Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 43 (всего у книги 62 страниц)
– Дорообо, табаарыс Усов!
Иван Усов, ким киирэн дорооболоһорун билбэккэ, Сэмэнчиги одуулаһар.
– Дорообо, – диэн тоҥуй соҕустук хардарар.
– Эн миигин билбэтиҥ быһыылаах. Мин Семен Владимиров диэммин… Докумуонум бу баар, көр! – Сэмэнчик ис сиэбиттэн «мандаат» диэн суруктаах кумааҕыны ылан Усовка уунар.
«Бэйи, кимҥин сибилигин билиэм!» – диэбиттии көрө-көрө, Иван Усов докумуону ылар. «Туох киһитэ кэллэҕэй?» – диэн, аны Иван Усов кэргэнэ, хатыҥыр бааһынай дьахтара, кэлэн эрин эҥил баһыттан тайанан туран кумааҕыны одуулаһар. Кини сатаан аахпата көстөр этэ да, хараҕа Сэмэнчик мандаатыттан арахпат.
Иван Усов кумааҕытын Сэмэнчиккэ төттөрү уунар.
– Эйигиттэн ураты били маҥнайгы Совдепка анаммыт дьонтон ким да ордубатах. Онон эн манна Советскай былааһы – ревкому тэрийсэргэр тиийэҕин.
Иван Усов тугу да саҥарбат. Хата, кини оннугар кэргэнэ өрө хабыллан турар:
– Өлөртөн биирдэ куотта диэн, аны иккистээн өлүү айаҕар анньаары гынаҕыт дуо? Дэриэбинэҕэ атыттар даҕаны элбэхтэр. Билбиккит эрэ мин Иваным.
– Билигин ким да өлөрүө суоҕа. Советскай былаас бөҕөргөөн турар, – Сэмэнчик дьиэлээх дьахтары уоскутардыы кэпсэтээри гынар.
– Өлөрүө суоҕа… – дьахтар өссө тымтан турар. – Совдеп оҥороллоругар эмиэ эппиттэрэ: «Ким даҕаны тыытыа суоҕа!» – диэн. Онтулара ханна баарый? Манна хаалбыт дьону барыларын ытыалаан кэбиспиттэрэ буолбат дуо?.. Түксү, сүрэх баастаах дьону тыытымаҥ!
– Ону ким да мэлдьэспэт. Эһиги сүрэх баастааххытын мин билэбин, манна кэлэн ийэбиттэн сиһилии иһиттим. Ол гынан баран биһиги олорор кэммит оннук…
– Бэйи эрэ, эн ийэҥ манна олорор дуо? – дьиэлээх дьахтар уларыйбыт куолаһынан Сэмэнчиктэн ыйытар.
– Манна.
– Ива-ан, бу… Маайа оҕото эбит буолбат дуо?
Иван Усов, уутуттан уһуктубут киһи курдук, Сэмэнчик диэки көрө-көрө:
– Кырдьык дуо, доҕор! – диэмэхтиир.
– Кырдьык буолумуна, Маайа уолабын. Мантан Гудзинскай этэрээтин кытта барсыбытым.
– Маннааҕы оҕобун диэн тоҕо эппэтэххиний? Хата, киһини ордук-хоһу саҥарда сыстыҥ. Чэ, Иван, олоруоҥ дуо, кэпсэт… Бэйэ киһитэ киирбит эбит, – дии-дии дьиэлээх дьахтар хос иһиттэн тахсан барар.
Усов саҥата суох олорбохтоон баран:
– Ревком олохтоноро үчүгэй. Ханнык эрэ басурманнар курдук, былааһа суох олоробут. Колчак кэмигэр тойон буолбуттар былаастан бэйэлэрэ тэйдилэр. Оттон урукку Совдептан мин суос-соҕотохпун… Соҕотоҕун былааһы ыла сатыыр табыгаһа суох курдук.
– Даа, бу икки сыл устата эйигин күрээн, саһан сырытта диэн кэпсииллэр ээ, ханна сырыттыҥ?
– Саһан да диэн… Маҥнайгы сылбар Патом үрэҕэр көмүсчүттэри булан олорбутум. Оттон бу кэлин манна, дьиэм таһыгар сылдьыбытым. Маннааҕы дэриэбинэ да дьадаҥылара эмиэ көмө-хахха буолбуттара.
– Буоллаҕа ол дии. Оннук дьонтон ревкомҥа киллэриэххэ баар этэ.
– Сөп бөҕө этэ буоллаҕа дии.
Ити курдук кэпсэтэ олордохторуна, дьиэлээх дьахтар өҥөс гынар:
– Тахсан чэйдээҥ.
Иван, мичээрдии-мичээрдии, туран кэлэр:
– Куттаныма… Сымнаҕас дьахтар. Ити манна Колчак кэмигэр муустаах ииҥҥэ уга-уга доппуруостааннар, сүрэҕин баас оҥорон кэбиспиттэр. Ийэ диэн итинник буолар, оҕолорун, кэргэттэрин харыһыгар уокка даҕаны киирэн өлөрүн кэрэйбэт. Айылҕа оҥоһуута оннук!
Аһыыр хос остуолун үрдүгэр алтан сылабаар оргуйан ыһыахтана турар. Дьиэлээх дьахтар чэй кутуталаабыт, сэлиэһинэй алаадьытын аҕалбыт.
– Үрдүкү сиртэн сылдьар тойон, биһиги алаадьыбытын амсайан көр! – дьиэлээх хотун мичээрдиир. – Итини даҕаны Сараапап атыыһыттан эрэ булабыт. Төһө даҕаны былаас уларыйда диэн айдаардаргыт, олох уларыйа илик, өтөрүнэн уларыйара да биллибэт.
Сэмэнчик, истибэтэх курдук аһараары гынан баран, тулуйбат.
– Хаһаайка, саҥа былааһы соччо сөбүлээбэккин дуу, тугуй дуу?
– Тугун сөбүлүөхпүнүй? Бу оҕолору көр, таҥнар таҥастарын Сараапап атыыһыттан буллахпытына таҥыннарабыт. Аһыыр аспытын биир оннук. Саҥа былаас буолла диэн туохпут уларыйда? Ити ревкому тэрийэбит диигин. Оттон ревком ас даҕаны, таҥас даҕаны буолбатах, ревкомунан туоххун даҕаны саба туттубаккын.
Сэмэнчик итини утаран туох да диир кыаҕа суоҕа. Кырдьык, дьон, норуот, саҥа былаас кэллэ диэн, саҥаны, үчүгэйи тугу да көрө иликтэр. Ол ревком дуу, Совет дуу олохтоммутун урукку волостной ыстаарыста аата уларытыллыбытын курдук көрөллөр. Норуот тугу эрэ саҥаны, кини олоҕор туһалааҕы көһүтэр, ону ылыар диэри итэҕэйбэт, эрэммэт.
– Табаарыс Усов, дьиэлээх хотун, дьиҥэр тиийдэххэ, сөпкө этэр. Маача дэриэбинэтин бастыҥ бааһыналарын, үтүө ходуһаларын билигин да ити Сараапаптар, Юшминнар, Петуховтар тутан олороллор. Ленин илии баттаабыт «Сир туһунан» декретэ баар. Билигин сири государство бас билэр, кини биирдии киһи, баай бас билиититтэн уурайбыта. Ревком маҥнайгы дьаһалынан баайдар бас билэн олорбут бастыҥ ходуһаларын, үчүгэй сирдэрин кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо дууһа ахсаанынан түҥэтиини тэрийиэххэ.
– Оннук буоллар, дьэ кырдьык, үчүгэй дьаһал буолуо этэ. Ол эрээри, аны былаас уларыйан хаалан, онтубут иэстэбиллээх буолаарай? – дьиэлээх хотун эмиэ да дьулайар курдук тыллаһар.
– Советскай былаас билигин бөҕө.
– Ол курдук бөҕө былаас буоллаҕына, норуокка аһы-таҥаһы тоҕо биэрбэтий?
– Былаас олоҕун саҥа булан эрэр. Ас-таҥас дэлэйэригэр оҥоруохха, үлэлиэххэ, үүннэриэххэ наада.
– Мин көрдөхпүнэ, былаас билигин даҕаны Сараапап илиитигэр баарга дылы дии.
Сэмэнчиги кытта ким да бу дьахтар курдук харса суох кэпсэтэ илигэ. Ол гынан баран кини күннээҕи олох чахчытын этэрэ. Советскай былаас норуокка туох үчүгэйдээҕин, үтүөлээҕин манна билэ иликтэр. Аска наадыйдахтарына, син урукку курдук, Сараапап атыыһыттан баран көрдөһөллөр, таҥаһынан тутайдахтарына, эмиэ биир оннук. «Суох, норуот Сараапап илиитин кэтиирин тухары, кырдьык, Советскай былаас үчүгэйин билиэ суох. Тугу оҥоруохха, хайдах гыннахха табылларый?» – Сэмэнчик быһаарыы көрдүү сатыыр. Кини мандаатыгар сурулла сылдьара: «Советскай былааһы – ревкомнары тэрийэргэ, баайдар бас билэн олорбут сирдэрин дьадаҥыларга туох да төлөбүрэ суох ылан биэрэргэ уонна баайдартан норуоту көлөһүннээн сиир средстволарын национализациялыырга быраап бэриллэр», – диэн.
– Табаарыс Усов, ревком тэрилиннэр эрэ, иккис булгуччулаах дьаһалынан Сараапап атыыһыт лааппыларын сабыы буолуо.
Дьиэлээх дьахтар хараҕа кэҥии, сирэйэ кытара түһэр. Эмиэ киирсибитинэн барар:
– Лааппыны сабар буоллаххытына – Советскай былаас куһаҕан былаас! Биһиги тугу аһаан, тугу таҥнан дьон буолабытый?.. Маҥнай норуоту аһынан-таҥаһынан хааччыйыҥ уонна атыыһыт лааппытын сабыҥ!
– Кырдьык, лааппы сабылыннаҕына, сатаммаппыт. Биһиги дэриэбинэ дьоно үксэ лааппыттан аһаан-таҥнан олороллор.
– Оттон бу курдук гыннахха: сарсын ревком талабыт уонна Сараапап лааппытын, малын норуот туһатыгар ылан биэрэргэ уураах ылынабыт. Ити хайдах буолуой?
– Ол ыламмыт тугу гынабытый?
– Советскай, государственнай лааппыны аһабыт.
– Сөп, буоллун. Колчак харчыта, Романов харчыта бары хаалан тураллар. Сараапап атыыһыт дьоҥҥо бурдугу, эти, табаары көмүскэ, арыыга, түүлээххэ эрэ биэрэр. Бу лааппы туохха биэриэй? – Усов мунаахсыйан ыйытар. Дьиэлээх дьахтар, уҥа сөмүйэтинэн остуолга тохтубут ууну холботолуу-холботолуу, эрэ саҥардаҕына – эрин сирэйин, Сэмэнчик саҥардаҕына – Сэмэнчиги көрүтэлиир.
– Сотору харчы кэлиэ, онуоха диэри эмиэ арыыга, түүлээххэ, көмүскэ уонна кыамматтарга иэс биэриэххэ сөп, – Сэмэнчик хайдах өйдүүрүнэн быһаарар.
– Кыһыллар, Советскай былаас дьон баайын былдьыыр үһүлэр диэн, аны ол айдаана тахсаарай? – Усов дьиксинэр санаатын биллэрэр.
– Итинтэн куттаныахха сатаммат. Баайдартан былааһы былдьаатыбыт, онон кинилэр норуоту көлөһүннээн сиир средстволарын да былдьыах тустаахпыт.
Дьиэлээх дьахтар Сэмэнчик бу этиитин сөбүлүү иһиттэ быһыылаах, хайдах эрэ санаата көтөҕүллүбүт курдук сирэйэ-хараҕа чаҕылыйар. Оҕолоро аһаан бүппүттэрин көрөн:
– Бүппүт буоллаххытына, туруҥ! – диир.
Иван Усов санаарҕаабыт курдук олорор. Кырдьыга да, кини өйүгэр баай бас билэр лааппытын, муспут табаарын, баайын, аһын-таҥаһын былдьаан ылар диэн хайдах да баппат.
– Ыл, көрүөх эрэ, эн мандааккар баайдар малларын былдьаан ылар быраап сурулла сылдьар дуо?
Сэмэнчик мандаатын ылан иккиэн ааҕаллар. Усов хас биирдии тылы ыараҥнатан көрөр курдук ааҕар:
– «Советскай былааһы – ревкомнары тэрийэргэ…» Чэ, ити биллэр. «…Баайдар бас билэн олорбут сирдэрин дьадаҥыларга туох да төлөбүрэ суох ылан биэрэргэ…» Ити эмиэ биллэр. Сир ким даҕаны булбут баайа буолбатах. Ити сөп. «…Уонна баайдартан норуоту көлөһүннээн сиир средстволарын национализациялыырга быраап бэриллэр…». «Көлөһүннээн сиир средстволарын национализациялыырга…» Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй? – дии-дии, Усов Сэмэнчик диэки көрөр.
– «Национализациялааһын» диэн – үбү, баайы чааһынай бас билииттэн былдьаан ылан государство, норуот бас билиитигэр биэрии ааттанар.
– Өскөтө… оннук буоллаҕына, сокуон баар буоллаҕына… ылыахха син, – Иван Усов бэйэтин санаатын түмүктүүрдүү этэр.
IIIСэмэнчик бу дэриэбинэ уулуссатын бэрт үчүгэйдик билэрэ, сайынын атах сыгынньах, кыһынын уллуҥа тэстибит хаатыҥканан мээрэйдээбит ахан сирэ. Ааспыт икки сыл устата туох да уларыйыы тахсыбатах. Син биир уруккутун курдук, өрүстэн тахсар аартык үрдүгэр Сараапап икки лааппыта, хаптаһын хоруобуйалаах улахан дьиэлэрэ кэккэлээн, түннүктэрин тааһынан күн уотугар оонньоон, манна биһиги эрэ баарбыт диэххэ айылаах күөнтээн ахан тураллар. Сараапап дьиэлэрин, лааппыларын утарыта сыалаах мастан тутуллубут дьиэ дьэндэйэн турар. Ити Петухов үрээнньик дьиэтэ. Ол эрээри кини хайдах эрэ Сараапап атыыһыт лааппыларын харабылын будкатын санатар. Ойоҕолото соҕус ылтаһын тимир хоруобуйалаах Юшмин ыстаарыста дьиэтэ көстөр. Бу үс дьон дьиэлэрин тула, бэс туорааҕа тохтубутун курдук, бэрээдэгэ суох ыһыллан, дьадаҥылар, огдооболор, тулаайахтар олороллор. Сорохторо бэйэлэрэ бас билэр балаҕан сыыстаахтар, оттон үгүстэрэ Сараапап хамначчыттарыгар туттарбыт балаҕаттарыгар олороллор.
Сэмэнчик Аанньаахтан бу дэриэбинэҕэ диэри бэрт үгүс дьаам дэриэбинэлэригэр ревкомнары олохтоон, дьон олоҕун кытта билсэн кэллэ. Ханна улахан баай олорор дэриэбинэтэ буолла да, бэрт үгүс дьадаҥылардаах, хамначчыттардаах, үлэһиттэрдээх буолар эбит. Улахан өрүс сүүс үрүйэ сиигин барытын бэйэтигэр оборон ыларын кэриэтэ, улахан баай сүүһүнэн киһи көлөһүнүн супту уулаан байар диэн этэллэрэ чахчы эбит диэн өйдөөбүтэ Сэмэнчик. Большевиктар, киһи киһини көлөһүннээн сиэ суох тустаах диэн, былааһы ылбыттара. Итинтэн сиэттэрэн Сэмэнчик, сарсын ревком ылыныахтаах дьаһалларын саныы-саныы, дьиэтигэр кэлэн киирэр. Кинини уун-утары Сараапап атыыһыт тоҥхолдьуйан, үөрбүт-көппүт көрүҥнээх көрсөр.
– Семен Федорович, дорообо!
– Дорообо.
Бу атыыһыты кытта Сэмэнчик төһө да дорооболоһуон баҕарбатар, киһи эҕэрдэтигэр хардарбат буолара табыллыбат.
– Семен Федорович, мин эйигин көһүтэбин.
– Баһаалыста. Туох наадалаах буолан көһүттүҥ?
– Наадам диэн оччо улахан туох кэлиэй… просто ону-маны кэпсэтээри… – дии-дии Сараапап ытыһын нэлэҥнэтэр. – Куһаҕаны, кутурҕаннааҕы ахтыан киһи төһө даҕаны баҕарбатар, арыт ахтаргар тиийэҕин. Били эһиги аҕаҕытын хаайбыттарын кэннэ, Бодойбоҕо кыһалҕаны көрөн олорор сураххытын истэн, аһынан, манна бэйэбэр ылбытым эһигини. Онно, өһүргэнимэ, эн кыракый уолчаан этиҥ. Көр, билигин хайдах курдук киһи буолбуккун киһи көрө үөрэр…
Сэмэнчик тугу да саҥарбат. Оттон Сараапап, уолу симиттэр дии санаан, өссө киирэн иһиэх санаалаах.
– Семен Федорович, аҕаҕытын мин бэрт үчүгэйдик билэр этим. Кини дойдутуттан, Лэгиэнтэй атыыһыттан, манна куруутун таһаҕас киллэрэр буолара. Оо, билигин баара буоллар, эн бачча киһи буолбуккун көрөн, төһө эрэ дьоллоохтук сананар этэ!
Маайа үөһэ тыынар, биир сири тобулу көрөн олорор.
– Көр, Бодойбоҕо киирэн куһаҕаннык олоруоххутун билбит курдук, дьонуҥ манан ааһан истэхтэринэ: «Манна хаалыҥ, миэхэ үлэҕэ киириҥ», – дии сатаан кэбиспитим. Семен Федорович, мин биир даҕаны тылы сымыйалаабаппын, маамаҥ Мария Семеновна ити олорор, кини да билэрэ буолуо, – Сараапап, сэҥээрии эрэйбит курдук, Маайа диэки көрбөхтүүр.
Кырдьыга, кини итиннэ сымыйаны тугу да эппэт.
– Итини тоҕо миэхэ кэпсиигиний? – Сэмэнчик тулуйбат.
– Семен Федорович, эйиэхэ, саҥа былаас итэҕэллээҕэр, хайаан даҕаны этиэхтэрэ: «Сараапап атыыһыт – баай, дьон көлөһүнүн супту уулаан икки лааппыламмыта», – диэн. Бэйэм, дьиҥэр, эдэр сааспар от оттоон, мас мастаан үөскээбит киһибин. Оттон кэлин, Салаайап көмүсчүт бэйэтигэр кыттыгас ылан, көмүстээх сири буламмыт, кыра даҕаны соҕус буоллар харчыланан, лааппы аспыппыт. Хайа даҕаны былаас атыыта, аһа, таҥаһа суох дьону олордор кыаҕа суох. Оннук атыыны аспыппар буруйдаах буолуом дии санаабаппын… Эһиги бу саҥа былааскыт урут атыыһыттаан сылдьыбыт дьону буруйдуур сокуоннаах дуо?
– Биһиги кими даҕаны буруйдаабаппыт, билигин чааһынай эргиэни бобобут.
– Буоллаҕа ол дии! Миигин манна сорохтор буруйдуох курдук саҥарсаллар. Семен Федорович, эт эрэ, баһаалыста, урукку эргиэммиттэн ордубут табаарбын, ол-бу кыра сээкэйи, дьон билигин наадыйарын атыылаатахпына, буруйдуоххут дуу?
– Үспүкүлээссийэ, чааһынай эргиэн быһыытынан көрөн, буруйдуохпут.
– Оччоҕо мин ол табаарбын, малбын ханна гынабыный?
– Ханна гынаргар быһаарыы бэриллиэ, – Сэмэнчик хаста даҕаны: «Сарсын ревком быһаарыытынан норуот туһатыгар ылыллыа!» – диэри гынан баран, туттунар.
Сараапап сирэйэ дьэбин уоһуйа түһэр. Көхсүн этиппэхтээн баран, тахсаары аан тутааҕын тутан туран:
– Үчүгэй дьаһаллаах былаас кэлбит быһыылаах… Чэ, буоллун… – диэт, тахсан барар. Кини ити «чэ, буоллун» диэн тылы тоҕо бырахпытын Сэмэнчик да, Маайа да сааныы курдук өйдөөтүлэр.
Сараапап саныы-саныы иһэ буһан кэлэр: «Мин баайбын кини дьаһайыа үһү. Уоһун уоһаҕа куура илик оҕочоос!.. «Ханна гынаргар быһаарыы бэриллиэ» диэбит буола-буола! Бэйи эрэ, кырдьык, аны малбын былдьаайаллар… Кинилэртэн тугу баҕарар көһүтүөххэ сөп». Сараапап бэрт тиэтэлинэн дьиэтин диэки харбыалаһар. Кини бу түүн утуйбат, ампаарын кэннигэр иин хаһан, көмүһүн, көмүс харчытын кистиир. Кистээбит сирин ханнык эрэ хампархай дьааһыктарынан саба быраҕар. Аны ампаар муҥунан ыйанан турар күндү түүлээҕин ханна да батаран кистиэн булбат. Буорга көмүөн – түүлээх сииктээх буорга өр сытыа суоҕа, ойуурга таһааран кистиэн – дьон түбэһэ үктээн булан ылыахтара.
– Бэйи, сарсыҥҥа-өйүүҥҥэ диэри тохтоон эриэххэ. Түүн уҥуор Нохтуйскайга таһааран билсэр ыалбар кистэтэ уурдарыам… Аҥаарыгар даҕаны кистиир буоллахтарына, сөбүлэһэрбэр тиийэбин, – диэн ботугуруу-ботугуруу, Сараапап аны үһүс ыскылаатыгар тиийэр. Манна эт, арыы, тоҥ балык булууһу толору симиллэн сытара. Ампаар үөһэ мэндиэмэнэ барыта арсыынай табаар, чэй, табах этэ.
Сараапап ыскылаатыгар киириитэ, сааскы күн күндээриччи тыган тахсар. Атыыһыт ыскылаатын иһин сабыс-саҥа көрөн эрэр курдук одуулаһар.
– Бачча үгүс табаардаах буолуом эрэ дии санаабат этим. Маны барытын былдьаары гыналлар… Суох, охсуһуута суох биэриэм суоҕа!.. Охсуһан хоттордохпуна – уот даҕаны сиэтин! – Сараапап ыскылаатын аанын «лип» гына саба баттыыр, уҥуоҕа халыр-босхо бара-бара, хатаан халыгыратар.
* * *
Урукку волостной бырааба аттыгар дэриэбинэ дьоно бары да кэриэтэ мустубуттар: сорохтор – «большевиктар комиссардарын» көрөөрү; сорохтор – «били аҕыйах сыллааҕыта атах сыгынньах сылдьыбыт уолчаан улахан тойон буолан кэлбитин» көрөөрү; оттон сорохтор – саҥа тэриллэр ревком талыллыытыгар санааларын этээри. Урукку Совдеп чилиэнэ Иван Усов даҕаны, саҥа кэлбит «комиссар уол» даҕаны көстүбэттэр, сураҕа, хара сарсыардаттан Усов дьиэтигэр хатанан олорон тугу эрэ быһаарсаллар үһү. Мунньах ыҥырыллыбыт чааһа билигин да туола илик.
Ыччат муста түстэр эрэ оонньуур-көрүлүүр үгэһэ. Бүгүн да уолаттар, кыргыттар, мунньахха кэлбит дьон кэпсэтиилэригэр, мөккүөрдэригэр кыһаммакка, илии-илиилэриттэн сиэттиһэн, арыт сахалыы оһуохайдыыллар, арыт өбүгэлэрэ төрөөбүт дойдуларыттан, ыраах Россияттан, аҕалбыт хороводтарын үҥкүүлүүллэр.
Бу дэриэбинэ дьоно үксүлэрэ нуучча хааннаахтар, торулуур тоҥ нуучча сылдьар диэх курдук көрүҥнээхтэр. Ол гынан баран, кэпсэтэр тыллара булкуур: нууччалыыллар даҕаны, сахалыы даҕаны саҥараллар.
Мунньахха кэлбит дьон норуокка туох туһалаах былаас тэриллэн эрэрэ буолла диэн кэпсэтэ турдахтарына, ыччаттар түһүлгэлэриттэн:
На хороводе были мы,
Кого надо, видели, видели… —
диэн ыллаан дьиэрэтэн бараллар. Бу хороводка даҕаны, саха үҥкүүтүн курдук, хаамса сылдьан толороллор. Саха үҥкүүтүттэн уратыта диэн түһүлгэ ортотугар уоллаах кыыһы туруораллар. Бу уоллаах кыыс хоровод «кого любишь, выбирай!» диэн бүтүгэс этиитин кэнниттэн төгүрүччү турар уолаттартан уонна кыргыттартан кими сөбүлүүллэрин булан бэйэлэрин оннуларыгар – түһүлгэ ортотугар киллэрэллэр. Ол курдук былыр-былыргыттан ким кими таптыырын билэллэрэ. Ити ыччат оонньуутуттан кэлин дьиҥнээх таптал да саҕаланан барара.
Мунньах ыҥырыылаах чааһа чугаһыыр. Иван Усов уонна Сэмэнчик кэлэллэр. Эдэр эдэрэ өтөн, Сэмэнчик оҕолор оонньууларын быһа ааспат, хороводка кыттыбытынан барар. Сонно тута түһүлгэ ортотугар турар кыыс кинини талан киллэрэр.
Хоровод тойуга кылгас, оҕолор Сэмэнчиги иккитэ-үстэ эргийиилэрэ «кого любишь, выбирай!» диэн тылларынан түмүктэнэрэ. Сэмэнчик «кими талабын!» диэбиттии көрөр. Тула кыргыттар, сааскы сибэкки курдук, тэтэрэн, мичилийэн, кини «таларын» көһүтэн тураллар. Бу кыргыттартан таҥна сылдьар таҥаһынан, хаана ырааһынан, көрүҥэ нарынынан биир кыыс бэлиэтик көстөр. Сэмэнчик бу кыыһы талан киллэрэр. Онтон хоровод бүтүүтэ аны кыыс Сэмэнчиги талар.
Сараапап кыыһын урут Сэмэнчик дэҥ кэриэтэ көрөрө. Ону да улахан бырааһынньыктарга. Ийэтин кытта тойоннорун аахха киирдэхтэринэ, кыыстара сиргэммит курдук сирэйин мырдыччы туттан туран кинилэри одуулаһар буолара. Настя билигин, эт тутан, улаханнык уларыйбыт.
Маннык бэйэлээх кыыс кинини «тапталлааҕым» диэн хороводка таларыттан Сэмэнчик сирэйэ итийэр. Маҥнай: «Кыыс мин талбыппар хардаран киллэрдэ ини», – дии санаабыта. Онтон иккис, үһүс хороводка кыыс эмиэ кинини талар буолан барар. Сэмэнчик бу курдук тахсыбакка хороводтуу сылдьыан, бу кыыһы кытта бииргэ үөрүөн-көтүөн баҕарар.
Хоровод аттыгар Сараапап атыыһыт кэлэн тохтуур. Түһүлгэ нөҥүө өттүгэр Маайа эмиэ оҕолор оонньуулларын көрөн турара. Ону көрөн Сараапап атыыһыт мичээрдээбитинэн Маайаҕа тиийэр.
– Үтүө киэһэнэн, Мария Семеновна! – Сараапап атыыһыт эйэлээх бэйэлээхтик Маайаҕа илиитин уунар.
Дьэ үчүгэйдик итийэн-кутуйан хороводтаан эрдэхтэринэ, Иван Усов кэлэн Сэмэнчиги илиититтэн ылан хороводтан таһаарар.
– Семен Федорович, мунньах ыҥырбыт кэммит туолла, дьон даҕаны кэлиэх өттө барыта кэлбит быһыылаах. Мунньахпытын саҕалыахха.
Сэмэнчик, төһө да тартаран оонньуон баҕардар, тохтууругар тиийэр. Хороводу эмиэ тохтотоллор. Мунньахха кэлбит дьону барыларын биир сиргэ мунньаллар.
Бу дэриэбинэҕэ урут да «сходтар» буолаллара. Олорго атыыһыттар, чиновниктар, волостной бырааба салалтата инники киирэн дьоһумсуйар бэйэлэрэ, бу сырыыга тоҕо эрэ дьон кэннигэр туспа төбүрүөннээн туран хаалаллар.
Түһүлгэ ортотугар кыһыл сукуна бүрүөһүннээх остуол турар. Онно Сэмэнчик, Иван Усов уонна Варламов суруксут буолан олороллор. Сотору соҕус Сэмэнчик турар. Кини мустубут дьону төгүрүччү көрөр.
Оҕото мунньаҕы хайдах салайан ыытарын көрөөрү кэлбит Маайа: «Оҕом тылын бу дьон истиэхтэрэ дуо?» – дии санаан, кырдьыга, ыксаан турар.
Сэмэнчик хайдах эрэ кэҕис гынан ыларга дылы хамсанан баран:
– Табаарыстар, Маача дэриэбинэтин олохтоохторо! Аан бастаан эһигини саҥа былааһынан, Советскай былааһынан, эҕэрдэлиибин! – диир. – Бу былааһы олохтооторбут диэн үгүс үтүмэн өйдөөхтөр, рабочай кылаас бастыҥ дьоно хараҥа хаайыыга сыппыттара, хааннарын тохпуттара, уһун охсуһууну ыыппыттара. Ол түмүгэр билигин бүтүн киэҥ Россия үрдүнэн үлэһит былааһа олохтонно! Үлэлээн иитиллэр үтүмэн норуот хара батталтан таҕыста, былааһы бэйэтин чэрдээх илиитигэр ылла! – Маҥнай сэдэх соҕустук, онтон хойдон, тэтимирэн, ытыс таһыныыта иһиллэр.
Маайа Сэмэнчиги тонолуппакка көрөн ахан турара. Билигин кини дьэ арыый уоскуйда.
Ытыс тыаһа сэллээн эрдэҕинэ, Сэмэнчик эмиэ кэҕис гынна:
– Табаарыстар! Маача дэриэбинэтин олохтоохторун уопсай мунньаҕын аһыллыбытынан ааҕабын! – Эмиэ, сэдэх соҕустук да буоллар, ытыс таһыныыта иһиллэр. – Бүгүн биһиги маннык боппуруостары быһаарыах тустаахпыт: маҥнайгытынан, ревкому талыахтаахпыт. Эһиги билэргит курдук, манна икки сыллааҕыта тэриллибит Совдеп чилиэннэрин Колчак былааһын кэмигэр ытыалаан өлөртөөбүттэр. Онно талыллыбыт дьонтон соҕотох бу Иван Петрович Усов эрэ тыыннаах ордубут. Онон сэттэ киһи чилиэннээх саҥа былаас миэстэтээҕи салалтатын – ревкому талыахтаахпыт. Иккиһинэн, быйыл сайын Аанньаах куоратыгар Өлүөхүмэ уокуругун үлэлээн иитиллээччилэрин маҥнайгы съеһигэр Маача дэриэбинэтиттэн икки делегаты талыахтааххыт…
– Туох туһунан боппуруос көрүллэр съеһэ ыҥырылларый ол? – дьон ортотуттан ким эрэ ыйытар.
– Табаарыстар, аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куоракка иккис губернскай партийнай мунньах буолан ааста. Ол мунньах партия Киин Комитетыттан урукку Саха күбүөрүнэтигэр автономнай былааһы олохтуурга көрдөһүү оҥордо. Биһиги Өлүөхүмэ уокуругун үлэлээн иитиллээччилэрин съеһигэр ол автономнай былааһы олохтуурга туох санаалаахпытын быһаарсыахтаахпыт.
– Биһиги иһиттэхпитинэ, онно улахан мөккүөр тахсыбыт курдук ээ, ол кырдьык дуо? Өскөтө, кырдьык буоллаҕына, туох туһунан ол мөккүөр буолбутун истиэххэ син дуо? – Сараапап бэркэ диэн ымайыаҕынан ымайан туран ыйытар.
Сараапап диэки Сэмэнчик хатыылаах хараҕынан көрөн кэбиһэр, сирэйэ итийэн кэлэр.
– Партийнай мунньахха туох мөккүөр тахсыбытын мин кэпсиир эбээһинэһим суох. Онон ити ыйытыыга тугу да эппэппин. Табаарыстар, олохтоох Советскай былааһы – ревкому тэрийэргэ кыттыыны ылыахтаахтар: рабочайдар, дьадаҥы уонна орто бааһынайдар. Оттон баайдар, атыыһыттар уонна урукку былааска сололоно сылдьыбыт тойоттор куоластаабаттар.
Аттыгар турар Юшмины кытта тугу эрэ сипсиһэ түһээт, Сараапап кытарымтыйан көстөр куударалаах төбөтүн хантаччы туттар, өссө ыйытар:
– Баайдарга даҕаны, дьадаҥыларга даҕаны ити этэр «автономия» диэниҥ урукку өттүгэр иһиллибэтэх тыл. Онон ити туох суолталаах, туох ис хоһоонноох тыл буоларын истиэххэ син дуу?
Түһүлгэҕэ мустубут дьон бука бары чөрөһө түһэллэр. Кырдьыга даҕаны, урут итинник тылы манна истибэт этилэр.
– Табаарыстар, автономия диэн буолар: хайа баҕарар кыра даҕаны, халыҥ да норуоттаах омуктар бэйэлэрин бастарын бэйэлэрэ билинэр буолуулара. Онон билигин биһиги, сахалар, оннук автономияны көрдүүбүт, – диэн быһаарар Сэмэнчик.
– Сөп, буоллун. Аны биирдэ ыйытыахха син дуу?
Иван Усов тулуйбат. Ойон турар, илиитин өрө уунар:
– Ыйытыыны ууратыаҕыҥ!..
Сэмэнчик Усовка сибис гынар:
– Ыйыттын.
Усов олорор. Сэмэнчик баайдар турар бөлөхтөрүн диэки көрөн баран, иһиллэр гына, күөмэйин сонотон:
– Ыйытыҥ! – диир.
– Ыйытарым көҥүллэммитинэн туһанаммын…
Иван Усов эмиэ ойон турар:
– Туох даҕаны уһун дойҕоҕо суох ыйытаргын ыйыт, суох буоллаҕына – суох, дьону тутума!..
– Куолаһа быһылла илигинэ, ыйытардаах буоллаҕына, ыйыттын ээ! – дьон ортотуттан ким эрэ хаһыытыыр.
– Мин ыйытарым маннык: урут, бу биһиги волоспыт Олекминскай уокурукка киирэрэ. Онно, ити этиллибитин курдук, саха эбэтэр нуучча автономията диэн араарыллыбат этэ. Билигин ол курдук араарыллар буоллаҕына, – биһиги дэриэбинэбит олохтоохторун үксэ нуучча, оттон сахата диэн биир-икки эрэ ыал баар, онон, өскөтө ити этиллэр автономияҕа биһиги киириэхпитин баҕарбат буоллахпытына, ол хайдаҕый?
– Ити сиэрдээх ыйытыы!
– Сөпкө ыйытар! – дэһэр саҥалар онтон-мантан иһиллэллэр.
– Автономия тэриллэр буоллаҕына, кини кыраныыссата Советскай былаас үрдүкү тэрилтэлэринэн быһыллыахтаах! Ол быһалларыгар ханна хайа омуга элбэҕин учуоттаан туран быһыахтара. Онон бу Маача дэриэбинэтэ Саха автономиятыгар киирэрин-киирбэтин билигин этэр кыаҕым суох! – диир Сэмэнчик.
Дьон маҥнай оргууй соҕустук сибигинэһэн, онтон иһиллэр гына кэпсэтэн бараллар.
– Өрүс бу эҥээригэр сахалар олорор сэлиэнньэлэрэ диэн суох…
– Сахалар өрүс уҥуоргу өттүгэр олороллор…
– Саха автономиятын границатын өрүһүнэн быһыахтарын сөп…
– Бу өттө барыта – нуучча…
– Суох, Маача былыр-былыргыттан Саха күбүөрүнэтигэр киирэрэ, онон – көрөөрүҥ да, истээриҥ да – Саха сиригэр киириэҕэ…
– Аргыый буолуҥ! – Сараапап дьону буойар.
Аны дьон Сараапап диэки эргиллэр. Иван Усов киниэхэ олус кыһыйан олороро. Сараапап дьон чуумпурбутунан туһанан, төбөтүн чолоччу туттан турар:
– Аны биири ыйытарбын көҥүллээҥ! – диир. – Чэ, үчүгэй, мин билэрбинэн, Дьокуускай куоракка олорооччулар үксүлэрэ нууччалар. Өскөтө ол дьон: «Саха автономиятыгар киирбэппит, биһиги мантан барабыт», – диэн турдуннар, оччоҕо ол хайдах көрүллүөй?
Сэмэнчик, ити туһунан тугу да санаабакка сылдьыбыт буолан, туох да диэн булбат. Ол эрээри, туох эрэ диэн хардардаҕына табыллар.
– Саха автономията Россияттан, нууччалартан сахалары араарар соруга суоҕун быһыытынан, биһиги автономиябыт Россия Федерациятыгар киирэр. Онон нууччалары даҕаны, атын да омуктары кыраныыссанан хаайыллыа суоҕа. Дьокуускай куоракка олорор нууччалар Саха автономиятыттан барыахтарын баҕарар буоллахтарына – баралларын ким да бобуо суоҕа…
– Ыйытыыны ууратыаҕыҥ!
– Мунньаҕы мунньах курдук ыытыахха! – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.
Сараапап атыыһыт билигин да санаата астына илигэ. Кини төһө даҕаны «биири эрэ ыйытарга көҥүллээҥ» диэтэр, ыйытыытынан дьон санаатын бутуйар баҕалааҕа. Ол санаатын ситиһээри, эмиэ:
– Аны биири эрэ ыйытарбын көҥүллээҥ! – диэн айдаарар.
Дьон эмиэ ах бараллар. Сэмэнчик тугу эрэ этээри гынан эрдэҕинэ, Иван Усов ойон турар уонна:
– Ыйытыыны бүтэриэҕиҥ! – диир.
– Дьон өйдөөбөтүн ыйытара тоҕо табыллыбатый?
– Ыйытыы олус үксэ бэрт, ууратыахха!
– Куруутун комиссар кэлиэ суоҕа, ыйыттыннар!
Саҥа-иҥэ олус хойдор. Кэнникинэн ким тугу этэрэ иһиллибэт да буолан барар.
– Табаарыстар, аргыыйыҥ!.. Туох ыйытардааххыный? Ыйыт! – диир Сэмэнчик Сараапапка.
– «Автономия» диэн тылы туспа государство курдук өйдөөтүм мин. Оннук буоллаҕына, тэрийээри гынар Сахабыт автономиятыгар туох былаас олохтонуой? Уонна кимнээх баһылык буолуохтарай, хайа тылынан дьыала оҥоһуллуой?
Дьон эмиэ Сэмэнчик туох диэн быһаарарын кэтэһэллэр. Кырдьыга, бу Сэмэнчик курдук эдэркээн киһиэхэ олус олуурдаах ыйытыы этэ. Ол эрээри, кини ити туһунан аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга дьоннор мөккүһэллэриттэн өйдөөбүтүнэн быһаарыы биэрэр:
– Саха норуота, төһө да бэйэтэ туспа автономияланнар, Россияттан арахсыа суоҕа. Российскай Федерацияҕа, син атын омуктар автономияларын курдук, тэҥ быраабынан киириэҕэ.
– Оччоҕо автономия диэн буолбат буоллаҕа дии? – аны Юшмин тыл кыбытар.
– Аата эрэ автономия буолсу буолбат дуо? – Петухов өгдөрөҥнүүр.
Усов ойон турар. Уҥа илиитин өрө уунан дьону уоскутар:
– Табаарыстар, ыйытыыны манан ууратабыт, сөп буолла! – диир. – Ыйытар наадалаахтар өйдөөбөтөхтөрүн комиссары сирэй көрсөн ыйыттыннар, мөккүстүннэр даҕаны. Ким итини сөбүлээччи, илиигитин көтөҕүҥ! – бэйэтэ ким-хайа иннинэ илиитин көтөҕөр. Маҥнай биир-икки илии хайдах эрэ куттаммыт дуу, туттуммут дуу курдук күөрэйэр, онтон улам элбээн, хойдон барар. – Түһэриҥ, табаарыстар! Аны, ким ыйытыы бара турдун диэччилэр уунуҥ!.. Көстөн турар аҕыйах. Итинэн ыйытыы ууратыллар. Билигин ревкому талыахтаахпыт. Ревком талыытыгар куоластыырга быраап бэриллэр: рабочайдарга, дьадаҥы уонна орто бааһынайдарга. Онон атыыһыттар, урукку былаас тойотторо бу куоластааһыҥҥа кыттыа суохтаахтар. – Мустан турар дьон ортотугар эмиэ сибигинэһии, тугу эрэ кэпсэтии үксүүр. – Табаарыстар! Атыыһыт Сараапап Кузьма Петрович, урукку волостной ыстаарыста Юшмин Михаил Николаевич уонна ыраахтааҕы кэмигэр үрээнньик тойон Петухов ревком талыытыгар куоластара быһыллыахтаах. Ким итини сөбүлээччилэр, илиигитин уунаргытыгар көрдөһөбүн!
Мунньахха кэлбит дьон үгүстэрэ – бу дьон хамначчыттара, бу дьон дьиэлэригэр олорор дьон. Кинилэр, төһө да илиилэрин уунуохтарын баҕардаллар, тойотторуттан куттаналлара. Маҥнай биир-икки киһи илиилэрин көтөҕүөх курдук гынан иһэн, атыттар ньим-бааччы олороллорун көрөн, тохтоон хаалаллар.
Дьон кэннигэр туран Сараапап, Юшмин уонна Петухов астыммыт курдук мичээрдэһэллэр. Сэмэнчик тулуйбат. Ойон турар уонна, кыатана сатыы-сатыы, этэр:
– Миэхэ бэриллибит былааһынан туһанан, Сараапап атыыһыт, Юшмин ыстаарыста, Петухов үрээнньик мунньахтан бараргытыгар модьуйабын!
– Биһиги бырааппытын общество быһа илик! – Юшмин айдаарар.
– Мунньахтан үүрэр туох бырааптааххыный? – аны Петухов алын сыҥаах буолар.
– Үчүгэйинэн барбат буоллаххытына… – диир Сэмэнчик.
«Туох эрэ буолар?» диэбиттии, мунньах дьоно куттаммыт курдук, көрө-истэ түһэллэр. Маайа эмиэ ыксыыр.
– Комиссар тойон үүрэр буолтун кэннэ… Барыаҕыҥ! – Сараапап сис туттан баран, дьиэтин диэки хаамар. Юшминнаах Петухов эмиэ батыһаллар.
Сараапаптаах тэйбиттэрин кэннэ Сэмэнчик мичээрдээбитинэн дьону кэрийэ көрөр.
– Ревком талыытыгар Сараапап атыыһыт, Юшмин ыстаарыста уонна Петухов үрээнньик куоластарын быһар-быспат туһунан ким этиэн баҕарарый?
Ким да саҥарбат, ууну омурдубут курдук олороллор.
– Куоластарын быспат буоллахпытына, кинилэри биитэр ревкомҥа талабыт дуу?
– Ревкомҥа талыллаллара сатаммата дуу…
– Сордоҥу ууга бырахпыт кэриэтэ буолаарай!
Сэмэнчик турар. Ким эрэ тыл этэрин көһүтэр. Сараапаптаах көстүбэт буолбуттарын кэннэ, кырдьа барбыт бааһынай оҕонньоро туран, мас тайаҕын өрө чочоҥното-чочоҥното:
– Мин үөрэҕэ суох оҕонньорбун, тиис-уос даҕаны бүппүт киһитэбин. Ол гынан баран сиэхпин сиэбит, аһыахпын аһаабыт киһи быһыытынан, аны куттанарым ааһан турар, мин этиим! – диэн көрдөһөр.
– Юхим оҕонньор, баһаалыста! – диэн Иван Усов үөрэ түһэр. Панаев оҕонньору аҕабыыт «Ефим» диэн сүрэхтээбит. Ону былыр оҕо эрдэҕиттэн манна «Юхим» диэн ааттыыллар.
– Саҥа былаас, ревком былааһа кэллэ дэһэҕит. Сөп, буоллун. Баайдары, баттыгастаахтары куоластарын быһыахха дэһэҕит. Баҕар, ити эмиэ сөптөөх даҕаны буоллун. Саҥа кэлбит былаас итинтэн ураты туох дьаһаллааҕый? Бу биһиги тугу таҥнан, тугу аһаан ыал-көс буолабытый? Сөп, буоллун, миигинньик кырдьаҕас дьон сотору өлүөхпүт даҕаны. Оттон бу ыччаттарбыт, оҕолорбут бааллар буолбат дуо? Олор киһи буолалларын туһунан тоҕо санаабаппытый?
– Юхим, ыйытыы бүппүтэ!
– Санааҕын этиий!
– Сөп, буоллун, бэйи тохтооҥ! Мин санаабын этэбин буолбат дуо? – Панаев оҕонньор дьону кытта мөккүһэн барар.
– Табаарыстар, Панаев кырдьаҕас санаатын этэн бүттүн, мэһэйдэһимэҥ! – Усов дьону буойар.
– Сөп, буоллун, саҥа былааһы салайааччыларга этэбин: бүгүн Сараапап атыыһыты куолаһын быһыахпыт – кини сарсын лааппытын аһыа суоҕа. Оччоҕо хайдах буолабытый?..
Юхим этиитигэр комиссар туох быһаарыыны биэрэрин көһүтэллэр.
– Панаев кырдьаҕас ыйытыыта сөп, – диир Сэмэнчик, – ол гынан баран, дьон олоҕун инники өттүгэр хайдах салайары ревком быһаарар. Онон ревкому талыахтааххыт. Дьэ ол таларгытыгар ити Сараапап, Юшмин уонна Петухов куоластарын быһары сөбүлүүргүтүн-сөбүлээбэккитин этиэхтээххит.
Дьон өссө да саарыыр. Сибигинэһии-сипсиһии үксүүр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.