Текст книги "Үс Бүлүү айдарыылаахтара"
Автор книги: Сборник
Жанр: Документальная литература, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 30 страниц) [доступный отрывок для чтения: 10 страниц]
Биһиги дьолбутугар, улуу эмчит Н.А. Васильев-Ньыыкан тыыннааҕын баттаһа, кини олоҕун, эмтиир дьоҕурун документальнай киинэҕэ устан үйэтиппит, өлбөт тыыннаабыт киһинэн Латвия аатырбыт кинодокументалист-режиссера Андрис Слапиньш буолар.
Биһиги дойду орто уонна аҕам саастаах дьонноро 1981 с. сайыныгар Латвияттан Андрис Слапиньш диэн өрүкүйбүт хойуу куудара баттахтаах элэккэй эдэр киһи Боотулууга бэйэтин айар бөлөҕүн кытта кэлэн, эмчит Ньыыканы киинэҕэ устан барбытын өйдүүр буолуохтаахтар.
Андрис Слапиньш Рига куоракка 1949 с. ахсынньы 29 күнүгэр төрөөбүт. Киинэ устааччы уонна киинэ режиссерун идэлэрин баһылаабыт, Латвийскай ССР Ленинскэй хомсомуолун бириэмийэтин (1983), Ереваҥҥа ыытыллыбыт Бүтүн Сойуустааҕы киинэ фестивалын «Бастыҥ режиссура иһин» бириэмийэтин (1986) уонна Брюсселга буолбут искусство уонна археология тустарынан норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалын «Бастыҥ режиссура иһин» бириэмийэтин (1989) ылаттаабыт оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус кинодокументалистикатын биир саамай биллиилээх, ааттаах-суоллаах специалиһа этэ.
1980–1985 сс. Латвийскай СРС Наукаларын Академиятын норуодунай киностудията, ССРС Композитордарын сойууһун иһинэн норуот музыкальнай айымньытын үөрэтэр Бүтүн Сойуустааҕы хамыыһыйа Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын былыргы итэҕэллэрин, ойууннааһыннарын, норуодунай медициналарын үөрэтэр сыаллаах «Dream Times-Времена сновидений» («Төлкөлөөх түүллэр кэмнэрэ») диэн документальнай киинэни устарга саҥа бырайыагы бэлэмнээн барбыттара. Айар бөлөх салайааччытынан эдэр гынан баран бэлиэр ааттаах-суоллаах Андрис Слапиньш анаммыта. Документальнай киинэ уһуллуутугар консультант-экспертэринэн дойду биллиилээх учуонайдара этнограф Елена Новик, музыковед Эдуард Алексеев үлэлэспиттэрэ.
Киинэ түгэннэрин В. Никифоров «Саха сирэ» кинигэтигэр суруйан киллэрбит: «Үрүҥ ырбаахылаах киһи тэйиччи турара көстөр. Онтон атахтарын төбөтүгэр оҕолуу чэпчэкитик дугунан, туллук курдук элэстэнэн кэлэн, тиэргэн ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Бу – сүүс саастаах Ньыыкан оҕонньор ньирэйи ынахтан күөйэр быһыыта. А. Слапиньш киинэҕэ Ньыыканы 98 саастаах диэн этэр. Оператор-режиссер Ньыыкан эмтиир ньымаларыттан хааннааһыны сиһилии устан көрдөрөр. Сааһыра барбыт эр киһи олоппоско олорор. Ол гынан баран этикети тутуһар быһыылаах, ыарыһах сирэйин-хараҕын аһаҕастык көрдөрбөт. Эмчит ыарыһах тириитин скальпелынан (бириитибэнэн дуу) хайа сотор даҕаны хаан тахсыбат, онно сүөһү муоһуттан оҥоһуллубут хаанныыр тэрилин уурар, онтон хайаҕаһын арыйан чупчуруйан обороро уонна бүөлүүрэ олус чуолкайдык көстөр.
Биир түгэҥҥэ Ньыыкан хороччу улаатан эрэр уол оҕону төбөтүн илбийэ (массажтыы) турар. Онуоха режиссер: «Бу оҕо бииргэ төрөөбүт быраата эмиэ хараҕынан көрбөт үһү. Ньыыкан аҕыйах сеансын кэнниттэн уол барыгылдьытан көрөр, өҥү-дьүһүнү араарар буолла», – диэн сөҕөн-махтайан саҥарара иһиллэр. Киинэ устатын тухары кырдьаҕас наар саҥарар, сороҕор ботугуруур даҕаны, онто комментарийданар буолан, ис хоһоонун киһи өйдөөн-дьүүллээн истибэт.
Кэрэхсэбиллээх өссө биир түгэн баар – икки ытык кырдьаҕас кэпсэтиилэрэ. Комментарийга Никита Алексеевич Парфенов (Куобах Ойуун) диэн ааттаах үөлээннээҕэ кэлэн олороро эмиэ Ньыыкан курдук эмчит буолара этиллэр. Сэрэйдэххэ, эдэр сылдьан ойууннаабыттарын сэһэргэһэллэр быһыылаах. Билэр дьон этэринэн, Сунтаар Күндэйэтин кырдьаҕаһа эбит, хаҥас хараҕа эргэлээх. «Кини кута – чөкчөҥө», – диир режиссер. Онтон Ньыыкан: «Олус тутайбыты төннөрөр уустук, бэккэлээтэҕинэ, өлөр ыарыылаах киһи олоҕун сыл эбэтэр сыл аҥаара уһатыахха сөп», – диэн ис хоһоонноохтук, баары баарынан малтаччы этэрэ иһиллэр».
«Времена сновидений» этнографическай киинэ бастакы вариана 1987 с. Эстония Пярну куоратыгар 1-гы Норуоттар икки ардыларынааҕы аудиовизуальнай антропология фестивалын бирииһин ылбыта.
Бу Сибиир уонна Уһук Илин ойууннарын тустарынан хатыламмат сэдэх киинэ, хомойуох иһин, сиппэккэ хаалбыта. Ааптар Андрис Слапиньшы ССРС үрэллиэн иннинээҕи Латвиятааҕы айдааҥҥа, 1991 с. тохсунньу 20 күнүгэр Рига киинигэр телеоператор Гвидо Звайгзнелыын үлэлии сырыттахтарына, иккиэннэрин ОМОН снайпердара ытан өлөрбүттэрэ.
Елена Сергеевна Новик – биллиилээх сэбиэскэй уонна российскай фольклорист уонна антрополог, Россия судаарыстыбаннай гуманитарнай университетын научнай үлэһитэ, филологическай наука доктора (1941–2014 сс.). Кини олохтон барыар диэри Сибиир норуоттарын былыргы төрүт дьарыктарын, итэҕэллэрин, култуураларын дириҥник үөрэппит бөдөҥ учуонай буолар. Ойууннааһын ис тутулун, кыырыы, кутуруу тылын-өһүн, ойууннар ис туруктарын сиһилии үөрэтэн туһунан кэнсиэпсийэ оҥорбут ааптар этэ. Туох баар бары кэтээн көрүүлэрин, үөрэтиилэрин Сибиир уонна Уһук Илин устун элбэх фольклорнай-этнографическай экспедицияларга сылдьан, дойду биллиилээх кинодокументалистарын кытта визуальнай-антропологическай чинчийиилэргэ кыттан, оччолорго өссө да баар ойууннар, удаҕаннар кыырыыларын, кутурууларын эт кулгааҕынан истэн, уу хараҕынан көрөн ураты баай матырыйаалы хомуйбута. 1980–1985 сс. «Времена сновидений» диэн документальнай киинэни устуу кэмигэр, 1981 c. сайын Боотулууга кэлэн, Ньыыканы кытта көрсөн, кэпсэтэн, улуу эмчит тылын-өһүн, олоххо көрүүлэрин истэн-билэн, эмтиир ньымаларын көрөн-истэн астынан барбыта.
Бу бырайыак биир саамай көхтөөх кыттааччытынан «Времена сновидений» документальнай киинэ уһуллар сылларыгар элбэх экспедицияларга сылдьыһан Сибиир уонна Уһук Илин олохтоох омуктар этническэй музыкаларын, оннооҕу ойууннар, удаҕаннар кыырар, турукка киирэн кутурар кэмнэригэр араас кыыллар-көтөрдөр саҥаларын үтүктэн таһаарар дорҕооннорун, ырыаларын-тойуктарын, дүрбүөн дүҥүрдэрин, кумуларын иччилээх тыастарын чинчийээччинэн биһиги биир дойдулаахпыт, биллиилээх этномузыковед, искусствоведение доктора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын академига Эдуард Ефимович Алексеев буолбута. Э.Е. Алексеев 1937 с. ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускай куоракка төрөөбүт-үөскээбит, манна улааппыт, үөрэммит киһи. Төрөппүттэрэ иккиэн үтүөлээх учууталлар. Аҕатынан Мэҥэ Хаҥалас Тыыллыматыттан төрүттээх. Өссө 1960-с сылларга Москваҕа судаарыстыбаннай консерваторияны бүтэрэн, онтон ССРС НА искусство историятын Институтугар аспирантураны бүтэрэн баран, бастаан Дьокуускайга, онтон уһун кэмҥэ Москваҕа Искусство историятын институтугар үлэлээбитэ. Билигин Америкаҕа Бостон куоракка олорор уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы институкка үлэлиир. Научнай интэриэһэ – антропофоника. Ол эбэтэр киһи куолайынан таһаарар араас дорҕооннорун, ырыалар араас көрүҥнэрин, саҥаны-иҥэни, тыаһы-ууһу үөрэтэр.
Саха музыкальнай култууратыгар, фольклорга сыһыаннаах элбэх научнай кинигэлэр уонна ыстатыйалар ааптардара. Фольклористика уонна музыкальнай социология диэн уустук хайысхаларга үлэлэһэр. Биллиилээх композитор Герман Комраковы кытта «Манчаары туһунан ырыа» («Песнь о Манчаары») операны, саха поэттарын тылларыгар элбэх ырыаны, романсы, хор ырыатын айбыта. Эдуард Алексеев норуот ырыаһыта Устин Нохсоороп ырыаларын нотаҕа түһэрэн грампластинка оҥорон үйэтиппит, норуодунай артыыс Христофор Максимов ырыаларын хомуурунньугун бэлэмнээн бэчээттэппит, саха култууратыгар суураллыбат үтүөлээх ытык киһибит буолар.
Ньыыкан кырдьаҕас туһунан уһуллубут киинэни көрдөөммүн, аан бастаан Эдуард Ефимовиһы интернет нөҥүө булан суруйсаммыт, түмүгэр кини мин көрдөһүүбүн быһа гыммакка, Андрис Слапиньш огдооботуттан Наталья Дюшентан көҥүл ылан баран, бу уникальнай киинэ икки аҕыйахтыы мүнүүтэлээх кылгас кэрчиктэрин (биирэ өҥнөөх, иккиһэ – үрүҥ-хара) ыытан, аҕыйах сыллааҕыта улахан бэлэҕи оҥорон турар. Эдуард Ефимович көмөтүнэн Ньыыкан кырдьаҕас ытык мөссүөнүн, субу тыыннаах аттыбытыгар баарын курдук көрөр, саҥатын истэр дьолломмуппут. Улахан үөрэхтээх, үрдүк култууралаах, дьиҥнээх интеллигент, аан дойду учуонайдара лаппа билинэр уонна сүгүрүйэр киһилэрэ сүрдээх боростуой уонна алтыһарга аһара аламаҕай майгылаах буолан улаханнык үөрдүбүтэ.
Эдуард Алексеев бу киинэ дьылҕатын туһунан маннык этэн турар: «Бу уустук дьылҕалаах киинэ. Андрис бу киинэтигэр ОМОН снайперын буулдьатыттан өлүөр диэри күүскэ үлэлэһэ сылдьыбыта. Ол иһин киинэ хас да варианнардаах. Хомойуох иһин билиҥҥи хаачыстыбалара мөлтөхтөр. Ол эрэн «Dreamtime» (Времена сновидений) тупсарыллан, саҥаттан тыын ылан салгыы өссө да үлэлиэ диэн бигэ эрэллээхпит».
Эдуард Ефимович бу биһиэхэ олус наадалаах киинэ дьылҕатын уонна билиҥҥи туругун туһунан итинник сыаналаабыт. Оттон ити эрэнэ этэрэ оруннаах курдук. Бу кэнники түөрт-биэс сыл устатыгар Слапиньш огдообото Наталья Дюшен уонна кини биир санаалаах доҕотторо бу киинэни цифровой төрүккэ көһөрөргө үлэлэһэн түмүктээн эрэллэр. Оччоҕо толору форматтаах цифровой киинэҕэ норуот улуу эмчитин Ньыыканы өссө төгүл көрөр дьоллонуохпут.
Биһиги ытык кырдьаҕаспытын бүтүн Россияҕа тиийэ билиһиннэрбит биир үтүөлээх киһинэн Дмитрий Владимирович Букин буолар. Дмитрий Владимирович идэтинэн энергетик уонна инженер-экономист. Кини 1935 c. Приморскай кыраай Артем куоратыгар төрөөбүтэ. 1947 с. Москва куоракка олохсуйбута, онно бастаан энергетическэй техникуму бүтэрэн баран, С. Орджоникидзе аатынан инженернэй-экономическай институту ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит. Үөрэҕин кэнниттэн олоҕун бүттүүнүн дойду энергетическэй ситимин сайыннарыыга анаабыта. Саха сиригэр 1968 с. Мирнэй оройуонугар ананан кэлэн, Якутскэнерго Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэрин кылаабынай инженеринэн үлэлээбит. Бу сылларга Бүлүү ГЭС-тын бастакы уочаратын үлэҕэ киллэрии күүрээннээх күннэрэ этилэр. Д.В. Букин быһаччы салалтатынан Саха сирин арҕаа оройуоннарын электроэнергиянан хааччыйыы үлэтэ ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. Талааннаах бөдөҥ салайааччыны Д.В. Букины 1975 с. аны Саха сирин соҕуруу өттүгэр Нерюнгри куоракка тутулла турар саҥа ГРЭС дириэктэринэн анаан ыыппыттар.
Бэйэтин сөбүлүүр идэтинэн олус табыллан үлэлии сырыттаҕына, 1986 c. Украина сиригэр Чернобыллааҕы АЭС-ҕа ынырыктаах саахал тахсыбыта.
Бу алдьархайдаах авария содулларын туоратарга, дойду үрдүнэн саамай үрдүк кылаастаах специалистары хомуйтаан Чернобыль оройуонугар ыыппыттар. Дмитрий Владимирович ол онно быыһыыр үлэлэр бырайыактарын салайыынан дьарыктаммыт, тус бэйэтинэн авария содулларын туоратар үлэлэргэ барытыгар быһаччы сылдьыспыт. Ол түмүгэр сүрдээх улахан радиационнай облучениены ылан 2-с группалаах инбэлиит буолбут. Чернобыллааҕы авария содулларын туоратыыга көрдөрбүт тус хорсун быһыытын иһин Дмитрий Владимировиһы 1998 с. «За мужество» уордьанынан наҕараадалаабыттар. Төһө да доруобуйатыгар ыар охсууну ыллар, Дмитрий Владимирович эр санаатын ыһыктыбакка, аны суруйар идэнэн дьарыктанан барбыт. Ол курдук Саха сиригэр үлэлээбит сылларын санатар: «Пироп – спутник алмазов», «Долина Олонгро», «Линия жизни» курдук бэртээхэй кинигэлэри суруйталаабыта.
«Пироп – спутник алмазов» 1995 с. Москва куоракка тахсыбыт кинигэтигэр Дмитрий Владимирович Ньыыкан кырдьаҕаһы кытта Боотулууга хайдах көрсүбүтүн туһунан маннык суруйбут:
«В селе Ботулу мне представили этого знаменитого человека, я увидел крепкого старика и подумал, наверное ему лет шестьдесят, и ошибся – целителю было в то время 90 лет. Глаза его молодо блестели, моя персона явно вызвала у него любопытство. Я предложил новому знакомому сфотографироваться, он охотно согласился, а после съемок любезно пригласил в дом на чаепитие….
Никон пригласил меня на охоту, и я с благодарностью принял приглашение, надеясь поснимать его на природе. Сборы были недолгими, и вот мы добираемся до его охотничьей избушки. Зимовье Никона расположено в 100 километрах от села, в нем сухо и чисто, все увешано травами, корешками. Пока добирались до избушки, Никон проверил ловушки и петли. В один из его капканов попал соболь, в петле был заяц. В общем, начало охоты было многообещающим. Быстро разделав зайца, он разжег огонь в печурке, и в скором времени ужин дымился на столе.
Ранним утром старик был уже на ногах, как две его неразлучные спутницы. На вид собаки были свирепыми, но со стариком они были ласковы, поднявшись на задние лапы, старались лизнуть его в щеку, заглядывали ему в глаза. Никон был одет в меховую куртку, меховые штаны и высокие унты. По довольно глубокому снегу старик двигался словно мальчишка легкими прыжками, увидев рябчика или белку, он вскидывал тозовку и уверенно поражал их с первого выстрела…
Совсем недавно на ысыахе в Таттинском улусе и я увидел его фото, которое показалось мне знакомым – оказывается, это я в те далекие годы снимал его. И еще знатоки говорят, что его снимки обладают экстрасенсорными свойствами. Так я стал обладателем уникальных фотографий, заряженных его энергией…»
Ньыыкан эмтиир ньымаларыттан суруйууларНикон Алексеевич бэйэтэ: «Ыарыы диагноһыгар сыыһыам диэн куттаммаппын. Хата соҕотох от көстөн биэрбэккэ киһини эрэйдиир», – диэн этэр эбит (К.Д. Уткин). Аныгы быраастары: «Итиччэлээх үөрэхтээх, аныгылыы диагностическай аппаратуранан сэбилэммит дьон төһөлөөх ыарыһаҕы атын диагноһы туруоран эминэн бэргэтэллэрий, сыыһа эмтииллэрий, тоҕо киһилии үөрэммэттэрэ буолуой?» – диэн улаханнык астымматын, хомойорун этэр эбит (К.А. Акимов).
Билигин эмтиир ньымаларыгар кыратык тохтоон ааһабыт. Бастатан, хааннааһыны кыайа-хото туттара. Муоһунан хааннаан элбэх дьону үтүөрдүбүтэ. Таһынааҕы ыалыттан доруобуйа харыстабылын миниистиригэр тиийэ кэлэн хааннарын баттааһынын, арамачыыстарын, систэрин, төбөлөрүн ыарыытын ыллаттаран, чэпчээн бараллара.
Боотулуу олохтооҕо механизатор З.М. Обулахов Т-100 тыраахтарынан Үөһээ Мөрөөйүнэн, Күндэнэн, бэрт киэҥ, ыраах сирдэринэн суол анньан, уонча хонукка сылдьан ыалдьан аҥаар атаҕынан хаампат буолан кэлбит. Онтон Боотулууга оҕонньорго таарыйбыт. «Көрөөт: «Хайа, тоҕо доҕолоҥнуугун?» – диэбитигэр өттүгүм хаамтарбат диэн эттим. «Чэ, ыстааҥҥын уһул» диэн буолла. Онуоха уһулан баран аттыгар олоппоско олордум. Оҕонньор тыыппакка эрэ көрөн баран эттэ: «Нохоо, көр эрэ бу, ыалдьар атаххын». Онуоха өйдөөн көрбүтүм – биир буутум кыһыл, биирим кумааҕы курдук маҥан эбит. Онтон толкуйдаан баран: «Чэ, хаанныыбын», – диэтэ. Мас ытарчанан ытыртаран баран, быһах төбөтүнэн хайа аста уонна муоһун олордон кэбистэ. Онтон муоһун ылан баран көрдөрбүтэ – биир таммах хаан суох, ол оннугар барыта чэлкэх, симэһин. Ол курдук үстэ муоһун ууран баран былаастырдаан кэбистэ. Ол курдук атаҕым үчүгэй буолан тохсунньуга үлэбэр тахсыбытым…» (Боескоров).
Улуу эмчит лаппа баһылаабыт ньымаларыттан биирдэстэрэ – хааннааһын.
Иккис эмтиир ньымата – отоһуттааһын. Отунан-маһынан өрдөөҕүттэн эмтиирэ. Ханнык ыарыыга туттарын билээри от төрдүн амсайан, бу ыарыыга эмп буол диэн туспа тыллаан алгыс этэн баран, биирдэ хомуйар эбит. Оттору холбуу оҥорон туспа эмп эмиэ оҥороро.
Ньыыкан гипноһунан туһанан күҥҥэ икки эрэ киһини эмтиирэ, оттон атыттарын, ыалдьааччы ыарыытын көрөн олорор буолан, эмп оҥорон эмтиирэ. Илиитин сылааһынан имэрийэн, илбийэн эмиэ эмтиирэ, ол аата, аныгылыы эттэххэ, биотога улахан буолан тута үтүөрдэрэ.
Паралиһы, ревматизмы, атах, илии ыарыыларын, колиттары холбуу биир ньыманан эмтиирэ. Ыарыһаҕынан бэс ыйын саҕана хатыҥ сэбирдэҕин собо тылын саҕа буолуута хомуйтарар. Онтон кураанах маһы мастатан баран, икки миэтэрэ уһуннаах, балтараа миэтэрэ кэтиттээх, 60 см дириҥнээх оҥкучаҕы хастарар. Кураанах уһун мастары уматан кэбиһэр уонна чоҕо сөҕүрүйүөр диэри тарҕаттарар. Ыарыһаҕы хомуллубут сэбирдэҕинэн сыгынньахтыы суулаан баран, таҥаһынан кэлгийэн, төһө сүрэҕэ тулуйарынан сөҕүрүйбүт чох үрдүгэр усталыы сытыарар. Онно иһинээҕи тууһуҥ, кирдээх ууҥ, күлүҥ барыта сэбирдэххэ оботторуллан үтүөрэргэ бараҕын.
Сахалыы эмтээһиҥҥэ түөннээһини табан туттара, уҥуох тостуутун чарчылаан тутара. Кыратык быһара-оторо. Кутургуйаны хайытан, бохсуруйан кэбиһэрэ. Улахан, испит бааһы бириитибэнэн быһан баран, отунан эмтиирэ. Улаханнык быһыахпын-отуохпун баҕарарбын улахан быраастарым күҥҥэ 3–5 киһини эмтиирбин көҥүллээбиттэрэ диэн, ону тутуһар этэ (И.Е. Иванов).
Бэйэтэ кэпсииринэн, кини аҕыйах кэмҥэ дүҥүрдэнэн, былаайахтанан кыырар буола сылдьыбыт. Онтун бастаан кутурук салайааччыттан саҕалаабыт. Ол идэтин былаас боборунан, дьон оччо итэҕэйбэт буолбутуттан сылтаан бырахпыт (К.А. Акимов).
Манна өссө биир ахтыыны киллэриэххэ наада. Тюрколог, филология наукатын кандидата, СГУ доцена, СӨ үтүөлээх үлэһитэ Ю.И. Васильев-Дьаргыстай Дьокуускайга 2008 с. тахсыбыт «Ньыыкан» кинигэҕэ «Тыл иччилээх» диэн ыстатыйата киирбит. Юрий Иванович Ньыыкан оҕонньор биир дьикти этиитин кыбыппыт: «Аан дойду олоҕун, төлкөтүн-дьылҕатын тутан олорор уон икки тыл баар. Ону барытын билэр киһи орто туруу дойдуну барытын баһылыыр кыахтанар. Билиҥҥитэ ол уон икки тылтан сэттэтэ биллэр үһү. Биллибэт биэс тыл баар дииллэр. Миэхэ хас да сыллааҕыта соҕурууттан биир үөрэхтээх киһи анаан кэлэ сылдьан «ол биллибэт тыллартан биир тылын эн билэҕин, этэн кулу» диэн араастаан көрдөһө сатаабыта. Ону мин тоҕо этиэхпиний? Онон ол киһи тугу да билбэккэ төннүбүтэ».
Ньыыкан оҕонньор ол ханнык тылы билэрэ уонна эппэтэҕэ буолуой? Дьикти буолбатах дуо?
Юрий Иванович аҕата Ньыыкантан: «Эн эмтиир күүһүҥ туохханый?», – диэн ыйыппытыгар «тыл» диэбит. Тыл иччилээх диэн быһаарбыт. «Ол ханнык тылый?» диэбитигэр «эппэппин» диэбит. Дьэ итинник. Тылы тус сөптөөх миэстэтигэр эбэтэр анал туһаайан, ис дьиҥнээн, ис тыыннаан, иччилээн эттэххэ, бэйэтэ туспа аптаах тыл курдук иччилэнэр, илбистэнэр күүстээх буоллаҕа диэн түмүккэ Юрий Иванович кэлбит. Ол иһин, тугу саҥараҕын даҕаны да, бэйэҕэр оннук төннүөҕэ, үтүөнү эппитиҥ бэйэҕэр үтүөнэн эргиллиэҕэ, куһаҕаны саҥарбытыҥ бэйэҕэр куһаҕанынан эргиллиэҕэ диэн этэр буоллахтара.
В.А. Кондаков «Ойуун эмтиир ньымалара» кинигэтигэр: «Эмчит ойуун туспа эйгэлээх, эмтиир дьайыылаах, анал алгыстаах, ураты эмтиир ньымалаах буолар. Оннук киһи тутта-хапта сылдьарыттан даҕаны ыарыһах сэргэхсийэн үтүөрбүтүнэн барар», – диэн суруйар. Ити тыллар барылара Ньыыкаҥҥа сыһыаннаахтар, кини Владимир Алексеевич ырыппыт ойуун эмтиир 12 ньыматын үгүстэрин толору баһылаабыт киһинэн буолар. Наука доктора Н.Д. Архипов суруйарынан: «Саха норуотун медицинатын Бүлүү сүнньүгэр олохтоох икки оҕонньор – Г.Г. Герасимов, Н.А. Васильев быыһаатылар. Кинилэр дьону харса-хабыра суох эмтээбэтэхтэрэ буоллар, туох да хаалыа суох этэ, ойууннааһын искусствота, култуурата уонна норуот медицината даҕаны».
Н.А. Васильев айылҕаттан бэриллибит мындыр өйдөөх эмчит буоларын көннөрү дьон этэрин таһынан быраас идэлээхтэр эмиэ билиммиттэр. Доруобуйа харыстабылын миниистирэ П.А. Петров кинини норуот эмчитин быһыытынан бүк эрэнэн эмтииригэр көҥүл биэрбит (К.Д. Уткин).
В.К. Лукин суруйарынан, 1964 с. саас Москваттан икки нуучча профессора көтөн кэлэн Ньыыкаҥҥа эмтэнэн барбыттар. Кими баҕарар эмтииригэр көҥүллэнэр диэн патент биэрбиттэр. Икки профессор иккиэн илии баттаабыттар, икки бэчээттээх. Мас араамаҕа уган, таастаан баран, оронун үрдүгэр ыйаабыт.
Аны медицина наукатын кандидата, ХИФУ доцена, оччолорго Боотулуу участковай балыыһатын бырааһа Е.Н. Тролукова туох диирин ааҕыаҕыҥ: «… Ол кэнниттэн, ыарыһах туга моһуогурбутун этэн, сүбэлиир-амалыыр. Кини, анал эмтиир үөрэҕэ суох киһи, аҥаардас эт мэйиитинэн, айылҕаттан дьоҕурунан, ымпыктаах үлэтинэн, кэтээн көрүүлэринэн дириҥ билиилэммит, саха омук үйэлэргэ муспут айылҕа үөрэҕин муҥутуур баайын илдьэ сылдьар, кыһалҕалаах дьону дьиҥнээхтик абырыыр, эмтиир дьоҕурдааҕын көрбүтүм, сөхпүтүм, билбитим».
Ньыыкан кырдьаҕас төрдө-ууһа архыып докумуоннарыгарНикон Алексеевич Васильев ийэтинэн сурукка киирбит түгэх өбүгэтинэн Кирилл Иванов (1732 с.т.) буолар. Боотулуу буолаһыгар 1782 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, кини икки убайдаах эбит. Убайа Егор Иванов Молжоев 1776 с. 73 сааһыгар өлбүт. Кэргэнэ, оҕото суох. Иккис убайын Алексей Ивановы огдообо диэбиттэр, киниттэн утуму салгыах ыччат хаалбатах. 1776 с. Бүлүү умнаһыгар ходуһа үллэстиитин биэдэмэһигэр суруллубутунан, Кирилл убайдарыгар Сырай уонна Бютюлдюя Молжоевтарга Чиҥнээниттэн, Чиҥнээни Бэрэтиттэн аҕыс күрүө оттуур ходуһаны сыһыарбыттар.
Кирилл Иванов кэргэнэ Дьокуускай таһынааҕы Наахара буолаһыттан Кутемей Сыкрин кыыһа Ульяна Семенова-Томорон (1749 с.т.). Ульяна эриттэн лаппа балыс, бука эрэ, аҕата Үөһээ Бүлүүгэ бултуу сылдьан, Кирили кытта билсиһэн, кыыһын кэргэн биэрбит буолуон сөп. Кириллээх Ульяна алта оҕоломмуттар. Сурукка киирбэккэ, инники-кэнники да төрөөбүт, баҕар, эрдэлээн да төннүбүт-туораабыт суоҕа буолуо диэн бигэргэтэр биллэн турар кыаллыбат. Орто кыыстара Кычека (1775 с.т.) 1791 с. Үөдэй буолаһын Кыһалҕа диэн ааттаах киһитигэр сүктэн барбыт. Онтон икки кыыстарын Саатыыр (1772 с.т.) уонна Варвара (1793 с.т.) кэлиҥҥи дьылҕалара биллибэт. Кыыс оҕо аналынан хайа эрэ түбэҕэ тиийэн-тиксэн, ханнык эрэ хаарыаҥҥа түбэһэн оҕо-уруу төрөтөн, хотун-хаан буолан атын аҕа ууһун хаҥатыстахтара. Кыргыттарын кэннэ үс уоллаахтар – Иван (1775 с.т.), Игнатий (1780 с.т.) уонна Петр (1790 с.т.). Кыра уол Петр-Бигэ дьиэ-уот тэриммитэ, киниттэн оҕо-уруу хаалбыта биллибэт.
Улахан уол Кут-Иван Кириллов (1777–1841 сс.) кэргэнин Агафьяны (1784–1841 сс.) биэрэпистэргэ хантан төрүттээҕин, ким кыыһа буоларын ыйбатахтар. Лаппа ыччатырбыттар: Петр (1810 с.т.), Василий (1822 с.т.), Федор (1823 с.т.), Алексей (1824 с.т.), Семен (1826 с.т.). Кыыс оҕолоохторо биллибэт.
Петр Иванов утумун үөрэтэбит. Сахалыы аата Тиэтэйбэт. Аксинья Васильеваны кэргэн ылан түөрт уолу төрөппүттэр: Касьян (1840 с.т.), Степан (1844–1853 сс.), Максим (1850 с.т.), Григорий (1852 с.т.). Үс кыыстаахтара (Анна, Анна, Авдотья) 1850 с. ревизия кинигэтигэр ааттара киирбит. Биһиги дьолбутугар, 1858 с. биэрэпискэ суруллубутунан, төһө да 17 саастаах буоллар, улахан уол Касьян ыал буолбут. Кэргэнэ Евдокия Иванова киниттэн үс сыл аҕата бэлиэтэммит. Манна биир кыра булкуур баар. Буурта аҕатын ууһугар биһиги киһибититтэн уон сыл аҕа Касьян Петров (1830 с.т.) эмиэ баар. Кэргэнин аата эмиэ сөп түбэһэр – Евдокия Иванова диэн. Бу Касьян 1858 с. кулун тутар 7 күнүгэр Боотулууттан Евдокия Иванованы (1835 с.т.) кытта бэргэһэлэммиттэр. Архыыптан алта оҕолорун миэтирикэлэрэ көһүннэ – Алексей (01.08.1860 с.т.), Павла (16.02.1867 с.т.), Михаил (02.10.1868 с.т.), Василий (10.05.1870 с.т.), Евдокия (07.02.1873 с.т.), Евдокия (14.02.1873 с.т.). Бу оҕолортон Павла туһунан Ньыыкан сиэн быраата Васильев Николай Егорович маннык суруйар: «…Чаанньык оргуйуор диэри чугастааҕыны сэһэргэспиппит, төрдүбүтүн-ууспутун ахтыспыппыт. Кини ийэтэ мин эбэбинээн бииргэ төрөөбүттэрин туһунан эппитэ. Ньыыкан оҕонньор биһиги эбэбитин Баабыла эмээхсини иһирэх, эйэҕэс тылынан ахтара» (2011).
Касьян Петровтаах бэргэһэлэниэхтэрин иннинэ Евдокия (1853 с.т.) уонна Мария (1855 с.т.) диэн кыргыттардаахтар эбит. Бу икки Евдокияттан (биир сылга, ыйга, сэттэ хонугунан араастаһан эрэ төрөөбүттэр) биирдэстэрэ Никон Алексеевич ийэтэ диэн сабаҕалыыбыт. Дьон кэпсииринэн, Евдокия Таҥнары Дьарааһын бииргэ төрөөбүт балта эбит. Архыыптан көстүбүт биир докумуон 40 саастаах Герасим Косьянов 1906 с. муус устар 28 күнүгэр 28 саастаах Степанида Максимованы (1-кы Боотулуу) кытта бэргэһэлэммитин бигэргэтэр. Оҕолорун икки миэтирикэтэ: Гаврил (14.02.1910 с.т.), Феврония (04.06.1912 с.т.) архыыптан көһүннэ. Биирдэстэрин миэтирикэтигэр таптал аатын «самалыктаан» киллэрэн үйэтиппиттэр. Аны нэһилиэккэ 1927 с. демографическай биэрэпиһи ылабыт. Онно 52 нүөмэринэн 66 саастаах Таҥнары Герасим дьиэтин хаһаайыстыбатын испииһэгэ киирбит. Кэргэнэ Степанида Максимова өлбүт, иккис кэргэнэ 42 саастаах Ульяна диэн эбит, 7 саастаах кыыстара Мария ыйыллыбыт.
Евдокия Касьянова 25 саастааҕар Нифонт (16.08.1898 с.т.) диэн уолу төрөтөр. Олохтоох сэһэҥҥэ былыр Көтөрдөөххө кэриим аҕабыытыгар үс оҕону сүрэхтэппиттэр. Аҕабыыт үһүөннэригэр Ньыыкан диэн аат биэрбит: кинилэри кэлин Таха Ньыыкана, Тарбах Ньыыкан, Ойуун Ньыыкан диэн арааран ааттыыр буолбуттар. Архыыптан ити сыл төрөөбүт өссө икки Ньыыкан миэтирикэтэ көһүннэ: Нифонт (20.03.1898 с.т., аҕата Николай Анисимов, ийэтэ Степанида Григорьева), Нифонт (12.10.1898 с.т., аҕата Гаврил Яковлев, ийэтэ Феодора Семенова). Нифонт Гаврильев сахалыы аата Таха. Онон Ньыыкан бу көстүбүт миэтирикэтэ дьон ахтыыларынан бигэргэнэр диэххэ сөп.
Степан Тимофеевич Боескоров «Көстүбэт күүс кистэлэҥэ» диэн Дьокуускайга 2014 с. хомуйан таһаарбыт кинигэтэ баар. Онно Орто Халыматтан Ньыыкан балтылара Христина уонна Раиса «Таайбыт Ньыыкан» диэн ахтыылара киирбит. Онно суруллубутунан, Огдооччуйа уолун Ньыыканы тымтайга уган, убайын Дьарааһын дьиэтин иннигэр олордон баран, ииттэр кыыһын Хобороону илдьэ тайҕаҕа күрэһэр. Манна кыра булкуур тахсыбыт. Христина уонна Раиса ийэлэрэ, Дьарааһын кыыһа Хобороо 2,5 саастааҕар ийэтэ өлөн, балтыгар Огдооччуйаҕа ииттэрэ биэрэр. Ол аата Дьарааһын ойоҕо Степанида Максимова 1915 с. өлбүт. Аны нэһилиэккэ 1917 с. ыытыллыбыт хаһаайыстыбаннай биэрэпискэ Көтөрдөөххө 60 саастаах Герасим Касьянов олороро ыйыллыбыт. Кэргэнэ – 36, уола – 19, оттон кыргыттара 6 уонна 10 саастаахтарын бэлиэтээбиттэр. Ийэтэ эмээхсин лаппа сааһырбыт, 90-на буолбут. Докумуоҥҥа ыйыллыбыт 19 саастаах уола бу Ньыыкан, оттон 6 саастаах кыыһа диэн Хобороо буолуохтарын сөп. 10 саастаах улахан кыыһа кэлин ханна да ахтыллыбат, өлбүт быһыылаах.
Ньыыкан уола Николай Никонович Васильев ахтарынан, аҕата эбэтигэр иитиллибит. Кырдьык, 1917 с. биэрэпискэ эбэтэ Евдокия Иванова уолугар Дьарааһыҥҥа олороро ыйыллыбыт. Кини сүрдээх кэпсээннээх, киэҥ көҕүстээх, улаханнык дьоҥҥо ытыктанар эмээхсин эбитэ үһү. Кини 116 сааһыгар өлбүт, бадаҕа, күһүн диэн суруйаллар. Архыыптан көстүбүт докумуоҥҥа кинини 96 сааһыгар 1919 с. бэс ыйын 30 күнүгэр өлбүтүн Көтөрдөөххө көмүс уҥуоҕун кистээбиттэр. Нэһилиэккэ 1858 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубут сааһыттан сэдиптээтэххэ, 81 сааһыгар өлбүт буолан тахсар. Бу да киһи сирбэт сааһа. Онон эбэтэ Ньыыканы ииппитэ диэн этии оруннаах, 60 саастаах эмээхсин бастакы сиэнин үөрүүнэн оҕолоотоҕо. Манна биир сыыһа суруйуу көнүөн наада. Таҥнары Дьарааһын кыргыттара Хобороо Маарыйатааҕар 8 сылынан аҕа этилэр, онон кини балыс диэн суруйаллара сыыһа эбит.
Христина уонна Раиса суруйалларынан, Огдооччуйа кэлин, тайҕаҕа олох-дьаһах мөлтөөбүтүгэр, Дүллүкү Адаҕалааҕар олохтоох Егор Михайлов диэн кыанар ыалга кийиит буолан киирбит. Ииттибит кыыһын Хобороону кытта сэргэ Капитон Михайлов диэн уолу үлэһитинэн ииттэллэр. Ол уол кэргэннэнэн, биир уол оҕолоох ыал олорон, 1941 с. сэриигэ баран өлбүт. Кийииттэрэ кэргэниттэн хат хаалан, иккиһин оҕолонон, дьонугар олорбут. Хобороо 9 сыл устата уҥуоҕунан ыалдьан сыппыта. Хаҥас атаҕа ыраас буолан, иҥиирэ барыта сытыйан, ириҥэнэн устан эрэйдэммитин кэннэ онно-манна эмтэтэ сатаан баран, таайын Ньыыканы ыҥырар. Ньыыкан кэлэн кыырбыт, көтөр тумсун курдугунан атаҕын бааһын оборбут. Онно сүөһүгэ үөскүүр тирии үөнүн курдугу оборон ылбыт, онтон үтүөрэн барбыт. Хобороо сэрии иннигэр Арбаҥда киһитигэр Дмитрий Федотович Бойлоховка кэргэн тахсан Христинаны уонна Раисаны төрөппүт. Христина идэтинэн буҕаалтыр, биэнсийэҕэ тахсыар диэри почта начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Алта оҕолоох. Раиса педучилище үөрэхтээх, кэргэнин дойдутугар Орто Халымаҕа баран үлэлээбитэ. Түөрт оҕолоох.
Аны 1928 с. 3-с Үөдүгэйгэ ыытыллыбыт демографическай биэрэпиһи (НА РС(Я). Ф.70. Оп.38. Д.526) ылабыт. Онно 21 нүөмэринэн 68 саастаах Егор киирбит, 58-таах кэргэнэ Евдокия, 14-тээх кыыһа Ховронья, 8-таах уола Капитон ыйыллыбыттар. Онон барыта орун-оннугар түстэ, архыып докумуоннарынан бигэргэннэ.
Улуу эмчит Никон (Нифонт) Алексеевич Васильев төрөппүт аҕата ким этэй? Бу билигин таайыллыбат таабырын буолбут быһыылаах. Ийэтэ Огдооччуйа дьүөгэлэригэр кэпсиирэ үһү: «Мин кыыс сылдьан дьикти баҕайытык ыарахан буолан Ньыыканы төрөппүтүм», – диэн (М.И. Гаврильева). Онтон Ньыыкан Михаил Афанасьевич Алексеевка (Бүлүү улууһа, Күүлэкээн) кэпсээбитинэн, биһигэ 2-с Күүлэт Амыдайыгар хаалбыт. Ахтыыттан ааҕыаҕыҥ: «Оччолорго 2-с Күүлэт Үөһээ Бүлүү оройуонугар киирсэрэ, онон манна Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан кэлэн олохсуйан, сүөһү ииттэн, бултаан олорбуттара. Манна Бордоҥ диэн элбэх киһи олорбут сирэ баар. Ньурба Бордоҥуттан кэлбит дьон олохсуйбут сирдэрэ. Онно Ньыыкан аҕата кэлэн, олохтоох Мээри диэн киһи эмээхсинин аймаҕын кэргэннэммит. Биирэ – Ньыыкан, иккиһэ – кыыһа Дьэбдьиэн. Бу кыыһы Баппат уола Иона диэн киһи кэргэн ылан сэттэ оҕоломмут. Ол оҕолоро билигин кэҥээн-тэнийэн, сороҕо манна, сороҕо атын сирдэргэ олороллор, үлэлииллэр». Бу сабаҕалааһын оруннаах да буолуон сөп. Кэлии киһи бэргэһэлэммэккэ эрэ олорон баран, дойдутугар да төннүбүт буолуон сөп.
Үгүс ахтыыларга Ньыыкан аҕатын Агдыаскай Өлөксөй дииллэр. Агдыаскай Өлөксөй-Алексей Васильев төрүт Оноҕоччут нэһилиэгин киһитэ. Огдооччуйа уолун Ньыыканы ийэтигэр хаалларан баран, Өлөксөйдүүн Бодойбоҕо «дьол көрдөһө» барсыбыт. Кинилэр Бодойбоҕо уһуннук бииргэ олорботохтор, Огдооччуйа арахсан баран хаалбыт. Өлөксөй дойдутугар төннүбүт. Ол кэмҥэ Оноҕоччукка, Мамырыйаҕа олорор Конон Григорьев (Бараах оҕонньор) ыалдьан өлөн хаалбыт. Боотулуу таҥаратын дьиэтин докумуоннарыгар Конон Григорьев өлбүтүн туһунан таҥара дьиэтин кинигэтигэр 1909 с. аҕабыыт Климент Заморщиков маннык суруйбут: «Умер якут Оногосчутского наслега Конон Григорьев «Барах Атах», 49 лет, от тифу. День смерти – 25 августа, день погребения – 26 августа».
Бу кэнниттэн, хаһана биллибэт, Бараах Куонаан өлбүтүн кэннэ кини эмээхсинин Агдыаскай Өлөксөй ойох ылан бииргэ олоро сылдьыбыттар. Ол туһунан «Боотулуулар» кинигэ 1-кы томугар: «…Өлөксөй Бодойбоҕо үс-түөрт сыл бырадьаагы сылдьан баран, кэргэнин Бодойбоҕо хаалларан, бэйэтэ эрэ дойдутугар төннөн кэлэн, Оноҕоччукка Чурус сиригэр олохтоох Бараах оҕонньор огдооботун кэргэн ылбыт. Онон Ньыыкан аҕатын батыһан Көтөрдөөхтөн Оноҕоччукка кэлэн олоро сылдьыбыта», – диэн суруллубут (П.С.Прокопьев).
«Боотулуулар» 2-с томугар Бараах Тайыла сиэнэ И.Т. Афанасьев суруйар: «Бараах Тайыла Эмчит Ньыыканы кытта Чурус сиригэр, ийэлээх аҕалара холбоһоннор, бииргэ иитиллэ сылдьыбыттар үһү. Ньыыкан Түҥтэн Боотулууга көһөн кэллэҕин күһүнүгэр эһэм Тайыла дэриэбинэҕэ килиэп ыла бара сылдьан, сүрдээхтик үөрэн кэлбитэ: «Ньыыкаҥҥа сырыттым, өйдүүрэ сүрдээх эбит: «Хайаа, убайым Бараах кэлбитин билбэккэ турар эбиппин дуу», – диэн баран остуолугар сиэтэн илтэ ээ…»
1918 с. от ыйын 18 күнүгэр Агдыаскай Өлөксөй өлбүтүн туһунан Боотулуу Николаевскай таҥаратын дьиэтин аҕабыыта Никон Сизых маннык суруйан хаалларбыт: «18 июля 1918 года помер Алексей Васильев-Агдескай, 62 лет, от сибирской язвы. Похоронен в местности «Муосааны».
Сэбиэскэй кэмҥэ Оноҕоччут нэһилиэгэр 1927 с. ыытыллыбыт маҥнайгы демографическай биэрэпискэ Бараах уолун Данил Кононович Григорьев дьиэ кэргэнин испииһэгэ 45 нүөмэринэн киирбит. Ийэтин Александраны 60 саастаах диэн ыйбыттар. Аны архыыптан Конон Григорьев уонна Александра Николаева кыыстарын Марина (10.10.1890 с.т.) миэтирикэтэ көһүннэ. Онон огдообо хаалбыт Бараах Куонаан эмээхсинэ Александра Николаева кэлин Агдыаскай Өлөксөйдүүн холбоһоннор, кылгас кэмҥэ ыал буола сылдьыбыт буолуохтарын сөп курдук.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?