Электронная библиотека » Прокопий Чуукаар » » онлайн чтение - страница 6


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 18:00


Автор книги: Прокопий Чуукаар


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +

ӨРҮҺҮЛЛҮҮ

Бу түбэлтэ кыра кыыстарын былаҕайга былдьаттахтарын утаатыгар этэ. Онооҥҥо диэри дьаҥ-дьаһах диэни оччо-бачча билбэккэ мүччү-хаччы түһэн испиттэрэ баара.

Ол саҕана икки улаханнара Күһүүргэ үөрэнэ сылдьаллара. Уйбаан идэтинэн паастарын көрө барбыта. Саҥа дьылы күүтэр саамай кылгас күннэр тураллара. Ыраас күн соҕуруу саҕах бэрт барбах болооро түһэн ылара. Полярнай түүн үгэнэ. Баччаларга сис былыт саба халыйдаҕына, им балай хараҥа күнүһү-түүнү араарбат гына бүрүүкүүр. Ый да көстүбэт, сулустар да суохтар. Арай тыал күрүс-күрүс сирэйгин-хараххын быһыта сынньар. Утары тыалга ыттар да кыайан барбаттар.

Чаһы көрдөрөрүнэн, балаҕана чугаһаабыт буолуон сөбө. Тыалга оҕустаран илин түһэн ырааҕынан эргийдэхтэрэ. Ыйдаҥа түүн оһох турбатыттан кыым өрө кытыастан олороро ыраахтан көстөөччү. Оччоҕо ыттар соруйтарыыта суох муҥ кыраайдарынан түһүнэн кэбиһэллэр, үөрүүлэриттэн үрэн ньаҕырҕаһаллара хойдор. Оттон бүгүн истиэнэ курдук хабыс хараҥаҕа кэтиллэн букатын сир өппөттөр быһыылаах. Сыарҕа сыҥааҕа дэгдиргииринэн сылыктаатахха, дьиэтэ ханан эрэ бэрт чугас буолуон сөбө. Ыттар тоҕо эрэ үөрбүт сибикилэрэ биллибэт. Өссө ыйылаһарга дылылар. Туох эрэ чоройон турарын эргийэ көттүлэр уонна сыт ыла сатаан ол-бу диэки олоотоһо-олоотоһо ыйылыыллара хойунна.

Ама, дьиэлэригэр тиийбэккэ хоноору гыннахтара дуу? Илиитин иминэн сыарҕата кэтиллибит чороҕорун тутан көрбүтэ, бэйэлээх бэйэтин оһоҕун турбата эбит… Тыбыс-тымныы. Дьоно туох буоллахтарай?! Уйбаан туох эрэ куһаҕан буолбутун бүк сэрэйэн сүрэҕэ мөҕүл гынна. Сыарҕатыттан ойон түһэн дьиэтин ааныгар ыстанна. Таһырдьа тахса сылдьыбыт сибис суох. Халҕан ортотугар диэри тибиллибит. Тимир күрдьэҕэ күүлэҕэ. Тарыыр маһынан хоҥураҕы тоҕута сынньан аанын бэрт эрэйинэн аһар. Дьиэтигэр көтөн түспүтэ – хабыс-хараҥа. Лаампа кыраһыына бүтэн, бэйэтэ дьаалатынан умуллубут быһыылаах.

– Суураа! Уолаттаар!

Ким да хардарбат. Оҕолор ороннорун туппахтаабыта, киһи баар сибиһэ биллибэт. Испиискэтин умата-умата тулатын көрүнэ сатыыр. Түгэх ороҥҥо тиийэн тутан көрбүтэ кэргэнэ баар эбит. Саҥата иһиттэн бэрт барбах тахсарын бэргэһэтин устан баран биирдэ иһиттэ.

– Доҕоор…

– Оҕолор?

– Улахаа сыталлар.

– Хайдах буоллугут?

– Эн барыаххыттан тура иликпин… Иһим туох эрэ буолла… Уоккун отто охсууй…

Лаампатыгар кыраһыын кутан уматан баран остуолун көрбүтэ – ас барыта аһаммыт. Ол аата оҕолор аччыктаабатах буолуохтарын сөп.

Сэрэххэ диэн, Уйбаан ыраата барарыгар хас да күннээх эттэрин буһаран, остуолга хоторон кэбиһэр идэлээҕэ. Утуйар таҥастара үчүгэй, онон тымныыны да тулустахтара. Буспут ас бүттэҕинэ, тоҥ балыгы да үлтү сынньан сиэхтээхтэрэ. Онон эрдэттэн хааччына такайыллыбыттара ыксал кэм тирээтэҕинэ син көмөлөһөр эбит. Хайа уонна ийэлэрэ, төһө да турбатаҕын иһин, ыйа-кэрдэ сыттаҕа.

Оһох оттуллан, дьиэ сылыйан, ас буһан, оҕолор бытарыһан туран кэлэллэр.

– Аҕаа, ийэм эйиэхэ сурук суруйбута… Бу баар, – Валерий ыскаатар анныттан кумааҕы ылан биэрэр. Онно маннык суруллубут: «Уйбаан, кэлэргэр, баҕар, тиийиэм суоҕа. Сир уһугар таах аҕалан диэн бэйэҕин буруйданымаар. Кэмсиммэппин. Быраһаай! Өлөксөөн».

– Суура, хайыыбытый? Киһилээххэ баран көрөбүт дуу?

– Оҕом курдук аара быстарыам суоҕа дуо? Тииһик киирэн баран тахсыбат. Куттаҕым аһы көрбөт. Уотунан салыыр.

– Муҥурдааҕыҥ буолуо дуо?

– Үөһэнэн тэһи сиир. Хайыах баҕайыный?

– Баран көрөрбүт дуу… Сирэйиҥ саһаран хаалбыт. Манна сытан көдьүүс суох.

– Чэ, бэйэҥ бил.

Киһилээххэ тиийиилэригэр аны тыаллара күүһүрэн барар. Полярнай станция дьоно бары атахтарыгар тураллар. Санавиацияны ыҥыртарыахха диэн түмүк оҥороллор.

– Биһиги манна тугунан да көмөлөһөр кыахпыт суох. Суһал операция эрэ көмөлөһүөҕэ. Үөһэ тааһырбыт быһыылаах, – врач дьахтар Уйбааҥҥа бөрүкүтэ суох түмүгү оҥорор. – Үөһэ этигэр тарҕаннаҕына, хирурдар да быыһыыллара биллибэт.

– Санитарнай самолет сарсын эрэ кэлэр кыахтаах үһү, – радист уол радиограмма туппутун иһитиннэрэр.

– Тыал өссө күүһүрэр буолуохтаах. Сарсын «Аннушка» кэлэрэ саарбах, – метеоролог хобдох сонуннаах буолла.

– Депутатскайтан таһаҕастаах самолет Тиксиигэ кэлэн иһэр, – радист станция начальнигын диэки ыйытардыы көрөр.

– Ол самолету кытта сибээстэһэр кыах баар дуо? – начальник төттөрү ыйытар.

– Тиксии нөҥүө кэпсэтиннэриэххэ сөп.

– Мин ааппыттан радиограммата оҕус, – начальник радист тахсыбытын кэннэ Уйбааҥҥа хайыһар. – Иван Яковлевич, туох кыалларын оҥоро сатыахпыт. Кэргэҥҥин тахсан уоскут.

– Депутатскайтан иһэр улахан самолет биһиэхэ аны биир чааһынан түһэн ааһар буолла. Площадка уотун онооҥҥо диэри кыайан уматабыт дуо?

– Иван Яковлевич бэйэтэ көмөлөстөҕүнэ, хайаһарбыт буолла?

Авиаплощадка уотун уматыы кнопканы баттааһын буолбатах. Оннооҕор дизели үлэлэтии төһө эмэ бириэмэни эрэйэр. Оттон манна тимир буочукаларга маһы симэн уматыллыахтаах. Ону сатыыр киһи уматар. Тымныыга, хаарынан сабыта сынньар тыаллаахха ол ылбычча кыайтара охсооччута суох. Хабыс-хараҥаҕа аны ол буочукаларгын хаар анныттан булан оруоххун наада.

Уйбаан ытынан сүүрдэ сылдьан, ону даҕаны киһитэ кини, үс сиргэ уоту саҕаатын кытта улахан самолет түспүтүнэн бу барыйан кэлэр. Урут хаста да түспүт уопуттаах летчиктар площадканы таба тайаннахтара. Уҥуор барбыт уолаттар уматан эрэллэрэ тоҕо эрэ көстүбэт.

Баар дьон бары чугас кэлэн хоруйа түспүт самолекка саба сырсан тиийэллэр.

– Хата, хайдах түстүгүт?

– Тыал кутааны сабыта сабыырынан сирдэтэн этэҥҥэ түстүбүт. Ыарыһаххыт ханна баар, тыал ойоҕоспутуттан үрэн эрэр, көтө охсуохпутун наада. Хайа, бу оҕолор эмиэ барсаллар дуо?

– Барсан-барсан, онно көрсүөхтэрэ. Врач арыалдьыттаахтар.

– Тамара Ивановна, кэргэммин Эн илиигэр эрэнэн туттаран ыытабын. Күн буол, ый буол, аанньалбыт Эн этиҥ дии.

– Иван Яковлевич, бу күннэргэ станцияттан ханна да барбакка күүт…

– Үчүгэй сонуну күүтүөхпүт.

– Таҥара көмөлөһүө. Хирурдар операциялыырга бэлэмнэр үһү.

Самолет хаары өрө ытыйан көтөн тахсарыгар Уйбаан ыттара чуут шасси анныгар киирэн биэрэ сыһаллар. Самолет бэрт кыратык өрө өгдөйбөтөҕө буоллар, аалыктарыттан иилистэн, ыттар көтүһэ туруохтар эбит. Ыстаал уктаалар бысталлара биллибэт этэ.

– Иван Яковлевич, ыттаргын көрдөрбүтүнэн туран көтүтэн илдьэ бараллара хаалла.

– Чуут толук буола сыстылар.

– Дьоллоох киһи эбиккин.

– Дьолум ити барыста. Ыттар диэн… Ыты хаһан баҕарар булуллуо… Суура курдук дьахтары иккис да төрүүрбэр буларым саарбах. Дьэ, Виктор Манелеевич, Эйиэхэ сүдү махтал буолуохтун. Киһи киһиэхэ үтүө сыһыанын итинтэн ордук туохтан көрүөхпүнүй?

– Бу дойду хаһаайыныгар көмөлөһүү – биһиги ытык иэспит. Эн аҕалыы кыһамньыгынан биһиги бу айылаах айылҕаҕа сүрбүтүн тоһуттарбакка кыстыыбыт дэһэбит. Эн сибиэһэй аһынан хааччыйаҥҥын сынгаалаабаппыт. Хата, дэлби тоҥнум, тахсан балыкпытын кыһыах. Биһиги ону да сатаабаппыт.

– Балыгы бэйэм тиэйэ сылдьабын. Сип-сибилигин манна сиэн баран дьиэҕэ киириэххэ. Уолаттарыҥ иһэллэр быһыылаах, ыҥыртаа.

– Ээ, били кутаа отто барбыт дьоммут эбиттэр. Кэлиҥ эрэ манна, умаппыт уоккут тоҕо биир да көстүбэт?

– Бензин диэн соляркалаах канистраны илдьэ барбыппыт. Букатын умайбат.

– Үс эр бэрдэ соҕотох киһиэхэ тэҥнэспэтэ дьэ сүрдээх эбит. Кэлиҥ, тоҥно сиэҥ.

– Тылбытын хам ылыа суоҕа дуо?

– Балык – сүгэ өнчөҕө буолбатах. Куттанымаҥ. Эмис балык тымныыны билиммэт куолута.

Сарсыныгар Тиксииттэн үтүө сонуну истэн, Уйбаан дьонун кытта ону үөрэ-көтө бэлиэтээн баран, Аччыгый Лээхэбигэр паастарын көрө ыстаннаран хаалар.

Шураны Тиксиигэ тиийдэҕин түүн үөһүн операциялаан, оҕо сутуругун саҕа тааһы ылбыттар.

Ый курдук эмтэнэн баран, Шура оҕолорун кытта Аччыгый Лээхэбэр эргиллэр. Ол үөрүүтүн ким ситэн кэпсиэ баарай! «Үрүҥ халааттаах аанньалларбар», – диэн Шура кэлбит вертолетунан кэһии күндүтүн ыыта таарыйа летчиктарга эмиэ куду анньар:

– Бу эһиэхэ.

– Иван Яковлевич, биһиги атын летчиктарбыт ээ.

– Билэбин-билэбин. Ол летчиктар Черскэйтэн сылдьаллара. Билигин кинилэри булан махтанар уустук. Эһиги да кинилэртэн туох атыннаах үһүгүт.

– Ол борт нүөмэрин билэҕин дуо? Биһиги рациянан махталгын тириэрдиэ этибит.

– Хараҥата бэрт этэ. Хантан сылдьалларын эрэ туоһулаһан хаалбытым. Хаһан эмэ көрсөө инибин. Сир төгүрүк дэһэҕит буолбат дуо?

– Биһиги да черскэйдэри көрсөөччүбүт. Лээхэп хаһаайыныттан эҕэрдэ ыытыахпыт. Ахсынньыга түһэн ааспыттарын өйдүүр буолуохтаахтар. Полярнай авиацияҕа кинилэр курдук «астар» тарбахха баттаналлар.

Кырдьык, кинилэр уоба түһэн, кэргэнин ылан ааһаннар өлүөхтээх киһи кыл мүччү өрүһүллүбүтэ. Самолекка угалларыгар киһини билбэт этэ.

АТАМАЙ КЫЫҺА

Ол саас Уйбаан уон алтатыгар сылдьара. Кыһыны быһа икки оҕуһунан от тиэйэн баран, хаар хараарыаҕыттан күрүө тутуһар. Хара үлэҕэ этэ-сиинэ хатыргаан, оту-маһы тардан көрө сылдьар уолаттартан харыс хаалбат. Эдэр дьон сырсан, тустан сүгүн биир сиргэ олоро түспэттэр. Сорох-сорохторуттан уонча сыл балыс эрээри тэбис-тэҥҥэ турбалаһар.

– Бу уол киһиэхэ кыайтарбат буолбут, этэ-сиинэ кытаанаҕа сүр, – дэтэн хайҕатара үгүс. Ол аайы сүгэтэ биир кэм күөрэҥнээн олорор.

– Чылаа кырдьаҕастан арааран, биригээдэҕэ от охсооччунан ылыллыа, – диэн өрүү звенону салайар оҕонньор уолу сэргии көрөн бэйэтигэр бүк сурунан кэбиһэр.

– Чылааттан ыларгын көрүллүө. «Чобойум» диэн ааттыыр бэйэтэ көрөн-истэн киһи-хара гыммыт уолун ыһыктыбат кырдьаҕас ини. Бас билэр баайын курдук саҥарааччы. Оннооҕор оскуолаҕа биэрбэт оҕонньор.

Уйбаан бу дойдуга кэлиэҕиттэн оскуола боруогун атыллаан көрө илик. Ол баҕас чахчы. Учууталлар күһүн аайы оҕонньортон ээр-сэмээр ыйыталлара үһү да, кырдьаҕастара иҥиэттэн эрэ кэбиһэрэ. Кэпсэтэн бүттэхтэрэ ол.

– Хараҕыҥ сытыыта бэрт, үөрэҕэ да суох иннигин тобулунуоҕуҥ. Үүнэ-тэһиинэ суох бас-баттах баран хааллаххына, киһи буоларыҥ биллибэт. Эриллэҕэс эттээх-сииннээх киһи анала үлэ. Үлэ киһини куһаҕан оҥорбута суох. Миигин батыһа сылдьан үлэ үөрүйэҕэр уһулуннаххына, кэнэҕэс миэхэ махтаныаҥ.

Чылаа оҕонньор биир дьикти уратылаах этэ. Сиэннэрин араастаан күрэстэһиннэрэн саатыыр идэлээҕэ. Оннооҕор ким төһө ыраахха ииктииригэр тиийэ куоталаһыннарара.

– Уйбаан, чэ, үстүүлээх бүтэйи үрдүнэн ииктээ эрэ, – диэн иккиэйэҕин сырыттахтарына элбэхтик этээччи. Уол лаппа үөһэнэн күдээритэрин көрө-көрө олус дуоһуйааччы. – Эр киһи эбиккин, – диэн хайаан да тыл кыбытан ылааччы. Дьэ уонна хайа эрэ дьахтары быһыы-тутуу этэн хааларын сөбүлүүрэ:

– Ноко, кыймырыҥныыр дьахтар майгыта куһаҕан буолар. Ол, көр эрэ, төһө солуулаах буолуо дии саныыгын? Таҥас тугу да билбэт. Харах баайыыта эрэ. Эппэтэҕэ диэйэҕин.

Ханна эрэ ыһыах буолар сураҕын истэн, күрүө тута сылдьар уолаттар күүс холоһо бараары биир күн өрө үөмэлэһэн турдулар.

– Эн барыма, – диэн оҕонньор Уйбааны бобон кэбистэ. – Таах ситэ илик эккин имилитэ туттаран, быччыҥҥын сыыйтаран куҥ буола сылдьыаҥ. Манна бэйэҥ дьонуҥ ыһыаҕар сырсан көрөөр. Баҕар, биир эмэ мүһэҕэ тиксиэхпит. Сүүрүөҥ иннинээҕи күн киэһэтигэр аһаайаҕын.

Уйбаан уолаттарыттан хаалан киэһэ аайы оскуола тиэргэнигэр волейболлаһар буолла, урут бэйэлэрэ мустан киэһэ хойукка диэри мээчик тэбэн тахсаллара. Интернат уолаттарыгар, сааһырдахпыт буолан, чугаһаспаттара. Тус-туспа эйгэ дьоно интэриэстэрэ да атына бэрт быһыылааҕа.

Биир киэһэ оскуола диэки баран иһэн, иннигэр кыыс иһэрин Уйбаан ситэ баттаан ылла:

– Ээ, эн эбиккин дуу, билбэтим ээ.

– Ама?

– Чахчы билбэтим. Саҥа ырбаахыламмыккын быһыылаах.

– Платье диэриий. Сарсын ыһыах дии уонна оскуолабын бүтэрдим.

– Оттон бу ханна бардыҥ?

– Оскуолаҕа үҥкүү буолар.

– Ол оһуокайдыыгыт дуо?

– Суох. Нууччалыы үҥкүү.

– Мин оннук үҥкүүнү биирдэ да көрбөтөх эбиппин.

– Ама, оскуолаҕа биэчэргэ сылдьааччыҥ суох дуо?

– Үөрэммэт эрээри тугун.

– Оттон бу оскуола диэки баран иһэҕин буолбат дуо?

– Мээчиктээри.

Уйбаан бу кыыһы кытта урут от кэбиһиитигэр сылдьыбыттаах. Оччолорго оҕо этилэр. Оттон бүгүн уол кыыска тардыстар саастаах буолан дуу, хайдах дуу, дьикти баҕайы. Уол өссө да кэпсэтиэн баҕарбыта, оскуола олбуоругар киирдэхтэрэ эчи түргэнин.

– Аана, үҥкүүгэ үөрэтиэҥ дуо? – уол кыыстан эрэ арахсыбат туһуттан үҥкүүгэ тылламмытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

– Киирдибит.

Дьон саҥа мустан эрэр эбит. Хормуоска оонньуо өссө да эрдэ.

– Оскуоланы көрдөр эрэ. Саҥа сылдьабын.

– Ама? Ханна да үөрэммэтэҕиҥ дуо?

– Дьокуускайга биир эрэ сыл үөрэппиттэрэ.

– Уонна?.. Бу сэттис кылааска киириэх.

– Уонна суох.

– Тоҕо?.. Мин бу паартаҕа олоробун.

– Оттон оҕонньор дии…

– Ээ, Чылаа дуо? Туспа сокуоннаах оҕонньор диэн аҕам кэпсээччи.

– Ол кырдьык…

– Вальс саҕаланна…

– Бастаан манна үөрэт, сөп?

Кыыс синньигэс биилиттэн туттарбытыгар уол эт-этэ эмискэ «ньир» гынар. Атаҕын букатын хамсаппакка кыыһы кууспутунан таалан хаалар. Аны тоҕо эрэ сибигинэһэн кэпсэтэллэр.

– Хаамаҕын ээ, хамсаарыый…

– Сатанымаары гынным…

– Ол хайдах? Куһаҕан дуо?

– Суох, үчүгэй баҕайы.

– Оччоҕо?

– Маннык турар ордук.

Уол тыҥаабыт этэ даҕайбытыгар аны кыыс тылыттан матан хаалар. Саҥата суох тэйиэх курдук гыммыта да, уол кытаҕас илиитинэн кыыһы бэйэтигэр өссө ыбылы тардан ылар.

– Хайдах буоллуҥ? Дьон көрүөҕэ…

– Оо, куустуһар диэн дьикти да эбит. Ханна эрэ, дьоно суох сиргэ барбаппыт дуо?

– Хайдах буоллуҥ? Дьон… – диэн эрдэҕинэ, уол аны кыыс уоһугар хам сыстан хаалар… Кыыс мэй-тэй буолар…

Уйбаан кыыһы ити аан бастаан уурааһына этэ. Итинтэн ыла төһө эмэ сылы быһа наар Атамай кыыһын түһээн, сыллаан-уураан тахсар. Булда-алда оччоҕо ордук тахсыыланар. Бастакы, өмүрэх таптал оннук умнуллубат уратылаах. Уйбааҥҥа эрэ оннук буолбатаҕа чахчы.

Уол ол сарсыныгар ыһыахха түүл-бит курдук сылдьыбыта. Хайдах эрэ хараҕар кыыс этэ-сиинэ көстөн кэлэ турара. Оттон Аана түһүлгэҕэ киирбэтэҕэ. Ол кэнниттэн отут сыл буолан баран Бэрдьигэстээххэ көрсүбүттэрэ. Ити Уйбаан биэс оҕолоох огдообо хааллаҕын утаа этэ. Массыына атыылаһан баран, анаан-минээн Атамай кыыһын аатын ааттаан Бэрдьигэстээххэ тиийбитэ.

– Хайа, биллиҥ дуо?

– Ама. Телеграммаҕын тутан олоробун. Аас. Билигин остуол тардыам.

– Дьокуускайга эйигин эккирэтэн киирэн баран, булбакка, Намҥа тахсыбытым.

– Ол сыл үөрэххэ кыайан киирбэтэҕим. Эйигин аҕата ыҥыртаран ылла диэбиттэрэ. Тоҕо суруйбатаххыный?

– Сатаан суругу суруйбат киһибин.

– Фотограф курсун бүтэрэн баран, Намҥа тахсан үлэлээн сылдьыбытым. Эйигин билэр киһини булан көрсүбэтэҕим. Ханна саспыккыный?

– Кэргэннэнээт, хоту киирбиппит. Хайа, эн ыал буолбутуҥ дуо?

– Нам киһитигэр тахса сылдьыбытым.

– Уонна?

– Оҕоломмотохпут. Хайабытыгар суоҕа эбитэ буолла – билбэтим.

– Бэрэбиэркэлэммэтэххит дуо?

– Суох. Чэ, туох баарынан аһыахха.

– Уонна?

– Уонна оттон бу тус-туспа сылдьабыт. Мин дьоммор чугаһаан дойдубун булбутум ыраатта.

– Биһиги эмиэ дойдубутугар кэлэн дьиэ эҥин туттан баран табыллыбатахпыт. Кэргэним биэс оҕону хаалларан барбыта. Мин эйигин тоҕо эрэ умнан биэрбэппин ээ.

– Мин даҕаны, ама, умуннахпыный?

– Хомоппотоҕум дуо?

– Суох. Булсубатахпыт да үчүгэй эбит. Эн кэм биэс оҕону ииттэҕиҥ дии.

– Биир кыыспын Лээхэп илдьэ хаалбыта. Манна, Бэрдьигэстээххэ, өссө биир кыыс төрөөбүтэ.

– Манна эмиэ олоро сылдьыбыккыт дуо?

– Манна сулууспалыы сылдьан ойоҕос оҕо төрөөбүтэ.

– Ол оҕоҥ манна баар дуо?

– Ленинградка ыал. Ийэтэ онно барсыбыт үһү. Кэлин ыарытыйар буолбут.

– Сибээстэһэҕит дуу?

– Хам-түм. Суруксута суохпунан быстарбыт киһибин. Онтуҥ үөрэх той бөҕөлөөх, биһиги курдук буолбатах. «Аҕам» диирэ үөрүүлээх.

– Кэргэниҥ билэр этэ дуо?

– Билэн. Барытын билэрэ. Оннооҕор эн тускунан кэпсээбитим.

– Миигин баҕас эмиэ тоҕо. Кыра оҕолор мэниктээбиттэрин баран.

– Ама мэниктээтэхпитий. Тоҕо эрэ умнубаппыт дии? Бастакы буолан, хайа, күндүтэ сүрдээх.

– Күнүүлээбэт этэ дуо?

– Дьэ киэҥ көҕүстээх бэрдэ этэ. Дьахтар тэҥнэспэт барахсана кэлэн барда. Хайдахтаах да халыҥ тириини массыынанан тигэрэ. Асчыта, булчута, чэбэрэ, ууһа…

– Дьоллооххо тосхойор дьахтар эбит.

– Ити барыта Чылаа өҥөтө. Киһини курдары көрөр кырдьаҕас этэ. Таҥаһы харах баайыыта диэн ааттыыра. Дьахтары хаамарыттан майгытын-сигилитин быһаарара. Эн да онно саҥа былааччыйаланаҥҥын харахпын абылаабыт быһыылааҕыҥ. Тас солотуу тардар күүһүн тулуйбатах буолуохтаахпын. Ити Чылаа этэринэн. Оттон бэйэм тас дьүһүн абылыырын таптал дии саныыбын. Таптал хараҕа суох дииллэр дии. Сүрэх сөбүлүүрүн өйгүнэн ыараҥнатан баран түмүк оҥоһуннахха сыыстарыллыбат. Хоту тыйыс айылҕаҕа эһиги курдук нарын дьон биир да хоноргут биллибэт. Миэхэ бэйэм курдук дьахтар түбэһэрин Чылаа тамахпар силлээбитэ көмөлөстөҕө. Онон ыал буолууга аҥардас тапталы өрө тутар сыыһа.

– Оччоҕо эйигин таах сибиэ эккирэтэ сатаабыт эбиппин.

– Оннугар тахсар. Ол гынан баран кырдьар сааспар соҕотох хаалар күн-дьыл тирээтэ. Онон ити эйигин көрө-истэ сылдьабын.

– Кэргэҥҥэр тириэрдиэҥ суоҕа. Сиэн бөҕө кэллэҕинэ көрүүлээх ини. Соҕотоҕун олоро үөрэнэн хаалбыппын. Бэл бэйэбин да бэриммэт туруктанааччыбын. Ыарытыйар курдукпун. Таах боҕуу буолуом. Түүлгэр да көстөрүм сөп ини. Бачча ыраах сиргэ аккаастатаары кэлэн турдаҕым диэн хомойума.

– Суурам кэриэһин толорон бу кэллим. Сатаммат буоллаҕына, хайыахпыный.

– Намтан талбыт дьахтаргын булуоҥ. Ама, ким да суох буоллаҕай?

– Баарынан баар. Эн тылгын-өскүн истэр санаалааҕым. Хайдах олороргун билсэн да барарым туох куһаҕаннааҕый? Отут сыл умнуспатахпытын тугунан эмэ бэлиэтээбит киһи. Кэһиилээх эҥин курдук этим. Атын суолталаахтар этэ даҕаны. Ону баалаабат инигин?

– Уруулга олороруҥ иһин үрүүмкэ куппатым. Ону этэҕин дуо?

– Ол даҕаны. Атын да кэһии буолар кэһиилээхпин. Намнааҕы ааппын истиэххин баҕараҕын дуо? Атамайга туох диэн ааттаах этибиний?

– «Чобой» диир быһыылаахтара. Намҥа да киһи сирбэт аатын иҥэрдилэр ини. Этэн кэбиһиий?

– «Миллионер» дииллэр.

– Эчи сүрүн. Оччо байдаҕыҥ дуу, түһэрэн этэллэр дуу? Саҥа туран эрэр оҕолордоох киһи олус тиэрэ байбатыҥ ини?

– Төһө да баһан эттэллэр, иккис дьиэбин туттубутум. Онон кырата суох үп хамсаата. Манна да харчыны өлөрүөххэ сөп этэ, ол гынан баран дьон ордугургуура бэрт. Дьон тыла хоноро куһаҕан. Тугун эмэ табыллыбатаҕына, сэтэриир дьон көстө охсоро сүрдээх. Инньэ гынан сир ылан сүөһүнү төһө баҕарар иитэр, оҕуруот аһын өлгөмнүк олордор былааным тохтоото.

ЧЫЛАА, ЧОБОЙ уо.д.а.

Уйбаан Чылаа оҕонньор көрүүтүгэр-истиитигэр киирэрин саҕана уончалаах быһыылааҕа. Аҕатын кытта Баппаҕаайыттан төннөн иһэн таарыйбыттара. Чылаа кийиитэ, Дьаакып балта Огдооччуйа, дьиэҕэ соҕотоҕо.

– Хайа, бу ханналаан иһэҕин? – диэт, хотонугар тахсаары туран чаанньыгын үрдүгэр түспүтэ.

– Табыллыбакка дойдулаан иһэбит.

– Байылыат олохтоох дьахтарга түбэһэн баран…

– Байылыата билбэт – барбаҕа билэр эбит.

– Огдообо эрээри тугун эмиэ барбахтаһаахтыырыҥ буолла…

– Миигин билбэккэ дылы…

– Дьэ билигин үөс сиргэ үлэни булаҕын эрэ, суох эрэ.

– Сүгэ угун тутарым тухары сирдэриэм дии санаабаппын.

– Оччоҕо уолгун ким көрөр-истэр?

– Бачча киһи бэйэтэ да булан сылдьыаҕа. Оннооҕор куоракка олорбута дии. Намҥа биир эмэ ыал кыбытаа ини.

– Оттон интиринээт эҥин…

– Ээ, хаалары саҥарба. Хаайыыттан тахсыбыт киһи оҕотун ханна да ылбаттар. Оннооҕор Баппаҕаайыга сүгүн үөрэппэтилэр. Төһө-хачча үөрэхтээҕэр кумааҕыта суохпутунан сигэнэн, кыс ортотуттан сатаммат диэбиттэрэ. Онуоха эбии уолум куоракка атах мээнэ сылдьыбытын истэ охсубут этилэр.

Ити кэмҥэ таһырдьаттан Чылаа оҕонньор аарыгыран киирбитэ. Бастаан көрүүгэ суос-суодал кырдьаҕас этэ. Санныгар олоро сылдьар аастыйан эрэр арбаҕар баттахтааҕа, хаһан да кыптыыйы билбэтэх сиэрэ суох уһун бытыктааҕа. Олоппоско олордоҕуна, көхсө чөҥөчөк курдук бөкүнүгэ. Хараҕын ким эмит утары көрдө эрэ, суох эрэ. Саҥата уорааннааҕа. Киирдэ киирээт:

– Бу эмиэ кимнээхтэрбитий? – диэн сөҥөдүйбүтэ.

– Ээ, били Баппаҕаайылаан иһэн хонон ааспыт убайым төннөн иһэр.

– Дьэ буоллаҕа…

– Хайа, кырдьаҕаас, олоруу хайдаҕый? – Дьаакып оҕонньорго чугаһаан сыҕарыс гыммыта.

– Оттон… олоробут. Уолбуттан сурах-садьык суоҕун курдук суох. Ол эрээри түүл-бит куһаҕана суох. Баар быһыылаах. Сүөһү-ас кэминэн. Туһахтаспыта буолабын. Куйуурдаһа сатыыбын. Ылбат-биэрбэт икки ардынан. Аны отум-маһым тиэйиитэ-таһыыта. Сиэннэр оскуолаттан соло буолбаттар.

– Сэрии бүттэ дэһэллэр дии, кэлэр киһи кэлиэн да сөп этэ.

– Сэрии ситинэн бүтэ охсор сибикитэ суохха дылы… Кэл эрэ, ноко! Киһини тонолуппакка өрө мыҥаан тоҕо сүргүнүй! Туттаран-хаптаран көрдөр эрэ!

Оҕонньор илиитэ ип-итиинэн илгийбитигэр уол тилэҕэр тиийэ этэ-сиинэ дьырылыы түһэр.

– Киһи тахсыыһы. Эн хараххын өрүү киниэхэ хатаа– батыҥ илэ. Син эдэрчи киһи сүгүн сылдьыбатыҥ буолуо. Билигин огдообо эрэ элбэх. Оҕолоох дьахтар түбэстэҕинэ, эн уолгар кыһаныахтара суоҕа. Үүнэ-тэһиинэ суох бас-баттах барар сирэйдээх-харахтаах ыччаттаах эбиккин. Киһи хараҕын далыттан ыраатыннарбат киһитэ быһыылаах. Эйиэхэ чэҥкээйи буолууһук. Миэхэ хаалларан бар. Чобой оҥостуом. Сирэй-харах олоруута билиҥҥитэ олус буорту буола илик көрүҥнээх. Улар сааһыгар оҕо халты харбатта да, кэрэгэй кэскиллэнээччи. Хаайыы хайдаҕын амсайбыт киһи, ыллыктаах тылбын ылын. Киһи гыныам, уол оҕо уон уһуктааҕа оҥоруом. Уҥуоххун тутуоҕа, онтон куттаныма.

– Кырдьаҕас билэн эттэҕиҥ.

Уйбаан Чылаа кырдьаҕаска чобой буолбут остуоруйата итинник. Ити кэмтэн ыла сэттэ сыл кэриҥэ оҕонньор оскуолатын барбыта. Онто олоҕун устата арахсыспакка арыаллаата. Кини эппитэ-тыыммыта кэриэс кэриэтэ күн-дьыл аастаҕын аайы өссө эбии кылбайан иһэр. Аата ахтыллыбатах түгэнэ суох. Суох да буоллар, сүбэлии-амалыы сылдьарга дылы. Эдэр эрдэҕинэ түүлүгэр элбэхтэ көстүбүтэ. Ону таба тойоннуохха эрэ наадата. Бүтэһик төгүл түөрт уонун туолар сылыгар көстөн ааспыта. Ол хартыына Уйбааҥҥа билиҥҥэ диэри көстөн кэлэ турар.

Ханна эрэ ыраата баран иһэр көрүҥнээҕэ. Кини диэки хайыһан да көрбөтөҕө. Тиэтэйбэт бэйэтэ түргэнэ сүрэ. Төкүнүк көхсө аҕыйахта сүгүллэҥнээбитэ. Арбаҕаһын тэллэҕэ тыалга тэлээрэн олороро. Манааҕытын алын быата биэрэҥнии ойоро. Атаҕар түүлээх тыһы үүйэ бааммыт, тайаҕын тоҕус боллороото ала-чуо сырдыыра, куругар бааммыт быһаҕа кыынын курдары кылбаҥныыра өрүү көстөн кэлэргэ дылы. Тахсан эрэр күн сарыалыгар оҕонньор сонно суураллан сүппүтэ.

Уонна хаһан да түүлүгэр киирбэтэҕэ. Дьэ онтон ыла Уйбаан тулаайахсыйбыт курдук санаммыта. Бэл төрөппүт аҕатын көмөн баран оннук туоххаһыйбатаҕа. Бэл Сууратын тиһэх суолугар атааран баран сыл эрэ курдук чуҥкуйан ылбыта. Олох барахсан уон араас имэҥинэн оборон ылбыта. Олоҕун салгыы оҥостор уххана уолҕамдьы уолугар умайбыта. Төһө эмит Намҥа билигин кэргэн ылан олорор Элииһэтин кытары билсэ сырыттар, Бэрдьигэстээххэ өрө мэҥийэн тиийэ сырыттаҕа үһү. Өссө Элииһэтин илдьэ! Ону Атамай кыыһыгар хонон туран баран эппитигэр:

– Оо, дьэ! Көссүүгэ хайа киһи кэргэн ылар дьахтарын аҕалар үһү?

– Эйигин хаан уруум курдук санаан. Алгыскын ылаары.

– Оттон, арай бэҕэһээ сөбүлэспит буолуум?

– Көһөрөн илдьэ барыахпыт этэ.

– Оттон Лизаҕын?

– Үһүөн дьуккаах дуу, ыаллыы дуу олоруо этибит.

– Ама дуу! Олох оттомурбатаххын.

Дьэ, ити! Чылаа оҕонньортон саҕалаан эдьиийэ Огдооччуйа, кэргэнэ Суура наар: «Оттомур эрэ! Оттомурбат чолоҕор. Оттомура түһүүй даа!» – диэн хайаан да ити тылы төлө ыһыктааччылар. «Оттомура түһүүй даа!» – диэн кэргэнэ Суура өрүү саҥарар тыла этэ. Дьоҥҥо: «Уйбаан – улахан оҕом», – диэччи. Оннооҕор субу аттанаары сытан: «Оттомураахтаабатыҥ…» – диэхтээбитэ. Кэриэс курдук эппит эбит: «Эн ыраҕын толорторо таарыйа, дьонтон эйигин Лээхэпкэ күрэппитим сөп да эбит. Эйигин мин эрэ өйдүүрүм. Уон биэс саастаах уолтан туох да атыныҥ суох. Дьон ону ылыммат. Оҕолоруҥ да өйдүү охсоллоро биллибэт. Намыын дьахтары, бука диэн, көрө сатаар. Били кыргыттарыҥ дьүөрэ быһыылаахтара. Уол эрдэхтээҕигин тута сылдьарыҥ сөбүлэтиэҕэ…»

Дьэ ол кини кэриэһин толорон, аан маҥнай массыыналаммычча, Гуорунайга өрө мэҥитэн тиийэ сылдьыбыттара.

Кырдьык, Уйбаан бэл билигин оттомурбута биллибэт. Санаабытын саҥаран тэйэр. Сөбүлээтэҕинэ, оҕо курдук өрүкүйэ үөрэр. Сирдэҕинэ, син биир кэтэмэҕэйдии барбат, быктарбыта эрэ баар буолар. Хомоттоҕуна-хоргутуннардаҕына биирдэ өттүгүн охсунар. Ону даҕаны алҕаһаабыппын дии санаатаҕына. Атыныгар: «Кылбайан турар кырдьыгы хайдах этиэм суоҕай. Алҕаһы – алҕас, сыыһаны – сыыһа дэспэккэ, олорор остуойбутун айгыратабыт эрэ», – диэн өрүкүнэйээччи.

Бастаан көрүүгэ, ордук дьон-сэргэ ортотугар, киһи кинини ылбычча ылына охсубат. Хабарҕа хайдарынан саҥа, кулгаах куугунуурунан куолу, харах тэстэринэн хамсаныы… Сөбү да этэрэ, сүөлү да этэрэ оччоҕо туолкаламмат. Эйиэхэ тиийбэт, төттөрү тэйэ турар. Арай, били этэллэринии, уон биэстээх уолаттар түмүстэхтэринэ итинник буолан-хаалан ылар инилэр. Оттон оттомурбут кэмигэр Чылаатыйан чыҥыныыр, аҕатыйан аарыгырар, Сууратыйан суобаһырар. Бэйэтэ эрэ дуу, иккиэйэх дуу буоллахха, киһи билбэт киһитэ кини. Сааһыгар саас эбиллэр, уҥуоҕа-арҕаһа онуоха дьүөрэлэһэр. Били өрө тэйиэккэлиир чэчэгэйинэн көрбүт уола хаан сыта да суох буола түһэр.

Үлэлээтэҕинэ, тугу этиэҥ баарай. Ускуустуба курдук уран хамсаныы, ордук хоһу туттуу диэн суох. Үс киһи үмүрүтэрин, сэттэ киһи ситэрэрин, тоҕус киһи толорорун суос-соҕотоҕун көрүөх бэтэрээ ыккардыгар күлүмнэтэн кэбиһэр. Тыаһа-ууһа муусукаҕа холонор, саҥата-иҥэтэ саахарданар. «Саха сатаабата диэн суох, көрүө эрэ кэрэх» диэн тыллар киниэхэ эрэ сыстар курдуктар.

Оттон онтуттан бүтэн-оһон, буорун-сыыһын тэбэнэ турарын өйдөөн көрдөххүнэ, көмүс илиилээх күн айыы киһитэ сыыйа-баайа уларыйан барар, орто дойду охсуһуулаах туонатыгар соҕотохто дьирэс гына тура түһэр. Хараҕа хайыы-үйэҕэ чэчэгэйигэр тахса охсор, уоһа уһуктанар, тыла тыймыыттанар. Оннук түгэнигэр кинини үс эрэ киһи оннун булларара. Ол дьонноро (Чылаа кырдьаҕаһа, аҕата, Суурата) суох буолуохтарыттан кинини уодьуганныыр киһи баара биллибэт. Арай быыс-арыт булан:

– Оттомур эрэ! – диэн Чылаа куолаһынан сөҥөдүйэр киһи хайыа эбитэ буолла? Бука, оҕонньор саҥатын соһуйа истэн, уҥа-хаҥас хайысхаланыа уонна тугу-тугу алҕас иһиттим дии саныа эрэ ини. Ону мүччү туппакка:

– Иһиттигит дуо, ким эрэ саҥарарга дылы дии? – диэтэххэ, кини да этэ тардыа этэ.

Ону ханна баар! Ким да төбөтүгэр оннук өй охсулла илик. Оччоҕо Чылаа оҕонньор барахсан олус бэргэнник эппит онус уһуга уолугунан быгыалаатаҕа диэн кэбис (сахаларга киһи муҥутаан тоҕус кырыыланыан сөп). Кинини кэҕиннэрбитэ ити онус уһуга. Онтон атын уордьан-мэтээл бөҕөлөөх уола хаан билигин түөһүгэр силлэнэ-силлэнэ таас дьиэ таманын таптайа сытыа этэ. Кырдьыгы уот харахха этитэн баран кырыгырарбыт тухары, сөбү сүрэххэ тиийэ сүллүгэстэтэн баран сүлүһүннэнэрбит тухары кини курдук үлэһит үтүөтэ хаһан да хайҕанара биллибэт. Оннук дьону таба өйдөөн ситэ сыаналыыр киһи, арай, Уйбаан бэйэтэ этэринэн, Степан Платонов баара эбитэ үһү. Ол улахан буукубаттан суруллар Киһини аһыйбытын курдук, хайа да тойон өллөҕүнэ тымыра тарда илик эбит.

Уйбааны көрө-көрө киһи хайдах эрэ гражданскай сэрии геройа Хабырылла Дьөгүөрэби өйдүү түһэр уонна чахчы дьоруойдар эрэ кини курдук майгылаах-сигилилээх быһыылаахтар дии саныыр. Киһиттэн эрэ кинилэр ураты көнө сүрүннээх, дьонтон эрэ кинилэр ураты дьорҕоот буолуохтаахтарын хаһан куойабытыгар-маҥкыбытыгар оҕустарыахпыт эбитэ буолла.

Бу суруйуубун Уйбааны сирэй билэр дьон атыҥырыыллара биир эрэ суолга буолуо дии саныыбын. Суруйар геройум сэттэтиттэн куоракка буккуһан дуу, хоту сылдьан нууччалардыын үгүстүк хабыдыһан дуу – тыла-өһө уу сахалыы буолбатах. Ону хайдах баарынан сүһэн ылан, сатаннын-сатамматын нууччалыы-сахалыы дабдыгыраттахпына, сатамдьыта суоҕа көстө сылдьыа. Уус-уран суруйуу ирдэбилэ атынын ааҕааччыларым өйдүөхтэрэ дии саныыбын.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации