выкуп; соболоҥ вознаграждение, манньа награда; устар. мзда; иэстэбил расплата; сэт-сэлээн возмездие; өһү ситиһии, өһүөн отмщение.
ТӨЛӨН пламя, поэт. пламень; төлөннөөх с пламенем, пламенный; горячий.
ТӨЛӨРҮЙ тимэҕэ төлөрүйбүт отстегнулась пуговица, иэһэ төлөрүйдэ освободился от долгов; төлөрүт, быаны сүөр развязать; соҥҥун төлөрүт расстегнуть пальто, тылгын төлөрүт отказаться от слов; аан хатыырын төлөрүт убрать засов; төлөркөй слабо укреплённый, срывающийся.
ТӨЛӨҺҮЙ войти в возраст; в силу; төлөһүйбүт, эт туппут достиг физической зрелости.
ТӨНҮН (төннөн кэл, төттөрү кэл) возвращаться, прибывать обратно; чугуй отступать назад; төннөр возвращать; отдавать обратно.
ТӨҤКӨЙ (тоҥхой) наклоняться, нагибаться, сгибаться, төҥкөйөн көр смотреть согнувшись, сверху; төҥкөт наклонять голову; төҥкөччү туттан согнувшись.
ТӨҤҮРГЭС пень (чөҥөчөк); өтөх төҥүргэстээх следы прожитой жизни.
ТӨП усил. част.: төп-төгүрүк совсем круглый.
ТӨРГӨС допытываться, расспрашивать; разузнавать.
ТӨРГҮҮ торока, ремешки, короткая кожаная или волосяная верёвочка позади седла для пристёжки; төргүүлээ привязывать в тороках, сзади седла; тиити төргүү мутугунан фольк. до нижних широко раскинувшихся ветвей лиственницы.
ТӨРДҮС четвёртый; төрдүһүнэн в-четвёртых, четвёртым; төрдүө четверо; төрдүөн вчетвером, все четверо; төрдүөйэх всего четверо.
ТӨРӨӨ рожать; родиться, рождаться; уродиться (о картофеле); ынах төрөөбүт отелилась, биэ төрөөбүт ожеребилась, ыт төрөөбүт ощенилась; кус төрөөбүт утка вывела птенцов (о птицах); иккиһин төрөө возрождаться; төрөт рожать, родить; төрүөх приплод, молодняк; потомки.
ТӨРӨЛ төрөлкөй крупный, бөдөҥ-садаҥ рослый.
ТӨРҮТ 1. предок, родоначальник; 2. корень, основа, основание; природный; коренной, начальный; төрүттээх родом; родовитый; фамилия, происхождение; төрүкү (төрүү, төрүөҕүттэн) с основания, с самого начала, от природы; төрүкү майгы нрав, характер.
ТӨРҮӨТ (сылтах) причина, повод; төрүөттээх имеет причину.
ТӨҺӨ (хас) сколько, как много; сыаната төһө-хачча буолла сколько стоит; төһөлөөх усил. сколько же.
ТӨҺҮҮ рычаг; төһүүлээ поднимать рычагом.
ТӨТТӨРҮ вспять, обратно, назад; кэннин диэки назад, төттөрү биэр обратно; төттөрү оҥор делать наоборот; төттөрү эт возражать, отказывать; төттөрү-таары взад-вперёд.
ТӨХТҮР неровность, уступ; төхтүрүй делать повторно; төхтүрүйтэлээ повторять несколько раз.
ТУУ верша, морда (ардьаах); туу киспэтэ, сүрэҕэ, тылбыыта части верши; туулаа рыбачить с помощью туу, ставить в водоёме верши; туулаан сиир питается рыбой из верши.
ТУГУТ оленёнок (олений телёнок до года).
ТУУЙ-сиэ межд. сожаление.
ТУУЙ душить, зажимать, затруднять дыхание; сөтөл тууйар кашель не даёт дышать; санаа тууйуллар мысль тяготит, мучает; кириитикэни тууй зажимать критику, көҥүлүн тууй не давать свободу; тууйуу зажим.
ТУЙААРАР күөрэгэй жаворонок; туйаар щебетать, петь, заливаться.
ТУУЙАС берестяной кузовок вертикальной формы с деревянной крышкой.
ТУЙАХ копыто, копытце; кулун туйаҕа название травы.
ТУЙГУН отличный, превосходный; туйгуннук на отлично.
ТУЙМААР туймаарый слегка помутиться (о сознании), быть в полуобморочном состоянии.
ТУЙМУУ петля; тыл туймуута заключительное слово.
ТУК довольство, полнота; довольно, полно; тук буолбат недоволен; тук курдук с удовольствием, легко, сразу.
ТУКА детск. речь дитятко, туку-туку птенчик; тукаам (обращение).
ТУКУЛААН степь, безлесное место.
ТУЛА 1. окрестность, вокруг; тулатааҕы (тулатынааҕы) окрестный; 2. послелог: кругом, вокруг, около, дьиэ тула вокруг дома.
ТУЛААЙАХ сирота; төгүрүк тулаайах круглый сирота; тулаайахсый осиротеть; бөһүөлэк тулаайахсыйда посёлок опустел.
ТУЛААҺЫН подпорка (атах, өйөбүл, тирээбил); тулхадый шататься, колебаться; тулхадыйбат не шатающийся, крепкий, прочный; тулхадыйбат тулааһын прочная опора.
ТУЛЛУК пуночка; снегирь; пташка (үрүҥ чыычаах, маҥан туллук).
ТУЛУЙ выносить, переносить; терпеть, выдерживать; воздерживаться; тулуйбатым-тэһийбэтим мне стало невыносимо, нестерпимо; тулуйуу, тулуур терпение, выдержка; воздержанность; выносливость; тулуурдаах выносливый, терпеливый.
ТУЛУН туллаҥнаа шататься (о зубах); быть неустойчивым; туллан түс оторваться, отвалиться; тимэҕэ тулунна пуговица оторвалась; тииһэ тулунна зуб выпал; тулламай этэрбэс торбаса с короткими голенищами; тулламай бэргэһэ неглубоко сидящая шапка.
ТУЛХА шаткий, неустойчивый; тулхадый шататься, колебаться; тулхадыйбат крепкий, прочный, долговечный.
ТУМА приправа; тумалаа сдабривать блюдо, добавить приправу; тумалык то, что привычно употреблять.
ТУМАН (буруо, күдэн, чаан) туман, пар, мгла, марево; мрак, чад; тумарык лёгкий мрак, сумрак; туманнаах туманный; туманыр покрываться туманом; тумара 1. густой туман; 2. место влажное и безлесное.
ТУМАННАА делать быстро, энергично, без остановки; от охсон туманнаата сено косил остервенело.
ТУМНАР (тууй) наглухо закрывать, душить, заглушать; зажимать рот; сдавить горло; тумнары сабын укрыться с головой (одеялом); тумнаһын, тууйулун задыхаться, задохнуться; тууна баан завязаться наглухо.
ТУМУК сосок женской груди, соска; хамса тумуга курительная трубка; тумук туттар (тумулук) киһи отстаивающий интересы других.
ТУМУЛ (тумуһах) небольшой лесной мыс, таас тумул скала.
ТУМУН обходить, объезжать; избегать; чалбаҕы тумун обходить лужу; ыарыы тумуннун пусть обойдёт хворь; тумуннар сбивать с пути.
ТУМУС 1. клюв чыычаах тумса; морда (о некоторых животных), саһыл тумса лисья морда; 2. передняя часть, тыы тумса нос лодки, чаанньык тумса нос чайника; тумус буолбут стал коноводом.
ТУМУҺАХ мыс; горная, лесная сопка; тумуһахтаан киирбит выступает, выдаётся мысом.
ТУМУУ насморк, недомогание, грипп; тумуу-сөтөл грипп; тумуулаа болеть гриппом; тумуумсах слабый, болезненный.
ТУУН (туҥуй) первородящий, туун дьахтар первородящая, туҥуй бургунас первотёлка; туун киһи перен. ничего не знавший об этом; уу туҥуй таптал первая любовь; туҥуй сүрэх чистое, невинное сердце.
ТУНАЙДАА экспр. колотить, молотить; тунайдас тузить друг друга.
ТУНАЛҔАН тунал, туналы блеск, белесоватое сияние, тунал маҥан халлаан сияющее белое небо; туналҕаннаах ньуур блестящий, ясный облик; туналый белеть-блестеть, сиять-блистать, сиять-светить; тунаар неясно белеть; тунаархай бледно-серый (неясный) день.
ТУНАХ улуу тунах, үрүҥ сөлөгөй изобилие молочной пищи в пору отёла, тунах ыһыах кумысный пир.
ТУНААХ гриб дождевик (таҥара сааҕа); оҕо тунааҕа кал младенца.
ТУНУЙ экспр. распространяться (о болезни, о запахе); заражать, марать; пахнуть, арыы-алаадьы сыта тунуйда запахло оладьями в масле.
ТУППАЙ см. тут, илии туппай хватает подряд всё; туппалаа, туппахтаа, туппалас щупать руками.
ТУПСАР улучшать, совершенствовать; мирить, примирять; тупсарыылаах, тупсарыллыбыт улучшенный, усовершенствованный; тупсан турар стал лучше; тупсаҕай подходящий, приличный, приглядный; изящный; тупсуу перемирие, примирение; тупсуох давай помиримся; тубустулар помирились.
ТУР 1. стоять, располагаться; дьиэ турар дом стоит; пребывать; сүөһү-ас хайдах турар в каком состоянии находится хозяйство; оронтон тур, туран кэл вставать, подниматься; үлэлээбэккэ тур бездействовать; айаҥҥа тур трогаться, отправляться; эт төһөҕө турар во что обходится мясо; уот турбут начался пожар; тымныы турар стоят холода; тыал турда поднялся ветер; чаһы утуйбут часы стали; 2. вспом. гл. продолжать; бара тур идти, ааҕа тур читать, ыллыы тур петь; 3. част. вот, а вот, аҕам туран эттэ а отец говорит; биирдэ туран маннык буолбута а однажды случилось так.
ТУУР вырывать; выдёргивать; туура тарт вырвать, сорвать, оторвать; тулун, туллан түс оторваться, тутааҕа тулунна, туллан хаалла.
ТУУРА 1. (ук) черенок; тимэх туурата ушко пуговицы; 2. совсем, вовсе, бокуойум туура суох совсем нет времени; туура билбэт вовсе не знает.
ТУРАҔАС I неплотно насаженный; тураҕас сүгэ топор с легко снимающимся топорищем.
ТУРАҔАС II гнедой, рыжий (масть лошади).
ТУРААН үүт тураан (ылы-чып, им-ньим) полная тишина, спокойствие; тишь да гладь.
ТУРАНТАЙ (дьурантай) стоячий, уһун турантай долговязый, верзила.
ТУРАҤ тураҥ буор солончак, солонцеватая почва.
ТУРАХ эрэх-турах надёжный, уверенный.
ТУРААХ ворона; үрүҥ тураах не такой, как все; исключение.
ТУРГУЙ доставать до дна; тургут измерять; тургутуу испытание, проверка, экзамен; билиитин тургутан көр испытывать, проверять; тургутук тест.
ТУРКУ оленьи нарты.
ТУРТАЙ белеть, становиться белым, сир туртайбыт земля побелела; белеться; баттаҕа туртайда поседел; турталдьый блестеть белизной; туртаҥнаа белеть вдалеке; туртаҕар ньуурдаах белолицый.
ТУРТАС дикая коза, косуля; побелевший заяц.
ТУРУУ вставание; стоянка; туруу үлэһит постоянный, надёжный работник.
ТУРУГУР здравствовать, быть здоровым; крепнуть; туругурт укреплять; туругурдун да здравствует; доруобуйаҥ туругурдун будьте здоровы.
ТУРУЙА журавль, серый журавль; туруйалаа сбиться с ног, заковылять на четвереньках.
ТУРУК состояние, положение; туруктаах находится в состоянии; үчүгэй туруктаах устойчивый; туруктаахтык стабильно.
ТУРУУК таас хайа ступенчатая скала.
ТУРУУЛАС держаться, не сдаваться, не сгибаться.
ТУРУОР ставить, заставлять стоять; үлэҕэ туруор назначать; кандидатта туруор выдвигать, предлагать; атаҕар туруор поднимать на ноги; пьесаны туруор поставить пьесу; диагнозта туруор поставить диагноз; туруору стоячий, вертикальный; туруору хайа крутая, отвесная скала; туруорбах балаҕан юрта со стоячими стенами.
ТУС I сторона, направление; бу туһунан баар находится на этой стороне; ити туһунан айаннаа ехать в том направлении; тус хоту на севере, на север.
ТУС II 1. должен, обязан, барыах тустаах должен идти; 2. усил. част. тус бэйэм я сам лично; 3. послелог: для, ради, за; туһа, туһун, туһугар; эн тускар ради тебя, биһиги туспутугар за нас.
ТУУС 1. соль; туустаа солить; туустаах солёный, соляный (источник); тууһамматах несолёный, тууһа суох пресный; тумсун тууһа насмешка; 2. карточный туз.
ТУСКУ благо, благополучие, добро; үтүө тускулаах с хорошим будущим; тускулаа благословлять, обеспечивать будущее; тускулан быть счастливым; тускул, уруй-тускул межд. благопожелание.
ТУСПА различие, отличие, разница (атына, уратыта); туспа киһи другой, чужой; туспалаах имеющий особенность, отличие, различие; туспалас (туспалан) иметь разницу, отличаться; чорбой выделяться; туспатык иначе, по-другому, по-иному.
ТУУСПААННАА экспр. разжигать большой костёр.
ТУСТААХ част. должный, обязанный; должно, нужно, необходимо; мин барыах тустаахпын я должен идти, мне надо идти.
ТУСТУУ борьба, вид спорта; туһун бороться; тустуук борец.
ТУҺА польза; выгода, прибыль, барыш; туһалаах полезный, выгодный; туһата суох бесполезный, напрасный; туһалаа делать полезное, нужное; приносить пользу (көдьүүстээ); помогать; туһалан, туһан получать пользу; пользоваться; туһалаахтык с пользой.
ТУҺААЙ направлять, наставлять; адресовать; туһулаа обращаться; кыҥаа целиться; кыһай, кыһарый побуждать; аналлаах определённый; туһааннаах доҕорум предназначенный мне друг.
ТУҺАХ петля, силки; туһахтаа ставить петли, силки; охотиться; быа-туһах верёвка, шнурок.
ТУТ I 1. держать, брать, хватать; ловить, поймать, ыт саһылы тутта собака поймала лису; хамнастан тут удерживать из зарплаты; хаайыыга тут арестовывать; грамота туттарда вручил грамоту, бэлэх тут преподносить подарок; үлэни туттар сдавать, суругу туттар передавать, отдавать (на хранение); тутус держаться; тутаах ручка, солуур тутааҕа дужка; аан тутааҕа ручка двери, өтүйэ уга рукоятка; солуур тутааҕа дужка; тутуур ручная кладь (тутуурдаах); 2. иит содержать; ынах иитэр, ынахтаах держит коров; уҥуоҕун тут хоронить; кыыс эт тутар девушка входит в тело, взрослеет; 3. вспом. гл.өйгөр тут запоминать; санааҕар тут обижаться; кутун тут покорять.
ТУТ II строить, создавать, созидать; дьиэтэ тут строить дом; тутун строить для себя; тутуу здание, постройка; тутуу үлэтэ строительство; тутааччы строитель.
ТУУТ I туут балык, тууччах нельма, белорыбица.
ТУУТ II широкие охотничьи лыжи, подбитые шкурой.
ТУТА сразу, тотчас, тут же; тута-бааччы тотчас; тута барда сразу скончался.
ТУТАЙ экспр. (тутаа) нуждаться, испытывать нужду (кыһалҕалан), дьонноох киһи тутайбат человек среди своих не терпит нужды; тутах недостаточно, не хватает, эн тугуҥ тутаҕый чем ты хуже.
ТУТААХ I ручка, рукоятка; өтүйэ тутааҕа рукоятка молотка.
ТУТААХ II основной, главный; этии тутаах чилиэнэ главный член предложения.
ТУТУУ 1. тутуу барар строительство идёт; тутууга үлэлээ работать на стройке; хаайыыга тутуу лишение свободы; 2. байдам тутуу богатая удача; быһыы-тутуу фигура, осанка.
ТУТТУУ харчыны туттуу расходы, затраты, издержки.
ТУТУЛ строй, общественный строй; структура, вещество тутула строение вещества.
ТУТУЛУК зависимость; задержка, затруднение.
ТУТУМ старинная единица измерения, биир тутум ширина кисти рук, высота в четыре пальца; тоҕус тутум үрдээтэ перен. поднялся на девять кистей, поднялся авторитет.
ТУТУС I блюсти, придерживаться, бэрээдэги тутус соблюдать порядок; илиититтэн тутус держаться за руку; тутун держать себя, воздерживаться; харчыны тутун расходовать деньги, тратиться.
ТУТУС II помогать в строительстве, дьиэтэ тутус помогать строиться.
ТУХАРЫ послелог: на протяжении, в течение; икки сыл тухары в течение двух лет; бачча тухары до сих пор.
ТУОЙ I всегда, постоянно, каждый раз.
ТУОЙ II глина; туой иһит глиняная посуда; туойдаах кумах суглинок.
ТУОЙ III петь, воспевать; восхвалять, славословить; иэй-туой причитать; тойук пение-импровизация; тойуксут певец-импровизатор; туон петь о себе; кэп туонар предрекает себе несчастье, кличет беду.
ТУОЛ (от толор) 1. наполняться, становиться полным; иһит туолла посуда наполнилась; ый туолбут полнолуние; үтэһэтэ туоллаҕа так ему и надо; 2. осуществляться, выполняться, сорудах туолла задание выполнено; санаам туолла мечта сбылась; 3. исполняться, достигать, сэттэ сааһын туолла исполнилось семь лет.
ТУОЛУЙ возместить, отплатить; отомстить; тугунан туолуйан тахсар каково будет возмездие.
ТУОМ I вид обряда, порядок, традиция; сиэр-туом обычай, обряд; туому толор придерживаться обычаев; уот аһатар туом обряд сдабривания хозяина очага.
ТУОМ II 1. част. малость; барт туома видимость, туомугар эрэ лишь для видимости; кэһии туома (оҕото, сыыһа) небольшой гостинец; аһаан туомнаата поел как бы; 2. модальн. сл. туома тугу да эппэт к тому же ничего не говорит; туома бүгүн бүтүө суох видать, сегодня не кончится.
ТУОМ III том издания, книги; бастакы туом первый том.
ТУОМТУУ баайыы (сүөрэ тардыы) вид узла, распускающаяся петля; туомтаа завязывать таким узлом.
ТУОНА 1. тоня (место, где закидывают невод); 2. центр, середина (земли); орто дойду дьоллоох туоната фольк. лучшее место земли.
ТУОНАЙ межд. досада; аанай-туонай абаккам ужасное горе.
ТУОР муор-туор незначительный, аас-туор голодный.
ТУОРА I 1. поперечина; поперечный; туоралаах имеющий в поперечнике, үс көс туоралаах шириною 30 км; 2. поперёк; 3. туора киһи посторонний, чужой; туоратык странно; туорай перекладина; туорайдаах с перекладиной; туорайдаа, туорайдас препятствовать, мешать.
ТУОРА II крести, трефы (карты).
ТУОРАА 1. поворачивать, суолтан туораа сворачивать; үлэттэн туора тур отстраняться от работы; үлэттэн куота сырыт уклоняться от работы; туора санаалан иметь своё мнение; 2. пере– суолу туораа переходить дорогу, сүүрэн туораа перебежать; көтөн туораа перелетать; 3. туорат повернуть в сторону, перевести за руку; туорааһын поворот, переход, переправа; место перехода, туоруур сир перевоз.
ТУОРААХ шишка древесная; туораах бурдук зерно, семя; туораахтаах үүнээйи зерновые.
ТУОС 1. береста; берёзовая кора; туос иһит берестяная посуда; мета в национальных прыжках, уон туоска түстэ сделал 10 прыжков; 2. част. в сильнейшей степени; туос аччык совершенно голоден; туос сымыйа совершенная ложь; туос бөтөрөҥүнэн чистым галопом.
ТУОҺАХТА 1. пятно, звёздочка на лбу животного; ураанай кус лысуха; 2. серебряная бляшка на женской шапке.
ТУОҺУ свидетель; свидетельство (кэрэһит), доказательство, удостоверение; туоһулаах имеющий свидетеля; туоһу буол быть свидетелем, доказывать, подтверждать; туоһулаа, туоһулас осведомляться, справляться, выведывать.
ТУОТААЙЫ (в загадке) вид водоплавающих птиц.
ТУОХ 1. мест. что, кто (кроме человека); тугу бултаатыҥ кого добыл; туох дьиэний какой это дом; туох киһиний какой (что за) это человек; туох эрэ что-то; 2. модальн. сл. туох кистэлэй чего скрытничать; тугун тылай что за слова; туох баҕайытай что это такое.
ТУОХТАА разг. ити туохтуур … бишь, эн туохтаа … бишь.
ТУОХХАҺЫЙ становиться слабым, слабеть; тощать, чахнуть.
ТҮҮ пух, пушок, көтөр түүтэ перья, кыыл түүтэ шерсть, мех; киһиэхэ үүнэр түү волосы; куорсун түү перо; ньуолах түү пух; түү суорҕан пуховое одеяло, түү былаат шерстяной платок.
ТҮБҮК хлопоты, суета; бырааһынньык түбүгэ праздничная суета; түбүктээх хлопотливый, хлопотный; түбүгүр хлопотать, суетиться; түбүгүрт доставить хлопоты, заставлять суетиться.
ТҮБҮЛЭЭ буулаа 1. останавливаться, располагаться; выбирать, облюбовать; 2. не отвязываться, не отступать; надоедать, досаждать.
ТҮБЭ лесная чаща; отдалённое, глухое место; местность, хайа түбэ киһитэҕин откуда родом.
ТҮБЭЛТЭ случай, происшествие; факт; дьоллоох түбэлтэ счастливый случай; при случае; түбэс попадать, оказываться, ардахха баттат попасть под дождь, ардьархайга киир попасть в беду; хаайыыга түбэс попасть в тюрьму, находиться под арестом, түбэспит арестован; түбэһиннэр подводить под арест; түбэһиэх, түбэһиэхчэ случайно; түбэлтэнэн туһанан пользуясь случаем.
ТҮГЭН момент, удобный случай; түгэннээх буоллаҕына если будет момент; түгэнинэн туһанан пользуясь моментом.
ТҮГЭХ дно, буочука түгэҕэ днище; бугул түгэҕэ низ копны, основание; үөдэн түгэҕэ преисподняя; өлөр өлүү түгэҕэ нижний мир; оһоҕос түгэҕэ оҕо последний ребёнок, младший; түгэҕэ биллибэт дойду бездна; түгэхтээх тыл-өс многозначительные слова.
ТҮҮЙ экспр. предчувствовать неладное; предрекать плохое.
ТҮКСҮ довольно, достаточно, хватить; разг. полно, будет.
ТҮКТҮЙЭЛЭЭ разг. колотить спину, накостылять.
ТҮКТЭРИ неприлично, непристойно, предосудительно.
ТҮҮЛ сон, сновидение; түүлү тойонноо толковать сны; түүллээх способный на вещие сны; түһээ видеть во сне; түһүүр видит сны.
ТҮЛЛҮҮ напряжение, волнение, прилив волны; родовые потуги; түлүн (түллэр) вздыматься (о волнах); вздуваться (о парусах); натуживаться (при кашле, при родах); түллэҥнээ многократное действие.
ТҮЛҮК весьма глубокий, крепкий; түлүк түүн глухая полночь; түлүк уу крепкий сон; түлүк тымныы стужа, түлүк куйаас зной.
ТҮҮЛЭЭ I харалаа линять, сбрасывать с себя шерсть (о животных).
ТҮҮЛЭЭ II арендовать сенокосный участок; түүлэһии аренда.
ТҮЛЭКЭЙ умопомрачение от старости; түлэккэдий (түлээр) забываться; сиикэй-түлэкэй лживый, түлэс-балас тыллас говорить несуразное.
ТҮҮЛЭЭХ шерстяной, пуховый; волосатый, мохнатый; пушной зверь; кылааннаах түүлээх пушнина; түүлээх ытыс щедрая рука; түүлээхсит охотник-промысловик; фолькл. үрүҥ түүлээх конный скот, хара түүлээх рогатый скот.
ТҮМ I түмэн кэбис завязывать узлом; быа түмүгэ узел; түмүктээх с узлом.
ТҮМ II түмүктээ собирать, считать; завершать, заканчивать; подводить итог, делать заключение; түмүктээх с итогом, с результатом.
ТҮМСҮҮ сбор; объединение; дьон миитиҥҥэ түмсүбүт народ собрался на митинг; түмсүүлээх организованный, единый.
ТҮМЭН (үтүмэн) очень много, большой (по количеству).
ТҮҮН I ночь, ночью; түүн орто, түүн үөһэ полночь; ыйдаҥа түүн лунная ночь; түүн аайы каждую ночь; түүҥҥү ночной.
ТҮҮН II (от түүй, түүйүн) предрекать себе плохое.
ТҮННҮК окно, окошко; түннүк холуодата косяк окна; сир түннүгэ знающий, мудрый человек, ходячая энциклопедия; түннүк оҕото подкидыш.
ТҮҮНҮК плесень (арыы ардаҕа), түүнүктээх заплесневелый; түүнүгүр покрываться плесенью, плесневеть; түүнүктээх түрмэ поэт. покрытые плесенью стены тюрьмы.
ТҮНЭ выделанная шкура лося; ровдуга, лосиная замша; сарыы замша из кожи скота; түнэ этэрбэс торбаса из ровдуги.
ТҮҤ тёмный, түҥ хараҥа непроглядная, непроницаемая тьма; түҥ ойуур густая непроходимая чаща, дремучий лес; түҥ былыр седая старина; түҥ хааһах неотёсанный, тупой человек.
ТҮҤКЭТЭХ сир глухое место; түҥкэтэх киһи замкнутый, нелюдимый человек; түҥкэлий разг. уходить прочь; икки харахпар көстүмэ проваливай.
ТҮҤНЭР 1. уһааты түҥнэр поставить бочку вверх дном, оту эргитэн биэр переворачивать; былааһы сууллар свергать, ууну аллара куккурат низвергать (о водопаде); түҥнэһин опрокидываться; 2. түҥнэри част. түҥнэри уур, түҥнэри көт сбить с ног; түҥнэри оҕус свалить, түҥнэри ас столкнуть; түҥнэри майгылаах с плохим характером; түҥ-таҥ бестолково, беспорядочно.
ТҮҤҮР родственник через женитьбу детей, братьев и сестёр.
ТҮҤЭТ делить; булду түҥэт делить добычу, баайгын түҥэт распределять состояние (үллэр); чыыһыланы түҥэт разделить число; түҥэтии раздел, распределение, матем. деление; түҥэтиллээччи делимое, түҥэтээччи делитель; раздатчица (в столовой); түҥэтик, сир түҥэтигэ передел земли.
ТҮП (сынньалаҥ) покой, спокойствие; түптээх спокойный, степенный түптээх олох размеренная жизнь; түптээх олоҕу олорбото не познал спокойной жизни; түбэ-таба биллибэт нет покоя.
ТҮҮППЭХ покров, пелена; хараҕым түүппэх курдук глаза туманятся; түүппэҕир, санаата түүппэҕирдэ стал подавленным.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?