Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 22

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 22 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Чэ, Сибиряков тойоммут хаппытаалын хаҥата, баайын элбэтэ үлэлии баран көрдөхпүт дии…

Дьон, Трошканы батыһан, бараах иһиттэн таһырдьа тахсаллар. Бараах иһэ иччитэхсийэр. Хаҥас муннуктан, көхсүн этитэ-этитэ, биир дьахтар туран, дьууппатын кэтээри сахсыйар. Бу үлэһиттэр күнүскү астарын астааччы, бараах иһин хомуйааччы Стешка диэн дьахтар этэ. Кинини үлэһиттэр «маамка» диэн ааттыыллара.

Бу сарсыарда Сүөдэр Энгэлдьимэ үрэх тыатыгар мас кэрдээччилэргэ үлэ булаайабын диэн тахсар. Оттон Маайа оҕотунаан Стешкаҕа илии-атах буолан көмөлөһө хаалар.

V

Сүөдэр туох да аһыыр аһа, туттар үбэ суох, Сибиряков бириискэтиттэн Энгэлдьимэ үрэх тыатыгар тахсар суолу батыһан, Пророк-Ильинскэй бириискэҕэ тиийэр. Кини ити бириискэ уулуссатынан баран истэ. Уулуссаны икки өттүнэн сэлэлээн турар дьиэлэр оһохторун буруота унаарыйар. Бириискэ ортотугар кыһыл кырааскалаах ылтаһын хоруобуйалаах улахан мас дьиэ көстөр. Ол аттыгар уонча киһи турара. Сүөдэр чугаһаан иһэн көрбүтэ лааппы дьиэ эбит. Утары, уулусса нөҥүө өттүгэр, «хайабытыгар бастаан киирэллэр эбит?» диэбиттии, иккис лааппы аана тэлэччи аһыллыбыт. Улахан лааппы иһиттэн сахаҕа маарынныыр дьүһүннээх суон баҕайы киһи таҕыста. Кини күрэҥсийэн эрэр баттаҕын саба ууруммут хара сукуна хортуустаах, эмис бэйэтин ордук сонотор дьогдьуурдаах хара билиис сонноох, кылгас атахтарын ордук кылгатар киэҥ остоох хара саары этэрбэстээх, түөһүгэр хас да үрүҥ көмүс мэтээллэрдээх. Сүөдэр киниэхэ чугаһыыр уонна быһа бааччы ыйытар:

– Эн сахаҕын дуо?

Лааппыттан тахсыбыт киһи, тугу да саҥарбакка эрэ, күрдьүөттээбит курдук көрүтэлиир. «Э-э, сахалыы билбэт быһыылаах, ханнык эрэ атын омук киһитэ эбит» – дии санаан, Сүөдэр киэр хаамаары эргиллэн эрдэҕинэ, киһитэ эмискэ өрө баргыйа түһэр:

– Дьиккэр, хантан сылдьар илэчиискэҕиний?

Сүөдэр соһуйар, тугу да этиэн булбат, бэргэһэтин устар:

– Үлэ көрдөһө сылдьар киһибин, кырдьаҕаас.

– Үлэни ити Лүптээктэр уонна Сараапаптар лааппыларыгар атыылыыллара буолуо диэн тиҥсирийэ сылдьаҕын дуо? Үлэ тыаҕа, тайҕаҕа баар. Дьиккэр, арыгылаан аппайа сылдьарыҥ буолуо?! – диэн били суон киһи харса суох мөҥөн-этэн барар.

Сүөдэр, бириискэ бөһүөлэгиттэн тахсан, хайа тэллэҕэр шахта айаҕа, «кэл эрэ, ыйыстан кэбиһиэхпин!» диэбиттии, аҥайан турарыгар тиийэр. Сирэйдэрэ-харахтара көстүбэт буола таҥастыын бадарааҥҥа булкуллубут дьон шахта иһиттэн тачкалаах буору таһаараннар кыракый үрүйэ уутугар сүөкүүллэр. Үрүйэ үрдүгэр түөрт киһи туорай мастаах уһун ураҕаһынан кыллыгыраччы уста турар ууну булкуйаллар. Ити кинилэр көмүс сууйар быһыылара. Бу дьон үлэлии сылдьар үлэлэрэ, Сүөдэр көрдөҕүнэ, олус кытаанах, ыарахан үлэ быһыылаах.

Күн ырааппыт да, бадарааннаах үрүйэттэн түүҥҥү туман өссө көтө илик. Ыраах көстөр хайалар үрдүк очуостарыгар хаар түспүтэ өр буолбут. Оттон манна, хайа тэллэҕэр, хаар түһэ илик буолан, мастар билигин да күөх сэбирдэхтээхтэр. Сүөдэр, суол ойоҕоһугар сытар кыракый тааска олорон, дьон хайдах үлэлииллэрин одуулаһар уонна ити тымныы ууну сотолорун ортотунан кэһэн турар дьоҥҥо ымсыыра саныыр. Кинилэр, төһө да ыарахан үлэҕэ сырытталлар, сордонноллор, утуйар оронноохтор, ас атыылаһан аһыыр харчылаахтар. Оттон кини утуйар ороно да суох, ол үрдүнэн атаҕар адаҕалаах, моонньугар чэҥкээйилээх – икки киһи иитимньилээх. «Оо, сор да буолар эбит! Хайдах гынан киһи-хара буолуох бэйэккэбитий? Бу сытар таастар кыһыл да көмүс буолан хаалбаттар ээ!» – дии саныы-саныы, Сүөдэр суол таһыгар сытар таастары кэрийэ көрүтэлиир.

Бу кэмҥэ суол устун тэлиэгэ иһэр тыаһа иһиллэр. Өр-өтөр буолбат, Пророк-Ильинскэй бириискэ диэкиттэн тэлиэгэлээх аттаах киһи тэптэрэн кэлэр. Сүөдэр өйдөөн көрбүтэ, били лааппы таһыгар көрсөн кинини үөхпүт саха оҕонньоро эбит.

– Нойоон, үлэлиэххин чахчы баҕарар буоллаххына, миэхэ киирэ сылдьаар. Мин мантан чугас, Бэдэсиэйскэй бириискэҕэ, олоробун. Тиэхэнэп диэтэргин эрэ, нууччалыын-сахалыын бука бары ыйан биэриэхтэрэ, – оҕонньор атын муоһатын хамсатарын кытта, ат сиэлэн атаралаабытынан барда. Эмис, суон баҕайы оҕонньор бүтүн бэйэтэ бүтүннүүтэ суол нэксиэтэ тэлиэгэни быраҕаттаатаҕын аайы, муҥурга кутуллубут хаан курдук, куталдьыйар. Сүөдэр тэлиэгэлээх ат барбыт суолун сиэлэр икки хаамар икки ардынан батыһар.

Күн ортотун саҕана туман тарҕанна, күһүҥҥү күн чаҕылыччы тыгар. Салгын арыый сылыйар. Онуоха эбии «үлэни куоттарыам, атын киһи мин иннибэр түһэн ылыа» диэн тиэтэйэн, Сүөдэр дэлби итииргиир, тиритэр. Суол Бодойбо үрэҕин өрө батан тахсар. Сотору үрэх уҥуоргу өттүгэр улахан дьиэлэр көстөллөр. Ити Надеждинскай бириискэ дьиэлэрэ. Бу бириискэ бэйэтэ биир туспа куорат. Манна Бодойбо кыһыл көмүһү хостотор бириискэлэрин киин хонтуората баар.

Надеждинскай бириискэҕэ таарыйбакка эрэ, Сүөдэр үрэх уҥа кытылынан Федосьевскай бириискэҕэ ааһар. Кини, сатыы хааман, утатар, аччыктыыр. Бодойбо үрэҕэр киирэн уу иһэн тамаҕын сиигирдиэн, үрэх буорунан будулуйа сытар. Бары бириискэлэр көмүһү сууйар уулара барыта манна түһэр.

Байбал Тиэхэнэп – бэйэтэ туспа уһаайбалаах, тыһыынча кэриҥэ көлүнэр табалаах, икки сүүстэн тахса мас кэрдэр үлэһиттээх Бодойбо биир улахан баайа. Кини Тайҕа үс улахан бириискэтигэр мас бэдэрээттэһэн тастарар.

Сүөдэр, көлөһүн-балаһын аллан, бу баай олбуорун иһигэр киирэр. Дьиэ таһыгар ким да суох. Кини иннигэр аҕай кэлбит тэлиэгэлээх ат сыбыдахтанан собуоһуна иһигэр турар. Саха киһитин үгэһинэн, Сүөдэр ааны тоҥсуйбакка эрэ дьиэ иһигэр киирэр. Аан аттынааҕы ойоҕос хостон хоппо күрдьэх курдук уһун ньолбуһах сирэйдээх, төгүрүк соҕус киэҥ харахтаах, хойуу хара хаастаах, муннун аннынан тор курдук хара бытыктаах, баттаҕын төбөтүн сиигинэн икки аҥыы араара тарааммыт саха киһитэ тахсар. Оҕонньор нууччалыы бэрт мөлтөхтүк саҥарар, онон ылсыытын-бэрсиитин кэпсэтэр, аахсар, хантараах түһэрсэр Уйбаан Уоһукабыс диэн үөрэхтээх сахалаах. Сүөдэр кэпсэтэн билсибитэ, кинилэр бу киһилиин биир улуустан төрүттээх буолан тахсаллар. Ону билэн, Сүөдэр, уруутун көрсүбүт курдук, үөрэ түһэр.

– Хайа, эн миэхэ тугунан эмэнэн көмөлөһөр киһи буолаайаҕыный? Мин бу дойдуга кэлэн быстаран хааллым. Үлэ көрдөһө сатыыбын да, кыайан булбакка сылдьабын. Муҥар, кэргэттэрбин илдьэ кэлэн хааламмын…

Уйбаан Уоһукабыс бэйэтэ үлэҕэ ылары-ылбаты быһаарар кыаҕа суох. Ону дьиэлээх тойон Байбал Тиэхэнэп бэйэтэ быһаарааччы.

– Үчүгэй. Мас кэрдиитигэр, таһыытыгар кэпсэтэр буоллаххына, үлэ син көстүө этэ. Харчыта диэн кыра соҕус буолуо. Туох кэргэттэрдээххиний?.. Да-а, кытаанах соҕус суол буолсу. Мас кэрдээччилэр ойуурга балааккаҕа, отууга, үүтээҥҥэ олороллор. Бэйэ, эйигин мас таһыытыгар кэпсэтиэххэ дуу?.. – Уйбаан Уоһукабыс мунаахсыйар.

– Тугунан эмэнэн көмөлөс, абыраа! – Сүөдэр үрүт-үөһэ көрдөһөр.

– Чэ тугу эмэни тобулуохпут. Эн бу курдук гын: Байбал Дайыылабыһы кытта бэйэҥ кэпсэт. Бастаан мас таһыытыгар да сөбүлэн. Кэлин, баҕар, дьоҥҥун кытта бииргэ олорон үлэлиир үлэни булуохпут.

Оо, Сүөдэр иһигэр бу киһиэхэ махтаннаҕын, баһыыбалаатаҕын эриэхсит! Кини, илэ таҥараны көрсүбүт курдук, чэпчиир. Били аччыктаабыта, утаппыта ааһан, хараҕа сырдыы түһэр.

– Да-а, онуоха-маныаха диэри эн кэргэҥҥин манна биир ыалга дьиэ үлэһитинэн киллэриэхпит. Сараапаптаах бирикээсчиктэрэ дьиэ үлэһитигэр наадыйаллар. Мин субу киэһэни аһарбакка кэпсэтиэм.

– Инньэ гынарыҥ буоллар, биһигини улаханнык абырыах этиҥ.

– Чэ, билигин Байбал Дайыылабыс оҕонньорго киирэн кэпсэтиэх, – диэн баран Уйбаан Уоһукабыс Сүөдэри батыһыннаран, иһирдьэ хоско киирэр.

Сүөдэр таһыттан киирбит киһи быһыытынан таҥараҕа кириэстэнэр, дьиэлээх оҕонньору кытта дорооболоһор.

Оҕонньор кып-кыһыл дьүккэлээх хараҕынан Сүөдэри одууласпахтаан баран:

– Били богдо кэлбит дуу! – диир уонна эмиэ даҕаны кэлээр диэн ыҥырбатах, субу көрбүт курдук, көбдьөөрөн, күргүйдээн ыйытар: – Тоҕо кэллиҥ?

– Үтүө тойоммуттан, эйигиттэн, үлэ көрдөһө…

– Мин эйиэхэ үлэ булан биэриэх буолбутум дуо?

Сүөдэр сордоох сирэйгэ сырбаттарбыт курдук буолар, бу хоско киириэн аҕай иннинэ хараҕа сырдаабыта, санаата чэпчээбитэ мэлийэн хаалар. Кини маарыын суолга көрсөн: «Кэлээр, үлэ булан бэриллиэ», – диэбитиҥ диэҕин толлон саҥата суох турар.

– Байбал Дайыылабыс, биһиэхэ билигин мас таһааччылар суохтар, – диэн Уйбаан Уоһукабыс бу кэмҥэ тыл кыбытар. – Былырыын кыһын үлэлээбит аҕыс уон киһиттэн үгүстэрэ уурайан дойдулаабыттара. Онон биһиэхэ киһи наада…

Байбал Тиэхэнэп суруксутун диэки куһаҕан баҕайытык көрүтэлээн кэбиһэр. Кини Сүөдэри кыһалҕалаах эрэ диэн собус-соруйан кыһайар, эрэйдиир санаалаах быһыылаах. Баайдар бары даҕаны дьадаҥыны кыһарыйдахтарына, сордоотохторуна, атаҕастаатахтарына санаалара астынар идэлээх.

– Аҥаардаскын дуу, хас ыамайдааххын дуу? – диэн Тиэхэнэп сүрэ-кута самнан олорор Сүөдэртэн ыйытар.

Сүөдэр тугу кистиэ баарай – кэргэннээҕин, оҕолооҕун сиһилии кэпсээн биэрэр. Тиэхэнэп өйөнөрдөөх олоппоско тиэрэ түһэн олорон Уйбаан Уоһукабыһы сэмэлээбиттии көрөр:

– Ити баар, истэн абыран! Үлэҕэ ыллаххына, ыамайдарын ханна гынаҕыный? Мин үс киһини олордор дьиэм даҕаны, үбүм-аһым даҕаны суох.

– Байбал Дайыылабыс, эн кини кэргэттэригэр букатын кыһаныма. Бэйэлэрэ олохторун булуохтара… Мин кинилэри атын ыалга үлэҕэ кэпсэтиэм.

Тиэхэнэп дьааһыйар. Кини Сүөдэри сордообутугар сылайбыт быһыылаах.

– Чэ-чэ сөп, бэйэҥ билэргинэн дьаһай.

– Байбал Дайыылабыс, онон үлэҕэ ылабыт, – диэн Уйбаан Уоһукабыс ыйытар дуу, тугу быһаарбытын бигэргэттэрэр дуу икки ардынан этэр.

Тиэхэнэп утуктаан хараҕын симэн олорон аат эрэ харата төбөтүн тоҥхоҥнотор. Уйбаан Уоһукабыс Сүөдэри бэйэтин хоһугар киллэрэр. Манна чэй кутан аһатар уонна Сүөдэргэ «үлэҥ суотугар» диэн уон солкуобайдаах кумааҕы харчыны туттарар. Сүөдэр тото аһаабытыттан, хармааныгар харчыламмытыттан атаҕа сири билбэт буола үөрэр. Кини бу олорон били Дьаакыбылап кулуба хамначчыта Сөдүөччүйэ эмээхсин номох оҥостубут этиитин өйдөөн кэлэр: «Киэҥ алааска киирэн көрдөххүнэ, суолуҥ, бүтэй тыаҕа тиийэн үүтүн-аанын булумуна, сүтэн-оһон хаалар курдук көстөр буолбат дуо? Суолу батыһан тыа саҕатыгар тиийдэххэ – суол, син мас быыһынан үүтү-хайаҕаһы булан, быстыбакка бардар бара турар. Киһи даҕаны олоҕо син ол суол кэриэтэ эбээт! Ону өйдүүр буолуҥ!» – Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээх сөбүн да этээхтиир буолар эбит!

– Манна хонон баран төннөр инигин? – Уйбаан Уоһукабыс модьу эриэхэбэй хамсаҕа табаах уурунар.

«Барахсан, эйэҕэс, үтүө да сүрэхтээх киһи» диэн Сүөдэр бу киһини иһигэр олус хайгыы саныыр. Күн киэһэрбит. Сылайбыта да бэрт. Хоммут, сынньаммыт киһи үчүгэй буолуо этэ да, дьоно аах күүтэн эрэйдэниэхтэрэ.

– Суох, дьонум аһыыр астара да суох хаалбыттара. Хайаан да бардахпына сатанар.

– Бу дойдуга түүнүн олус сэрэхтээх. Манна быйыл сайыны быһа ороспуойдар түбүлээтилэр. Баҕар, кинилэр суолга түбэһиэхтэрэ, хонон бар, – диир Уйбаан Уоһукабыс.

Сүөдэр ону истибэт, били уон солкуобайын кичэйэн кистии уктан баран, дьонугар төттөрү тэбинэр.

* * *

Сүөдэр бараах иһиттэн тахсаатын кытта, ас астааччы «маамка» дьахтар кэлэн, Маайаны баһыттан атаҕар диэри чинчийэрдии көрбөхтөөн баран ыйытта:

– Аатыҥ ким диэний?

Маайа, төһө да нууччалыы биллэр, кэпсэтэ үөрэммэтэх буолан, толлон сирэйэ кытаран хаалар.

– Маайа, – диир симиктик.

– Маайа, үчүгэй аат… Саас аайы маай ый кэлэр. Оннооҕор манна, Тайҕаҕа, маай киһи сүрэҕин үөрдэр үчүгэй, сырдык, ичигэс күннэрдээх буолар… Аатыҥ бэйэҥ тас көрүҥҥэр дьүөрэ эбит… Эн маай ыйдааҕы сибэкки курдуккун.

Маайа билбэт дьахтара ити курдук хайҕаан барбытыттан кыбыстан сирэйэ итийбэхтиир. Ол ахсын ордук тупсан, кэрэтийэн барар. Ону көрөн, «маамка» үөрбүт-көппүт курдук буолар.

– Билсиһиэх. Мин аатым – Стеша. Эн кэргэҥҥэр эт, манна биһиги дьоннорбутун кытта бииргэ үлэлээтин ээ, бэйэҥ миигин кытта бииргэ үлэлээ. Биһиги дьоннорбут элбэх көмүһү буллахтарына, эн биһиккини матарыахтара суоҕа. Оччоҕо биһиги харчыланыахпыт!.. Мин төрөөбүт сирбэр Тулоҥҥа барыам, дьиэ атыылаһыам, биир эмэ огдообо киһиэхэ эргэ тахсыам. Мин билигин даҕаны кырдьа иликпин. Сааһым… Э-э, саас диэн тугу да билбэт. Отут биэс саастаах дьахтар суотугар син сылдьыллыа. Эр дьон баҕайылар ону өйдүүллэр гыннаҕыҥ дуу! Аҕам мин кыра эрдэхпинэ өлбүтэ. Ийэм, дьадаҥы буолан, миигин уон иккилээхпэр ыалга хамнаска биэрбитэ. Тулоҥҥа биир атыыһыкка иһит сууйааччынан үлэлээбитим, уон алтабар ас астааччы буолбутум. Ол сыл атыыһыт уола, гимназист, үөрэҕиттэн сайыҥҥы сынньалаҥар кэлбитэ. Мин сордооҕу бу айылаах оҥорбут кини баар. Кини миигин күүһүлээн саакка киллэрбэтэҕэ буоллар, баҕар, билигин бэйэм кэргэннээх, оҕолоох ыал ийэтэ буолан олоруох этим…

Маайа бу дьахтар кэпсээнин үксүн күдээринэ иһиттэ, арай атыыһыт уолун туһунан эппитин эрэ чопчу өйдөөн хаалла. Ону даҕаны били Дьаакыбылап уола Сүөдэркэ кэмэлдьитигэр маарынната санаан.

Стешка, хараҕын уутун сотто-сотто, эрэйдээх, сааттаах олоҕун туһунан салгыы кэпсии олордо:

– …Мин акаары эрэйдээх этим. Сарсыарда хотуммар үҥсүбүтүм… Миигин дьиэлэриттэн үүрэн таһаарбыттара. Ытыы-ытыы ийэбэр кэлбитим. Ийэм сордоох, быстыа дуо, миигин иитимньи оҥостубута. Атыыһыт уола хас киэһэ аайы миэхэ кэлэрэ, минньигэс кэмпиэтинэн аһатара. Миигин ойох ылыах буолара. Бу акаарыҥ, ону итэҕэйэн, хат буолтум. Ийэм эрэйдээх, ону билэн, хараҕын уута куурбат буолбута. Сотору уол оҕону төрөппүтүм. Атыыһытым уола, мин хат буолбуппун билэн баран, кэлбэт буолбута, онтон ыла көстүбэтэҕэ. Аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа, ханна да барар сирэ суох, муммут кус оҕотун курдук, суос-соҕотоҕун тула холоруктуу түспүтүм. Оҕом эрэйдээх өлөрүгэр баҕарарым. Хаста да бэйэм тумнаран өлөрөөрү сорунан көрбүт айыылаахпын…

«Оо, эмиэ бэрт үгүс эрэйи, сору көрөөхтөөбүт муҥнаах эбит», – дии санаан, Маайа хараҕыттан уу-хаар баһан ылар. Чочумча саҥата суох олорбохтууллар.

– Аспытын астаабакка, кэпсэтэ олорон хаалаары гынныбыт дии, – диэбитинэн Стешка, хараҕын уутун ытыһын көхсүнэн киэр садьыйаат, ойон турар. Улахан баҕайы ылтаһын тааһы туппутунан таһырдьа тахсар. Маайа, бу дьахтар оҕотун өлөрөөрү гыммытын истэн, куттаммыт курдук, оҕотун диэки көрүтэлиир. Сэмэнчик, хата, туохтан да кыһаллыбакка, оһох аттыгар мас сыыһынан оонньоон букунайа олороохтуур.

Сотору соҕус Стешка сытыйбыт сыттаах, буор курдук хап-хара өҥнөөх туустаах эти ылтаһын тааһыгар көтөҕөн киллэрэр.

– Маайа, маны сууйа тур. Сотору-сотору уугун уларытан биэрээр. Мин мас киллэрэн уоппутун оттуум, – диэт, кини эмиэ таһырдьа элэс гынар.

Маайа таастаах эти ылан сууйбутунан барар. Эмискэ аан аһыллан иһэн, сабыллан хаалар. Аан таһыгар дьон кэпсэтэн ботугураһаллара иһиллэр. Маайа, дьиктиргээн, тугу кэпсэтэллэрин иһиллиир. Кэһиэхтээх куоластаах эр киһи саҥата:

– Бараах иһигэр ким да суох дуо? – диэн ыйытар.

Онуоха Стешка саҥата, хайдах эрэ оонньоһон эрэр курдук, ис-иһиттэн дьээбэлээхтик хардарар:

– Үлэһиттэр бары барбыттара уонна ким кэлиэн ыйытаҕыный?

– Чэ оччоҕо үчүгэй… Биир таптаабыт ороммутугар оонньуохпут… Чэ, киириэх! – эр киһи тиэтэтэр.

– Киэр буол… Сааппаккын даҕаны!

– Стешка, чэ киириэх, бараах иһигэр кэпсэтиэхпит.

– Ээйиис!.. Ааны астарыам суоҕа, – Стешка аһыллан эрэр ааны саба баттыыр.

Эмискэ аан тэлэллэ биэрэр. Сэбирийбит түүлээх хара бараан бэргэһэлээх, үөһээ уоһун үрдүнэн икки аҥыы туора ыйа сылдьар куп-кугас бытыктаах, киистэлээх нагаайка кымньыыны уҥа илиитин бэгэччэгэр иилиммит сэнэх соҕус мааны таҥастаах эрээри, ынырык көрүҥнээх киһи, бараах аанын тэлэйэн, иһирдьэ көтөн түһэр.

Ол киһи, Маайа эт сууйа турарын көрөн, соһуйбут курдук, чугурус гынар.

– Оһо-о, манна өссө биир кырасаабысса баар эбит дуу? – уонна, эт сытын билбит куоска курдук, Маайа диэки иҥсэлээхтик көрүтэлиир, бытыгын туора эрийбэхтиир. – Чэй эрэ, Стеша, маны ылаҥҥын биир иһити ойутан аҕал… уонна сокууската атыылас, – диэн баран били киһи сиэбиттэн уон сүүстээх кытархай өҥнөөх кумааҕы харчыны хачыгыраппытынан таһааран Стешкаҕа уунар.

– Евстигнеюшка мохсоҕолум, сип-сибилигин! – диэт Стешка, эр киһиэхэ хараҕынан имнэнэн баран, таһырдьа ойор.

Евстигней аргыый аҕай Маайаҕа чугаһыыр, арыы ньалҕархай хараҕынан көрүтэлиир, мичээрдиир. Маайа кини хас көрүүтүн, хамсаныытын кэтэһэн көрөр. Ол туран, сытыган сыттаах эти сууйарын кубулуппат.

– Ну, кырасаабысса, ким диэн ааттааххыный?

Маайа саҥарбат. Бу киһиттэн дьиксинэн барар.

– Японкаҕын дуу?.. Китаянкаҕын дуу?.. Тоҕо саҥарбаккыный?

Маайа онуоха, дьүлэй киһи курдук, эмиэ көрөн эрэ кэбиһэр. Евстигней, хайдах да сыстан кэпсэтиэн булумуна, Маайаны одуулаһан саҥата суох турбахтыыр.

Сотору соҕус Стешка биир иһит арыгылаах уонна халбаһыы тутуурдаах киирэн кэлэр. Кини түргэнник хааман, имин хаана кэйэн, хараҕа мичилийэн, хайдах эрэ тупсубут курдук буолбут.

– Евстигнеюшка Петрович, атыылаһан аҕаллым! – дии-дии Стешка бытыылкатын, халбаһыытын Евстигней сирэйигэр үҥүлүттэ.

Евстигней, ону халбарыччы анньан баран, хараҕын Маайаттан араарбакка туран ыйытта:

– Үчүгэй, бэлэмнээ!.. Бу кырасаабысса хантан көһүннэ?

– Бэйэтиттэн ыйыт ээ, – Стешка курус гына түһэр. – Тайҕаҕа киһи хантан көстүбэт буолуой! Көһүннэҕэ дии, онуоха эн тоҕо кыһанныҥ!

Евстигней бу дьахтар күнүүлүү санаан, тыла-өһө хатыыланан барбытын букатын кумаардаабат. Кини хараҕын Маайаттан араарбат.

– Нууччалыы билэр дуу, суох дуу?

Маайа «этимэ» диэбиттии Стешка диэки көрүтэлиир.

– Бэйэтиттэн ыйыт ээ… Билэр, кэпсэт, – Стешка өс саҕа буолан охсурҕаланар.

– Чэ, аскын бэлэмнии оҕус! Эһигини иккиэҥҥитин мин, Евстигней Петрович Позатылкин, күндүлүөхпүн баҕарабын! Кэлиҥ, олоруҥ! – дии-дии Евстигней остуолга үс ыстакаан турарыгар арыгы кутуталыыр.

Стешка арыгы кутуллубутун көрөөт, Евстигней ыҥырбытын истээт, букатын уларыйа охсор, күлэрэ-салара элбии түһэр. Маайа мааҕын Стешканы наһаа аһыммыта. Билигин кини ити киһилиин оонньоһорун, сүүрэн-көтөн сарыкынайарын, солуута суох күлэрин көрөн, улаханнык кэлэйэ санаата.

– Чэ, Евстигнеюшка Петрович, ас бэлэм! – Стешка халбаһыыны кырбаан тэриэлкэҕэ уурар.

– Кэлиҥ, остуолга олоруҥ! – Евстигней Маайаны илиититтэн ылан остуол диэки соһор.

– Миигин тыытыма! – диэн Маайа кыыһырбыт куолаһынан хаһыытыыр.

– Оо, мин маннык хоччоххой майгылаах дьахтары таптыыбын, – Евстигней күлэн тииһэ килбэйэр.

Маайа тахсан куотара эмиэ сатаммат. Оҕото Сэмэнчигэ нагаайкалаах сылдьар билбэт киһититтэн куттанан, оһох кэннигэр саһан олорор. Хайдах кинини манна соҕотохтуу хаалларыай – оҕо эрэйдээх куттанан өлүө.

– Оттон миигин таптаабаккын дуу? – Стешка, Евстигней киниэхэ кыһаллыбатыттан абаран, ыйытар.

– Ээ, эн диэн, били, балык суоҕуна баҕа да балык диэбиккэ дылы, дьахтар эрэ суоҕуна дьахтар буоллаҕыҥ дии, – диир Евстигней.

Стешка сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытара түһэр. Ол да буоллар кини ити атаҕастабыллаах тылларга туох да диэн хардарбат, хата тугу да истибэтэх курдук туттан, Позатылкин аттыгар олорунан кэбиһэр.

– Ити кырасаабыссаны остуол аттыгар ыҥыран аҕал эрэ! – диир Евстигней киниэхэ.

Стешка, бэрт улгумнук туран, Маайаҕа кэлэр:

– Маайа, чэ, кэлэн олор, тойоммут Евстигней Петрович күндүлүүрүттэн аккаастаныма.

– Суох, мин топпун.

– Кэбис, куттаныма, мин тыытыам суоҕа, – диир Евстигней ааттаһардыы.

– Чэ-чэ, куттаныма, эйигин тыыттарыам суоҕа, – Стешка Маайа кулгааҕар сибигинэйэр.

Маайа, илиитин сотто-сотто, остуолга кэлэр. Евстигней хараҕын киниттэн араарбат. Маайа, кини одуулаһарыттан оҕотунан хаххаланаары, оһох кэнниттэн уолун Сэмэнчиги көтөҕөн аҕалар.

– Бу ким оҕотой?

– Мин оҕом, – диир Маайа, оҕотун төбөтүттэн сыллаан ыла-ыла. Сэмэнчик тэриэлкэҕэ кырбаммыт халбаһыыга ымсыыран кылап-халап көрүтэлиир. Евстигней, ону бэлиэтии көрөн, мичээрдии-мичээрдии, тэриэлкэттэн биир быһыы халбаһыыны ылан, Сэмэнчиккэ уунар.

– Аатыҥ кимий?

Сэмэнчик саҥарбат.

Евстигней арыгылаах ыстакааннары Маайа, Стешка уонна бэйэтин иннигэр туруортуур.

– Чэйиҥ, иһиэҕиҥ! – Евстигней ыстакааннаах арыгыны биирдэ хантас гыннаран кэбиһэр. Кураанах ыстакааны остуолга туруоран баран, сүр күүскэ өрө уһуурар, тэриэлкэттэн халбаһыыны ылан айаҕар симэр.

Стешка ыстакааннаах арыгыны эмиэ иһэн кэбиһэр, ол кэнниттэн остуолтан килиэби ылан сыллыыр.

Маайа ыстакааннаах арыгыны, бэрт кыратык амсайан көрөн баран, остуолга төттөрү ууран кэбиһэр.

Евстигней, улаханнык аччыктаабыт киһи курдук кимирийэн, аһаан барар. Сотору соҕус сирэйэ кытаран кэлэр, хараҕын үрүҥ дьүккэтэ эмиэ кытарар. Стешка эмиэ сирэйэ үллэн, ньалҕарыйан, холуочуйан барар. Маайа аччык буолан килиэптээх халбаһыыны хото сиир. Сотору-сотору оҕотугар халбаһыыны ылан биэрэр.

Евстигней Петрович иһит түгэҕэр ордубут арыгытын бэйэтигэр куттар. Туох да саҥата суох Маайа ыстакааныгар охсуһуннаран баран, арыгытын эмиэ хантатар.

– Аа! Олус үчүгэй! Ол иһин да этэллэр ээ: маҥнайгы үрүүмкэ – тоһоҕону ыйыстыбыт курдук, иккис үрүүмкэ – мохсоҕол көтөрүн курдук, үһүс үрүүмкэ – кыракый чыычаах курдук тырымнаан киирэр диэн, – Евстигней кураанах бытыылканы ылан эргитэ-урбата туппахтыыр, онтон сиэбиттэн эмиэ уон сүүстээх кумааҕы харчыны хостоон таһаарар. – Стеша! Мэ, тэбин, арыгыта аҕал! Түргэнник!

Стешка, харчыны харбаан ылаат, таһырдьа ыстанар.

– Эрдээххин дуо? – Евстигней үһүөйэх хаалаат Маайаттан ыйытар.

– Баар.

– Ханна үлэлиирий?

– Үлэтэ суох.

– Миигин биирдэ таптаа, оччоҕо эн кэргэниҥ өлгөм көмүстээх сиргэ үлэ ылыа, – Евстигней күлэн тииһэ килэйэр.

Маайа, маннык саата-кэрээнэ суох тылы истэн, икки кулгааҕа итийэ түһэр, ыстыы олорбут халбаһыыта хайдах эрэ айаҕар баппакка дылы буолар.

– Хайа, туох диигин? – Евстигней остуол уҥуортан Маайа илиитин тутаары уунаҥныыр. Маайа, чинэс гынан, тэйэн биэрэр. Евстигней сыыһа харбаан хаалар, оонньоһор дии санаан, үөрэн, күлэн алларастыыр. «Оо, Стешка да кэлэ охсубат ээ», – диэн Маайа ыгылыйар.

– Нуу, кырасаабысса, тоҕо саҥарбаккыный? Мин эйигин дьоллуом. Эйигин баскыттан атаххар диэри солкоҕо суулуом, кыһыл көмүһүнэн симиэм. Мин маннааҕы алтыс нүөмэрдээх шахтаҕа элбэх көмүстээх сири билэбин. Ону кимиэхэ да тыыттарбакка сытыарабын. Евстигней Петрович хата барыны бары билэр. Сибиряков тугу да билбэт. Кини биир да шахтаҕа сылдьыбат, мин сылдьабын, мин көрөбүн, мин билэбин. Сибиряков баайбын диир. Суох, кини мин илиим иһигэр баар, мин кинини байытар да, дьадатар да кыахтаахпын. Манна баар көмүс кини баайа буолбатах, мин, Евстигней Петрович Позатылкин, баайым… Сэгэриэм, сылаас хараххынан көр!.. Иннигэр кыһыл көмүһү ыһан биэриэм!

– Оннук баай эрээригин, сааппаккаҕын, үлэтэ суох, сытыйбыт эти астыы сылдьар дьахталлары хаадьылыыгын дуо?.. Баайдары, маанылары булуоххун? – диир Маайа абарбыт куолаһынан.

Евстигней, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, кубарыс гына түһэр. Күргүйдээн, мөҥөн-этэн барыаҕын дуу, албыннаһыаҕын дуу билиминэ, Маайа диэки көрө-көрө, кэтэҕин тарбанар. Бу кэмҥэ дьэдьэн курдук тэтэрбит Стешка көтөн түһэр, биир иһит арыгыны Евстигней иннигэр туруоран кэбиһэр. «Мин суохпуна манна туох буоллугут?» – диэбиттии, Стешка Евстигней уонна Маайа сирэйдэрин көрүтэлиир.

– Миигин үлэһиттэр ыт курдук көрөллөр. Көрдүннэр! Миигин ойохторугар күнүүлүүллэр. Күнүүлээтиннэр! Мин онно кыһаммаппын, кыһаныам да суоҕа… Мин манна муҥур ыраахтааҕыбын!.. Манна становой Богулевскай баар. Кини ыраахтааҕы киһитэ, ха-ха! – Евстигней күлэн алларастыыр. – Кини сыаната кыра – биир муунта кыһыл көмүс. Исправник Курдюков баар. Кини сыаната арыый ыарахан соҕус. Ол эрээри, көмүс тугу кыайбатаҕа, оҥотторботоҕо баарай! Уонча муунта көмүһүнэн кини да солотун сыаната бүтэр. Полицмейстер Олеников баар, кини баҕас сыаната диэн биэс-алта муунта эрэ… Оттон мин сыанам ыарахан. Сибиряков бириискэлэрэ барыта миэнэ! Мин тойоммор, Сибиряковка, көмүһү биэрдэхпинэ биэрэбин, суох буоллаҕына… Мин манна тойоммун, мин манна сууппун, мин манна ыраахтааҕыбын!..

Евстигней билиис ырбаахытын саҕата хабарҕатын хам тутар, ону харбаан ылан, биир да тимэҕи ордорбокко, тоҕо тардан кэбиһэр. Бэйэтин санаатыттан бэйэтэ көөнньөн, киэбирэн барар. Испит арыгыта төбөтүгэр тахсан, мэйиитэ эргийэр. Стешка аҕалбыт бытыылкалаах арыгытын бүөтүн төлө охсон кэбиһээт, ыстакааныгар таҥнары тутар. Арыгы, ыстакаан таһынан баран, остуолга тохтор. Стешка Евстигнейтэн бытыылканы былдьаан ылар уонна бэйэтигэр куттар. Кини Маайаҕа кутаары гыммытын, Маайа киэр анньар.

Евстигней, ыстакааннаах арыгытын биирдэ хантатаат, эмискэ ойон турар.

Кэлэн, Маайаны кууһаары сарбаҥнаабытыгар, Маайа оҕотун көтөхпүтүнэн киэр тэйэн биэрэр. Евстигней сыыһа тутан хаалар, хабырынан тииһин хачыгыратар, уоһун чорбоҥнотор, бытыгын хамсатар.

– Кырасаабысса, тоҕо хаҥыл ат курдук куота сатыыгыный? Миигиттэн куотуоҥ суоҕа!.. Ну-ка, Стешка, биир иһит арыгыта көтүтэн аҕал эрэ!.. Түргэнник!

Ситэ испэтэх арыгылара остуолга турарын үрдүнэн Стешка туох да саҥата суох тахсан барар. Евстигней бараах иһигэр төттөрү-таары хаамыталыыр. Маайа күөһү өрө барар. Евстигней, оһох аттыгар кэлэн, Маайаны синньигэс биилиттэн кууһан ылар. Маайа, хаһыыра түһээт, төлө мөҥөр уонна күөһү булкуйа турбут тимиринэн сырбатан иһэн тохтуур. Оҕустаҕына букатын баһын хайа дайбаан кэбиһииһик. Евстигней, кэннинэн тэйэбин диэн, туохтан эрэ иҥнэн, тиэрэ баран түһэр.

Маайа, оҕотун Сэмэнчиги харбаан ылаат, бараах иһиттэн ойон тахсан, Бодайбинка үрэх диэки сүүрэр. Онно дьапта таас быыһыгар киирэн саһар. Ол курдук оҕотун көтөхпүтүнэн өр олорор, күһүҥҥү тымныы тыалга супту үрдэрэн тоҥон барар. Тоҥнор да ханна барыаҕай? Барар сирэ суох… Ол олорон кини төрөөбүт Сахатын сирин, төгүрүк алааһын, ийэтин санаан, уйаара-кэйээрэ суох ытаан барар.

«Оо, төрөөбүт дойдум барахсан, хаһан эн буоргар үктэнэбин, эн мутукчалаах ойуургун көрөбүн, күөх нуолай хонуугар хаамабын?.. – дии саныыр кини. – Ийэм барахсан, оҕо төрөөммүн мин эйигин төһө эрэ ытаттым, муҥнаатым буолла? Миигин эн бырастыы гыныаҥ буолуо дуо?.. Аҕам баҕайы, Киллэмҥэ кэлэн миигин көрсөн тиийэн, эйиэхэ туох эрэ диэн сымыйалаата?.. Аны эйигин көрсүөм буолуо дуо? Бу дойдуттан биһиги тыыннаах арахсыахпыт суох ээ, быһыыта…»

Маайа оҕотун ыбылы кууһан, бэйэтин сылааһыгар бигии сатыыр. Үөһэ, бараах иһигэр, Стешкалаах Евстигней итирик куоластарынан ханнык эрэ ырыаны ыллаан айдаараллара иһиллэр, өр соҕус буолан баран Стешка бараах таһыгар тахсан Евстигнейи атаарар уонна Маайаны ыҥыран хаһыытыыр. Маайа, ити дьахтартан кэлэйбитэ бэрт буолан, ол хаһыыга хардарбакка эбии дьылыйан биэрэр.

«Бу курдук куһаҕаҥҥа, сидьиҥҥэ умньана сылдьыах кэриэтэ ыраас сылдьан өлбүт ордук, – диэн быһаарынар Маайа. – Оҕом Сэмэнчик тулаайах хаалыах муҥа дуо?.. Оҕом уонна… Сүөдэрим… Миигин кэргэн ылбатаҕа буоллар, Сүөдэр маннык сору көрүө суох этэ. Кинилэр эрэ этэҥҥэ сырыттыннар. Ити ыт тугу үрбүтүн Сүөдэрбэр кэпсиибин дуу, суох дуу? Кэбис, кэпсээтэхпинэ, Сүөдэрим эрэйдээх санаата муучу буола сылдьыа. Аны, баҕар, Евстигнейи кытта охсуһан, өлөрсөн, ол айдаана буолуо. Кэбис, кэпсиэм суох».

Маайа манна өр олорор. Тымныы таастан атахтара көһүйэллэр. Сэмэнчигэ тоҥон ытаан барар. «Оҕобун тымнытан, аны ол алдьархайа буолуо», – диэн куттанан, Маайа бараахха төннөрүгэр тиийэр.

Рабочайдар кэлэн аһаан барбыттар. Стешка дьон аһаабыт иһиттэрин сууйа турар.

– Акаарыгын, – диир Стешка, Маайа киирбитин көрөн. – Мин, эн оннугар буолларбын, дьолго тиксиэ этим. Эрим өлгөм көмүстээх сиргэ үлэлиэ, элбэх харчыны өлөрүө этэ… Куттаныма, Евстигней Петрович туох да ыарыыта суох… Мин киниттэн куттаммаппын…

Бу кэмҥэ Стешканы ситэ саҥарпакка аан диэкиттэн дьахтар саҥата хабылла түһэр:

– Потаскуха!

Маайа соһуйан, эргиллэн көрөр. Аан аттыгар биир дьахтар турар эбит. Стешка бу дьахтартан куттанар, сирэйэ кытаран хаалар. Таһыттан киирбит дьахтар, атын туох да саҥата суох олоппоһу ылан, олорон кэбиһэр. Стешка улам холкутуйар, дьахтар эбии саҥарбатаҕыттан эр ылан, хата сэмэлээн барар:

– Дура! Өйдөөҕүҥ буоллар, баай, мааны хотун буолуоҥ этэ. Бу курдук ыал устун сылдьыа суох этиҥ!

– Өйдөөх дьахтар, эн да байбытыҥ соччо көстүбэккэ дылы.

– Мин айахпар тото аһыыбын. Оттон эн…

– Мин киһибин… Дьахтар чиэһэ диэн баар. Ону сүтэрэртэн ордук дьахтарга туох саата баар буолуой?..

– Эн, «ыраас» дьахтар, таҥараҕа кийиит буолаа инигин! – Стешка күлэн сатарытар. Ол күлэр, ытыыр икки ардынан күлүү этэ.

Таһыттан киирбит дьахтар, олоппостон туран, тоҕо эрэ таҥаһын тэбэнэр, Стешканы батары көрөр:

– Хас итирбит ыт аайы тэллэх буоларгыттан сааппаккын даҕаны!

– Бар, киэр буол! – Стешка дьахтарга ынан кэлэр. – Сип-сибилигин тахса оҕус!

– Эн атыттары тыытыма, бэйэҥ киниэхэ тэллэх буолуоххун баҕарар буоллаххына – буол! Биһиги, дьахталлар, бары эн курдук суобаспытын, кэрээммитин сүтэриэхпитин баҕарбаппыт, – дии-дии таһырдьаттан киирбит дьахтар тахсан барар.

Маайа ити киирэн айдааран тахсыбыт дьахтарга улаханнык махтана саныыр. Кини манна даҕаны чиэстэрин атыылаабат ыраас дьахталлар бааллар эбит диэн түмүккэ кэлэр. Итинтэн кини хараҕа сырдыыр, тыына кэҥиир.

Стешка туох даҕаны буолбатаҕын курдук туттар.

– Эн ити дьахтар этэригэр кыһаныма, – диир кини. – Манна суут-сокуон суох. Бу – Тайҕа. Манна киһи үбү-аһы батыһан кэлэр. Эр дьон шахтаҕа үлэлээн, мас кэрдэн үбү булаллар. Оттон биһиги, дьахталлар, күүспүт биллэр биир. Онтон атынынан туохпутунан көмүһү булуохпутуй?..

– Стешка, тоҕо итинник саата-кэрээнэ суох тыллаһаҕыный? – диир Маайа ааттаһардыы.

– Манна саат диэн суох. Манна дьахтар саата көмүс буолан кубулуйар…

– Стешка, саҥарыма!

– Эн да өр бу курдук сылдьыаҥ суоҕа. Эйигин да көмүс кыайыа. Көмүс күүстээх! Кинини кыайбыт суох! Ити билигин миигин үөҕэн тахсыбыт дьахтар – акаары. Эн кини тылын истимэ.

– Мин кинини акаары дьахтарга холуйбатым. Кини сөпкө этэр, дьахтар чиэһэ диэн баар буолуохтаах, – диир Маайа.

– Чиэс баай буолбатах, кини туһата тугуй? Оннооҕор тойоттор хотуттара, тотторун тулуйумуна, чиэстэрин туппаттар. Оттон биһиги диэн… Кыһалҕаттан, аһыыр, таҥнар эрэ иһин… – Стешка хараҕын уутун соттор.

Күн киэһэрэн, бараах иһэ хараҥаран барар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации