Текст книги "Өлүү-тиллии икки ардынан"
Автор книги: Прокопий Чуукаар
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 9 (всего у книги 12 страниц)
ЛЭЭХЭП УОЛА
Уйбаан бэйэтэ тутан-хабан төрөппүт уола Анатолий, Лээхэптэр арыыларыгар төрөөбүтүнэн, Гиннес кинигэтигэр киириэн сөптөөх. Истэр тухары киниттэн атын ким да ол арыыларга күн сирин көрбүтэ биллибэт. Кривошапкиннар курдук оҕолоох-уруулаах көһөн ньиккирээн киирэн олоҕурбут ыал урут да, кэлин да суоҕа. Онон Лээхэптэр арыылара отуттан тахса сыллааҕыта аан бастаан уонна бүтэһигин оҕо саҥатынан аймана сылдьыбыттаах. Ол дьикти түбэлтэни өйдүү-саныы сылдьар дьон элбэх буолуохтаах. Уһук хоту тиийбит киһи эмискэ эмиийдээх оҕону көрөрө дьикти бөҕө буоллаҕа. Өссө онно төрөөбүт уу кыһыл оҕону эт хараҕынан илэ көрөрө! Оннук түгэн Киһилээххэ, дьэ, биирдэ тосхойбуттаах.
Түүлээх туттара кэлэллэригэр Уйбааннаах уу кыһыл оҕолорун аан бастаан Киһилээххэ аҕалалларыгар чуут аара сүтэрэ сыһан турардаахтар. Бүгүн ол аймалҕан туһунан саас-сааһынан сэһэргии түһэн ылыахха.
Оҕоломмут кэргэнин уонна бэйэтэ төрөппүт оҕотун бырааска, ордук доҕотторугар көрдөрө охсор баҕа үүйэ-хаайа тутан, Уйбаан түүлээҕин туттара барар кэмин тэһийбэккэ-тулуйбакка күүппүтэ. Дьэ ол барар күнэ үүнэн, өгдөрөҥнөөһүн бөҕөтө. Алта миэтэрэ усталаах айанын сыарҕатын хаар анныттан хостоон, кибииккэтин туруорбута. Ол тэлэкэчийэ сылдьан эбитэ дуу, хаһан эрэ айанныырыгар эбитэ дуу, сыарҕатын биир кэтит адарайын хабылы үктээн кэбиспитин өйүлээн көрбөтөх этэ. Ол дьыл олус бултуйбута, тириинэн толору симиллибит кууллары өрөһөлүү тиэнэн, кэһии тайма бөҕөлөнөн хонноллоругар сыстан былыт саба халыйбыта, арҕааттан тыалырбыта. Ону ол диэбэккэ, Этэрикээн билиитигэр өрө көтүтэн тиийбиттэрэ. Билигин куомпаска, сулуска наадыйбаттар. Ыттара Киһилээхтэн атын сиргэ тириэрпэттэрин билэллэр. Ханна эрэ билбэт хайысхаларынан айаннаан эрэр дьон буолбатахтар.
Хаар үллүктүү түһэн эрдэҕинэ, муус ардайыгар киирэн түҥкүр-таҥкыр түһэн тэлээрдэн, син балачча айаннаабыттара.
– Хайа, оҕобуут! – диир хаһыы иһиллибитигэр, Уйбаан барбытын кубулуппакка иһэн, кибииккэ аанын арыйан, иһирдьэ өҥөс гыммыта. – Оҕобут суох! – диэн Шура хаһыыра көрсүбүтэ. Ону истээт, кыыстаах уоллара утуйар мөһөөктөрүн иһиттэн быгыаласпыттара.
– Хайдах?
– Оҕобут кибииккэ иһигэр суох!
– Дьиэҕэ хаалбыта буолаарай?
– Мууска киирэрбитигэр эмтэрбитим дии. Сахсыырга эһиллэн хаалла быһыылаах.
– Кибииккэ бүтэй дии.
– Оччоҕо ханна барар. Ыттаргын тохтот эрэ. Ханна төкүнүйдэ?
Иккиэн кибииккэ иһин, лаампа уматан баран, өссө кичэйэн көрөллөр. Истиэнэтэ быыһа суох, бүтүн. Оттон оҕолоро ханна да суох. Онтон эһэ тэллэхтэрин арыйа тарпыттара, саамай кэтит адарайдара суох. Уйбаан тыалга умуллубат лаампатын хаба тардаат, таһырдьа ыстанар. Сыарҕа анныгар туох да көстүбэт. Кэлбит суолун омооно, ону даҕаны хаар саҥардыы түһэн, син көстөр эбит. Ону батыһан муус ардайын ааҕа көрө-көрө кэлбит сирин хоту түһүнэн кэбиһэр. Халыҥ былыт курдары сырдык бэрт барбах биллэр.
Тохтообут сириттэн төһөнөн тэйэр да, суоллара соччонон сүтэн иһэр. Оҕотун да булуо суох, бэйэтэ да сыарҕатыгар чопчу төннөрө биллибэт. Тыала күүһүрүөх курдук. Ыттарын сиэтэ сылдьыахха баар эбит. Хайдах гыныахха? Суолун омоонун тыал суурайа охсуон иннинэ төнүннэҕинэ – бэйэтэ эрэ быыһанар. Оттон оҕотун буллаҕына даҕаны, өскөтүн тыыннаах буоллаҕына, иккиэн сыарҕаларын таба хаамаллара саарбах. Адарай хаптаһына төһө өр тарыырдаммыта биллибэт. Оҕото эрэйдээх, онно кыбыллан, төһө эрэ муус арҕаһыгар охсуоланна… Буурҕаҕа түбэспит киһи мээнэ барыа суохтаах. Муора килэгир мууһугар буурҕа астарын кэтэһэн өр уһаабаккын. Аны муус быыһыгар түһэн хаалбыт түрбэни, хаар саба типтэҕинэ, тутуһан да туран көрүөҥ суоҕа.
Уйбаан бу курдук эмискэ туоххаһыйбыта ахсааннаах ини. Оҕотуттан да маттаҕа, дьонуттан да быһыннаҕа эчи түргэнин. Дьоно мантан икки биэрэстэ кэриҥэ буолуохтаахтар, оччоҕо кытылга диэри көһү кыайбата дуу. Сатаатар төһө-хачча сири барбыттарын билбэт. Тиийбэтэҕинэ, кэргэнэ дьиэтигэр төннүөҕэ. Оччоҕо, баҕар, ыттара кинини таба тайаныахтара. Онооҥҥо диэри лаампата умуллубатар ханнык. Оттон ол кэмҥэ, сатаатар, оҕотун булан тоһуйара буоллун даа. Ити санаата кымньыылаан, Уйбаан кытыл диэки дьүккүйэр. Буолар буоллун! Хайаан да сылааһына, суол омооно өссө көстөр эрдэҕинэ барбахтаһан хаалыахха! Килэгир муус быыһын аахтара хаамтаҕына табыллар. Сүүс миэтэрэ… Икки сүүс… Санаатыгар төһө сири барбытын ааҕа сатыыр. Оо, куомпаһа суох куһаҕан да эбит. Били куомпаһын улахан уола оонньуур оҥосто сылдьан алдьаппыта ыраатта. Бачча халыҥ былыт хаһан бысталаныа биллибэт. Тыал эрэ хайысхатын уларыппатар, кытылын син булуо этэ. Оттон оҕотун? Үс сүүс миэтэрэ…
Тыынын ылан аҕылыы туран көрдөҕүнэ, иннигэр туох эрэ хараарар. Өссө хамсыыр. Ити туох баҕайыный? Арааһа, хараҕа иирэр. Суох! Хамсыыр туох эрэ баар! Итиччэ көстөрү тиийэн тутан-хабан көрдөҕүнэ табыллар. Биэс хаамыы… Уон хаамыы… Уон биэс… Муус быыһыгар сыарҕатын адарайын аҥаара туруору түһэн хороххолонон тыалга биэтэҥнии турар. Мууска тобуктуу сылдьан ол-бу быыһын туппахтыы сатыыр. Адарайа манна түспүт. Оччоҕо оҕо суулаах мөһөөҕө арыый хойут түһүөн сөп. Ити санаатынан салайтаран кэлбит сирин хоту, хас биирдии атылын сирийэн көрө-көрө, төннөр. Эмиэ оччо миэтэрэ, бачча атыл диэн ааҕа иһэн туох эрэ сымнаҕаһын муус быыһыгар харбаан ылар. Оҕото бу сытаахтыыр! Таба тириитэ мөһөөх быатын ньылбырыта тардар, онтон кырса истээх таҥас тастаах мөһөөх тимэҕин төлөрүтэ тыытар. Сымнаҕас суорҕаҥҥа сууланан оҕото туох да буолбакка утуйан буккурата сытаахтыыр эбит. Оо, бу дьолу!
Иҥнэн дуу, халтарыйан дуу охтуом диэн сэрэнэн, үктээн кэлбит суолун омоонуттан хараҕын араарбакка төннөн истэҕинэ, эмискэ бэйэтин да, сыарҕатын да суоллара мэлис гынан хаалаллар. Өр толкуйдуу барбат. Лаампатын муус быыһыгар охтубат гына туруорар уонна, сыарҕатын туһа манан буолуохтаах диэн сүүрбэ хаамыыны баран тула ол-бу бэлиэ хаалбытын көрө сатыыр. Лаампатын ырааҕынан эргийэ көтөн иһэн бэйэтин суолугар кэтиллэ түһэр. Аны ол суолун аттыгар оҕотун сытыаран баран лаампатыгар төннөр. Оннук, суолун төһөтө эмэ сүтэрэ-сүтэрэ, мэскэйдэнэн биэрэстэ эрэ холобурдааҕы барда быһыылаах. Оҕото хаста да уһукта-уһукта ытаан эһиэхтэннэ. Кэлин кыыкыныыр эрэ саҥа иһиллэр. Күүс-уох киниэхэ да эстэ быһыытыйда. Тиһэҕэр суолун мылыччы сүтэрэн кэбистэ. Тыала күүһүрэн, муус дьапталын быыһынан араастаан улуйан, энэлийэн, ииримтийэн барар. Сатаатар хаара астан, кураанаҕынан кыйыдыйан, урут түспүтүн сыыһын олоччу сотон илдьэр.
Дьэ, манна, букатын туохха да хаххаланар суох сиригэр, дьоннорун күүтэллэригэр тиийэллэр. Ол дьон төһөҕө санаа булан төннөллөрө биллибэт. Муҥур уһуктарыгар тиийдэхтэринэ биирдэ төннүөхтээхтэр. Сир уларыйдахтарына булбатын бэркэ билэллэр. Онон иккиэн биэрэстэ холобурдаах ыраах-ыраах эрээрилэр күүтүһэн сору көрүөх муҥнара бүрүүкээтэҕэ.
Уйбаан таах туруохтааҕар, лаампата умайарын тухары, үөһэ-аллара далбаатанарын кубулуппат. Кэргэнэ ону таба көрдөҕүнэ кэлиэн сөп этэ. Тоҕо эрэ биллибэт. Тыал охсорунан холоотоҕуна, оол диэки буолуохтарын сөп курдук.
Төһө-хачча буолбутун ким билиэ баарай. Чаһытын оҕону аһатар киһиэхэ – кэргэнигэр биэрбитэ. Тыалга наар көхсүнэн буолан оҕотун хаххалыы сатыыр. Хараҕа, сэрэйэринэн, дьоно баар буолуохтаах туһаайыыларыттан арахпат.
Бай! Уот кыламнаан иһэн, түүтэх-түүтэх кыымынан ыһыахтанан туох эрэ умайан күлүбүрүүр. Уйбаан ол хоту түһүнэн кэбиһэр. Хаста да халтарыйан тас иэнинэн барыталаан сырытта да, кыһаллыбата. Наар бэйэтин көхсүнэн түһэ сатыыр. Ойон тура-тура, тыын быһаҕас аҕылыы-аҕылыы, иннин диэки түс да түс, дьүккүй да дьүккүй. Уот өр буолбата – умуллан хаалаахтаата. Ытыс таһынар ыас хараҥаҕа Уйбаан хайысхатын сүтэримээри биир сири тобулу көрбүтүн ыһыктыбат буола сатыыр. Ол иһэн ыттара үрэллэрин чуолкай истэргэ дылы гынар. Чахчы! Ыттара барахсаттар кинини билэннэр өй мэйдээх тулуйбатынан араас куолаһы түһэрбиттэр. Оо, эрэйэ суох, хата дьоннорун буллаҕа үһү!
Шура, кэтэһэ сатаан баран, Уйбаан олбох гынар таба тириитэ тэллэҕин умаппыт эбит. Биэрэстэ аҥаара сиргэ кэлэн баран суолун сүтэрэн кэбиспит. Ыттара иччилэрэ чугас баарын билэн үрбүттэрэ ырааппыт. Икки чааһы быһа кэтэспит. Кэлиэхчэ кэлбэтэх. Дьэ, онтон өй булан, ыттара тохтообокко үрэллэриттэн ыксаан даҕаны, тэллэҕи уматарга санаммыт.
Оҕолоро, ытаан-ытаан, күөмэйэ бүтэн, бэрт эрэйинэн эмиийин эмэр. Биир кэм өрүтэ ыгдаҥныыр мээр.
Уйбаан ыттарын тарыырын төлө тардар, бугуһуйбут ыттар турар сирдэриттэн ньылбы охсон дохсуннук хоҥноллоругар, мэктиэтигэр, кибииккэлэрэ хаала сыһар.
Анатолий Этэрикээн билиитин ортотугар, муус ардайын быыһыгар, дьэ ити курдук, аҕыйах ыйдааҕар үйэ-саас хаала сыһан турар. Билигин үлэһит бэрдэ.
Ол эрээри Уйбаан оҕолорун бүгүҥҥү олохторун туһунан кэпсиэн тоҕо эрэ ыарырҕатар. Арааһа, дьон тыла хонуо диэн сэрэнэриттэн буолуо. Тыл сэттээх дииллэрин билэн бөҕө. Сөпкө гынар. Дьон тэҥинэн үчүгэйдик эрэ олордуннар.
ЭТЭРИКЭЭН УОННА ЛЭЭХЭП
Уйбаан Дьаакыбылабыспытын – Миллионер Кырбыһааҥкыммытын, Аччыгый Лээхэбин арыытыгар алта сүүс кырсатын кытары хаалларан баран, тоҕус сыллаах мүччүргэннээх сырыыларын сэһэргии таарыйа, түөрт уон сыллаах олоҕун бүтүннүү түөрэ эргитэн кэбистибит. Өссө онно астыммакка, алта уон ордугуна алта сааһыгар тиийтэлээн ыллыбыт. Дьэ, мантан ыла суруйуохтаах түһүмэхтэрбитигэр киһибититтэн харыс халбарыйбакка кыһана сатаан көрүөҕүҥ. Ол төһө табылларын-табыллыбатын күн-дьыл бэйэтэ көрдөрөн иһиэҕэ.
Киһибит алта сүүс кырсатын тириитин хас да түрдьэ оҥорон уйуктаах баҕайы уп-уһун сыарҕатын кэлин өттүгэр өрөһөлөөн баран, балааккатынан бүрүйбүтэ, мэктиэтигэр, боскуйа саҕа үллэн көстөр. Ортоку – ыттарын аһылыгын кытары дьонугар кэһиилэнэр этин, балыгын, куһун эҥин кууллара саһаан курдук кыстаммыттар. Инники – күннээҕи туттар мала-сала, иһитэ-хомуоһа кэлэр күнүн сарсыардатыгар өлөрбүт табатын илин-кэлин атахтарын быыһыгар дьип-дьап ууруллубуттарын маҥан тириитинэн инчэҕэйдии бүрүйбүтэ, туох да быатыгар-туһаҕар наадыйыа суох курдук, хам ылларбыттар. Табатын көҥдөйүгэр Киһилээххэ баар табаарыстарыгар хаалларар бэлэҕэ-туһаҕа, аһа-үөлэ. Табатын этин, мүһэ-мүһэ араарбакка, оннооҕор муоһун эрбээбэккэ, сыалай илдьэ иһэр. Бу чахчы маҥан таба буоларын муоһа, төбөтө биир-биэс тыла суох «кэпсиэхтээхтэр».
Этэрикээн билиитигэр күөрэ-лаҥкы тоҥмут муус дьапталын үрдүнэн сыарҕата араастаан эгдэрэҥниирэ, арааһа, маҥан тирии үрдүгэр олороруттан быһыылаах, бэйэтэ соҕотоҕун салгыҥҥа уйдаран өрүтэ көтөн иһэрин курдук, дьикти хартыына буолан көстөр. Уйбаан бу иһэн, өрүү буоларын курдук, айаҕын иһэ хам буолбат: ыллыыр-туойар икки ардынан тохтоло суох кулуһутар. Күппүлүөтүн саҕаланыытын уһаты тардан бэлиэ биэрэр. Атын-атын түһүмэхтэрин ис хоһоонноругар сөп түбэһиннэрэн матыыбын уларытар.
Киһибит туох туһунан туойар-ыллыыр буолар эбит, болҕойо түһэн истиэххэйиҥ эрэ:
Аччыгый Лээхэби булан,
Ааттаах-суоллаах улуу булчутун
Албан аатын сүктэҕим буоллун.
Тоҕус сыл толору бултаан,
Тустаах арыым тойоно ааттаан,
Торҕон да дьон толлор буолбуттар.
Уон икки сыл анараата
Уол оҕо хатана ааттатан,
Уот аан бастаан суолбун тобултум.
Дьол көрдөөн Лээхэпкэ кэлтим,
Доҕор чулуутун манна билтим,
Киһи дэтэн мантан күөрэйтим.
* * *
Ааспыт сыллар уорҕалара,
Урукку дьыллар уҥуордара,
Киһи суолун көрбүккүт баараа?
Бастаан Лээхэп сырыттаҕыҥ —
Аата-суола суох арыылары
Аан маҥнай аспыт аатырдаҕыҥ.
Хайа омук бэрдэ этиҥ?
Түүлбэр, дьэ, тоҕо көстүбэтиҥ?
Биппэр, дьэ, тоҕо биллибэтиҥ?
Үөрэх той бөҕөлөөх киһи,
Үөрү, бука, үөппэтиҥ ини?
Үҥэр таҥараҥ биллэр кимэ…
Онтон ыла булчут бииһэ:
Дьон кэрэмэһэ, киһи кииһэ
Бу кытылларгар үктэннэҕэ.
Кинилэр үтүө биттэрэ,
Эрэйи-муҥу билбиттэрэ
Дьолу тосхотон эрдэхтэрэ.
Эһиги үтүө ааккытын
Үйэтиппэтэх абаккатын…
Киһилээҕим ону санаттын!
Этэрикээн билиитин мин:
«Этэр икэнтэн буолуо», – диибин, —
Таба кыстыыра бэрдин иһин.
* * *
Тоҕо эрэ манна суохтар
Былыргы киһи уҥуохтара,
Туох баарый ол кэми санатар?
Арай саҥа кэм быртаҕа —
Буочуку арааһа сыттаҕа…
Ким маны хомуйуо буоллаҕай?
Дьиҥнээх хаһаайын суоҕуттан
Туундарам буорайда, быһыыта,
Биир киһи үйэтин устата.
* * *
Оҕо дьон булка сыстыбат,
Төрөөбүт өтөҕүн санаабат —
Туундара ыччаты угуйбат.
Дьоннорун кытта сылдьыбат
Гынныбыт үөрэтэ сатааммыт,
Интэринээт кимин умуннарбыт.
Солбук дьон суоҕа бэрдиттэн
Сотору чуҥкуйуо бу эргин,
Саныахха ыарын да эбитин!
Инним миэнэ да хараҥа,
Истэбин: суҥхарар кырдьаҕас…
Ииннэнэр, биэнсийэ ылбакка
Сор суола буолбут соргубут:
Сокуонньут булчуту «умнубут» —
Сол иһин биэнсийэ суох буолбут.
Туундаралыын үкчү дьылҕа
Соруйан оҥоһулуннаҕа…
Тоҕотун тордоһуом буоллаҕа.
Дьэ бу курдук бүтэр уһуга суох тойук ис хоһоонун, сөбө буолаарай диэн сиидэлээн, ааҕааччыбар иһитиннэрэр санааланным. Маны Уйбаан тылыттан үкчү сүһэн ыларын ылбатым. «Туойар этим», – диэбиттээҕэ. «Туох туһунан?» – диэн ыйыппыппар, ити сибилигин аахпыт лоскуйдарбытын быктартыы түспүтэ. Олору мин бэйэм билэрбинэн хоһооҥҥо кубулута сатаатым. Оччоҕо эрэ тойук дуу, ырыа дуу буоларын эһиэхэ итэҕэтиэх курдукпун.
Оттон Уйбаан Лээхэп уонна Этэрикээн тустарынан тойугар тойоннуурун курдук, мин эмиэ үкчү урут саныыр эбиппин. Холобура, Лээхэби «лях» диэн тылтан таһааран, омуктан төрүттээх тылы нууччатыппыттар дии саныырым: «Ляхов сын» эбитэ буолуо. Этэрикээни – Аччыгый Лээхэпкэ туоруу сатыы сылдьан быстаран өлбүт булчут аатынан ааттыахтарын сөп курдуга. Онтубут букатын атын буолан таҕыста.
«Саха энциклопедиятын» I томун өрө-таҥнары бэрийэ сылдьаммын, бу икки киһи ааттарыгар кэтиллэ түстүм. Онтукпуттан бэйэм да соһуйдум. Букатын атын түгэни ханна эрэ булан аахпыппар тирэҕирэн кыбытар санаалааҕым.
Дьэ онон…
Аан бастаан бу арыыларга үктэммит киһи – Чугастааҕы арыыга мамонт муоһа бөҕө кыстана сытар сирин булбут Этэрикээн диэн эбээн булчута эбит. Ити 1760 сыллар эргин. Ол арыылар тустарынан Усуйаана атыыһыта Уйбаан Лээхэп обургу истэ охсубут уонна 1770 сыллар саҕаланыыларыгар ол арыыларга көрө-истэ, быһата, төһө булт-алт, муос баарын сибикилии тиийэр. Бука эрэ соҕотоҕун тиийбэтэҕэ чахчы. Уйбаан Лээхэп арыыларга сырыытын туһунан Дьокуускайга биллэрбитин Бойобуода кэнсэлээрийэтэ ыраахтааҕыга сурук ыытар. Ити Екатерина II саҕана. Ыраахтааҕы укааһынан, урут Чугастааҕы уонна Этэрикээн арыыларынан биллэр сирдэр «Ляхов арыылара» буола түһэллэр, Уйбаан Лээхэп бас билиитинэн биллэриллэр. Этэрикээн аата-суола сурукка умнуллар. Арай биир өрүс кини аатын илдьэ хаалар. Ол эрээри дьон-сэргэ өйүгэр дириҥник иҥэн буолуо, советскай былаас олохтоммутун кэннэ, Этэрикээн аата билиигэ (пролив) сүппэт-оспот гына бигэтик иҥэриллэр.
Ити гынан Уйбаан Лээхэп 1773 сыллаахха саха атыыһыта Протодьяконовтыын кыттыспыт курдук. Уонна ол сыл сайыныгар биэс саха эрдииһиттээх айаҥҥа туруналлар. Дьон бэртэрэ ити сайын өссө хоту көстөр арыыга тиийэллэр. Арааһа, ити сайын олус чуумпу күн-дьыл турдаҕа, кыраҕы баҕайы дьон быһыылаахтар – хайалар омооннорун итиччэ ыраахтан көрбүттэрин киһи сөҕөр. Тиийдэхтэрин утаа дьэс хочуолу булан ылбыттар. Ол сырыыларын эмиэ, муос эрэ элбэх диэн, ыраахтааҕыга биллэрдэхтэрэ – арыы Котельнай диэн сүрэхтэнэр.
Бу дьон онно кыстаабыттар быһыылаах: үс сибиэбийэни, хас да балаҕаны туппуттар.
Лээхэп атыыһыт 1790 сыл өлбүт, онон ити арыылары Семен уонна Лев Сыроватскайдар бас билэллэр.
Ол эрээри бу арыыларга дьон сылдьыбыта ырааппытын атын чахчылар эмиэ кэрэһилииллэр. Оттон сурукка, ыраахтааҕы укааһа тахсыбыт сыла ыйыллыбытынан, «саҥаттан арыйыы» оҥоһулуннаҕа.
Киһи сылдьыбытын дьэс хочуол көстүбүтэ, былыргы тыы элээмэтэ сытара уонна Лээхэп арыылара урут Муостуур диэн сахалыы ааттаахтара бигэтик кэрэһилииллэр. Оттон Уйбаан Лээхэп аан бастаан истибит киһитэ Этэрикээн буолан, арыыларга аан бастаан тиийбит киһинэн сурукка киирдэҕэ.
Өссө маннык сахалыы ааттар эмиэ элбэҕи этэллэр: Кубалаах үрэх, Ампаардаах, Ураһалаах диэн сирдэр Аччыгый Лээхэпкэ; Ампаардаах, Хаастыыр диэн сирдэр Улахан Лээхэпкэ; Балыктаах өрүс, Малакатыын Тааһа Котельнайга… Бу ааттар Уйбаан Кырбыһааҥкын бултаабыт ыырдарыгар бааллар, оттон кини сылдьыбыт сирэ – Улахан Лээхэп арҕаа эҥээрэ (Ампаардаах эрэ арыый хотугулуу сытар). Онон арыы үгүс өттө өссө элбэх сахалыы ааттааҕа чахчы. Котельнайга да барытын кэрийбэтэх буолуохтаах. Тоҕо эрэ эбээннии ааттаах сирдэргэ түбэспэтим. Арай: мыс Большой Ванькин, мыс Малый Ванькин уонна Ванькин өрүс, Станчик, Пункт Петра диэн нууччалыы ааттар бааллар. Бу дьон кимнээхтэрин историктар кыайан быһаарбатахтар. Состуой диэн аат хайа тылтан эбитин саарбахтаатым.
Итини хайдах быһаарыахха сөбүй? Хайа омук бэрэстэбиитэлэ урут тиийбитинэн сирдэр ааттанар үгэстээхтэр. Ол аат уонна хаһан да уларыйбат. Ити төрүт олохтоохторго – биһиэхэ суруллубатах сокуон. Уларытыыны нууччалыы сурукка киллэрии таһаарбыта мөккүһүллүбэт чахчы. Холобур, Эһэлээх – Медвежий буолар. Онон үгүс олохтоох омуктар тиийбит-түгэммит арыыларын ааттара умнуллар, арай микротопонимнар эрэ бу арыылары кимнээх арыйбыттарын кэрэһилии сылдьаллар. Топонимика диэн наука үтүөтэ-өҥөтө итинтэн да көстөр.
Этэрикээн уонна Лээхэп кимнээхтэрин дьэ ити курдук эмискэ-бааччы биллэҕим үһү. Историк-океанограф С.Мостахов былыргы докумуоннартан хаһан хостоон таһаарбыта эбитэ буолла? Кини кинигэтиттэн ити этэр энциклопедиям I томугар киллэрбиттэр.
СОРУЙАН ОҤОҺУУ
Киһилээххэ кэлээт, Уйбаан совхоһугар радиограмма охсор. Ол эрэ кэнниттэн, табатын муоһун салаата элбэҕин сөҕө-махтайа турар дьонугар тиийэр.
– Үһүйээҥҥэ эрэ кэпсэнэр таҥара табатын бултаабыккын. Сөҕөн кэбистибит. Буолар да эбит.
– Манна кэлээри турдахпына, бэйэтэ саа тэбэр сиригэр кэлэн турунан биэрдэ. Онон ытык таба көрдөһүүтүн толордум дии саныыбын.
– Улуу булчукка анаан-минээн кэлэр эбит буоллаҕа. Эрэйдээбэккэ дьаһайбыккын. Оруобуна сүүһүн ортотугар түһэрбиккин. Ол аата таба барахсан эрэлин толордоҕуҥ. Тииһэ миилэтин кытта тэҥнэспит. Браконьердар тоҕо таба көрбөтөхтөрөй?
– Ол биллэр. Маннык сааһырбыт таба үөртэн тэйэ сылдьар буолар үһү. Хаарга да балыйтаран эрдэҕэ.
– Кырдьыык-кырдьык. Биһиэхэ хаар баҕас баар аҕай. Муоскун хайыыр санаалааххын? – диэн Уйбаан эрбии тутан турарын көрөн ыйыталлар. – Добуочча сыаналыырыҥ буолуо…
– Мин эһиэхэ биир эмэ муоһу атыылаабыттаахпын дуо? Босхо ылар этигит дии. Оттон маны кимиэхэ да бэлэхтиир санаам суох. Атыылаатахпына, аньыы буолуо. Байанайым бэлэҕэ буоллаҕа. Аан дойдуга маннык элбэх салаалаах муос биир эмэ ини.
– Оннук-оннук. Быыстапкаларга чахчы бастыыр муос.
Таба этин суол-суол эрбээн бүтэн эрдэҕинэ, радист сүүрэн кэлэр: – Иван Яковлевич, бу совхоз директорын аатыттан радиограмма кэллэ.
– Туох диэбит?
– «Самолекка лимиппит бүппүтэ», – диэбит.
– Оччоҕо оройуоҥҥа таҕыс. Бачча элбэх тириини ыллаттарыахтара. «Алта сүүс тириилээх» диэн чуолкайдаар.
– Оо, тоҕо элбэҕэй! Манна аҕыс булчут баара эйиэнин ырааҕынан сиппэтэхтэр…
– Байанайдарын кэлэтэллэрэ бэрт.
– Иван Яковлевич, ол тугунан кэлэппиттэрин билэҕин?
– Паастарын олус өр буола-буола көрөллөр. Онон кырсаларын кырса сиир.
– Кырдьык-кырдьык. Аралдьыйаллара элбэҕэ бэрт. Манна самолет кэллэҕин аайы баар буолаллар уонна уонча хонуга суох барбаттар. Арыгы, хаарты айдааннаах дьон.
– Ол биллэр. Мин бу дойдуга кэлбит сылбар, кырса тириитинэн бырахсалларын көрөн, кэлэйэн турабын. Киһи ыалласпат дьоно эбит дии санаабытым.
– Сөпкө гыммыккын.
– Бу таба этин хаһаарыма куукунатыгар илдьиҥ. Кырдьыбыт таба этэ сымсах уонна, абыычай этэринэн, сиэниэ суохтаах үһү. Оттон саллааттар ону-маны итэҕэйбэт дьон буолуохтаахтар. Хараны аҕыннахтара. Минэ барар көрүҥнээх.
Сарсыныгар, оройкуомтан харда кэлбэтэҕэр, хоһулаан радиограмма охсоллор. Онно маннык ис хоһоонноох эппиэт кэлэр: «Совхоһуҥ самолету ыытар кыаҕа суох. Оттон биһиги аэропорду дьаһайан, олохтоммут рейс графигын уларыттарар санаабыт суох. Бэрээдэк диэн баар. Эн ааккар манна үҥсүү элбэх. Хайдах оччо элбэҕи «бултаабыккын» истэ-билэ олоробут…»
– Хайыыгын?
– Рейсэбэй хаһан кэлиэхтээҕий?
– Аны икки нэдиэлэнэн.
– Оччоҕо тирии тутуллар болдьоҕо ааһар. Болдьох ааста да, түүлээҕи Иркутскайга ыыта охсоллор. Ити, оччо түүлээхтээхпин диэн эппитим иһин, соруйан дьаабыланаллар. Бэлэх-туһах ыла үөрэнэн хаалбыттар. Оттон мин Тиксиигэ олоҕуруом диэн таас дьиэттэн квартира көрдөспүппүн соһо-сыһа сылдьалларын иһин кыһыйан, кырсам өҥүн да тустаах тойотторго көрдөрбөппүн. Туох өҥөлөрүн иһин мин кинилэргэ государство баайынан тамнааттаныахтаахпыный? Итинник ымсыы дьон былааһы туталларын тухары өнүйэрбит биллибэт.
– Баҕар, Косыгиҥҥа суруйбуккар иэстэһэн дьиэҕэ чугаһаппатахтара буолаарай? Сыһыаннара даҕаны…
– Суох. Мин кинилэргэ бастаан биллэриэм суоҕа.
– Оччоҕо?
– Оччоҕо… байыаннайдары кытта кэпсэтиэххэ.
– Онтуҥ төлөбүрдээх буолуо дии.
– Буоллун. Төлөһүллүө. Инньэ диэн бачча элбэх түүлээҕи тыалга ыһыам дуо?
Сотору соҕус буолан баран радист:
– Сөбүлэстилэр. Манна хайа эрэ инспектор тойону аҕалыахтаахтар эбит. Ону сарсын атын сиргэ барыахтааҕын манна кэлэр оҥордулар. Киниэхэ ханна да барара син биир буоллаҕа.
– Оо, доҕотторум барахсаттар! Кэм өйүү сылдьар буоллахтара. Оччоҕо бүгүнү быһа балыктыыбын. Эйиэхэ улахан баһыыба. Матарыам суоҕа.
– Арай тугу да туттарыма.
– Байанайым көмөлөһүө.
– Байанайыҥ Аччыгый Лээхэпкэ хаалбатаҕа дуо?
– Байанайым манна, – диэн баран Уйбаан сүрэҕин ыйан кэбиһэр. – Өрүү миигин кытта. Манна муус аннынан балыктааччыгыт суох дуо?
– Кырдьаҕас булчуттар баалларына балыктыыллара үһү.
– Оттон эһиги?
– Биһиги хараҥарда да уурайааччыбыт. Муус чарааһыгар эрэ.
– Тугунан балыктыыгыт? Илиминэн дуо?
– Элбэх күөгүлээх быа түһэрэн.
– Манна хаһан да тоҥмот ырбыы баарын билбэккит дуо?
– Ырааҕа бэрт, суола куһаҕан.
– Дьэ, мин онно бардым.
– Киэһэрдэ дии, сотору хараҥарыа.
– Сарсыарда кэлиэҕим. Күүтээйэҕит.
Уйбаан ыттара килэҥ мууска хоно үөрүйэхтэр.
Сыарҕатын бириһиэн үрдүгэр үктэннэрэн баран, ол үрдүн утуйар мөһөөктөөх балаакканан саба быраҕар. Ыттара сыарҕа анныгар, бэйэтэ үөһэ бэрт үчүгэйдик, хайдахтаах да тыалы билбэккэ, утуйан турааччылар. Аһаҕас уу эрэ баара быраап, балык ханна барыай. Оннооҕор, түлүөн ойбонунан балыктаһыллааччы.
Сарсыныгар, эппит кэмнэригэр байыаннай вертолет кэлэн, Уйбаан Тиксиини этэҥҥэ булар. Ол эрээри түүлээх тутар киһитин күнү быһа кыайан таба туппат. Сарсыныгар Дьокуускайдаабыт аатырар. Оройуон салалтата ытыһын эрэ нэлэҥнэтэр.
Тэҥнэһиэ дуо, Быыкапка кытта баран төннөр. Оннук төттөрү-таары аэропорт ыскылаатыгар тиэнэр-сүөкэнэр кэмигэр түүлээҕин биир түрдьэтэ биллибэккэ сүтэн хаалар.
Бу сырыыга эмиэ байыаннай доҕотторо өйөбүл– тирэх буолаллар. Тыа хаһаайыстыбатын министригэр быһа радиограмма охсоллор.
– Дьэ, Иван Яковлевич, министр тугу да кыайан дьаһайбатаҕына, биһиги таарыйа эйигин Иркутскайга илдьиэхпитин сөп. Ону, бу айылаах таһаҕастаах, бэйэҥ суолгун тобулунан сылдьар кыахтааххын дуо?
– Тылы ханна тириэрдэр диэччилэрий? Булан сылдьыллыа.
– Урут Иркутскайга таарыйбыттааххын дуо?
– Суох. Москваҕа, Кисловодскайга сылдьыталаабытым. Түүлээхпин көрдөрдөхпүнэ, таксистар начаас булларыахтара.
– Арай, куһаҕан таксист түбэстин?
– Ол туһа туспа. Дьылҕабар эрэнэбин. Аһынар-харыһыйар айыылардаах буолуохтаахпын.
– Ол үҥэр идолгын илдьэ сылдьаҕын дуо?
– Тугу этэргит эбитэ буолла? Арааһа, эмэгэти этэҕит быһыылаах.
– Да, да. Христос курдук, эһиги туохха эмэ итэҕэйэҕит дуо?
– Үрдүк таҥара диэн баара үһү. Оттон мин үҥэр аанньалларым, айыыларым манналар, – диэн баран Уйбаан түөһүн тоҥсунар.
– Көрдөр эрэ.
– Тугу?
– Ол идолгын.
– Биһиги ити итэҕэлбитин ытык кырдьаҕастар сүрэххэр, өйгөр-санааҕар оҕо эрдэххинэ өһүллүбэт гына иҥэрэллэр. Онон мин үҥэр айыыларым сүрэхпэр, хааммар, мэйиибэр иҥэн сылдьаллар. Онтон ордук күүстээх итэҕэл баара буолуо дии санаабаппын. Оттон эһиги туохха эмит муҥура суох итэҕэйэҕит дуо?
– Итэҕэйэн. Биһиги итэҕэлбит – Коммунистическай партия.
– Тоҕо эрэ мин ону саарбахтаабытым ыраатта. Киһи барыта хомуньуус ааттаах. Ол гынан баран онно үҥэ-сүктэ сылдьар киһини тоҕо эрэ көрбөппүн.
– Биһиги итэҕэлбит эмиэ сүрэхпитигэр, Ийэ дойдубут иһин тыыммытын толук уурарга андаҕайан турабыт.
– Мин эмиэ сулууспалыы сылдьан андаҕайбытым. Ийэ дойду туһа туспа. Хомуньуустары онно буккуйумаҥ. Хомуньуус бэрдэ салайааччыларым куһаҕаннарыттан государство баайын туппакка эрэйдии сылдьалларын көрбөккүт дуо?
– Кинилэри кытта тэҥҥэ аахсыаххын баҕарар буоллаххына, партияҕа киир. Биһиги рекомендация биэриэхпит. Рабочай кылаас бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ партияҕа киириилэрэ кэбэҕэс.
– Биирдэ эмиэ эһиги курдук доҕотторум киллэрэ сатаабыттара да, чугаһаппатахтара.
– Туох диэн?
– Өй-санаа өттүнэн ситэ бэлэмэ суох, партизанныы майгылаах, салалтаны билиммэт эҥин диэн элбэҕи эппиттэрэ. Уонна Ленин дьиҥнээх араспаанньатын эҥин билбэт диэбиттэрэ. Дьэ уонна миигиннээҕэр түҥ хааһахтары ылыы бөҕөлөрө. Мин баартыйалааҕым буоллар, кинилэри оннуларын буллартыам этэ. Дойдубутун эстэр-быстар суолга итинник дьон киллэриэхтэрэ.
– Дойдубут муҥутуу сайда турдаҕына туохха олоҕуран этэҕин? Маннааҕы салайааччы куһаҕаныттан дойду укулаата хамсыы охсубат ини.
– Эһиги, бэлэмҥэ олорор дьон, тугу да билбэккит. Эбэтэр билэ-билэ ону аһаҕастык этэр кыаххыт суох. Соҕуруу бара сылдьан элбэҕи көрбүтүм. Москубаҕа эрэ ас-таҥас дэлэйэ.
Ити кэмҥэ министерствоттан харда тиийэн кэлэр. Оройкуом хонтуруолугар ылан түүлээҕин дьэ тутар буолбуттар.
Кырдьык, Уйбааны доҕотторо партияҕа киллэрээри мэктиэ сурук эҥин суруйа сылдьыбыттаахтар. Аҕа дойду сэриитин ветерана Кучеров, байыаннай чаастан Чьянков, үлэлээбит промкомбинатын директора Макарец рекомендация суруйбуттара онон оннук таах хаалбыттаах.
Билигин Уйбаан бииртэн хомойор. Тиксиигэ олоҕурбута буоллар, булдуттан сүгүн дьүгээр тэйэ охсубаттаах этэ. Пааска түбэспит кырсаны биири да энчирэппэккэ бултуур ньыматын эдэр дьоҥҥо көрдөрөр, батыһыннара сылдьан үөрэтэр баҕата туолбакка хаалбыта. Ол барыта – толору хааччыллыылаах дьиэҕэ чугаһаппатахтарыттан.
Кэргэнэ оҕолорун кытта кыһалҕата суох кыстыыр кыахтара суох буолан, Намҥа олохсуйарга күһэллибиттэрэ. Онон били этэр дьиэбитин туттан-хайаан, ол быыһыгар пилорамщиктаан эҥин аҕыйах сыл Намыгар олоро сылдьыбыттаах. Уон икки сыл, ханна да ырыта тыыттарбакка, бултаабыта буоллар, 900 кырса тириитин биир кыһын (сезон) хайа баҕарар холкутук соҕотуопкалыыр кыахтааҕа. Оннооҕор хойгур ыраах (Улахан Лээхэп илин уһуга) Шалауров тумуһугар баар станцияҕа кытта таба этин соҕотуопкалыы сылдьыбыттаах. Кыыл табаны угуйан ылар албаһын туһунан урут билиһиннэрэн турабыт. Ити сырдык күн-дьыл, оттон ытыс таһынар ыас хараҥа бүрүүкээн турдаҕына, ытынан саба сүүрдэн киирэн, ракетницанан сырдатан, сыарҕатыгар сөп буолары биир үүккэ охторорун этэ да барыллыбат. Станцияттан аҕыйах көстөөх сиргэ охтортообут хас да сыарҕа табатын биир-икки күн тастаҕына сөп оҥорооччу. Инньэ гынан Шалауровка барарыгар кураанах сыарҕалаах хоҥнорун ордорооччу. Оччоҕо сири да түргэнник хоротор, ыттара да быстыбаттар. Киһилээхтэн рациянан таба баарын-суоҕун биллэ да быраап. Хайдах күн таба ханна буоларын биэс тарбах курдук эндэппэккэ билэринэн оннооҕор оҕонньоттору соһуталааччы.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.