Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 32 (всего у книги 62 страниц)
– Тоҕо турабытый?
– Чэйиҥ, барыаҕыҥ!
Кинилэр инники тохтоон турар дьону туох даҕаны бокуойа суох үтүрүйэн, күргэ диэки сыҕарыталлар.
– Аргыый үтүрүйүҥ!
– Суолбутун туора саллааттар тураллар!
– Саллааттар тугу даҕаны гыныахтара суоҕа! – дэһэллэр кэнники иһээччилэр.
* * *
Трещенков ротмистр саллааттар кэннилэригэр төттөрү-таары хаама сылдьар. Кини хараҕын күргэ уҥуор кэлэн тохтообут рабочайдартан араарбат. «Коршунову рабочайдар истибэттэр… Манна тоҕо анньан кэлээри гыналлар! Дьэ, кэлэн көрүҥ эрэ!» – дии саныыр.
«Ханна кэллэхтэринэ тохтотор ордук буолуой?» диэн кини суолу үөрэтэр. Күргэттэн суол арахсыытыгар диэри икки сүүс эрэ саһаан. Ол устатын тухары суол икки өттүгэр крепежнай уонна тутуу бэрэбинэтэ кыстаммыт. «Инникилэр күргэҕэ чугаһаатахтарына!» – диэн Трещенков быһаарар. Ити икки ардыгар рабочайдар күргэҕэ чугаһаан тоҕуоруһан кэлэллэр.
– Сааҕытын ытарга бэлэмнээҥ! – диэн Трещенков саллааттарыгар хамаанда биэрэр.
Саллааттар, хамаанданы толорон, сааларын ытарга бэлэмнээн хачыгыраталлар. Ыстыыктаах саалар айахтара рабочайдар диэки хайыһар.
Саллааттар сааларын бэлэмнэммиттэрин көрөн, алдьархай тахсаары гыммытын сэрэйэн, Волошин, бэргэһэтин устан далбаатыы-далбаатыы, хаһыытыыр:
– Тохтооҥ! Истиҥ, тохтооҥ!
Дьон халҕаһата тохтуурга дылы буолар. Ол кэмҥэ Коршунов:
– Сознательнай запискаларгытын өрө уунуҥ! – диэн хаһыытыыр.
Рабочайдар сиэптэригэр уктан кэлбит суруктарын таһааран үөһэ ууналлар. Эмискэ хаар түһэн тэлимниирин курдук, дьон үрдүнэн кумааҕылар туртаҥнаһаллар.
– Дьону үрдүнэн ытыҥ! – диэн Трещенков хамаанда биэрэр.
Саалар тыастара өрө сатарыйар.
Коршунов, буулдьаҕа табыллыбыт курдук, эмискэ суол ханаабатыгар умса түһэр. Волошин ону көрөн:
– Сытыҥ! – диир.
Суол устатын тухары лыык курдук симиллэн турар дьон сытыахтарын баҕарбыттарын да иһин сытар кыахтара суох. Кэнники дьон, туох-ханнык буоларын да өйдөөбөккө, биир кэм иннилэрин диэки дьулуруйаллар.
– Мунньустубут дьону… ытыҥ! – диэн Трещенков иккистээн хамаанда биэрэр.
Саллааттар суолу толору симсэн турар дьону ортолорунан туһулаан сааларын чыыбыһын тардаллар. Саллааттар үксүлэрэ дьону кыҥыахтарын кэрэйэн, мээнэ туһулуу тутан баран ыталлар.
Волошин ханаабаҕа сытар Коршунов аттыгар хаптас гынар. Эмискэ Коршунов кинини таҥаһыттан харбаан ылаат, үрдүгэр саба тардынар. Волошин кинини киэр анньар.
– Өлөрдүлэр!..
– Биһигини ытыалыыллар! – диэн тула ыһыы-хаһыы бөҕө буолар.
Саллааттар сааларын тыаһа тохтообот. Буулдьалар биир кэм иһиирэн ааһаллар.
Суол тоҕойуттан тахса илик дьон, саллааттар ытыалыылларын дьэ өйдөөн, төттөрү куоталлар. Күргэ иннигэр кэлбит дьонтон табыллыбатахтара, бааһырбатахтара кыстана сытар бэрэбинэлэр быыстарыгар түһэллэр. Сорохтор бэрэбинэлэр уҥуор тахсан куоталлар. Саа эстэр тыаһын кытта табыллыбыт, өлөрдүү бааһырбыт дьон аймалҕаннара, ыһыылара хойдор.
* * *
Надеждинскай бириискэ рабочайдара «Сознательнай запискаларын» илдьэ Липаевскайга сарсыарда эрдэ барбыттара. Онно доҕотторун кытта бииргэ холбоһон, суруктарын кылаабынай хонтуораҕа прокурорга киллэрэн туттарыахтаахтара. Итини барытын Маайа билэ, истэ сылдьара.
Маайа төһө элбэх киһи кэлэрин көрөөрү күн ортото икки чаас ааһыыта Бодайбинка үрэҕэр уу баһа киирбитэ. Бүгүн бэрт ичигэс, ыраас, сырдык күн буолбут. Чалбах бөҕө тахсыбыт, уу-хаар, бадараан элбээбит.
«Сайын барахсан кэлэн истэҕэ бу… Оттон биһиги бу кэлэр сайыны олус даҕаны хобдохтук көрсөр дьон буоллубут… Аҕабытын хаайыыттан таһаараллар дуу, суох дуу?.. Өйүүн биһигини бириискэттэн үүртэлииллэр. Ханна барабыт?.. Сүөдэр хаайыыттан таҕыстаҕына, биһигини хантан булар?» – диэн Маайа мунчаарар.
Арай ол суол устун иһэр рабочайдар суруктара, модьуйуулара кыайдаҕына эрэ кини кэргэнин сотору хаайыыттан босхолууллара буолуо. Маайа эрэнэр эрэлэ ол суол холбоһуутугар тохтоон турар рабочайдар эрэ.
«Тоҕо туралларый?.. Түргэнник тоҕо анньан кылаабынай хонтуораҕа кэлбэттэрий?» – дии санаан, Маайа кинилэртэн хараҕын араарбат. Дьон, тохтоон турбахтыы түһэн баран, эмиэ күргэ диэки аа-дьуо сыҕарыйаллар.
«Саллааттар рабочайдары кылаабынай хонтуораҕа киллэрэллэр дуу, суох дуу?» – дии саныыр Маайа. Эмискэ саллааттар сааларын илиилэригэр ылаллар… Өр-өтөр буолаат, саалар эстэр тыастара өрө битигириир.
«Рабочайдары ытыалыыллар!» диэн өйдөөт, Маайа ыаҕаһын хаалларан, уолуйан, дьиэтигэр сүүрэн тахсан оронугар умса түһэр.
Сэмэнчик ийэтэ ытыы сытарын көрөн ыксыыр:
– Ийээ-э!.. Туох буоллуҥ?
– Кэл бэттэх, таһырдьа тахсыма! – диэт, Маайа уолун кууһан ылар.
– Ийээ, тоҕо?
– Саллааттар… дьону ытыалаатылар…
Чочумча соҕус сытан баран, Маайа туран былаатын бааммытынан барар.
– Ийээ, эн ханна бараҕыный? – диэн Сэмэнчик ыйытар.
– Тоойуом, дьиэҕиттэн тахсыма, мин сип-сибилигин кэлиэм… Манна чугас баран кэлэр наада баар.
Маайа рабочайдар бараахтарыгар сүүрэн киирэр. Бараах иһэ кураанах. Эмискэ аан тэлэллэ түһэр.
– О-ой, бабоньки!.. Туох ааттаах алдьархайай!.. Мин Епифаным… – диэн ытыы-ытыы, ыһыытыы-ыһыытыы, баттаҕа арбайбыт, сирэйэ дарбайбыт дьахтар тэлиэс-былаас хааман киирэр.
Маайа дьахтары кууһан ороҥҥо олордор. Дьахтар уҥуохтара халыр-босхо барбыттар.
Субу-субу ытаспыт дьахталлар утуу-субуу киирэллэр. Киһи хайдах да тулуйбат аймалҕана буолар. Онтон били бастаан киирбит дьахтар ойон турар, ытыһын көхсүнэн хараҕын уутун туора соттумахтыыр:
– Бабоньки, биһиги баран дьоннорбутун көрдүөҕүҥ! Баҕар, тыыннаахтара буолуо…
Дьахталлар, харахтарын уутун былааттарын уһугунан сотто-сотто, таһырдьа тахсаллар. Тахсааттарын кытта бадараан, хаан буолбут киһи кэлэр.
– Ванюша-а! – диэбитинэн биир дьахтар ол киһини кууһа түһэр. – Тыыннааххын… Өлөрбөтөхтөр!
– Т-ты-ы-ннаах буолан кэллэҕим дии… Ыттар, элбэх киһини өлөрдүлэр!.. – били киһи кутталыттан кэлэҕэйдиир буолбут.
– Мин Епифаммын көрбөтүҥ дуо? – диэн били дьиэттэн бастаан тахсыбыт дьахтар ыйытар.
– С-суох… Кэлэ илик дуо?
– Эйигиттэн ураты ким да кэлэ илик, – дэһэллэр дьахталлар.
– К-куттанан ыраах куоттахтара буолуо… Миигин хайдах таппатахтарын сөҕөбүн… Иннибэр турар киһини искэ түһэрбиттэрэ… Б-буулдьалара аа-адьас аттыбынан ааспыта… Табыллыбыт дьон ыһыылара-хаһыылара. Аттаах стражниктар дьону саабыланан кэрдэллэрэ… Дь-дьулаан…
Кэргэнин көрсүбүт дьахтар сирэйдиин-харахтыын букатын уларыйа түһэр. Кини, эрин хонноҕун анныттан ылан, бараахха дьөгдьөрүтэн киллэрэр.
– Бабоньки, тоҕо биһиги манна турабытый?.. Чэйиҥ, дьону ытыалаабыт сирдэригэр барыаҕыҥ… Аны, баҕар, бааһыран сыталлара буолуо… – били Епифан диэн кэргэнин ыйыталаһар дьахтар аймана түһэр.
– Тохтооҥ! Онно саллааттар! – Маайа, били уу баһа киирэ сылдьан көрбүтүн өйдөөн, сэрэтэр.
– Биһиги саллааттартан куттаммаппыт… Кэргэттэрбитин өлөртөөбүт буоллахтарына, биһигини даҕаны сиэтиннэр! – дии-дии били дьахтар сүүрэн барар. Атыттар кинини батыһан сырсаллар.
Маайа дьахталлары кэннилэриттэн көрөн турар. Ол курдук өр соҕус турбахтаан баран, дьиэтигэр төннөр. Кини, дьиэтигэр киирэн, оҕотун аһаппакка эрэ, бэйэтэ даҕаны аһаабакка, оронугар сытар. Маҥнай утаа утуйуох курдук нухарыйан барар. Хараҕын сабаатын кытта саллааттар күргэ аттыгар рабочайдары ытыалыыллара субу көстөн кэлэр. Маайа, эмиэ куттанан, уҥуохтара халыр-босхо баран, хараҕын көрөн кэлэр. Күн киирэр. Дьиэ иһэ борук-сорук буолар. Сэмэнчик утуйан, мунна тыаһаан барар.
Маайа түүн кэлэриттэн олус куттанар. «Өлбүт дьон дууһаларын кэритэллэр дииллэр. Бүгүн өлбүт дьонтон ким эмэ, баҕар, бу дьиэҕэ олорбута эбэтэр киирэ сылдьыбыта буолуо. Оччоҕо кинилэр дууһалара хайаан да манна киирэ сылдьыахтаах», – дии саныыр кини. Киһи атаҕын тыаһа ааныгар кэлэн тохтуур. Маайа олус куттанар. Кэлбит киһи хатааһыннаах ааны тардыалыыр, аргыый тоҥсуйар. Маайа оронугар олоро түһэр.
– Кимҥиний? – Маайа ыйыппытын кулгааҕа эрэ истэн хаалар.
– Мин… Ааҥҥын ас! – диэн эр киһи саҥата нууччалыы аргыый саҥарар.
– Ол эн кимҥиний? – диэн Маайа, аан аттыгар кэлэн, иккистээн ыйытар.
– Аргыый… Мин Иван Волошиммын.
Иван Волошин таҥаһа барыта бадараан буолбут. Маайа билэр киһитин көрөн, уоскуйар.
– Ханна даҕаны барар сирэ суох буолан кэллим, – дии-дии Волошин сонун устар, мас сыыһынан бадараанын кыһыйар. – Биһигини бүгүн саллааттар ытыалаатылар… Коршунов туһунан эн кэргэниҥ кырдьыгы эппит. Кини дьиҥнээх таҥнарааччы… Провокатор!.. Рабочайдары кини соруйан ытыалата аҕалтаабыт… Мин ону сэрэйбитим да… Дьону кыайан тохтоппотоҕум…
– Мин чэйдэ сылытыым, чэй иһиэҥ буолаарай? – диир Маайа, Волошин титирээбитин көрөн.
– Баһаалыста, сылыт…
Волошин оһох иннигэр таҥаһын куурдунар. Маайа чэй оргутан кутар. Волошин маҥнай биир ыстакаан чэйи туох даҕаны бокуойа суох иһэр. Утаппыта оччото дуу, тоҥмутун таһаараары испитэ дуу. Иккис ыстакаанын иһэригэр эрэ килиэп сыыһын ылан сиир.
Иван Волошин чэйдээн баран этэр:
– Бүгүн бэрт элбэх киһини өлөрдүлэр, бааһыртылар… Мария Семеновна, маннааҕы баланыыссаҕа баран, төһө киһи бааһырбытын билэн кэлбэккин ээ.
Маайа, куттанан, саараан олорор.
– Эн, куттанар буоллаххына, барыма, – диир ону көрөн Волошин.
– Суох, суох, сип-сибилигин баран кэлиэм, – Маайа туран таҥнар.
– Кэргэммин көрдүү сылдьабын диэн киирээр.
– Сөп.
Бириискэ кэм да утуйа илик. Дьиэлэр, бараахтар түннүктэринэн уот сандаарар. Маайа, патрульга түбэспэтэрбин ханнык диэн, бараахтарынан, дьиэлэринэн сирэйдэнэн баланыыссаҕа сүүрэр. Үһүс барааҕы ааһан иһэн, утары дьон иһэр атаҕын тыаһын истэн, бараахха киирэр. Маайа манна урут сылдьар этэ. Бу бараахха Трофим Алмазов олорбута. Манна «маамканан» Стеша үлэлиирэ.
– Бачча хойут ыалдьыт киирдэ дуу? – рабочайдар соһуйаллар.
– Мин баланыыссаҕа баран иһэн, дьон утары иһэриттэн күрэнэн, манна киирдим, – диир Маайа.
– Төһө киһи өлбүтүн, бааһырбытын ким да билбэт… Баланыысса толору. Бааһырбыт дьону ситэ бэрэбээскилии иликтэр үһү, – диэн баланыыссаҕа сылдьыбыт рабочай кэпсиир.
– Өлбүт оннооҕор үгүс үһү. Өлбүт дьону кэргэттэригэр харайтарбаттар. Сорохторо билиҥҥэ диэри суол чалбаҕар хам тоҥон сыталлар, – диир атын рабочай.
– Киэһэ стражниктар өлбүт дьону тэлиэгэҕэ тиэйэн улахан сарай аттыгар мунньан эрэр сурахтаахтара, – диир үһүс киһи.
Биир кырдьа барбыт рабочай Маайаттан ыйытар:
– Эн тоҕо ол баланыыссаҕа бардыҥ?
– Мин… – Маайа тугу даҕаны булан эппэт.
– Кистээмэ, биһиги кимиэхэ даҕаны этиэхпит суоҕа.
– Волошин төһө киһи бааһырбытын билэн кэл диэн көрдөспүтэ.
– Ол барахсан Коршунов таҥнарааччы диэн биһигини сэрэтэ сатаан кэбиспитэ… Коршунов дьиҥнээх сирэйин бүгүн дьэ көрдөрдө, – диир сааһырбыт рабочай.
– Мин билигин даҕаны ону итэҕэйбэппин, – эдэр соҕус рабочай тыл кыбытар. – Саллааттар ыталларын билэр эрээри, тоҕо биһиэхэ утары кэлиэҕэй?.. Буулдьа Коршуновкун диэн аһыныа үһү дуо?
– Коршунов, саллааттары кытта үлэһэн баран, кэллэҕэ дии… Кини, ыталларын билбэтэ буоллар, тоҕо эрдэтинэ суол кытыытыгар тахсыа этэй?.. Маҥнай ыталларыгар кини сыппыта ээ… Мин Коршунов тоҕо бадарааҥҥа сытарый диэн дьиктиргии санаабытым…
Маайа, дьон кэпсэтиитин ситэ истибэккэ, таһырдьа тахсар. Халлаан ордук хараҥарбыт. Төһө даҕаны куттаннар, Маайа бөһүөлэктэн тахсан, таҥара дьиэтин кэтэҕинээҕи киһи уҥуохтарын аттыларынан ааһар. Аканак үрүйэ хотоолун туораан, кырдал үрдүгэр тахсар. Баланыысса олбуорун иһигэр бэрт үгүс киһи кэпсэтэн ньамалаһар саҥата иһиллэр.
Маайа баланыысса аанын аһан иһирдьэ киирэр. Көрүдүөр тобус-толору бааһырбыт дьон. Ынчыктара, айакалааһыннара – киһи тулуйуох үлүгэрэ буолбатах.
– Кэргэниҥ бааһырбытын билсэ кэллиҥ дуо? – диэн маҥан халааттаах эдэр соҕус дьахтар, уруккуттан билэр курдук, Маайаттан ыйытар:
– Суох… Мин… – Маайа туох да диэҕин билбэккэ буккуллар.
– Аата, араспаанньата ким диэний?.. Эн айманыма, баҕар, бааһа халымыр соҕус буолуо, – диэн дьахтар уоскутардыы этэр.
– Аата… Сүөдэр… Сүөдэр Быладьыымарап.
– Бааһырбыт дьон испииһэгин суруйбутум да, оннук ааттаах киһи баарын өйдөөбөтүм… Бу үлүгэр айдааҥҥа умнубут даҕаны буоллахпына боруога суох… Бэйи, эн көһүтэ түс… Эбэтэр барыах, бааһырбыт дьон испииһэктэрин көрүүм.
Көрүдүөр муостатыгар лыык курдук сытар бааһырбыт дьону атыллыы-атыллыы, кыракый хоско киирэллэр. Онно икки сиэстэрэ дьону бэрэбээскилииллэр. Маайаны ыҥыран киллэрбит сиэстэрэ бааһырбыт дьон испииһэктэрин көрөр.
– Эн кэргэниҥ аата… суох, – хомойбут куолаһынан этэр.
– Өлбүттэр испииһэктэрин ылан көрүҥ, – бааһырбыт киһини бэрэбээскилии турар сиэстэрэ сүбэлиир.
Сүүс отут биэс киһи суолга тута өлбүт. Үс сүүс тоҕус уон аҕыс киһи бааһырбытын баланыыссаҕа аҕалбыттар. Ол дьонтон уонтан тахса киһи сотору өлбүт. Ону таһынан, халымыр соҕустук бааһырбыт дьон бэрэбээскилэппэккэ дьиэлэригэр тарҕаспыттар. Стражниктар, бааһырбыт дьону баланыыссаҕа таһан бүтэрээт, өлбүттэри Липаевскай бириискэҕэ, шахтаттан тахсар уу тоҥмутугар, мунньан эрэллэр үһү.
Маайа баланыыссаттан тахсыбыта халлаан илиҥҥи иитэ, быһах өнчөҕүн курдук, кылбайа сырдаан эрэр эбит. Кини, дьиэтигэр кэлэн, аанын аргыый аһан киирэр. Волошин остуолга бүк түһэн утуйбут. Сэмэнчик, икки илиитин быластыы быраҕан, бэрт минньигэстик утуйа сытара. Маайа, атаҕын тумсунан үктэнэн кэлэн, оҕотун суорҕанын көннөрө сабар.
– Кэлбиккин дуу?.. Мин утуйан хаалбыппын дии.
– Кэллим… Субу киирдим.
– Хайа, тугу биллиҥ?
– Алдьархай… Киһи сатаан кэпсиэх буолбатах… – Маайа Волошиҥҥа тугу көрбүтүн, тугу истибитин барытын кэпсээн биэрэр. Кини кэпсээн бүтүүтэ халлаан лаппа сырдыыр, түннүк тааһа көҕөрөн көстөр буолар.
– Ити кыыллыы быһыыларыгар эппиэттиэхтэрэ… Бэйи эрэ, мин сарсыардааҥҥы поеһы куоттараары гынным ээ, барыым, – Волошин бэргэһэтин ылар.
– Мин чэйдэ өрүүм… Аһаабакка барыаҥ дуо?
– Суох, мин сип-сибилигин Бодойбоҕо киирдэхпинэ табыллар. Манна туох буолбутун аан дойду рабочайдара бары билиэхтээхтэр.
Үһүс баһа
I«Лена Голдфилдс Корпорация» шахталарыгар үлэлиир алта тыһыынча рабочай: «Манна үлэлээбиппит, контракпыт быһыытынан, биһигини тимир суолга тиэрдиҥ!» – диэн эмиэ булгуччулаах модьуйууну түһэрэллэр. Кинилэр ити модьуйууларын Россия бары куораттарын, заводтарын үлэһиттэрэ өйүүллэр. Ону таһынан, атын дойдулар рабочайдарыттан өйөбүл суруктар кэлэллэр.
Рабочайдары ытыалааһын маҥнайгы күннэригэр Теппан: «Рабочайдар аны куттаныахтара, забастовканы ууратыахтара, үлэҕэ тахсыахтара», – дии саныыр. Онтуката рабочайдар булгуччулаах модьуйууларын ордук кытаатыннардылар.
Ленаҕа рабочайдары ытыалааһын аан дойду үрдүнэн улахан айдааны таһаарбытыттан куттанан, ыраахтааҕы правительствота, маныаха ким буруйдааҕын бэркэ билэр эрээри, бу дьыаланы силиэстийэлиир комиссия тэрийэр. Бу боппуруос правительственнай Сенат мунньаҕар көрүллэр. Ол түмүгэр Иркутскай генерал-губернаторыттан: «Рабочайдары олорор дьиэлэриттэн, бараахтарыттан таһаартыыры саас борохуот сылдьыар диэри тохтоторго. Сенаттан Манухин сенатор баһылыктаах комиссия Бодойбоҕо «ытыалааһын хайдах буолбутун» билсэ барар», – диэн биллэрии кэлэр.
Манухин сенатор комиссията бэйэтин иһиттэн аны Юридическай комиссияны оҥорор. Ол комиссияҕа киирэллэр: Александр Федорович Керенскэй – Петербурдааҕы государственнай присяжнай повереннай, быһаччытын эттэххэ – албакаат; Переломов – Государственнай таайынай советник, быһаччытын эттэххэ – прокурор; Патушинскай – Иркутскайдааҕы судебнай палата присяжнайа, быһаччыта – судебнай палата албакаата.
Бу комиссия, Бодойбоҕо Манухин иннинэ тиийэн, ытыалааһын туһунан матырыйаалы мунньан, бэлэмнээн тоһуйуохтааҕа. А.Ф.Керенскэй уонна Переломов буоланнар Иркутскайга поеһынан аттаналлар. Иркутскайга кинилэргэ үһүс чилиэннэрэ Патушинскай холбоһор.
Правительственнай хаһыаттар, сурунааллар бары, Керенскэй, Переломов уонна Патушинскай мэтириэттэрин бэчээттии-бэчээттии, кинилэри арбаан суруйаллар. Кинилэр: «Ленаҕа ытыалааһын чахчылаах балаһыанньатын үөрэтэ, силиэстийэлии үрдүк эрэллээх юристар бардылар», – диэн аан дойдуга айдаараллар.
Петербуртан, Лондонтан «Лена Голдфилдс Корпорация» Бодойботооҕу салалтатыгар кистэлэҥ телеграммалар кэлэллэр. Онно Сенатскай комиссия юристарын хайдах көрсөрү сүбэлииллэр уонна: «Рабочайдары ытыалааһыҥҥа буруйу рабочайдарга бэйэлэригэр түһэрэргэ тугу даҕаны кэрэйимэҥ!» – диэн сүбэлииллэр. Ити сүбэ төһөлөөх даҕаны бэриги биэрэргититтэн туттунумаҥ диэн өйдөнүөхтээх.
Ити телеграммалары таһынан Иннокентий Николаевич Белозеров Теппаҥҥа маннык биллэрэр: «Мин сип-сибилигин Бодойбоҕо барарым тардылынна. Бодойбоҕо хойутуу, Манухин сенатор комиссиятын кытта бииргэ, тиийиэм. Рабочайдары ытыалааһын туһунан кинини кытта кэпсэтэр наадалаах».
Керенскэй уонна Переломов Иркутскайга хас даҕаны хоноллор. Хаһыакка суруйалларыттан көрдөххө, кинилэр Иркутскайдааҕы генерал-губернаторга сылдьан «Ленаҕа тахсыбыт ытыалааһын» туһунан билсибиттэр. Иркутскайдааҕы генерал-губернатор рабочайдары ытыалааһыҥҥа жандармскай ротмистр Трещенковы буруйдааҕынан аахпат эбит. Кини этиитинэн, «рабочайдар саллааттарга саба түһээри гыммыттар – ол иһин ыттарбыт».
Рабочайдар Лена уонна Витим өрүстэринэн борохуоттар сырыылара саҕаланарын олус кэтэһэллэр. Кинилэр кулун тутар ый маҥнайгы күнүттэн, забастовка саҕаланыаҕыттан ыла, үлэлээбэккэ олороллоруттан олус салтылар. Түргэнник тимир суолга тиийэн, ким төрөөбүт дойдутугар барыаҕын, ким Санжеро эбэтэр Черемхов таас хостооһунугар үлэҕэ кэпсэтиэҕин баҕарар.
Саас кэлэр, хаар хараарар. Витим өрүс күөх хобор буолбут мууһун өрө көтөҕөр, үлтү кумалыыр, Лена эбэ хотунугар кэһии оҥостон киллэрэр.
Лена өрүс үөһээ өттө ырааһырар, мууһа ааһар. Киренскэй куоракка кыстаабыт «Генерал Синельников» борохуот Качуктан дьону, таһаҕаһы ылаары өрө өксөйөр. Борохуот Качукка тиийэрин көрсө Иркутскайга Сенатскай комиссия юристара кэлэллэр.
«Генерал Синельников» борохуот кэлэрин тойон Теппан, инженердэр Коршунов уонна Гральман, Витим горнай уокуругун инженерэ Кручинскай, исправник Курдюков, полицмейстер Оленников, судьуйа Хитун, онтон даҕаны атыттар Бодойбо куорат бириистэнигэр киирэн көрсөллөр.
Ол киэһэ үрдүк сололоох юристар чиэстэригэр «Лена Голдфилдс» салалтата Бодойбо куорат Коммерческай кулуубун рестораныгар банкет тэрийэр.
IIСенатскай комиссия юристара кэллэхтэрин иккис күнүгэр рабочайдар бараахтарын, бириискэлэр хонтуораларын аайы «Саҥа контракт» тексэ бэчээттэнэн ыйанар. Десятниктар, маркшейдердар, горнай техниктэр Корпорация саҥа түһэрсэр контрага, уруккуга холоотоххо, быдан барыстааҕын рабочайдарга өйдөтө сатыыллар:
– Истэҕит дуо? Эһиги туруорбут модьуйууларгытын үксүн ылыммыттар… Саҥа контракка илиитэ баттааҥ, үлэҕэ тахсыҥ!
– Табаарыстарбыт хааннара тохтубут сиригэр үлэлээбэппит!
– Биһигини ытыалыахтарын иннинэ ити курдук контрактаһыа этилэр!
Рабочайдар барарга быһаарыныылара халбаҥнаабат. Ол да буоллар хас бараах, бириискэ аайы саҥа контрагы тула кэпсэтии, мөккүһүү элбиир. Ити курдук биир бараахха рабочайдар саҥа контракт туһунан ис санааларын кэпсэтэ олордохторуна, Коршунов киирэр. Кини рабочайдары ытыалыахтарыттан ыла көстүбэт буолан хаалбыта. Рабочайдар, кинини көрөөт, ах бараллар. Коршунову урут манна хаһан даҕаны ити курдук көрсүбэт этилэр. Урут кинини үөрүүнэн көрсөр Мефодий оҕонньор бааһыран баланыыссаҕа киирэн сытар. Үгүс рабочайдар Коршунов таҥнарааччы буоларын өйдөөбүттэрэ, итэҕэйбиттэрэ.
– Үөрүү! Рабочай кылаас кыайбыт! – Коршунов дьону эҕэрдэлиир.
– Тойон инженер, кыайыыны ситиспиппитин көрбөппүт! – дэһэллэр рабочайдар.
– Хайдах? Табаарыстыба салалтата эһиги модьуйуугутун ылыммыт буолбат дуо?.. Итинтэн ордук туох кыайыытын ситиһээри гыммыккытый? – Коршунов контрагы ыйар.
Рабочайдар сапсыйан кэбиһэллэр. Ким даҕаны үөрбүт-көппүт быһыыта көстүбэт, хата бары ордук хараастыбыт курдуктар.
– Тоҕо тугу даҕаны саҥарбаккытый? – Коршунов рабочайдары тула көрөр.
– Тугу саҥарыахпытый? Ити сэмсэ сыыһын быраҕан биэрээри, икки сүүс сэттэ уон доҕотторбутун өлөттөрдүлэр, оннооҕор үгүспүтүн бааһыртылар. Онтон үөрүөхпүт дуо!
– «Кыайдыгыт» диигин дуу, тойон инженер? Биһиги аҕыс чаастаах үлэ күнүн модьуйбуппут. Онтубут ханна баарый?..
– Уон чаастаах үлэ күнүн быспыттар буолбат дуо? – диэн Коршунов мөккүһэн көрөөрү гынар.
– Биһиги мунньахтыырбытын, стачкалыырбытын көҥүллүүллэрин модьуйбуппут… Ону биэрбиттэрэ ханнаный? – рабочайдар күөдьүйэн тураллар.
– Наһаа ааһа бараҕыт… Ким даҕаны аҕыс чаастаах үлэ күнүн олохтуо суоҕа, – Коршунов мөккүһэр. – Аҕыс чаастаах үлэ күнэ олохтонноҕуна даҕаны, рабочай абыранарын билбэтим. Оччоҕо кини төһө элбэх үбү өлөрүөй?.. Хоргуйан өлүөххүт.
– Тойон инженер, биһиги шахтабыт муустаах уутугар аҕыс чаас да устата турдаргын сөпкүн көрүөх этиҥ, – диир сааһыра барбыт киһи.
– Аҕыс чаас да устата инчэҕэй шахта иһигэр бадарааҥҥа буккулларыҥ буоллар, эн даҕаны атыны туойан туруох этиҥ…
Коршунов туох да диэн хардарсыан булбат.
– Братцы, ити кимнээх туруорар модьуйууларын үтүктэргитин өйдүүгүт, билэҕит дуо?.. – диир кини айаҕалыы сатаан. – Ити большевиктар туруорар модьуйуулара. Бэйэлэрэ былааһы ылаллара буоллар, кинилэр да хаһан даҕаны аҕыс чаастаах үлэ күнүн олохтуохтара суох этэ… Аҕыс чаастаах үлэ күнэ ханна да, хаһан да олохтонуо суоҕа!
– Большевиктарынан куттаама… Большевиктар биһиги кыһалҕабытын билэллэр, ол иннигэр охсуһаллар, – диир Григорий Черепахин. Кини Надеждинскай бириискэҕэ Үөһээ Тайҕаттан саҥардыы киирбитэ.
Аан аһыллар. Маайа киирэр. Коршунов, ону көрөн: «Бу дьахтары күн бүгүнүгэр диэри мантан үүрбэтэх эбиттэр дуу?» – дии саныыр. «Бэйи, Оленников тойон, сэттэҕин ыларым буолуо!» диэн иһигэр саанар.
Маайа, Коршунов баарыгар түбэһэ киирбитин сөбүлээбэккэ, сууйан аҕалбыт таҥаһын туттараат, аан диэки барар.
– Мария Семеновна, тиэтэйэҕин дуу, тохтуу түс. Мин сип-сибилигин харчы булан төлүөм, – дии-дии таҥас сууйтарбыт рабочай кулахачыйа түһэр.
– Хойут, буллаххына төлөөр, – дии-дии Маайа тахсан барар.
Коршунов бу бараахтан быһа Оленников полицмейстерга барар. Полицмейстер санаата хараастан олорор эбит. Рабочайдары ытыалааһыны силиэстийэлии кэлбит юристар доппуруоска кинини бастакынан ыҥырбыттар.
Коршунов киирээт:
– Суут уурааҕын тоҕо толорбоккутуй? – диэн кини үрдүгэр түһэр.
– Эмиэ туох уурааҕы толорботубут? – Оленников сөпсөөбөтөх куолаһынан ыйытар.
Кинини бу күннэргэ «Лена Голдфилдс» салалтата бэркэ сорун сордоото. Маҥнай «рабочайдар бууннуу кэлбиттэрэ көстөр курдук гына оҥор» диэн, түүн күрүө тоһоҕотун күргэ аттыгар тастар диэбиттэрэ. Ону кини Тюменцевка соруйбута, ол акаары бэйэтэ барбатах, стражниктары ыыппыт. Стражниктар биир тэлиэгэ тоһоҕону хомуйан илдьэн, биир сиргэ чөм-бааччы сүөкээн кэбиспиттэр. Кини буоллаҕына, эрдэ баран бэрэбиэркэлээн көрбөккө эрэ, онно «туоһулары» хомуйан тиийэр. Тиийбитэ тоһоҕолоро биир сиргэ кутулла сыталлар. Дьэ ким итэҕэйиэй, тоһоҕонон охсуһа, өлөртүү кэлбит рабочайдар ытыалааһын кэмигэр тоһоҕолорун биир сиргэ чөмөхтөөн кэбиспиттэрин?! Туоһу оҥостуохпут диэн аҕалбыт дьоно күлсэ-күлсэ тарҕаспыттара. Хата ол сылдьан, биир тэлиэгэ кирпииччэ суол аттыгар сүөкэнэ сытарын көрөн, Теппан Оленниковка эппитэ:
– Бу түүн маны суолга ыстар. Силиэстийэлиир юристарга: «Рабочайдар кирпииччэнэн охсуһа кэлбиттэрэ», – диэн этиллиэ.
Оленников ону толорторо Пискун үрээнньиги ыыппыта. Пискун буоллаҕына кирпииччэни суолга ыстарарын оннугар, хомуйан тиэйтэрбит. Эмиэ айдаан буолар. Табыллыбатаҕына ити курдук наар аанньа табыллыбат. Ол аайы кини, Оленников, мөҕүллэр, буруйданар.
– Стачком чилиэнэ Владимиров ойоҕун бириискэттэн көһөрөр туһунан судьуйа уурааҕа баар. Ону тоҕо толорбоккутуй? Тоҕо баччааҥҥа диэри манна олороруй?
Оленников суут уурааҕа туолбатаҕар, кырдьык, буруйдаах. Ол дьахтарга көс диэн эппит буолуохтаахтар – ону көспөтөх эбит буоллаҕа. Бу үлүгэр айдааҥҥа ол туһунан саныыр өй да суох.
– Күн сарсын уурааҕы толоруллуо, – диир Оленников буруйдаммыттыы.
Сарсыарда Оленников Пискун үрээнньигин ыҥыртаран ылар. Пискун намыһах уҥуохтаах, симмит курдук толору эттээх, кып-кыһыл сирэйдээх украинец. Кини манна, Тайҕаҕа, үлэлээбитэ ыраатта. Соругу толорорунан, харса суоҕунан куруутун тойоттор хайҕабылларыгар сылдьар. Арай бу кэлин, полицмейстер сорудаҕын өйдөөмүнэ, мөҥүлүннэ.
– Истэбин, тойон полицмейстер! – Пискун чиэс биэрэн чиркэс гынар.
– Владимирова Мария ханна олорорун билэҕин дуо?
– Билэбин, тойон полицмейстер, «көс!» диэн этэ бара сылдьыбытым.
– Кини тоҕо баччааҥҥа диэри көспөтүй?
– А… а… – итинтэн ордук Пискун тугу даҕаны саҥарбат.
– Сип-сибилигин тиийэн киэр үүр!.. Өйдөөтүҥ дуо?
– Өйдөөтүм!
– Бар, толор!
Пискун таһырдьа ыстанар.
Соҕурууттан кэлбит юрист тойоттор Бодойбоҕо үс күн арыгылыыллар. Дьэ ол кэнниттэн аналлаах поеһынан Надеждинскай бириискэҕэ тахсаллар.
Манна кэлэн сэттэ түүннээх күн күүлэйдээн, арыгылаан баран, «үлэлэрин» дьэ саҕалыыллар. Саҕалыыллар да диэн буолуо дуо… Переломов уонна Патушинскай билигин даҕаны дьону кытта кэпсэтэр кыахтара суох. Онон арай Керенскэй эрэ рабочайдары кытта кэпсэтэ, үлэһиттэр бараахтарыгар барар.
Өр арыгылаан, Керенскэй төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас, сүрэҕэ өлөхсүйэр, мэйиитэ эргийэр. Ол курдук нэһиилэ хааман истэҕинэ уһун бараахтар кэтэхтэрин диэки, ойуччу соҕус турар кыракый балаҕан аттыгар, дьахтар саҥата аймана түһэр.
«Туох айдаанай, баран көрүөххэ», – дии санаан, Керенскэй балаҕан аттыгар тиийэр. Икки ытыһы холбуу туппут курдук кэтит, кып-кыһыл сирэйдээх үрээнньик биир эдэр дьахтары илиититтэн соһо сылдьар. Обургу соҕус уол оҕо, икки илиитин көхсүнэн хараҕын саба туттан туран, ытаан марылыыр.
– Тохтоо эрэ! – диэн Керенскэй үрээнньиги буойар. – Бу тугу гынаҕыный?
– Суут уурааҕынан бу дьахтары көһөрөбүн, – үрээнньик балаҕан иһиттэн малы-салы таһырдьа быраҕар.
– Тохтоо! – Керенскэй куолаһын улаатыннарар.
Үрээнньик кинини истибэт. Тамнааттаабытын курдук тамнааттыы турар.
Владимиров кэргэнин үрээнньик кэлэн үүрэн эрэрин көрөн, рабочайдар дьахтары олус аһыналлар. Ол гынан баран, хайыыр да кыахтара суох буолан, тэйиччи чөмөхтөһөн тураллар.
– Тохтоо диибин дии!.. Тоҕо истибэккиний? – диэн Керенскэй, рабочайдар туралларын көрөн, күргүйдүүр.
– Киэр буол!.. Мэһэйдэһэ турбуккун полицмейстер тойоҥҥо этэн сэттэҕин ылларыам ээ! – диэн үрээнньик кинини куттуур.
– Акаары! Мин киммин билэҕин дуо? – Керенскэй уордайан ыйытар.
– Билиэхпин даҕаны баҕарбаппын!
– Мин Петербуртан кэлбит юриспын… Александр Федорович Керенскэйбин! Истибитиҥ дуо?
Үрээнньик ити ааты истибит быһыылаах, үрүллүбүт хабаҕы тэспит курдук, эмискэ уостан хаалар. Көлөһүнүн соттор.
– Бырастыы гын, үрдүк сололоох…
– Бар, тойоҥҥун ыҥыран аҕал. Түргэнник!
– Истэбин, үрдүк сололоох! – Пискун сүүрэн көскөрүйэр.
Үрээнньик куттаммытын көрөн, рабочайдар мичээрдэһэллэр.
Маайа, оҕотун кууһан туран, бу мааны тойону одуулаһар. «Туох айыы санаалаах киһитэ кэллэ!» – диэн таайа сатыыр. Кини көрдөҕүнэ: үрдүк уҥуохтаах, уһун сирэйдээх, дьолтойо испит, күрдьүөттээбит оҕус курдук күлтэччи көрбүт харахтаах киһи турар.
Өр-өтөр буолбат, Оленников кэлэр.
– Үрдүк сололоох, полицмейстер Оленников…
– Тоҕо бу дьахтары дьиэтиттэн үүрэҕитий? – диэн Керенскэй, ситэ саҥарпакка, ыйытар.
– Үрдүк сололоох, судьуйа уурааҕынан…
– Туох буруйдааҕый?.. Кимий?..
– Маннааҕы дьахтар… – диир Оленников уонна Керенскэй кулгааҕар сибигинэйэн этэр: – Эрэ стачком чилиэнэ… Бэйэтин рабочайдар ортолоругар бэрт үгүстүк көрөллөр, агитатор үһү…
Керенскэй, сүрэҕэлдьээбит курдук, Маайа диэки көрүтэлиир. Кини бу дьыалаҕа орооспутун кэмсинэ саныыр. Кэмсиниминэ даҕаны: билигин бу дьахтары үүрдэрдэҕинэ, кинини кытта биир да рабочай итэҕэйэн кэпсэтиэ суоҕа…
– Исправнигы кытта кэпсэтиэм. Бу дьахтары тыытымаҥ.
– Истэбин, үрдүк сололоох!
– Баһыыба, тойон… – Маайа, дьиэтигэр хаалар буолбутуттан үөрэн, махтанаары гыммытын истибэккэ, Керенскэй үлэһиттэр олорор бараахтарын диэки хааман дагдаһыйар.
Бараах аттыгар тахсан ону-маны кэпсэтэ турар рабочайдар бу урут хаһан даҕаны көрбөтөх мааны киһилэрэ кэлбитигэр «били соҕурууттан кэлбит тойон буоллаҕа» диэн сэрэйэллэр, олоппос аҕалан биэрэллэр.
Керенскэй саҥата суох олоппоско олорор:
– Мин Александр Федорович Керенскэй диэммин.
– Көрөөт сэрэйбиппит, – диир хас даҕаны киһи.
– Государь император биһигини манна ыытарыгар эппитэ: «Лена кыһыл көмүһүн хостуур рабочайдар кыһалҕаларын билсиҥ», – диэн.
Черепахин уонна Волошин сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Үгүс рабочайдар ыраахтааҕы илдьитин истэн сэргии түһэллэр. Керенскэй дойҕоҕор утарыласпатахха, кини үгүс киһи өйүн сынньыыһы, рабочайдар биир ньыгыл санааларын айгыратыыһы. Ол иһин Иван Волошин дьон ортотуттан Керенскэй иннигэр тахсар.
– Тойон юрист, ыраахтааҕы манна саллааттар биһиги икки сүүс сэттэ уон үс доҕотторбутун ытан өлөртөрбүттэрин туһунан туох дьаһалы ылыах буоларый? – диэн ыйытар.
Керенскэй сэлээппэтин устар, аһын саҕатынан бытыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн солко былаатынан соттор:
– Сотору Манухин сенатор кэлиэхтээх. Государь тус бэйэтин уонна правительство итэҕэллээх киһитэ.
– Тойон Керенскэй, биһиги Государственнай Дума муус устар уон биирис күнүнээҕи мунньаҕын стенографическай отчуотун көрдүбүт. Онно Ис дьыала министрэ Макаров ыраахтааҕы правительствотын аатыттан: «Маннык буолла, маннык буола туруоҕа», – диэн эппит. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй?
Керенскэй уҥа илиитин тойон тарбаҕын уолугун тимэҕин ардынан укпутунан ойон турар:
– Мин Ис дьыала министрэ буолбатахпын. Кини эппит тылыгар бэйэтэ эппиэттиир, – диир уонна эргиллэ түһэр да, тахсан барар.
Керенскэй барбытын кэннэ дьон ортотугар улахан мөккүөр буолар. Сорохтор итинник дьорҕооттук кэпсэппит Волошины сэмэлииллэр, сорохтор көмүскэһэллэр.
Волошин, Черепахин уонна Баташов – манна баар үс большевик – сүбэ мунньаҕы оҥороллор. Ол сүбэ мунньахтарыгар рабочайдарга правительственнай комиссия албынын арыйар соругу туруоруналлар.
Оттон Керенскэй, кылаабынай резидент дьиэтигэр төннөн кэлээт, Корпорация салалтатын кытта сүбэ мунньаҕы оҥорор.
– Мин рабочайдар бараахтарыгар сылдьан, дьону кытта кэпсэтэ сырыттым, – диир кини ол мунньахха. – Хомойуох иһин, манна сокуону кэһии билигин да тахса турар эбит. Холобур, бүгүн биир дьахтары судьуйа быһаарыытынан бириискэттэн көһөрө сылдьалларын көрөн тохтоттум. Дьон хаана хамсаабыт айдааннаах кэмҥэ итинник көһөрүү үчүгэйгэ тиэрдиэн сатаммат. Итинтэн сылтаан буун буолуон сөп…
Корпорация тойотторо бука бары Константин Николаевич Коршунов диэки көрөллөр. Федор Владимиров кэргэнин мантан көһөрөр туһунан кини тыл көтөхпүтэ.
– …Биһиги билиҥҥи уопсай сорукпутунан рабочайдары, тылбытыгар киллэрэн, үлэҕэ таһаарыы буолар… – диир Керенскэй.
– Тойон Керенскэй, – диэн Теппан быһа түһэр. – Мин сип-сибилигин Лондонтан телеграмма туттум, Тойон Гаррис биллэриитинэн, Кореяттан уонна Китайтан биэс тыһыынча рабочайы хомуйан ыытар буолбуттар.
– Тойоттор, Кореяттан уонна Китайтан рабочайдар манна кэлэллэрэ биһиэхэ ордук үчүгэй. «Хаалыҥ, үлэлээҥ», – диэбиппит үрдүнэн, мантан барар буоллахтарына, биһиги буруйбут суох, бардыннар. Ол эрээри, буун тахсыбатын наадатыгар, ханнык эмэ кыра «бэрсиини» рабочайдарга оҥоруохха.
Ол туһунан минньигэс тылынан албынныыр ньыматын тойоттор иннилэригэр арыйан биэрэр. Кини этиитин бары сөбүлүүллэр. Иккис күнүгэр юристар, силиэстийэлиир ааттанан, рабочайдары кытта кэпсэтэллэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.