Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 37

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 37 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Иван, сымыйалаама… – диир онуоха иккиһэ. – Тоҕо аргыстаһан иһэр доҕоргуттан кистиигиний? Кини биһигини кимиэхэ тыллыа диэн куттаннаххыный?

– Билигин сэрии бара турар… – били Сүөдэр ыйыппытыгар бастаан хардарбыт киһи олоро түһэр. – Биһигини сэриигэ ыытаары гыммыттарыттан күрээн, Витим өрүс баһыгар бултаан аһаан олороору күрээн иһэбит. Эн эмиэ күрүөйэх буолбаккын дуо?

– Күрүөйэх диэтэххэ – күрүөйэхпин… Хаатырга үлэтигэр өлүөхпэр диэри үлэлииргэ уураахтаммытым… Бу бааһырбытым кэннэ куорат баланыыссатыгар сытыарбыттара. Хата ону ити доҕорум Трофим Алмазов истэн, көмөлөһөн, бу дойдубар, дьоммор баран иһэбин, – диэн Сүөдэр кимин-тугун кэпсээн биэрэр.

Дьэ бу кэнниттэн барыларын айахтара аһыллар. Бэйэлэрин ааттарын-суолларын билсиһэллэр.

– Эһиги Алмазовы кытта хаһааҥҥыттан билсэҕитий? – диэн ыйытар Сүөдэр.

– Алмазов Нерчинскэйгэ көстөр буолуоҕуттан – сыл кэриҥэ буолла.

– Оттон Екатерина Ивановна диэн кыыс кимий?

– Нерчинскэй олохтооҕо. Кини революционердарга олус көмөлөһөр…

Хас даҕаны түүн мас төрдүгэр хононнор, Витим өрүс кытылыгар тахсаллар. Кытыл хайатын анныгар үүнэр хойуу маска чыычаахтар ырыалара чугдаарар. Аллара хайа хапчааныгар хам туттаран, Витим өрүс, тиргэҕэ иҥнибит кустуу, өрө мөхсө, күүгэн алла, күн уотугар үрүҥ-кыһыл көмүһүнэн кылапаччыйа сытар. Сүөдэр аргыстарынаан таас хайа үрдүгэр тураллар.

– Дьэ, Федор, биһиги кэлиэх буолбут сирбитигэр кэллибит. Билигин Бугорикта үрэх төрдүгэр киирэн эйиэхэ болуот оҥорон биэриэхпит, – диир Сүөдэргэ биир аргыһа.

Үс биэрэстэ курдук сири аллара түһэннэр, Бугорикта үрэх төрдүн булаллар. Хаппыт маһы охтортоон, дүлүҥ быһыталаан, Сүөдэргэ аҕыс маһынан болуот охсоллор. Бөҕө-таҕа буоллун диэн талах көпсөнөн кэлгийэллэр. Ол бадьыыстаһа сырыттахтарына күн киэһэрэр, халлаан хараҥарар. Сүөдэр кэргэнин, оҕотун көрсө охсоору тиэтэйэн, түүнүн кэрэйбэккэ аттанаары гыммытын доҕотторо ыыппаттар.

– Халлаан сырдаатаҕына айаннаар… Кэбис, өрүс тааһыгар болуоккун алдьаттаран өлүөҥ, – дииллэр.

Сүөдэр, төһө даҕаны тиэтэйдэр, доҕотторун тылларын истэригэр тиийэр. Болуоттарын үчүгэйдик баайан баран, өрүс кытылыгар уот оттоллор, чэй өрүнэллэр. Өйүө астарын тобоҕун уостарынан үллэстэллэр уонна бэрт кыраны Сүөдэргэ ыһык гын диэн биэрэллэр.

Кинилэр бу түүн Витим өрүс кытылыгар уот аттыгар олорон ону-маны сэһэргэһэллэр: бэйэлэрин олохторун бэлиэ түбэлтэлэриттэн ыраах Европаҕа күүдэпчилэнэ турар алдьархайдаах сэриигэ тиийэ.

– Босния дуу, Герцоговина дуу сиригэр, Сараево куоракка, биһиги Россиябытыгар туох даҕаны сыһыана суох сиргэ, Австрия ыраахтааҕытын уолун өлөрбүттэриттэн сэрии саҕаламмыт үһү… Бу биһиги ыраахтааҕыбыт православнай миэрэлээх дьону көмүскэһэн сэриилэһэр үһү, – диэн кэпсиир Сүөдэр эдэр аргыһа.

Сүөдэр аан дойду сэриитэ буолбутун баланыыссаттан күрээн эрэ баран иһиттэ.

Ити курдук кэпсэтэ олордохторуна, халлаан илиҥҥи иитэ кылбайан, сырдаан барда.

– Чэ, Федор, аттанаргар сөп буолла.

Үһүөн болуот баайыллан турар сиригэр киирэллэр. Сүөдэр, болуотугар киирэн туран, доҕотторугар бэрдээҥкэ саатын уонна ботуруоннарын уунар:

– Көмөлөспүккүтүгэр, бу Витим өрүһү булларбыккытыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын…

– Кэбис, саата суох айанныырыҥ табыллыа суоҕа, бу сааны эйиэхэ бэлэхтиибит, – дэһэллэр.

Сүөдэр, доҕотторун кытта бырастыылаһан, болуотугар олорор. Доҕотторо уһун маһынан болуотун өрүс дохсун сүүрүктээх үөһүгэр анньан кэбиһэллэр. Болуот, холоруктуу-холоруктуу, устан доллоһуйар. Икки киһи, бэргэһэлэрин устан, далбаатыы хаалаллар.

Витим өрүһүн хабыллар хаба ортотунан, суорба таас хайалар икки ардыларынан дохсун сүүрүккэ уйдаран Сүөдэр айаннаан иһэр. Күн үөһэ ойуута, салгын сылыйыыта болуотугар сытан утуйан хаалар. Күн арҕаалаабытын кэннэ уһуктар. Төһө да аһыан баҕардар, өйүөтүн харыстаан тыыппат. Сарсыардатыгар эрэ доҕотторо биэрбит аһылыктарын тобоҕунан өллөнөр.

Айаннаабытын иккис күнүгэр уҥа биэрэккэ кыстык угун саҕа кыракый балаҕан турарын көрөн, Сүөдэр болуотун кытыыга тигиһиннэрэр. Болуотун маска баайан баран, ыалга тахсар. Балаҕан аттыгар тыыннаах дууһа баара көстүбэт. Ол эрээри балаҕан иччитэх буолбатах быһыылаах, оһоҕун турбатыттан буруо бургучуйар.

Сүөдэр дьиэҕэ киирэр. Дьиэ иһигэр сахалыы дьүһүннээх оҕонньордоох эмээхсин олороллор. Обургу соҕус алтан солуурчахха балык буһан, күүгэнинэн өрө ыһыахтанар. Сүөдэр таҥара күлүгэ бороорон көстөрүгэр кириэс охсунар уонна:

– Дорооболоруҥ! – диир.

Кырыллыбатаҕа өр буолбут маҥхайан эрэр чачархай баттахтаах, кыра соҕус уҥуохтаах, хаппыт-куурбут оҕонньор киһи, сахалыы саҥаны истэн, үөрэ түһэр:

– Саха омуккун дуу? Хайа диэкиттэн көһүннүҥ?

Дьиэлээх эмээхсин, буһа турар балыгыттан көҥөммүт курдук, иэдэс биэрэр, тугу даҕаны саҥарбат.

– Өрүс баһыттан иһэбин.

– Хайа, онно эмиэ сахалар олорор буолаҕыт дуо?

– Суох… Онно сылдьан баран иһэбин.

– Ээх… Кэпсээ, ол диэки дьон хайдах олороллоруй?

– Мин Ниэрчэ үрэҕиттэн иһэбин… Оннооҕулар үчүгэйдик олороллор.

– Оо, ыраахтан сылдьар оҕо эбиккин… Эмээхсиэн, күөскүн хотор эрэ, бу киһи аһыан баҕарбыта буолуо… Ыраах даҕаны сиртэн иһээхтиир эбиккин… Мин былыр, эдэрбэр, биирдэ ол Ниэрчэ үрэҕин баһыгар киистии бара сылдьыбытым… Олус ыраах сир этэ.

– Оҕонньоор, манна тугунан дьарыктанан олорор буолаҕыный?

– Мин да дьарыгым диэн, кырдьан буорайбыт киһибин… Эдэр эрдэхпинэ булчут идэлээх киһи этим. Билигин булду кыайан бултаабат буолан бардым. Биир туран эрэр уол оҕолоохпутун үс сыллааҕыта тыа кырдьаҕаһа баттаан турар… Онон иитиэ-аһатыа диэбит эрэ киһибититтэн малыйан олоробут… Билигин хаһан өлөн күр гына түһэрбитин эрэ көһүтэбит, – диэн оҕонньор бэйэтин ыар олоҕун кэпсиир.

– Бу дойдуга олохсуйбуккут төһө өр буолла?

– Ким билиэ баарай… Мин эһэм бэрт былыр, дьаһаах төлөбүрүн саҕана, Бүлүүттэн саарбалыы кэлэн баран, манна быстаран хаалбыт. Олохтоох тоҥус кыыһын ойох ылан, манна олохсуйбута үһү… Онтон ыла бу биһиги сыккыраан-сыккыраан эстэн бүтэн эрдэхпит…

Дьиэлээх эмээхсин ылтаһын тэриэлкэҕэ балыгын хоторон остуолга аҕалар. Сүөдэр балыгы сиэбэтэҕэ өр буолан, көрөөт, сыҥааҕын уута сүүрэр. Оо, аччык Сүөдэр санаатыгар балык миинин сыта үчүгэйин эриэхсит!

– Бу, сирэйгин туохха дэҥнэттиҥ? – диэн, Сүөдэр хараҕын хара таҥаһынан саба баана сылдьарын көрөн, оҕонньор ыйытар.

Сүөдэр туох даҕаны диэн хоруйдуон булбат. Маннык бэйэлээхтик үөрэ көрсүбүт киһиэхэ сымыйалыан тыла тахсыбат. Оттон кырдьыгын кэпсиирэ эмиэ сатаммат, аны тыл тарҕанан, суут-сокуон кулгааҕар иһиллэн, ол алдьархайа буолуо. Ол иһин Сүөдэр соччо быһаарыыта суохтук:

– Сирэйбин киһи дэҥнээбитэ, – диэн эрэ кэбиһэр.

– Ол хайдах?..

Сүөдэр хайдах-туох буолбутун кырдьыгынан кэпсээн эрэ биэрэригэр тиийэр.

– Мин Нерчинскэйгэ хаатырга үлэтигэр сырыттым. Онно надзиратель, кытарбыт күлүүкэнэн анньан, хаҥас харахпын сиэтэн кэбиспитэ… Уһуннук эмкэ сыппытым. Ол ити оһон биэриминэ…

Дьиэлээх оҕонньор Сүөдэри сабыс-саҥа көрөн эрэрдии одуулаһар. Эмээхсин, ыараханнык ынчыктыы-ынчыктыы, остуолтан туран барар. Кыракый балаҕан иһэ им-дьим буолар.

– Эйигин ол хаатыргаларыттан босхолоотулар дуу, хайдах дуу? – оҕонньор супту көрөн олорон ыйытар.

– Киһи өлө илигинэ босхоломмот сирэ…

– Билигин, оччоҕо, бу хаайыыттан күрээн иһэр быһыыҥ буоллаҕа дии? – диир оҕонньор.

– Оннук, – диир Сүөдэр аат эрэ харата.

«Ама бу оҕонньор миигин тыллаан биэрэн туттарыа дуо?» – дии саныыр кини. Оҕонньор, кини санаатын таайбыт курдук, этэр:

– Эн суолуҥ туспа, биһиги суолбут туспа… Миигиттэн куттаныма. Туох буруйу оҥорон хаайыыга түбэспиккиний?

– Мин туох даҕаны буруйу-аньыыны оҥорботох киһибин… Хара балыырга хаайыллыбытым…

Эмээхсин ыалдьыт кэпсээнин истээри остуол аттыгар чугаһыыр. Оҕонньор балык сии олорбут ньуоскатын өрө туппутунан саҥата суох олорор.

– Баҕар, истибитиҥ буолуо, бу өрүһү таҥнары түстэххэ Бодойбо диэн көмүс хостонор сирэ баарын?

– Истэн.

– Онно хас даҕаны сыллааҕыта рабочайдар забастовкалара буолбута. Мин ол забастовкаҕа туох даҕаны сыһыана суоҕум. Ол үрдүнэн алҕаска миигин «стачком чилиэнэҕин» диэн тутан хаайбыттара. Миигин кытта бииргэ хаайыллыбыт дьоннор «бу киһи стачкомҥа суоҕа» дии сатаабыттарын үрдүнэн, миигин сууттаабыттара, өлүөхпэр диэри хаатырга үлэтигэр уурбуттара…

Оҕонньор үөһэ тыынар.

– Онно дьону ытыалаабыттар диэн истибитим.

– Хаайыллан олордохпутуна, бэрт үгүс киһини ытыалаан өлөртөөбүттэрэ… Икки сүүстэн тахса киһини…

– Тугун сүрэй?! Алдьархай буолар эбит… Оччо элбэх дьон хааннарын тоҕоллоро сүрүн баҕаһын…

– Билигин мин биир санаалаахпын: ойохтоох оҕобун көрөн баран өллөрбүн диэн. Оҕом… – Сүөдэр кыайан саҥарбат буола бөтөн хаалар.

– Э-э, сэгэриэм, этимэ даҕаны… – диир эмээхсин.

– Миигин, туох да буруйа суох киһини, сорбун сордоон, муҥмун муҥнаан, бу айылаах кэбилээтилэр. Көрүҥ, бу баар! – Сүөдэр, харытын ньыппарынан, тимир хандалы быһа сиэбит чэрин көрдөрөр.

II

Оҕонньордоохтон турбута ахсыс күнүгэр Сүөдэр киэһэ Энгэлдьимэ төрдүгэр тиийэн тохтуур. Онно кини биир ыалга киирэр. Дьиэлээх дьон нуучча ыала этэ. Ким даҕаны туран кинини кытта кэпсэппэт, онон кини биир кураанах орон баарыгар тиэрэ түһэн сытар. Ол сытан, Сүөдэр санаата эмиэ Бодойбоҕо, кэргэнигэр, оҕотугар тиийэ охсор. Сарсын киэһэ кини кыракый болуота Собор таҥаратын дьиэтин анныгар тиксиэ. Биир эмэ ыалга болуотун биэс уон харчыга атыылыа, ол харчытынан тимир суолга олорон, Надеждинскай бириискэҕэ тиийиэ. Онно кэргэнин Маайаны, оҕотун Сэмэнчиги көрсүө; кинилэр хайдах эмэ гынан үп-харчы булан дойдуларыгар, Саха сиригэр, барыахтара. Оо, оччоҕо төһө эрэ үчүгэй буолар этэ!..

Сарсыарда дьиэлээхтэр тураллар. Сүөдэр эмиэ уһуктар. Ыаллар Сүөдэргэ сылбархай чэй кутан биэрэллэр. Сүөдэр ботуоҥкатыттан үөлүллүбүт таба этин ылан остуолга уурар. Хоп-хойуу кугас бытыктаах киһи Сүөдэртэн ыйытар:

– Бу хайа диэки устан иһэр киһигиний?

– Бодойбо куоратыгар киирэн иһэбин.

– Хантан иһэр буолаҕыный?

– Витим өрүс баһыттан.

– Бодойбоҕо тоҕо киирэҕиний?

– Сирэйбин эһэ дэҥнээбитин эмтэтиэ этим диэн, – диир Сүөдэр, дьиэлээх киһи кинини, доппуруостуур курдук, туоһулуурун иһигэр абааһы көрө-көрө.

Дьиэлээх киһи тугу да саҥарбат, кураанах чэйин иһэ олорор.

– Эһиги диэки туох сурах-садьык баарый?

– Соччо туох даҕаны суох. Дьон кэпсээнинэн, сэрии дьыалата куһаҕан үһү. Немеһи биһиги сирбититтэн төттөрү үүрэн таһаарар кыах суох курдук саҥарсаллар. Биһиги саллааттарбыт үлэһиттэри эрэ ытыалыылларыгар үчүгэйдэр. Билигин Бодойбо бириискэлэрин толору казактар бөҕөлөр симиллэн олороллор. Сиэхтэрин сиэбиттэрэ, ол кэннэ эмиэ тоҕо мунньустубут баҕайылар эбитэ буолла, – диир дьиэлээх киһи.

– Ол туох буолбутай? – Сүөдэр тугу да билбэтэх киһилии ыйытар.

– һы, туох буолбутай диигин дуу? Биир күн икки сүүс сэттэ уонтан тахса үлэһити, кумаар курдук, кыдыйбыттара. Норуот олус абарбыта-сатарбыта. Онно соҕурууттан тойоттор кэлэннэр: «Үлэлээҥ, аһылыккытын тупсарыахпыт, хамнаскытын үчүгэйдик төлүөхпүт, дьону ытыалааһыҥҥа буруйдаахтары буламмыт сууттуохпут», – диэбиттэрэ. Сотору ол тойоттору Иркутскайга ыҥыртаан ылбыттара. Кэнники биһиэхэ эппиттэрэ: «Иркутскайга эһиги урукку тойотторгутун сууттаатылар. Кинилэр буруйданнылар!» – диэн. Онтукпут биир да киһи сууттамматах үһү. Үлэһит олоҕо хааппыла да саҕаны тупсан көрө илик. Ити билигин ахтан ааспыт казактарым эмиэ дьону олус баттаан-атаҕастаан эрэллэр… Олус наара суох быһыытыйаллар!

– Биһиги диэки кэпсииллэр этэ: үлэһиттэртэн түөрт хас киһини, баһылыктарынан ааҕаннар, соҕуруу илдьэ барбыттар диэн. Ол дьону хайаабыт сурахтара иһиллэрий? – диир Сүөдэр.

– Ким билэр, хайаабыттара буолла. Илдьиитин илдьэн тураллар.

«Ити аата Иркутскайга буолбут сууттарын норуоттан кистиир эбит буоллахтара», – дии саныыр Сүөдэр.

– Мантан алын симиэбийэ аайы манабыл казактар олороллор. Тугу кэтиир баҕайылара буолла? – диир дьиэлээх киһи.

Сүөдэр, ол иһин болуотунан устуон куттанан, Бодойбо куоратыгар киирбэккэ эрэ, Энгэлдьимэ үрэҕин батыһан, сатыы Үөһээ Тайҕаҕа тахсар.

* * *

Кини икки хонон баран, Бодайбинка үрэх тардыытыгар киирэр. Аллара, күөх тумарык буруо ортотугар, Федосьевскай бириискэ көстөр. Онтон үрэҕи батыһа барар суолунан түстэххэ, Надеждинскай бириискэ кэлиэхтээх. Онно Маайа, Сэмэнчик баар буолуохтаахтар.

«О-о, дьонум олорор сирдэрин тыыннаах ордон көрүөм баар эбит ээ!» – диэн баран, Сүөдэр үөһэ тыынар уонна хараҕын уутун соттор.

Федосьевскай бириискэ ыалларыгар сылдьыбакка эрэ, кини быһа Надеждинскайга барар. Киэһэ борук-сорук буолуута дьоно олорон хаалбыт дьиэтигэр кэлэн ааны тоҥсуйар.

«Сип-сибилигин Маайа саҥата: «Кимҥиний?» – диэн ыйытыа» дии санаан, Сылгыһыт тыына кылгыыр, бэлэһэ хатар. Ким эрэ атаҕын тыаһа аан диэки кэлэрэ иһиллэр. Ол атах тыаһа, хас хардыылаатаҕын аайы, Сүөдэр сүрэҕэр үктэнэргэ дылы. «Кини… Маайа иһэр… «Кимҥиний?» – диэҕэ… Туох диэхпиний?..»

– Кимҥиний? – Маайа саҥатыттан атын саҥалаах дьахтар аан бүтэй ыйытар. Сүөдэр хайдах эрэ тымныы уунан сирэйин саба ыстарбыт курдук буола түһэр. «Ама, Маайа саҥата ити курдук уларыйбыта буолуо дуо?».. Бэйи, хас сыл буолла мин кини саҥатын истибэтэҕим?.. Үс төгүрүк сыл буолла!..»

– Ким тоҥсуйаҕыный? – иккистээн аан бүтэй ыйытар саҥа иһиллэр.

– Ааҥҥытын аһыҥ эрэ! – диир Сүөдэр, бэйэтин куолаһа кубулуйбутун бэйэтэ сөҕө-сөҕө.

– Туох наадалааххыный?

– Манна Владимирова Маайа олорор дуо?

– Оннук ааттаах дьахтар манна суох.

Сүөдэр мэйиитэ эргийэ, тыына кылгыы түһэр. Охто сыһан, аан тутааҕын харбаан ылар. «Ханна барбыттара буолуой?» – дии санаан, аан бүтэй кинини кытта кэпсэппит дьахтар атаҕын тыаһа төннөн эрэрин истэн, иккиһин тоҥсуйар.

– Ваня, уһугун эрэ! Биир туох эрэ киһитэ кэлэн ааммытын тоҥсуйар.

Сотору дьиэ иһиттэн Сүөдэр төрөөн баран көрбөтөх нууччата тахсан кэлэр.

– Туох наадалааххыный?

– Манна Маайа диэн дьахтар олороро, ол ханна барбытай?

– Суох, букатын билбэтим. Мин манна олохсуйбутум икки сыл буолла, ол тухары оннук ааттаах дьахтар биллибэт. Эн хантан сылдьар киһигиний?

– Мин ыраахтан сылдьабын, – диир Сүөдэр.

– Суох, оннук ааттаах дьахтар манна олорбот, – диэн баран, дьиэлээх киһи аанын сабан кэбиһэр.

«Ити аата, Маайа манна суох… Ханна барбыта буолуой?.. Хантан мин кинини булабыный?» Сүөдэр, байааттаҥныы-байааттаҥныы, бириискэ бөһүөлэгин уулуссатын устун атах балай сукуҥнаан иһэр.

Кини арай били Трошкалыын бииргэ утуйа сылдьыбыт барааҕын ааныгар кэлэр. Ааны тардан көрбүтэ, хатааһына суох буолан биэрэр. Бараах иһигэр көлөһүннээх таҥас сыта муннугар саба охсор. Сүөдэр, оһох диэки баран иһэн, сиргэ сытар киһини үктүүр.

– Ким сылдьарый? – соһуйбут саҥа ыйытар.

– Киһибин…

– Түүннэри тоҕо мээнэ хаамар киһигиний? – сытар киһи тэллэҕэр олоро түһэр.

– Манна Маайа Владимирова диэн дьахтар баар буолуохтаах…

– Маайа?.. Хайаларын ыйытарыҥ буолла?

– Биир уол оҕолоох саха дьахтарын…

– Бэ-бэ! Биир оҕолоох саха дьахтара?

– Соннук, биир оҕолоох саха дьахтара! – Сүөдэр дьонум ханна баалларын билэр киһи дьэ түбэстэ быһыылаах дии саныыр. Билигин кини Маайа ханна баарын, хайдах олороллорун чопчу этэн биэрэн үөрдүө!

– Бэйи, тохтоо эрэ! Ол дьахтар эрдээх этэ дуо?

Сүөдэр хайдах эрэ дьиксинэ саныыр, ол да буоллар, дьонун тустарынан билиэн баҕарара бэрт буолан, этэр:

– Эрдээх… Эрдээх этэ..

– Эрдээх диигин дуу?.. Биир уол оҕолоох? – диэн били киһитэ ыйытан мискийэр.

– Эрин забастовка саҕана хаайбыттара. Соҕотоҕун оҕотунаан эрэ олорор буолуохтаах.

– Оччоҕо билэбин…

– Билэбин даа?! Баһаалыста, ханна баалларый?.. Хайдах олороллоруй? – Сүөдэр ыгылыйбыт куолаһынан ыйытар.

– Ким билэр… Билигин ханна олороллоро буолла. Эрин хаайдахтарын утаа манна көстөр буолара… Э-э, кырдьык даҕаны, Бодойбо куоратыгар киирбиттэрэ.

– Хаһан?.. Онно ханна олороллор үһүнүй?

– Өр буолла… Бадаҕа, манна рабочайдары ытыалаатахтарын иннинэ эбитэ дуу, кэннинэ эбитэ дуу? Билбэппин ээ… Билигин ханна баарын билбэппин.

«Сип-сибилигин оҕом, кэргэним туһунан истиэм», – диэн Сүөдэр эрэммит эрэлэ эмиэ мэлийэр. Кини саҥата суох бараах иһиттэн тахсан барар.

* * *

Сүөдэр, Бодойбо куоратыгар киирэн, Моисеев атыыһыттаахха сылдьар, кэргэнин уонна оҕотун ыйыталаһар. Моисеев атыыһыт кэргэнэ Сүөдэри билбэт. Билбэтин киһи баалаабат даҕаны: Сүөдэр өр кэмҥэ хаайыыга олорон, хаатырга үлэтигэр эриллэн, ыар санааҕа быһа эмтэрэн, онуоха эбии сирэйин оһоллотон уруккутугар букатын маарыннаабат этэ.

– Биһигиттэн барбыта ыраатта, – диир Мария Васильевна тоҥуй баҕайытык.

– Билигин ханна баалларын билэргит, истэргит буолаарай? – диэн Сүөдэр ыйытар.

– Сорох ол хас кэлэр-барар дьахталлары билэр бокуойа суох, – диэт, дьиэлээх хотун киэр хаамар.

Сүөдэр сордоох тугу гынаахтыай, тахсан барар.

Сүөдэр дьонун көрдөөбүтэ уонча хонно да, билиҥҥэ диэри була илик, булар кыаҕыттан таҕыста даҕаны быһыылаах. Кини, тимир суолунан Надеждинскай бириискэҕэ тахсаары вокзалга кэлэн, биир сахаҕа маарынныыр киһини көрөр.

– Доҕоор, сахаҕын дуо? – диэн Сүөдэр ыйытар.

Киһитэ, өс киирбэх үөрбүт курдук, көрө түһэр:

– Сахабын… Эн ханнааҕы этиҥ?

– Мин Нам улууһугар төрөөбүтүм… Хайа, Маайа Быладьыымараба диэн саха дьахтарын билэриҥ, истибитиҥ буолаарай?.. Кини биир уол оҕолоох…

Саха киһитэ, өрдөөҕүнү өйдүү сатыыр курдук, балачча саҥата суох турар, онтон этэр:

– Собостуопканы тэрийэллэр диэн мантан түөрт киһини соҕуруу сууттуу илдьэ баралларыгар миигин биир дьахтар… уол оҕолоох этэ… тохтотон поезд хас чааска Бодойбоҕо киирэрин ыйыппыта ээ… Ол дьахтары ыйытарыҥ дуу, хайдаҕа дуу?

– Ол… ол дьахтары… Билэҕин дуо, кинилэр билигин ханна баалларын?

– Хас даҕаны сыллааҕыта кинини бу куоракка көрсөр буоларым… Дьоҥҥо таҥас сууйар быһыылааҕа… Куруутун таҥас тутуурдаах сылдьара…

– Ол кэннэ?

– Ол кэннэ… Көстүбэт буолан хаалбыта… Баҕар, мантан баран хаалбыта буолуо, баҕар, өлбүтэ дуу? – диэн бу киһи кэпсээнин түмүктүүр.

«Ити аата, Маайа манна суох», – диэн Сүөдэр иһигэр саныыр. Ол эрээри кини билигин даҕаны эрэлин сүтэрбэт. «Хайаан даҕаны булуом!» – диэн санаалаах. Бириискэттэн бириискэни кэрийэр. Арыт уһун күнү быһа бириискэлэр лааппыларыгар: «Баҕар, Маайам, баҕар, оҕом Сэмэнчик ас ыла кэлиэхтэрэ», – диэн көһүтэн олорор буолар…

Сүөдэр ол сылдьан көрдөҕүнэ, бу үс сыл иһигэр Тайҕа олоҕо, дьоно киһи билбэт буола уларыйан хаалбыт. Урукку үлэһиттэртэн ким даҕаны көстүбэт, бары саҥа дьон. Үгүстэрэ кытайдар уонна кэриэйдэр. Ол дьон сорохторо кэргэттэрин, оҕолорун илдьэ кэлээхтээбиттэр. Кинилэр эмиэ бараахтарга олороллор. Ас, таҥас өттүнэн букатын быстыбыттар. Бириискэ салалтата бу сордоохтору сүөһү курдук үүрэ сылдьар, олус атаҕастыыр-баттыыр эбит. Алын Тайҕа былаһын тухары нуучча рабочайа диэн бэрт ахсааннаах киһи хаалбыт.

Липаевскай бириискэҕэ кэлэн, Сүөдэр: «Ылдьаа оҕонньор баанньыгар үлэлиирэ буолаарай?» – диэн баанньыкка киирэр. Онно кырдьа барбыт кытай киһитэ баанньыксытынан олорор эбит.

– Манна нуучча рабочайа олорор этэ… Кини ханна баарын билэҕин дуо? – диэн Сүөдэр ыйытар.

– Моя не снай, – диэн баран, кытай баһын быһа илгистэр.

Сүөдэр, электростанция аттынан ааһан иһэн, Иван Волошины көрөр. Ол киһи кинини билбэтэ быһыылаах, кыһаллыбакка ааһан хаалла.

«Хата биир билэр киһибин көрсөр күннээх эбиппин ээ!» – диэн Сүөдэр иһигэр үөрэ саныыр уонна эргиллэн Волошины батыһар.

Волошин механическай мастарыскыайга киирэр. Сүөдэр кинини тилэх баттаһа батыһан киирэр. Волошин эргиллэ түһэр:

– Эн туох наадалааххыный?

– Мин наадам даҕаны диэн кыра… Кэргэммин, оҕобун сүтэрэн, кинилэри көрдүү сылдьабын.

Волошин, дьиктиргээн, Сүөдэри супту одуулаһар.

– Ол кэргэҥҥин, оҕоҕун хайдах сүтэртээтиҥ?

– Миигин хаайбыттарын кэннэ ханна барбыттарын билбэппин…

– Тоҕо хаайыллыбыккыный?

– Забастовка кэмигэр балыырга түбэһэн…

Волошин Сүөдэри, илиититтэн харбаан ылан, мастарыскыай иһиттэн таһаарар. Кинилэр дьиэ таһыгар мас кыстана сытарыгар кэлэн олороллор.

– Ким диэҥҥиний?

– Сүөдэр Быладьыымарап диэммин…

– Аа, – диир Волошин. Кини бу киһи туһунан урут элбэҕи истибитэ. Бу киһи стачком чилиэнэ диэн балыллан хаайыллыбыт буолуохтаах, Алмазовтааҕы кытта. Ол иһин Волошин кини дьонугар, манна олорор эрдэхтэринэ, көмөлөһө сатаабыта.

– Ханна-ханна сырыттыҥ? – Волошин ыйытар.

– Маҥнай хаайыыга олортум… Онтон Нерчинскэйгэ хаатыргаҕа үлэлэппиттэрэ… Сирэйбин өлөттөрөн баланыыссаҕа киирэн сытан баран…

– Босхолоотулар дуо?

– Суох… Дьон көмөтүнэн куотан… Күрээн кэллим.

Волошин ах баран хаалар, тугу эрэ быһаара, тобула сатыы олорор быһыылаах.

– Эн күрээбиккин манна биллэрбиттэрэ буолуо… Сэрэннэххинэ табыллар.

– Дьоммун көрдүүбүн.

– Мантан барбыттара өр буолла… Маҥнай утаа Бодойбо куоратыгар киирэн олорбуттара… Онтон Үөһээ Тайҕаҕа тахсыбыттара дуу, ханна атын сиргэ барбыттара дуу? Бодойботтон баран тураллар.

Сүөдэр сордоох аны Үөһээ Тайҕа бириискэлэрин кэрийэр. Арыт үлэ көрдөһө сылдьабын диэн кубулунар, арыт: «Доҕорум манна, бириискэҕэ, үлэлиир, ону көрдүү сылдьабын», – диэн кэрийэр. Ол курдук уһун сайыны быһа көрдөөн, Сүөдэр дьонун кыайан булбат: «Ханна барбыттара буолуой?.. Ама, били киһи эппитин курдук, өлбүттэрэ буолуо дуо? Маайа, баҕар, Бүлүүгэ аҕатыгар барбыта буолуо дуу? Суох, Маайа билигин онно төннүөн кэриэтэ өлүө!».

Сүөдэр Липаевскай бириискэҕэ төннөн киирэр. Электростанцияҕа тиийэн Волошины туоһулаһар. Онуоха биир рабочай киниэхэ сибигинэйэр:

– Волошины хаайбыттара уонтан тахса хонно…

Сүөдэр сүбэлэтиэм, ыйдарыам диэн эрэммит эрэ эрэлэ эмиэ эстэр. «Кэлэр суолуҥ кэлии үүтэ буолан бүөлэннин, барар суотуҥ баҕана үүтэ буолан бараннын», – диэн кырыыстаах кыраабытын курдук, Сүөдэр барар-кэлэр сирэ барыта баранар. Онуоха эбии «казактар күрүөйэхтэри көрдүүллэр үһү» диэн сураҕы истэр. «Миигин көрдүүр буоллахтара», – диэн кини аны бириискэлэргэ рабочайдар бараахтарыгар хонуон да куттанар буолар. Сотору-сотору хаар былаастаах ардахтар түһэллэр. Үрдүк хайалар төбөлөрө үрүҥ хаар бэргэһэлэрин кэтэллэр. Киһини этин сааһын сайа охсор курас тыаллаах, тымныы, силбик күһүн тиийэн кэлэр. Сүөдэр тыаҕа масчыттары кэрийэ сылдьан хонор, арыт симиэбийэлэргэ киирэн утуйан тахсар. Кини ити сылдьан биир кэм дьонун ыйыталаһар да – туох да туһалааҕы истибэт. Хайдах даҕаны тымныытын, тыаллааҕын, ардахтааҕын иһин Сүөдэр ыалга күнүһүн олорбот, тутуохтара диэн куруутун саһар аакка сылдьар.

* * *

Сүөдэр, Кропоткин хайатын быһан, Ауникит күөлүн кытылынан баран иһэр. Тула өттө туруору таас хайа кытыллаах Ауникит күөлэ сэмээр баҕайытык долгуннуран чыпчылыҥныы сытар. Манна көтөр-сүүрэр тохтооботох сирэ, саҥа-иҥэ, ырыа-тойук иһиллибэт. Арай күөл уутун үрүмэ долгуна таастарга охсуллан чаллыргыыр.

Сүөдэр санаатын туох да аралдьыппат. Кини бу күөлү ааһан, сыгынньах төбөлөөх таас хайаны туораан, эмиэ Светлэй бириискэҕэ тиийиэхтээх. Онно тоҕо баран иһэрин бэйэтэ да билбэт. Казактартан, исправниктан, становойтан ыраах эрэ диэбиччэ баран иһэр.

Арай эмискэ ханна да баартын-кээлтин билбэккэ хаалар, онтон биирдэ өйдөөн көрбүтэ үс киһи кинини, сиргэ умса быраҕан баран, үрдүттэн үктээн тураллар эбит. Кинилэртэн биирдэстэрэ – кубархай хааннаах, уһун синньигэс сирэйдээх, араҕастыйан көстөр бытыктаах, сахаҕа маарынныыр киһи Сүөдэр сирэйин одуулаһа-одуулаһа:

– Өлүөххүн баҕарбат буоллаххына – көмүскүн аҕал! – диир.

– Мин көмүсчүт буолбатахпын, көмүһүм суох.

Лэкэчэк курдук уҥуохтаах, төгүрүк сирэйдээх хара бараан киһи Сүөдэр хармааннарын тиэрэн, ньэҥньийэн барар. Сымсаҕай баҕайытык ньэҥньийэн бүтээт:

– Туга да суох! – диир.

Били уһун киһи саха быһаҕынан Сүөдэри сүрэххэ түһүөх курдук тирээн баран:

– Ким диэҥҥиний? Тоҕо манна сылдьаҕыный? – диэн күргүйдүүр.

– Мин Сүөдэр Быладьыымарап диэммин, мээнэ сылдьар киһибин.

– Хантан сылдьаҕыный, тугу үлэлиигин?

– Туох да үлэм суох.

– Спиртонос буолуо! – диир үһүс киһилэрэ. Сүөдэр кинини өйдөөн көрбүтэ – нууччаттан да, сахаттан да ураты дьүһүннээх киһи эбит.

– Суох, мин испирдиэнэс буолбатахпын, испиири атыылаһар харчым да суох, – диир Сүөдэр. – Айака, олус баттаамаҥ!

– Дьикти, – Сүөдэри үктээн турар дьон сирэй сирэйдэрин көрсөллөр.

Уһун саха киһитэ быһаҕын кыыныгар угар уонна хоонньуттан бэстилиэти таһаарар.

– Саатын ылыҥ! – диир кини.

Били үһүс киһи Сүөдэр саатын сулбу тардан ылар.

– Үчүгэйдик көрүҥ, атын туох да сэбэ суох дуо?!

Сүөдэр кимнээххэ, туохтарга түбэспитин бэйэтэ да билбэт! Кини көрдөҕүнэ – казактартан да, үрээнньиктэртэн да атын дьон.

Лэкэчэк курдук саха киһитэ Сүөдэртэн аны саппыкытын, халтаҥ сонун устан ылар.

– Чэ, тур! – дьон Сүөдэртэн икки-үс хаамыы холобурдаах тэйэн биэрэллэр.

– Эһиги туох дьонноргутуй?

– Дьон курдук дьоннорбут, – уһун саха хардарар.

– Миигин тоҕо тутаҕытый?

– Саалана-саалана, мээнэ хаама сылдьыбат буол!

– Мин эһигини мэһэйдээбэтэҕим буолуо.

– Биһигини манна ким даҕаны мэһэйдээбэт. Бэйэбит тойотторбут! – уһун саха киэбирэ соҕус этэр.

– Тугу гынар буолаҕыт?

– Биһиги тугу гынарбытын дьоҥҥо кэпсээбэт идэлээхпит, – уһун саха кэлэн Сүөдэрдиин сэргэстэһэ олорунан кэбиһэр. – Эйигин ким манна ыытта?

– Суох, ким даҕаны ыыппатаҕа, бэйэм сылдьабын.

– Сымыйалаама, син биир ханна да куотуоҥ суоҕа. Хата, өлүөххүн баҕарбат буоллаххына, эт, хайалара эйигин манна ыытта: Курдюков дуу, Оленников дуу?

– Суох, мин бэйэм кинилэртэн куота сылдьабын.

– Бай, ол тоҕо? Тугу оҥороҥҥун?

– Туох да буруйу, аньыыны оҥорботорбун да…

– Оччоҕо тоҕо кинилэртэн куотаҕыный?

– Мин күрээйэхпин, хаайыыттан куоппутум.

– Хаайыыттан да-а?! Ол туох туһугар хааллыбыккыный? – уһун киһи сэргэҕэлии түһэр.

Тэйиччи турбут икки киһи, Сүөдэрдээх тугу кэпсэтэллэрин истээри, кинилэр аттыларыгар чугаһыыллар.

Сүөдэр кинини хаатырга үлэтигэр анаан уураах ууралларыгар уонна Нерчинскэйгэ ыыталларыгар «политик» диэн ааттыылларын өйдөөн:

– Политик буоламмын хаайыллыбытым, – диир.

Уһун саха күлэн быарын тыыттар:

– Истэҕит дуо?! Киһибит «политик» эбит дии.

Кини доҕотторо эмиэ күлсэллэр.

– Тоҕо күлүстүгүт? Мин чахчытын этэбин.

– «Политиктар» диэн нууччалартан баар буолааччылар. Сахаттан политик баарын истэ иликпин… Дьэ иһиттибит, – диир кини аттыгар олорооччу.

– Итэҕэйбэккин дуу? Адьас кырдьык, мин ону сымыйалаан тугу туһаныамый?

– Истиэҕи, ыл, кэпсээ эрэ! Эн, политик буолан, тугу оҥорбуккунуй? – уһун киһи дьонугар имнэнэр.

– Истиэххитин баҕарар буоллаххытына, кэпсиим даҕаны? – диир Сүөдэр.

– Мин Аллараа Тайҕаҕа мас тиэйэр этим.

– Ол хаһан? Кимиэхэ? – диир уһун киһи.

– Дьону ытыалаан өлөртүөхтэрин иннинэ. Мин тойонум Тиэхэнэп диэн этэ…

– Дьэ! Дьэ! Тиэхэнэп диэн баай, кырдьык, баар.

– Дьэ, кэпсээн ис!

– Ол сырыттахпына собостуопка буолбута. Биһигини, түөрт киһини, ону тэрийээччилэринэн көрөннөр, ытыалааһын буолуо биир ый иннинэ хаайталаан кэбиспиттэрэ. Онон биһиги хаайыыга олордохпутуна дьону ытыалаабыт этилэр. Ытыалааһын кэнниттэн соҕурууттан кэлэ сылдьар тойоттор биһигини Иркутскай куоракка илдьэ барбыттара. Онно илдьэн, «бууну эһиги тэрийбиккит» диэн буруйдаан, өлүөхпүтүгэр диэри хаатырга үлэтигэр уурбуттара…

– Бэйи, тохтоо эрэ! – диир уһун саха. – Үлэһиттэри ытыалаабыт тойоттору сууттууллар диэн кэпсээн баара дии, ол хайдах буолбутай, кинилэри сууттаабатахтара дуо?

– Суох, үлэһиттэри ытыалааһын буруйун биһиги үрдүбүтүгэр түһэрбиттэрэ диибин буолбат дуо!.. Кинилэри туоһу эрэ быһыытынан ыҥыра сылдьыбыттара.

– Оттон бу сирэйгин туохха өлөрбүккүнүй? – лэкэчэк курдук киһи аны ыйытар.

– Ити былырыын кыһын, Нерчинскэйгэ хаатырга үлэтигэр сырыттахпына, Мордобеев диэн надзиратель кытарбыт күлүүкэнэн кыайбыта.

– Сордооҕу, кырдьык даҕаны, соргун сордообут киһилэрэ эбиккин… Билигин тугу гыныам, хайдах буолуом дии саныыгын?

– Мин кэргэннээх, биир уол оҕолоох этим. Хаайылларбар кинилэр Надеждинскай бириискэҕэ хаалбыттара. Манна кэлэн баран, кинилэри көрдүү, туоһулаһа сатаан кэбистим да, кыайан булбатым. Туох буолтара, ханна барбыттара буолла?.. Бу билигин даҕаны, санаабар, кинилэри көрдүү сылдьар быһыым, – Сүөдэр үөһэ тыынар.

– Көр, киһи олоҕо ити курдук, кэм, хайаан да охсор очурдаах, тэбэр силистээх буолааччы. Киһи биирдэ эрэ тэмтэрийиэ кэрэх уонна өрүһүнэрэ кытаанах буолар быһыылаах, – диир уһун саха. Кини эмиэ очурга оҕустарбыт, тэхтиргэ тэптэрбит киһи быһыылааҕа.

Төрдүөн, саҥата суох ах баран, олорбохтууллар.

– Эн бу курдук соҕотоҕун муҥнана сылдьыаҥ кэриэтэ, хата, биһиэхэ холбос, – диир уһун киһи.

– Кимнээхтэргитий, тугу гынар дьонноргутуй? – Сүөдэр, дьоно сымнаабыттарын көрөн, эмиэ ыйытар.

– Кимнээхтэрбит диэххэ сөбүй? – уһун киһи, мичээрдии-мичээрдии, табаарыстарын диэки хайыһар. – Бу киһини бэйэбитигэр ылабыт дуу, суох дуу? – уһун киһи, дьонуттан хараҕын араарбакка олорон, ыйытар.

– Ылыахха ээ, – лэкэчэк курдук киһи сөбүлэһэр.

– Почаму ныльзя, можна! – диир үһүстэрэ.

– Биһиги, – диир, дьоно сөбүлээбиттэрин истэн, уһун саха, – хайдах түбэһэринэн аһылык булуна сылдьар дьоммут.

– Ол аата хайдах? – Сүөдэр тугу да быһааран өйдөөбөтөҕө.

– Биһиги, эмиэ эн курдук, олохпутугар муор-туор буолбут дьон мунньустан, сороҕор испиири кистээн атыылаан, сороҕор дьону халаан, сороҕор ону-маны оҥорон айахпытын ииттэн сылдьабыт.

Эмиэ саҥата суох олорбохтууллар. Онтон уһун киһи Сүөдэр эҥил баһыгар илиитин ууран баран:

– Биһиги идэбит бэрт бөрөкүтэ суох идэ… Ону кэрэйбэт буоллаххына, холбос. Оттон кэрэйэр буоллаххына, эн суолуҥ туспа, биһиги суолбут туспа, – диир.

– Мин урут хаһан да халабырынан-талааһынынан дьарыктамматах киһибин… Мин, баайдары, баттыгастаахтары утары охсуһан көрөн баран, өлөр санаалаахпын, – Сүөдэр ити тыллары кытаанахтык этэр.

– Кинилэри кытта хайдах охсуһаары гынаҕын?

– Саатар, Фризер курдук түөкүттэри өлөрдөрбүн дии саныыбын.

– Фризери эн билигин кыайан булан өлөрүөҥ суоҕа, – диир уһун саха.

– Тоҕо?

– Кини билигин манна дэҥ кэриэтэ кэлэн барар. Петербург куоракка олохсуйбут үһү.

Сүөдэр итини улаханнык хомойо истэр: кини Фризери өлөрөн, били Нерчинскэй түрмэтигэр бииргэ сытан өлбүт доҕоро – инженер оҕонньор иэһин ситиһэр санаалааҕа.

Сүөдэр бу дьонтон арахсыбатаҕа…

* * *

Икки-үс хонукка бииргэ олорон, Сүөдэр дьонун кытта бодоруһан баран истибитэ уһун сахата бүтүн Тайҕа үрдүнэн аатырбыт Испирдиэҥкэ – Эһэ Сирэй диэн эбит; иккис – лэкэчэк курдук кыра сахата эмиэ бэйэтин туһугар киэҥник сураҕырбыт Нэктээйэп диэн эбит; үһүс киһитэ Кавказ хайатыгар олохтоох ингуш омук Ибрагим Георгидзе диэн, бу дьон ортотугар Кынат Уол диэн хос ааттана сылдьар эбит.

Бу үс киһи идэлэммит идэлэрэ диэн көмүсчүттэри өлөрөн, кинилэр харчыларын, көмүстэрин халааһын, уоруу-алдьатыы, сорох ардыгар испиири кистээн атыылааһын эбит.

– Мин эһиги идэҕитин сөбүлээбэппин, – диир Сүөдэр биирдэ дьонугар.

– Биһиги атынынан дьарыктанарбытын ааспыт дьоммут, – Испирдиэҥкэ, куругар баана сылдьар кынчаалын туттан көрө-көрө, хардарар.

– Көмүсчүттэр эрэйдээхтэр ыраас көлөһүннэринэн булбут харчыларын, көмүстэрин халыыр диэн наһаа куһаҕан.

– Эн, биһиги идэбитин сөбүлээбэт буоллаххына, бэйэҥ ханна таптыыр сиргэр бара тур. Ол гынан баран биһигини тыллаабыт сибиэҥҥин биллэрбит эрэ, бэйэҥ бэйэҕиттэн кэмсинээр! – Испирдиэҥкэ кынчаалын ортотугар диэри кыыныттан сулбу тардан таһааран баран, «лап» гына төттөрү анньан кэбиһэр.

– Мин букатын атын санаалаахпын…

Киһибит тугу этээри гынна диэбиттии, дьон кини уоһа хамсыырын кэтээн олороллор.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации