Текст книги "Өлүү-тиллии икки ардынан"
Автор книги: Прокопий Чуукаар
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 10 (всего у книги 12 страниц)
ТОЙОН ДА АРААСТААХ
Уйбаан түүлээҕин сыыһа-халты туттараат, Дьокуускайга көтөр. Мала-сала, онто-манта элбэҕэ сүрдээх. Ону таһынан хас да куул аһа-үөлэ. Онтуларын оннуларын тойдорун буллартаан, дьэ «һуу» гынан иллюминатор нөҥүө бэркэ билэр туундаратын саҥа көрөр киһилии кыҥастаһар. Ол тааска бастакы кыылын охторбута, оол-ол көстөр алыыга саас аайы хаастыы кэлэллэрэ. Ити Күһүүрдүүр суол орҕочуйа сытар. Саас манна таба бөҕө мустааччы. Илимниир, муҥхалыыр күөллэрэ хаар анныттан омоонноро эрэ көстөллөр. Бу диэки сиринэн сылдьыбатаҕа ырааппыт да эбит. Хайалар арҕастара сыыйа үрдээн, атынтан атын хартыына арыллар. Бу Уйбаан билбэт, сураҕын эрэ истэр чубукулаах кыраайа. Оҕо сылдьан былыт үрдүнэн суодуһан көстөр чымаан арҕастары салла көрөрө. Итиннэ, хайа эрэ арҕас үөһэ сүүнэ улахан тыы (хаарбас дуу, кунгаас дуу) сытарын көрбүт кырдьаҕастар кэпсииллэрин истэ-истэ, хаһан эрэ хайаан да ону баран көрөр санаалааҕа. Арааһа, ол ырата туолуо суох. Хайа арҕаһа элбэҕэ да бэрт эбит, чопчу билэр киһи тиийэн хаартыскаҕа түһэрдэр, доҕотторугар бэртээхэй сувенир буолуон сөбө. Аны кэлэн ол кыаллара биллибэт. Быйыл сайын доруобуйатын көрдөрдөҕүнэ табыллыыһы. Хайа дьаабы буулаатаҕай? Станция бырааһа туох эрэ диэн суруйан биэрбитин илдьэ иһэр. Балыыһаҕа сытыарар сурук диэн эрэрэ.
Кэргэнэ эмиэ ыарытыган буолан эрэр. Ааспыт саас өссө ыҥыртаран соһуппуттаах. Кыайыы күнүн бэлиэтэһэ Киһилээххэ кэлбитигэр телеграмма күүтэ сытара. Уйбаан сонно, аһаабакка даҕаны, балаҕаныгар төттөрү охтубута. Намҥа, баҕар, кыстыыр кыһалҕа тириэ диэн, барытын чөкөтөн, ууран-тутан төннүбүтэ. Быйыл эмиэ, аны бэйэм тардыллыам диэн, дьип-дьап сабан, дьаарыстаан иһэр.
Балаҕаныттан сарсыарда күн күөрэйиитэ хоҥнон баран, Киһилээххэ бурҕатан кэлиитигэр Тиксии самолета кэлэн сүөкэнэ турара. Ыттарын, өрүү буоларын курдук, анал сирдэригэр – хаһаарыма куукунатын кэтэҕэр баайталаан, наартатын дьаарыстаан бүтэригэр: «Хаһаайын, бардыбыт», – диэн хаһыы иһиллибитэ. Ыттара манна сылы да быһа кинини күүтүөхтэрин сөп. Уйа диэтэххэ уйа, мэччийиэххэ диэтэххэ сир эрэ дэлэй. Арай, быаларыттан эрэ босхоломмоттор. Көлүүр ыта мээнэ босхо барбатын саллааттар бэркэ диэн билэллэр. Аһылык эрэ дэлэй.
Тиксиигэ тиийэн кэлиитигэр Дьокуускайдыыр самолекка дьон киирээри субуруһан иһэллэригэр кэтиллэ түһэр. Летчиктар стюардессаҕа: «Бу Лээхэп арыыларын хаһаайына, Якутскайга илдьэбит», – диэн быһа-бааччы этэн кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан Киһилээхтэн айанын таҥаһын уларыттыбакка көппүтэ-көппүтүнэн соннук Дьокуускайдаһан хаалбыта. Улуу Туймаадаҕа кэлэн түһүүтүгэр ардах курулата турара, оттон биһиги Уйбааммыт курумуулаах, өссө саҥыйахтаах сылдьара. Идэтинэн хас да куул соһуурдааҕа, саатын, батарантааһын, быһаҕын бүтүннүүтүн иилинэн килбэҥнэппитинэн такси тута болуоссакка төһө эмэ өр төттөрү-таары биэрэстэммитэ. Ким да Намҥа таһаарыан баҕарбатаҕа. Ол аайы борогуон сыанатын үрдэтэ этэн иһэрэ. Унтуу соҕотуопката, балык, искэх эҥин состоруулаабытыгар биир таксист дьэ сөбүлэспитэ. Онон Уйбаан ол саас биир күнүнэн Аччыгый Лээхэптэн Намы булан турардаах.
Быйыл буоллаҕына түүлээҕин туттара сатаан, бүтүн нэдиэлэтин сүтэрэн айаныгар табыллыбакка иһэр. Бу кэлиитигэр аан бастаан тойоттору кытта сирэй көрсүтэлээн кэпсэтэр санаалаах. Онон Намҥа аҕыйах күн сынньана түһэр уонна, көрдөрүнэ эҥин диэн, Дьокуускайдыыр.
Бастаан булт тэрилтэлэрин, Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын туһааннаах салааларын өҥөлдьүйэр да, күттүөннээх кэпсэтии тахсыбат. Мордьойбутунан көрсөр, суос бэринэн олорор тойооскулар ааны астах аайы элбэхтэрэ сүрдээх. Обкомҥа партията суох киһини чугаһаппаттар эбит. Милиция күргүй-көбүө былаастаах кэпсэтэн дэлби кыынньаан кэбиһэр. Онон эбитэ дуу, Верховнай Совет дьиэтигэр көтөн түһэр. Манна эмиэ милиция утары көрсөр. Ону кытта аргыһа турдаҕына:
– Уйбаан Дьаакыбылабыс, – диэн ыҥырар саҥа иһиллэр.
Эргиллэ биэрбитэ, Степан Николаевич Платонов мичээрдии турар эбит. Намҥа дьиэ туттан, пилорамаҕа үлэлиир кэмигэр оройкуом бастакы тойоно, дьон барыта ытыктыыр киһитэ бэйэтэ билэн ыҥырбытыттан соһуйан мух-мах барар. Намҥа үлэлиир эрдэҕинэ, бэл, уулуссаҕа тохтоон кэпсэтэр сайаҕас салайааччы этэ.
– Хайа, Ыстапаан… Ньукулаайабыс, манна бааргын дуо? Намтан барбыт диэбиттэрэ ээ.
– Бу дьиэҕэ үлэлиибин. Син ыраатта.
– Эн туох эрэ наадалаах быһыылааххын?
– Пропуск ыллара сатыыллар.
– Барыах, мин толотторуом. Аһарыахтара. Булкар төннүбүт сураххын истибитим. Лээхэпкиттэн кэлбитиҥ төһө өр буолла?
– Син ыраатта. Нэдиэлэ буолан эрэр.
– Дьэ, бу хоско пропуск суруттарыахпыт. Туох докумуоннааххын? Буот. Мин ааппар суруттарыах. Онтон ханна наадыйар отделгар таһааран биэриэҕим.
– Мин, Бэрхуобунай Сэбиэт тойонугар сылдьыам дуу диэн кииртим ээ.
– Онно да сырытыннарыам. Александра Яковлевнаҕа наадалааххын дуо?
– Укаас таһаарар хотун кини дуо?
– Кини. Мин кабинетым бу хаҥас аан. Дьэ, сорук оҥостон кэлбит наадаҕын кэпсээн кэбис. Баҕар, мин көмөлөһөр дьыалам буолуо.
– Ити, булчуттар, биһиги, улаханнык атаҕастаммыт курдук санаан сылдьабыт. Биһиэхэ пиэнсийэ көрүллүбэт дьоно эбиппит. Ол алҕаһы көннөрөр укаас тахсыан наада.
– Саамай сөпкө туруорсар эбиккин. Москваҕа эрэ быһаарыллар боппуруос быһыылаах. Кырдьык, Александра Яковлевнаҕа тахса сырыттахпытына табыллыыһы, – онтон секретарын ыҥыран саппыыска биэрэр, чэй сакаастыыр. – Дьэ, булт-алт хайдаҕый?
– Быйыл алта киһи учаастагар соҕотоҕун бултаатым. Алта сүүс тириини Тиксиигэ аҕалбытым да, сүүстэн тахса тириибин ыскылааттан уордаран кэбистим.
– Ол хайдах?
– Түүлээхпин тутумаары мундуйдаан хас да күн эрэйдээтилэр. Киэһэ аайы ыскылаакка аҕалар этим. Порт ыскылаата. Киирэр-тахсар дьон элбэҕэ бэрдэ. Хараҥаҕа ким ылбыта биллибэт. Баһаалыстаҕа уурдарар дьоммун туох диэн күтүрүөхпүнүй?
– Оннук эбит. Сылын аайы эбэн иһэр эбиккин. Мин өйдүүрбүнэн, оччо элбэҕи бултаабыт киһи баара иһиллибэт. Пятилетка устата бултаабытыҥ түмүгүн таһаараллар ини?
– Туттарар сирим уларыйа турар. Аахпаттар быһыылаах. Билигин «Таймылыыр» сопхуоһу кытта дуогабардаахпын. Бастаан «Холбос» тутара. Ыһыллыбыта. Туох да кумааҕы хаалбатах буолуохтаах. Умата сылдьалларын көрбүтүм. Онтон «Булуҥ» сопхуос балаансатыгар киллэрбиттэрэ. Кэргэммэр кибитээнсийэ эрэ элбэх. Ону көрүөхтэрин да баҕарбаттар. Биһигиттэн уурайбытыҥ диэн буолар.
– Буолар да эбит. Соцкуоталаһыы эҥин диэн баара дуо?
– Саҥа истэбин.
– Оччоҕо наҕараада эҥин диэн суох?
– Саа биэрбиттэрэ. «Булуҥтан» барарбар.
– Уонна?
– «Холбостор» туох эрэ пуондатын биэриэх буолбуттара, тугу да ылбыппын өйдөөбөппүн. Таҥас сууйар массыынаны эҥин атын дьоннортон атыылаһааччыбын. Моряктар, лүөччүктэр, байыаннайдар хааччыйаллар.
– Ол, таҥас сууйарыҥ ханна баарый?
– Лээхэпкэ.
– Мотуордааххын дуо?
– «УД-1» диэни булуммутум. Кыһыннары-сайыннары балаҕаммытыгар мэнээк туһанабыт. Уу мотуора «Москва» баара эргэрэн эрэр. «Дурууспалаахпын», «Биихир», мотуордаах сыарҕа сакаастаһа сылдьабын.
– Аныгылыы олорор булчут эбиккин. Дьонноруҥ?
– Намҥа олоҕурдулар. Оҕолору интэринээккэ итэҕэйэр куһаҕанын билэн сылдьабын. Ийэбит ыарытыйара улам бэргээн иһэр. Бэйэм да балыыһаларга суруктаах кэллим.
– Туох дииллэр?
– Сылдьа иликпин.
– Дьэ, маннык. Эн, мин сэрэйэрбинэн, чемпион булчут сырыттаҕыҥ. Ону дьонуҥ-сэргэҥ билиэн наада. Урут «Кыымҥа» ким суруйда этэй?
– Донускуой суруйбут курдук истибитим. Бэйэм көрө иликпин. Киниттэн атын киһи көрсө илик.
– Оччоҕо мин Феодосий Семеновиһы кытары кэпсэтэ сылдьыаҕым. «СЯ»-ҕа таһаартара сатыахха баара. Республика таһымнаах араас культурнай мероприятиелар буолаары тураллар. Онно ыҥырдахпытына киирэр буолаар.
Ити кэмҥэ секретарь кыыс киирэн туох эрэ диэбитигэр:
– Дьэ, Уйбаан Дьаакыбылабыс, Александра Яковлевна уонча мүнүүтэ сололоммутун туһанан тахса сылдьыах, – Степан Николаевич паапка тутуурдаах остуолтан туран кэлэр.
А.Я. Овчинникова күтүр улахан кабинетын түгэҕиттэн утары кэлэн бэрт эйэҕэстик дорооболоһор:
– Иван Яковлевич, Эн сураххын биһиги Москва нөҥүө истэр киһибит эбиккин. Былырыын саас Косыгин кэлэ сылдьан бэйэтинэн эйигин сураҕалаһан турардаах. Бу Степан Николаевич баар буолан онно хардарсар кыахтаммыппыт. Кими этэрин билбэккэ муҥ этэ. Тугу туруорсаргын Степан Николаевичтан иһиттим. Министрдэр Советтарын коллегиятыгар боппуруос бэлэмнээн киллэриэххэ сөп эбит. Онно, баҕар, бэйэҕин ыҥырыахтара. Министерствоҕа ыйытык оҥоруллуо. Герой булчуттартан көрдөрүүҥ үрдүгэ сөхтөрдө. Бу боппуруоһу көтөҕөр кэм уолдьаспыт. Дьэ уонна бачча көрсүһэн баран өссө тугу этэрдээххин?
– «Холбостор» туох эрэ фондалара ананан баран тиксэ илик эбит, – Степан Николаевич тыл кыбытар. Оттон Уйбаан: «Суох!» – диэн быһа бааччы этэр санаалааҕа. «Москва», «Косыгин» эҥин диэн тыллартан мах бэрдэрэн хаалбыта. Овчинниковалара уу сахалыы саҥарыа диэн көһүппэтэҕэ. Улахан тойоттор олус да сайаҕас буолаллар эбит диэн сөҕөн тылыттан матан, остуол күөх баархатын туппахтыы, кириэһилэ биттэҕин имэрийэ олорбута. Киһи эрэ буоллар онно киэптэппиттээх.
Ити кэмҥэ А.Я. Овчинникова телефонунан «Холбостору», министерствоны, булт хаһаайыстыбатын кытта кэпсэтэлээн быһаччы дьаһал биэртэлээбитэ. «Массыына» эҥин диэн тыллар иһиллибиттэрэ.
– Дьэ, Иван Яковлевич, кыра бириэмэ кэпсэттэ диэн хом санаама, үлэ-хамнас мүнүүтэтигэр диэри үллэһиллэн турар. Степан Николаевич хонтуруоллуоҕа.
Уйбаан ол сайын Нуучча литературатын күннэригэр кыттан, Ленин пааматынньыгар венок уурсубутун бастакы түһүмэххэ ахтан аһарбыттаахпыт. Коллегия аһаран, булчуттар пенсия ылар кыахтаммыттара саамай улахан ситиһиитэ этэ. Ол эрээри орто баайыы, этэргэ дылы, сорук-боллур чиновниктар Уйбааны мөҕө-этэ көрсөллөрүн кубулуппатахтара. Нууччалыы саҥаран сабыһыннара сатыыллара биир суол. Ол аайы уола хаан өссө өргөйөн кимсэн иһэрэ. Оннооҕор коллегияҕа ыҥырыллан олорон нууччалыы тыл этэн куугунаппытын санааҥ. Уол оҕо уон уһуктааҕын умсары көрдөрөр орто баайыылаах киһи, арааһа, билигин даҕаны суох быһыылаах.
Доруобуйатын кэтээн көрөбүт, онон уһуннук эмтиибит диэн, биир сыл сынньанарыгар эппиттэрэ. Хас да сыллаах уоппускаҕын аахтар диэн сүбэлээбиттэрэ. Онон атырдьах ыйыгар Таймылыырга тиийэн тугу да ситиспэккэ төннүбүтэ. Үлэтин киниискэтэ толоруллубатаҕа хас да сыл буолбутугар бэйэтин буруйдаабыттара.
Тиксиигэ тиийэн С.Н. Платонов сааҕа дэҥнэнэн өлбүтүн истибитэ. Аны санаатаҕына, Степан Николаевич аатын сүгэр уулуссаҕа кини аан бастаан дьиэ туттубут эбит. Билигин онтунан олус киэн туттар. Ол сайын С.Н. Платонов Нам ыһыаҕар ыҥырыллан тахса сылдьар кэмигэр тиһэх төгүл көрсүбүттэр. Маҥан «Волга» ааһан иһэн тохтообута. Степан Николаевич тахсан илии тутуһан дорооболоспута, доруобуйатын туоһуласпыта, сотору министерствоттан киһи тахсыа диэн эрэннэрбитэ. Кини өлүөҕүттэн, Иван Яковлевич чемпион-булчут буолара умнуллубута.
Үтүөкэн киһи 70 сааһын көрсө тахсыбыт ахтыы кинигэтиттэн көрдөххө, Иван Яковлевич Кривошапкины хайаан да туох эрэ наҕараадаҕа түһэртэриэхтээх эбит дии саныыбын. С.Н. Платонов олох эдэр сылдьан, төрөөбүт дойдутугар Туобуйаҕа үлэлиир сылларыгар икки киһи – С.И. Васильев, А.Н. Саввинов, сылгы иитиитигэр уһулуччу көрдөрүүнү ситиһэннэр, тутуспутунан 1949 сыллаахха Социалистическай Үлэ Геройдара буолбуттара элбэҕи кэпсиир. Онон үтүө киһи кэриэһин олоххо киллэрэр курдук санаа бүгүҥҥү салайар эргимтэ дьонугар олоҕуруон сөп этэ.
ҮӨРҮҮ УОННА ХОМОЛТО
Уйбаан, бэйэтэ этэринэн, икки олоҕунан олорор. Лээхэп арыыларыгар бултаабыт сыллара өйүттэн-санаатыттан ааһан-араҕан биэрбэттэр. Күҥҥэ хаста даҕаны буолбут да, буолбатах да түгэннэр хараҕар элэҥнээн ааһаллар, тылыгар ымньанан ылаллар, саныа кэрэх – өрүү онно чыпчылыйыах икки ардыгар тиийэ-түгэнэ охсо түһэн ылар. Оттон түүлүн туһунан этэ да барыллыбат.
Сарсыарда чэйдии олорон кэргэнэ: «Хайа, тугу түһээтиҥ?» – диэн ыйыттаҕына: «Ээ, онно сылдьабын», – диэн кэбиһэр.
Хаһанын бу диэн чуолкай өйдөөбөт. Бэл, бэҕэһээҥҥини таһы-быһа умнар саас диэн баар. Ол кэмэ бэлиэр адаҕыйда бадахтаах. Чэ, быһата, билигин Уйбаан уруккута буолбатаҕын билинэ сылдьар. Хайдах эрэ сыыһа-халты туттаран дьаҥнаабыта-хайаабыта эрэ баар буолар. Тохсунньуга даҕаны маайканан таһырдьа сүүрэкэлиирэ уурайда. Дьэ уонна… утуйар уута эмискэ бааччы кэһиллэр идэлэннэ. Сыттыгар төбөтүн уурда да мунна тыаһыырын тыаһыыр. Бу гынан баран түүн сорох ардыгар оронугар олоро биэрбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Соһуччу түүлтэн өмүрэн өрүтэ тэйиэккэлээбэт. Аан дьиэ халҕанын тоҥсуйан тибигирэтэр тыастан утуйар уута көтөр. Олбуора олуурдааҕын үрдүнэн, калитка нөҥүө өттүгэр электрозвонок баарыгар наадыйбакка, ала-чуо дьиэ аанын тоҥсуйаллар. Мэник үөдэттэр дьиибэлэниэхтэрин иһин, кыраһа тыытыллыбатах буолар. Оччоҕо? Суох, кини тоҥсуйар тыаһы түһээн истибэт, уһуктан баран эмиэ истэр эбээт! Арыт-арыт ааны субу аһа баттыар диэри либиргэтээччилэр. Бу күтүрдэриҥ аанын хайаан да астаран баран уоскуйаллар курдук.
Оннук уһуктан уута көппүт түүнүгэр арааһы барытын эргитэ саныыр. Ким эрэ бэриэччитэ диэҕи, ыраахтан ыадастар ахсааннаах. Байанайа ыҥырыаҕын бултан-алтан тэйбитэ ыраатта. Баалаан, өбүгэлэрэ суохтаатахтара дуу диэн эмиэ ытырыктатар. Оччоҕо ым-тым икки ардыгар сылдьан аттаныах муҥа буоллаҕа дуу? Эрэйэ тиллэр кэмэ кэлэн эрдэҕинэ баран хаалара хомолтото бэрт буолаарай. Урут олоруохпун олордум, сылдьыахпын сырыттым диэн хабаана суох саҥартыыра. Билигин бииртэн биир үтүө сонуну истэрэ үчүгэйэ сүрдээх, ол аайы туохха эрэ эрэҥкэдийэрэ күн-түүн күүһүрэн иһэр. Оо, сатаатар биэнсийэтин көбүччү эбэр курдук эппиттэрэ-тыыммыттара олоххо киирэрин көрдөр, дьоллоох үөдэн эбиппин дэниэ этэ турдаҕа. Үрдүк наҕараадаҕа сыыттыылларынааҕар ол уонунан ордук уйуктааҕа чахчы.
Эрэннэриилэртэн биирдэрэ эбитэ дуу: Булуҥ улууһун бочуоттаах гражданина диэн дастабырыанньа аан бастаан кэлэн соһутта. Хойутаан да буоллар, син сыаналаабыттар. Билиҥҥи салалта: «Билбэт киһибит», – диэтэҕинэ да көҥүлэ этэ. Киһи оҥорбут үтүөтэ, үлэтин-хамнаһын түмүгэ ол аата умнуллубат эбит. Уйбаан Дьаакыбылабыс ону маннык быһаарар:
– Ньылаҥнас, хаптаҥнас, бэрик үйэтэ бүрүүкээбитэ ааспыт дии саныыбын. Дьоммун олордоору, оҕолорбун үөрэттэрээри, оо, төһөлөөхтө Тиксиигэ дьиэни туруорса сатаабытым буолуой?! Үрүҥ эһэ тириитэ утары уунуохтаах үһүбүн. Өссө биири эрэ буолбатах, элбэх тириигэ маҥалайдара ханыах курдук тыллаһааччылар. Ол эрэ буолуо дуо, көрдүүр илии хаһан да улук буолбат эбит этэ. Мин оннук сиэмэх дьоҥҥо кырса да тириитин бэлэхтээбит айыым суох. Судаарыстыба дьиэтэ эһиги бас билиигит буолбатах, мин үлэбинэн толору хааччыллыылаах дьиэни тоҕо ылыа суохтаахпыный диэн өрө кимсэр этим. Хайа, уонна үрүҥ эһэни бултаһар бобуулааҕын бэйэҕит хонтуруоллуур дьоҥҥут, сокуон барыбытыгар биир дэтэлиирим. Дьиэҕэ чугаһаппатахтара, оҕолорум интернатынан сылдьан алын кылаастарга үөрэммиттэрэ. Оннук дьон эгэ наҕараадаҕа түһэриэхтэрэ дуо? Атын оройуоттар бэйэлэрин дьонноругар (түүлээхситтэригэр диэн өйдөө) кыһаллаллар да эбит этэ. Орто Халымаҕа андаатардыы барыахпын хаста да санаталаан баран, оҕолорбуттан тардыстан хаалыталаабытым. Бултуурбун тохтоппут биир биричиинэм – оҕолорум. Ол иһин Намҥа дьиэ-уот туттубутум. Тиксиигэ сылаас дьиэлээхтэрэ буоллар, Лээхэппиттэн тоҕо тэскилиэхпиний. Дьэ эбии сэтэрэрим хаалбыта. Ити муҥутаан 600 кырсаҕа тириэрдибитим дьиҥэ кыра, аҕыйах. Үксүн кырсаҕа сиэтэҕин. Мин биири да энчирэппэт ньыманы тобулбуппун эйиэхэ этэн аһарбыттаахпын. Ону, санаабын толордохторуна, анаан-минээн суруйтарыаҕым. Патен ылыахпын наада. Оннук. Аны биири чопчулуурбун иһит. Астрономическай сыыппара диэни удумаҕалатар буолуохтааххын. Мин уопсайа уон икки сыл Лээхэп арыыларыгар бултаабытым. Дьиҥинэн, «бултаабытым» диэн биир эрэ тыл. Киһи барыта оннук өйдүүр. Ол сыыһа! Бу санаатахпына, бултаабыт түүлээххэр эрэ харчы төлүүллэр эбит. Ону даҕаны балыйыы бөҕөнөн. Бастаан, түүлээҕи тутар киһиҥ тирии хаачыстыбатын намтатар. Мин биир киһини оннукка күтүрээбитим да, харытыттан харбыыр кыах суоҕа. Бэйэтин тириитэ наар бастыҥ хаачыстыбаҕа сыаната быһыллар, иркутскайдар үрдэтэн туталларын курдук кумааҕы кэлэрэ. Атын дьон, ордук биһиги курдук хоту үөскээбиттэр, албыны-көлдьүнү түһээн да баттаппатах эрэйдээхтэр, аахсар-хайыыр диэни билбэт этибит. Куул бииркэтин уларытарын, түүлээҕин ахсаана төһөтүн бэрэбиэркэлиир туһунан өйбүтүгэр да оҕустарбат этибит. Аны уоппуска эҥин көрүллүбэт да быһыылааҕа. Эгэ бириэмийэ диэн кэлиэ дуо? Кырсаҥ харчытынан бүтэ тураҕын. Төһөлөөх кыыл муоһун туттарарбыт ахсаана да биллибэт. Ханна ыһан-тоҕон баран төһөтүн судаарыстыбаҕа «дук» гыналларын билбит суох.
Ити өссө кыра! Сүүрбэччэ көлүүр ытыҥ таһынан солбуккун эмиэ бэлэм тута сылдьыахтааххын. Ыккын кыыл ыыттыҥ да – бүттэҕиҥ ол. Туох да кэпсэлэ суох тоҥон, хоргуйан өлөҕүн. Муораҕа биир оннук алдьархай атаҕыҥ анныттан өрө күөрэс гына түһүөн сөп. Быһата, өлөр-тиллэр икки ардынан төгүрүк сылы быһа тула холоруктуугун. Барыта бэйэҕиттэн. Ыккын хайдах иитэриҥ, уһуйарыҥ, аһатарыҥ элбэҕи быһаарара. Отучча ыты аһатаргар күҥҥэ төһө эт, балык наада буолуо дии саныыгын? Ону сыл хонугар төгүллээ, аны ону уон иккитэ ыл. Бэйэҥ аһылыгыҥ, оттугуҥ бэлэмэ, таҥаһыҥ-сабыҥ. Кэргэним хамнас диэни билбэккэ өлөөхтөөбүтэ. Оҕо харчыта да диэни тутан көрбөтөҕө. Бэйэм пааспын сыллата сэлбийэрбэр төһө буору, маһы таспытым буолуой? Сир үрдэ уонча сантиметр ирбэт, буор кэмчи чэҥ муус дойдута. Маһыҥ – уу аҕалбыт сытынньаҥа. Араас мас, онтон пааска дьүөрэни буларыҥ баар. Онон төһө туонна балыгы, эти бэлэмнээбитим уопсай суумата, дьэ, доҕор, уон икки сылга астрономическай сыыппараҕа кубулуйар. Биир-биэс харчыта суох үлэ диэн, дьэ, ол.
Өссө иһит! Муҥутаан алта киһи бултуур учаастагар суос-соҕотоҕун сылдьыбытым. Пааһым ахсаана тыһыынчанан. Ону уоннуу хоно-хоно кэрийиэххин наада. Ый көстүбэт ыас быдаана, улуйар улуу буурҕа да тохтоппот. Төгүрүк сылы быһа олорон-туран көрбөккүн. Ол айылаахха, дойдум туһа диэн, бултаабыт киһи үтүөтэ-өҥөтө тоҕо умнуллуохтааҕый? Сэриигэ дьоруой бэлиэтин биир төгүллээх хорсун быһыы иһин биэрэллэр. Ол сөп. Бу гынан баран, мин сэргиирим өссө биир махталлаах түгэнэ баар. Ол тугуй диэ! Дьоруой аатын сонно тута иҥэрбэтэхтэрин да иһин, тугунан эмэ хайаан да наҕараадалыыллар. Онтон төһө эмэ сыл ааспытын кэннэ, ол хорсун быһыыларын дьэ дьиҥнээхтик сыаналыыллар. Урут бэлиэтэммитэ диэбэттэр. Оттон мин турудабыай подвигым дьэ кэлэн аан бастаан сыаналаныах курдук буолбутугар – кэмэ ааспыт дэһэллэр. Үөрдэн баран хомотуох курдуктар. Персональнай пенсия анаабатахтар. Үтүөлээх аатынан бүтэриэх кэриҥнээхтэр. Ол оннугар тугу да ырыйбатах тойоттор уон сыл остуолу охсубуттарын манньатыгар иккис пенсияны эмсэхтэниэхтээхтэр.
Уйбаан Дьаакыбылабыс бэйэтиттэн бэйэтэ тэптэн эппитин-тыыммытын сүнньүн, баһын-атаҕын эрэ билиһиннэрдим. Манна геройум майгытын-сигилитин билиһиннэрэ түһэр тоҕоостоох, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ диэн бочуоттаах ааттаах дьоһун киһини онно-манна ыҥырдахтарына, бастаан көрөн, баҕар, соһуйуохтара. Тойон-хотун диэн толлубат, санаабытын этэн тэйэр харса хаан хараактырдаах киһи. Иккиэйэх да олорон сэһэргэһэригэр субу-субу олоҕуттан сулбурута ойон туруо, киэҥ саалаҕа тыл этэн эрэр курдук, күөмэйин муҥунан саҥарарын таһынан илиитэ тохтоло суох күөрэҥниэҕэ. Табылыннын-табыллыбатын, нуучча тылын хойуутук тутуннаҕына да көҥүллээх. Онон эбитэ дуу урут кини туһунан ким да ылсан сырдаппатаҕа. Дьону хоруо курдук этэр-тыынар киһини сэбиэскэй сириэдийэн олорор кэмигэр ким сөбүлүө буоллаҕай?
Мин даҕаны, омос көрбүтүм буоллар, чугаһыахпын билбэтим. Кини эмтэммит балыыһатыгар врачтар, ыарыһахтар куттарын туппутун истибитим. Сыппыт палаататыгар улахан сиэркилэ, чаһы атыылаһан туруоран тахсыбыт биир эмэ ыарыһах баара дуу? Аны, кинини билсиэм иннинэ, тэлгэһэтин көрбүтүм: маннык олордуу хатыҥ сэлэлээбит ып-ыраас олбуордаах ыалы тыа сиригэр сэдэхтик көрдөҕүм буолуо. Мин өссө кыһын сылдьыбытым. Сайын сибэкки ортотунан кэлэр-барар эбиккин. Онон көрүөм инниттэн кэрэ дууһалааҕын, сэдэх киһитин билэн тиийбитим. Маайканан эрэ таһырдьа тахсарын да көрөн соһуйбатаҕым. Хата, бэйэм эдэр сааспын киниэхэ ханыылыы санаан аһарбытым.
– Туундара киэҥэ-куоҥа, тыала-кууһа бэрт. Онно хайаан сибигинэйэн кэпсэтиэҥий. Ыттаргын хамаандалыыргар илиигин урут хамсатаҕын. Онон далбаатанан саҥарарга үөрэнэн хаалбыппын. Уонна онно полярнай станцияҕа, байыаннай чааска бары нууччалар, моряктар, летчиктар эгэ дуо. Нууччалыы-сахалыы балкыйдаххына бэркэ өйдөөччүлэр. Билигин да нууччалары кытта олус тапсабын. Майгыбар-сигилибэр кинилэр сабыдыаллара элбэх. Оттон онно сылдьан маспын-оппун олус ахтар этим. Ол иһин тэлгэһэм толору үүнээйи.
Ыкса билистэххэ, Уйбаан олус уйан дууһалаах, кэрэни кэрэхсиир айылгылаах, дьиҥ-чахчы айылҕа оҕото. Ити гынан хомолтото киниттэн ааһан-араҕан быстыбата. Ыһыах саҕана ыалдьан балыыһаланан сырытта. Өссө эмп тэрилтэтигэр тиийэн өйүн сүтэрэн өрүһүммүт курдук кэпсиир. Онтон өрүттэн эрдэҕинэ: «Хайа, өлбөтөххүн дуу?» – диэн халы-мааргы хаадьылааччы көстүбүт.
Өр-өтөр буолбат, аны хараҕа туманнырар идэлэммит. Эппэрээссийэлэтэ киирбитин сүрэҕиҥ тулуйуо суох диэбиттэр. Онон, чурапчылары кытары эҥээрдэһэн, арыый иннибин ыйдаҥардар эрдэхпинэ диэн, Тиксиигэ тиийэн төнүннэ. Ол айаныгар төһөлөөхтө уруккутун-хойуккутун өйүгэр бэрэлээбитэ биллибэт. Уолугунан уһуутуур уолан сааһын улаан кэмэ ойон-мөҕөн ааспыт сирин-уотун аны көрөр эрэ, суох эрэ.
Алтынньы 19 күнэ үүнэр (2003 с. – П.Ч.). Ити киниэхэ дьол уонна сор алтыспыт күнэ. Күндү ыалдьыт буолан ыҥырыллан тиийэн истиҥ-иһирэх тыллаах махтал суругу тутан, улуус дьаһалтатын дьиэтигэр атаҕа сири билбэт буолан сырыттаҕына, доҕоро-атаһа ыар сураҕы иһитиннэрэ «уазигынан» өрө мэҥитэн кэлэр. Урут оһоҕунан оттунар эрдэҕинэ, маһын-уутун этиппэккэ тиэйэр-таһар тракториһа В.И. Маслов өрө бөтүөхтүү-бөтүөхтүү:
– Яклыч, түргэнник бардыбыт!
– Ханна?
– Эһиэхэ!
– Туох буолла?
– Дьиэҥ иһиттэн буруолуур сураҕын иһиттим. Бара охсуох!
– Бай! – Уйбаан сүрэҕэ «парк» гына түһэр. Туох эрэ сүрэҕин хаһан да билбэтэх ап-аһыынан быһа хаарыйталаан ылар. – Онно сиэннэрим, кэргэним. Күрүлүүр күнүс хайдах? – диэмэхтиир.
Тиийбиттэрэ, баһаарынайдар саҥардыы кэлэн олбуору нөҥүө түһэн эрэллэр эбит. Аанынан хоп-хойуу буруо өрө уһуура турар. Сүүрэн тиийэн ону саба охсор.
– Баһаарынайдар түргэнник кэлэннэр дьиэм үрдэ сууллубата. Киһи туһанара туох да ордубакка умайбыт. Турар бэйэбитинэн тула сүүрэн хааллыбыт. Арай эмээхсиним аҕыйах аҕай таҥаһын сараҕыта дуу, хайыы дуу таһаарбыта чөл хаалла. Дьиктитэ баар, туох да ордубакка умайбыт шифоньерым иһигэр икки сорочкам уокка салаппатахтар. Кумааҕыларым, хаартыскаларым, докумуоннарым барылара күл-көмөр буоллулар. Бу Булуҥ улууһун бочуоттаах гражданина буоларбын туоһулуур дастабырыанньам маннык көрүҥнэммит, – диэн баран тас өттө улаханнык хоруорбут киниискэтин көрдөрөр.
– Туохтан барбытый?
– Сиэннэрим бэйэлэрэ эрэ хаалаахтаабыттар. Ол дьон мин утуйар хоспор киирэннэр ночнигы холбообуттар. Өлүү түбэлтэлээх, түннүк сабыыта тюль сыстан турбут провода замыкайдаабыт. Эбэлэрэ тахсан бараатын кытта, көрүөх бэтэрээ өттүнэ. Ийэлэрэ 15 мүнүүтэ тардыллыбыт. Солбуга хойутаабыта эбитэ дуу? Урут кыыһа кэллэҕинэ, ийэбит барар буолар этэ, хата, сиэннэрбин уокка былдьаппатылар, ийэлэрэ уоба кэлэн быыһаталаабыт. Уолуйан хаалан аанын сабарын умнан кэбиспит. Салгын киирэн уот аҕыйах мүнүүтэ иһигэр көҥүл күүлэйдээбит. Мин Лээхэпкэ дьиэм умайбытын ааны сабан быыһаабыппын кэпсээбиппин өйдүүр инигин? Ол саҕана кэргэним оҕолорунаан Намҥа этилэр. Утуйбутунан умайыах дьону кини саҥата уһугуннарбыта. Арааһа, быйыл эмиэ маны сэрэтэн тоҥсуйталаата быһыылаах…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.