Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 33 (всего у книги 62 страниц)
– Манна, ыраах Тайҕаҕа, суут-сокуон көрбөт эрэ диэн, дьон хаанын тохпуттар. Бу ыар буруй таах хаалыа суоҕа. Сотору сенатор Манухин тойон кэлиэхтээх, – диэн Керенскэй рабочайдары кытта кэпсэтиитин саҕалыыр. – Эһиги туох көрдөһөрдөөххүтүн, хайдах атаҕастанаргытын миэхэ кистээбэккэ кэпсээҥ! Мин ону барытын Манухин сенатор кэллэҕинэ, киниэхэ дакылааттыам. Манухин сенатор ыраахтааҕы итэҕэллээх киһитэ. Кини манна быһаччы дьаһалы ылар кыахтаах.
Рабочайдар ортолоруттан Завалин турар.
– Нуучча киһитэ үлэттэн куттаммат. Ити, эн бэйэҥ этэриҥ курдук, суут-сокуон эрэ ыраах диэн, биһигини, православнай миэрэлээх дьону, алыс атаҕастыыллар. Холобура, сытыйбыт аһынан аһаталларын таһынан сылгы быртах этин харчыбытыгар биэрэллэр.
– Биһиги хайдах усулуобуйаҕа олорорбутун эһиги бука диэн көрүҥ, – диэн кырдьаҕас рабочай көөнньөн турар. – Шахтаҕа киирдэххэ үөһэттэн уу, аллараттан уу. Ону таһынан, ыстараабынан кыайдылар. Халтарыйан таачыкалаах кумаҕы тоҕо түстэххэ – ыстараап. Муустаах бутаара уутугар туран, саппыкыҥ алдьаммытынан уу киирбитин сүөкүү олор – эмиэ ыстараап. Бу тугуй?
– Көмүс сууйуутун курдук ыарахан үлэҕэ сылдьан өлөрөр харчыбытын илиибитигэр биэрбэттэр. Харчыбыт оннугар «толуон» диэни туттараллар. Ол «толуоннарын» Табаарыстыба эрэ лааппыта билинэр…
– Табаарыстыба лааппытыгар табаар сыаната ыарахан.
– Киһи наадыйар таҥаһа, аһа суох буолар.
– Ыар сыанаҕа сытыйбыт астарын биэрэллэр.
Рабочайдар туохтан забастовкалаабыттарын кэпсээн биэрэллэр. Ону барытын истэн баран, юристар салайааччылара Александр Федорович Керенскэй этэр:
– Эһиги туох үҥсүүлээххитин бэлиэтэнэн ыллыбыт. Биһиги ону «Лена Голдфилдс Корпорация» салалтатыгар тиэрдиэхпит…
– Табаарыстыба дьаһайар буоллаҕына, күүтэн да туһа суох, – дэһэ-дэһэ рабочайдар үрүө-тараа бараллар.
Керенскэй рабочайдары кытта кэпсэтиитэ соччо табыллыбатаҕыттан кыһыйа саныыр. Ол турдаҕына киниэхэ Завалин чугаһыыр.
– Өлбүттэр огдооболоругар Табаарыстыба тугу даҕаны көмөлөспөт. Бу дьон мантан антах хайдах олороллоруй? – диэн кини ыйытар.
Керенскэй сэргии түһэр:
– Ити туһунан судьуйаҕа көрдөһүүтэ суруйуҥ!
– Ол сурукпутун тойон судьуйа тутуо суоҕа… Урут туппат этэ.
– Көрдөһүүгүтүн биһиэхэ аҕалыҥ… Биһиги бэйэбит кинини кытта кэпсэтиэхпит, – диир Керенскэй.
Сонно тута рабочайдар «көрдөһүү» суруйан тойотторго туттараллар.
– Өлбүттэр огдооболоругар көмөлтө бэрдэриллиэ! – Керенскэй дьону эрэннэрэр.
Ону истэн, эр ылан, биир рабочай ыйытар:
– Тойон, оттон бу биһиги, Заборнай киниискэбитигэр туох даҕаны аахсара суохтар, мантан антах тугу аһаан олоробутуй?
– Ити туһунан эмиэ «көрдөһүүтэ» суруйуҥ!
Эмиэ «көрдөһүү» суруйан бадьахтыыллар.
– Заборнай киниискэлэригэр ылара да суох рабочайдары, контракт быһыытынан, тимир суолга тиэрдиэхтэригэр диэри аһатыах тустаахтар. Биһиги маны эмиэ ситиһиэхпит! – диэн эрэннэрэллэр Керенскэйдээх.
Юрист тойоттор тахсан баралларын кытта рабочайдар кинилэр тустарынан кэпсэтэллэр:
– Тыллара мүөттээх… Ким билэр, тугу ситиһэр тойоттор кэлэ сылдьаллара буолла?
– Ити Петербуртан сылдьар юристар, сокуон хараҕын, биэс тарбахтарын курдук, билэллэр. Онон хайаан даҕаны туһа тахсыах буолан үҥсэргэ ылыналлар!
«Лена Голдфилдс Корпорация» рабочайдарын көрдөһүүтүн Бодойбо уокуругун мировой судьуйата Рейн көрөр. Суукка рабочайдартан, өлбүт дьон огдооболоруттан, Корпорация салалтатыттан представителлэр ыҥырыллаллар. Бастакы үҥсүүгэ рабочайдар ааттарыттан ирдэһээччинэн Патушинскай буолбут. Суукка Патушинскай хотор. Мировой судьуйа Корпорация өлбүттэр огдооболоругар хас ый аайы 12 солкуобай харчыны көмөлтө биэриэхтээх диэн уурар. Иккис үҥсүүнү аны Александр Федорович Керенскэй өйүүр, ирдэһэр. Кини эмиэ кыайар. Заборнай киниискэлэригэр ылара суох рабочайдары Корпорация тимир суолга тиийиэхтэригэр диэри аһынан хааччыйарга эбээһинэстэнэр.
Петербуртан кэлбит юристар рабочайдар үҥсүүлэрин ирдэһэн суукка кыайбыттарын туһунан сурах киэҥ Тайҕа бары бириискэлэригэр тарҕанар.
Рабочайдар юристары, бэргэһэлэрин устан, улаханнык чиэстээн көрсөр буолаллар.
– Манна дьону өлөттөрбүттэрин ити юристар үҥсэллэрэ буоллар, хайаан даҕаны кыайыа этилэр! – дэһэн рабочайдар кэпсэтэллэр.
Андреевскай бириискэ рабочайдара Завалины Керенскэйгэ ыыталлар. Кини Табаарыстыба салалтата рабочайдары ыттарбытын үҥүс диэн Керенскэйтэн көрдөһүөхтээх.
Завалин, Надеждинкай бириискэҕэ кылаабынай резидент хонтуоратыгар кэлэн, ыйдаран, Керенскэй олорор кабинетыгар киирэр. Керенскэй кинини тоҥуйдук көрсөр.
– Тоҕо кэллиҥ? – диэн тимир-тамыр курдук ыйытар.
– Үрдүк сололоох, миигин доҕотторум эйиэхэ ыыттылар… Биһиги доҕотторбутун, туох даҕаны буруйа суох дьону, ытыалаан өлөртөөбүттэрэ… Үрдүк сололоох, ону эн үҥсэргэ ылыныа этиҥ дуо? – диэн Завалин туох соруктаах кэлбитин этэр.
Керенскэй, күрдьүөттээбит оҕус курдук көрөн, өр соҕус олорбохтуур.
– Биһиги манна кэлиэхпититтэн ыла дьон ытыллыытыгар ким буруйдааҕый диэн быһаара сатыыбыт…
– Үрдүк сололоох, Табаарыстыба салалтата буруйдаах. Ол баҕас чуолкай. Кинилэр биһиги модьуйуубутун эрдэ ылыммыттара буоллар, биһиги прокурорга үҥсэ барбат этибит… Оччоҕо биһигини саллааттар ытыалаабат этилэр, – дии-дии Завалин хортууһун имитэр.
– Эһиги бууну оҥорботоххутун, саллааттар сааларын былдьыы, инженердэри өлөртүү кэлбэтэххитин тугунан дакаастыаххытый?
– Суох, биһиги кими даҕаны өлөрөр санаабыт суоҕа… Биһиги «Сознательнай записка» диэн сурукпутун прокурор тойоҥҥо туттаран баран, дьиэбитигэр тарҕаһар санаалаах этибит.
– Биһигини үҥсүҥ диир буоллаххытына, эһиги кими даҕаны өлөрөр санаата суох, саллааттартан сааларын былдьыыр кэтэх санаата суох барбыккытыгар туоһута булаттааҥ.
Завалин туох диэй, тахсан барар. Доҕотторугар кэлэн Керенскэй туох диэбитин кэпсиир. Дьэ, бу күнтэн ыла рабочайдар туоһу көрдүүр түбүгэр түһэллэр. Надеждинскай бириискэ таҥаратын дьиэтин аҕабыыта: «Өлөөрү сытар дьону таҥараҕа тигиһиннэрэрбэр кинилэр «биһиги туох да куһаҕаны оҥоро барбатахпыт, сурукпутун эрэ туттара барбыппыт дэспиттэрэ», – диэн кэпсээбит. Ону истэн, рабочайдар ол аҕабыыттан ити кэпсээнин суругунан ыла тиийэллэр.
Рабочайдар туох соруктаах кэлбиттэрин истээт, Сергий аҕабыыт лоскуй кумааҕыга суруйбутунан барар:
«Мин, Надеждинскай бириискэ Благовещенскай таҥаратын дьиэтин аҕабыыта Сергий Синицин, муус устар төрдүс күнүгэр дьону ытыалааһын туһунан манныгы билэбин: муус устар бэһис күнүгэр биэс чаас сарсыарда миэхэ баланыыссаттан Саввинов луохтуур төлөпүөнүнэн эппитэ: «Манна сүүстэн тахса бааһырбыт дьон баар. Сорохторо ыараханнык бааһырбыттар, өлөн эрэллэр. Аҕабыыт кэлэн таҥараҕа тиксэрдин дэһэллэр», – диэн.
Шипунов тэрэпиэһинньиктиин баланыыссаҕа биһиги сэттэ чаас сарсыарда тиийбиппит. Баланыысса аанын аһаат, ыар ынчыгы, дьулаан айаккалааһыны истибиппит. Онуоха эбии бааһырбыт дьон кэргэттэрэ ытаһаллара. Миигин көрөөт, өлөн эрэр дьон кэргэттэрэ: «Таҥараҕа тигиһиннэртээ!» – диэн көрдөспүттэрэ. Бааһырбыттар сытар палаталарыгар киирэн ынырык хартыынаны көрбүтүм. Манна, муостаҕа, абына-табына оту тэлгэтэн баран, бааһырбыт дьону сытыарбыттар, хос муостата, тэллэх отторо, таҥастара – бука барыта хаан этэ. Баастарын бэрэбээскитэ киһи көрүөҕүттэн түктэри хааннаах, киртийбит этэ. Сорохтор баастарын ис таҥастарынан саба туттан сыталлара…
Дьону таҥараҕа тигиһиннэрэн бүтэн баран, туох буолбутун ыйыталаспытым. Бааһырбыт дьон, өлөн эрээччилэр бары биир тылынан: «Биһиги туох да куһаҕаны оҥорор санаата суох, прокурор тойоҥҥо сурукпутун эрэ туттарар баҕалаах баран испиппит, ону ытыалаан бу айылаах оҥортоотулар», – диэбиттэрэ. Өлөн эрэр киһи хаһан да сымыйалаабат. Атын санаата суох, суруктарын эрэ туттара баран испиттэрэ чахчы».
Аҕабыыт, суругун суруйан бүтэрэн, кириэс охсунар уонна рабочайдарга биэрэр. Рабочайдар, туох эрэ бэйэлээҕи туппут курдук, махтанан аҕабыыттан тахсаллар.
Керенскэй Сергий аҕабыыт суругун көрөн баран:
– Миэхэ маны хаалларыҥ… Эһиги үҥсүүгүтүн ылынарым буолуо… Ол эрээри мин эрэйим босхо буолуо суоҕа, – диир.
– Үрдүк сололоох, эрэйгин төһө дииргинэн биһиги төлүү сатыахпыт, – рабочайдар үөрэллэр.
– Чахчы ылынарбын дуу, ылыммаппын дуу, Мунхин сенатор кэллэҕинэ, кинини кытта кэпсэтэн эрэ баран этэр кыахтаахпын.
– Биһиги тиэтэппэппит… Баһаалыста… Ылын эрэ! – дэһэ-дэһэ рабочайдар представителлэрэ тахсаллар.
IIIБодойбо куорат бириистэнигэр «Лена Голдфилдс Корпорация» тойотторо, сенатскай комиссия юристара, полицейскай чыыннар, куорта баһылыктара, баайдара – бука бары мусталлар. Бүгүн борохуотунан Манухин сенатор, «Лена Голдфилдс Корпорация» кылаабынай резиденэ, управляющайа Иннокентий Николаевич Белозеров кэлэллэр. Ону таһынан, Иркутскай генерал-губернатора Николай Николаевич Князев эмиэ кэлиэхтээх. Маннык үрдүк сололоох, улахан чыыннаах тойоттор Бодойбо куоратыгар урут хаһан даҕаны сылдьа иликтэр.
Витим өрүс кытылыгар, борохуот тохтуур сиригэр мустубут тойоттор харахтара Бисэгэ үрэх төрдүттэн арахпат. Кинилэр аттыларыгар хотуттара солкоҕо, сукунаҕа сууланан тураллар.
Бириистэн аттыгар аттаах, сатыы стражниктар, городовойдар сүүрэ-көтө сылдьаллар.
Борохуот үһүс үөгүлээһинин кытта тэҥҥэ Бодойбо үс таҥаратын дьиэтин куолакалларын охсон дуораһыталлар. Кытылга духовой оркестр «Боже, царя храни» гимни толорор.
Борохуот тиксэр. Тыраап түһэрэллэрин кытта кытылга көрсө кэлэн турар тойоттор хотуттарынаан борохуокка киирэллэр. Кинилэр кэннилэриттэн арыгылаах дьааһыктары, астаах иһиттэри киллэрэллэр. Манна маҥнайгы көрсүһүү үөрүүтүгэр арыгы иһэллэр, эҕэрдэ тылы этэллэр. Дьэ онтон муус маҥан баттахтаах Манухин сенатор кэнниттэн субуруһан кытылга түһэллэр.
Бодойбо куорат кулубата Черняк үрдүк сололоох тойоттору дьиэтигэр ыҥырар.
Манухин сенатор кырдьа барбыт киһи. Ыраах айантан сылайбытыттан эбитэ дуу, улуутумсуйан эбитэ дуу, арыычча хамсыыр, сүрэҕэлдьээбит курдук кэпсэтэр.
Черняк дьиэтигэр банкет буолар. Манна соччо быһаарыылаах кэпсэтии тахсыбат. Билсиһии эрэ быһыытынан сэһэргэһэллэр.
Тойоттор бу түүн кинилэргэ ананан бэлэмнэммит туспа дьиэҕэ хоноллор. Дьиэ иһигэр-таһыгар харабыллар туруоруллаллар.
Сарсыныгар «Лена Голдфилдс Корпорация» салалтата Коммерческай кулууп рестораныгар банкет тэрийэр. Бу банкет Манухин сенаторга ананар.
Манухин бүгүн бэҕэһээҥҥитинээҕэр арыый сэргээбит курдук буолбут. Тойоттору кытта, кэмчи да соҕустук буоллар, син кэпсэтэр.
Банкет бастакы бакаалын «Лена Голдфилдс Корпорация» кылаабынай резиденэ, управляющайа Иннокентий Николаевич Белозеров тойон сенатор доруобуйатын иһин көтөҕөр.
Аптаах арыгы Манухин айаҕын аһар. Кини иккис бакаалы көтөҕөргө тылы көрдөөн ылар:
– Тойоттор, мин манна кими даҕаны сууттуу, өлөрө-өһөрө кэлбэтим. Быйыл саас манна тахсыбыт ытыалааһын олус киэҥник иһилиннэ. Государь император миигин манна ыытарыгар «айдаан тахсыбытын тохтотон кэл» диэн соруйда. Мин сорудаҕым: забастовканы ууратыы, рабочайдары үлэҕэ таһаарыы…
– Браво! Браво! – дэһэ-дэһэ банкеттааччылар ытыстарын таһыналлар.
Манухин сенатор Бодойбоҕо икки хонор. Ол кэнниттэн аналлаах поеһынан Надеждинскай бириискэҕэ тахсар. Кини Белозеровы кытта кылаабынай резидент аналлаах дьиэтигэр тохтуур.
Сенатор тойон кэлбит сураҕа киэҥник иһиллэр. Рабочайдар бу күннэргэ үрдүк сололоох тойон туох быһаарыыны биэрэрин кэтэһэн олороллор. Сенатор тойон кэпсэтэ кэллэҕинэ, үҥсүүлэрин, көрдөһүүлэрин туохтан саҕалыылларын сүбэлэһэллэр. Суох, сенатор тойон кинилэри кытта кэпсэтэргэ соччо тиэтэйбэт быһыылаах. Хата ол оннугар кини хаайыллан олорор дьоҥҥо киирэр.
Сүөдэри хаайыы хонтуоратыгар аҕалаллар. Кини хаайыы начаалынньыгын остуолугар урут хаһан даҕаны көрбөтөх тойоно үллэн олорорун көрөр.
– Государь император миигин манна туохтан забастовка буолбутун уонна тоҕо… дьону ытыалаабыттарын силиэстийэлэтэ ыытта, – диир ол тойон Сүөдэргэ. – Онон миэхэ тоҕо забастовка буолбутун дьиҥ кырдьыгынан кэпсээ. Эн миэхэ тугу кэпсээбиккин ким даҕаны билиэ суоҕа.
Сүөдэр туох даҕаны диэн булбат.
– Мин собостуопкаҕа туох даҕаны сыһыаным суох, дьону даҕаны ытыалыылларын көрбөтөҕүм…
Манухин Сүөдэри соһуйбут курдук көрүтэлиир.
– Федор Владимиров диэн эн аатыҥ дуо?
– Мин аатым.
– Хайа омуккунуй?
– Сахабын.
– Федор Владимиров диэн хантан ылбыт ааккыный? – Манухин, Сүөдэр тугу эрэ уоран илдьэ сылдьарын туппут курдук, ыйытар.
– Аҕабыыт сүрэхтииригэр биэрбит аата.
Манухин саҥата суох көрөн олорбохтоон баран:
– Эн миигиттэн туох көрдөһөрдөөххүнүй? – диэн ыйытар.
– Мин туох даҕаны куһаҕаны оҥорбуппун билбэппин. Собостуопкаҕа даҕаны кыттыбатаҕым. Тоҕо миигин хаайан олороллоруй?
– Сөп, итини мин чуолкайдыам.
Хонбуой Сүөдэри илдьэ тахсар.
Сенатор тойон ити кэнниттэн арыалдьыттарын кытта бааһырбыт дьон сытар баланыыссаларыгар кэлэр. Луохтуур ыараханнык бааһырбыт дьон сытар палаталарын ааны аһар уонна:
– Манна ытыалааһыҥҥа бааһырбыт рабочайдар сыталлар, – диэн дакылааттыыр курдук кэпсиир. – Бу үрдүк сололоох сенатор тойон кэллэ, кэпсэтиҥ.
Бааһырбыт дьон, ынчыктаһа-ынчыктаһа, улаҕа диэки хайыһаллар. Кэпсэтиэн баҕалаах киһи бэрт аҕыйах быһыылаах.
– Мин государь император сорудаҕынан манна тоҕо дьон хаана тохтубутун билэ, дьаһал ыла кэллим, – Манухин аантан чугас сытар Рагулин оҕонньор аттыгар кэлэн тохтуур.
Рагулин алта уончалаах оҕонньор. Кини, балык этин быһа ыттаран, кыайан хамсаабат буолан сытар.
– Манна шахтаҕа үлэлээбитиҥ төһө өр буолла?
– Бу Тайҕаҕа көмүс көһүннэҕин утаа кэлбитим.
– Ол хас сыл буолла?
– Түөрт уонтан тахса сыллааҕыта этэ.
– Ханна төрөөбүккүнүй… Тоҕо төрөөбүт сиргэр төннүбэтэххиний?
– Хаста даҕаны төрөөбүт сирбэр бара сылдьыбытым. Дьиэм суох. Төрөппүт дьонум өлбүттэрэ өр буолла. Төрөөбүт дэриэбинэбэр тиийэн уонча хонукка тэһийэн олорботоҕум. Бааһынай олоҕо биһиги олохпутунааҕар өссө ордук кытаанах диэххэ сөп. Нолуок үрдүгэр нолуок, тардыы үрдүгэр тардыы. Сиртэн бурдук үүммэт. Дьон сыллата аайы хоргуйар. Оттон манна Табаарыстыба тэриллиэн иннинэ көмүсчүт аһыыр аһын кэм булунар этэ. Табаарыстыба тэриллиэҕиттэн ыла биһиги олохпут наһаа мөлтөөтө. Үлэлиибит-үлэлиибит даҕаны харчыны илиибитигэр туппаппыт.
– Туохтан забастовка буолбутай?
– Оттон бу кэпсии сытабын буолбат дуо? Киһини ыттааҕар куһаҕаннык аһаталларыттан, атаҕастыылларыттан! Бу эйигин уон икки чаас устата тымныы ууга туруордуннар уонна үөн ыспыт этинэн аһаттыннар, оччоҕо «үчүгэй» диэ суох этиҥ!
– Хайдах бааһырдыҥ?
– Ытыалаан барбыттарыгар сыппытым. Ол сыттахпына буулдьа балык эппин быһа көтөн ааспыта. Бу мин бааһырыым диэн улахан буолбатах, доҕотторбутун өлөртөөтүлэр – ол баар алдьархайбыт.
– Миигиттэн туох көрдөһүүлээххиний?
– Мин тугу көрдөһөөхтүөм баарай?!. Көмүсчүт умнаһыт буолбатах, аста-таҥаста аҕал диэхпин!.. Арай биири эрэ этиэм этэ: буруйа суох дьон хаанын тохпуттар суукка эппиэттиэхтээхтэр. Уонна биһигини, бааһырбыттары эрэ буолбакка, бары үлэһиттэри киһилии туталларыгар дьаһалла ыл… Аҕыс чаастаах үлэ күнүн тэрийтэр. Уон икки чаас устата киһи тулуйан үлэлээбэт.
Манухин сенатор оҕонньор этэрин барытын суруна олорорун көрөн, хас да киһи өгдөҥнөһөн туран кэлэллэр. Кугас бытыктаах, кубархай сирэйдээх эдэр рабочай:
– Евстигней курдук ыттары суох гынныннар, – диэн тыл кыбытыһар. Сенатор тойон, ону истэн, бу киһиэхэ эргиллэр.
– Ол киһини тоҕо суох гыныахтаахтарый?
– Кини сыаптаах ыттааҕар куһаҕан киһи. Кини кырбаабатах, үөхпэтэх киһитэ аҕыйах буолуо…
– Ол эрэ буолуо дуо, арыгыһыт…
Манухин сенатор, сурунан бүтэн, аан диэки барар.
– Эн кырдьык ыраахтааҕыттан бэйэтиттэн сорудахтанан биһиги олохпутун, кыһалҕабытын билсэ кэлбит буоллаххына, тохтоо, өссө иһит, – диэн Рагулин оҕонньор көбдьөөрөр.
Манухин сенатор тохтуур, олоппоско олорор. Кэпсэтиини бэйэтэ саҕалаан баран, ситэ истэригэр тиийэр. Рагулин доҕотторо эппиттэрин түмүктүүр:
– Биһиги бу Тайҕаны таптыыбыт. Үлэһит киһи үлэни таптыыр…
Манухин, оҕонньору ситэ саҥардыбакка, этэр:
– Суох, үлэни таптыыргытын көрбөппүн, итэҕэйбэппин…
– Э-э, тойон, үлэһит киһи үлэтэ суох буоллаҕына, син балык уута, көтөр кыната суоҕун кэриэтэ сананар.
– Эһиги үлэлээбэтэххит хас даҕаны ый буолла буолбат дуо? Үлэни оччо таптыыр буоллаххытына, хайдах үлэлээбэккэ тулуйан олороҕутуй? – сенатор тойон өрө көөнньөн турар. Били саҥата айаҕын иһиттэн нэһиилэ тахсар бэйэтэ аны күргүйдүүр курдук.
– Забастовканы кыһалҕаттан оҥорбуппут. Биһиэхэ киһилии сыһыаннастыннар, биһиги эмиэ дьоммут, аһыыр аска, таҥнар таҥаска син эмиэ наадыйабыт. Тойотторбут ону билиэхтэрин да баҕарбаттар. Туох буруйдаах дьону ыттыы ытыалаатылар? Ону миэхэ эн, ыраахтааҕы үрдүк дэбиэрийэлээх тойоно, этэн кулу!
– Тоҕо ытыалаабыттарын, ким буруйдааҕын юристар силиэстийэлии сылдьаллар. Быһаарыытын кинилэр биэриэхтэрэ. Итинтэн ураты миигиттэн туох көрдөһөрдөөххүтүй?
Бааһыра сытар дьонтон ким даҕаны саҥарбат. Били сибилигин аҕай былдьаһа-тарыһа саҥарбыт дьон ах баран хаалаллар.
– Атын тугу даҕаны этэргит, көрдөһөргүт суох буоллаҕына… – диэт, Манухин олоппостон турар.
Онуоха Рагулин оҕонньор этэр:
– Ыраахтааҕы бэйэтин аатыттан кэлэ сылдьар тойон тугу даҕаны быһаарар кыаҕа суох эбиккин буолбат дуо?.. Ол аата ыраахтааҕыбыт даҕаны кыаҕа кыра эбит буоллаҕа…
Манухин сенатор ситэ истибэккэ тахсан барар.
IVБу күннэргэ бириискэлэргэ наар Трещенков ротмистр сууттанарын туһунан кэпсэтэн тахсаллар. Сорохтор ыттарар уурааҕы таһаарыахтара дэһэллэр, сорохтор: «Суор хараҕын суор оҥпот, биир-икки эрэ сылга хаайыыга олордорго уураахтыахтара», – дииллэр. Онтон «бу күннэргэ юристар Иркутскайга төннөллөр үһү» диэн сурах тарҕанар. Аны ити сураҕы тилэх баттаһан: «Бу сарсыарда присяжнай повереннай тойон Керенскэй Лена көмүсчүттэрин өлөртөрбүт Трещенковы буруйдаан суукка тыл этэригэр үлэһиттэртэн дэбиэринэс хомуйар үһү», – диэн Завалин Надеждинскай бириискэттэн сонуннаах кэлэр.
Завалин ити сонунун кэпсээн бүтэрин аҕай кытта Надеждинскай бириискэттэн аттаах хорохоот кэлэр.
– Рабочайдар бука бары бириискэ хонтуоратын аттыгар мунньустуоххут үһү. Тойон Керенскэй кэпсэтэ кэлэр, – диэн биллэрэр.
Рабочайдар хорохоот эппит сиригэр мусталлар.
Керенскэй өр көһүттэрбэт, кылаабынай резидент фаэтонунан көтүтэн кэлэр.
– Үтүө доҕоттоор, мин эһиги ааккытыттан Иркутскайдааҕы судебнай палатаҕа Трещенковы буруйдаан тыл этэрбэр эһигиттэн биэрэр буоллаххытына, «дэбиэринэс» сурук ылаары гынабын. Оннук суруктаах буоллахпына эрэ эһиги ааккытыттан этэрим, буруйдуурум табыгастаах буолуо, – диир Керенскэй.
– Бэрт сөпкө этэр… «Дэбиэринэс» биэрбэттээх буолуохпут дуо… Саатар эрэ буоллаҕа дии.
– «Дэбиэринэс» биэрээччи суругун кытта үс сүүһү кумааҕы харчынан кэмбиэргэ угуохтаах. Ол суруктаах кэмбиэргитин мин төннөрбөр ылыам, – диэт, Керенскэй ааһа көтүтэр.
Эмиэ сир-сир аайы «дэбиэринэс» суруйуутун түбүгэ буолар. Сатаан суруйар үлэһиттэр тарбахтара хабыллыар диэри суруйан бачахтыыллар. Аҕыйах хонук иһигэр биэс тыһыынчаттан тахса рабочайдар «дэбиэринэс» сурук биэрэллэр. Керенскэй бу суруктары кытта уон биэс тыһыынча солкуобай харчыны сиэбигэр уктар. «Кыһалҕа суоҕу даҕаны баар гыннарар» диир өс хоһооно. Трещенковы сууттатар баҕаттан рабочайдар баар-суох үптэрин сыыһын барытын хомуйан биэрэллэр.
* * *
Керенскэй рабочайдартан «дэбиэринэс» хомуйарын, кинилэр ааттарыттан суукка тыл этиэх буолбутун истэн, Маайа, баҕар, кини кэргэммин хаайыыттан босхолотоорой дии саныыр. Ол иһин кинини көрсө кылаабынай резидент хонтуоратыгар тиийэр.
Сааскы ичигэс күн. От-мас сэбирдэҕэ тыллан, айылҕа чээл күөҕүнэн таҥнан турар. Маайа баар-суох мааны ырбаахытын кэтэр.
– Кимиэхэ кэллиҥ? – диэн кылаабынай резидент дьиэтин айаҕын харабыллыыр саллаат ыйытар.
– Мин… Керенскэй тойону көрсүө этим.
Саллаат муос иһиирэри айаҕар угар уонна хатан баҕайытык иһиирэн чырылатар. Дьиэ иһиттэн Санжаренко офицер тахсан кэлэр. Кини, Маайаны көрөн, супту хааман тиийэр:
– Туох наадалааххыный?
– Мин… Керенскэйи көрсүө этим.
– Чэ, оччоҕо киир.
Санжаренко Маайаны Керенскэй тойон олорор хоһун ааныгар аҕалар.
Маайа хос иһигэр киирэр. Күөх сукуна сабыылаах сурук остуолун нөҥүө били үрээнньик кинини көһөрөөрү малын таһырдьа тамнааттыы турдаҕына кэлэн тохтоппут нуучча, күрдьүөттээбит оҕус курдук, көрөн олорор.
– Бэттэх, бэттэх кэл! – диэн ол киһи ыҥырар.
– Мин… Үрдүк сололоох тойон Керенскэйгэ…
– Керенскэй – мин.
Маайа, итини истэн, тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу чугаһыыр. Хараҕын уута тахсыбытын бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалар. Маайа ытамньыйа-ытамньыйа көрдөһөр:
– Үрдүк сололоох тойонум, мин кэргэммин Сүөдэр Быладьыымарабы, туох даҕаны буруйа суоҕун үрдүнэн, хаайан олороллор. Үлэһиттэр эйигин үтүө санаалаах тойон диэн ааттыыллар. Кинини хаайыыттан босхолот!
– Аата?.. Федор Владимиров, тохтуу түс, – Керенскэй төлөппүөнү эрийэр. Кини полицейскай учаастак начаалынньыгын кытта төлөппүөнүнэн өр соҕус кэпсэтэр. Маайа тугу кэпсэтэллэрин өйдөөбөт. Керенскэй биир кэм: «да-да…», «өйдүүбүн…», «билэбин» эрэ дэтэлиир.
Керенскэй, сылайбыт курдук, туруупкатын ыйыыр.
– Эн кэргэниҥ, – диир кини, – манна забастовканы тэрийсибит… Забастовкаттан туох буолбутун бэйэҥ билэҕин. Ол буруйун иһин кинини уонна кини доҕотторун суукка биэрбиттэр. Онон мин кинини хаайыыттан таһааттарар кыаҕым суох.
– Сымыйа!.. Букатын сымыйа, үрдүк сололоох, мин кэргэним үөрэҕэ суох… Саха… Кини хайдах собостуопканы тэрийиэй?
– Суут ону быһаарыа.
– Ханна сууттуохтарай?
– Баҕар, Иркутскайга илдьэн сууттуохтара.
Маайа ыксыыр. Ити аата кэргэнин кый бырах ыраах сиргэ илдьээри гынар эбиттэр.
– Ок-сиэ, тугун үлүгэрэй?.. Туох буруйдааҕар суукка биэрэллэрий?
– Кини забастовканы тэрийбит стачком чилиэнэ.
– Баҕар, буоллун… Ол стачком чилиэнэ буолбутун иһин сууттууллар дуо?
– Сууттаамына… Кинилэр үлэһиттэри иирдэн забастовканы оҥорбуттара… Истиэххин баҕарар буоллаххына, икки сүүс сэттэ уон үс киһи кинилэр содулларыгар манна ытыллан өлбүттэрэ.
– Мин кэргэммин үлэһиттэри ытыалыахтарын быдан иннинэ хаайбыттара. Ити барыта сымыйа! – Маайа, хара балыыртан абаккаран, хараҕын уута кууран хаалар, куолаһа кытаатар. – Рабочайдар бууну оҥоро кэлбиттэрэ диигин, ити эмиэ сымыйа! Бу баар, илиилэригэр тутан испит кумааҕылара!.. Манан киһи туох буунун оҥоруон сөбүй? – Маайа били дьону ытыалыылларыгар тыал көтүтэн аҕалбыт суругун Керенскэй иннигэр ууран биэрэр.
Керенскэй суругу эргим-ургум тутар.
– Бу суругу миэхэ хааллар… суукка туттуом.
Керенскэй суругу остуол дьааһыгар угар. «Манан биһиги кэпсэтиибит бүттэ», – диэбиттии, ханнык эрэ кумааҕыны ылан бэрийэн барар. Маайа турар.
– Үрдүк сололоох тойонум… Мин кэргэммин кытта көрсүөхпүн… саатар, ону көҥүллүөҥ буолаарай?
Керенскэй саҥата суох сурук суруйан Маайаҕа уунар.
– Маны хаайыы тойонугар илдьэн биэр. Кини кэргэҥҥин кытта көрүһүннэриэ.
Маайа дьиэтигэр сүүрэн тиийэр. Сэмэнчик ханна эрэ оонньуу баран хаалбыт. Ойон тахсаат, күн уотуттан хараҕын чарапчыланан көрө-көрө:
– Сэмэнчик! Кэлэ оҕус! – диэн ыҥырар.
Маайа Сэмэнчиккэ ыраас таҥаһы таҥыннарар.
– Чэ, тоойуом, барыах!
Полицейскай учаастак, хаайыы хоһо. Бу хос түннүгүнэн күн хаһан даҕаны көрбөт. Манна хаайыллыбыт дьон халлаан былыттааҕын, ырааһын билбэттэр. Үрдүк олбуор истиэнэтэ эрэ кинилэр түннүктэринэн көстөр.
Сүөдэр доҕотторунаан хаайыллыбыта үс ыйтан орто. Кини күнүстэри-түүннэри быһа кэргэттэрин тустарынан санаан тахсар. Кинилэри хас түүнүн аайы түһээн көрөр. Бөлүүн эмиэ дьикти түүлү түһээтэ. Сайын алаас хонуутун устун Маайалыын оҕолорун Сэмэнчиги сиэппитинэн хаамсан иһэллэр. Маайа уу-хаар баспыт хараҕынан аҕаларын диэки көрүтэлиир. Түүлүн түүл, Сүөдэр, ханна эрэ барар буолан, кэргэнин кытта бырастыылаһа сылдьар. Кини Маайаны кууһан уураары гыммыта, Маайа дириҥ баҕайы аппа нөҥүө өттүгэр турар буолан хаалар. Сүөдэр, ол аппаны уҥуор ыстанабын диэн, аппа түгэҕэр сууллан курулаан түһэр. Ол түһэн иһэн… уһуктан кэлбитэ. Бүгүҥҥү күнү быһа Сүөдэр ити түүлүн тойоннуу сатыы олорор.
«Ама оҕолоох кэргэммин көрүмүнэ, өлөөрү гыннаҕым дуу?» – диэн кини ити түүлүттэн дьиксинэ саныыр.
Төһө даҕаны хаайыыга олордоллор, Сүөдэрдээх били муус устар ый төрдүс күнүгэр буолбут ытыалааһын туһунан истибиттэрэ. Билигин кинилэри күннэтэ аайы доппуруостууллар. Ыйыталларыттан, олуйсалларыттан сабаҕалаатахха, кинилэри забастовка тэриллиитигэр, дьон хаана тохтуутугар буруйдуох курдуктар.
Харабыл кэлэн аан хатааһынын аһан халыгыратар. «Хайабытын эрэ доппуруоска ыҥыра кэллэ?» – диэн бары ааны кэтээн олороллор.
– Федор Владимиров, таҕыс! – диир харабыл.
«Эмиэ доппуруостаан сордоору гыннахтара. Аны күҥҥэ иккитэ доппуруостуур буолбуттар дуу?» – дии саныы-саныы, Сүөдэр, аат эрэ харата туран, хаайыы хоһуттан тахсар. Харабыл бу сырыыга кинини доппуруостуур хоско киллэрбэт, көрүдүөр устун аһарар.
Сүөдэр тахсан ааҥҥа чугаһаан эрдэҕинэ:
– А-ҕаа! – диэбитинэн Сэмэнчик утары сүүрэн кэлэр. Сүөдэр атаҕар сөрүөстэ түспүт оҕотун көтөҕөн ылар, ууруур-сыллыыр.
Көрүдүөр муннугун диэки көрбүтэ: тимир эрэһээҥки тас өттүгэр уһун мас ыскаамыйаҕа кэргэнэ Маайа кэлэн олорор эбит.
– Маайа, хайдах? – диэн Сүөдэр быһаарыыта суох ыйытар.
– Уон мүнүүтэ устата көрсөрбүтүн көҥүллээтилэр.
– Хайдах олордугут?
– Тыыннаахпыт… Аһыырбытыгар харчыбыт суох… Оҕобунаан ханна барыахпытын, хайдах буолуохпутун билбэккэ олоробут…
Сүөдэр туох даҕаны диэн булбат. Кини били быстах үөрүүтэ ааһан, санаата тууйуллан, сүрэҕэ хараастан барар. Ап-аһыы хомуок бэлэһин туора турар. Кэҥириитэ кычыгыланар. Кини туох баар күүһүнэн туттуна сатыыр да, хараҕын уута син биир ыгыллан тахсар.
Сэмэнчик аҕалаах ийэтэ саҥарбакка утарыта көрсөн олороллоруттан ыксыыр, ытаан барар.
– Тоойуом, кэбиһиий, ытаамаарыый… – дии-дии Маайа хараҕын уутун соттор. – Сүөдэр, кытаат, тулуй! Биһиги, бачча сылдьар дьон, ама ханна эмэ үлэлээн, айахпытын ииттиниэхпит буоллаҕа дии.
– Мин тугу оҥорбутум иһин бу хаайыллан олоробунуй? – Сүөдэр абаккаран сымыһаҕын быһыта ытырбахтыыр.
– Мин тугу билиэхпиний? Тоҕо хаайбыттарын эн бэйэҥ билиэ этиҥ, – диир Маайа аат эрэ харата.
– Суох, мин тугу да билбэппин… Миигин стачком чилиэнэ этиҥ диэн сордууллар… Алмазов соруйан, Коршунов хайдах киһитин билээри, миигин «стачком чилиэнэ» диэбит. Коршунов ону тыллаабыт.
– Алмазов… Кини эйигин сымыйанан уган биэрбитигэр тугу даҕаны эппэтэҕиҥ дуо? – Маайа ытамньыйа-ытамньыйа ыйытар.
– Алмазов эппитин кэмсинэр… Кини доппуруоска миигин «стачком чилиэнэ» буолбатах диэн этэ сатаан кэбистэ… Ылымматтар… Истиэхтэрин даҕаны баҕарбаттар… Дьиҥэ, Коршунов миигин хаайтарда… Коршунову итэҕэйэллэр…
– Керенскэй тойон эһигини сууттуохтара диир… Баҕар, ол суукка…
– Сууттуохтара… Ол суукка эрэл суох…
– Сүөдэр, кытаат, тулуй! – диир Маайа, кэргэнэ улаханнык хараастыбытын көрөн.
– Миигин өр хаайыыга олортохторуна, эһиги хайдах дьон буолуоххутуй? – диэн Сүөдэр уйадыйар.
– Эн ол туһунан санаарҕаама…
«Аһыырбытыгар харчыбыт суох» диэн эппитин Маайа иһигэр кэмсинэ саныыр.
– Көрсүһэргитигэр көҥүллэммит бириэмэ бүттэ! – диэн харабыл айдаарар. Сэмэнчик аҕатын моонньугар иилистэ түһэр.
Харабыл кэлэн Сэмэнчиги аҕатыттан араарар. Сүөдэр баран иһэн эргиллэр:
– Эрэниҥ, сотору босхолуохтара!
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.