Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 62

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 62 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Х

«Бүтүн Россия Киин Ситэриилээх Комитета муус устар 27 күнүгэр Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийэргэ декрет таһаарда!» – диэн Москваттан Максим Кирович Аммосов ыыппыт улахан үөрүүлээх телеграмматын лоскуй-лоскуй кумааҕыларга массыыҥканан бэчээттээн, сороҕун илиинэн суруйан, куорат уулуссаларын аайы дьон көрөр сирдэригэр сыһыартыыллар. Туох биллэриитэ тахсыбытын көрөөрү, ол кумааҕылар сааллыбыт эркиннэригэр дьон бөҕө тоҕуоруйар. Бу күн куоракка, улахан бырааһынньык курдук, үөрүү-көтүү бөҕө буолар. Үгүс миэстэлэргэ биллэрии аттыгар үөрүүлээх миитиннэр буолуталыыллар. Сэмэнчик биир оннук миитиҥҥэ түбэһэ тиийбитэ – били үнүр Киллэм сэриитигэр ЧОН этэрээтин кытта тахсыһа сылдьыбыт саха милицията тыл этэ дьон иннигэр тахсан эрэр эбит.

– Урут тыл этэ үөрүйэҕэ суох киһибин, арай бүгүн бу үөрбүччэ эрэ этиэм буоллаҕа, – дии-дии, туох эрэ ахтыы икки сэһэн икки ардынан кэпсээн барар.

– Табаарыстар, былыр мин оҕотук саастаах эрдэхпинэ, Нам улууһун кулубатыгар Дьаакыбылап баайга хамначчытынан сылдьан…

«Бэйи эрэ, Дьаакыбылап хамначчыта этим диир дуу?..» – Сэмэнчик бэркэ дьиктиргии истэн, дьон быыһынан кыбылла-кыбылла, тыл этэр милиция аттыгар чугаһыы сатыыр.

– …«Сыппаха эмээхсин сэһэнэ» диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрин истэр буоларбыт. Аны санаатахха, ол оннук ыралаах сээркээн сэһэттэр сир-дойду аайы баар буолаллар быһыылаах эбит. Ол кинилэр кэпсэллэрэ бу биһиги, сахалар, үлэһит-хамначчыт дьоннорбут бэйэлэрин баҕаларын, үтүө олох кэлэрин ыралаан кэпсиир кэпсэллэрэ буолар эбит…

Сэмэнчик бу киһи этэриттэн тугу да өйдөөбөт. Кини иннигэр киирэн хайдах сирэйдээҕин, быһыылааҕын-тутуулааҕын одуулаһар. Бу туран өйдөөтөҕүнэ, кинини хаста да куоракка урут көрбүт киһитэ эбит.

– …Ол сэһэҥҥэ этэллэрэ: «Көрүҥ эрэ, оҕолоор, бу үйэ уларыйар уһуга чугаһаан кэллэ!..»

Сүөдэри тула мустан турар дьон бэркэ интэриэһиргээн истэллэр. Ким эмэ, дьон мустубутун көрөн, туох буола турдаҕай диэн кэллэҕинэ: «Аргыый! Миитин буола турар», – диэн тугу да ыйыттарбаттар.

– …«Батталга-үктэлгэ олорбут бар дьон сууту-сокуону утары турда! Баайдар баһылыктыыллара ааста, аны кыра-хара дьон үрдүүр үйэтэ кэллэ… Дьадаҥылар оҕолоро дьанараал буолуохтара, быстыбыттар оҕолоро быраабы, солону ылыахтара, «сурук» дии-дии суруйар тыастара сурулуо, «кинигэ» дии-дии кумааҕыны кытта кэпсэтэр буолуохтара… Көрүҥ, оҕолоор, оннук үйэ бу кэлэн иһэр!..»

Сэмэнчик өйдөөн көрбүтэ: бу киһи хаҥас хараҕын халтаһатыгар көстө сылдьар хара чэрдээҕэ. Онтуттан аҥаар хараҕа хайдах эрэ сабыстан көстөрө.

– …Табаарыстар, дьэ ити курдук «Сыппаха эмээхсин сэһэнэ» диэн кэпсиир буолаллара. Итинтэн да атыны бэрт үгүһү дьылҕалыыллара. Дьэ билигин көрүҥ: ол үлэһит-хамначчыт норуот баҕарбыт баҕатын эппитэ, кэтэспитэ бу кэллэ буолбат дуо? Бүгүн Саха норуотугар дьол күнэ кылбайа ойон таҕыста!.. Оттон өрөбөлүүссүйэ буолуон иннинэ, Дьаакыбылап кулуба курдук баайдар баһылаан олордохторуна, биһиги Сахабыт сирэ хараҥа түүҥҥэ, им-балайга олорбута буолбат дуо? Нуучча да норуотун үлэһитин, рабочайын өттө, мин Бодойбоҕо кинилэри кытта бииргэ олорон көрдөхпүнэ, итинтэн ордук олорботохторо…

«Хайаан да мин дьоммун бу киһи билиэн сөп эбит. Кини эмиэ Бодойбоҕо олоро сылдьыбыт эбит буолбат дуо?» – дии саныыр Сэмэнчик.

–..Өктөөбүр өрөбөлүүссүйэтэ кыайан, Сэбиэскэй былаас олохтонон, бүгүн бу биһиги Саха аптаныамыйата тэриллибитин истэн үөрэ турар буолбаппыт дуо? Туругурдун Сэбиэскэй былаас!.. Туругурдун Ленин салайар хомуньуус баартыйата! – диэн тылларынан бу киһи этиитин бүтэрэр.

Мустан турар дьон күргүөмүнэн ытыс таһыналлар. Ытыс таһыныыта уоста илигинэ тыл эппит киһи кытыыга тахсыах курдук буолан эрдэҕинэ, дьон ортотуттан ким эрэ саҥата:

– Сүөдэ-эр, бэркэ эттиҥ, маладьыас! – диир.

«Сүөдэр дииллэр дуу!.. Ама, мин аҕам сылдьара буолуо дуо?» – Сэмэнчик сирэйэ итийэ түһэр. «Суох, суох… ийэм бокуонньук куруутун: «Аҕабыт сордоох өлөн биллибэт», – диэхтиирэ»…

Ити икки ардыгар ханнык эрэ саха эмээхсинэ Сүөдэри кытта дорооболоһон, кэпсэтэн иһэн:

– Хайа, Сүөдээр, били кэргэннээх оҕоҥ суохтара суоҕунан дуу? – диир.

Сэмэнчик итини истээт, хайыан да булбат. «Аҕаа, мин бу баарбын, бу мин, Сэмэнчикпин!» – диэн баҕара-баҕара, дьонтон ойоҕоһурҕаабыт курдук буолар.

– …Суохтара суоҕунан. Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ ситэ дьоллонуох киһи… – диэн, Сүөдэр хайдах эрэ муҥатыйыах курдук тыллаһан истэҕинэ, «аҕаа-а!» – диэн саҥа чуумпуран турар дьону соһутар.

Сүөдэр кэпсэтэ туран, куттаммыт курдук, чинэрис гына түһэр. Тугу да саҥарбакка, иннигэр турар красноармееһы одуулаһар.

– Аҕаа-а, бу мин, Сэмэнчикпин! – дии-дии, уол икки илиитин ууммутунан Сүөдэргэ утары барар.

– Сэмэнчик!.. Сэмэнчик!.. – диэбитинэн Сүөдэр уолу кууһан ылар.

Итинтэн ыла Сүөдэр да, Сэмэнчик да миитиҥҥэ мустубут дьон ханна барбыттарын, туох дэспиттэрин хайалара да өйдөөбөттөр. Төһөлөөх эмэ сыл устата өлбүттэрин-тыыннаахтарын билсиспэт буолуохтарыгар диэри сүтэрсэн баран, остуоруйа түбэлтэтин курдук, булсуспут үөрүүлэрэ тугу барытын умуннарар, күлүктүүр.

Сүөдэр, оҕотун кууһан туран ууруу-ууруу, сыллыы-сыллыы, хараҕын уутун сотун да сотун буолар. Ол курдук өр турбахтаан баран, кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан сибигинэйэр:

– Ийэҥ!.. Маайа ханнаный?

– Ийэм суох… Суох буолбута… Быйыл Сүөдэркэ Дьаакыбылап өлөрбүтэ…

– Ханна?..

– Маачаҕа…

Ийэлэрин туһунан кэпсэтэн, улаханнык хараастан бараннар, кэнники бэйэлэрин олохторуттан кэпсэтэн, арыый кэҥээн, Сүөдэрдээх Сэмэнчик ЧОН чааһа олорор дьиэтигэр кэлэллэр. Дьиэ таһыгар былаахы ыскамыайка турарыгар сэргэстэһэ олороллор. Сааскы күн сырдыга, сылааһа – киһи дьиэҕэ киириэ суох курдук. Үөһэнэн, дааҕырҕаһа-дааҕырҕаһа, тураахтар суур-саар дайбаан ааһаллар. Чалбах уутугар күн уота чаҕылыйа дьиримниир. Ханна эрэ олбуор иһигэр бөтүүк ыллаан чоргуйар. Уулуссанан ааһар дьон тугу эрэ кэпсэтэн күөдьүһэллэр.

– Аҕаа-а, хаайыыттан хайдах куоппуккунуй? – Сэмэнчик, саҥата суох олорбохтоон баран, эмискэ өйдүү түспүт курдук ыйытар.

Сүөдэр оҕотун диэки сымнаҕас-сымнаҕастык көрбөхтөөн ылар. Бу киһи ити «аҕаа» диир тылын истиэн кини төһөлөөх баҕарда, аҕынна этэй! Ол киһитэ бу кини аттыгар чоҕулуччу көрөн олорор.

– Тоойуом, – диир Сүөдэр, – мин Бодойбо бириискэтигэр үлэлии сылдьан доҕордоспут Трошка Алмазов диэн атастааҕым. Кинини эмиэ хаайбыттара, биһигини бииргэ Уркуускайга сууттаабыттара. Ээ, эн да билэҕин буолбат дуо Гудзинскайы?

– Билэн!

– Ол, кини! Бодойбоҕо Трошка Алмазов диэн ааттанара ээ. Кини мин Нерчинскэйтэн күрүүрбэр көмөлөспүтэ.

– Кыһын Аммаҕа тахсыбыта буолбат дуо?

– Онно тахсан хаайтаран олороллор. Мин Платон Алексеевич Слепцов сорудаҕынан кыһын киниэхэ тахса сылдьыбытым, – Сүөдэр хайдах «Иирээки Ньукуус» диэн киһилиин өрүһү туораабыттарын, онтон бэйэтэ соҕотоҕун Амма слободатыгар тиийэн төннүбүтүн Сэмэнчиккэ кэпсиир. – Гудзинскай, манна баара буоллар, төһө эрэ үөрэр этэ! «Сүөдэр, дьэ иэспин төлөөтүм!» – диэ этэ.

– Аҕаа, ол Гудзинскай эйиэхэ туох иэстээҕий?

– Туох иэстээх буолуой. Миигин 1912 сыллааҕы саас хаайбыттарыгар бэйэтин буруйданар. Кини, Коршунов инженер кимин билээри, «Стачком чилиэнин көһүтэбит» диэбит. Ол провокатор миигин онно хаайтарбыта. Трошка хаайыыга олорон: «Эн хаайыллыбыккар мин буруйдаахпын, эйигин хаайыыттан босхолуохтарыгар диэри улахан иэстээх курдук бэйэбин ааҕына сылдьыам», – диир этэ. Онтон миигин Нерчинскэйтэн күрэтэн баран: «Бу былааһы сууллардахпытына, эн иннигэр иэспин боруостаатым диэҕим», – диэбитэ. Бодойбоҕо Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ: «Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтоотохпутуна эрэ эн иннигэр иэспин боруостаатым диэҕим!» – диир буолбута. Онтон манна биһиги кэлбиппит. Сэбиэскэй былааһы олохтообуппут. Кини миэхэ туох да диэн этиэн иннинэ аны Колчак Сибиири сабардаабыта… Онтон ааспыт күһүн, Саха сиригэр бандьыыттар турбуттарын истэн, Бодойботтон ЧОН чааһын илдьэ, «Хотугу Маҥнайгы этэрээт» диэн ааттанан, биһиэхэ көмөлөһө кэлээхтээбитэ… Көр, оннук үтүө сүрэхтээх дьоннор эмиэ бааллар ээ!

* * *

Муус устар 28 күнүгэр киэһэ куорат олохтоохторун үөрүүлээх мунньахтара буолар. Мунньаҕы Платон Алексеевич Слепцов аһар.

– Табаарыстар! Улуу Арассыыйа улахан-кыра норуоттарын түлэй хараҥа түүнүнэн тумнары бүрүйэн олорбут үрүҥ ыраахтааҕы былааһын Өктөөбүр өрөбөлүүссүйэтэ үрэйбитэ. Ол түмүгэр биһигиттэн хараҥа түүн халбарыйбыта, халлааммыт сырдаабыта. Оттон билигин Сэбиэскэй былаас, Ленин сирдьиттээх хомуньуус баартыйатын көмөтүнэн саха норуота Аптаныамыйаны ылла. Бу биһиэхэ күн тахсыытыгар тэҥнээх дьыала!..

Слепцов ити этиитин мунньах кыттыылаахтара дохсун ытыс таһыныытынан, модун «ураа!» хаһыынан көрсөллөр.

– Дьэ онон, били былыргы өбүгэлэрбит өстөрүн хоһоонунан эттэххэ, күммүт таҕыста, күөрэгэйбит ыллаата, күөнэхпит көптө!..

Эмиэ дохсун ытыс тыаһа ньиргийэр.

– Табаарыстар, биһиги, сахалар, үйэлээх сааспытыгар киһи диэн ааттамматах бэйэбит билигин атын бары бырааттыы норуоттары кытта биир тэҥ бырааптанныбыт, бэйэбит туспа аптаныамыйаланныбыт! Билигин биһиги төннүбэт төлкөлөннүбүт, самныбат саргыланныбыт!

Ол эрээри, табаарыстар, биһиэхэ бу Аптаныамыйа тэриллэр үөрүүлээх кэмигэр Саха сирин үгүс өттө «үрүҥнэрбит» диэн үтүөмсүйэн ааттанар хааннаах бандьыыттарынан сабарданан олорор. Чэйиҥ:

 
Дирбиэн-дарбаан күннэргэ
Дирбийэн-дарбыйан туруоҕуҥ!
Үллэр долгун курдук,
Үлэһит сэриитин үрдэтиэҕиҥ,
Үрүҥнэри үүрүөҕүҥ!..
 

Мунньах кыттыылаахтара олорор сирдэриттэн ойон тураллар. «Чэйиҥ, субу мантан, сибилигин бандьыыттары үрэйэ барыаҕыҥ!» – диэн ыҥырар буоллар, биир киһи курдук, субу саа тутуох, сэриилэһэ барыах курдук өрө күүрэллэр.

Мунньахха бэрт үгүс киһи тыл этэр. Кинилэр этиилэрин сүнньэ: Советскай былаас саха норуотугар Автономияны биэрбитин ис сүрэхтэн эҕэрдэлээһин уонна бэрт сотору кэм иһигэр Саха сирин үрдүттэн үрүҥ баандалары үүрэргэ, суох гынарга диэн.

Сүөдэр тулуйан олорбот. Эмискэ тыл көрдөөн ылар.

– Мин этэрим кылгас. Илин өрүс уҥуор – Амма слободатыгар биһиги доҕотторбут хаайтаран олороллор, Бодойботтон биһиэхэ көмөлөһө кэлбит Гудзинскай этэрээтэ. Күн сарсыҥҥыны аһарбакка, онно баар доҕотторбутун босхолуу тахсыаҕыҥ!

– Бэрт сөп! Саамай сөп!

– Онно тахсар этэрээккэ барсарга миигин суруйуҥ! – диэн тылынан этиитин Сүөдэр бүтэрэр.

Бу киэһэ, мунньах бүтэрин кытта, Амма слободатыттан Гудзинскай этэрээтин босхолоон киллэрэр этэрээт тэриллэр. Ол этэрээккэ Сүөдэр Сэмэнчиктиин суруттараллар.

Нөҥүө күнүгэр Аммаҕа тахсар этэрээт Буор Ылары үөһээ өттүнэн Ленаны туоруур. Өрүһү туораат, сири билэр дьонтон инники разведкалыыр дьону ыыталлар. Разведкаҕа эдэрдии Сэмэнчиги эмиэ аныыллар.

Разведчиктар биир алааска киирэллэр. Манна туруорбах балаҕан самнайан турара. Хонууга икки ырыган баҕайы ынах буору салыы сылдьаллар. Дьиэ аттыгар кыбыыга түүтэх да от суох. Нэктийэн хаалбыт бороҥ куобах бэргэһэлээх саха киһитэ сүгэ уктуу олорор. Кини, хас да ыҥыыр аттаах саалаах дьон кэлбиттэрин көрөн, бэркэ дьиксинэр. Аттаахтар ону-маны кэпсэтэ түһэн баран:

– Бу диэки бандьыыттар бааллар дуо? – диэн ыйыталлар.

– Көстүбэт буоллулар дии. Бадаҕа, Буор Ыларга баар курдуктар… Куораттан тахса сылдьаҕыт дуу?

– Куораттан. Хайа суолунан бардахпытына Амма слободатыгар түргэнник тиийиэхпитин сөбүй?

– Бэйи эрэ, эһиги кыһыллар быһыылааххыт дии, быһа суол баар буолан баран, оттон аара эмиэ ол бандьыыттаргыт олордохторо дии, ол диэки эмиэ баар сурахтара иһиллэр.

– Ханан эмэнэн тумнар суол суох буолуо дуо?

– Тумнар суол баар, ону таба түһэргит наада.

Бу киһи кыһыл этэрээт ханан бардаҕына бандьыыттар олорор сирдэрин тумнан Аммаҕа тиийэр суолун ыйан биэрэр.

– Эһиги Ураһалааҕынан барар суолу тутуһуҥ. Ураһалаахха тиийэ иликкитинэ, суол илин өттүгэр алаас эҥэлдьийэн көстүөҕэ, ол алааһы кэтэҕинэн эргийэ барар ыллык суолу батыһыҥ. Оччоҕо бандьыыттар олорор сирдэрин балайда ырааҕынан тумнаҕыт.

Бу киһи ыйбытынан, аара дьонтон өссө чуолкайдаан ыйдара-ыйдара, кыһыл этэрээт Ураһалааҕы тумнан ааһар. Аммаҕа тиийэллэрэ икки көс курдук хаалыыта биир ыалга таарыйаллар.

– Бу диэки үрүҥнэр ханна бааллара биллэрий?

– Бу бэйэҕит кимнээх диэн дьон буолаҕытый?

Оҕонньор бастаан бу иһэр дьон кимнээхтэрин дьиҥин-чахчытын билэн баран, дьэ кэпсээн биэрэр:

– Э-э сэгэттэйдэриэм, дьэ олох ыы-муннугутунан анньыһаары иһэр эбиккит. Амма хочотугар мыраантан түһэргэ, адьас аартык айаҕар тоһуйан олороллор.

– Кинилэри тумнан ааһар кыах суох буолуо дуу?

– Ханан тумнаахтыаххытый? Чугаһынан атын аартык суох эбээт, арай инньэ Эбэ үрэҕинэн эргийэн, Абаҕанан киириэххит этэ да, оттон үгүстэрэ өссө онно олордохторо дии.

Этэрээт манна мустан сүбэлэһэр. Бары быһа киирэргэ сөбүлэһэллэр. Сахалартан талан инники отучча киһини ыыталлар. Бу дьону Сүөдэр Быладьыымарап салайар. Кини дьонугар шлемнэрин тиэрэ кэтэрдэр, сүүстэригэр үрүҥ өрбөҕү туора сыһыартарар.

Мыраантан түһэр суол төрдүгэр, аппаҕа олорор бандьыыттар, кыһыллар кэннибититтэн эрэ кэлиэхтэрэ диэн көһүппэтэх буоланнар, манна манабыллара суоҕа.

Сүөдэр дьонун мыраан үрдүгэр тохтотор. Хаар олох бараммыт этэ. Арай күлүк эрэ сиргэ, куобах суорҕаны онно-манна тиэрэ быраҕаттаабыт курдук, тобох хаардар туртаһан көстөллөр. Бандьыыттар олорор сирдэригэр маҥнай икки киһини урут түһэрэллэр.

Суол ойоҕоһугар, аппа иһигэр ампаардыы олуктаах дьиэ аттыгар уонтан тахса ат ыҥыырданан тураллар, аан аттыгар аҕыс-сэттэ саллаат олороллор.

– Бырааттар, дорооболоруҥ!

– Дорооболоруҥ, – диир биир киһи, атыттара, «эһиги кимнээхтэргитий?» диэбиттии, саҥата суох көрөн олороллор. – Хантан кэллигит?

– Ураһалаахтан.

– Ханна баран иһэҕитий? – били кинилэри кытта дорооболоспут бандьыыт ыйытар.

– Манна, эһиэхэ…

– Тоҕо? – соһуйбут курдук ыйытар.

– Билигин тойоммут манна кэлиэҕэ. Тоҕо кэлбиппитин кини этиэҕэ!

– Ол тойоҥҥут ханнаный?

– Бар, ыҥыран аҕал, – диир доҕоро аргыһыгар.

Иккис разведчик, атын эргитэ тардаат, дабааны өрө ыстаннарар.

Сүөдэр, кэлин иһэр сүрүн этэрээккэ киһи ыытан баран, дьонунуун оргууй соҕус хаамтаран мыраан түһүүтүнээҕи дьиэ аттыгар кэлэллэр.

Кинилэри манна олорор дьон тоҕо эрэ атыҥыраабыт курдук одуулаһаллар, сорохторо тураллар. Тугу да саҥарбакка, Сүөдэр атыттан түһэр. Атыттара эмиэ аттарыттан түһэллэр. Сааларын туппутунан дьиэ аттыгар олорор дьоҥҥо тиийэллэр. Дорооболоһон баран:

– Ким манна баар бары тахсыҥ, мустуҥ! Биллэрии аҕаллым, – диир Сүөдэр.

Бандьыыттар дьиэ таһыгар мусталлар.

– Бары муһуннугут дуо? – Сүөдэр ыйытар.

– Бары! – дэһэллэр.

– Илиигитин өрө уунуҥ! – разведчиктар бары сааларын уоһун бандьыыттар диэки туһаайбытынан тула эргийэн кэбиһэллэр.

– Оонньоомоҥ!.. Оонньуур кэм буолбатах! – диир били бастаан дорооболоспут бандьыыт саллаата.

– Чэ, оонньоон бүттүбүт, биһиги кыһылларбыт! – диир Сүөдэр.

Кыһыл этэрээт разведката бандьыыттар постарын сааларын, аттарын барытын ылар. Красноармеецтар сулустаах шлемнэрин көннөрүнэн кэтэллэр. Дьэ ол эрэ кэнниттэн бандьыыттар бу кэлбит дьон кырдьык кыһылларын итэҕэйэллэр. Бу икки ардыгар этэрээт сүрүн күүһэ эмиэ тиийэн кэлэр.

«Ыыталаатахпытына, бу дьон бэйэлэрин этэрээттэригэр баран тыллыахтара», – диэн сэрэнэн, постан туппут бандьыыттарын кыһыллар Слободаҕа илдьэ киллэрэргэ быһаараллар. Онтон: «Слободаҕа олорор дьоммутугар хайдах биллэрэбитий?» – диэн быһаарсыы буолар.

– Бары тоҕо анньан киирэн иһэрбитин көрдөхтөрүнэ, хайаан да буулдьанан көрсүөхтэрэ.

– Биир киһитэ киллэриэххэ. Кини биһиги киирэн иһэрбитин биллэрдин, – диир ким эрэ.

– Ити сөпкө этэр!

– Биир киһи киирэн иһэрин ытыалыахтара суоҕа!

– Табаарыстар, Гудзинскай мин билэр киһим, доҕорум. Мин киириим! – диир Сүөдэр.

– Кырдьык, билэр киһилэрэ киирэрэ ордук итэҕэллээх буолуо!

– Чэ, Сүөдэри!..

– Сүөдэр киирэрэ сөп-сөп!..

Сүөдэр атын миинэр. Сэмэнчик аҕатын сайыспыт курдук көрөн хаалар.

XI

Слобода бааһынайдара Советскай былаас олохтонорун үөрэ көрсүбүттэрэ. Билигин бу манна хаайтаран олорор Гудзинскай этэрээтин төһө күүстэрэ тиийэринэн өйүүллэр, кыһыл этэрээт манна кэлэн тохтоот, обороналанар сэриигэ бэлэмнэнэн, окуопа оҥостубута. Онно олохтоохтор үгүстэрэ көмөлөспүттэрэ. Онтон кыһыл этэрээт миинэн кэлбит аттарын аһатар ото суоҕун көрөн, ол аттары кыһыны быһа аһаттылар, этэрээт дьоно аһыыр аһынан тутайан бардахтарына, бурдугунан, үүтүнэн, арыынан көмөлөһө олороллор. Слобода ыччатын үксэ кыһыл этэрээт кэккэтигэр киирэн сылдьар. Амма олохтоохторун көмөтүнэн ити курдук Гудзинскай этэрээтэ быстарыыны билбэккэ кыстаата.

Слобода тула сир кырса көҕөрөн барда, кырдалларга ньургуһун сибэкки дьэрэкээн оһуор буолан бытыгыраан көстөр. Хаара хараарбыт бурдук бааһынатын үрдүнэн сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри күөрэгэй ыллаан дьырылыыр, салгыҥҥа илибирии ыйанар.

Имэҥнээх салгыннаах саас барахсан итинник сатыылаан эрэр бастакы бэлиэлэрин кэтэбилгэ көнньүөрэ көрө турбут байыас таҥара дьиэтин колокуонньатыттан:

– Дьокуускай аартыгынан биир ыҥыыр аттаах киһи көһүннэ! – диэн биллэрэр.

– Ханна барарын өссө кэтээ! – Гудзинскай бирикээстиир.

– Манна – Слободаҕа киирэн иһэр!

Гудзинскай үөһэ тахсан биноклунан көрөр.

– Ноо, красноармейскай шлемнээх дии! – Гудзинскай улаханнык дьиктиргиир. – Соҕотох буола-буола, хантан кэлбит красноармееһый?

– Баҕар, бандьыыттар биһигини албыннаары таҥныбыттара буолаарай? – Гудзинскай аттыгар турар байыас ыйытар.

– Соҕотох дии… Соҕотоҕун манна киирэн албыннаан тугу гыныаҕай?

– Оннугун оннук. Баҕар, биһигини кытта кэпсэтиннэрэ ыыппыт киһилэрэ буолуо.

– Баҕар, буолуо… Аны хотторбуттарын билэн, бэринэллэрин биллэрэ киирэн иһэрэ дуу? – Гудзинскай одуулаһар. – Мин киниэхэ утары барыым. – Гудзинскай түһэн, бэстилиэтин бэлэмнии туппутунан утары барар. Кэлэн иһэр киһиэхэ чугаһаан иһэн:

– Тохто-о! – диэн хаһыытыыр.

Аттаах киһи тохтуур. Ата биир сиргэ турбат, хонууга күөх от бытыгыраабытын кирээри, тула эргийэр.

Гудзинскай түргэн соҕустук хааман ыҥыыр аттаах киһиэхэ чугаһыыр. Онтон, тохтуу түһэн баран, эмискэ аттаах киһи диэки сүүрэр. Ыҥыыр аттаах киһи атыттан ыстанан түһэр. Иккиэн куустуһа түһэллэр.

Гудзинскай этэрээтин байыастара командирдара киһини көрсүбүт сиригэр сырсаллар.

Сүүрэн иһэн ким эрэ үөрүүтүгэр «ураа!» хаһыытыыр. Ону доҕотторо хабан ылаллар:

– Ур-р-а-а!.. Ур-р-а-а!

Дьоно сырсан тибигирэһэн тиийбиттэригэр:

– Якутскайтан дьоннорбут кэлбиттэр! – диир Гудзинскай.

– Федор?.. Бу эн дуо? – дии-дии, Надеждинскай бириискэҕэ 1912 сыллаахха үлэлээбит рабочай Сүөдэри билэ охсор.

– Мин!.. – эмиэ куустуһуу, уураһыы, үөрүү!..

* * *

Гудзинскай, Сүөдэр уонна Сэмэнчик бу түүн утуйбаттар. Маҥнай былыргыны ырытыһаллар, ааспыт олохторун ахтыһаллар.

– Федор, өйдүүр инигин били мин хаайыыга олорон эйиэхэ эппиппин?

Сүөдэр Сэмэнчиккэ, «мин тугу эттим этэй» диэбиттии, имнэнэн кэбиһэр уонна тугу даҕаны өйдөөбөтөх курдук:

– Тэрэппиин Өлөксүөйэбис, туох туһунан эппиккин ыйытарыҥ буолла? – дии-дии мичээрдиир.

– Хайаан даҕаны буруйбун боруостуом диирим буолбат дуо?

– Диир этиҥ…

– Федор, эппит тылбын, санаабыт санаабын толордум! Саха норуота Советскай былааска тиийэрин, бэйэтэ автономияланарын көрдүм!

– Трофим Алексеевич, эн көрбүт эрэ буолбатаххын, бэйэҥ кыттан аҕалыстыҥ, охсуһан ситистиҥ… Улахан баһыыба! – диир Сэмэнчик.

– Тугу гына манна олоробутуй? Таһырдьа тахсыаҕыҥ, ыраас салгынынан тыыныаҕыҥ! – Гудзинскай ойон турар.

Ыам ыйын маҥнайгы күнэ үүнэр түүнэ. Күн тахсара чугаһаабыт. Гудзинскайдаах, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ, уулусса устун хааман иһэллэр. Сотору Амма кытылыгар тиийэллэр. Өрүс мууһа, хобордоон, холбуллубут үүт аннын курдук көҕөрүмтүйэн сытар. Кытылга тиийэн тохтууллар. Гудзинскай уҥуоргу мырааны одуулаһар. Ол курдук балайда турбахтаан баран, Сэмэнчиктэн ыйытар:

– Эн, эдэр киһи, инники өттүгэр туох буолар, тугу гынар санаалааххыный?

– Табыллара буоллар, үөрэнэр баҕалаахпын.

– Да-а, бэрт сөпкө саныыр эбиккин! Билигин баайдар эрэ оҕолоро үөрэнэллэр ээ. Биһиэхэ бу эн курдуктар, уоттаах сэриигэ бэйэлэрэ кыттыыны ылбыттар, Советскай былаас иннигэр өлөллөрүн да кэрэйбэккэ охсуспуттар – олор үөрэнэллэрэ улахан наадалаах буолуо этэ… Ким билиэй, ол эрээри, баҕар, эмиэ да саппахтаах сарсыардалар кэллэхтэринэ көҥүллэрэ.

Сэмэнчик, дьиктиргээн, Гудзинскай диэки көрө түһэр.

– Маннык кыайыы-хотуу буолан истэҕинэ, аны оччо туох улахан куттала үөскүүр үһү?!

– Да-а, улахан куттал суоҕун суох, ол эрээри көрүөҥ, Семен, баҕар, аҕыйах сылынан бу билигин үөрэнэ сылдьар көлүөнэ баһылыыр кэмэ кэлиэ. Бу эн курдуктар, Советскай былаас иһин охсуһа сылдьан, үөрэммэккэ, кинилэртэн хаалан хаалыаххыт. Мин ол иһин этэбин ити. Кырдьыга, баай төрүттээх эрэ этибит диэн, Советскай былааһы үөрэхтээхтэр бары утарыахтара суоҕа гынан баран, кылаас охсуһуутун хайаан да үөрэхтээхтэр баһылыахтара. Эн эдэргин, олоҕу олоруоҥ, туох буоларын бэйэҥ көрүөҥ, бэйэҕинэн кыттыаҥ. Оччоҕо, баҕар: «Кырдьаҕас Гудзинскай, аҕам доҕоро, Амма өрүс кытылыгар туран 1922 сыллааҕы саас инньэ диэбитэ ээ», – дии саныаҕыҥ.

Сэмэнчик тугу да саҥарбат.

Амма өрүс уҥуоргу мыраанын кэтэҕиттэн сааскы күн сандааран, маһы-оту барытын көмүс аалыытынан дуйдаан тахсар.

– Күн тахсарын көрөрбүн олус таптыыбын, – диир Гудзинскай. – Былыр ыраахтааҕы хаайыытыгар олорон: «Оо, күн тахсарын көрбүт киһи баар ини!» – дии саныырым.

Киэҥ хочо хонуутун үрдүнэн күөрэгэй ыллаан дьырылыыр-дьурулуур. Кини бу тахсан эрэр ыраас күнү эҕэрдэлиир курдуга. Түүн халбарыйан, ыраах көстөр арҕаа мыраан кэтэҕин диэки тимирэн барар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации