Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 40 (всего у книги 62 страниц)
Уу-хаар тахсыыта Сүөдэр доҕоругар Гудзинскайга киирэр. Билигин Сүөдэр олохтоох кыһыл гвардия этэрээтигэр биир биллиилээх киһи.
– Мин дойдубар барыахпын баҕардым, – диир Сүөдэр Гудзинскайга.
– Тохтоон эр, сотору биһиги онно да тиийиэхпит.
– Бары барар буоллахпытына, ордук үчүгэй!
– Эн онно барарга тоҕо наһаа дьулустуҥ?
– Баҕар, оҕолоох кэргэммин булаайабын диэн… Били биһигини хаайыахтарыттан ыла мин кинилэри көрсө иликпин. Бу дойдуга күрээн кэлбитим бэһис сыла буолла. Ол тухары Тайҕаны биир гына кэрийдим да, ханна да суохтар.
– Көһүтэ түс, сотору, муус кэнниттэн, биһиги Советскай былааһы олохтуу сахаларга тиийиэхпит. Хата, эн биһиэхэ сирдьит буолуоҥ!
Сүөдэр бу кэпсэтии кэнниттэн санаата олус көтөҕүллэр. Кини, кыахтааҕа буоллар, күн-дьыл хаамыытын түргэтэтиэ эбит: өрүс мууһа устарын оччо күүскэ кэтэһэр. Хас күн аайы Витим кытылыттан арахпат.
Ыам ыйын саҥатыгар Витим мууһун дьэ көтөҕөр, онтон аҕыйах хоноот күөрэ-лаҥкы оҥорон, Ленаҕа уһаарар. Воронцовкаҕа кыстаабыт борохуоттар Бодойбо анныгар кэлэн тиксэллэр.
Гудзинскай этэрээтэ Лена умнаһыгар Советскай былааһы олохтуу бараары суолга турарга бэлэмнэнэр. «Святой Иннокентий» борохуоту урукку аатын хара кыраасканан көстүбэт гына сотон кэбиһэн баран, үрдүнэн «Революционнай» диэн саҥа ааты суруйаллар. «Тихон Задонскай» борохуоту «Диктатор» диэн ааттыыллар. Бу икки борохуот алын устуохтаах этилэр. Механическай завод үлэһиттэрэ, слесардара киирэннэр борохуоттар массыыналарын өрөмүөннүүллэр. Итиниэхэ барытыгар уонча хонук барар. Туох ааттаах бэлэмнэниилэрэ барыта бүтэн, сарсыарда туран айаннаары олордохторуна, арай аллараттан икки борохуот буруота хоройон көстөр. Гудзинскай кимнээх иһэллэрин билбэт. Кини механическай завод кэтэҕинээҕи тоҕой кэннигэр баран хорҕойорго борохуоттар капитаннарыгар бирикээс биэрэр. Гудзинскай этэрээтин дьоно биэс пулеметтаах Бодайбинка төрдүттэн механическай завод анныгар диэри кырдал үрдүгэр сыаптаан сыталлар.
Киэһэлик, Витим өрүс сааскы халаанын уутун күүстээх түөстэринэн өрө үтүрүйэн, борохуоттар бу көстөн кэлэллэр. Кинилэр мачталарыгар даҕаны, флагштоктарыгар даҕаны туох да бэлиэтэ суохтар.
– Инникитэ «Гонец», – диир Бодойбо бириискэтин биир кырдьаҕас үлэһитэ, – иккиһэ – «Борец».
– Кимнээх иһэллэрэ буолуой? – дэһэллэр.
– Киренскэйгэ, Жигаловка, Качукка уонна Верхоленскайга Керенскэй былааһа хамсаабакка турар буолуохтаах… Онон таһаҕас аҕалан истэхтэрэ, – ким эрэ билээҕимсийэр саҥата иһиллэр.
– Таһаҕас таһааччылар буолбатахтар. Таһаҕастаахтара буоллар, баарса дуу, карбаз дуу соһуулаах буолуо этилэр. Көрбөккүт дуо, сулумах иһэр буолбаттар дуо? – диир Гудзинскай.
– Оннук! – Сүөдэр, Гудзинскай аттыгар сытан, сэҥээрэр.
Борокуоттар бириистэн утарыта кэлэн, өрүс ортотугар дьаакыр быраҕынан, тохтууллар. Палубаҕа элбэх саалаах дьон көстөллөр. Биир киһи хаһыытыыр:
– Кимнээхтэргитий?
– Эһиги кимнээхтэргитий? – Гудзинскай хардары үөгүлүүр.
– Советскай былаас аатыттан бирикээстиибин: сааҕытын биир сиргэ чөмөхтөөҥ!
– Биһиги эмиэ үүт-үкчү ити курдук бирикээстиир кыахтаахпыт! Биһиги эмиэ кыһылларбыт.
– Оччоҕо представительгитин ыытыҥ!
– Биир киһитэ ылан, оҥочонон киир! – Гудзинскай Сүөдэргэ соруйар.
Сүөдэр Кынат Уоллуун, оҥочо ылан, борокуокка киирэллэр. Борокуокка тиксэн баран, Кынат Уол оҥочотугар хаалар, Сүөдэр үөһээ палубаҕа тахсар. Биир хара тирии сонноох, бэстилиэттээх аҕамсыйа барбыт киһи киниэхэ утары кэлэн:
– Манна кимнээх бааргытый? – диэн сытыы баҕайы хараҕынан тонолуппакка көрөн туран ыйытар.
– Манна Гудзинскай этэрээтэ баар, эһиги…
Киһи Сүөдэри ситэ этиппэккэ, бокуойа суох кууһан ылар уонна:
– Гудзинскай!.. Бэйэбит дьоннорбут… Ураа!.. Кыһыл былаахта! – үрүт-үөһэ хаһыытаамахтыыр.
Кыһыл былаах, киирэн эрэр күн уотугар кытыаста тэлибирии, борохуот мачтатын өрө сүүрэн тахсар.
– Билсиһиэх! Мин Столяров диэммин!
– Мин Сүөдэр Быладьыымарап диэммин.
– Эһиэхэ тахсыахха.
– Чэ, тахсыах.
– Оо, элбэх эбиккит дии! – диир Столяров, кытыл үрдүгэр кэчигирэһэн сытар дьону көрөн баран.
– Столяров доҕорум! – диэбитинэн Гудзинскай ойон туран киниэхэ сүүрэн кэлэр. Иккиэн куустуһа түһэллэр. Икки борохуот тэбис-тэҥҥэ үстүүтэ үөгүлээн куйуһуталлар уонна, дьаакырдарын көтөҕөн, Бодойбо анныгар биэрэккэ тахсан тиксэллэр.
– Билсиминэ ытыалаһа сыстыбыт буолбат дуо? – диир Столяров.
– Да, эһиги өттүгүтүттэн биир саа эстибитэ буоллар, биһиги ытыалаабытынан барыа этибит. Тоҕо эһиги былааҕа суох кэлбиккитий?
– Биһиги Верхоленскайтан Витим дэриэбинэтигэр диэри Советскай былааһы саҥа олохтоон кэллибит. Манна, Бодойбоҕо, Советскай былаас буолбута буолуо диэн түүлгэ да суоҕа.
– Табаарыс Столяров, Бодойбо пролетариат уйата буоларын умнума. Манна уонунан омук дьоно 1912 сыллаахха хааннарын тохпуттара. Билигин, бэйэбит былааспыт тэриллибитин кэннэ, биһиги быар куустан олоруо этибит дуо?!
– Үчүгэй! Билбиппит буоллар, манна кэлбэккэ, Якутскайга быһа ааһа туруо эбиппит…
– Мин этэрээтим сарсыарда Якутскайдыыр!
– Олус үчүгэй! Оччоҕо мин дьонум манна сынньана түһүөхтэрэ. Борохуот иһигэр хаатыйаланан олороллоруттан наһаа сылайдылар.
Гудзинскай ити курдук сарсыныгар, Бодойботооҕу былааһы Столяровка туттаран баран, 450 киһилээх бэйэтин этэрээтин илдьэ Дьокуускайдыыр.
«Баҕар, оҕобун Сэмэнчиги, кэргэммин Маайаны булуом» дии санаан, Сүөдэр үөрүүтүттэн атаҕа сири билбэт буолар. Кинини кытта Испирдиэҥкэ, Маҥаас Уол, Кынат Уол, Убайдаан уонна Тарабыыкын Саха сиригэр барсаллар. Гудзинскай Сүөдэри отделение командирынан оҥорор. Сүөдэр отделениетын дьоно «разведчиктар» диэн ааттаналлар, бары сахалар.
Бодойбо куоратыттан турбуттара иккис күнүгэр борохуоттар Ленаҕа түһэллэр.
Витим дэриэбинэтигэр алта чаас кэриҥэ тохтоон бараннар, кинилэр, улуу өрүс уһун долоҕойун тутан, тус хоту устан сундулуһаллар.
Витими ааспыттара иккис күнүгэр Нөөрүктээйи дэриэбинэтэ көстөр. Манна өссө да Керенскэй былааһа этэ. Ол эрээри үрээнньик, биэс милиция уонна уонча казак бааллара биир сааны эспэккэ бэринэллэр. Гудзинскай, дьонун биэрэккэ таһаарбакка эрэ, бэйэтэ аҕыйах киһилээх тахсан ас ылар уонна кыһыл этэрээккэ саллаат буолуон баҕалаах дьону – алта улахан киһини кытта биир кыра уолчааны булан илдьэ киллэрэр. Кытылга оҕо, дьахтар мустар… Сүөдэр, палубаҕа тахсан туран, кытылга турар дьону кэриччи көрө сатыыр да – кини дьоннорун маарынныыр киһи көстүбэт.
* * *
Лена өрүс сүнньүнэн биир да борохуот хоту-соҕуруу ааспат. Маача дэриэбинэтигэр дьон бары, тугу эрэ көһүтэр курдук, киэһэ аайы биэрэккэ киирэн мусталлар. Арай Маайа эрэ биэрэккэ хаһан да киирбэт. Сэмэнчик хороччу улаатан эрэр. Кини быйыл икки кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын бүтэрдэ. Олохтоох сахалар уонна нуучча бааһынайдара Сэмэнчиги «үөрэхтээх оҕо» диэн ааттыыллар. Кини дьоҥҥо «араспыыска», «дэбиэринэс», «бырыһыанньа» суруйан биэрэр. Онуоха сорох төлүүр, сорох төлөөбөт. Маайа уолун кыһын биир эмэ нэһилиэк кинээһигэр суруксутунан биэриэн баҕарар. «Оҕом үлэһит киһи буоллаҕына, мин ыал кирин-хоҕун кирэн сордонуо суох этим», – дии саныыр.
Биир киэһэ «соҕурууттан икки борохуот иһэр» диэн дэриэбинэҕэ айдаан, үөмэхтэһии бөҕө буолар. Дьон биэрэккэ тоҕо сууллар. Маайа биэрэккэ киирбэт, тойонун Сараапаптаах хосторун сууйа сылдьар. Ол сырыттаҕына, Сэмэнчик хос аанын тэлэйэ баттаан баран:
– Маама, мин борохуоттары көрө бардым, сөп дуо? – диир.
– Бар, бар, тоойуом!
Сэмэнчик уулусса устун өрүс диэки сүүрэн иһэн көрбүтэ: Петухов үрээнньик сайын окко кэтэр таҥаһынан биэрэккэ киирэн иһэр.
«Тоҕо какаардалаах хортууһун кэппэккэ, хара үлэҕэ барар курдук таҥнар баҕайыный?» – дии саныы-саныы Сэмэнчик ааһа турар.
Кини биэрэккэ тэбинэн тиийбитэ, кэпсэтии-ипсэтии ырааппыт.
– Иккиэн таһаҕаһа суохтар.
– Кыһыл былаахтаахтар!
– Ой, бассабыыктар иһэллэр!
Милициялар, казактар уонна сорох көннөрү дьон дьиэлэригэр төттөрү сырсаллар. Аймалҕан буолар.
Сэмэнчик онно соччо кыһаммакка, холку баҕайытык борохуоттары одуулаһа турар. Борокуоттар, бастаан хайдах эрэ тохтуо суох курдук үөһүнэн ааһан иһэн, эмискэ төттөрү эргийэн, Маача анныгар тиксэллэр. Бастаан иһэр «Революционнай» борохуоттан уонча киһи баркааһынан кытылга тахсар. Кинилэргэ ким даҕаны чугаһаабат, арай Сэмэнчик, турбахтыы түһэн баран, утары барар:
– Эһиги кыһылларгыт дуо?
– Биһиги кыһылларбыт, эн туоххунуй? – биир киһи, күлэ-күлэ, ыйытар.
– Биһиэхэ милиция уонна казактар бааллара эһигиттэн куттанан дьиэлэригэр таҕыстылар.
– Көрдөр эрэ, кинилэр ханна олороллоруй?
– Барыаҕыҥ, мин дьиэлэрин билитэлиибин.
Саалаах дьон, Сэмэнчиги батыһан, дэриэбинэҕэ тахсаллар.
– Эһиги ханна баран иһэҕитий? – Сэмэнчик кэккэлэһэ иһэр киһитигэр хайыһар.
– Ырыых-ыраах!
– Мин эһигини кытта барсыахпын ылыаххыт дуо!
– Сааһыҥ хаскыный?
– Уон аҕыһым, – диир Сэмэнчик. «Уон алтам диэтэхпинэ, сааһыҥ кыра диэн ылыахтара суоҕа», – дии санаан, икки сылы соруйан эбэр.
– Маннааҕы буржуйдары барыларын биһиэхэ көрдөр, оччоҕо ылыахпыт! – кинини кытта кэпсэтэ иһээччи Гудзинскай күлэр.
Сэмэнчик итинтэн олус үөрэр.
Кини бастаан дьонун үрээнньик дьиэтигэр аҕалан:
– Манна үрээнньик олорор! – диэн баран, аан диэки ыйар.
Саалаах дьон ааны тоҥсуйаллар. Үрээнньик, аанын аһан, таһырдьа тахсан кэлэр.
– Урядник манна олорор дуо?
– Манна урядник суох, – диир Петухов.
– Эн кимҥиний?
– Мин манна олохтоох бааһынайбын.
– Сымыйата! Үрээнньик, тойон Петухов диэн.
Саалаах дьон дьиэ иһигэр киирэллэр. Үрээнньик бинтиэпкэтин, бэстилиэтин, саабылатын ууран биэрэр.
– Билигин милиционердары уонна казактары барыларын биир сиргэ мус. Сааларын, саабылаларын, бэстилиэттэрин илдьэ кэллиннэр, – диир Гудзинскай.
Петухов, уолуйан хаалан, биир сиргэ тэпсэҥниир.
– Биһиги тиэтэйэбит, бара оҕус! – Гудзинскай бирикээстиир курдук этэр.
– Истэбин! Ол гынан баран… кимнээх кэллилэр диибин?
– Кыһыллар кэллилэр диэ!
– Истэбин, тойон кыһыллар!
– Чэ, тойон буолуох, хотун буолуох, бара оҕус!
Петухов хостон тахсыбытын кэннэ, Гудзинскай кини саатын, бэстилиэтин уонна саабылатын ылан, ханна да гыныан булбатахтыы көрүтэлиир. Онтон:
– Мэ, маны эн илдьэ сырыт! – диэн баран, Сэмэнчиккэ үрээнньик бэстилиэтин туттаран кэбиһэр.
О, Сэмэнчик итиниэхэ үөрбүтүн эриэхсит! Кини бэстилиэттээх, кини билигин кыһыл этэрээтин киһитэ…
Сэмэнчик кыһыл этэрээтин кытта бэйэтин төрөөбүт Сахатын сиригэр барсар буолар.
Сэмэнчик киэһэ көҥүллэтэн ийэтин көрсө тахсыбыта, ийэтэ хоһугар суох буолан биэрэр.
– Сэмэн, дьиэҕэр олорумуна… – диэн иһэн, Сараапап ойоҕо соһуйан тылын быһа ытыра түһэр. – Хантан маны ыллыҥ? – бэстилиэт диэки ыйар.
– Миэхэ командир биэрдэ!
– Тоҕо ыллыҥ? Эн баҕас эмиэ бассабыык буоллуҥ дуо?
– Мин кинилэри кытта барсыһар буоллум.
– Оой, ол аата иирдэҕиҥ дии!
– Маама! – Сэмэнчик ийэтэ киирэн иһэрин көрөн, киниэхэ ыстанар. Бэстилиэтин өттүгэр сыһыары тутар.
– Тоойуом, бу туоххунуй?
– Миэхэ командир үрээнньик бэстилиэтин ылан биэрдэ… Мин кинилэри… – Маайа Сэмэнчиги, ситэ этиппэккэ эрэ, илиититтэн харбаан ылан, бэйэлэрэ олорор хосторугар соһор. Хоһугар киирээт, кини туох да бокуойа суох сыттыгар умса түһэн ытаан барар.
– Маама… Оччоҕо киниэхэ төттөрү илдьэн биэриэм! – уол ыксыыр.
– Тоойуом, кинилэри кытта барсыам диигин дуу?
– Барсыам… Маама, ытаама… Мин… эн ытыыр буоллаххына… барсыам суоҕа.
– Оттон тоҕо барсаары гыммыккыный? – Маайа, хараҕын уутун соттон, сэргэхсийбит курдук буолар.
– Мин эһигини атаҕастаабыт дьонтон иэс ситиһэр санаалаахпын.
– Ыы, бу чыычааҕым оҕото эттэҕин! Оччоҕо, чэ барыс! Мин ытыырым туох буолуой… Хаһан даҕаны санаабыт санааҕын ситэрбэккэ уурайбат буол. Киһи оннук буолуохтаах… Мин эмиэ төрөөбүт ийэбин таптыыр этим… Мин ол үрдүнэн, эн аҕаҕын, ыал хамначчытын, батыспытым… Эн барарга санаммыккын да, туох да буоллун, барыахтааххын! Ол ийэ эрэйдээх ытыыра диэн… – Маайа хараҕын уута икки иэдэһинэн таҥнары сүүрэн түһэ турар.
– Маама! – Сэмэнчик ийэтин моонньуттан кууһар. – Эн ытаама!.. Мин кэлиэм!.. Мин, баҕар, аҕабын булан, биһиги иккиэн бииргэ кэлиэхпит. Кини, баҕар, тыыннаах буолуо…
– Аҕаҥ эрэйдээх эн саҥаҕын истэрэ буолар, төһө эрэ үөрэр этэ. Киниттэн ордук дьоллоох киһи, бука, суох буолуо этэ.
Маайа Сэмэнчиги кууһан туран ууруур-сыллыыр. Тыла «бар» диир, илиитэ ыыппат.
– Бэйи тохтоо, мин, саатар, эн хайдах айанныыргын көрөн хаалыым!..
Маайа дьиэ иһигэр хайдах сылдьарай да, ол таҥаһынан таһырдьа тахсыһар. Уонча саалаах киһи, Сараапап атыыһыты ампаарын астаран, икки тэлиэгэ муҥунан бурдугу, эти, арыыны тиэйэн эрэллэр эбит.
Сэмэнчик дьонугар бараары гыммытыгар ийэтэ:
– Тоойуом, кытылга киириэх… – диир. – Мин эйигин атаара таарыйа борохуоттары көрүөм этэ…
– Өр буолуом суоҕа. Киириэхпит буоллаҕа дии.
– Кэбис, сибилигин бара охсуох, – Маайа уолун илиититтэн тутан уулуссаҕа таһаарар уонна сибигинэйэ былаастаан:
– Эн, бачча киһи, тоҕо өйдөөбөккүнүй?.. Мин кинилэргэ хаалар буолбаппын дуо?! Билигин эн барбытыҥ кэннэ миигин хайдах көрөллөрө, туталлара биллибэт… Баҕар, «бассабыык ийэтэ» диэн, дьиэлэриттэн үүрэн таһаарыахтара.
Сэмэнчик ийэтэ эрэйдээҕи олус аһына саныыр. Аҕатын хаайбыттарын кэннэ төһө эрэйдэммиттэрин, муҥнаммыттарын барытын эргитэ санаан кэлэр… Ийэтэ кинини иитэр-аһатар туһугар түүннэри-күнүстэри ыал үлэтин үлэлээн сордоноро. Булбут аһын сыыһын, «оҕом эрэ тот сырыттын» дии-дии, киниэхэ сыҥалыыра. Булбут таҥаһын, «оҕом эрэ киһилии таҥыннын» дии-дии, киниэхэ тигэрэ. Сэмэнчик билигин, ийэтиттэн арахсаары туран, итини барытын өйдөөн кэллэ.
– Маамаа, эн мин туспар наһаа айманыма. Мин билигин улахан киһибин, ону-маны өйдүүбүн. Көрөн сылдьыам буоллаҕа дии, сөп дуо, маамаа?!
– Сөп, тоойуом… Тээтэҥ барахсан эн улахан киһи буола охсуоххун наһаа баҕараахтыыра. Олус үчүгэй, сымнаҕас киһи этэ. Эйигин да, миигин да биирдэ да мөҥөн көрөөхтөөбөтөҕө. Эн кини суолун батыһаргыттан мин үөрэбин.
Гудзинскайдаах, биэрэккэ киирэн, Сараапаптан тутан ылбыт астарын борокуокка таһаллар. Сэмэнчик ийэтин кытта бырастыылаһан, борокуокка киирэн, палуба үрдүгэр тахсар. Борокуоттар, хаһыытаабакка эрэ, дьаакырдарын көтөҕүнэн, Ленаны таҥнары устан дьондолуһаллар.
– Айыы тойон таҥара, баар буоллаххына, оҕом эрэйдээҕи харыстаа, миигин дьоллоо! – диэн Маайа, Сэмэнчик олорон барбыт борохуотун батыһа көрөн туран, ботугуруу хаалар… Ыраах, өрүс уҥуоргу тэҥкэҕэ кэҕэ этэн чоргуйара уу дуорааныгар тэптэрэн, ханна эрэ саха сайылыгын кырдалыгар эдэр ыччат мунньустан эһиэкэйдээн эрэллэрин санатар. Устунан, Маайа төрөөбүт буорун – ыраах Бүлүүнү, Намы өйдөөн-ахтан кэлэр: «Оҕобун кытта барсан хаалбаккабын, оо, сорум эбит!..»
III1918 сыллааҕы бэс ыйын 30 күнүгэр Покровскайтан: «Бүгүн, сарсыарда 3 чааска, икки борохуот үөһэттэн куорат диэки аастылар», – диэн төлөпүөнүнэн Якутскайга биллэрэллэр. Ити сурах куораты бүтүннүү саба сүүрэн кэбиһэр. Уобаластааҕы управление тойотторо, уобалас колчаковскай комиссара Владимир Николаевич Соловьев хоһугар мунньустан сүбэлэһэллэр.
– Ол, бука, большевиктар буоллахтара. Били Өлүөхүмэттэн телеграбынан «бэриниҥ!» диэн кэпсэтэ сылдьыбыт большевиктар буоллахтара, – диир Соловьев.
Бондалетов капитан, сонун тимэхтэрин төлөрүтэн баран, өттүк баттанан олорон баһын быһа илгистэр. Кини сап-саһархай баттаҕа сүүһүн саба түспүтүн уҥа илиитинэн өрө анньынан кэбиһэр.
– Большевиктар буолумуна, кимнээх буолуохтарай! Субу бүгүн манна кэлиэхтэрэ…
– Эн биһигини олус куттаама, биһиги бэйэбит даҕаны сөбүн кутталга олоробут, – Никифоров атыыһыт бу сүбэ мунньахха эмиэ ыҥырыллан кэлэн олорор.
– Тойон капитан, эн тугу этээри гына-гынаҕын туттунаҕын? Этэрдээх буоллаххына, этэн кэбиһиэххин, – Соловьев Бондалетов диэки кэҕис гынар.
– Онон… Мин санаабар, биһиги куораты кыайан көмүскүүр кыахпыт суох. Онон… эрдэ-сылла мантан халбарыйан биэрбит ордук буолуо.
– Суох, ити сатаммат… Биһиги олорор сирбититтэн ханна барыахпытый? Ханна да барбаппыт. Ити адьас сатаммат тыл, – Никифоров атыыһыт ыксыы түһэр.
– Туох баар күүһү бүтүннүүтүн куораты көмүскүүргэ мунньуохха! – Соловьев остуолу охсор. – Ити, маҥнайгытынан; иккиһинэн, куораттан тахсан биэрэр күн кэллэҕинэ – куотарга үчүгэй аттар бэлэм буолуохтаахтар!
– Билигин киһи ханна баран куотуой? – эсердэр представителлэрэ Медницкэй ыйытар.
– Таҥара көмөтүнэн, биһиэхэ хара тыа эрэ элбэх! Билигин кыһын буолбатах, ханна баҕарар хорҕойон олоруохха сөп.
– Оттон большевиктар уһаатахтарына?
– Суох, кинилэр уһуохтара суоҕа. Иһиллэринэн, бүтүн Россия үрдүнэн большевиктары утары улахан күүс түмүллэн эрэр. Деникин генерал, Дутов уонна Алексеев генераллар Дон өрүс казактарыттан сэрии хомуйаллар үһү. Немец армията, ону кытта урукку биһиги союзниктарбыт армиялара эмиэ большевиктары утары турбуттар. Улахана буоллаҕына күһүҥҥэ эрэ диэри биһиги саһыахпыт, – диир Бондалетов.
– Да, тойоттор, арба, өссө биир улахан сонун эмиэ баар, – диир Соловьев. – Благовещенскайга Семенов диэн казактар атамааннара большевиктарга бэриммэккэ олорор үһү. Кини сотору Иркутскайы ылыахтаах. Ити чааһынан миэхэ биир билэр киһим Иркутскайтан сурук ыыппыта.
– Соловей чыычааҕы ыаһаҕынан аһаппаттар, – диир Никифоров, – тугу гынарбытын сүбэлэһиэҕиҥ!
* * *
«Революционнай» уонна «Диктатор» борохуоттар күн ортотун саҕана Булгунньахтаах дьаамыгар кэлэн дьаакырдарын түһэрэллэр. Манна Советскай былаас туһунан билбэккэ олороллоро. Борохуоттар тохтообуттарыгар олохтоохтор бука бары өрүс кытыытыгар киирэллэр. Эмээхситтэр, дьахталлар сымыыт, арыы, үүт атыылаах этилэр.
Борохуоттан уонча киһилээх Гудзинскай тахсар. Саалаах дьон тахсыбыттарыгар дьон соччо дьиктиргээбэт, куттаммат. Биир хара хортуустаах, кугастыҥы соҕус бытыктаах оҕонньор Гудзинскайга утары хааман кэлэн:
– Бу, хайа диэки поехаллаатыгыт, – диэн баран, бэргэһэтин устар.
– Туох диирий? – Гудзинскай Сүөдэртэн ыйытар.
– «Ханна баран иһэҕитий?» диэн ыйытар.
– Тоҕо ыйыталаһарый? Кини кимий?
– Маннааҕы олохтоох дьаам ыстаарыһата үһү.
Оҕонньор кыһыллар кэлбиттэрин истэн баран куттаныан кэриэтэ, хата, дьаамсык буолан олорон ханнык улахан тойоттору тиэйбитин сэһэргээн киирэн барар.
Булгунньахтаахха киэһээҥҥэ диэри тохтоон, Советскай былаас диэн тугун кэпсииллэр, саҥа ревкому талаллар. Дьон үөрүүтэ сүрдээх. Сылгыһыт Сүөдэр урут Лэгиэнтэй атыыһыкка таһаҕас таһа сылдьан билсэр ыалларын булаттыыр. Кини бэйэтин аатын, кимин, хаһан кинилэргэ сылдьыбытын эбэтэр хонон ааспытын кэпсиэр диэри Сүөдэри ким даҕаны билбэт.
Киэһэ Гудзинскай Сүөдэри ыҥыран ылар:
– Олохтоох бааһынайдар кэпсээннэринэн, Якутскайга саллаат элбэх үһү. Онон биһигини кытта ытыалаһаллара буолуо… Дьэ эн отделениеҥ, сири билэрин быһыытынан, мантан антах миигиттэн арахсыа суохтаах.
– Мантан аллара ханна туох баара биллэр.
– Биһиги Якутскайга чугаһаатыбыт быһыылаах?
– Чугаһаан. Мантан чугас Покровскай дэриэбинэтэ, онтон аллара Табаҕа дьаама…
– Покровскай дэриэбинэтигэр төлөпүөн баар дуо?
– Баар… Урут баар курдук кэпсэтэллэрэ.
– Биһиги бу түүн тиийиэхпит дуо?
– Ханна да тохтооботохпутуна, күн тахсыыта тиийиэххэ да сөп.
– Мин бииртэн куттанабын.
– Ол туохтан?
– Биһиги Покровскайы хайа да өттүнэн тумнан көстүбэккэ-биллибэккэ ааспаппыт. Биһиги иһэрбитин, Покровскайга төлөпүөн баар буоллаҕына, Якутскайга биллэриэхтэрэ. Онно биһигини тоһуйуохтара…
– Оттон биһиги албыннаатахпытына хайдаҕый?
– Хайдах албынныыр ньыма баарын билбэтим, – диир Гудзинскай.
– Биһиги, куоракка тиийбэккэ эрэ, дьоннорбутун бэттэх түһэрэн кэбиһиэххэ уонна кураанах борохуоттары ыытыахха. Якутскай тойотторо, биһигини борохуотунан истэхтэрэ диэн, хайаан да ол борохуоттары тоһуйуохтара. Оччоҕо биһиги кинилэри кэннилэриттэн киирэн куораты ылбаппыт дуо?
– Да-а, – диир Гудзинскай. – Федор Владимиров, эн бэрт сөпкө этэҕин. Биһиги ити ньыманы туттуохпут. Баҕар, ити ньыма сатанан тахсаарай?!
– Мин санаабар, итинтэн атыннык киһи куораты сатаан ылыа суоҕа… Куораттан биэс-алта биэрэстэ бэттэх «Күһүҥҥү бириистэн» диэн баар. Биһиги түүн онно түһүөхпүт…
– Мин сирин билбэппин. Эн миигин кытта бииргэ сылдьан ханан барарбытын ыйан биэрэн иһээр! – Гудзинскай ити кэнниттэн капитаннарга: «Төһө кыайаргытынан түргэнник айаннааҥ!», – диэбитэ.
Борохуоттар таҥнары устан күпсүйэллэр.
* * *
Бондалетов милициятын дьоно сэриилэһэргэ тэринэллэр. Кинилэргэ баайын бараабыт Сылластыгас Сүөдэркэ эмиэ баар. Кини, борохуотунан кыһыллар иһэр сурахтарын истэн, эрдэтинэ куотар атын булунар.
Сарсыарда биэс чаас саҕана «Күһүҥҥү бириистэҥҥэ» Гудзинскай этэрээтэ кэлэн түһэр. Борохуоттарга баара-суоҕа сүүрбэччэ эрэ киһини хаалларан баран, Даркылаах диэки ааһарга бирикээстииллэр. Борохуоттар буруону тутар заслонкаларын аһан, ыраахтан көстөр гына буруолаан, таҥнары түһэ тураллар.
Бондалетов, борохуоттар буруоларын көрөн, дьонун барытын Гольминкаҕа, буойунаҕа ыытар. Ити кэмҥэ Күөх хонуу соҕуруу баһыттан Гудзинскай этэрээтэ кимэн киирэр. Этэрээти Сүөдэр разведовательнай отделениета сирдиир.
Манна, кыһылларга утарсар күүс хаалбатах буолан, аҕыйахтык ытыалаһа түһэн баран, Бондалетов дьоно куоталлар.
Сылластыгас били бэлэмнээн туруорбут атын үрдүгэр түһэн, Областной управлениеҕа тэптэрэн кэлэн, бэлэһэ хайдыаҕынан хаһыытыыр:
– Бассабыыктар!
Куорат баайдара, Областной управление тойотторо бука бары эрдэттэн бэлэмнээбит аттарын үрдүгэр түһэннэр, Бүлүү, Маҥан суолунан сискэ куоталлар.
Бондалетов, дьонунаан Гольминкаҕа борохуоттары көһүтэ сытан, туох ытыалаһыыта буолбутун билээри, атынан куоракка тэптэрэн тахсар. Өлөрдүү куттаммыт дьон, тойоттор, атыыһыттар сырса сылдьаллар.
– Туох буолла? – Бондалетов аан бастаан көрсө түспүт киһититтэн ыйытар.
– Бассабыыктар аппа уҥуоргуну ылбыттар…
Бондалетов, ити тылы истээт, өлө куттанан, ыксаан, бэйэтин дьонун умнан, Бүлүү суолун устун мыраан диэки ат охсорунан ойутар.
Областной управление милициятын дьоно – 280 киһи, салайааччылара суох буолан, күн орто саҕана Гудзинскай этэрээтигэр бэринэн, сааларын ууран биэрэллэр. Куорат саамай үрдүк дьиэтигэр, урукку Окружной суукка, кыһыл былаах тэтэрэ тэлибириир. Бу Саха сиригэр аан бастаан Советскай былаас олохтонуута этэ.
Гудзинскай, Дьокуускайы ылан баран, биир борохуоту Бүлүү өрүһүн умнаһыгар Советскай былааһы олохтото атаарар. Онно үксүн бараллар Бүлүү уокуругуттан Дьокуускай куоратынааҕы реальнай училищеҕа, учительскай семинарияҕа үөрэнэ сылдьар эдэр ыччат революцияҕа кыттыспытын өттө.
Сүөдэр эмиэ Бүлүүгэ барсыһар, оттон Сэмэнчик Дьокуускайга хаалар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин билигин даҕаны билсибэккэ сылдьаллар.
* * *
Сылластыгас кыһыллар куораты ыллахтарын күн саата да, туга да суох ат буута быстарынан, муҥура тэстэринэн дойдутугар, Намҥа, күрүүр. Кини, атын уоскута түһээри, Киллэм дэриэбинэтигэр Лэгиэнтэй атыыһыттаахха сылдьар.
– Бу, туох буолан, бачча куйааска аккын бу айылаах өлөрө оонньоотуҥ? – дии тоһуйар Лэгиэнтэй атыыһыт кинини.
– Куораты кыһыллар ыллылар!
– Кыһыллар да-а? Дьэ, алдьархай эбит!
Лэгиэнтэй атыыһыт Сылластыгаһы дьиэтигэр ыҥыран киллэрэн тымныы кымыс иһэрдэр. Кэргэнэ Харытыана эмээхсин ыалдьа сытарын оронуттан туруорар.
– Эмээхсин, иһиттиҥ дуо, бу оҕо тугу кэпсиирин?! Соҕурууттан бассабыыктар кэлэн куораты ылбыттар.
– Оо, үлүгэр эбит. Мин баҕас эрдэ-сылла өлөн да биэрдэрбин…
– Көмүспүтүн, саатар, оннун буллардарбыт үчүгэй буолуо этэ… Эн сээкэйгин хомуна турбаккын ээ…
Харытыана эмээхсин, айакалыы-айакалыы, утуйар хосторун диэки бөкөөрө турар.
– Эн ханна баран иһэр быһыыгыный?
– Ханна барыам буоллаҕай, дойдубар Намҥа тахсан, ойуурга хорҕойон көрүөх санаалаахпын. Чэ, тиэтэйэн иһэбин, бардым. Быраһаайдарыҥ, этэҥҥэ олоруҥ!
– Быраһаай!
Сылластыгас атын үрдүгэр түһэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.