Электронная библиотека » Прокопий Чуукаар » » онлайн чтение - страница 11


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 18:00


Автор книги: Прокопий Чуукаар


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 11 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +

АТЫҤЫРАҺЫЫ

Уйбаан хара кырсаны, маҥан табаны бултуйбут сылыгар соҕотоҕун кыстаабытын бэркэ ыарырҕаппыта. Сүрэҕиҥ олус ноҕуруускаламмыт диэн Дьокуускай быраастара үчүгэйдик сынньанарыгар сүбэлээбиттэрэ. Инньэ гынан, соҕуруу санаторийга кэлэ-бара, араас куораттарынан сылдьыталаан ыкса күһүн эргиллибитэ. Ол кыһын арыытыгар бултуу киирбэтэҕэ. Кини оннугар алта эр бэрдэ кыстыы диэн ааттаан тэринэн барбыттара даҕаны, сотору утуу-субуу төннөн тахсыбыттара. Арай биригэдьиирдэрэ Федя Бурцев болдьоҕун толору сылдьыбыта да, өнүлээҕи бултуйбатах этэ.

– Лээхэп, нэлэмэн туундараҕа холоотоххо, түҥкэтэҕэ, тыйыһа, тыала-кууһа, тыаһа-ууһа сүрдээх бөҕө буоллаҕа. Бөһүөлэккэ киирэ-тахса сылдьан бултуур курдук буолуо дуо? Наар бэлэмҥэ сылдьа үөрүйэх киһиэхэ – чымаан дойду. Тоҥ хаһаа балаҕаҥҥа кэлэн уот отторуҥ, аскын буһарынарыҥ, таҥаскын бэринэриҥ, ыттаргын бостууктууруҥ саллымара ханна барыай. Этэргэ дылы, кырсаны сүлбэтэх да дьон киирдэхтэрэ дии.

Күһүн аскын-үөлгүн үчүгэйдик хаһаамматаххына, биир-биэс тыла суох быстараҕын. Кыһын устата биир көлүүр ыта (15—17 ыт) сүүс алта уон табаҕа тук буолбат. Тоҥ балыгы кирэр ыт аһылыгар астыммат, түргэнник дьүдьэйэр. Оттон Уйбаан икки сыарҕа көлүүр ыттааҕа. Онно төрүүр-ууһуур тыһы ыттаргын уонна уончаҕа тиийэ өнүргэстэргин (сарсыҥҥы солбуктаргын) эп. Төһөлөөх да бэлэмнэммит эт, балык тук буолааччыта суох. Ол иһин кыһыҥҥы им-балай хараҥаҕа кыылы бултастаххына табыллар. Ону ыллыҥ да мээнэ сатаабаккын. Үөрүйэх, сатабыл наада. Ыттаргын оннук бултуурга эрдэ уһуйуохтааххын. Кылаабынайа, таба үөрүн үргүтүө суохтаахтар. Хабыс-хараҥаҕа пааһыҥ таһыгар бэйэлэрэ тохтуу үөрүйэх ыттар киһи хамаандатын түргэнник ылыналлар, таба үөрэ чугаһаатаҕына, тохтоон эн сирэйгин-хараххын кэтэһэллэр эбэтэр айан уонна көтөл сыарҕаларын сэргэстэһиннэри баайан айаннаатаххына, ол күн бултуу баралларын эндэппэттэр. Икки сыарҕа кэккэлэһэ холбонноҕуна түҥнэстибэт, онно анал мастанаҕын, быһата, катамараан курдук буолар. Таба үөрэ дьиэҕиттэн чугас чуоҕустаҕына, оннук тэринииҥ ордук көдьүүстээччи. Бултуйдаххына, сорох табаларгын туруортаан кэбиһэҕин, оччоҕо кырса чугаһаабат, табалар эргийэн кэлэ тураллар, хайаан да саантаан ааһаллар. Түгэн тосхойорун хаһан баҕарар мүччү тутуо суохтааххын. Эн сүрэҕэлдьээтэххинэ, ыттарыҥ эмиэ наадыйыахтара суоҕа, – диир Иван Яковлевич.

Эһиилигэр, саас эрдэ, Уйбаан Лээхэпкэ бултаспыт Гоша Громовы илдьэ киирбитэ. Уол элбэх саҥата суоҕун, киһи тылын истимтиэтин, иҥэ-бата сатаабатын сөбүлээбитэ. Урут соҕотоҕун бултуурун ордороро. Үөрүйэҕэ суох киһи Лээхэпкэ боҕуу эрэ буолуохтааҕын сэрэйэрэ. Туох баар эппиэтинэс киниэхэ сүгүллэрин билэрэ. Мунаах киһи, үөрүйэҕэ суох көлүүр арааска тэбиэн сөбө. Ол үрдүнэн доҕор-атас баара эмиэ наада курдуга. Соҕотох аата соҕотох.

Ол сырыытыгар Уйбаан букатын табыллыбатаҕа. Барыта кини сэрэйбитин курдук буолан иһэрэ. Оттук маһы тиэйэ барбыт уола ып-ыраас чэмэлкэй күн сүтэн хаалбыта. Кытылы батыһа чохчоломмут маһы күҥҥэ хаста да кырынар чугас сиргэ киһи хайаан мунуоҕай. Кыыл табаны эккирэттэҕэ диэн бастаан кыһаллыбатаҕа. Сарсыныгар сатыы, ыттарын куоттарбыт да буоллаҕына, кэлиэ дии санаабыта. Уола эмиэ биллибэтэҕэ. Илимнэрин бэрийдэҕинэ эрэ көрдүү барар кыахтааҕа. Муора бүгүн ыраас, сарсын хайдах-туох буолуо биллибэт. Муус халҕаһата сөрөөн илдьэ бардаҕына көҥүлэ. Уола үһүс күнүгэр сыккырыыр тыына эрэ тиийэн кэлбитэ.

– Бачча өр ханна сырыттыҥ?

– Туундараҕа.

– Кыыллаатыҥ дуо?

– Суох.

– Оччоҕо?

– Уоту көрөн. Дьон баар эбит дии санаабытым.

– Ол гынан?

– Булаттаабатым.

– Оттон кэлэн хаалыаххын.

– Ыттарым атын балаҕаҥҥа илдьибиттэрэ.

– Дьэ буоллаҕа… Тугу аһаан сырыттыҥ?

– Суох.

– Балаҕантан тугу да булбатаҕыҥ дуо?

– Киирэ сылдьыбатаҕым.

– Оттон саалааххын, испиискэлээххин дии. Ама, тугу да көрбөтүҥ дуо?

– Көрөн.

– Уонна?

– Ыттарым ыттарбатахтара…

– Уһаабытыҥ буоллар, ыттыын-бэйэлиин өлүө эбиккин дии.

– Билбэтим.

– Ыттарыҥ хамаандаҕын истибэт буоллахтарына хайдах бултуох бэйэккэҕиний?

– Билбэтим.

– Былырыын хайдах сылдьыбыккыный?

– Эрдэ тахсыбыппыт.

– Кырсалаабатаххыт дуо?

– Кырса суоҕа.

Дьиэ эргин эрэ сылдьыах кыттыгастаммытын Уйбаан онно эрэ билбитэ. Ол аата былырыыҥҥыттан кырса биллэ аҕыйаабыт. Быйыл да өнүйэн бултуо суохтар. Ырааҕынан тэлэһийдэҕинэ табыллыыһы.

Иван Яковлевич кэпсээнэ ити эрэ буолбатах:

– Хоту сир бэйэтэ туспа сокуоннаах. Ону тутустаххына эрэ табыллар. Уолаттар ону удумаҕалаабат эбиттэр этэ. Өбүгэ үгэһин биир киһи үйэтигэр ити аата таһыччы умнуохха сөп эбит. Киһи туундараттан тэйдэ даҕаны эбэтэр үгэһи үрдүттэн үктүү сылдьар буоллун даҕаны, тулалыыр айылҕа оттуун-мастыын кэхтибитинэн барар. Мин Лээхэппэр кэлэн баран уолаттартан кэлэйэн бөҕө. Арай Гошабынаан Аччыгый Лээхэпкэ олорбут дьиэбэр кэллибит. Саас, сир хараарбытын кэннэ. Чөкөтөн-чөкөтөн барбыт малым-салым бөххө кубулуйбут. Дьиэлэрин букатын өрө тарпат дьон эбит. Субу сибилигин хоно кэлэр курдук, турбуттар да тахсан барбыттар. Остуол үрдэ үп-үрүҥ түүнүгүнэн үллэн олорор. Оттор мас суох, аһылык саппааһын хаалларбатахтар. Дьааһыгынан ас арааһын, бурдугу, саахары куулунан хаалларбытым – тугу да ордорботохтор.

– Манна кимнээх олорбуттарай? – диибин.

– Кэлэ-бара бары.

– Барытын ыраастаа, мин хайдах хаалларбытым курдук өрө тарт! – диэн дьарыйабын.

Сатамматахпыт онтон саҕаламмыта, – диэн баран Иван Яковлевич икки ытыһынан төбөтүн хам туттумахтаан, аллара хаһыйбахтаан ылар.

Бастаан дьиэлэрэ умайа сыһар. Ыкса күһүн ардахха баттатан кэлэн оһохторун үрдүгэр таҥастарын куурда ыйыыллар. Дьэ уонна аһаан-сиэн баран утуйан хаалаллар. Уйбаан утуйаары сытан:

– Оһоххун көрөөр, – диэбитин уола атыннык өйдөөтөҕө буолуо, тоҥмута оччото дуу, маһы толору симэн утуйбут.

Аһара оттуллубут оһох билиитэтэ дэлби кытаран, аллара намылыйбыт таҥастара хоруора сатаан бараннар умайан барбыттар. Төлөн саҥардыы өрө салаан эрдэҕинэ, Уйбаан кэргэнэ илэ-бодо ыҥырбытыгар соһуйан олоро биэрбитэ, арай дьиэтин иһэ өрүтэ үҥкүүлүүр курдук үһү.

– Оо, бу алдьархайы! – диэт, ыстаанын сулбу тардан ылыах курдук гыммыта, сиэбиттэн ботуруоннара кытарбыт билиитэҕэ түһэн тобугураһаллар. – Куосаа! Тура тарт! Умайан эрэбит! Билигин ботуруоннар эстиэхтэрэ, куот! – диэн эрдэҕинэ, биир ботуруона өс хоту эстэн тоҕо барар.

Иккиэн баккынан эрэ күүлэҕэ ойоллор. Ол ыстаналларыгар канистралаах бензиннэрин түҥнэри көтөн ааһаллар.

Аан аһыллыбытыгар сып-сырдык төлөн өрүтэ күдээриҥниир. Күүлэҕэ тахсан баран туох баар таҥастара иһирдьэ хаалбытын биирдэ өйдүүллэр.

– Бар, түннүгү ас!

– Хайдах?

– Таһырдьаттан муус хаттыгын түөрэ сүргэй. Мин туох кыалларын иһиттэн тамныам. Чэ! – диэн баран аанын тэлэйэ баттаабыта хабыс-хараҥаҕа төлөн түүтэҕэ күлүм гынар. Канистратын сулбу таһыйан ылан таһырдьа быраҕаары харбыалаһан иһэн уолуттан иҥнэн ат буола түһэр.

– Хайа! Тоҕо олороҕун, тура оҕус!

– Атаҕым туруорбат, – диэхтиир. Кутталыттан самаҕа кыпчыйбыт эбит.

Уйбааҥҥа ол турдаҕына өй кылам гынар: «Бээрэ, ити аата төлөн ааны астахха сэтэйэр. Салгына суохха уот тумнастыан сөп эбит. Уолум түннүк мууһун тыыппатаҕына табыллыыһы».

Гоша таһырдьа тахсаары тас боруоктан тайанан турара. Ону иһирдьэ анньан баран, бэйэтэ атах сыгынньах дьиэтин үрдүгэр тарбачыһан тахсан оһоҕун турбатын муус лоскуйунан саба баттыыр. Хойуу буруо онон-манан быыһылаан иһэн мэлис гынар. Мууһа ирэн сырдьыгынаан иһэн, турба устун аллара тимиччи киирэн хаалар. Аны бордууһунатын муус лоскуйдарынан симэн буруо тахсыбат оҥорор. Дьэ уонна уолунаан тиистэрэ ыпсыбат буолуор диэри күүлэлэригэр туох буоларын кэтэһэллэр. Тоҥ таба тириитигэр үктэнэн турар буоланнар арыый тулуспалаһаллар. Хайа уонна күһүн буоллаҕа дии.

– Күһүн муус хантан кэлэн хаалла? – диэн Иван Яковлевичтан ыйытабын.

– Муора мууһа буолунай, сайыннары ыһылла сытааччы.

– Дьэ, онтон?

– Сэрэнэн-сэрэнэн ааммын аспытым, төлөн көстүбэт. Буруо баҕас дэлэй. Хата, таҥастарбыт умайбатахтар этэ. Үөһэ эрэ бааллары төлөн салыыр буолар эбит. Онон кыл-мүччү тыыннаах ордон турабыт. Баккынан эрэ ханна ыраатыахпытый, тоҥон өлөр этибит. Онтон ыла солбук таҥаспын дьиэттэн тэйиччи харайар буолбутум. Киһини эрэй үөрэтэр. Өссө ол кыһын бэйэм өлө сыһан турабын. Көр эрэ, бу маны, – диир уонна уҥа холун тас өттүн көрдөрөр.

– Уокка салаппытыҥ дуо?

– Буорахха салаппытым.

– Хайдах? Кэпсээ эрэ.

– Ол сыл бэйэтэ даҕаны кырса аҕыйах этэ. Онон бэлэм сылтах, Саҥа дьыл иннинэ дойдубутугар төннөн тахсыбыппыт. Дьэ, иһит. Туруохпун сүрэҕэлдьээн, олорон эрэн саабын уунан ылан эрдэхпинэ эстэн тоҕо барда. Буулдьа бу уҥа холум тас тириитин сиирэ көтөн ааспыта. Буорах уота таҥаспын хабан, устуохпар диэри тириибин бүүрэ сиэбитэ. Аһаҕас баастаах ханна ыраатыаҥый. Ол да буоллар, уолбун илдьэ сылдьан, паастарбытын эһитэлээн баран дойдулуурга барбыппыт. Дьэ, Лээхэбим ол сыл миигин атыҥыраан турардаах. Уолаттар көҥүл айбардаабыттарын сөбүлээбэтэх быһыылааҕа. Айылҕа, сир-уот барахсан киһиттэн туох да атына суох. Хомойор-хоргутар, иэстэһэр даҕаны буолааччы. Туох абааһы дьонун ыытаҥҥын баайбын-дуолбун кэҕиннэртэрдиҥ диэбит быһыыта буолуохтаах.

КЭХТИИ

Сир-дойду уонна айылҕа биир өйдөбүллээхтэр дэһэбит. Ол эрээри «сир-дойду» диэни бэйэбитигэр чугаһатан этэбит быһыылаах. Дьон-сэргэ олохсуйбут, киһи-сүөһү тоҕуоруйбут сирэ-уота диэн. Оттон «айылҕа» – икки атах үктэнэ илик түҥкэтэх түөлбэтигэр да ханна барыай. Ону өссө тупсаран «Ийэ айылҕа» диэн эрдэхпит. Тыытыллыбакка чөл турар диэн.

«Сири-уоту киһи киэргэтэр» диэн өйдөбүл баар. Ол чахчы. Көһөн хааллахха, бэл сайылык кураанахсыйбыт курдук буолааччы. Киһи барахсан тиийбит-түгэммит сирэ букатын чыҥха атын көрүҥнэнэр. Ити «киэргэтии» диэн өйдөбүлгэ сыһыары тутан эттэххэ. Оттон төттөрү өттүн ылар буоллахха, туох аанньа буолуой – кэхтэр аакка барар.

Иван Яковлевич быйыл сайын Тиксиигэ тиийэ сылдьан Лээхэбин арыыларын туһунан сураһан кэлбит. Уонна бу курдук кэпсээннээх:

– Дойдубун булда кэхтибит дэһэллэр. Ким да кыстаабатаҕа ырааппыт. Балаҕаннарым ыһыллыбыттар, уматарын уматан, оттунарын оттон бүтэрбит курдуктар. Дьэ, бу дьаабыны көр! Киһилээххэ полярнай станция аны суох үһү. Эгэ байыаннайдар кэлиэхтэрэ дуо? Кырса олус хойуутук үөскээтэҕинэ бэйэтэ дьаалатынан эстэр аакка барар. Кутуйаҕа эһиннэ да, бүтэ турар. Улахан сир туундаратыгар кутуйах даҕаны, кырса даҕаны оннук имири эстибэт. Муора ыраах арыытыгар бултанар гына дэлэйдик аҕыйах сыл иһигэр кырса үөскүү охсубат. Барыта бэйэ-бэйэтиттэн сибээстээх. Кутуйах үөскүүрэ-үөскээбэтэ от хайдах үүнэриттэн. От эмиэ кэхтэр. Таба үөрэ олус элбээтэҕинэ эбэтэр олус тымныы сайыннар утуу-субуу солбустахтарына, ситэ-хото үүнэн быстыбат. Бэрт барбах сэрбэйбити көтөр даҕаны бүтэриэн сөп. Оттон от дэлэйдик үүммэтэ даҕаны, табаҥ ас көрдөөн, сир кырсын илдьи тэпсэн кэбиһэр. Аһа бүттэ даҕаны тохтообот – өлөрө өлөр, барара барар.

Киһи (дьон) олохсуйдаҕына, букатын атын буола түһээччи. Туох барыта дэлэйбитинэн барааччы. Мин муҥутаан бултуйар сылларбар от киһи тобугун ааһар гына үүнэрэ. Кус-хаас дэлэйэ кырыскын уоҕурдар, хойуу от кутуйаххын араҥаччылыыр, киһи бултастаҕына, кырса да, таба да үөскүүрэ кэмнэнэр-кэрдиилэнэр. Кутуйах аһылыктаах сиэмэх көтөрдөрү ыыргар чугаһаппаккын. Оттоох дьыл таба бара-кэлэ сатаабат. Онон киһи айылҕаны киэргэтэр, тупсарар, байытар аатыгар сылдьыахтаах. Айылҕаҕа киһилии сыһыан диэн ону этэллэр. Оттон кыыллыы сыһыаннастаххына, барыта тутатына кэхтибитинэн барар. Ыччаты киһилии дьаһанарга эрдэттэн үөрэтиэххэ наада. Аҕыйах сыллааҕыта оннук хамсааһын баарга дылыта. Сахалыы хаһыаттар суруйбуттарын көрбүт курдукпун. Булка сыһыаннааҕы эмээхсиним көтүппэккэ ааҕааччы буолара бу кэлин тоҕо эрэ тохтоото. Суруйбаттар дуу, ситэн суруттарбаппыт дуу?..

– Булка сыһыаннаах сурунаал тахсан эрэр.

– Дьэ-дьэ! Ону булан көрүөххэ баар эбит ээ.

– Сыаната быһа сытыйбыт сурахтааҕа, – эмээхсинэ быһа түһэр, – хаһыаты да суруйтарарбытын ыарырҕатыах курдук олорон…

– Ити баар ээ.

– Булт туһунан тугу суруйбуттарын интэриэһиргээбиккиний? Хайа хаһыакка?

– Ээ, ол ыраатта. Ыһыллыы иннинэ.

– Эдэр дьону булка уһуйар ыстатыйалар тахса сылдьыбыттарын этэр быһыылаах. «Эдэргэ» этэ дии, бадаҕа…

– Ону эрэ этэр үһүбүн дуо?

– Наар мөккүһэн тахсааччы. Кини эрэ этэрэ кырдьык үһү.

– Оннук-оннук! Олору түмэн туспа кинигэ гынан таһаарыахтарын. Билигин барыга бары үөрэтэ сатыыр курдуктар. Бэл Сунтаартан Дьокуускайга сатыы кэлэр оҕолор бааллара.

– Ону эмиэ утарсар курдук этиҥ буолбат дуо?

– Соок! Утарсыбыт буолбатахпын. Атыннык дьаһаныахха сөп диэтэҕим. Айылҕаҕа оҕону сыһыарар аналлаах лааҕырдары тэрийэр көдьүүстээх буолуох этэ.

– Үлэ лааҕырдарын курдук дуо?

– Ол атын. Үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтии туһа туспа. Ону лааҕыра таймата суох сатыыр буолан тураллар. Бэйэ эрэ иннин көрүнүү кэмигэр сатабыллаахтар оҕолорун түмэ тардан сыта байыахтара. Оттон мин букатын атыны этэбин. Тугу да сатаан тэрийбэт сатаҕай олохтоох өссө да элбии туруоҕа. Дьэ оннук дьон оҕолорун айылҕаҕа таһааран сайылатыахха баара. Дьоннорун кытары олорон син биир тугунан да дьарыгырбаттар.

– Хайа, онно үбүҥ-аһыҥ?

– Улахан өйөбүл наадата суох. Бастаан кыраттан саҕалыыгын. Аҕыйах аҕай уол оҕону илдьэ сылдьан отуу арааһын оҥосторго, кутаа отторго, сир аһын хомуйарга, бултуурга-балыктыырга үөрэтэҕин. Сайыны быһа айылҕа тугу биэрэринэн аһылыктанан сырыттахха, туох улахан ороскуота кэлиэй. Сылын аайы атын оҕолору сыһыаран, дьарыккын элбэтэн иһэҕин. Туспа хаһаайыстыбаланыаххын да сөп. Оччоҕо оҕолор төрөппүттэрэ, сүөһү тутар кыаҕа суох дьон даҕаны сыстыа этилэр. Бэйэ оҕуруоттанара, ходуһаланара, сылгытыгар тиийэ ииттэрэ, көлөлөнөрө оннук тэриннэххэ төһө баҕарар кыаллар кыахтаах.

– Ким сир-уот биэрэр?

– Дьон бэйэлэрэ сирдэнэргэ, сүөһүлэнэргэ дьулуһуохтара. Холбостоххуна, тугу баҕарар кыайыахха сөп. Ону оҕолорунан саҕалатар ордук. Оҕо биирдэ көрбүтүн, ыллыктаах тылы истибитин хаһан да умнубат. Бэйэбинэн охсон этэбин. Чылаа оҕонньор этэр буолара: «Уол оҕо ойууртан, ууттан аһыыры-таҥнары билэр, сатыыр буола улааттаҕына, хаһан да өлөн-охтон биэриэ суоҕа». Мин үйэм тухары ону умнубакка тиийэн кэллим:

– Бука, киһи барыта ону сатаабата буолуо.

– Барыны бары сатыыр киһи, кырдьык, ахсааннаах быһыылаах. Ол иһин түмсэ сатаныллыахтаах. Соҕотоҕун тура сүүрэн тугу да кыайбатыҥ чахчы.

– Эн бэйэҥ курдук булка-алка ис-иһиттэн дьоҕурдаах киһини биири эмэ көрсүбүтүҥ дуо?

– Баар буолумуналар. Ол гынан баран туохха баҕарар дэгиттэр киһи ахсааннаах быһыылааҕа.

– Холобура?

– Булт-алт туһа туспа. Хоту эр киһи барыта булка сыстаҕас. Бу гынан баран, ол дьонуҥ дьиэҕэ-уокка күн көдьүүһэ суох кэтэх тардыстан баран сытынан кэбиһиэхтэрэ. Оннук дьон бэрт сотору бэйэлэрэ кыылга кубулуйуохтара. Дьиэҕэ бүгүрү киһи аны атыныгар кэдэйэн биэриэ. Барыга бары сыстаҕас киһи хаһан да өлөн-охтон биэрбэт. Мин ону этэбин. Өссө. Техникаҕа да сыстаҕас буолуохтаах. Мин биир кылаас үөрэҕэ суох эрээри мотуор арааһын баһылаабытым. Ол өссө кыра. Айылҕаҕа сыстаҕас диэн эмиэ баар. Айылҕа уларыйарын, кыыл-сүөл майгытын кэтээн көрө, өйгөр тута сылдьыахтааххын. Муора арыытыгар олорор киһи ону барытын билиэхтээх. Аны чуҥкуйууну-соҕотохсуйууну нөҥүөлүүр ылбычча кыайтара охсубат. Кыттыгас уолум аҕыйах ый иһигэр, бэл сайын, чуҥкуйан дьоҥҥо тардыһара бэрдиттэн мунан өлө сыспытын санаа. Миигин радиолам уонна ыттарым чуҥкутааччылара суох. Уонна бастакы уонча сылга дьоннорбун илдьэ сылдьыбытым сыттаҕа дии.

Иван Яковлевич итинник сэһэргии олордоҕуна харахпар биир атаһым көстөн кэлэргэ дылы гыммыта. Хайдах эрэ улуу булчут ирдэбилигэр сөрү-сөп түбэһэр быһыылааҕа. Самолету да хайа баҕарар көтүтэр кыахтаахпын диэбитин бастаан итэҕэйбэтэҕим. Онтум анал авиационнай үөрэхтээх эбит. Үс үрдүк үөрэҕин барытын туһана сылдьар уол оҕо курдук көрөбүн. Олоҕун туһунан олус үчүгэй сэһэни суруйар кыахтаах, суруксут бэрдэ. Бэйэтэ куорат олохтооҕо. Онтуттан улаханнык олуттарар курдук саҥарааччы: «Бу үлэбэр ылар аҕыйах тыһыынчабын уонча хонук иһигэр хайа баҕарар булунабын», – диэччи. Онтун ханна да харыс ырааппакка, куораттан тахсыбакка. Мин ону илэ көрөн итэҕэйбиттээхпин. Алта күн устата уон хапкаанынан куорат иһинээҕи дөйө тоҥор уулартан 279 андаатары хаптаран соһуппуттаах. Туттара-хаптара сымсаҕайын өрүү ымсыыра уонна умсугуйа көрөөччүбүн. Онто бэйэтэ туспа искусство айымньытын курдук буолааччы. Балеттан туох да итэҕэһэ суох уран хамсаныыларын тоҥорбун да умнан биир күн анаан-минээн көрбүттээхпин. Илиитэ бөҕүөрбэтин сөхпүтүм. Тохсунньуга хаар саба түспүт отун быыһыттан хахсы уйаны була охсон, чохороонунан онон-манан отойо түһээт, уйа иһинээҕи ууну-оту булкуйан хапкаанын иитэр. Эргийэн кэлиибитигэр хапкааныгар андаатар иҥнибит буолар. Ону сылааһыгар сонно тута сүлэн сылыбыратан кэбиһэр.

Дьиэ-уот түбүгэр хайа да бэйэлээх хаһаайка тэҥнэспэт киһитэ аны кини. Асчыт бастыҥа. Салааты астыырыгар оҕурсуу, помидор эҥин кырбаан илибирэттэҕинэ, быһаҕа үөһэ-аллара буоларын ситэн көрбөккүн. Оннук түргэнник туттар.

Балыктастахха, инчэҕэй муҥханы уонна икки киһи уйуктаах эрэһиинэ тыыны таһаҕас оҥостубат. Кини баарыгар мэлийиэм дии санаабаккын. Айылҕаттан айдарыылаах курдук. Сааскы кус аан бастаан киниэхэ кэлэн түһэн биэрэр. Күһүн туох барыта хам тоҥон турдаҕына, эмис куһу айылҕата анаан киниэхэ өлүүлүүр. Биирдэ олорор күөлүн таһыгар, дьиэтиттэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ, Тойон кыыл илэ бэйэтинэн киниэхэ ыалдьыттаан ааспыта. Ол күһүөрү кэм этэ. Бөтүүгү да киһи тутара уустук буолуохтаах. Оттон кини Тойон кыыл үллэн олорор тиитигэр тиийэн кинини холодильнигар баар сибиинньэ этинэн күндүлээбит эбээт! Илиититтэн ылан аҕыйахта дьүккүк гыммыт. Балтараа киилэ сыалаах эккэ топпотох курдук туттубут. Ол иһин чугастааҕы ыалларыттан эт көрдөһөн эбии аһаппыт. «Дьэ бу кэннэ туохпут да суох!» – диэбитин өйдөөбүт курдук, өс хоту Чочур Мураан кэтэҕин диэки көтөн күпсүйэн хаалбыт уонна биллибэтэх. Айылҕа оҕолоро ити курдук билсиһэн дуу, бэйэ-бэйэлэрин тургутуһан дуу ааспыт түбэлтэлээхтэр. Улуу булчут буолуохтаах киһи куоракка хам хараҕаламмыт курдук көрөбүн.

Атаһым өссө биир дьиктилээх. Дойдутугар биирдэ эмит таҕыстаҕына, аара суол кытыытынааҕы ууларга хапкаан иитэлээн ааһар идэлээх, онтуларын кэлэн иһэн хомуйан ылар. Уонна: «Оо, Орто Халыма күөллэригэр андаатарга туу уга сылдьыбыт киһи баар ини…» – диэмэхтиир. Үүт-үкчү Иван Яковлевич курдук ыраланар. Айылҕаттан айдарыылаах дьон биирдик этэр-тыынар эбит буоллахтара.

– Доҕоор, эйигин ааккын ааттаан суруйабын дуо? – диэбиттээхпин. Онно:

– Кээс. Тугун баҕаһын. Аны дьон ордук саныаҕа. Дьон ордук саныыра куһаҕан, хайаан да тугунан эмэ диэлийэн тахсааччы.

Дьэ, онон атаһым аатын онуоха-маныаха диэри этэртэн туттунабын. Оттон чугас дьоно кинини эндэтиэхтэрэ суоҕа дии саныыбын. Бэйэтэ даҕаны биллэр-көстөр бэрт бэлиэ киһи. Доҕоро-атаһа, билсиитэ-көрсүүтэ элбэх.

Иван Яковлевичка кэпсээбиппэр хараҕа уоттана түһэр, субу сүүрэн тиийэн билсэ дуу, көрө-сылыктыы дуу охсуохтуу тула холоруктаамахтаан ылар.

– Барыга бары бааттаах дьон баар буолааччылар. Оо, манна таһааран убаһаны сүллэрэн сылыбыраттарбыт киһи баар ини, – диэмэхтиир.

– Ханнык убаһаҕын кэпсиигин, оҕонньоор? – диир эмээхсинэ кырдьык-хордьук итэҕэйэн.

– Урут совхозтар баар эрдэхтэринэ диэн этэбин. Оччолорго убаһа өлөрүүтэ бырааһынньык курдук буолар этэ.

– Хата, инньэ диэ.

– Ханна баҕарар кэхтии кэмэ бүрүүкээтэ. Уопсастыба олоҕо айгыраата да айылҕа эмиэ уостар куолута. Сүүрбэ биирис үйэҕэ үктэнэн баран арыый саҥалыы дьаһанар туһунан өйү-санааны салайа тутар тоҕо сатаммат.

«ӨРҮҺҮНҮҮ БЭЙЭҔИТТЭН ЭБЭТЭР…»

Уйбаан Хоту Муустаах байҕал арыыларыгар кырсалыыр сылларыгар Этэрикээн билиитин хаста-хаста туораабытын ким аахпыта баарай. Улаханнаах Кыра Лээхэптэри тилийэ бултуур киһи сырыыта-айана элбэҕэ чахчы.

– Аны санаатахпына, олус да рискованнайдык сылдьыбыт эбиппин. Ол гынан баран, эдэрим бэрдикэтиттэн эбитэ дуу, биирдэ да куттаммыппын букатын өйдөөбөппүн. Ити киһиргэс буолбатах. Бадаҕа, ол эрэ туһунан санаабат этим. Ол эрээри сурах бөҕөнү истэрим. Ол киһи сүппүт, бу киһи эргиллибэтэх диэн буолааччы. Маҥнай тиийдэҕим утаатыгар өлүү-сүтүү үгүс этэ. Үксэ мээнэ дьон кэлэн быстараллар быһыылааҕа. Онно көҥүл дойду. Ким сүрэхтээх тиийэр сирэ. Каадырабай булчуттартан элбэх буолааччылар. Быһата, быраканьыардар. Элэ-мээнэ кэлэр дьону ким тохтотуой. Мин эриһэн-эриһэн вертолетунан кэлэн айбардыыр тойоттору, ону даҕаны Москубанан эргитэн тохтотолообутум.

Үөрүйэҕэ суох булчуттар ханна барыахтарай, бааллара. Дьэ ол иһин, күһүн буолла даҕаны, бултуу киирэр дьоҥҥо илии баттатар идэлээх этилэр: «Өллөхпүнэ-сүттэхпинэ, совхоз салалтата буруйу сүкпэт», – диэн ис хоһоонноох сурук буолааччы, онтулара. Мин бастаан киирэрбэр илии баттаппыттара. Дьоммун лөкөччү илдьэ киирдэҕим дии, онон миэнин суруга арыый атын этэ. Дьоммор эмиэ сыһыаннааҕа. Дьэ ол иһин хара бастакыттан полярнай станция дьонун тутуспутум. Дьылҕабыт бэйэбититтэн тутулуктаммытын билэ-билэ киирбиппит.

Айаннаатахпына, төбөм иһэ бап-баллыгырас саҥа буолааччы. Тоҕо диэ? Саҥарбатаххына, тугу да өйгөр тутан хаалбаккын. Саҥаҥ син биир сурук тэҥэ, букатын сотуллубат. Холобура, тугу саҥарар этигиний диэ.

«Дьиэбиттэн оччо чааска таҕыстым, тыал күүһэ-хайысхата оччо, сулустаах эбэтэр былыттаах, маннык хайысханан бардым» эҥин диэн. Дьэ уонна бачча чааска ол сулус онно турар, хаар дэгдирэ бачча чааска уларыйда, ити-бу кэлиэхтээх диэн. Былыттаах, им-балай хараҥаҕа сотору-сотору компаскынан хайысхаҕын билэ иһэҕин, тыал охсубут хаара долгун курдук эбирдээҕин эндэппэккэ билэ сатыыгын. Аны дьыл хайа кэмигэр муус ырбыыта төһө-хачча кэтиттээҕин, уратытын барытын мэйиигэр хатаан иһэҕин.

Бэриэччит ытыҥ эйигиннээҕэр өйдөөх буолуохтаах. Ырбыы чугаһаабытын үчүгэй ыт эндэтээччитэ суох. Атын ыттарыҥ бэриэччит тугу диирин тутатына толоруохтаахтар. Үөрүйэҕэ суох ыттар бэриэччиккин ууга соһон кэбиһиэхтэрин сөп. Биир эмэ куттас ыт баар буолла даҕаны, кыра да ырбыыны кыайан ойуохтара суоҕа. Бэриэччит сөбүлээбэт эбэтэр хадьырыйар ытын көлүүртэн тута туоратаҕын.

Мотуорканан сылдьарга биир оннук. Долгун майгытын үөрэтэҕин, түргэнин, хайысхатын сылыктыыгын. Дьэ ол эрэ кэнниттэн айаҥҥа турунаҕын. Муора уостарын, түллэрин билэн айанныыгын. Даарым киэҥ куйаар курдук эрээри, уоһуннаҕына, олус чычаарааччы. Онон муораҥ дириҥин-чычааһын эмиэ билиэхтээххин. Муора уонна өрүс долгуннара букатын майгыннаспаттар. Өрүс муоратааҕар өссө кутталлаах.

Мин маҥнай киирэрбэр уон икки киһи эрдэр тыытын илдьэ сатаабытым. Самолеттанар буолан хаалларан турабын. Геологтартан ыһыгыннарбыт тыым этэ. Ону илдьэ киирбитим буоллар, таах балык аһылыга буолардаах этибит. Сылбырҕа тыы ордук эбит этэ. Мотуоруҥ тыаһа уларыйда да, туга мөлтөөбүтүн билиэхтээххин. Айаҥҥар мотуоруҥ аккаастаата да, бүтэҕин. Оҥостуоххар диэри сүүрүк дуу, долгун дуу, тыал дуу ханна илдьиэ биллибэт. Билэр, сылдьа үөрүйэх сиргинэн кэлэ-бара сатыахтааххын. Бэйи, муораҥ да «суоллаах» буолар. Долгун төһө улаханыттан, тыал төһө түргэниттэн көрөн айаҥҥын түргэтэтэҕин-бытаардаҕын. Сулустар, тыал, куомпас – эн эрэллэриҥ.

Айанныырга ахсынньы сэрэхтээх буолааччы. Биирдэ маннык буолбуттаах. Саҥа дьыл аҕай иннинэ полярнай станцияҕа баран истим. Биир ырбыыга кэлэн мучумаан бөҕө буолла. Хабыс-хараҥа. Ырбыы төһө кэтиттээҕэ биллибэт. Бэриэччитим кутуругун көрөбүн. Кыайан туоруо суоҕун билбит көрүҥнээх. Сэрэххэ иккис бэриэччиктээх сылдьар этим. Онтубун сыарҕам кэннигэр сэтиилээн иһэрим. Ол ыппын сүөрэн, туораа диэн хамаандалаатым. Ытым өс хоту ууга ыстанан кэбистэ уонна уҥуор тахсыбыта биллибэккэ сүтэн хаалла. Ыппын аһыйан ытаабатым эрэ. Онтум станцияҕа тиийбит эбит. Көмө көрдөһө. Доҕотторум ыппын көрөөт, алдьархай буолбутун сэрэйбиттэр. Муус кыаһаан буолбут соҕотох ыт тиийэн кэллэҕэ дии. Тиксиигэ биллэрэ охсубуттар. Оннук үлэхтээх этибит. Ый баччатыгар биллибэтим да, тиийэҥҥит дьоммун харайаарыҥ диэн. Ол аата, өллөхпүнэ эрэ болдьообут чыыһылабар тиийиэ суохтаахпын. Оттон бу сырыыга кинилэргэ биир эрэ ыт тиийбитигэр, ырбыыга тимирдэҕэ диэн тойонноотохторо дии.

Мин онно ыттарбын уоскутан, аһатан эҥин баран, төннөөрү хомунан эрдэхпинэ, ырбыыбыт аны туран ыпсан хаалла. Муораҥ даҕаны син биир тыынар тыыннаах курдук эбит этэ. Кыһыннары хамсыы-имсии турар, ол аата уостара-түллэрэ кыһын даҕаны биллитэлиир эбит. Оннукка түбэспиппит.

Полярнай станция дьоно кубус-кураанах тиийэн кэлбиппэр соһуйуу бөҕөнү соһуйдулар. Ытым тыыннааҕын көрөн уонна өйүн сөҕөн ытаатым ээ. Үөрүүбүттэн. Ытым барахсан хараҕым уутун салыы олороро билигин да субу баар.

Лээхэпкэ кырса аҕыйаабыт сылыгар Котельнай саамай хоту өттүгэр бултаан сылдьыбыттаахпын. Ону олохтоох булчуттар сөбүлээбэтэхтэрэ. Бэйэлэрэ хаһан да тиийбэт сирдэрэ этэ даҕаны, тугунан эрэ чорбойору тоҕо сөбүлүөхтэрэй. Моржалара диэни онно билэн турабын. Чуумпуур курдук сэптээх кыыллар эбит этэ. Бүтүннүү уҥуох, онтулара. Сиэмэлэрэ тас суолаах курдугунан сынньылыйар. Ортотунан дьөлөҕөс эҥин диэн суох. Сувенир киэнэ ааттааҕа. Буоска чүмэчитин курдук мап-маҥан. Миэтэрэҕэ тиийэ уһуннаах буолааччы. Онтун наадыйдаҕына эрэ субурутан таһаарар. Ону даҕаны дэҥҥэ түбэһэн көрөҕүн. Маҥнай мин тугун уҥуоҕа буоларын таайа сатыыр этим.

Өлө сыспытым элбэх этэ эрээри, туох эрэ эйигин араҥаччылыыр биллибэт күүс баара дии саныыбын. Түүлбэр кытта биллээччи. Биир сөхпүппүн кэпсиим. Түүл буолбатах. Илэ буолбут түбэлтэ.

Ити түбэлтэ кэргэним өллөҕүн утаатыгар, бу Лиизэбин кэргэннэнээри сырыттахпына этэ. Ону сүөлүргээбит элбэҕэ. Кэргэним булларан бараахтаабытын хантан билиэхтэрэй. Үчүгэй эрдэҕинэ иистэннэрээччи элбэҕэ. Ыалдьыбытыгар сылдьар киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Бу Лиизэ ийэтэ эмээхсин хата дьүөгэ оҥостон сылдьарын уураппатаҕа. Биирдэ үһүөн чэйдии олордохпутуна, Лиизэ ийэтигэр тугу эрэ этээри таарыйан ааста. Кып-кыра бааһынайдыы хааннаах оҕону батыһыннара сылдьар.

Тахсыбытыгар Суурам эттэ:

– Уйбаан, ити кыыһы көрөн кэбис. Оҕото кыратыгар ыал буолуо этигит. Дьүөгэбиниин кэпсэтиилээхпит. Оҕолоруҥ улаатан онно-манна бардахтарына, өйөһөр киһи наада буолуоҕа.

Мин ону истэн эрэ кэбиспитим. Дьэ, онтон массыына фондата биэрдилэр. «Запорожец», онтубут даҕаны. Массыына ылар сурахпын истэн баран, саҥаттан права туттардым. Эмээхсиним наар этэр буолара: «Массыынаҕын ыла бараргар Лиизэни доҕор гынан илдьэ бараар», – диэн. Массыынабытын Беркакиттан баран сүүрдэн аҕалыахтаахпыт. Тыыннааҕар ыыталыы сатаабыта кыаллыбатаҕа.

Күһүн, Суурабын харайан баран, бардыбыт. Уулуссаҕа да массыынаны ыыппатах киһи, суоппара суох аҕала бардыбыт. Аара, айаҥҥа, үөрэниллиэ диэн буолла. Кэлэн иһэн, дьэ, доҕор, хайа хапчааныгар түһэн өлө сыстыбыт. Сүрдээх уһун түһүү баар эбит этэ. Ол өҕүллүүтүгэр таһаҕастаах массыына хабырыйа сыһан ааста. Биһиги тоҕоноххо түбэһэн туора ойутан быыһанныбыт. Ол да гыннар суолбутугар кыайан киириэ суохпут диэн, туох имнэммитэ буолла, тохтоотум. Тахсан көрбүтүм, хайа эниэтиттэн хапчааҥҥа түһээри аҕай турар эбиппит. Кэлин көлүөһэм иинэҕэс баҕайы хатыҥ төрдүттэн өйөнөн аллара курулаабатахпыт. Хоҥноору гаастаабытым буоллар, хатыҥчаан эрэйдээх силиһин тоҕута эрийтэрэн сыыр сирэйин сиҥнэрэн сууллуох эбиппит. Лиизэ тахсаары үнүөхтээбитигэр хатыҥмыт иэгэйэн киирэн барда. Ону тохтоттум. Хата, тэпсэ сыһан ааспыт массыынабыт тиийэн кэллэ. Көрөн баран, төбөтүн быһа илгистэр. Суолга таһаарсан биэрдэ. Массыынабар киирэн биирдэ уоскуйдум. Онтон тахсан били сирбин чинчийэн көрдүм. Хатыҥчааным ханна да суох. Массыынабытын үтэрбитигэр ким эрэ тирэммитигэр түөрүллэн аллара сууллубут быһыылаах дии саныыбын. Аны туран чугаһынан кини курдук биир даҕаны хахыйах да, талах да суох. Биһигини быыһаары соҕотоҕун үүнэн тураахтаабыт эбит. Сыллар аастахтарын аайы саныыбын ээ: хахыйах баара дуо? – диэн. Арааһа, кэргэним Суура барахсан хайа эрэ биллибэт айыылартан көрдөһөн дуу, бэйэтэ дуу хаһан да үүнэ сорумматах хахыйах буолан биһигини быыһаатаҕа. Аны Лиизэм оннугар атын киһи барсыбыта буоллар, миигин кытта тэҥҥэ ойон тахсан массыынабытын суулларыахтаах этибит. Лиизэм бытааран уонна бэйэтин ыйааһынынан баарыстаан суулларбатах буолуон эмиэ сөп. Суурам ол иһин кинини эрэ илдьэ бараар диэбит курдук буолан тахсар.

Ол иһин этэбин: бэйэҕиттэн төһө да тутулуктааҕын иһин, туох эрэ эйигин хайаан даҕаны араҥаччылыыр.

Иван Яковлевич кэпсиирин тыл быһаҕаһын даҕаны кыбыппакка истэ олорон, уол оҕону аҕыс өттүттэн алдьархай күүтэр дииллэрин санаан ыллым. Уонна араҥаччылыыр күүскэ итэҕэйэр буолан эрэх-турах сананан араас быһылааны аһаран иһэр эбит диэн түмүккэ кэллим. Сап саҕаттан салҕаммыта, биир киһиэхэ диэтэххэ, элбэҕэ сүрдээх. Кини ону наар кэргэнэ Суура барахсан үтүөтүн-өҥөтүн курдук этэр. Бэйэм бэрпинэн улуу булчут буоллум диэн тыл быктарбытын истэ иликпин. Кырдьык, Суурата суоҕа буоллар, Лээхэпкэ киирэн итиччэ өр бултуура биллибэт этэ. Таҥаһын-сабын табан да бэрийэр буолар эбит! Бэгэччэк, иэдэс, кулгаах таҥаһыгар тиийэ бэйэтэ толкуйдаан тигэрэ үһү. Уу киирбэт үргүлдьү кэтэр курумуутун түөһүгэр диэри тардынар гына тикпитин сөҕөбүн. Оннооҕор ыттарыгар аахтара «этэрбэс» тигэрэ үһү ээ. Мууска халтарыйбат уонна атахтарын ыырааҕын хайыта аспат гына. Дьэ, сүрэх-бэлэс диэтэҕиҥ. Кырдьык даҕаны, сахаҕа дэҥҥэ төрүүр кыыс оҕо кылааннааҕа кэлэн барбыт быһыылаах.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации