Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 49

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 49 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
III

«Ама, мин сордоох буолбутум иһин, иккиэн өлөөхтөөбүттэрэ буолуо дуо?.. Суох, ханна эрэ бааллара буолуо эбээт», – Сүөдэр бэйэтин бэйэтэ аралдьытына, санаатын уоскутуна сатыыр.

Айаҕалыы сатаан, дьуһуурустубатын быыһыгар, икки сынньалаҥ күннээҕинэн туһанан, Сүөдэр биир күн Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыттаахха тахсар. Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтин ааныгар кирилиэскэ олорор этэ. Харытыана эмээхсин көстүбэт. Милиция формалаах киһи киирбитин Лэгиэнтэй атыыһыт улаханнык соһуйа да, дьиксинэ да көрөр. «Ама, атыыһыттаан сылдьыбыт дьону хаайар кэмнэрэ кэлбитэ буолуо дуо?!» – диэн санаа өйүгэр охсуллан ааһар.

Лэгиэнтэй кырдьыбыт, баттаҕа күрэҥсийэн көстөр, улаханнык холбураабыт да быһыылааҕа, таҥаһа, тоһоҕоҕо кэтэрдибит курдук, босхо иилиллэ сылдьар буолбут.

– Лэгиэнтэй, дорообо! – диир Сүөдэр, көлөһүнүн сотто-сотто.

«Таҥын, миигин кытта куоракка киирсэҕин!» – диэҕэ дии санаан олорбут Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэр дорооболоспутун өйдөөбөт. Дөйбүт курдук, кырдьыы түспүт болоорхой харахтарынан көрөн чымарытан олорор.

– Лэгиэнтэй, дөйүҥү буолаахтаабыккын дуу? Киһи дорооболоһорун истибэккин дуу?

– Ол миигин кытта дорооболоһор… Бэйи эрэ, хайдах хайдаҕый? Сүөдэр сылдьаҕын дуу?

– Сүөдэрбин.

– Бу хайа диэки бардыҥ?.. Милиисийэлиир эбиккин дуу?

– Ээ, бу диэки, таах да кэриэтэ, дьаарбайа таарыйа сылдьабын.

– Э-ээх… – Лэгиэнтэй быһаарыыта суох сэҥээрэр.

Дьиэҕэ киирэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыттаах дьиэлэрэ уруккутуттан ордук эргэрбит, күлүгүрбүт.

Дьон киирэн кэпсэтэр саҥатын истэн, түгэх хостон Харытыана эмээхсин, ынчыктыы-ынчыктыы, атаҕын соһон тахсан кэлэр. Сүөдэри чарапчылана-чарапчылана одуулаһар. Эмээхсин буорайаахтаабыт, уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалбыт.

– Эмээхсиэн, билимээри гынныҥ дуу, били Сүөдэр уол кэлэн олорор дии!

– Ханнык Сүөдэри эттэххиний?.. Дьаакыбылаптаах Сүөдэркэлэриттэн атыҥҥа дылы буолбат дуо?

– Э-э, түөһэйэн хаалбыт баҕайы… Оттон били уолуҥ Сылгыһыт Сүөдэр кэлэн олорор дии.

– Ы-ыы, кырдьык даҕаны!.. Көр эрэ, өлүөм иннинэ харахтыырдаах эбиппин ээ! Бу хантан кэллиҥ?

– Куораттан сылдьабын.

– Э-ээх. Кэргэниҥ Маайа… уонна били оҕоҕут?..

– Тыыннаахтарын даҕаны билбэппин… – Сүөдэр бөтө бэрдэрэр. «Ити аата бу дьон кинилэри эмиэ билбэттэр эбит», – диэн быһаарар Сүөдэр иһигэр.

– «Тыыннаахтарын да билбэппин», – диэхтиигин… Ол ханна хааллартаабыккыный? – дии-дии, Харытыана эмээхсин кэлэн Сүөдэри кытта сэргэстэһэ олорор.

– Эмээхсиэн, өр буолла, тоҕус сыллааҕыта Бодойбоҕо хаалбыттара, онтон ыла сүтэртээн сылдьабын.

– Сүтэртээн да-а?.. Оҕонньоор, били хаһан этэй манна Сэмэнчик көстөн ааспыта?

– Сэмэнчик да-а?! Кини эһиэхэ сылдьыбыта дуо?.. Чэ, кэпсээҥ эрэ. Ийэтэ ханна баарын эппитэ дуо? – Сүөдэр үрүт-үрдүгэр ыйытан киирэн барар.

– Ээ, бу эмээхсин даҕаны, өрдөөҕүтэ этэ эбээт.

– Өрдөөҕүтэ диэн, ол хас сыллааҕыта сылдьыбытай? – Сүөдэр, итиччэни истэн баран, хайаан да уол хаһан, хайдах сылдьыбытын биллэҕинэ сатанар.

– Били манна Халчаак былааһа кэлиэн иннинэ, кыһыллар кэлэн куораты ылбыт сайыннарыгар этэ.

– Кыһыллар куораты ылбыт сайыннарыгар… Оттон ол этэрээти кытта мин эмиэ кэлсибитим ээ. Баҕар, алҕаһыыргыт буолаарай?

– Суох, сэгэриэм! Чахчы Сэмэнчик этэ. Хороччу улааппыт, өссө ааҕар-суруйар буолбут этэ, – дии-дии, Харытыана эмээхсин үөһэ тыынар.

– Бэйи, өйбүн-төйбүн булуум… Маҥнай кыһыллар куораты ылбыт сайыннарыгар диигит… Хантан кэллим диэбитэй?

– Ону бу дьонуҥ өйдөөн ыйыппатахпыт даҕаны.

– Мантан ханна барбытай?

– Ким билэр. Икки эрэ хоммута. Онтон биир түүн эмискэ сүтэн хаалбыта, – диир Лэгиэнтэй атыыһыт.

– Бэйи эрэ, оҕонньоор, оттон били Дьаакыбылап Сүөдэркэтэ кэпсээбитэ буолбат дуо Сүөдэр уола кыһыллары кытта кэлсибит үһү диэн? – Харытыана эмээхсин өйдөтөн биэрэрдии ыйытар.

– Оттон ол Сэмэнчик манна тахсан олордоҕуна, Сэмэнчиги билбэккэ олорон кэпсээбитэ ээ. Ол түүн дии уол баран хаалбыта.

– Ээ, кырдьык да, оннук этэ дуу…

«Аны оҕобун ол сиэхсит дьаһайбытын бу дьон миигиттэн кистииллэрэ буолаарай?» – диэн, Сүөдэр хараҕа хараҥарталаан ылар.

– Миигиттэн тугу даҕаны кистээмэҥ… – Сүөдэр кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан нэһиилэ саҥарар. – Мин оннооҕор буолуоҕу көрсүбүт киһибин… Ол Сылластыгас түөкүн хатайан…

– Айыы даҕаны!.. – Харытыана эмээхсин хаһыыра түһэр. – Куһаҕаны санаама, таҥнан-хомунан, түүн бэйэтэ барбыт этэ.

Лэгиэнтэй атыыһыт, Сүөдэр ол-бу санааҕа тиийбититтэн олуллан, уол туохтан оннук барбытын дьэ сиһилии быһааран биэрэр.

– Мин үчүгэйдик өйдүүбүн. Сүөдэркэ куолутунан улахан холуочук этэ. Сэмэнчиги кимин билбэтэҕэ. Кырдьыга, эн бэйэҥ даҕаны ол оҕоҕун билигин көрсөрүҥ буоллар, билиэҥ эбитэ дуу, улааппыт, киһи билбэт киһитэ буолбут этэ. Дьэ, ол олорон, туохтан эрэ сиэттэрэн, Сүөдэркэ эппитэ: «Кыһыллары кытта Сүөдэр уола кэлсибит, куоракка баар үһү, көрсөрүм буоллар…» – диэн, хайдах эрэ кинини ирдии сылдьар курдук тылласпыта, бэйэтэ, саатар, милиисийэбин диэн чабыланара. Онтон ытырыктатан, биһиги уол кимин эппэтэхпит, бэйэтэ да туоһулаһа барбатаҕа. Чэ, быһыыта, Сэмэнчик онтон тэһииргээн барбыт быһыылааҕа.

Сүөдэр итинтэн ордук тугу да билбэтэҕэ. Ол эрээри бу ааспыт тоҕус сыл устата аан бастаан оҕотун көрдүбүт диир дьону булбута.

«Тоҕо Ньидьили түгэҕэр дьөлө тимирэн сыппытым буолуой? Ол саҕана бу да диэки сылдьыбыт буолбатахпыан!» – диэн иһигэр абалана саныыр да, ааһан бүппүт алҕаһы хайаан көннөрүө баарай.

Сүөдэр бу күнтэн ыла саныыр санаата: «Оҕобун Сэмэнчиги булларбын», – диэн буолар. «Ама, ийэтин дьонугар барыа дуо?» – диэн санаа көтөн түһэр. «Барыа… Ханна даҕаны барар сирэ суох буолтун кэннэ, оҕо ханна бараахтыай, төрүт хаана тардан, барыа…»

Хайдах эмэ гынан Орто Бүлүүгэ бара сылдьыбыт киһи дии санаан, Сүөдэр биирдэ начальнигар киирэр.

– Бүлүүгэ дуу, Орто Бүлүү улууһугар дуу барар сорудах баар эрэ буоллар, миигин онно ыытаарыҥ эрэ.

Ол эрээри оннук барар наада көстөн биэрбэтэҕэ. Оттон Сүөдэргэ ити санаа оспот баас буолар. Арыт, үлэтиттэн кэлэн оронугар тиэрэ түһэн сытан: «Оҕом Сылластыгас Сүөдэркэттэн күрээн баран иһэн ойуурга мунан өлбүтэ дуу?!» дии санаат, сип-сибилигин оҕотун ойуурга көрдүү сүүрүөх курдук, оронугар олоро түһэрэ, сүр ыараханнык үөһэ тыынаахтыыра.

Сүөдэр тулуйбат. Биир күн, балаҕан ыйын ортотун диэки, начальнигар эмиэ киирэр.

– Бүлүү диэки киһи ыытар наада суох дуу?

– Дьэ суох. Табаарыс Владимиров, эн Бүлүүгэ тоҕо бара сатыыгыный?

– Тугун кистиэхпиний, мин кэргэттэрбин сүтэрэ сылдьар киһибин ээ… – Сүөдэр итинтэн салҕаан дьонун кытта ханна, хаһан, хайдах сүтэрсэн кэбиспитин кэпсиир. – Баҕар онно, ийэтин төрөппүттэригэр, оҕом тиийбитэ буолаарай диэн, ону билээри бара сатыыбын ити.

– Да-а, дьэ, кырдьык, моһуогура сылдьар киһи эбиккин, – начальник, тугу эрэ толкуйдуур курдук, биир сири тобулу көрөр. – Тугунан даҕаны билигин көмөлөһөр кыах суох ээ. Саатар, билигин балаһыанньабыт эмиэ кытаатан барда.

– Ол хайдах, табаарыс начальник?

– Илин бандьыыттар турбуттар. «Холбос» табаарын 30000 буут таһаҕаһы былдьаабыттар. Ол таһаҕаһы харабыллыы барбыт уон коммуниһы өлөрбүттэр. Билигин сэрии хомуналлар үһү. Онон балаһыанньабыт итинник буолан турар.

IV

Алтынньы ортотун диэки Нелькаҥҥа үс сүүстэн тахса киһи Коробейников тэрийэр армиятыгар киирэллэр. Бу күннэргэ Владивостогунан, Япониянан эргийэн Куликовскай кэлэр.

– Меркулов биир да саллааты, биир да бинтиэпкэни чорбоппот, – диэн кэлэр кини. – Оттон Япония правительствота түүлээххэ, кыһыл көмүскэ төһө баҕарар сааны, ботуруону атыылыа эбит…

– Биһигини кытта контракт түһэрсиэхтэрэ суох дуо? – Коробейников киэбирэ соҕус туттан ыйытар.

– Мин итини эмиэ кэпсэтэн көрө сырыттым. «Эһиги правительство тэринэргит буоллар, ол правительствоны кытта контракт түһэрсиэххэ сөп этэ», – дииллэр, – Куликовскай үөһэ тыынар. – Мин ол өттүнэн туох да полномочием суох буолан, чааһынай сылдьар киһи курдук көрөллөр, кэпсэтэ даҕаны барбаттар.

– Да-а, – диир Коробейников, офицердарын кэриччи көрүтэлиир. – «Макакалар» итинтэн атыннык этиэхтэрин сатаммат. Дьэ, тугу гынабыт? Хайдах сэрии сэбин булабыт? Бу курдук олорон биэрдэхпитинэ, кыһыллар биһигини кус оҕотун курдук тутуталаан ылыахтара.

– Правительствота тэриниэххэ. Оччоҕо кими баҕарар кытта кэпсэтэр кыахтанабыт, – Куликовскай этии киллэрэр.

– Правительство тэрийэр диэн эттэххэ дөбөҥ. Бу олорон правительство буоллубут диирбитин ким итэҕэйиэй, ким билиниэй? – Канин капитан Куликовскай этиитин биһирээбэт санаатын биллэрэр.

Тугу да быһааран этиэхтэрин булбакка, улаханнык мунаахсыйан, офицердар ах баран олороллор.

Көһүтэн олорбохтоон баран, бу дьонтон туох да өйдөөх этии киириэ суоҕун көрөн, Коробейников турар.

– Кырдьык, билигин манна олорон правительство тэриннибит диирбитин ким даҕаны билиниэ суоҕа. Онон, саатар, биир биэс-алта улууһу большевиктартан босхолуурбут буоллар, ол улуустартан бэйэ дьонун хомуйан, сокуоннай буолар гына куоластатан, уураахтатан правительство тэрийдэххэ, оччоҕо эрэ билиниэ этилэр. Дьэ ол кэнниттэн хайа баҕарар омук правительствотын кытта кэпсэтиэххэ сөп этэ.

– Биэс-алта улууһу…

– Сорох улуустарга Сэбиэскэй былааһы утары бастаанньата оҥорторуохха, – аны Сылластыгас Сүөдэркэ этии киллэрээччи буолар, суол ааныгар олорон.

– Ити сөпкө этэр, – Филиппов тыл кыбытар. – Бу биһиги курдуктар хас улуус, сэлиэнньэ аайы бааллар. Холобура, Петропавловскай сэлиэнньэтин ылыҥ – Галибаров атыыһыт. Кини Маайа уонна Алдан сүнньүгэр дьону тэрийэр кыахтаах…

– Өлүөхүмэ уокуругар Маача атыыһыта Сараапап, – Сылластыгас бэйэтин кандидатын туруорар.

– Байаҕантай, Таатта, Боотуруускай улуустарыгар Оросиннар бааллар. Ол дьон тугу баҕарар тэрийэр кыахтаахтар… – диэбитинэн Куликовскай ойон турар.

Туох да үүтүн-аанын булбакка олорбут офицердар эмиэ харахтара уоттана түһэр.

– Да-а, чэ оччоҕо бу курдук гыныаҕыҥ, – диир Коробейников. – Ити биһиги диэки буолуохтара диир дьоннорбутугар кэпсэтэ барыталыы сылдьыаҕыҥ.

– Галибаровка ким барыан баҕарарый?

– Мин барабын! – аны атын дьон былдьыахтара диэбиттии, Прохор Филиппов тутуу былдьаһар.

– Тойон Куликовскай этэр дьонноругар ким барарый?

– Бэйэтэ бардын.

– Чэ сөп. Аны…

– Мин Өлүөхүмэ уокуругар барабын! – Сүөдэркэ Дьаакыбылап турар.

– Бастаан чугастааҕы улуустарга үлэ ыытыахха наада, Өлүөхүмэ ыраах, – диир Коробейников.

– Бардын ээ, ол Сараапабы үчүгэйдик билэр киһитэ буоллаҕына, туһалаах буолуо, – Сылластыгаһы эмиэ Филиппов өйүүр.

Ити күн илин-арҕаа, хоту-соҕуруу тарҕаһыы буолар.

Чугас улуустарга барбыт дьон уһаабаттар. Маҥнай Филиппов Петропавловскайтан эргиллэн кэлэр. Офицердар боломуочунайдарын тула үмүөрүһэллэр.

– Дьэ?

– Барыта бэрт! Тойон Галибаров чугаһынааҕы икки улууска хамсааһыны тэрийэргэ ылынна. Аны уон биэс хонугунан кинилэр онно баар кыһыллары, коммунистары уонна ревкомнары суох гыналлар, биһиги повстанческай армиябытыгар холбоһоллор!

Офицердар ортолоругар үөрүү-көтүү, өрүкүнэһии бөҕө буолар. Икки улууһу хайыы-сахха кыһыллартан ыраастаабыт саҕа сананаллар. Сотору буолаат, Куликовскай кэлэр. Кини кэпсииринэн, Оросин уонна Афанасьев Амма икки улууһун, Таатта, Байаҕантай, Боотуруускай улуустарын үрүҥнэргэ холбуох буолаллар үһү.

Нелькаҥҥа мунньустубут бандьыыттар тэринии, бэлэмнэнии бөҕө буолаллар. Офицердар сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри мунньахтаан, сүбэлэһэн тахсаллар. Манна баар дьоннорун үс аҥы тыыраллар. Хас биирдии бөлөхтөрү салайааччыларын аатынан «Коробейников армията», «Канин армията», «Толстоухов армията» диэн ааттыыллар. Ол «армиялар» билиҥҥитэ сүүстэн эрэ тахсалыы саллааттаахтар.

Коробейников, армияны салайарын таһынан, Саха уобалаһынааҕы повстанческай күүһү барытын салайар кылаабынай командующай буолар.

Бүгүн-сарсын киириэх курдук, армиялар командующайдара дьоннорун сааларын, ботуруоннарын көрөллөр. Үс армия үрдүнэн биир да пулемет, пушка суоҕа. Сэриилэһэр сэптэрэ – эргэ булт бэрдээҥкитэ, доруоп саалар. Ону көрөн, Коробейников Куликовскайы уонна Филипповы ыстаабыгар ыҥыртаран ылар.

– Биһиги армияларбыт сэптэрин бэрэбиэркэлээн көрдүбүт. Эргэ бэрдээҥки, доруоп саа. Онтон атын туох даҕаны суох. Итинник вооружениеҕа эрэнэр хайдах да табыллыбат.

– Тойон Коробейников, итинэн тугу этээри гынаҕыный? – Куликовскай ыйытар.

– Саата, үчүгэй сааларда булуохха наада! Ботуруоннарда, гранаталарда!

– Да-а, бу дойдуттан итинтэн ордук уонна тугу да булбаккын, – «кыахпыт итинэн бүттэ» диэбиттии көрүтэлиир Филиппов.

– Бэйэҕит да толкуйдаан көрүҥ – винтовката, ботуруона суох хайдах сэриилэһиэхпитий? – Коробейников хос иһин биир гына төттөрү-таары хаамар, тарбахтарын мускунар.

– Мантан чугас, Кавалькан үрэҕэр, булчуттар таастан сибиниэс уулларан буулдьа куттар буолаллара. Арай ону туһаныахха сөп.

– Тойон Филиппов, эйиэхэ түүлээх баар, оннук кыһалҕа тирээбитин кэннэ, хайыахпытый, түүлээххэ сэрии сэбинэ атыылаһыахха буоллаҕа дии.

Куликовскай ити этиитин Филиппов сөбүлүү истибэтэҕэ өтө көстө түһэр.

– Түүлээхтээх даҕаны эбит буоллахпына, ол миэнэ, бэйэм киэнэ буолуо дии саныыбын.

– Прохор Иванович, ким даҕаны эн түүлээххин босхо тутан ылаары гыммат. Биһиги олохтоох дьонтон көмүһү, түүлээҕи хомуйуохпут. Оччоҕо эн билигин туттубут түүлээххин төннөрүллүө, – Куликовскай доҕорун өйдөтөрдүү этэр.

– Сиэр быһыытынан буоллаҕына, сөп буоллаҕа дии, – Филиппов, түүлээҕэ төннөр буолбутун истэн, дьэ сөбүлэһэр. Ол киэһэ уон таба ындыытынан түүлээхтээх Филиппов Айаанныыр.

Айаантан кыракый катерга олорон Охотскайдыыр. Тиийэн онно олорор Бочкаревтан сүүс трехлинейка бинтиэпкэни уонна уон тыһыынча бинтиэпкэ ботуруонун, биэс тыһыынча бэрдээҥки ботуруонун түүлээҕэр атастаһан аҕалар.

Эмиэ үөрүү-көтүү, өрүкүйүү-үллэҥнэһии бөҕө буолар. Наһаа эргэ, куһаҕан саалаахтарга бинтиэпкэлэри биэртэлииллэр. Ботуруоннары түҥэтэллэр.

Коробейников биир күн офицердарын хомуйан, Саха уобалаһын үрдүнэн Советскай былааһы суох гынар былаанын кытта билиһиннэрэр.

– Биһиги Саха уобалаһыгар мантан үс салаанан киириэхпит.

Маҥнайгы армия – киин туһаайыынан киирэр, мин командалааһыммынан: Петропавловскай, Амма слободата. Онтон үс салааҕа арахсар: биир салаа – Ытык Күөл, Бороҕон, Нам; иккис салаа – Чурапчы, Майа, Павловскай, Якутскай куорат; үһүс салаа – Сыһыы күөлэ, Покровскай.

Иккис армия – Канин капитан командалыыр: Петропавловскайтан Алдан устун Ленаҕа түһэр, Ленаттан – Бүлүү төрдүгэр. Мантан икки салаа арахсар: маҥнайгы салаа – Орто Бүлүү, Бүлүү куората; иккис салаа – Мастаах улууһа, Бүлүү куората.

Үһүс армия – Толстоухов капитан командалыыр: Петропавловскайтан Алданы өрө батан Угояҥҥа тиийэр. Онтон быһа Өлүөхүмэ өрүһүгэр – Дьэкимдэҕэ түһэр. Дьэкимдэттэн икки салаа арахсар: биир салаата Бэс Күөлүнэн киирэн Березовка дьаамын ылар, кыһыллар соҕурууттан кэлэр суолларын быһар; иккис салаата Өлүөхүмэ куоратын ылар. Бу стратегическай былаан туолуута булгуччулаах. Мин кылаабынай ыстаабым: бастаан – Чурапчы сэлиэнньэтигэр, онтон хайдах Дьокуускай куораты ылабыт да – онно! Онон туох баар биллэриигитин барытын маҥнай Чурапчыга, онтон Дьокуускай куоракка ыытаҕыт! – Коробейников оҥорбут былааныттан олус астына туттар, хайҕал эрэйбит курдук көрүтэлиир.

Бу кэнниттэн аны Куликовскай бэйэтэ туспа мунньахтыыр. Кини, харандааһын чороччу тутан туран, бэйэтин быһаарыытын биэрэр, былаанын кэпсиир.

– Армия туох былааннааҕын биһиги билистибит. Бу өттүнэн эҥкиллээх диир кыахпыт суох. Онон билигин биһиги иннибитигэр аҕыйах ый иһинэн сору-муҥу көрбүт Саха уобалаһын большевиктар былаастарыттан босхолуур, саҥа, дьиҥнээх норуот былааһын олохтуур сорук турар. Ол дьиҥнээх норуот былааһын правительствотын саха үөрэхтээхтэрэ, өйдөөхтөр салайыах тустаахтар. Онон биһиги армиябыт хайдах Чурапчыны кыһыллартан босхолоотор эрэ, илиҥҥи уон улуус дьонуттан представителлэри ыҥыран, улахан авторитеттаах мунньаҕы ыытыахпыт. Ол мунньах Саха сирэ, саха норуота инникитин туох былааһы ылынарын быһаарыаҕа. Онуоха диэри, эһиги утарсыбат буоллаххытына, ол тэриллиэхтээх правительство аатыттан омуктары уонна олохтоох да дьону кытта кэпсэтии ыытаары гынабыт. Ону эһиги туох диигитий?

– Сөп-сөп… Сөп бөҕө буоллаҕа дии!

* * *

Күөстүү оргуйар сүүрүктээх хайа үрэхтэрэ алтынньы иккис аҥаарыгар дьапта муус буолаллар, тоҥоллор. Ол эрээри суол өссө тура илигэ.

Куликовскай уонна Филиппов буоланнар Айааҥҥа уонна Охотскайга сотору-сотору киирэллэр-тахсаллар. Олохтоох булчуттартан арсыынай таҥаска түүлээх хомуйан саа сэбигэр атастаһаллар, Америка атыыһыттарыттан тиийэ мэнэйдэһэллэр.

Биир киэһэ, офицердар мустан хаартылыы олордохторуна, тас пост начальнига Прокопьев үрээнньик аҕылаан-мэҥилээн киирэр:

– Бырааттар, Чигдэттэн кэлэр суолунан аҕыс табалаах дьон көһүннүлэр!

Коробейников, пост начальнигын сөбүлээбэтэхтии көрө-көрө:

– Тойон Толстоухов, баһаалыста, тахсаҥҥын билэн киир эрэ, – диир.

Толстоухов капитан Прокопьев үрээнньиги кытта тахсаллар. Офицердар хаартылыылларын тохтотоллор, бары, тугу эрэ көһүппүт курдук, чуумпураллар. Таһырдьа туох да иһиллибэт. Өскөтө кыһыллар кэлбиттэрэ буоллар, туох эмэ тыас, айдаан буолуо этэ.

Утаакы соҕус буолан баран, Толстоуховтаах Прокопьев икки киһини батыһыннаран киирэллэр. Биирдэстэрэ аҕамсыйа барбыт, суон соҕус, мааны көрүҥнээх саха киһитэ. Иккиһэ сааһын ортотугар сылдьар эмиэ саха этэ.

Куликовскай, киирбит дьону көрөөт, ойон турар, утары икки илиитин ууммутунан барар:

– Дорооболоруҥ. Эһиги кэлбиккит дуу? Чэ, тойон Оросин, билсэн кэбиһиҥ, бу повстанческай армия салалтата, офицердар, – дии-дии, Куликовскай олорор дьон диэки илиитин нэлэҥнэтэр.

– Дорооболоруҥ, тойон эпписиэрдэр! – Оросин илии тутуһар. – Бу миигин кытта – биир улуус биллэр киһитэ, уруккута кулуба, тойон Афанасьев!

Айан дьоно хайдах кэлбиттэрин, туох сонун баарын сураһан баран:

– Биһиги туспутунан дойду сиргэ туох кэпсэтии баарый? – диэн Куликовскай ыйытар.

– Дьэ, наһаа кэтэһиилээх дьон буоллугут, доҕор, кэтэһэ сатаан баран, бу билсэ кэллибит. Амма, Таатта, Боотуруускай, Байаҕантай улуустара эһиги Алданы туоруургутун көһүтэллэр, бастаанньа оҥорорго бэлэм олороллор, – Оруоһун бандьыыттары үөрдэр.

– Дьокуускайга туох иһиллэрий?

– Дьокуускайтан борохуотунан балтараа сүүччэ киһилээх кыһыл этэрээт манна иһэр үһү… Ол эрээри Петропавловскайга даҕаны кыайан кэлэллэрэ биллибэт, Алдан хайыы-һахха кыдьымаҕа киирэн эрэр.

– Оннук эрэ буоллун… – Филиппов атыыһыт кыһыл этэрээт иһэр сураҕын олус уолуйа истэр.

– Петропавловскайга таарыйан аастыбыт. Галибаров атыыһыт этэр: «Кыһыллар хаһан Петропавловскайга кэллэллэр эрэ, урут киһи ыытыаҕым, онно бэлэм олордуннар», – диэн.

– Эһиги бу курдук көмөлөһөргүт буоллар, биһиги Саха уобалаһын аны икки ый иһинэн босхолуохпутун сөп, – Коробейников, бэйэтин биллэрэ сатаабыттыы, туран төттөрү-таары хаамыталыыр.

V

Киэһээҥҥи халлаан илиҥҥи эҥээрэ, көҕөрө өлөн хаалбыт хаан курдук, өһөҕүрэн турар. Билигин да оччо хараҥара илик. Чугас, күөл үрдүнээҕи халдьаайыга, хороччу улаатан эрэр уолаттар, кыргыттар мээчик хапсан төттөрү-таары сырсыакалаһаллар, ыһыытаһаллар, айдаараллар. Сэмэнчик эмиэ оонньуон, эккирэтиһиэн санаан баран, «кэбис, аны тардыллан хаалыам» диэн, туттунар. Тиэтэйэ-саарайа Казарменнай уулуссанан воинскай чааска тиийэр. Олбуор аанын кэккэлэһэ турар кыракый харабыл хоһугар киирэр.

– Кимиэхэ кэллиҥ? – харабылга турар красноармеец ыйытар.

– Командирга.

Харабыл полевой телефону эрийэр. Туруупкатын иһиллиир, эмиэ эрийэр. Үрэр, иһиллиир.

– Табаарыс командир, манна эйигин көрсө киһи кэллэ… Сөп… Истэбин! – туруупканы уурар. – Тохтуоҥ үһү, командир билигин манна кэлиэҕэ.

Сотору соҕус буолан баран харабыл кыракый хоһугар, Сэмэнчиги супту көрбүтүнэн, командир киирэр.

– Туох наадалааххыный?

– Губревкомтан ыыттылар, – суругун уунар.

Командир саппыысканы ылан ааҕар. Сэмэнчиги өрө-таҥнары көрүтэлиир.

– Табаарыс, эн дуо Владимиров диэн?

– Мин.

– Баһаалыста, чэ барыах!

Сэмэнчик бу түүн командир хоһугар утуйан турар. Сарсыарда командир кэлэн кинини остолобуойга киллэрэн аһатар. Аһаан бүтэрин кытта, ыскылаакка илдьэн, красноармеец форматын кэтэрдэр.

Сэмэнчиги илин барар Каратаев командир экспедиционнай этэрээтигэр киллэрэллэр. Командирын кытта билиһиннэрэллэр.

– Сааһыҥ? – Каратаев, Сэмэнчиги көрөөт, ыйытар. «Маннык кытаанах сырыыга тоҕо оҕочооһу биэрэллэрий?» диэбиттии көрүтэлиир.

– Уон аҕыһым. – Уон сэттэтиттэн эрэ тахса сылдьар да буоллар, командира оҕотута көрбүтүн сэрэйэн, Сэмэнчик сааһын өрө тарда түһэн биэрэр.

– Уон аҕыс даҕаны диэн… Тугу үлэлээбиккиний?

Каратаев – отуччатыттан эрэ тахсыбыт нуучча. Хара хаастаах харахтаах, уһун синньигэс сирэйдээх, будьурхай баттахтаах, уҥуоҕунан орто киһи. Кини кыра сааһыттан Иркутскайга тимир суол депотугар паровоз өрөмүөнүгэр балтаһытынан үлэлээбитэ. Революция кэнниттэн саа тутан Колчагы утары охсуспута. Онтон кыһыл этэрээти кытта манна, Саха уобалаһыгар, взвод командирынан ыыппыттара. Билигин Нелькаҥҥа барар экспедиционнай этэрээти, биир ротаны, биэрдилэр.

Сэмэнчик тугу үлэлээбитин, хаһан партияҕа киирбитин истэн баран, Каратаев ыйытар:

– Нууччалыы көҥүл кэпсэтэр инигин?

– Көҥүл да буолбатар, син кэпсэтэбин.

– Кэпсэтэр буол да сөп. Этэрээккэ тылбаасчытынан ананаҕын, миэхэ көмөлөһөөччү буолуоҥ.

– Истэбин!

Каратаев этэрээтэ кыракый «Диктатор» борохуокка таһаҕаһын тиэнэр, ыраах айаҥҥа бэлэмнэнэр.

Балаҕан ыйын бүтүүтэ, сарсыарда эрдэ, куорат ыала тура илигинэ, Гольминка бириистэниттэн кыһыл этэрээт аттанар. Хотуттан тыбыс-тымныы тыал үрэр. Халлааҥҥа болоорхой тоҥ былыт көтөр. Лена уута үрүҥ күүгэнинэн ыһыахтанар. Куорат аннынааҕы арыылар иирэлэрин сэбирдэҕин тыал ыһан күдээритэр. Хаа-дьаа кытыл кумахтарыгар киирэн тугу эрэ тоҥсуйа олорор суордартан ураты кыптыый кынаттаах, хамсыыр харамай көстүбэт. Тыал ити күнү супту кыскыйар. Былыт арыт ыанньыйан, халлаан хараҥаран кэлэр. Оччоҕо хаар былаастаах самыыр кутан ааһар. Ол кэнниттэн, эмиэ сырдаан, хайдах эрэ дьэгдьийбиккэ дылы буолан барар. Киэһэ, күн киириитэ, Алдан төрдүн булаллар. Манна хахха сиргэ тиксэн хоноллор.

«Диктатор» тиэммит оттук маһа нөҥүө киэһэтигэр бүтэр. Мотуруостар, красноармеецтар сүгэлээх, эрбиилээх тахсан мас мастаналлар. Ити курдук, куруҥ тыалаах кытылларга тохтоон мас булуна-булуна, Алданы өксөйөллөр. Арыт күн дуоннаах сири барбаттар. Куолума төрдүн ааһыылара кыдьымах киирэр. Халлаан тымныйдар тымныйан барар. Петропавловскайга тиэрдимээри гынна диэн, капитан ыксыыр. Нуотара төрдүттэн ыла Алдан кыдьымаҕа биллэ-көстө хойдор, мууһа кытаатар. Капитан борохуот палубатыттан түспэт, кыратык сынньанан ыла-ыла, вахтатыгар эргиччи бэйэтэ туран тахсар.

Күнүстэри-түүннэри айаннаан, эрэй бөҕөнү көрөн, алтынньы ортотун диэки, хаар түспүтүн, мас-от чоҥкуйа тоҥмутун кэннэ, борохуоттаахтар Петропавловскай сэлиэнньэтэ көстөр сиригэр дьэ тиийэллэр.

Борохуот иһэрин бастаан хаһан да сытыы харахтаахтар, быһый атахтаахтар – оҕолор көрөллөр:

– Борохуот иһэр!.. Борохуот иһэр!..

– Ы-ыы, көстүбэттэр, тугу лахсыйаргыт буолла… Бачча хойут, итиччэ муус бөҕө киирэ турдаҕына, ол хантан кэлэр борохуотуй? – кырдьаҕастар, чарапчылана-чарапчылана, олоотоон көрөллөр. Кырдьык, кыдьымаҕы кытта өрө тустан, өҥө-дьүһүнэ көстүбэт буола мууһурбут суос-соҕотох кыракый борохуот иһэрэ. Төһө да күнүс эрдэ көһүннэр, борохуот сэлиэнньэ анныгар киэһэ, борук-сорук буолуута, тиксэр.

Петропавловскай олохтоохторо оҕолуун-уруулуун бука бары кытылга киирэн тоҕуоруһаллар.

Борокуоттан тоҥмут-хаппыт кыһыл этэрээт түһэр. Этэрээт командирыгар Каратаевка мичээрдээбитинэн кэлэн биир киһи илиитин биэрэр:

– Мин Юсуп Галибаров диэммин, бу сэлиэнньэ олохтооҕобун, баһаалыста, мин дьиэбэр тахсыҥ, күндү ыалдьыт буолуҥ!

Ким билбэтэҕэй, урут сылдьыбатах сиргэр кэллэххинэ, ханна да киириэххин, тохтуоххун билбэтиҥ хайдах курдук куһаҕанын. Оттон бу киһи буоллаҕына маннык унньуктаах, эрэйдээх айаны айаннаан, тоҥон-хатан кэлбит дьону сылаас дьиэтигэр ыҥырбыта дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо!

Юсуп Галибаров биир киэҥ олбуор иһигэр үс улахан дьиэлээҕэ. Ол дьиэлэриттэн биирдэстэрин кыһыл этэрээккэ туран биэрэр. Үс киэҥ хоско минньигэс сыттаах күөх оту киллэрэн көп соҕустук муостаҕа тэлгэттэрэр. Оһохтору тигинэччи отуннаран кэбиһэр.

– Чэйиҥ, дьиэ сылыйыар диэри тахсан чэйдэ иһиҥ, сылааста киллэриҥ! – Галибаров этэрээт дьонун бэйэтэ олорор дьиэтигэр ыҥыран таһаарар, остуол уйарынан ас тартарар.

Красноармеецтар тото-хана сылаастык аһаан баран, хонор дьиэлэригэр киирэллэр. Дьиэ лаппа итийбит, муостаҕа тэлгэтиллибит оттон сайыҥҥы хонуу сыта дыргыйар.

– Төрөөбүт Ангарам күөх сирэм ходуһатын санатта! – дии-дии, биир красноармеец окко таалалыыр. – Сайын бугулламмыт окко сытан сынньанар, оо, үчүгэй да буоллаҕа!

Бу түүн Алдан кыдьымаҕын быыһынан тыылаах киһи туоруур. Кини Троицкай сэлиэнньэтин анныгар тыытын кытылга соһон таһаарар. Били Оруоһун уонна Афанасьев манан Нелькаҥҥа ааһалларыгар: «Борохуотунан кыһыл этэрээт тахсан иһэр үһү», – диэн кэпсиэхтэриттэн ыла ити киһи Галибаров атыыһыкка кэлэн, ол этэрээт кэлэрин кэтэһэн олорбута.

Кыһыл этэрээт Петропавловскай сэлиэнньэтигэр хас да хонор.

Юсуп Галибаров кимтэн да бу этэрээт ханна баран иһэрин ыйыппат. Тоҕо ыйытыаҕай, ханна баран иһэллэрэ биллэр буоллаҕа дии.

Сотору кыдьымах устара бытааран, улам силимнэһэн барар. Онтон биир түүн өрүс турар. Каратаев, өрүс турбутун көрөн, дьиэлээх тойонтон:

– Өрүс турбут ээ. Муус турбута хас хоммутун кэннэ өрүһү туорааччыларый! – диэн күдээринэ ыйытар курдук ыйытар.

– Ол дьэ күн-дьыл хайдаҕыттан тутулуктаах. Өскө бу бүгүҥҥү курдук ичигэс турдаҕына, алта-сэттэ даҕаны хонук устата өрүһү туоруур кутталлаах буолааччы. Оттон эмискэ тымныйдаҕына, үс хоммут мууһунан да туоруохха сөп.

Бу түүн били кыдьымах быыһынан уҥуор тахсыбыт киһи төттөрү киирэр. Сорудаҕын хайдах толорбутун Галибаровка кэпсиир:

– Биллэрдим. Ол дьон билигин бэттэх – Сайылыкка уонна Айаайаҕа кэлэн олороллор.

– Үчүгэй. Эрэйгин умнуллуо суоҕа. Иһит эрэ, аны биэс хонон баран өрүһү туоруохтара. Кэлэн Кыһыл сыырга тоһуйдаллар ордук буолуо этэ. Умнума, аны биэс хонон баран…

Биллэрэр киһи, иһит аҥаара арыгыны иһэн баран, бу түүн эмиэ уҥуор төннөр.

Сарсыарда красноармеецтары, куолутунан, Галибаров үөрэ-көтө көрсөр.

– Төһө бэркэ утуйдугут? Дьиэ ичигэс дуо? Арыт халлаан улаханнык тымныйдаҕына, дьиэбит да тымныйааччы.

– Баһыыба, бэркэ утуйдубут, дьиэ да ичигэс.

– Билигин халлаан даҕаны ичигэс. Быһыыта, хаардаары гынар…

Биирдэ Сэмэнчик командирыттан ыйыппыта:

– Табаарыс командир, Галибаровы улахан атыыһыт дииллэр буолбат дуо? Ол гынан баран тоҕо олус биһиэхэ бэрт буоларый?

– Бэрт буолара куһаҕан үһү дуо?

– Ким билэр. Манна, холобур, үрүҥнэр тиийэн кэлэллэрэ эбитэ буоллар, ити киһи биһиги диэки буолуо этэ дии санаабаппын ээ тоҕо эрэ. Маача сэлиэнньэтигэр эмиэ бу атыыһыт курдук баай Сараапап диэн атыыһыт олорор. Маҥнай, онно Гудзинскай кыһыл этэрээтэ Бодойботтон кэлбитигэр, Сараапап саһыллыы ньылаҥнаабыта. Кэлин Гордеев офицер этэрээтэ кэлбитигэр ревкомҥа талыллыбыт дьону тыллаан биэрэн ытыалаппыт этэ.

Сэмэнчик кэпсиирин саҥата суох истэн олорбохтоон баран, Каратаев:

– Баай атыыһыт, кырдьык, биһигини иһигэр сөбүлээбэтэ биллэр, ол сонун буолбатах, – диир. – Ол гынан баран, биһигиттэн куттанар буолуохтаах, ол эрэ иһин бэрт буола сатыыр буоллаҕа дии. Хата, ити биһиги ханна барарбытын, тоҕо сылдьарбытын ыйыталаспатын дьиктиргиибин.

– Манна аны төһө өр олоруохпутуй?

– Аны биэс-түөрт хонугунан туоруохпут.

Бу кэмҥэ Галибаров эппит сиригэр – Кыһыл сыырга кэлэн бандьыыттар окуопа хастан бэлэмнэнэллэр. Окуопаларын оҥостон бүтээт, Коробейников биллэрэр киһиэхэ «бэлэммит» диэн этэр. Ол түүн, алтынньы 23 күнэ буолуон түүн, биллэрэр киһи Галибаровка кэлэн: «Бырааттар бэлэмнэммиттэр», – диэн этэн төннөр.

Сарсыарда турбуттара – хаар түһэн намылыта турара. Кыһыллары Галибаров уруккутунааҕар өссө ордук эйэҕэстик, үөрэ-көтө көрсөр.

– Уҥуоргуттан билэр киһим киирэ сырытта. Өрүс мууһа кытааппыт үһү…

– Табаарыстар, хомунуҥ, бүгүн өрүһү туоруубут, – диэн Каратаев дьонугар дьаһал биэрэр.

Ыраах суолга турар дьон таҥастарын хомуналлар, сааларын сэбин түҥэттэн сүгэллэр, атахтарын таҥаһын оҥостоллор. Күнүскү аһылыктарын Галибаровка киирэн тото аһыыллар. Дьиэлээх тойон:

– Чэ, үчүгэй диэн бэйэлээхтик этэҥҥэ айаннааҥ! – диэн алгыы хаалар. Кини бу да түгэҥҥэ ханна, төһө ыраах баралларын ыйыталаһар тылы быктарбат.

Каратаев, дьонун батыһыннаран, өрүс мууһун туоруур. Уҥуор тахсан Троицкай сэлиэнньэтигэр тохтууллар. Манна ыалларга тарҕаһан хоноллор.

Бу түүн биллэрэр киһи Коробейниковка тиийэн кыһыл этэрээт Троицкайга кэлэн тохтообутун, сарсыарда эрдэ туран айанныахтааҕын, Айаайаҕа кэлэн тохтоон, таба булунан баран, Нельканныыр былааннааҕын истибитин кэпсиир.

– Биһиги кинилэри үчүгэйдик табалатыахпыт! – диир Коробейников.

Сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, дьонун илдьэ Коробейников Кыһыл сыырга тиийэр. Икки сүүс киһинэн бэйэтэ манна тоһуйар. Канины уонна Толстоуховы мантан икки биэрэстэлээх сиргэ, арҕаа, тоһуйтара ыытар.

* * *

Каратаев этэрээтэ Айаайаҕа эрдэ тиийэр былааннаах. Троицкай сэлиэнньэтиттэн күн тахсыытын бадаҕынан турар. Ситэ биэс биэрэстэ сири бара иликтэринэ, сарбынньахтаах хойуу хаар түһэн намылытар. Ичигэстик таҥныбыт дьон тиритэллэр.

– Табаарыс командир, итиитэ бэрт, тохтоон сынньана түһүөххэ, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

– Оол көстөр сыыр үрдүгэр таҕыстахпытына, сынньаныахпыт, – дии-дии, Каратаев тохтообокко дьүккүйэ турар. Кини кэнниттэн Сэмэнчик иһэр. Билигин Сэмэнчик, командир тылбаасчыта буоларын быһыытынан, өрүү кини аттыгар сылдьыахтааҕа.

Иннилэригэр көстөр сыыр билигин даҕаны балайда ыраах. Итииргээбит, сүгэһэрдээх дьон бытааннык хаамаллар, сорохтор хаалан, субурҕалара атарахсыйан барар. Каратаев кэннин хайыһан көрөр.

– Табаарыс Владимиров, манна тохтоо, дьоҥҥо: «Сыыр үрдүгэр таҕыстахпытына эрэ сынньалаҥ буолуо», – диэн биллэр!

– Истэбин!

Сэмэнчик туран хаалар. Аттынан ааһар хас красноармеецка командирдарын бирикээһин биллэрэр. Онтон, дьоно ситэ ааһан бүтэ иликтэринэ, иннилэригэр саалар тыастара өрө хабыллар.

Хайа, бу туох буолла диэн, бары көрө түһэллэр. Инники иһээччилэр хаарга умса-төннө түһүтэлииллэр. Хантан эрэ: «Айа-а!», «Оо-ой!» – диэн саҥалар иһиллэргэ дылылар. Сэмэнчик тугу да өйдөөбөтөх курдук ах баран турдаҕына, синиэлин оноотуттан ким эрэ туора тардарга дылы гынар. Төбөтүн оройунан буулдьалар тойон ыҥырыа курдук дооҕунаан ааһаллар. Тоһуурга түбэспиттэрин Сэмэнчик дьэ өйдүүр, туох да бокуойа суох хаарга умса түһэр. «Ложись!» – диэн командирдара Каратаев команда биэрэр саҥата иһиллэр.

Сэмэнчик бинтиэпкэтин ииттэн хачыгыратар. Хантан ытыалыылларын билигин да билбэт. Саатын ииттэн баран, маҥнайгы уолуйбута ааһан, өйдөөн көрбүтэ – Кыһыл сыыр сирэйэ барыта эрдэттэн бэлэмнэммит чуолҕан быһыылааҕа, ол чуолҕаннартан саалар хороҥноһоллор, эстэн буруолара бурҕаҥныыр, ол аайы буулдьалар субу-субу иһиирэн ааһаллар. Чугас соҕус кыракый төхтүрээт баарын көрөн, Сэмэнчик ол кэннигэр түһэр, сыыр сирэйигэр баар хайаҕастартан биирдэстэрин кыҥаан баран, ытыалаабытынан барар.

Кыһыл этэрээт икки чаас кэриҥэ ытыалаһар. Ол эрээри кинилэр буулдьалара табарын-таппатын билбэттэр, чуолҕаннар харааран көстөллөрүн туһулуу-туһулуу ытыалыыллар да, ханна да киһи баара көстүбэт. Чэпчэкитик бааһырбыттар баастарын бэйэлэрэ бэрэбээскилэнэллэр уонна сааларын ылан ытыалаабытынан бараллар. Оттон ыараханнык бааһырбыт дьоҥҥо ким даҕаны көмөлөһөр кыаҕа суох.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации