Электронная библиотека » Сборник » » онлайн чтение - страница 9


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Сборник


Жанр: Документальная литература, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 9 (всего у книги 30 страниц) [доступный отрывок для чтения: 10 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Өссө биир сүрдээх наадалаах архыып матырыйаала көһүннэ. Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай архыыбын фондатыгар баар 2-c №-дээх хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ, сэрии кэминээҕи (1940, 1941, 1942 сс.) «Саха АССР 10 сыла» холкуос чилиэттэрин испииһэгэр киирбитинэн:

49 №-ринэн Качыянова Мария 1920 г.р. Глава хозяйства

50 №-ринэн Васильев Никон 1880 г.р. Глава хозяйства

Члены семьи:

Мотрона жена 1881

Епгение 1927

Илья сын 1939

Алексей сын 1941

51 №-ринэн Качыянов Герасим 1844 г.р. Глава хозяйства

52 №-ринэн Качыянов Данил 1923 г.р. Глава хозяйства.

Бу манна көстөрүнэн, Ньыыкан сэрии кэмигэр кэргэнинээн, оҕолорунаан холкуоска киирэннэр олорбут кэмнэрэ эбит. Кэргэнэ Мотуруона, кыыстара Епгения диэн суруллубут. Дьиҥэр, ахтыылартан аахтахха, Евдокия (Дьэбдьиэ) диэн эбит, ону сыыһа суруйбуттар. Улахан уола Ылдьаа үс-түөрт саастаах кыра оҕо, оттон кыралара Өлөксөй биирин туола илик кыһыл оҕо. Биир интэриэһинэйэ диэн, ииппит аҕата Таҥнары Дьарааһын (Качыянов (Касьянов) Герасим) сэрии кэмигэр өссө да баар, 98 cаастаах аар кырдьаҕас эбит.

Уола Николай Никонович Васильев 2014 с. аҕатын сэһэниттэн суруйбутунан: «Аҕам дойдутугар кэлэн кэргэннэнэр. Уоллаах кыыс оҕолоноллор. Холкуоска ууһунан үлэлиир. Сүөһү үлэтигэр сыстыбатах киһи от үлэтигэр эрэ сылдьар. Кэргэнэ өлөн оҕолорун кытта олордоҕуна, алдьархайдаах сэрии саҕаланар. Кинини сааһыҥ ааспыт диэн сэриигэ ылбатахтар. Ол сылдьан атаҕын сүгэҕэ дэҥнэнэр. Көлөһүн күнэ диэн мэлигир буолар. Оҕолоро аччыктаан уҥуох-тирии буолаллар. Биир боломуочунай Боотулууга кэлэ сырыттаҕына балаһыанньатын кэпсээн, холкуостан тугу эмит нэрээттэтээри көрдөспүтүн киһитэ үүрэн таһаарар. Дьиэтигэр төннөн иһэн, холкуоска укпут биэтэ сылдьарын тутан ылан сиэтэн барар. Убаһатын сиир санаалаах эбит да, убаһата, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, ийэтин олох батыспатах. Биэ кистиир да, убаһата олох чугаһаабат эбит. Инньэ гынан биэтин өлөрөн сииргэ быһаарынар. Сэниэтэ эстэн буолуо, сүгэнэн хаста да охсон суулларбыт. Түүнү быһа астаан, этин, тириитин кистээн, аһаан утуйаллар. Сарсыарда турбута – эркин барыта хаан, иһит-хомуос ордуо дуо, барыта хаан биһиллибит эбит. Ол күнү быһа кыыһын кытта сууйбуттар-соппуттар. Хата кинилэр дьоллоругар, биир да киһи сылдьыбатах. Ол курдук олордохторуна саас бэрэбиэркэлиир дьон кэлбиттэр. «Бу тоҕо үлэлээбэккэ да, өлбөккө да бүгэ сытар дьонуй?» диэн буолбут. Ньэҥньийэн биэлэрин төбөтүн булан ылаллар. Милииссийэ Ньыыканы Боотулууга киллэрэр. Уопсай дьиэҕэ: «Оҕонньору хонноруҥ», – диэбитин «киһини хоннорор кыахпыт суох, бэйэбит нэһиилэ олоробут» диэн буолумматахтар. Милииссийэтэ: «Оҕонньор, дьиэҕэр баран биэҥ сыатын тобоҕун сиэн баран, сарсыарда кэлээр», – диэн ыытан кэбиспит. Аҕам дьиэтигэр кэлэн, тэринэн, чугас дезертирдэр баар сурахтарын истэр эбит, олору булар сорук туруорунар. Оҕолоругар: «Эһиги дьиэҕитигэр олоруҥ, кэлэн детдомҥа ылыахтара, аны көрсөр биллибэт. Дуня, булдуҥ аһын суохтуоҥ, онон булчут киһиэхэ эргэ тахсаар», – диэбит. Уонна хайыһарынан ойуурга анньынан кэбиһэр.

Дьэ мантан ылата Ньыыкан эрэйдээх-буруйдаах олоҕо саҕаламмыт. Тутуллан сууттанан ытарга ууруллубут. Ону Бүлүү хаайыытыттан Калиниҥҥа ааһыныы сурук суруйан ыытар. Ол ааһыныытын ылынаннар уон сылга хаайыынан солбуйаллар. Кини Эһэ Хайанан, Алданынан, Лебединэйинэн эҥин араас ынырык хаайыыларынан сылдьыбыт, эрэйи-муҥу барытын көрсүбүт.

Кыыһа Дуня (Евдокия) Бүлүүгэ ыал буолбут. Иван Пестряков диэн Уус Алдан киһитигэр тахсыбыт. Били биэрэпискэ баар биир саастаах Алексей диэн уола Үөһээ Бүлүү детдомугар иитиллэн, киһи буолан, Иркутскайга ремесленнэй училищены бүтэрэн баран, Хабаровскайга байыаннай собуокка үлэлээбит. Онтон сибээстэрэ быстыбыт. Аата Васильев Алексей Никонович диэн» (С.Т. Боескоров. Көстүбэт күүс кистэлэҥэ).

Өссө биир түгэҥҥэ тохтоон ааһар наадалааҕынан ааҕабыт. Ньыыкан ойуун уонна Алыһардаах удаҕан үөһэттэн туох эрэ ситимнээх курдуктар. Ньыыкан Аанаттан 50 сыл буолан баран төрөөбүт. Аана 1933–1934 сс. диэки өлбүтэ диэн буолар. Ньыыкан кини кэнниттэн эмиэ 50 сыл буолан баран өлбүт. Өлөрүн чугаһыгар Анна Ивановна Борисоваҕа (1-кы Лүүчүнтэн төрүттээх) эппит: «Мин өллөхпүнэ, санаам хоту дьаһайар киһим суох». Онуоха Аана быраатыгар Өлөксөйгө этиэх буолбут. Оҕонньор сүрдээҕин үөрбүт. Бэс ыйын 6 күнүгэр Өлөксөй икки уус дьону кытта Ньыыканнаахха тиийбиттэр. Түүкээн үрэҕиттэн тахсар от үрэххэ, мас тииттэрдээх томтор арыыга сытыахтаах сирин мас анньан бэлиэтээн биэрбит. Өлөксөйдөөх 3,5х3,5 м2 иэннээх сири 3 м дириҥнээх гына хаһан, маһы сирэйдии суоран, дьиэ курдугу туппуттар. Сытар сирин ырааһа 3х3 м2 буолбут. Оҕонньор хоруобун уурарга муостаттан 70 см үрдүктээх былыргылыы түөрт маһынан сыҥаһа орон оҥорбуттар. Киирэргэ-тахсарга анаан этээстээх дьиэ кирилиэһин курдук кирилиэс оҥорон туруорбуттар. 1984 с. муус устар 9 күнүгэр Ааналаах Өлөксөйгө «түргэнник кэлиҥ, мөлтөхпүн» диэн ыҥыртарыы кэлбит. Ньыыкан 1984 с. муус устар 11 күнүгэр сырдык тыына быстыбыт. Хоруобун сыҥаһа ороҥҥо уурбуттар, кирилиэс диэки төгүрүк остуолу, биир олоппоһу туруорбуттар. Остуолугар тыыннааҕар мэлдьи тута сылдьар үрүҥ көмүс дуйдаах табакеркатын, үрүҥ көмүс үрүүмкэтин, биир бытыылка ханньааҕы уурбуттар. Ол кэнниттэн биэстии-алталыы киһи киирэн, оҕонньору кытта бырастыылаһан тахсыбыттар.

Алексей Иванович Борисов аҕата Иван Михайлович Алыһардаах Аана ииппит уола. Аана толору аата Анна Дмитриевна Иванова, кэргэнинэн араспаанньатынан докумуоннарга Павлова, сороҕор Борисова диэн суруйаллар. Кэргэнэ Сыгынньах Ойуун-Николай Павлов иитиллибитинэн Нээтийэ Ойуунтан (Маһары сиэнэ, Кылыыһыт Ойуун уола) иһэр. Нээтийэ уолаттарын араспаанньата Борисовтар. Оччотугар Сыгынньах Ойуун толору аата Николай Павлович Борисов буолан тахсар. Ол иһин Аана ииппит уолун Уйбааны араспаанньатын Борисовынан суруйтарбыт (дьиҥнээх араспаанньата Трифонов).

Ньыыкан бюһун 1-кы Лүүчүнтэн төрүттээх скульптор Прокопий Гаврильевич Слепцов босхо оҥорон Ороһу музейыгар туттарбыта. Санатар буоллахха, Борокуоппай Алыһардаах Аана аймаҕа. Аана биир аймаҕа М.П. Григорьев архыыптан Ньыыкан миэтирикэтин булан бу ыстатыйаны суруйбутум. Ити мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо. Ааналаах Ньыыкан аймахтыы да буоллахтарына, киһи соһуйбат. Көтөрдөөххө (Үөһээ Бүлүүгэ) 1700 с. диэки Лүүчүнтэн ыаллар кэлэн олохсуйбуттара докумуоннарынан бигэргэнэр. Олор истэригэр Бакы Одукеев баар. Биһиги сабаҕалыырбытынан, Бакы – Тыгын убайын Ника сиэнэ, Одукей уола. Уһун Ойууну-Одукейы (Үөдүгэйи) 1642 с. нууччалар ыйаан өлөрбүттэрин кэннэ, уола Бакы Лүүчүннэргэ кэлэн олохсуйбут. 1660-с сылларга 60-ча биэлээҕэ, 5–6 хамначчыттааҕа биллэр. 1782 с. ревизия кинигэлэригэр Дьөккөн уонна Үөдүгэй буоластарыгар үс уолун аата киирбит. Одукей биир быраата Селбясин диэн ааттаах. Үһүйээҥҥэ Сиикэй Сэлбээһин уола Быыгынас ойуун уолаттарын Мүөҕү Бөҕөнү уонна Халан Тулааһыны Үөһээ Бүлүү сиригэр олохтообута диэн буолар. Сэһэҥҥэ Мүөлүтэр Охтоох Мүөгү Бөҕө Үөдүгэй буолаһын бастакы кинээһэ диэн хаалбыт. Бу уолаттар Одукей быраатыттан Сэлбээһинтэн тымыр-сыдьаан тардан иһэллэрэ буолаарай? Аны биир бырааттарын Тукунай Одукеев уола Тения Тукунаев ыччаттара Бэдэрэҥ-Федеряшка уонна Тулааһын-Туласын Кэбээйи улууһун Ньидьили нэһилиэгин икки улахан аҕа ууһун төрүттээбиттэр (А.И. Эверстов). Онон Одукей үс уолун ыччаттара тутуспутунан кэлэн бу түөлбэҕэ олохсуйбуттар. Бу сабаҕалааһыннар төһөлөрө сөбө биллибэт. Ити барыта улахан үөрэтиини эрэйэр.

Сахаҕа дэҥҥэ төрөөн ааһар, айылҕаттан ураты айдарыылаах, норуот уһулуччулаах Эмчитэ Ньыыкаан Ойуун-Никон Алексеевич Васильев үтүө аатын үйэтитэргэ архыып докумуоннарыгар, ахтыыларга, суруйууларга олоҕуран бу ыстатыйа сурулунна. Ол гынан баран кини олоҕо-дьаһаҕа ситэри сырдатыллыбата, чопчуламматах, быһаарыллыбатах эбэтэр тэнитиллибэтэх сыыһа-халты өйдөнөр түгэннэр аҕыйаҕа суохтар. Онон бу талааннаах эмчит «таайыллыбатах таабырыннарын» салгыы чинчийиигэ, ситэрэн-хоторон биэриигэ инники өттүгэр элбэх үлэ күүтэр. Былыргыны саппыт былыттары сыҕарытан, ытык киһибит аатын үйэтитии – билиҥҥи көлүөнэ төлөрүйбэт иэһэ!

Г.Н. Саввинов, М.П. Григорьев
Бадыл Ойуун

Саха сирин уһулуччулаах эмчит ойууна Георгий Герасимович Герасимов (Васильев) – Бадыл ойуун төрдүн-ууһун үөрэтиибитин ахтыылартан саҕалыыбыт.

Бастакы ахтыы (В.А. Кондаков). «…Ойуун быһыытынан судургутук, быһаччы ыарыыны эмтииргэ кыырара, үтүөкэннээх сөҥ куолаһа, иччилээх-илбистээх тыла-өһө дьон болҕомтотун тардара. Араас оспот баастары, искэннэри, көрөр буолууну биирдиитэ домноон эмтэтэлээн, хам силлэтэлээн оһортоон, дьону, ойууннары даҕаны олус сөхтөрбүтэ. Эмтииригэр «көмөлөһөр уолаттарын» ыҥыртаан, ыарыыны үүрэрэ. Салгын абааһытын салытара, дьаҥы-дьаһаҕы дьалбарытара. Атын ойууннар да, отоһуттар да кыайбатах ыарыыларын эмтиирэ. Ыраас буолууга (уҥуох сөтөлүгэр) көтүппэт эмтээҕэ. Арыгылааһыны, иириини, сүрэх-тымыр, сүһүөх уо.д.а. ыарыылары эмтиирэ. Кыайан кэлэн эмтэммэт дьону таҥастарынан эмтиирэ, оҕоломмот дьоҥҥо оҕо тардара. Алгыыра. Сэрии саҕана сэриигэ барааччылары алҕаабыта-силээбитэ, элбэх киһиэхэ көмөлөспүтэ. Бары кэриэтэ тыыннаах эргиллибиттэрэ. Ап-хомуһун (гипноз) көмөтүнэн ыарыһахтарын ыраахтан эмтиирэ, үрүҥ куба буолан эбэтэр атын кыыл-сүөл буолан тиийэрэ. Бэйэтин олорбут кэмигэр Саха сирин биир саамай күүстээх ойууна Г.Г. Герасимов Айыы тыыннаах, Үөһээ Сырдык Эйгэни кытта ситимнээх Улуу ойуун быһыытынан үтүө өйдөбүлэ, саха норуотугар куруутун тыыннаах, дьоҥҥо көмөлөһөр сүдү күүстээх».

Иккис ахтыы . Дьарааһынап эдэригэр кугас уһун өрүүлээх баттахтааҕа үһү. Кыырарыгар онтун ыһан баран уот иннигэр илгиһиннэҕинэ, уот таһыгырыы-таһыгырыы ыһыллара үһү. Савва Васильевич Васильев-Мукучай Саабата Дьарааһынап балтын кэргэн ылан күтүөт буолар. Элбэхтик Дьарааһынап кыырарыгар кутуруксуттуур. Кини Саабаттан туох уота ыһылларын ыйыппытыгар анарааҥҥыта сонньуйан баран: «Ол баҕас таах харах баайыыта буоллаҕа дии», – диэбит. «Кыырарыгар чыҥха атын киһи буолан хаалара, куйахам дьырылаан тугу да гынарбын билбэт буоларым, чахчы көмөлөһөөччүлээҕэ, кыыра туран дьону иһиллэтэрэ, оччоҕо таһырдьа ыт үрэрэ, улуйара, «муннугунан киирдилэр, таҕыстылар» диэтэҕинэ муннук хачыгырыыра. Дьиэ үрдүн буора саккырыар диэри дьиэ сааллара», – диэн Сааба кэпсиирэ.

Үһүс ахтыы. Дьөгүөрдээх Сааба Ньурба сиригэр биир хас да ыаллаах алааска кэлбиттэр. Хоммут ыаллара син кыанар дьон эбит. Сарсыарда турбуттарыгар дьиэ хаһаайына: «Бүгүн хоммуккут суотугар маста мастаһыҥ», – диэбит. Дьарааһынап киһитигэр бэлиэ биэрэн, дьааһыйа-дьааһыйа, таһырдьа тахсыбыт. Сааба: «Ити киһи сөбүлэһиэ суоҕа – улуу киһи. Хата туохта эмэ көрүүлэннэр, эбэтэр чугаһынан ыарыһах баар дуу?» – диэбит. Бэйэтэ мастаһа тахсыһыах буолар. Чочумча буолан баран Дьөгүөр төннөн киирэр. Дьиэлээх киһи сулбу-халбы таҥнан таһырдьа тахсар уонна күөс быстыҥа буолан баран төннөн киирэр. Сотору соҕуһунан бөрө тириитэ саҥыйахтаах кырдьа барбыт киһи киирэр, солуобатыгар чэйдииллэр. Чэйдээн бүтэллэрин саҕана кэлбит киһи төрөппүт кыыстара төбөтүнэн таарымталанарын, күһүөрү кыһын хаайа сылдьыбыттарын кэпсиир. Дьөгүөр кыыс сааһа хаһын, кэргэннээҕин дуу, суоҕун дуу ыйыталаһар. Олорбохтоон баран, «көрөн» көрөргө сөбүлэһэр. Ол ыалга атынан бараллар. Дьиэҕэ киирбиттэрэ: киэҥ нууччалыы оһохтоох дьиэ эбит. Соҕуруокка кэннигэр хаппахчыга ытыыр дуу, ыллыыр дуу саҥа баарга дылыта үһү. Ийэлэрэ, саас ортолоох сылайбыт-илистибит көрүҥнээх дьахтар, бэлэм турар остуолга чэй кутар. Дьөгүөр кэһиэхтээх сөҥ, модун куоластаах – дьиэ доргуйан олорор. Чэйдээн бүтэн баран, кыыстарын киэһэ көрөрүн дуу, билигин көрөрүн дуу ыйыталлар. «Ааһан иһэр дьоммут, тиэтэйэбит» диэн, тута көрүөх буолар. Кыыстарын хаппахчыттан таһаараары гыммыттарын тахсыбатах, онон Дьөгүөр киирбит. Туох көрүү-истии буолбутун көрбүт-билбит суох. Чочумча буолан баран Дьөгүөр төннөн тахсар. Таһырдьа Саабатыгар этэр: «Итиччэ сааһын сиппит кыыһы халыым-сулуу туһугар хаайан буортулаабыттар. Ити баҕас үтүөрэр ыарыы», – диэн баран мүчүк гынар. Уһата-кэҥэтэ барбакка кэпсээтэххэ, ити ыалга хас да хоноллор. Кыыс үтүөрэн хаалар, ийэтин кытта ынах ыаһар буолар.

Айан дьоно салгыы айанныыллар. Аһаан-сиэн сынньаммыт дьон сулбу соҕустук баран испиттэр. Биир күн киэһэлик биир ыалга кэлэллэр. Тэлгэһэҕэ ат бөҕөтө турар. Сорох аттар лаппа тириппиттэр: ыраахтан кэллэхтэрэ. Дьөгүөр мөҥүттэйдээх муруннаах, туоһахталаах сүүстээх хара аты сөбүлүү көрөр. Саабаттан ыйытар: «Эн биһикки хаһааҥҥа диэри сатыы сылдьабытый?» – диэн. Сатыы сылдьаллара да син курдук, тоҥмоттор, ат көлүнэр, аһатар бадьыыс суох. Турдулар да, бардылар. Аһаатылар да, утуйдулар. Дьарааһынап ат арҕаһын илиитинэн имэрийэр. Дьиэҕэ киирбиттэрэ: киһи бөҕө хаартылыы олорор. Дьиэлээхтэр киирбит дьону хаҥас диэки ыҥыран чэйдэтэллэр. Дьарааһынаптаах сынньанар аатыран, муостаҕа тэлгэммит окко сыталлар. Бүтэһик киһини кытта оонньуох буолан сүбэлэһэллэр. Сарсыарданан элбэх саҥалаах хара киһи барыларын сүүйтэлиир. «Били дьон тоҕо оонньооботтор, ыал кэринэ сылдьар дьон дуу?» – дэтэлиир. Ити тыл кыһыттаҕа: туран оонньууллар. Дьарааһынап уон солкуобайын «ат буолан кэлээр» дии-дии үстэ ууран биэрэр, сүүттэрбит аатыран тохтуур, Саабата оонньуур. Ылса-бэрсэ олорон, хара киһи кумааһынньыгын остуолга быраҕар, «сыаналаа» диэн буолар. Дьөгүөр буугунай тойонун куду анньар, Сааба хап-сабар «хаҥас сиэпкэ бэтириис» диир. Хара киһи хаартытын таһаарар, буугунай тойоно уу-маас ылар, сиэп көрүүтэ буолар, хата харчыта аҕыйах буолар. Онно Дьарааһынап уолугун сиэбиттэн халыҥ тирии кумааһынньыгы остуолга быраҕар. Хара киһи ааҕан иһэн тохтуур. «Сыарҕалаах аппын икки сабыыга ити бэйэм кумааскыбар уурабын», – диэн туран кэлэр. Биһиги дьоммутугар ол эрэ наада. Сааба хаартытын тыптаан баран, били буугунайын тойонугар уурар. Хаарты тахсыбытыгар Сааба нэс муҥутаан иҥиэттэн эрэ кэбиһэр. Сирэй кэтэх туора тууһа тахсар, Дьөгүөр ойон турар, «Баар!» диэбитинэн хаартытын тиэрэ тутар. Уурбут тойоно туора тууһа буолбутун Сааба сөҕөр. Ол күнтэн ыла сыарҕалаах аттаналлар. Харчыларынан саҥыйах, курумуу, холуоһа атыылаһаллар. Харчыларын үллэстээри аахтыбыттара, Дьарааһынап тирии кумааскытыгар солкуобайа да суох эбит, арай дьаарыстыы тутуллубут, кырыллыбыт хачыгырас чэй, хаһыат кумааҕыта буолан хаалар. Онон ат Дьарааһынапка, кумааскылаах харчы Саабаҕа тиксэр.

Биир сиргэ Сунтаарга, сибиэмийэҕэ, хоноору олордохторуна, дьон бөҕө дьиэҕэ кутулла түһэр. Билсиһэн-көрсүһэн баран, олохтоохтор мас тардыһарга этии киллэрэллэр. Сааба мас тардыһартан мас-таас аккаастанара үһү. «Тарбаҕым кылгас, мастара модьу буолааччы, олгуобуйа тостубутун эрбээн киллэрээччилэр. Арай бэйэм саҕа киһилиин быа тардыһыам этэ», – диир. Оччолорго санаттахха, этии киллэрбит киһи туохха сүүйсэллэрин эппэт, сөбүлэспит өттө сыана быһар эбит. Олохтоохтор үөрэ түһэллэр. Арай сыанатыгар биир атах эти сөбүлээбэтэх көрүҥнэнэллэр. Дьарааһынап: «Биһиги куму-дьими дьоммут, ат түөрт атахтаах, бүтүөр диэри оонньуохпут», – диир. Тардыһыы буолар, кэлии киһи аан тас өттүгэр олоруохтаах. Анарааҥҥылар киһилэрэ сула уһун киһи аан ис өттүгэр олорор. Сааба: «Таска олорор киһи төбөм тоҥуо», – дии-дии бэргэһэтин кэтэн быатын баанар. Тардыһыы бөҕө буолар, дьон үмүөрүһүүтэ үлүгэр. Сааба тэбинэн турар атаҕын биир киһи төлө анньар, Сааба баран иһэн өрүһүнэн төбөтүнэн холуодаҕа сааллар. Үөгүү-хаһыы, айдаан бөҕөтө буолар. Төлө аспыт киһи илиитин Дьарааһынап бэгэччэгиттэн харбаан ылар да ыыппат, кинилэр эмиэ тардыалаһа түһэн ылаллар. Ол быыһыгар нөҥүө илиитинэн Саабатыгар тирэх ылынарыгар көмөлөһөр, онто өрүһүнэн, тирэҕин булунан, дьэ холкутуйар. Кылана түһэн баран, түөрэҥнээн холуоданан үөһэ тахсар, киһитин туруору тардан ылар. Мөккүөр буолар, быраабыланы кэстэ диэн сакылааттарын биэримээри гыналлар. Анарааҥҥылар атаҕы төлө аспыттара да ахтыллар. Дьарааһынап били киһи илиитин ыыппакка турарын дьэ көрөллөр. Киһитэ: «Сакылааты биэрэбит илиибин ыыт», – диэн көрдөһөр. Онон биир киһини атах эккэ ыыталлар. Эт кэлбитин оһох иннигэр эргитэ сылдьан ириэрэн эттииллэр. Олгуйга буһаран, эмис сылгы этин бары үөрэ-көтө аһыыллар. Онно биһиги дьоммут атах эттэрэ суоҕа биллэн хаалар, көлүнэн иһэр аттара түөрт атахтааҕа, онон толунуохтаахтара эмиэ ахтыллар. Дьарааһынап «атах эппит барбыта буоллар, биһиги тустар санаалаах этибит» дэтэлиир. Илиитин туттарбыт киһи тустууну утарар, анарааҥҥыларын тустуохтарын баҕарбыттарын саба саҥарар. Дьонугар: «Харым уҥуоҕун тосту тута сыста», – диэбит үһү.

Төрдүс ахтыы. 1-кы Күүлэккэ 80-нун ааспыт Өндөрөй диэн кырдьаҕас кэпсээбитэ. Кини туран-олорон, бултаан-алтаан муҥутаан сылдьар кэмигэр Дьарааһынаптыын билсибит. Дьыл оройо, булт-ас тутахсыйбыт аас-туор кэм этэ. Ордук булдунан олорор сордоох, булда суох буоллаҕына, аччыктаабакка. Өлүү-сүтүү оннуктан тахсара. Биирдэ Өндөрөй кэлбитигэр киэһэ оҕонньор уотун иннигэр олорон кутурбут. Онтон тохтоон чочумча саҥата суох олоро түһэн баран: «Ол сиргэ икки тайах турар, сарсын онно бар. Сыыһа туттаайаҕын, тыһыта үөккэ кыбылла охтууһук, атыыр утары сытар», – диэбит. Өндөрөй итэҕэйбэтэр да барбыт. Суолун ортотугар биир суор иккитэ халыйтыы-халыйтыы ситэн ааспыт. Оҕонньор эппит сиригэр тиийэн иһэн сабыс-саҥа тайах суолугар кэтиллибит. Көрө түспүтэ – тыһы тайах турар эбит. Ону биинтэ саанан ыппытыгар, тайаҕа тыаҕа ойбут. Иккистээн түргэн үлүгэрдик саатын ииттэ охсубут. Көрбүтэ, тайаҕа утары иһэр эбит. Түөһүн тылын кыҥаан ыппыта, тайаҕа ойон иһэн охтон түспүт. Өндөрөй тайаҕын сүлэн, иһин сүгэн төннүбүт. Кэлбитигэр оҕонньоро: «Атыырын сүлэҕин, тыһытын миэхэ ирээттээн сүлбэккин дуо?» – дии тоһуйбут. Өндөрөй соһуйуу бөҕө буолбут. Ол түүн аһаан утуйан баран, сарсыарда эрдэ тайахтарыгар барбыттар. Оҕонньор эппитин курдук үөккэ кыбылла түспүт тайаҕы биэс уонча саһааннаах сиртэн булбуттар. Бэлэм тоҥмут хайыһар суолунан эттэрин сүгэн таспыттар. Ол дьыл Өндөрөй өссө түөрт тайаҕы өлөрбүт, онон оҕолордуун сылы тахсыбыттар. Хас да сыл оннук бултаан иккиэн абыраммыттар. Биирдэ Өндөрөй дьиктиргээн Дьарааһынаптан ыйыппыт: «Тоҕо бэйэҥ сылдьыбаккын эбэтэр итиччэ билэр эрээригин тоҕо бэйэҥ бултаабаккын?» – диэн. «Ханнык да ойуун, ичээн көрүүлэнэн билбитэ бэйэтигэр туһалаабат. Туһаннаххына, ол оччону ночоотураҕын, сэттээх-сэлээннээх буолар», – диэбит.

Дьэ итинник аҕыйах сыллааҕыта Маҥаастан сылдьарбын истэн Өндөрөй кэпсээбитэ. Кини онно элбэҕи кэпсээбититтэн биири холобурдуубун: «Ити сылларга саамай айылҕалыын, үрдүкү күүстэрдиин алтыспыт кэмэ этэ. Ким тугу гынарын, ырааҕыттан-чугаһыттан тутулуга суох, көрөн турар курдук кэпсээн биэрэрэ. Табахпыт бүтэн хааллаҕына «көтүтэн» аҕалара. Ити иһити эбэтэр өһүө баһын көрөн сыт эрэ диир буолара. Көрө сыттахха, өһүө быыһыттан хачыгыраан, кыбылла-кыбылла сэбирдэх табах тахсан кэлэрэ, хата тартахха, амтана эрэ сымсах буолара. Ону «ити көннөрү харах баайыыта» диирэ. Дьиҥнээх табаҕы иһит иһигэр эбэтэр табах саппыйатыгар баар гынар этэ. Бултаабыт булпун аҥаардыырым, үксэ кини көмөтө буоллаҕа диэн, тугар да барытыгар олус дьэллэмэ, бу маны хойут-кэлин диэбэтэ. Биирдэ апка-хомуһуҥҥа үөрэт диэбиппин, «эйиэхэ туох да суох, онно үөрэннэххинэ, мин курдук эрэйи көрүөҥ» диэн буолумматаҕа.

Биирдэ оҕонньор өлбүтэ уонча сыл ааспытын кэннэ түүлбэр киирбитэ: «Сааһырарыҥ чугаһаата, муҥхата тэрин, сырыы кыаллыбаттыҥы буолуо мантан антах». Мин буоллаҕына ахтыбытым сүрдээх, барсаары гынабын. «Эн билигин барсыбаккын, үйэҕин туолуоҥ, антах киһи ордугургаабат сирэ. Күн сирин саҕа үчүгэй-кэрэ ханна да суох», – диэбитэ уонна сүтэн хаалбыта. Онтон ыла муҥха тэринэн муҥхалыыр буолбутум, билигин хайа баҕарар таҥабын, оҥоробун», – диэн аҕыйах саҥалаах ытык кырдьаҕас айаҕа аһыллан кэпсээбитэ.

Бэһис ахтыы. Биирдэ Спиридон Алексеевич Алексеев-Буулдьа Испирдиэн кэпсээн турардаах. Тыаһыт уола Сэргэй көрсө түспүт. Аҕа дойду сэриитэ буола турар кэмэ эбит. Сэргэй сахаҕа сайаҕас-чаҕаан киһи үһү. «Эн биһиккини аныгыскы хомуурга ылаллара буолуо, дьээбэҕэ Дьарааһынапка бара сылдьыахха, туох диир эбит», – диир Сэргэй. Үлэ быыһа буолан, туос иллэҥ дьон Харбаалаҕа тиийэллэр. Оҕонньор баарыгар түбэһэллэр, ону-маны кэпсэтэн баран, «баран кэлиэххит буоллаҕа дии, кыра баас-үүт хайдах суох буолуоҕай» диэбит. Кырдьык, эппитин курдук, Испирдиэн тарбаҕар, тыҥатыгар баастаах, Сэргэй курдары ыттаран эргиллибиттэр этэ. Кэлин ыал буолан оҕо-уруу төрөппүттэрэ. Ол эрээри иккиэн да оһолго былдьаммыттара.

Алтыс ахтыы. Биир сайын Дьэпсэй Ньукулаайап маннык кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын.

Дьэпсэй сырыы бөҕөнү сылдьыбыт киһи. Холкуос туруу үлэһитэ этэ. Кыра үөрэхтээх быһыылааҕа. Эдэригэр атыыһыттыы сылдьан, лааппы үбүн итэтэн, хаайыылана эҥин сылдьыбыт. Тэп курдук сэһэннээх, кэпсээннээх буолааччы. Дьарааһынап оҕонньордуун чугастык билсэр, эн-мин дэһэр доҕордуу-атастыы кэриэтэлэр үһү. Сотору-сотору оҕонньорго ыарыһахтары эҥин илдьэ кэлэр-барар эбит. Ол сылдьан оҕонньорго хонон-өрөөн хаалар, арыт аһаан-сиэн аамайданар буоллаҕа.

Саас, хаар ала-тала буолуута, биир оннук сырыытыгар таба тириитэ тэллэҕэр түрдьэлэнэн сууламмыт утуйар таҥаһа сыарҕаттан түһэн аара хаалбытын билбэтэх. Саатар, орто холуочук айаннаабыт буолан, сүтүгүн баардылаабатах. Икки хас хонон баран, эмтэтэ хаалбыт үлэхтээх дьонун дэриэбинэҕэ аҕала ыҥыыр атынан барбыт. Таарыйа утуйар түрдьэ таҥаһын көрдөөн булбатах. Үнүр холуочугар тэптэрэн, быһалыыр аатыран, онон-манан суола суох сиринэн айаннаабытын санаан, хаста да суолтан туораталаан көрдөөбүт да, мэлийбит. Биир оннук туорааһыныгар охто сытар арбаҕар бэс төбөтүгэр туран чэпчэтиммит. Ол туран дьээбэрэн: «Бадыл ойуун, ойуумсуйарыҥ бэрт дии, утуйар таҥаһым ханна сытарын булан кулу», – дии-дии наадатын толунан бүтэн, онно-манна уҥа-хаҥас көрүөлээмэхтээбит да, таҥас мэлигир эбит. Хайыа баарай, көннөрү оҕонньордооххо тиийэр. Оҕонньоро тиэргэҥҥэ көрсөр:

– Таҥаскын булбатыҥ дуу? Мээнэ киһигин ээ. Муҥар, уун-утары сэпкин таһааран туран, киһини куһаҕан ааппынан ыҥыраҕын. Бэйэҥ буоллаҕына таҥаһыҥ үрдүгэр тэстэ сыстыҥ эбээт. Ээ, сэбиҥ да диэхтээн, аатыгар эрэ буолаахтаатаҕа, – диэн күлэн күһүгүрэппит.

– Ама, доҕор, көрдүү сатаабытым да…

– Куһаҕан киһи кулгааҕа кутуругун төрдүгэр дииллэр дии. Оччоҕо оттон харалҕан киһи хараҕа халаабыһын анныгар буолара буолуо. Хата баран иһэҥҥин ол сиргэр тохтоон, ылан ааһаар, – диэбит.

Дьэпсэй төннөн иһэн, кырдьык, били бэһин аттыттан утуйар таҥаһын булан ылар. Оруобуна чэпчэтиммит сириттэн биэс-алта хаамыылаах сиргэ бэс төрдүгэр сытара үһү.

«Бастакы сырыыбар хайдах көрбөтөҕүм эбитэ буолла. Киһи олоотуурун саҕаны мин да олоотуу сатаабытым», – диэн сөҕөн чыпчырынан эрэ кэбиспитэ.

Сэттис ахтыы. Мария Николаевна Тимофеева диэн киһи олох олорон ааспыта. Марияны өссө Улахан Маарыйа дииллэрэ. Аҕалара Саллар Ньукулай кыргыттарын Улахан, Оччугуй Маарыйалар, Өрүүнэлэр, Ааналар диэн абааһыттан муннаран ааттаталаабыт. Оччолорго сири-уоту өртөөн, солоон оҥостор кэмнэрэ этэ. Ол өрт уота сиргэ иҥэн сытан (хаста да быһыллыбытын үрдүнэн), тыалга күөртэнэн, окко киириэх эрэ иннинэ ойуурга тахсан баһаар буолар. Нэһилиэк дьоно бары турунан үс күн умуруора сатыыллар да, кыаллыбат. Тыалга күөртэнэн, дьону эрэ былдьаабат. Баҕа Сиэбит үрэҕиттэн эргийэн дэриэбинэҕэ киирэр, тула ойууру барытын сиир. Дьон кур отторун, хотоннорун, дьиэлэрин маныыллар. Саах сыбахха, киигэ кыым түстэ да умайан барар. Иһит барыта уулаах буолуохтаах. Оччолорго Ньукулай кыргыттара сиппит дьон, сорохторо ыал буолбуттар, үлэни кыайар-хотор хоһуун үлэһиттэр. Дэриэбинэ тулата ойуур кытыастан олорор уот. Дьон кыыма-төлөнө бэрт буолан былааттарын ууга уган, илитэн баран, бүрүнэ сылдьаллар. Улахан Маарыйа икки ыаҕаһынан Матыыттан уу баһа барар. Уу баһан баран эмискэ Дьарааһынап оҕонньору ыҥырыахха диэн санаа көтөн түһэр. Ол курдук ыҥыран баран, наһаа чэпчээбит курдук буолар. Уутун баһан, дьиэтигэр кэлэн сылабаарын өрөр. Ол кэмҥэ илинтэн тыалыран буруо арыый дьайҕарар. Арай көрбүтэ, хоту диэкиттэн арыы былыт иһэр эбит. Сылабаар оргуйарыгар былыт Харбаала үрдүгэр кэлэр. Уонна этиҥнэнэн-чаҕылҕаннанан барар, халлааннарын бүрүйэр. Сылабаардарын дьиэҕэ киллэрэн чэйдиир саҕана самыыр ыаҕастаах уунан кутан барар, тобурах кытта түһэр. Бүтүн күөс быстыҥа ардаан уоту умулларар. Самыыр астыыта күн тыган барар, ыраах хоту диэки этиҥ этэн «киҥинэйэр». Дьон-сэргэ олус үөрсэллэр, «Оҕонньор кэлэн барда быһыылаах», – диэн отур-ботур кэпсэтэллэр. Ол кэннэ үс күн утуйбакка үлэлээн, сылаалара таайан сылбахтыы охтон утуйан хаалаллар.

Георгий Герасимов төрдүн туһунан, билиҥҥи туругунан, икки сабаҕалааһын баар. Уола Сэмэн В.А. Кондаковка кэпсээбитинэн, төрүттэрэ Өлүөхүмэттэн, Наахара аҕатын ууһуттан кэлбиттэр. Оттон Е.Е. Васильев биһиэхэ кэпсээбитинэн, тоҥус ойуунуттан хотторон Кыргыдайтан үс ойуун: Угаалаах, Ходьооһой Охонооһой, Күлбүһэх дьонунаан 1-гы Үөдүгэй Түүлээх аҕатын ууһун сиригэр кэлэн олохсуйбуттар. Кырдьык, кини төрүттэрэ кэлии дьон дииллэрэ оруннаах. Бу нэһилиэккэ 1782, 1795 сс. ыытыллыбыт биэрэпистэргэ кинилэр ааттарын булбатыбыт. Онтон 1816 с. биэрэпискэ Георгий Герасимов дьоно испииһэккэ бүтэһик ыал иннигэр эрэ киирбиттэр. Онон кини дьоно 1812 с. биэрэпис иннигэр аҕай эрэ көһөн кэлбиттэр диэн сабаҕалааһын оруннаах курдук.

Бадыл ойуун биһиэхэ биллэр түгэх өбүгэтинэн Бобпол Курчагин-Прокопий Дмитриев (1755–1838 сс.) буолар. Кэргэнэ Бобпогнур-Ирина Текеева (1771–1830 сс.) хантан төрүттээҕэ биллибэт, уолаттара: Константин (1798 с.т.), Ачачы Василий (1805 с.т.), Тигилян-Николай (1812 с.т.); кыргыттара: Кыбпаяг (1798 с.т.), Кыстара (1799 с.т.). Кыргыттар хайа түөлбэҕэ тиийэн, ханнык аҕа ууһун тэниппиттэрэ биллибэт. Улахан уол Константин утуму салгыах ыччаты хаалларбыта биллибэт. Оттон Ачачы Баһылай олоҕун оҥостубут, кэргэнэ – Авдотия Семенова, оҕолоро: Иван (1822 с.т.), Дмитрий (Алексей) (1825 с.т.), Максим (1841 с.т.), Мария (1831 с.т.), Агафия (1834 с.т.) уонна Матрена (1848 с.т.).

Ыал улахан уолун Уйбаан кэргэнэ Агафия Афанасьева (1827 с.т.), уолаттара Герасим (20.04.1859 с.т.) уонна Николай (02.02.1876 с.т.), кыргыттардааҕа биллибэт. Герасим-Күлбүһэх Ойуун улахан ичээн, эмчит киһи эбит. Е.Е. Васильев этэринэн, кэргэнэ Кырыкыйтан төрүттээх Кыһыл Оҕонньор кыыһа Екатерина эбит. Архыыптан көстүбүт докумуон кэрэһилииринэн, Герасим Иванов 1891 с. тохсунньу 28 күнүгэр 1-гы Үөдүгэйтэн Дмитрий Алексеев кыыһа, 25 саастаах Екатерина Дмитриевна Алексееваны кытта бэргэһэлэммит. Миэтирикэлэрэ көстүбүт оҕолорун ааттара – Матрена (18.01.1897 с.т.), Вера (11.01.1898 с.т.), Георгий (15.03.1899 с.т.) уонна Степан (27.04.1901 с.т.).

Георгий дьоно Мас Арыылаахха олорбуттар. Кини кыра эрдэҕиттэн үөһэттэн айдарыылааҕа биллэн барбыт. Георгий оҕотук сылдьан улаханнык ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбутугар ийэтэ Кэтириинэ Ходьооһой Охонооһой ойууну ыҥыттаран аҕалан көрдөрөр. Кырдьаҕас бэркэ чинчийэн, көрөн-истэн баран, улахан ойуун үөскээн эрэр эбит, эттэтэ сытар, куттанымаҥ диэн уоскуталаабыт. Георгий өр ыалдьыбыт, онтон кэмэ кэлэн буолуо, атаҕар туран былаайах быстарар, дүҥүр оҥорторор, ойуун таҥаһын-сабын тиктэрэр. Ол кэнниттэн Георгий дойдутугар, икки Бүлүүнэн, Ньурбанан, Сунтаарынан кэрийэ сылдьан дьону эмтиир үгэстэммит. Сотору кини аата үс Бүлүүгэ киэҥник биллибит (В.А. Кондаков). Саҥа былаас Георгий ойууннаан дьону эмтиирин боппута, куолаһын быспыта. Ол иһин Түҥ өрүс арыытыгар киирэн балаҕан туттан, уора-көстө чып кистэлэҥинэн дьону эмтиирэ. Максим Васильев суруйарынан, Георгий киһи быһыытынан кэпсээннээх-ипсээннээх, көрдөөх-күлүүлээх, сайаҕас-сайдам, дэлэгэй-дэллэм, бэйэтин лаппа кыанар күүстээх киһи эбит. Түҥ өрүскэ олохсуйбут арыытын аатын үйэтитэн «Дьарааһынап арыыта» диэн ааттыыллар.

1969 с. ыам ыйын 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуоннааҕы норуодунай суут уурааҕынан, Бадыл ойуун эмтиирэ тохтотуллубута, көҥүлэ биир сыл усулуобунайдык быһыллыбыта. Былаас уларыйбытын кэннэ Георгий Герасимов ортоку уола Семен сүүрэн-көтөн туруорсан, аҕатын үтүө аатын чөлүгэр түһэрбитэ. 1993 с. сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Суута Үөһээ Бүлүүтээҕи норуодунай суут 1969 с. уурааҕын көтүрбүтэ.

Георгий Герасимов икки кэргэнтэн (иккис кэргэнэ Мария Даниловна Иванова, Томпоох Тайыла кыыһа) уон оҕолоох: Василий, Варвара, Алексей, Николай, Петр, Семен, Варвара, Вера, Василий, Мария.

Билигин Георгий Герасимов-Бадыл ойуун үтүө аата чөлүгэр түстэ, төрөөбүт норуотугар төнүннэ. Үтүө эмчит, үгүс киһини ыарыыттан, өлүүттэн-сүтүүттэн быыһаабыт киһи быһыытынан оҕолоро, биир дойдулаахтара кининэн киэн тутталлар.

Ачачы Баһылай орто уола Миитэрэй (Өлөксөй) ыал буолбута биллибэт, киниэхэ сыһыаннаах докумуоннары архыыптан булбатыбыт. Онон кини салаатын манан быһарга күһэлиннибит. Кыра уол Максим кэргэнэ Матрена Прокопьева сааһынан эриттэн уон сыл аҕа, соҕотох Николай (06.09.1875 с.т.) диэн уоллаахтар. Уоллара 1894 с. тохсунньу 10 күнүгэр Кырыкыйтан Мария Прокопьевна Филиппованы (1873 с.т.) сүгүннэрэн аҕалбыт. Архыып докумуоннарыгар ааттара көстүбүт икки оҕолоохтор – Трофим (12.05.1914 с.т.) уонна Феодора (10.09.1916 с.т.). Бастакы Үөдүгэй нэһилиэгэр 1917 с. хаһаайыстыбаннай биэрэпискэ суруллубутунан, Түүлээх аҕатын ууһун киһитэ Николай Максимов 90 саастаах аҕатынаан Күбэйиҥдэҕэ олороро бэлиэтэммит. Оҕо-уруу суох, дьиэтин-уотун, сүөһүлэрин (уопсайа уон) 33 саастаах дьахтар көрөн олороро ыйыллыбыт (НА РС(Я). Ф.343-и. Оп.4. Д.614). Аны Бастакы Үөдүгэйгэ 1923 с. аҕа уустарынан аттаран ыытыллыбыт биэрэпискэ, Түүлээх аҕатын ууһугар Николай Максимов аата киирбит (НА РС(Я). Ф.87-р. Оп.1. Д.106). Кэргэнин аата Анисия (1882 с.т.), оҕолоро: Спиридон (1909 с.т.), Дария (1911 с.т.), Ульяна (1915 с.т.), Дормидонт (1920 с.т.). Оттон 1927 с. Маҥааска ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ кини ааттара киирбитин булбатыбыт.

Ачачы Баһылай быраата Тигилээн Ньукулай утумун үөрэтиигэ киирэбит. Биир сахалыы аата Бопол (аҕатын аата киниэхэ көспүт) диэн. Икки холумтан сылааһын билбит киһи быһыылаах: маҥнайгыта – Катерина Саввина (1821 с.т.), иккиһэ – Матрена Саввина (1827 с.т.). Икки кэргэнтэн оҕолоро: Иван (Андрей) (1837 с.т.), Настасья (1843 с.т.). Архыыптан Феодосия Иванова кэргэннээх, Герасим (20.02.1888 с.т.) диэн уоллаах Иван Николаев докумуона көһүннэ. Бу уол номоххо ахтыллар Холто Дьарааһын буолуо дуо? 2017 с. «Бичик» кыһатыгар тахсыбыт «Ойууннар, удаҕаннар, норуот эмчиттэрэ» кинигэҕэ Холто Дьарааһыны Күлбүһэх ойуун инитин уола диэбиттэр. Түүллээх, биттээх эрээри, ситэ дьарыктамматах. Оһоҕос бааһын үс күн иһинэн оһорбута биллэр.

Холто Дьарааһын туһунан өссө биир сабаҕалааһыны киллэрэбит. Нэһилиэккэ 1899 с. ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ Түүлээх аҕатын ууһугар 42 саастаах Герасим Егоров огдообо баара суруллубут, соҕотох 16 саастаах Мария диэн кыыстааҕа ыйыллыбыт. Аны 1917 с. биэрэпискэ «андылаабыкка» олороро бэлиэтэммит. Бу иннинэ аҕай, 1907 с. тохсунньу 19 күнүгэр, 2-с Боотулууттан Анна Петрова диэн огдообо дьахтары сүгүннэрэн аҕалбыт. Аана 30 уонна 15 саастаах икки уоллааҕа, 25 саастаах кийииттээҕэ суруллубут. Дьарааһын кыыһа Маарыйа билигин да кэргэн тахса илигэ бэлиэтэммит. Саха ыалын сиэринэн уопсайа 18 сүөһүнү кыстатаары сылдьаллар эбит. Бу Дьарааһын Андрей (1891 с.т.) диэн уоллаах эбит. Андрей Герасимов Егоров 1914 с. тохсунньу 8 күнүгэр 2-с Боотулууттан 18 саастаах Павла Дмитриева Семенованы кытта бэргэһэлэммиттэр. Кыргыттарын (икки Маарыйалар) миэтирикэлэригэр Холто уола диэн чопчулаан биэрбиттэр. Андрей Холто кэргэнин Аана уола да буолуон сөп, иитиллибитинэн Герасимов буолан хааллаҕа. Аймахтара быһаарыахтара диэн эрэнэбит.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации