Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 19 страниц)
– Рита, быһата, онно тиийэн маарыын эппиппин барытын көрөҕүн-истэҕин… Оччоҕо, баҕар, биһиги…
– Тугуй? – Татыйык сэрэхэдийбитэ. – Марыынчык, тугу диигиний?
– Суох, биһиги ону бэйэбит билэбит, – диэн Балантыын бүөлүү түспүтэ, устунан аралдьыта охсубута.
Олег Дмитриевич эмиэ Татыйыкка, сэмээр, «буккуһума, кыһаллыма» диэх курдук хараҕынан имнэммитэ кинини тохтоппута. Онон, ыйытыытыгар кыыһыттан харданы ылбакка, хайдах эрэ дьаарханан, быһаҕас соҕустук санаммыта иһигэр ыйанан хаалбыта…
Маккырыыта кыыс онон Америкаҕа үөрэнэ сылдьар. Билиҥҥи интэриниэт үйэтигэр эдьиийин кытта суруйсар. Онон сонунун билиһиннэрээччи – Марыынчык. Ийэтин аһынан этэр эрэ, кырдьык, балта эҕэрдэтин дьиҥнээхтик ыытар эрэ, куруук: «Маккырыытаттан бирибиэт», – диэбитинэн эрийээччи.
Олег Дмитриевичкэ Маргарита эмиэ биллибэт. Суруйбат да, төлөпүөннээбэт да. Ааспыт күһүн Татыйык Титовна куоракка баран бэрт дьиибэтик уһаабытын нэһилиэк дьоно хойут истэн тойоннообуттара: ол иһин даҕаны, кыыһа кыраныысса таһыгар барарын дьаһайан кэлбит эбит дэһиспиттэрэ. Онон, Саабынаптар дьиэ кэргэттэрин ис хоһоонун ким да билэ илик. Арай, Кириил кэпсиэ эбитэ буолуо да, күн бокуойа суох, уол оҕолонон, Саабынап аата тэнийэр чинчилэнэн, били оруобуна, кыргыттара төрүүрүгэр курдук, үөрэ аҕай сылдьар бадахтаах. Буоллун ээ, Кириил уолга баҕарбыта баар буолбута бэрт дии. Кини, ааҕыстахха, оҕолоругар куһаҕан аҕа буолбатаҕын Татыйык тоҕо билиниэ суоҕай…
Быйыл күһүн Марыынчык, дойдутугар кэлэ сылдьан, ийэтигэр кистээн сибигинэйбитэ: Маккырыыта билсэр уолламмыт, баҕар холбоһуохпут диэбит. Онтуката Америкаҕа олохтоох кэриэй уола үһү. Кыыс бэйэтэ киниэхэ, ийэтигэр, билигин даҕаны тугу да биллэрбэт, хоргуппута ааһа илигэ буолаахтыа. Кинилэр сыһыаннара билигин да тоҥуй буолан Татыйык онтон олус санааргыыр. «Кытаанах кыыс, таах даҕаны. Өстүйбүтэ сүрүкэтэй», – диэн хомойуох айылаах. Олег ону наар уоскутар. Кыыска харчынан кини көмөлөһөр, куруук ыыппыт буолар. Анарааҥҥыта, саатар, хардарбата баар ээ, кыһыыта. Эмиэ Марыынчык эрэ нөҥүө туппут үһү, баһыыба эрэ диэн буолар.
Аны быйыл кыһын Олег Татыйыгы холбоһуох диэн соһуппута. Кыккыраччы аккаастаабыта. Хайдах да кыыһын быыппастыбыт саҥата төбөтүттэн тахсан биэрбэт. «Соруйан оҥордугут», – диэн хомнообут ыарыыта ийэ сүрэҕиттэн өтөрүнэн ааһыах быһыыта биллибэт… Аны, быстыах быатыгар баара, Олегы кини эмиэ наһаа сөбүлээтэ. Саҥата суох үөһэ тыынара үксээтэ, иһигэр эрэ саныыр: «Буолаахтыыр да эбит… Эчикийэ, олохпут эриэнэ сүөһүбүт эриэнинээҕэр элбэҕин».
Үөрэх дьыла бүттэр эрэ Татыйык Титовна куоракка тиэтэйэр. Манна кинини тутара үлэтэ эрэ буолан, уоппускатын ылла да, улахан кыыһыгар барар. Марыынчыктаах Балантыын, ол аата бэйэлэрэ ыҥырсалларыныы, Риналаах Валя, субу дьиэ атыылаһаары сылдьаллар. Бизнес-ледибин диэн бэйэтин оонньоон күллэр да, күлүмнэтэн, чахчыта да онно маарынныыр буола сылдьар. Балантыыныныын үөрэхтэрин бүтэрбиттэрэ ыраатта, кэтэх тэрилтэ тэриммиттэрэ балачча эргиирдэнэн эрэр.
– Дьиэбитин ылыахпыт, иһин-таһын оҥостуохпут, ол эрэ кэнниттэн оҕолонуохпут, – диэн эдэрдэриҥ былааннара сүрдээх.
Оҕолор олохторугар туох диэн буккуһуоххунуй? Сатанныннар эрэ. Инньэ гынан, быйыл сайын куоракка кэлэн, субу көһүөхтээх дьонун таһаҕастарын бэрийсэр, чэйдэрин бэлэмниир түбүктээх. Быыһыгар, сатана кыыһа баара, балта Маккырыыта киниэхэ интэриниэтинэн суруйталаабытын аах диэн арыйан биэрэн «алдьатта».
Ооккото барахсан, Маккырыытата, төһөлөөх санааҕа-онооҕо ыллараахтаабытын билигин кэлэн, хат-хат ааҕан, бэйэтэ уйадыйар. Икки сыла туолаары гынна, кыыһа барбыта ыраатта. Ол тухары ийэтигэр биир тылы суруйбатах бэйэккэтэ, хата, эдьиийигэр этинэн тыынын таһаараахтаабыт. Көр, Марыынчыга өй хаата ээ. Букатын наадалааҕын эрэ тиэрдэр киһи буоллаҕа. Онто суох кини, ийэ да буоллар, бу суруйуулары хайдах ылынаахтыа эбитэй…
Бастакы сыл аҥаарынааҕы суруктара кытаанах соҕустар. Онтон арыый сымнаабыттар. Сотору соҕускуттан бэттэх, кыыс барахсан «акаарыбын, ийэбин хомоппуппун, хайдах гынан көннөрөбүн» диир аакка түспүт. Ол быыһыгар эдьиийиттэн биһиэхэ букатын буккуһума, бэйэм да бэйэм диэн тылын ылаахтаабыт…
Татыйык хараҕын уутун кыатаммата. Биир киһи дьылҕата диэтэххэ, кини ооккотун туһугар төһөлөөх харгыс туора турунан кэбиспитэй, наар аанньа да буолаахтаан. Кэлтэгэйдии эрэйи көрдүм дии санаабыта, кыыһа барахсан, баччалаах дойдуга тиийэн баран, син биир сүрэҕэр ыттараахтаабыт. Оннооҕор кини, ийэ киһи, кыайан кэмигэр көмөлөһөр кыаҕа суох буолбут абакката баар.
Биир сурукка эппит: «Эдьиий, мин доҕорум кэриэй эрээри тоҕо эрэ миэхэ наһаа маарынныыр. Сирэйинэн буолбатах! Испитинэн, толкуйбутунан майгынныыбыт. Ардыгар мин бэйэм эмиэ кэриэй курдук сананан ылаттыыбын, кини кэпсиир сибэкки сиигинэн угуттанар Кэриэйэтин хайдах эрэ билэр курдукпун. Дьикти буолбатах дуо? Кини биһикки наһаа өйдөһөбүт уонна, арааската, мин кинини таптыыбын…» Маны бэҕэһээ Олегка ааҕан биэрбитигэр киһитэ олус соһуйбута уонна:
– Ийэтэ Маргарита… эмиэ дьиктитик эппиттээх. Тоҕо эрэ казах буолбатахпын, атын омукпун быһыылаах диэн муҥатыйара… Баҕар, хата, кыыспыт кэриэй хааннааҕа буолаарай… – диэн эмиэ биир дьиктини булан таһаарбыта.
Буолар да эбит… Аахтаҕын аайы икки сыл кэриҥэ эдьиийгэ туһаайан суруллубуттан элбэҕи да биллэ. Үчүгэйэ диэн Марыынчык бэйэтэ туруорсан туран аахтарда, онон бу сырыыга кини буруйа суох. «Эдьиий, мин Им Юн И-гэ кэргэн барыах буолан тылбын биэрдим. Бүгүн дьонун кытта көрсүһүүгэ ыҥырылынным. Туох дии саныыгыный, миигин… сөбүлүөхтэрэ дуо? Ийэбин кэпсиэм… Аҕабын? Хайаларын кэпсиибиний? Эбэтэр олоҕум дьиҥ иһин барытын арыйабын дуу? Сүбэлээ, күүтэбин.» Марыынчык онуоха туох диэбитий? Бу сылдьар: «Маккырыыта, төрөөбүт аҕаҕын ааттаа. Атынын искэр тут, хойут биллиннэр, кэмэ кэллэҕинэ. Ону Юн И-гэ өйдөтөн эт. Таптыыр буоллаҕына – ы?????.??!?лыныа. ЖУ!» Эбэтин курдук буолан түһэн, бу кыыс! Үкчү дии?
«Марина, эдьиий! Саамай дьоллоох күнүм. Имнэр наһаа үөрэ көрүстүлэр. Аҕалара, эмиэ миэнин курдук, университекка медицина профессора эбит. Ийэлэрэ модельер идэлээх эрээри, маннааҕы сиэринэн, үлэлээбэт. Көр даа, Юн наһаа ынырык уол, соруйан тугу да эппэтэх! Наар, мин дьонум боростуойда-ар, диирэ! Миигин төрөөбүт тылбынан саҥарарбын, суруйарбын истэн наһаа сөхтүлэр, профессор хайҕаата. Киэһээҥҥи чэйтэн кэлэн баран санаатым… Мин олохпун кинилэр билбэттэр. Ол аата мин испэр эмиэ ситэри эппэтэх кистэлэҥнэнэн хааллым… Төһө өргө диэри итинник сылдьыамый? Эмиэ… ийэм курдук… сааһым тухары дуо?! Оччоҕо ону хайдах тулуйуомуй? Сүбэлээ!»
Эдьиийбит хардара охсубут: «Акаары! Ол эн наар бэйэҥ эрэ олоххун саныы олороору гынныҥ дуо?! Оннооҕор буолуох түбүк-дьарык буолунай буолбатах дуо? Көстөн иһиэ буоллаҕа дии? Бэйэтэ быһаарыллан хаалыа! Итиэннэ, үөрэхтээххин дии, санаан көр, этикиэт да быһыытынан, кийиит киирдэ-киирээт, ону-маны кэпсээн, ытаан-соҥоон барара төһө бэрдий? Уустугурда сатыы олорума уонна бэйэҕин аһынан бүт! Барыта этэҥҥэ буолбат дуо? Хата, сыбаайбаҥ хаһан буолуо үһүнүй? Барыам биллибэт эрээри, саатар, эҕэрдэлиэм дии! Маамалаахха этэбин дуо?»
Сотору буолаат, хардата кэлбит: «Эдьиий, өйдөөххүн даҕаны! Эн суруккуттан наһаа үөрдүм уонна чэпчээтим. Кырдьык ээ, туох ааттаах ыксаатахпыный, дии? Кылаабынайа, Юн барытын билэр, отой соһуйбатаҕа, наһаа холкутук истибитэ. Ол аата мин олоҕум кистэлэҥэ оччолоох ынырык буолбатах буоллаҕа дии… Дьоммор тугу да этимэ, мин бэйэм… Кэлин соҕус, сөп? Кыыһырыма!»
Дьэ, ити. Суруктары ааҕан Татыйык уоскуйда. Кыыстара тоҕо сыбаайбалаабатаҕын бэйэтин суругуттан биллэҕэ дии. Ыарахан буолаахтаабыт, онтун кыаммакка, наһаа уһуннук аһааҕырбытын иһин, күтүөт уол дьоно балыыһаҕа укпуттар. Сыбаайбаны кэнники, оҕо төрөөтөҕүнэ, диэбиттэр. Онон, бэйэтэ суруйарынан, Маккырыыта бу күннэргэ быыһаныахтаах.
Татыйык, оҕото төрүүрүгэр, аттыгар суоҕа куһаҕаныттан харааһынна. Чугас соҕус сир буоллар булгуччу барыахтааҕа хаалла. Онто баара, кый ыраах сиргэ, билбэт дьонугар, төһө эмэ ыарахан бириэмэннэстээх кыыс хайаахтыыр… Инньэ диирин Марыынчык ылыммат, ийэтин сэмэлиир, анараа дьон кийииттэрин сөбүлээбиттэр, көмөлөһүөхтэрэ, барыы-кэлии уустугун билбэттэр үһү дуо диир. Кырдьык, оннук да ини.
Ити икки ардыгар аан таһыгар турар дьиэ төлөпүөнэ өрө тырылаата. Олег Дмитриевич куолаһа уларыйан хаалбыт, олус долгуйбут кэриҥнээх:
– Татыйык… смс кэллэ…
Дьахтар сүрэҕэ парк гынна:
– Туох буолла?!
– Смс, смс туттум… Рита ыыппыт, бу баар, иһит эрэ: «Аҕаа, эн эһээ буоллуҥ. Сиэниҥ аата Тылгын-Ричард. Ийэбэр эҕэрдэ».
– Туох диигиний?!
– «Аҕаа, эн эһээ буоллуҥ. Сиэниҥ аата Тылгын-Ричард. Ийэбэр эҕэрдэ». Иһиттиҥ дуо?
– Оо… ооккобун даа… – Татыйык бокуойа суох ытамньыйан барда. – Бу чыычаахпын көр эрэ, Айыы Сээн көмөтүнэн…
– Татыйык, Татыйык… Истэҕин?! «Аҕаа» диэбит! Мин барыыһыбын… барыам…
– Ханна?
– Оҕобор… Ритабар… Кыыспытыгар, Татыйык, мин барыым ээ… Сиэммитин көрүөм, оҕобун сыллыам-ууруом… – Олег Дмитриевич ууламмыт харахтарыттан туманнырбыт ачыкытын, мэрбэйбит уостарын Татыйык, төлөпүөн нөҥүө, курдары көрөн турарга дылы…
– Соннук, Олег! Кырдьык, бара охсуохха наада эбит… Мин эйигин атаарыам…
Ити икки ардыгар, Татыйык халаатын сиэбигэр уктубут суотабай төлөпүөнэ биллэрии кэлбитин иһитиннэрэн ыллаата. Уу-хаар быыһынан көрө сатаан тута булбата, ол иһин илиитин көхсүнэн имигэс баҕайытык харахтарын туора соттоот, субу кэлбит смс-һы саҥа таһааран ботугураан аахта: «Ийээ, бырастыы гын, барытыгар махтанабын эйиэхэ! Мин эмиэ ийэ буоллум. Сиэниҥ толору аата Им Тылгын-Ричард Юн. Кэнники өссө биллэриэм. Сырылаччы сыллыыбыт!»
– Олег, Олег! Миэхэ эмиэ кэллэ…
– Иһиттим, Татыйык…
– Суох, иһит эрэ, бу баар, Ритам смс ыыппыт: «Ийээ, бырастыы гын, барытыгар махтанабын эйиэхэ! Мин эмиэ ийэ буоллум. Сиэниҥ толору аата Им Тылгын-Ричард Юн. Кэнники өссө биллэриэм. Сырылаччы сыллыыбыт!»
– Татыйык, кытаат… Бардыбыт…
* * *
Сүпсүлгэн икки төгүл күүһүрбүтэ. Биир өттүттэн саҥа дьиэҕэ көһөр эдэр ыал түбүгэ, иккиһинэн, күн сарсын Москубалыыр икки киһи икки дьиэнэн тэриниитэ.
Сөмөлүөт аал өр гыныа дуо. Баара-суоҕа сэттэ чааһы кыайбатынан дойду тэбэр сүрэҕэр тиэрдэ охсубута. Ити икки хонуктааҕыта этэ. Онтон ыла, утуйар уулара уйгуурбут «эһээлээх эбээ» докумуонтан атын, кэһии да хомуналларыгар сөп буоллулар.
Хата, көтүөх иннинэ бу «Шоколадницаҕа» киирэн олорбуттара, тыын ыла түспүттэрэ үчүгэйин. Татыйык Титовна туох баар иэйиитин, сүрэҕин сылааһын барытын ити сурукка суулаата. Онтон атынын Олег Дмитриевич бэйэтинэн тиэрдиэ. Ити икки ардыгар сөмөлүөккэ ааһалларыгар ыҥырар биллэрии нууччалыы, английскайдыы тылынан дуораһыйан, күүтэр саала үрдүнэн ньиргийэн иһилиннэ.
– Чэ, барыы буолла… – диэтэ Олег уонна илиигэ илдьэ сылдьар дьоҕус бартыбыалын туппутунан, турда.
– Оокколорбун… Ританы, Тылгыны уонна Юну сахалыы сырылаччы сыллаар… – Татыйык, айан аартыгар туран аймаммат сиэри кэһимээри, сып-сырдыктык мичээрдээтэ уонна аан бастаан Олегын иэдэһиттэн сыллаан ылла…
Кэпсээннэр
Улаханнык уоп!
– Ньылбарааскы! Бар, киэр бар! Тугу дьабарааскы курдук киһини тонолуппакка көрөҕүнүй?
Бүтэһик паартаҕа олорооччу Уоһук, аатыгар сибигинэйдэр даҕаны, бука бары иһиттиннэр диэхчэ, бэрт иччилээхтик дьиэгинийтэлиир, тула өттүн килиэ-халаа көрүнэр, оҕолор хайдах ылыммыттарын кэтиир, кыайбыт-хоппут киһилии туттар-хаптар. Итиччэни истибит эрэттэр, эгэ эрэ, кычыгылана алларастаһаллар. Сирэйдэрин кистээн, паартаҕа сытан эрэн, ыгыста-ыгыста күлэллэрин, арай, саннылара дьигиҥниириттэн эрэ сэрэйэҕин. Хата, кыргыттар үгүстэрэ кыһамматтар, истибэтэҕэ буола сатыыллар, уолаттарын сэмэлээн сэмээр кынчарыйаллар.
Ити Уоһук идэтэ, биир паартаҕа олорор кыыһа Араайаны сордуур. Талбытынан үөҕэр, кымаахтыыр, тэтэрээтин былдьыыр, кинигэтин кистиир. Ардыгар, туох да буруйа суох кыыһы сүөргүтүк ойуулуу-ойуулуу, уолаттарга үҥүлүтэн көрдөртүүр. Сыыһа-халты да буоллар, абакката баар, өссө онтун быһаарбыт аатыран, суруксуттуура баар ээ. Дьэ, дьаабы!
Уол дьүһүннүүн сахаҕа сэргэх көстүүлээх барахсан диэтэҕиҥ. Өрө көтө сылдьар курдук, хамсаатаҕын аайы кылабачыс гынар хап-хара көпсөркөй баттахтаах, кылбаа маҥан субалаах, кип-киэҥ сып-сытыы арылыйбыт харахтардаах. Кып-кыһыл чорбоҕор уостара үп-үрүҥүнэн киһини эрэ ымсыырдыахча айылаах кэчигирээбит тиистэрин эбии тупсараллар. Чахчы кинигэ ойуутуттан түспүт курдук уол оҕото.
Бу аата сэттистэрбит үһү. Улахаттар диэҕи эрдэ, кыралар диэҕи эмиэ да омуннаах, дьикти саас үгэнэ. Уолу-кыыһы арааран өйдүү сатыыр уларыйыылаах кэм. Ол эрээри хайа да ирдэбилгэ иннинэн буолан эппиэттээбэт кэриҥнээх сэттистэр олохторо биир кэм оргуйан, күһүнүн эрдэлээбит силлиэ курдук ытыллан, олорор. Учууталлар, онно-манна тиийэртэн, аахсартан, такайартан лаппа сылайбыт буолан, биир үксүн иҥэ-бата сатыыр эрэттэри истибэтэҕэ-көрбөтөҕө буолаллар. Онуоха-маныаха диэри оннуга ордук курдук. Уодьуганныах айылаах киһи суоҕун кэриэтэ.
Ону бука бары бэркэ билэллэр. Ол эрээри Уоһук ардыгар алыстыыр, кыыһы сиэргэ баппаттык хотуталыыр. Ойоҕостон истибит кытта тулуйуо суоҕун курдук. Арай, Араайа эрэ, букатын киниэхэ сыһыаннаах суоҕун курдук, саатар соҕотох дорҕоону таһааран аахсыа буоллаҕа дуу? Суох, кыргыттара абараллара сөп, кыыстара хайдахтаах да күлүүгэ хардарсар санаата суох, өскүөрүтүн мыр да гыммат. Ол иһин кинилэр ыксаан: «Биирбит да баара, барытыгар сөп түбэһэн түһэн», – диэн кэнникинэн кыйаханар буоллулар.
– Хотуой, тоҕо талбытынан үөхтэрэ олороҕунуй? Үчүгэй аҕайдык ойоҕоско кимиэххин?
– Мин эбитим буоллар сирэйин тыҥырахпынан баҕас хайыта тардыталыам этэ ээ… – абарбыттар араастаан сүбэлээн, элэ-была тыллара бүппүтэ ыраатта.
Араайа онно эрэ кыһаммат. Алаатыҥы харахтарынан ол-бу диэки көрөн эрэ кэбиһэр. Хара бараан бэйэккэтэ, эмиэ даҕаны, кыбыстан кытарбыт да буоллаҕына, ол туругун көрдөрүө суох чинчилээх. Оргууй аҕай, оруобуна чооску сатана сири-буору кимириччи тиэритэлээбит сэлтэҕэрин санатан, мэлдьи сииктээх муннун илиитин көхсүнэн сырылаччы соттоот, кыпсыгыр атахтарынан кичээҥитик тигиллибит истээх ыстаанын тыастаахтык аалан халты хаамар.
– Ээ, сах сиэтин! Араайа бэйэтэ да наар киирэн биэрэр… – диэн эрдэхтэринэ, кылаас ыстаарастата Муоча умайыктана түһэр.
– Доо, хайдах оннук буолуохтааҕый?! Сэриитэ суох эйэлээх олоххо киһи киһини тоҕо атаҕастыахтааҕый? Араайа бүрэтэ-харата Уоһукка туохха нааданый, күлүү-элэк оҥосторугар киниэхэ ким туох быраабы биэрбитэй? Биһиги, сэбиэскэй кэмҥэ бары тэҥ бырааптаах олоххо олорорбут быһыытынан, кыргыттар, итинник быһыыны бырастыы гыныа суохтаахпыт!
«Эмиэ да кырдьык ээ» диэхтии, оччоҕо бары ах бараллар. Онтон эмиэ кыыстарын көмүскээн тэҥҥэ хобугунаспытынан бараллар.
– Оннук, Араайа Уоһугу сыыҥынан биспитэ суох. Соруйан, аахсыбат эрэ диэн булар буолбат дуо? Өссө хотон сыттааххын диэн баайсар! Баҕар, Араайа мунна кэймэрииттээҕэ буолуо. Дьиикэй уола аһыммат даҕаны!
– Ол аата тугуй, туох ыарыыный? – бары, соһуйбуттарын омунугар тула үөмэхтэһэ охсон, Уокканы иһиллииллэр.
– Эбэм этэр ээ, итинник ааттаах ириҥэ ыарыы баар диэн. Ол иһин куруук тымныыга муннугун кытта саба баанар буол, тымныйыаҥ диир.
– Тыый, оччотугар Уоһук наһаа ынырык уол эбит дии, билэ-билэ киһини ыалдьар сиринэн үөҕэр! Дабаай, бүгүн уруок кэнниттэн мустан кэһэтиэҕиҥ!
Ити маарыын уруок быыһыгар кэпсэппиттэрэ. Ким туох диэхтээҕин, Уоһугу муннукка хайдах ыгар уонна үчүгэй аҕайдык кэһэтэр туһунан субу суругунан бырахсан «кэпсэтэ» сатыы олороллор. Ахсааннарын учуутала, суот биэрээт, таһырдьа тахсыбыта. Сотору киириэ буолуо да, кыргыттар тэтэрээттэрэ ып-ыраас. Ол оннугар уолаттартан кистээн сэкириэттэрин сэлэспиттэрэ бүгүн туолуохтаах былааҥҥа син кубулуйуохча чочуллан эрэр.
Оруобуна уруоктан тахсар чуораан тыаһаан эрдэҕинэ, бэркэ тиэтэйбит ахсаанньыт дьэ киирэн дьиэҕэ үлэни суруттарда, кылаастааҕыны аныгыскыга ырытыах буолан, эйэ дэмнээхтик араҕыстылар.
Учуутал тахсаатын Муоча ааҥҥа илиитин туора уунан турунан кэбистэ:
– Та-ак! Уолаттар бука бары дьиэлээҥ. Билигин Уоһук тус бэрээдэгин кылаас сүбэтэ мунньахха көрүө!
– Тугуй, доо? Туох бэрээдэгин? Биһиги эмиэ хаалабыт, – диэн икки хас уол ол-бу буолан аахсаары гыммыттарын, ээх-ыык суох, үрдүк бэйэлээх, мотоҕоно курдук эттээх Сибиэтэ кыыс, суулуу тутаттаан баран, үгүс быһаарсыыта суох соҕотохто таһырдьа анньыталаата.
– Өссө хаалардааххыт-баҕастааххыт. Киһи наадыйдаҕына төһө эрэ өрүкүнэһэҕит? Сарсын кэлээриҥ, эһигини да дьүүлгүтүн көрүллүө! Алларастааһыҥҥа аатырбыттардыын син биир аахсыахха наада, – күүстээх кыыс чиҥ-чиҥник доргуппутугар урут-хойут тэҥҥэ күлбүт-элэктээбит буруйдаахтар саҥата суох сукуҥнаһан тахсан бардылар.
Кэпсэтии судургу буолла. Уоһук быччайбыт харахтарын кыргыттартан кистээн умса көрдө, паартатыттан ырааппакка олордо. Араайата куттаммыт курдук дуоска аттыгар хайы-сах бүппүтэ ырааппыт миэл тоһоҕоһун кымаахтыы сатыы турда. Муоча кумааҕыга тобус-толору суруллубут Уоһук буруйун пууннарынан араарбыттарын аахта, кута-симэ куттаата, санаабытын барытын саҥарда. Онтон Сибиэтэ туран уолга ынан кэллэ. Ортотугар томороон баҕайы туох эрэ боробулуохаттан оҥоһуллубут биһилэхтээх мөп-мөкүнүк сутуругун кини муннугар ыга аста:
– Доо, Уоһук, аны тохтуоҥ суоҕа да, сэрэн! Миигин билэҕин, биирдэ саайыам, сирэйгэр аны сайыҥҥа диэри оспот баастаныаҥ! Бүтэр онон! Ол кэнниттэн дьоҥҥор үҥсээр, миигин сууттатаар!
– Мин эйигин тыыппаппын буолбат дуо? Тугу айдаараҕыный? – диэн уол, хайаан кутуйах иинин кэҥэтиэй, аат-харата хардарсыбыта, уота-күөһэ суох аахсыбыта буолла.
Киһи эрэ буоллар чуумпурбут, саҥата-иҥэтэ син самныахча буолбутун суоттаан, баччааҥҥа диэри Сибиэтэ кэннигэр саһан турбут Суурукка тахсан кэллэ:
– Эн Араайаны наар дьабарааскыга холуугун. Ол аата эн ити баҕайылары итиччэ үчүгэйдик билэттиир буоллаххына… хата бэйэҥ ол таптаан ааттыыр кыылларыҥ чугас уруулараҕын дуо? – диэн кыһыттаҕа үһү!
– Суох!
– Оччоҕо тугуй? Ээ, арба даҕаны, өссө ордук элбэхтик сибиинньэни уонна күтэри ахтааччыгын. Ол аата эн киһи көрбөтүгэр күтэрдээн сиэччиҥ буолуо, биитэр сибиинньэ пиэрмэтин хаһаайынаҕын дуу?
Уол сордоох саҥатыттан матан, сыччах буугунаата эрэ. Сатаан бардаҕына, таайа Ньууккас, кырдьык, сибиинньэҕэ харабыл ээ. Ийэтэ ыктаҕына, көмөлөһө таарыйа уонна үүт бөлөнөҕүн тиэйсэн, ол эргин сылдьааччы аҕай. Онон, туох да диир кыаҕа суох. Бу кыргыттарга тугу да хардарбыта бэйэтин утары тахсыаҕын чахчы сэрэйдэ, айылааҕын саҥарбакка олордоҕуна быыһаныах чинчилээҕин таайда быһыылаах, албаһыран өссө эбии кирийдэ.
– Уопсайынан, Уоһук, эн ол-бу буолан киэбиримэ! Хата, көрүллүө, аҕыйах сылынан Араайаны ыбылы кууһан баран ийэҕэр сиэтэн киллэрээйэҕин? – Муоча устунан күлүү гынна.
– Соннук-соннук! Кырдьык даҕаны, Уоһук, эн Араайаны наһаа таптыыр буолаҥҥын дьоҥҥо барытыгар билиһиннэрэ сатыыр эбиккин, – итиччэни истибиччэ, ньамалакаан кыргыттар бука бары үрдүгэр түстүлэр.
Уол кыыһырда. Дохсуннук ойон туран үөҕүстэ. Кыргыттар соҕотохто төгүрүйэ түстүлэр, ханан да ыыппат гына ортолоругар хаайдылар. Кини тымтарыттан, турулус-ирилис көрөрүттэн били маарыыны быһа оҥорбут былааннарыттан туораабат кимиилэрэ кыратык да ыһыллыбата, хата, наһаа табылынна.
– Сө-өп, «таптыыртан харах арахпат» диэн өс хоһоонун ырытыыга эн «иккини» ылаахтаабытыҥ. Онтуҥ быһаарыытын бэйэҥ билэҕин: дьиҥэр, Араайаны наһаа астынаргын кистээҥҥин, итинник сымыйанан үөхсүбүтэ буолаҕын. Оннук буолбатах буоллаҕына, түксү, үтүөнэн бүт, кыыһы тыытыма! Аныгыскы сырыыга мустаммыт кырбыахпыт!
Муоча итинник уураахтаабыта. Сымыйа буола сылдьыа дуо, кыргыттар «уруоктара» олус көмөлөспүтэ. Чорбоҕор уостаах Уоһук уол ити кэнниттэн үөхсэрэ лаппа намыраабыта эрээри, дөрүн-дөрүн уруучукатынан ойоҕоско кимэрэ, быыс булан быһыта кымаахтыыра, кыыс саҥарбатын аанньа, биллибэккэ ааһара. Араайа үҥсүө диэтэҕиҥ? Уу чуумпутук олорон үөрэнэрэ, биирдэ эмэ учуутал ыйыттаҕына саҥата суох турбахтыыра, хардаран да быстыбата. Ол иһин учуутал тугу гына өр тутуой? Тулуурдааҕа аныгыскыга этээр диирэ, оттон тиэтэллээҕэ «иккини» уоптараат, олоро тарт диэн кыйаханара. Хайыаҥый, олохпут оҥоһуута оннук ини. Араайа да онтон олус мунаарбыта, санаарҕаабыта биллээччитэ суох. Биир мээрэй майгылаах, улахаҥҥа уолуһуйбат көрүҥнээҕэ. Дэлэҕэ да улаатарын саҕана Ньимийикээнэ диэн хос аат киниэхэ арахсыбаттыы иҥиэ дуо?
Оскуола аанын сабаат, били куруук биир дьылҕалаах буолуох кэриэтэ, биирдик таҥныбыт, тэҥҥэ үөрэммит, күннэтэ эн-мин дэсиһэн, этиһэ-охсуһа уон сылы быһа бииргэ алтыспыт оҕолор, соҕотохто бурҕас гынаат, үрүө-тараа ыһыллыбыттара. Сотору-сотору сонун бөҕө сэлиэнньэни толороро. Олор кыыстара үөрэххэ киирбит, балар уоллара ыраах тиийбит, ким эрэ кыайбатах, ким эрэ төннүбүт. Оннооҕор ол «төннүбүттэри» иһиттэххэ, киэҥ сир дуораана, омуннаах олоҕо сэргэх сонуҥҥа кубулуйара. Куорат хаҕыс тыына, баҕалаах оборчото мээнэ киһиэхэ бэриммэтин, бу оҕолор барахсаттар, хата, син мээнэ кыайыылаах эргиллибиттэрин оҕонньор-эмээхсин хайҕаан, сээкэйи кэпсэтэ таарыйа, булгуччу ахтан уһун күҥҥэ ыас курдук ыстыыллара.
Уоһук куоракка тиийэн орто туох эрэ үөрэххэ дьылыс гыммыта. Араайа аараттан төннүбүт сурахтааҕа, туга эрэ сиппэккэ дуу, тиийбэккэ дуу үөрэххэ барар үөртэн тута быстыбыта. Кыыс, кэлээт, пиэрмэҕэ киирэн ыанньыксыттаан барбыта. Атыттар, аартыктара арыый да аһаҕастар, антах-бэттэх үөрэммиттэрэ, урут-хойут бүтэрбиттэрэ. Ол да гыннар, дойдуларыгар төннүбүттэр ахсааннара лаппа аҕыйаҕа.
Сотору, олох сокуона буоллаҕа, сылтан сыл ааһыыта аны сыбаайбалар саҕаламмыттара. Ити кэмҥэ Уоһук уол, үөс сир кыыһын кэргэн ыла охсон, оҕолонон олороро иһиллибитэ. Кийиити ким да көрбөтөҕө. Бииргэ бүтэрбиттэрэ саҥа үөрэнэн эрэр буолан, сыбаайбалаабыта да буоллар, кэлэн-баран иһиэхтэрэ суоҕа эбитэ буолуо. Онон эбитэ дуу, кини сыа сиир дьоро киэһэтин, урууну чугаһатар сыбаайбатын ким да истибэккэ хаалбыта, арай саас диэкинэн: «Уоһук, уол оҕото, уолламмыт үһү!» – диэн сурах эргийэн ааспыттаах. Кини кэргэннэммититтэн ким да соһуйбатаҕа. Итиччэ мааны көрүҥнээх, кыыс кэрэ сэбэрэлээх уолчаан хайаан сыыска-буорга түһүөй? Киин сир кэрэ кыыһын хараҕар хатаннаҕа эбээт… Пахай, ону баара, уолбут ыал буолан уһаан олорботоҕо. «Араҕыстыбыт» диэт, биир кыһыҥҥы күн субу тирилэтэн, дойдутугар төттөрү тиийэн кэлбитэ.
Бөһүөлэккэ сэргэх олох саҕаламмыта. Ыал буола охсон, оҕо төрөтөн, аны арахсан даҕаны уопут бөҕөнү иҥэриммит, уоһун үрдүнэн хойуу бытыктаммыт Уоһук, барыга тылбай-өспөй буолан, эр дьону кытта элэҥнэспитэ, уот биэрэр ыстаансыйаҕа тилигирэччи үлэлээн, киирбитэ-тахсыбыта. Испэт-аһаабат, хартыынаттан субу түспүт курдук тас көрүҥнээх Уоһук кулуупка, үҥкүүгэ, кэллэҕинэ лаппа сэргэхсийии тахсара. Кыргыттар уора-көстө харахтара киниттэн арахпата. Хата, уол оҕото диэ, сотору Уоһук ол үөр кыыстан бастыҥнарын, саамай мааныларын, атаахтарын, кэрэлэрин, куйу-һайы туттубут, куоҕалдьыйа устубут Маасыҥканы кэргэн ыла охсубута, кэнники кэмҥэ өтөрүнэн-наарынан биллибэтэх, дьиҥнээх киэҥ сыбаайба хас да күн ньиргийбитэ.
Биэс-алта сыл ааһыыта, оскуоланы бүтэрбиттэр икки ардыларыгар ким-ханна тиийбитин сураһыы омуна суох сиэр быһыытынан эрэ толоруллар буолбута. Урукку омун-төлөн уостубута. Түспэдийии да тиэтэйдэҕэ. Ким ханна кими ылбыта-арахсыбыта уота-күөһэ соччо сэҥээриитэ суох ахтыллар кэмнэрэ кэлбиттэрэ. Ити саҕана мааны Маасыҥкай Уоһуктан арахпыт үһү диэн сурах эмиэ да соһуппута. Син балачча бииргэ быр бааччы олорбут, икки оҕолоох сэниэ ыал, атырдьах маһыныы арахсан, икки аҥыы барбыттара туохтан төрүөттээҕин билэ сатаабыттара. Биллэр, кэлигэс-барыгас киһи Уоһук баппакка, уҥа-хаҥас харбыаласта ини диэбиттэрэ да, ис-иһигэр киирдэххэ, оннук сибики суоҕа.
Онтулара баара, туспа барбыт киһилэрэ сотору дьиэ туттан тигинэппитэ. Сэлиэнньэ иһигэр сэмээр атын кийиит кэлээри гынна ини диэн хобугунаспыттара эмиэ уостубута. Санаа хоту кытыы диэки ойуур быыһыгар түргэнник тутуллубут дьиэҕэ Уоһук соҕотоҕун ньир бааччы олохсуйбута. Ити эргин киһи-сүөһү иҥээҥнээбэт, кыһын-сайын уу нуурал, чэгиэн-чуумпу эйгэ хас да сыл сатыылаабыта. Соҕотоҕун олорорго санаммыт, икки кэргэниттэн арахпыт эрээри, эмиэ да ханна да аралдьыйбат курдук быһыы бу эдэр киһиэхэ, туох да диэ, хайдах да дьүөрэтэ суоҕа.
Арай биир үтүө күн пиэрмэ дьахталлара ынахтарын ыан, сүөһүгэ сиир отторун быраҕан, хотоннорун күрдьэн киирэн кыргыттар уопсайдарыгар күө-дьаа чэйдии олордохторуна, хостон оргууй аҕай сыбдыйан Араайалара тахсыбыта.
– Хайа, Араайа, бу аата ханналаатыҥ? – арыый да саастаахтара, бастыҥ көрдөрүүлээх ыанньыксыт, настаабынньык сололоох Балбаара Борокуобуна саҥа аллайбыта.
– Ээ… мин ыал буолабын. Онон көһөн эрэбин, – диэт, бүтэйдии мичээрдээбитигэр, бука бары иһэ олорбут чэйдэригэр чачайа сыспыттара.
– Бай?! Хотуой, манна саҥата суох ньимийэ сытаҥҥын эн кими буллуҥ, ол?! – Балбаара, сааһынан суоһурҕанан, бастыҥынан баһыйан, барыны токкоолоһор быраабынан туһаннаҕа ини, бокуойа суох туоһуласпытынан барбыта.
Ити ыккардыгар, Араайа хардарарыгар тиийбэккэ, ааннара тэлэллэ түспүтэ да, туманы кытта тэҥҥэ бурҕачыйбытынан сыыдам туттуулаах Уоһук дьиэ ортотугар соҕотохто баар буолбута.
– Чэ, доҕор, хайа бэлэмҥин дуо, массыына күүтэн турар, – диэт, дьахталлар ньамалаһалларын истэ барбакка, Араайа аан дьиэҕэ таһаарбыт суумкатын, чымадаанын аҥаар кырыытыттан харбыалаат, таһырдьа ыстаммыта.
– Айыы-айа, бу дьон хайа ыккардыгар билсэн, бодоруһан… Сэгэриэм, оттон… эмиэ да хотонтон тахсыбакка дылы дии?! Дьэ, диэ ээ, түргэн быһаарыныы эбит, – эрэ дэспиттэрэ сөрү диэн сөхпүт, бэри диэн бэркиһээбит дьиэлээхтэр.
Араайа, куолутунан, аргыый аҕай мүчүк гынаат, саҥата суох тахсан барбыта. Эмиэ да ордук-хос онно-манна барара-кэлэрэ биллибэт кыыстара, оонньоон дуу, кырдьык дуу, бэрт кэбэҕэстик ыал буолбутун итэҕэйбэт курдуктара да, илэ харахтарынан көрбүттэриттэн, кулгаахтарынан истибиттэриттэн ама аккаастаныахтара үһүө?
Араайалаах Уоһук итинник судургутук холбоспуттара. Сыа сиэбиттэрэ, тыас таһаарбыттара иһиллибэтэҕэ дииллэр. Били Маасыҥкайыттан барыаҕыттан эр киһи ааттааҕа, уол оҕо уһуктааҕа Уоһук ала-чуо Араайаҕа тиийэ сылдьан төттөрү үүрүллүбүтүн кэнники остуоруйа курдук кэпсииллэрэ ээ. Кыыс кыккыраччы аккаастаабыт, дьиэҕин-уоккун тэриммэккэ сылдьан мин бэлэммэр олорооругун дуо диэн өһүргэппит сурахтааҕа. Кырдьыгын-сымыйатын ким билиэй? Күн устата икки аҥаар тылы саҥарар Араайа эр киһи чулуутугар итинник туруорса-аахса турбутун саарбахтыыллар да, кэпсэл омуна да суох буолуон эмиэ сөп этэ. Баҕар, ол да иһин Уоһук уолчаан туттуммахтаатаҕа. Дьиэ тутуллаатын, эчикийэ кэпсээччилэрбит даҕаны, букатын көрөн турбут курдуктар эбээт, уол эмиэ тылланан тиийэ сылдьыбытын, Араайа өйүн көр ээ, «дьахталлары талбыккынан сыымайдыыр киһи, миигинэ да суох мааны уораҕайгын иччилиэҥ» диэн эмиэ төттөрү муустаабыт. Өһөс Уоһук итинтин кимиэхэ да быктарбатах, балтараа сыл устата Араайаҕа биллибэтэх. Онтон кэлэн эмиэ көрдөспүт, кыыс майгытыгар-дьаһалыгар ымсыырарын, уруккутун-хойуккутун түөрэ эргитэлээн, аньыытын-харатын барытын билинэн, кыра хараастыылаах, кэмсиниилээх тылларын кытта быктаран, ээҕин эппит, кыыһы уйадыппыт дииллэр.
Сэгээр, ити итинэн бүтүө эбит да, ол кыһын Уоһук кэтэхтэн үөрэххэ киирэн, омуна бэрт ээ, өр гымматах, аҕыйах сылынан бүтэрэ охсубут. Ол икки ардыгар Араайата иккитэ оҕоломмут. Кыраларын дьыссаакка-дьааһылаҕа биэрэн баран, аны Араайа ыраах аттаммыт. Уоһуга, хаһыс да сылын ыстаансыйатын салайыыта, үһүс оҕотун хат сылдьан, эдэр дьахтар үөрэҕин бүтэрэ охсубут. Почта үлэһитин идэтин ылбытын мэктиэлиир дипломнаах дойдутугар кэлээт, дьоно чэй тэрийбиттэрин ситэри испэккэ, балыыһаҕа киирбит уонна ол киэһэ икки игирэ кыыһы кылбар бэйэлээхтик төрөппүт. Уоһук үөрүүтэ, омуна суох, хайа үрдүгэр халыйан тахсара буолбут.
Ити уонча сыллааҕы кэпсэли өссө күүркэтэн, араастаан оҥорон-тупсаран кэпсииллэр. Арай урут оскуолаҕа биир кылааска үөрэммит, билигин куоракка бөдөҥ тэрилтэ муҥур тойоно сололоох киһиэхэ дойдутугар оскуолаҕа учууталлыыр кылааһынньыктара биир обургу уолчааны батыһыннаран киирбит. Дьүһүннээх мааныта, хааннаах ырааһа, өй-мэйии оҕоҕо соҕуруу куоракка кэмпириэнсийэҕэ кыттарыгар көмөлөһөргө бэриллибит мэктиэ суругу туппутунан.
– Доҕоор, таай эрэ, бу биһиги кылаас оҕото. Кимиэнэ буолуо дии саныыгыный?
Хантан таайыай? Дойдутуттан тэйбитэ ырааппыт, атын эйгэҕэ улахан үлэнэн үлүһүйбүт киһи бэркэ мунаарбыт, оҕону маарынната сатаабыт да, тобулбатах.
– Хайа, дугаар, Уоһук икки, Ньылбарааскы икки уоллара дии!
– Ама дуу?! Оттон… Уоһук…
– Ээ, бар, тохтоо, доҕор. Уоһук сырыыта киэҥ, олоҕо олус оҕуруктаах да, бүтэһик, саамай дьиҥнээх ыстаансыйата Араайа буолбута быйыл уон биэс сыла, – диэн кини кэпсээбит.
– Эн этэҕин өссө. Ити тэлэбиисэринэн куруук көстөр хартыына курдук икки ырыаһыт игирэ кыысчааннар эмиэ кинилэр кыралара, Дьарааһынаптар «дьиҥнээх айымньылара» диэн ааттанар оҕолор!
– Буолар да эбит! Бу түөкүнү көр, тиһэҕэр кэргэн ыларын билбэккэ оччотооҕуга Араайаны сордообут буолбаат?
Ону баара, Уоһугуҥ анаарыыта атын үһү:
– Оо, үлүгэр эбит, доҕоор! Акаары да эбиппин. Раиса Ивановнабын (маладьыаһыҥ дьоҥҥо-сэргэҕэ кэргэнин итинтэн атыннык ааттаабат) муҥнаан да биэрэр чолохооспун ээ. Ол гынан баран, арааһа, оччолортон сөбүлүү көрбүппүн сатаан өйдөөбөккө, сордоох баара киниэхэ тардыһа сатаан дьаабыламмыт буолуохпун сөп эбит, – киһиҥ өссө кырдьыгын таһаарынар.
– Дьахтар барахсан кэрэтэ – өйө-санаата, майгыта-сигилитэ, туттуута-кыайыыта, сатабыла эбээт. Мин да буолуум, дьэ, Араайабар тэҥнээх дьахтары көрбөтөҕүм. Хата, олоххо ирээттээх эбиппин, муннарбын-тэннэрбин даҕаны, дьылҕабар син тиийбиппин ээ, – диэн эр дьон эйгэтигэр дэҥҥэ иэйдэҕинэ сэһэргиир дииллэр.
Ол иһин бу сэлиэнньэҕэ хайҕаллаах ыал – кинилэр. Үлэһит ааттаахтара, олбуордаах маанылара. Араайа билигин бэйэтэ сарыысса. Элбэҕи саҥарбатар да, били бүрэчээн бэйэтэ мичилийдэҕинэ, ып-ыраас, сып-сылаас харахтарыгар дьол уота иитиллэр. Уоһук билигин да сүүрүүнэн сылдьар, булбута-талбыта, кэлбитэ-барбыта эрэ баар. Оҕолоро, икки улахан уолаттара, кыра кыргыттара киһи оҕолоохпун диир ыччаттара. Бу ыраастарын, чэнчистэрин көр. Үөрэх бастыҥнара, олбуор таһынааҕы оҕолор курдаттыы тардыһар, эйэ дэмнээхтик алтыһан астынар дьоно эбээт. Ийэлэрин холкута, аҕаларын сымсата тэбис-тэҥҥэ тардыалаһар ылбаҕай бөҕөлөрө, истигэн бэртэрэ.
– Араайабын уопсайа алта сыл устата ааттаһаммын кэргэн ылбытым. Элэ-была тылым баранан, кэнникинэн уум көтөн, дэлби көтөхтөрөн, дьиэбэр соҕотоҕун иһийэн олорон киниэхэ анаан хоһоону суруйарга кытта тиийэммин, букатын буорайан эрдэхпинэ «ээх» диэбитэ ээ! Оҕо эрдэҕинээҕибин кэмсинэн-хомурунан да диэн хайыамый. Дьэ, чахчы кэһэппитэ эбээт. Тулуурун сөҕөбүн ээ, биэбэкэм биирдэ «мыр» гыныа баара дуо?! Ол аайы мин эстэн иһэбин, дьэ, бүттэҕим диэн төһөлөөх эрэйдэммиппиний. «Пахай, пиэрмэҕэ ыанньыксыт эрэ буолбат дуо? Марата-бүрэтэ да бэрт», – диэн сирээччи, төттөрү сүбэлээччи элбэҕэ. Олох үөрэттэҕэ, дьахтар дьиҥ кэрэтин таба көрөргө такайдаҕа. Хата, син киһи эбиппин, сүрэҕим ыйыытыттан аккаастаммаккабын дьоллонноҕум. Сөпкө гыммыта, кэһэппитэ диэн оҕолорбор букатын баары баарынан кырдьыгынан кэпсиибин, туох киһиргэһэ кэлиэй? Хата билигин: «Улаханнык саҥарыма, улаханнык уоп», – диэн итини этэллэр диэн холобурдуурбар бэйэм бэлэм остуоруйалаахпын. Уоһук оскуолата итинник, – дии-дии, бииргэ үөрэммиттэрэ, оскуолаларын бүтэрбит үбүлүөйдэрин тэрийээри, Дьарааһынаптарга сүбэлэһэ диэн киирбиттэригэр күө-дьаа кэпсиир.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.