Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 59 (всего у книги 62 страниц)
Хотугу Иккис кыһыл этэрээт сүрүн бөлөҕө уонна Каландаришвили штаба кулун тутар бэһис киэһэтигэр, күн киириэн аҕай иннинэ, Төхтүр дьаамыгар кэлэн тохтуур.
– Табаарыс Асатиани, бу түүн манна сынньанабыт, куоракка сарсыарда эрдэ туран киириэхпит, – Нестор Александрович дьаһал биэрэр.
Куорат чугаһаабыта биллэн барар. Оннооҕор айан суола кытта кэҥээбиккэ дылы. Көрсөр дьоннорун үгүстэрэ таҥастыын, тыллыын ыраах дьаамнар нэһилиэнньэлэринээҕэр уларыйан иһэллэр.
– Куораппыт мантан төһө хаалла? – дьаамсыктан Каландаришвили ыйытар.
– Куорат мантан ырааҕа суох. Аара биир эрэ дьаам баар.
– Хас биэрэстэ хаалла? – Асатиани ыйытар.
– Биэс уонча биэрэстэни кыайар-кыайбат, – диир дьаам тутааччы Николай Барашков.
– Бу диэки үрүҥнэр диэн дьон биллэр буолаллар дуо? – штаб начальнига Бухвалов ыйытар.
– Биллэллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта манан өрүс уҥуор ааспыттара.
– Табаарыс Асатиани, төгүрүччү манабылларда туруортаа. Суоллары үчүгэйдик кэтээтиннэр! – диир Нестор Александрович, оһох аттыгар иттэрдии көхсүнэн туран.
– Манабыллары туруортаабытым, – Асатиани этэрин кытта, ону бигэргэппиттии, биир байыас саһыл тыһа бэргэһэлээх, мааны соҕус таҥастаах саха киһитин иннигэр уктан киллэрэр.
– Табаарыс командующай, командирбар этэрбин көҥүллээ! – диир.
– Баһаалыста эт!
– Табаарыс командир! Бу биир киһи бу дэриэбинэттэн аттаах баран иһэрин тохтоттубут. Маннааҕы, чугас баар дэриэбинэҕэ хоно барабын диир.
Байыас киллэрбит киһитин одууласпахтаан баран, Асатиани туох да киһи уорбалыырын булбат.
– Кимҥиний? Ханна бараары гыммыккыный?
– Мин… куоракка киирэн иһэбин… Ити манна, бу дэриэбинэҕэ, хонуом дуу дии санаабытым да, эһиги дьоҥҥут тохтоттулар. Онон мантан чугас баар сэлиэнньэҕэ хоноору баран испитим.
– Кырдьыккын этэҕин дуо? Эн бу сэлиэнньэ олохтооҕо буолбатаххын дуо?
– Кырдьыкпын… Суох, мин Бокуруоскай анараа өттүттэн иһэр киһибин, – дии-дии тутуллубут киһи биир сиргэ тэпсэҥниир.
– Хозяин, бу киһини билэҕин дуо?.. Кини манна олохтоох киһи дуо? – аны Николай Барашковтан ыйыталлар.
– Суох, мин букатын билбэт киһим. Маннааҕы киһи буолбатах.
– Табаарыс боец, ыыт, бардын, – киһини ыытан кэбиһэллэр.
Васька Барсуков, тутулла сылдьыбытыттан дэлби куттанан, атын тиэтэйэ-саарайа айаннатан Хахсыкка тиийэр. Онно кини биллэрэрин көһүтэн олорор Сүөдэркэ Дьаакыбылапка киирэн:
– Төхтүргэ тохтоотулар, бу түүн хоноллор! – диир.
– Сөп. Эн манна хаал. Мин сибилигин… – дии-дии Сүөдэркэ Дьаакыбылап таҥнан хачыгырайан барар.
– Хайа, бу бачча хойутаан баран ханна бараары таҥынныҥ? – дьиэлээх эмээхсин соһуйар.
– Бу түүн манна бу доҕорум хонуоҕа. Мин атын сиргэ баран хонор буоллум, киһи ыҥыртарбыт, – дии-дии, Сүөдэркэ тахсар. Васька Барсуков эмиэ тахсыһар.
– Миигин тута сырыттылар.
– Тута сырыттылар даа? Ол гынан баран хайдах ыыттылар?
– Ыыттылар дии… Дьэ, бүттэҕим диэн олус куттаммытым.
– Үчүгэй, хата ыыппыттар! – Сүөдэркэ атын көлүнэн, өрүскэ киирэр суолунан тэптэрэр.
* * *
Хаптаҕайга тиийэн истэҕинэ, икки саллаат өрүс сыырын тахсыытыгар Сүөдэркэни утары көрсөллөр:
– Тохто-о!.. Кимҥиний?
– Аргыый айдаарыҥ, мин Коробейниковка кэллим, – Сүөдэркэ кыыһырбыт куолаһынан көбүөлүүр.
– Ээ-э, Дьаакыбылап эбиккин дуу? – биирдэстэрэ Сүөдэркэни саҥатыттан билэр.
Сүөдэркэ бэрт тиэтэл үлүгэринэн Коробейников олорор дьиэтигэр кэлэн көтөн түһэр.
– Тойон Коробейников, кыһыллар Төхтүргэ…
– Бу түүн куоракка ааһаллар үһү дуо? – Коробейников ыксаабыт куолаһынан ыйытар.
– Суох, Төхтүргэ хоноллор үһү…
– һу-у! Куоракка ааһан эрэр буоллахтара диэн, хата, ыксаатым, – Коробейников сүрэҕин туттуммахтыыр.
– Олус тиэтэйэн кэллим… Төхтүргэ көһүппүт киһибин миэхэ биллэрэ кэлэн истэҕинэ тута сылдьыбыттар.
– Да-а?..
– Хата, ыыппыттар!
– Ыыппыттар? Чэ үчүгэй. Оттон биһиги билигин кинилэри ыытыахпыт суоҕа… һэ-һэ!. Тойон Филиппов, этэрээттэр командирдарын барыларын миэхэ ыҥыртаа!
Өтөр буолбат, бары алын командирдар Коробейниковка мусталлар. Бу дьону үгүстэрин Сүөдэркэ Дьаакыбылап билэттиир.
– Бырааттар, бу быраат Яковлев бэрт улахан сонуннаах кэлэн олорор. Уҥуор Төхтүр дьаамыгар соҕурууттан иһэр кыһыл этэрээт уонна Каландаришвили штаба кэлэн тохтообуттар. Бу түүн кинилэр онно хоноллор үһү. Урут кэпсэппиппит курдук, биһиги бэлэмнэммит сирбитигэр тахсан тоһуур оҥоробут. Онон түүн уон икки саҕана дьонноргутун туруортаарыҥ. Мантан түүн биир чаас буолуута аттаныахпыт. Ол туһунан дьонноргутугар сэрэтиҥ!
– Дьоннорбутун барыларын ылабыт дуо?
– Суох, куттас дии санаабыт дьонноргутун манна хааллараарыҥ!
– Бэрт сөп! Сорох-сорохтор, кыһыллар сурахтарын иһиттэллэр эрэ, иннилэрин-кэннилэрин билбэт буолан хаалаллар, – диир биир бандьыыт.
– Оннуктар туһалара суох, хааллыннар, – Коробейников турар. – Билигин дьонноргутун сытыартааҥ, утуйдуннар.
Тымныйар. Түүн үөһэ чаас курдук ааһыыта Хаптаҕайтан бандьыыттар өрүскэ түһэллэр. Инники ат сыарҕатыгар Коробейниковтаах Филиппов олороллор. Кинилэр кэннилэриттэн, ойбоҥҥо уулуу киирэн иһэр сүөһү курдук, таба саҕынньахтаах, тыс этэрбэстээх саалаах дьон сатыы хааман хачыгыраһаллар.
Өрүһү чаас кэриҥэ хааман туорууллар. Ытык хайа анныгар баар арыыга тахсаллар. Тоһуурга сытар сирдэрин бэлэмнии кэлэ сылдьан аттарын хаалларбыт күрүөлээх отторуттан биирдии түүтэх оту кыбыналлар.
– Чигдигэ сытар тымныыта бэрт буолуо. Окко сытар тэллэххэ сытар тэҥэ буоллаҕа дии, – дэһэллэр.
Эмиэ хаары оймоон, бэркэ диэн итииргээн, тиритэн, айан суола ааһар элгээнин үрдүгэр тиийэллэр.
– Бырааттар, бары манна кэлиҥ! – Коробейников дьонун биир сиргэ мунньар. – Билигин тоһуурга сытабыт. Биир да киһи табахтаамаҥ. Табах сыта ыраахтан биллэр, кыһыллар разведкалара билэн, аны ол алдьархайа буолуоҕа!.. Биһиги бастаан, кыһыллар эрэ диэн, көрө түспүт киһибитин барытын ытыалаан барыа суохтаахпыт, маҥнай тойотторун, салайааччыларын өлөртүүрбүт буоллар, – оччоҕо кыайыы буолуо этэ!.. Онон биһиги – мин уонна бу тойон Филиппов – команда биэрэ иликпитинэ, ким даҕаны ытыа суохтаах! Өйдөөтүгүт дуо?
– Өйдөөн!
– Чэйиҥ, билигин үнүрүүн оҥостубут аналлаах сиргитигэр киирэн сытыҥ!
Бандьыыттар түүтэх отторун кыбыммытынан иирэ иһигэр киирэн олохторун оҥостон сырдырҕаһаллар.
Коробейников чаһытын көрөр. Түүн ортото ааспыта үс чаас буола охсубут.
– Тойон Филиппов, эн манна хаал. Мин соҕуруу уһукка сытар дьоммор барыым. Кыһыллар ыҥыыр аттаахтара саллааттар буолуохтара, кинилэри аһартаарыҥ. Дьэ онтон бу эһиги иннигитигэр сыарҕалаах аттар кэллэхтэринэ, бастаан олору охтортооруҥ! Оччоҕо суоллара бүөлэниэ, кэнникилэрэ ханна даҕаны барыахтара суоҕа! Эһиги ытыалаатаххытына, дьэ, бары ытыалыахпыт!
– Сөп-сөп! – Филиппов суолу одуулаһар. Айан суола кинилэр сытар сирдэриттэн баара-суоҕа сүүрбэччэ эрэ хаамыы курдуга. Бу ыккардыгар ханнык баҕарар саанан табыахха даҕаны, өлөрүөххэ даҕаны сөптөөҕө.
– Чэ, мин бардым, эһиги манна кытаатыҥ! – дии-дии, Коробейников туран элгээн сыырын үрдүгэр, хойуу иирэ иһигэр сытар дьонноругар:
– Инники сытааччылар ытыалааталлар эрэ, дьэ, эрэттэр, хайдах этигит, үчүгэй аҕайдык туттан биэрээриҥ! – диэн өйдөтө-тэптэрэ ааһар.
Сарсыарда түөрт чаас буолуута Коробейников элгээн соҕуруу бүтэр уһугар сытар дьонугар тиийэр.
– Туох эмит иһиллэр? – дьонуттан ыйытар.
– Суох, туох даҕаны биллибэт. Ычча, тоҥоору гынныбыт.
– Кытаатыҥ, тулуйуҥ! Улахан мүччүргэннээх мүнүүтэлэр кэлэн тураллар. – Коробейников дьонун эрдитэ сатыыр.
– Хамсаабакка сыттахха, тымныыта бэрт!
– Туох даҕаны биллибэт кэмигэр хамсааҥ ээ!
Иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии, уонча киһи туран бэйэ-бэйэлэрин анньыалаһан, үтүргэхтэһэн, тэбиэлэһэн бараллар.
Халлаан сырдаан барда быһыылаах, иннилэригэр өрөһөлөнөн турбут Ытык хайа үөһээ өттүттэн улам кубарыйан, чуолкайдык көстөр буолан барар…
Төхтүр диэки ыттар үрэн ньоҕуйаллара сарсыардааҥҥы дьыбарга дуораһыйан иһиллэр.
– Аргыыйыҥ, хамсаамаҥ! – Коробейников дьонун буойар.
Бандьыыттар ах бара түһэллэр. Бары иһиллииллэр. Ыттар үрэллэриттэн ураты туох да иһиллибэт.
Хайа үрдүттэн хара суор хааҕыргыы-хааҕыргыы өрүс диэки көтөн күпсүйэн ааһар.
* * *
Нестор Александрович бу түүн утуйбат. Төхтүр олохтооҕун, кырдьаҕас бааһынайы кытта сэһэргэһэн тахсар.
– Качугтан ыла биһиги бу Лена өрүһү таҥнары сыыйан кэллибит. Ол устатын тухары, сүүрбэ биэс-отут биэрэстэ буола-буола, дьаам сэлиэнньэлэрэ тураллар. Ити хаһан олохтоммут, ким олохтообут дэриэбинэлэрэ буолуой?
– Ээ, Катерина ыраахтааҕы олохтообута үһү.
– Сорох дьаам сэлиэнньэтэ хайа хаспаҕар, таас быыһыгар турар, оттон сорохторо киэҥ хочолорго, сир үчүгэйигэр түспүттэр. Хайдах итинник олохтообут бэйэтэ эбитэй ол Екатерина даҕаны?
– Ээ, ол Катерина ыраахтааҕы улахан өйдөөх дьахтар эбитэ үһү. Кини манна, Ленаҕа, дьаамы олохтууругар аан бастаан чиновнигын ыыппыт. Лена умнаһын ол чиновник кээмэйдээбит. Иккилии көс, үстүү көс гына-гына, нүөмэрдээх остоолболору туруортаан испит. Онон төһө дьаам сэлиэнньэтин олохтуохтаахтарын быһаарбыт. Дьэ онтон ол чиновник Катерина ыраахтааҕыга тиийэн дакылааттаабыт. Онно эппит: «Сорох сиргэ чыкыр таас, хайа аппата түбэһэр, оттон сороҕор үчүгэй киллэм хонуу эмиэ баар», – диэн. Онуоха Катерина ыраахтааҕы: «Ол биһиги кыһалҕабыт буолбатах, ким онно баран дьаам тутан олоруон баҕалаахтарга эн бэлиэ туруортаабыт дьаамнарыҥ нүөмэрдэрин түҥэтэн биэриэххэ. Ким дьоллооххо – үчүгэй сир түбэһиэ, ким сордооххо – хайа аппата, таас быыһа…» – диэн быһаарбыт.
– Туох дьону, кимнээхтэри, хантан хомуйан бачча ыраах тымныы сиргэ дьаам туттара ыыппыттар үһүнүй ол? – Каландаришвили, бу бааһынай оҕонньоро Екатерина ыраахтааҕы дьаамнары хайдах түҥэттэрбитин көрөн турбут курдук кэпсиириттэн мичээрдии-мичээрдии, ыйытар.
– Э-э, ол Катерина ыраахтааҕы ыйаах таһаарбыт: «Ким Лена өрүскэ тэриллэр государственнай ямҥа олохсуйа барыан баҕарар бааһынайдары бас билэр помещик даҕаны, монастырь даҕаны тутар бырааба суох; Ленаҕа барар бааһынайдар крепостной бырааптан босхолоноллор; ону таһынан, хас биирдии ыалга түөртүү ат, иккилии ынах сүөһү, отуттуу буут туорах бурдук, бурдук ыһар, от оттуур тээбирин – барыта босхо бэриллэр, ям туталларыгар сайыннары-кыһыннары ыйга алталыы целковай үрүҥ көмүһүнэн хамнас быһыллар», – диэн. Биллэн турар, помещиктар, манастыырдар хара батталларыгар көлүнэр көлөтө, ииттэр сүөһүтэ, туттар сэбэ суох олорор бааһынайдар, итинник олохтон босхолонор баҕатыгар, абааһы айаҕар даҕаны киириэ этилэр. Дьэ онон Ленаҕа олохсуйа барарга бэрт үгүс киһи көрдөһөр.
– Оттон эһиги, нуучча бааһынайдара, хайдах сахалыы үчүгэйдик билэҕитий? Саха тыла оннук чэпчэки, киһи дөбөҥнүк билэр тыла дуо?
– Ээ, бу дойдуга олохсуйбуппут ырааппыта бэрт буоллаҕа дии. Уонна оттон сахалары кытта бииргэ үөскээбит кэриэтэ булкуһа олорор дьоммут.
– Оттон эн бэйэҥ эт-хаан өбүгэлэриҥ хантан манна кэлбиттэрэ үһүнүй?
– Ээ, Сызрань куораттан диир буолаллара. Онно улахан монастырь баара үһү. Ол монастырь кылаабынайа, «настоятель» дииллэр дуу, үөдэн сах дуу, киһи буолбатах – кыыллыы майгылаах тойон эбитэ үһү. Кини бас билэр бааһынайдарын таһыйбатах, сыапка олордубатах күнэ диэн суоҕа дэһэллэр. Мин өбүгэлэрим онтон куотан, манна олохсуйа кэлбиттэрэ үһү… Хата, биһиги дьолбутугар, киэҥ хонуулаах, дэлэй бааһыналаах сиргэ – бу Төхтүргэ түбэспиппит, – дии-дии, оҕонньор күлэн лэһигирэтэр.
Разведка барбытын кэннэ, этэрээт дьоно бары тураллар. Чэйдээн, аһаан бүтүүлэрэ халлаан сырдыыр.
– Да-а, тиһэх суол! – диир Каландаришвили уонна тоҕо эрэ үөһэ тыынан ылар.
– Ээ, тоҕо «тиһэх суол» диигиний? Итинник этиллибэт баҕайыта. Билигин даҕаны үгүс сырыыны сылдьыаҥ, – дии-дии, бааһынай Нестор Александровичка таҥаһын таҥнарыгар көмөлөһөр.
– Бүгүн Якутскайга тиийэбит. Бу өр айаннаабыт суолбут тиһэҕин барабыт диэн этэбин, – Каландаришвили мичээрдиир.
Таһырдьа тахсаллар. Илинтэн, Лена уҥуоргу мыраанын кэтэҕиттэн, күн кыыһа тахсыыта Нестор Александрович кибииккэтигэр олорор. Сэһэргэспит бааһынайа кинини таҥаһынан үчүгэйдик үллүйэн биэрэр.
– Баһыыба! Быраһаай, умнаайаҕын миигин! – Каландаришвили бааһынайга илиитин уунар.
VКуорат ыалларын буруота үрүҥ тунаархай остоолбо буолан халлааҥҥа өрө хороһон тураллар. Бүгүн манна Иркутскайтан кэлэр Хотугу Иккис кыһыл этэрээти уонна Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин саҥа командующайын Нестор Александрович Каландаришвилины кэлиэхтэрэ диэн көһүтэллэр.
Иван Яковлевич Строд эскадрона бүгүн тоҕус чаас сарсыарда дьоннорун көрсө Табаҕаҕа тахсыахтааҕа.
– Аттары ыҥыырдааҥ! – тоҕус буолуо уон биэс мүнүүтэ иннинэ Строд команда биэрэр.
Воинскай чаас олбуорун иһиттэн Строд эскадрона тахсар. Бэрт чуор, ыраас куоластаах байыас ыллыыр:
«Смело мы в бой пойдем
За власть Советов.
И, как один умрем,
В борьбе за это»
Эскадрон куорат соҕуруу уһугар тиийэн поска тохтуур.
– Табаарыс Владимиров, уон киһитэ ылан, чугастааҕы дэриэбинэҕэ диэри разведкалаа. Аара кими даҕаны көрсүбэтэххитинэ, бандьыыттар баар сибикилэрэ биллибэтэҕинэ, ол дэриэбинэттэн икки киһитэ биһиэхэ ыытан биллэрээриҥ. Бэйэҕит биһиги онно тийиэхпитигэр диэри антах барымаҥ! – Строд Сэмэнчиккэ бирикээстиир.
– Истэбин, табаарыс эскадрон командира! – диэт, Сэмэнчик атын инники таһаарар. – Маҥнайгы отделение, миигин батыһыҥ, иннигит диэки!
Сэмэнчик эскадрон маҥнайгы отделениетын илдьэ түргэн айанынан Баҕарах диэки тэптэрэр. Куораттан икки биэрэстэ курдук ыраатан баран, отделение иннигэр икки киһини ыытар.
Өр-өтөр гымматтар, Баҕарах ыалларыгар чугаһыыллар. Инники икки аттаах киһилэрэ дэриэбинэҕэ киирэллэр. Ханна да киһи-сүөһү баара көстүбэт. Туймаада хочо кылбаа маҥан хаарынан бүрүллэн нэлэһийэн сытар. Ыраах Ытык хайа көҕөрүмтүйэн көстөр. Кини үрдүгэр аатырар «Табаҕа харыйата» уһуктаах төбөтүн халлааҥҥа анньан, мастартан эрэ уһулуччу үрдээн, хоройон турар. Хаартан тэйэр күн уотуттан киһи хараҕа саатар буолан барар. Салгын ып-ыраас, дьыбар тахсан эрэр, олус үчүгэй. Сотору соҕус урут барбыт икки киһилэрэ Баҕарах дэриэбинэтиттэн шлемнэрин устан далбаатыыллара көстөр. Ол аата: «Туох да куттал суох!» – диэн биллэрэр быһыылара буолуохтаах.
– Инники! – Сэмэнчик атын бөтөрөҥүнэн түһэрэр.
Баҕарахха киирэллэр. Кырдьык, манна туох да суох, барыта уу чуумпу. Дьиэтин таһыгар сыарҕатын бэрийэ сылдьар саха киһитин көрөн, Сэмэнчик ыйытар:
– Бу диэки үрүҥнэр биллибэттэр дуо?
– Суох, туох даҕаны биллибэт… Арай бу сарсыарда эрдэ соҕус Табаҕа диэкиттэн бэрт үгүс саа тыаһа иһилиннэ дии.
«Ама, дьоннорбутун бандьыыттар тоһуйан ытыалаабыттара буолуо дуо?» – Сэмэнчик «сык» гына түһэр.
– Эскадроҥҥа этиҥ, Баҕарахха бандьыыттар суохтар диэн, – Сэмэнчик икки киһитин эскадроҥҥа ыытар.
Сэмэнчик, өссө чуолкайдаары, ыйытар:
– Табаҕа диэкиттэн туох даҕаны биллибэт дуо?
– Суох, туох даҕаны биллибэт.
– Ол саалар тыастара төһө уһуннук иһиллибитэй?
– Уһуннук диэххэ сөп. Быыстала суох тыаһаан баран тохтообута.
Бу киһи туох сааларын тыаһын истибитин Сэмэнчик төһө да баран билэ охсуон баҕардар, эскадрон командира кэлиэр диэри ханна да барар кыаҕа суох.
Иван Яковлевич Строд кинилэри суолга кэлэн көһүтэн турар Сэмэнчиккэ чугаһаан иһэн, уол хайдах эрэ тиэтэйбит, ыксаабыт курдук буолбутун көрөн:
– Туох буолла? – диир.
– Табаарыс эскадрон командира, манна олохтоох киһи кэпсиир: Табаҕа диэкиттэн бу сарсыарда бэрт үгүс саа тыаһа иһиллибит.
– Табаҕа диэки?.. – Иван Яковлевич туох эрэ буолбутун тута сэрэйэр, хаана уларыйа түһэр… – Табаарыс Владимиров, дьоҥҥун илдьэ Табаҕаҕа бар! Биһиги эһиги кэннигититтэн батыһан барыахпыт! Туох саалара тыаһаабытын билэ охсуохха наада.
– Истэбин! Отделение, миигин батыһыҥ! – Сэмэнчик дьонугар команда биэрээт, атын муҥ кыраадыһынан түһэрэр. Аттар боккуоптаах туйахтара суол чигдитин логлорута тэбэллэрэ өрө күдээрийэр.
Сэмэнчиктээх Баҕараҕы ааһааттарын кытта, Табаҕа диэкиттэн икки ыҥыыр аттаах киһи утары кэлэн иһэн, кинилэри көрөөт, төттөрү ыстаннараллар.
«Тугун дьиктитэй? Тоҕо ити дьон биһигиттэн куттаннылар?» – Сэмэнчик тохтуур.
– «Табаҕаттан икки ыҥыыр аттаах киһи утары иһэн – төттөрү куоттулар» диэн командирга баран биллэриҥ! – Сэмэнчик икки киһитин төнүннэрэр.
Бэйэлэрэ оргууй соҕус Табаҕа диэки хаамтараллар. Инники икки киһини ыыталлар. Аттарын хас хардыытын барытын бэрт сэрэҕинэн хардыылаталлар. Тула туох баарын көрө сатыыллар. Өр буолбат, эскадроҥҥа ыыппыт дьонноро төннөллөр.
– Эскадрон командира бирикээстиир: Табаҕаҕа бэрт сэрэҕинэн чугаһыахтаах үһүбүт; баҕар, онно бандьыыттар бааллара буолуо, сэрэнниннэр диир, – Сэмэнчиккэ Строд туох диэбитин кэпсииллэр.
Сэмэнчик отделениета Табаҕаҕа чугаһыыр. Инники барбыт икки киһилэрэ бэрт сэрэҕинэн Табаҕа хоту уһугунааҕы кылабыыһаҕа тиийэллэр. Сэмэнчик дьонун эмиэ тохтотор. Кэннин хайыһан көрөр: эскадрон кинилэр кэннилэриттэн биэрэстэ курдугунан иһэрэ.
Кылабыыһа аттыгар тохтообут дьонноруттан биирдэстэрэ күргэлээх аппаны туоруур. «Киһибитин аны хантан эрэ ытан түһэриэхтэрэ», – дии санаан, Сэмэнчик бэркэ тыҥаан кэтиир. Суох, хантан да саа эстибэт. Аппаны туораабыт киһи доҕорун ыҥырар.
Сэмэнчик дьонунуун эмиэ Табаҕа диэки хаамтараллар. Кылабыыһаҕа тиийэллэр. Инники ыыппыт дьонноро дэриэбинэ уулуссатын ортотугар икки ыҥыыр аттаах киһини көрсөн, тугу эрэ кэпсэтэ тураллара. Онтон дьоно аттарын эргитэ тардаллар да, кинилэргэ төттөрү ыстаннараллар.
* * *
Тоһуурга сытар бандьыыттар тоҥон бараллар. Ол сыттахтарына, Төхтүр диэкиттэн аттар туйахтарын тыаһа чыбыргыыр.
– Иһэллэр… хамсаамаҥ! Бэйэҕитин биллэримэҥ! – Коробейников дьонугар бирикээстиир. Бандьыыттар сүрэхтэрэ битигирии, эттэрэ итийэ түһэр, тоҥмуттарын умнан кэбиһэллэр. Сирэйдэрин тэлгэнэ сытар отторугар анньаллар.
Маҥнай икки ыҥыыр аттаах киһи түргэн соҕус хаамтарыынан ааһаллар. Кинилэр кэннилэриттэн элгээҥҥэ уонча ыҥыыр аттаахтар киирэллэр. Аттаах дьон бэйэлэрин икки ардыгар тугу эрэ кэпсэтэллэр.
Коробейников аттыгар сытар киһи, тойонугар бэрдин биллэрээри гыммыт курдук, ыҥыыр аттаах дьону кыҥаан көрөр. Коробейников саба сапсыйан буойар.
Аттаахтар ааһаллар, балайда туох да биллибэт.
– Ити разведчиктара аастылар, – Коробейников сибигинэйэр. – Сотору сүрүн чаастара кэлиэхтэрэ.
Кырдьык, өр буолбат, маҥнай уонча ыҥыыр аттаахтар сулбурхай соҕустук айаннатан ааһаллар. Дьэ ол кэнниттэн элгээн мууһугар биир эскадрон кэриҥэ аттаах красноармеецтар стройунан киирэллэр. Кинилэр кэннилэриттэн аны сыарҕалаах аттар көстөллөр.
Бандьыыттар тыыналларын кытта кыатана сатыыллар, тоҥоллорун оннугар сорохторо тиритэллэр, тойоннорун саата эстэрин көһүтэллэр.
Сүүрбэччэ сыарҕалаах ат ааһар. Ол кэнниттэн эмиэ ыҥыыр аттаахтар көстөллөр.
«Чэ, кыһыллар кылаабынайдара ити аастылар быһыылаах!» – дии саныыр Коробейников уонна аттыгар сытааччыларга:
– Бэлэмнэниҥ! – диэн, оргууй команда биэрэр. Бандьыыттар бары кыҥаабытынан бараллар. «Чэйиҥ!» – диэт, кыҥаан сытар карабинын чыыбыһын төлө тардан кэбиһэр. Саалар тыастара түптэ саалла түһэр. Сонно тута аны элгээн хоту баһыгар сытар Филипповтаах саалара эститэлииллэр. Онтон быыстала суох ытыалааһын буолар. Элгээҥҥэ табыллыбыт аттар охтоллоро, олгуобуйа тосторо, сиргэммит аттар хаһыҥырыыллара, табыллыбыт дьон хаһыылара – барыта биирдэ оргуйа түһэр.
Ити курдук уонча эрэ мүнүүтэ иһигэр Ытык хайа аннынааҕы элгээҥҥэ киирбит дьону бандьыыттар кыдыйан кэбиһэллэр, ким да кыайан куоппат. Кэннилэриттэн ыҥыыр атынан иһээччилэр, иннилэрин диэки баран дьоннорун өрүһүйэр табыгастаах суолу булбакка, элгээн сыырын үрдүгэр саһан сытан ытыалыыр бандьыыттарга кэннилэриттэн киирээри, кэлбит суолларынан төннөллөр. Икки биэрэстэ кэриҥин бараллар да, ханан да аартыгы кыайан булбаттар. Оттон инники ааспыт ыҥыыр аттаахтар эмиэ суол көрдүү сатыыллар.
Коробейников, санаатын ситиһээт, ойон турар уонна дьонугар:
– Түргэнник… Өрүс уҥуор, Хаптаҕайга!.. – диэн командалыыр.
Бандьыыттар ойуоххалаһан тураллар. Өр сыппыттарыттан атахтара көһүйэн хаалан, кыайан сүүрбэттэр, кэлбит суолларынан төттөрү куотан бадьаахтаһаллар.
Бандьыыттар туран баралларын кытта, им-дьим буола түһэр. Уһун синньигэс элгээн устатын тухары, суол устун ат, киһи өлүгэ бөҕө сылбахтанар, таҥнастыбыт сыарҕалар аттылара барыта кыа-хаан.
Өрүс диэкиттэн хара суор хайаҕа төннөн иһэн, хааны көрөн, хатан баҕайытык халыптаан ааһар.
* * *
– Алдьархай буолбут… Биһиги дьоннорбутун мантан аҕыс биэрэстэлээх сиргэ бандьыыттар тоһуйа сытан кыдыйбыттар!.. – Сэмэнчиктээх инники ыыппыт икки киһилэрэ бэрт ыксалынан ыстаннаран кэлэллэр.
– Табаарыстар, баран эскадроҥҥа этэ охсуҥ! – Сэмэнчик икки киһитин эскадроҥҥа ыытар.
– Төһө киһини өлөрбүттэрий? – Сэмэнчик кэлбит дьонуттан ыйытар.
– Элбэх үһү. Төһөтө биллибэт.
– Этэрээт билигин ханна баар үһүнүй?
– Онно, ол доҕотторо өлбүт сиригэр…
Дьонун иннигэр түһэн, Иван Яковлевич Строд быалыы ууннаран кэлэр.
– Туох буолбутуй?..
– Дьоннорбут бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэспиттэр!.. Элбэх киһи өлбүт!..
Строд итинтэн үгүһү тугу да ыйыталаһа барбат, атын шпоратынан тиҥилэхтээт:
– Миигин батыһыҥ! – диэн команда биэрэр, Табаҕа диэки ыстаннарар.
Ат атыттан көҕүһэн, бары буулдьалыы ыстаналлар. Сэмэнчик командирын үтүктэн, ыҥыырын иҥэһэтигэр тирэнэн, атын моонньугар сыста түһэр. Кулгааҕар салгын сырылыыр, атын сиэлэ сирэйин сабыта охсуолуур.
Табаҕа сэлиэнньэтин уһун уулуссатын устунан ойуталлар. Бу сарсыарда хайа аннынааҕы элгээҥҥэ бандьыыттар кыһыллары тоһуйан өлөртөөбүттэрин истэн куттанан олорор дэриэбинэ олохтоохторо аттар туйахтарын тыаһын истэн, ааннарыттан быган көрө-көрө, төттөрү ньимис гынан хаалаллар.
Строд эскадрона Табаҕаны ааһар. Ытык хайа тумсун чугаһынан Лена мууһугар көтүтэн киирэр. Кыыллатар үрэҕэ кыараҕас элгээн буолан түһэр төрдүгэр тиийэллэр. Манна Хотугу Иккис этэрээт дьоно, биир сиргэ мустан, аттарыттан түһэн тугу эрэ кэпсэтэ, аймана тураллара. Кинилэр ортолоругар Нестор Александрович Каландаришвили да, этэрээт командира Асатиани да, военком Киселев да, штаб начальнига Бухвалов да көстүбэттэрэ.
Иван Яковлевич Строд атыттан ойон түһэр:
– Нестор Александрович ханнаный?
– Өлөрбүттэр…
Строд командирдарын, доҕотторун аһыытыгар улаханнык кэри-куру буолан турар дьон сирэйдэрин көрүтэлиир уонна бэйэтин эскадронугар:
– Аккытыгар! – диэн команда биэрэр. – Миигин батыһыҥ!
Суолга мустан турар дьону ойоҕолуу көтүтэн, элгээн устун соҕуруу диэки ыстаннараллар. Киһи хараҕа төһө ыларынан элгээн устатын тухары өлбүт дьон, аттар, хаан…
Манна уонча киһи өлбүт аттартан дуҕаларын, хомууттарын уста сылдьаллара. Хас да киһи өлбүт дьону хомуйан сыарҕаларга уурталыы тураллара. Сорохтор миинэн кэлбит ыҥыыр аттарын сыбыдахтаан сыарҕаларга көлүйэллэр.
– Бандьыыттар хантан ытыалаабыттарый? – Строд ол дьонтон ыйытар.
– Ити сыыр үрдүттэн. Иирэ иһигэр саһан сытан ытыалаабыттар.
Элгээн сыырын үрдүгэр ойутан тахсаары, Строд сыыр аннынан кыйан көрөр. Суох, киһи ханан даҕаны тахсыах буолбатах, балтараа саһаан холобурдаах туруору буор сыыр. Кырдьык, «манна тоһуйуохха сөп» диэбит курдук, олус кыбычыын куолаҕай эбит.
Строд, ханан даҕаны сыыр үрдүгэр тахсар сири булумуна, атын тула холоруктатар. Онтон:
– Миигин батыһыҥ! – диэн командалыыр.
Строд эскадрона аны Төхтүр диэки ойутар. Үс биэрэстэ кэриҥин барбыттарын кэннэ, арыыга тахсар суол кэлэр. Ол суолунан, ким эрэ саҥардыыҥҥыта сыарҕалаах атынан сылдьыбытын батыһан, дьэ элгээн үрдүгэр кэлэллэр. Бандьыыттар эрдэттэн оҥостубут хаспахтарын, от тэлгэнэн сыппыт сирдэрин булаллар. Онтон барбыт суолларын чинчийэн көрөллөр.
– Миигин батыһыҥ! – диэт, Строд бандьыыттар суолларын устун атын салайа баттыыр. Сотору от күрүөтүгэр тиийэллэр. Манна бандьыыттар аттарын баайталаан аһаппыт этилэр. Тэлгэммит отторун мантан ылбыттар. Онтон антах, суолу өссө батыһа баран, өрүс кытылыгар тахсаллар. Суоллара уҥуор көстөр Хаптаҕай дэриэбинэтигэр дыргыйан бара турбута.
– Бэйи, сотору эһиэхэ «ыалдьыттыы» тиийиэхпит буоллаҕа! – диир Иван Яковлевич, кытыл үрдүгэр атын тохтотон туран.
Стродтаах элгээҥҥэ төннөн кэлэллэр. Өлбүт аттары, алдьаммыт сыарҕалары суолтан туора соһуталаан, суолу ыраастаабыттар. Бүтүн сыарҕаларга аттары көлүйбүттэр, өлбүт доҕотторун, командирдарын сыарҕаларга тиэйтэлээбиттэр.
– Табаарыс Владимиров! – Строд ыҥырар.
– Истэбин!
– Икки киһитэ ыл уонна сибилигин бэрт түргэнник куоракка киир. Уобалас салалтатыгар командующай Каландаришвили, Хотугу иккис этэрээт командира Асатиани уонна штаб састааба бүтүннүү манна өлбүттэрин биллэр. Өйдөөтүҥ?
– Өйдөөн, табаарыс командир!
– Бар! Кытаат, түргэнник!
Сэмэнчик икки кавалериһы кытта куоракка тэптэрэр. Суолларын былаһын тухары быалыы ууннаран киирэллэр. Аттара мыыла курдук үрүҥ күүгэннэрэ тахсыар диэри тиритэллэр. Куоракка киирэллэригэр аан бастаан тас поска турар ЧОН уолаттара көрсөллөр.
– Каландаришвили хаһан кэлэрий?
– Табаҕа анараа өттүгэр бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэспиттэр…
– Хаһан? Хайдах?.. – дэһэ хаалаллар уолаттар.
Сэмэнчиктээх, тохтоон кэпсиир бокуойа суох ааһа көтүтэллэр. Губревкомҥа кэлэн биирдэ аттарыттан түһэллэр. Сэмэнчик киирэн Табаҕа анараа өттүгэр бу сарсыарда буолбут алдьархайы кэпсиир.
Күн арҕаалаан эрэрэ. Кыһыл этэрээт сотору кэлэрэ буолуо диэн, онно эбии бүгүн үчүгэй, сылаас күн буолан, куорат олохтоохторо, туох да ыҥыртарыыта суох, эргэ кириэппэс башняларын аттыгар мусталлар.
– Дьэ, хайдах гынабыт? Дьон эргэ кириэппэс аттыгар мустан эрэрэ, туох диэн биллэрэбит? – Платон Алексеевич губком секретара Исидор Бараховтан ыйытар.
– Төһө даҕаны соһумарын иһин, дьоҥҥо этэрбитигэр тиийэбит. Чэ, барыаҕыҥ! – дии-дии, Барахов турар.
Эргэ кириэппэс аттыгар сүүһүнэн киһи, биир оччо оҕо мустубут этилэр.
– Табаарыстар, – диир Исидор Барахов, бэргэһэтин устан, илиитигэр тутан туран, – билигин бу Табаҕаттан кэллилэр, – Сэмэнчиктээх диэки ыйан кэбиһэр…
Туох буолбутун билбэккэ турар дьон: «Кыһыл этэрээт сибилигин манна кэлэр!» – диэҕэ диэн кэтэһэллэр, чуумпуран тураллар.
– …Онно, Табаҕа анараа өттүгэр, Ытык хайа анныгар, бу сарсыарда манна кэлэн иһэр кыһыл этэрээт командирдарын, ол иһигэр главнокомандующай Каландаришвилины, бандьыыттар тоһуйан… засадаттан…
– Туох буолбут диирий?.. – истэн турар дьон сипсиһэллэрэ хайдах эрэ балаһа тыал түһэн оту-маһы хамсатан суугунатарын курдук иһиллэр.
– …Соһумардык өлөртөөбүттэр. Билигин онно төһө киһи өлбүтэ чуолкайа биллибэт. Аны аҕыйах чааһынан Иркутскайтан биһиэхэ көмөлөһө кэлбит Хотугу Иккис этэрээт дьоно ол доҕотторун, командирдарын өлүктэрин илдьэ кэлиэхтэрэ…
Мустан турар дьон хайдах эрэ ынчыктыырга дылы буолан ылаат, дөйбүт курдук буола түһэллэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.