Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 42 (всего у книги 62 страниц)
Медницкэй эсер редакциялаан таһаарар «Үлэ куолаһа» диэн хаһыата күннэтэ аайы большевиктары холуннарар, Советскай былааһы үөҕэр, Колчак кыайыытын арбыыр. Типография үлэһиттэрэ итэҕэйбэттэрин ааһан, күлсэллэр. «Колчак сэриитэ хото турар» диэн суруллубут буоллаҕына, үлэһиттэр «алҕаһаан» «хотторо турар» диэн хаһыакка бэчээттээн таһаараллар. Ол аайы Колчак тойонноро Медницкэйи мөҕөллөр, дибдийэллэр, хаайыынан куттууллар. Хаһыат хас нүөмэрэ барыта кэриэтэ «алҕаһа» суох тахсыбат. Ким «алҕаһы» оҥорбутун көрдүү, була сатыыллар да, кыайан булбаттар – «алҕас» Медницкэйтэн бэйэтиттэн тахсыбыт буолан иһэр.
«Үлэ куолаһа» норуокка авторитета суох. «Алҕастааҕын иһин бэҕэһээҥҥи хаһыат тарҕамматаҕа» диэн Медницкэй күннэтэ кэриэтэ биллэрии таһаарар.
Дьокуускай уобаластааҕы Колчаковскай правительство контрразведкатын начаалынньыга поручик Захаренко Медницкэйи ыҥыран ылар. Медницкэй кутталыттан, тэтиҥ сэбирдэҕин курдук, титирэстии-титирэстии, Захаренко аанын тоҥсуйан баран быган турар:
– Үрдүк сололоох, киириэххэ сөп дуо?
– Киир! – Захаренко көрбөт даҕаны.
– Үрдүк сололоох, миигин ыҥыттарбытыҥ дуо?
– Аа, Медницкэй, киир-киир! Аас бэттэх!
– Ааһыам, ааһыам, – Медницкэй тэпсэҥниир.
– Хаһааҥҥыттан эн большевик буоллуҥ?
– Суох, үрдүк сололоох, мин… мин…
– Саҥарыма! – Захаренко остуолу сырбатар.
– Саҥарбаппын… Саҥарбаппын!
Медницкэй туох эмэ үтүөнү оҥорон, Захаренконы алы гынан, санаатын көннөрүөн баҕарбыта, оннук түбэлтэ көстөн биэрбэтэҕэ… Захаренко бөппүрүөскэ ылан айаҕар уган баран, испиискэ көрдөөн, остуолугар сытар кумааҕылары таптайар.
– Баһаалыста! – Медницкэй түргэн баҕайытык испиискэ умата охсон биэрэр.
– Хаһааҥҥыттан эн большевик буоллуҥ?
– Мин… үрдүк сололоох… Большевиктары туох баар эппинэн-хааммынан… абааһы көрөбүн!
– Бу хаһыаккын туох диэн ааттаан таһаардыҥ? «Үлэ куолаһа» диэн оннугар «Урод куолаһа» диэбиккин буолбат дуо?! – Захаренко «Урод куолаһа» диэн хаһыаты ылан Медницкэй сирэйигэр анньар.
– Мин… итиннэ… буруйдаахпын… Ити үлэһиттэр… бары большевиктар диэки… Кинилэр хаһыат аатын уларыппыттара буолуо.
– Эн эппиэттиигин, манна атын ким да эппиэттээбэт! Аны биир алҕас тахсыа, хайаан да хаайыыга уктарыам. Биир камераны бэлэмнэтэн олоробун.
– Кыһана сатыам!.. Көрдөһөбүн, үрдүк сололоох!
Медницкэй, Захаренко кабинетыттан дьиэтигэр кэлбэккэ эрэ, типографияҕа быһа ааһар. Онно тиийэн кини үлэһиттэри барыларын биир хоско мунньар.
– Өссө алҕас тахсыа, биир тыла суох корректордары үлэҕититтэн үүрэн кэбиһиэм. Эһиги иннигитигэр мин хаайыыга олоруохпун баҕарбаппын… Эһиги миигин бары абааһы көрөргүтүн мин өтө билэн турабын… Билиҥҥи былааһы сөбүлээбэккитин эмиэ билэбин…
Типография үлэһиттэрэ муннуларынан да, айахтарынан да тыыммакка, саҥата суох истэн олороллор.
– …Онон эрдэтинэ сэрэтэбин, эһиги миигин хаайыыга олордуоххут иннинэ, мин эһигини барыгытын хаайтаран баран, бэйэм соҕотоҕун хаалыам…
Медницкэй тахсан барар. Үлэһиттэр үлэлиир сирдэригэр тарҕаһаллар. Алеша Сизых диэн корректор, Сэмэнчиккэ кэлэн имнэнэн баран, бэйэтэ үлэлиир хоһугар ааһар. Сэмэнчик, Сизыҕы батыһан, корректордар хосторугар киирэр. Хос иһигэр кинилэртэн атын ким да суох. Сизых ааны ыксары сабар.
– Сэмэнчик, миэхэ биир дьыалаҕа көмөлөһүөҥ дуо?
– Туохха?
– Маны сип-сибилигин дьиэҕэр илдьэн кистиэ этиҥ дуо? – Сизых биэс муунта кэриҥэ ыйааһыннаах типография шрибин уолга туттаран кэбиһэр.
– Маны тоҕо кистиибиний?
– Ыйытыма, хойут мин эйигиттэн ылыам.
Сэмэнчик, бу киһини урут билбэт киһитэ буолан, дьиксинэ саныыр: «Баҕар, провокация буолаарай? Миигин соруйан үтэн-анньан көрөрө буолаарай?»
– Суох! Мин маны ылбаппын, – Сэмэнчик Сизыхха шрибин төттөрү уунар.
– Мин эйигин итэҕэйэр этим… Ол аата алҕаһаабыт эбит буоллаҕым.
– Миигин эн хайдах ол курдук итэҕэйэҕин? Эн миигин букатын билбэт буолбаккын дуо?
– Мин эйигин былырыыҥҥаттан билэбин. Били Медницкэй биэрбит хоһоонун сиргэ тэпсэн баран, сүтэ сылдьыбытыҥ буолбат дуо… Мин эйигин кыһыл этэрээтин кытта кэлсэн баран хаалта буолуо дии саныырым…
– Чэ, оччоҕо аҕал! – диир Сэмэнчик.
Аҕыйах хонон баран Сэмэнчик Сизыхтыын «Үлэһиттэргэ» диэн прокламация бэчээттээн, түүн куорат ыалын олбуордарыгар, уулуссалар муннуктарыгар сыһыартыыллар. Бу прокламацияны ким суруйбутун Сэмэнчик билбэт. Кини ол туһунан Сизыхтан ыйытыан кыбыстар. Итинтэн бэттэх Сэмэнчик олорор балаҕанын биир муннуга бэйэтэ туспа типография буолар.
Сэмэнчик олорор балаҕана Таалай күөлүн арҕаа уһугар турар. Манна иккиэйэх эрэ кырдьаҕас оҕонньордоох эмээхсин олороллор. Оҕонньор ыйы-ыйынан тыаҕа тахсан мас кэрдэр идэлээх. Эмээхсин үөрэҕэ суох, ону ааһан хараҕынан букатын мөлтөх. Онон Сэмэнчик тугу гынарыгар соччо кыһаммат дьон этилэр.
Сайыҥҥытыгар типографияларын ампаар оҥкучаҕын иһигэр көһөрөллөр. Ампаарга Сэмэнчик суос-соҕотоҕун олорор. Билигин «Дьиҥнээх балаһыанньа» диэн бэйэтэ хаһыат кэриэтэ листовканы нэдиэлэҕэ биирдэ бэчээттээн тарҕаталлар. Листовкаларын эрдэттэн үлэхтээх сирдэргэ илдьэн уурталыыллар, онтукалара нөҥүө күнүгэр куораты биир гына тарҕаммыт, сыһыарыллыбыт буолар.
Сэмэнчик ити үлэҕэ кыттыһыаҕыттан ыла бэрт аҕыйахтык сынньанар. Икки күн типографияттан тахсыбакка наборнай сыахха үлэлээн баран, үһүс күнүгэр дьиэтигэр дьэ сынньана кэлэр. Ол кэлэн, аны «Дьиҥнээх балаһыанньаҕа» бэчээттэнэр телеграммалартан көрдөҕүнэ, Колчак сэриитэ улаханнык хотторон эрэр. Онон революция Сибиир үрдүнэн кыайара чугаһаабыта чуолкай. Оттон Медницкэй редакциялаан таһаарар «Үлэтин куолаһыгар» ити телеграммалар үгүстэрэ киирбэт этилэр. Онон куорат дьоно «Үлэ куолаһынааҕар» кистэлэҥинэн тахсар «Дьиҥнээх балаһыанньа» листовканы быдан ордорон ааҕар буолбуттара. Биирдэ Сэмэнчик дьиэтиттэн типографияҕа кэлэн истэҕинэ, кинини Улахан уулусса муннугар икки саллаат көрсө түһэр.
– Тохтоо!
Сэмэнчик «Дьиҥнээх балаһыанньаны «бэчээттээн бүтэрэн, үлэхтээх сирдэригэр тарҕатан баран, үлэлии баран иһэр, бэйэтин кытта туох да уорбалаах суох буолан, ити саллааттартан куттаммат.
– Ханна бардыҥ?
– Үлэбэр.
– Ханна үлэлиигин?
– Типографияҕа.
– Типографияҕа? – иккиэн урут хаһан да истибэтэх тылларын истибит курдук, дьиктиргээбиттии, хардары ыйыталлар. – Ол аата тугуй?
– Хаһыат бэчээттээн таһаарар сиргэ!
– Оо, оччоҕо эн үөрэхтээх буоллаҕыҥ дии?
– Кыра үөрэхтээхпин, эһиги?
– Мин таҥара дьиэтин оскуолатын биир эрэ кылааһын бүтэрбитим, – диир биирдэстэрэ.
– Мин оскуоланы таһынан үстэ-түөртэ сылдьыбытым, – диир иккиһэ уонна күлэр. Бу иккиэн эдэркээн баҕайы бааһынай уолаттара этилэр.
– Эн хаһыат таһаарар сиргэ үлэлиир буоллаххына, «Дьиҥнээх балаһыанньа» листовканы ааҕарыҥ буолуо, – диир үөрэҕэ суохпун диэбит саллаат.
– Суох, мин оннук баарын билбэппин даҕаны. Кинини биһиги таһаарбаппыт.
– Эн биһигиттэн куттаныма… Биһигини күүстэринэн ылбыттара, – диир «үөрэҕэ суохпун» диэччитэ.
– Өскөтө «Дьиҥнээх балаһыанньа» эйиэхэ түбэстэҕинэ, биһиэхэ биэрээр. Биһиги ааҕыахпытын олус баҕарабыт! – диир иккис уол.
– Сөп, эһигини хантан булуохпунуй? – бу уолаттар Сэмэнчиккэ тоҕо эрэ ис киирбэхтик көстөллөр.
– Ким билэр, хаһаарымаҕа аҕаларыҥ кутталлаах…
– Оччоҕо эһиги хаһаарымаҕыт утарытынааҕы тротуар ааныгар хаалларыам… Өскөтө оннук түбэһэр буоллаҕына, – диир Сэмэнчик.
Саллааттар ааһа тураллар. Сэмэнчик, типографияҕа кэлэн, Сизыҕы таһырдьа ыҥыран таһаарар.
– Мин манна кэлэн иһэн икки саллааты көрүстүм.
– Ну-у? – диир Сизых.
– Кинилэр «Дьиҥнээх балаһыанньа» туһунан миигин кытта кэпсэттилэр.
– Туох диэн кэпсэтэллэрий?
– Ааҕыахпытын наһаа баҕарабыт дииллэр. Үчүгэй уолаттар. Ол иһин мин листовканы хаһаарыма утары баар тротуар анныгар илдьэн угуох буоллум.
– Кырдьык буоллаҕына, Аммос үчүгэйдик үлэлиир эбит… Ол аата кини саллааттары биһиги диэки тардан эрдэҕэ…
– Ол Аммос диэн кимий?
– Кини… Биһиги киһибит… Эн бу түүн уонча «Дьиҥнээх балаһыанньаны» онно илдьэн ууран кэбиһээр. Ол эрээри сэрэннэххинэ сатанара буолуо… Ол саллааттары Захаренко соруйан ыыппыт да буоллаҕына көҥүлэ… Өскөтө түбэһэр күннээх буоллаххына, «мин суолга сытарын булбутум!» диэн кэлиилии кэбэ туруохтааххын. Онтон атыны тугу да этиэ суохтааххын.
Сэмэнчик ити түүн саллааттары кытта үлэспит сиригэр уонча листовканы илдьэн ууран кэлэр.
Күһүн диэкинэн Колчак армията тохтоло суох хотторон иһэр сураҕа иһиллэр. Захаренко «Дьиҥнээх балаһыанньаны» булаары, карательнай этэрээт диэн сэттэ уонча саллааттаах сылдьан, куорат ыалын барытын ньэҥньийэр. «Захаренко кистэлэҥ типографияны көрдүүр үһү» диэн сурах тарҕанар. Сотору типографияттан тахсар ааны күнүстэри-түүннэри саллааттарынан манатар буолаллар. Ол саллааттар үлэһиттэр дьиэлэригэр баралларыгар барыларын сиэптэрин көрөн, ньэҥньийэн баран ыыталлар. Ол да үрдүнэн листовка ханна бэчээттэнэн тарҕанарын кыайан арыйбаттар.
* * *
Октябрьскай социалистическай революция буолбутун икки сыла туолуутун типография үлэһиттэрэ бырааһынньыктыырга тэринэллэр. Бу олус кутталлаах, олус сэрэхтээх суол этэ. «Дьиҥнээх балаһыанньа» тахсарыгар типография үлэһиттэрин үгүстэрэ кыттыылаахтарын Сэмэнчик билигин эрэ билбитэ.
Сэтинньи ый 25 күнүгэр Преображение таҥаратын дьиэтин сир аннынааҕы хоһугар куорат үлэһиттэрин представителлэрин уопсай мунньаҕа ыҥырыллар. Манна олорор собуон охсооччу оҕонньор түүн мунньахха кэлбит дьоҥҥо ааны аһан биэрэр. Типографияттан Сизых уонна Сэмэнчик делегатынан талыллан кэлэллэр. Мунньахха барыта биэс уон үс киһи сылдьар.
Бу мунньахха сэрии туһунан биир эдэркээн баҕайы нуучча киһитэ кэпсиир. Кини кэпсээниттэн Сэмэнчик Колчак былааһын тиһэх күннэрэ кэлбитин өйдүүр. Ол гынан баран, Кыһыл Армия, соҕуруу төһө да кыайбытын иһин, тимир суолтан ыраах турар Дьокуускайга сотору кэлэ охсор кыаҕа суох эбит.
– Табаарыстар, бэйэҕит тойонноон көрүҥ, биһиги ити гордиенколары, захаренколары, коробейниковтары аны сааскыга диэри хам-бааччы олордорбут сөп дуу, эбэтэр бэйэбит күүспүтүнэн кинилэртэн былааһы былдьаан ыларбыт сөп дуу? – диэн дакылаатчыт быһаччы боппуруос туруорар.
– Былааһы ылыахха! Хайаан да ыла охсуохха!
– Хойутуур букатын сатаммат! Ол эһиилгэ диэри биһиги тугу көһүтэн олоробут?
Ити курдук кэпсэтэн, сайыны күүппэккэ эрэ, Колчак былааһын кыһын самнарарга уураах ылаллар. Онон сибээстээн, маннааҕы олохтоох гарнизон саллааттарыгар революционнай үлэни ыытарга дьону анаталыырга быһаараллар.
– Өссө кими аныыбыт? – диир председателлээччи.
– Семен Владимировы! – Сизых хаһыытыыр.
– Семен Владимиров, манна кэлэн көһүн эрэ!
Сэмэнчик икки чүмэчи умайа турар сырдык соҕус сиригэр тахсар.
– Ким бу Владимировы ыытарга этэрий?
– Мин этэбин! – Сизых тура эккириир. – Мин табаарыс Владимировы үчүгэйдик билэбин. Кини манна Гудзинскай этэрээтин кытта кэлсибитэ. Маннааҕы типографияҕа наборщигынан үлэлиир. «Дьиҥнээх балаһыанньа» листовканы кини набордаан таһаарар… Революция иһин бэриниилээх киһи… Партията эрэ суох.
– Партияҕа киириэххин баҕараҕын дуо? – били дакылаат оҥорбут киһи Сэмэнчиктэн ыйытар.
– Баҕарабын!
– Манна олор уонна партияҕа киирэргэ көрдөһүүтэ суруй!
Аны Сэмэнчиги партияҕа ылыы туһунан кэпсэтии буолар.
– Партия чилиэннэрэ, ким Владимировы партияҕа чилиэнинэн ылыахха диэччилэр, илиигитин уунуҥ! – диир председатель кылгас соҕус кэпсэтии кэнниттэн.
Партия чилиэннэрэ Сэмэнчиги партияҕа ыларга диэн илиилэрин ууналлар.
– Сарсын миэхэ кэлээр, Соборнай уулусса ахсыс нүөмэригэр, олбуор иһигэр турар кыра дьиэҕэ, – диир председатель Сэмэнчиккэ, – онно эн биһикки саллааттар ортолоругар хайдах үлэлиир туһунан кэпсэтиэхпит.
– Сөп, тиийиэҕим, – Сэмэнчик Сизыҕы кытта сэргэстэһэ олорон кэбиһэр. «Эҕэрдэлиибин биһиги партиябытыгар членинэн киирбиккинэн!» – диэн сибигинэйэн баран, Сизых уол илиитин бобута туппахтыыр.
Түүн үөһэ үс чаас ааһыар диэри мунньахтаан баран, дьон биирдиилээн тарҕаһаллар. Сэмэнчик эмиэ дьиэлээри таһырдьа тахсар. Уулуссаҕа чугаһынан биир да тыынар тыыннаах биллибэт. Арай куорат кытыытын диэки ыттар үрэн ньаҕыйаллар. «Ити патруллар сылдьалларын үрэн эрдэхтэрэ», – дии саныы-саныы, Сэмэнчик бэрт сэрэхтээхтик дьиэлээн иһэр. «Мин аны партия чилиэнин чиэстээх үрдүк аатын сүктүм. Оо, үчүгэй даҕаны!» Кини үөрүүтүттэн, долгуйуутуттан ыллыан-туойуон баҕаран кэлэр, күүһүгэр күүс эбиллэргэ дылы гынар, атаҕа сири билбэт буола чэпчиир…
* * *
Сылгыһыт Сүөдэр сайын Дьокуускайга кэлэн Сарай ыалыгар мас кэрдиһэр, от оттоһор. «Хантан сылдьар киһигиний?», – диэн ыйыттахтарына, «Кэбээйи тыатын киһитэбин», – диэн хоруйдуур.
Күһүөрү кыһын, биирдэ, уулуссаҕа Бодойботооҕу доҕорун Испирдиэҥкэни көрсөр. Тыыннаах көрсүспүттэриттэн үөрэн, Сылгыһыт олорор ыалыгар бараллар.
– Хантан көһүннүҥ? – диэн Сүөдэр ыйытар.
– Миигин хаайыыттан таһаарбыттара үс хонно, – диир Испирдиэҥкэ.
– Хаһан хаайбыттарай?
– Былырыын сайын.
– Биһиги дьоммут, төһө киһи хаайыллан олорор быһыылааҕый?
– Элбэх…
– Хайдах гынан киһи кинилэри таһаартыай?
– Дьэ билбэтим… Түрмэлэрин манабылын күннэтэ аайы уларыта тураллар.
– Тоҕо?
– Онно эҥин бэйэлээх үөрэхтээх дьон хаайыллан олороллор. Кинилэр саллааттары кытта кыратык да быыс булан кэпсэттэллэр эрэ, ол саллааттар иккистээн харабылга эргийбэттэр… Саллааттар тойотторун олус абааһы көрөллөр быһыылаах.
– Билэр дьоннорбутуттан ким эмэ баар дуо?
– Мин билэрбинэн, Иван Волошин эрэ баар.
Сүөдэр ити түүнү быһа утуйбат, Иван Волошины хайдах эмэ гынан хаайыыттан күрэтэр ньыманы була сатыыр. Ол гынан баран, төһө да былаанныы сатаабытын иһин, табыгастаах ньыманы кыайан булбат.
Сүөдэр Баҕарахха, Табаҕа, Владимировка дэриэбинэлэригэр сылдьыталаан, дьадаҥы бааһынайдарга, хамначчыттарга Советскай былаас туһунан, Дьокуускай түрмэтигэр хаайыыга олорор дьон, большевиктар тустарынан кэпсиир. Кини кэпсээнин саха даҕаны, нуучча даҕаны бааһынайдара бэркэ сэҥээрэн истэллэр. Советскай былааһы улаханнык биһирииллэр, хаайыыга сытааччылары күрэтэр эбэтэр босхолуур туһунан тыл көтөхтөр эрэ, бука бары, киксибит курдук, тиэрэ түһэн хаалаллар. «Кэбис, алдьархай буолуо», «Ол кыайтарбат дьыала буоллаҕа дии», «Ханнык урууларбыт-аймахтарбыт этэ диэн эмиэ өллөхпүтүй» диэн буолар.
«Бааһынайдар төһө да дьадаҥыларын, баайдар баттыгастарыгар олорбуттарын иһин, рабочайдар буолбатахтар. Бодойбо үлэһиттэрэ букатын атын буолуо этилэр, кинилэр Советскай былаас иһин өлөллөрүн да кэрэйиэ суох этилэр…» – дии саныыр Сүөдэр айаҕалыы сатаан.
Марха дэриэбинэтиттэн алта биэрэстэлээх сиргэ, Намныыр суол кытыытыгар, олорор ыалга хонон баран, Сүөдэр ахсынньы 15 күнүгэр куоракка киирэн иһэр.
Марха дэриэбинэтигэр чугаһаан эрдэҕинэ, биэс аттаах киһи Нам диэки быалыы ууннаран ааһаллар. «Ити туох дьоно буоллахтарай?» – диэн улаханнык муодаргыы саныы-саныы, Сүөдэр Мархаҕа тиийэн кэлэр. Манна, ыраахтан көрө истэҕинэ, кэлии-барыы элбээбит, туох эрэ буолбут быһыылаах. Биир дьиэ муннугар кэлэн икки киһи кэпсэтэ туралларын истэр.
– …Уһуннук олоҕурар былаас буолуо дуо?
– …Ким билиэй? Соҕуруу олох хайдаҕыттан тутаахтаах буолуо…
– Хайа, доҕоттоор, кэпсэлгит? – диир Сүөдэр кинилэр аттыларыгар тохтуу биэрэн.
– Кэпсэл суох… Арай бөлүүн Дьокуускайы кыһыллар ылбыттар!
– Хантан кэлбит кыһылларый? – Сүөдэр бэйэтэ да соһуйар.
– Бэйэбит куораппыт иһигэр баар кыһыллар ылбыт курдуктар. Бөлүүн 12 чаас саҕана саллааттар, офицердарын тутан хаайталаан бараннар, хаайыыга олорор кыһыллары босхолообуттар… Саллааттарга куорат рабочайдара эмиэ холбоспуттар. Урукку тойоттору, барыларын тутуталаан, бу сарсыарда хаайыыга укпуттар…
– Ытыалаһыы буолбут дуо?
– Кыра үһү… Захаренко офицер карательнай этэрээтэ эрэ кыратык ытыалаһан, утарсан көрө сылдьыбыт.
Сүөдэр ити сонунтан атаҕа сири билбэт буола үөрэр. Кини сонно тута куоракка ааһар.
VIIМаайа кэргэнин да, оҕотун да букатын сүтэртээн кэбиһэн сылдьар. Үрүҥнэр кыһыллары кытта ытыаласпыт сурахтарын иһиттэр эрэ: «Мин оҕом Сэмэнчик онно түбэһэн өллөҕө», – диэн куттанаахтыыр, хараҕын уутунан суунар. Бу охсуһуулаах, күүрээннээх күннэргэ Маайа сордоох төһө үлүгэр элбэх харах уутун тохпута буолуой! Кини күнүһүн ыал үлэтин үлэлээн муҥнанар, түүнүн, аанньа утуйбакка, быһа санаарҕаан тахсар. Онон олус дьүдьэйэр, киһи билбэт буола уларыйар.
Арай биирдэ, сааскы көмүөл ааспытын кэннэ, аллара диэкиттэн борохуот буруота көстөр. Маача олохтоохторо бары өрүс кытылыгар тахсаллар. Маайа дьону батыһан, «Баҕар, оҕом кэлээрэй?» – дии санаан, өрүс биэрэгэр киирэр. Күн арҕаа тыа кэтэҕэр кылайа саһан эрэр. Мыраан тэҥкэтигэр кэҕэ этэн чоргуйар. Оту-маһы хамсаппат уу чуумпу киэһэ.
Манна, Маача дэриэбинэтигэр, билигин ханнык да былаас диэн суох. Ааспыт кыһын кыһыллар Дьокуускайга Советскай былааһы олохтуохтарыгар диэри манна Петухов үрээнньик, волостной ыстаарыста Юшмин, Сараапап атыыһыт бастыыр-көстүүр этилэр. Дьокуускайга былаас уларыйбытын истэн, кинилэр ылы-чып баран хаалбыттара. Онтон кыһыҥҥы суолунан кыһыллартан ким даҕаны кэлбэтэҕиттэн эр ыланнар, билигин эмиэ, уруккуларын курдук, тойорҕуох быһыытыйан бардылар. Ол да буоллар, кэм куттанар, дьиксинэр буоланнар, аһаҕастык тойомсуйбаттар. Ол иһин өрүс биэрэгэр Петухов үрээнньик урукку куорма таҥаһын кокардата суох кэппит, Сараапап атыыһыт эмиэ икки саары икки ардынан таҥныбыт. Юшмин ыстаарыста эрэ хара билиис сүртүүктээх киирбит.
Түүн үөһүн чугаһыгар борохуот иһэрэ дьэ көстөр. Кыракый, мөлтөх күүстээх борохуот, бэрт өр өрө сынан, Маача анныгар халлаан сырдыыта тиксэр.
«Оҕом сураҕын истээйэбиний?» – диэн Маайа түүнү быһа өрүс кытылыгар турар. Борохуот кэлэн тохтообутугар уу уорааныгар тоҥмутун, титирээбитин өйдүүр.
Матростар тыраабы түһэрэллэрин кытта тирии сонноох, хортууһун куондарын үрдүнэн кыһыл сулустаах, бэстилиэт уонна суумка быаларынан түөһүн кириэстии таттарбыт эдэр киһи:
– Ийээ! – диэн хаһыытыыр.
Маайа өйдөөн көрбүтэ: оҕото Сэмэнчик утары сүүрэн иһэр.
Ийэлээх уол куустуһа түһэллэр. Петухов үрээнньик, Юшмин ыстаарыста, Сараапап атыыһыт, «биһигини дьон көрбөтөр ханнык» диэбиттии туттан, тиэтэлинэн дэриэбинэ диэки тэскилииллэр.
– Маннааҕы дьахтар ыамата кэлбит дуу? – Петухов, дэриэбинэҕэ тахсан иһэн, аргыстарыттан ыйытар.
– Кини… Кини… – Юшмин сапсыйан кэбиһэр.
– Бэйи, быстах кэмҥэ көрүлээн эрдиннэр, – дии-дии Сараапап куһаҕан баҕайытык көрүтэлиир. – Сотору кинилэр даҕаны үтэһэлэрэ туолар ини.
– Туох эмит сибики баар дуо? – бука бары Сараапабы тула үмүөрүһэллэр.
– Чөҥөчөк курдук хамсаабакка туран биэрдэххэ, сүгэлээх эрэ хайыта сынньыа…
Юшмин уонна Петухов итиниэхэ сөбүлэһэн төбөлөрүн тоҥхолдьуталлар:
– Тойон Сараапап, туох эмэ билиннэҕинэ, биһиэхэ сибис гынан биллэрээр.
Маайа оҕотун кууһар, үрүт-үрдүгэр сыллыыр, ууруур, имэрийэр. Дьэ ол курдук бэрт өр туран баран, арыый көхсө кэҥээн, хараҕа сырдаан кэлэр:
– Хайа, тоойуом, букатын кэллиҥ дуо?
– Суох, ийээ, манна былааһы тэрийэн, олохтоон баран, соҕуруу ааһыам, – диир Сэмэнчик.
– Тоойуом, аҕаҥ сураҕын иһиттиэҥ?
– Суох, ийээ, суох… Тыыннаах буоллаҕына, быйыл сайын хайаан даҕаны биллиэҕэ… Соҕуруу урут хаайыллыбыт дьону барыларын босхолоон тураллар… Кэтэһиэхпит… – диэн Сэмэнчик ийэтин уоскутар.
Маайа оҕотун көрө-көрө сүрэҕэ үөрэр. «Сүөдэрим оҕобут бачча киһи буолбутун көрөр дьоло суох эбит буоллаҕа», – дии санаан, ытамньыйан ылар. Сэмэнчик, ийэтин хараҕын уутун көрөн, уйадыйар:
– Ийээ, ытаама…
– Аҕаҥ сордоох тыыннааҕа буоллар…
– Аҕам, баҕар, тыыннааҕа буолуо… Көстүө…
Хараҥа түүн халбарыйан, халлаан сырдаан барар. Күн саҥа кылайа тахсан эрдэҕинэ, эмискэ тымныы тыал сирилэччи үрэн барар. Күн тахсыытын көрсө ыллаан-туойан испит чыычаахтар, тымныы тыал түспүтүттэн, куттаммыт курдук, ылы-чып баран хаалаллар. Күн сырдыгын хаххалаан, хара былыт өрүкүйэн тахсар.
– Ийээ, тоҥмуккун… Тоҕо биһиги манна турабытый?.. Дэриэбинэҕэ тахсыахха! – диир Сэмэнчик.
Маайа уолунаан дэриэбинэ уулуссатынан иһэллэрин Сараапап атыыһыт түннүгүн сабыытын барбах сэгэтэн көрөр уонна:
– Бэйи, күннээн эриҥ! – диэн саанан ботугуруур.
Күүстээх балаһа тыал түһэн дэриэбинэ уулуссатын буорун-сыыһын өрүкүтэр.
Үһүс кинигэтэ
КҮН ТАХСЫЫТА
Маҥнайгы баһа
IМыраан кэтэҕиттэн, ойон эрэр күнү эккирэтиспиттии, най хара былыт өрө үтэн тахсар, утаакы буолбат, били бэйэлээх үтүө күнү саба күлүктээн кэбиһэр. Салгын тымныы-курус тыыннанар. Өрүс уутун өҥө ууллубут сибиниэс курдук өлбөөдүйэр. Сир-дойду, хамсыыр харамай иһийэ түһэргэ дылы буолар. Арай хомо үрдүнэн үөһэ-аллара түһэ, тиэрэ-маары дайбыы сылдьар тыыраахылар ытаһан эрэрдии айманаллар, ханна эрэ куоҕастар хахаараллар.
Айылҕа бу курдук эмискэ уларыйбытын Сэмэнчик ийэтиниин көрсүспүт үөрүүлэригэр буолан, болҕойон өйдөөбөттөр. Маайа, «эмиэ баран хаалыа» диэбиттии, оҕотун тутуһан иһэр илиитин өссө кытаанахтык хам кыбынар.
– Эн барыаххыттан ыла эҥин араас санаа өйбөр киирэн эрэйдээн да биэрдэ… Олус куттанарым даҕаны. Ханна эрэ үрүҥнэр кыһыллары ытыалаабыт сурахтарын иһиттэхпинэ, «оҕом онно түбэстэҕэ» диэх курдук санаа эмиэ киирэн тахсара. Арыт, «оҕом аччык сырыттаҕа» диэн, ыксаан кэлэрим… Кыһыҥҥы тымныыга, «оҕом төһө эрэ тоҥон муҥнана сылдьар» диэн, муучу буоларым… Кэбис, Сэмэнчик, миигин эрэйдээмэ, аны ханна даҕаны барыма!
– «Барыма» диэхтиигин да, барар сорудах үгүс ээ, ийээ, – Сэмэнчик ийэтин сирэйин көрбөхтүүр.
– Суох, аны эйигин ханна даҕаны ыытыам суоҕа, – Маайа оҕотун илиитин эмиэ ыбылы тутар. Кини бу күн сиригэр кэлэн дьүһүн кубулуйбута – бу суос-соҕотох оҕото эрэ, Сэмэнчигэ эрэ. Кэргэнэ Сүөдэр хаайыллыаҕыттан ыла санаатын саататара, киһи буолаарай диэн кэтэһэрэ Сэмэнчигэ эрэ этэ. Ол оҕото улааппытын, киһи буолбутун Маайа билбэт. Кини санаатыгар, биир кэм «кыра», «кыаммат»…
Маайа бу иһэн өйдөөн көрбүтэ: оҕото, кырдьык да, улааппыт, сирэйинэн аҕатыгар олус маарынныыр.
– Сотору барбат инигин?
– Өр буолуом. Кэлэ-бара сайылыы да сыһарым буолуо.
Итини истэн, Маайа атаҕа сири билбэт буола үөрээхтиир. Дьиэтигэр киирээт, оһоҕун оттор, алтан чаанньыгар уу кутан оргута уурар.
– Тоойуом, ханна кэлэр-барар соруктааххыный?
– Бу эргиннээҕи дэриэбинэлэргэ, сэлиэнньэлэргэ сылдьардаахпын.
Сотору чаанньыктара кыынньар. Маайа хаппыт лэппиэскэлээҕин тоһута тутан тимир тэриэлкэҕэ уурар. Оҕотугар чэй кутан биэрэр.
– Ийэ-э, бэйэҕэр тоҕо чэй куттубаккыный?
– Сэгэрим сыыһа, бачча сылайан-элэйэн кэлэн баран, миэхэ кыһалла олороохтуур буоллаҕа! – дии саныыр Маайа уонна: – Аһаа, тоойуом, мин топпун, – диир.
– Оччоҕо мин эмиэ топпун… – Сэмэнчик чэйдээх чааскытын сыҕарыччы анньар.
– Тоойуом, мин эйигин көрбүт үөрүүбэр топпун… Чэ, биир чааскы чэйдэ куттуум даҕаны, – дии-дии Маайа туран чэй куттар.
– Сэмэнчик, бу икки сыл устата ханна тугу аһаан, таҥаскын-сапкын ким көрөн сырыттыҥ?
Сэмэнчик ийэтин диэки мичээрдии көрөр. Кини бу ааспыт сыл устата төһө эрэйи көрбүтүн, хаста аччыктаабытын барытын эргитэ саныыр.
– Эҥин-эҥин ханна барыай, ийэ-э, үлэҕэ, сырыыга сылдьар киһиэхэ барыта бэлэм буолбата биллэр буоллаҕа дии.
– Эн – оҕоҕун, тоҕо да барбытыҥ буолла. Ама, мин эйигин көрүө-харайыа суох этим дуо! Ас-таҥас булар төһө да кыһалҕалааҕын, эрэйдээҕин иһин, ол кэриэтэ бэйэм аччык, бэйэм таҥныбакка сылдьыах этим.
Сэмэнчик тугу да саҥарбат. Ийэтэ кинини киһи оҥороору кыһалларын, муҥнанарын кыра оҕо эрдэҕиттэн билэрэ. Оннооҕор ыал күндүлээбит аһыттан аһаабакка, «Сэмэнчикпэр» диэн, кэһии оҥостон аҕалара. Ол эрээри уол, бу икки сыл устата ийэтиттэн тэйэн, төһө да эрэйи эҥэринэн тэлэн сырыттар, онтуттан кэмсиммэт. Кини бу охсуһуулаах сылларга бэрт элбэҕи көрдө, үгүскэ үөрэннэ даҕаны. Оттон бу манна, Маача дэриэбинэтигэр ийэтин кытта олорбута буоллар, тугу да билбэккэ, туҥуйдук, олох уларыйыытыгар туох да кыттыыны ылбакка олоруо этэ. Суох, барбытыттан Сэмэнчик кэмсиммэт.
– Ийээ маннааҕы баайдар – Сараапаптаах бааллар дуу?
– Сараапап баар. Оттон били Салаайап суох. Эн бардаҕыҥ сайын манна кэлэн былааһы уларыппыт Гордеев этэрээтин кытта барсыбыт этэ. Онтон ыла көстүбэт. Сураҕа ханна эрэ кыһыллары кытта ытыалаһыыга өлбүт курдук. Бэрт үгүс көмүсчүт дууһатыгар турбут сиэхсит дииллэрэ, кинини баҕас аһыйар да аҕыйах ини, аһыйааччы да баар буоллаҕына.
– Оттон Сараапап аһыйбат дуо?
– И-ии, сэгэриэм, эттэххин да-а! Харам муҥнаан, эйиэхэ Сараапап аһыйар ээ, хата үөрэр ини.
– Уруккутун курдук, атаҕастыыр-баттыыр дуу?
– Колчак хотторбут сураҕа иһиллиэҕиттэн тоҕо эрэ кута-сүрэ түһэн, уруккутун курдук буолбатах.
– Чэ, көрөн иһиллиэ.
Маайа, тугу эрэ соһуйа истибит курдук, Сэмэнчик диэки көрө түһэр. Бу ааспыт иккиэйэх сыл иһигэр оҕото итинник улахан баҕайы киһи курдук тыллаах-өстөөх буола уларыйбытын эмиэ да дьиктиргии, эмиэ да таптыы көрөр. Итинтэн сиэттэрэн:
– Тоойуом, били соруктаах кэллим диэн эрэриҥ дии, ол соругуҥ диэн туох буоларый? – диэн дьэ иҥэн-тоҥон ыйыталаһан барар.
– Саҥа былааһы – Советскай былааһы олохтоо диэн ыыттылар.
Итини истэн, Маайа үөрүөн да, хомойуон да билбэт. Оҕото саҥа былааска улахан итэҕэллээх киһи буолбутуттан ийэ сүрэҕэ хайдах үөрбэт буолуой! Оттон оҕото, кэлбит соругун толорон баран, хайаан да барыахтааҕын санаатаҕына, эмиэ да хомолтолоох буолуох курдук.
– Тоойуом, манна, Маачаҕа эрэ ол былааһы олохтуугун дуу, атын сиргэ эмиэ бараҕын дуу?
– Манна уонна өрүс умнаһыгар олорор дэриэбинэлэргэ.
– Тоойуом, утуйуоҥ дуо? Бөлүүн утуйбатаҕыҥ буолуо, оронно оҥорон биэриим эрэ.
Сэмэнчик, саҥата суох олорбохтоон баран, ийэтин диэки көрөр. Маайа оҕото туох диирин кэтэһэн олорор.
– Сытан сынньана даҕаны түһүүм.
Маайа ойон туран орон оҥорор. Кини бэйэтэ эмиэ бөлүүн утуйбатаҕа. Дэриэбинэ оҕолоро: «Борохуот иһэр!» – диэн айдааралларын истэн: «Аны, баҕар, ол борохуотунан оҕом кэлээрэй?» – диэн, кытылга киирбитэ. Оо, бу ааспыт икки сыл устата сайынын хас ааһар борохуоту төһөлөөх кэтэстэ-манаста этэй! Кини санаатыгар, аллараттан, Дьокуускай диэкиттэн борохуот эрэ иһэр буоллар – кини оҕото Сэмэнчик иһэр буолуохтааҕа. Бэрт үгүс борохуот ааһара да, кини эрэ оҕото биллибэт этэ. Хомойбут санаатыгар: «Аны ааһар борохуоту кэтиэм суоҕа!», – диэн «букатыннаах» тылын этээхтиирэ. Ол күн дуу, баҕар, сарсыҥҥытыгар да буоллун: «Борохуот иһэр!» – диэн оҕолор айдааралларын иһиттэр эрэ, «баҕар, оҕом тиийэн кэлээрэй» дии саныыра да, кытылга киирбитин бэйэтэ да өйдөөмүнэ хаалара. Оттон кыһынын буоллаҕына хас ааһар дьаам дьонуттан оҕотун сураһан тахсара.
Сыттыкка төбөтүн уураат, Сэмэнчик мунна тыаһаабытынан барар. Маайа оҕотун аттыттан арахпат. Бу олорон били биир киэһэ ынаҕын көрдүү ойуурга тахсан баран, онно Сүөдэри көрсөн ийэлээх аҕатыттан күрээбитин, хайдах Намҥа кэлэн Дьаакыбылап кулубалаахха хотон үлэһитэ буолбутун, Киллэмҥэ киирэн Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олорбуттарын – барытын эргитэ саныыр. Төрөөбүт дойдутун олус да ахтар. Кыахтааҕа буоллар, сибилигин да дойдутугар төннүө этэ. Ону туох ааттаах ытыран илдьэн онно быраҕыа буоллаҕай! «Ийэм эрэйдээх тыыннааҕа дуу?.. Хайдах эрэ олороохтуур?» Итинтэн салгыы: «Бэйи, саҥа былаас оннун-тойун буллун, оҕобунаан дойдубутугар төннүөхпүт!» – дии санаан, бэйэтин бэйэтэ уоскутунар.
Сэмэнчик баттаҕын саҕатынан көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын көрөн, дьиэм олус итийбит ээ, оҕом итииргээн утуйуо суоҕа диэн, Маайа туран аанын тэлэччи аһар. Тыал астыбыт. Лүҥкүр хара былыт күнү саппыт, субу ардыах курдук дьүһүннэммит. «Чэ, ардаатар ардаатын, хата оҕом миигин кытта олоруо, кэпсэтиэ!» – диэн Маайа иһигэр үөрэ саныыр. Ол олордоҕуна эмискэ балаһа тыал түһэр, буору-сыыһы өрө ытыйар. Этиҥ этэн ньирилэтэр. Күүстээх тыал халҕаны саба быраҕар. Дохсун ардах курулаччы кутан барар.
Хараҥа былыт сотору-сотору хайыта барар. Этиҥ этэр, арыт маска сааллан барчаланар, сири-халлааны сиксигиттэн дьигиһитэр. Самыыр ыаҕастаах уунан кутар. Аанньа да утуйумуна, ардахха да баттатан, Маайа нуктаан барар. Оҕотун аттыгар кэлэн олоппоско олорон бүк түһэн, төбөтүн сыттыкка уурар. Утуйар-утуйбат икки ардынан сытан иһиттэҕинэ, ардах сэллиир, тыал астар. Былыт быыһынан күн уота чаҕылыччы көрөр.
Ыраас салгын киирдин диэн, Маайа туран эмиэ дьиэтин аанын аһар. Тиэргэннэрин улаҕатынан ааһар кыракый аппа талаҕар чыычаахтар чыбыгыраһаллар. Ханна эрэ күөрэгэй ыллаан чырылыыр. Күн көрбүт үөрүүтүгэр, бөтүүктэр кытта чугдаараллар. Сэмэнчик минньигэс диэн бэйэлээхтик утуйа сытар.
* * *
Төрөппүт ийэ көрөрүгэр, кини оҕото ити Сараапап атыыһыт, Петухов үрээнньик курдук тойоттору дьулатыах көрүҥэ суох. Оҕото оҕотунан. Арай уоһун үрдүнэн саҥардыы ньуолур түүлэр бытыгыраан эрэллэр.
«Ийэ көрүүтэ-харайыыта суох хайдах сылдьаахтыыр киһи буоллуҥ?..» – дии саныыр Маайа уонна оҕотун баттаҕын өрө имэрийэр. Сэмэнчик уһуктан кэлэр.
– Ийээ, – диир, мичээрдиир. Сэмэнчик ийэтин илиитин иэдэһигэр сыһыары туттар. Бу үлэттэн чэрдийэн, хатырыктыйа хатыран хаалбыт Маайа илиитэ, Сэмэнчик санаатыгар, түү курдук сымнаҕаһа. Кини бу илии астаан биэрбит аһын аһаан, бу илии үлэлээн булбут үбүнэн таҥнан улааппыта, киһи буолбута. Кинини киһи оҥорор баҕатыгар бу илии төһөлөөх кирдээх таҥаска мискиллибитэ, төһөлөөх ыаҕас быатыттан, солуур кылдьыытыттан улук буолбута, төһөлөөх сүгэ, күрдьэх угуттан дьаралыйбыта буолуой!
– Утуй, тоойуом, утуй! – дии-дии Маайа оҕотун сүүһүттэн сыллаан ылар.
– Ийээ, күн төһөлөөтө?
– Эрдэ.
– Кэбис, ийээ, – Сэмэнчик оронугар олоро түһэр. – Бүгүн дьоннору кытта кэпсэтиэхтээхпин… Ийээ, били Гудзинскай этэрээтэ олохтообут Советыгар анаммыт дьонтон ким эбит баара дуу?
Маайа билэринэн, ол дьонтон билигин манна суос-соҕотох Иван Усов эрэ баар. Ону да, Гордеев этэрээтэ манна кэлэригэр ханна эрэ Чаараҕа, көмүсчүттэргэ барбыт буолан, тыыннаах орпута. Колчак былааһын саҕана Усов ханна да баара биллибэккэ сылдьыбыта. Онтон бу быйыл саас көһүннэ. Кэргэнин маҥнай Гордеев офицер, онтон Петухов үрээнньик доппуруостаан сор бөҕөтүн сордообуттара. Хас да кыра оҕолоох дьахтары муустаах ииҥҥэ уган хоннорбуттара. Ол тухары: «Эриҥ ханнаный?» – диэн ыххайаллара. Дьахтар, кырдьык билбэтэ эбитэ дуу, оннук кытаанах санаалаах барахсан эбитэ дуу, мэлдьи: «Билбэппин», – эрэ диирэ.
Кыһыллар Дьокуускайы уонна Иркутскайы ылбыттара, Колчак былааһа эстибит сураҕа иһиллэрин кытта, Усов дьиэтигэр көстүбүтэ. Петухов үрээнньик, Юшмин ыстаарыста, Сараапап атыыһыт Усовы адьас да билбэт дьон курдук көрсүбүттэрэ. Усов да кинилэртэн иэстэспэтэҕэ.
– Тоойуом, эһиги мантан бараргытын аҕай кытта манна Гордеев эпписиэр кэлэн ол сордоохтору барыларын сиэтэлээн ааспыта, – диэн баран, Маайа үөһэ тыынар. – Арай ол дьонтон суос-соҕотох Уйбаан эрэ ордон сылдьар.
– Уйбаан?.. Ийээ, Иван Усов баар дуо? Хайдах кинини ордорбуттарай? – Сэмэнчик өйдүүрүнэн, Иван Усовы маннааҕы Маача дэриэбинэтин ревкомун салайааччытынан анаабыттара. Ревкомовецтары барыларын өлөртөөбүт буоллахтарына, Иваны хайдах ордорбуттара эбитэй?!
Маайа Иван Усов өлөртөн хайдах куоппутун кэпсиир.
– Дьэ, хата, бу үчүгэй эбит!.. Сибилигин кинини тахсан көрүстэхпинэ табыллар! – Сэмэнчик турар.
Маайа чэйин сылытар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.