Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 21

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 21 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Биһиги итинник үлэҕэ сөбүлэспэппит. Бииргэ олорор үлэбит көстөрө буоллар, – диэтэ Сүөдэр, хайдах эрэ сааппыт курдук, хортууһун мускуйа-мускуйа.

– Ол аата, кэргэҥҥин кууһа сытаҥҥын, бэлэми аһаары-таҥнаары, бэлэм хамнаһы аахсаары гынар буоллаҕыҥ дии? – диэн атыыһыт Сүөдэри үгэргээн, өтөрү-батары саҥаран барар.

Атыыһыт хотуна, уоһун хомуна ньимиччи туттан баран, «пахайбын» диэбиттии көрө-көрө, хостон тахсар.

– Сүөдэр, чэ барыах! – диэтэ Маайа. Кини бу дьиэ иһигэр мантан ордук тулуйан олоруо суох курдук.

Сүөдэрдээх тахсаары аан диэки баран истэхтэринэ, Сараапап үгэргии хаалар:

– Эһиги, бэрт дьон, Тайҕаҕа киирэн байар инигит.

Маайа эргиллэн көрөр. Күн уота Сараапап атыыһыт уҥа сиэҕэр тыкпыта – илиитэ бэгэччэгэр диэри хаан буолбуттуу кытаран көстөр. Көрбүтүттэн соһуйан, Маайа чыпчылыйбахтаан ылар.

– Байдахпытына даҕаны кими да уоран-талаан байыахпыт суоҕа, – диир кини хадьардык.

Сараапап кып-кыһыл хааннаах сирэйэ мэктиэтигэр онон-манан кубарыйталаан, толбоннуран ылар. Ити бырадьаага дьахтар тыла хайдах эрэ эҕэлээххэ дылы. Ама биһиги көмүсчүттэри өлөртүүр сурахпытын истибит дьахтар сылдьара буолуо дуо? Хантан истиэн-билиэн сөбүй? Эс, акаары айахха киирбиччэ тыллаһар ини. Киэһэ аһыыр аһа суох эрээри, чобуотун, хадьарын көрөн кэбис!

II

Сүөдэрдээх Маайа оҕолорун Сэмэнчиги сүгэн, икки саха аргыстанан, симиэбийэттэн симиэбийэҕэ хонон, Тайҕалыыллар. Маачаттан турдахтарын үһүс күнүгэр Подкаменнай симиэбийэтигэр тиийэн сынньаналлар. Мантан суоллара туруук хайаны өрө дабайан тахсар. Хайа ортотуттан аллараа өттө мастаах, үөһээ өттө, тараҕай киһи төбөтүн курдук, сыгынньах.

Сарсыарда эрдэ туран аһаан баран, Сүөдэрдээх эмиэ айаннарын салгыыллар. Суоллара, кутуйах хороонун курдук, кыараҕас аппанан үөһэ ыттар. Күн ортотун саҕана хайа үрдүн дьэ булаллар. Онно тахсан көрбүттэрэ: кэлин үс хонук устата барбыт сирдэрэ атахтарын анныгар бу сытар эбит, анараатах Лена өрүс сүнньэ, үрүҥ көмүс быа буолан, кылабаччыйан көстөр. Хайа үрдүгэр күөх от диэн суох, барыта сыгынньах таас. Ону көрө-көрө Маайа саныыр: «Бу хайа үрдүн былыт быарынан сынан ааһар буолан, ото-маһа суох буоллаҕа».

Айанньыттар, сынньана түһээри, суол аттыгар сытар тааска олороллор. Сүөдэр уонна Маайа харахтарын тапталлаах Лена өрүстэриттэн араарбаттар.

– Эбэбит барахсан! Аны хаһан эргиллэн кэлэн, эн буоргар үктэнэбит? – Маайа дириҥник үөһэ тыынар.

– Этэҥҥэ сырыттахпытына, эргиллиэхпит буоллаҕа дии, – Сүөдэр кэргэнин санаатын көтөҕө сатыыр.

Ити курдук кэпсэтэн ботугураһа олордохторуна, эмискэ кэннилэригэр аттар туйахтарын тыаһа тааска чыбыгырыы түһэр. Айанньыттар соһуйан эргиллэ биэрэллэр. Икки аттаах хаһаак сааларын туора туппутунан, кинилэр диэки муҥ кыраайынан тэптэрэн иһэллэр эбит. Кинилэргэ чугаһаат, биир хаһаак, атыттан ыстанан түһэр уонна саатын сомуогун туруоран хачыгыраппахтыыр:

– Хамсаамаҥ!

Сүөдэрдээх Маайа, соһуччута бэрдиттэн уолуйаннар, олорбуттарын курдук, хамсаабакка олороллор. Кинилэр биир аргыстара куотаары ойон турбутун доҕоро сонун оноотуттан тардан тохтотор.

Аттаах хаһаак, Сүөдэрдээх олорор сирдэрин аттыгар кэлэн атын тула холоруктаппахтаан баран, саалара суоҕун көрөн, атыттан түһэр уонна кинилэргэ супту хааман кэлэр.

– Сахаларгыт дуу? – диэн кини уу сахалыы ыйытар. – Бу ханна баран иһэҕитий?

– Тайҕаҕа.

– Испиирдээххит дуо?

– Испиирбит суох.

– Кистээмэҥ. Ньэҥньийэн син биир булуохпут.

Хаһаак ньэҥньийтэлиир да, тугу да булбат. Бары эмиэ таас үрдүгэр олорон табаахтыыллар.

– Эһиги бу тугу гына сылдьар дьонноргутуй? – диэн Сүөдэр хаһаактартан ыйытар.

– Биһиги испиири Тайҕаҕа уоран таһааччылары тута сылдьабыт.

– Испиир атыыланара бобуулаах дуо?

– Ыраахтааҕы монопуолдьата… Монопуолка лааппыта эрэ атыылыыр бырааптаах. Атын киһи атыылыыра сатаммат.

Бу кэпсэтэ олордохторуна, уон икки ыҥыыр аттаах киһи хайаны өрө дабайан тахсаллар. Хаһаактар ол дьону тохтотон, эмиэ ньэҥньийэллэр. Аттаах дьон Тайҕаҕа олохтоох Байбал Тиэхэнэп диэн саха баайын бэдэрээччиттэрэ эбиттэр. Кинилэр мас кэрдээччилэргэ Маачаттан бурдук ыҥыырдан таһааран иһэллэр эбит. Сүөдэрдээх кинилэри кытта Үөһээ Тайҕа Светлэй бириискэтигэр диэри табалаһан барсар буолаллар.

* * *

Ол курдук өссө хас да хонук айаннаан, Сүөдэрдээх хайа быыһынан эриллэ-бурулла сүүрдэр Хомолхо үрэҕин үрдүгэр турар Спасскай дэриэбинэтигэр тиийэн тохтууллар. Бу дэриэбинэ дьиэлэрэ хайа аппатыгар, күн көрбөт өттүнээҕи сыырын быарыгар тураллар. Манна сиик хаһан да куурбат. Онон дьиэлэр бэрэбинэлэрэ хараара бэрдийбиттэр, хаптаһын хоруобуйаларыттан маҥан тэллэй үүммүт. Дэриэбинэ олохтоохторо мантан чугас хайа аппатын сүүрээннэригэр көмүһү сууйаллар. Кинилэри аһынан-таҥаһынан Хаим дьэбириэй лааппыта салгыыр. Лааппы аана сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри, «миэхэ киириҥ!» диэбиттии, мэлдьи аһаҕас турар буолар.

Сүөдэрдээх дьоннорунуун симиэбийэҕэ тохтоотулар уонна ас атыылаһаары лааппыга бардылар.

Лааппы иһигэр икки эр киһи турар. Биирдэстэрэ, сытыган сыттаах эти эргитэ сылдьан көрө-көрө, түктэри тылынан үөхсэр:

– Күөх албын, маны ас диэн атыылыыгын дуо? Ыкка биэрдэххэ, ыт даҕаны чугаһыа суоҕа.

– Үчүгэйи булар буоллаххына, ылыма… Мин күүспүнэн атыылаабаппын. Ити эт көрөргө эрэ итинник. Үчүгэйдик сууйан кэбис да, эт киэнэ бастыҥа буолуо. Мин бэйэм эмиэ итини сиэн олоробун, – Хаим атыыһыт уһуктаах тимиринэн буочука түгэҕиттэн сытыйбыт эти иилэн таһаара сатыыр. Эт, бэйэтин уйуттубат буолан, силлэн түһэ турар.

– Хара түөкүн, өлүөххэр диэри маннык этинэн аһаталлара буоллар, холоон буолуоҥ этэ! – били икки киһи үөхсэ-үөхсэ тахсан бараллар.

Лааппы түгэҕинээҕи аанынан муннун былаатынан саба туттубут мааны баҕайы таҥастаах, симмит курдук толору эттээх, былдьыры саҥалаах дьахтар тахсан кэлэн, Сүөдэрдээх баалларыттан кыһаллыбакка, этэр:

– Хаим, ити эккин таһырдьа тутайыҥ буоллай, Йозочкабыт, сытын тулуйумуна, хотуолаайы муҥ бөҕө.

Хаим кэргэнин диэки «атыылаһааччылар бааллар, аргыый» диэн көрдөспүт курдук көрө сатаабыта да, дьахтар эппитин этэ турар:

– Хаим, киэй гин, оҕобут өлөөйү гынна!

– Сип-сибилигин!

Бу кэмҥэ соторутааҕыта аҕай лааппыттан тахсан барбыт дьон эмиэ киирэн кэлэллэр. Кинилэр буор хаһыытын курдук ыарахан үлэ кэнниттэн эбиэтэ суох хонор сатамматын, ханна да үчүгэй эт суоҕун туһунан үөхсэ былаастаан кэпсииллэр уонна хап-хара өҥнөөх икки муунта сытыган эти атыылаһан тахсан бараллар.

Хаим атыыһыт сытыган эттээх буочуканы үҥкүрүтэн таһырдьа таһаарар, ол кэнниттэн эрэ, Сүөдэрдээх баалларын саҥа көрбүт курдук, ыйытар:

– Тугу ылаары киирдигит?

Сүөдэр дьонунаан хатан хаалбыт хара бирээнньиги атыылаһаллар. Лааппылаах атыыһыт, бирээнньик ыйыы туран, Сүөдэри сирийэн одуулаһар:

– Бу ханна баран иһэр киһигиний?

– Бодойбоҕо.

– Ол аата, көмүстээх Тайҕаҕа дьолгун көрдүү киирэн истэҕиҥ дии?

– Ким билэр, дьоллонобун эрэ, сордонобун эрэ…

– «и-һи, – диэн Хаим күлэр. – Иккиттэн биирдэстэрин хайаан да булуоҥ… Уон түөрт сыл буолла, мин эмиэ манна «дьолбун» көрдүү кэлбитим. Ол гынан баран баччааҥҥа диэри дьолбун була иликпин, билиҥҥитэ айахпын эрэ ииттэн олоробун. Оттон атыттар бэрт түргэнник байаллар. Мантан уон көстөөх сиргэ «Бойкое место» диэн симиэбийэ баар. Онно урут Фризер диэн дьэбириэй, эмиэ мин курдук, онон-манан кыранан эргинэн олорбута. Билигин кини Киренскэй куоракка олохтоох, борохуоттаах, улахан атыыһыт. Хантан кини ол баайы ылла?.. Таҥара эрэ биэрдэҕинэ, ол курдук түргэнник байыахха сөптөөх… Оттон таҥара мин көрдөһүүбүн истибэт…

– Хаим! – диэн хос иһиттэн дьахтар саҥата чаҕаарда.

– Сип-сибилигин! – Хаим атыылаһааччылары лааппытын иһиттэн таһаартыыр. Кини дьон кэнниттэн тахсан эрэр Сүөдэри санныттан тардан тохтотор. – Дьолгун көрдөө!.. Дьол көмүскэ сытар!.. Эн манна баар сахалары батыһыма. Мас кэрдиититтэн улаханнык байыаҥ суоҕа… Көмүс буллаххына эрэ байыаҥ. Билигин мин уонча буут көмүһү буларым буоллар, Хаим Исаакович Адашкин атыыһыт диэн бүтүн Тайҕа үрдүнэн аатырыа этим… «о-о! Таҥара оннугу миэхэ биэриэх эрэ быһыыта суох… Эдэр киһи, эн, дьолгун булуоҥ!

Сүөдэр, симиэбийэтигэр төннөн иһэн, Адашкин атыыһыт эппитин эргитэ саныыр. Кырдьык даҕаны, Сүөдэр истэринэн, билэринэн, үгүс сахалар манна киирэн мас кэрдиитигэр үлэлииллэр да, байан тахсыбыт киһи баара иһиллибэт. Дойдуларыгар элбэх көмүстээх төннүбүт дьон бааллара эмиэ биллибэт.

«Баҕар, атыттар арыгылаан, хаартылаан матайдаан кэбиһэллэрэ буолуо. Мин оннук буолуом суоҕа… Кырдьык, көмүс үлэтигэр киирэрим ордук буолсу», – диэн Сүөдэр быһаарынар.

III

Сүөдэрдээх Маайа, икки симиэбийэни ааһан баран, үһүс хонуктарыгар Весеннэй бириискэҕэ эмиэ симиэбийэ дьиэ аттыгар кэлэн тохтууллар. Манна, Үөһээ Тайҕаҕа тахсар суол айаҕа буолан, кэлиитэ-барыыта, дьоно-сэргэтэ элбэҕэ сүрдээх. Симиэбийэ иһигэр киһи лыык курдук быһыылаах. Оннооҕор таһырдьа хас мас төрдүн аайы алталыы-сэттэлии дьон чөмөхтөһөн олороллор. Сүөдэрдээх биир тиит төрдүн булан тохтууллар. Ол олордохторуна, биир илбирийбит таҥастаах нуучча киһитэ кэлэр:

– Эһиги кэргэнниигит дуо?

– Кэргэнниибит, – диир Маайа.

– Мин эмиэ эһиги оҕоҕут курдук оҕолоох этим, онтум дойдубар хаалбыта… Ханна баран иһэҕитий?

Бу киһи эйэлээхтик кэпсэтэн барбытыттан Сүөдэр холкутуйар уонна мичээрдии-мичээрдии этэр:

– Көмүстээх Тайҕаттан дьол көрдөһө баран иһэбит… Эһиги хантан иһэҕитий?

– Алын Тайҕаттан. Онно быйыл сайын бэрт элбэх киһи кэллэ, билигин да кэлэ тураллар… Онон үлэ сыаната түһэн хаалла. Биһиги курдук дьон үлэлээн туһаммат буоллубут… Хоргуйан өлүөн баҕарбат киһи тэскилээтэҕинэ сатаныыһы.

Сүөдэр кэргэнин Маайа диэки көрөр. Ити дьон кинилэр баран иһэр сирдэриттэн куотан иһэллэр. Ол аата, кинилэр да онно тиийэн туох да үчүгэйи булбат дьон истэхтэрэ.

– Ити киһи дойҕоҕун истимэҥ! – диэн уҥа өттүлэригэр олорор алта киһилээх артыалтан кырдьа барбыт көмүсчүт саҥарар. – Биһиги Үөһээ Тайҕаттан куотан киирэн иһэбит. Онно дьэ чахчы куһаҕан. Күнүс үлэлээн сордонон булбут көмүскүн түүнүн ороспуойдар киирэн талаан ылаллар… Алын Тайҕаҕа оннук буолбатах үһү. Алын Тайҕаҕа ордук дииллэр.

Сүөдэрдээх бу түүн бэрт өргө диэри: «Ханна барабыт? Хайдах дьон буолабыт?» – диэн сүбэлэһэллэр. Ол сүбэлэһэн даҕаны хайыахтара баарай: бачча кэлэн баран ханна төннүөхтэрэй? Кинилэр, баран испиттэрин курдук, Алын Тайҕаҕа барарга быһаарыналлар.

Кинилэр сарсыныгар киэһэлик соҕус Федосьевскай бириискэҕэ тиийэллэр. Сүөдэр үлэҕэ кэпсэтэ бириискэ хонтуоратыгар барар. Кини ыкса киэһэ Маайа, көһүтэ сатаан баран, утары бараары турдаҕына кэлэр.

– Тоҕо бачча өр буоллуҥ?

– Тойонноро кэлэрин көһүттүм.

– Үлэҕэ ылла дуо?

– Суох.

– Тоҕо?

– Липаевскайга үлэҕэ ылар хонтуора баар үһү. Онтон атын сиргэ ханна да үлэҕэ ылбаттар үһү.

– Ол хонтуора төһө ыраах үһүнүй?

– Ыйыппатым ээ.

Сүөдэрдээх аһаҕас халлаан анныгар, ханнык эрэ сарай аттыгар, хонон тураллар уонна Липаевскай бириискэ ханна баарын дьонтон истэн, аны онно бараллар. Кинилэр дьоллоругар, ол бириискэ соччо ырааҕа суох эбит. Күн ортото ааһыыта Липаевскай бириискэҕэ кэлэллэр. Хонтуора аттыгар бэрт үгүс киһи биэрэстэлээх сиринэн уочараттаан тураллар эбит.

Сүөдэр маннык уһун уочаракка туруон саарыыр: «Бачча үгүс киһи хаһан баранан, кини тиийиэй?» Ити икки ардыгар бэрт үгүс киһи кэлэн уочарат кутуругар турар.

– Сүөдэр, ити дьону кытта туруоххун, – диир Маайа.

Сүөдэр уочарат кутуругар баран турар. Маайа оҕотунаан күлүк соҕус сиргэ баран олороллор.

Дьону үлэҕэ ылар хонтуора кыракый чуолҕан түннүгэ аһыллар. Уочаракка турааччылар, бытаан да соҕустук буоллар, иннилэрин диэки син сыҕарыйаллар. Сотору соҕус Сүөдэр чуолҕаҥҥа чугаһаан кэлэр. Кини чуолҕаҥҥа өҥөс гынаатын кытта, иһирдьэ олорор чиновник үрүт-үрдүгэр ыйытан барар:

– Сааһыҥ хаһый?.. Хайа губернияҕа төрөөбүккүнүй?.. Ким диэҥҥиний?.. Хайа омуккунуй?..

– Сахабын, – диэн эрэ хардаран хаалар Сүөдэр.

– Кэргэннээххин дуо?

– Баар… Биир оҕолоохпут…

– Ойохтооҕу, оҕолооҕу үлэҕэ ылбаппыт. Халбарый! Ким уочаратай?

Кэнники турар киһи Сүөдэри халбарыччы анньаат:

– Мин… Мин баарбын! – диэн чуолҕаҥҥа хаһыытыыр.

Сүөдэр санаатыгар халлаан кытта хараҥара түспүтэ. Ити аата, бачча ыраах сиргэ эрэй бөҕөнү көрөн кэлэн бараннар, саатар, үлэни булбатылар. Дьэ, билигин хайдах дьон буолалларый? Дойдуларыгар төннүөхтэрин, харчыларын барытын суолга туттан кэллилэр. Оо, кини соҕотоҕо буоллар, үлэни булбатаҕын да иһин, ханна эмэ кыбыллан сылдьыа этэ. Билигин кэргэнинээн, оҕолорунаан хайдах дьон буолалларый?

– Аккаастаатылар дуу?.. – Маайа, кэргэнин сирэйин көрөөт, сэрэйэн, хараҕа ууланан барар.

– Аккаастаатылар… – Сүөдэр куолаһа титирэстээн ылар.

– Оо, хайдах киһи буолар сордоохторбутуй?!

Сүөдэрдээх мантан киэһэ аҕыйах харчылаахтарыгар ыалтан орон наймылаһаары бириискэ ыалларын кэрийэллэр. Хас балаҕан аайы киһи тобус-толору. Ороннооҕор буолуох сиринэн даҕаны сытар миэстэ көстүө суох курдук. Ыкса киэһэ бөһүөлэктэн тэйиччи турар балаҕаҥҥа киирэллэр.

Бу балаҕан бириискэ баанньыга эбит. Онно Илья диэн нуучча оҕонньоро олороро, кини нэдиэлэҕэ иккитэ баанньык оһоҕун оттор, чааҥҥа уу баһан кутар үлэлээх этэ.

Илья оҕонньор күрэҥсийэн эрэр уһун бытыгын, хараҕын саба түспүт хойуу хааһын көрөн баран, Маайа куттана саныыр:

– Сүөдэр, кэбис, мантан барыах.

Оҕонньор киирбит дьоҥҥо утары туран кэлэр.

– Хантан сылдьаҕытый? – диэн кини намыын куолаһынан ыйытар.

– Биһиги сахаларбыт, – диир Сүөдэр.

– Ээ, манна сахалар хам-түм көстөн ааһааччылар… Бу оҕолооххут дуу?

– Оҕолоохпут, – Сүөдэр оҕонньор аһыммыт курдук ыйыппытыттан холкутуйа түһэр. – Тохтуур сирэ суох буолан сылдьабыт.

– Барахсан сылайаахтаабыт… Ити лааппыга сытыарыҥ, – диир оҕонньор. – Бачча түүн ханна барыаххытый – манна хонуҥ.

Сүөдэрдээх бу түүн бэрт сынньалаҥнык утуйан, сарсыарда сүрдээҕин чэпчээн тураллар. Илья оҕонньор хайыы-үйэ туран, чэйин оргутан бэлэмнээн олорор эбит.

– Хайдах хоннугут? – диэн эйэҕэстик ыйытар.

– Олус үчүгэйдик. Сынньанан абыранныбыт… дьиэҕэ утуйбатахпыт өр буолла, – диир Сүөдэр уонна оҕонньорго бэйэлэрин олохторун туһунан кэпсээн барар.

– Эһиги, оҕолоох дьон, эрэйи көрүөх эрэйдээхтэргит… Соҕотох киһи, син кынаттаах көтөр кэриэтэ, хайдах баҕарар, ханна баҕарар сылдьыан сөп. Оттон кыра оҕолоох киһи кыната кэлгиэлээх көтөр курдук. Үлэ булара да кытаанах буолааччы, – диэтэ Илья оҕонньор, Сүөдэр кэпсээнин истэн баран. – Ити эрээри олус улаханнык санаарҕаамаҥ, баҕар, эһигини сотору үлэҕэ ылыахтара… Бу дойду үлэтэ ыарахан үлэ. Кутталлаах даҕаны. Пророк-Ильинскэй бириискэҕэ отут сэттэ киһи шахтаҕа түһэн баран биирдэстэрэ да тахсыбатах сурахтааҕа… Шахта сиҥнибит. Онтон үөһэттэн хаһа сырыттахтарына, аны уу киирэн туолан хаалбыт… Биирдэстэрин да быыһаабатахтар.

Оҕонньор кэпсээнин истэ-истэ, Маайа кэргэнин Сүөдэр диэки: «Кэбис, мантан куотуох, атын сиргэ барыах!» – диэбиттии көрүтэлиир.

– Эһиги ол-бу сурахтан олус куттанымаҥ. Киһи эрэ барыта оннук ынырык алдьархайга түбэспэт. Шахта да сиҥниитэ күн ахсын буолбат… Кэлиҥ, аһааҥ! Күнү быһа эмиэ үлэ көрдөөн муҥнанаргыт буолуо.

Оҕонньор ыҥырбытыгар Сүөдэрдээх үөрүүнэн остуол аттыгар кэлэллэр. Сэмэнчик улахан куһуок килиэби ылан, сиэн мотуйан барар. Аһыы олорон Сүөдэр, бу урут хаһан да көрбөтөх оҕонньорун аһыныгас сүрэҕэр махтана санаан, кини аатын өйдүү, ахта сылдьаары ыйытар:

– Оҕонньоор, аатыҥ ким диэний?

– Миигин билигин Илья диэн ааттыыллар… Урут Николай диэн ааттааҕым.

– Ол хайдах аатыҥ уларыйбытай?

– Элбэҕи билиэҥ – сотору кырдьыаҥ… Тайҕа киһи аатынааҕар буолуох, дууһатын кытта уларытар… Уларыйдаҕа дии… Ол курдук наада этэ… – оҕонньор саҥата суох олоро түстэ, онтон эттэ: – Хата, бу кэргэниҥ оҕотунаан манна миэхэ хааллыннар. Эн соҕотоҕун сылдьан үлэтэ көрдөө… Үлэҕэ киирдэххинэ, кэргэҥҥин, оҕоҕун илдьиэҥ буоллаҕа дии. Федосеевскай эрэ бириискэҕэ сөбүлэһимэ, онно становойдара куһаҕан киһи. Былырыын манна эмиэ уончалаах кыыстаах кэргэннии дьон хонон сылдьыбыттара. Ол дьон быйыл, кыыстарын көмөн баран, дойдуларыгар төнүннүлэр.

Сүөдэр хаста да оҕотун Сэмэнчик диэки көрөн ылла. Маайа эмиэ, оҕотун көрө-көрө, кэри-куру буолан олорор.

– Ол оҕо хайдах өлбүтэй? – Сүөдэр оргууй ыйытар. – Куһаҕан, сыырастаах дьиэҕэ олорон сыыстардаҕа дуу…

– Суох… Становой, ол кыыһы көрөн баран, обходнойга эппит: «Кыыһы миэхэ киллэр!» – диэн. Обходной кыыһы тойонугар таһаараары сосуһа турдаҕына ийэтэ кэлбит, «Оҕобун ылыма, миигин илт!» – диэн көрдөһө сатаан кэбиспит. «Эйигин, кырдьан хаалбыт хаарбаҕы, киллэрдэхпинэ, тойонум иккиэммитин киэр кыйдыаҕа», – диэн обходной онуоха буолумматах. Ол ыт кыракый кыысчааны тойонугар көтөҕөн таһааран биэрбит. Быыкайкаан, хатыҥыр оҕо этэ. Былырыын манна хас да хоммута. Миигин «Дедусь!» диэн ааттыыра. – Оҕонньор хараҕын уутун соттор. Өр соҕус кыайан саҥарбат буола бөтөн хаалар. – Ол оҕо эрэйдээх дьиэтигэр атаҕар нэһиилэ уйуттар буолан төннүбүт. Киирээт наараҕа охтубут уонна… турбатах. Бүттэҕэ ол.

Сүөдэр эмиэ үлэ көрдөһө барар. Били бэҕэһээҥҥи сиригэр кэлэн эмиэ уочараттаһар. Киэһэлик соҕус уочарата үлэҕэ ылар түннүктэригэр тиийэр.

– Кэргэннээххин дуо? – диэн түннүгүнэн эмиэ бэҕэһээҥҥилэрин курдук ыйыталлар.

Сүөдэр манна кэлэригэр кэргэннээҕин мэлдьэһиэх санаалааҕа баара да:

– Кэргэннээхпин, биир оҕолоохпун, – диэн кырдьыгын этэн кэбиһэр.

– Кэргэннээхтэри, оҕолоохтору үлэҕэ ылыллыбат… Ким уочаратай?

Сүөдэр түннүктэн арахпат. Кини ыксаабыт куолаһынан ааттаһан-көрдөһөн барар:

– Мин кэргэннээҕим, оҕолооҕум тугу мэһэйдиирий?.. Дьонтон итэҕэһэ суох үлэлиэм… Дьоммун атын сиргэ олордуом…

Чуолҕантан кини көрдөһөрүгэр букатын кыһаллыбатах куолас:

– Мэһэйдэһимэ!.. Ким баарый? – диэн бардьыгыныыр.

Сүөдэри дьон халбарыччы анньаллар. Кини ити курдук хас да хонук устата уочараттыы, көрдөһө сатаан кэбиһэр да, туох да туһа тахсыбат. Күн аайы халлаан тымныйан, күһүн чугаһаан иһэрэ биллэн барар.

Бэйэтэ да аһыыр аһынан кэмчи, таҥнар таҥаһынан тутах кырдьаҕас оҕонньорго Сүөдэрдээх хайдах найыланан олоруохтарай, бириискэлэри кэрийэн үлэ көрдөһө бараллар. Бодойбо үрэҕин батыһан, Скалистай бириискэҕэ тиийэ бараллар да, кинилэри ким да үлэҕэ ылбат. Онтон Бодойбо куоратыгар киирэн, аны баай атыыһыттартан үлэ көрдөһөллөр да, үлэ эмиэ көстүбэт. Ол кэнниттэн, харчыларын тобоҕунан билиэт атыылаһан, тимир суолунан Надеждинскай бириискэҕэ тахсаллар. Онно эмиэ мэлийэллэр.

IV

Сүөдэрдээх киэҥ Тайҕа буоругар үктэммиттэрэ икки ыйа буолла, ол тухары үлэни булбатылар. Били аҕыйах сүөһүлэрин атыылаан, уһун кыһыны быһа үлэлээн булуммут харчылара, сааскы хаар биллибэккэ симэлийэн иһэрин курдук, хонон турдахтарын аайы аҕыйаан, бүтэн барар.

Маайа оҕотунаан Сэмэнчиктиин кыайан хаампат да буола быста сылайаллар. Ол иһин Сүөдэр кинилэри биир бириискэҕэ үлэһиттэр бараахтарыгар хаалларан баран, бэйэтэ Мариинскай бириискэҕэ эмиэ үлэ көрдөһө тахсар. Онно эмиэ үлэни булбакка гынан баран, дьонун хааллартаабыт бириискэтигэр төннөн иһэн, икки ыттаах, бэрдээҥкэ саалаах, саханы маарынныыр сирэйдээх булчут киһини көрсө түспүтэ.

– Якоҕун доо? – диэн булчут хайдах эрэ олурҕа соҕустук сахалыы ыйыппыта.

– Сахабын, – диэбитэ Сүөдэр. – Эн хайа диэки киһигиний?

– Мин доо? Мин эмиэ якобун, монно-о олохтоохпун.

Кинилэр кэпсэтэннэр билсиспиттэрэ, бу булчут манна олохтоох эбэҥки киһитэ эбит. Кини мантан чугас соҕус сахалар мас кэрдэ сылдьаллар, онно тахсан үлэлэс диэн Сүөдэргэ сүбэлиир.

– Монтон чугос Лэгиэнтойской прииско баар. Оль тоһугар эльбях яколор олороллор. Кинилэр тойонноро бойото яко киситэ, Сэмон диэн. Оль кэнэ дьобруой Копостун мос үльэльэтор. Эн онно бар!

Сүөдэр, булчуту кытта быраһаайдаһан баран, киэһэлик соҕус бириискэтигэр төннөн киирбитэ. Кинилэр манна урут үс хонук устата үлэһиттэр олорор бараахтарыгар олорбуттара. Ону даҕаны кинилэр, кыра оҕолоох дьон, хонор сирдэрэ суох эрэйдэнэ сылдьалларын көрөн аһынан, үлэһиттэр сыҕайсан, бараах биир муннугар сытар сир биэрбиттэрэ. Сүөдэр дьонун хааллартаабыт барааҕар кэлбитэ Маайата оҕотун көтөхпүтүнэн, утуйар таҥастарын үрдүгэр таһырдьа мас кыстыыр сиргэ тахсан олорор эбит. Хотуттан тымныы тыал быһыта сынньар. Хам-хаадьаа кыырпах хаар ыһыллан ааһыталыыр. Дьоно тоҥон, буорайан олороллорун көрөн, Сүөдэр сүрэҕэ ытырбахтыы түһэр.

– Маайа, бу тоҕо таһырдьа олороҕутуй?

– Үрээнньик кэлэн үүртэлээн таһаартаата, – Маайа ытамньыйан барар.

– Ол тоҕо үүрэн таһаартаата?

– «Үлэлээбэт буолан баран, үлэһиттэр бараахтарыгар олороргут сатаммат!» – диир.

– «Үлэлээбэт буолан баран!..» – диэн Сүөдэр ис-иһиттэн абаран кэлэр. – Мин үлэлиэхпин баҕарбат үһүбүн дуо?! Үлэ көрдөөн атаҕым тириитэ тэстэригэр тиийдэ дии! Сор да буолар эбит!

Маайа кэргэнэ Сүөдэр муҥатыйарын, абаккарарын көрөн төһө да аһыннар тугунан да көмөлөһөр кыаҕа суох. Кинилэр өр соҕус саҥата суох олороллор. Күн киэһэрэн, халлаан хараҥаран барар. Сүөдэр дьагдьайар, туран төттөрү-таары хаамыталыыр. Кини хантан хонор сир буларын туһунан толкуйдуу сатыыр да, туох да туһалааҕы тобулбат. Үөһэ тыынан эрэ кэбиһэр.

– Тайҕа киэҥ, оттон эн биһикки хонор сирэ суох буоллахпыт. Дьэ, бэрт өлүү доҕор!.. Бу туох үлүгэр муҥай!

Маайа Сүөдэр муҥатыйдаҕын ахсын ыксыыр, устунан кыайан туттунумуна, тулуйумуна ытаан барар. Сэмэнчик хап-хара харахтарынан маҥнай аҕалаах ийэтин диэки көрүтэлээмэхтиир, онтон төбөтүн ийэтин түөһүгэр анньан баран, эмиэ ытаан марылыыр.

Дьоно ытаспыттарыттан Сүөдэр уйадыйар:

– Маайа, төрөөбүт дойдубут диэки төннөбүт дуу, хайдах дуу?

Сүөдэр дьонун аралдьытаары эрэ ити курдук этэр, дьиҥинэн, кинилэр билигин төрөөбүт буордарыгар хайдах да төннөр кыахтара суоҕун кини бэрт үчүгэйдик билэрэ. Харчыта суох туохтарынан аһаан, туохтарынан таҥнан, туохтарынан борогуоннанан төннүөхтэрэй?!

Бу олордохторуна сирэйин аллараа өттүн бүтүннүүтүн саба үүммүт хара бытыктаах, эргэ илдьирийбит сэлээппэлээх, дьэрэкээн ойуулаах кыһыл сиидэс ырбаахылаах нуучча киһитэ кэлэр. Кини, бараахха киирээри ааҥҥа тиийэн баран, Маайалаах Сэмэнчик ытаһа олороллорун көрөн, тохтуур уонна оргууй аҕай чугаһаан кэлэн Сүөдэртэн ыйытар:

– Тоҕо ытаһалларый? Ким атаҕастаата?

– Ким да атаҕастаабата… Хонор сирэ суох олоробут. Таһырдьа, аһаҕас халлаан анныгар утуйарбытыгар тиийдибит. Бу үлүгэр тымныыга, ардахха таһырдьа хонноҕуна, бу оҕобут эрэйдээх киһи буолсу дуо?

– Бараахха киирэн утуйуоххутун?

– Үрээнньик кэлэн мин суохпуна бу дьоммун таһырдьа үүртэлээн кэбиспит.

– Уонна ким да атаҕастаабата диигин!.. Ыттар! – диир хара бытыктаах киһи. – Чэйиҥ, миигин кытта барыаҕыҥ!

Маайа оҕотун көтөҕөр, Сүөдэр утуйар таҥастарын сыыһын кыбынар уонна урут хаһан да көрбөтөх нууччаларын батыһаллар. Ол барсан иһэн, Сүөдэр иһигэр саныыр: «Хата бу туох амарах сүрэхтээх барахсана кэлэн дьиэтигэр ыҥырдаҕай! Бу киһи, бука, бэйэтэ дьиэлээх буолуо?». Онтукалара нууччалара кинилэри эмиэ хаһыанай бараахха аҕалар. Сүөдэр, ону көрөн, эмиэ курус буола түһэр. Хара бытыктаах киһи кинилэргэ бараах аанын нэлэччи аһан биэрэр:

– Баһаалыста, киириҥ.

– Эн ыҥыраахтыыгын да, син эмиэ хаһыанай бараах эбит буолбат дуо? Үрээнньик кэлэн эмиэ үүрэн таһаарыа суоҕа дуо? – диэн Сүөдэр бараахха киириэн толлубут курдук буолар.

– Мин бэйэм ороммун бэйэм бас билэбин, харчытын төлөөн турабын. Онно сытыарыам. Киириҥ!

Сүөдэрдээх Маайа, бытыктаах нууччаны батыһан, бараах иһигэр киирэллэр. Ыҥыртаан киллэрбит киһилэрэ оронуттан утуйар таҥаһын хомуйан ылар, Маайа диэки эйэҕэс баҕайытык көрүтэлээн баран этэр:

– Эн, оҕолоох киһи, бу мин оннубар сыт, оттон биһиги, эр дьон, хонон турар сири булуохпут!

Маайа сонно оронун оҥостон, оҕотунаан хоонньоһон, ичигэскэ уулара кэлэн, утуйан хаалаллар.

Хара бытыктаах киһи Сүөдэри ыҥыран илдьэн чэйдэтэр, ол кэнниттэн утуйар таҥаһын көтөҕөн бараах биир муннугар аҕалан тэлгии быраҕар:

– Чэ, манна иккиэн утуйуох!

Сүөдэр урут хаһан да көрсүбэтэх нууччатын киһитин кытта хоонньоһон утуйарыттан хайдах эрэ толло саныыр. Ол эрээри кини күнү быһа хааман сылайбыта сүр, онон хайдах да утуйан сынньаннаҕына табыллар. Иккиэн таҥастарын сыгынньахтаммакка эрэ сыталлар. Баҕанаҕа ыйанан турар лаампаны умуруораллар, хабыс-хараҥа буолар. Дьон хайы-сахха утуйан, муннуларын тыаһа хаһыҥыраан барар. Сүөдэр, төһө да утуйуон баҕардар, уута кэлбэт. Кини хамсаабакка таалан сытар. Хара бытык, балайда саҥата суох сыппахтаан баран, Сүөдэр диэки эргиллэр.

– Хантан сылдьаҕытый?

Сүөдэр хантан сылдьалларын, үлэ булбакка эрэйдэммитин барытын сиһилии кэпсиир.

– Миигин Саха уобалаһыгар олохтоору гыммыттара табыллыбатаҕа, – диир нуучча.

– Ол хайдах? – диэн Сүөдэр дьиктиргиир. – Ол ким эйигин Саха сиригэр олохтоору гыммытай?

– Александровскай централга хаайыллар болдьохпун бүтэрбитим кэннэ, миигин Саха уобалаһыгар көскө ыытарга оҥорбуттара. Онно илдьэн истэхтэринэ, Лена баһынааҕы Жигалово дэриэбинэттэн күрээбитим…

Сүөдэр хаайыылаахтартан, абааһыттан куттанар курдук, куттанар этэ. Кини хаайыылааҕы, күрүөйэҕи кытта хоонньоһо сытарыттан этэ саласта, куйахата ытырбахтаата. Хаста да туруох курдук санаталаан баран, нэһиилэ туттунна.

– Күрүүрүн күрээбитим да, көҥүлгэ өр сылдьыбатаҕым, Красноярскай аттыгар тутан ылбыттара. Иккистээн Нерчинскэй заводка хаатырга үлэтигэр ыыппыттара… Онтон эмиэ күрээбитим. Россия диэки барыахпын тутан ылыахтара диэн куттанан, манна кэлбитим.

Сүөдэр хоонньоһо сытар киһититтэн тэйэ сыҕарыйар. Хара бытыктаах нуучча киһитэ Сүөдэр тэһииркээбитин, куттаммытын билэн, уоскутар быһыынан этэр:

– Эн миигиттэн куттаныма. Бэйэтэ кыһалҕаҕа сылдьыбыт эрэ киһи атын киһи кыһалҕатын өйдүүр. Мин ол иһин кэпсиибин. Мин кими да тыыппат, атаҕастаабат киһибин… Мин эмиэ дойдулаах, дьонноох этим. Оҕом эрэйдээх, ханна эрэ баара буолла, тыыннааҕа дуу, өлбүтэ дуу?.. – диэн баран, нуучча дириҥник үөһэ тыынна. Өр соҕус иккиэн саҥата суох сыттылар.

Бараах иһигэр ким эрэ түһээн үлүгүнэйэр, ким эрэ хабырынан кычырҕатар, арыт ынчык иһиллэр. Бары ыараханнык утуйаллар быһыылаах. Буолумуна даҕаны, бу хаһыанай бараахха олорор дьон сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан киэһэ хараҥа буолуор диэри инчэҕэй шахтаҕа тобуктарынан тымныы ууну, бадарааны кэһэ сылдьан үлэлииллэр. Үгүстэрэ уҥуох-сүһүөх, сис-дьарҕа ыарыылаахтар. Манна күн ахсын бириискэлээх баайдар хармааннарыгар кыһыл көмүс сүүрүк курдук кутуллан киирэр. Оттон бу бараахха ити үлүгүнэйэ сытар дьон, кыһыл көмүһү үлэлээн булааччылар, хоргуйан эрэ өлбөккө олорор харчыларын аахсаллар. Кинилэр бу хотон курдук бараахтарга олороллор. Бу бараахтара кыһын киһи тыына хааттарыах ыарахан сыттанар. Сүөдэрдээх Маайаҕа билигин маннык да олох улахан баҕалаах этэ.

Хара бытыктаах нуучча, өр соҕус саҥата суох сыппахтаан баран, уйадыйбыт куолаһынан этэр:

– Оҕобун ахтарым бэрт… Көрбөтөҕүм аҕыс сыл буолла. Миигин оҕом иккитин туола илигинэ хаайбыттара. Тутан илдьэллэригэр оҕом эрэйдээх «папа» диэхтээбитэ.

Бу киһитин Сүөдэр олус аһынна. Арай кинини оҕотуттан, Сэмэнчиктэн, арааран, хаайан дуу, хайаан дуу ыраах өр сылларга илдьэ барар буоллуннар! Итинник санаат, Сүөдэр уйадыйар, хараҕын уута тахсар.

– Мин эһиги оҕоҕутун көрөөт, бэйэм оҕом эрэйдээҕи санаатым. Ол иһин ити ороммун туран биэрдим, – диир нуучча Сүөдэргэ. – Оҕо барахсан утуйдун, сынньаннын. Биһиги кыайбатахпытын, баҕар, кинилэр кыайыахтара. Оҕо диэн киһи инники эрэлэ, кэскилэ…

Сүөдэр улаханнык мунар. «Маннык үтүө санаалаах киһи, тугу оҥорон, тоҕо хаайылла сылдьыбыта буолуой? – диэн таайа сатыыр. – Киһини өлөрүөн, дьон баайын-малын уоруон сатаммат. Оччоҕо кини тугу оҥорон хаайыллыан сөбүй?»

– Тоҕо хаайылла сылдьыбыккыный? – диэн Сүөдэр ыйытар.

– Хаайылла сылдьыбыт киһиттэн хаһан да ити курдук ыйыппат буол, – диир онуоха киһитэ. – Сорох кыбыстан кырдьыгын кэпсиэ суоҕа, сорох куттанан кэпсиэ суоҕа.

Сүөдэр сыыһа ыйыппытын кэмсинэ саныыр. Кини Тайҕаҕа кэлбитэ икки ый буолла да, биир да киһини кытта үчүгэйдик бодоруһа илик. Ити сыыһа эбит. Кини бу билигин хоонньоһо сытар нууччатыттан урут ханна эрэ суолга көрсүспүтэ буоллар, улаханнык дьиксиниэ, куттаныа этэ. Ол киһитэ хайдах курдук ыраас сүрэхтээх барахсан эбитий! Ити курдук Сүөдэр бэрт элбэҕи эргитэ саныыр.

Ыас-хараҥа ортотуттан кини хоонньоһо сытар киһитэ сибигинэйэр:

– Эн урут үлэһиттэр ортолоругар олоро сылдьыбытыҥ дуо?

– Суох.

– Оччоҕо дьон тоҕо хаайылларын мантан антах билэн иһиэҥ. Чэ, утуйуох!

Сүөдэр сарсыарда туран дьон кэпсэтэриттэн билбитэ: кини хоонньоһон утуйбут киһитин Трошка диэн ааттыыллар эбит. Кинини бу бараах дьоно улаханнык ытыктыыллар быһыылаах.

Бараах ортотугар турар икки саһаан кэриҥэ усталаах билиитэ оһоххо үлэһиттэр астарын астаналлар, чэйдэрин оргутуналлар. Үлэлэригэр бараары тиэтэйэллэрэ сүрдээх. Ким урут чэйин оргутуммут тиэтэлинэн аһаан бучумахтанар. Ол олордохторуна эмискэ бараах аана тэлэччи быраҕылынна. Таһырдьа, халлаан саҥардыы сырдаан, үөл-дьүөл буолан эрэр эбит. Ааҥҥа кэлэн хоруйан турар ат үрдүттэн киһи атахтара бокуойа суох чороҥолоотулар.

– Баччааҥҥа диэри үлэҕитигэр тахсыбакка утуйа сытаҕыт дуо?! Түргэнник тахса охсуҥ! – диэн маатыра булкаастаах саҥа иһилиннэ. Бараах иһигэр баар дьон бука бары, куттаммыт курдук, саҥата суох ньимийэн олордулар. Арай били бөлүүн Сүөдэр хоонньоһон утуйбут киһитэ бэрт холку куолаһынан хардарда:

– Аччык киһи үлэлээбэт, аһаан бүттэхпитинэ тахсыахпыт.

– Хаайыылаах, ити эн дьону таҥнары сөрүүгүн!.. Бэйи, эн иэниҥ этигэр кымньыынан оонньуурум буолуо! – диэт аттаах киһи ойута турда. Бараах аана аһаҕас хаалла. Сарсыардааҥҥы тымныы салгын бараах иһин толордо.

– Евстигнеюшка олус аллааҕымсыйа сатыыр. Үлэһиккэ аһыыр да бокуойу биэрбэт, – диэтэ ким эрэ саҥата бараах хараҥа муннугуттан.

– Инньэ диэн бэйэтигэр этиэххин… Кинини көрдөххүнэ, үс бүгүйэх буола тоҥхоҥнуугун… Хаһан хараҥа муннуккуттан тахсан, санааҕын сирэйдэригэр этэҕин?! – дии-дии Трошка ылтаһын куруускатыгар чэй кутунна. Кыракый холуста мөһөөччүктэн килиэби уонна сыыры ылан Сүөдэргэ уунна: – Мэ, манан оҕоҕутун аһатыҥ!

Сүөдэр туран Трошка бэрсибит килиэбин уонна сыырын ылан дьонугар барда. Маайа уонна Сэмэнчик уһуктан баран, бараах иһигэр дьон элбэхтэриттэн толлон сыталлар эбит.

Сорохтор аһаан бүтэн, килиэптэрин, аһылыктарын тобоҕун холуста суумкаларыгар угуннулар, үлэҕэ кэтэр таҥастарын таҥыннылар.

– Евстигнеюшка тойоммутугар Сибиряковка дэбиэринэй буолаары биһигини сордоон эрэр, – диир ким эрэ саҥата.

– Кини курдук ыт дэбиэринэй буоллаҕына, Сибиряков шахталарыгар биир да киһи үлэлиэ суоҕа, – модьу-таҕа көрүҥнээх кырдьаҕас рабочай үөҕүстэ.

– Эн үлэлиэҥ суоҕа, эн оннугар атын үлэтэ суох хоргуйан өлөөрү гыммыт кэлэн үлэлиэ, – диэн Трошка быһаарардыы этэр.

– Евстигнеюшка курдук ыт киһи ханнык да бириискэҕэ суох. Кини билигин оннооҕор «десятник» эрэ сылдьан ити курдук дьүһүлэнэр. Эгэ дэбиэринэй буоллаҕына хайдах буолуой? Кини дэбиэринэй буоллаҕына – ким да үлэлиэ суоҕа! – диэн эдэр соҕус көрүҥнээх нуучча рабочайа оҕонньору кытта сөбүлэһэр.

– Сибиряков бириискэтэ үлэлээбэккэ турбат баҕайыта ини: киэҥ Тайҕа эстибитэ-быстыбыта ханна барыа диэтэҥий? – Трошка туран, үлэҕэ кэтэр таҥаһын таҥнан барар. Дьон ону кэтэспит курдук, сүр тиэтэл үлүгэринэн таҥнан хачыгыраһаллар. Трошка аһаҕас аан диэки хааман иһэн этэр:


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации