Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 61 (всего у книги 62 страниц)
ЧОН этэрээтин дьоно куораттан Мархаҕа диэри сыарҕалаах аттарынан тахсаллар. Онтон анараа өттүн, тыас-уус иһиллибэтин диэн, сатыы бараллар. Инники иһэр разведкалара эрэ ыҥыыр аттаахтара. Этэрээт кэнниттэн пулеметтарын уонна саппаас саа сэбин, аһыыр астарын түөрт акка тиэйбиттэрэ. Байыастар сылайдахтарына эрэ сыарҕаҕа олоро түһэн ылаллар, үксүн сатыы хаамаллар.
Биирдии чаас хаама-хаама, тохтоон сынньаналлар. Ол кэмҥэ разведкаттан кэлэннэр суолга туох да буом, мэһэй суоҕун биллэрэн бараллар.
Түүнү быһа хааман, халлаан саҥа сырдаан эрдэҕинэ, Киллэм дэриэбинэтэ көстөр сиригэр тиийэллэр. Тымныы буолан, туман түһэн эрэрэ. Мантан ыла разведканы ыыппаттар.
Обуостан пулеметтары ылаллар уонна суол икки өттүнэн тарҕанан тоҥуу хаарынан, онон-манан хотооллордоох бурдук бааһыналарынан сыаптаан киирэллэр.
– Оол барыаран көстөр улахан, хоруобуйалаах дьиэ – Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтэ. Итиннэ аҥаарыгар бэйэтэ олороро, аҥаара лааппыта этэ. Онто мин кэлин сырыыбар сабыылааҕа. Дьиэ аттыгар ол уһун, икки мэндиэмэннээх ампаара көстөр. Дьиэ кэннигэр – булуус ампаара. Антах аттары туруорар хаһаата көстөр. Хаһаа кэннигэр – дала. Дал аттыгар – хотоно. Онтон кыбыылаах оттор… Киэҥ сир, – Сүөдэр ыйаттыыр.
Чугаһаан иһэн өйдөөн көрбүттэрэ: Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтин, хаһаатын, хотонун, далын төгүрүччү, түөрт муннуктуу, балбааҕынан хахха оҥостубуттар.
– Көр эрэ, бу абааһыларыҥ улаханнык бөҕөргөтүммүттэр ээ!.. – Сүөдэр бандьыыттар бөҕөргөтүнүүлэрин көрөн саҥа аллайан эрдэҕинэ, эмискэ саалар эстэн баһыргыыллар. Ханан эрэ үөһэнэн бэрдээҥки буулдьалара дыыгынаан ааһыталыыллар. Саалар эстэр тыастара улам хойдон барар.
Сүөдэр, манна урут хас да сыл устата олорбут буолан, сирин быһыытын бэркэ билэрэ. Кини бэйэтин дьонун Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтин аттынан ааһар хотоолунан киллэрэр. Бандьыыттар сорох буулдьалара үрдүлэринэн ыйылаһан ааһаллар, сорохторо кинилэргэ тиийбэккэ, хаарга бурҕас гына түһэллэр.
– Сордоохтор, буулдьалара бу икки ардыгар ыран хаалар ээ! – диир бороҥ суппуун сонун богдоччу курдаммыт, куругар икки «бытыылка» гранатаны иилиммит ЧОН байыаһа, эдэр соҕус саха уола.
Хотооллоро, Лэгиэнтэй атыыһыт уһаайбатыгар икки сүүс хаамыы курдук тиийбэккэ эрэ, күөл диэки эргийэн барар. Мантан антах бандьыыттар сытар сирдэригэр остуол ньуурун курдук дэхси сиринэн тиийиэхтээхтэр.
Икки киһи хотоолтон тахсалларын кытта, сонно тута охтортууллар. Бандьыыттар буулдьалара быыстала суох сыыйыллар.
– Тохтооҥ! – диэн командир үөһэ тахсары тохтотор командата иһиллэр.
Сыталлар. Сүөдэр хаары хаһан, холлороон оҥостон, хотоолтон тахсар. Ол холлороонугар сытан көрбүтэ: уһаайбаны тула биир кэлим эркин гына хахха оҥостубуттар. Хахха чуолҕаннарыттан сааларын уота кытыастан олорор:
– Табаарыс командир, кэлэн көр эрэ, – диэн Сүөдэр рота командирын ыҥырар.
Кини оҥостубут холлороонунан рота командира сыылан кэлэр. Бандьыыттар олус киппэтик оҥостубуттарын көрөн, дьулайар.
– Хайдах да чугаһатыахтара суох буолбат дуо?
– Оннук быһыылаах.
Командир хотоолго төттөрү түһэр. Ити түгэҥҥэ Сүөдэр өйдөөн көрбүтэ: дьоно бары хаары хаһан, холлороон оҥостон өрө тахсан эрэллэр эбит. Ойоҕолото соҕус «кольт» пулемет тибигириир. Ол да буоллар бандьыыттар уоттара син биир уҕарыйбат, буулдьалара биир кэм сыыйыллан олорор.
Бу кэмҥэ аны бандьыыттар кэтэх өттүлэриттэн саа тыаһа хойдон барар. Ону истэн ЧОН байыастара дьэ кэҥииллэр, «Сотору атаакаҕа киирэрбит буолуо», – дии саныыллар. Ол эрээри ким да кинилэри: «Атаакаҕа!» – диэн командалаабат, уонна, кырдьыга, киһи туруох да буолбатах: буулдьа туох да быыстала суох ыйылыыр.
Хаан курдук кып-кыһыл күн дарбайан тахсар. Хаар үрдэ барыта кытара түһэргэ дылы буолар. Ол эрээри, күн төһө үрдүүр да, кини өҥө ырааһыран, сырдаан барар. Бу күнү быһа икки өттүттэн ытыалаһыы буолар. Бандьыыттар хардары атаакалыыр санаалара суох быһыылааҕа, бэйэлэрин бөҕөргөтүнэн олорор сирдэригэр эрэ киллэрбэт мөккүөрдээхтэрэ. Оттон кыһыл этэрээттэрэ атаакалыахтарын чаҕыйан сыталлара. Киэһэ борук-сорук буолуута ЧОН этэрээтигэр Строд Сэмэнчиктиин кэлэллэр.
– Биһиги уһаайбаттан балтараа сүүччэ хаамыылаах сиргэ сытабыт… Сволочтарыҥ, букатын өндөппөттөр! Хас да киһибитин сүтэрдибит, – диир Строд.
– Биһиги эмиэ бу хотоолтон кыайан быкпакка сытабыт…
– Хайдах гынабыт?.. Сүбэлэһэн баран, икки өттүлэриттэн тэбис-тэҥҥэ атаакалыаҕыҥ! – Строд туох санаалаах кэлбитин быһаччы этэр.
– Чэйиҥ, быһаарсыаҕыҥ! – дии-дии, ЧОН этэрээтин командира бэргэһэтин өрө анньынар.
– Бу түүн биһиги син биир утуйбаппыт, онон сотору-сотору бандьыыттар окуопаларын ытыалаан, кинилэри эмиэ сынньатымыаҕыҥ. Онтон сарсыарда, халлаан сырдыыта чаас курдук хаалыыта, ытыалыырбытын тохтотуоҕуҥ. Ол кэмҥэ дьоннорбутун аһатыаҕыҥ. Онтон, күн тахсыыта, тэбис-тэҥҥэ атаакаҕа туруоҕуҥ!
– Тоҕо халлаан сырдыан иннинэ ытыалыырбытын тохтотобутуй? – ЧОН командира ыйытар.
– Ити – аралдьытаары. Кыһыллар кыайан киирбэккэ, чугуйдулар диэн санааҕа киллэрээри. Ол кэмҥэ, баҕар, сэргэхтэрин мөлтөтөн ылыахтара диэн.
– Чэ сөп!..
– Атаакаҕа туран баран, төһө даҕаны сүтүктэммиппит иһин, тохтуур, төннөр сатаммат! Киирдибит да, кыайыыны ситиһиэхпитигэр диэри киириэхтээхпит!
– Өйдүүбүт.
– Чэ, итинэн кэпсэтэн бүттүбүт! – Строд турар, иннилэригэр барыара үллэн турар Лэгиэнтэй атыыһыт уһаайбатын диэки көрөн кэбиһэр. – Сарсыарда, күн тахсыыта!
Икки командир илии тутуһан быраһаайдаһаллар. Строд Сэмэнчиктиин кэлбит суолларынан, хотоол устун ырааҕынан эргийэн, дьонноругар төннөллөр.
Түүнү быһа сотору-сотору икки өттүттэн хардарыта ытыалаһыы буолар. Арыт пулеметтар тибийэн ылаллар. Сарсыарданан халлаан тымныйар. Бу кэмҥэ ытыалаһыы ах барар. Чаас аҥаара… биир чаас ааһар. Им-дьим, уу чуумпу. Халлаан сырдаан барар. Билээгэлэргэ сылаас чэйи аҕалан красноармеецтарга тарҕаталлар. Халлаан лаппа сырдыыр. Онтон уҥуоргу мыраан кэтэҕиттэн күн күлтэйэ тахсан кэлэр.
– Туруҥ!.. Атаакаҕа! – диэн хамаанда иһиллэр.
Хотугу Иккис этэрээт уонна ЧОН чаастарын үс ротата, сааларын бэлэмнии туппутунан, сытар холлороонноруттан тураллар. Хотооллортон тахсаат, ньохоччу тутта-тутта, сырсыбытынан бараллар. Маҥнай утаа, уонча-сүүрбэччэ хаамыыны барыахтарыгар диэри, уһаайбаттан ким да ытыалаабат, онтон икки-үс саа тыаһа соһуйбут курдук тоһургуур, дьэ ол кэнниттэн элбээн, хойдон барар. Байыастар табыллан охтуталыыллар.
Сүөдэр, тоҕо эрэ тыына хаайтарыах курдук, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньар. «Ити ампаар аттыгар тиийдэрбин!» – диэн, биир сири супту көрбүтүнэн барар. Буулдьалар сиирэ-халты ааһаллар.
Эмискэ уһаайба улаҕаа өттүн диэки гранаталар эстэн дэлбэритэ бараллар. Ону кытта тэҥҥэ «Ур-р-а-а!.. ур-р-а-а!!!» хаһыы дуораһыйар.
Ону истэн, ЧОН байыастара эмиэ, тохтуу түһэ-түһэ, курдарыгар баана сылдьар гранаталарын турута тардан ыла-ыла кыыраталлар. Бандьыыттар бөҕөргөтүнүүлэрин эркинин бэтэрээ уонна ис өттүлэригэр гранаталар эстэн бурҕаһаллар. Арыт хаары кытта уот күлүм гынан ылар, хап-хара буруо өрүкүйтэлиир.
Бандьыыттар сааларын тыаһа билигин да оччо сэллээбэт гынан баран, дьону табаллара аҕыйыыр.
Сүөдэр тиийдэрбин диэн испит ампаарыгар кэлэн сыста түһэр. Тыын ыла түһээри тохтуур. Ампаар анараа өттүгэр иэмэ-дьаама суох «һуу-һаа» саҥа иһиллэр. Ким эрэ кимиэхэ эрэ: «Дьоҥҥун туруортаама!» – диир.
Сүөдэр куруттан гранататын сулбу тардан ылар да, ампаар нөҥүө элитэр.
* * *
Сүөдэркэ Дьаакыбылап дьоно тура-тура куотан өкчөрүһэн бараллар. Ону аттыларыгар сытар Прокопьев үрээнньик көрөн:
– Яковлев!.. Дьоҥҥун туруортаама! – дии-дии хаһыытыыр.
– Тохтооҥ!.. Ханна куотаҕытый?.. Тохтооҥ!..
Сэмэнчиктээх хас да буоланнар окуопаҕа ыстанан киирэллэр. Бандьыыттартан ким да ыстыыгынан утарыласпат, куоталлар. Сэмэнчик, ол-бу диэки холоруктуу туран хотон кэннин диэки Сүөдэркэ Дьаакыбылап куотан эрэрин көрө түһэр.
– А-а, син биир куотуоҥ суоҕа!.. – Сэмэнчик хотон нөҥүө өттүнэн күөйэ тэбинэр. Кини бу түгэҥҥэ туохтан да сэрэнэр диэни кыккыраччы умнан кэбиһэр, өйдүүр өйө: «Сүөдэркэ Дьаакыбылабы мантан куоттарбатарбын!» – диэн эрэ буолар. Хотон кэннигэр сүөһүнү тыалтан хаххалыыр балбаах эркиннээх муччахаҕа тиийэн Сүөдэркэ хаайтаран хаалар, ыксаан, төттөрү сүүрээри Сэмэнчиккэ уун-утары эргиллэ түһэр. Ытаары саатын утары тутар, сомуогун аһа тардан хачыгыратар. Саатыгар ботуруона суоҕа. Ыксаабыт куолаһынан:
– Ытыма-аа!.. Өлөрүмэ-ээ!.. Бэринэбин!.. – дии-дии, саатын сиргэ быраҕар.
Сэмэнчик саатын тыаһа өрө хабылла түһэр. Сүөдэркэ умса хоруйа түһэр.
– «Өлөрүмэ» диэбит буола-буола… – Сэмэнчик саатын сомуогун төлө тардыбытыгар эстибит ботуруона буруолаабытынан киэр ойон хаалар.
IXБандьыыттартан ахсааннаахтара сыыһа туттаран, Хаҥалас хайатын тумсунан өрүс уҥуор куоталлар. Кинилэр хас көрсөр киһилэригэр кыһыллар Киллэмҥэ хайдах кимэн киирбиттэрин сүрдээн-кэптээн кэпсииллэр.
Киллэми ылан баран, нөҥүө күнүгэр кыһыллар куоракка төннөллөр. Ону истэн, өрүс уҥуоргуттан Коробейников Киллэмҥэ төннөн киирэр. Кинини кытта барса сылдьыбыт дьон кыһыллар Киллэми ылалларыгар куоппут дьонноруттан уонча киһини уонна бэриммиттэрин кыһыллар босхолоон дьиэлэригэр ыыталаабыт дьонноруттан эмиэ хас да киһини тутуталаан аҕалтаабыттар.
– Биирдии-биирдии миэхэ киллэртээҥ! – Коробейников саллааттарыгар бирикээстиир.
– Кыһылларга бэриммитиҥ дуо? – үүттээн эрэр курдук, супту көрө-көрө Коробейников ыйытар.
– Өлөрбүттэн куттанан… бэриммитим…
– Саа туттардахпына, кыһыллары утары сэриилэһиэҥ дуо?
– Сэриилэһиэм буоллаҕа дии, ханна барыамый.
– Барар сириҥ бүтэн, дьоҕойон сэриилэспитэ буолаары гынаҕын дуо? Таһаарыҥ, баҕалаах сиригэр бардын – ытан кэбиһиҥ!
– Тойонуом… өлөрүмэ… кыра оҕолордоохпун… Сэриилэһэбин, саллаат буолабын… – дии-дии, ытылларга бирикээстэммит киһи сөһүргэстии түһэр.
Коробейников саллааты түҥнэри тэбэн кэбиһэр.
– Таһааран ытан кэбиһиҥ диибин буолбат дуо!
Урукку доҕордорун ытаппытынан-соҥоппутунан соһон таһааран тиэргэн ортотугар охтороллор.
– Өссө киллэриҥ! – дии-дии, Коробейников дьиэ ортотугар өттүк баттанан турар.
Киллэрэллэр. Өлө куттаммыт киһи сири көрөн турар. Коробейников кэлэн сэҥийэтиттэн өрө анньар.
– Кыһылларга бэриммитиҥ дуо?
– Суох… Күүстэринэн саабын былдьаабыттара.
– Ыыппыттарыгар тоҕо этэрээккэр төннөн кэлбэтэххиний?
– Ханна бааргытын билбэт этим… куттанан…
– А-а, куттанан!.. Кыһылларга бэринэргэр куттамматаххын, биһиэхэ кэлэргиттэн куттаммыккын…
– Ылыҥ, таһааран ытан кэбиһиҥ!
– Өлөрүмэҥ!.. Мин… Мин буруйум суох… – эмиэ күүстэринэн соһон таһааран ытан кэбиһэллэр.
Ити курдук, кыһыллар билиэн ылан баран босхолообут дьоннорун Коробейников ирдээн сылдьан тутуталыы-тутуталыы ыттаран иһэр.
Бу кэнниттэн үрүҥнэр сорох саллааттара собус-соруйан кыһыллар постарыгар киирэн бэринэр буолан бараллар. Ол дьон аны бандьыыттары утары сэриилэһэллэр.
Коробейников ыксыыр. Куорат аттыгар быстах этэрээттэрин хааллартаан баран, Аммаҕа түһэр.
Коробейников Чурапчыга таарыйар. Манна уобалас киинигэр Дьокуускайга көһөөрү Коробейников тойон хаһан куораты ыларын көһүтэн олорор «Бириэмэннэй правительство» баһылыктарыгар киирэр.
– Тойон Коробейников, хаһан биһиги олох сирбитигэр – куоракка киирэбитий? – Куликовскай эсер, ачыкытын тааһын сотто-сотто, ыйытар.
– Хаһан даҕаны киирбэккит. Миигин албыннаабыккыт уонна тугунан куораты ыллараары гынаҕытый?
– Тойон Коробейников, бырастыы гын, биһиги ханныгын да иһин «Саха уобалаһын правительствота» диэн ааттаахпыт… Эн биһиги правительствобытыгар бас бэринэргин умнубат инигин, – дии-дии, Куликовскай ачыкытын кэтэр.
– Правительство суох! Эһиги аны кимнээх даҕаны буолбатаххыт! Армияҕыт даҕаны суох! Эһиги булан биэрбит «эрэллээх» саллааттаргыт билигин кыһылларга бэринэртэн атыны тугу да гымматтар!
– Бэйи эрэ, ол хайдаҕый? Эн уоскуй эрэ.
– Туох буолбутун тойон Коробейников киһилии кэпсээтин ээ, – аны Оруоһун хасыһан турар.
– Извольте, кэпсиибин. Кулун тутар сүүрбэ сэттис күнүгэр кыһыллар Киллэмнээҕи бөҕөргөтүнүүбүтүн ыллылар. Мин онно суох этим, манна кэлэн испитим. Баарым даҕаны буоллар, саба тутарым биллибэт. Онно биһиги армиябыт дьоно үс сүүстэн тахса киһи кыһылларга бэринэн кэбиспиттэр. Дьэ уонна баран ол дьонунан куораты ыла сылдьыҥ. Билигин куоракка киирэ даҕаны сорунар санаам суох. Абаккабар, таарыйа, Амма слободатыгар хаайтаран олорор кыһыл этэрээтин үлтү сынньан баран, Охотскайга түһэр былааннаах иһэбин. Эһиги сэриилэһиҥ! Мин сөп буоллум…
– Тойон Филиппов ханнаный? – Оруоһун, атаҕын оллооннуу уурунан олорон, ыйытар.
– Соҕурууттан кыһылларга улахан обуос кэлэн иһэр үһү. Кини ол обуоһу тоһуйа барбыта. Ол обуоһу былдьыыр буоллар, баҕар, охсуһуохха сөп этэ.
– Ол обуостарыгар туох баара биллэрий? – Оруоһун эмиэ ыйытар.
– Биһиэхэ биллибит сведениенэн, саа сэбэ, таҥас, ас уонна түөрт пушка баар буолуохтаах.
– Оттон ол сэптэрин былдьаан ылыахха!
– Дьоннору ыыппытым диибин ээ! Ыллахтарына биллэриэхтэрэ. Оччоҕо быһаарыныы туспа буолуоҕа.
– Оттон итинник киһилии кэпсэтиэххэ этэ буоллаҕа дии, – Куликовскай төттөрү-таары хаамыталыыр.
– Онон билигин мин бу курдук былааннаахпын: субу Амма слободатыгар олорор кыһыл этэрээтин киирэн үлтү сынньыахха. Саатар, сүтүгү итинэн толунуохха наада. Уонна оттон Филиппов тойон миэхэ кыһыллар обуостарын ылбытын-ылбатаҕын хайаан даҕаны сотору биллэриэхтээх, – Коробейников дьэ кэҥээн, туох былааннааҕын кэпсиир.
* * *
Гудзинскай этэрээтэ Аммаҕа кыһын Сүөдэр кэлэн барыаҕыттан ыла балаһыанньа хайдах-туох буолбутун билбэккэ олорор. Этэрээт дьоно биир сэлиэнньэ иһигэр хаайтаран олороллоруттан олус тэһийбэт-тулуйбат буолан бардылар. Ол олорон арыт саныыллара: «Бандьыыттар Дьокуускайы ылбыт буоллахтарына, биһиги эрэйдээхтэр дьэ дьыалабыт мөлтүүр ээ»; оттон сороҕор, санаалара көтөҕүллүбүт кэмигэр: «Соҕурууттан – Иркутскайтан улахан этэрээт биһиэхэ иһэр сурахтааҕа, ол этэрээт куоракка кэлбит буоллаҕына, куорат аттынааҕы бандьыыттары үлтү сынньан баран, сотору биһигини босхолуу кэлиэх тустаахтар», – диэн.
Күн уһаан, саас кэлэн иһэрэ лаппа биллэн барар. Бу күннэргэ байыастар үксүн таһырдьа сылдьаллар. Кулун тутар ортотун диэки биир киэһэ бандьыыттар Чапчылҕан таһыттан:
– Э-э!.. Кыһылла-ар! Истиҥ эрэ! Эһиэхэ соҕурууттан көмөлөһө кэлэн иһэр кыһылларгытын биһиги дьоммут Табаҕа дьаамын аттыгар кырган кэбиспиттэр!.. Сотору эһигини эмиэ кыргарбыт буолуо! – диэн хаһыытаһаллара иһиллэр.
Кыһыл этэрээтин дьоно тугу да хардарбаттар. Туох диэн хардарыахтарай, тугу да истибэккэ, хаайтаран олорор дьон.
Патруль кэлэн Гудзинскайга дакылааттыыр.
Командир ону төһө да итэҕэйиэ суоҕун баҕардар, улахан санааҕа түһэр. «Баҕар, кырдьык, оруннаах сурах буолаарай?!» – диэн санаа кини төбөтүттэн хайдах да тахсан биэрбэт.
Бу киэһэ Гудзинскай дьонун хомуйан сүбэлэһэр. Биир эдэр соҕус красноармеец:
– Табаарыс командир, миигин куоракка ыыт. Туох буолан эрэрин билэн кэлиим! – диэн көрдөһөр.
– Куттала бэрт ээ. Кыайан тиийиэҥ суоҕа.
– Дьол хараҕа суох, баҕар, быыстаан-арыттаан киирэн хаалыахха сөп ээ, – хаайтаран муунту буолан олорор красноармеецтар киһини хайаан да ыытан көрөргө этэллэр.
Барар киһилэрин манна олохтоох бааһынайдартан таҥас ылан таҥыннараллар. Ким да красноармеец эрэ сылдьар диэбэтин курдук таҥастаан-саптаан ыыталлар.
Бу красноармеец барбыта икки хоммутун кэннэ, эмиэ Чапчылҕан аттыттан бандьыыттар хаһыытаһаллара иһиллэр:
– Э-э! Кыһылла-ар! Икки хонуктааҕыта куоракка ыыппыт киһигитин туппуппут. Аны аҕыйах хонугунан Дьокуускайы биһиэннэрэ ылаллар! Онтон эһигини тобоҕолуохпут!
Кыһыллар аны куоракка киһи ыытартан аккаастаналлар. Бандьыыттар патруллара Слободаны иилии эргийэ сылдьаллар быһыылаах.
Эмиэ хас да күн устата туох буолбутун истибэккэ, улаханнык чуҥкуйаллар. Саатар, били Чапчылҕантан хаһыытаан «сонун биллэрэр» бандьыыттара биллибэт буолан хаалаллар. Онтон муус устар онус күнүн диэки Чапчылҕаҥҥа бандьыыттар кэлиилэрэ-барыылара үксүүр. Ону көрөн, патруль Гудзинскайга дакылааттыыр.
– Ол аата манна кимэн киирээри тэринэр буоллахтара. Биһиги эмиэ бэлэмнэниэҕиҥ!
Патруллары, түүҥҥү постары хойуннараллар. Сынньанар даҕаны байыастар сааларын кууспутунан таҥастыын утуйаллар. Бандьыыттар кимэн киириэхтэрэ диэн, күнүстэри-түүннэри кэтииллэр.
Хас да хонук ааһар, бандьыыттар им-дьим баран хаалаллар. Күннэтэ аайы чалбах уута кэҥээн, суол кэлтэйэн барар. Гудзинскай дьонун мунньар:
– Табаарыстар, хайдах буолабыт? Суол алдьанара чугаһаата. Мантан хойутаатахпытына, аны Лена өрүс хаайыаҕа. Мин хайдах табылларынан Дьокуускайга киириэҕиҥ диэри гынабын.
– Киирэн! Киириэххэ! – дэһэр саҥалар элбэхтик иһиллэллэр.
– Уһун кыһыны быһа сөбүн хаайтаран олордубут!..
– Киирэр сөп!..
– Бэйи аргыыйыҥ, – диир сааһыра барбыт Бодойбо рабочайа. – Арай куораты бандьыыттар ылбыт буоллуннар, оччоҕо ханна барабытый?
– Кырдьык, тур да барар санаабычча буолаарай, доҕоттоор?!
– Хаар хараарыар, киһи ханан саныыр сиринэн сылдьар буолуор диэри тохтуоҕуҥ! – диир били рабочай.
– Арааһа, ити сөп буолуо. Билигин суолга тоһуйан сиэхтэрэ, – диир хара бытыктаах хатыҥыр киһи.
Муус устар ортотун диэки Слобода хочотун хаара үксэ да харааран барар. Мыраантан бэттэх тибии типпит хомурахтара эрэ маҥхаһан көстөллөр. Патрульга сылдьар красноармеецтар тураах саҥатын истэллэр.
– Тураах кэлбит!
– Сотору кус кэлэрэ буолуо. Хаар олус эрдэ харааран эрэр.
Муус устар сүүрбэһис киэһэтигэр Гудзинскай дьонун эмиэ хомуйар:
– Табаарыстар, хаар хараарда. Дьэ, хайыыбыт?
– Аны икки-үс хонукка өссө көһүтэн көрүөҕүҥ. Онуоха диэри туох да биллибэтэҕинэ, дьэ барарбытыгар тиийэбит, – дэһэллэр били үнүрүүн мантан бараары гыммыттарын утарсыбыт рабочайдар.
Байыастар, төһө да бара охсуохтарын баҕарбыттарын иһин, бу дьон этиилэрин ылыналлар.
Муус устар сүүрбэ иккис күнэ. Уларыйыы суох.
– Табаарыстар, сарсыарда мантан барабыт! – диир Гудзинскай.
Красноармеецтар аттарын бэлэмнииллэр, ыҥыырдарын холунун-кычымын оҥостоллор. Түүнү быһа түбүгүрэн, тэринэн, утуйбаттар. Илиҥҥи саҕах саҥардыы сэгэйэн эрдэҕинэ, Слободаттан кыһыл этэрээт тахсар. Ыаллар утуйа сыталлар, уулуссаҕа ким да көстүбэт.
Чапчылҕаҥҥа олорор бандьыыттар постара, Слободаҕа ыттар үрэллэрин истэн, туох эрэ буолаары гынна быһыылаах диэн, манабылларын сэргэхтик кэтэтэр. Сарсыарда, халлаан сырдыыта, манабыл саллаат, кыһыллар Слободаттан тоҕо анньан иһэллэрин көрөн, поска сүүрэн киирэр:
– Кыһыллар!.. Кыһыллар иһэллэр, тура охсуҥ!
Бандьыыттар бары ойуоккалаһан тураллар. Кыһыллары көрөөт, барыах-кэлиэх сирдэрин булбат буола түһэллэр. Саһар, куотар мучумааныгар түһэллэр. Бэрт аҕыйах бандьыыт утарылаһан, уончалыыта ытыалаан бараннар, Абаҕа диэки тэскилээн биэрэллэр.
Гудзинскай этэрээтэ Чапчылҕаҥҥа киирэр. Олохтоох дьон кыһыл этэрээтин үөрэ-көтө көрсөллөр. Кыбыылаах отторго, хотон күкүрүгэр саспыт бандьыыттары ыйаттаан биэрэллэр.
Гудзинскай биир саллааттан ыйытар:
– Эһиэннэрэ Дьокуускайы ылан эрэбит дииллэр дии, ол кырдьык дуо?
– Арай билигин ылан эрэллэр ини. Хата, соторутааҕыта биһиги дьоннорбутун Дьокуускай чугаһыгар олороллорун кыһыллар тахсан кыайбыттар этэ дии. Манна ол сэриигэ сылдьыбыт киһи баар ээ. Ити турар.
Гудзинскай аны ол саллааттан ыйытар:
– Кырдьык дуо?
– Кырдьык. Киллэмҥэ олордохпутуна, эһиэннэрэ кэлбиттэрэ. Маҥнайгы күнүгэр үрүҥ этэрээт бэриммэтэҕэ. Иккис сарсыардатыгар кыһыллар туох да бокуойа суох атаакалаан киирбиттэрэ. Онно кыайан утарылаһар кыах суох буолбута. Бэринээччи бэриммитэ, өлүү да элбэх этэ. Бэрт аҕыйах киһи куоппуппут…
– Кылаабынай тойоҥҥут Коробейников билигин ханнаный?
– Биллибэт…
«Тугу гынабыт, куоракка киирэбит дуо? Бандьыыттар, кырдьык, оннук хотторон эрэр буоллахтарына, биһиги тоҕо да олус тиэтэйэн, быстах киирэн биэрэбит, өссө да көһүтэ түспэккэ?» – Гудзинскайга аны итинник санаа киирэр. Күн үөһэ ойор. Ичигэс, чуумпу. Хонууга күөх от бытыгыраан эрэр.
Командир манна өссө да тохтуу түһэр санааны ылынар. Дьонун биир сиргэ мунньар:
– Биһиги олус тиэтэллик быһаарынан куораттаан иһэр быһыылаахпыт. Өскөтө ол куорат таһыгар бандьыыттар хотторбут буоллахтарына, биһиэннэриттэн манна сотору туох эмэ биллиэхтээх. Баҕар, көмө да кэлиэн сөп. Онон өссө көһүтэбит, манна олоро түһэбит.
Дьон үксэ, ордук эдэр өттө, куоракка киирэргэ дьулуһар, улахан мэһэй аара суох буолуон курдук куолулууллар.
– Табаарыстар, мантан Дьокуускайга диэри икки сүүстэн тахса биэрэстэ. Ол суолбут улахан өттө бандьыыттар ортолорунан барар. Биһиги билигин аҕыйахпыт, балаһыанньа хайдаҕа өссө чуолкайданыар диэри сэрэҕэ суох быһаарыныылартан туттуннахха сөп буолуо. Кылаабынайа, куоракка туох да сүтүгэ суох киирэрбит наада, – Гудзинскай дьонун өйдөтө сатыыр.
Хаайтаран олороллоруттан салгыбыт дьон саҥата суох бараллар. Дьон ортотутан симик соҕус саҥа:
– Баччааҥҥа диэри олорбуппут. Күүтүөххэ! – диир.
– Көһүтүөххэ! – дэһэр саҥалар ити кэнниттэн үксүүллэр.
Үөрбүт хараҕынан Гудзинскай дьонун кэрийэ көрөр. Илиитин өрө уунар, команда биэрэр:
– Табаарыстар, Слободаҕа төннөбүт!.. Аттаргытыгар!
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.