Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 29

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 29 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
II

Коршунов, хоһугар таарыйбакка эрэ, быһа Александр Гавриловичка киирэр. Онно Курдюков исправник киирэн олорор эбит. Теппан уонна Курдюков кини киирбитин сөбүлээбэтэх курдук көрсөллөр. Коршунов, үөннээхтик мичээрдии-мичээрдии, исправникка илиитин уунар. Курдюков илиитин биэрбэт.

– Тойон Курдюков, тоҕо илиигин биэрбэккиний? – дии-дии Коршунов Курдюкову супту көрөр.

– Эн социалискын, мин ыраахтааҕыга сулууспалыыбын. Биһиги суолбут тус-туспа: эн рабочайдаргын кытта сырыт, мин монархым иннигэр өлүөм!

– «и-һи! – Коршунов күлэр. – Хайабыт монарх коронатыгар ордук бэриниилээҕэ өссө биллибэт.

Коршунов таайтара эппититтэн Курдюков уонна Теппан дьиксинэ түһэллэр.

– Батенька, эн этиигин хайдах өйдүөххэ сөбүй? – Курдюков ыйытар.

Коршунов, саҥата суох ис сиэбиттэн эмиэ били хара саппыйаан тастаах киниискэтин таһааран: «Мэйиҥ, сыллаан көрүҥ!» – диэбиттии, муннуларын анныгар үҥүлүтэлээн баран, кистии уктар.

Исправник уолуйар. Ойон турар, чиркэс гынан чиэс биэрэр. Александр Гаврилович, уҥа илиитинэн сүрэҕин туһун саба туттан туран, ымайа-ымайа, төҥкөҥнүүр:

– Бырастыы гын… Тойон инженер… А-а, Константин Николаевич… Билиминэ… Аан бастакыттан ситинтэн саҕалыах этиҥ буоллаҕа дии…

Исправник, утаа соҕус чиэс биэрэн чиркэйэн турбахтаан баран, Коршунов истээх сонун устан эрэрин көрөн:

– Баһаалыста, тойон… Э-э, Константин Николаевич, мин көмөлөһүүм, – диэт, лакей курдук ойон кэлэн, Коршунов сонун устарыгар көмөлөһөр. – Баһаалыста, манна олор!

Коршунов олорор. Исправник да, Теппан да кини тугу этэрин саҥата суох күүтэллэр.

– Тойон исправник, забастовканы салайар стачком чилиэннэрин биллиҥ дуо? – диэн Коршунов доппуруостаан эрэрдии ыйытар.

– «э-һэ, бырастыы гын, тойон… Таайынай… Ээ, тойон инженер… Хайдах ааттыахпын да билбэппин… – дии-дии Курдюков тэпсэҥэлиир. – Стачкомнарыгар кимнээх баалларын билэ иликпит… Билэрбит буоллар…

– Тугу сатыыргыт, тугу билэргит иһин государь хааһынатыттан харчыны сии олороргут буолла?! – Коршунов бардьыгыныыр.

– Билэр кыаҕым суох, тойон…

Коршунов саҥата суох сиэбиттэн лоскуй кумааҕыны Курдюков иннигэр быраҕар.

– Көрдүү сатыыр стачкомҥут испииһэгэ ити баар!

Исправник, тыҥырахтаах көтөр курдук, кумааҕы үрдүгэр түһэр. Александр Гаврилович, моонньун уһата сатыы-сатыы, эмиэ кумааҕыны одуулаһар.

Курдюков, ким эрэ истиэ диэбиттии бэркэ сэрэнэн, аргыый аҕай испииһэги ааҕар:

– «Иван Быков – Андреевскай бириискэттэн, Федор Зеленов – Пророк-Ильинскэйтэн, Трошка Алмазов – Надеждинскай бириискэттэн, Владимиров – саха, мас кэрдээччи сахалары кытта сибээстээх».

– Тойон таайынай… Константин Николаевич, бу… Владимиров «саха» диэн суруллубут… Ити ханна олорор саханый, аата ким диэн буолуой? – Курдюков бэркэ толлубут курдук туттан туран ыйытар.

– Саатар, ыстаан баран, айаххар уган биэрбити сатаан ыйыстыбаккын дуо?!

– Мин кинилэри субу түүн хаайталыам!

– Сэттис бараах хоту өттүгэр туспа турар кыракый дьиэҕэ олорор, – диир Коршунов бэркэ билэрдии.

– Истэбин, тойон таайынай…

Коршунов сөбүлээбэтэхтии көрбүтүгэр, Курдюков ах барар.

– Умун таайынай полицияны!.. Өскөтө ханна эмэ таайынай полицияны ахтыаҥ, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар! – дии-дии Коршунов тахсан барар.

* * *

Маайа ааны тоҥсуйар тыастан уһуктар. Соһуйбутуттан эбитэ дуу, хайдаҕа дуу, уҥуох уҥуохтара барыта халыр босхо барар.

– Сүөдээр, уһугун эрэ, ааммытын тоҥсуйаллар, – Маайа кэргэнин уһугуннараары анньыалыыр.

Кэлбит дьон туох да бокуойа суох ааны саа луоһунан тоҥсуйан кибиргэтэн бараллар. Мэктиэтигэр, дьиэ истиэнэтэ кытта титирэстиир, түннүктэрин тааһа лыҥкыныыр.

– Сүөдээр, истэҕин дуо, ааммытын тоҥсуйаллар дии! – диэбитинэн Маайа суорҕанын арыйа баттыыр.

– Тоҥсуйаллар да-а? – Сүөдэр олоро түһэр.

– Ийэ-э! – диэн аны Сэмэнчик айдааран уһуктар.

Сүөдэр дьэ уһуктан ойон туран ааныгар тиийэр. Таһыттан ааны алдьатыах курдук тоҥсуйаллар, тардыалыыллар.

– Кимҥиний? – Сүөдэр, аан хатыырын аспакка туран, ыйытар.

– Ааҥҥын ас!

– Утуйа сытабыт, түүн…

– Полиция!.. Бэрэбиэркэ!

Полиция бэрэбиэркэлии кэлбитин кэннэ Сүөдэр аанын аспат бэйэлээх буолуо дуо?! Оронун аттыгар кэлэн ыстаанын кэтэ сатыы турдаҕына, хоһун иһэ саалаах дьонунан туолар. Тюменцев үрээнньик испиискэни уматан сырдатан көрөр. Куттанан суорҕанынан бүрүнэ сытар Сэмэнчиктэн, Маайаттан уонна Сүөдэртэн ураты киһи баара көстүбэт.

Сүөдэр остуолга турар чүмэчитин тобоҕун уматар. «Бэрэбиэркэлии кэлбит дьон, туора киһи ким даҕаны суоҕун көрөн, сотору тахсыахтара» диэн иһигэр эрэх-турах саныыр. Маайа оронугар сытан бу түүҥҥү ыалдьыттар хас хамсаныыларын кэтиир.

Тюменцев суолтатыгар дьиэ иһин эргийэ хааман, ону-маны туппахтаан көрөн баран, Сүөдэртэн ыйытар:

– Аатыҥ?

– Сүөдэр.

– Араспаанньаҥ?

– Быладьыымарап.

– Таҥын!

– Ханна илдьэҕитий?

– Учаастакка.

Сүөдэр, тэҥнэһиэ дуо, таҥнан барар. Таҥна туран, хараҕын Маайаттан араарбат. Дьиэ иһэ төһө да хараҥатын иһин Маайа сирэйэ кубарыйан хаалбыта көстөр. «Тугу эрэ ыйытаары учаастакка илдьэллэр ини», – диэн Сүөдэр иһигэр холку соҕус.

– Түргэнник таҥын! – диэн Тюменцев ыксатар.

Сүөдэр сыыһа-халты таҥнан бүтэр.

– Өр тутар буоллаххытына, кэргэттэрбин кытта быраһаайдаһыа этим… Өр туппат инигит?

– Өр буоларыҥ буолуо, – диир Тюменцев.

Сүөдэр сүрэҕэ күүскэ мөхсөн, этэ-хаана барыта итийэ түһэргэ дылы буолар. «Тугу оҥордо диэн туттахтарай?» – диэн санаа кини өйүттэн тахсыбат.

Сүөдэр, аат эрэ харата хамсаан, Маайаҕа кэлэр. Ытаары ыксаан олорор Маайатын төбөтүн имэрийэр:

– Айманыма… доҕоччугуом. Туох эрэ алҕаска туталлар быһыылаах. Сотору кэлиэм… Таһаарыахтара буоллаҕа дии, – диэн уоскутан көрөр.

Маайа кэргэнин моонньугар иилистэ түһэр.

– һуой!.. – диэн уһуутаат, ытаан барар.

Ийэтэ ытаабытыттан Сэмэнчик тулуйбат. Кини эмиэ ытаан марылыы-марылыы, аҕатын кууспахтыыр… Саалаах казактар диэки, уоһун сөттөччү туттан, ытаабыт-соҥообут хараҕынан өһүөмньүлээхтик көрөр. Тюменцев кэлэн Сүөдэри санныгар анньыалыыр, «Чэ, бырастыылаһан бүтэ оҕус!» – диэн тиэтэтэр. Сэмэнчик, ытаан марылыы-марылыы, Тюменцевы сутуругун дуомунан охсумахтыыр. Охсон да хотуппатыттан, кыратыттан, күүһэ суоҕуттан абаккаран, өссө күүскэ ытаан марылыыр.

Сүөдэрдээх Маайа куустуһан баран тураллар. Кинилэр арахсыахтарын баҕарбаттар. Казактар кэлэннэр Сүөдэри араара тардаллар.

– Эйигинэ суох биһиги хайдах дьон буолабытый? – дии-дии Маайа өссө эбии ытаан барар.

– Мин тугу даҕаны оҥорбуппун билбэппин… Алҕаска ини, – диэн хаһыытаппытынан Сүөдэри казактар түҥ-таҥ тутан илдьэ тахсаллар.

Маайа, кэргэнин батыһан тахсыах курдук, икки илиитин ууммутунан аанын диэки бараары гыммытыгар, оҕото Сэмэнчик кэлэн атаҕын кууһа түһэр. Дьахтар оҕотун көтөҕөн ылар, сүрэҕэр ыга тутар.

– Аҕабытын тоҕо туттулар?.. Эн биһиги аны хайдах ыал буолабыт? – дии-дии Маайа оҕотун көтөхпүтүнэн оронугар олорон ытыыр. Сэмэнчик, өрө сыҥсыйа-сыҥсыйа, ийэтин хараҕын уутун кыракый ытыһынан сото сатыыр.

* * *

Курдюков исправник «стачкомнарын дьоно хайдах эрэ буоллулар» диэн кутталлаах политическай преступнигы көрөөрү оҥостон олордоҕуна, Тюменцевтаах ханнык эрэ саха киһитин киллэрэллэр.

– Тойон исправник, Федор Владимировы тутан аҕаллыбыт, – диэн Тюменцев арааппардыыр.

Исправник туран Сүөдэри тула хааман баран, остуол аттыгар дьоһуннанан олорор.

– Араспаанньаҥ чахчы Владимиров дуо?

– Быладьыымараппын.

– Сэттис бараах хоту өттүгэр туспа дьиэҕэ олороҕун дуо?

– Онно.

– Эйигиттэн ураты онно өссө ким олороруй?

– Кэргэним… уонна оҕом…

«Чахчы Коршунов ыйбыт киһитэ!» – диэн Курдюков быһаарар. Кырдьыга, Сүөдэри бастаан киллэрбиттэригэр ама бу кини маннык көрүҥнээх киһи тыһыынчанан нуучча рабочайдарын забастовкаларын салайара буолуо дуо, аны алҕас атын киһини аҕалбыттара буолаарай диэн саарбахтыы санаабыта.

– Дьэ, тойон стачком, эт эрэ, эйигин кытта стачкомҥутугар өссө кимнээх баалларый?

– Мин стачкомнара диэни билбэппин… Кимнээх даҕаны онно баалларын билбэппин.

– Билбэппин! Ол-бу буолан кубулунума. Доҕотторгун сип-сибилигин тутан аҕалтыахтара, оччоҕо син биир билэттииргэр тиийиэҥ! Эрдэтинэ бэйэҥ билин!

– Суох, мин тугу даҕаны билбэппин…

Таһырдьа дьон атаҕын тыаһа иһиллэр. Трофим Алмазовы тутан киллэрэллэр. Модьу-таҕа көрүҥнээх, туора барбыт хап-хара бытыктаах казак Курдюковка дакылааттыыр:

– Тойон исправник, бирикээһи толордубут, сэттис бараахха олорор Трофим Алмазовы тутан аҕаллыбыт!

Курдюков тугу даҕаны саҥарбат. Сүөдэр икки Трошка икки сирэйдэрин одуулаһар.

– Бу киһини билэҕин дуо? – диэн кини Сүөдэртэн ыйытар.

– Билэбин.

– Мин эппэтэҕим дуо, доҕотторгун, аҕалтаатахпытына, билитэлиэҥ диэн? – Курдюков бу саха киһитэ чахчы стачком чилиэнэ буоларын дьэ бигэтик итэҕэйдэ.

– Тойон исправник, сыыһа өйдөөтүҥ… Кини миэхэ туох даҕаны сыһыана суох, көннөрү билэрин эрэ этэр, – диэн Алмазов Сүөдэри быыһаары көмүскэһэр.

– Тойон политик, эйигиттэн ыйыттахпына, оччоҕо саҥараар! – диэн исправник кинини саба күргүйдээн кэбиһэр.

Бу түүн Коршунов биэрбит испииһэгинэн түөрт киһини төрдүөннэрин тутан хаайаллар.

* * *

Исправник Курдюков стачком чилиэннэрэ диэн хаайталаабыт дьонун бэйэтэ доппуруостааһынын саҕалыыр. Аан бастаан, «саха киһитэ куттас буолуо» диэн, Сүөдэри ыҥыртарар.

Курдюков Сүөдэри, уруккуттан билсэр киһитин көрсүбүт курдук, күлэн ымайан тоһуйар.

– Олор, баһаалыста… Табахсыккын дуо?.. Суох?.. Мин сахалартан табахсыта суох киһини эйигин эрэ көрүстүм… Туох кэргэттэрдээххиний?.. А-а, оҕолооххун? Уол!.. Үчүгэй… Кэргэннээххин?.. Бэйэ-бэйэҕитин таптаһаҕыт?.. Үчүгэй… – диэн исправник тойон Сүөдэри кытта доппуруоска маарыннаабаттык бэрт үчүгэйдик кэпсэтэн, сэлэһэн барар.

– Төһө үөрэхтээххиний? – диэн били кэпсэтэ олорбутун кубулуппакка исправник Сүөдэртэн ыйытар.

– Үөрэҕим суох.

– Хантан оччоҕо бу курдук нууччалыы билэҕиний?

– Нууччалар ортолоругар сылдьан.

– Даа?.. Үөрэхтээх буолуо дии санаабытым.

– Баай ыал хамначчыта этим… Биһигинньиктэр үөрэммэттэр.

Курдюков тохтуу түһэр. Табаах тардар.

– Да-а, эйигин, үөрэҕэ суох саханы, политиктар куһаҕан суолга кучуйбуттар, – диир кини Сүөдэри улаханнык аһыммыт куолаһынан.

– Тойон ыспараанньык, миигин ким даҕаны, туохха даҕаны кучуйа илик… Ити алҕас… Ким эрэ сымыйалаабытыгар миигин хаайдыгыт… Мин политиктары кытта билсибэппин. Стачкомҥа…

– Бэйи, тохтоо! – диэн Курдюков Сүөдэри саба саҥарар. – Стачкомҥа хаайыллыбыт дьонтон ураты кимнээх баалларын эттэххинэ, үөрэҕэ суоххун, сахаҕын аахсан туран, мин эйигин букатын босхолуом, оччоҕо эн бу дьыалаҕа туоһу эрэ быһыытынан сылдьыаҥ.

– Тойон ыспыраанньык, ол стачкомнара да диэн баарын билбэппин уонна кимнээх онно сылдьалларын хантан билэн этиэхпиний?

– Эн куттаныма, суукка туоһу эрэ быһыытынан сылдьыаҥ, – Курдюков тылыгар киллэрэ сатыыр.

– Билбэппин ээ, – Сүөдэр итинтэн атыны тугу да кыайан булан эппэт.

– Дьэ сөп, баҕар, билимэ даҕаны. Кинилэр эйигиттэн стачком сорох чилиэннэрин кистээбит даҕаны буоллуннар… Оттон биһиги хаайбыт дьоннорбутун: Алмазовы, Зеленовы уонна Быковы баҕас билитэлиир инигин?

– Мин соҕотох Трофим Алмазовы эрэ билэбин…

– Аа, Алмазов стачком салайааччыта этэ дуо?

– Кини стачкомҥа баарын билбэппин, – диир Сүөдэр Курдюков тылыттан иилэ хабан ылаары гыммытыттан ыксаан.

– Эн стачкомҥа бааргын биһиги бэрт үчүгэйдик билэбит. Эн ыраахтан сылдьаргын, кэргэннээххин, оҕолооххун аһына санааммын, өйдөтө сатаан кэбистим… Сарсыҥҥа диэри мин тугу эппиппин барытын ыараҥнатан, ыйаан көр, баҕар, өйдөнүөҥ, – диэн баран исправник Сүөдэри хаайыытыгар төттөрү атаарар.

Сүөдэри төннөөтүн кытта Алмазов, Быков уонна Зеленов буолан тула көтө түһэллэр:

– Ким доппуруостаата?

Сүөдэр Курдюков исправник кинини хайдах көрсүбүтүн, тугу кэпсэппитин барытын сиһилии этэн биэрэр.

Алмазовтаах арбы-сарбы буолаллар. Кини сирэйин таба көрбөттөр. Сүөдэр дьоно тоҕо маннык кэри-куру буолбуттарын өйдөөбөт. «Мин доппуруоска тугу сыыһа эппит муҥмунуй?» – диэн өйдүү сатыыр. Суох, бу дьону уган биэрэр тылы эппэтэҕэ.

Утаа соҕус саҥата суох олорбохтоон баран, Трошка кэлэн илиитин Сүөдэр санныгар уурар:

– Федор, эн хаайыллыбыккар мин буруйдаахпын…

Сүөдэр истибитин кулгааҕа итэҕэйбэт. «Суох, алҕас иһиттим дуу, тугуй? Трошка миигин тоҕо хаайтарыай?»

– Миигин хаайбыттарыгар эн туох буруйдаах буолуоххунуй? Кинилэр стачкому көрдүүллэр, «Эн стачкомҥа баарыҥ», – дии-дии миигин доппуруостууллар…

– Федор, иһит мин этэрбин, – Трофим Алмазов Сүөдэргэ туох-ханнык буолбутун быһааран кэпсиир. – Дьэ, билигин миигин хайдах баҕарар сууттаа. Эн көҥүлүҥ. Мин эн иннигэр улахан буруйдаахпын.

Сүөдэр, тугу да диэҕин булбакка, санаарҕаан олорор. Аны кини аттыгар Иван Быков кэлэр.

– Федор, иһит биһигини… Исправник тойон «туоһу буол!» диэн хаайдаҕына – сөбүлэс… Биһиги эйигин, туох даҕаны кыттыгаһа суох киһини, хаайтардыбыт… «Бу дьон, кырдьык, стачкомҥа бааллара», – диэн кэрэһиттээ. Биһигини син биир сууттуулларын сууттуохтара. Ол оннугар эн быыһаныаҥ!

– Кырдьык, сөбүлэс, Федор! – дии-дии аны Зеленов тула көтөр.

– Кэбис, мин төһө даҕаны хаайыыттан тахсыахпын баҕарбытым иһин, эһигини уган биэрэрим сатаммат, ол кэриэтэ бука бары бииргэ куустуспутунан сылдьыахпыт, – диир Сүөдэр кытаанахтык.

Трофим Алмазов Сүөдэри кууһан ылар:

– Коршунов кимин билээрибин эйигин эрэйгэ тэппиппин, бука диэн, бырастыы гын! Билигин рабочайдар Коршунов кимин билиэхтэрэ!

III

Теппан, бириискэлэр тойотторун кытта сүбэлэһэн баран, рабочайдарга маннык биллэриини таһаарар:

«Икки хонук иһинэн үлэҕэ тахсыбыт рабочайы хамнаһын уруккутааҕар сүүрбэ бырыһыан үрдэтиллэр, Табаарыстыба лааппыларыттан аһы, таҥаһы дэлэйдик бэриллэр. Бу кэм иһигэр үлэҕэ тахсыбатах рабочайдары, хойут көрдөспүттэрин да иһин, үлэҕэ ылбакка. «Лена Голдфилдс» кинилэр оннуларыгар атын сиртэн рабочайдары наймылаһан аҕалыаҕа».

Ити биллэриини рабочайдарга ааҕан иһитиннэрэллэр, хас бараах аанын аайы сыһыараллар.

Бу күннэргэ хас бараах, дьиэ аайы ыһыылаах-хаһыылаах мунньахтар буолуталыыллар. Сорохтор Табаарыстыба салалтата рабочайдар модьуурдарын барытын ситэ толоро илигинэ үлэҕэ тахсыбакка этэллэр. Сорохтор, манна саҥа кэлэн үлэлээн эрэр бааһынайдар, үлэҕэ тахсарга этэллэр.

Бу күннэргэ стачком салалтата, большевиктар рабочайдар ортолоругар бэрт үгүс мунньахтары, сүбэлэһиини тэрийэллэр. Ол мунньахтар эҥин араастык ааттанан ыытыллаллар: ардыгар «бараахтар ыстаарысталарын мунньаҕа» диэн, ардыгар «кырдьаҕас рабочайдар сүбэ мунньахтара» диэн.

Иван Волошин, Петр Баташов, Иван Кудрявцев, онтон да атын большевиктар бириискэлэр аайы сылдьаллар, өйдөтөр үлэни ыыталлар.

– Биһиги күүспүт – биир сомоҕобутугар! Биһиги түмсүүлээх, тэриллиилээх буоллахпытына эрэ сыалбытын ситиһиэхпит, – дииллэр кинилэр.

Рабочайдар «забастовка фондата» диэн хаасса астылар. Ол хаассаҕа Тайҕа рабочайдарыттан эрэ буолбакка, атын куораттар рабочайдарыттан эмиэ харчы киирэр. Бэл кыраныысса таһыттан тиийэ кэлитэлиир. Бу хаасса, стачком быһаарыытынан, ордук наадыйар рабочайдарга көмөлөһөр.

Табаарыстыба болдьообут кэмэ ааһар. Ким даҕаны үлэҕэ тахсыбат.

Тойоттор эмиэ мусталлар, сүбэлэһэллэр. Ол түмүгэр быһаччы дьаһалы ыларга быһаарсаллар.

«Лена бириискэлэригэр атын дойдулартан рабочайдарда ыытыҥ», – диэн телеграмма Лондоҥҥа охсуллар.

«Ленаҕа забастовкалыыр рабочайдары үлэттэн ууратабыт, олорор бараахтарыттан таһаартыыбыт» диэн телеграмма Петербурга Белозеровка ыытыллар.

Нөҥүө күнүгэр Лондонтан тойон Ролькертан депеша туталлар:

«Хотугу Китайтан уонна Кореяттан уон тыһыынча рабочайы хомуйарга дьаһал бэрилиннэ. Үлэлээбэт рабочайдары олорор дьиэлэриттэн таһаартааҥ, Китайтан, Кореяттан кэлэр дьоннор олорор сирдэрин бэлэмнээҥ».

Бу кэнниттэн аны иккис телеграмма Петербуртан Белозеровтан кэлэр:

«Лондонтан биллэрэллэринэн, Китайтан уонна Кореяттан рабочайдары хомуйаллар. Бууннааччылары харыстаамаҥ, бары кытаанах дьаһалы туттуҥ».

Теппан, бу телеграммалары тутаат, «Лена Голдфилдс» тойотторун хомуйар, Курдюков исправнигы, Оленников полицмейстеры уонна Трещенков ротмистры ыҥыртыыр.

Ким-хайа иннинэ Оленников полицмейстер кэлэр. Кини Теппаны кытта илии тутуһар, үөрбүт-көппүт куолаһынан этэр:

– Александр Гаврилович, бүгүн хайдах курдук ыраас, чаҕылхай күнүй?! Кэрэ кэм, саас кэлэн иһэр!

– Эйиэхэ, баҕар, ыраас, чаҕылхай буолуо, оттон миэхэ күн хараҥаран иһэр, – диэн Теппан хардарар.

Ыҥырыллыбыт дьон бары мунньустубуттарын кэннэ телеграммаларын ааҕан иһитиннэрэр уонна:

– Тойоттор, санааҕытын этиҥ, – диэн көрдөһөр.

– Биһиги санаабыт диэн… Телеграммаҕа бэрт сөпкө этиллэр: «Бууннааччылары харыстаамаҥ, бары кытаанах дьаһалы барытын туттуҥ», – диэн. Кинилэр биһигини забастовканан кыһайаллар, биһиги кинилэри кыс хаар ортото бараахтартан үүртэлээн таһаартыаҕыҥ, – диэн Оленников этии киллэрэр.

Итини истэн, Теппан ойон турар:

– Бүгүн хас бараах аанын аайы биллэриини сыһыарыахпыт: «Үлэҕэ тахсыбатах рабочайдар оннуларыгар саҥа дьон кэлэллэр, онон үлэлээбэт рабочайдар олорор миэстэлэрин саҥа кэлэр рабочайдарга бэриллэр. Ол миэстэлэри үс хонук иһигэр босхолонуллуохтаах», – диэн.

Киэһэ хас бараах аанын аайы суорҕан быһаҕаһын саҕа улахан биллэриилэри бэчээттээн ыйаталыыллар. Рабочайдар, ону ааҕа-ааҕа, айманаллар, абаккараллар.

Дьон ити курдук аймана олордоҕуна Коршунов киирэр. Кинини көрөөт, дьон күүгүнэһэ түһэллэр:

– Үтүө санаалаах тойоммут, бараахтан үүртэлиибит диэбиттэр. Биһиги ол ханна барабытый?

– Кытаанах суол, – диир Константин Николаевич санааҕа түспүттүү. – Табаарыстыба салалтата: «Үлэлээбэт дьон оннугар атын рабочайдары наймылаһан аҕалабыт», – диэн биллэрбит. Ол дьон ханна эмэ олоруохтарын эмиэ наада… Балаһыанньа оннук… Ол эрээри…

– Баһаалыста, үтүө санаалаах тойоммут, абыраа… Саатар кыра оҕолоох дьону тыыппатыннар! – дэһэн рабочайдар көрдөһөллөр.

– Тылбын ылыннара сатыам… Ол гынан баран Табаарыстыба салалтата миигин куруутун сэмэлиир: «Эн тылгын биһиги мэлдьи ылынабыт, оттон рабочайдар эйигин кытта аахсыбаттар», – диэн. Мин итинтэн кыбыстабын… Баҕар, ылыныахтара суоҕа. Арай эһиги мин биир суол көрдөһүүбүн ылынаргыт буоллар, хайыахтара эбитэ буолла? – Коршунов пенснетин соппохтуур.

– Үтүө тойоммут, тугу биһиэхэ оҥоттороору гынаҕыный? – Мефодий оҕонньор сэргиир.

– Чугастааҕы бараахха олорор рабочайдары барыларын манна ыҥырыҥ, мин эһиэхэ биир суолу өйдөтүөхпүн баҕарабын, – диир Коршунов.

Бэрт сотору бараах иһигэр баппат үгүс киһи мустар. Коршунов наара үрдүгэр ыттар:

– Братцы! Эһиги үлэҕэ тахсыҥ, өсөһүмэҥ… Өскөтө үлэҕитигэр тахсыбат буоллаххытына, эһиги оннугутугар Китайтан уонна Кореяттан рабочайдары аҕалыахтара. Оннук кэпсэтии билигин бара турар…

Думпе меньшевик олоппос үрдүгэр ойон тахсар:

– Братцы! – диэн кини Коршунову үтүктүбүт курдук хаһыытыыр. – Биһиги бачча өр забастовкалаатыбыт… Табаарыстыба салалтата, толору даҕаны буолбатар, биһиги модьуурбутун ылыныа. Биллэн турар, биһиги муҥутуур улахан модьуурбутун ситиһэрбит ыраах… Ол инники турар сорук. Сарсын үлэҕэ тахсыаҕыҥ!

Дьон санаата булкуллар, хайдыһаллар. Сорохтор үлэҕэ тахсарга сөбүлэһэллэр, сорохтор буолбаттар. Коршунов, санаатын ситиһэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан турдаҕына, Маайа кэлэр.

– Үтүө тойон, – диэн кини Коршуновтан көрдөһөр, – мин кэргэммин, туох да үөрэҕэ суох киһини, хаайан олордоллор… Баһаалыста, тылгын тиэрт, босхолот.

– Араспаанньата? – диэн Коршунов ыйытар.

– Сүөдэр Быладьыымарап.

– Владимиров?!

Коршунов, соһуйбут курдук, дьигис гынан ылар. Бу киһини кини туттарбыта. Ол аата, бу стачком чилиэнин кэргэнэ кэлэн кэпсэтэ турар эбит.

– Эн кэргэҥҥин босхолууру, босхолооботу полиция билэр. Мин итиннэ тугунан да көмөлөһөр кыаҕым суох, – дии-дии Коршунов ытыһын нэлэтэр.

– Оччоҕо, саатар, көрсүһэрбин көҥүллээ, – Маайа ытаан барар. Коршунов, дьахтар ытыырын көрөн аһыммыта эбитэ дуу, биитэр «үтүө сүрэхтээх» аатыраары гыммыта эбитэ дуу, Маайаҕа кыракый саппыысканы суруйан биэрэр:

– Маны илдьэ полицейскай учаастакка тиий. Көрсүһүннэриҥ диэн көрдөстүм.

Маайа, үрүт-үрдүгэр баһыыбалаат, дьиэтигэр тэбинэр. Рабочайдар Маайаҕа инженер саппыыска суруйан биэрбитин бэркэ сэҥээрэ көрөллөр. Коршунов, дьиҥэ, итини даҕаны ситиһээри Маайа көрдөһүүтүн ылыммыта.

Маайа Сэмэнчигин илдьэ полицейскай учаастакка барар. Киирбитэ – Тюменцев үрээнньик олорор эбит. Маайа туох да саҥата суох Коршунов биэрбит саппыыскатын уунар. Тюменцев саппыысканы ылан ааҕар уонна:

– Суох, кырасаабысса, хаайыылааҕы кытта көрүһүннэрэр кыаҕым суох, – диир.

– Тоҕо?

– Полицмейстер тойон көҥүллээтэҕинэ эрэ…

Быстыа дуо, Маайа, оҕотун батыһыннаран, Оленников тойон олорор дьиэтигэр барар. Полицмейстер Коршунов саппыыскатын ылан ааҕар уонна саппыыска биир муннугар тугу эрэ суруйан бачахайдаан баран төннөрөр:

– Тюменцевка!

Маайа эмиэ учаастакка кэлэр. Тюменцев тойоно саппыыска муннугар суруйбутун көрөн баран:

– Тохтоо. Итиннэ олор! – диир.

Маайа үрээнньик тойон ыйбыт ыскаамыйатыгар олорор. Үрээнньик көрүдүөрүнэн иһирдьэ киирэр. Маайа хараҕын көрүдүөр ааныттан араарбат. Кини Сүөдэр хайдах туттан тахсарын, оҕотун көрөн үөрэрин кэтэһэн олорор. Кэтэспит санаатыгар өр буолар. Киһи атаҕын тыаһа ааҥҥа кэлэр. «Дьэ, сибилигин Сүөдэрбин көрөбүн», – диэн Маайа сүрэҕэ күүскэ тэбиэлиир.

Аан аһыллар. Суох, Сүөдэр буолбатах эбит. Тюменцев үрээнньик соҕотоҕун тахсар уонна:

– Кэл, киир манна, – дии-дии көрүдүөр аанын аһар.

Маайа сүрэҕэ өрө мөхсө түһэр. «Бу тугуй? Аны миигин хаайа киллэрэр дуу?» – диэх курдук санаан ыксыыр, сүһүөхтэрэ босхо бараллар. Оҕотун көтөҕөн иһэн сиргэ түһэрэр. «Ити киһи мин куттаммыппын көрбөтөр ханнык», – дии саныы-саныы Маайа, Сэмэнчиги илиититтэн сиэтэн, Тюменцев аспыт аанынан киирэр. Ол хоско тимир эрэһээҥки быыс баар. Эрэһээҥки анараа өттүгэр Сүөдэр, кини Сүөдэрэ, көстөр. Сүөдэр икки өттүгэр саалаах харабыллар тураллар. Маайа эрэһээҥкигэ тиийэ охсоору хардыытын кэҥэтэ, хаамыытын түргэтэтэ сатыыр да, атахтара кыаһыламмыт курдуктар. Маайа эрэһээҥкигэ иҥнэ түһэр. Өйдөөн көрбүтэ: Сүөдэрин хаана кубарыйбыт, ииммит-хаппыт курдук буолбут.

Сүөдэрдээх Маайа бастаан утаа, тугу даҕаны булан кэпсэтэр кыахтара суох курдук, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн саҥата суох тураллар. Ол курдук турбахтаан баран:

– Маайа, оҕоҕун үчүгэйдик көр, – диир Сүөдэр бөппүт, кэһиэҕирбит куолаһынан.

– Эйигин төһө өр тутууһуктарый? – Маайа ыйытар.

– Нууччалыы!.. Нууччалыы эрэ кэпсэтэргит көҥүллэнэр! – надзиратель күргүйдүүр.

– Кэргэним үөрэҕэ суох… Нууччалыы билбэт, – диир Сүөдэр.

– Оччоҕо кэпсэтэргит бобуллар… Камераҕа бар! – надзиратель Сүөдэри эрэһээҥкиттэн антах үтүрүйэр.

Маайа ыксыыр. Ити көрсүһүү кэпсэтии ааттаныа дуо?! Сүөдэр хараҕа киниттэн арахпат. Надзиратель үтүрүйэн ыраатыннаран барар.

– Иһит, «Элиэ» таҥнарааччы… Рабочайдарга ону… – Сүөдэри ситэ саҥардыбакка ааны сабаллар.

Маайа ытыы-ытыы учаастактан тахсар. «Саатар, туохха наадыйарын ыйыппатым!» – диэн бэйэтин сэмэлэнэр. Эмиэ оҕотун сиэтэн, икки хараҕын үүтэ көстүбэт буолан, дьиэтин диэки барар. Сэттис бараах аттыгар биир киһи кинини ситэр.

– Эн хаайыллыбыт Владимиров кэргэнэҕин дуо? – диэн ыйытар.

– Кини кэргэнэбин… Ону тоҕо ыйыттыҥ? – Маайа куттаммыт курдук көрөр.

– Миигиттэн куттаныма… Мин электростанция слесарабын, рабочайбын… Аатым Иван Волошин диэн… Кэргэҥҥин кытта көрүһүннэрдилэр дуо?

– Көрүһүннэрбэтилэр даҕаны диэххэ сөп… Нууччалыы кэпсэппэккит диэн… – Маайа ытаан барар.

– Ытаама… Кытаатан тулуйа сатаа… Кэргэниҥ тугу даҕаны эппэтэ дуо?

– Суох, тугу этиэхтээх этэй?

– Баҕар… Тугу эрэ эппитэ, илдьиттээбитэ буолуо диэн ыйытабын… Итиннэ туох даҕаны куһаҕана суох.

Маайа кэргэнэ Сүөдэр тугу саҥарбытын барытын өйдүү сатыыр. Саҥаран даҕаны диэн, икки-үс эрэ тылы эппитэ: «Оҕоҕун харыстаа» уонна туох диэтэ этэй?.. Илдьэ баран истэхтэринэ… Өстүбэһи даҕаны: «Элиэ»… таҥнарааччы, ону рабочайдарга…» – диэн эрдэҕинэ, ситэ этиппэтэхтэрэ. «Бу киһиэхэ итини кэпсиир сөп буолуо дуо?» – диэн Маайа саарбаҕалыы саныыр.

– Илдьэ баран эрдэхтэринэ: «Элиэ» таҥнарааччы… рабочайдарга ону…» – эрэ диэбитин истибитим.

– «Коршунов таҥнарааччы… ону рабочайдарга…» Сөп-сөп! Улахан баһыыба! – диэн Волошин ботугуруур. – Аныгы көрсүһүүгэр, сатанар буоллаҕына, ити туһунан үчүгэйдик сиһилии ыйытаар эрэ.

Коршунов провокатора билигин чахчы билиннэ. Волошиннаах ону рабочайдарга быһааран кэпсии сатыыллар да, анарааҥҥылар итэҕэйэн быстыбаттар.

Волошин бараахха киирэр.

Бараах иһэ, тоҕо тардыллыбыт тигээйи уйатын курдук, күүгүнүүр. Манна баар аҕыйах меньшевиктэр: «Забастовка туруоруммут соругун толордо, забастовканы ууратыаҕыҥ, үлэҕэ тахсыаҕыҥ!» – диэн рабочайдары ыҥыраллар. Оттон большевиктар: «Забастовка туруорбут сүрүн модьуйууларын Табаарыстыба салалтата толорбото, забастовканы өссө күүһүрдүөххэ, үлэҕэ тахсыа суохха!» – диэн этэллэр.

Рабочайдар үгүстэрэ большевиктар этиилэрин өйүүллэр. Ол эрээри меньшевиктэри өйөөччүлэр да бааллар. Меньшевиктэр этиилэрэ буортулааҕын рабочайдарга үчүгэйдик быһаарбатахха, забастовка тохтор кутталланыан сөп. Ол иһин большевиктар меньшевиктэр таҥнарыыларын утары харса суох охсуһаллар.

Бу курдук мөккүһэн-мөккүһэн баран: «Үлэҕэ тахсары-тахсыбаты норуот бэйэтэ быһаардын», – диэн түмүккэ кэлэллэр. Хас бараах аттын аайы иккилии тимир буочуканы туруораллар. Биирдэһигэр «үлэҕэ тахсарга», иккиһигэр «үлэҕэ тахсыбакка» диэн суруйаллар. Рабочайдар биир-биир кэлэн, ити икки буочукаттан биирдэстэригэр, хайдах санаалаахтарын биллэрэн, таас тоорохойун түһэрэллэр. Ол курдук куоластаан бүппүттэрин кэннэ, куоластаабыт дьон бары көрөн турдахтарына, быыбардаммыт дьоннор кэлэн, буочукалартан таастары сүөкээн ааҕаллар. Хас да бараах үрдүнэн түмүктээбиттэрэ «үлэҕэ тахсарга» диэн суруктаах буочукаҕа баара-суоҕа уон сэттэ эрэ тоорохой таас баар буолан хаалар. Меньшевиктэр забастовканы таҥнараары соруммуттара ити курдук сааттаахтык самнар. Сонно тута большевиктар салалталарынан киин бириискэлэр рабочайдара маннык ыҥырыы суругу таһаараллар:

Рабочайдартан рабочайдарга!

Табаарыс рабочайдар! Ама, эһиги инники да өттүгэр үлэлии сылдьыаххыт дуо? Ама, биһиги забастовкабыт эмиэ эһиги забастовкаҕыт буолбатах дуо? Эһиги бэйэҕит даҕаны билэр буолбаккыт дуо, хайдах биһигини Табаарыстыба тойотторо атаҕастыылларын-баттыылларын, биһигини көнньүнэн өлбүт сүөһү собулҕатынан аһаталларын, биһигини дьоҥҥо холооботторун? Кинилэр атаҕастыылларын-баттыылларын барытын ааҕар кыах суох. Биһиги, баттанааччылар эрэ, ону барытын билэбит, өйдүүбүт. Оннооҕор контракпытыгар ыйыллар ханнык эрэ кыракый бырааптаахпытын билиммэттэр. Билигин кырдьыгынан-сымыйанан урукку кэппитигэр киллэрээри гыналлар. Онуоха тойотторго көмөлөһөөччүлэринэн рабочай кылаас интэриэһин таҥнарааччы меньшевиктэр уонна эсердэр буоллулар. Кинилэри итэҕэйимэҥ! Кинилэр полицияҕа көмөлөһөллөр! Забастовочнай комитет киллэрбит модьуйуутун булгуччу толорторору биһиги тутуһуохтаахпыт. Биһиги модьуйуубутун толоро иликтэринэ, үлэҕэ тахсымаҥ!

Туругурдун забастовка! Киэр буоллуннар рабочайдар кыһалҕаларын капиталистарга атыылыыр меньшевиктэр!»

Бу киэһэ «Рабочайдартан рабочайдарга» сурук бэрт үгүс бириискэлэргэ тарҕатыллыбыта, ааҕыллыбыта.

Ол эрээри меньшевиктэр Федосьевскай бириискэҕэ сүүрбэччэ киһини үлэҕэ таһаараллар. «Лена Голдфилдс Корпорация» баһылыктара бары ол үлэлии сылдьар дьоҥҥо тиийэллэр. Александр Гаврилович бэйэтэ бу дьону хайгыыр. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр «биирдии иһит арыгыны» диэн бэчээттээх толуоннары туттартыыр.

– Бу, үлэҕэ тахсыбыккыт үтүөтүгэр – босхо!

Үлэҕэ тахсыбыт дьон күнүскү аһылыктарыгар биирдии иһит арыгы тутуурдаах бараахтарыгар киирэллэр. Арыгыларын остуолга аҕалан туруораллар. Бараах иһигэр баар дьону барыларын ыҥыраллар:

– Табаарыстар, кэлиҥ, арыгыта амсайыҥ!

Бараахха олорор рабочайдартан ким да ити ыҥырыыга кыһаллыбат. Бары истибэтэх курдук буолаллар.

– Ыт акка табаарыс буолбат, – ким эрэ тыл быраҕар.

– Таҥнарааччылар, бэйэҕит табаарыстаргыт – рабочайдар харахтарын уутун иһиҥ! – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

Үлэлээн киирбит дьонтон биирдэстэрэ, саҥата суох остуол аттыттан туран, оронугар баран сытар.

– Тоҕо аһаабаккыный? – диэн Думпе меньшевик ыйытар.

– Мин табаарыстарбын таҥнаран аһыахпын, арыгылыахпын баҕарбаппын!

Иккис рабочай туран бытыылкалаах арыгыны бараах истиэнэтигэр үлтү быраҕар:

– Мин доҕотторум харахтарын уутун иһиэхпин баҕарбаппын!

Күн ортотуттан киэһэ ким да үлэҕэ тахсыбат.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации