Текст книги "Өлүү-тиллии икки ардынан"
Автор книги: Прокопий Чуукаар
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 12 страниц)
УБААСТАБЫЛ
Уйбаан уон икки сыл устата кэлэ-бара Киһилээҕинэн элбэхтэ тиэһиннэҕэ. Полярнай станция дьоно төһө да аҕыйахтыы сыл буола-буола уларыйдаллар, саҥа кэлэр дьон Уйбааны аан бастаан сураҕынан билэн, бэйэ киһитин курдук үөрэ-көтө көрсөллөр. Оннук убаастабыллаах сыһыан тутатына олоҕура охсубатаҕа. Бастаан утаа атыҥырааһын чахчы баара: урут кырса суолун да көрбөтөх, паас диэн тугун билбэт, ыты саҥардыы көлүммүт, Лээхэп арыыларын сураҕынан эрэ удумаҕалыыр киһи үс кыра оҕотун илдьэ им-балай хараҥаҕа, буурҕаны буурҕа диэбэккэ, билбэт-көрбөт сиригэр аттаныыта өлүүнү көрдөөбүккэ тэҥнээҕэ. Киһи барыта оччолорго Уйбааны иирээкигэ холообута.
– Тиксиигэ биллэриэххэ, – диэччи эмиэ баара.
– Хас иирээкини баран! – диэн Тароторин быһа-бааччы түмүк оҥорбута.
Онтон өлбөтөхтөрүн көрөн сөхпүттэрэ, туох дьонун таайа сатааһын өргө диэри уҕараабатаҕа.
– Туох эрэ улахан буруйу оҥорон баран, саһа сылдьар киһи быһыылаах…
– Кистэлэҥ сорудахтаах эрэ киһи хоту маннык туруулаһан олоро сатыахтаах…
– Анал үөрэхтээх метеорологтардааҕар айылҕаны ордук билэр, үөрэҕэ суохпун диир да мотуору, муораны, навигацияны хайа да моряктааҕар эндэппэт. Кырата сүүрбэ идэни баһылаабыт туох эрэ дьиктилээх киһи. Хаартыскаҕа устар, омук радиотын сонунун ааҕа билэр. Кырдьык, анал сулууспа интэриэһиргиэн сөп киһитэ сылдьар…
– Арыгыны көрдө да, маннааҕы булчуттар курдук, иирэн хаалбат. Хаартынан элбэх түүлээҕи сүүйүөн сөп эрээри – оонньообот. Станцияҕа ыалдьыттыырыгар көстүүм кэтэр. Булчут вальстаабытын ханна көрбүккүнүй?
Маннык кэпсэтиилэр күн-дьыл аастаҕын аайы сыыйа уларыйан, хардарыта өйдөнсүүнэн солбуллубуттара. «Хаһаайын» диэн убаастабыллаах аат бигэтик иҥмитэ.
Ити ааты киниэхэ Косыгин иҥэрбитэ диэн үһүйээн ол сылларга полярниктар ортолоругар тарҕана сылдьыбыта. Ол гынан баран ити аат дьиҥ-дьиҥинэн атын түгэнтэн силис-мутук тардар.
Бадаҕа, улахан уолун интернакка олохтуу Күһүүргэ тахса сылдьан, суол түбэспиччэ, Намҥа тиийэ сылдьыбыта. Арааһа, бу кини материкка бастакы тахсыыта быһыылааҕа. Онон эбитэ дуу, сатамньыта суох кэмҥэ Киһилээххэ тиийбит этэ. Муус тура илигэ, атын суол суоҕа. Бу кэмҥэ «Валя Котик» диэн муора хараабыла полярниктарга, саллааттарга кыстыыр аһылыктарын саппааһын аҕалан сүөкэнэ тохтообута. Буурҕа мэһэйдээн, хараабыл таах турар кэмигэр Уйбаан капитаҥҥа киирэн:
– Аччыгый Лээхэпкэ быраҕыаххытын сөп дуо? – диэн көрдөспүтэ.
– Биһиги курдук улахан уйуктаах суудуналарга кутталлаах фарватердаах буолуохтаах. Этэрикээн билиитинэн сырыы суох. Ол эрээри Саха сирин правительствота көҥүл биэрэн, Тиксии Мурманскайы кытта кэпсэттэҕинэ, баҕар, бу таах турар кэммитигэр быраҕан да биэриэхпитин сөп. Правительствоҥ ону өйүө дуо?
– Боруобалаан көрүөххэ сөп этэ. Кыстыкпар бэлэмэ суох булт сезонун көрсөр киһи олоробун.
– Оччоҕо былааныҥ туолбат кутталлаах дуо? Сезон устата төһө кырсаны бултааччыгыный?
– Былаан туһунан эттэххэ, дьиҥэ, кыра. Ону хайа баҕарар толоруоҕум. Ол гынан баран быйыл бултуйар сылым этэ. 200—300 кырсаны туттарар санаалаах сылдьабын.
– Оччо элбэх кырсаны соҕотоҕун соҕотуопкалыыгын дуо?
– Аччыгый Лээхэпкэ, түөрт булчут учаастагар соҕотоҕун бултаабытым хаһыс да сыла.
– Биир тириини туттардаххына, государство хас солкуобайы төлүүрүй?
– Саамай үчүгэй тириигэ 40 солкуобайы ылааччыбын.
– Кыраныысса таһыгар аукциоҥҥа биир тирии төһөҕө турарын билэҕин дуо?
– Суох. Сэрэйэбин эрэ.
– Биһиги буор босхо илдьэн биэриэхпитин сөп. Правительство эрэ сөбүлэһиэн наада. Барыыстаах өттүн хаһан баҕарар тутуһуллуохтаах. Билигин радиограмма охсуохпут.
Ситэри чаас да ааһа илигинэ радист капитан каютатыгар киирэн туох эрэ лииһин туттарар.
– Правительствоҥ барыыстааҕын тутуспат эбит. Төһө эбит «босхо илдьэбит» диэн тоһоҕолоон суруйбуппутун болҕомтоҕо ыла сорумматахтар. Бука, хайа эрэ кыра чиновник улахан начальствотын сүпсүгүрдүөн баҕарбатах быһыылаах. Эппиэттээбиттэрэ түргэнэ бэрт.
– Тиксииттэн ыраатыннарбатылар ини.
– Сөпкө этэҕин. Биһиги ити боппуруоһунан быһа Мурманскайга тахсарбыт көҥүллэммэт. Формальность тутуһуллуохтаах. Онон биһигини, бука баһаалыста, өйдүү сатаа. Атын туох эмэ экстремальнай түгэҥҥэ бэйэбит быһаччы быһаарыныы ылыныахпытын сөп.
Сарсыныгар буурҕа аста быһыытыйан, таһаҕаһы катерынан кытылга таһыы саҕаланар. Киэһэ биэрэккэ көмөлөһүннэрээри С-100 тракторы хараабылтан түһэрэн эрдэхтэринэ, буурҕа муораны эмискэ өрө бааллырдан, катерга кыайан олордубакка хаалаллар. Суудунаҕа да төттөрү илдьии кыаллыбат. Хараабыл хачайданар, трактордаах поддон чаһы маятнигын курдук биэрэстэнэр. Кытылтан троһунан бэрт эрэйинэн туттаран баран, хаалбыт дьон хаһаарымаҕа хоно тахсаллар. Катердара долгуҥҥа оруобуна ойоҕоһунан буолан, хараабылга кыайан тиксибэт эбит.
Уйбаан кытылга сүөкэнэллэрин көрө таарыйа, улахан көһөҥө таас кэтэҕэр балааккатын туруоран буурҕаҕа кыһаллыбакка олороро. Арай нөҥүө сарсыарда туран көрбүтэ, С-100 трактордаах поддону биэрэктэн туттарбыт ыстаал ханааттарын утахтара сыыллан сөллөрө буолбут. Сөлүннэ да трактор ууга сонно тута түһэр кутталлаах. Үгүһү толкуйдуу барбакка, кытылга сытар луому сулбу тардан ылан, ханаат «сымныыр» кэмигэр эрийэ охсоот, ньыгыл таас хайдыбыт быыһыгар луомун биир уһугун батары саайар. Дьэ уонна туох түбэһиэх трос тоһоҕосторун була-була, ханаат «сымнаатаҕын» аайы бөҕөргөтөн биэрэн иһэр. Ол эрэ кэнниттэн станцияҕа тахсан хаһаарымаҕа түлүпүөннүүр. Баһыттан атаҕар тиийэ ибили сытыйбытын онно тиийэн биирдэ билэр. Троһу ууттан орууругар муораҕа чомполоммутун дьон кытылга киирэн биирдэ итэҕэйэллэр.
Тыал нэдиэлэни быһа астыбат. Ол былаһын тухары тыаҕа баар дьон күннэри-түүннэри дьуһуурустубаны олохтууллар. Уйбаан ханааты кытаатыннарбыта тулуктаһан трактор быыһанар. Ол туһунан хараабылга анал «Молния» тахсар. Уйбааны герой курдук каюткомпанияҕа чиэстииллэр. Онно капитан бу курдук этэр:
– Ити С-100 трактор пропискалаах сирэ атын. Онно хайаан да тиийдэҕинэ эрэ полярниктар кыстыыр кыахтаахтара. Өскөтүн ууга тимирбитэ буоллар, биһиги Мурманскайга төннөр туруктаах этибит. Саҥа станция эмиэ «онуоха-маныаха» диэри үлэтин тохтотуохтааҕа. Иван Яковлевич баар буолан, кини кыраҕытыттан биһиги салгыы айанныыр кыахтанныбыт, правительство биһиэхэ сүктэрбит сорудаҕын толорор туруктанныбыт. Онон убаастабыллаах Иван Яковлевиһы Аччыгый Лээхэпкэ тиэрдэн биэрэргэ диэн манна бэйэбит испитигэр сүбэлэстибит уонна үрдүкү начальствобытыгар Ийэ дойдутугар биэрбит андаҕарын өрүү өйдүү-саныы сылдьан чиэстээхтик толорбутун дакылааттыахпыт.
Инньэ гынан «Валя Котик» диэн муора сүдү хараабыла айанныыр курсун ол күһүн кыратык уларытан турардаах. Аччыгый Лээхэпкэ тиийэн рейдэҕэ турбуттарыгар капитан бүтүн катер бородууктаны Уйбааҥҥа сүдү өҥөтүн иһин буор босхо биэрэри дьаһайбыта. Онуоха Уйбаан:
– Табаарыс капитан, бука баһаалыста, кытылга тахсан мин хайдах олорорбун билсис, кэргэммин, оҕолорбун көрүтэлээн аас, – диир.
– Оттон Иван Яковлевич, соҕотоҕун бултуубун диэн кэпсээбэтэҕиҥ дуо?
– Булчут – соҕотохпун. Ону эппитим. Манна Лээхэпкэ өссө биир уол оҕо төрөөбүтэ. Бэйэм акушердаабытым. Онон арыыга үс оҕом баар. Улахаммын материкка оскуолаҕа киллэрэн баран төннөн иһэбин.
– Күндү Иван Яковлевич, үс оҕом, кэргэним, арыыга күүтэллэр диэбитиҥ буоллар, биһиги уонча хонуктааҕыта эйигин аҕалбыт буолуох этибит.
– Дьэ оччотугар тракторы ким быыһыай, табаарыс капитан?
– Оо, да-да! Сөпкө этэҕин. Мин билигин боцмаҥҥа бирикээс биэриэм. Эн оҕолоргор тугу эмэ толкуйдаатахпытына табыллар.
Эһиилигэр хайа эрэ хараабыл Аччыгый Лээхэпкэ чугаһаабыта. «Алга» диэн теплоход дэспиттэрэ быһыылааҕа. Ыраах тохтообут буолан, аатын Уйбаан бу диэн чуолкай өйдөөбөт. Капитан:
– Эйигин көрсөр сорудахтаахпыт. «Валя Котик» капитаныттан улахан эҕэрдэ аҕаллыбыт. «Вокруг света» диэн сурунаал корреспондена анаан-минээн эйигин кытта кэпсэтэ кэлистэ. Дьиэҕин, дьоҥҥун хаартыскаҕа түһэриэҕэ, олорор, үлэлиир усулуобуйаҕын билиһиннэрээр. Бастаан биһиги кэһиибитин дьоҥҥор туттарарбытын көҥүллээ.
Дьэ манна Уйбаан улахан мунаарыыга түбэстэ. Улахан сири кытта сибээстэһэр рацията суох, ханнык да медицинскэй көмөнү тутатына эрэйбэт туруктаах быраҕыллыбыт сир уһугар бэйэтэ оҕону төрөтөрүн эҥин кэпсээтэҕинэ, аан дойду дьонугар Сахатын сирин түһэн биэрииһик. Түүлээх сырсыытыгар киһини, бүтүн ыалы көлөһүннүүр курдук быһыы-майгы үөскүүһү. Өссө кэргэнэ хамнас диэни аахсыбатын ааһан, оҕолоругар пособиетын быһан кэбиспиттэрин аҕыннаҕына – аан дойду дьоно кэлэйэр түгэннэрэ буолууһук. Хайа эрэ бытааһах: «Кэргэниҥ бэйэтэ кэлэн оҕотун көрдөрдөҕүнэ эрэ сибидиэтэлистибэ биэриэхпит, пособиены, мээнэ, Аччыгый Лээхэпкэ диэн ыыппаппыт!» – диэбитин эрэ иһин үҥсэргии сылдьара сатаныа суох.
– Дьэ, күндү табаарыс, мин манна бэйэм үтүө көҥүлбүнэн бултуу сылдьабын, ким да күһэйбэтэҕэ. Кэргэним эмиэ үҥсэргиир кыаҕа суох. Өскөтө «Вокруг света» тахсар түгэммитигэр биһигини мантан көһөрөн кэбиһэр кыахтаахтар. Оттон биһиги манна оҕолорбутун булчут оҥортуур, үйэбит устата олоҕурар санаалаахпыт. Бу дойду олоҕор үөрэннибит, айылҕатын тулуйдубут. Онон атаххыт эрэйин тугунан баҕарар төлүүр кыахтаахпыт. Кырса тириитэ ылаҕыт дуу, мамонт муоһа илдьэҕит дуу? – талыҥ.
– Оо, Иван Яковлевич, ити этэргин биһиги ылар кыахпыт суох. Государство баайа мээнэ уҥа-хаҥас тутуллубатын бэйэҥ да билэр буолуохтааххын.
– Оччоҕо күндү балыкта, көтөр этинэ ылыҥ.
– Суох. Баһыыба. Биһигини аһынан босхо хааччыйаллар. Хата, бу таба муоһун мунньар эбиккин. Ону сувенир гынан ылыахпытын сөп.
– Баһаалыста. Атын да сувенир элбэх.
Дьэ, ити кэмтэн ыла полярнай станция радистара ааһан иһэр хараабыллартан сылга хаста да эҕэрдэ тутар буолбуттара. «Хаһаайын» диэн аат онтон ыла бигэтик иҥмитэ.
Шура сувенирдара, атастаһыкка диэн, буор-босхо аан дойду үрдүнэн, арааһа, ол кэмтэн тарҕаммыттара.
«ОҔОЧУОРКА»
Биир сарсыарда туран Шура, кэргэнэ тас таҥаһын таҥныбытыгар:
– Уйбаан, бачча тыалга дьиэҕэр олоро да түһүөххүн, – диир.
– Бу диэн тыал үһү дуо? Оччо буурҕаҕа сырыттым ини.
– Тыал күүһүрэн эрэр буолбатах дуо?
– Эн санааҕар.
– Хонукпар күүтэбин дуо?
– Хоту уһукка баар паастарбын туруора барыахтаахпын.
– Чугас эргин ол кэннэ сылдьар сириҥ суох дуо?
– Бээрэ, эн миигин ыытымыаххын баҕараҕын дуу, хайа үөдэн? Бэлиэр чугаһаатыҥ дуо?
– Бөөлүүн талыым киирдэ. Ол иһин этэбин.
– Тоҕо эрдэтэй? Билигин Этэрикээн туоратара биллибэт. Муора тура илик.
– Арааһа, Киһилээххэ барыахпыт суох. Манна хайдах эмэ… Эн баарыҥ ордук этэ.
– Ыттарым көлүллэн тураллар. Туоруу сатаабаппыт дуо?
– Кэбис! Хайдах эмэ манна оҕолоноо инибит.
– Оо!!!
– Хайдах буоллуҥ? Эн да окко төрөөтүҥ ини… Оннооҕор мин ийэм балыыһаламматаҕым диир этэ.
– Аҕабын ийэм миигин төрүүрүгэр үүрбүтэ үһү.
– Тоҥус дьахтара туун диэччилэр…
– Ол аата?
– Киһини көрбөтүн иһин эттилэр ини… Хата, ийэҕиттэн көрдөс. Түүлүмсүйэриҥ бэрт дии…
– Киэһэ буолуо ыраах. Уонна ийэбин хаһан да түһээн көрөөччүм суох.
– Уокка аста кээһээр! Уонна аатын ааттаан көрдөстөҕүҥ дии. Баҕар, көмөлөһүө…
– Сибилигин дуо?
– Суох-суох. Талыым киирдэҕин аайы.
– Ол, туох диэн тыллаах баҕайыный?
– Оо, дьэ! «Дойду сиртэн тууралаахпыт», – диирэ үһү буолбат дуо? Саха улуу ойууна иккистээн төрөөбүт сыдьаана сылдьабын диэччигин дии.
– Ийэм этэрин эттэҕим…
– Ийэҥ сымыйаны эппэтэҕэ чахчы.
– Оччоҕо туох диэн кимтэн көрдөһөбүн?
– Ийэҕиттэн көрдөстөххүнэ сөп буолуо.
– Оттон оҕолорбут уһугуннахтарына, хайыыбыный?
– Күүлэҕэ таһаартаар. Мин бэйэм этиэҕим.
– Оо, маны билтим буоллар, туспа хос оҥостуом хаалбыт.
– Бачча кыараҕас дьиэни өссө быыһаары гынаҕын дуо? Ол оһох кэннин диэки муостаҕа отто тэлгээ, бакырыбааланан быыһаан саппыта буолаар.
– Ол оту хантан ылабын?
– Күүлэҕэ, кыс мас кэтэҕэр куул баара буолуо. Киллэрэн ириэр. Уонна дьуоккун, кыптыыйгын, сапкын, испииргин чугаһатын. Мин кыайан туруом суох. Уута сылыт.
– Бэлиэр дуо? Хайдах сабы?
– Иҥиир сап эрэ элбэх буолуо. Таҥаскын көҕүрэттиий!
– Ээ…
– Оҕолоргун ичигэстик таҥыннартаар. Күүлэттэн таһырдьа быкпаттарын курдук этээр. Хата, улахаммыт үөрэнэ барбыта үчүгэй эбит.
Талыы киирдэҕин аайы оҕолор барахсаттары таһырдьа үүрэ-үүрэ ааны олуйан, киллэрэн-таһааран халлааннарын хараҥардаллар. Аны утуйан быстыбакка биир айдаан. Утуйбуттарын кэнниттэн саҥа таһаарбат буола сатаан биир сор.
– Таба түүлээх муоһун тоһоҕоһун ытыттар эрэ.
– Тоҕо?
– Уоспун быһа ыстыах курдукпун. Чэ, эмиэ ас кээһэн көрөҕүн дуу…
– Ийэм, Дьэбдьиэй…
– Толору аатын этиий! Хайдах сырыы аайы умнан иһэҕин?!
– Ийээ, Огдооччуйа Миитэрэйэбинэ Хоруохаба, соҕотох оҕоҥ кэргэнэ быыһанарыгар хайдах эмэ гынан көмөлөһө сатаарыый! Эйигиттэн атын ким да көмөлөһөр кыаҕа суох сир уһугар тиийэн-түгэнэн хааллыбыт. Бэйэҥ кыайан көмөлөспөт буоллаххына, ийэҥ-аҕаҥ төрдүлэриттэн көмөлөһүннэрэ сатаарыый! Төрүттээх-уустаах курдук этэргэ дылы гынарыҥ дии. Аҕам инньэ диир буолара. Бу таба сыатынан ас кээһэбин, хоҥор хаас куорсунунан сыт таһааран эрэбин. Сылгым сиэлэ суох. Аанньалларым эрэ буолларгыт, атыҥыраамаҥ, иэйиэхситтээх курдук этибит, илэмэ-салама буолуҥутууй! Ийэбит-аҕабыт төрүттэрэ, иилэһэн-саҕалаһан көрүҥүтүүй!
– Туох эрэ быкта ээ, көр эрэ.
– Хабах курдук быкпыт, хайыыбын?
– Тыытыма, баҕар, оҕоҥ төбөтө буолуо…
– Оҕо төбөтө, дьэ, көстөргө дылы. Хайыыбын?
– Саҥарыма!.. Һуу!!! Көрүмэ! Һуу!!! Ханнан хаалыа… Һуу… Ханна бааргын?.. Тоҕо тураҕын?..
Ити кэмҥэ оҕо ытаан эһиэнньэхтэнэр.
– Хайыыбын?
– Уугун-уугун бэлэмнээ… Бастаан киинин баайыый… Ытаатын-ытаатын… Быстыҥ дуо?
– Тугун?
– Киинин!
– Ыалдьыа суоҕа дуо?
– Оо, дьэ, эмиэ оҕочуорка дии! Аҕал манна… Бэйэм хайыам… Ити бэйэлээҕи кыайбаккын дуо?
– Һуу! Дьэ босхолонор инибин.
– Чэ, бар. Хайдах эбит бэйэбит хаалыахпыт. Улахана бүттэ.
– Кырдьык дуо?
– Бар-бар… Бытааныҥ бэрт эбит.
Уйбаан илиитэ-атаҕа санаатын хоту хамсаабатыттан бэйэтэ да бэркиһээн кэбистэ. Урут оҕо сылдьан ынах төрүүрэ түргэнин сөҕө көрбүттээҕэ. Киһи төрүүрэ эрэйдээх да эбит.
– Хаһан кэлэбин…
– Оттон… хас хоноҕун?
– Икки-үс.
– Чэ, бар. Этэҥҥэ соҕуспун дии.
Кыыл табаҕа аралдьыйбакка, паастарын туруораат, дьиэтигэр ыксал бөҕөнөн кэлбитэ, арай, кэргэнэ турбатах… Кыыстаах уола остуолга баар аһы бүтэрэн тоһуйаллар.
– Хайа, ийэҕит?
– Турбат дии, – диир кыыһа ытыы сыһа-сыһа.
– Оо, кэтэһэн да биэрдим. Таах ыытааччы буолан. Кэнниким кыайан кэлбэккэ сордоото. Өлөрүм буолла.
– Оҕоҥ?
– Баар. Ханна барыай. Утуйа сытаахтыыр. Хата, Ириитэм оһох оттон абыраата. Киһи эбит. Умулуннарбат. Улгума сүрдээх, тугу аҕал диирбин толорон иһээхтиир. Чэ-чэ, турума. Кэлэ оҕус! Таҥаскын устууй! Уута сылыт. Илиигин испииринэн суун. Испиирдээх буолан тулустум быһыылаах. Истэхпинэ, ыарыым мэнэрийэргэ дылы гынар. Ким уулуой! Эн уулаан барбытын дуо? Хата, оҕом тоҕо түһэрбэккэ тыыннаах ортум быһыылаах. Көр эрэ, хаан дуу, туох дуу? Аны хааным тоҕо баран өлөрүм буолуо.
– Уу быһыылаах. Салахай курдук. Бэйи, бастаан оһохпун отто охсон, күөс өрүүм.
Оһоҕун күлүн көҕүрэппитигэр төлөн иҥсэлээхтик өрө хабыаланан барар. Өссө биир күн хойутаабыта буоллар, уота тумнастара хаалбыт. Оҕоҕо барытын көрдөрөн, быһааран иһиэххэ баар эбит. Чылаа кырдьаҕас инньэ диир буолара. Арба, ол оҕонньору өссө ынах эмчитэ диэччилэр. Көмөлөстөҕүнэ, кини көмөлөһүүһү. Кырыылаах дьааһыгыттан бытыылка ылан оһоҕун аһата-аһата:
– Чылаа кырдьаҕаас, өйбөр өй уган, киһи хара оҥорон, бачча сааспар диэри дьон тэҥинэн сырыттым. Бу дьоно-сэргэтэ суох сир уһугар тиийэн-түгэнэн хаалан, Эн үрдүк ааккар үҥэн-сүктэн эрэбин. Илиим-атаҕым барбата сүрдээх. Эн Киһи! Умна-тэмнэ сылдьарбын санат эрэ! Хайдах этиҥиний! Санаабын салҕаан, күүспүн көҕүлээ, өйдө ук!
– Уйбаан!..
– Тугуй?
– Аны эйигин чугаһатан бэрт. Таба муоһун сии-сии күөдүлгэхтэнэриҥ тохтуур.
– Оччоҕо ханна барабын. – Атамайыҥ кыыһа да баар, Бэрдьигэстээҕиҥ иистэнньэҥэ да баар. Отуччалаах киһи дьахтары баҕас булаа инигин.
– Оччоҕо бултаан бүтэр буоллаҕым…
– Тоҕо?
– Ол кыргыттар манна тулуйбаттар. Биир да хоноллоро биллибэт.
– Тиксиигэ да ким эмэ баара буолуо. Бэккэ сулукучуйааччыгын.
– Хаһан «сулукучуйбуппунуй»?
– Роддомҥа киирдэхпинэ…
– Ким инньэ диир?
– Дьахталлары мээнэ туппахтаабат буол!
– Күнүүһүт эбиккин дуу?
– Миэхэ Намҥа дьиэ тутаар. Оҕолорбунаан олоруом. Булчут киһи атахтарыгар туруортуоҥ буоллаҕа…
– Саарбахтыыбын. Бэл бу сытан итинник саҥарар киһи, үтүөрдэххинэ, атыннык тыллаһыаҥ.
– Чэ, кэл! Чылааҥ туох диэтэ? Кут эрэ, тулуйумаары гынным.
– Харахпар саҥа көстөн эрдэҕинэ аралдьыттыҥ.
– Илиигин сылыт. Испииринэн сотун…
– Хайыыбын?
Уйбаан кэргэнин үллэн хаалбыт иһин имэрийэ сатыы олорон, Чылаа оҕонньор ынах иһин тобугунан баттыалыырын көрөн кэлэргэ дылы гынар. Уонна кэргэнин этэ тымныйан, саҥата бөлүөхсэн барбытыгар ыксаан, тутар-туппат имэрийэ олорон:
– Суура! Мин билигин, билигин, – дии-дии кэргэнин иһин, түөһүн тылыттан саҕалаан, уҥа тобугунан сыҕайа баттыыр. Төһө-хачча кэм-кэрдии ааспыта эбитэ буолла, арай эмискэ туох эрэ төлө барарын курдук тыас «буус!» гыммытыгар көрбүтэ – кэнэҕэскитэ бүтүннүү таһырдьа мөлбөрүс гынар, уу-хаар бөҕө төтөлө суох тохтор…
– Һуу, чэпчээтэхпиэн! – диэн Шурата саҥа таһаарбытыгар биирдэ тохтуур.
– Хайа?
– Тохтоо-тохтоо… Таҕыста буолбат дуо. Уугун дьэ аҕал. Ороммор көһөрөөр. Үс күнү быһа тоҥон өлө сыстыбыт. Мэ, уолгун тут. Хачайдаама, билигин тугу да билбэт.
– Оттон ытыыр дии…
– Ытыыра үчүгэй. Киһи буолар оҕо ытыыр. Киһигин ким диэн ааттыыгын?
– Туолук.
– Тоҕо?
– Оттон эн толук буола сыспатыҥ дуо?
– Оччоҕо Толук диэриий!
– Оттон Толуктан таһааран Туолук диэтэҕим дии. Онотуолуй диэри. Бэйэбит Толук диэхпит.
– Чэ, ким да диэ. Оһоххун күөдьүт. Алаадьылаа. Саҥа киһибитин малааһыннаан көрүөх. Кут эрэ, ыарыым мүлүрүйээрэй. Уулаа-уулаа. Оҕолорун таҥастарын, турдахтарына, уларытаар эрэ. Ыстаансыйа дьахталлара табылыаккалаах буолан абыраммыт дьон.
– Онно эмиэ тоҕо ойон тиийдиҥ?
– Оттон күүтүөхпүт диэн эрэллэрэ дии. Биһиги эрдэлиирбитин хантан билиэхтэрэй?
– Табылыакка онно туох сыһыаннааҕый?
– Табылыакка сии-сии төһө баҕарар сылдьыһаллар үһү.
– Оччоҕо?
– Оҕоломмоппут дэһэллэр.
– Ээ, ону этэр эбиккин дуу? Табылыакканы баҕас булуохпут. Оччоҕо табам муоһун сиэн эрдэхпит.
– Буллаххына сиэр.
– Толук буола сыспыт Туолук, көр эрэ, туундара саҥа күнэ тахсарын. Илин ол баар, эн тоҕо үөһэ диэки көрөҕүн, доҕор? Күн тахсарын көрүүй!
– Оо, дьэ! Аҕал-аҕал! Билигин илини-арҕааны араарар үһү дуо? Хата, мииннэ кутан аҕал, үүт киириэ…
– Көр эрэ! Оруобуна күн тахсарын көрөр курдук. Күннээх сир киһитэ быһыылаах.
– Оннук эрэ буоллун.
ТОЛУК
Уйбаан Аччыгый Лээхэп арыытыгар күнү көрбүт оҕотун Толук диэн ааттаабыта иһэ истээх этэ. Элбэҕи эргитэ санааһынтан ити тыл эмискэ төлө көтөн тахсыбыта. Киһи диэн дьикти баҕайы. Аны бастаан туох бары түбэлтэни куһаҕан өттүн эргитэ охсон ылар үгэстээх.
Кэргэнэ кэмин иннинэ оҕоломмута, Уйбаан санаатыгар, хайаан да туох эрэ төрүөттээх буолуохтааҕа. Дьиҥэ, төрдө-төбөтө Шураҕа сытарын кини букатын кэлин сэрэйбитэ. Дьахтар улаҕалаах өйдөөҕүн ол эрэ кэнниттэн сөҕө санаабыта. Шурата хаһан, хайа кэмҥэ оҕолонуохтааҕын билэр буолан куул муҥунан куурбут оту хаһааннаҕа. Бу дойду отун дьиэҕэ эрэ бэркэ сыралаһан куурдуохха сөп. Ону барытын кэргэниттэн кистээн. Ол аата Шура арыыга оҕолонорго бэйэтэ эрдэттэн бэлэмнэммит уонна кэргэнигэр, Киһилээх дьахталларыгар ыйтан ордук кэлин болдьоҕу соруйан эттэҕэ. Ол саҕана муус үрдүнэн сырыы-айан куттала суох буолар. Кэмин сөпкө этэр түгэнигэр муус туруон иннинэ тутуу былдьаһан Этэрикээн билиитин туораныллыахтааҕа. Оччоҕо паас туруоруута эҥин барыта хаалар. Ахсынньыга биирдэ онтугун-мантыгын сөргүтүнэн олохтоохтук бултуургар тиийэҕин. Кыыл таба туһунан күһүн санаммаккын. Аны Этэрикээн арыт дьыл бэрт эрдэттэн күөрэ-лаҥкы мууһунан көрөөччү. Онон кэргэнэ арыыга төрүүргэ кытаанахтык санаммытын кууллаах оту киллэрэ сылдьан биирдэ сэрэйбитэ. Дьэ уонна быйылгы булт толуга оҕо төрөөн эрдэҕэ диэн санаа букатыннаахтык олоҕурбута. Өссө: «Кыыс эрэ буолбатар!» – диэн ботугураан ылбыта.
Иккиэн төрдүс оҕолонуохтарын баҕатыйаллара. Кыыс төрөөн толукка барара хомолтото бэрт буолуо турдаҕа. Онтон сатаан оҕоломмокко, иккиэннэриттэн илии соттуон сөбүн санаан этэ тымныйталаабыта. Барыта син этэҥҥэ ааспыта эрээри, толук туһунан дьиксиниилээх санаа ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ.
Шура Атамай кыыһын, Бэрдьигэстээх дьахтарын санатыыта эмиэ оруннааҕа. Сыыһа туттаран өлөн-сүтэн хаалар түбэлтэтигэр оҕолорун атыҥыраабат дьоннордооххун диэн санаа угар быһыыта этэ. Кэргэнэ дьиэ иһигэр турар буолбутун кэннэ, Уйбаан Киһилээххэ баран сүбэ-ама ылар санаалаах Этэрикээн билиитин туоруу сатаабыта кыаллыбатаҕа. Ол киэһэ тиийэн кэлбитигэр кэргэнэ:
– Эппэтэҕим дуо? – дии тоһуйбута.
– Тугу?
– «Туоратара биллибэт» диэн. Чуут аара быстара сыспыппыт…
– Эрдэ туоруохха баара.
– Оччоҕо да сэрэҕэ суох этэ диэтэххиний! Муус модьоҕотун кыра оҕолор хайдах нөҥүөлүөхтэрэй? Мин да түһэрим-тахсарым саарбах этэ. Аны ыттарыҥ, таҥаһыҥ-сабыҥ, аһылыгыҥ… Мотуоркаҕа төһө бэйэлээҕи туоратыаххыный, хаста да кырынан биир күнүнэн уҥуору этэҥҥэ буларбыт эрэ, суох эрэ. Муора санаа хоту туран биэрэрэ биллибэтэ. Ол иһин кистии-саба бэлэмнэммитим. Ыстаансыйа дьахталлара сэрэйэр быһыылаахтара…
– Ол иһин табылыакка эҥин туһунан тыл быктардахтара.
– Ол иһин ини. Сайын, иһим саҥа биллэн эрдэҕинэ, Тиксиигэ ыыта сатаабыттара.
– Тоҕо?
– Түһэртэрээри буолуо. Эн кыыска баҕарарыҥ иһин сөбүлэммэтэҕим.
– Эн да кыыскар ханыы тардыһарга дылы этиҥ дии?
– Оҕом тылын быһа гыммакка…
– Ириитэҥ дуо?
– Кини буолбакка.
– Ол туох диэччиний?
– «Убайым Баанньа бырааттаах, оттон мин тоҕо балтым суоҕуй?» – диэн ыйытааччы.
– Онтубут уол буолан хаалла. Ол аата оҕобутугар балыс көрдөһөр буоллахпыт. Табылыаккаланаары гынаҕын дуу?
– Айыыһыппытын хомоппот инибит.
– Оттон бэйэҥ эппитиҥ дии?
– Эр дьон талыы диэн тугун билбэккит. Абытай ыарыы халахайдаттаҕына, эһиги да саҥарыа суоҕу саҥарар, этиэ суоҕу этэр инигит? Эн да көссүүҥ тугу-тугу саҥарбытын билэриҥ буоллар…
Уйбаан Шураны кэргэн ылыан иннинэ бастакы тапталлааҕын, оттон ыал буолан баран атын кыыска оҕо оҥорбутун кэргэниттэн букатын кистээбэтэҕэ. Били улахан уолун оскуолаҕа олохтуу Күһүүргэ бара сылдьан, ылла да Намҥа ыстанан тиийбитэ – ол оҕону көрөн кэлэр баҕаттан этэ.
Кэргэнэ атын дьахталлардааххын, туора оҕолооххун эҥин диэн хаһан да сирэй-харай аспат этэ. Бу сырыыга, ити бэйэтэ этэн аһарбытыгар дылы, талыы абытайа этиэ да суоҕу этиттэҕэ. Оттон биһиги Уйбааммыт санаатын утаҕын быһымыаҕыҥ. Толук туһунан дьэбиннээх санаа ааһан-араҕан биэрбэккэ сылдьан өмүтүннэрбэккэ чаҕылҕан курдук сандаарыс гынан ааһар идэлээх. Ити, арааһа, киһи айылҕатыттан дуу, айылгытыттан дуу сибээстээҕиттэн быһыылаах.
Туох да хардата суох оҥоһуллубат. Хайаан да туох эрэ толуктаах буолар баҕайыта. Ону хайа да түгэҥҥэ умнуллуо суохтаах. Ону умнубут үүнэ-тэһиинэ суох барар. Нөҥүө түһүү, бардамнааһын, улаханнык сананыы төлөбүрэ сүдү. Уйбаан ону хаһан да умнубатаҕа. Ол да иһин толук туһунан санаа ааһан-араҕан биэрбэккэ аргыстаһан эрдэҕэ. Ону олох ирдэбилин курдук ылынан халымырдык аһардаҕа.
«Улуу» диэн тыл уодаһыннааҕын өйдөөбөт киһи умсара дөбөҥ. Ити тыл сыстыбыт киһитигэр дьон хараҕа хатанар, тыл хонор. Ол төһөҕө баҕарар сэттээх. Уйбааны улуу булчут диэччи да баара, ордук кырдьаҕас булчуттар ону чиҥэтэ этээччилэр:
– Ноко, Байанай батыһа сылдьар уолаҕын быһыылаах, сирэй-харах олоруута онно дьүөрэлэһэр. Улуу булчут аатын-суолун сүгэр чиэс мээнэ киһиэхэ тиксибэт. Ол эрээри хардата уон оччонон улахан буоларын умнумаар…
– Кырдьаҕаас, Байанай биэрэрин сиэҥҥэ сиэппэт киһи барыта мин курдук бултуйар кыахтаах.
– Кистэлэҥэ онно эрэ буолбатах. Туругас-олоругас, кыайыгас-хотугас, булугас-талыгас киһи аайы тэҥинэн бэриллибэт. Эн ол ньымаҕын дьоҥҥо барытыгар төһө да үөрэт – син биир эйиэхэ тэҥнэһиэхтэрэ суоҕа. Эн курдук киһи төрүүрэ биллибэт.
– Тоҕо?
– Эн бэйэҥ оҕолоргун булка төһө сыһыардыҥ?
– Интиринээттэниэхтэриттэн ыла сүрэхтэрэ сөлүннэ диэн сылдьабын.
– Айылҕабытыттан тэйдибит, айылгыбыт уларыйда. Кырдьаҕас дьон хараҕа кыраҕы. Ол иһин этэбин – эн курдук чулуу булчут аны төрүүрэ биллибэт.
Оттон ордугургааччы кэмэ суох элбэҕэ. Ордук тэҥҥэ сылдьыһар булчуттар араас тылы ыыта сатыыллара. Бэрт былдьаһар дьону күөттээччилэр да бааллара.
– Хайа, атас! Оҕо эрдэххиттэн бултуур эрээри быйыл эмиэ ырааҕынан бырахтарбыккын. Эһиил бэйэ бодоҕун тардыннаххына табыллыыһы. Эн киһи иннигин быһа хаампыт суоҕа этэ дии. Туох буоллуҥ?
– Уодьуганын тартарыан баҕардаҕа…
– Уол оҕо одьунааһа дэһэллэр…
– Оннооҕор буолуоҕу умса көрдөрүллүбүтэ…
Николаев диэн киһийдэх баара, тугу да булан этэрэ суох буолан, айаҕар батаран эппитэ үһү:
– Ээ, ол киһи Аччыгый Лээхэпкэ баар былыргы атыыһыт хас эмэ сыл түүлээҕин симпит булууһун буллаҕа. Уонна туох буолбут киһи итиччэ элбэҕи бултуоҕай?! Сотору тэҥнэһэр инибит!
Аны сэтэрээччи да баара. Икки аҥаарыгар сылдьар кыыс оҕолоро сыыстаран өлбүтүгэр:
– Ол да иһин булт туһугар сиэрэ суох хараҕа хараҥардаҕа…
Дьон тыла хонноҕуна, хайаан суола-ииһэ суох хаалыаҕай! Ол толугунан саамай кыра оҕото буолаахтаабыта. Ол кыысчаан Туолуктарын кэнниттэн аҕыйах сыл буолан баран эмиэ Аччыгый Лээхэпкэ төрөөбүтэ. Бу сырыыга, кыыс буолан, кылбардык оҕоломмуттара. Лиза диэн ааттаабыттара. Сүүрэн-көтөн эрбэкэчийэ сылдьар оҕо хаалбыта. Паастарын көрөн кэлбитэ – ыалдьан тоһуйбута. Тымныйбыт быһыылааҕа. Тыынара күрдүргэс, сөтөлө ыйырбыт этэ. Хайаан да полярнай станцияҕа илдьэн бырааска көрдөрөр, Тиксииттэн санитарнай самолету ыҥыртарар санааламмыттара. Оҕолоро, Этэрикээни ортолоон эрдэхтэринэ, этэ тымныйаахтаабыта.
– Доҕоор! Оҕобут бараахтаата! – диэн кибииккэ сабыытын сэгэтэн Шура хаһыытаабытын истэн баран, Уйбаан кулгааҕа «чуҥ» гыммыта. Ол курдук үс күн кэриҥэ улаатан кэлэ-кэлэ биир кэм ааспакка-арахпакка чуһуура сылдьыбыта. Оҕолорун кистээбиттэрин эрэ кэннэ ол иһиирэр тыас уурайбыта. Кэргэнэ ону истэн баран:
– Аанньалыҥ тэҥҥэ айманнаҕа, – диэбитэ.
– Толугун ылан сир-дойду иччитэ дьэ дуоһуйдаҕа…
– Кэбис, инньэ диэмэ. Ылыахтаах буолан ыллылар ини.
– Хайаан да эттэн-хаантан иэстэбиллээх быһыылаах.
– Туох билиэ баарай!
– Улахаттарбын кинини курдук ымманыйа таптаабыппын өйдөөбөппүн.
– Өлүөх буолан бэйэтигэр оннук убаннардаҕа. Эрдэ да тылланаахтаабыта. Өйө-мэйэ сааһыгар дьүөрэтэ суоҕа. Тобуллаҕас баҕайы этэ. Эйигин көрөн төрөөбүт дии саныырым.
– Саамай күндүбүтүн илдьэ бараахтыыр эбиттэр. Итини билтим буоллар…
– Хайыаҥ этэй?
– Хайа эрэ ыппын эрдэ-сылла анаан-минээн толук туттуом хаалбыт. Чылаа кырдьаҕас инньэ диир быһыылааҕа. Сыыстарыллыбыт.
– Оҕом сыыһа дьон тылын да уйбата ини.
– Туох билиэ баарай!..
Дьахтар күнүн иннинэ Киһилээххэ бара сылдьыбыта. Бырааһынньыктар аайы тиийэн ол-бу ээк-сээкэйи оҕолоругар кэһии диэн туохха эмэ атастаһар идэлээҕэ. Станция дьоно бэйэлэрэ да кыра бэлэҕи оҥороллорун сөбүлүүллэрэ. Онон хардарыта бэлэхтэһэр курдук туораттан көрүүгэ дьикти мэнэй буолан ылааччы.
– Бу кыракый кыысчааҥҥар, – диэн врач дьахтар туох эрэ суулааҕы биэрэн эрдэҕинэ тохтоппута.
– Ол оҕобут биһигиттэн барбыта…
– Ханна?
– Киһи эргиллибэт сиригэр.
– Тугу-тугу этэҕин?
– Ол дойдуга аттаммыта…
– Хайдах?
– Тымныйан…
– Эһиэхэ, киһи суох сиригэр, ханнык да инфекция суох буолуохтаах этэ.
– Эн өрүү инньэ диэччигин да, оҕобут аны суох…
– Ким эмит таарыйан ааспатаҕа дуо?
– Түүлээх туттаран Котельнайтан төннөн иһэн биир булчут чэйдээн ааспыта.
– Буоллаҕа ол дии! Бэрт кыра да тумууну оҕо организма тулуйбата биллэр. Ол киһи доруобай этэ дуо?
– Доруобай курдук этэ… Кырдьык, оҕобутун көтөхпүтэ, сыллаабыта. Ама, онтон өллөҕөй?
– Барытын бэйэҕитинэн охсоҕут. Оҕо уйан этэ-сиинэ дэҥи көрбөтө биллэр. Муора арыытын олохтоохторо, хайа эрэ хараабыл кэлэн ааспытын кэннэ, бука бары имири эстибиттэрэ үһү диэн сэһэн эһиэхэ эмиэ сыһыаннааҕын хаста санатыахха сөбүй?
– Дьэ, буолаахтаатаҕа. Кыраттан да сылдьаахтыыр эбиппит…
– Кырдьыга оннук.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.