Электронная библиотека » Прокопий Чуукаар » » онлайн чтение - страница 7


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 18:00


Автор книги: Прокопий Чуукаар


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 7 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +

ОҔО ТӨРҮӨХ БЫАТА ТАРДАН

Уйбаан олоҕун бу лоскуйа хайдах эрэ киһини итэҕэтэ охсубатынан уратылаах. Ол гынан баран кыларыйан турар кырдьык буоларын этэ-кэпсии сылдьар хас да киһи баар эбит. Олору ситимнээн-силбээн эрэ биэрэр сорук миэхэ тирээтэ. Олоххо бэрт сэдэхтик буолар сөп түбэсиһии баарын ыраас холобура бу түгэн эбит дии саныаҕыҥ. Эбэтэр хантан эрэ бэриллэр ыйаахтатыы баарыгар эрэниэҕиҥ.

Уол оҕо оту-маһы тардан көрө сылдьар сааһыгар аармыйаҕа сулууспалата ыҥыраллар. Дьокуускайга биир рота саллааты хааллараллар. Сибээс линиятын Бэрдьигэстээххэ тардыллыахтаах. Тоҕо да ала-чуо ити сыл байыаннайдар эрэ тардыахтаах линиялара эбитэ буолла? «Бэрдьигэстээххэ сулууспалаабытым», – диир саллааты ким эмэ иһиттэ эрэ, суох эрэ. Саллаат синиэллээх оробуочай олоҕо ол курдук саҕаланар. Намтан Куола Ырыкыныап диэн уол баар эбит. Биир оройуон уолаттара, убай-быраат көрсүбүттэрин курдук, тыл быһаҕаһыттан өйдөһөн, бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта көмөлөсүһэн бастакы тоҥууну-хатыыны тулуйаллар.

– Үс сылы быһа Куола биһикки боробулуоха бөҕөтүн соскойдоон турардаахпыт. Бастакы сылбытыгар Бэрдьигэстээххэ диэри линия тартыбыт. Онтон Дьокуускайтан саҕалаан Охотскайга диэри бара турдубут. Үһүс сылбытыгар Дальнай Востокка тиийбиппит. Ол былаһын тухары суруксутум – Куола. Бэйэм биир кылаас үөрэҕэ суохпун билэҕин. Кини суруксуттаабатаҕа буоллар, Бэрдьигэстээх кыыһа чугаһыыра биллибэт этэ. Арай Николай Рыкунов ол сыл ыҥырыллыбатах буоллун? Оччоҕо…

Бэрдьигэстээххэ тиийбит бастакы субуоталарыгар саллаат уолаттар кулуупка өрдьүгүнэһэн тиийэллэр. Уйбаан көрдөҕүнэ, сирэйин моһуона кини кэргэнигэр маарынныыр кыыс баар. Оччо майгынныыры көрбүт киһи иннэ-бүргэс үрдүгэр дугуна түһэр. Инньэ гынан хас да субуотатааҕы көрсүһүүлэртэн үөскээн-төрөөн тахсыбыт кэпсэтиини манна сиидэлээн, чээрэтин эрэ билсэ түһүөҕүҥ:

– Эн Намҥа аймахтардааххын дуо? Мин кэргэммэр тугунан эрэ олус майгынныыгын. Ааккын-суолгун билиэххэ син ини?

– Дьиктитик билсэр киһи эбиккин. Катя Николаева диэммин.

– Хайдах дьиктитик?

– Үгүс уолаттар кэргэннээхтэрин кистии сатыыр буолбатахтар дуо?

– Ээ, этэн кэбиспиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Онон, биир эмэ аймаҕыҥ Намҥа олоро сылдьыбатаҕа дуо?

– Аймах эрэ элбэх. Хастара Намҥа сылдьыбыттарын хантан билиэхпиний? Хата, эн туох аймаҕыҥ биһиэхэ кэлэ сылдьыбытын билиэхпин баҕарабын.

– Биһиги киэҥ сиринэн тэлэһийбит дьоммут. Мин Атамайга аҕам балтыгар улааппытым.

– Аҕаҥ баар дуо? Ким диэн киһиний?

– Аҕам үлэтин үгэнигэр сылдьар. Дьаакыап уус диэн аатынан дьоҥҥо биллэр. Онно туох баар?

– Кривошапкин диэн Нам киһитэ, хантан эрэ ааһан иһэн, ийэбинэн аймаҕым дьахтарга оҕо оҥорбут диэн кэпсииллэр. Ол киһини эйиэхэ майгыннатан ыйыталастым. Хата, эн манна балтылаах быһыылааххын. Аҕаҥ дьаамсыктаабатаҕа дуо?

– Ол хастаах оҕо баарый? Манна олорор дуо?

– Уона илик. Тыаҕа, дойдуларыгар бааллар.

– Аҕабынаан наар дьаамынан айаннааччыбыт. Сэрии бүттэҕин утаа дьахталлар сүрүннээн почта сүүрдэллэрэ. Аҕам кинилэр маастарын табааччы. Аты аара кини бостууктааччы. Баҕар, ол иһин эппиттэрэ буолуо.

– Хата, ити сөп этии быһыылаах. Кыыстааҕын билэрэ дуу?

– Булуҥҥа киириэхпиттэн сибээс суох.

– Онно тоҕо ыстанан тиийдиҥ?

– Төрөөбүт дойдум.

– Намнарбыт диэбэккин дуо?

– Аҕам Булуҥҥа балыктыы сылдьан онтон тоҥус дьахтарын кэргэн ылбытыттан төрөөбүппүн. Кэргэмминээн онно олоҕуруох курдукпут. Ийэм хаана тардар быһыылаах.

– Майгыгар да баар.

– Олус дэбдэҥмин дуо?

– Биир сиргэ таба олорбоккун, тугу эппиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын.

– Ол куһаҕан дуо?

– Айылҕа оҕолоро бары да тугунан эрэ уратылааххыт быһыылаах.

– Ону эн хантан биллиҥ?

– Мин да хоту олоро сылдьыбытым. Муомаҕа аҕыйах сыл учууталлаан турабын.

– Уонна?

– Ыарытыйан төннөн кэлбиппит.

– Хаһыа баран төнүннүгүт?

– Кэргэмминээн. Киһим бу дойдуну сөбүлээминэ төннүбүтэ.

– Оччоҕо?

– Кыыспынаан иккиэйэхпит. Уруу-тарыы элбэх, олороо инибит.

– Мин эйигин уон аҕыстаах кыыс дии санаабытым.

– Күлүү гынаҕын дуу…

– Суох. Нарыныҥ, намчыҥ бэрт. Хоту эн курдук дьон уһуннук тулуйан олорботтор.

– Оттон кэргэниҥ тулуйар эбит дии?

– Кини оҕо эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллибит бойобуой киһи.

– Оччоҕо тоҕо миигин майгыннаппыккыный?

– Сирэйиҥ моһуонугар кинини майгынныыр туох эрэ баар. Уонна киһини бэйэҕэр тардар, абылыыр күүстээххин.

– Онон?

– Онон, көрсүһэр буолуох. Иккиэн оҕолоох, кэргэн диэн тугун билбит дьон көрсүһэрбит, бу курдук кэпсэтэрбит тоҕо сатамматый?

– Уонна аҕаҥ курдук оҕо оҥороҕун…

– Аҕам туһа туспа. Манна оҕолооҕун билбэт ини. Кини оҕо үөскүүрэ дьолго диэччи. Иһиттэҕинэ үөрүөҕэ.

– Тастыҥ убайым Сэмэн Данилов курдук саҥарар эбит. Үнүр кэлэ сылдьан оҕолонор дьолун баччааҥҥа диэри билэ иликпин диэн барбыта.

– Ол хайаларай?

– Бырааттыы Даниловтары билбэт эбиккин дуу?

– Туох үлэһит дьонуй?

– Суруйааччылар. Биһиги аймах саамай киэн туттар дьоммут.

– Ырыкыныап диэн бииргэ сулууспалыыр уолум хайаларын эрэ кинигэтин мантан атыыласпыта. Ол табаарыһым эмиэ хоһоон суруйа сатыыр ыарыылаах.

– Манна, үҥкүүгэ баар дуо?

– Ээ, кинигэ эрэ ааҕан тахсар киһи.

– Араспаанньата дьикти эбит. Соторутааҕыта «Ырыкыныап ыыспата» диэн пьесаны ханна эрэ түбэһэн аахпытым.

– Ол суруйуу кини туһунан буолбата ини. Сүрдээх ыраас, чэбэр киһи. Бэйи ыйытыллыа этэ. Баҕар, хайа эрэ аймаҕа буолуо. Эн оччоҕо манна учууталлыыгын дуу?

– Суох. Иистэнэрбин сөбүлүүбүн. Курска киирэн үөрэн дии сатыыллар. Хайыырым буолла…

– Биһиги сотору Дьокуускайдыыр үһүбүт. Эйигин онтон булуоҕум. Аадырыскын биэрээр эрэ.

– Билиҥҥитэ ханна олорорум биллибэт. Уол оҕо бэйэҥ да булаа инигин.

– Оттон дьиэҕэр хаһан сырытыннараҕын?

– Оҕобун дьоммор таһаардахпына.

Катя промартель хонтуоратын биир уһугар олорор эбит. Кинигэ, хаһыат, сурунаал эрэ элбэх. Истиэнэҕэ араас хартыыналары көрөн Уйбаан соһуйан өрө эккирии түһэр:

– Дьэ, Катя, эн букатын да мин кэргэним курдук киһи эбиккин.

– Ону тугунан быһаардыҥ?

– Бу иистэнэр массыына, ити истиэнэҕэ ыйанан турар ойуулар биһиэхэ эмиэ бааллар. Кэргэним иччилээх иистэнньэҥ, кыдьыга киирдэҕинэ, кыптыыйынан талбыт хартыынатын көрүөх бэтэрээ өртүгэр кырыйан кэбиһэр.

– Миэннэрэ кырыйыы буолбатахтар, кырааска, акварель, тушь эҥин…

– Кырааска көһүннэҕинэ, ону да тэһиппэт.

– Ханна үөрэммитэй?

– Түөрт эрэ кылаас үөрэхтээх. Оттон эн ханна үөрэммиккиний?

– Оскуолаҕа бэйэм сылдьан эрэн ойуулуурга үөрэммитим. Афанасий Осипов диэн художнигы билэҕин дуо?

– Суох-суох. Музей диэннэригэр биирдэ да өҥөйөн көрө иликпин. Аймаҕыҥ дуо?

– Кинини кытта Москваҕа баран үөрэнсээри сырыттахпына, үлэлиир тэрилтэм ыыппатаҕа. Уруһуйдьут буолан, биирдэ көрбүт киһибин умнааччым суох.

– Онно барбатаҕыҥ үчүгэй эбит.

Ити көрсүһүү түмүгэр кыыс оҕо төрүүр. Кини күн сиригэр көстөр быата тардан барыта сөрү-сөп түбэһэн испит курдук буолан тахсар. Ньургустаана Ивановна Пахомова диэн аатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр норуот эмчитин түөрэҕэ, быһа холоон, ити курдук быһыыга-майгыга түстэммит эбит. Ийэтин туһунан олус үчүгэй өйдөбүллээх. Аҕата ким буоларын өрүү иһитиннэрэ-биллэрэ сылдьыбыт. Үтүө аатын-суолун үйэтин тухары кыыһыгар иитиэхтии сатыыра үһү. Кыыһа кыратыгар Постников Виталий Николаевич диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт да оҕоломмотохтор. Отуттан тахса сыл ил-эйэ уйаламмыт дьиэни– уоту тэринэн быр-бааччы олорбуттар.

Уонча сыллааҕыта Кэтириинэ олохтон туорууругар Уйбаан анаан-минээн быраһаайдаһа Бэрдьигэстээххэ баран кэлбит. Онно Кэтириинэ бу курдук кэпсээбитин Уйбаан кэриэс гынан билиҥҥэ диэри өйдүү-саныы сылдьар:

– Кэргэним үһүс сылын ыарыылаан олорор. Үтүө киһи түбэһэн нус-бааччы олорон баран эрэбин. Эйиэхэ да санаам уларыйа илик. Оҕо үөскүүр ыйааҕын туох тохтотуо буоллаҕай. Эн оччоҕо столярдыыбын диэбитиҥ дии. Кэргэним эмиэ столяр ээ. Ити дьүөрэлэһии миэхэ элбэҕи этэрэ. Армияттан сулууспалаан кэлэн иһэн, Сайсаарга олордохпутуна, сылдьан ааспытыҥ. Онно улаханым Рая: «Папа гыммаппын!» – дии-дии муостаҕа тиэйэ-тиэйэ ытаабытын өйдүүрүҥ дуу. Оҕо тылынан хайа-хайабыт дьылҕата саҥарбыта диэн өйдөбүллээхпин. Эн булчут буолар ыраҥ туоларын атахтыырым чахчы. Хайа уонна оҕолоруҥ төрүөхтээхтэрэ быстан хаалыа эбит. Олоҕу бэлэхтэтии курдук дьол туохха да тэҥэ суох. Ону сыыйа-баайа өйдөөн иһиэхтэрэ. Эн миэхэ бэлэхтээбит хаартыскаҕар ааппын сыыһа суруйбуккун кыыһым кыратыгар дьиктиргиир аҕай этэ. Мин эйигиттэн 15—16 сыл аҕа буолуом. Кыыһым уончалааҕар Лээхэпкиттэн биир кэлиигэр Күөх хонууга киирэн аһыырбытыгар Атамайыҥ кыыһын бэйэҥ миигиттэн сураспытыҥ. Биһиги онтон ыла билсэбит. Кыыспын көрүстэҕинэ: «Табаарыһым табаарыһын кыыһа», – диэн кэпсэтэр буолбут. Үчүгэйдик санаһарбытын билэн кэбис.

– Аҕабын кыра сылдьан букатын сатаан өйдөөбөт этим, – диэн Ньургустаана Ивановна кэпсиир, – дьонтон барытыттан таһыччы атын киһи курдук өйдүүбүн. Олоххо уун-утары көрүүлээх-истиилээх дьон ордук тапсаллар быһыылаах. Ийэбин кытта кэпсэтэригэр тыллыын-өстүүн уларыйааччы. Оттон ийэм билэрин-көрөрүн сөҕөр этим. Ленинград балыыһатыгар эмтэнэ сытан хайа да уобалас, республика киһитин кытта кэпсэтэригэр биллиилээх дьоннорун, ордук спортсменнарын аахтара сураһан соһуталааччы. Телевизорынан хоккейы көтүппэккэ көрөөччү. Политиканы, историяны, искусствоны интэриэһиргиирин этэ да барыллыбат. Хаама сылдьар энциклопедия диэн дьиҥ-чахчы кини этэ. Оскуолаҕа үөрэнэригэр Туйгун Төбө диэн ааттааҕа үһү. Кэлин дьон Көмүс тарбахтаах Көмүстүүр Катя дэһэллэрин истэрим. Биирдэ уһуктубутум Семен Петрович мин таспар ытыы олороро. Оҕолонор дьолун билбэтэҕиттэн олус хараастар эбит этэ. Ийэбэр «эн дьолуҥ оҕолоргор, сиэннэргэр» диэбитин олох умнубаппын. Бэйэм оҕолонон баран ону биирдэ билбитим.

Утумнааһын диэн билигин медицинаҕа киэҥник сайдан эрэр салаа баар. Дьэ ол иһин хаантан хаан тардан, төрөөн-ууһаан барыы киһи аймах иннигэр сытыытык турар. Ньургустаана Ивановна идэтийбит эмчит буолан бэйэтин төрүттэрин чинчийбитэ ыраатта. Санкт-Петербург курдук ыраах куораттан анаан-минээн оҕолорун аҕалан эһэлэрин кытта билиһиннэрбитэ да ону туоһулуур. Онно үөскээбит кыргыттар диэтэххэ, уу сахалыы тыллаахтар.

ЭҺЭ, АҔА УОННА…

Бу олорон санаан көрдөҕүнэ, Ньургустаана Ивановна ийэтэ биллибэтинэн-көстүбэтинэн киниэхэ эһэтин эмиэ билиһиннэрбит эбит. Хастааҕар эбитэ буолла, букатын кыра эрдэҕинэ, ийэтинээн Намҥа тахса сылдьыбыттара. Ол сырыы туһунан улахан туох да өйдөбүл хаалбатах. Хата, алтыс кылааһы бүтэрбит сайыныгар Таана (Ньургустаана Ивановнаны чугас дьоно билигин да итинник ааттыыллар) бэйэтэ соҕотоҕун Намҥа тиийэ сылдьыбыта. Онно даҕаны ийэ барахсан туох эрэ сыһыаннааҕа чахчы. Эһэтинээн дьэ ол тахсыытыгар көрсүбүтэ өйүгэр-сүрэҕэр сөҥөрдүллэн хаалбыт. Оҕонньор, хайаан да кэлиэхтээх киһи кэлбитин курдук, өмүрбэккэ-соһуйбакка көрсүбүтэ. Оччотооҕу оҕо хараҕар Дьаакып оҕонньор уһун хатыҥыр уҥуохтаах курдук көстүбүтэ. Сиэтэ сылдьан Намы көрдөрбүтэ.

– Бу оройкуом дьиэтэ, – дии-дии иһирдьэ-таһырдьа киллэрбитэ-таһаарбыта. Оннук хас да улахан дьиэлэри кэритэ сылдьан көрдөрбүтэ.

Өссө музейга сырытыннарбыта. Биир хоско өстүөкүлэ анныгар бэстилиэт сытарын ыйа-ыйа:

– Манныгы оҥорон хаайыыламмытым, – диэбитэ. Ону Таана эһэтэ оҥорбут бэстилиэтэ көрдөрүүгэ сытарын курдук өйдөөбүтэ.

Онтон уһун уулусса төбөтүгэр тиийбиттэрэ:

– Бу быылараама. Аҕаҥ араамсыктыыр сирэ, – диэбитэ.

Олбуор иһигэр ыт охсор киһи суоҕа. Хайа эрэ сарай иһигэр хаартылаан сиһиктэһэ олорор дьон ортотугар аҕалара суоҕа.

– Ээ, миллионеры этэҕит дуо? Суох. Ханна сылдьарын абааһы да билбэт ини, – дэспиттэрэ хас да киһи, үтүктүспүт курдук, тэҥинэн.

Саҥата суох төннөн истэхтэринэ, оҕонньор:

– Булан-булан манна быыларааманы үлэлэттэхтэрэ үһү, – диэн кимиэхэ эрэ мөҥүттэрдии киҥинэйбитэ. – Урут манна кылабыыһа этэ, – дии-дии, ханнык эмэ бэлиэ хаалбытын көрө сатыырдыы, боротуока диэки чарапчыланан өр баҕайы тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу турбута. Сэҥийэтигэр үүммүт аҕыйах бытыга эйэҥэлиириттэн эһэтэ ботугуруурун да, саҥа таһаарбакка ытыырын да Таана кыайан быһаарбатаҕа.

Онтон мыраан диэки баар нэлэмэн сири кыйа төннөн иһэн:

– Бу оройдуруоммут этэ, – диэбитэ. Сыһыы уҥуор үллэн турар ойуур диэки ыйан баран: «Аныгы кэлиигэр мин онно буолуом», – дии-дии тоҕо эрэ күлбүтэ. – Онно Чаҕылҕан баар.

Таана ону хайа эрэ бөһүөлэк баарын курдук өйдөөбүтэ.

– Дьэ бу аҕаҥ дьэндэппит сабыс-саҥа уораҕайа. Көрөн кэбис. Икки ыал олорбот. Бэйэлэрэ да тилэри киэптиир дьон.

Иһирдьэ-таһырдьа киниттэн балыс көрүҥнээх уолаттар бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэн бөтөҥкөлөһө сылдьаллара. Иһирдьэ ааспыттарыгар, иистэнэн тилигирэтэ олорор ыарытыган көрүҥнээх куура хатан эрэр дьахтар туран кэлбитэ.

– Хайдах олордугут? – сиэр быһыытынан оҕонньор дьиэлээх дьахтартан ону-маны сураспыта.

– Туох кэлиэй, дэриэбинэ уһугар олорор дьоҥҥо. Эн күүлэйиҥ дуу?

– Ээ, бу били оҕону көрдөрө сылдьабын. Аныгы кэлиитигэр мин орон бөҕө буоларым чахчы. Тукаам, тиэргэҥҥэ оҕо бөҕө. Сорохторо уунан сууйбат уруу-тарыы дьонуҥ тигинэһэ сылдьаллар. Көрөттөөн киирбэккин ээ…

Киэҥ тэлгэһэ кураанаҕа. Уолаттар ханна эрэ суй гынан хаалбыттар. Онно көрдөҕүнэ, дьиэ ойоҕоһун сырса араас маһы олордубуттара өрө анньан үүнэн эрэр эбит.

– Хайа, оҕолор? – Таана төннөн киирбитигэр оҕонньор ыйыта тоһуйар. – Сатаатар били кыыс суох эбит дуу?

– Биир сиргэ тэһийэн-тулуйан олорбот дьон, – дьахтар татыа-түтүө курдук саҥатын кыыс иһигэр соччо киллэрэ истибэтэҕэ. Оттон кини ийэтэ атын оҕону, бука, таһыгар ыҥыран ылан сылаастык кэпсэтиэ эбитэ буолуо.

Ити кэмҥэ таһырдьа тилигирэс тыас иһиллэр.

– Оо, били киһи кэллэ, – диэн оҕонньор саҥарбыт саҥата бүтэ илигинэ дьиэ ортотугар хара бэкир киһи дьирэс гына түһэр.

– Хайа, аҕам кэлэн олорор эбиккин дуу? Тугу дьыалайдыы сылдьаҕын?

– Булумньу кыыскын көрдөрө аҕалбыт, – дьахтар саҥатын бу да сырыыга Таана кулгааҕын таһынан истэр.

– Кыыскын даа! Чэ, оттон чэйиий! Тур-олор! Сүүр-көт!

– Чэ, бэйи! Наһаа өрдьүгүнэйимэ. Остуол тардыахпар диэри иһирдьэ ааһан эриҥ.

– Тоом! Иһирдьэ киириэххэ. Ким диэн ааттаах этиҥ? Таанньа диэтиҥ дуу? Ээ, Ньургустаана. Сөп-сөп. Хайа, ийэҥ хайдах сылдьар? Туох диир? Хайдах олордугут?

Харда истэр аат суох. Үрүт үөһэ ыйыт да ыйыт. Ол быыһыгар аан дьиэҕэ сүүрэн тахсан тугу эрэ дьаһайса охсон киирэр. Урут хам-түм кинилэргэ таарыйан ааһар киһиттэн чыҥха атын дьээдьэ тэйиэккэлии сылдьар. Сүрэҕэр сөҥөрдө сылдьар дьахтарын оҕотун соһуччу көрөн үөрэн өрө эккирии түспүт аҕатын Таана оччолорго хантан сөбүлүө баарай! Атын дьону өйүгэр сэргэ туруордаҕына, аҕата биир кэм төтөлө суох саҥаран күлүбүрэтэ сылдьар оттомо суох киһи уобараһа умнуллубаттыы олорон хаалбыт.

Саала иһигэр үрүҥ эһэ тириитэ истиэнэҕэ, улахан көбүөр курдук, тилэри ыйанан турара. Ол үрдүнэн элбиих-элбэх салаалаах таба муоһа баара. Биир да кинигэ ыскаапка ууруллан турарын булан көрбөтөҕө. Элбэх оҕо күөдэл-таһаал ыспыт киэҥ да киэҥ саалатын атыҥырыы санаабытын Таана өргө диэри умнан биэрбэтэҕэ.

Ити сырыытын кэнниттэн онуһу бүтэрдэҕин сайын ийэтиниин тахсыһа сылдьан аҕатын көрбүтэ. Онно букатын атын түс-бас саҥалаах киһи көрсүбүтэ. Ол да буоллар, эһэтэ Дьаакыпка ырааҕынан тириэрдибэтэҕэ. Аҕатынааҕар быдан истиҥ, чугас оҕонньор этэ. Оҕо сылдьан өйгөр туппуккун билигин да уларытарыҥ уустук быһыылаах. Ол сырыытыгар, быыс-арыт булан, эһэтэ ханна сытарын сураспыта.

– Чаҕылҕаҥҥа, – дэспиттэрэ.

Дьэ, онно эрэ кылабыыһаны бөһүөлэк курдук өйдүү сылдьарын билбитэ. Оттон кылабыыһаны тоҕо итинник ааттаабыттарын ийэтэ:

– Онно Илья Чаҕылҕаны таһаарбыт сирдэрэ, – диэн быһаарбыта.

Уйбаан Намҥа олоҕурарыгар туттубут, Ньургустаана кыратыгар сылдьыбыт дьиэтэ билигин дьааһыла-саад буолан турар. Аан бастаан көрбүт тииттэрэ дьиэни куота өрө харбаспыттар. Киһи хараҕар кыһыннары күөх турар харыйалар сытыы төбөлөрө ордук быраҕыллаллар. Уйбаан кэргэнэ Суура да, Ньургустаана ийэтэ Кэтириинэ да чаҕылҕан курдук күлүм гынан олорон ааспыттара ыраатта.

Иван Яковлевич туспа дьиэ туттан, олоҕун саҥалыы тэринэн, урукку уһаайбатыттан чугас, оҕолоруттан ойуччу тигинээн олорор. Олбуорун иһэ соҕуруу дойдуттан туох да атына суох. Киирэр аантан кэккэлии үүммүт хатыҥнар анныларынан сибэкки талбыта өрө анньар. Салгыы оҕуруот аһын арааһа. Хаһаайын ону көрдөрө-көрдөрө:

– Биһиэхэ во маннык тиийэр! – дии-дии моонньун туора соттон кэбиһэр. Салгыы уһанар сарайа, теплицата, хотоно, кыбыыта – барыта уурбут-туппут курдук, тэлгэһэҕэ ордук-хоһу ыһылла сытар туох да тэрил суох. Чахчы дьаһаллаах хаһаайын олороро уулуссаттан да биллэр.

– Биир козабытын кыһыннары ыыбыт. Үүтэ хойуута диэн – во! – бу сырыыга эрбэҕин чочос гыннарар.

Дьиэ иһигэр баар тэрили бүтүннүүтүн бэйэтэ оҥорор. Олоппоһо хаадьаҥныа, остуола эйэҥэлиэ, ыскааба иэгэйиэ диэн саараама даҕаны. Лээхэбинэн, Булуҥунан, Тиксиинэн тиэстэллэригэр тэбис-тэҥҥэ ытынан, самолетунан айаннаспыт иистэнэр массыына билигин да сулууспалыыр кыахтаах үһү. Дьиэ тэриллэриттэн биир бочуоттанар мал быһыытынан сылдьар, ыалдьыттарга көрдөрүүгэ турар күндү реликвия. Былыргы баайдар малларын угар улахан дьааһыктарын уон оччонон куоһарар куорам саха ууһун мындырын, уран тарбаҕын хайа да бэйэлээх музейдарга үөрдэ-көтүтэ кэпсии турууһу. «Ыпсарыылааҕа биллибэт, хараҕалааҕа көстүбэт», – диэн дьэ маннык оҥоһугу этэн эрдэхтэрэ.

Ол эрээри улуу булчут олорор бэлиэтэ тоҕо эрэ көстүбэт. Били дьиэ икки истиэнэтин үргүлдьү тайыыр үрүҥ эһэ тириитэ да, түөрт уон салаалаах таба муоһа да көстүбэттэр. Бу дойду булда киниэхэ булт буолбатах. Онон дьөрү сааскы куска да сааламмат эбит. Эгэ кубус-кураанах тыаны кэтэн тайахтаһыа дуо? Суох! Ол эрээри:

– Хоту арыыларга сылдьыбытым манна баар! – дии-дии Иван Яковлевич ыалдьыттарыгар төбөтүн, сүрэҕин туппахтанан көрдөрөр.

Киһи хараҕа туолар гына дьаһанан олорор саха биир хатыламмат уола-хаанын көрө-көрө астынан төбөҕүн эрэ быһа илгистэҕин. Били, бэйэтэ этэригэр дылы, кини курдук «эриэккэй эксэмпилээри» күнүһүн да тымтыктанан булуоҥ суоҕа.

Ньургустаана Ивановна кыргыттара Валериялаах Ньургуйаана көмүс тарбахтаах Көмүстүйэ эбэлэрин курдук, көмүс илиилээх эһэлэрэ – «Уол оҕо уон уһуктааҕа дуо?» дэппит Иван Яковлевич Кривошапкины киэн тутта ахталларыгар саарбахтаабаппын. Кэлэ сылдьалларыгар сорсуйан эрэр суо-бараан саха сатабыллаах кырдьаҕаһын көрбүттэрэ. Дьиэтэ-уота, өйө-санаата онно толору сөп түбэһэрэ. Оттон Ньургустаана Ивановна хараҕар аҕалаах эһэтэ сэргэ көстөн кэлэллэр. Эһэтин илиитин сылааһа билигин да биллэн ааһарга дылы…

ӨЛҮҮ-ТИЛЛИИ ИККИ АРДЫНАН

Муора арыытыгар уонча сыл олоруу араас быһылаана кэмэ суох элбэҕэ. Олору арыт-арыт тэһэ астаран санаан ыллаҕына, бэл Уйбаан курдук уола-хаан куйахата үмүрүтэ туппахтыыр, сүрэҕэ ытырбахтыыр.

Бастакы сайыннарыгар муораҕа өйүлээбэккэ киирэн биэрэн былдьата сыспыттаах. Чуумпу баҕайы күн этэ. Уу үрдэ бэрт барбах эппэҥниирэ. Чугаһынан уста сылдьар халҕаһа мууска түлүөннэр күн уотугар таалалыы сыталлара көрүөххэ үчүгэйэ бэрдэ. Үһүгэр сылдьар кыыһа олору ыйа-ыйа тыы таһыгар турара. Уйбаан тыытын төтөлө суох ууга дьулуруччу аспыта. Аҕыйах саһаан сиргэ, бачча чуумпуга кыыһыгар түлүөннэри көрдөрөр санаата батарбатаҕа. Аҕыйахта дайбаан мууска тиийэ охсубуттара. Халҕаһа муус кытыыта көөрөттө сылдьарыттан кыйдаран син балачча өр тоҕоостоох сири көрдөөн тула эргийэ сылдьыбыттара. Муус үрдүгэр тахсыыларыгар аны түлүөннэр сытар сирдэрэ нөҥүө уһукка буолан биэрбитэ. Бачча киирэн баран сатаатар биир түлүөнү кыыһыгар көрдөрдөҕүнэ табыллар.

Кытылтан кэргэнин аймаммыт саҥата өрө умайыктаммыта. Били аҕыйахта эрдинэн туораабыт ып-ыраас уулара хайыр мууһунан туола охсубут. Хантан эрэ муора диэкиттэн муус мууһу хабырыйар тыаһа ньирилиир-ньиргийэр. Кэргэнэ ол тыас диэки ыйа-ыйа хаһыытыыр саҥата бэлиэр ыраатан дорҕооно эрэ кэлэр. Тыыларын муус хампы анньара буолбут. Нэһиилэ өрө соһон өрүһүйдэ. Муораҕа ньирилиир тыас ханна эрэ бэрт чугас. Хайа муус хаһан өрө күөрэс гыныа биллибэт. Муора уонна муус билиэнигэр түбэстэхтэрэ эчи соһуччутун. Кытаанах кытаҕаска ылларбыттара эмискэччитэ бэрдиттэн Уйбаан сүрэҕэ айаҕынан тахсыахтыы өрө битигириирин кэлин өйдөөбүтэ. Хата, кыыһа куттанарын билээхтээбэт. Тыыга киирэн сытынан кэбиспит. Муора тыаһыгар бигэтэн утуйан эрэр.

– Бу иэдээни! – диэн Уйбаан кыыһын өлөр өлүүгэ угуйан киллэрбититтэн баттаҕа өрө туран, тымныы көлөһүн сарт түһэр, биир мээр өрө бабыгырыы-бабыгырыы баттаҕын харбыалана олордо. – Хайдах буолуохха, тугу гыныахха?

Оттон муора тыыннаах курдук өрүтэ эппэҥниир, тыбыс-тымныынан аҥылыйар. Ханан да арыылара баар сибикитэ биллибэт.

– Муустаах ууга чомполонон өлөр күнүм тирээтэҕэ дуу? Оттон оҕом эрэйдээх мин кэппин эмиэ кэтээхтиэх муҥа буоллаҕа. Хайдах баҕайыный? Мууспут күөрэ-лаҥкы бардаҕына, тутуу былдьаһан, бэйэбитин дьаһанарбыт ордуга дуу? Оччоҕо оҕобунаан эрэйдэниэ суох этибит.

Күн туох да буолбатаҕын курдук чэмэлийэр. Ол аата арыыларын туһаайыытын сүтэримиэххэ сөп эбит. «Бээрэ! Мууспут устар хайысхатын уларыппыт, хоту түһэн эрэбит. Ол аата, арыыбытыгар чугаһыахпытын сөп эбит», – диэн бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэр курдук ботугуруу олордо.

Чычаас сиргэ улахан муус өрө сүгүллэн хайа саҕа буолан хамсаабакка олорорун Уйбаан, бадаҕа, сүрэҕинэн сэрэйдэ. Ойон туран тыытын соһон сылбаххай ууга киллэрдэ, дьэ уонна муустар быыстарынан били көрбүт муус хайатын диэки дьүккүйдэ. Улахан мууска тыытын соһор, ырбыы кэллэҕинэ, эрдинэр. Хас чаас, төһө өр түһэ-тахса соһуспутун билбэт. Хайа курдук өрө үллэн олорор мууһугар тиийэн эрэ баран быста сылайбытын, аччыктаабытын биллэ. Оҕото уһугуннаҕына тугу эмэ бултаһан көрүөҕэ. Бачча улахан халыҥ муус хонноҕор-быттыгар туох эмэ баар ини.

Тыытын иһин, ол-бу быыһын туппалаан күөгү курдукка таба тайаммата. Бэл балык хатырыга да көстүбэтэ. Түүн буолуута тула уу лаппа ырааһырда. Били кинилэр түлүөнү көрө тахсыбыт муустара хоту букатын ырааппыт бадахтаах. Ханна тиийэн хас мууһу кытта харсыһан төһө бытарыйбыта буолла? Оҕото уһуктан ас көрдүөр диэри арыыны былдьаһа сатыахха. Тыытын ууга түһэрэн, мотуорун эһэн ууну өрө күдээритэн эрдэҕинэ оҕото дьэ уһуктар.

– Паапа! Дьиэбит оол-ол көстөр, – дии-дии тугу эрэ ыйбытыгар көрбүтэ, кырдьык, тумарык быыһыгар арыыларын омооно барыйар эбит.

– Ээ, оҕом барахсан хараҕа кыраҕы да эбит. Эн баар буолаҥҥын тыыннаах ортубут. Соҕотоҕум эбитэ буоллар, бука, өйүм көтүө хаалла.

Бензин куттубатаҕыттан кэмсинэ саныы олордоҕуна, мотуора бөтүгүрүү-бөтүгүрүү тохтоон хаалар. Биэрэстэ курдук сири бэрт өр эрдэн кытылы булар.

Уҥа-хаҥас көрүөлээн үссэнэр баарын булбата. Киһи кыһалыннаҕына, хаар эбэ да көстүбэт эбит. Итиннэ-манна өрө сохсоһор бэйэлэрэ ханна тимирдэхтэрэй?

Балаҕаннара мантан биэс-алта көс буолуохтаах. Кыыһын сүгэн, саатын кыбынан баран сүүрэн бэдьэйэн истэҕинэ, күнэ сыыйа үрдээн барар. Ити аата иккис сууккаларын айахтарыгар тугу да укпакка истэхтэрэ. Аара түөрт үрэҕи күллүргэччи кэһэн, сыккырыыр тыыннара эрэ дьиэлэрин булаллар. Кэргэнин баттаҕа онон-манан туртайан хаалбыт. Саҥата иһиттэн тахсыбат буола ытаабыт.

– Хата, хайаан, – диэн сибигинэйдэ.

– Оҕом баар буолан тыыннаах ортубут. Бэйэм эрэ эбитим буоллар, дьаһаныахтаах этим.

– Дьэ, иккиһин төрөөбүт киһи, муораҕар махтан. Быстах өлүүгэ аны киирэн биэримэ.

Муора өһөҕүрэ харааран, хаҕыс тылынан кытылы салаан күллүргэтэ сытар. Харах ыларынан халҕаһа муус өрүтэ күөрэҥнэһэр. Муус тыаһа сэрии бара турар хонуутун санатар.

Үлтү сылайбыт дьон өлөрдүү утуйа сыттахтарына дьиэлэрин үрдэ хамсаан, сиэрэгинэн муус кутуллан ууга-уокка түһэртиир. Оҕолорун кыбына-кыбына турар бэйэлэринэн таһырдьа куоталлар. Уу түллэр кэмигэр түбэһиннэрэн миэтэрэ курдук халыҥнаах, уһаайбаттан эрэ мэнэкэ иэннээх муус дьиэлэрин сыыһын үлтү анньан баран үрдүгэр сытар эбит. Эргэ тутуу ону уйбакка көрдөрбүтүнэн туран иэгэйэн барар. Уйбаан анньыынан мууһу үлтү сынньан, малларын-салларын бэрт нэһиилэ орууллар.

– Муорабыт туох ааттаах буолла? Аны кытылга кытта эккирэтэн тахсан баттаталыыра итэҕэс эбит.

– Чэ, бээ! Хата, өлөртөөбөтөҕөр махтан. Бачча тыыннаах хаалбыт дьон дьиэни баҕас өр гыныахпыт суоҕа. Муораҕын көр. Дьэ көнньүөрбүт.

Муора ханан да мууһа суох. Ып-ыраас уунан өрүтэ түллэҥнии сытар. Арай кытылга тахсыбыт муус бөлүүҥҥү тыаһы-ууһу санатар. Кытыл тааһын бульдозер курдук өрө күрдьүбүтэ буомба тоҕута тэппитин курдук күөдэллэммит.

Уйбаан оҕолоругар балаакка туруора охсор, бэйэтэ сыыһа-халты аһаат, балаҕаны үрэйэн чөл соҕус бэрэбинэлэри, хаптаһыннары сыыр үөһэ таһар. Чугас үрэххэ дьапталаммыт маһы эбэн, уруккуттан өссө тупсаҕай дьиэни үс күн иһигэр тутан дьэндэтэн кэбиһэр. Икки туруу киһи тутта-хапта сылдьалларын ким эмэ көрбүтэ буоллар, бука, ырыаҕа ыпсарыа, хоһооҥҥо холбуо хааллаҕа. Тыыннаах хаалбыт үөрүүтүгэр сүрэҕэ тэбэн кэбиһэн күнүстэри-түүннэри олорор-турар бокуойа суох үлэ да үлэ буолан ылла. Маннык туруммутун бэйэтэ да бэккиһээн төбөтүн быһа илгистэ-илгистэ кэпсиирин элбэх киһи иһиттэҕэ.

Уйбаантан:

– Арай муораҕа ити сырыыгар өлбүт буол, дьонуҥ бары да быстарыахтар эбит буолбат дуо?

– Балааккаҕа олоро үөрүйэхтэр, ас-үөл дэлэйэ. Кыстыыр даҕаны кыахтаахтара. Суол турдаҕына, ытынан Киһилээҕи булуо этилэр. Суура өйүнэн-санаатынан киһи тэҥнэспэт дьахтара этэ. Оҕолорун чуҥкуталыа дии санаабаппын.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации