Электронная библиотека » Прокопий Чуукаар » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 18:00


Автор книги: Прокопий Чуукаар


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +

СЭҤЭЭРИИЛЭРТЭН СИЭТТЭРЭН

Иван Яковлевич Кривошапкин туһунан суруйуубун сэргиир дьоннору көрсүтэлээбитим туһунан ойуччу тутан билиһиннэрэн ааһар тоҕоостоох курдук. Онон сэһэним геройун Аччыгый Лээхэп арыытыгар бу сырыыга бэйэтин соҕотохтуу хааллара түһүөҕүҥ. Алта сүүс кырса тириитин өрө-таҥнары бэрийэригэр үгүс түбүгү көрсүбүтүн бэйэтэ даҕаны тыл тамаҕар кыбытан аһарбыттаах:

– Күҥҥэ, мин курдук, биэс уоннуу кырсаны сүлэр киһи ахсааннаах буолуохтаах. Тоҥ кырсаны ириэрии бэйэтэ туспа кистэлэҥнэрдээх. Тирииҥ хаачыстыбата онтон тутулуктанар.

Анаабыртан, Усуйаанаттан Дьокуускайга эмтэнэ кэлэ сылдьар икки киһини көрүстүм. Өссө тугу эмэ сыыһа-халты этэн-тыынан кэбиспитим буолуо диэн суруйуум бастакы түһүмэхтэрин көрдөртөөтүм.

Анаабыр бэрэстэбиитэлэ Андросов Василий Александрович Уйбааны кытта эт саастыы эбит. Үрүҥ Хайаҕа төрөөбүт төрүт хоту киһи. Тылы бастаан киниэхэ биэриэҕиҥ:

– Дьэ, доҕоор, ити суруйар киһигин мин истэр эбиппин. Биһиэхэ эмиэ кэлэн Бегичев арыытыгар, Тэрпэй тумуска бултуу сылдьыбыттаах. Төһөнү өлөрөн барбытын билбэппин. Лээхэптэр арыылара букатын хоту сыттахтара. Айылҕата, күнэ-дьыла атын буолуо. Алта сүүс кырсаны бултаабытын сөҕө иһиттим. Биһиги диэки сылга муҥутаан 50-чаны өлөрөөччүлэр. Биир эмэ киһи сүүһү толоруон сөп. Ону даҕаны үйэтин тухары дьарык оҥостубут киһи. Хара кырса сэдэх. Өлөрдүбүт диир дьон баар буолааччылар. Таба сылаас быарын, бүөрүн сии үөрэннэххэ, бэртээхэй ас. Биһиги диэки өлөөтүнэн таба хараҕын сиэбэттэр. Өссө таба үөстээх буолар диэтиҥ дуу? Саҥа истэбин. Таба үөстээҕин Уйбаантан бэйэтиттэн истибитиҥ дуо?

– Суох. «Таба үөһэ эмп буолар үһү», – диэн сураҕы Советскай Союз Геройа Николай Саввич Степановтан истибитим. Кырдьаҕас табаҕа дэҥнэтэн баар буолар үһү.

– Дьэ, сонуну иһитиннэрдиҥ. Бука, бэрт кыра буолан биллэрбэтэ дуу?

Таба үөстээҕин Усуйаана бөһүөлэгин төрүт олохтооҕо ытык кырдьаҕас Томскай Егор Евтропьевич эмиэ билбэт эбит.

– Быар тымырын кытта ыытан кэбиһэрбит буолуо. Үчүгэйдик көрүөххэ баар эбит. Соц. Үлэ Геройдарын Колесовтаах Горохову билэттиир дьонум. Чахчы бултаабыттарын билбит, чиэскэ-бочуокка сылдьыбыт дьоннор. Лээхэп эҥин курдук арыыларга киирбэтэх булчуттар. Биһиги диэки булт былаана 30—50 эҥин тирии буолар. Ону да толороро толорор. Мин эмиэ кырсалаабыт киһибин. Дьэ уонна 600 кырсаны биир сыл бултуохпун өйүм хоппот. Муҥутаан оччону да өлөрбөтөх буолуохтаахпын. Киһи күҥҥэ уон кырсаны олорон турбакка сүлэр дэһээччилэр. Уйбаан туттардыын-хаптардыын букатын киһи тэҥнэспэт киһитэ быһыылаах. Дэҥҥэ оннук дьон көстөн ааһааччылар. Биһиги диэки таба хараҕын сибиэһэйдии дэҥнэтэн сиир дьон баар буолааччы. Эн кини таба хараҕын уулуурун көрбүтүҥ дуо?

– Суох. Кэпсээбитин да истибэтэхпин. Усуйаана Силээннээҕэр сииллэрин көрбүтүм. Олус күндүркэтэр астарын курдук өйдөбүл хаалбыт.

– Буолуо. Туох баҕарар үөрэнииттэн.

Бу дьон иккиэн икки пятилетка толору чулуу булчут аатын сүкпүт, иннин кимиэхэ да биэрбэтэх киһи туох да наҕараадаҕа тиксибэккэ хаалбытын истэн сөҕөн эрэ кэбиһэллэр уонна маннык сэдэх дьону хайаан да суруйуллуохтаах дэһэллэр. Билигин, булт, таба иитиитэ дьаалатынан устубут кэмигэр, Уйбаан Кырбыһааҥкын курдук хоһууттар холобурдарыгар ыччаты иитэр, төрүт дьарыктарыгар төнүннэрэр сорук барыбыт иннибитигэр турарын санаталлар.

Иккиэн сааскы көтөргө көтүппэккэ сааланар дьон туундараларын санаан утуйбат да буолбут курдуктар. Миэхэ кинилэр сэҥээриилэрэ улахан. Хоту дойду дьоно туох да кэтэх санаата суох сөбүлээбиттэрин иһитиннэрэллэрэ улахан сыанабыл тэҥэ.

Өссө бу дьоҥҥо «Арктика» колхоз урукку председателин кытыарыахха сөп. Кини анаан-минээн ааппын ааттаан дьиэбэр кэлэн көрсөн барбыта.

– Винокуровпын. Олоҕум үтүө сылларын Быковка атаарбыт киһибин. Бэйэм төрдүм Таатта. Ити эн Смоленскайга тиийэн көрсүбүт Г.М. Андросов диэн разведчик киһиҥ ийэбинэн чугас аймаҕым. Хоту теманы эмиэ билэр дьыалаҥ эбит, онон эн биһикки кэпсэтэрбит элбэх. Дьэ, бэрт. Билсэ туруом, – диэн буолбута. – Кривошапкины хаста да көрбүт киһим. Биир саас түүлээҕин туттара Быковка кэлэн төннүбүтэ. Түүлээҕин туппакка бэркэ эрэйдээбиттэрин иһин кэлбит буолуохтаах. Эн ону билэр эбиккин. Ити барыта кырдьык. Биһиги бэркэ сэргээн ааҕа сылдьабыт. Кини суруллубатаҕына, ким суруллуой. Кытаат!

Аны биир дойдулаахтара сэҥээрдилэр, улуус общественноһа биир дойдулаахтарын туһугар туруорсаллара олус сиэрдээх дьыала буолуо этэ. Мин бэйэм көрүүбэр, И.Я. Кривошапкин хас да наҕараадаҕа тэҥинэн түһэр кыахтаах киһи. Холобура, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СР бочуоттаах гражданина, «Полярная звезда» орден дуу, бэлиэ дуу (знак) кавалера буолар толору бырааптаах. Ол эбэтэр уонтан тахса сыл бултаабыт сымнаҕас түүлээҕэ өссө хас да кэлэр пятилеткалар (өскө оннук тэҥнээн көрдөххө) былааннарын куоһара сытар эбээт. Өссө онно кырсаны бултуурга айбыт саҥа ньыматын, Хотугу форум саҥа арыйыытын курдук көрдөрдөххө, аан дойду таһымыгар Иван Яковлевич Кривошапкины билигин да киэн тутта таһаарар кыахтаахпыт. Онон улуу булчут биир дойдулаахтара уонна сымнаҕас кыһыл көмүһү өрө үллүктээбит Булуҥун улууһун билиҥҥи дьаһалтата кини үтүө аатын үйэтитэргэ хоннохтоохтук ылсыахтара диэн эрэниэҕиҥ.

САЙЫҤҤЫ ТҮБҮКТЭР

Кулун тутар ортотугар диэри күн тура-тура түүлээх таҥастааһынын түбүгэр Уйбаан олорор-турар бокуойдаммата. Урут кэргэнэ кыстаһар сылларыгар иккиэн тутатына сүлэн кэбиһэллэрэ сынньалаҥ курдук көстөрө. Шура кырса сэмнэҕин кытары сүлэрэ. Кыраны да энчи туппат, ытыс саҕа лоскуйдартан аттаран бука бары кырса бэргэһэлэммиттэрэ, оҕолор ааҕа суорҕаннаммыттара, бэйэтэ олус көп саҕаламмыта. Ону полярнай станция дьахталлара таба көрө охсубуттара. Сиэҥ кырадаһыннарыттан аттарбытын итэҕэйбэккэ, биир сырыыларыгар көтүттэрэн көрбүт этилэр. Дьэ уонна сакаас үөһэ сакаас бөҕөнөн үллүктээн кэбиспиттэрэ. Бэл эр дьон ханна эрэ ыраах материкка олорор кыһын диэни билбэт кэргэттэригэр кытары сакаастаспыттара. Шура дьахталлар соннорун ойуулуу-ойуулуу, түүлээх киэргэли ханан тиктэллэрин көрдөрөн биэрбитин соҕуруу олус биһирээбит этилэрэ.

Быйылгы да сиэҥ сэмнэҕэ хас да куул буолла. Шура хас суругун аайы ону эрэ санатар. Саталлаах илиигэ чэчээ даҕаны туһаҕа турар куолута. Шура сувенирдара биир-биэс харчыта суох бэлэххэ бараллара. Уйбаан билигин ону саныы-саныы кэмсинэр. Бэйэлэригэр билигин кэргэнин биир да оҥоһуктара хаалбатахтар. Аны санаатахха, музей да экспонаттара буолар сувенирдар уҥа-хаҥас ыһыллыбыттар эбит.

Уйбаан арыыга олорбут умнуллубат сылларын кырса сүлэ-сүлэ аттара саныырыттан, биһиги саас-сааһынан билсиһэрбитин быһымыаҕыҥ. Бүгүн булчут киһи сайыҥҥы түбүктэрин сонургуоҕуҥ. Омос көрүүгэ, булчут эрэ барыта сайын атынынан дьарыктанар курдук. Ким оттуо, сорох балыктыа эҥин буоллаҕа. Оттон Лээхэп арыыларыгар сайылыы хаалар булчут туох түбүктээх буолуон сөбүй? Кыһыҥҥы булдуҥ төһө-хачча түмүктээх буолара сайыҥҥы бэлэмҥиттэн быһаччы тутулуктаах. Булт сезона кыһыҥҥы хараҥа ыйдарга саамай үгэнэ. Онно бары өттүнэн бэлэмнээх булчут сынньалаҥнык сылдьар.

Лээхэп арыыларыгар сайын диэн букатын суох. Саас кэлэн уу-хаар тахсан саҥардыы сылыйан иһэн, эмискэ ыкса күһүн курдук хаар-тыал таҥнары дапсыйбытынан барар. Сай устата муора хаста да дьапталҕа мууһунан бүрүллэн ылар. Күн түүннэри эргиччи көрөр үчүгэй ыраас кэмэ арыт сыл биир-икки нэдиэлэ тулуктаһар. От барахсан оччоҕо хамсыы-хамсыы өлүмнэһэн үүммэхтии түһэр. Бырдах, сахсырҕа, ол-бу үөн-көйүүр букатын суох дойдута. Кыыл таба тириитэ хаһан да куйукталанары билбэт. Бу өттүнэн муора арыыларыгар тэҥнэһэр уйгу ханна да суох. Ол эрээри арыт сыл таба арыыларга кыайан киирбэккэ хаалар. Муус ырбыыларын туоруу сатаан тыһыынчанан таба ууга быстарара дьэ онно. Дьэ оччоҕо олохтоох таба күһүн материкка тахсыбатар ханнык диэн таҥараҕа эрэ үҥпэккин. Аны кырсаҥ сүрүн аһылыга кутуйах арыт дьыл төрүөҕэ тахсыбат. Били от ытыра-ытыра туораабат буолан хаалар. Болҕомтолоох булчут ону барытын көрө-билэ, ырыҥалыы сылдьыахтаах. Аһа суох дьылы кырса бэриэт билэр. Сир уларыйа сатыыр аатыгар түһэр. Ол үлүскэнигэр аһаҕас муораҕа киирэн өлөрүн да кэрэйбэт. Оннук дьыл түбүгүҥ өссө элбиир. Саҥа учаастакка эбии паастанаҕын, үүтээн сэлбинэҕин, оттук мас булунаҕын, мэҥиэ хаһаанаҕын, ыт аһылыгын хааччынаҕын, быһата, лаабыһыҥ ахсаана биллэ элбиир.

Бастакы хаас кэлиэҕиттэн эһиилги ас саппааһын хаһааныы, ону хонон ааһар үүтээннэргэр үллэрии, тиэйии-таһыы үлэтэ саҕаланар. Муус сулла даҕаны балык булда уугун-хааргын ыгар. Муора уута үллэр, уостар кэмнээх. Ону чаһы курдук тутуһуохтааххын. Уу уостубут кэмигэр илимҥин кытылга тэнитэ ууран баран тимир турбаларга кытаанахтык туттараҕын. Уу үлүннэҕинэ, илимиҥ бүтүннүүтэ тимириэхтээх, оччоҕо эрэ балык иҥнэр. Муус ыга астаҕына, илимҥин илдьэ барар кутталлаах, онон муора ньуурун өрүү кэтии-маныы сылдьыахтааххын.

Аны кыстык мас бэлэмэ, ол быыһыгар мэҥиэҕэ, ыт аһылыгар анаан бултаныы хаһан да тохтообот. Сытынньаҥы ууттан оруургар анал тэрил оҥостоҕун. Бастакы сылларга наар илии үлэтэ этэ. Уонна бэлэмнээбит маскын хайдах эмит гынан дьиэ таһын булларыахтааххын. Онон бастакы хаар түстэ даҕаны ыттаргын көлүммүтүнэн бараҕын. Кыстыыр маскын, аскын булуннаххына, аны паастары сөхсүйүү үлэтэ кэлэр. Онно дьэ сир ириэнэх кэмин туһана сатыыгын. Эргэ паас маһа алдьанар-кээһэнэр, онно дьүөрэ мас ылбычча көстө охсубат. Дьэ ол сүгүүтэ-көтөҕүүтэ туспа сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол иһин Уйбаан тимир буочукаттан тэлиэгэ айан оҥостубуттаах. Паас үрдүк сиргэ оҥоһуллар, оччоҕо эрэ хаарынан тибиллибэт. Сир ириэнэҕэр тутуу былдьаһан паас туруорар үрдэлгин чөмчөтөҕүн. Онтугун сылын аайы эбии буорунан дьаптайан истэххинэ табыллар.

Ыттарыҥ сайын босхо барыа суохтаахтар. Ыт сайыҥҥы аһа – балык. Оттон кыһын наар эти сиэхтээх. Икки киилэ кэриҥэ ньыгыл эти кирпииччэ курдук дьаптайан туспа тоҥорон кууллуугун. Оччоҕо илдьэ сылдьарга табыгастаах, ириэрэргэ чэпчэки буолар. Турар, утуйар сирдэрэ өрүү ыраас буолуохтаах. Ыт чэнчис буоларын бэйэҥ эрдэттэн үөрэтэн ситиһэҕин. Көлүүр ытын иитии туспа кистэлэҥнэрдээх. Ыт борбуйун көтөхтө да киһи хамаандатын истэ үөрэниэхтээх. Аны букатын кыра эрдэҕиттэн быаҕа уонна ыараханы соһорго сыһыараҕын. Бастаан кыра соҕус маска баайаҕын уонна аһылыгын тиийэр-тиийбэт сиригэр уураҕын. Соһуур маһын сотору-сотору ыараханынан солбуйан биэрэҕин. Ыт төһө күүстээҕэ, тулуурдааҕа онтон биллэр. Бэриэччит буолар ыт барыларыттан таһы-бааччы күүстээх уонна тылы истимтиэ буолуохтаах. Оннук ыты баһылык оҥостоҕун уонна кэлэр өттүгэр кини оҕолорун ууһатаҕын. Көлүүр боруодата диэн туспа үөскүүр кистэлэҥэ дьэ онно сытар.

Күһүн тымныы түһүүтэ ыттаргын чэлгиэн сиргэ тутаҕын. Оччоҕо түүлэрэ биллэ көбүүр, тыалга кыһаллыбат, буурҕаҕа үөрүйэх буолаллар. Кырдьыбыт, сотууннаабыт, эчэйбит ыты тутатына туоратан, чыыскалаан иһэҕин. Ыт аһылыгар кэмиттэн кэмигэр уксуус суурадаһынын эбэ сырыттахха, ыарыыга ылларбат. Чыыскалыыр ыккын доҕотторо көрбөттөрүгэр, бэйэтэ билбэтигэр дьаһайаҕын. Өлөрөр ыккын хараҕын көрбөт буола сатыахтааххын. Эн көрөрүҥ-истэриҥ барытын этэ-кэпсии сылдьар, ыт ону эндэппэт.

Кыстыкка бэлэмнэнии сайыны быһа тохтоло суох бииртэн биир көрүҥүнэн солбуллан иһэр. Хаар түһүүтэ кыыл эккирэтиитэ саҕаланар. Таба хойуутук үөскээбит дьылыгар хас да сыл сиир эккин хаһааныаххын сөп. Оттон аҕыйах дьылыгар кыһыннары кыыллаһарыҥ эмиэ баар буолааччы. Манна Уйбаан бултуур саҥа ньымалааҕын ахта түһэн ааһыаҕыҥ. Полярнай түүн бүрүүкээн турдаҕына табаны бултаспыт биир эмэ киһи баара дуу, суоҕа дуу? Оттон Уйбаан ыйдаҥата суохха өссө ордук табыллан бултуйааччы.

Алта миэтэрэ усталаах сыарҕатыгар сыһыары кылгас чэпчэки сыарҕатын хоһулаан көлүйэр. Оччоҕо уйуктаах буолар. Дьэ уонна таба үөрүгэр ыкса өрө сүүрдэн киирээт, ракетницанан үөһэ ытар. Уот биэс мүнүүтэ кэриҥэ барык хараҥаны сырдата түһэр кэмигэр ытыалаамахтаан хаалар. Инньэ гынан сыарҕатыгар холоон сөп буолары биир үүккэ туран чугас-чугас охтортуур.

Манна табалар ханан сылдьалларын эрдэттэн билиэхтээххин. Тыастарыттан төһө чугаһаппыттарын эндэтиэ суохтааххын. Аны ракетницаҕынан ытыаҥ иннинэ сыарҕаҕын тохтотуохтааххын. Манна Уйбаан тыытын дьаакырын олус табан туһанар. Тарыыр маһынан туормастаат, ойон түһэн дьаакырын хаарга батары үктүүр. Ол эрэ кэнниттэн сырдатар уотун ытар. Манна кыһыл уоту уматар көҥүллэммэт. Уйбаан бултуур ньыматын атын дьон Улахан Лээхэпкэ туттабыт диэн пограничниктарга түбэспиттэр. Кини төһө эмит сэрэппитин үрдүнэн ол дьон кыһыл уотунан тохтоло суох уһуурдан пограничниктары кураанахха «көмөҕө ыҥырбыттар» этэ.

Уйбаан иннинэ Аччыгый Лээхэпкэ түөрт булчут базалана сылдьыбыт. Түөрт киһи учаастагар сөп буолбакка Улахан Лээхэп таах сытар арҕаа өттүн барытын кэнники сылларыгар бултуур сир оҥостубута. Ол сылларга балаҕаҥҥа бааспат гына үөрэммитэ улаханнык көмөлөспүтэ. Сырыыта сыыдамсыйбыта, ол оннугар сайыҥҥы түбүгэ икки бүк элбээбитэ.

Балаҕаҥҥа бааспат буолуута төрүөттээх этэ. Аччыгый Лээхэп арҕаа өттүгэр баар үүтээҥҥэ оттук мас бэлэмнии сылдьан киһи кырамтатын булан турардаах. Ону Киһилээххэ тиийэн рациянан тыллабыр оҥорбута. Онуоха хас да сыллааҕыта бултуу киирэн баран сураҕа суох сүппүт киһи көһүннэҕэ диэн биллэрбиттэрэ. Ол эрэйдээх хайдах быһыыга-майгыга үүтээн таһыгар суорума суолламмытын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Дьиэ таһыгар өлбүт киһини хас эмэ сыл харайбакка таһынан хаама сылдьыбыттара сүрдээх. Булчут туһугар кыһамньы суоҕун туоһута, ама, мантан ордук туох баар буолуой?!

Кэргэнигэр эппэккэ кимэ-туга биллибэт кырамтаны иин хаһан буору булларбыта, манна киһи көмүллэ сытар диэн бэлиэ туруорбута. Хайа сордоох тиһэх суолун манна кэлэн түмүктээбитин ким билиэ баарай?

Сылын аайы бу арыыларга вертолетунан көтө сылдьан браконьердыылларын кини хайдах гынан бопсуон бэрт өр тобула сатаабыта. Кыһын оттор маһын таһырдьа кутаа гынан бүтэрэллэрин таһынан, балаҕаннарын ааҕа кэрийэн аһын саппааһын ыспыт-тохпут, буорту гыммыт буолаллар. Ол дьон саа сэбин, арыгыны ордук бурууһуур идэлээхтэрэ. Сиэр диэн сыстыбатах дьоно быһыылаахтара.

Дьэ онтон ыла, икки атахтаах кыыллартан кэлэйэн, балаҕаҥҥа бааспат, хаар анныгар хонорго кыһалҕа кыһайбыта сылтан сыл үөрүйэххэ кубулуйбута. Браконьердар көҥүл айбардыылларын Тиксииттэн саҕалаан Дьокуускайга тиийэ тохтотторо сатаабыта да, кыайбатаҕа.

ТУУНДАРА МААНЫЛААҔА, ЭБЭТЭР ЫТЫК ТАБА

Уйбаан быйыл Лээхэпкэ сайылаабат. Үнүр, били, хара кырсаны өлөрдөҕүн утаа, Киһилээххэ баран доруобуйатын көрдөрбүтүгэр, станция бырааһа: «Олус илистэн, доруобуйаҥ уопсай туруга айгыраабыт, соҕуруу куруортарга сынньаннаххына табыллыыһы», – диэбитэ. Ол күн рациянан алта сүүс кырсаны бултаабытын райкомҥа биллэрэ таарыйа, путевка сакаастаабыта уонна самолет ыыталларыгар көрдөспүтэ. Онон самолет кэлэрин баттаһа бүтэн-оһон, Киһилээххэ тиийэн, ыраатар киһи сиэринэн, доҕотторугар хонон-өрөөн ааһар санаалаах.

Быйыл сайын туохха эмит тардыллан хойутаатаҕына даҕаны, холкутук кыстыыр кыахтаах. Уйбаан барытын бэриэттэн бэриэт хааччына үөрэнэн хаалбыт. Оннук дьаһанарга туундара олоҕо, муора арыытын тыйыс айылҕата үөрэтэн кэбиспитэ, бэл, Намҥа кэлэн олоҕурбутун да кэннэ дьайа сылдьар үтүө үөрүйэх оҥостубут.

Бүгүн аттанар күнэ. Барыта дьып-дьап тиэллэн бэлэм. Ыттарын көлүннэ да суһал үлүгэрдик хоҥнор кыахтаах.

Турда да, туох күн үүммүтүн билэ охсоору, түннүгүнэн таһырдьаны көрөн ыллаҕына табыллар. Уонча сылы быһа оннук үөрэнэн хаалбыт. Таһырдьа күн чэмэличчи тыкпыт, үтүө күн үүнэр чинчитэ толору баар. Ол эрээри туох эрэ бэрт кыра уларыйыы баарга дылы. Бай! Соҕотох таба, ытыы холобурдаах сиргэ кэлэн, уун-утары хамсаабакка турар эбит буолбат дуо? Муоһа үөһэнэн адаарыйара үчүгэйдик көстөр. Ыттара туох буоланнар саҥа таһаарбакка сыттахтарай? Өссө чугаһата сатаан хаптайдахтара дуу, иччилэрэ тыас таһаарарын кэтэстэхтэрэ дуу? Дьикти!

Уйбаан саатын тэллэҕин анныттан сулбу тардан ылаат, күүлэҕэ ыстанар. Саһаан маһынан хаххалатан арыый чугаһыы түһүөххэ сөп. Ыттара кини дьиэттэн тахсыбытын билэн турбалаһа эрэ түспэтэллэр… Таба киһи атаҕын тыаһын иһиттэҕэ, төбөтүн чолос гыннараатын кытта саатын сомуогун тардан кэбиһэр. Ыттар, ону эрэ күүппүт курдук, өрө баргыһа түһэллэр. Таба ойон эрэрэ көстүбэтэ, ол аата үчүгэйдэттэҕэ.

Дьиэҕэ киирэн биэдэрэлэнэн, хомуостанан тахсан, ыппыт туһаайыытын диэки баран иһэн көрдөҕүнэ, арай, туох да баара биллибэт, туундара биир мээр мыылай маҥан. Дөйө сытан баран, кини дьиэҕэ киирбит кэмигэр ойон туран куоттаҕа тугун кыһыытай! Бинокулун таһааран туундара ньуурун чинчийэ көрөн хамсыыр баарын булбата. Ыппыт туһаайыытын диэки эмиэ туох да биллибэккэ дылы. Ама, хараҕа иириэ дуо? Ыттара саа тыаһаабытын эрэ иһин итиччэ айылаах баргыстахтара дуу? Урут кыһаллааччылара суоҕа. Туох эрэ дьиктилээх түбэлтэ буолла. «Арыым иччитэ быраһаайдаһа кэлэн барбытын ыттым эрэ, ханнык эрэ», – диэн саныы-саныы дьиэтин диэки баран иһэн ыттарын көрбүтэ, бука бары кини ыппыт сирин диэки кулгаахтарын чөрбөтөн тугу эрэ тонолуппакка көрөн олороллор. Ол аата туох эрэ баар буоллаҕа. Оччо баар кини хараҕар тоҕо көстүбэт? Бэйи, бэриэччитин илдьэ баран туох баарын чинчийдэҕинэ табыллыыһы.

Саатын кыбынан, ытын иннигэр уктан ыппыт туһаайыытынан баран иһэн тугу да көрбөт, арай ыта кутуругун хамсата-хамсата көхсө күрдьүгүнээн олорор, илэ чахчы тугу эрэ көрөн иннин диэки ыстана сатыыр, иччитин сууллары тардаары ол соро. Уоскута, тохтото сатыырын истиэх быһыыта суох. Икки сүүсчэ миэтэрэ сири оннук соһуолаһан барбыттарын эрэ кэннэ таба муоһа хаар үрдүгэр адаарыйара көһүннэ. Дьэ, доҕор, маҥан таба аарымата сүүһүн ортотугар түһэртэрэн баран, төттөрү ойоору өрө хололоон иһэн умса баран түспүт. Балаҕан диэки көхсүнэн охтон хаары кытта хаар буолан бинокулга да таба ылларбатах. Онуоха эбии адаар муоһа эмиэ маҥан эбит. Салаатын ааҕан көрбүтэ – түөрт уон! Итэҕэйбэккэ хаста да хат-хат төхтүрүйэн аахпыта син биир түөрт уон салаа тахса турар. Уйбаан үйэтигэр түбэспэтэх да, истибэтэх да түгэнэ буолла. Муҥутаан сүүрбэ салаалаах таба баар буолааччы. Ол даҕаны дэҥнэтэн түбэһээччи. Туундара дуу, Лээхэп арыыларын дуу Ытык табата илэ бэйэтинэн собус-соҕотоҕун Уйбааҥҥа кэлэн биэрбитин киһи хайдах диэн сылыктыах бэйэтэй?! Бу түгэҥҥэ эбээн биллиилээх поэта Василий Лебедев «Маҥан таба» диэн хоһоонун тылларын санаан-ахтан ааһар тоҕоостоох курдук:

 
…Маҥан табаны
харах харатыныы
Харыстыыр үһүлэр
өбүгэ саҕаттан,
«Ытык таба» диэн
оннук табаны
Ааттыыр эбиттэр
былыр-былыргыттан.
Ытык таба муоһун
ким да эрбээбэт:
Былыргы дьон санаатыгар,
Ол муоска иҥэн сылдьар эбит
Күн сардаҥата сүппэккэ тыган.
Ытык буур хаһан да аттаммат:
Төрүөх тахсара
онтон төннүөхтээх.
Кинини ким да миинэрэ
сатаммат:
Мииммити бэйэтин
муҥ-сор мииниэхтээх.
Ытык табаны өлөрөр
бобуулаах,
Бэйэтэ өлүөр диэри
сылдьыахтаах,
Оттон өлөрүү —
күнү өлөрбүккэ тэҥнээх,
Сир-буор уйбатынан
сэттээх-сэлээннээх.
Кини өлөр да күнэ – үчүгэйгэ:
Ол күн төрүүр оҕо дьоллоох,
Ыал буолбут ыччат, эдэр
кэргэн
Аал уота умуллубат төлкөлөөх…
 

Бу – дьиэ маҥан табатыгар анаммыт хоһоон. Оттон кыыл таба үөрүгэр түбэспит булчут маҥан табаны хайыа эбитэй? Бу тыылыы тэбэ сытар түөрт уон салаалаах муостаах ытык таба үйэтэ уһаабытын икки өрүттээхтик быһаарыахха сөп. Булчуттар барахсаттар өбүгэ үтүө үгэһин өйдүү-саныы сылдьалларын туоһута диэххэ хайа баҕарар сөп. Ол гынан баран браконьердар диэн дьон ону тутуһа сатаабаттара чахчы. Кинилэр харахтарын далыгар киирбэтэҕэ өҥүгэр сыттаҕа. Хаары кытта хаар буолан бачча сааһырдаҕа диир эмиэ оруннаахха дылы.

Оттон бу сэдэх түгэни киһи биир эрэ өттүнэн сыаналыан сөп быһыылаах. Хас да таба чугаһаабытыттан Уйбаан ала-чуо маҥаны талан өлөрбүт буолбатах. Аны үөрдэриттэн соҕотоҕун быстан киһи олорор тусаһатыгар, саа тэбэр сиригэр кэлэн уун-утары туран биэрбитэ – Ытык таба улуу булчукка тыын салҕаттарбытын курдук сыаналаныахтаах. Байанайдаах булчукка сир-дойду иччитэ анаан-минээн чаастыыр-өлүүлүүр, сиэрин-туомун ситэттэрэр эбит буоллаҕа. Онон бүгүҥҥү күн Уйбаан үйэтин тухары умнубаттык өйдүү-саныы, сэһэн оҥостор уратылаах күнэ үүннэҕэ. Онтон атын буолуох туһа суох. Аччыгый Лээхэпкэ аан бастаан атаҕа үктэммитэ уон иккис, оттон кылааннаах түүлээҕи сонордоспута тохсус сылларын Айылҕа барахсан ити курдук маанылаах кыылын толук тутуннаран бэлиэтэтэн эрдэҕэ. Оннук эрэ буоллун!

Бу арыыларга дьиэ табата дэҥҥэ быстан, кыылга сөрөһөн киирээччи. Уйбаан оннук табаҕа биирдэ эрэ түбэһэн турардаах. Ону даҕаны им балай хараҥа кэмҥэ ракетницанан сырдатынан бултууругар түбэспиттээх. Өлөрбүт биир табата төбө быалаах этэ. Ону көрөн оҕолоро таба көлөлөнөөрү тииһэн турбуттаахтар. Арыыга ыттан ордук табыгастаах көлө суох. Оннооҕор таба бодьууһа элбэх күҥҥүн-дьылгын ылыан сөп. Аны кыыл таба төһө да дьон тэлгэһэтин ырааҕынан тумнубутун иһин, дьиэ табата бэйэтэ үөр тардыһан кыылга кыттыһа сатыахтаах.

Оҕолорун оонньотоору «мончуук» табалары мииннэрэ-мииннэрэ хаартыскаҕа түһэртээбитин астымматахтара. Онон биир саас саҥа төрөөтүнэн таба оҕотун хас да күн кэтэһэн-манаһан тутан аҕалбыта уһаабатаҕа. Биир тугуту син оҕолоһон улаатыннарбыттара кыыл кыыла өппүтэ, киһиэхэ кыайан сыстыбатаҕа. Хата, оҕолору быһыта тэбиэлээбэтэҕэр махтал.

Кыыл таба кыыллыы майгылаах эрэ буоллаҕына үйэтэ уһуур, ууһуур-тэнийэр сааһыгар тиийэр. Туундара маанылааҕа – таба айылҕаттан тэһиик буолан тыыннаах сырыттаҕа. Онон тулуурдаахтан тулуурдаах, быһыйтан быһый төрөөн-ууһаан кыыл таба үөрэ баччаҕа тиийэн кэллэҕэ. Дьиэ табата биир сайын иһигэр сууһанар кыахтаах, оттон кыыл таба, өскө киһи бултаспата эбитэ буоллар, төһө баҕарар үөскүү-үксүү турар кыахтаах. Айылҕа сокуона диэн оннук күүстээх.

Уйбаан Ытык табатын дьиэтин таһыгар тиэйэн аҕалан бары билэр сиэрин-туомун толорон астыыр. Тириитин, муоһун бэйэтин кытта син өр илдьэ сылдьыбыта эбитэ үһү. Көрбүт эрэ барыта сөҕөрө диир. Дьэ уонна хас эмэ сыл хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьан баран, кыһаллан диэххэ дуу, утуу-субуу мүччү ыһыктыталаан кэбиспит. Билигин онтуттан олус диэн кэмсинэр. Сатаатар хаартыскаҕа түһэрбит пленката көстүбэтэх. Син быстан-ойдон барыа суоҕа эбитэ ини. Көрдүүр да дьон элбэхтэрэ бэрдэ, тойон-хотун да хараҕа хараҥарара абытайа сүрэ. Ыгдах гыннаҕын утаатыгар сынньаммыт курдук санаммыта баара, аны күн-дьыл аастаҕын аайы «таах ыһыктыбыккын» диэччи элбээтэ. Ол иһигэр мин эмиэ инньэ диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта. Ол түөрт уон салаалаах муос билигин ханна-ханна тиийбитин, төһө-хачча сыаналаммытын хантан билиэхпит баарай?! Үтүө эрэ хаһаайыҥҥа түбэстэр, үгүс дьон сөҕө эрэ көрдөр диирбитигэр тиийэбит.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации