Текст книги "Өлүү-тиллии икки ардынан"
Автор книги: Прокопий Чуукаар
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 12 страниц)
ДОЛГУН АРҔАҺЫГАР ОЛОРСОН
Аччыгый Лээхэпкэ олорбуттара хаһыс сылыгар бу түбэлтэ буолбутун Уйбаан билигин чопчу өйдөөбөт. Ол гынан баран муора кубулҕатын чахчы билбэхтэспит курдук сананар кэмэ этэ. Айылҕа тыынар тыыннаахтан туох да атына суоҕун онно өссө төгүл итэҕэйэн турардаах. Киһи тулалыыр эйгэтин көҥүлүнэн дьаһайар кэмэ кэлиэ диэн эрэҥкэдийэр букатын сымыйа. Төттөрү, Айылҕа киһини бэйэтин талбытынан тутар-хабар, оонньуур оҥостор курдуктуҥу. «Кимниин эмэ ханна эрэ, анаабыт курдук, ыы муннугунан анньыһа түһүүҥ түбэһиэх түбэлтэ» диир дьон улаханнык сыыстараллар. Ити – Айылҕа биир дьикти «бэлэҕэ». Ону биһиги Дьылҕа дэһээхтиибит. Дьиҥэ баара, Айылҕа хас биирдиибит дьылҕатын үүннүүр-тэһиинниир. Дьон эрэйдээх ону быдан былыр сүрэҕинэн-быарынан сэрэйэн Таҥара оҥостоохтообут. Киһи барахсан хайа эрэ сүдү тыыннаах эттик сорҕото дуу, төрүөҕэ дуу. Дьэ ол иһин Ийэ Айылҕа диэн өйдөбүл үөскээтэҕэ. Биһиги бэйэбитин Айылҕа оҕолоробут дэһэрбит сөрү-сөп. Айылҕаҕа үҥэр-сүктэр омук хаһан да өлөн-охтон биэриэ суоҕа. Туох да эгилитэ-бугулута суох быһаччы Айылҕаны кытта сибээстээхпитин билинэрбит – биһиги дьолбут. Дьэ ол иһин тугу барытын, күн бүгүнүгэр диэри, тыыннааҕымсыта сырыттахпыт.
Ол күн Уйбаан Киһилээххэ өрө мэҥитэн тиийбитигэр күнү-дьылы кэтээн көрөр станция үлэһиттэрэ оонньуу-күлэ этэ тоһуйбуттара:
– Биһиги бэҕэһээҥҥиттэн буурҕаны кэтэһэбит, ону эн тохтоттуҥ дуу, хайаатыҥ дуу?
– Оонньоомоҥ, улахан буурҕа иһэр бадахтаах. Ол иһин уҕааланар.
– Ону билэ-билэ тоҕо кэллиҥ? Туох эрэ улахан наада баар дуу?
– Манна Тиксииттэн суудуна иһэр диэбиттэрин иһин, уолбун ыытаары… Төннө охсуом этэ.
– Буурҕа түһэр диэн тохтообуттара. Аны хаһан графикка туруораллара биллибэт. Оттон эн ону хантан иһиттиҥ?
– Ээ, Дьокуускай араадьыйата бу сарсыарда тиһэх сонунугар иһитиннэрбитэ.
– Улахан буурҕа түһэрин билэ-билэ төннөөрү гынаҕын дуо? Арай, мотуоруҥ саахалланнын?
– Уонча күн манна тугу гынабын? Хайдах эмит мүччү көтөр инибин…
Буурҕа Уйбааны Этэрикээн билиитин ортотугар сиппитэ. Бастаан уу ньуура эбир долгунунан дьирибинээбитэ, онтон үрүҥ толбону түһэрэн дьикти кэрэ көстүүлэммитэ. Сыыйа, били ырыаҕа этиллэринии, «үрүҥ эһэ арҕаһыныы» мөлбөрөҥнөөбүтэ. Муора, субу аҕай хорутуллубут бааһына көрүҥнэнэн, хараара будулуйан барыыта тыал күүһүрэн, тула ытыллан-ыйылаан тымныы уунан сабыта охсон барбыта.
Уйбаан кэннин хайыһан көрбүтэ, сүүнэ улахан долгун субу саба халыйан иһэр эбит. Тиийиэхтээх кытыла халлааҥҥа өрө көтө-көтө ханна эрэ үөдэн түгэҕэр тимис гынар. Ол аата кини бэйэтэ арыт долгун үөһэ, арыт долгун ууну эҕирийэр түгэҕэр түһэн-тахсан эрдэҕэ. Онтон сыыры дабайар, таҥнары курулуур дьаабыта саҕаланар. Манныкка биирдэ да түбэһэн көрбөтөх киһиэхэ, дьэ, ынырык хартыына. Сүрэҕин тилэххэр түһэрэ, ыгыта убахтыыра хайдах эрэ сүүнэ улахан хачыалга өрүтэ тамнааттанары санатар. Хараххын быһа симиэххин баҕараҕын, эт-этиҥ кычыгыланар, тула ирим-дьирим. Оо, тыыны туора эрэ туппатах киһи! Оо, долгуҥҥа түҥнэри эрэ оҕустарбатах киһи! Мотуора өссө да үлэлиирин илиитэ эрэ билэр. Оттон тарбахтара бааллар эрэ, суохтар эрэ – биир кэм тимир курдуктар.
Тыыта өрө чарбачыһан долгун арҕаһыгар тахса сатаан эрдэҕинэ, мотуорун «тыаһа» илиитигэр илигириирэ мөлтөөн хаалар. Бу алдьархайы! Аны кэннинэн таҥнары сурулууругар тиийдэҕэ. Оччоҕо кэнниттэн субу халыйан иһэр долгун халҕаһата үрдүнэн саба охсоро чахчы. Кытыла, долгун арҕаһыттан көрдөҕүнэ, чугаһаабыт да эбит! Бай! Тыыта долгун арҕаһыгар хам сыстыбыт курдук «олорбут». Кытыла өрүтэ көтөрө тохтообут. Тугун дьиктитэй! Оннооҕор муора чуумпурбукка, көнньүөрбүккэ дылы көрүҥнэммит. Долгун арҕаһыттан мүччү түспэтэххэ, кытылы этэҥҥэ булуохха сөп эбит ээ. Оо, Муора Эбэ Хотун! Эн ити аата миэхэ кырыгыҥ суох эбит буоллаҕа. Ытыһыҥ үрдүгэр олордон дьиэбин этэҥҥэ булларардыы сананнаҕыҥ. Үгүһү да биллэрэн, элбэххэ да үөрэтэн эрдэҕиҥ тоҕо сүрэй. Ол да иһин кыыспынаан түбэспит алдьархайбар, оҕобун куттаабакка, уутун аймаабатах быһыылааххын. Онон көхсүбүн кэҥэппиккин, тыыммын уһаппыккын, санаабын салҕаабыккын, өйбүн өһүлбэтэххин. Бэйэм бэппинэн тыыннаах ортум диэн айаҕаламматахпын, дьылҕабар, айбыт айыыларбар махтаммыппын, ити аата, истэр-билэр эбиккин. Үрүҥ тыыммын өссө төгүл өллөйдөөбүккэр, кытылы этэҥҥэ буллахпына, араҥаччылыыр аанньалларым нөҥүө сиргэ тиийэ сүгүрүйэн Эн Үрдүк ааккар үҥүөм-сүктүөм…
Аллаах ат айанынан өрөһө долгун миҥэлэнэн Уйбаан кытылга өрө барылатан кэлэр. Дьиэ саҕа үрдүктээх халҕаһа долгун кытыл тааһын бырдаҥалата оонньотон саба халыс гыныытыгар тыы түгэҕэ биэрэккэ лиһигирэйээтин кытта, Уйбаан дьаакырын кыбыммытынан сиргэ дьирэс гына түһэр да илимин иилэр тимир турбатыгар онтун эрийэ быраҕар. Долгун үөскэ төннөрүгэр тыытын төлө тардан илдьэ барыахтыы тирдьигинэтэн ылар. Дьэ саҥардыы өрө уһуутаан эрдэҕинэ, атын долгун өссө дохсун балаһата тыытын толору уунан саба кутан кэбиһэр. Бэйэтин көстүбэт илиитинэн хам тутан иһирдьэ соһон эрдэҕинэ тимир турбаттан хаптан ылар. Үһүс балаһа өрө баргыйан кэлиитигэр сыыр үөһэ чыраахтаһан нэһиилэ сыыһа-халты харбатар. Тыытын төлө охсон илдьиэҕин, толору уулаах буолан дуу, мотуоруттан туорайданан дуу, илдьибэккэ хаалларар. Тимир турба уһулу тардыллыбыт. Уйбаан тыытын өрө тарда сатыыр кэмигэр кэлбит атын долгун күүһэ-уоҕа хараан абырыыр. Инньэ гынан, хаһыс эрэ балаһа эрчимириэр диэри, тыытын уутун иҥнэри тутан, мотуорун өрө быраҕан, холкутук сыыр үрдүн булларар.
Балаҕаныгар бүтүннүү уу чоккурас киһи киирэр.
– Хайа, бу айылаах ала буркуҥҥа хайдах кэллиҥ? – кэргэнэ соһуйан аймана түһэр.
– Кэллим.
– Хайдах? Буурҕа түһэрин билэ-билэ барбытыҥ буолбат дуо? Тоҕо онно хаалбатыҥ?
– Бэйэм да билбэппин… Муора аҕалла… Арааһа, ол дойдуга барыам эрдэ быһыылаах.
– Таҥара баар эбит буоллаҕа. Хата, соҕурууттан буккуран мууһу аҕалбатаҕар махтан. Бу хаһан өйдөнөр киһигиний?
– Дьэ билбэтим… Бы-бы-бы! Тоҥмут да эбиппин. Уоккун отто охсууй! Кофета кута тарт. Тоҥно таһаар.
– Хас буолабын. Тоҥмут киһи, бэйэҥ балык киллэрэ таарыйа, таһырдьа сүүрэкэлээ. Оҕолоргор эмиэ киллэрээр.
– Чэ, бээ. Кураанах таҥаста бу диэки бырах эрэ. Араадьыйа туох диир?
– Дьокуускай Тиксиигэ буурҕа түспүтэ үһүс күнүгэр барда дии олорор. Москуба полярниктарга ас-таҥас кэмигэр тиийдэ диэн сымыйалыыр.
– Оттон дьоппуоннар туох дииллэр?
– Эрэбээн диэн куорат ханна баарый? Бука, соҕуруу буолуо. Онно буойастар харсыспыттарын, көрөн турар дьон курдук, бодуруобуна хаста да сэһэргээтилэр. Туруустар диэн туох дьону ааттыылларый? Саха сириттэн эмиэ баар курдук этэллэр. Москубаҕа уот кураан, тулата баһаар бөҕө үһү. Оттон ыстаансыйа дьоно инньэ диэн кэпсээбэттэр дуо?
– Ону-маны сэлэһэ олорор бириэмэ суоҕа. Уонна ол дьон Дьоппуонньаны, Амыарыканы сатаан истибэттэр дуу, бэйэ-бэйэлэриттэн мэһэйдэтэллэр дуу… Миигиттэн аан дойдуга туох буола турарын сураһааччылар. Дьэ уонна киһи кэпсээтэҕинэ, итэҕэйэр аат диэн суох. Туох эрэ буолбут дьону көрөбүн. Наар бородуукталарыттан чорботон материкка баһыылкалыыр адьынаттаммыттар.
– Ол ханна баар дойдуга, бачча ыраахтан туохтарын ыыталлар?
– Бэйэлэрин дойдуларын «Материк», «Большая земля» диэн ааттыыллар. Дьонноро хоргуйан олороллорун курдук, куруппатыгар тиийэ баһыылкалыыллар. Ити куһаҕан бит. Өҥ-тот, байылыат олохтоох ааттаахпыт уонна саахарыгар тиийэ хотуттан төттөрү тастарабыт. Ыал буолбат эрэ дьон идэтэ. Дьон бородуукталыы Москубаҕа тиэстэрин туһунан Амыарыка араадьыйата айдаарбыта ыраатта. Ол дьон кырдьыгы кэпсииллэр быһыылаах.
– Аны тугу истибиккин үлүбээй онно-манна кэпсии сылдьаайыккын. Торотуоруннаах Ньукулаайап чугас дьаамҥа таарыйтарбакка утаартарыахтара. Оннооҕор мантан арҕаа сытар быычыкаан арыыга соҕотоҕун олорор нууччаны кэлэн тутан барбыттар үһү буолбаат? Бэйэҥ хаһан эрэ инньэ диэн омуохтатан кэлбиккин өйдөөбөккүн дуо?
– Ээ, Остуолба арыыга хайа эрэ киһи күрээн тиийэн олохсуйбутун лахсыйаллар. Бу эргин хаайыылаах эрэ элбэх буолуохтаах. Ити Тароторин даҕаны Прибалтикаттан үүрүллэн кэлэн баран олоҕурбут киһи. Тугу оҥорон үүрүллүбүтүн туох билиэ баарай. Быыкапка айыылаах элбэх киһи кырамтата кыстана сытарын бэйэм илэ харахпынан көрбүтүм.
– Ол саһаан курдук кыстана сыталлар дуо?
– Эчи суох. Биир ииҥҥэ хас да киһини көмөллөр эбит. Биэрэк сиҥнибитигэр атахтара көстөрө. Хат көмпөтөхтөр этэ. Муора бэйэтэ харайбыта дэһэллэрэ.
– Эйигин да муораҥ хаһан эрэ харайара буолуо. Мээнэ чэчэгэйгинэн көрө-көрө көтүтэҕин.
– Кэлээри турдахпына, арыгынан күндүлүү сатаабыттарын испэтэҕим. Бу да буолларбын иһэ-иһэ муорабар биирдэ да киирэ иликпин. Арааһа, ол иһин баччаҕа диэри чыыбыргыы сылдьабын быһыылаах.
– Арай оннук ини. Дьылҕа диэн баар диэбэккин дуо? Онтуҥ таайан эрдэҕэ.
– Биһиги бары Айылҕа оҕолоро буоллахпыт дии. Айылҕа бэйэтэ билэр.
ҮРҮҤ ЭҺЭЛИИН ХАПСЫҺЫЫЛАР
Арааһа, ол сыл үрүҥ эһэ мэнээгэ буолан ааспыт быһыылааҕа. Эһэ эрэ туһунан түһээн да баттаппакка олордохторуна, соһуччу баҕайы бу быһылааннар утуу-субуу буолуталааннар, ууга-уокка түһэртээбиттэрэ.
Уйбаан Аччыгый Лээхэп ыһыытыыр хоту баһыттан паастарын эһэн төннөн иһэрэ. Халлаан сырдаан, күн тахсан туундара киэҥ нэлэмэн ньуура, ыраас кумааҕы курдук, иннигэр тэлгэнэн сытара көрүөххэ кэрэ да буоллаҕа. Куруппааскы үөрэ хойуу, кутуйах да айаннаата, онон кырса олоҕуттан хамсаабат сыла үүннэ диэн Уйбаан эһиилги сыллааҕы булда хайдах буолуоҕун сылыктыы, уоһун иһигэр тулатыгар туох буола турарын тутатына хоһуйан туойар-ыллыыр икки ардынан киҥинэйэ иһэн нухарыйан ылбыта. Уутун быыһынан дьиэтэ чугаһаабытын билбитэ эрээри, хараҕын аһыан сүрэҕэлдьээн, утуйар-утуйбат икки ардынан төбөтүн умса быраҕан олорон, сыарҕатын сыҥааҕа хаарга дэгдиргиирэ тоҕо эрэ уларыйбытын муодаргыы санаабыта. Бэриэччитэ туох буолан дьиэтин туһаайыытын уларыттаҕай? Ити икки ардыгар ыта ыйылыырын истэн аһарбыта, аны бачча дьиэлэригэр чугаһаабыт ыттар муҥ кыраайдарынан түһүнэр бэйэлэрэ айаннара биллэ бытаарда. Бэйи эрэ, туох ааттаахха бу айылаах аралдьыйдахтарай? Ыттарын дьарыйан, тиэтэтэн биэрээри саҥа таһааран көрдө да «дьонноро» өссө эбии бытаардылар. Хас эмэ ыт тэҥинэн ыйылаһар саҥалара кулгааҕар охсуллан ааста. Халтаһалара ыбыс-ыараханнык сабыллыбыттарын бэрт эрэйинэн атытан туундаратын унаарда да, туох да киһи хараҕар быраҕыллыаҕын булан көрбөтө. Ыттара бары кутуруктарын купчутан, кулгаахтарын чөрөтөн, тусаһаларын атыҥыраабыт курдук, кытыл сыырын диэки халыйан эрэллэр. Уйбаан карабинын түргэн үлүгэрдик хаба тардан ылар. Арааһа, атын ыалдьыт суолларын быһан кэтэһэн сытар быһыылаах. Хайа эрэ айан киһитэ ааһан иһэн быһа охсон таарыйарын, бэл, ыттар үөрэ-көтө көрсөөччүлэр. Бөрө, торҕонноон, булчут ыырын батыстаҕа. Соҕотох бөрөттөн ыттар куттаныа суохтарын сөп этэ. Ити аата, бөрө үөрэ буулаатаҕа. Саба түстэхтэринэ, биэстэ эрэ ытыыһы. Ордук-хоһу таһаҕас гынымаары саатын сэбин саппаас илдьэ сылдьааччыта суох. Чэ, бээ. Тутуһан туран ыттаҕына биэс бөрөнү охторор ини. Оччоҕо атыттара син дьаадьыйыахтар этэ.
Ыттара туох иһин дьиэлэригэр барбаттар. Саатын кыбынан, ыттарын сиэтэн тэлгэһэтигэр киириэр диэри бөрө баар сибиһэ биллибэт. Оттон бэриэччитэ соһулла сылдьар. Дьиэ иһигэр тыһы ыта боҕургуура иһиллэр. Кэргэнэ ытын дьиэҕэ киллэрбитэ дьикти. Ол аата туохтан эрэ куоттардаҕа. Оттон ол «туох эрэ» тоҕо кини хараҕар көстүбэт? Кыс маһын кэтэҕэр саһа сыттаҕа. Соҕотох эрэ буоллар…
Оҕолоро таһырдьа бытарыһан тахсыбатылар. Оһох буруолуур. Аан хос түннүгүн биир өстүөкүлэтэ суох. Ыта туохтан эрэ куотан түннүгү алдьатан киирдэҕэ… Чигдитийбит хаарга итии хобордооҕу уурталаабыт курдук, күтүр улахан баппаҕайдар батарыта үктээбиттэрин бэриэччитэ сытырҕалыы-сытырҕалыы ытырдыбытыгар Уйбаан ону дьэ өйдөөн көрдө. Бу тухары үрүҥ эһэ туһунан өй Уйбаан төбөтүгэр букатын киирбэт. Хата, хаар киһи, чучунаа туһунан хаһан эрэ истибитэ өйүгэр охсуллан ааһар. Дьэ, ол баҕайы буулаабыт буоллаҕына, сүгүнүнэн арахпат. Тааһынан төһө ырааҕы быраҕар күтүр эбитэ буолла? Сыарҕатын дьаакырын чигдигэ батары үктээн баран, дьиэтин быраҕыы холобурдаах ырааҕынан эргийэ хаамар санаалаах саатын ытардыы бэлэмнэнэ турдаҕына, кэргэнэ алдьаммыт түннүгүнэн быкта уонна аан диэки ыйа-ыйа тугу эрэ хаһыытыыр. Куттаммыт, ороһуйбут сибис биллибэт. Уйбаан бэргэһэтин кэннигэр түһэрэн, кулгааҕын сабар анал тирии таҥаһын эрэһиинэтин өрө тарда-тарда кэргэнэ тугу диирин истэ сатаата да, тыал саба охсо турар. Онуоха эбии ыттарын көхсүлэрин тыаһа күп-күрдүргэс.
Аан аһыллыбытыгар тыһы ыт ньылбы ойон тахсар. Уруккутун курдук киниэхэ өрө сүүрэн кэлбэккэ, ааҥҥа кэннинэн сыстан туран сүр суостаахтык тугу эрэ үрэн баргыйар. Онно эрэ ыттара бэйэ бодолорун тардынан, арҕастарын түүтүн туруоран, аһыыларын килэтэн баргыһа-баргыһа дьиэ диэки дьүккүйэ сатыыллар. Дьэ онуоха эрэ тас аантан аҕыйах хаамыылаах сиргэ көһөҥө хаар үллэ сытарын өйдөөн көрөр. Ол кэмҥэ кэргэнэ ытын буойа-буойа утары тахсан кэлэр уонна хаар көһөҥөтүн үрдүгэр олорунан кэбиһэр. Аны оҕолоро бытарыһан тахсаллар.
Хаар көһөҥөтө диэбитэ үрүҥ эһэ үллэ сытар эбит. Киниэхэ көхсүнэн охтон, хаары кытта хаар буолан, таба көстүбэтэх эбит.
– Ким өлөрдө?
– Ким өлөрүө буоллаҕай? Бэйэтэ кэлэн оҕутта ини.
– Көнньүнэн дуо?
– Оттон бэйэҥ көрүүй, туохтан өлбүтэ көстөр ини.
Уйбаан эһэни тиэрэ тардар. Тыһы эһэ. Ырыгана сүрдээх. Соторутааҕыта утуйан турбут быһыылаах. Икки өттүгүн түүтэ тааҕытыйбыт. Оҕоломмут сибис биллибэт. Торҕонноон дьон олорор тэлгэһэтин буулаатаҕа. Хаҥас эмиийин үрдүнэн сүнньүөх түспүт суола чөҥөрүйэр. Соторутааҕыта ытыллыбыт. Этэ саҥа бөһүйэн эрэр. Хорондоорон кэлэн охтуох туһа суох.
– Эн дьаһайдыҥ дуо?
– Тыын тыыҥҥа харбас этэ. Чэ, чэйиҥ, итии эрдэҕинэ киирэн өл хаба түс. Манна хонноруохпут дуо, астаан көрүө этибит.
– Оо, дьэ, Суура, кыыс оҕоҕун ээ. Эйигиттэн маны эрэ күүппэтэҕим.
– Оттон оҕолорбун харыстаан…
– Оттон бу күтүрүҥ оҕолоро суох этэ дуо?
– Былырыыҥҥы оҕолоро быһыылаахтара. Хойут кэлэн сытырҕалыы сылдьалларын көрбүтүм. Манна ханна эрэ чугас сырыттахтара буолуо.
– Хаһыа этилэрий?
– Иккиэ.
– Ыттарым олору көрдөхтөрө дуу…
Шура сарсыарда ыта ыйылыы-ыйылыы ааны тарбаабытыгар, туох ааттаах буолла диэн, ааны сэгэтэн өҥөйөн көрөөрү ытыгар түҥнэри көтүттэрбит. Хатыырын төлө тардаатын кытта, халҕаны иһирдьэ силэйэ анньан, ыйылаабытынан көтөн түспүт. Урут дьиэҕэ бааспат ыт туохтан ити айылаах куттаммытын көрө тахсарыгар, сэрэххэ, саатыгар сүнньүөх уктубут. Аанын саҥа сэгэтэн иһэн көрдөҕүнэ, сап-саһархай сэбирийбит түүлээх үрүҥ эһэ чигдини кирэ турар үһү. Аан тыаһаабытыгар икки кэлин атаҕар турбутунан дьиэ диэки атыллаабыт. Дьэ онуоха Шура халҕанын олуйа охсоот, аан хоһугар биирдэ баар буолбут. Түннүгүнэн көрбүтэ субу саба барыйан турар эбит. Түннүк үрүт өстүөкүлэтин тоҕо анньар, сүрэҕин туһа манан ини дии санаат, саатын элбэрээгин хам тутан кэбиспит. Онуоха эһэтэ тиэрэ таралыс гыммыт уонна киһи куйахата күүрүөх кылана-кылана чигдигэ күөлэһийтэлээбит. Иккис сүнньүөҕүн уктан баран көрбүтэ, эһэтэ бэрт барбах дьигиҥнии сытара үһү. Хантан эрэ табаһыттар ыттарын курдук үллэкэчийбит эһэ оҕолоро баар буола түспүттэр. Ийэлэрин тула хаама сылдьан, сытырҕалаан-сытырҕалаан баран, уонча хаамыы тэйэн, дьиэни уун-утары көрбүтүнэн сытынан кэбиспиттэр. Онтон ыраах ыттар иһэллэрин көрөн, дьиэ кэннин диэки аҕыйахта үллэкис-үллэкис гыммыттар. Нөҥүө түннүккэ сүүрэн тиийиэр диэри ханна барбыттара биллибэккэ сүтэн хаалбыттар.
Сарсыныгар Уйбаан Улахан Лээхэпкэ баар паастарын эһэ барар. Ампаардаах балаҕаныгар чугаһаан истэҕинэ, ыттара эмиэ ыйылаһа-ыйылаһа хаарга хаптайан хаалаллар. Балаҕан аана аһаҕас. Чугаһынан туох да баара көстүбэт. Саатын бэлэм тутан, ыттарын тохтообут сирдэригэр хааллартаан баран, дьиэҕэ соҕотоҕун барар. Хаар тибэ турар буолан суол-иис биллибэт. Тыал дьиэ өттүттэн үрэр, кыыл баар да буоллаҕына, сыт ылбакка, ону-маны үрэйэ сылдьара буолуохтаах. Ааны тыал аһыах туһа суох. Бу үйэҕэ турбут халҕаны хайаан да ким эрэ киирэн баран саппакка хааллардаҕа. Уонча хаамыы ыга кэлэн баран, хаһыытаан көрөр да, дьып-дьылыччы. Сыгынньах илиитэ тоҥуох курдук гынар. Киириэх баҕайы дуу, хайыах баҕайы дуу? Бэйи, таҥара сэрэҕи таптыыр, сааны эһэн ким-туох баарын чуолкайдаатаҕына табыллыыһы.
Балаҕан оһоҕун ылтаһын турбатын ытан хабылыннараатын кытта, түннүк өстүөкүлэтэ кырылыы түһэр. Кып-кыһыл айах соҕотохто түннүк нөҥүө кытас гынар. Уйбаан, аарыма улахан аһыылардаах айаҕы туһаайаат, иккитэ ытан субурутар. Түннүк бэрт өр хараара өһөр. Дьиэ иһигэр ынчык курдук күрдүргүүр дорҕоон иһиллэр.
Уйбаан ыттарын аҕалан, хонордуу оҥостон, аалыктарын сүөртэлии сылдьан хараҕа дьиэттэн арахпат. Тула уу чуумпу. Ыттара атаҕар эриллэ сылдьаллар, кини сирэйин-хараҕын кэтииллэр.
– Билигин сылаас эт сиэххит, уоскуйуҥ! – диэн эҕэ-дьаҕа саҥара-саҥара, аҥаар илиитигэр банаар тутан, аҥаарыгар саатын ытардыы бэлэмнэнэн дьиэ иһин өҥөлдьүйэр. Онно көрдөҕүнэ, сүүнэ улахан атыыр эһэ, түөрт атаҕын өрө тэппитинэн, дьиэ ортотугар тиэрэ түһэн сытар эбит. Эһэни үрдүнэн эрэ атыллаан оһоҕор барыыһы. Ханан да хаамар сир диэн орпотох. Наара, остуол, долбуур үлтү кумаламмыттар. Буочуку оһох хомулу охсуллубут. Кууллаах бурдуга ибили ньалбаммыт, кэнсиэрбэлэрэ тэриэлкэ курдук хаптаччы барбыттар. Өстүөкүлэ бааҥкалары биири да ордорбокко үлтү сыспыт. Икки бытыылкалааҕыттан биирдэрэ орон улаҕатыгар төкүнүйэн алдьаммакка хаалбыт. Ата сытар айаҕыттан испиир сыта сибиэһэй хаан сытын баһыйа аҥкылыйар. Ити гынан муостаҕа тугу да тохпотох дуу, тутатына ньылбы салаан иһэр дуу эбит.
Ыттарын хат көлүйэн дьиэттэн эһэтин бэрт өр сыһаҕастаһан ньылбы соһон таһаарар. Олус тотон, ааҥҥа баппат буолбут быһыылаах.
Ити күн Уйбаан эһэкээнин аһата-аһата кыылын дьаһайар, дьиэтин өрө тардар, халҕанын олордор. Ыттара эһэ этин үрдүгэр түһэн сиэн барбаттар. Балачча өр сытыргыы-сытыргыы ытырдымахтыыллар, төбөлөрүн быһа илгистэллэр. Иччилэрэ бөһүйэн эрэр быары тэлэкэлээн сиэбитин көрөннөр, ону даҕаны сии олорор быарыттан биирдии ыстыыны бэрсибитин сэлибир гыннаран бараннар, өлүү ойоҕосторун үтүктүспүт курдук салаан ньылыбырыталлар, дьэ онтон иҥсэлээхтик хадьырыйан тиистэрин тыаһа лаһыгырыыр. Аһаан, күүс-уох ылынан, кутуруктара өрө тыкарыйар. Эһэ хачыыбатын сытыргыылларыгар ыйыласпат буолбуттар. Эр хааннарын ылыммыт көрүҥнэнэллэр. Аны үрүҥ эһэттэн куттанан бэрт.
ИККИ АТАХТААХ «КЫЫЛЛАР»
Ол «кыыллар» дьонтон туох да атыттара суохтар. Киһи кинилэргэ билбэккэ киирэн биэрэн былдьатар. Бэл, Уйбаан, Чылаа кырдьаҕас төһө эмэ такайбытын үрдүнэн, оннук дьоннуун хабыдаһан ааспыттаах. Бүгүн олортон сыччах икки түгэни быктара түһэн ылыахпыт.
Аччыгый Лээхэпкэ тиийбит бастакы сааһыгар, Котельнай арыыга түүлээхтэрин туттара барар сурахтарын истэн, айан аартыгар кэтэһэн, аргыстаһан турардаах. Онно биир киһи, наар дьонтон тэйиччи хаалан, соҕотоҕун айанныырын бэлиэтии көрөн хаартыскаҕа түһэрбиттээх эбит. Ону кырдьаҕас булчуттан сураспытыгар: «Кэмэлдьитэ», – диэн кэбиспитэ.
Ол киһи балаакка турбутун, ас буспутун кэнниттэн сыыһыгыраан кэлэн, тэйиччи түһүүлэнэр. Талбыт балааккатыгар көтөн түһэн бэлэм аһы асаһар да, ыттарын хоонньуларыгар утуйан хаалар. Балаакка эҥин диэни билиммэт. Бэл, балаҕаҥҥа, төһө эмэ босхо наара баарын үрдүнэн, дьону кытта бииргэ хонсубат үһү. Уйбаан ол сырыытыгар киниттэн онтон атын энчини булан көрбөтөҕө. Өссө: «Ыалдьыттыы тиийиэм!» – диэбитигэр үөрүүнэн сөбүлэспитэ.
Дьэ, ол киһи тиийэн кэллэ. Уйбааннаах бука бары үөрэ-көтө көрүстүлэр. Саҥа тиийбит дьон бэйэлэрэ илдьэ кэлбит бородуукталарыттан ураты туохтара да суоҕа. Таба үөрүгэр түбэһэ илик кэмнэрэ этэ.
– Хайа бу, эккит-балыккыт? – дии-дии кэнсиэрбэҕэ чугаһаабатаҕа. Сирэйэ-хараҕа тута хараара дьэбидийбитэ. Кыыһыран сохсос гыммыта. Онто хайдах эрэ хаар эбэ кутуйах үрдүгэр түһээри олорорун санаппыта.
– Ыттарбытыгар эрэ балыктаах олорор дьоммут.
– Саамай баай арыыбытын баһылаан олорор эрээри…
– Хас да сыл ким да үктэммэтэх сирэ диэн ыыппыттара.
– Сымыйа, киһи бөҕө тиэстэр сирэ.
– Кимнээх?
– Көрөттөөн иһиэҥ. Табаны бэртэлиэтинэн эккирэтэн бултуур адьынаттаннылар. Ол дьон эйигин сөбүлүүллэрэ биллибэт. Манна ким да уһаабатах дойдута.
– Ол аата?
– Куотар эбэтэр букатыннаахтык хаалар.
– Өйдөөбөтүм ээ…
– Ону да өйдөөбөт эрээри, тугу гына манна кэлбиккитий?
– Ыыппыттарыгар кэллэхпит дии.
– Хайа, манан күндүҥ-мааныҥ бүтэр дуо?
– Сотору биһиги да көнөө инибит.
– Чэ, оччоҕуна «көнөрүҥ» диэки кэлиллиэ.
– Манна утуйсубаккын дуо? Олохтоох киһиттэн ону-маны истиэхпит диэн, биһиги бары да кэлбиккэр үөрэн бөҕө олоробут.
– Арыгы утаҕа суох уоһум өһүллүбэт. Ону билэн кэбис.
– Эһиил ол да баар буолуоҕа.
– Оччоҕо эһиил баччаларга, тыыннаах сураххытын иһиттэхпинэ, кэлиэҕим. Бардым.
– Хайа, билигин төннөөрү гынаҕын дуо?
– Сыарҕа үрдүгэр утуйарбын сөбүлүүбүн.
– Ыттаргын сынньаппат эбиккин дуу?
– Ыт өллөҕүнэ эрэ сынньанар, – диэн баран тилир гынан хаалар.
– Дьикти тыллаах-өстөөх киһи эбит дии, бачча ыраах тугу сии кэлбит баҕайытай? – диэн Уйбаан олус соһуйан саҥа аллайар.
– Сэрэхтээх киһи сылдьар быһыылаах. Наар быһаҕын угуттан илиитин араарбат, – диир Шура.
– Эн эмиэ бэлиэтии көрбүт эбиккин дии. Ити аата үнүргү табабыт сэмнэҕэ бэртэлиэтинэн бултааһын тобоҕо эбит.
Ити итинэн ааһар. Умнулла быһыытыйар. Иккис сылларыгар түүлээхтэрин Киһилээххэ илдьэн туттараллар. Тураахап диэн сахалыы араспаанньалаах киһи Уйбаан тириилэрин тутарыгар:
– Саҥа булчут диэтэххэ, тириилэргин олус бэркэ таҥастаабыккын, – диэн хайгыыр. – «Аччыгый Лээхэпкэ эһэ арҕаҕын үктээтим», – диир киһи баар. Онно булчуттар иккиэҕит дуо?
– Суох. Соҕотохпун.
– Летчиктартан арыгы көрдүүрүгэр инньэ диэн тыл ыһыктыбытын истибитим. Ол дьон үөрэ түспүттэрэ. Үс оҕолоох тыһылаах атыыр эһэ тириитин муус эстиитэ өлөртөөн аҕалыах буолан биир дьааһык арыгыны буор босхо ыһыгыннарбыта. Мин ону албыҥҥа үктэттилэр быһыылаах дии санаабытым. Атыыр эһэ хаһан да тыһытын кытта бииргэ кыстаабат. Өссө утуйара да биллибэт. Тыһы эһэ арыыга утуйарын истибэтэҕим, саас эрдэ уһуктар буолуон сөп этэ.
Уйбаан ону истээт, сүрэҕэ мөҕүл гына түспүтэ. Ол кинилэри этэр эбит. Былырыын ити аата кимнээх эрэ сорудахтарынан чуҥнаан барбыт. Браконьердар кэллэхтэрин аайы, бэртэлиэттэрин нүөмэрин суруна-суруна, Киһилээххэ тиийдэҕинэ радиограмма бэрдэрэн иһэрин иһин, дьакыйтарар санааламмыттар эбит. Киһи кырамтатын булан харайбытыгар, ол иһин ким да кымаардаабатах. Котельнайга, Улахан Лээхэпкэ ким эрэ сураҕа суох сүттэҕинэ: «Итирэн баран тоҥон өлбүт, муммут, ыттарын кыыл ыыппыт», – диэн иһэллэр. Эбэтэр муораҕа күтүрүүллэр. Төһөтө онтон сөбө-сөтөгөйө биллибэт. «Хоту дойду эн сокуоҥҥун билиммэт», – диэн ааттыыллар.
Ити кэмтэн ыла Уйбаан, кэргэниттэн кистии-саба кэтэнэн, дьиэтин таһыттан ырааппатаҕа. Арай биир түүн дьикти түүлү түһээбитин кэргэнигэр кэпсиир:
– Били былырыыҥҥы ыалдьыппыт кэлэр кэмэ ааста.
– Абааһы киһитин эмиэ тоҕо кэтэстэххиний? Ол иһин дьиэни манаан тахсар эбиккин дии.
– Бөлүүн түһээн көрдүм ээ. Оҕо курдук, ахтатын аннынан биһиги диэки көрөн тоҥхойон турара. Ыҥырбыппар сүтэн хаалта. Кини киһи эппит кэмигэр хайаан да кэлиэхтээх этэ. Баран сураҕалаһан кэлиэм. Мин суохпар кэллэҕинэ, куһаҕан ыалдьыт кэлбитин курдук санаар.
– Ол аата?
– Миигин суох эрэ гынан баран манна кэлиэҕэ.
– Тугу-тугу тыллаһан бардыҥ?
– Суол хаалыар дылы тугун-ханныгын биллэхпинэ эрэ сатаныыһы. Муучу бөҕө буоллум.
– Чэ, оччоҕо бара охсон кэл. Хаһан күүтэбит?
– Сарсын киэһэ биллибэтэхпинэ, бэйэҥ оҕолоргун кытта соҕотоҕун хаалбыт курдук сананаар. Мин ити этэр болдьоҕум иннинэ ыттаах киһи көтүтэн иһэр буоллаҕына, урут туттардыы бэлэмнэнэн көрөөр. Аны, утуйа-хайыы сылдьаайаҕын?
Уйбаан Киһилээххэ тиийэн истибит бастакы сонуна кини түүйбүтүн курдук буолбута.
Шалауровка станциятыгар таһаҕас илдьэн баран төннөн иһэр тракторы итирик булчут көрсүбүт. Саанан куттаан арыгы көрдөөбүтүн иһин, уолаттар саатын, быһаҕын былдьаан бараннар, будкаларыгар хатаан кэбиспиттэр. Биир тохтобулга киһилэрэ: «Ыттарым хоргуйан өлүөхтэрэ, мантан сатыы төннүөм», – диэбитин иһин, будкаттан таһаарааттарын кытта, ааны аспыт уолу быһаҕынан сүрэххэ аспыт. Ону көрбүт иккис уол, били киһи саатын биэрээри кэлэн иһэн онтунан булчуту түҥнэри ытан түһэрбит. Саа иитиитэ суоҕа буоллар, иэдээн өссө иэнигийиэ хаалбыт. Наар үс быһахтаах сылдьар киһи эбит. Ону уолаттар биир эрэ быһахтаах курдук санаабыттар.
Трактор саҥа кэлэн турарын Уйбаан уоба баттаһар. Баран көрбүтэ – били киһи. Ол аата киниэхэ аат ааттаан кэлэн иһэн уолаттары уолдьах көрүстэҕэ. Уйбаан ол күн Москваҕа, хаһан эрэ сайын уоппускатыгар барыахтаах киһинэн, браконьердар кадровай булчуттар учаастактарыгар көҥүл айбардыылларын бопсон, Косыгиҥҥа сурук ыыппыта. Станция начальнига В.М. Смирновка Тураховтан истибитин быһааран кэпсээбитигэр, суругу Виктор Манелеевич бэйэтэ суруйбута.
Харда уһаабатаҕа. Косыгин илии баттааһыннаах сургуустаах сурук Аччыгый Лээхэпкэ аадырыстанан полярнай станцияҕа кэлэн күүтэ сытара.
– Дьэ, Иван Яковлевич, Эн кыайыылаах таҕыстыҥ, – диэн начальник Уйбаан илиитин ыга туппута уонна суругу дьонугар дорҕоонноохтук ааҕан биэрбитэ.
– Барыбыт ситиһиитэ, доҕоттор! Эһиги көмөҕүт манна олус улахан. Хардарыта өйөстөхпүтүнэ, кэлэр да өттүгэр өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа. Эһигини мин төгүрүк сылы быһа сибиэһэй аһылыгынан төһө баҕарар хааччыйабын. Мин биир тыллаахпын билбиккит ыраатта.
– Билигин Косыгинтан улахан бырааптанныҥ. Онон браконьердары биһиги да уодьугуннаһарга тылбытын биэрэбит.
Иккис түгэн Бегичев арыытыгар бултуурдуу оҥостон Сааскылаахха тиийдэҕин утаа буолбута. Хантан эрэ аргыс көстө охсубутун түһэр ыалыгар илдьэ тиийбитэ. Чэйдээн эҥин баран, түбэһиэх аргыһа таһырдьа тахсыбытыгар, дьиэлээх оҕонньор:
– Ити киһини өлөрбүт баҕайыны кытта булса сылдьаҕын, – диэн быһаччы эппитэ.
– Билэр киһиҥ дуо?
– Саҥа көрөбүн да, онто хараҕар сурулла сылдьар. Чылаа кырдьаҕас эмиэ: «Киһи кимэ-туга хараҕар көстө сылдьар», – диирин Уйбаан умнан кэбиспититтэн бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэнэ санаабыта. Кырдьык, ол икки күтүрдэр харахтара дьонтон эрэ атын быһыылаахтара. Ириэнэх кыымы кинилэр көрүүлэриттэн булар уустугун бу олорон биирдэ өйдөөбүтэ.
Оннооҕор туос-ама дьонтон киһи элбэх быртаҕы булара баар. Бэрт былдьаһыы, атааннаһыы, хом санааһын, суохха күтүрээһин, күнүү, улаханнык сананыы ол иһин дэлэй. Уйбаан атыттартан чорбойо бултуоҕуттан дьон ордугумсаҕын элбэхтик билбитэ. Григорий Константинович Болтунов диэн Котельнайга үөскээбит кырдьаҕас булчут хаһан да 80 кырсаттан өнүйбэтэх. Оттон Уйбаан иккис сылыгар 200 кырсаны туттарбытын көрөн, кыыһыран тымтыбыт омунугар: «Булчуттары соролуур хаартыһыт сылдьар!» – диэн тыл тарҕаппыта билиҥҥэ диэри дьон өйүгэр кытаанахтык иҥэн сырыттаҕа. Ону күөртээн биэрэр дьон көстө охсубуттара. Оннооҕор сытыары сымнаҕас Егор Громов биир дьыл кыттыгас бултаһарыгар, сырыы аайы Уйбаан киниттэн төһө эмэ элбэх кырсаны аҕаларын көрө-көрө, хас эмэ күн ис буолбакка буугунуур буолара. Дьэ ол иһин Уйбаан наар соҕотоҕун бултуурун ордорор. Кыттыгаһа онно-манна түбэһэн эҥин-дьүһүн буоллаҕына, кини бастаан күтүрэнэрэ чахчы.
Кэргэнигэр кэлэн Киһилээххэ көрбүтүн кэпсээбитигэр:
– Ол эмиэ тоҕо Москубаҕа сурук ыыттыҥ? – диэн соһуйа түспүтэ.
– Булпун кыйдыыллара бэрдин иһин, бопсо сатыыбын диэн өлө сыстахпыт. Иэдээни бэйэбинэн иэнигитэн баран таах олорон биэриэм дуо? Маннааҕы былаастар кыайбат дьонноро быһыылаахтар. Ону билээхтээбэтэхпин. Биһиги кэлиэхпит иннинэ аҕыс сыл көҥүл айбардаатахтара. Таах турбут сирдэригэр мин курдук дьирээ киһи олоҕурарын тоҕо сөбүлүөхтэрэй. Бэртэлиэттээхтэр уос-тиис салаһалларын сирбэт буолан, сөбүлэһэн көтөн эрдэхтэрэ. Маапыйа диэн баара, ити аата, чахчы эбит. Бэйэбитин бэйэбитинэн дьакыттарар санаалаахтара табыллыбата. Биһиги дьолбутугар, тракторист уол илиитэ салҕалаабатаҕар махтал.
– Ол уолу хайыыллара буолла?
– Мин эбитим буоллар, ол оҕоҕо уордьан биэриэм этэ. Мин манна кэлиэм аҕай иннинэ милициялар илдьэ барбыттара.
– Ханна?
– Быһылаан тахсыбыт сирин көрө. Уол эрэйдээх өйүттэн тахсыбыт быһыылааҕа. Тугу ыйыттахтарын аайы кэҕиҥниирин эрэ билэрэ.
– Эрэйдээҕи…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.