Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 51 (всего у книги 62 страниц)
Сүөдэри милиция начальнига ыҥыртарбыт.
– Табаарыс Владимиров, Бүлүүгэ бара охсон кэлэр суһал наада баар. Били: «Бүлүүгэ киһи ыытар наада баар буоллаҕына, мин барыа этим», – диэбиккин өйдөөн, ыҥыртардым. Барар кыахтааххын дуо?
– Үөрүүнү кытта буоллаҕа дии, табаарыс начальник! Аара, Орто Бүлүү улууһун киинигэр, биир-икки хонукка тохтуурбун көҥүллүүрүҥ буоллар…
– Бүлүү куоратыттан төннөргөр…
– Баһыыба! – Сүөдэр олус үөрэр.
– Табаарыс Владимиров, мэ, маны Бүлүүгэ бу аадырыска туттарыаҕыҥ, – диэт, начальник Сүөдэргэ обургу соҕус бакыаты уунар. – Бэрт тиэтэллик сырыт.
Сүөдэр атаҕа сири билбэт буола чэпчээн, начальнигын хоһуттан ойон тахсар.
Ол күн почта атынан Бүлүүлүүр. Уһун суол устатын тухары Сүөдэр саныыр эрэ санаата, өйдүүр эрэ өйө «дьоммун булларбын, дьоммун көрүстэрбин» диэн.
Аара Орто сурт дьаамыгар киирэн чэйдээн тахсыбыта – күһүҥҥү хаар түһэн намылыта турара. Итинтэн ыла Бүлүү куоратыгар диэри сыарҕанан айанныыр.
Биир түүн Хампа дьаамын таарыйан ааһар. Дьаамсык уолчаан Харатаайап кулубалаах тустарынан тугу да билбэт этэ. «Чэ, төннөн иһэн тохтоон, билэн ааһыам», – диэн, Сүөдэр соччо ыйыталаспат.
Бүлүү куоратыгар киирэн аҕалбыт бакыатын аадырыстаах тэрилтэтигэр туттарар. Туттарбытыгар сурук ылар. Куоракка хоммокко, ити күн төттөрү Орто Бүлүүгэ тахсар. Халлаан сырдыытын Сэттэмэннээх дьаамыгар көрсөр. Кини дьаам ыалыгар киирэн чэйдээн тахсыыта күн тахсан эрэрэ. Дьаам дьиэтин тэлгэһэтин тула үүммүт титириктэр лабаалара кырыарбыта күн уотугар күндү таас мөһүүрэ буолан кылабаччыһа оонньуулларыттан Сүөдэр хараҕа саатар. «Айылҕа барахсан, арыт-арыт кэрэ даҕаны көрүҥнэнэр кэмнэрдээх буоллаҕыҥ! Көр, оннооҕор бу билигин, кыыдааннаах тымныылаах кыһын обургу кэлэн эрдэҕинэ, от-мас барахсан ити киэркэйэн ылара кэрэтин!» – дии саныы-саныы, Сүөдэр сыарҕалаах атыгар барар.
Хампа дьаамыгар кэлбитэ – дьиэлээх эмээхсинтэн ураты ким да суоҕа.
– Дьонноруҥ ханналарый?
– Э-ээ, эдэр дьон күн баччатыгар олоруохтара баара дуо, үлэлэригэр, сырыыларыгар сырыттахтара, – эмээхсин, ким киирбитин билээри, чарапчылана-чарапчылана көрбөхтүүр. – Хантан сылдьар оҕоҕунуй?
– Эмээхсиэн, мин оҕо буолбатахпын, оҕонньорбун. Дьокуускайтан сылдьабын.
– Ы-ыы, ырааппытын баҕаһын! Оччо ыраах сиртэн улахан үлэҕэ сылдьар буоллаҕыҥ дии?
– Оннук. Син эмиэ наадаҕа диэн сылдьабын. Бу дьаамсыккыт ханнаный?
– Ээ, билигин улуус биир үлэһитэ киирэн ханна эрэ аттаан-атыырдаан ыытан эрэрэ дии. Дьаамы күнүс олордубаттар, маннааҕы бэйэбит да дьоммут сырыылара, соруктара элбэх быһыылаах.
– Урукку Харатаайап кулубалаах тыыннаахтара дуу? Истэриҥ буолаарай?
– Өтөр-наар истибит суох. Сылдьар, кэлэр-барар дьон билэллэрэ буолуо, мантан олохторо тэйиччи даҕаны. Оҕонньор бу былаас уларыйыан быдан инниттэн кулубалаабат буолбута. Саҥардыыҥҥа диэри баар курдук этэллэрэ. Киһи үчүгэйдик олорорун тухары сурахтаах буолааччы, сэгээр. Аны ол кырдьан, баайдара-тотторо бараммытын кэннэ, сураһар да суох быһыылаах.
– Миэхэ сыарҕалаах ат наада этэ, – дии-дии Сүөдэр турар.
– Ити хотон кэннинээҕи далга арай сырыыттан солбуйбут аттара турар дии, сирбэтэххинэ, ону тутан көлүнүөҥ буолуо. Онтон ураты манна суох. Төһө ыраах бараҕыный? Ол сураһар ыалгар дуо? Урут билсэр дьонуҥ буоллаҕа дии?
– Хаһааҥҥыта эрэ билэрим. Урукку олохторугар инилэр, суоллара биир ини?
– Ээ, оннук буолуо, сэгээр, сылдьыбат киһи тугу билиэм баарай?!
Харатаайаптаах олорор сирдэрэ мантан балайда ыраах, онон, сатыы барыахтааҕар, төһө да уһулуннар, ат аата ат диэн, Сүөдэр аты көлүнэргэ быһаарынар.
– Эмээхсиэн, хомуута, дуҕата ханнаный?
– Хомуут ити турар, дуҕа сыарҕа аттыгар ини.
Сүөдэр хомууту тутан тахсар. Ырыган баҕайы аты тутан көлүйэр. Олбуор иһиттэн тахсан эрдэҕинэ, эмээхсин ааныттан өҥөйөн туран:
– Хаһан төннөҕүнүй? – диэн ыйытар.
– Бу киэһэ кыайан төннүбэтэхпинэ, сарсын.
Сүөдэр Хампа алааһын ортотунан барар суолунан атын салайар. Ата бастаан, аат эрэ харата да буоллар, бурдугу сиксийэн эрэрдии эйэҥэлээн, айаннаан ходьороҥнуур. Онтон, алаас ортотугар тиийбэккэ, хааман хоодьоҥноон барар. Сүөдэр, буоһатын тардыалыы-тардыалыы, кымньыынан быһа биэрбитигэр, эмиэ уонча хаамыы курдук сири айаннаабыта буолар. «Тоҕо миигин кымньыылыыгын, кыаҕа суохпун көрбөккүн дуо?» – диэбиттии, тыбыырар уонна эмиэ хааман акыҥныыр.
Бэрт өр айаннаан, сыарҕатыттан түһэн сатыылыы-сатыылыы, Сүөдэр Харатаайаптаах олорор алаастарыгар чугаһыыр. Онтон алаас мас быыһынан элэҥнээн көстөр. Сүөдэр төһө да тиийэ охсон дьоно баалларын-суохтарын билиэн баҕарбытын иһин, ата, суол кытыытыгар тохтубут оту ичигэстээн сии-сии, хаамар-хаампат сыҕарыйар.
Алаас халдьаайытын түһүүтүгэр Сүөдэр атын тохтотор. Уҥуор Харатаайаптаах дьиэлэриттэн буруо унаарыйар. Суол уҥа өттүгэр өтөрдөөҕүтэ көмүллүбүт киһи буора харааран сытар.
«Хайаларын эрэ көмнүлэр буолла?.. Аны… Суох-суох. Ама, мин дьоммуттан үһүө!» – Сүөдэр бэйэтин санаатын бэйэтэ аралдьыта сатыыр. Суох, ол да буоллар кини кими көмпүттэрин билбэккэ эрэ хайдах да ааһыа суох. Кыраһа саппыт суолун батан киһи уҥуохтаах сиргэ тахсар. Хаптаһынынан кириэс оҥорон туруорбуттар. Суруктааҕа буолаарай диэн, Сүөдэр тула хаама сылдьан көрө сатыыр да, сурук суоҕа. Онтон чугас соҕус эрэһээҥки күрүөлээх, чочуобуна курдук оҥоһуулаах өрдөөҕүтэ тутуллубут киһи уҥуоҕа турара. Ким көмүллүбүтүн билээри, Сүөдэр аны онно тиийэр. Уҥуох иһигэр үрүҥ кырааскалаах тааска сурук быспыттара бытыгыраан көстөрө. Сүөдэр ол суругу ааҕар: «Бу таас анныгар Орто Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин инородката Мария Семеновна… Каратаева…» – Сүөдэр хараҕа хараҥарар, сүрэҕэ айаҕынан тахсыах курдук буола түһэр.
– Оо, ол иһин да… Сэгэрим, тыыннааҕа буоллар… – Хараҕын уута бүөлээн, тугу да көрбөт. Өр соҕус үтүлүгүн көхсүнэн хараҕын уутун сотто сатыыр, – уоскуйбат. Бачча сыл тухары ахтыбыт ахтылҕана, эрэйдэммит эрэйэ барыта аһыы хомуок буолан тыынын хаайар, хараҕын уутун бокуойа суох ыган таһаара турар.
«Бэйи эрэ, хаһан манна кэлэн өлөөхтөөбүт эбитий?» – диэн ботугуруу-ботугуруу, таас суругун салгыы ааҕар: «…төрөөбүтэ 1876 сыллаахха – өлбүтэ…»
– Бэйи!.. Бу хайдах-хайдаҕый?.. Тугу суруйбуттарай?.. Аны хараҕым иирдэ дуу? – дии-дии, Сүөдэр хараҕын уутун соттуммахтыыр, түннүк быһаҕас эрэһээҥкитин үрдүнэн, кыбылла-кыбылла, уҥуох иһигэр лаппа өҥөйөр, тааһы кыраһа саппытын ыраастаан, үтүлүгүнэн сотор, үрэр. Суох, чахчы: «…1900 сыллаахха. Айыы таҥара, кулутуҥ сырдык дууһатын тут!» – диэн.
– Бэйи эрэ, 1900 сыллаахха. Хайдах-хайдаҕый?! – Сүөдэр хаста да төхтүрүйэн ааҕар. Чахчы «1900 сыллаахха» диэн тааска суруллубут. – Оттон ити били миигин кытта күрэһэн барсыбыт сыла этэ буолбат дуо?! Ону хайдах өлбүтэ диэн суруйбут бэйэлэрэй?!
Сүөдэр харааччы булкуллан хаалар. «Кэбис, дьиэлэригэр тиийэн арай бэйэлэриттэн билииһикпин», – дии саныы-саныы, суолга турар атыгар кэлэр. Ата халдьаайы сыырын таҥнары син түргэн соҕустук айаннаан түһэр. Онтон эмиэ хааман барар. Тиийиэхчэ-тиийбэккэ иһэр дьиэтиттэн Сүөдэр хараҕа арахпат. Кини ити дьиэни били Маайаны көрсөөйөбүн диэн манна кэлэ сылдьан арай бу курдук кэтээбиттээҕэ.
Ыал тэлгэһэтэ чугаһаабытын көрөн, ата айаннаатаҕа буолан сиксиллэ түһэн ылар. Сүөдэр Маайаны кэргэн кэпсэтэн барбыт суолунан сүүрбэ биир сыл буолан баран эргиллэн кэлэн дьэ олбуор иһигэр киирэр. Урут хамначчыттар олорбут туруорбах балаҕаннара иччитэх турара. Киһи олорботоҕо өр буолбут быһыылааҕа, эркинин сыбаҕа сараламмыт, онон-манан эмэх буолбут мастар ардьайан көстөллөр. Түннүктэрэ барыта аһаҕас аҥаһан тураллар. Харатаайаптаах бэйэлэрэ олорор дьиэлэрэ даҕаны хайдах эрэ айгыраабыт, онон-манан сыбаммыта эргэ таҥаһы абырахтаабыт курдук самалыктанан көстөр. Тиэргэннэрин хаарыгар күрдьэх түһэн көрбөтөх. Дьиэ кэтэҕинээҕи далларыгар бэрт аҕыйах сүөһү аһыы сылдьара.
«Ама, Харатаайаптаах бу курдук быстыбыт бэйэлэрэ буолуо дуо?!» – диэн, Сүөдэр мунаахсыйа саныыр. Атын олбуор иһигэр киллэрэн баайар. Хараҕа дьиэ түннүгүттэн арахпат. Ол эрээри, били урут Маайаны ыйыттара кэлэн турдаҕынааҕытын курдук, түннүгүнэн ким да өҥөлдьүйбэт. Сүөдэр дьиэҕэ киирэ охсуон төһө да баҕардар, атаҕын нэһииччэ сыҕарытар, сүрэҕэ олус күүскэ мөхсөр, тыына хаайтарыах курдук. Тохтоон уоскуйа түһүөх курдук сананан баран: «Чэ, синэ биир, эбэтэр дьонум баалларын көрөн үөрүөм, эбэтэр өлбүттэрин истэн хомойуом», – дии саныы-саныы, кэлэн аан тутааҕын тутар. Суох, илиитэ эмиэ салыбырас буолбут. Тыын ылаары, үтүлүгүн көхсүнэн сирэйин-хараҕын соттубута буолар, көхсүн этитэр. Онтон дьэ халҕаны төлө тардар, дьиэҕэ көтөн түһэр. Көрбүтэ: били сүүрбэ биир сыллааҕыта сырыттаҕынааҕыта буолбатах, дьиэ ис мала-сала барыта айгыраабыт, сууйуллубатаҕа-сотуллубатаҕа ырааппыт. Аан хоско хаар маҥан баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин уот иннигэр олорор. Сирэйин мөссүөнүттэн көрөн сэрэйдэххэ, Ылдьаана эмээхсин быһыылаах. Таҥас-сап диэн бүппүт, барыта эргэ, алдьаммыт. Киниттэн ураты манна киһи баара көстүбэт.
– Дорообо! – диир Сүөдэр. Кини итинтэн ураты тугу да булан саҥарбат. Киирбитин кэмсиммит курдук, аан аттыгар саараан турбахтаан баран, уҥа диэки ааһар, үтүлүктээх бэргэһэтин устан ороҥҥо олорор.
Эмээхсин өр соҕус Сүөдэри одуулаһар.
– Бу хайа диэкиттэн сылдьар киһигиний?
– Дьокуускай куораттан.
– Дьокуускайтан даа?.. – эмээхсин хайдах эрэ соһуйа истибит дуу, итэҕэйбэтэх дуу курдук туттар. Эмиэ таалан олорбохтуур. – Бэйи, мин сатаан истибэтим дуу, тугуй дуу, Дьокуускайтан сылдьабын диэтиҥ дуу?
– Дьокуускай куораттан диибин.
– Ыраахтан сылдьар киһи эбиккин, – эмээхсин, кими эрэ суохтаабыт курдук, ол-бу диэки көрбөхтүүр.
«Өссө ким эрэ баар буолла? Эмээхсин кими эрэ сүтүктээбит курдук көрүтэлиир ээ», – дии саныы-саныы, Сүөдэр эмиэ эрэҥкэдийэ, кэтэһэ олорор.
– Ол оччо ыраах сиртэн бу дойдуга туох соруктаах буолан сылдьар буолаҕыный?
– Сулууспаҕа сылдьар киһиэхэ сорук-наада ханна барыай.
– Улуус сууттарыгар соруктаах буолан кэллэҕиҥ?
– Ээ соннук.
Таһырдьаттан мара соҕус таҥастаах дьахтар киирэр. Хараҕын кырыытынан Сүөдэр диэки кылап гына көрөн ааһар. Били урут кини Маайалыын хоонньоспут кыра хосторугар киирэн хаалар.
– Хотуок, чэйдэ өр эрэ, ыраахтан сылдьар ыалдьыт кэлэн олорор.
Дьахтар туох да саҥата суох хоһун иһиттэн тахсар. Кини сибэкки ойуулаах сиидэс ырбаахылааҕа. Баттаҕын маҥан былаатынан бобуонньуктуу бааммыт этэ.
«Баҕар, Маайа сылдьарын билиминэ олорорум буолаарай?» – диэн, Сүөдэр, хараҕын араарбакка, бу дьахтар хас хамсанарын барытын ааҕа одуулаһар. Дьахтар чаанньыкка уу кутан уокка туруорар. Ол сылдьан кини эмиэ Сүөдэр диэки көрө охсон ылар.
Суох, Маайаны кини хайа да өттүнэн маарыннаабат. Хаптаҕай муруннаах, хааһа суох курдук мылаҕар сирэйдээх сааһын ортотугар сылдьар дьахтар. Бу кыра сааһыттан Харатаайаптаахха үлэлээбит тулаайах Сүөкүлэ этэ. Урукку баай ыал уонтан тахса хамначчыт кыргыттарыттан соҕотох ити кини эрэ хаалан Ылдьаана эмээхсини буруолаан олорор. Кини Сүөдэри көрөөт: «Тоҕо баҕас били Маайаны кэргэн кэпсэтэн барбыт атыыһыт уолугар дылы буолбут киһиний? Суох, ол эрээри кини буолбатах ини, хаҥас халтаһатыгар итинник хара мэҥэ суоҕа ээ», – дии саныыр. Ол да буоллар билигин да хараҕын ыалдьытыттан араарбат.
– Бэйи, ол Дьокуускайтан сылдьар буоллаххына… – диэн баран, эмээхсин ыарахан баҕайытык үөһэ тыынан ылар, – кыһалҕалаах киһи хаһан да кыһалҕабын ыйыттахпына астыныах курдукпун, Хабырыллайап атыыһыт оҕото Сүөдэр диэн киһини истэриҥ, билэриҥ буолаарай?
Сүөдэр дьэ муччахаҕа ыктарбыт курдук буола түһэр. Ол киһи бу кэлэн олоробун диэҕин сүрэ бэрт, билбэт киһим диэҕин, сибилигин биллэрээри олорон, мэлдьэһэ олороро эмиэ да сүөргүтэ бэрт буолсу. Ол да буоллар туох эмэ диэн кэпсэттэҕинэ сатанар.
– Ким билэр, хайаларын этэриҥ буолла… – Сүөдэр эппиэттиир икки ыйытар икки ардынан саҥарар.
– Ити сүүрбэччэ сылы мэлдьи Дьокуускай ааттаахтан уонна ол диэки сырыттыбыт диэбиттэн барытыттан сураспыт эрэ сураһыым. Ол тухары биир эмэ билэбин диир киһи сирэйдии илик.
Сүөдэр, итини истээт, эмиэ сирэйэ итийэ түһэр. Олох бутуллан барар: «Бэйи бу эмээхсин хайдах итинник тыллаһарый?.. Ама, Сэмэн Уйбаанабыс, били Киллэмҥэ баран биһигини көрсөн кэлэн баран, эмээхсинигэр тугу да кэпсээбэтэх бэйэтэ буолуо дуо?»
Ылдьаана эмээхсин: «Бу киһи тугунан сиэннээн биһиэхэ кэллэҕэй, хаһан эмэ сылдьыбыт киһи эбитэ дуу?» – диэн өйдүү сатыыр уонна эмиэ ыараханнык үөһэ тыынан баран:
– Урут бу биһиги диэки сылдьар этиҥ дуо? – диэн ыалдьытыттан ыйытар.
Сүөдэр туох да диэн булбат. «Сылдьыбат этим», – диэн мэлдьэһиэн кэрэйэн:
– Бэрт өрдөөҕүтэ, – диир.
– Ол өрдөөҕүтэ диэн хас сыллааҕыта?
– Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта…
– Ол аата оҕобут тыыннааҕына сылдьыбыт эбит буоллаҕыҥ дуу?.. Биһиги оччоҕо туран эрэр биир кыыс оҕолоох этибит… – Ылдьаана эмээхсин бачча сыллар усталара куурбатах хараҕын уутун соттор.
Сүөдэр дьэ ыксыыр. Тура эккирээн эмээхсини илгиэлии-илгиэлии, этитэ охсуон баҕарар, ол эрээри, төһө күүһэ баарынан кыатанан олорон:
– Бэйи эрэ, хаһан өлбүтэй?.. – Сүөдэр кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан нэһиилэ саҥа таһааран ыйытар.
– Өр буолла-а… Сүүрбэ иккис сылыгар баран эрэрэ дуу… Сүрэхпин ол оҕо илдьэ бараахтаабыта… Кини баара буоллар, ама, бу курдук буолаахтыа этибит дуо! – Ылдьаана эмээхсин эбии үгдэрийэн ытаан барар.
Ылдьаана эмээхсин ытыырын Сүөдэр кыайан тулуйбат, кэҥириитин иһэ аһыйар, хараҕын уута кэлбитин бүк түһэн олорон сото сатыыр. Итини барытын Сүөкүлэ оһох чанчыгар өйөнөн туран одуулаһар.
«Ама, Маайаны кэргэн кэпсэтэн барбыт киһи кэлэн олороро буолуо дуо?..» – хаста даҕаны ыалдьыттара кимин ыйытаары гынан баран, Сүөкүлэ тыла тахсыбат.
– Бэйи эрэ, эмээхсиэн, оҕоҕут өлбүтэ сүүрбэ иккис сылыгар барда диигин дуу? – ыалдьыт хараҕын уутун сотто-сотто ыйытар.
– Сүүрбэ иккис сылыгар барда… Оҕоттон эрэ уһулуччу оҕо этэ. Ону биһиги дьолбут тулуйумуна, хантан эрэ ыраахтан ойуун абааһыта атыыһыт уола буолан кубулунан кэлэн… кэргэн кэпсэтэн… сиэн барбыта…
– Бэйи, тохтоо! Абааһы буолан кубулунуу суоҕа… Ол сымыйа!.. Ол мин кэлэн… кэргэн кэпсэтэн барбытым…
– Мин да-а?.. – Ылдьаана эмээхсин хараҕын муҥунан көрөр, уҥуох-уҥуохтара барыта босхо барар.
– Эмээхсиэн, аҕаҕыт оҕонньор биһиги туспутунан тугу даҕаны кэпсээбэтэҕэ дуо?..
– Тугу кэпсиэхтээх этэй?.. Суох, кэпсээбэт этэ…
– Биһиги Киллэмҥэ олордохпутуна тиийэ сылдьыбыта ээ…
– Киллэмҥэ даа?.. Бэйи эрэ, кырдьык, оҕобут сүппүтүн кэннэ, – бадаҕа, үһүс кыһыныгар этэ дуу, – мин бокуонньугум биирдэ быраабатыттан тахсан: «Оҕобутун Маайаны ханнык эрэ Киллэм диэн сиргэ олорор диэн сурук баар», – диэбиттээҕэ. Онно баран кэлбитэ уонна: «Атын дьахтары булкуйаллар эбит», – диэн, бэркэ хомойон, санаата төннөн кэлбиттээҕэ.
– Суох, атын дьахтар буолбатах этэ… Онно Маайа биһикки олорбуппут.
– Маайа биһикки да-а?.. – эмээхсин иһин түгэҕиттэн таттаран ытаан эҥсэлийэн барар.
– Бэйи, ол оҕонньорум сордоох оҕобутун хайдах билбэтэх муҥа буолуой!.. Ама, кырдьык үһүө?!
– Мин атыыһыт уола буолбатах этим, ыал хамначчыта этим. Чэ, ол остуоруйата уһун. Ону кэнники кэпсиэм. Оннук киһибин билэн баран уонна Маайа кинини кытта барсыбатаҕыттан кэлэйэн, биһигиттэн иккиэммититтэн аккаастанабын диэн арахсыбыта.
– Аккаастанан да-а?.. Ол хайдах аккаастанарый? – Ылдьаана эмээхсин, иирбит курдук, ойон турар, субу охтон түһүөх курдук тэмтээкэйдиир. – Оттон оҕом, Маайа, ханнаный?.. Кини баар дуо?.. Тыыннаах дуо?..
– Кинилэри сүтэртээн кээһэммин… бу көрдүү сылдьар быһыым, – Сүөдэр хараҕын уутун кыаммат.
– Сүтэртээн даа?.. Кинилэри диигин дуу? Маайаттан ураты өссө ким сүтүктээххиний?
– Маайа биһикки оҕолоох… уол оҕолоох этибит, Сэмэнчик диэн… Мин кинилэри иккиэннэрин сүтэртээн, көрдүү сылдьабын…
– Оо, били хара кырыыстаах ойууттар оҕобун куһаҕаннык өлбүт диэн сымыйалаан эппит эбит буолбаттар дуо?..
– Сымыйа буолумуна. Биһиги маҥнай Намҥа Дьаакыбылап кулубалаахха олорбуппут. Онтон Киллэмҥэ киирэн Лэгиэнтэй атыыһыт диэҥҥэ үлэлээбиппит. Хойут, олорор сирбитигэр табыллыа суох буолан, Тайҕаҕа киирбиппит. Онно олордохпутуна, тоҕус сыллааҕыта саас миигин, дьон санаатын иирдибиккин, собостуопканы тэрийбиккин диэн, сымыйанан буруйдаан, хаайыыга илдьибиттэрэ. Маайа онно оҕотунаан хаалбыттара. Икки сыл буолан баран, хаайыыттан күрээн, Бодойбоҕо кэлэн кинилэри көрдүү сатаан кэбиспитим да булбатаҕым..
– Бэйи, тохтоо, мин өйбүн-төйбүн булунуум… Урут хаһан даҕаны көһүппэтэхпин, үөйбэтэхпин кэпсээтиҥ. Оо, бокуонньук-бокуонньук… аһынар сүрэҕэ суох бэйэтэ эбитэ буолуо дуо?.. Тоҕо миэхэ кэпсээбэтэҕэ буолуой? Мин оҕом тыыннаах баар сураҕын истибитим буоллар, ама, хараҕым уутунан сууна олоруо этим дуо, сатыы да тиийиэ этим. Сүтэрбитиҥ хас сыл буолла диигиний?
– Тоҕус сыл буолла.
– Өлөөхтөөтөхтөрө… Бааллара буоллар, саатар, биһиэхэ даҕаны биллиэ этилэр…
Сүөдэр итинтэн өссө ордук ыксыыр. Хараҕын уутун кыаммат. Ылдьаана эмээхсин ытыы-ытыы кэлэн Сүөдэр баһын имэрийэр. Онтон, кэпсээни аралдьыта түһээри гыммыт курдук, Сүөкүлэҕэ:
– Хотуок, чэйиҥ оргуйда дуо?
– Оргуйбута өр буолла.
– Кутуоххун!
Сүөкүлэ чэй кутар, хаппыт лэппиэскэни тоһута тутан тэриэлкэҕэ ууран аҕалар, чохоон киллэрэн тойор.
Эмээхсин Сүөдэри кытта сэргэстэһэ олорор. Сотору-сотору ыалдьытын сирэйин одуулаһар. Сүөдэр чэй испэт, санаатыгар баттатан, саҥата суох олорор.
– Бэйи эрэ, Маайа ити эн этэр сиргэр хайдах мантан тиийбитэй? – Ылдьаана эмээхсин, дьэ өйүн-төйүн булан, ыйытар.
– Мин кэлэммин мантан кинини илдьэ барбытым… – Сүөдэр үөһэ тыынар.
– Хайдах?.. Ол тоҕо бэргэһэлээх кэргэҥҥин уорар курдук илдьибиккиний?
– Маайа бэйэтэ… барыах диэбитэ… Мин атыыһыт уола буолбатахпын биллэҕинэ, аҕабыт сөбүлүө суоҕа диэхтээбитэ…
– Эн аатыҥ… Сүөдэр этэ дуу?
– Сүөдэрбин.
– Сүөдэр, бу түүн биһиэхэ хонон, оҕом Маайа туһунан, хайдах олорбуккутун, ханна сылдьыбыккытын кэпсээн, саатар, онон көхсүбүн кэҥэтэ түһэн аастаҕыҥ дии, – Ылдьаана эмээхсин арыый кэҥээбиккэ дылы буолар, үөһэ тыынар.
– Тиэтэйэбин ээ… Сырыым, соругум тиэтэл этэ.
– Суох-суох, Сүөдэр, бачча көстөн баран, хонон баран бардаҕыҥ дии, өйбөр түһэр гына сиһилии кэпсээн, санаабын аралдьытан аас. Бачча тухары оҕом аһыытыгар тохтубут хараҕым уутуттан өйүм-төйүм даҕаны сайҕанна. Ыал аатыттан ааһан олоробут, сэгэриэм. Аҕабыт оҕонньору таһаарбыппыт аҕыйах хонно. Бу оҕо эрдэҕиттэн, Маайа манна баарыттан, биһиэхэ иитиллибит тулаайах кыыстыын иккиэйэҕин хааллыбыт… Мантан антах аны хайдах буруо таһааран, ыал буолан олоробут?..
Сүөдэр бу түүн манна хонор. Бэйэтэ кимин, тоҕо атыыһыт уолабын диэн кубулуна сылдьыбытын, хайдах кинини Дьаакыбылап кулуба көрсүбүтүн, онтон ыксаан, санаата хараастан, бэйэтигэр тиийинээри санана сылдьыбытын, өлүөн иннинэ Маайаны көрсөн кимин биллэрээри кэлбитин, онтон хайдах мантан барбыттарын, ол баран хайдах олорбуттарын, Тайҕаҕа киирбиттэрин – барытын сиһилии кэпсиир.
Ылдьаана эмээхсин, күтүөтэ кэпсиирин истэ-истэ, арыт ытамньыйан, арыт абаран да ылаттыыр.
– Оччо сору-муҥу көрөн эрэйдэниэххит кэриэтэ, тоҕо баҕас биһиэхэ кэлбэтэх бэйэҕит буолуой?
– Сэмэн Уйбаанабыс миигин көрүөн даҕаны, истиэн даҕаны баҕарбат этэ, – Сүөдэр үөһэ тыынар.
Ылдьаана эмээхсин сытан эрэн оҕото Маайа сүтүөҕүттэн баччааҥҥа диэри төһө сордоммутун-муҥнаммытын барытын эргитэ саныыр. Билигин оҕотун Маайаны көрөрө буоллар, киниттэн ордук дьоллоох ийэ аан дойду үрдүгэр суоҕун курдук сананаахтыа этэ.
– Көрдөө, сэгэриэм, дьоҥҥун көрдөө! Оҕобун Маайаны, сиэммин көрөн баран өлөрүм буоллар, өллүм да дии саныыр этиэм.
– Бэйи эрэ, ити алаас уҥуоргу халдьаайытыгар саҥа көмүллүбүт ол аҕаҕыт дуо? – Сүөдэр кэлэн иһэн көрбүт киһитин уҥуоҕун өйдөөн ыйытар.
– Ээ, биһиги аҕабыт.
– Оттон кини аттыгар ханнык кыыс көмүллэн сытарый?
– Ээ, суох, итиннэ ким даҕаны көмүллүбэтэҕэ… Маайа сүппүтүн кэннэ, айаҕалыы сатаан… – Эмээхсин Маайа оннугар эмэгэт маһы көммүттэрин кэпсиир.
Дьоно манна суохтарыттан, Маайа ийэтэ ити айылаах сордоно олороруттан Сүөдэр санаата наһаа төннөр, хараастар. Төһө да аһыммытын, тардыстыбытын иһин, хайыа баарай, сарсыарда туран барар буолар. Бараары быраһаайдаһа туран:
– Чэ, мин сорукка сылдьар суол киһитэ уһуннук хонон-өрөөн наҕылыйарым табыллыбат, онон барарбар тиийэбин. Дьоммун буллахпына, эргиллиэм. Оттон бу диэки билиннэллэр эрэ, миэхэ – Дьокуускайга, милицияҕа, биллэрээриҥ.
– Сэгэриэм, туох эмэ сураҕы да иһиттэххинэ, мин сордооҕу умнаайаҕыный?.. Саатар, сиэним диэн киһи баарын иһиттэрбин, кэм хааммыттан кэннибэр хаалар удьуордаах эбиппин диэн үөрэ өлүө этим.
Сүөдэр дьиэттэн тахсар. Атын көнтөһүн сүөрэ турдаҕына Сүөкүлэ кэлэр.
– Маайаны көрдөө, хайаан да көрдөөн бул! Мин кинини кэриэстээн ити олоробун. Хайдах дьүһүннэнэн олорорбутун көрдүҥ. Ити эмээхсин сордоох ытаабатах күнэ, Маайаны ахтыбатах күнэ диэн баар үһүө!.. Дьиҥэр, кини сордооҕу итинник суолга тиэрдибит эн бааргын… Маайаны бул, хайаан даҕаны бул!..
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.