Текст книги "Үс Бүлүү айдарыылаахтара"
Автор книги: Сборник
Жанр: Документальная литература, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 10 (всего у книги 30 страниц) [доступный отрывок для чтения: 10 страниц]
М.П. ГригорьевМаҥаастар. – Дьокуускай: Медиа-холдинг Якутия, 2018
Владимир Алексеевич Кондаков
Биһиэхэ сахаларга Үрдүк Таҥараттан анатыылаах, күүс өттүнэн үтүрүллүбүт итэҕэлбитин, Аар Айыы Итэҕэлин төнүннэрэргэ, умнуллубуту уһугуннарарга ананан төрөөбүт киһи Владимир Алексеевич Кондаков буолар. Маннык миссияны толоруу судургу буолбатах. Духуобунай Эйгэ ыйаахтарынан төһөнөн үрдүк анатыылаахтар да, соччоннон олох уустук оскуолатын бараллар.
Төһө да таҥараттан анатыылаахтарын иһин, чынайар чыпчаалга уустук үөрэҕи тулуйан киһи аймах Үрдүкү Үөрэтээччитэ буолар таһымҥа тиийээччилэр олус аҕыйахтар. Кинилэр норуоттарын ыар дьылҕатын тус бэйэлэрин олохторугар көрсөллөр. Норуота атаҕастанар, самнарыллыбыт буоллаҕына, кинини эмиэ самнара сатыыллар, кини ону тулуйдаҕына, кыайдаҕына эрэ, быыһанар күүһү аҕалар.
Норуот уонна Үрдүкү Үөрэтээччи буоларга ананан төрөөбүт киһи биир дьылҕаланаллар. Кини дьылҕата – норуот дьылҕата, норуот дьылҕата – кини дьылҕата. Биир ситим – биир Дьылҕа. Владимир Алексеевич Кондаков сир үрдүгэр баар эрэйи-муҥу оҕо сааһыттан билбитэ. Сэрии аас-туор сыллара. Сүтүөр ийэ хара батталыгар киирии, ыар атаҕастабыл, ыарыы, сэниэни эһэр ыарахан үлэ.
Күн Уола Орто дойдуга төрөөбүтүн хараҥа күүстэр хам баттыы сатаан, олоххо араас ыарахан көстүү буолан самнара сатаабыттара да, Күн Уола көрсөр ыарахаттары туораан, тимир курдук уһаарыллан, ыстаал курдук хатарыллан, хотторбот аналланан үрдүккэ хотойдуу көппүтэ.
Аар Айыылар алгыстарынан киниэхэ ытык сэһэннэри тиэрдээччинэн Сэмэн Уус буолбута. Владимир Алексеевич оҕо сааһын саамай үтүө өйдөбүллэринэн Ытык кырдьаҕас Сэмэн Уустуун кэпсэтиилэрэ этэ. Сэмэн Уус оҕо хаһан да бүппэт ыйытыыларыгар дьоһуннаахтык хоруйдаан элбэххэ үөрэппитин Владимир Алексеевич умнуллубаттыы өйдөөбүт. Кэлин бу ытык сэһэннэри Владимир Алексеевич улааппытын, киһи буолбутун кэннэ, тылыттан тылыгар тиийэ Ф. Андреев-Көдьөлгү Силип, П. Григорьев-Ойоо Бүөтүр иккиэн сыныйан кэпсээбиттэр.
Бу бэйэтэ таҥара анаабыт үөрэҕэ этэ. Ити курдук дьиктитик Аар Айыы Итэҕэлин үөрэҕэ, тоҕус көлүөнэ тухары Улуу Туоҕа Боотур утумнарыгар уларыйбакка, күн бүгүҥҥүгэ тиийэн кэллэ. Ити ытык сэһэннэр куруутун биир киирии этииттэн саҕаланар эбиттэр: «Үрүҥ Аар Тойон үрдүк дьаһалынан үгүс үүнэр үйэлэргэ Үрүҥ Күн анныгар үтүө олоҕу тэнитэргэ…»
Бу күүстээх долгутуулаах этиини төһө киһи, хаста хатылаан, эрэллээхтик этэн көстүбэт Эйгэҕэ сүппэттик бигэргэтиллэн бүгүн биһиэхэ тиийэн кэлбитэ буолуой?!
Улуу Туоҕа Боотур ытык сэһэннэриттэн Владимир Алексеевич «Аар Айыы Итэҕэлэ» диэн алта чаастаах кинигэни суруйда. Кинигэлэрин ыстатыйаларын түмтэххэ 7000 тахса сирэйдээх үлэ буолар.
Саха норуотун медицината күүстээҕин уонна кэскиллээҕин туһунан санааны дьаныһан көмүскээбит саха духуобунай учуутала, В.А. Кондаков, дириҥ чинчийиилэри хаалларбыта. Кини этэринэн, бастакынан, саха норуота бэйэтэ медициналаах; иккиһинэн, ол медицината бэйэтэ туспа историялааҕын, философиялааҕын, өйдөбүллээҕин, ирдэбиллээҕин чуолкайдаабыта, былыргы система анал үөрэх буоларын дакаастаабыта; үсүһүнэн, былыргылыы эмтээһин умнуллубут ньымаларын сөргүтүү, үөрэтии; төрдүһүнэн, сахалыы эмтииргэ анал программаны ылынан үлэлиэхтээхпитин ыйбыта, сахалыы эмтээһиҥҥэ туттуллар анал тыллары туһанарга үөрэппитэ; бэсиһинэн, сахалыы эмтээһиҥҥэ анаан элбэх литература сурулунна, олору сөптөөхтүк туһаныахха диэн ыйда. Итинтэн салгыы Владимир Алексеевич ньымалары үөрэтэн аан дойду таһымыгар тахсар сорук турар диэн санаатын түмүктүүр.
Билиҥҥи буола турар дьалхааннаах олоххо дьону эмтээн, сиэр-майгы өттүнэн сайыннаран, ыччаты ыарахаттары тулуйар гына оҥордохпутуна эрэ, олоххо бэлэм дьону иитэн таһаарыахпыт.
Сахалыы куппутунан-сүрбүтүнэн, өйбүтүнэн-санаабытынан кини улуутун, үрдүгүн, ырааһын өйдүүбүт, сүрэхпитинэн ылынабыт, оҥорбут үлэтэ киэҥин, далааһыннааҕын сөҕөбүт.
Саха норуотугар үрдүк анал – саамай Сырдык, саамай Үрдүк, саамай Ыраас эйгэлээх Аар Айыы итэҕэлин сир дьонугар төнүннэрии бэриллибитин, ол анатыыны Владимир Алексеевич Кондаков толорбутунан киэн туттабыт. Кини сырдык аатыгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт, бараммат барҕа махталбытын этэбит.
Владимир Алексеевич Кондаков 1939 с. сэтинньи 17 күнүгэр Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини Үрүҥ Айыылартан бэриллибит сүдү талаанын төрөөбүт дойдутун дьоно-сэргэтэ, атын да сирдэр ааттаахтара үрдүктүк сыаналаабыттара. Киниэхэ ЮНЕСКО Аан дойдутааҕы норуот эмчиттэрин ассоциациятын медицинаҕа уонна психологияҕа наукатын докторын, өссө профессорын аатын иҥэрбиттэрэ. Владимир Алексеевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, култуура үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун эмчиттэрин ассоциациятын салайааччыта этэ. Саха итэҕэлин үөрэтиигэ дьоһуннаах үлэлэри суруйбута. Кини бэйэтэ суруйарынан, «судургу» төрүччүтүн «Айыы киһитэ, аах» (Дьокуускай, 2001) кинигэ оҥорон таһаарбыта уонна төрүччүгэ киирбит сорох уратылаах дьонун ахтан ааспыт. Биһиги архыып докумуоннарыгар, дьон кэпсээннэригэр уонна бэйэтин суруйууларыгар олоҕуран, Владимир Алексеевич төрдүн-ууһун арыый да киэҥник сырдатарга холонуохпут.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр номохторго кэпсэнэринэн, Орто Бүлүү улууһун үгүс нэһилиэктэрин ытык өбүгэлэринэн Тыгын чугас аймаҕа Туоҕа (Дуоҕа, Луоҕа) Боотур баһылыктаах Улуу Туймаадаттан көһөн кэлбит Хаҥалас дьоно буолаллар. Туоҕа аччыгый инитэ Кырамай Дьөккөҥҥө Хаҥалас аҕатын ууһун төрүттээбитэ. Кини Бүөрчүкэй диэн уоллааҕа биллэр. Бүөрчүкэйтэн түөрт уол – Ат Атах, (Уотту Корякиннар, Прокопьевтар төрүттэрэ), Ньолой (Ойоо Бүөтүр, Сэмэн Уус төрүттэрэ), Хаҥалас, Уһаанча төрүүллэр. Бу уолаттар Туойдаах үрэҕиттэн көһөн, Дьөккөн сирин арҕаа уонна соҕуруу от үчүгэйдик үүнэр сирдэринэн олохсуйаллар.
Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Хаҥаластан Дьаакып-Хайахсыт төрүүр. 1782, 1795 сс. Дьөккөҥҥө ыытыллыбыт биэрэпистэргэ суруллубутунан, Дьаакып үс уоллаах: Батыйа-Петр Иванов (1764 с.т.), Доҕордуур-Константин (1776–1837 сс.), Николай Килжинов-Кондаков (1782–1851 сс.) Улахан уол Петр, кэргэнэ Марья (1776 с.т.), 1797 с. төрөөбүт Федор соҕотох уоллаахтарын биэрэпистэн буллубут. Атын оҕолоохторун кыайан быһаарбатыбыт. Онон бу салаа манан муҥурданар.
Дьаакып кыра уола Чыыкы-Николай (1782–1851 сс.), кэргэнэ киниттэн биир сыл аҕа Елена Николаева, түөрт оҕолоохтор: Көөркүн Рууп-Руфь (1809 с.т.), Алта Тарбах-Афанасий (1815 с.т.), Парасковья, Афросинья. Көөркүн уһулуччулаах от охсооччу, мас кэрдээччи. Дулҕалаах толооҥҥо киирэн былыргы сэттэ сүөмнээх саха хотуурунан от охсон куһуйдаҕына, быһыта сынньыллыбыт дулҕата өрт турааҕын курдук көтөрө үһү диэн былыргы кэпсэлгэ хаалбыт. Кэргэнэ Ульяна Гермогенова, алта оҕолоохтор: Спиридон (1830 с.т.), Семен (1834 с.т.), Степан (1852 с.т.), Анна, Федосья, Варвара.
Алта Тарбах Охонооһой сүөһүнэн улаханнык байбыт киһи. Кини Февронья Андрееваны кэргэн ылан икки уолламмыт: Гаврил (1844 с.т.), Филипп (1854 с.т.), кыргыттардааҕа биллибэт. Мордьой Хабырылла бэйэтин бириэмэтигэр Дьөккөҥҥө саамай күүстээх киһи буолуо диэн сылыктыыллар эбит. Дьалыс Өлөксөй сохсотугар эһэ түбэспититтэн үөрэн, сүүрэн тиийэн эһэ сохсотун көтөхпүт. Онуоха Хабырылла эһэни холуттан ылан, сохсо анныттан сулбу тардан таһааран, ыраах бырахпыта үһү. Мордьой уола Мымыы Өлөксөй күүстээх киһинэн биллибит. Тоҕус миэтэрэ усталаах, 35 сантиметр диаметрынан быстар сүүнэ улахан бэрэбинэни ортотуттан көтөҕөн хаарга эргитэр эбит. Тонна аҥаарыттан тахса киилэлээх оҕуһу сүүһүн охсон баран, элбэх киһиэхэ үттэрэн бүтүннүү сүгэн, ыскылаат иккис мэндиэмэнигэр таһаарбыта уос номоҕо буолан хаалбыт. Кини убайа Нуолур Ньукулай күүһүнэн быраатыгар арыый да тиийбэт буолан баран, ордук сытыы-сымса эбит. Ини-биилэр иккиэн улахан уҥуохтаах, бэрт модьу быччыҥнардаах дьон эбиттэрэ үһү. Биһиги билэрбит кэмчи буолан, бу салаа ситэ суруллубата. Кэлин аймахтара ситэрэн биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Аны билигин Дьаакып орто уолун Доҕордуур-Константин (1776–1837 сс.) (биир сахалыы аата, С.П. Степанов суруйбутунан – Чоймоҥдо) ыччаттарын туһунан кэпсиибит. Кини кэргэнэ Федосья Кычина (1776 с.т.) ким кыыһа буолара биллибэт. Сорохтор кинини Илья Максимов Гоголев кыыһа дииллэр. Сурукка киирбитинэн, кинилэр алта оҕолоохтор: Константин (1795 с.т.), Василий (1798 с.т.), Петр (1800–1834 сс.), Николай (1804 с.т.), Федосья, Отоннур.
Кыра уолун Көбөөх-Николай Константинович кэргэнэ Парасковья Саввина ким кыыһа буолара мөккүөрдээх. Манна икки сабаҕалааһын баар. В.А. Кондаков суруйбутунан, Парасковья Лүүчүн киһитэ Сава Николаев Анисия Андрееваттан кыыһа. Сава Николаев үстэ кэргэннэммит, нэһилиэгэр кинээһинэн, улууһугар быыбарынайынан үлэлии сылдьыбыт киһи. Оттон Анисия Андрей Попов-Чускуона кыыһа. Ити гынан баран Чускуона кыыһын Анисьяны Сава Николаев кэргэн ылбыт диэн докумуону булбатыбыт. Иккис сабаҕалааһын: Дьөккөн киһитэ Сава Николаев уонна Анисия Андреева Парасковья (1.06.1832 с.т.) диэн кыыстаахтара Бүлүү таҥаратын дьиэтин кинигэтигэр суруллубута көһүннэ. Сава Николаев Дьөккөн нэһилиэгин киһитэ диэн чопчу ыйбыттар. Маннык ааттаах киһи Дьөккөҥҥө олоро сылдьыбыта дуо? 1816 с. биэрэпискэ (НА РС(Я). Ф.349-и. Оп.1. Д.6025. Л.4) Чарчах Хобжин-Николай Платонов (1727–1812 сс.) дьиэ кэргэнин испииһэгэ баар. Николай Хабдьы (Хобдьу) уола, Хобдьу аҕатын ууһун төрүттээбит киһи уола быһыылаах. Кини түөрт уоллаах: Сабакы-Тимофей (1784 с.т.), Баитар-Андрей (1793 с.т.), Андрей (1800 с.т.), Сава (1802 с.т.). Икки кыыстаах: Марфа (1788 с.т.), Марфа (1803 с.т.). Кэргэнэ Катерина киниттэн 33 сыл балыс, онон кини лаппа сааһыран баран кэргэннэммит быһыылаах (бастакы оҕото 47 сааһыгар төрөөбүт), эбэтэр инники кэргэнэ оҕоломмот дьахтар буолуон эмиэ сөп. Кыыһа Марфа Иван диэн икки саастаах уоллаах эбит. Бу Хобдьу кыра уола Сава сааһынан Чускуона кыыһа Аксиньяттан (1805 с.т.) үс сыл аҕа (НА РС(Я). Ф.349-и. Оп.1. Д.5982. Л.1331). Онон иккис сабаҕалааһын оруннаах курдук буолан таҕыста.
Анисья аҕатын Чускуонаны-Андрей Попову нуучча администрацията сэтээтэлинэн анаан Бүлүү умнаһыгар сахалары сүрэхтээһиҥҥэ уонна бэрээдэги, түһээни төлөөһүнү көрүүгэ үлэлэппитэ. Дьаһаллаах, сытыы-хотуу, өйдөөх, улахан күүстээх киһи. Чускуона аҕатын араспаанньата Жирков диэн, онтон кинини православие миэрэтин киллэрсэрин иһин Попов диэҥҥэ көһөрбүттэр. Владимир Алексеевич Чускуона туһунан «Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан» (Дьокуускай, 2008) диэн кинигэҕэ сиһилии суруйбута баар. Ону манна хатылыы барбаппыт.
Николай Константинович сааһыран баран Парасковьяны кэргэн ылбыт. 1850 с. биэрэпискэ кинилэр үс оҕолоро ыйыллыбат: Парасковья (1848 с.т.), Алексей-Дьалыс (1852 с.т.), Василий-Даҥ (1855 с.т.). Владимир Алексеевич оҥорбут төрүччүтүгэр Парасковья киирбэтэх, эдэр сааһыгар олохтон туораабыт буолуон сөп. Биэрэпис кэнниттэн өссө биэс (баҕар, элбэх да буолуо) оҕо төрөөбүт – Андрей (01.05.1859 с.т.), Петр, Мария, Иван-Андалбаһын (01.08.1869 с.т.) (Владимир Алексеевич эһэтэ) уонна Анна (02.12.1874 с.т.).
Николай Константинович утумнарын ырытыыбытын улахан уолуттан – Дьалыс Өлөксөйтөн саҕалыыбыт. Кини Орто Бүлүү улууһугар кыра кулуба, нэһилиэгэр кинээс буола сылдьыбыт (В.А. Кондаков). Олоҥхоһут, ырыаһыт, сэһэнньит. Үтүө майгылаах, киэҥ билиилээх, бэрт толуу, үчүгэй, улахан көрүҥнээх киһи эбит. Эдэригэр сохсотугар эһэ түбэспитин көрөн, сүүрэн тиийэн көтөҕөн, этэрбэһин уллуҥун быһа тирэммитэ үһү. Дьалыс Өлөксөй түөртэ кэргэннэнэ сылдьыбыт. Бастакы кэргэнэ Орто Бүлүү улууһугар кулубалыы сылдьыбыт Егор Степанович Гоголев кыыһа Екатерина. Иккис кэргэнэ Агафья Николаевналыын (1864 с.т.) 1889 с. тохсунньу 22 күнүгэр Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэр. С.И. Степанов суруйарынан, Дьалыс иккис кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Үөһээ Бүлүү Өргүөтүттэн сылдьар Екатерина Лебедкинаны кэргэн ыла сылдьыбыт. Төрдүс кэргэнэ Екатерина Гаврильевна Осипованы (1867 с.т.) 1902 с. олунньу 3 күнүгэр сүгүннэрэн аҕалбыт. Түөрт ойохтон алта оҕоломмут: Алексей (1878 с.т.), Акулина, Георгий (1891 с.т.) (ийэтэ Е. Лебедкина), Илья (02.06.1898 с.т.), Анна, Парасковья.
Алексей Алексеевич-Холуоһа нэһилиэгэр кинээстээбит, суолу оҥоруунан, таба иитиитинэн дьарыктаммыт. Дьөккөн бастакы оскуолатын бэйэтин дьиэтигэр астарбыт. Кини кэргэнэ Ульяна-Халбаакы Григорий Спиридонович Миронов кыыһа. Ульяна хос эһэтэ Бокко Ньукулай-Николай Миронов Көстүүн Баай Дьөгүөр кыыһын Бассаан Настааны кэргэн ылан, элбэх оҕоломмуттар, ол иһигэр Ульяна эһэтин Онохой Испирдиэни төрөппүт.
Алексейдаах Ульяна бастакы оҕолоро игирэлэр: Семен, Анна (11.01.1916 с.т.). Ити игирэлэртэн 1927 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ Семен эрэ хаалбыт. Алта саастаах уола Николай (12.07.1920 с.т.) суруллубут. 1914 с. ахсынньы 12 күнүгэр төрөөбүт Анастасия эрдэ өлөн бу испииһэккэ киирбэтэх. Бу оҕолорун таһынан өссө уоннаах Ионаны, алта ыйдаах Марияны ииттэллэр эбит. Улахан уоллара Семен Алексеевич кэргэнинээн Мария Ксенофонтовналыын уон оҕону төрөтөн сүүнэ ыал буолбуттар. Иккис уоллара Николай Алексеевич Кондаков – Сэбиэскэй Сойуус Геройа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстар Емельян Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лауреата, ССРС Бочуоттаах радиһа. Кэргэнэ Нина Иннокентьевна – биллиилээх суруналыыс, «Кэскил» хаһыат редактора, СӨ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай уонна СӨ Бочуоттаах олохтооҕо. Кинилэр оҕолоро: Николай, Петр, Елизавета.
Дьалыс Өлөксөй иккис кэргэниттэн кыыһа Акулина Доҕордолос Миитэрэй уолугар Филипп Дмитриевич Гоголевка сүктэн барбыта. Кинилэр 1897 с. олунньу 5 күнүгэр Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэр. Филиптээх Акулина аҕыста оҕоломмуттар, ол үрдүнэн аймахтарын оҕолорун – барыта 12 киһини дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы сылдьар, туруу үлэһит дьону иитэн таһаарбыттара. Хапчаҕай Силибэ дьон өйүгэр-санаатыгар олус мындыр, үгүһү билэр, «сир түннүгэ» киһи диэн хатанан хаалбыт. 1917 с. биэрэпискэ суруллубутунан, Филипп Гоголев сэниэ ыал эбит: сүөһүтүн уопсай ахсаана 93. Түөрт уоллааҕа, үс кыыстааҕа, биир 7 саастаах ииттэр уоллааҕа ыйыллыбыт. Архыып докумуоннара кэрэһилииллэринэн, Филипп Дмитриевич нэһилиэгэр хас да болдьоххо кинээстээбит, 1903 с. алтынньы 17 күнүттэн улууһугар биир болдьоххо быыбарынайдаабыт. Силиптээх уоллара Степан (08.12.1895 с.т.) (НА. Ф.226-и. Оп.13. Д.283) – СӨ бастакы прокурора, үөрэх наркома, Совнарком бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта этэ. Кини туһунан үгүс үчүгэй суруйуу баар. 1933 с. ахсынньы 26 күнүгэр Москаҕа эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. С. Гоголев үтүөлэрин учуоттаан Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа (билигин 1 №-дээх педколледж) кини аата иҥэриллибитэ. Кыыһа Октябрина Степановна Корнилова – СГУ профессора, филологическай наука кандидата. Октябрина Степановна ийэтэ, Елизавета Георгиевна Корнилова, Өлүөхүмэттэн төрүттээх Саха сирин бастакы педагогтарыттан биирдэстэрэ этэ. Октябрина Степановна кэргэнэ Яков Васильевич Яковлев геолого-минералогическай наука кандидата, алмаас уонна күндү металлар геологияларын институтун старшай научнай сотруднига, уола Анатолий экономическай наука кандидата, СӨ бырабыыталыстыбатын миниистиринэн, СӨ Японияҕа бэрэстэбиитилистибэтин салайааччытынан үлэлээбитэ.
Көбөөк Ньукулай кыра уола Андалбаһын Уйбаан (01.08.1862 с.т.) кэргэнэ Лүүчүнтэн төрүттээх Екатерина Тимофеевна Дмитриева (01.01.1876 с.т.). Екатерина аҕата Тимофей (1842 с.т.) – ааттаах-суоллаах Алыһардаах Аана бииргэ төрөөбүт убайа. Уйбааннаах Кэтириинэ оҕолоро: Михаил-Тэллэмэй, Евдокия (ийэтинэн эбэтин аата), Парасковья (аҕатынан эбэтин аата), Екатерина, Алексей-Дар (09.01.1905 с.т.). Өссө Уйбаан диэн 1912 с. тохсунньу 9 күнүгэр төрөөбүт уоллаахтар эбит. Кини эрдэ өлбүт быһыылаах. Кэлин ханна да сурукка-бичиккэ киирбэтэх.
Андалбаһын иккис кыыһа Парасковья-Мочохо (26.09.1903 с.т.) Гаврил Игнатьевич Игнатьевы-Сорокомпуун кытта холбоһон, соҕотох Афанасий диэн оҕоломмуттар. Афанасий Гаврильевич уола Илья Өлөөҥҥө олорбута, оҕолоро: Саргылана, Алексей, Николай, Туйаара, Олег уонна Лева. Кыыһа Христина аҕыс оҕолоох: Акулина, Надежда, Геннадий, Любовь, Семен, Илья, Лира, Христофор.
Алексей-Дар (09.01.1905 с.т.) бастакы кэргэнэ икки оҕолоох огдообо Мария Ефимова диэн этэ. Иккис кэргэнэ Елена Игнатьевна Руфова (Ньохчоҕор кыыһа). Киниттэн соҕотох Иван Алексеевич Руфов (1933 с.т.) диэн уоллаах. Иван Алексеевич бастакы кэргэнэ Домна Давидовна Дмитриеваттан (Түбэ Дабыыт кыыһа, Сымалыыр) уола Александр Бүлүү куоратыгар олорор. Иккис кэргэниттэн үс кыыстаах.
Алексей Иванович үһүс кэргэнэ Сунтаартан төрүттээх Варвара Ивановна Колесникова. Варвара аҕата Иван Иннокентьевич Колесников-Тоҥ Уйбаан Тобольскай губернияттан сыылкаҕа дуу, көһөрөн аҕалыыга дуу кэлбит нуучча киһитэ. Тоҥ Уйбаан кэргэнэ Ньурба Малдьаҕарыттан төрүттээх Пелагея диэн саха дьахтара. Кинилэр барыта уон оҕону төрөппүттэриттэн (сэттэ уол, үс кыыс) биир кыыс кыратыгар өлбүт. Варвара тохсус оҕонон төрөөбүт. Ийэтэ кини кыра сааһыгар өлбүт. Онон ыалга иитиллибит. Варвара Дьөккөн киһитигэр Нифонт Дмитриевич Гоголевка кэргэн тахсан, Лидияны төрөтөр. Кэргэнэ Нифонт Дмитриевич ыскылаакка үлэлии сылдьан, итэҕэстэнэн хаайыыга барар. Варвара иккиһин Дар Өлөксөйгө кэргэн тахсан, Кондаков Владимир Алексеевиһы төрөппүт.
Владимир Алексеевич бастакы кэргэнэ Алдан Кутанатыттан төрүттээх Мария Васильевна Трофимова. Киниттэн Александр диэн биир уоллаах. Иккис кэргэниттэн, Мария Иннокентьевна Бурцеваттан (Верхоянскай, Эҥэ), кыыһа Катя эдэр сааһыгар ыараханнык ыалдьан, олохтон эрдэ туораабыта. Үһүс кэргэниттэн, Зинаида Яковлевна Сивцеваттан (Уус Алдан, Найахы), икки оҕолоох: Феодосия, Алексей.
Уһулуччу талааннаах саха саарына Владимир Алексеевич Кондаков төрүт дьон төрүөхтэрэ, ытык дьон ыччаттара буолара төрүччүтүттэн көстөр. Кини өбүгэлэригэр, хаан аймахтарыгар айылҕаттан айдарыылаахтар, салайар-тэрийэр үлэҕэ дьоҕурдаахтар, хоодуоттар-күүстээхтэр, мындыр өйдөөхтөр элбэхтэр. Владимир Алексеевич уратылаах эмчит быһыытынан үрүлүйбүт үлэтэ, билиитэ-көрүүтэ, суруйуулара, эппитэ-тыыммыта барыта саха омук кэскилэ кэҥиирин, өрүү баар буола, чэчирии турарын туһугар анаммыта. Бу сүдү киһи аата дьоһуннук үйэтитиллэригэр баҕарабыт. Ыччаттарын, хаан аймахтарын кытта Иэйэхсит өрүү эҥээрдэстин, Айыыһыт арчылаатын. Удьуор утума салҕана турдун!
П.С. Максимов, А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Отчут уола Оноху Испирдиэн
Уопсастыба олоҕор ыар, күчүмэҕэй, дьалхааннаах күн-дьыл үүннэҕинэ, дьон-сэргэ итэҕэлгэ тардыһыыта, биллибэт күүстэргэ сүгүрүйүүтэ улаатар. Ылан көрүөҕүҥ бастакы аан дойду сэриитин, олунньутааҕы, сэтинньитээҕи өрөбөлүүссүйэ, онтон салгыы хаан тохтуулаах, хардарыта кэйгэллэһиилээх Гражданскай сэрии сылларын. Ити сылларга дьон православнай итэҕэлгэ сүгүрүйүүтэ, таҥараны, айыыны-абааһыны итэҕэйиитэ биллэ-көстө күүһүрбүтэ. Уһук сирдэргэ ойуун, көрбүөччү, ичээн, бөлүһүөк элбээбитэ. Холобур, Бүлүү уокуругун Үөдүгэй улууһугар көстүбэт Ньыыкан Арамаанап түбүлээбитэ, соҕотох Сургуулук нэһилиэгэр ойуун уонна ойуумсуйар дьон ахсааннара отуччаҕа тиийбитэ.
Бүлүү уокуругар уонна Өлөөҥҥө ити сылларга Спиридон Герасимович Герасимов-Отчут уола Оноху ойуун аата киэҥник биллэн барбыта. Кини, уола этэринэн, 1893 с. билиҥҥи Бүлүү оройуонунааҕы 2-с Күүлэт нэһилиэгэр булчут-балыксыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Убайа Хоруодьа оччотооҕуга тоҥус сиринэн аатырар Өлөөҥҥө олохсуйбута, Испирдиэн чороччу улаатан эрдэҕинэ аҕалара икки кыра уолун илдьэ улахан уолугар Өлөөҥҥө тахсыбыта, онно олохсуйар кэриэтэ бэрт өр таба иитэн, бултаан, көс дьон олоҕунан олорбуттара. Бу кэмҥэ эдэр Испирдиэн хас да сыл ыалдьан, сахалыы эттэххэ, ойуун буолаары эттэтэн эрэй-муҥ бөҕөнү көрбүтэ. Устунан улахан ойууҥҥа уһуйтаран, дьоҥҥо дүҥүр, таҥас оҥорторон Оноху ойуун аатырбыта. Уһуйбут киһитинэн Түҥ өрүс баһыгар көһө сылдьар тоҥус аатырбыт ойууна Дьадаабыл буолуо диэн таайаллар.
Оноху Испирдиэн ойуун буолуутун кини чугаһынааҕы Үгүлээт нэһилиэгэр олорбут Попов аҕабыыт үөрэхтээх уола, 1922–1925 сс. Боотулууга сэбиэскэй үлэ оскуолатын учуутала, кэлин биллиилээх этнограф Андрей Александрович Попов суруйан наукаҕа киллэрбитэ. Кини «Получение шаманского дара у вилюйских якутов» диэн үлэтин түөрт гыммыт биирин Оноху ойуун эттэтиитигэр анаабыта, ол туһунан биһиги аллара суруйуохпут. Сэрии сылларыгар Саха сиригэр олоро сылдьан Өлөнүөк оскуолатыгар дириэктэрдээбит, учуонай, историческай наука доктора И.С. Гурвич «Культура северных якутов-оленеводов» диэн 1977 с. тахсыбыт үлэтигэр, убайа кэпсииринэн, Испирдиэн туһунан балай да киэҥник киллэрбитэ, онтон быһа тардыыны аҕалабыт:
«1930-с сылларга өлбүт (дьиҥинэн, 1940 с. 2-с Күүлэккэ олорон өлбүтэ. – П.Е.) Өлөөн биллиилээх ойууна Спиридон Герасимов, убайа кэпсииринэн, 15–16 саастааҕар эмискэ сүтэн хаалбыт. Бүтүн нэдиэлэни быһа көрдөөн кинини булбатахтар, онон өлбүтүнэн аахпыттар. Киһилэрэ сүппүтүн курдук эмискэ баар буолбут. Кэпсээбит киһи дьиэ кэргэттэрэ ол кэмҥэ Бүлүү баһыгар (Түҥ буолуон сөп. – П.Е.) көһө сылдьаллар эбит.
Испирдиэн: «Мантан уонунан көс ыраах Уудьа үрэх (Анаабыр өрүс салаата. – П.Е.) баһыгар сырыттым… Мин бэйэм миинэр кыыллаахпын, кинини миинэн айанныыбын, сылайбаппын. Түҥ баһыгар бөрөлөр кыыл табаны тардаллар, ол уҥуохтарын кирэбин. Онон аһаан сырыттым», – диэн кэпсээбит. Бырааттара уонна кэпсээччи (убайа. – П.Е.) эмиэ итэҕэйбэтэхтэр: «Тоҕо эйиэхэ эрэ ким эрэ кэлэрий, оттон биһиэхэ суох, көннөрү киһиргиир инигин». Ол эрээри ити түбэлтэ кэнниттэн Испирдиэн түөрт сыл устата сотору-сотору таарымталанар, түүн ыллыыр, эккириир, иирэр, уһуктааҕынан анньына сатыыр буолбут. «Бары уһуктааҕы: быһаҕы, сүгэни, анньыыны – кистии сатыыбыт да, кини илиитигэр баар буолбут буолаллар. Анньынар, кэрдинэр даҕаны, бэйэтэ эмсэҕэлээбэт. Онон Испирдиэн ойуун буолууһу диэн улахан убайбыт итэҕэйбитэ. Ким кинини уһуйбутун билбэппин. Ол эрээри кыырарыгар Испирдиэн ордук элбэхтик ийэтинэн таайа Айхын Уйбаантан, хос эһэтэ Доркунаан Бүөтүртэн уонна Дьабыл Тойонтон күүс-көмө көрдөһөрө. Кинилэри ааттаан туран: «Эһиги оҕо эрдэхпинэ муҥнаабыккыт, онно-манна уһуйбуккут, Орто дойду дьоно манныгы көрдөһөллөр, дьэ билигин күүс-көмө буолуҥ», – диирэ».
Испирдиэн 1920-с сыллар саҥаларыгар дойдутугар киирбитэ. Аламаҕай майгылаах, оруннаах тыллаах-өстөөх киһини нэһилиэгин дьоно сөбүлээн ревком, сэбиэт чилиэнинэн, кэлин хас да болдьоххо суут сэтээтэлинэн талаллар. 1922 с. төрөөбүт уола, Бүлүү куоратыгар олорор сэрии, үлэ бэтэрээнэ Николай Спиридонович Герасимов ахтар: «Аҕам 1925–1930 сыллардаахха Хотугу Муустаах муора кытылынан Анаабырга, Булуҥҥа Гражданскай сэриигэ, өрө турууларга кыттыбыт баандалар баһылыктарын тутууга Иркутскайтан Саха сиригэр ыытыллыбыт кыһыл этэрээтигэр сирдьитинэн сылдьыбытын туоһулуур партизанскай киниискэлээх этэ. Бойобуой бинтиэпкэ бэлэхтээбиттэрин бэрдээн ботуруона сөп түбэспэт диэн ылбатах. Дьокуускайга сэбиэскэй-партийнай оскуолаҕа ыытаары гыммыттарын, үөрэҕим суох диэн буолумматах.
Кыргыдай аатырар олоҥхоһута Дыгыйар Сэмэни кытта күрэстэһэрэ. Ол курдук кэлин композитор Марк Николаевич Жиркову кытта доҕордоһон, тыаттан Бүлүү куоратыгар киирэн, киниэхэ олоҥхолуур эбит этэ. Ол иһин буолуо, «Дьурулуйар Ньургун Боотур» операҕа кини олоҥхолорун матыыптара элбэхтэр. Холобур, Кыыс Кыскыйдаан ырыата тойон көтөр сэргэ төбөтүгэр олорон ыллаабыт ырыатыгар маарынныыр, ону оскуола учууталларыгар олоҥхолууругар истэрим.
Дьокуускайга П.А. Ойуунускай «Кыһыл Ойуунугар» кылаабынай оруолга ыҥырбыттарыгар, «кыдьыгым киирэн хаайыыга барыам» диэн, буолумматах этэ».
1938 с. муус устар 5—10 күннэригэр саха биллэр фольклориһа Сэһэн Боло Оноху Испирдиэнтэн олорор сиригэр Илкимдьээххэ ойуун Аллараа, Үөһээ дойдуларга кыырыытын суруйбута (РА РС(Я). Ф.5. Оп.3. Д.16. Л.42). Ойуун бэйэтин Игнатьев (эһэтинэн буолуо) Спиридон Герасимович диэн суруйтарбыт. Сэһэн Боло маннык киирии быһаарыылаах: «Запись С.И. Боло с 5 по 10 апр. 1938 г. в м. Илькимдьээх со слов Игнатьева Спиридона Герасимовича, 54 года, 2-го Кулятского н. (Тааһаҕар) Вилюйского р-на, семейный, единоличник, шаман… с 18 лет почти до 1930 г., якут, неграмотный, социальное (происхождение) – в прошлом кочевое, бродивший в наслегах Оленекского р-на» (п. 1). Онон Испирдиэн төрөөбүт сыла чуолкайа суох, уола этэринэн – 1893 с., Сэһэн Боло суруйуутунан – 1884 с.
Сэһэн Боло Аллараа, Үөһээ дойдуларга кыырыы таһынан Оноху Испирдиэнтэн ол дойдуларга айанныыр аартыктары, туомнары, олохторун (тоҕуска тиийэ), ойуун туттар тылларын быһаарыытын, ойуун кыырарыгар туттар тэрээһинин ойуулатан суруйбут, онон бу матырыйаал хотугу табаһыт сахалар ойууннааһыннарын үөрэтиигэ ураты суолталаах буолууһу.
Түмүктээн эттэххэ, Оноху Испирдиэн тыыннааҕар суруллубут бэлиэтээһиннэр наукаҕа балачча эридьиэстэнэн хаалбыттар эбит.
Ойууннааһыны уонна Сибиир омуктарын үөрэтиигэ уһулуччу үтүөлээх улахан учуонай А.А. Попов ыстатыйата научнай хомуурунньукка бэрт кыра ахсаанынан тахсан, киэҥ саха ааҕааччытыгар тиийбэтэҕин быһыытынан, Оноху Испирдиэн эттэтиитин толору соҕус биэрэбит.
«Кыһын, биир сылаас күн, миинэринэн табаларбын көрдүү бардым. Түүн буолан эрэрэ, эмискэ көхсүбүн ким эрэ күүскэ оҕуста, муустаах уунан саба ыспыт курдук этим бүтүннүүтэ тоҥон дьиһигийэ түстэ. Төбөбүн өрө көтөҕөн үөһэ үс суору көрдүм: биирдэрэ маҥан төбөлөөх, иккиһэ – эриэн, үсүһэ – суор суор курдук хара. «Бу тугуй» диэн муодарҕаан, өр баҕайы одууластым, онтон төбөм эргийэн, өйбүн сүтэрэн иһэн сиргэ оҕуннум. Охтон иһэн ким эрэ саҥатын иһиттим: «Били көрдүүр киһибит, бу сылдьар эбит». Төһө өр хаарга сыппыппын билбэппин, бэрт эрэйинэн дьиэбэр кэлэн, охтон күүскэ ыарыйдым.
Түүн түһээтим: туох эрэ дьон кэллилэр, эт эттиир былаахы хаптаһыны аҕаллылар уонна дьиэ ортотугар уурдулар. Онтон атыыр оҕус баһын саҕа, туох эрэ убаҕаһынан толоруллубут, сиигинэн симэ тигиллибит хааһаҕы киллэрдилэр. Хааһаҕы хаптаһын үөһэ ууран баран, икки аҥыы хайа оҕустулар, хаан ураһаны биир гына халыйа тоҕунна. Хаҥас диэки турбут туох эрэ киһи ол хаанынан суунна, мин ол хааҥҥа тоҕо эрэ баҕардым. Онуоха били сууна турар киһи айаҕыттан хаанынан ибиирбитигэр, этим барыта титирэстээн барда, эппэр барытыгар бурдук куоластара хатаммыттарын курдук буолла…
Мин иттэннэри түһэ сытан, халыйбыт хааҥҥа чачайан бардым. Икки ханнык эрэ биллибэт киһи миигин көтөҕөн таһаардылар уонна туох баар кыахтарынан өтүүнэн дуу, хатыһынан дуу таһыйан бардылар. Онтон отой билбэт дьиэбэр киллэрэн сиргэ уурдулар. Эппэр сидьиҥ үөн-көйүүр бөҕө хатанна.
Мин өйдөнөн, үс ый тухары муҥу көрдүм, сотору-сотору иирэ-иирэбин.
Сааһыгар тиийэн, дьон көрөрүгэр харааччы иирэн хааллым, онон дьонум, отой иирбит диэн, сэттэ күн баҕанаҕа кэлгийэн сытыарарга күһэллибиттэр. Иириим алтыс күнэ бүтүүтүгэр тугу эрэ эмиэ үлүгүнэйэн көрөн бардым. «Биһиги эйигин хотугуларга илдьиэхпит», – диэн саҥаны истээт, арыый өйдүүр буоллум. Инньэ диэт, миигин куһаҕан баҕайы (чанчарык, хараҥа) сир үүтээҥҥэ киллэрдилэр, төбөбүн быстылар (алдьархай ыарыылаах), эппин эттээтилэр уонна тимир биһиккэ уктулар. Биһиккэ сыттахпына, этим кырбастара бары силбэһэн, урукку чөлбөр түстүм. Миигин эриэн өтүүнэн кытаанахтык кэлгийэн баран, бигээн бардылар. Тохтуу түһэн баран, өтүүбүн сүөрэн, туох эрэ уһуктааҕынан уҥуохпун уонна этим сааһын аахтылар: «Биир уҥуох уонна үс быччыҥ сааһа ордук эбиттэр», – диэтилэр. Хантан эрэ эһэҕэ майгынныыр киһи тиийэн кэллэ уонна эттэ: «Бу киһини миэхэ аҕалыҥ эрэ!» Итини эппит киһи иннигэр түөрт муннуктаах алтан иһити туруордулар, онно кини өһөҕүнэн хотуолаан барда. Миигин кэннибиттэн кэлэн харбаан ылаат, ол өһөххө хаста да уган ыллылар: «Киниэхэ аат биэриэххэ», – дэстилэр. Саҥа ааппын истиэхпин баҕарбытым да, тоҕо эрэ эппэтилэр. Онтон ким эрэ саҥатын иһиттим: «Кэл эрэ, бу уолга эмтэрэ түс!» Онуоха ыттаах дьахтар киирдэ. Миигин хааннаах иһиккэ уктулар. Ыт кэлэн сирэйбиттэн салаата, мин эмиэ тараччы уҥан хааллым.
Өйдөммүтүм – били киирбит дьахтар түһэҕэр олорор эбиппин. Кини хаҥас эмиийин таһааран, айахпар үҥүлүттэ. Мин сиргэнэн киэр хайыстым. Дьахтар миигин муостаҕа умсаннары уурда уонна миэхэ уйа бэлэмнииллэригэр эттэ, сонно тута ыйытта: «Төһө улахан гына оҥороҕут?» – диэн. Анарааҥҥылар: «Эргимтэтэ түөрт арсыын, үрдүгэ үс арсыын, үс алтан курдаах буолуоҕа», – диэтилэр. Миигин ылан, кыра оҕо курдук кытаанахтык суулаан баран, били этиллибитин курдук, биһиккэ уктулар. Мин биһиккэ сыттахпына, ынырык дьүһүннээх элбэх дьон (үгүстэрэ эмээхситтэр быһыылаах) киирдилэр. Киирбит дьонтон биир эмээхсин: «Ас булуохха баар этэ, бэрт аһы астаныах этибит», – диэтэ. Инньэ диэбитигэр курунньугунан ньаҕайдаммыт сирэйдээх икки дьахтар тахсан бардылар. Кинилэр ааны сабааттарын кытта, мин икки харахпын тэһэ астылар. Ким эрэ: «Бу кини эбит», – диэтэ. Мин иттэннэри түстүм. Оннук сыттахпына, хоҥоруубуттан тимир тордуоҕунан хаҥас диэки тардан бардылар. Төбөбүн көтөхпүтүм: харахтарым урукку курдук көрөр буолбуттар.
Арай хардары-таары сүүрдэр хааннаах өрүс төрдүгэр сытар эбиппин. Ол өрүстэн уу баһан ылан дуоһуйуохпар диэри иһэртилэр, онтон кулгаахтарбын үүттээн баран, чиэппэр үрдүктээх туой иһиккэ уктулар уонна: «Хаан үктэллээх аатырбыт ойуун буоллуҥ», – диэтилэр. Сыттык саҕа хаан өһөҕү үөһэ быраҕан баран, миигин онно үктэннэрдилэр уонна: «Хаан үктэллээх аатырар сиэмэх ойуун – эн», – диэтилэр. Бэйэм да билбэккэ, ити тыллары хатылаабытым. Моойбор өтүү уктааны быраҕан баран, ханна эрэ бэрт ыраах сиэтэн илтилэр. Онтон ыарахан ойуун таҥаһын таҥыннардылар, сото уҥуоҕунааҕар уһун былаайаҕы уонна дүҥүрү илиибэр туттардылар уонна этэн-тыынан бардылар: «Уот субурҕан кутуруктаах буоллуҥ ээт! Түптэ төлөн тыыннанныҥ ээт! Сырҕан эһэ сырайа сырайданныҥ ээт! Халбаҥ эһэ хара-хаан харахтанныҥ ээт! Кэрэ-чуор кулгаахтанныҥ ээт!»
Мин, олоро түһээт, кыыран бардым, ол олус уһаата. Бүппүтүм кэннэ, миигин эмиэ суулаан баран, урукку сирбэр олортулар. Дьон кэлэн сирэйбэр тымныынан үрэн бардылар. Миигин эппин эттээбит урукку сирдэригэр илтилэр, кэлгийбит быаларын сүөрдүлэр уонна онно баар ойууннары кытта кыырарга дьаһайдылар. Мин сөбүлэммэтим, онуоха эттилэр: «Үллүс кыыһа, кэл эрэ, бу кырыыстааҕы илдьэ бар уонна оҥоруутун оҥорон биэр (кэһэт)». Миигин ылан, үөл (инчэҕэй) эһэ тириитигэр суулаатылар уонна ханна эрэ илдьэ бардылар. Мин өйбүн сүтэрэн кэбистим.
Өйдөнөн иһэн, киһи тулуйбат ыарыытын биллим: хайа эрэ билбэт дьонум миигин сэймэктээн муҥнууллар эбит. Ити син өр салҕанан барда. Миигин муҥнааччылар тохтоотулар уонна: «Кинини үөдэн түгэҕэр илдьиҥ», – диэтилэр. Анарааҥҥылар ханна диэн хат ыйыппыттарыгар: «Тоҕус ии үүтүн курдук түгэҕэ биллибэт дьибилгэннээх дойдуга», – диэтилэр. Миигин ханна эрэ илдьэ бардылар, туох эрэ кыараҕас үүккэ уган баран: «Бу киһини Ньохтолоох ууһугар илдьиҥ, хара быарын туһунан тоһоҕолооҥ», – диэн быһаардылар. Быарбар быһаҕы анньалларын кытары өйбүн сүтэрэн кэбистим. Онтон өйдөммүтүм: үүтээн биир баҕанатыгар кэлгиллэ сытар эбиппин. Дьоммун сүөрүҥ диэн көрдөстүм, онтон бэрт уһуннук тииһигирэн туран мэнэрийдим. Кэлиҥҥи түүннэргэ били сылдьыбыт сирдэрбэр тиийэн хаалбыт буолабын, куруутун ыалдьа-эрэйдэнэ сытар киһини көрөбүн уонна кинини эрэйтэн-муҥтан быыһаары кыырыахпын баҕаран кэлэбин.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?